Электронная библиотека » Евдокия Иринцеева » » онлайн чтение - страница 10

Текст книги "Буолар да эбит"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 12:40


Автор книги: Евдокия Иринцеева


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 10 (всего у книги 19 страниц)

Шрифт:
- 100% +
Сатабыллаах саһыл саҕалаах

Маарыыттан тохтообокко суккуйан ыһа-тоҕо кэпсиир, кыыһырымтаҕай баҕайы көрүҥнээх, мааны бэйэлээх, кыыс диэҕи эмиэ наһаа эдэрэ биллибэт, дьахтар диэҕи сааһырбыта көстүбэт, биир тылынан, биллибэт саастаах дааманы бииргэ остуолга олорооччулара тулуйан истэллэрин аһылык аҕалааччы кыыс кэлэ-бара бэркэ дьиибэргээтэ, кыһаллан кыҥастаста.

– Диэмэ даҕаны, биир бэйэм бэйэбиттэн итиччэ балыс уолга эргэ барыа суохпун! Ол кэриэтэ соҕотох сылдьыам! – уос-тиис оҥостубут, кырааска-самааска сатабыллаахтык иҥмит кыыһа, нуучча тылын аҕыйах сыллааҕыта бүтэрбит Полюшка барахсан уопсай дьүөгэлэрэ Ларисаны сэтэриир.

Кэпсэтиигэ кыттар-кыттыбат, туох диэн сыана быһыахтарын мунаарбыт кыргыттар сэмээр салаат куттан сии олордулар. Кууруска бары онтон-мантан мустубуттар. Киин куоракка тиксэр сырыы учуутал киһиэхэ дэҥҥэ тосхойорун быһыытынан, кыргыттар, эдэр саастарын, тапталлаах Сэргэлээхтэрин ахтан ааһаары «Чароит» кафеҕа остуол үлэспиттэрэ.

– Доҕоттор, астара минньигэһи-ин! Ханнык да «эстэр ааннааҕар» ордук эбит буолбат дуо? – аны тыа дьоно аатырар үөлээннээхтэр күө-дьаа биир-биир бүлүүдэлэрин хайгыыллар.

– Хайа, манна эмиэ «ро»-шница кыыс, Анечка үлэлиир диэбиттэрэ. Ол бу эргин бастыҥ ресторатор аатырарын биһиги истэбит ээ, – намнар кэрэхсииллэр, ыраахтан кэлбит кыргыттарын сырдаталлар.

– Ол да буоллар, Лариса сүрдээх эбит. Дьоллоох буолуо дуо? Мин санаабар, кини избраннигын соччо бэрт диэбэттэрэ биричиинэлээх буолуохтаах. Честно говоря, Лариса не красавица, хотя, бесспорно, она умница. Оттон кэргэммит, кылапачыйан уол да уол, сөп дии, бааһынай буоллаҕа эбээт! Онон, олох паара буолбатахтар… – айаҕар укпут от салаатын сэрэнэн ыстыы-ыстыы, Полюшка син биир сиилиир тиэмэтин төттөрү эргитэр.

– Оҕолоннохторуна олоруохтара дии… – ким эрэ тыл кыбытар.

– Причем тут ребенок? Один уже есть, а вторым она на сносях! – Полюшка хобу-сиби төлө туппуттаах үһүө, эмиэ да хантан иһиттэҕэй?

– Чэ, кыргыттар, хата, за Лариску поднимем бокалы с морсом! Этэҥҥэ буоллуннар ээ. Она у нас умница, как-нибудь, да кабы так… – дэстилэр, утахтарын истилэр.

– Ну-ну, были б бокалы с горячительным, хотелось бы поверить в чудо…

– Бу кыыс хоту баран букатын да хайа бараанын курдук өчөс буолбут буолбаат?! Бүт эрэ, перестань язвить! – Полюшкаларын нэһиилэ уодьуганнаатылар, саба түһэн саҥатын сарбыйдылар.

Кинилэр кэпсэллэригэр киэргэтиитэ суох кириитикэлэммит Лариса барахсан Бороҕоҥҥо баран кийииттээн олорор. Кырдьык, үлэлээбитэ төрдүс сылыгар олохтоох уолга, саҥа суоппар үөрэҕин бүтэрбит эдэркээн Максимҥа кэргэн барбыта. Ким эрэ күүһүнэн диир, ким эрэ ыарахан буолбутун аһынан уол ылбыт диэн, араастаан көтүтэн кэпсээбиттэрэ. Дьиҥ кырдьыгын туох билиэй. Өссө сурах. Уол ийэтэ кийиитин мыыммыт, хара, бүрэ кыыһы ахсарбатах. Аҕалара, төттөрүтүн, астыммыт. Үлэһитин, оттомнооҕун бэлиэтээбит.

Максим суоппар ыраах айаҥҥа сылдьар үһү диэн сурах бастаан баара. Дьиэтигэр хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт эрэ кэриэтэ таарыйталыыр, төттөрү ааһа турар. Арай Лариса холку, куортамнаһан олорор дьиэлэрин иһин-таһын ып-ыраастык хомунан чөкөтөн соһуппут. Саалаҕа турар соҕотохсуйбут хомуоту, туумбаны куруһуба бөҕөтүн баайан сиэдэрэйдик сабыталаабыт. Соннук куруһубанан утуйар оронун сабыытын, үкчү былыргылыы, эмиэ үрүмэ курдук сабынан баайан, бэртик да симээбит диэн ыаллара сөҕөн кэпсииллэрэ.

Былырыын төрөөбүт уол оҕолоро сааһын туолуута тута батыһыннарыылаах буолаары гыммытын билэн, эдэр дьахтар үөрүүнэн төрүүргэ сөбүлэспитин балыыһалар хайҕаабыттар. Оттон аныгы дьон өттө соччо айхаллаабатахтар.

– Атахха турар туһунан толкуй суох кыысчаана эбит. Туохха нааданый, сыллата төрүүр? Сотору Максимка икки атаҕынан куотууһук, – диэн сибигинэспиттэр, билээҕимсийэн билгэлээбиттэр.

Инньэ гынан, орто оскуолаҕа нуучча тылын хото үөрэтэр учууталлара икки уолун субурутаат, сыл да буолбакка, дьааһылаҕа туттарбыт, үлэтигэр тахсыбыт. Хотуна, оҕо ыарыйдаҕына, кыыһырдар да, көмөлөһөр эрэ аакка барбыт. Оттон эдэр ыал аҕата, Максим үлэтинэн эрэ муҥурдамматах. Тыаҕа таҕыстаҕына саппаас дьүөгэлээҕэ, ыраахха тиийэн сылаатын таһаарарыгар таарыччы бодоруугалардааҕа, били кэпсэллэргэ киллэһик курдук, тиһиллэн испит. Ларисаны аһыммыт үөлээннээхтэрэ, ардыгар уруоктарын кэнниттэн хаалларан эҥин сүбэлиир соруктаммыттарын кыыс саба саҥарбыт үһү диэн эмиэ иһиллибит.

Дьэ, буолаахтыа. Эдэр эрдээх эмиэ эрэй ини. Ол иһин кыыс биллэ көтөхтөрөн, уруккуттан да этиргэнэ суох бэйэтэ уҥуох-тирии буолаахтаабыт. Биирдэ куораттан сай ортото билсэр дьүөгэтэ ыалдьыттыы тахсыбыт.

– Оо, дьэ, Максим да буоллар олустуур эбит. Дьиэҕэ көмө диэн суох. Икки оҕо ньыдьыраан, ньуу-ньаа, дыы-даа… Кэбис, ыарахан соҕус таптал эбит, – диэн, кэлэйбит сурахтааҕа.

Ити итинэн ааспыта. Лариса уолаттара улаатан, ааҕар-суруйар саастарын лаппа ааһан, аны араас тэрээһиҥҥэ-күрэххэ кыттан, соҕуруунан-хотунан айанныыр буолбуттара. Максим Терентьевич бастыҥ суоппар быһыытынан, үлэлээбит тэрилтэтэ ыһыллыыта, саҥатык массыына өлүүлээх уурайбыта эрээри, кэтэх хаһаайыстыбатын хаҥатар аакка барбыта. Сылгы үөрүн тутан, онтун тэнитэн, этин атыылаан, балачча үбү эргитэр эдэр эргиэмсиккэ кэбэҕэстик кубулуйбута. Оттон Лариса, улуу нуучча тылыгар уһуйааччы, үөрэппит оҕолорун ситиһиилэрэ улаханнык сыаналанан, Сорос бириэмийэтин туппута, үөрэҕирии туйгуна буолбута.

Сыл – хонук. Туспа дьон оҕото түргэнник улаатар дииллэр. Ол кырдьык. Биирдэ өйдөммүттэрэ саас да барбыт, сыл да элбээбит. Билигин уолаттара иккиэн кэргэннээхтэр, ыал маанылара буолан биирдэрэ Тааттаҕа олохсуйбут, иккиһэ Чурапчыга. Ийэлэрэ Лариса Андреевна мааны хотун. Максим Терентьевич олоҕун туллар тутааҕа, тула көтөр тыыннаах аанньала.

Быйыл эмиэ, төһө эмэ сыл буолан баран, кууруска мустубут, хайы-үйэ эбээ буолан эрэр, бэйэлэрэ этэллэринэн «эргэрбит кыргыттар», оттон тастан көрдөххө мааныкай бэйэлээх эдэрчи дьахталлар, били «Чароиттарыгар» эмиэ мустубуттар.

– А теперь, давай, Лариску послушаем. Только честно! Хотуой, эн хайдах ити звезда Максимы закадри гыммыккыный? Ведь он же такой молодой, на целых шесть лет тебя младше был! Говорят, грех приврать, но… он тебе попался не лыком шитый, пил, гулял, изменял, все это, между прочим, мягко сказано. А теперь, как будто подменили. Вот Ирочка в прошлом году к вам съездила, приехала и, ее послушаешь: одна сказка! Максим заходит и говорит: «Пичужка моя! Что тебе подать? Чем тебя угостить?» Это правда?! Неужели мужика можно изменить? Каким образом? Вот лично я не поверю никогда… разве если сама признаешься и с подругой поделишься… – кырааската-самааската сыллар-хонуктар ааһыылара эбии бэргээбит Полюшка, Полина Ивановна, иилистэн баран араҕыа буоллаҕай?

– Кэбис, Полята. Мин Максимым куруук даҕаны бэрт этэ, доҕор, омуннаама, – Лариса күлэн эрэ кэбиһэр.

– Сымыйалаама, биһигиттэн кистээмэ! Ытыыргын аһынан да биэрэрбит дии. Тоҕо да арахсыбат бэйэккэтэй, биһиги бары көмөлүөхпүт, эн күрээ диэн сүбэлээн суруйа сылдьыбыппыт буолбатах дуо? – Полина Ивановна син биир кимиитин тохтоппот.

– Уоскуй, Поля! Дьон бары эн курдук үһү дуо? Барыбыт да тиэрибит төбөбүт иһигэр толору буолуо ини… Лариса тулуура, эрэлэ кыайдаҕа. Маладьыас дии, былааһы уларыта тутары сатыыр диэн иһиттэн туспа талаан! Билигин балаһыанньа биһиги кыыспыт туһатыгар. Онтон үөрүөҕүҥ ээ, – кэм да Светлана Васильевналара оруннаах суолу бастакынан тобулар.

– Ой-ой-ой… Сахалар өйдөөхтөр даҕаны, «Сатабыллаах саһыл саҕалаах» диэн итини эттэхтэрэ. Как я завидую твоей… саһылгар дуу, или… туохха дуу. Ээ, чэ, билбэппин, короче сказать, подруга ты наша, во, точно, саһылгар чахчы наһаа да ымсыырабын! Хаарыаны, Лариска, эн оннугар буолбут киһи-и… – уу-хаар баспыт харахтарын кырааскалаах кыламаннара да абыраабатылар, сапсыммахтыы сатаата да, син биир төлө туттаран, дьэҥкир үс таммах обургу утуу-субуу, тутуу былдьаспыттыы, мөлбөрүс гыннылар.

Полина барахсан синигэр түстэ, уйадыйан ылбытын кистээбэтигэр тиийдэ, ол иһин кыргыттарын кытта көхтөөхтүк бакаалын өрө көтөхтө, тыастаахтык лыҥкынатта… Иһит тыаһын, кыргыттарын ньамалас саҥаларын быыһыгар, хайдаҕын да иһин, кини бэйэтэ эмиэ тустаах олоҕу олорбут киһи быһыытынан, иһигэр курутуйа, абаккара санаата: «Сыллар итинник түргэнник ааһаллар, сирэри-талары күүппэттэр, сыымайдыыры, сүмэҕэ эрэ тиксэ сатыыры сөбүлээбэттэр…»

Уоруйах

– Оҕоҕут клептоман. Ол аата, ымсыырарын тулуйбакка, уордаҕына эрэ сатанар ыарыылаах. Баран бырааска көрдөрүҥ, эмтииргэ сүбэлэтиҥ, – уоннаах кыысчааны буруйдаан учуутал дьахтар тыйыс тылларынан быһыта кымньыылыыр.

– Бай, ол аата хайдаҕый. Ама даҕаны кырдьык үһүө… Оннук айылаах тугу уорда? – мунаарбыт аҕа сураһар.

– Бэҕэһээ сону устар сиргэ Айтал сиэбиттэн уон солкуобай сүппүтэ. Эн кыыһыҥ ити кэмҥэ икки устуука «чупа-чупс»-таах сылдьыбыта. Буоллаҕа ол дии, оруобуна, аахтахха, уон солкуобай ити тахсар. Аны эбии үөрэх кэмигэр сынньалаҥҥа Иванова Маша суумкатыгар укпут куукулатын ороон ылбыт уонна биэрбэккэ оонньообутун нэһиилэ былдьаабыппыт. Бүгүн кылааска кини соҕотох хаалбыта. Ол түмүгэр Оля Игнатьева кумааһынньыгыттан сүүрбэ солкуобай сүппүт. Биир да оҕо ылбыта биллибэт. Арай инникиттэн итиниэхэ интэриэстээх эһиги эрэ кыыскыт. Тоҕо диэтэххэ, дьиэтигэр атаараары оптуобус киоскатыгар тиийбиппитигэр, эн оҕоҥ битириинэҕэ тэлгэммит ол-бу атыыны буолбакка, каасса аттыгар харчы угуллар иһитин эрэ диэки көрөр! Буот, клептоман бары симптома онуоха сытар!

– Ама дуу… Хайдах оннугуй? Дьиэтигэр тугу да ылбыта көстүбэт ээ… – аҕа барахсан буорайар.

– Тоҕо ылыай, тутуллуо, мөҕүллүө дии?! Клептоман киһи элбэх сиригэр күннүүр! – учуутал умайыктанар. – Уопсайынан, биһиги оскуолаттан көһөр туһунан санааҥ. Итиэннэ биһиги ахсаан эҥээрдээх кылааспытыгар эн кыыһыҥ барсыбат… Математика учуутала сыллааҕытыгар үс сыананы нэһиилэ туруорда, ону кытта саха тыла эмиэ… Толкуйданыҥ, атын оскуолаҕа бараргытыгар, биллэн турар, уоруйах диэн суруйуом суоҕа. Оттон барбат түгэҥҥитигэр төрөппүттэр дьүүллэригэр тахсыаххыт, сэрэтэбин, – сурунаалын хап гыннараат, хобулугунан тоһугураан, кыайбыт-хоппут, сөптөөх сүбэни биэрбит учуутал барахсан тахсан барар.

Аҕа муҥнаах эрэйи көрөр, элбэхтик мунаарар. Туох айылаах кыһалҕа эрэ-эмискэ көтөн түспүтүн саныы сатыыр да сүрэҕэ-быара ылыммат, тоҕо эрэ итэҕэйбэт. Ыксаан куруук сүбэлэһэр бэйэтин учууталыгар эрийэр. Кырдьаҕас педагог, хаһан эрэ үөрэппит уола муммутуттан тута кыыһырар:

– Хайдах буолан таҥнары тардыылаах учууталы итэҕэйэҕин? Оҕоҕун бэйэҥ билбэккиэн? Тугуй ол, психиатр учуутал буолан итинник ыар диагноһы туруорда дуо? Мин иһиттэхпинэ, букатын даҕаны бадааһыҥҥа балыллыы. Ким кини сиэби хаспытын, кэмпиэти атыыласпытын көрбүтүй? Куукулаҕа ымсыырбат кыыс оҕо баар үһү дуо? Уол сытар быһахха, кыыс куукулаҕа ымсыырбат буоллаҕына, хата, дьиҥнээх айдааны тардыахха баара. Ол буолуохтаах чахчы иэдээн диэн! Итиэннэ киоскаҕа тугу эрэ көрдө диэн буруйдааһын онно суох. Уопсайынан, тиийэҥҥин төттөрү быһаарыс. Ылбыт да буоллаҕына, уончалаах эрэ оҕо сыыһа-халты туппутун көннөрөргө оскуолаларга учуутал диэннэр бааллар. Оо, үлүгэр, оттон манна кырачааннар тыһыынчалыыга тиийэ дьоннорун харчыларын тутан кэлэн түҥэтээччилэр. Ол бары клептоманнар үһү дуо? Оҕону иитии итинтэн саҕаланыахтаах эбээт…

Ити монолог кэнниттэн арыый да эрдийбит аҕа төттөрү оскуолалыыр. Учууталын кытта быһаарса сатыыр да, анарааҥҥыта кэлиилии кэбэ турар. Тиһэҕэр, сири-буору аннынан иһиллибитинэн, төрөппүттэри муспут, кичэйэн кэпсээбит. Ол түмүгэр кыыһы кылаастан туоратыы саҕаламмыт, оскуолаттан үүрүү боппуруоһа тыҥаабыт.

Ыксаабыт аҕа кыыһын илдьэ психологка тиийэр. Туох кыһалҕаҕа тиксибитин сиһилии кэпсээн, оҕотун тест нөҥүө көрөргө көрдөһөр. Болдьохтоох кэмҥэ кэлбит икки психолог анаммыт тест саҥардыы толоруллан эрдэҕинэ кыыһы төттөрү таһаараллар уонна төрөппүтүгэр эйэ дэмнээхтик:

– Оҕоҕутугар ханан да клептомания бэлиэтэ, көрдөрүүтэ суох, тиэһи салгыы ыыппаппыт даҕаны. Онон психолог көмөтө тус бэйэҕэр наада буолбут, – диэн быһааран кэбиспиттэр.

Син уоскуйуу буолуох эбит да, итэҕэйэр киһи чугаһынан бу түбэлтэҕэ суохха дылыта хомоппут. Хата, биир бэртээхэй учуутал ити дьыалаҕа кыттыһан, кыл-мүччү кыыс үөрэнэр оскуолатыгар хаалбыта. Инники учуутал этиитинэн суос-соруйан үһү туруорбут ахсааннаах саха тылын учууталлара, сэмээр саҥарбаталлар да, кыыһы эһиилгитигэр кытта үтэн-анньан көрөллөрө үксээбитэ. Ол да буоллар, дьолго, кылаас салайааччыта уларыйан, бадааһын сыһыан намыраабыта эрээри, өргө диэри уҕараабатаҕа.

Билигин Анечка университекка бэһис кууруска туйгуннук үөрэнэр. Сону устар сиргэ ким да сиэбиттэн харчыны ылбыта иһиллибэт. Киоска бөҕөтүн көрөрө буолуо ини да, биир да каасса кураанахтаммыта эмиэ биллибэт… Буолар да эбит, бадааһыҥҥа балыллан, уорбаҕа киирэн, уоруйах аатыра сыспыт биир дьылҕа алҕаска алдьамматаҕар кырдьаҕас учууталга махтаныах эрэ тустаахпыт диэн аҕата билиҥҥэ диэри долгуйа саныыр, тыастаахтык үөһэ тыынар.

Быыһаабыт

Бүгүҥҥү сабыылаах диэн этэ да, бука бары кэлбиттэринэн сибээстээн, сабыыта суох, аһаҕас, айдааннаах мунньахха Мырыынап Байбал уурааҕа ууруллуохтаах. Бэйэ бодотун тардымматаҕы уопсай дьүүлгэ таһааран, баччааҥҥа диэри баппатах боппуруоһа букатыннаахтык быһаарыллыах тустаах.

– Туох тахсыан арыгылаан бүппэт дьону ааттаһан хааллахпытый? Эн саҕа экэнэмиис дэлэй үйэтэ. Биир эмэ көстөө ини. Ууратыаҕыҥ. Бэнидиэнньик аайы милииссийэттэн сурук кэлэр. «Бу ааспыт нэдиэлэҕэ үлэһиккит иккитэ итирик киирэн таҕыста. Хоммут манньатын, харчытын иэһин хамнаһыттан тутуҥ» диэн. Бу киһилии быһыы буолбатах, сэбиэскэй киһиэхэ сиэрэ суох баламат быһыы. Онон, сүбэ быһыытынан, уураахта ылыныаҕыҥ, – салайааччы оннугар хаалбыт солбуйааччы чахчы эрэйдэммитин билинэн, бэркэ кыйаханан, тылы бастакынан көтөхтө.

– Кырдьык, хаста-хаста Мырыынабы уурата сатаатыбыт, аһыммыта буолан бырастыы гынныбыт? Аһаабыта аччаабата, айдаана намыраабата. Онон, кырдьык, бэйэтин тылын истиэҕиҥ уонна ууратарга куоластыаҕыҥ ээ, – бэрт судургутук дьон онтон-мантан тылбай-өспөй буоллулар.

– Оттон мин… аны иһиэм суоҕа, – тугу диэҕин билбэккэ, муннукка ыгыллыбыт куруолугу санатан, кумуччу туттубут эдэрчи киһи уоһун иһигэр барбах бөллүргүүр.

– Сымыйаҥ, ааспыкка эмиэ инньэ диэбитиҥ! Эбэтэр күһэлэҥинэн эмтиир сиргэ, ЛТП-га ыытарга ууруоҕуҥ!

– Ээ, онно аччатыам эрэ диэбитим ээ, – Мырыынап хардарбытыттан кыбыстыбыттыы дуу, син бэйэтин быһыытыттан сааппыта дуу, дьэс алтанныы кытаран хааллар да, эбэн эттэ.

– Бо-от, бу барахсаны диэ! Сирэйэ-хараҕа туохха эрэ дылы буолан баран! Эн өссө аахсардааххын, киһини тылыттан ылаҕын! Маннык баайсаарыгын иһэҕин диэ? Бачча сэниэлээх, туруктаах сааскар тугуҥ тиийбэккэ, тура-тура, буоккалыыр ыарыыланныҥ? – остуорас Илиисэ, эмиэ боропсойуус бэриниилээх чилиэнин быһыытынан, киһи дьылҕата быһаарылларыгар киирсэргэ сананна. – Ойох ылан, оҕо төрөтөн, киһилии ыал буолан олорор эн төбөҕөр киирбэт дуо? Ийэҥ эрэйдээх икки хараҥаны ыпсаран сылдьаахтыыр. Саатар онно көх-нэм буолуоххун, иирээки иһээччи!

Эмээхсин кыйахаммыт санаатын балтаччы этэ, устунан үөхсэргэ да бэлэм олордо.

– Чэйиҥ, доҕоттор, табаарыс Мырыынап Байбалы үөрэтэн-такайан бүтүөҕүҥ, син биир истибэт. Бириэмэ ыраатта, ынах ыанара буолла. Бары да дьиэлээх дьон тиэтэйэбит. Онон куоластааһыҥҥа киирэбит. Ким Мырыынабы тохтообокко арыгылыырын иһин үлэтиттэн ууратарга диэччилэр, баһаалыста…

– Тохтооҥ эрэ, мин… этэрдээхпин, – түгэх диэкиттэн суугунаһыы быыһыттан симик соҕус саҥа иһилиннэ.

Маарыыттан, дьон кэннигэр саспатар да, баччааҥҥа диэри саҥата суох олорбут сэкирэтээр Оля кыыс туран кэллэ. Кыбыстан кыып-кыһыл буолаахтаабыт, субу ытыахча айылаах сирэйдэммитин көрөн дьон соһуйан өмүттэн хаалла.

– Баһаалыста, истиҥ эрэ… Мин Павел Егоровичтыын ыал буоларга сөбүлэҥмин биэрбитим. Сотору оҕолонобут… Онон, бука баһаалыста, үлэтигэр хаалларарга көрдөһөбүн… – диэтэ да, титирэстээбит куолаһыттан бэйэтэ долгуйан, таһырдьа ыстанна.

Байбал Мырыынап хараҕын быччаччы көрөн баран тута умсары тутунна, икки илиитинэн төбөтүн харбанна уонна «мыык» да диэн саҥарбата.

– Дьэ, буолаахтыа… Оттон… хайыахпытый. Ити этиллибити учуоттуурга тиийэбит. Өссө төгүл табаарыс Мырыынапка тиһэх төгүлүн көннөрүнэргэ кыахта биэриэҕиҥ диэччилэр куоластааҥ, – мунньаҕы салайааччы аат-харата тэрээһинин түмүктээтэ.

Ити киэһэ син биир ибили итирбит Мырыынап Байбал Оля кыыс олорор олбуорун аанын тоҕо көтөн, утары сүүрэн кэлбит бэрт көрсүө Баһырҕаһы сутуругунан дугдуруҥнаан куттаан, киэҥ-куоҥ дьиэҕэ соҕотохто көтөн түспүтэ. Ону эрэ көһүппэтэх, бэркэ соһуйбут кыыс, ыксаан, хоһун былдьаспыта.

– Дьиэлээхтэр, дорооболоруҥ! Мин эһиги кыыскытыгар кэллим. Кини туох буруйум иннигэр миигин күлүүгэ киллэрбитин аахса кэллим! – диэбитэ эрээри, биллэ холуочуйбута баһыйан, сонно ороҥҥо бырахтахха утуйар эрэ кыахтаммыта тута биллибитэ.

Кыыс аҕата, аһыы олорбут остуолуттан туран, үгүс саҥата суох сэрэнэн, ыҥырыллыбатах хоноһотун атын хоско өйөөн киллэрэн, тас таҥаһын сыбыдахтаан, дьыбааҥҥа сытыарбыта. Өрө уһуутаан ыла-ыла, Мырыынап Байбал утуйан барбыта, муннун тыаһа муораҕа тиийбитэ…

Сарсыарда туралларыгар ыалдьыттарын суола сойбута ырааппыт этэ. Кини киһи «аһыырын» нэһилиэк олохтоохторо истэр буоланнар, бэҕэһээҥҥи ыалдьыт тылын суолталаан сэлэһэ да барбатахтара. Барбыт да барбыт, хата, түүн тахсан тоҥон буорайбатах.

Кыыс күнүс үлэлии олордоҕуна бэркэ саппаҕырбыт сэбэрэлээх Мырынов Павел киирэн кэлбитэ. Саҥата суох күөх, кыһыл тырыыҥкайынан кылдьыыламмыт сурук кэмбиэрин остуолга уурбута, кыыс сирэйин таба көрбөккө тахсан барбыта.

«Оля, дорообо! Бырастыы гын. Бэҕэһээ эһиэхэ тоҕо тиийбиппин, тугу гыммыппын ончу өйдөөбөппүн. Олус сааттаах быһыыны оҥорбуппун быһыылаах. Кэмсинэбин, кыбыстабын. Эн, бука, миигин бүппүт киһи дии санаабытыҥ буолуо. Дьиҥэр, эйиэхэ, Оля, махтал тылын этэр баҕалаах этим да… Үлэттэн уурайарга баҕам суоҕа да, хайдах эрэ итиниэхэ тиэрдэн кэбиспитим. Бүттүм диэн олордохпуна, эмискэ, эн быыһаан ылбытыҥ. Онно баһыыба диирбиттэн кыбыстан, чэ биир үрүүмпэни иһиэм диэбитим эмиэ табыллыбатаҕа, устунан наһаалаабыппын дии. Онон, мин мөлтөх киһибин быһыылаах. Эн курдук үтүө санаалаах кыыс бэйэтэ тылланан көмөлөспүтүн, саакка киирэрин кэрэйбэккэ, сымыйанан быыһаан ылбытын саатар махтанары сатаабат акаары мин эбиппин. Онон, кыаллар буоллаҕына, миигин бырастыы гын. Павел».

Оля олус соһуйан хаста да бытаан баҕайытык аахпыта. Харахтара чоҕулуһан, имнэрэ тэтэрэн, тугу да саҥарбакка, түргэн үлүгэрдик суругу суумкатыгар уктубута.

Сарсыҥҥытыгар эрдэ баҕайы кэлэн экэнэмииһи кытта буҕаалтырдар олорор кэбиниэттэригэр тэбинэн киирбитэ уонна уол олорор остуолун тааһын анныгар суругун хаалларбыта. Сотору үлэһиттэр кэлбиттэрэ. Мырынов Павел таас анныгар сытар кумааҕыны арыйа баттаабыта сурук буолбута.

«Павел! Эн миэхэ туох да куһаҕаны оҥоро иликкин. Арай мин… эйигин хайдах эрэ олуйбут курдукпун дуу. Ону олус чугастык сүрэххэр тутума, бэйэҕэр ылыныма. Эн, дьиҥинэн, билиилээх уонна өйдөөх баҕайыгын. Майгыҥ да атыттартан сымнаҕас эбээт. Ол эрээри тоҕо эрэ бэйэҕин намтатына көрөрүҥ дуу, биитэр туох эрэ охсууттан сылтаан дуу, ардыгар наһаалаан, аһара аһаан кэбиһэҕин. Иһимэ ээ. Мин эйиэхэ хом санаам суох. Оля».

Күнү быһа долгуйан, үлэлиир-үлэлээбэт кэриэтэ үлэлээбит кыыс киэһээҥҥэ диэри арааһы эргитэ санаабыта. Таах даҕаны хардаран диэн кэмсинэ быһыытыйбыта. Кумааҕытын-бакыатын хомуна охсон тахсан иһэн ааҥҥа Байбалга кэтиллэ түспүтэ. Уол саҥата суох эмиэ кэмбиэрин куду анньыбыта, бара турбута. Кыыс туран хаалбыта, онтон дьэ өй ылан дьиэтин диэки хаампыта.

«Оля! Эн ыраас, чиэһинэй уонна үтүө да сүрэхтээх киһигин. Мин ону билбэппин билинэбин. Кыра оҕо диэн көрөбүн ээ. Кырдьыга да ханна алтыһан билиэм этэй. Эн миигин тугунан олуйуоҥуй? Арай, ити сымыйанан көмүскээбитиҥ диэ… Дьиҥэр ити кырдьыга буоллар атын буолуох этэ. Ол эрээри эн үтүө санааҕынан туһанан алҕаһы оҥорортон туттунабын. Мин мөлтөх санаабар баһыйтаран арааска тиийбит, аһыы сылдьан куһаҕаннык быһыыламмыт…, уопсайынан, кирдээх соҕус киһибин быһыылаах. Наар кэнниттэн доруоптаан кыбыстар ааттаахпын. Кэмсиннэхпинэ да көннөрө сатааччым суох. Миэхэ син биир курдук. Аны кэлэн диэн тыллаахпын. Онон, эн курдук сайаҕас кыыс даҕаны, санаата кэлбэт киһини миигин сатаан көннөрүө суоҕа. Сааттарбын да, итини этэргэ тиийэбин. Эйиэхэ бары үтүө санааҥ, сүбэҥ иһин баһыыба буоллун. Павел».

Сарсыарда эрдэ баҕайы Оля эмиэ үлэтигэр ыстаммыта.

– Тоойуом, бу аанньа аһаабакка бардыҥ дии. Туохха ыксаатыҥ, тойонуҥ мунньахха барбыта буолбат дуо? – ийэтэ дьиктиргээн ыйыта хаалбыта.

– Ээ, үлэм элбэх. Мунньуллубут аҕай, оҥоро туруохтаахпын, – диэт, кыыс таһырдьа ыстаммыта.

Эмиэ кэбиниэккэ киирэн, бэҕэһээ уурбут тааһын өндөтөн кумааҕытын кыбыппыта, бэйэтин үлэлиир хоһугар тэбиммитэ.

«Павел! Мин кыра оҕо буолбатахпын. Син орто үчүгэйинэн оскуолабын бүтэрбит уонна соҕотох баал тиийбэккэ, экэнэмиис буолар ырабыттан ыраатан олоробун. Эһиил баҕас киирээ инибин дии саныыбын. Мин эйигин, киэркэппэккэ, хайдах баарынан, төбөбөр тугу буһарарбын эппитим. Оттон сымыйа чааһа… Баҕар, эн итинник санаа даҕаны. Ол эн миигин билбэккиттэн. Олуйда диэн умун ээ. Бүттэҕэ дии. Мин даҕаны хайы-үйэ уоскуйбутум. Эн иһэн кэбистэххинэ, аныгы сырыыга мунньах буоллаҕына, оттон табыллыбатыбыт диэхпит буоллаҕа дии? Сөп буолбат дуо? Оттон испэт буолан тохтоотоххуна, атын кыыһы кэргэн ыллаххына… олоххо араас баар, атыны сөбүлээбитим диэтэххэ хайдаҕый? Мин санаабар боростуой курдук. Онон, хата, эйигиттэн тугу да ыйыппакка албыннаан… кыбыстыыга киллэрбиппэр мин бырастыы гын диэн көрдөһөбүн. Оля».

«Оля! Үчүгэй да санаалаах, маладьыас да кыыскын! Эн суруккун киэһэни быһа уонна түүн өссө иккитэ туран аахтым. Хайдах-хайдах эбитэй. Дьиҥэр буруйдаах уонна соччото суох уорбалааһыҥҥа эйигин анньан биэрбит мин буруйдаах этим буоллаҕа. Эн буоллаҕына бэйэҕин буруйданаҕын… Мин санаабар, барытыгар мин оруоллаах курдукпун. Өскөтүн ити мунньах буолбатаҕа буоллар, эн уруккуҥ курдук көтө-дайа сылдьыаҥ эбитэ буолуо. Оттон билигин, хоскуттан да быкпаккын, дьон саҥатыгар киирэн биэримээри саһан олороохтуугун. Ити барыта мин акаарыбыттан таҕыста, онон, мөккүһүмэ даҕаны, эн миигин бырастыы гыныахтааххын. Павел».

«Сөп, Павел, оччоҕо мин бырастыы гынабын. Үөрүүнэн. Ол аата аны буруйдаһыа суохтаахпыт. Эн да, мин да, кимиэхэ да иэһэ суох хаалабыт. Оля».

«Ээ, оннук буолбатах, Оля! Бэҕэһээ киэһэ тыаттан хойутаан кэлэн хонтуорабар таарыйан остуолбун көрбүтүм – кураанах. Хомойон өлө сыстым. Эбэтэр суруйбатаххын, эбэтэр ким эрэ ылбыт. Онтон бу сарсыарда суруккун саҥа туттум. Аахтым. Наһаа хомойдум. Тоҕо кылгас баҕайытык суруйдуҥ? Мин эйигин суруйбатын диэн бырастыы гыннаттара сатаабыт үһүбүн дуо? Төттөрүтүн, баҕар, өссө уһуннук суруйдар, утуйарбын да умнан аахтарбын диэн баҕарарым, бачча үчүгэй кыыстыын кэпсэтэр кэриэтэ сананартан үөрэрим буолуо дии?! Оо, ол эрээри мин оннук убаастабылы ылар кыаҕа суохпун билинэбин. Павел».

«Павел! Мин эн билииҥ, сатабылыҥ, кыаҕыҥ иннигэр сүгүрүйэбин. Ымсыырабын. Сүбэ даҕаны көрдүүрүм буоллар аккаастаныа суоҕуҥ эбитэ буолуо. Ол аата эн эмиэ үтүө майгылаах буоллаҕыҥ дии? Ону үчүгэй диэтэххэ тоҕо утараҕыный? Мин атын кыргыттартан туох да атыным, уһулуччум суох, ол эрээри эмиэ да баар эбит. Үөрэххэ да сатаан киирбэтэх, хотоҥҥо үлэлииртэн да куотуммут, сымыйанан чиэһинэй киһини киртиппит… Онон, эн миигин бырастыы гын. Уһуннук тугу суруйуомуй, мин күннээҕи олоҕум биллэр. Ырааҕынан сылдьыбатах, саҥаны тугу да истибэтэх тыа кыыһыгар туох кэлиэй? Онон эн миигин сэҥээрбэтиҥ саамай сөп. Оля».

«Күндү киһи, кэрэ кыысчаан Оля! Эн тугу да суруй, тугу да аҕын! Мин эн суруккун олус күүтэр буоллум. Санаабар сэһэргэһэр курдукпун, тоҕо эрэ буочаргын көрдүм да наһаа чэпчиибин ээ. Иһит эрэ, бу санаатахха, мин арыгыны испэтэҕим нэдиэлэттэн орто. Онон киһиргэммэппин эрээри, эн суруйуоххуттан ыла мин олоҕум атын туох эрэ суолталанна быһыылаах. Кырдьык оннук. Сайын эн үөрэнэ барыаҥ, хайаан да киириэҥ. Киэҥ эйгэ, саҥа доҕоттор, билсиһиилэр барыта иннигэр. Бэриниилээх үтүө доҕоттордонуоҥ. Бэйэҥ эмиэ уларыйыаҥ. Үлэһит буолуоҥ, дьоллоох буолуоҥ. Павел».

«Павел, бары даҕаны дьоллоох буола сатыыр инибит? Оттон эн ону утараҕын дуо? Биллэн турар, үөрэниэм, үлэлиэм, дьоллонуом. Онно эрэнэбин. Эн тоҕо ону кыыһырбыт курдук дуу, сирэй-харах анньардыы дуу суруйдуҥ? Сатаан өйдөөбөтүм. Оля».

«Оля, эйигин мин хайдах тугунан сирэй-харах анньыамый? Төттөрүтүн, үтүөнү баҕаран эттэҕим дии. Уонна оннук да буолуохтааҕа курдаттыы көстөргө дылы. Эн, эдэр киһи, олоҕуҥ, дьолуҥ иннигэр буолбакка? Тоҕо онтон өһүргэнниҥ? Павел».

«Оттон эн тоҥхойо кырдьыбыт оҕонньор! Олоҕуҥ, дьолуҥ барыта кэннигэр хаалла ини?»

«Оленька! Тоҕо кыыһыраҕыный? Мин итинник эппэтэҕим эрээри, кырдьык таҥнары өйдөнөр курдук суруйбуппун дии. Ити баар, саатар суругу кыайбаппын уонна баран… Чэ, ити хааллын. Павел».

«Павел! Эмиэ кыайбаппын диэн куттанныҥ дуу, быһаарсартан саллаҕын дуу? Оля».

«Мин куттаҕас эбитим буоллар, Афган сэриитин ааһыа суох этим. Ол эрээри тугу саныырыҥ эйиэхэ, эдэр оҕочооско, көҥүлүҥ».

Ыйы быһа сурук ситимэ итинэн быстыбыта. Оля уу чуумпутук үлэтин толорон олорбутун курдук олорбута. Оттон Байбал Мырыынап сааскы сырыыта үксээбитэ, быыбар чугаһаан итиннэ-манна айана хойдубута. Хонтуораҕа баар дуу, суох дуу Байбалы таба тутааччы аҕыйаабыта. Кыыс, хомойбут-хоргуппут көрүҥэ таһыгар көстөрө.

– Оо, сатана кыыһа чахчы ыарахан эбит. Көтөхтөрбүтэ сүрдээх, – диэн дьахталлар кистээн сибигинэспиттэрэ.

– Айыы, оттон Мырыынаппыт уол оҕото. Аһын тохтотуоҕуттан туома төлөһүйбүккэ дылы. Оттон Оленькатын бырахпыт дуу, хайдах дуу? Хаарыан кыыһы атаҕастаатаҕа. Букатын да бииргэ сылдьаллара көстүбэт дии. Ити аата хайдаҕый? – диэн мунаарыы үксээбитэ.

Биир үтүө күн Оля остуолугар билэр кэмбиэрэ, хантан да көтөн түспүтэ биллибэт, сытара эрэ баара. Тиҥ-тиҥ тэппит сүрэх суругу тута арыйыан саллыбыта. Суулуу тутан баран суумкатын түгэҕэр уктубута. Үөрүөн дуу, үөрүмүөн дуу билбэккэ, иннэ үрдүгэр олорон, кумааҕытын дьаарыстаабыта, бараары оҥостубута.

Ити олордоҕуна, аан аһыллыбыта. Байбал Мырыынап төбөтө быкпыта. Уол дьикти баҕайытык ыйытардыы көрбүтэ, чочумча турбахтаат, тахсан барбыта. Кыыс дьиэтигэр элээрэн киирээт, суумкатын аһа биэрбитэ, ибигирэс илиилэринэн илииһи арыйа баттаабыта:

«Оля, чыычаах! Саамай чугас киһибин, мааны доҕорбун, оҕобун эмиэ бэйэм куһаҕаммыттан, куруубайбыттан хомоттум буолбаат?! Эн, тугуҥ буруйа баарай, мин Афгаҥҥа тиийбиппэр? Туох сыһыаннаах үһүгүн мин бойобуой доҕотторбун сүтэрбиппэр? Кистэниэхтээҕи, кэлин этиллиэхтээҕи эрдэ алҕас быктарарга, ама, эн сабыдыаллаабыт үһүгүөн? Суох, миигин, бачча сааспар диэри өйүн туппатах акаарыны өссө биирдэ бырастыы гын дуу? Уһуннук да толкуйдаатым, өр даҕаны суруккун күүтэ сатаатым. Баҕар, суруйаарай диэн күүппүтүм да, эрэлим сүттэ. Эн хомойбуккун тугунан төлөрүтүөмүй? Сатаан өйдүөҥ эбитэ дуу, мин эйиэхэ уратытык сыһыаннаһыахпын баҕарарбын? Мин харахпар эн олус үрдээн, сырдаан, хаһан да талаһан тиийиэ суох чыпчаалым кэриэтэ ыраах курдуккун. Мин эн бэйэҥ сааскар сөбө суох өйгүн, кырдьаҕас киһилии тобуллар толкуйгун таба көрдүм уонна… таптаатым быһыылаах. Өскөтүн кыыһырбат буоллаххына, баһаалыста, миигин кытта бу киэһэ киинэҕэ барыс. Мин күүтүөм. Икки билиэти ылбытым. Оттон сөбүлэспэтэххинэ да, мин өһүргэниэм суоҕа. Эн ол быраабыҥ уонна көҥүлүҥ. Павел».

Кыыс харахтара сурук буолан тиһиллибит балачча буукубаларынан түргэнник сүүрэлээбиттэрэ, онтон биллэ кэҥээбиттэрэ. Хаана бүтүннүү ыгыллан төбөтүгэр тахсан чабырҕайынан төлө көтөөрү сүрэҕиниин тэбис-тэҥҥэ битиргэччи тэбиэлэнэн барбыта. Төһө да туттуна сатаатар, сирэйин быччыҥнара сытайан туран, бука бары киксибит курдук, күүрэ тыҥааннар, уоһун араастаан ибигирэтэн, устунан кыыс барахсаны ытатан мэрбэҥнэтэн барбыттара… Ону тулуйбатах таммахтар, «ити баар дии…» диэбиттии, аны икки иэдэһинэн халыс гына түспүттэрэ. Хайыай, кыысчаан барахсан көмүскэтэрэ эрэ көбүччү соҕус сибэкки ойуулаах сыттыктара буолан, сонно саба түспүтэ. Таска тахсыбатар, хостон иһиллибэтэр ханнык диэн уйадыйбыт туругун кыыс өргө диэри кистээн муҥнаммыта.

«Павел! Мин эйиэхэ кыыһырбатаҕым эбээт. Сыыһа саҥараммын ыарыылаах түгэҥҥин таарыйдым быһыылаах дуу диэн төһөлөөх кэмсиммитим буолуой? Аны миэхэ хаһан да суруйбат буолла диэн санаа сии сыста дии. Бырастыы гыныа суоҕа диэн аҥаардастыы сэрэйиим үүйэ тутан, бу кэм устата наһаа да харааста сырыттым. Онтум баара, эн мин туспунан куһаҕаннык санаабаккыттан бүгүн олус дьоллоннум эбээт! Эйигин кыыһырбыта буолуо диэн куттанаммын, суругу тутаат, арыйа сатаабатаҕым. Дьиэбэр тиийиэм диэн үлэм бүтэрин күүппүтүм. Онтум баара, киинэҕэ ыҥырбыккын билбэтэхпин. Ол иһин өҥөйө сылдьыбыккын сатаан өйдөөбөтөхпүн. Эн буоллаҕына, ону аккаастаата диэбитиҥ буолуо. Эмиэ хомоппуппун. Ити кэннэ мин акаарым биллэр буоллаҕа дии. Оо, тоҕо да тутатына аахпатаҕым уонна киинэҕэ барсыбатаҕым буоллаар?! Мин саатар кыратык да бэйэм быһыыбын быһаарар бырааптааҕым эбитэ буоллар, чиэһинэйдик билиниэм этэ: кырдьыга баара, мин эйигин ити үлэҕэ киириэхпиттэн сөбүлээбитим. Санаабар, тоҕо эрэ эйигин эрэ чугастык тутабын. Өссө биирдэ киинэҕэ ыҥырылларым эбитэ дуу, манан бүтээхтээтэҕим дуу… Оля».

«Акаарычааным-чыычааҕым, Оленька! Бүгүн мин саҕа дьоллоох киһи бу күн сиригэр суох! Эн биирдэ эрэ буолбакка, мантан ыла киинэ буолар киэһэтигэр барытыгар мин ыҥырыыбын күүт. Мин ыксаатым, тыаҕа таҕыстым. Эрдэ киириэм уонна дьиэҕэр тиийиэм. Таптыыбын ээ, эйигин, чоппууска! Павел».

Ити киэһэ таптал бэйэтинэн Оляҕа тиийбитэ. Ыга маанымсыйбыт Павел Мырынов кыыс олбуоругар тиийэн, ааны дьоһуннаахтык тоҥсуйан киирэн кэлбитэ. Дьиэ хаһаайынын кытта илии тутуһан дорооболоһон, кыыстарын киинэҕэ илдьэри көҥүллэтэн, илиититтэн сиэтэн кулуупка илпитэ. Сылаас-сылаастык мичээрдэһэр эдэр дьону кулуупка аан бастаан көрөннөр, куруук киинэттэн арахпат дьаллыктаахтар тута быһаарбыттара: бу дьон бэркэ үчүгэйдэппит этилэр.

Чахчыта да били айдааннаах мунньах кэнниттэн тугу барытын уорбалыыр, иһиттэрбин-биллэрбин эрэ диэбиттии, кэлбити-барбыты энчирэппэккэ чуҥнуур хонтуора дьахталларын билгэлэрэ туолбатаҕа. Оля хантан хат буолаахтыай? Бу сырыыга арыгыны умсугуйан тэмтэрийэр суолга киирбит эдэр киһини саҥа тыллан эрэр үнүгэс кыыс ыраас иэйиитэ быһа күөйэн кытыыга сөрөөн таһаарбыта. Этэргэ дылы, ол эндирдээх суол кытыытыгар хойуутук үүммүт күөх ньаассын от дыр сытыгар эмискэ туймаарыйбыт эдэр киһи, чиҥник буорга үктэнэн турарын дьэ өйдөөбүтэ. Ийэ буора кини атаҕын сылааһыгар үөрэрин, үктэннэҕин аайы күөгэҥнээн, баарын булгу биллэрэрин кини өйдөөбүтэ, бу сиргэ солбуллубат наадалаах эр бэрдэ бэйэтэ буоларын сонно эрэ итэҕэйбитэ эбээт. Онон саҥата суох уһун кэмҥэ суруйсуу, үтэн-анньан бэйэ-бэйэни тургутуһуу дьикти алыптаах кэмигэр таптал киирэн кэлбитэ, арааһа иккиэннэрин да сыыһа-халты туттууттан ити дириҥник олохсуйуох уйаҕас сыһыан быыһаатаҕа. Ол иһин уоллаах кыыс нарын-уйан сыһыаннарыгар туох да кири-хоҕу сыһыарбатахтара. Хата, кыыс сайын баран кэтэхтэн үөрэххэ туттарсыбыта, уоппускатын ылбыт Байбал кинини бэйэтинэн арыаллаабыта. Күһүнүгэр кэлэн сыбаайбалаабыттара. Нөҥүө сыл күһүнүгэр аан бастакы оҕолоро, Күннэйдэрэ, күнү көрбүтэ.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации