Текст книги "Буолар да эбит"
Автор книги: Евдокия Иринцеева
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 14 (всего у книги 19 страниц)
Айабы-ын!
Күөх Кэтириис кэрэтин Манчаары саҕаттан арбаабыт буоллахпытына, билигин сыллата буолар кэрэчээнэлэр күрэхтэригэр киирэн бастаабыт, кыыстан эрэ ордубут куобутун киһи бары сөҕө көрөр дуо?
– Мин санаабар кэрэ диэн өйдөбүл сахаҕа ураты. Тас көстүү буолбатах. Былыр, номоххо кэпсииллэринэн, Күөх Кэтириинэ аҥаардастыы мааны субатын, тас дьүһүнүн, көстөр кэрэтин эрэ умсугуйан Манчаары кинини талаары уоран ылбатаҕа. Тэҥнээх доҕорго холонон, итинник олохтоох киһиэхэ өйүнэн-сатабылынан чугас уонна ис санаатын баайынан улуу киһини кэрэхсэтэр буолан кини тойугар хоһуйуллубута, кэпсээҥҥэ киирбитэ, – диэн дакылааттаах оҕону киһи бары сэҥээрдэ.
* * *
Кырдьыга даҕаны! Билигин тас солотууну кыайа тутар үйэҕэ сөбүгэр да сэбэрэҕин харах халтарыйар гына тупсарыаххын сөп. Онуоха баҕаҥ уонна дьүһүн кубулуйартан саллыбат хорсун санааҥ эрэ наада. Харах суох сиригэр харах, уос суох сиригэр уос… Ол диэхтээн, хата ханан да, омуннаатахха, кырыс да суох сиригэр төһө баҕарар кыламаны силимниир, суһуоҕу эбинэр, тыҥыраҕы сыһыарынар аны кэлэн албас буоллаҕай? Муннуҥ тоҥсоҕорун көннөттөр, хараҕыҥ кыараҕаһын тыыра быстаран кылдьыылат, уоһуҥ синньигэһин балачча үрдэрэн баллат, тиискин төрүкү туурдаран баран уларыттар, быыһыгар бирилийээннэ кыбыттар, кулгааҕыҥ таллаҕарын сыһыары тиктэр, түөскүн мөтөттөр, искин экчэттэр, атаҕыҥ кылгаһын адаҕата кэтэҥҥин уһаты тартар (били алдьаммыттаахха туһалыыр ааттаах Илизаров аппараата да барсар үһү ээ), маадьаҕаргын соҕотохто кыпсыйан хаамардыы көннөттөр. Бөтөҕөтө суоххун мыыннаххына, мыылалаах суурадаһынна куттаран укуоллат. Оччотугар туотаампый курдук такымыҥ тута чиргэл көрүҥнэниэ, чэгиэн бэйэлээхтии ымсыырдыа. Айыы-айа, сыралаах үлэ буолбатах дуо? Ээ, өссө, сураҕа биир да илиигинэн быһа тутуох синньигэс бииллэниэххин баҕардаххына, айылҕа атаҕастаан арҕаскын халыҥ гына айбыт буоллаҕына, санаарҕаама, аны ойоҕоһуҥ алын өттүттэн хас эрэ уҥуоххун ылҕатан бырахтарар үһүгүн ээ! Бүттэ, быакайдаҕыҥ ол, буолар да эбит!
Итини барытын солкуобайыгар тиийэ суоттаатаххына, биллэн турар, үллэҥниир үп, баһаамныыр балачча харчы. Ол эрээри хачыгырыырдаах киһи билигин баҕас элбэх. Бэйэҥ дьоҥҥор суох буоллаҕына… онтон-мантан таах көрдөһөн, туохха эрэ мэнэйдэһэн, алҕас атыыланан да булаҕын диэн эдэр кыргыттар эрэллэрэ күүстээх.?! Оннук. Сиэр соччо ирдэниллибэт, суобас аахсыллыбат, сыыстыҥ диэн сэмэлэниллибэт сайдыылаах субу күннээҕи олоххо омун санааҥ оннук олоххо киириэн сөп. Хомойуох иһин.
Чэ буоллун. Олохтон хаалбыккыт диэн биһигини, баҕар, эстетика өттүттэн дуоһуйууга наадыйбакка, түксү буолан эрэр дьону буруйдааҥ. «Мэйиигит мөлтөһүөр, төбөҕүт да холоон буолан, эһиги эрэйдээхтэр, ситиһиигэ тиийбэккэ сирэ-тала, сиэр диэбитэ буолан бу олоххутугар табыллыбатаххытын сабынан этэҕит», – диэн эдэр оҕолор сэмэлииллэр. Ити эрээри манныгы санаа: эттэххэ дөбөҥ курдук буолан баран бүтэй, чэгиэн киһини итинник «эттиир» ыарыылаах эбээт. Охсуута-тэбиитэ, биир-икки күн кылабачыйбытыҥ аанньа, кэнникинэн сөбүгэр да ини буолбатаҕа буолуо дуо? Онно ким сытан биэриэй? Тулуйуо дуо?
– Оттон… үчүгэй баҕайытык утуйа сытан тугу билиэҥий? – эдэрдэр иннилэрин биэрбэккэ мөккүһэллэр.
– Сөп, утуй даҕаны. Этэҥҥэ. Наркоз диэн күүстээх ньыма. Хаама да сылдьааччыны соҕотохто суулларар. Ол эрээри онтуҥ ис иэдээнин, кэнники охсуутун, чэгиэн бэйэҕин алларытыытын туһунан тугу билэҕиний? Эккин-сииҥҥин алдьаттарбытыҥ сүрэххэр-быаргар суола суох хаалбатын туһунан толкуйдуугун? Куруук маннык сэгэйэн эдэркээн хаалыаҥ дуо? Сыччах сүүрбэ сылынан сааһырыы аартыгар киирэргэр били тыыттарбыт уҥуоҕуҥ-иҥиэҕиҥ ыарыыта тулутумаарай? Утуйан баран уһугуннаҕыҥ аайы өйүҥ-санааҥ татымырыаҕын, умнуганыҥ күүһүрүөҕүн, саҥара туран этэр этииҥ ситимин сүтэриэҕиҥ туһунан ким да эппэтэ? Куттаммаккын? – эдэркээн анестезиолог уол атаҕын көннөттөрө кэлбит ырым-тырым кыыстан үтэн-анньан ыйыталаһар.
– Күлүү гынаҕын? Эйиэхэ харчы төлөммүтэ! Оҥоруохтааххын оҥор! Үҥсүөм! – кыыс өһүргэнэр.
– Оччоҕо өссө биири сэрэтэбин: хомойуох иһин, төрөппүт оҕоҥ эн оҥоһуу көнө атаххын буолбатах, төрүкү маадьаҕаргын утумнуур. Онон…
– Ол эн дьыалаҥ буолбатах! Эйигинэ да суох медицина ол төрүөхтээх оҕо улаатыар диэри өссө сайдаа ини. Сөп диэ!
– Сөп. Уопукка киирбит кутуйах курдук санаммаккыттан, онтон өһүргэммэккиттэн, кырдьыга баара, мин саллабын… – диир анестезиолог. – Эн эпэрээссийэнэн эмтэнэр ыарыыҥ суоҕун, баҕа өттүгүнэн бысталанарыҥ быһыытынан сэрэйэбин, син инникигин-кэнникигин толкуйдаатыҥ ини. Онон, атыны эппэппин, элбэх тыла суох, бу кумааҕыга илиигин баттаа…
Көрбөккө да кумааҕыны харбаан ылбыт илии хайа суруйан уруучука сытыы төбөтө кычыгырыы түстэ. Бүттэҕэ ити.
Сарсыҥҥытыгар сотору кэминэн сабыс-саҥа атахтаныахтаах кыыс уһукта биэрэр. Бэҕэһээҥҥи быраас эппитин саныы сатаабат. Көбүс-көнө сотолорунан кылбаҥната оонньоон, хаһан да кэппэтэх кылгас дьууппатыгар чыппаччы ылларан, үрдүк хобулукка дугунан киин болуоссатынан киэбирэ туттан ааһыан, кэннигэр дьон сэҥээрбит харахтара одуулуу-ордугургуу хаалалларын санаан долгуйа быһыытыйар, өйүгэр арааһы ойуулаан, оҥорон көрөр. Ол аайы манньыйара ыарыытын мүлүрүтэр курдук. Билиҥҥитэ. Дьиҥнээх абытакайкаан, тугунан да кыайан эмтэммэт, суобас икки, кэмсинии икки араас «ыарыыта» хойут ааҥныан-аймыан кини бу олорон хантан сэрэйээхтиэй…
* * *
– Онон, «ынах эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр» диэбиккэ дылы, хас биирдии киһи ис туругун: өйүн мындырын, санаатын күүһүн, баҕатын арааһын, ыратын ырааҕын, ол аата «эриэнин» бэйэтэ кэрэ гынарга кыратыттан дьулуһуохтаах. Тас солотуулааҕар ол ордук сыаналааҕын, хайдахтаах да көмүскэ турбат күндү ыйааһыннааҕын төрөппүт оҕотугар кыратыттан такайыахтаах, өйүн-санаатын байытыахтаах, толкуй үтүө саҥар тиийэр гына үөрэтиэхтээх, ис култуураны иитиэхтээх, – диэн оҕо дакылаатчыт этиитин бүтэрэр.
Мэһэй
Күһүнү быһа бииргэ эйэҥкэлэспит уоллаах кыыс туохтан эрэ адаарыспыттар, букатыннаахтык иирсибиттэр. Тоня арбы-сарбы сылдьыбыта ыраатта. Тапталлааҕа, ол эрээри кэнники кэмҥэ куруук кэтиир-чуҥнуур кыргыттара этэллэринэн, хайыы-үйэ кини өстөөҕө, Степа, ырааҕынан ыырдаммыт. Чып кистэлэҥинэн эттэххэ, уол мусукаалынай оскуолаҕа үҥкүүнү үөрэтэр Люда Мансуроваҕа сүрэҕин туттарбыт диэн буолла.
Люда кыыс кинилэри араарбыт буолбатах. Киһи быһыытынан элэккэй, үчүгэй баҕайы. Барыта Степушка уолчаан бэйэтин буруйа, кини аралдьыйдаҕа, атыҥҥа көстөҕө. Тоня бытабыай кэмбинээккэ иистэнньэҥ кыргыттары кытта былырыын күһүн бииргэ кэлбит буолан, олор уопсайдарыгар бары тутуспутунан олороллор. Бөһүөлэккэ сонун киһи, ордук ыччат кэллэҕинэ, ханна баҕар буоларыныы, манна Үүттээххэ эмиэ сэргэхсийии бөҕө буолбута. Былырыыны быһа эдэр кыргыттар, кырыйааччы Степанида Игоревна салалтатынан куруһуок тэринэн, оҕо-ыччат бөҕөнү түмэ тардан, муода көрдөрөр салоннананнар, аатырбыттара даҕаны. Онто баара Степанидалара быйыл кэлэн, түөрт уонун туолуутугар, атын нэһилиэк киһитигэр кэргэн баран көһөн хаалла. Онон били бэрт саҕалааһын уруккутунан эрэ олорор, салгыы сыҕарыйбат чинчилэннэ.
Кыргыттар бары Тоняны хаайа сатаатылар. Кини салгыырыгар төрүөт баар эбээт. Кыыс билэрэ-көрөрө элбэҕэ, иискэ да уһулуччу дьоҕура барыларыттан ордуктара. Ону баара, Степа Бырдаахабы кытта булсан, күнэ-дьыла уһаата. Аны ити баар, ситэ сыл да буолбакка араҕыстылар.
Ол түмүгэр кыыс сирэйдиин кытта кубарыйда. Бэйэтэ да сип-синньигэс, уурбут-туппут курдук таһаалаах буолан, көстүүтүнэн киһини долгутар, кыыс киэнэ бастыҥа этэ. Ону баара, урукку курдук күлүм аллайара суох буолан, хайдах эрэ туттардыын аат-харата, быһа сукуҥнаан хаалбыкка дылы. Саатар кэтэр таҥаһын да аахайбат. Наар саҥаттан саҥаны тиктэн, тып курдук, булгу туох эрэ моһуоннаах муодунай таҥастарынан соһуталыыр бэйэккэтэ, били көҥкөлөөһөй киэҥ сарапаантан атыны уларыппат буолла. Киэһэтин үлэтигэр икки да чаас тардылыннаҕына саҥа дьууппа, сарапаан, этиэхтэн кэрэ булууһа айылла, тигиллэ охсор бэйэккэтэ, билигин үлэ бүтүөр да тиийбэт, уопсайыгар кэлэн түүрүллэн баран сыппыта эрэ баар.
– Ама да таптаабыт иһин… ахсарбат, аахайбат киһини кытта тугу аахсаҕын? Сырыттын ээ, кининэн уол бараннаҕай, – кыргыттара араастаан этэ сатыылларын тыал да тыаһыгар холообот быһыылаах.
Устунан Тоня «тапталын дуу, табаарыһын дуу сүтэрбит трагедията» хайаларын да сүрэҕин соччо таарыйбат буолла. Сотору Саҥа дьыл буолаары, ол сүпсүлгэнэ. Үлэ диэн үлэнэн. Быйыл кыһын иистэнньэҥ кыргыттары кытта бииргэ көрүлүүргэ баҕалаахтарын билинэн, оскуола, спорт кэмитиэт уолаттара тылларын ылбыттара ыраатта. Онон, уопсай сэргэх бырааһынньыкка бэлэмнэнэн, Үүттээх курдук түгэхпит диэн сэнэммэккэ, кыргыттар үлэхтэрин эрдэттэн аттаран Дьокуускайга ыыппыттара ыраатта. Аһылык, таҥас-сап, соһуталыыр аныгы да албас кэмнээх буолуо дуо.
Биир киэһэ Тоня куолутунан кинигэтин ааҕа сытта. Тэрээһиҥҥэ кыттыбатын туһунан эрдэ эппитин иһин кинини ордук-хос тардыаласпыт суох. Хоско аһылыктарын бэлэмнии хаалбыт Ньургу хортуоппуйун хаҕылыыр, хараҕын кырыытынан быыс гынан холбоммут тэлэбиисэрин кыҥастаһан ылар.
– Ньургу, эйиэхэ кистэлэҥи итэҕэйиэххэ сөп дуо? – эмискэ Тоня туран кэллэ.
– Хотуой, туох буоллуҥ? – кыыс кэтэспэтэх омунугар дьик гынна.
– Кырдьык-кырдьык этэбин. Биһиги Степалыын тоҕо арахсыбыппытын билэҕин?
– Ону баҕас киһи барыта билэр. Людаҕа көстөҕө дии.
– Суох, оннук буолбатах. Степа биһикки ыал буолан, элбэхтик үлэлээн, харчы мунньунан, куоракка баран дьиэлэнэн-уоттанан эрэ баран… оҕолонуох буолбуппут.
– Буо-от, ону ким да мэһэйдээбэтэ диэ?
– Суох-суох, Люда эрэ буолбатах… Мин сыыһа тутуннаҕым дии…
– Буолумуна…
– Иһит, Ньургу, мин ити ырабытын ситэрэн толкуйдуу да иликпитинэ… Оо, бастаан үчүгэй да этэ… Ону, сыыһа туттан, мин… ыарахан буолан хааллым.
– Хайа, хотуой?! Ол ама даҕаны сыыһа туттуу үһү дуо?! Таҥара биэрбитин…
– Сыыһа буолбакка! Таҥара бөҕө буоллаҕа! Истиэххин тиэтэйдэххинэ, ол да таҥараҥ хараҕа-кулгааҕа бүтэй! Киһи туһугар туһалааҕа буоллар… мин ыарахан буолуом этэ дуо?! – Тоня ытамньыйан барда.
Ньургу соһуйан, тугу да диэн булбакка, саҥата суох быһаҕын туппутунан, кыыһын көрүөҕүнэн көрөн олордо.
– Билигин биһиги оҕолонорбут эрдэ диибин буолбат дуо? Степа онтон олус кэлэйдэ, туох баар ыра санаабытын төттөрү эргиттиҥ диэбитэ. Сөп дии, кини кырдьык туох буруйдаах буолуой?
– Оччоҕо? Степа кэм даҕаны дьоруой, итиниэхэ туох да сыһыана, оҕоҕо ханан да кыттыгаһа суох буоллаҕа дии? Оттон эн кыыс киэнэ акаарытаҕын үһү? Инньэ гынан?
– Оттон… мин түһэртэрэ бара сылдьыбыппын… гинеколог куттаабыта, доруобуйаҥ оччото суох, онон кэнники сыыстарыаххын сөп диир. Ол иһин төрүүрүҥ ордук диир…
– Оттон оччоҕо төрүөҥ буоллаҕа дии. Эн эрэ эрэ суох оҕолоноо үһүгүн?
– Суох-суох… Оҕо биһиэхэ мэһэйдиир диибин ээ. Степа маннык диир, оҕоҕун ханна эмэ гыннаргын, эйигин үөрүүнэн кэргэн ылабын…
– Айыккабыын! Ол аата туоххунуй? Бэйэлээх бэйэтин оҕотуттан аккаастанар киһиэхэ кэргэн бараары гынныҥ?!
– Ньургу! Эн тапталы билбитиҥ, оҕоломмутуҥ, үчүгэйкээн уоллааххын… Биллэн турар, эн эрдэ огдообо хаалбытыҥ абаккалаах. Ол эрээри миэхэ көмөлөс. Бэйэҥ төрөөбүт курдук оҥотторуоҥ суоҕа дуо… уонна миэнин оҕо дьиэтигэр биэриэх! Көрдөһөбүн!
Ньургу букатыннаахтык, дьэ, тылыттан матта. Хортуоппуйун хаҕылыы олорбут быһаҕын тыастаахтык остуолга бырахта. Сөрү диэн сөхтө. Көһүппэтэх өттүттэн дьикти кимиигэ тиксэн, туох да диэн билбэтэ.
Кини кэргэниниин кылгас кэмҥэ ыал буолан олорбуттара. Костя ыалдьара биллэрэ, онон оҕолоно охсор баҕа хайа-хайаларын үүйэ-хаайа туппута ээ. Дьолго уолламмыттара, Кость-Кость диэн таптаан ааттыылларынан минньигэсчээн киһи кэлбитэ. Ол олус дьоллоох түгэн уһаабатаҕа, уола балтараалааҕар аҕалара Костя бараахтаабыта. «Хата дьоллоох эбит, оҕото хаамарын көрөн баран бараахтаатаҕа», – диэн эмээхситтэр кистии-саба харахтарын уутун соттубуттара. Ньургу хайыай, хаһан эрэ бу түгэн кэлиэхтээҕин билэ-билэ кэргэн барбыта эрээри, син биир маннык түргэнник арахсыахпыт дии санаахтаабатаҕа…
Билигин кини оҕотун ийэтин аахха хаалларбыта. Дьоно, кыыстара наһаа айманан олордор олорон хаалыа диэн, сирин уларытан бу эргин үлэлэтээри күүстэринэн кэриэтэ ыыппыттара. Эдэр буолумуна, Ньургу баара-суоҕа сүүрбэ иккилээх эрэ киһи буоллаҕа. Кэтэхтэн үрдүк үөрэххэ киирбитэ, саас аайы сессиятыгар куораттыырын наһаа тутуспат тэрилтэҕэ түбэһэн, хата, абыранна.
– Тоня, кистэлэҥҥин итэҕэйбиккэр баһыыба. Ол гынан баран сиэргэ баппат дьыала. Ама да мин соҕотоҕум иһин, төрөөт оҕотуттан аккаастанар дьахтар аатын сабыылаах да докумуоҥҥа ылыныахпын баҕарбаппын…
– Ньургу, абыраа! Мин олохпун оҥосторбор көмөлөс! Оҕобун бырахтым да, Степа миигин ылабын диэбитэ. Кини тыла биир, мин эрэнэбин! Эн үтүөҕүн хаһан да умнуом суоҕа! – Тоня маккыраччы ытаабыта, Ньургу атаҕар соһуллан түспүтэ.
– Оо, үлүгэри-ин! Тур эрэ, бу да кыыс! Сөп-сөп! Төрөө уонна оҕоҕун миэхэ биэрээр! Түксү! Айака, бүт!
Ытаабытын аахсыбакка ах барбыт Тоня ойон турбута, сонун кэтээт, таһырдьа ыстаммыта. Ити киэһэттэн ыла Ньургу уку-сакы буолбута, оттон Тоня хайдах эрэ сэргэхсийбит курдуга.
Ахсынньы ый этэҥҥэ ааһан, тохсунньу торулуур тымныыта ситэ намырыы илигинэ, ый бүтүүтэ Тоня кыыстаммыта. Балыыһаттан ким да суоҕар Ньургу кинини таһаарбыта уонна нөҥүө күнүгэр кыһыл оҕотун көтөхпүтүнэн дойдулаабыта. Сураҕа арахсалларыгар кини Тоняҕа аны хаһан да көрсүөхпүт суоҕа, мэһэй буолбут оҕоҥ туһунан ирдии сылдьаайаҕын, умун диэбитин анарааҥҥыта үөрүүнэн ылыммыт.
– Ити баар, Ньукулаайаптар Ньургуларын сыыһа былааннаан, таах сибиэ хотунан-соҕуруунан эргиттилэр. Кыыс, сыл эрэ буолаат, төрөөн, кыыстанан кылбайан төннөн кэлбит, – диэн сурах кыра дэриэбинэни ылан кэбиспитэ.
– Дьэ, Ньургу олус бэрт кыыс этэ да, хайдах итинник түргэнник уларыйдаҕай? Киһи да дьүһүн кубулуйар эбит. Ситэ ыйын туола илик оҕолоох уонна саалаҕа аэробикалыы сылдьар үһү, – диэн сиилээбит да баара.
Арай, Костя бокуонньук дьоно аах кытта саҥа төрөөбүт кыыска наһаа бэртэрэ дьиксиннэрэрэ. Инньэ гынан түөртээх Костик эмискэ Катюша диэн балтыламмыта. Ып-ыраас сэбэрэлээх уолга, бииргэ төрөөбүтэ диэтэххэ, хара бараан, бүрэчээн Катюша букатын дьүөрэлэспэт курдуга.
– Ити кыыспыт оҕотун эмиийдээбэт үһү. Уола буоллаҕына иккитин ааһыар диэри соппойбута. Ол иһин кырата субу-субу тымныйар. Арааһа хоту сир хоһуунун оҕото быһыылаах, кырата-харата, хачаайыта да бэрдэ. Ийэтин хаана ханан да суоҕа дьикти. Ньукулаайаптар бэлиэ ыччаттаах буолааччылара да… Чэ, хата, улааттаҕына тулуурдаах бэрдэ, дьахтар киэнэ талыыта кини буолуо, көрөөрүҥ да истээриҥ, – эмээхситтэр си буолуохтааҕар табахтарын быыһыгар сибигинэһэллэр.
Оҕолоро оскуолаҕа киириилэрэ Ньургу дьонун кытта куоракка көспүтэ. Арай сайын аайы Костик эһэтигэр-эбэтигэр балта Катюшалыын тиийэн кэлэллэр. Оҕонньордоох эмээхсин сиэн уоллара улаатан хоройон, сүүнэ киһиэхэ кубулуйан, санаатахтарын аайы таах сыллаппат буола сылдьар. Онон күннэрэ сиэн кыыстан тахсар, быыкаатыттан олус таптаан «бүрэчээн куспут оҕото» дииллэрин аны «харачаан көмүспүт» диэн уларыппыттарын эмиэ, тугу билбэтэхтэрэ баарай, таһынааҕы эмээхситтэр сэмээр кэпсэтэллэр.
– Дьэ, дугаар, дьикти диэтэҕиҥ. Ити Кээтиис кыыс кыратыгар, оо, кыыс оҕо киэнэ бүрэтэ этэ эбээт. Таптыыр сүрэх дьүһүнү-бодону кытта уларытар диэн итини эттэхтэрэ. Чугас дьонуҥ мааллара күндүтүн көр, чоҕулуйан кыыс да кыыс. Хайыы-үйэ үөрэхтэнэн ыраатта, кэргэн барар сааһа кэллэҕэ. Барахсан, Ньукулаайабын хаанын өссө да киллэрииһи быһыылаах, – улаатан эрэр оҕону куруук харахтарын далыгар илдьэ сылдьыбыттар сөпкө этэллэр.
Ону баара оннук буолбатаҕын кимиэхэ быһаарар нааданый? Хаан хаантан атынын чып кистэлэҥэ ити тухары арыллыбатаҕа. Арай, быйыл Катюша кэргэн барбытын кэнниттэн, икки аймах киэһээҥҥи чэйгэ мустан олордоҕуна, таһыттан мара соҕус таҥастаах-саптаах дьахтар киирэн кэллэ.
– Мин Ньургустаана Владимировнаҕа кэллим, – диэтэ, саалаҕа ааста.
– Ийээ, эйиэхэ ыалдьыт кэллэ, – диэн чоҕулус гынаат, кэрэ бэйэлээх Катюша кыыс куукунаҕа ыстанна.
Өр буолбата, төннөн тахсан эдэркээн кэргэн уолун кытта сиэттиспитинэн таһырдьа тахсаары хомуннулар. Ити тухары саҥата суох кыыһы кэтээн аҕай көрөн олорбут дьахтар:
– Тоойуом… эйиэхэ эмиэ наадалаах этим… – диэтэ.
Ньургу куукунаттан тахсыытыгар кини утары хааман кэллэ.
– Тыый, Тоня?! – ийэлэрэ соһуйбутуттан Катюша хайдах эрэ дьик гынна.
– Мин, Ньургу. Көрсөр күннээх эбиппин. Өр да көрдөөтүм, эһигини, – диэтэ уонна, бүөм сир диэтэҕэ буолуо, быһа куукунаҕа ааста.
Ньургу ааны иһиттэн лип гына саппытыгар мустубут аймахтар ах бардылар. Бараары тэриммит эдэрдэр тохтоон, туох-туох буоларын күүтэн, эмиэ да саараан хааллылар. Саалаҕа олорон, аралдьыйа сатаан, тэлэбиисэрдэрин араас ханаалларын буккуйдулар. Катюша көх-нэм буола сатыыр да, санаата кэннигэр, хараҕа кэтэҕэр. Уопсай дьиксинии тыҥаата.
Оттон куукуна иһигэр туспа кэпсэтии буолла.
– Тоня, эн эппит тылгын кэстиҥ? Тоҕо кэллиҥ?
– Тоҕо кэлиэм суоҕай? Мин бу олоххо кыттыгастаахпын бэркэ билэҕин. Ол аата мин да ирээттээхпин. Ону быһаарсаары, айыы-айа, уһуннук да көрдөөтүм. Хата, буллум дии, сэгээр.
– Эн туох да кыттыгаһыҥ суоҕун бэйэҥ бэркэ билэҕин. Мэһэйи кэмигэр туораппытыҥ. Бүттэҕэ дии. Атын дьон олохторугар туох сыһыаннаах буолуоххунуй?
– Баар! Мин төрөттөҕүм? Ону дакаастыыр билигин уустуга суох дииллэр.
– Сөп, чэ буоллун, онон тугу этээри гынаҕыный?
– Уо-ой, этэрим кэмнээх буолуо дуо-о?! Эн мин туспунан тугу билээхтиэххиний? Тоҕо эрэ, тыыннаах сылдьар киһини, миигин, туора соппут, хата, эн бааргын. Оттон мин эһиги тускутунан куруук билэбин, ыраахтан да буоллар истэ-көрө сылдьабын. Хас түүн ытаан утуйбатаҕым буолуой, уруккубун кэмсинэн, төһөлөөх санаа баттыга оҥостубуппунуй? Ама да ааспытын иһин, аньыыбын-харабын хараҕым уутунан төлөстүм ини… Мэктиэтигэр, көр бу, эн миигиттэн икки сыл аҕа дьахтаргын эрээри, билигин да кыыс оҕо курдуккун. Оттон мин? Эйигиннээҕэр эдьиий көрүҥнээхпин, олох обургу ордук миигин мускуйбут, эрэйин тыынынан эҥээрдээбит курдукка дылы. Мин да киһи көрөн сэҥээрэр кыыһа этим, арай мин туспар бары барыта кытааттаҕа… эрэйи-муҥу эҥээрбинэн тэлбит соҕотох сордоохпун… – устунан кини ытамньыйда.
– Хас биирдии киһи тус олоҕун бэйэтин баҕатынан оҥостор. Эн бэйэҥ талан ылбытыҥ оччото, эрдэттэн да эппэтэҕим дуо? Сэрэппэтэҕиҥ диэн баалаабат инигин, ама, – Ньургу саҥардыы саҥаран истэҕинэ дьахтара быһа түстэ:
– Суо-ох, оннук буолбатах! Барытын түбэлтэ, түгэн эрэ быһаарар! Эн ол түгэн кулута эрэ буолаҕын! Ол быстах санааҕа бас бэриммит, ол түбэһиэх быстарыкка эрэ тобуллубут толкуй хоту түспүт, иннигин да, кэннигин да, дьүүллээн көрүммэккэ, сатаан быһаарыммакка, тук курдук толорооччу, сиэртибэ эрэ буолаҕын!
– Киһи киһи атын…
– Суох, бары биирбит! Арай, кимиэхэ эрэ таҥара биэрэр, кими эрэ матарар…
– Хайа, Тоня, таҥараҕын урут да олус итэҕэйбэтиҥ, билигин кэлэн билинниҥ?
– Тохтоо, Ньургу, иһит… Мин, били эн оҕобун илдьэ барааккын кытта, Степаҕа тиийбитим. Кырдьык, миигин кэргэн ылбыта, тылыгар турбута диэхтээхпин. Ол эрээри… биһиги тупсуубут түптээх олох диэн аатырбатаҕа. Степа диэн көҥүл киһи этэ буоллаҕа-а, итиннэ сырбас, манна мэлтэс… Ол гынан баран мин, миигиттэн тутулуктааҕы барытын оҥоро сатаабытым, кырдьыгым! Күүлэйин тулуйбутум. Аһыыр буолбутугар аахсыбатаҕым. Мунньуохтааҕар, муор-туор ыһыталыыр харчытын була сатаан, эбии үлэлээн токуруйбутум. Суох, син биир сүгүн буолбатаҕа, барбыта. Сылтаҕа диэн… эмиэ ыарахан буолбутум. Сөбүлээбэтэҕэ, бараары куттаабыта. Ол иһин, кыл түгэнэ кэриҥэ быһаарынан, хайыамый, бырахтарбытым. Эмиэ хас да сыл олорбуппут. Онтон… аны бэйэтэ, оҕолонуон баҕаран тииһигирэн турбута. Мин үөрбүтүм. Ол эрээри бу сырыыга били гинеколог эппитэ туолбута, хат буолуохтааҕар, харыстанар да наадата тохтообута ырааппытын билбэтэхпин… Степа буоллаҕына аны оҕо да оҕо диэн сулуйбута. Мин итинтэн ыла эһигини көрдөөбүтүм. Саатар кыыспын булларбын диэн. Суох, иннэ курдук сүппүтүҥ сүрэ бэрдэ. Кэмигэр, киһилии киһи эбитиҥ буоллар, билсибитиҥ дуу, көстүбүтүҥ дуу эбитэ буоллар, баҕар, кимнээҕэр дьоллоох буолуохпун матарбыт эн бааргын. Соруйан саспытыҥ. Ол мин кыһын-сайын оҕобун көрдүүрбүн, ытыырбын-соҥуурбун Степа тулуйуо үһү? Оҕолоно охсуон оннук айылаах баҕарбыта буолуо, билбэтим. Киниэнэ барыта төттөрү буоллаҕа?! Онон тиэтэйбитэ. Арахсыбакка сылдьан арахсыбыппыт. Төннөрө, аҕала сатаабыппын кэлбэтэҕэ. Сонно эдэркээн дьахтары булуммута, оҕоломмута. Онтон эмиэ оҕоломмута. Ээ, мин, дьэ кэлэн диэн баран… атын сиргэ барбытым. Ол да гынан уоскуйбатаҕым, устунан эмиэ эргэ барбытым. Бастаан биирдэ, онтон иккиһин… Уопсайынан, эр киһи оҕоломмот дьахтары сыаналаабат эбит. Бука бары төрөө диэн кыһарыйдахтара үһү! Хантан ылыамый мин?! Хомуруйа сатаан баран, эр дьон баҕайылар, соппоҥ окко маарыннаталлара баар, кыһыыта! Ол иһин кыһыйаммын, мин даҕаны бэйэбиттэн таһаарбыттаахпын диэн санаабын түһэрбэт буола сатаабытым, эһигини тэбиэһирэн туран көрдөөбүтүм. Бастаан утаа саатар алҕас көрөн ылларбын диирим… Оттон билигин, ыарытыйар, күттүөннээх үлэ көстүбэт, кыаҕа кыччаабыт, ускул-тэскил олохтоох дьахтарга кыра даҕаны өйөбүл наадатын бэйэҥ да сэрэйэн эрдэҕиҥ. Күнү көрдөрбүппэр саатар кыыспыттан махтал тылларын истээ инибин…
– Тоня… олох уустук, хаҕыс хаарыйыыта барыта эйиэхэ тиксибитэ ыарахан. Ол эрээри барытыгар мэһэй курдук төрүөн инниттэн төттөрү төлкөлүү сатаабыт оҕоҕун тоҕо эмискэ санаатыҥ? Кини эйиэхэ туох иэстээх үһүнүй? Туох махталын истиэххин баҕараҕыный?
– Өйдөөх дьахтар миигин куһаҕаннык кэпсээбэтиҥ ини? Кыһалҕаттан ииттэрэ биэрбитим диэм буоллаҕа. Диибин даҕаны. Оннук этэ буолбатах дуо?
– Оттон эн баҕаҥ хоту детдомҥа биэрбит буол?
– Онно да кыыс оҕото буолан тахсыа этэ. Хата, эн курдук мэһэйэ суох, кимнээҕэр миэхэ үөрүөх этэ. Эн бааргын дьиҥнээх мэһэй, Ньургу! Эн былдьаабытыҥ мин оҕобун, мин дьолбун уорбут буолан тахсаргын билиниэххин? Ылбатаҕыҥ буоллар кыыһым бэйэбиттэн араҕыа суохтааҕа! Ханна гыныамый, син көрүнүө этим!
Наһаа уһаабыт тыҥааһыннаах кэпсэтииттэн дьиксинэн, ыалдьыттар да бары чөрөһөн олорбуттара.
– Ийээ, туох буоллугут? – куттаммыта сирэйигэр сурулла сылдьар кыыс ааҥҥа быкпытыгар, кэнниттэн кэргэнэ уол тэҥҥэ киирсэн кэллэ.
– Катюша, мин эйиэхэ, кэргэн бараргар… эһиэхэ, оҕолор, кэпсээбитим дии, төрүккүн-уускун… Эн төрөппүт ийэҥ бу – Антонина Федоровна, илэ бэйэтинэн тиийэн кэллэ, – Ньургу олус долгуйбута бэрт буолан, кыыһыгар туһаайан нэһиилэ саҥа таһаарда.
– Ийээ! Маамуо! Хайдах буоллуҥ?! – кыыс соһуччута бэрдиттэн, төһө да сүрэҕэ эрдэттэн тугу эрэ биттэнэ сэрэйдэр, кыра эрдэҕиттэн көмүскэтээри гыннаҕына буоларын курдук, сарылаабытынан, Ньургуга баран саба түстэ, уйа-хайа суох ытаата.
Өмүттэн хаалбыт күтүөт уол хайыан да билбэтэ. Олбу-солбу дьахталлары одуулаата, оргууй баран Катюшатын төбөтүн имэрийдэ. Ньургу эмиэ ытаата. Оҕотун аһынан, хаһааҥҥыта эрэ быыкаа барахсантан аккаастанан батара сатаабыт үөлээннээх кыыһыттан букатыннаахтык кэлэйэн. Ол эрээри бу да балаһыанньаҕа кыл түгэнигэр даҕаны кини Катюшатын бэйэтигэр ылбытын кэмсиммэтэ.
Оттон кыыс ытаабытын төрүөтэ син сэрэйиллэрэ: иитиллибит ийэтэ, бука бары аймах дьоно кинини, туспа хааннаах оҕону, атын айыллыылаах дьылҕатын биир тылынан таайтаран атарахсыппакка улаатыннарбыттарыгар, дьоллоох олоҕу бэлэхтээбиттэригэр махтаныахтааҕын сатаан этэр кыаҕа суоҕуттан ыктаран. Итиэннэ, бу кимэ биллибэт, алҕас төрөөн баран, кыһыл оҕотун дьылҕатыгар кыһаммакка, «мэһэйдиир» диэн ааттаан, атын сиргэ илт, ханна да гын, икки харахпар көрдөрүмэ диэн, түбэһиэх киһини соруйсубут тымныы сүрэхтээх дьахтар чуо кини ийэтэ буоларыттан хомойон, хоргутан…
– Ийээ, мин эйигин эрэ ийэм диэн ааттыыбын, – ытаабыт кыыс икки илиитинэн Ньургу иэдэстэрин сэрэнэн күөйэ тутта, «көмүскээ даа» диэбиттии, утары көрдө.
– Ийээ, мин эн оҕоҥ буоларым быһыытынан, көрдөһөбүн, миэхэ ким да наадата суох. Эн миигин төрөппөтөҕүҥ аанньа, мин эйигиттэн эрэ кэлбитим диэн бигэтик билэрим, сүрэҕим сэрэйэрэ. Эн баар буолаҥҥын мин тыыннаахпын. Оҕо сүрэҕэ чараас, кыратык да атыҥыраабыккын мин син биир билиэх этим, эн миигин бэйэм киэнэ диэн таптаан, иэйэн, көмүскээн, аһынан ииппитиҥ…
– Тоойуом, мин эйигин кимиэхэ да биэрэр да, соҥнуур да санаата суох олоробун. Күҥҥэ көрбүт соҕотох кыыспын туох да бэйэлээххэ атастаспаппын. Антонина Федоровна билигин уоскуйан баран барыа. Эһиги эмиэ уоскуйуҥ…
– Оҕом сыыһа, Катя…
– Антонина Федоровна, манна эн оҕоҥ суох… Алҕаһыыгын.
– Суох, Катя, иһит эрэ…
– Истиэхпин да баҕарбаппын. Миигин убайбын кытта ийэм соҕотоҕун ииппитэ. Биһиги туспутуттан тус бэйэтин олоҕун оҥосто сатаабатаҕа, кэргэн барбатаҕа. Саамай кылаабынайа, кини ону сиэртибэ курдук санаабат. Онон биһиги убайбыныын киниэхэ хаһан да төлөммөт иэстээхпит…
– Оҕо буолбут иэскин миэхэ…
– Мин, миигин ииппит, киһи оҥорбут ийэбэр чахчы оҕо буолбут иэстээхпин. Онтубун толорорго олоҕу ийэм курдук бэриниилээхтик олорорго бэлэммин. Оттон эйиэхэ туох да иэһим суох.
– Оҕо сүрэҕэ – тааска дииллэрэ…
– Оҕо сүрэҕэ – ийэтигэр! – диэт, кыыстара тахсан барда.
Дьахталлар тугу да саҥарбакка олорбохтоотулар. Онтон Тоня олорбут олоппоһуттан бэрт ыардык турда уонна:
– Чэ, хайдах эрэ барыта санаа хоту салаллыбата, түҥнэри эргийдэ. Тугун да иһин, Ньургу, оҕобун киһи гыммыт үтүөлээххин бөҕө буоллаҕа. Онон, туох диэн эйигин хомуруйуохпунуй даҕаны… Хата, мин барыгытыгар… мэһэй-таһай буоллум быһыылаах… Сыыйа дьыл-күн көрдөрөн иһээхтиэ ини, – диэн иһиллэр-иһиллибэттик ботугураата.
– Оннуга ордук, Тоня. Бары-барыта хаһан эрэ оннугар туруо ини. Кылаабынайа олох ситимэ быстыбат…
Тоня тахсан барда. Чочумча соҥуоран Ньургу куукунатыгар олордо. Онтон оргууй туран оргуйбута ырааппыт, уола сыспыт чэйигэр уутун эбэн биэрэн салгыы оргута туруорда. Маарыын буһарбыт алаадьытыгар ынах арыытын уулларан сырылатта. Дыр курдук сыты билэн, саалаттан субу соторутааҥҥыта эрэ аймахтаспыт ыалдьыттара күө-дьаа буолан кутуллан киирдилэр, көх-нэм буолан остуолу тула олордулар.
– Олох оонньуута элбэх. Ийэ да араастаах. Катюшам миэнэ үчүгэйкээн ийэ буолуоҕа, – диэн кыыһын диэки Ньургу имэрийэ көрдө.
Онуоха, күтүөт уол күлбүтүнэн туран кэллэ:
– Күндү ийэлэрбит уонна аҕабыт, истиҥ эрэ. Эһигини биһиги бүгүн үөрүүлээх сонуннаах ыҥырбыппыт ээ. Катюша биһикки сотору Ньургустаана диэн кыыстанарбыт туоһутун УЗИ көрдөрөн бигэргэппитэ бу баар, – диэт, бэрт дэлэгэй кумааҕыны сиэбиттэн ороон таһаарда.
– Тыый! Хата, тугун үчүгэйэй?! Оҕобут кыыс буолара, ааттыын-суоллуун биллибитэ тугун бэрдэй, доҕоттоор! Саамай сөп! – аҕалара, өссө да эһээ буола илик эдэрчи киһи, ис сүрэҕиттэн саҥа аллайда.
Сиэн кэлээри гыммыт үөрүүтэ ити, ыарыылаах да, үөрүүлээх да бэлиэ күн биллибитэ. Хайыаҥый, олох буоллаҕа. Ол эрээри бу сырыыга кэлиэхтээх оҕо, кимиэхэ да мэһэй буолбакка, барыларыгар олус күүтүүлээҕэ уонна туохтааҕар да күндүтэ тута өйдөммүтэ.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.