Текст книги "Буолар да эбит"
Автор книги: Евдокия Иринцеева
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 11 (всего у книги 19 страниц)
Иккиэн экэнэмиис идэлээх Мырыынаптар билигин үс оҕолоох ньир бааччы олорор нэһилиэк киэн туттар ыала. Күннэй, Эллэй уонна Мэндэ Мырыынаптары киһи бары таптыы көрөр дьоно. Утуу-субуу оскуолаларын бүтэрэллэрэ субу чугаһаан ийэлээх аҕалара, аныгы сиэринэн, оҕолорун үөрэттэрэ, куорат эҥээр көһөн барыахтара диэн олохтоохтор, харыһыйа-көҥөнө, киэһээ-сарсыарда сэлэһэр идэлэммиттэр. Уруут-урут, өссө сэбиэскэй кэм эрдэҕинэ, эдэркээн Оля аһыы утахха аралдьыйаары гыммыт Байбалы быыһаабытын туһунан номох курдук кэпсииллэрин киһи барыта билэр уонна итэҕэйэр: таптал тугу барытын кыайар сүдү сэниэлээх, көмүөл күүстээх.
Мин курус ахтылҕаным
…
Сырдык сулус тапталым,
Махтанабын эйиэхэ
Истиҥ ыраас тапталгар…
Ырыаһыт сыанаттан истиҥ бэйэлээхтик ыллаан эйээритэр. Бүтэҥи соҕус эрээри, сибигинэйэн эрэрдии иччилээх куоластаах уол хас биирдии дорҕоону олус да ыарыылаахтык сыыйан таһаарар. Дьикти тыыннаах ырыа киһи дууһатын долгутар. Оттон Танюша сүрэҕэр ити ордук сытыытык, наһаа ыарыылаахтык тиийэр. Ол иһин кини иэдэстэринэн тохтообокко харахтарын уута субуруйар. Хата, саала иһэ хараҥа буолан, эдэркээн кыыс-дьахтар туохтан маннык айылаах уйадыйбытын ким да өйдөөн көрбөт.
Оо, абакка. Ырыа баар ээ, сүтэн биэриэ баара дуо. Хаһан эрэ, букатын да санаабакка олордоххо, сиирин быатыгар, хатылана турдаҕа эбээт. Тоҕо да бу ырыаны төрүкү таһыччы умнан ыллаабат буолбатахтарай?! Тоҕо чуо бу ырыаны ити уол ордорон репертуарыгар киллэриммитэй?! Ээ, барахсан, кини баҕас… тугу билээхтээн… Ити ырыа иччилээх… Сэттээх даҕаны курдук… Дьылҕаҕын эрдэттэн быһа ылланыма дуу… Наһаа иэйэ куустаран эрэйи көрөөйөҥүй, ырыаһыт оҕочоос?..
Танялаах Дима олус да тапсаллара. Хаһан да кыыһырсыбат курдуктара. Сөп ээ, өйдөһөллөр этэ буоллаҕа. Оннук, олус холкутук уонна үгүс тыла суох тутатына судургу баҕайытык өйдөһөллөрө. Баҕар, кыл түгэнэ кылгас эрэ кэмҥэ таптал умайар уотун дьиҥ амтанын билиэхтэрин эрдэттэн таайан эбитэ дуу? Киһи барыта кыыстаах уол маннык түргэнник бодоруспуттарыгар соһуйбатахтара эрээри, бу санаатахха, ойоҕостон көрөн ымсыыраллара эбит ээ.
– Уопсайынан, санаа ыарыытын, дууһа кыланыытын, тапталын дьахтар дьахтарга кэпсиэ суохтаах. Өйдүүгүт? Дьүөгэ диэн күн сиригэр суох! Дьахтар диэн айылҕаттан ымсыы, ордугу көрдө да сонумсах! Кини, ымсыырда да төбөтүнэн буккуллар эбээт! Үөн курдук, дьүөгэ буолан кубулунуо, итэҕэтэн баран, түгэнин табан таҥнара охсорун кэрэйиэ суоҕа. Баҕарбытын эрэ ситиһэр туһуттан үтүөнү үнтү көтүө, оннооҕор таптал курдук сибэтиэйтэн сээбэҥниэ суоҕа! Онтон иҥниэ диэтэҕиҥ? Су-уох, ону эмиэ түҥнэрэргэ эрэ айыллыбыт абааһы кыыһа кини, дьахтар! – диэн Таня биирдэ биэчэр кэнниттэн мустубут кыараҕас хампаанньаҕа, ытыы-ытыы, айдааран турбуттаах.
Кэрэчээн бэйэлээх сиэстэрэ кыыс эрэ-эмискэ туох буолбутун ким да сатаан өйдөөбөтөҕө эрээри сүрэхтэринэн сэрэйбиттэрэ, хас биирдиилэрэ уу чуумпутук, бэйэлэрэ сатыылларынан, сэрэйэ эрэ былаан. Дьиҥ иһин тугу билиэҥий, кимтэн сураһыаҥый? Арааһа, аатыгар эрэ амтаһыйбыт аһын дьайыыта буолбатаҕа чахчы, аһара «аһаан» диэн күтүрэбил ити түгэҥҥэ киниттэн ырааҕа, ханан да сыһыана суоҕа. Бу кыыс булгу туох эрэ сүрэх баастааҕын үллэстиэн баҕарбата биллибитэ. Ону таарыйбатахха эрэ тохтуох курдуга эрээри… Итинтэн ордугу ыйыта барбакка аймаммыт кыыһы сатыылларынан уоскута сатаабыттара, устунан утуппуттара. Сарсыныгар Таня кэпсээн да бэрт. Ким эрэ, баҕар иһигэр эрэйэ санаабыта, күүппүтэ буолуо ээ, ол эрээри ити биэчэр туһунан сонун ылы-чып ситинэн быһа барбыттыы быстыбыта, устунан умнууга хаалбыта.
Сөп ээ, Танюша туох диэн туора дьоҥҥо этиэхтээҕэй? Итийбиччэ-кутуйбучча, баҕар, быстах кэмҥэ тугу эрэ быктарыан санаабыта буолуо да, ситэрбэтэҕэ ол бэйэтин дьыалата.
Оттон бэйэтэ тоҕо тэһэ кэйдэрбитин хайаан билимиэй, арааһа ити түгэҥҥэ кини сүрэҕэр Димата биллибит буолуохтаах. Кинини аһыйбыта, кинини суохтаабыта, кинини ахтыбыта кыайдаҕа. Ол иһин хомолто икки, абакка икки соҕотохто төлө көтөн тахсан быыппастыбыт санаатын эбии күүркэттэхтэрэ ини.
Оо, Дима, ардыгар эйигин сыччах ханна эрэ баар диир санаабыттан аҥаардастыы дьоллонобун диирбин истиэҥ этэ дуо? Суох ини. Тапталгын таҥнарбыт кыыһы, иэйиигин, дьолгун, үөрүүгүн барытын соҕотохто күл-көмөр оҥорбут буруйдаах Таняҕын хаһан эмэ бырастыы гыныаҥ буолаарай? Суох ини. Бүппүтэ, барыта ааспыта, симэлийбитэ, тэпсиллибитэ, сөп диэ?!
Сүгүн сынньаппат буолбута ырааппыт, хайдахтаах да түгэҥҥэ син биир кутулла турар утарсыылаах санаатыттан, харсыһыылаах хадаар толкуйуттан бэйэтэ да кыйаханан, Танюша ойон турбута. Куортамнаан олорор хоһугар абына-табына аҕыйах олоппос, остуол миэбэллээҕин тыастаахтык сыҕарыталаан муостатын сууйан барбыта. Итинник гынааччы. Ордук эһиннэҕинэ, тапталын эрэ буруйдаабат баҕаттан, тус бэйэтин сыыһатыгар аҥаардастыы күтүрэнэн, кэмсинэрэ киирэн сүрэҕин-быарын быһа эмнэҕинэ, аралдьыйа сатаан…
Бэйи эрэ, хайдах-хайдах этэй? Эн эмиэ суруллубуту да сатаан өйдөөбөккө, этиллэн испити иилэ хабан ылбакка эрэйдэнниҥ? Оччотугар саас-сааһынан уурталыым эрэ. Иһит, ньимий уонна ньиэрбинэй Танюшаны ордук-хос ыаһыйалаан кыыһырдыма…
* * *
Табаҕаҕа тахсан практикаланар саҕана муусукаҕа үөрэтэргэ уһуйуллар устудьуон кыыс Танюша Илларионова талаан мунньуллубут кэрэ киһитэ этэ. Ыллаатаҕына, кыараҕас харахтара кэҥээн, төгүрүк иэдэстэрэ тэтэрэн, куба маҥан илиилэрин оргууй хамсатан, истээччитин ырыатын дорҕоонугар олордон тэҥҥэ көтүтэрэ. Абылаҥнаах куоластаах кыыс ария диэни билбэт оҕонньорго-эмээхсиҥҥэ кытта омуктуу ырыалары, тылынан буолбакка, иэйиитин кистэлэҥинэн сүрэхтэрин толугурата тиэрдэрэ. Итинник толоруу сэдэх үһү ээ. Оттон дьиҥэр кини, фортепианоҕа оҕону үөрэтэр учуутал буолаары сылдьар кыыс, ыллыыра булгуччута суоҕа эрээри, сэргэхситэ таарыйа барыны-бары толороро. Иччилээхтик, имэҥнээхтик, иэйиилээхтик.
Биир оннук ырыа киэһэ кини Дималыын билсибитэ. Саала түгэҕэр кэчигирээбит ыскаамыйаларга, хабыс-хараҥаҕа уолаттар бөҕө кэчигирэспиттэр этэ. Харах бөҕөтө хатанарын ыллыы турар эдэркээн кыыс оҕо, чараас да буоллар хастыы эмэ хаттаҕастаах тириитин тас бүрүөһүнүнэн тута таайбыта. Тоҕо итинник санаабыта буолуой. Ити учуутала үөрэтэригэр эппитэ өйүгэр-санаатыгар үйэ тухары иҥмитин быһыыта этэ.
– Танюша, син бэрт эрээри, эн, өйдөө: истээччи тириитэ олус халыҥ. Киһи хараҕар көстүбэт бүрүөһүн төһө эмэ, хос-хос, үрүт-үрдүгэр, олус элбэх араҥалаах. Эн куолаһыҥ дорҕооно ону барытын имэрийэ нөҥүөлээн, өтөн киирэн сүрэҕэр тиийиэхтээх. Өйдөөтүҥ, хайдахтаах курдук уустугуй, ээ? Оччотугар эн ырыаҥ дорҕооно дьэҥкир, ыраас, күүстээх буолуохтааҕын сэрэйдиҥ дуо? – диэччи ээ.
Оруобуна ити уруокка этиллибити дьиҥ этинэн-хаанынан бигээн ылынар ураты быһыы бу киэһэ үүммүтэ быһыылааҕа. Чуумпуран хаалбыт саалаҕа дьон бары кини куолаһа түһэрин-тахсарын тыыммакка да иһийэ кэтиирин санаан, долгуйдар да, кичэйэн бөҕө ырыатын түмүктээбитэ. Сырдык мичээрин быыһынан таһынар ытыстары астына элэҥнэтэ көрөн аһарбыта эрээри, саамай түгэххэ ким эрэ быар куустубут илиитин букатын да өһүлбэтэҕэр иҥнэ биэрэн, хайдах эрэ сүрэҕэр ыттарбыта. Дьиктиргээбитэ. Дьиксиммитэ. Ол ноолоох этэ. Кини ыллаабытын кэнниттэн ситэ астыммакка, таһыммакка соруйан олорон хаалбыт оннооҕор педагог да суох буолааччы. Оттон бу сырыыга оннук айылаах уус ирдэбиллээх истээччилэрэ диэн ким буоллаҕай?
Ити ыйытыы киэһэ таансыга дьайҕарбыта. Сытыы-хотуу, сып-сырдык чачархай баттахтаах, күөх харахтаах, үрдүк муруннаах, нууччалыы хааннаах уол, уу сахалыы Димабын диэт, кыыһы элээрдэн киллэрэн үҥкүүлээн барбыта. Дьоҕус уҥуохтаах уолаттары сэҥээрбэт бэйэтэ, Танюша тоҕо эрэ таала талбаарбыта. Кыыс кэрэ ырыатыттан туймааран, ытыһын таһынарын умнуор диэри таалбытын кэпсээн күллэрэн, онтун бырастыы гынарыгар көрдөһөр аатыран, билсээри чугаһаабыт уол дьыалата чахчы да табыллыбыта. Дьикти баҕайы, бу киэһэттэн ыла кини Диманы олус чугастык, букатын бэйэтин убайын дуу, быраатын дуу курдук сүрэҕэр олус чэпчэкитик ылыммыта.
Уол Табаҕаҕа мотористыыр уонна кэтэхтэн үөрэнэр эбит этэ. Киниттэн, аармыйаҕа сылдьыбыт буолан, сааһынан икки сыл аҕа уол, туох баар дьоһуннаах быһаарыныыны барытын бэйэтигэр ылынара быраап курдуга. Доҕордуу дьон олус бодоруспуттара. Кыыс сыл аҥаардаах практиката биллибэккэ ааһыар диэри тыаҕа куобахтаан, күөлгэ кустаан, өрүскэ балыктаан кини туһугар дьоллоох да кэм ааспыта. Куорат мааны кыыһа, ырыаһыт Танюша, кутун туттарбыт тыатын уола чахчы дьүһүннээх мааныта, дууһалаах сиэдэрэйэ, сатабыллаах сэдэҕэ уонна эмиэ… ырыаһыт чулуута этэ. Практика бүтүүтэ уопсай кэнсиэргэ кинилэр сыанаҕа тахсан бииргэ ыллаабыттара.
Мин курус ахтылҕаным,
Сырдык сулус тапталым…
Кинилэр харахтарыгар таптал киирэн уйаламмыта тута көстөрө. Эдэркээн уоллаах кыыс сиэттиспитинэн саалаҕа олорор дьон быыһынан сыһыыга курдук сэрэнэн дэгэйэ хаампыттара ордук долгуппута. Кыыс нарын да нарын үрдүк куолаһа чэпчэки баҕайытык күөрэйэн тахсан үөһэ уйдаран бара турара. Оттон уол ырыатын олохтоох, ып-ыраас сөҥ дорҕоонноро кинини ол дьэҥкир далайга ханна эрэ тиийэн ситэн ылан, бииргэ холбуу тутан, сиргэ сиэтэн түһэрэр курдуга…
Олус да табыллыбыт дуэт этэ. Дьон көрдөһөн туран иккистээн ыллаппыттара. Танялаах Дима бу сырыыга саала икки өттүгэр туран «бис» модьуйууну толорбуттара. Оол-ол тэйиччи, хас эмэ эрээт нөҥүө ыраах баҕайы Дима турар уонна олус-олус таптаабыт, кыратык санньыйыы саспыт уоттаах харахтарынан, Танятын одуулуур:
Мин куру-ус ахтылҕаным…
Онуоха эрээттэр быыстарынан устан тахсан, Танюша холбоһор:
Сырдык сулус тапталы-ым…
Уонна уол диэки олус сылаастык имэрийэ көрөр, кэрэчээн бэйэтэ өссө тупсар. Кыыс санаатыгар кини бу бииргэ ыллыыр уолунуун хаһан эрэ хойут, сааһыран олорон эрэн, эдэрдэриттэн иитиэхтээбит тапталларын маннык туойуохтара. Бэйэ-бэйэҕэ бэриниилээх бүтүн олоҕу бииргэ атаарыахтара уонна, кырдьан, хаар маҥан баттахтанан олорон эдэр саастарын, тапталларын итинник ахтыахтара, дьиҥнээх махталларын төлө биэрэн этиэхтэрэ… Оттон онуоха диэри, үчүгэйи-ин, элбэх да элбэх сыл кинилэргэ баар, билигин да санаа тиийиэ суох курдук уһуннук бииргэ таптаһыы кинилэри күүтэр…
Ытыс тыаһа хабылла түһэр. Бэртээхэй ырыаны биһирээбит, долгураҥҥа сибигинэйэр кэриэтэ иччилээхтик сыыйыллар ыраас дорҕооннору сөҕө истэр көрөөччүлэр мичээрдэрэ, мэктиэтигэр сып-сылааһынан илгийэн, кинилэри хардыыларын ааҕа арыаллыыллар…
Дьикти киэһэ этэ. Долгуйбуттара ааспатах кыыстаах уол киэһэ хойукка диэри бииргэ хаамсыбыттара, арааһы сэһэргэспиттэрэ. Ол тухары бэйэлэрэ субу толорбут ырыалара кулгаах ис сарыытыттан син биир иһиллэ турар курдуга…
Дима Танятын олорор ыалыгар атаарбыта, сарсыарда кэлэн куоракка бэйэтэ киллэриэх буолан арахсыспыттара. Арахсыы чэпчэки этэ диэйэххиний? Итиччэлээх иэйиини сүрэхтэрин нөҥүө аһарбыт эдэркээн оҕолор бэйэлэригэр курдаттыы тардыһаллара, бииргэ эрэ буолуохтарын баҕалара төһө да күүстээҕин иһин, сиэрдээх иитии бэлиэтэ кинилэри харыстаабыта ээ. Тапталларын туттуна хаһааналлара, икки өттүттэн дьоннуун-аймахтыын билсэн, сөпсөһөн эрэ баран мэлдьи бииргэ буолар дьоллоох түгэннэрин тэйиччи соҕус уһата тардан биэрэн, кэтэһиилээх кэрэ кэмнэрин ыраланан көрөн, эбии минньиппиттэрин дьүһүнэ эбээт. Оо, ону баара…
Сарсыарда, долгуйбут кыыс уутун ситэ ханан тура да илигинэ, суоппарыыс Баанньа субу быччаһытан кэлбитэ уонна ааны өҥөйөн туран омуннаахтык хаһыытаабыта:
– Таанньа, хомуна оҕус! Дима кэлбэт, учаастакка саахал тахсыбыт, онно бардылар. Бэйэтэ кэлин куоракка киирэ сылдьыа үһү, – диэт, илдьити тиэрдибит быһыынан, бэрт саталлаахтык дьаһайбыт киһилии туттан, мэлтэйбит сирэйэ сонно мэлис гыммыта.
Онтон олус долгуйбакка, уол түүн-күнүс түбүктээх үлэтин бэркэ өйдүүр Таня ол күн бэйэтэ хомуммута, үөрэ-көтө үөрэҕэр, дьонугар дьоһуннаах кэпсэтиитин кэһиилэнэн куоратыгар төннүбүтэ.
Арай Дима тоҕо эрэ уһаабыта, болдьохтоох кэмҥэ кэллэр кэлбэтэҕэ. Төһө да тыа киһитэ таах сылдьыбатаҕын таба өйдөөтөр, кыыс туохтан эрэ дьиксиниэх кэриҥнэммитэ. Бу тоҕо эрэ кини Диматыгар маарыннаабат быһыыга дылыта. Кыыс тэлигирээмэлиэн саныы-саныы туттуммута, онтон тулуйбакка суруйбута да, сурах мэлигир. Сүрэҕэр туох эрэ иэдээни сэрэйбиттии дириҥник ыттардар да, өтөр-наар манныкка түбэспэтэх кыыс кыбыстыан да, кыыһырыан да билбэккэ, саараан олорон хаалбыта, аҥаардастыы күүппүтэ. Сотору уу-хаар тахсан, саас ааһан, сайын тиийэн кэлбитэ.
Бииргэ сылдьыах былааннаах дьон быһыытынан, билсиспэтэхтэрэ ырааппытыттан төһө да дьаарханнар, Таня биир үтүө күн Табаҕалаабыта. Аараттан олорсубут массыынатыгар, анаабыт курдук эмиэ, Баанньа суоппарыыс түбэспитэ. Кыыһы бу сырыыга хайдах эрэ соччо сөбүлээбэтэх баҕайытык көрөн-истэн, эҕэлээх соҕустук хардарсан, хас биирдии иҥкили-таҥкылы аахтара түөрэҥэлэтэн, айаннаан испиттэрэ. Онтон ойуур саҕатыгар талыгырас тимир көлөтүн туора тэлэкэччитэн таһааран сүр түргэнник уруулун эрийэ тутаат, эмискэ хорус гыннарбыта. Кыыс нэһиилэ, өстүөкүлэҕэ сүүһүнэн сааллыан чуут өрүһүнэн, «һуу» диэн икки ардыгар Баанньата эргиллэ биэрбитэ:
– Таанньа, эйиэхэ өссө туох нааданый? Димаҕа сананан аҕай иһэҕин дуо? Маннык албын кыргыттары, истиэххин тиэтэйдэххинэ, мин абааһы көрөбүн! – диэбитэ.
Тугу да өйдөөбөтөх кыыска ыгым уол ити кэннэ тугу да быһаарбатаҕа. Быһа буугунаан кыыһырбытын кубулуппатаҕа. Ыйыта сатаабытыгар бэрт куруубайдык кыйдаан, устунан үүрсэн-холдьохсон барбытыгар даҕаны Таня тахсыбатаҕа. Ол иһин Табаҕаларыгар тиийиэххэ диэри тугу да кэпсэппэтэхтэрэ.
Таня суолу быһа муучу буолбута. Саатар тиийэн быһаарсар инибин диэн холкутуйа сатаабыта. Онто баара, бөһүөлэккэ Дима эмиэ суоҕа. Кыыс били урут практикатын саҕана түспүт ыалыгар икки хоммута. Диматыгар илдьиттии сатаабыта да, уол син биир кэлбэтэҕэ. Онтон, хантан да хоруй ылбакка, муҥатыйар кыыһы аһынан, ыала дьахтар сэмээр эппитэ:
– Эйигин бу диэки Диматын быраҕан атын уолга кэргэн тахсар үһү диэн кэпсээбиттэрэ ыраатта дии? Баҕар, ол иһин эбитэ дуу… тоҕо кэлэн билсибэт баҕайытай, – диэбитэ.
– Ама дуу?! Ол ким? – эрэ диэн саҥа аллайан хаалбыт кыыс олус диэн сөхпүтэ, тылыттан маппыта.
Ким эппитин билигин кэлэн хантан билиэҥий? Ол иһин да Баанньа кытары киниэхэ таала кырыыламмыт эбит буолбат дуо?! Оччотугар Дималыын сирэй көрсөргө кини быһаарынан өссө хас да күн күүппүтэ да уол син биир биллибэтэҕэ.
– Бара иликкинэ кэлиэ суоҕа, Таанньа. Дима судургу уонна кытаанах уол. Эн анарааттан сурукта суруйан көрөөр, ол ордук буолуо, – ыалын ийэлэрэ сүбэлээбитэ.
Оо, өскө кини билбитэ буоллар ньии. Хас-хас суругу кыыс ыыппытай, таптыырын тиэрдэ сатаан араастаах элэ-была тыла бараммытай? Ону ылымматах, онуоха хардарбатах буоллаҕына, Дима туох дии саныыра буолуой? Муҥ сатаатар, син биир сөпсөспөт аата, быһаарыан дуу, тугуй. Таня туһунан уу сымыйаны тоҕо итэҕэйдэҕэй? Кинини онно суоҕунан буруйдуура алҕаһын кыыс оччоҕо хайдах тириэрдиэх муҥай?
Итинник, оҕо сүрэҕи тырыта тыытар ыйытык кыыс дууһатын ыарыылаахтык хам ылбыта. Ол быыһыгар хомойуу-хоргутуу курус тыына таптыыр уйан сүрэҕэр өтөн киирбитэ. Дима кинини эрэ итэҕэйиэхтээҕэ эбээт. Таня тылын истэн эрэ баран быһаарыахтааҕа. Онто баара, ханнаный? Ама даҕаны, кинилэр оннук айылаах өйдөспөт этилэрэ буоллаҕай?
Итинник муҥатыйыытыгар биир харданы ылбатах, ытаан харахтара дьолточчу испит кыыс, быстыа дуо, тугу да быһаарсыбакка, аһаҕас баастаах дойдутугар төннүбүтэ. Бастаан утаа, хоргуппут санаатыгар, Диманы хаһан да бырастыы гыныа суох буолан андаҕайбыта. Сотору өйдөөбүтэ: кини чахчы уолу олус таптыыра. Ол иһин, кыыс кыбыстыахтаах сиэрин кэрэйбэккэ, эмиэ суруйа сатаабыта, ааттаан муҥнаммыта, быһаарсарга көрдөспүтэ да, харда суоҕун курдук суоҕа… Кини туһугар олус кытаанах күннэр үүммүттэрэ.
– Сыҥаланыма, кининэн эрэ уол бүппэт, – диэн педагог учууталыттан кытта дьарыллыбыта.
Көмөлөспөтөҕө. Уоскуппатаҕа. Онтон, айар кут иитиллэр кыһатын кыргыттара, истистэхтэрэ эбээт, Таняларын көмүскээн, уолга ыга кыыһыран, чахчы сэниэлээх соҕустук суруйбуттара да, син биир эппиэт кэлбэтэҕэ.
– Сибиинньэ эбит, эр киһи быһыыта буолбатах. Умун, бэйэтэ кэһэйиэ, – дэспиттэрэ кэлэйбит дьүөгэлэрэ.
Ээл-дээл үөрэх быыһыгар кыыс ити туһунан кимиэхэ да тугу да саҥарбата эрээри, сүрэҕэр-быарыгар син биир тапталын илдьэ сылдьара. Өһөн хаалбыт кутааҕа барбах онон-манан кыламныыр төлөн кэриэтэ, сөҕүрүйэн эрэр иэйии ыарыылаах хаһыыта кини сүрэҕин иҥсэлээхтик ытырбахтыыра.
Хата, син урут бэркэ үөрэммит саппааһыгар тирэҕирэн, учууталлыыр муусукатын үөрэҕин бэркэ бүтэрбитэ. Дьоно, аралдьытаары даҕаны, ааттаһан туран консерваторияҕа ыыта сатаабыттарын, педагогтара вокалга дьоҕурдааҕын ыйбыттарын үрдүнэн, кыыс ыллыыртан аны кыккыраччы аккаастаммыта. Пианист идэтин эмиэ батан кэбиспитэ. Учууталлыан баҕарбатын дакаастаан, тута сиэстэрэ үөрэҕэр киирбитин ким да биһирээбэтэҕэ да, хайыахтарай, талааччы кыыс тус баҕата оннуга.
– Училищеттан училищеҕа көһө сылдьан хас орто үөрэҕи сыымайдыыгыный? Салҕаан үөрэниэххин, – ийэтэ-аҕата сэмэлээн да туһамматахтара.
Инньэ гынан, аны медицина эйгэтигэр киирэн маҥан халааты кэппит Танюша кыыс, үөрэҕин эмиэ бэркэ саҕалаабыта. Талбыт курдук талааннаах кини этэ буоллаҕа. Киһилээбэтэҕэ. Тапталыттан маппытын кимиэхэ да ытанан быктарбатаҕа эрээри, бу сыллар тухары ол аһыытыгар, иинэҕэс талаҕы санатыах айылаах таһааланыар диэри, курдары эмнэрбитэ…
Сотору бүтэрбитэ. Үлэҕэ аныыр хамыыһыйа били Табаҕаттан чугас дэриэбинэҕэ ыытарга быһаарбытын тоҕо эрэ һык гына истибитэ эрээри, утарбатаҕа. Дьиҥэр куоракка да хаалар кыах толору баара.
– Бырааска бар, салгыы үөрэн, – диэбиттэрин, тылларыгар киллэрэ сатаабыттарын эмиэ сэҥээрбэтэҕэ.
Онон, биэлсэр идэлээх, сиэстэрэ үөрэхтээх, кыраһыабай бэйэлээх кыыс дэриэбинэҕэ кэлээтин, ыалдьар-ыалдьыбат ити эргин тоҕуоруһар идэлэммитэ. Бука бары астына үҥсэргээн, эмтэнэн абыраммыттарын туһунан кэпсээн ырааппыта, чугастааҕы нэһилиэктэри тилийэ көппүтэ.
Биирдэ, сааскы быстарык саҕана, ыаллыы Табаҕаҕа эдэр дьахтар кыайан оҕоломмотоҕор, куораттан кэлиэхтээх санитарнай рейси күүтэргэ кинини көмөлөһүннэрэ ыҥырбыттара. Абытай-татакай ортотугар сытар эдэркээн ийэни көмөлөөн көрөннөр өйдөөбүттэрэ: оҕото иһигэр тумнастар кутталлааҕа. Итинник быһаарыылаах түгэҥҥэ Танюша, саҥардыы үөрэҕин бүтэрдэр даҕаны, тобуллаҕас өйдөөҕө, дириҥ билиилээҕэ көстүбүтэ. Суһал көмөнү кини салалтатынан олус сөпкө оҥороннор, бөртөлүөт кэлэригэр этэҥҥэ тиийбиттэрэ уонна, саамай үөрүүлээҕэ диэн, ийэ да, оҕо да иккиэн быыһаммыттара.
Эдэр үлэһиккэ бириэмийэ тигинээн кэлбитэ иһиллэ охсубута. Ол эрээри аптарытыаты тыа сиригэр итинник харчынан сүүйбэккин. Аат-суол кэлиитэ ураты сиэрдээх: кэпсэлгэ киирбит сураҕынан, чочуллубут номоҕунан, дьиҥ буолбут холобурунан сыана быһыллан тутум үрдүүр. Таанньа-биэлсэрдэрин ханныктаах да бырааска атастаһыахтарын баҕарбаттарын туһунан кырдьаҕастар киэһэ-сарсыарда, чэй иһэ таарыйа, кыратык оҥорон-омуннаан, дэлэгэйдик кэпсэтэр идэлэммиттэрэ. Үчүгэй тирэхтэммиччэ, дьон санаата да бөҕөргөөн буолуо, ыарыы-дьаҥ да халтарыппыкка дылы буолбута, устунан чуумпурбута. Дэҥ-дуҥ тымныйыыны, сыыһа туттунууну аахсыбатахха барыта этэҥҥэ курдуга.
Биир сайыҥҥы ардахтаах күн киэһэриитэ медпуун аана тэлэллэ түспүтэ. Ону кытта ааҥҥа хаһааҥҥыттан эрэ бэркэ билэр таһаата күлүк курдук киирэн кэлбитигэр кыыс соһуйан саҥа аллайбыта. Ол Дима этэ. Олус долгуйбут көрүҥнээҕэ.
– Таня, дорообо. Эн эбиккин буолбаат? Маннык көрсүһүөхпүт диэн хаһан да санаабат этим. Эн мин кэргэммин, оҕобун быыһаабыккар махтана кэллим, – эрэ диэбитэ, онтон ордук тугу да эппэтэҕэ.
Саҥата суох турбуттара. Били, хаһан эрэ, саала икки өттүттэн илии-илиилэрин ууммуттарын курдук харахтара утарыта көрсүбүттэрэ. Танюша имэрийэрдии иһирэх көрүүтүгэр хаһан да уҕарыйыа суох ахтылҕанын кытта тапталын аһыйыы, эмиэ да кэлэйии, хомойуу күлүгэ соҕотохто барыс гына түспүтэ. Оттон Дима киэннэригэр сыччах соһуйуу, мунуу уонна саарааһын баһыйбыт курдуга. Кыыс кулгааҕар тохтообокко, тоҕо эрэ бэркэ билэр матыыба, бэркэ сыҥаланан, киһи кыһыйыах, тохтоло суох кутуллан киирбитэ:
Махтанабын эйиэхэ,
Кылгастык да буоллар,
Чаҕылхайдык олохпор
Эн сандааран ааспыккар…
– Баһаалыста, Дима. Дьоллоох буол, – бэйэтэ да соһуйуон иһин, эппит тылын кытта көтө сылдьар кураанах хаҕыс дорҕооннор, бэрт суһаллык кини айаҕыттан устан тахсан, уол таллайбыт кулгааҕын туһаайыытынан сүрэҕэлдьээбиттии бытааннык көппүттэрэ.
– Эн эмиэ, Таня…
Аан сабыллыбыта. Бүппүтэ. Көрсүһүү да диэхтээн. Тугу да быһаарбатах, ордугу-хоһу чуолкайдаабатах, «арааһа манан бүттүгүт» диэбит курдук, быраһаайдаһыы хартыыната ситигирдик судургутук силигин сиппитэ. Арай, туох эрэ сытыынан тэһитэ чабырҕайы кэйиэлиир, сүрэҕи ыгыта туппахтыыр өйдөммөт ыарыыны хаалларбыта… Быһаарсан да диэн тугу истээри гыннаххыный? Кэргэннээх, оҕолоох ыал киһи эн, Танюша, куоттарбыт тапталыҥ иэйиитэ эрэ буоллаҕа. Аны эйиэнэ диэн суох, кини эн аналыҥ буолбата-ах…
Кыыс сүрэҕин түүн аайы кэбийэр ыарыыта ааспыта диэҕи омун ини. Сириллибит кэриэтэ аны атыннык санаммыт, ханнык эрэ кэмҥэ сэнэммит да түгэн, абарбыт санааҕа, хаалсыбакка тугу эмэ гынарга угуйар курдуга быһыылаах. Ол иһин… иэс иэскэ, хомолто хомолтоҕо… диэн быстахтык сананан, Таня, көрсө түһээт таптыыбын диэн талыгыраабыт, кэргэн ылыам этэ диэн тылламмыт уолга сөбүлэҥин биэрэн, чэпчэкитик бэриммитэ, олоҕун оҥосто сатаабыта, кэргэн барбыта. Ыал дьон сиэринэн ыарахан буолбута сотору биллибитэ. Хоонньоспут холооннооҕун төрүкү таптаабатын биллэр да, онуоха букатын кыһаммат буола сатаан, тугу да саҥарбата, тус аналым диэн иэйбэтэр да, бэйэтэ оҥосто сатыыр бу олоҕун тук курдук тулуйуох да курдуга.
* * *
Күһүҥҥү хараҥа киэһэ үлэлиир сирин аанын ким эрэ тоҥсуйбутугар, түбүгүрэ сылдьан, кэннинэн туран: «Киириҥ», – диэн ыҥырбыта. Таһыттан киирэн иһэн ыһыытыыр оҕонньор-эмээхсин буолбакка, хайалара иһийдэҕэй диэх санаа кыл түгэнэ кылам гыммыта. Тыас-уус суоҕуттан дьаарханан, тоҕо наадатын эппэт ыарыһаҕый диэн мунаарбыта быһыылаах, кыыс түгэн булан эргиллэ биэрбитэ, арай, аан таһыгар эмиэ Дима турара.
Сирэйэ-хараҕа турбута, саҥата дуорааннаммыта дьиксиннэрбитэ, биир кэм этиҥ этэринии үрүт-үрдүгэр кута-симэ турбута. Ол аайы уолан киһи чолбодуйбут харахтарыттан уот сарадахтара ыһыллаҥныырга дылылара. Кыыс үөрүөн үөрбэтэҕэ, хомойуон хойутаабыта…
– Таня, мин кэргэммиттэн араҕыстым. Уопсай сүбэнэн. Олохпор оҥорбут саамай улахан буруйбун билинэбин. Мин эйигин мэлдьи таптыырым. Ол эрээри… наһаа таптыырбыттан буолуо… сирэйэ-хараҕа суох албыны чэпчэкитик итэҕэйбиппэр буруйдаахпын. Эн билбэккин, мин кэргэним эн практикаҥ саҕаттан почтаҕа үлэлиирэ… Эн биһиэхэ практикаланаргар чугастык дьүөгэлэспит Алина Макароваҥ тастыҥ балта… Быһата, аҥаардастыы миигин таптыырыттан туймаарыйан, сымыйа сураҕы тарҕатарга олус кыһаммыт кини. Ону кытта, Алина сүбэтинэн, эн суруктаргын кистээбит, мин эйигиттэн тугу да туппакка сылдьан, суруйа-суруйа, ыыталыы сатаабыт суруктарбын тутуталаабыт эмиэ кини. Эн биһикки тапталбытын уорбут, кистээбит уонна умулларбыт буруйдаах дьиҥ иһигэр кини. Ол туһунан, хомойуом-соһуйуом иһин, бүгүн эрэ эттэ эбээт! Көр бу, түөрт аҥаар сыллааҕыта ыыталаабыккын… мин бу суруктары бүгүн эрэ илиибэр ыллым… бүгүн эрэ биллим: эн миигин хаһан да таҥнарбатаҕыҥ, мэлдьи күүппүтүҥ, көрдөөбүтүҥ, куруук таптыырыҥ. Мин эмиэ эрэйдэммитим, хоргуппутум, күүппүтүм. Эйигин таҥнарбыт диэн тоҕо эрэ бэрт кэбэҕэстик итэҕэйбит, онтубуттан муучуран эйиэхэ куттаабыт, оннооҕор кэлбиккэр көрсүбэккэ ыраах куоппут буруйдаахпын. Онон, хойутаан да буоллар, көрдөһөбүн, бырастыы гын… уонна бииргэ буолуох, өйдөһүөх диэрибин эйиэхэ кэллим, – эдэр киһи куолаһа титирэстээбитэ, күп-күөҕүнэн көрбүт киэҥ харахтара туманынан бүрүллүбүттэрэ…
Ол курдук кини тылларын дуорааннара, этиҥ сааллан ааһарыныы, сып-сылаас туманы кытта тэҥҥэ симэлийбиттэрэ. Таня эмиэ да тугу да өйдөөбөтөҕө. Итэҕэйэригэр олус уустуга. Оонньуу курдук буолан түһэн, кэпсээтэххэ баҕас тугун судургутай?! Оттон дьон төлкөтүн быһа түһэр быраабы ол кыргыттарга ким биэрбитэй? Таптаһар уоллаах кыыс уохтаах дьылҕалара итиниэхэ тоҕо орооспотоҕой даа?! Булкуурдаах-балыырдаах абаккаттан соһуйан, син көнүөх да суолу ситэри күүтэргэ хойутаабытыттан айманан, тиһэҕэр кыратык тиэтэйэн, дьолуттан бэйэтэ маппытыттан кэлэйэн… кини биирдэ өйдөөбүтэ – сууллан эрэрэ.
Онтон өйдөммүтэ үп-үрүҥ эркиннэрдээх кыараҕас балаатаҕа соҕотоҕун сытара, илиитин тымырын тэһи аспыт суон иннэнэн үөһэттэн субуруйар дьэҥкир быа устун убаҕас эмп тохтоло суох таммалыыра. Ыбыс-ыарахан төбөтүн оргууй өндөтөөрү гыммытыгар сиэстэрэ кыыс сүүрэн кэлбитэ, буойбута:
– Вам еще плохо, рано говорить и шевелиться. Потерпите, милая…
Пахай, куһаҕан буолбуппун быһыылаах диэн өтө сэрэйбитэ, хомойуох иһин, кырдьык этэ. Ити күн Таня бастакы уонна бүтэһик оҕотун сүтэрбитэ. Балыыһаттан тахсарыгар кинини Дима эрэ көрсүбүтэ. Саҥата суох соҥуорбут сирэйиттэн буруйданыы нүһэр тыына илгийэрэ. Таня, хараҕыттан биир таммах ууну ыкпакка туран, бүтэһиктээх быһаарыныытын эппитэ:
– Дима, олус хойутаан барыта дьэҥкэрдэ. Эн оҕоҕун улаатыннар, кэргэҥҥин төнүннэр. Син, киһи буоллаҕа, сыыһа быһыытын билиннэҕэ. Оо, тоҕо да махтана сатаан миэхэ кэлбиккиний даа… Тоҕо да көстүбүтүҥ буолла-ай… Онтон атын мин… кими таптыы сатаан кэргэн бара оонньуом этэй. Итиччэ тухары иитиэхтээбит тапталбын илдьэ сылдьыам эбитэ ини… Оттон, тиһэҕэр, ситэри тулуйбатах, барытын көрбүтүнэн куоттарбыт, мин буруйдаахпын, эн иннигэр. Арай атын киһиэхэ барбатаҕым, эн иннигэр ырааспынан хаалбытым, тапталгын таҥнарбатаҕым буоллар, билбэтим, бырастыы гыныам эбитэ дуу… Оттон билигин эн буолбакка, мин эйигин таҥнарбыт курдукпун. Биһиги тапталбытын тэпсибит, сиргэ-буорга ыспыт, таптаабат киһибэр соруйан эргэ барбыт буруйдаах мин эрэ баарбын. Онтубар, арааһа, толору эппиэти туттум. Миигин аһыныма уонна аны көрдөһүмэ, эн биһикки сыһыаммытыгар аны кэлэн туох үөрүүтэ, кэскилэ кэлиэй. Мин аны оҕоломмоппун… Сымыйа, албын түмүгүнэн сиэртибэ буолуохтаах мин эбиппин. Куттаныма, кими да хомнообоппун. Соҕотоҕун хаалыах дьылҕам бэйэтэ быһа имнэннэҕэ… – диэт, түҥнэри хайыспыта, сорунуулаахтык киэр хаампыта.
Дима оннук алааран туран хаалбыта. Биир тыла суох. Саҥа таһаарбакка. Үгүс тыл наадата да суоҕа. Барыта өйдөммүтэ. Олус дьэҥкэтик быһаарыллан орун-оннугар турбута. Кыыс кулгааҕар сордоох ырыа тыллара били куруук билэр матыыбыгар куустаран эмиэ киирэн кэлбиттэрэ:
Муҥатыйар да диэмэ
Аймалҕан олохпуттан,
Курутуйуу ханна барыай —
Арыт кууһар кутурҕан…
Абаккатыан, бу ырыа тыллара иччилээх эбиттэр буолбат дуо? Кини олоҕун көрөн турар курдук хоһуйбуттар дии?! Тугун иһин, эмиэ даҕаны, итини иэйэн ыллааччы буолбутай даа?
Аны кэлэн былыр үйэҕэ быһаарыллан хаалбыты хайдах гынан көннөрүөххүнүй? Буолбут буоллаҕа, ааспыт аастаҕа. Арай мэйииттэн арахпат мэник матыып муҥнуур-тыытар энэлгэнэ кини олоҕун эрдэттэн быһа туойбукка дылыта…
* * *
Таня Табаҕа таһынааҕы дэриэбинэҕэ тиийэн уһаабатаҕа, хомуммута эрэ уонна куоратыгар төннүбүтэ. Били кэргэним диир, олус таптыыр ааттаах киһитэ хайыы-үйэ аралдьыйан олороро. Оҕотуттан маппыт, ойоҕун аһыммыт киһиэхэ маарыннаабат эр бэрдэ, Таняҕа дьүөгэтэ аатырар санитарка Суонньалыын бэрт иллээхтик чэй иһэ олороллоро. Ону көрөн кыыс кыыһырыахтааҕар үөрбүтэ, ис-иһиттэн хайдах эрэ чэпчээбиккэ дылы буолбута. Сэрэйбит курдук. Дьүөгэ диэн суох. Буоллун, тапсыах эрэ буоллаллар, хааллыннар. Саатар биир сүгэһэр киниттэн ситинник түстүн ээ, айака да. Бу сиргэ итэҕэйсиэх айылаах чугас киһитэ да орпотоҕо хомолто буолуо дуо, кэһэй буоллун ээ.
Сотору бу билигин үлэлиир сиригэр анатан сирин уларыппыта. Ол эрээри сүрэҕин ыарыыта, тапталын аалыыта арахпат быһыылаах. Сыыһа-халты, мүччү-хаччы туттуу эбитэ эрэ, таптал күүһүн тургутуу, таҥнарыы ыарыытын тууйуу эбитэ дуу. Ким да билбэт.
Арай биири кини билэр: дьахтар баар, санаатын уурдаҕына абылыыр да, алдьатар да. Онон, ордук дьахталлар, аттыгытыгар бааллартан дьаарханыҥ. Дьүөгэм диэх иннинэ дьикти дьээбэ баарыттан дьиҥнээхтик сэрэнэр буолуҥ. Ордук санааһын олоҕу алларытар ээ. Таня туһугар биир кэрэ куо барахсан, албынынан угаайылаан, тапталын уоран атыҥҥа ууран биэрбитэ кырдьык. Иккис… дьүөгэ аатыраахтыыра ээ, оттон эмиэ ымсыырдаҕа ини дуу, аһыйбатар да эмиэ кэргэн аатырар эрин ыйыппакка ыллаҕа дии. Оо, дьахтар кубулҕата киирдэҕинэ хайдахтаах да эр киһини төбөтүн эргитээ ини… Дьиҥнээх доҕордоһуу, дьүөгэлэһии дэһэбит да, дьиҥэр баартан эрэ дьилэйдэр, сирэйэ-хараҕа суох дьулаан быһыылаахтар ардыгар чуо кинилэр буолаллара, хомойбутуҥ иһин, олоххо баар суол.
Ол иһин, кини оспот бааһа, хобдох түгэн хаарыйбыт таптала, хаһан да үтүөрбэттии ааспыты эрэ санатар. Ол иһин кини төбөтүгэр хаһан да ыйыппакка киирэ турар матыып араас куолаһынан ыарыылаахтык иэйэн ыллыырга дылы:
Эйиэхэ мин тапталынан
Бүүс-бүтүннүү умайан
Дириҥ санаа муоратыгар
Иэйэ умсан ылбытым…
Ол да буоллар син биир таптал диэн… хайдах да буолбутун иһин, үйэ тухары баҕалаах, санаа кэриэтэ күүстээх, тыыннаах тухары умнуллубат эбит:
Мин курус ахтылҕаным,
Сырдык сулус тапталым…
Махтанабын эйиэхэ,
Таптал муҥун билбиппэр,
Дьиҥнээх таптал, кэрэ таптал
Баарын мин билиммиппэр…
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.