Электронная библиотека » Евдокия Иринцеева » » онлайн чтение - страница 15

Текст книги "Буолар да эбит"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 12:40


Автор книги: Евдокия Иринцеева


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 15 (всего у книги 19 страниц)

Шрифт:
- 100% +
Ыйаахтаах

Ити «быа-туһах», «ыйаах», «дьылҕа» диэн тугу этэллэрэ буолуой? Бука, хаһан эрэ син, дьон бэйэлэрин холобурдарыгар кэһэй буолбуттарын үйэттэн үйэҕэ уостан уоска түһэрэн истилэр ини?

Билбэтим. Ол эрээри, киһи эттэҕинэ, эмиэ да бу аан дойдуга таах буолбут суохха дылы, буолар да күннээх буоллаҕына, хайдах эрэ этиттэрбит курдук…

Биһиги эҥээр сааһыра барбыт соҕотох дьахтар баара. Атыттартан туох да уратыта суоҕа. Сирэйэ-дьүһүнэ оннук айылаах дьикти кэрэтинэн харахха быраҕыллыбатар да, киһи эрэ сириэ суох, өссө баран эттэххэ, номоҕон бэйэлээх кини этэ.

Арай кини туһунан дьиктини кэпсииллэрэ. Оҕо сылдьан омун ини дии саныырым, сааһыран истэх аайы оруннаах быһыылаах диэн, дьэ кэлэн, ыйыталаһыахпын баҕарабын да, ханна баарый? Ааспыты былыт саптаҕа. Оҕо улаатарыгар аҕа саастаах киһи эрэйдээх аналлаах атын эйгэтигэр букатыннаахтык аттанара диэн баар. Суруллубатах сокуон, айылҕа оҥоһуута, хайыаҥый. Онон, хайдах баарынан, өйдөөн хаалбыппын эһиэхэ эмиэ сэһэргиим эрэ.

Өксүүнньэ син сэнэх соҕус, баайынан биллибэтэр да, кыанар ыал соҕотох кыыстара эбитэ үһү. Бастаан утаа кыыс ситэрин саҕана кэргэн ылаары ыйыттарбыттарын, тыл-тылларыгар киирбэккэлэр, дьоно кыыстарын биэрбэтэхтэр дэһэллэр. Сорохтор кыанар ыал буолан, Өксүүнньэ кыыс аҕата, күтүөттүү кэлбит уолу сирбитэ, дьадаҥы киһи тардыыта татым, эҥээрэ эстигэс буолуо диэн билээҕимсийбит, быһа этэрин кэрэйбэккэ биттэммитэ дииллэр. Ол кырдьыгын, иһин-баһын ким билиэ баарай? Биир тылынан, сыл – хонук, кыыстара сааһыра быһыытыйбыт. Урукку дьылларга сүүрбэ-сүүрбэ биэс эргин саастаах, эрэ суох кыыс кырдьыбыт, сириллибит суокка киирэрэ үһү.

Ол курдук олордохторуна, сэрии кэнниттэн бадахтаах, нэһилиэккэ хомсомуол ааттааҕа эдэркээн уол үлэлии кэлбит. Ыччаты мунньан үлэлэтэр да, көрүлэтэр да үһү. Кыыс-уол бука бары онно сигэнэр, үлэ кэнниттэн мустан араас тэрээһиннэри толкуйдуур, кэлэр-барар идэлэммиттэр. Өксүүнньэни, ол саҕана бороон көрөр кыыһы, кытта кытыннарбыттар. Кыыс сэргэхсийэн, син доҕордонон-атастанан, ыччаттыын бииргэ алтыһан, сааскы күлүм курдук чаҕылыҥнаан киирэн барбыт. Кэлбит уол Киргиэлэй хараҕа кыыстан арахпат буолбут, устунан эдэрдэр убансан, чугасаһан, ыалласпыттар. Оччолорго туох сыбаайбата, сүпсүлгэнэ кэллэҕэй? Саҥата суох сээкэйгин хомуннуҥ да бүттэҕэ, биир балаҕаҥҥа бур-бур буруону таһаарбытынан бараҕын.

Киргиэлэйдээх Өксүүнньэ тоҕо эрэ атын ыалга баран дьукаах олорбуттар. Күһүнүгэр уол үөрэҕэр барар наадата кэлбит диэн буолбут, сүбэ быһыытынан атаарбыттар. Кыһын ааспыт, саас кэлбит. Киргиэлэй оннугар үлэлии кэлбит саҥа киһи кэпсээнинэн Өксүүнньэ баар-суох таптала, кэргэн оҥостубут киһитэ… атын сиргэ ыал аҕата буолара биллибит. Дьахтар оҕолоноору моһуогуран куоракка эмтэнэ-томтоно диэн уһуур аатыран, Киргиэлэй үлэлиир сирин уларыппыт…

Киһи эрэ табыллыбатах буоллаҕа. Ким эрэ аһынан, ким эрэ сэтэрээн, холумтан иһигэр араастаан сэһэргэһии нам-нум буолуута, киин сиртэн учуутал киһи кэлбит. Эдэрэ суох эрээри, сааһынан син түс-бас быһыылааҕа көстөр. Олус үчүгэйдик үөрэтэрэ, судургутук өйдөтөрө, омуна суох, нөҥүө күнтэн ыла кыараҕас сиргэ иһиллэ охсубут. Дьон-сэргэ оччону истээт, биһирээтэҕэ дии. Ыраахтан ытыктыы көрөр, баар-суох харах хатанар киһитэ аны кини буолан турбут. Ньукулай Килиимэбис учуутал биирдэ, субуотунньукка сылдьан, Өксүүнньэлиин билсибит уонна олус эйэргэһэр буолбуттар диэн кэпсэл сыыйа-баайа тарҕаммыта эрэ баар буолбут.

– Туох аатай, кыыс барахсан майгылаах бэрдэ ээ. Саатар бу сырыыга табыллара буоллар, – диэччи син элбээбит.

Сотору, сааһыары, кыыс хотуоҥкатын сүкпүтүнэн, Килиимэбис олорор оскуола муннугунааҕы хоско көһөн кэлбит. Оннук икки сыл кэриҥэ олорбуттарын кэннэ кыһын учуутал киһини оройуоҥҥа, устунан куоракка, бука наадаҕа ини, ыҥырбыттар диэн буолбут.

Эмиэ да диэ, кыс ортото солбуйа кэлбит учуутал дьахтар кэпсииринэн, Николай Климович урут арахсыбыт кэргэнэ аны туран тупсуох диэн хаайбытыгар, толкуйдаан баран, онно төннүбүт.

– Туох баһаамай, бу Өксүүнньэ барахсаны көрүүй… Накаас да баар эбит. Эчикийэ, кини туһугар барыта да таҥнаһыннаҕын… – диэн ордук дьахталлар айманан барбыттар.

Хайыай, кыыс үлэлээбитин курдук үлэлиир. Ол сылдьан бороон көрүүтүгэр бастыҥ көрдөрүүлэнэн, кини да куоракка тиийэр дьоллонор. Сураҕа онно бара сылдьан били бастакы киһитин Киргиэлэйи көрсүбүт. Туох хайдах буолбутун ким да билбэт. Арай анараа киһи төннөөрү мундуйдаммытын кыыс буолумматах. Сөп дии, сиэрэ суох баҕайы, кыыһы албыннаан баран, санаммыта да баара.

Өксүүнньэ киһини кытта ирэ-хоро кэпсэппэт киһи ахсааныгар, суох, киирбэт. Тугу баҕарар сэлэһиэххэ уруккуттан бэрт эбит эрээри, эр дьон, кэргэттэр, тустарынан кини баарыгар ким да тугу да быктарбат буола сатыыр идэлээҕэ.

Ол төрүөтэ маннык буолбут. Биирдэ, өссө Килиимэбиһэ бараатын кытта үһү, кыргыттар кулуупка мустан уол-кыыс тиэмэтин тоҕо тардан ырытыһыы буолбутугар, кини мас-таас:

– Ыйаах диэн баар. Онон оонньооботтор. Төһөнү да түөһүҥ, ырытыҥ, син биир ыйыыгытыттан атын дьылҕаламмаккыт… Онон, мин эһиги кэпсэтиигитигэр кыттыспаппын, – диэбит уонна тахсан барбыт.

Онтон ыла бүттэхпит. Дьахталлар хойут да ньамалаһан кэпсэтэ олордохторуна, Өксүүнньэ түбэһэ кэллэр эрэ ньам барар идэлэммиттэрэ. Ол эмиэ ноолоох.

Үрэх баһа да сиргэ олох онто-манна күүстээх бөҕө буоллаҕа. Ыарытыган кэргэнэ өлбүт огдообо киһи Өксүүнньэни ыйыттараары дьон бөҕөтүн көрдөспүт. Тиһэҕэр, ыаллара эмээхсин оҕонньорунуун сөбүлэһэннэр, ол киһини кытта кыыһы дуруускалааннар, син бу дьону холбообуттар. Огдообо киһи икки кыыстаах эбит. Таһыттан да буоллар ийэ киирбитэ сотору биллибит. Өксүүнньэ туттуута мааныта сыттаҕа. Кыргыттар баттахтара куруук өрүүлээх, өрбөх баанчыктаах онно-манна сарыкынаһар буолбуттар. Ырбаахылара, ыстааннара мэлдьи ыраас буолан, дьон ону үтүктэр аакка барбыттар. Онтон биир үтүө күн Өксүүнньэ эмиэ төннүбүт. Онтубут баара, бу сырыыга, огдообобун диэбэт ээ сатана баара, эрэ баҕайы, бэйэтин эр тойоно кустуу барбыт таһаараа дьахтарга ымсыыран ыыра барбыт, анарааҥҥы дьахтар саатар эрэ элэс гыннаран ылан, бу киһини көссүү оҥостубут!

Итинэн бүппэтэх ээ. Өксүүнньэ эрэйдээххэ, сааһырыы да барыытын саҕана, ыаллыы дэриэбинэттэн эр бэрдэ кэргэн буолан кэлбит. Биллэн турар, эмиэ эрдэтээҥҥи кэпсэтиинэн. Аны туран, бэркэ олоруохтарын бу киһи сылтан эрэ ордон баран, тыаҕа оһолго былдьаммыт.

Онтон ыла Өксүүнньэ соҕотох. Биир дьахтар дьылҕата диэтэххэ абалаах. Кини туһугар киһилии киһи түбэспэтэҕин диэн абарааччылар саамай ыктараллара, саатар оҕоломмокко хаалаахтаабыта баар ээ. Дьиҥ иһигэр бу Өксүүнньэ эрдэрин кытта хайдах-туох олорбутун туһунан ылы-чып. Ким да билбэт. Бэйэтэ да кэпсээбэтэҕин иһин, биллэр, бука куһаҕан эбитэ буоллар, иһиллиэ эбитэ ээ. Барахсан хастара хаһынан таҥнарбыт дьоннорго өстөнөн, ордук-хос айманан ол-бу буолбатар да, син сүрэхтээҕэ буолуо ини. Кини да санааҕа баттатар, муҥун ытанар, кэлэйэр-хомойор күннэрдээҕин кимиэхэ да биллэрбэтэҕэ дьикти.

Букатын бу олохтон барыар диэри, биирдэ да, кимиэхэ да арыллан дууһатын кыланыытын, сүрэҕин кистэлэҥин аспатаҕа дииллэр… Ол аата, Өксүүнньэ барахсан оҕо төрөппөт, олоҕун оҥостубат кытаанах ыйаахтааҕа эбитэ дуу.

Тыҥырах

Отоннуу сылдьар оҕо-дьахтар бүгүн олус табылыбатылар. Одоҥ-додоҥ, онон-манан эрэ үүммүт сиргэ кэлэн эрэйдэннилэр. Сыҕарыйа сылдьан эккирэтистилэр да мэлигир. Саатар маарыын сарсыарда, Суоппуйа эбээ этэринии, «сыарҕалаах масыкылынан» бырахпыт кини улахан уола Бүөтүрүүс бэлиэр кэлбэтэ биллэр. Оччотугар атын сиргэ тохтууругар тиийэр.

– Оо, дьэ, котокум, кимтэн истэн бу элгээҥҥэ аҕалбыта да баара… Малыйдыбыт ээ, быһыыта, – дии-дии, быһа төҥкөҥнөөмөхтөөн, дьарҕатын көбүтээри гыммыт сиһин ыга кэлгинэр.

– Чэ-чэ, күн ортото буолаары гынна, чэйдэ ыймахтыаҕыҥ дуу, сах дуу, – Боккуойа ботугуруур, иһигэр эмиэ Бүөтүрүүһү буруйдуур быһыылаах.

– Бу да киһи ыксамыра, айа да, маарыын кыратык көрө түспүт кэннэ да барбат буолан. Аһа чарааһын Суоппуйа син көрөөт бэлиэтиэ эбитэ ини… – саамай эдэрдэрэ Элээкис-Лээчик эмиэ мөҕүттэр.

– Чэ, наһаа айдаарымыаҕыҥ. Бүөтүрүүһү мөҕөн туһа суох. Соруйан гыммыкка дылы. Чэйдиэҕиҥ, эбэккэбит син бэрсээ ини. Сэниэтэ киллэриниэҕиҥ, – Суоппуйа дьаһайар.

Оҕолор тула олорон, ымдааны ас диэхтэрэ дуо, Элээкис-Лээчик үтэлэммит «Да» суогун сэргэ маҕаһыын киэкиһин үрдүгэр түһүнэллэр. Дьахталлар эмээхсин аҕалбыт сүөгэй курдук сылаас чохоонугар хаппыт лэппиэскэни умньаан бэркэ амтаһыйа олордулар. Боккуойа, аһыах иннинэ «сэмсэ аспыттан аккаастаныам дуо» диэбиттии, бокуойа суох табаахтаан субурутта.

Чэй иһиитин бастакы омуна ааһан, куртах барахсаны балачча «албыннаабычча», сынньана таарыйа аны наллаан сэһэргэһии саҕаланар. Ону-маны, күннээҕини ырытыы ханна тиэрпэтэҕэ баарай?

– Оҕолор, чэ, барыҥ, ити диэки тэйиччи сырсыакалаһан, аскытын тарҕата түһүҥ. Сотору эмиэ үлэлиэхпит ээ… – диэн эрдэхтэринэ, арай, Мөөтүскэ кыыс саҥа аллайда:

– Уой-дыы! Хайа, оттон бу отон суоҕа да, Биэрэ эбээ биэдэрэтэ туолбут дии?!

Саҥа хоту өс киирбэх эргиллибиттэрэ баара, кырдьык, кыысчаан кыһыл быласымаас солууру салыбыратан, тоҕо сыһыахча иҥкил-таҥкыл тутта.

– Оргууй эрэ, киһи булдун сыыска-буорга түһэримэ! – бука бары буойдулар, Мөөтүскэни миэстэтин буллардылар.

– Ок-сиэ… чахчы Тыҥырах эбит, доҕор! Тугун бэрдэй! Миэнэ баҕас, пахай, түгэҕин эрэ саппыт, Биэрэ иһитэ туола сыспыт, – түргэн саҥалаах Элээкис-Лээчик эппитин бары да истибэтэҕэ буоллулар.

Салгыы били оҕолору үүртэлээн баран, кыра киһи кулгааҕыттан тэйиччи сонуннарын ыһа-тоҕо сибигинэһэн-хобугунаһан, сири-сибиири эргиттилэр. Сэлээрии диэн сүрдээх буоллаҕа. Бииртэн биир бэйэтэ иһиттэн сиэттэрэн тахсан, алаас сири аһара барыы: ким кимниин кыһыны быһа сыбыытаспыта, туох диэбитэ, хас дьахтар төрөөрү оҥостубута, дьиэ иһинээҕи-таһынааҕы итирикээйдэр содуллара… Барытын илэ истэн турбут курдук чуолкай дааннайдар. Ол быыһыгар тэлэбиисэргэ көстөр Алла барахсан эрдэрин эридьиэстэрэ, сыбаайбатын «сыата-арыыта», сырыытын бары сүмэтэ, алтыһар, бэрдин былдьаһар дьонунуун аҕыс айдаана…

Итиннэ олорон Мөөтүскэ эдьиийэ, эдэр ыанньыксыттар сүбэлэрин салайааччы Туонньуска барахсан барыларын эргиччи сыныйан көрөр. Иһигэр саныыра элбэх. Ыанньыксыттары хоп-сип хаалара дииллэр эрээри, хара сарсыардаттан киэһэ хараҥаҕа диэри хотонтон быкпат, бүппэт түбүктээх барахсаттар хаһан тугу ырыппыттара баарай? Биирдэ эмэ биир-икки тылы бырахсан аастахтарына баһыыба. Хата, ыкса киэһэ ыччаты мунньан быстах олорууга ол-бу сонун иһиллээччи ээ.

Туонньуска икки-хас сыл үлэлээн баран үөрэммит киһи диэн баҕалааҕа да, кэнникинэн бутуйааччы элбээтэ. Ити ыанар ынахтартан саҕалаан, тыа сиригэр баҕас кирэдьиит эҥин ылан, бэйэ туспа эргиэнин эргитиэххэ, бизнес бэрдин бэрийиэххэ сөп диэн өй угааччы үгүс. Ол да буоллар, оччо байыаххын баҕардаххына, киэҥ сиртэн быыкаа да билиини бэриһиннэрэр барыыстааҕа буолуо ээ. Атыттар тугу хайдах дьаһаналларын билбэккэ олорон эбии хантан сайдыаҥый? Кыыс билбитэ эрэ боростуой үлэтэ, күннээҕи ыама, сыл тахсар ото, мэччирэҥин айдаана. Син, сахалыы толкуйдаан бэрт судургутук, чэпчэкитик бэринэр да, тууһа-саахара суох сымсах соҕус салайааччы буоларын бэйэтэ билинэр. Хата, атыттар күөртүүллэр, көтүтэллэр, уу иһэ-иһэ хайгыыллар. «Сааһым тухары маннык үлэнэн муҥурданарым табыллыбат» диэн кини толкуйа арыый атын. Ол иһин наар дьону-сэргэни истэ сатыыр, иһигэр ырытар идэлээх.

Ити Биэрэ эмээхсини, саастааҕын аанньа, олус да эмээхсин буолбатар эдэрчи эбээт, бука бары Тыҥырах диэн хос ааттыыллар. Ол аата көҥөс, барыга бары чарбачыгас, туппутун ыһыктыбат, бэрсэр диэни билбэт дииллэр. Урут Туонньуска Биэрэни, биирдэ-эмэ маҕаһыыҥҥа киирбитин көрдөҕүнэ, батыһа сылдьан илиитин кыҥастаһара. Тыҥырах диэн, арааһа тыҥырахтара уһуктаахтара дуу, атыннык үүммүт буоллахтара дуу диэн одуулуура. Онто баара, киһи тыҥыраҕынан киириэн иһин, туох да уратыта суоҕа. Хата, олус кылгас гына кырыллыбыт буолара. Сөмүйэтин этэ тыҥыраҕын саҕатыгар диэри ыксары кыһарыйбыт курдуга. Сэрэйдэххэ, кини сотору-сотору тыҥырах кырыйар кыһалҕаламмат да быһыылааҕа, көр, оннук кылгас, лэппэйбит этилэрэ.

Дэриэбинэ иһинэн араас наада буолара кэмнээх буолуо дуо. Оскуола оҕолоро тугу эрэ көрдөөн, муҥхааллаһан, былыр үйэҕэ бараттаан хаалбыт бэтэрээннэр хаартыскаларын эҥин ирдэһиилэригэр син биир Биэрэҕэ кэлбиттэрэ эрэ баар буолар. Ону биирдэрэ биэрбэтэх, хараһыйбыт аатырара иһиллэрэ. Ким эрэ сүөлүргүүр, эмиэ тыҥырахтаспыт диэн сэмэлиир. Ким эрэ сөбүлүүр, кичээҥи киһиэхэ сыппыта ордук диэн көмүскэһэр.

Дьэ, оннук. Туонньуска биирдэ эмиэ киниэхэ тиийбиттээх. Сопхуос ыһылларын-тоҕулларын саҕана ынах ыыр аппараат бэйдиэ ыһыллыбытын холодуопка тухары Биэрэ ууруммут диэн сураҕы истибиттэрэ. Кырдьыгын-сымыйатын билээри кэлбитигэр Биэрэ чинчийэрдии көрөн олорон истибитэ. Онтон хоһугар киирэн, тугу эрэ син өр кылыгыратан, быаҕа тиһиллибит күлүүс бөҕөтүн таһаарбыта. Олортон биирин бобуччу туппутунан киниэхэ кэлбитэ:

– Туонньа, ыскайдаммат эрэ буоллаххына биэрэбин. Мин кимтэн да уоран-талаан ылбатаҕым. Син кэмигэр туһаҕа тураарай диэн хаһааммытым. Эдэрим буоллар бэйэм да дьаһайыахпын, мин курдук ыарытыган киһи кыайбат үлэтэ, – диэбитэ.

Ити сиэрдээх кэпсэтиигэ Тыҥырах букатын да көҥөс курдук көстүбэтэҕэ. Оттон дьон, Туонньуска кыыс Биэрэттэн ыыр аппарааттары бэрт кэбэҕэстик ыһыгыннарбытын истэн, соһуйан эрэ хаалбыттара.

– Айыы, Тыҥырахха туох имнэммитэй. Дэлэгэйэ киирбит дии, – диэн сэтэрээбиттии саҥа аллайбыттара.

Биирдэ кини дьиэтин таһынан ааһан иһэн Туонньуска көрдөҕүнэ, Биэрэ тугу эрэ ыараханы, көскөйө сытыйбыт сабыылааҕы сосуһара. Кыыс сүүрэн киирэн көмөлөспүтэ.

– Биэрэ-э, бу аата тугу состуҥ?

– Ээ, таах сытары ылымына… Ити ыал далын таһыгар хас да хонно, күтүр улахан көлөһө, сытан хаалбыт дуу, үөдэн дуу. Наадыйбат буолан харайбатылар ини. Ону сосуһабын.

– Туохха ол нааданый?

– Бу да кыыс, аны сайын сити ыаллар оҕолоро мин тэлгэһэбиттэн араҕыахтара суоҕа. Ону хайдах эмэ гынан иһин сатаан үүйэри толкуйдаатарбын, суунар-сөтүөлүүр баалынай оҥорбут киһи дуу диибин ээ. Куйааска дэлэлээх үчүгэй буолуох этэ дуо…

Хачымахтаһан аҕалан били «астаах» холодуопка иннигэр тартаран кэбиспиттэрэ. Биэрэ саппыт бириһиэнин саралыы тарпытыгар кыыс көрбүтэ, кырдьык, кинилэргэ суох тиэхиникэ көлөһөтө этэ. Биэрэҥ өйө бэрт ээ, ол көлөһө анныгар быалаах ньаалбааны быраҕан, хаарга онон халтарытан кыайдаҕа.

– Хайа, Биэрэ, оттон эн рационализатор бөҕө эбиккин буолбат дуо? – кыыс чахчы үөрбүтэ.

– Эс, хайдах эмэ гынан үөҕүллүбэтэрбин эрэ, – кини күлбүтэ, көлөһүнүн туора соттубута.

Кырдьык, ити сайын Биэрэ аатырбыта. Били көлөһөтүн ис өттүн халыҥ салапаанынан үүйдэрэн баран, үс буочука ууну бастаран аҕалан куттарбыта. Тас эрэһиинэтин чаҕылхай бэйэлээх кыраасканан соппута оҕону эрэ буолуо дуо, улахан да дьону сэҥээрдибитэ. Аны сөтүөлээн бүппүттэрин кэннэ киэһэ ол ууну төттөрү хачайдаан таһааран биилтирдиир сурахтааҕа. Ол албастарын соннук Туонньуска иҥэн-тоҥон билбэккэ хаалбыта.

– Тыҥырахпыт аны, үчүгэй аҕай, ити бассейннаммыт аатыран, харчы бөҕөтүн охторор ини. Хаарыан киһи, – диэн эмиэ кимнээх эрэ күлэллэрин истибиттээҕэ.

Кыыс итини сатаан өйдөөбөт. Тоҕо Тыҥырах дии-дии күлүөхтээхтэрий? Кырдьык даҕаны, сытары, быраҕыллыбыты ылан, өссө дьон бэйэтин туһатыгар таһаарар киһини тоҕо сэмэлиэххэ наадатын өйө хоппот. Оттон бу үргээбит отонун көр эрэ, кырдьык кимнээҕэр да элбэх, эчикийэ ырааһын, бөдөҥүн? Бары биир тыаҕа сылдьаллар эбээт? Кини хантан анаан туспа сиртэн ылбыта баарай?

– Биэрэ, олус да дьоҕурдааххын, сүрэхтээххин. Бу отонуҥ астыгы-ын? – Туонньа ытыһыгар баһан ылан төттөрү-таары сыымайдаата.

– Оттон барыбыт да киэнэ биир ини, – Биэрэ күллэ.

– Оннугунан оннук эрээри, мин биири өйдөөтүм. Кичээҥи, ырааҕы көрөр толкуйдаах киһи диэн туһунан эбит. Ол барыта ис сүрэхтэн, баҕаттан тахсара буолуо ини. Дьон бары итинник кыаҕа суох. Өскөтүн киһи барыта кыратык да Тыҥырах эбитэ буолла-ар, уо-аай, сайын аайы олбуор иһэ эйиэнин курдук сибэккинэн туолуо этэ! Арай киһи тиэргэнэ барыта бассейннаах, бэйэтэ оҥорбут саадтаах, эн курдук хачыаллардаах буоллун? Эчи, хаарыаны! Онон, быйыл күһүн биһиги, ыанньыксыттар, эйигин туһанаары гынабыт. Биэрэ, сөбүлэс! – кыыс, бэрт дьиибэлээхтик көрө-көрө, ыйыталаһар.

– Туохха, доҕоор?

– Биһиги «Тыҥырах оскуолатын» арыйабыт! Күлэ оонньообуттар, дьэ, кэлэн көрдүннэр! Онтубутун үс чаастаах гынабыт, барыта кыргыттарга, дьахталларга, чуолаан эдэр ийэлэргэ ананар: тиэргэн, олбуор таһа уонна дьиэ иһэ. Ол аата бастаан тиэргэни тирбинии, сэргэхситии туһунан дакылааккын истэбит. Көрүҥ даҕаны, бары билэбит, Биэрэ тиэргэнэ киинэҕэ көстөр баайдар тэлгэһэлэрин санатар. Ол барыта кини пиэнсийэтигэр атыылаһан буолбакка, онтон-мантан алҕас булаттаабыт, урут хаһааммыт, көрө сылдьан эрдэттэн ууруммут малларыттан оҥоһуллубут! Ымсыырабыт уонна… ким да үтүктүбэт, хата: «Тыҥырах итинник гыммыт, маннык буолбут», – дэһэбит. Сыыһа буоллаҕа дии, туһаныаҕыҥ, холобурда ылыаҕыҥ…

– Ээ, ким ону дьаалалаабыт үһү…

– Кэбис, Биэрэ-э, бу манна баар да отонньуттар үөрэннэхпитинэ, оруобуна алта тиэргэн буолабыт дии? Дабаай-дабаай, хата, ити бэрт кэпсэтии. Биһиги верандабытыгар ити бытык курдук оту туруору үүннэрэ сатыыбыт да табыллыбат, хата, бэрт эбит, иэхэй, – Элээкис-Лээчик эрдэттэн үөрэн-көтөн ытыһын тэс гыннарда, өрө умайыктанан турда.

Ким да «ыы», «аа» дии илигинэ, кыргыттар хабан ылан Биэрэ үрдүгэр түстүлэр. Тыҥырах диэн үөҕүү кэриэтэ ааттан туһалаах тахсаары гыммытын бэркэ саарбаҕалаан, ити күн Биэрэ эмээхсин соччо-бачча иэмин-дьаамын биэрбэтэҕэ.

Ол эрээри кыргыттар бэркэ кутугунаппыттара. Сир тоҥуута, ыччат кулуубугар ыҥырыы тахсыбыт киэһэтигэр кыыс бөҕө тоҕуоруспута. Бастакы көрсүһүү, аныгылыы эттэххэ маастар-кылаас кэнниттэн, нөҥүө күнүгэр бука бары күрдьэхтээх уонна кыраабыллаах дьиэ таһыгар тахсыбыттара. Ким эрин соруспута, ким улаатан эрэр оҕолорун муспута. Инньэ гынан эргэрбит силиһи-мутугу тоҕута тыытан сири дэхсилээбиттэрэ, кири-хоҕу ыраастаан умаппыттара.

Тиэргэн хотутун-соҕуруутун быһаарбыт, табыгастаах хайысхатын дьэ өйдөөбүт хаһаайыттар тыаҕа ыстаммыттара. Били Бүөтүрүүс «сыарҕалаах масыкылын» элбэх киһи наймылаһан от-мас арааһын тиэммитэ. Биэрэ этиитинэн, ыал-ыал олбуора маарыннаһыа суохтаах. Инньэ гынан уопсай сүбэ, ырытыһыы сөптөөх өттүн булларбыта. Ким хахыйах, ким эрэбиинэ олордуммута, үһүс иирэни сөбүлээбитэ, турар сириттэн табыгастааҕа диэн бэрдьигэстэммит да баһаама. Аттыларынан ааһар суолу, массыына хаһыталаан кэбиспит аҥхайдарын бөҕүнэн-сыыһынан толортоон, ону ааһар-хаамар тыраахтарынан кэлэ-бара ыбылы тэбистэрэн баран өрүс кытылыттан кырылас тааһы тиэйэн аҕалан куппуттара, үрдүн кумаҕынан саба ыспыттара. Син онуоха-маныаха диэри, аны саас уу-хаар дьиппинийиитэ, ханнык эмэ суол буолуо турдаҕа дии.

Биэрэ, дьон санаата кэлэн кини тылын ылыныыһыктарыттан үөрэн, дьаһала элбээбитэ. Оҥостор-туттар олбуордаах ыалларын кэрийэ сылдьан анаан сүбэлээбитэ. Биригэдьиирэптэр урукку күрүөлэрин оннугар аҕалара нэдиэлэ эрэ иһинэн саҥаны туппутун сөҕөөччү сүрдэммитэ. Наар талаҕы эрийэ тутуталаан, хата, кимнээҕэр эриэккэс киэргэл курдук күрүөлэммиттэрэ. Биир күн Уйбаан оҕонньор:

– Төһө үйэлээх үһү, ити талах күрүө дуома. Сотору сытыйан тохтуо, хатан адаарыйыа, – диэбит саҥатын дуораана уоста да илигинэ, аҕалара ол киэргэли ис өттүттэн аны кириэппэс курдук хаптаһын олбуору тутан таһаарбыт этэ.

Онон Тыҥырах Биэрэ аныгылыы тыыннаах тиэмэтэ «декоративнай» уонна «продвинутай» диэнтэн атыннык ааттаммат буолбута. Кыһыны быһа тэриммиттэрэ саас биллибитэ. Үүнээйи сиэмэтин атыылаһыннара биир дьахтары анаан куоракка ыыппыттара, хата, биир да итэҕэһэ-быһаҕаһа суох булан-талан кэлэн үлэспиттэргэ үллэртээбитэ. Ону олордуу эмиэ барыта Биэрэ салалтатынан барбыта.

Тиэргэннээхтэр ыттарын турар сириттэн саҕалаан туох баар тутууларын барытын киэргэтэр аакка түспүттэрэ. Сай ортото күрүө уһугар баар тахсан киирэр кыра дьиэлэрин кырааскалаан кэбиспит Уустаахаптар тустарынан сонун-кэпсэл кэлбитэ. Көр, онтуларыҥ тахсааты кытта үүнэн турар маска илии суунары ыйаан тэйгэппиттэр. Аны били «Роса» кыра бытыылкатыгар мыылалаах ууну кутан таҥнары иилбиттэрэ, омуннаатахха, ытыскын туһаайдыҥ да хааппыланан таммалаан барар үһү диэн буолла.

Тиэхээнэптэр тэлгэһэлэрэ хара тураҥынан көрө сытарынан аатырара. Табыллыбатах сир диэн киһи бары мунаарара. Ону быйыл, эмиэ били өрүс кытыытыттан хаптаҕай халыҥ таастары хомуйан аҕалан, хаамар-сылдьар сирдэрин барытын, ыллык курдук сиэмэнтэлээн, кумахтаан ибили буккуйан сыһыарбыттара дьикти эбит дииллэр. Аны ол кытыытынан сиэдэрэй сибэккилээх күөх от сиэмэтин ыспыттар, лаппа уһаабытын лэппийэ кырыйтаабыттар. Инньэ гынан хонуу диэн барахсан саба үүммүтэ эрэ баар. Кырыстан кырыс тардыһара баар эбит, оруобуна били Биэрэни үтүктүү курдук.

Дьөгүөрэптэр сибиинньэлэрин уйатын тас өттүттэн остуоруйа дьиэтин курдук ойуулаабыттар. Өссө дьонуҥ үс сиргэ үс аҥы сытыахтаах чооскуларыгар «Нуф-Нуф», «Ниф-Ниф», «Наф-Наф» диэн ааттарын арааран суруйбуттар да, били сатаналар сүгүн буолбаттар үһү. Дьон көрө кэлэрин билбит курдук, ханна наадата суохха дьэ кэлэн, иккилии буолан хоһулаһан, сороҕор букатын да үһүөн суксуруһан остуоруйаны буортулууллар үһү.

Итинтэн ыла балачча сыл ааста ээ. Билигин биһиги дэриэбинэбитигэр кэлээриҥ эрэ. Букатын билиэххит суоҕа. Сайын силигилии сиппит сиэдэрэй чэчик быыһынан нэһиилэ көстүтэлиир хоруобуйалаах дьиэлээх ыалы ааҕан сиппэккин. Уулуссаҕыт ырааһын диэн бары сөҕөллөр. Саас буолла да харбаммыт от-мас силиһин, сир иҥэриммэтэх бөҕүн-сыыһын умайбыт буруота ыраахха диэри унаарар. Ол айылҕаны эмиэ тугунан эрэ угуттуурга дылы. Оттон тиэргэн иһигэр сатабыллаах хартыына сыллата уларыйар. Сорохторго оннооҕор оҥоһуу хайалаахтар, онтуларын быыһыттан сыккыс ыраас уута тыккырыыр…

Дьиҥэр, биһиги дэриэбинэбит уруккуттан ото-маһа суох киэҥ-нэлэмэн сыһыыга турар чуҥкук баҕайы көстүүлээҕэ. Билигин Биэрэбит баар буолан барыта уларыйбыта. Туонньуска кыыс таба тайанан, этии киллэрэн, дьону хомуйан, биир-биир угуйтаан атахтарыгар туруоран нэһилиэк абыраннаҕа дии. Хатыҥ мас суугуна, бэс мас күлүгэ, күһүөрү тэтэрэр отоннордоох эрэбиинэ эгэлгэтэ ыал аайы киэн туттуу, киэҥ тутуу кэпсэлэ. Тиһэх сонунтан тистэххэ, Баһылайаптар кэлииккэнэн киирэр ааннарын иннигэр сүүнэ улахан саһылы буорунан сыбаан оҥорбуттарын бастаан ким да өйдөөбөтөх. Өссө:

– Тыый, Ааныкайбыт, тахса-тахса били буор саһылын үрдүгэр иһит сууйбут уутун кутар эбит буолбат дуо?! – диэн омуннаах кэпсэл баара.

Онтулара, доҕоор, күһүөрү саһархайдыҥы кыһыл сибэккинэн саба үүнэн, тыыннаах албыныкааны дьиҥ чахчы санатар буолбут! Олус да иһит сууйуллубут уутунан угуттаммыта көстүбэт, бэрт иҥэмтэлээх, туһалаах суурадаһын буолан итиччэ сиэдэрэй сибэккилэри үүннэрдэҕэ. Онон, эһиилгитигэр ким куобаҕы, ким баабыры оҥосторун былаанныы сылдьаллар дэһэллэр.

Ити. Тыҥырах суоҕа буоллар, тугу барытын тыҥырахтаһан, кичэнэн, кээмэйдэнэн, киһилии тэринэн, кэрэни үксэтэр биир суол хаһан да тобуллуо суохтааҕа. Иһиттэн мындыр, толкуйдаах эбээ баара үчүгэйин эриэхсит!


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации