Текст книги "Буолар да эбит"
Автор книги: Евдокия Иринцеева
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 12 (всего у книги 19 страниц)
Тапталы таҥнарыы
Новосибирскай Сибиир эргиҥҥэ аатырар киин куорат буоларын киһи барыта билэр. Манна баар сибээс дьоһуннаахай институтун сыһыаннаахтар да син истэн эрдэхтэрэ. Мээнэ оҕо таах туттарсан киирбэтэ былыргыттан өйдөнөр. Онон оскуолаҕа ой-бото билиини иҥэриммит уонна сибээс туһунан балачча ырыҥалыыр эрэ ыччат манна түмсэрэ оруннаах. Маннык үрдүк үөрэх куруук уустук соҕус буолааччы. Оттон бүтэрбиттэр, үгүстэрэ эҥкилэ суох уһулуччу сэдэх идэлээх буоланнар, Сибиир эрэ эҥээригэр буолбакка, бүтүн Сойуус үрдүнэн тарҕаһаллара.
Сэттэ уонус сыллар саҥалара. Үһүс куурус устудьуоннара, үөрэх туйгуннара Наташалаах Андрей сиэттиспитинэн сылдьар буолбуттара ыраатта. Сэмэй бэйэлээх, нарын таһаалаах кыыстан киһи эрэ хараҕа араҕыа суоҕун курдук. Сэгэйэр мичээригэр эбии от күөҕэ харахтарынан тырымныы оонньоон, төрүөҕүттэн дьикти сырдык, сап-саһархай баттаҕын кэтэҕэр чөкөтөн, үкчү хартыына курдук. Омскай куораттан туттарса кэлбит үчүгэйкээн кыыс уруккутуттан туга да уларыйбатахха дылы. Ону уолаттар куруук бэлиэтии көрөллөр. Оннооҕор куруук кэтэр килиэккэлээх дьууппата аччаабат да, кэҥээбэт да. Сытыы соҕустара чугаһыахтарын, иҥээҥниэхтэрин төһө да баҕардаллар туттуналларыгар биричиинэлэрэ буолунай.
Бастатан туран, кыыс өйдөөх баҕайы. Билсиһэ сатаан, арааһы туойан, саҥаҕар бэйэҥ да алааран хаалан, хайдах эрэ акаарытык тылласпыккыттан кэмсиниэххэр диэри кэпсэтиини эргитэ туппута эрэ баар буолар. Аны кыраҕа ымыттыбат кытаанах, уолуһуйбат холку баҕайы майгылаах буолан толлоҕун ээ. Иккиһинэн, кыыс доҕор уоллаах. Онто эмиэ төбөлөөх бэрдэ, бастыҥ устудьуон Андрей Барахсаанап диэн хара бараан дьүһүннээх, кыараҕас харахтаах, ортоһуор эрэ уҥуохтаах, хара кылдьыылаах ачыкылаах саха уола. Омос көрдөххө, ордук кыыс аймах сирэйинэн баҕас соччо сэҥээрэ көрбөт киһитэ. Уҥуоҕун да мыына көрөллөрө баа буолуо дуо, бу саҕана аныгы ыччат ортотугар артыыстары кумир оҥостубут муодунай буола сатыыр кыыс төһө эмэ элбэх. Пластинканы да истэн Полад Бюль-Бюль-оглы, Муслим Магомаев, Заур Тутов киһини туймаарытыах дьикти иччилээх куоластарыттан сөп буолбут, ырааҕынан арааһы ыраламмыт, ыгылыйа ытаабыт даҕаны үгүс буоллаҕа. Ити ханнык да кэмҥэ олох сокуона, үтүөҕэ тардыһыы, үчүгэйи-сырдыгы ыраланыы бэлиэтэ. Онон, оҕо саас тэтимин ыһыкта илик, ийэттэн-аҕаттан субу эрэ тэйбит, киин сиргэ кэлбит саҥа устудьуон аатырбыт оҕолор олохторо омуннаах, дьалхааннаах, бутуллуулаах буолара биллэр.
* * *
Наташа, туох да диэ, быйыл олус тупсубут. Тоҕо диэтэххэ, Андрей, сураҕа, киниэхэ тапталга билиммитигэр, анарааҥҥыта үөрүүнэн туолбут харахтара сүрэҕэ сөбүлүүрүн кистээбэтэх. Онтон ыла кыыстаах уол куруук сиэттиспитинэн киинэҕэ, тыйаатырга дьаарбайаллар. Быыстарыгар бибилэтиэкэттэн тахсыбаттар. Оннооҕор дакылаат ааҕыытыгар булгу иккиэн талыллан, атын үөрэх кыһаларыгар тиийэн, институттарын аатын көмүскүүллэр.
Андрейдаах Наташа сыһыаннарыгар киһи барыта ымсыырар. Барыта уурбут-туппут курдук ыраас, туох да кистэлэ суох судургу, холку. Кыыс олорор уопсайыгар Андрейы боруоппуһа суох киллэрэр буолбуттара ыраатта. Бэрээдэктээх, уста-туора ханна да хаампат уол тиийэн Наташа аанын болдьоммут кэмигэр тоҥсуйар. Оччоҕо иһирдьэттэн кыыс тырымнаан тахсар, илиилэриттэн ылса түһэллэр да, сиэттиспитинэн наадалаах сирдэригэр сүүрэллэр.
Киэһэ уол атааран биэрэр. Барбах илиитинэн сапсыйан уһун көрүдүөр биир уһугуттан төннөр. Кэпсэллэрэ да бэйэлэрэ кэрэхсиир тиэмэлэрэ. Ардыгар пааркаҕа, минньигэс тугу эмэ сии олорон, Андрей ахтылҕанын таһааран дойдутун туһунан кэпсиир. Наташа иһийэн истэр. Букатын билбэт сирин атыннык анааран көрө охсор. Тымныы сыа хаарга ымсыыран симириктээн ылар. Ойуурга хайыһарынан тахсан куобахха туһаҕы иитэри, бултуйары сөҕөн иһиллиир. Онтон бэйэтэ иитиллибит эбэтин ахтарын санаан уйадыйан ылар. Ийэтэ-аҕата арахсаат, үрүө-тараа сылдьан атын дьылҕаламмыттарын эбэтэ барахсан тардына кэпсиириттэн эрэ билэр.
– Үлэһит буоллахпына ирдээн көрүөм да… булбатым буолуо ээ. Хас-хас сыл ааста. Иккиэн Саха сиригэр барыахпыт дии? Мин декабристка курдук буолуом, барытын тулуйуом, – диэн уулаах-хаардаах харахтарынан Андрейын диэки эрэнэ көрөр.
– Суох, билиҥҥи кэм декабристкатын дьылҕата букатын чэпчэки. Ол аайы атынан-ытынан айан суох, – уол кыыһын «сиргэ сиэтэн түһэрэр».
– Оттон мин кырабыттан ытынан, табанан айаннаабыт киһи-и диэн баҕалаахпын эбээт…
– Оонньоон, дьиэ таһыгар көлүйүөххэ сөп буоллаҕа. Оннук баҕардахха хоту тиийиэххэ тоҕо сатаныа суоҕай, таптаабыт уучаххын мииниэххэ да сөп ээ, – уол сөбүлэһэр.
Күнү-күннүктээн тугу кэпсэтэр буоллахтарай диэн сонньуйааччылар да бааллара. Сорохтор сэтэрээн: «Наташа Ростова Андрей Болконскайдыын хас том тухары эристилэр этэй? Ону куоһараары сылдьаллар», – диэччилэр. Оччоҕо дьээбэни-хообону үлүннэрээччи өттө: «Наташа Ростова Болконскай Андрейыныын оннук айылаах дьолломмотохторо», – диэн быһаарааччылар. Ким туох диэбитэ тутатына иһиллэ турбата абырыыра, ол эрээри итини да истибиттэрэ буоллар, тапталларыттан өрүкүйбүт кыыстаах уол кыһаныахтара өссө биллибэтэ.
* * *
Биирдэ, бэһис кууруска сырыттахтарына, соҕуруу куруорка сынньанан иһэр аҕата, анаан-минээн Андрейга таарыйбыта. Уол таптыыр кыыһын билиһиннэрбитэ. Аҕа сэмэй баҕайы кэрэчээн кыыһы сөбүлүү, сэҥээрэ санаабыта, иһигэр кийиитин курдук тута ылыммыта. Үөрэх бүттэҕинэ булгу иккиэн тиийээриҥ диэн эрдэттэн үлэһэн, оҕолору сүүстэриттэн убураат, сиэдэрэй сөмөлүөтүнэн Саха сирин туһаайыытынан киэҥ халлааҥҥа көтө турбута.
Наташа саҕа дьоллоох кыыс бу кэмҥэ суоҕа. Сотору ханна үлэлии барарга анааһын хамыыһыйата буолуохтааҕа. Устудьуон эрэ уолуһуйар кэмэ. Онуоха арай Андрейдаах Наташа кыһамматтара. Кинилэр туйгун үөрэхтээх буолан бастакынан киириэхтээхтэр. Ханна баҕарбыт сирдэригэр анатар уонна Сэбиэскэй Сойуус талбыт муннугар тиийэри талар көҥүл бырааптаахтара. Чугас сылдьааччылар бэркэ билэллэрэ, уоллаах кыыс син биир Саха сиригэр барар былааннара уларыйа илигэ. Онон атыттар баҕарар киин куораттарын былдьаһыспаттара чахчыта.
Күнтэн күн, чаастан чаас ааһан истэҕин аайы, бүтэн биэриэ суох түбүк ыгыыта киһини барытын ыксатан испитэ. Андрей олус сылаарҕаабыт уонна хайдах эрэ санааҕа түспүт курдуга. Наташа сүрэҕинэн сэрэйбитэ, уол санаатыгар туох эрэ баттыктааҕа. Биир киэһэ Андрей онтун сорунуулаахтык иһитиннэрбитэ:
– Наташенька… ийэм эн биһикки бииргэ буоларбытын утарар. Аҕам тылыгар кыайан киллэрбэтэ. Биитэр мин, биитэр ол кыыс диэн талларар, мөҕүттэр. Мин мантан итэҕэтэр кыахпыттан таҕыстым. Хайыахпын да билбэппин. Аны бэйэтэ ыалдьарыттан дьаарханабын. Төлөпүөҥҥэ кэлэ да сылдьыбат. Ийэм буоллаҕа дии… тылын истибэтим эмиэ да сүрэ бэрт курдук. Итиэннэ сүгүн олордуо суоҕа диэн сэрэйэбин… Арай, дойдубар тиийэн баран, оргууй аҕай биллэрэн, итэҕэтэн, нам-нум буолуута эйигинниин билиһиннэрдэхпинэ?
Олус хомойбут кыыс хараҕын уутун туттумматаҕа. Сып-сырдык дьэҥкир таммахтар сэҥийэтигэр мустан, уол тугу диирин истээт, дьэ бүттэ диэбиттии, ойуулаах булууһатыгар таммалаабыттара. Истибитин итэҕэйбэт курдуга. Ол эрээри ийэ диэн киһиэхэ олус суолталаах, тыын киһи буоларыгар кини итэҕэйэрэ оччо. Аҥаардас эбээҕэ иитилиннэр да ийэ туһунан өйдөбүлэ уратыта. Өйдөспөт буолууну дьайҕардар кыах ыраах сырыттахха хантан да кэлиэй? Кыыс ону бэркэ өйдүүрэ. Икки илиитин холбуу тутан, уҥуох-тирии тобуктарыгар кыбытан, саҥата суох олороохтообута. Бу орто дойдуга суос-соҕотох кини эрэ чоройон хаалбытын туоһулуур курдук, киһи аһыныах чараас таһаалаах, сирэйдиин-харахтыын дьэп-дьэҥкир кэриэтэ кыысчаан, иһигэр эргитэ санаабыта элбэҕин иннигэр, ордук-хос тугу да саҥараахтаабатаҕа.
– Мин кэрэ сибэкким, мин чугас доҕорум, мин нарын тапталым… Эйигин хаһан да умнуом суоҕа… Биһиги син биир бииргэ буолуохпут, дии? Мин хайаан да эйигин сүгүннэрэн илдьиэм, хаар үллүктээх тыаҕа тиийиэхпит уонна кэллибит диэн билиһиннэриэхпит, сөп? Мин дойдум эйигин ылыныаҕа, биһиэхэ нууччалар элбэхтэр эрээри олортон саамай бастыҥнара, кэрэлэрэ, өйдөөхтөрө уонна бэриниилээхтэрэ бу кыыс эбит диэн итэҕэйиэхтэрэ… Мин сирдээҕи аналым, доҕорум соҕотох эн эрэ буоларгын кинилэр тута таайыахтара, үкчү мин курдук күүскэ да күүскэ таптыахтара эбээт… – Андрей, бэйэтэ да билигин итэҕэйбэт ол хаһан эрэ буолуохтаах дуу, суох дуу түгэнигэр ис сүрэҕинэн ымсыыран, сииктээх кыламаннарынан симириктээн ылбыта, ачыкытын устан илийбит хараҕын саба туттубута.
Уол аҥаар илиитинэн тапталлааҕын уоскутардыы көнтөрүк соҕустук санныттан имэрийэн ылбыта, онтон ыксары кууһан бэйэтигэр сыһыары тарпыта, оргууй сэрэнэн уураан ылбыта. Наташата, уйа-хайа суох ытаабыта да, биир да хомуруйар тылынан Андрейын буруйдаабатаҕа…
– Оттон ийэ диэн оннук буолуохтааҕа буолуо, Андрюша. Мин ийэтэ суох улааппыт киһи билбэппин ээ. Эн наһаа санаарҕаама. Кини миигин хантан билиэй, тоҕо да ыраахтан истэн сөбүлүөй? Оннук буолбат дуо? Биһиги күүтүөхпүт, суруйсуохпут… хайа уонна сибээс үлэһиттэрэбит дии, үүтү-хайаҕаһы булан билсиэхпит дии, – кырдьык даҕаны диэн, мичээрдэһэ түһээт, таптаһар сүрэхтэр бэйэ-бэйэлэрин уоскута сатыы өр олорбуттара…
Ол онно, пааркаҕа, бу уоллаах кыыс мэлдьи таарыйан, олорон ааһар модьу-таҕа оҥоһуулаах уһун ыскаамыйаларын кэтэҕэр сиэдэрэйдик үүммүт кырдьаҕас сирень кинилэр тапталларын туоһута этэ. Арааһа бу сырыыга дыргыл сыттаах мас кытта соһуйан бэйэтин күлүгэр соҥуоран турбута. Онтон өй ылбыттыы, субу эрэ сиппит сибэккилээх лабааларынан тиэтэйбиттии суугунаабыта, сылаас сиккиэринэн кыыстаах уол кэпсэтиилэрин кистэлэҥин сипсийэн, бэйэтигэр иҥэринээри эҕирийэн ылбыта.
– «Дьолу тоҕу ытаабат куолута» диэччилэр дии. Миэхэ эбэм этээччи, хаһан да мээнэ саккыраан уйулҕаҕын көтүппэт буол диэн. Андрюша, чэйиий, хаалбыт күннэрбитин үөрэ-көтө атаарыах… куруук өйдүү-саныы сылдьар гына. Арахсарбыт даҕаны аҕыйах ый хаалла. Баҕар, кэлин кырдьан олорон миигин мөҕүттүөҥ дии, оччолорго бу эмээхсин ытаан да биэрбитэ диэн, – эмиэ да күлүү, эмиэ да санньыар быыһыгар мичээрдэһэн кэбиспиттэрэ уонна илии-илиилэриттэн сиэттиһэн пааркаттан тахсар аан диэки бытааннык, ыардык, кыһалҕаттан эрэ дьүккүйбүттэрэ.
* * *
– Та-ак, приглашается Андрей Барахсанов. Поздравляем, коллега, Вам выпала честь первым озвучить Ваше пожелание, куда хотите поехать на работу в качестве молодого специалиста? – миэстэлэри түҥэтэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ сэргэхтик ыйыппыта.
Андрей туох да үгүс кэпсэтиитэ суох:
– В Якутскую АССР, – эрэ диэбитэ.
– Комиссия согласна, Вам будет предоставлена такая возможность. Спасибо. Итак, Андрей Барахсанов едет покорять родную Якутию. Поздравляем!
Уол саҥата суох баран сурунаалга илии баттаабыта, илии тутуспута. Уочараттарын күүтэн олорор устудьуоннар тута эҕэрдэлээн, күө-дьаа сипсиһэ түспүттэрэ, ытыстарын таһыммыттара.
– Приглашается Наталья Иноземцева. Мы тоже поздравляем Вас почетным правом выбора места назначения в числе самых первых. Перед Вами карта СССР. Пожалуйста, выбирайте.
– Казахская ССР, – кыыс, кэри-куру эрээри, чиҥ-чаҥ хардарбыта. Сорунуулаахтык остуолга хааман тиийэн эмиэ илии баттаабыта, онтон Андрейын аттыгар төннөн кэлэн олорунан кэбиспитэ.
Кэннинээҕи остуолларга кэчигирэспит устудьуоннар ах барбыттара, баччааҥҥа диэри өрүкүһэн суугунаһа олорбуттара соҕотохто симэлийэн ньим барбыттара. Ким туох эмэ диэн ыйытыан саллыбыта. Тоҕо эрэ уоллаах кыыс иккиэн Саха сиригэр барыахтаахтарыгар бүк эрэнэллэрэ. Арай ону атахтыыр туох эрэ быһылаан тахсыбыт буоллаҕа диэн бүтэйдии сэрэйбиттэрэ эрэ. Бииргэ үөрэммит оҕолоро, кинилэр да буоллар, син бу сырыыга ити курдук тоҕотун тута туоһулаһан, омуннаахтык сураһалларыттан киһи эрэ буоллар дьаарханан, саҥата суох сирэй-сирэйдэрин эрэ көрсөн кэбиспиттэрэ.
* * *
Үөрэх бүппүтэ. Наташа Омскайга эбэтигэр сайылыы барбыта. Устунан күһүөрү Алма-Атаҕа тиийиэхтээҕэ. Оттон Андрей дойдулаабыта. Сахатын сиригэр кэлээтин кинини төрөөбүт оройуонугар анаабыттара. Ийэтин туруорсуутунан уол олорор сириттэн чугас, аттынааҕы бөһүөлэккэ почта начаалынньыгынан барбыта.
Андрей бастаан утаа Наташатын кытта күн аайы кэпсэтэрэ, куруук билсэ турбуттара. Кыыс эбэтэ муҥнаах ыалдьан сытан хаалбыта. Күһүөрү кырдьаҕас киһи айаннаабытын сиэнэ дьаһайан баран биирдэ үлэлииргэ анаммыт сиригэр букатыннаахтык тэринэн көспүтэ.
Наташаҕа кытаанах күннэр тыҥаабыттарын Андрей, ыраахтан да буоллар, тэйитэ, араастаан аралдьыта сатыыра. Олус үтүө майгылаах, уйан сүрэхтээх, оҕолуу үөрүнньэҥ уонна наһаа өйдөөх кыыс уолга таһаҕас буолбатын диэн бары кыһалҕатын өссө наһаа ытаан-соҥоон тиэрдибэтэ. Ыла-биэрэ сүрүн эрэ өттүн талан кэпсиирэ. Наар Саха сирин сураһара, романтика куттарын көтүппэт туһугар, мэҥиэ кэриэтэ быраҕаттаан, Казахстан сирин-уотун уратытын тэҥнии тутан сэһэргии сатыыра. Наташа Алма-Атаҕа куорат биир сүрүн оройуонугар эмиэ сибээс салаатын начаалынньыга дуоһунастаммыта.
Үлэ-түбүк диэн элбэҕэ. Уол да, кыыс да кэлиилэрэ-барыылара, салалтаҕа сылдьар дьоҥҥо ол-бу мөккүөр, ситиһии-табыллыы манан аҕай үһүө? Олох хаамыытынан, дойду тыынын сиэринэн оргууй үлэҕэ баттатан, үлүһүйэн даҕаны, устунан ардылара арыый да аппыта. Ыраах сири аахсыбакка курдаттыы тардыһар сүрэхтэргэ сүрдээх кытаанах тургутуу тыҥаабыта. Дэҥҥэ сибээстэһэргэ, кыл тыынынан кэпсэтэ охсорго тутатына тууран ылан кэпсии охсор уопсай да сонун устунан чарааһаабыта. Ол икки тус-туһунан олохтоох, тугунан да маарыннаспат дьыллаах-кэмнээх дойдуларга олорор-үлэлиир киһи туспа толкуйуттан, күннээҕи кыһалҕатыттан эмиэ тутулуктаммыт курдуга.
Хас да сыл ааспыта. Испэт-аһаабат, үлэтинэн эрэ үлүһүйбүт начаалынньык уолга ымсыырааччы кыыс элбэҕэ. Олортон ордук сытыылара анаан туран «атаакалыы» сатыылларын Андрей чугаһаталаабакка да чугуппута. Арай, арыый да кыахтаахтара, киитэрэйдэрэ буоллаҕа ини, нэһилиэк сис ыала оҕуруктаах баҕыырынан бэйэ диэки тардарга санаммыттара табыллыбыта быһыылааҕа.
Кыыстара почтаҕа оператордыыра. Манна диэн эттэххэ, элэҥ-сэлэҥ соҕус майгылаах, эбиитин күүлэй-үҥкүү баҕалаах, итийдэххэ-кутуйдахха сампаантан саҕалаан аһыытын-ньулуунун араарбакка арааһы барытын амсайыах да кэриҥнээх сүнньэ суох майгылааҕа. Кинини суһаллык кэргэн биэрэн уодьуганныыр наадатын ийэттэн-аҕаттан атын ким билиэй? Онон, атаахтарын, аҥаардастыы тараҥнаабыт Анфисаны булгу ити өйдөөх-оттомноох уолга туттарары тобулбуттарыттан күлүктэригэр имнэммиттэрэ, ону олоххо киллэриэхтээх эрэл былааны оҥостубуттара. Сотору-сотору үлэнэн сирэйдэнэн, уолу дьиэҕэ ыҥыран аҕалан күндүлүүр-маанылыыр идэлэммиттэрэ. Күнүс хонтуораҕа кыыс нөҥүө арааһы ыйыттара-сүбэлэттэрэ охсор идэлэммиттэрэ. Туох да буоллун, барытыгар булгу кининэн тайаналлара үксээбитэ. Итинниккэ түбэспэтэх уол саастаах дьон улаҕалаах соҕус угаайытын сэрэйбэтэҕэ, быһата бэйэтинэн киирэн биэрбитэ.
Эттэххэ дөбөҥ эрээри, биирдэ өйдөөбүтэ Анфисаны кууспутунан утуйа сытара. Ама да буолтун иһин, хайдах-туох быһыы-майгы тахсыбытын саллан санаабат буола сатаабыта. Онтуттан дууһата моруу буоларын таһынан, санаата оонньоон аны аһыыр, уоскуйаары табахтыыр кыдьыктаммыта сырыыттан сырыы ахсын элбээн, үллэн-баллан испитэ. Хайаахтыай, олох аартыга кини туһугар атын сир диэки тиэрэтик тыргыллыбыта…
Аны Анфисалыын арыаллаһан дьиэтигэр тиийэргэ күһэллибитэ, кэргэннии буолбуттарын билиһиннэрбитэ. Сэдэхтик да буоллар сэмээр дэҥҥэ эрийтэлээн булан ылар Наташатыныын ыла-биэрэ эрэ кэпсэтэрэ. Били хаһан эрэ, үрдүк үөрэх бүтүүтэ, сааскы сирень маһын анныгар көҥөс харах уута көҥүлгэ көччүйэрин санатыах бүтэҥи куолас туруупкаҕа иһиллибитигэр кыыс сүрэҕэ парк гыммыта. Судургута суох быһыы буолбутун таайдаҕа дии. Андрей аны кэргэннэммитин эппитигэр кыыс уолуһуйбатаҕа, сылаастык да буолбатар эҕэрдэлээбитэ. Табаарыс быһыытынан хаалыахха, билсэр буолуохха диэн уолу тылыгар киллэрбитэ. Ол иһин Андрей Наташа эрийдэҕинэ кыыс туох да буолбатаҕын курдук сээкэйи кэпсэтэрэ, үлэ хаамыытынан ардыгар сүбэлэһэн да ылаллара. Оо, оттон өскө эн билэриҥ буоллар даа, итинник хас кэпсэтии кэнниттэн Наташа барахсан хайдахтаах курдук хараастарай? Туруупкатын уураат, толору уулаах харахтарынан мэндээриччи көрөн, оҕолуу токуллан олороохтуура… Итиэннэ ол ыраас таммахтар, иэдэстэрин устун сүүрэн-сүүрэн баран, кууруохтарыгар диэри биир тылы саҥараахтаабата, сиигирбит муннун сибэкки ойуулаах өрбөх салпыакканан аат-харата туора-маары соттоохтуура. Ити тухары кини таптыыр, ахтар Андрюшатын кыратык да хомуруйа санаабата, ол аата киниэхэ тус бэйэтигэр кыыс дьылҕата итинник ирээттээх эбит диэн, эмиэ эбэтэ эмээхсин этэринии, итэҕэйэрэ эрэ…
Ити курдук сотору, умайар таптала да суох ыал буолан хаалбыт, Андрейдаах уолланан үөрбүттэрэ. Икки сылынан аны кыыстаммыттара. Барыта этэҥҥэ буолуох эбит да, Анфиса кыыс байарга баһаам баҕалааҕын, бэлэмҥэ олус ымсыырарын Андрей толорбот толкуйдаах буолан тахсыбыта. Буруйа буолаахтыа дуо? Быһыыта-майгыта оннуга, айыллыыта-иитиллиитэ итиннигэ. Аны кэлэн ким кими тосту уларытыай, итэҕэтэ-өйдөтө сатаан моһуоктуой?
Биирдэ баран эттэххэ, бу икки аҥы тобуллар мэйиилээх, туох да интэриэстэрэ да, олоххо көрүүлэрэ да ханна да тиийэн ыпсыбат дьылҕалаах дьон биир дьиэҕэ олорорго аналлара суоҕун хайа-хайалара дьиҥэр ырылыччы өйдөөбүттэрэ. Уол, эр киһи киэбигэр киирэн, син тулуйа сатаабыта. Кыыс, төттөрүтүн санаата оонньоон, атааҕа баһыйан, тугу барытын этиэх эрэ кэрэх, толотторо-ылыннара үөрэммитин суохтаан, били урукку дьаллыгынан үлүһүйбүтэ. Былаанынан кэлбит олоххо кини санаата туолбакка кыайтарыан бу да сырыыга баҕарбатаҕа. Сырата суох сыта байыан саныыр, куруук көмүскэ сууланыан, далбарга уйдарыан эрэ ыраланар эдэр дьахтарга маннык, кииригэһэ-тахсыгаһа суох, мас көнө киһи кэргэн быһыытынан хайдах да табыгаһа суоҕа. Саатар таптал уота диэн таалалаабакка, этинэн-сиининэн эймэһийэ билбэккэ, аҥаардастыы бэйэтинэн сыҥаланан эрэ икки оҕоломмута эбии кыһытара. Ол абакканы аһыы утах эрэ сүөрэрэ. Араастаан аналын көрдөөн киһи киһини сыымайдыыр сылтаҕа улааппыта бэрдиттэн, быстахха да иһиэн-аһыан баҕалаахтары дьиэҕэ-уокка мунньуталыыр албаһын дьахтар эмиэ сатаабыта. Киирэн биэрбит иһиттээх арыгыны ордорбокко кэтэрдэн кэбиһии устунан көргө кубулуйбута. Кураанах күлсүү-салсыы, кээмэйэ суох иһии, сиэрэ суох аһааһын, субу хааман түөрэҥэлэһэр, саҥардыы улаата сатыыр оҕолорго болҕомтону уурбат буолуу олоҕу айгыраппыта биллэр.
Биирдэ, уочараттаах күүлэй кэнниттэн Анфисаны ким таарыйбыта биллибэккэ эрэ, улаханнык эчэйбитин булбуттара. Төбөтө хампарыйбыт дьахтар уһаабатаҕа, аҕыйах чааһынан өлбүтэ. Дьиэлээх киһи ити аһааһыҥҥа баарын быһыытынан, сиэри таһынан аһаабыт кэргэнин сэмэлээри саайбыт буолуоҕун быһа барыллаан, чуо Андрейы сууттаабыттара, хаайбыттара. Өссө уһун сылларга күлүүс хаайыытыгар киириэҕин улаатан эрэр түөртээх оҕото быыһаабыта: «Мин паапам хаһан да мааманы мөхпөтөҕө. Атын дьээдьэлэр кыыһырбыттара», – диэбитин суут син учуоттаабыта дииллэр.
Андрейы ийэтэ ити сытар кэмигэр улаханнык өйөөбүтэ. Сааһыран эрэр дьахтар дьэ өйдөөбүтэ быһыылааҕа. Төрүкү да төлкөнү түөрэҥнэтэр аньыытын, ол да иһин уола маннык дьылҕаламмытын бэйэтигэр ыар буруй курдук ылыммыта. Таах, хата били нууччатын кыыһын ылбыта буоллар, кимнээҕэр быр-бааччы буолуо эбитэ ини… ону ити, оо, өй-санаа татыма баар эбээт, атын муҥ. Ыраах сиртэн кийиит киирбитэ буоллар туох буолуохтаах этэй, таах буккуһан кэбиһэн диэн, аны кэлэн кэмсиннэр да, хайыай.
* * *
Биирдэ дьиэҕэ Андрей икки оҕото бэйэлэрэ олордохторуна, билбэт дьахтардара төлөпүөннээбитэ. Дьоннорун ыйыппытыгар кыралар сатаан кэпсэппэтэхтэрин иһин ыкса киэһэ эмиэ эрийбитэ. Ол Наташа этэ. Андрей ийэтэ туруупканы ылаат, сүрэҕэр ыттарбыта. Кыыс иннигэр буруйдааҕын билинэн, тапталлаах уола ити буолбутун ытыы-ытыы кэпсээбитэ. Боруобат нөҥүө өттүттэн сэмэй бэйэлээх эдэркээн дьахтар, хата кинини уоскута сатаан, бэйэтэ уйадыйан ылбыта. Андрейы хаһан да умнуо, быраҕыа суох буолан андаҕайбыта.
Ити Наташа Андрей ийэтиниин аан бастакы кэпсэтиилэрэ этэ. Онтон ыла хаста-хаста сэлэспиттэрэ буолуой, суругунан да билсибиттэрэ, баһыылкаланан да ылсыбыттара-бэрсибиттэрэ. Субу илэ билсибэтэллэр да, кыһаннахха сурук-төлөпүөн да көмөтүнэн дьон истиҥник санаһан, тута өйдөһөн чугасаһаллара оруннаааҕын кинилэр бодоруһуулара көрдөрбүтэ ээ. Хайдах эрэ инньэ гынан, араас дьылҕалаах, араас саастаах икки дьахтар, омуктарынан да маарыннаспаталлар, ыраах олорор ахтыһар аймахтыылар сылаас куттаах сыһыаннарыгар тиийбит курдуктара.
Андрей хаайыытыттан тахсан, эмиэ дьоно түбүгүрэннэр, тыа сиригэр били урукку үлэтигэр төттөрү киирбитэ. Биир киэһэ ийэтэ, чугаһаан-чугаһаан, уолугар Наташаны кытта билсибитин, куруук кэпсэтэрин, кыыс билигин да соҕотоҕун туһунан сэрэнэн быктарбыта. Баҕа санаатын, кыыһы манна аҕалыан саныырын эппитигэр, Андрей наһаа кытаанахтык:
– Аны кэлэн. Аны Наташа олоҕор буккуһаары гынныҥ дуо? – диэн хаҕыстык саба саҥарбыта.
Бүттэ. Ити кэннэ ийэ өттүттэн бу тиэмэ букатыннаахтык сабыллыбыта, хаһан да таарыллыбатаҕа. Андрей улуу иһээччи да буолбатар балаччатык арыгыны амсайарын сөбүлүүр буолбута. Куруук итирик сылдьарын сөбүлүүрэ. Хаһан да ордук-хос айдаарбата, күлүгээннээбэтэ. Биирдэ эмэ өйдөнөн кэллэҕинэ кинигэҕэ-хаһыакка бүк түһэрэ, кыраҕа ымыттыбата. Оҕолоро улаатан, оскуоланы бүтэрэн, салгыы үөрэнэн барбыттара. Андрей саҥа-иҥэ суох, үлэтигэр үрдэтэ сатыылларын барытын батан кэбиһэн, тыатын сиригэр букатыннаахтык бүкпүтэ. Сибээс алдьанар-кээһэнэр кэмигэр, былаас эстэрин саҕана айгырыыр-алларыйар саҕана, киниттэн билиилээҕи, сатабыллаах илиини чугаһынан булбаттарын дьон-сэргэ сыаналыыра. Хайдах да туруктаах олорон, хайдахтаах да халлааҥҥа быһыта барар боруобаттары, бысталанар лиинийэни көрүөх бэтэрээ өттүгэр чөлүгэр түһэрээччи эмиэ соҕотох кини этэ. Сибээс ньам гынаатын, барда да саахал тахсыбыт сирин, «ити сытынан биллэ дуо» диэн эмиэ да салла, эмиэ да сөҕө саҥа аллайыахтарыгар диэри чуо буларын билиҥҥэ диэри кэпсэл гыналлар. Ол иһин хайҕаан-таптаан Барахсан диэн хос ааттаабыттара оруннаах.
Наташа, Андрей ийэтэ этэринэн, уолтан хаста да көрдөһө сатаабыт. Киниэхэ саатар ыалдьыттыы кэлээри, оҕолорун көрсөөрү, эдэр сааһын ыратыгар Саха сиригэр дьаарбайан ылаары. Уол күнү көрөн туран буолумматах. Сөбүлээбэккэ, оннооҕор сибээстэһэр быраабын кытта быһа сыспыт. Арай, лаппа итирдэҕинэ, дэҥҥэ эрэ, санаатын ыарыытын, тапталлаах Наташатын ахтан, тус бэйэтэ бүөмнээн олорон ботугуруур, кистээн муҥнанан ытыыр-соҥуур.
– Ити баар саамай улахан алҕаһым. Оҕоҥ эн буруйгунан итиччэлээх сордонорун көрөр – сор. Хайыамый, алҕаспын антах илдьиэхпэр диэри, тулуйар эрэ аналлаах эбиппин, – диэн кэмсиммит ийэ, эбээ буолбута ырааппыт эмээхсин сиэннэригэр кытта кэпсиирэ.
* * *
Андрей оҕолоро бытарыйбыттара ыраатта. Кэргэн-оҕо бөҕөлөр. Эһээ киэнэ бэрдэ билигин күнэ-ыйа сиэннэриттэн тахсар. Былырыын ийэтэ эрэйдээх өлөөхтөөбүтэ. Бүтэһик кэриэһэ биир этэ: «Оҕолор, сүрэххит баҕатын толорорго кими да, тугу да хаһан да истэр эрэ буолаайаҕыт. Ийэ эмиэ киһи, аньыыга киирэр баҕата да суох сылдьан, алҕаһаан кэбиһэн былдьанааччы…» – ол кини бэйэлээх бэйэтин кырдьыга этэ.
Наташа билигин да төлөпүөнүнэн барыларын кытта билсэр. Оннооҕор Сойуус ыһыллан, туһунан судаарыстыба буолбутуттан тохтооботоҕо. Кини билигин улахан сололоох, Казахстан бырабыыталыстыбатын сибээһин салайар тутаах үлэһит. Тыҥааһыннаах түгэннэргэ түүн-күнүс Андрейын булгу булан, сибээскэ тахса охсон сүбэлэтэрэ-өйөтөрө өссө үксээтэ. Түөтэ Наташа кэһиитэ сиэннэргэ кытта тиийэн кэлэ турар. Кини дьоһун үлэһит, мааны хотун эрээри суос-соҕотох, хобдох хомолтолоох итэҕэстээх: тапталын аһыйан, Андрейын умнубакка, оҕо эрдэҕинээҕи дьолун кэриэстээн кэргэн тахсыбакка, саатар оҕо төрөппөккө, соҕотоҕун айыллыбытын курдук олорон хаалла. Сааһырда.
Оттон Андрейга улаатан эрэр оҕолоро кытта таайтаран этэ сылдьыбыттаахтара. Төлөпүөн нөҥүө өйдүүллэрин тухары бары түгэҥҥэ өйөбүл буолар үтүө киһини, сырдык санаалаах Наташаны, итиччэ күндүтүк санаһар соҕотох бэриниилээх дьахтары ийэ гыныахха диэбиттэригэр бастаан саҥарбатаҕа. Онтон аны хаһан да итинник ыйытыы хатыламматын курдук, харааһыннар да мас-таас куолаһынан кытаанахтык эппитэ:
– Наташа диэн сибэтиэй киһи. Тапталбытын таҥнарбыт, кини дьолун ыспыт буруйдаах мин баарбын. Таптал туох да кирин уйбат дьэҥкир ыраас тыыннаах, куһаҕаны тулуйбат ураты оҥоһуулаах. Аны кэлэн ону төнүннэрэр суох…
Ол иһин, тапталын аһыйбытын уйбакка аһыы уунан аралдьыйа сатаан сулана ытыыр, буруйданар санаатыттан быралгы тэйээри бары кэрэттэн халты хаама сатыыр киһини мөлтөх диэҕи сүөргү, күүстээх диэҕи түктэри. Бу дьылҕа оонньуутугар кыттыгастаах дьон олохторун ойоҕостон абара-сатара кэтээн, оннооҕор туоһу буолуу кытта ыарыылаах, хараастыылаах. Таптал эрэйдээх олус кэбирэҕин, уйанын, сыыһаны-халтыны кытта ардыгар сөпсөспөт, кири-хаҕы кытта дьүөрэлэспэт атыннааҕын өссө биирдэ эйиэхэ-биһиэхэ итэҕэтээхтиир.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.