Текст книги "Буолар да эбит"
Автор книги: Евдокия Иринцеева
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 16 (всего у книги 19 страниц)
Кэмсинии
– Сарсыарда буолуута дуу, саҥа күн салаллан кэлиитэ, үүнүүтэ дуу, туох да диэҥ, Саха сиригэр лаппа уратылаах. Сайын да, кыһын да. Саас да, күһүн да. Мөккүһэ барбакка, аттыбынааҕы ыалым оҕонньордуу, кыратык куолулуу да түстэххэ, ким баҕар ылынар ини?
Онуоха ким да хардарбат. Дьиҥэр, бука бары бу лахсыыры истэн аҕай сытар буолуохтаахтар. Ити Марыына диэн хаһааҥҥыта эрэ мааны ааттаах дьахтар Лыгылла сымыйа икки, кырдьык икки ардынан кэпсиирин куруук истээччи. Утарытынан хаһан да саҥарбат, тылга-өскө мээнэ тииспэт. Онтон биирдэ эмэ, былыт быыһынан күн тыгарыныы, иэйдэҕинэ, син биир тыл быктаран аһарааччы. Оччоҕо Лыгылла, аһара туттунан күүскэ холуочуйбатах кэмигэр, бу дьахтар оруннаахтык толкуйдуурун сэҥээрэн ылааччы да… Кини санаабыта хаһан ыпсыбытын баран? Ээ, дьэ…
Кымырдаҕас оргулун курдук кыттыгастар аатыран, барыта сэттэ киһи, онтон-мантан булбут сэмнэх таҥастарын быыһыгар ыыспаламмыттара, бу эргин биэс этээстээх дьиэ аннын булан «буруо таһаарбыттара» сыл аҥаарыттан орто. Ол да буоллар, ыкса билсибиттэрэ, ыга доҕордоспуттара, ис-иһигэр киирдэххэ, суох буоллаҕа эбээт. Тыыннаах хаалар туһугар хастыы да буолан тутуһаллара наадатын чэҥ өйдөрүнэн буолбакка, кыыл курдук хаһааҥҥыта эрэ, ханна эрэ мэйии түгэҕэр хаалан хаалбыт сэрэйиинэн эрэ сирдэтэллэрэ быһыылаах. Ардыгар аһыллан биир эмэ киһи муҥун ытанаары гыннаҕына, сөбүлээбэккэ бордурҕаһан, бопсооччу-хаайсааччы, саба саҥарааччы да баар буола түһэр. Бары даҕаны, биир кыһалҕаҕа кыбыттаран, тэҥ өлүүгэ тиийэрдии сырытталлар да, сибилиҥҥи олохторун ырытар-ырыыппалыыр санаалара суоҕа баһыйара оччо. Дьиҥ-дьиҥэр, сири-буору аннынан, син бэйэ-бэйэлэрин олохторун остуоруйатын истибиттэрэ-билбиттэрэ эрэ баар.
Саамай саҥалаахтара, ууну таһыйардыы таах тыллаахтара – Лыгылла. Аһы-үөлү булааччылара, «өҥнөөхтөрө» – кини. Онон, талбытынан «тылынан кыырыы» киниэхэ эрэ көҥүллэнэрин быһыытынан, туохтан тэмтэрийэн лыгылла сылдьарын истибиттэр-билбиттэр син бааллар. Ол туһунан кэпсээн.
Бөҕү кэрийэн хаһааччы – Киитэрээс. Албыннаан үчүгэйин бэйэтигэр иҥэринэрин иһин итинник ааттаабыттара. Үчүгэй да диэхтээн, син арыый да бүтүн эҥин буолуо ээ… Ону да си диэбэккэлэр, биир өлүүгэ сылдьааччылара хаҕыстык саҥа аллайаат, аҕыйахта тобуйбуттара кэрэх, Киитэрээс аны иҥэринэр-хаалларынар кыдьыгын сонно тута бырахпыта эрээри, аата оннунан хааллаҕа.
Кини ороон таһаарбытын ылан «дьиэлэригэр» тиэрдээччи, сыһааччы-соһооччу, барыларыттан сыыдам сырыылаах – Сиидэр. Итинтиҥ эдэрэ да сыттаҕа, төһө да сирэй-харах буорайдар, айылҕа барахсан бэрсибит кыаҕыттан билигин да илдьэ сылдьаахтыыр эрэттэрэ, эрэллэрэ – кини. Хаһан эрэ ким эрэ ахтан ааспытынан, сураҕа, урут боксер үһү. Ол сылдьан биир тыҥааһыннаах киирсиигэ бэлэмнэнэбин диэн кыратык эчэйэн, онтун ситэ эмтэммэккэ, иһэ буспут аатыран, иһэн-аһаан тэмтэрийэр аакка барбыт.
Кэлбит бөҕү-сыыһы үллэрээччи – Буобулла. Биир атаҕа соһулла сылдьар босхоҥ, онон кэлээччигэ-барааччыга куруук адаҕа. Ол иһин кинини өрүү манна хааллараллар. Ыксал буоллаҕына, туох эмэ туһа тахсыан биллэхтэринэ эрэ, киһилэрин таһаараллар. Саатар эппэт кэлэҕэй буоллаҕа.
Киһи сиэринэн эрдэҕинэ ыраах сиринэн тэлэһийэн суоппардыыра үһү. Биирдэ онтон кэлэн былырыын эрэ туттарбыт сабыс-саҥа икки этээстээх сиэдэрэй бэйэлээх мас дьиэтигэр утуйа сыттаҕына, түүн баһаар буолбут. Уокка дьиэлээхтэрэ бары былдьаммыттар. Кинини баһаарынньыктар булбуттар, өлбүт диэбиттэрэ тиллибит. Сыл кэриҥэ балыыһа киһитэ буолбут Буобулла дьонун да хантан дьаһайаахтыай? Өйө суох сытар кэмигэр кинини харайсыбыт да аҕыйах дииллэр. Тыыннаах хаалбытыгар баһыыба, умайбыт атаҕа босхоҥнообут, икки тылы холбообот кэлэҕэй буолбут. Ол иһин, бобулла-бобулла саҥаран сордонорун иһин, Андырыйаан диэн аатын тумнан, быһата Буобулла диэн иккистээн сүрэхтээбиттэр. Куһаҕанынан сэтэрии оонньуур аньыы ини эрээри, биирдэ Буобулла истэригэр балыыһаттан тахсан барар сирэ суох буолан сыста сатаабыт ырааҕынан аймаҕа:
– Андырыйаан акаары буолбакка! Аан дайдыны аҥаардастыы айбардаабыта. Араас малы-салы, аһы-таҥаһы босхо кэриэтэҕэ аҕалан талбытынан эргитэ оонньообута, хас киһи соххор солкуобайын хамыйсан атыылаабытын содула, уоран ылбыт харчытыгар түөкэйинэн тутуллубут уораҕайа, төлөбүрэ суох үлэлэппит дьонун кырыыһа, тиэрэ байбытын төрүөтэ иҥсэтэ буолбакка? Ол манньата ити, уот салаан аастаҕа…
Ити кэнниттэн кини ыалыгар уһаабатаҕа. Тахсыбыта, төннүбэттии, таах атах балай барбыта. Анараа да аймах Андырыйааны ирдээн илистибэтэҕэ.
Ас-үөл буолаахтаан… Үлэтэ-ииһэ суох бырадьаагы дьоҥҥо хантан босхо эбиэт кэлиэй? Умнаһыттаан улаханы сомсубаккын, киһи сииригэр аанньа тиксибэккин. Ол иһин ырыынак тобоҕун хомуйсубуттарга, собулҕаҕа да салҕалас буолуохха диэри үөрээччилэргэ, барааччы атыыһыттар ыктаран быраҕаттаабыт дьааһыктарыгар тиксибиттэргэ хам-түм «бырааһынньык» сыта-сымара сыстан ааһааччы. Ардыгар үлүйбүт хортуоппуйу ыһаарааччы, эргэрбит эти буһарааччы – ити, Марыына. Кини ситэ буортура илик оҕуруот аһынан тумалаан барыларыгар тиийэр гына бэркэ астыырын иһин туох да мөккүөргэ тыытыллыбат-таарыллыбат. Уһаан, улдьааран мэлийэн хаалан баран көһүннэҕинэ туспа үөрүү. Бэл диэтэр, атыттары ыыстыыр курдук, кыра сэмэ-суҥха, үөҕүү диэн мэлигир.
Марыынаны киһи кэрэ диэн көрбөт эрээри, таһаатынан баҕас таһыччы быһыылаах. Тото-хана аһыы, сууна-тараана, тирбинэ-ыраастана этэҥҥэ олорор эрдэххэ дьахтар да дьахтар үһү. Ол бэйэлээх хаһан эрэ эмиэ харчы ухханыгар умньанан охсуллубут-тэбиллибит. Хаайыыга олорон тахсыбыт уонна дойдулаабатах, маннык ускул-тэскил сылдьарын ордорбут дуу, бэйэтэ бэйэтигэр уураахтаммытын быһыыта эбитэ дуу. Хас да сыллааҕыта хайыы-үйэ улааппыт оҕолоро кэлэн, ирдээбиттэрэ дииллэр. Онно туох кэпсэтии тахсыбытын туһунан им-ньим, ылы-чып. Ким да билбэт, ийэ оҕолорун кытта тугу кэпсэппитин иһиллии да сатаабыттар кыайан истибэтэхтэр. Тиһэҕэр кыыстаах уол, кыатанналлар да уу-хаар баһан, уку-суку төннүбүттэр. Оттон Марыына оргулугар киирэн уйа-хайа суох ытаабыт сурахтааҕа. Киэһэлик барыларыгар өлүүлэнэн ууруллан турбут хаһаастарын барытын хантаппыт, биллэ итирбит, оннук утуйбут. Нөҥүө күнүгэр саппаҕырбыт сирэйтэн-харахтан атын киһи тугу да сибикилиирэ билиҥҥэ диэри суох. Сымыһаҕын быһа ытырдаҕына булгуруйбат кытаанаҕын билэр буолан ким да туоһулаһа сатаабатах.
Оттон киириилээх-тахсыылаах киин маҕаһыын таһыгар умналааччы, барыларыттан сэнэх соҕус көрүҥнээхтэрэ – Утуйаан. Дьиҥнээх аата Угуйаан ээ, ону уутун хаммата иэдэтэн, Утуйааҥҥа кубулуйбутугар бэйэтэ буруйдаах. Мантыбыт, сүрэҕэ суоҕун ааһан, сымыйаччы ааттааҕа. Онтуката умналыырга көмөлөһөрө биллэр, ити иһин кинини ким да омнуолаабат, көннөрү истибэтэҕэ эрэ буолаллар. Ааттаһан-албыннаһан ылбытын аҕаллын эрэ, киниэхэ итиэннэ хайалара да соччо өрүкүйэ наадыйбат.
Ырыынак диэки ыырданааччы, ыраастык бэриһиннэрдэҕинэ лаппа күннээччилэрэ – Күүтүллэй. Ол киһиҥ, ыраас харчынан олордон ылар буолан, биир күн байар, иккиһигэр дьадайар ааттаах. Ол да гыннар, син ханна эрэ хаһаастаах буолуон бары сэрэйэллэр да, экчи бу диэн билбэттэр. Күүтүллэй киһи уйулҕатын билэрэ бэрт, инньэ гынан кимтэн ньымааттаһан тугу ыларын эрдэттэн билэр. Атыыһыттары кытта бэрт сыһыаннаах, ардыгар анарааҥҥылар, аһынан даҕаны, астарыттан бэрсэллэр. Биир сырыыга оҕуруот аһын атыылыыр узбектар, бараллара субу тиийэн кэлэн, ордубуттарын бүтүннүү дьааһыгынан бырахпыттара. Күүтүллэй күнү быһа муспут харчытын барытын төлөөн, такси тутан уонча дьааһыгы аҕалтарбыттаах. Ону барытын манна уура сытан аҕыйах хонукка күннээбиттэрэ даҕаны.
Оргуллаахтар күннэтэ «санаалара оонньууругар» үөрэнэн хаалбыттар. Булгуччу киирбит харчыттан бастакынан аһыы астарын ылаллар. Кыра да тигистэҕинэ кинилэргэ ол астара киирэрдии киирэр, иһит түгэҕэр да баар итирдэ охсор. Ол кэриэтэ килиэптэрэ хаалар. Онтуларын кыһын-сайын халлааҥҥа түһэрэр идэлээхтэр.
– Бу үлүгэр хахсаакка киһи буолуохпут дуо, чэ… кыраны кыра курдук, – дэһэллэр, иһиккэ наадыйбакка моонньуттан түһэрэллэр.
Эбэтэр:
– Тыал-куус кыайаары гынна…
– Силбик да халлаан, итиччэлээх инчэҕэйи инчэҕэй эттээх тулуйуо үһүө? Чэ, итиитэ киллэриниэҕиҥ…
Сылааска да ити астара аһаныахтааҕа булгуччу:
– Бу үлүгэр өҥүрүк куйааска өлөр кэллэ, салгын тиийбэт, саатар ити аһынан тыынна эбиниэх… – диэн буолар.
Онон, оргуллаахтар олохторо олох атын. Биэс мэндиэмэн тухары ыал бөҕө. Хас биирдии ааны өҥөйөр буоллар, оо, бэйэтэ киинэ курдук олох буолуо ээ. Оттон кинилэр алларааларыгар, маҥнайгы этээс аннынан, дьэбин-дьабын сиэн итинэн-манан тэстэн да биэрэр турбалар быыстарыгар, үргүйэр эркиннээх, сиэмэн өрүкүйэр бүтүннүү буор-быыл үктэллээх бэрт кыбычаах сиргэ, сиэрэ суох киргэ-хахха буккуллан, эмиэ дьон дэнээччилэр олороохтууллар эбээт…
Марыына, үтүө санаата киирдэҕинэ, били эгэлгэ бөх-сыыс таҥастартан аттаран, абына-табына сабыта биэрэн, хас биирдии киһи сытар сирин арааран биэртэлиир. Оччоҕо үөрээхтииллэр ээ, сордоохтор… Ким эрэ наһаа эргэтэ суох сибэккилээх суорҕаҥҥа тиксэр. Кимиэхэ эрэ кыратык кирдээх утуйар таҥас элээмэтэ тигистэҕинэ улахан үөрүү. Этэргэ дылы, туох баарынан буоллаҕа. Инньэ гынан Лыгыллаҕа тиксибитинэн, уоттуйбут бараан түүтэ куурка тэллэхтээх. Онтун кыһын кытта кэтиэм диэн кытаанахтык хаһаанар. Лаппа итирдэҕинэ да атын ким эрэ кэлэн кини оронугар олорорун сөбүлээбэт. Бэйэтэ эрэ көҥүлүнэн күөлэһийэр.
Эн бу сэттэ эрэ киһи бу дьиэ анныгар «былааһы» ылбыттара буолуо дии саныыгыан? Санааҕар ини! Ону баара, Лыгыллалаах дьиэ хаҥас өттүн эрэ бас билэллэр. Анараа эҥээргэ, тыастарыттан иһиттэххэ, эмиэ кинилэр курдуктар элбэхтэр быһыылаах.
Биирдэ, быһыыта ый эҥин анараа өттүгэр этэ бадаҕа, өлүү түбэлтэлээх Марыына иэйиитэ киирэн сыыһы-буору сиппийэ түһэн баран ити сибэккилээх суорҕаны эҥин тэлгиирин саҕана, анараа эҥээрдэртэн үс-түөрт киһилэрэ кимэн кэлэн бэрт кырыктаахтык кинилэри үүрсүбүттээхтэр.
– Маннааҕы милииссийэлэри билсэбит, сөпкүтүн көрдөрүөхпүт, – эҥин диэн сааммыттара.
Арааһа бу дьон ордук оргуллаахтар диэбит буолуохтаахтар. Хайа, итиэннэ соторутааҕыта, эргэрбитин уйбакка тэстэн, уу бөҕөтө тохтубут турбаларын кэмниэ кэнэҕэс уларытаннар, манна сиик арыый да намыраабыт кэмэ этэ. Лыгыллалаах, саахал тахсыбытыгар сантехниктар иһэллэрин көрөн, саҥата-иҥэтэ суох иһирдьэ дьаадьыйан биэрбиттэрэ. Тыый, ити дьон таба көрөн тыллаатахтарына бүттэхтэрэ ол. Кыс ортото ханна атах балай барыахтарай? Билигин буоллаҕына, ыкса күһүн ситэ ыга илик да буоллар, син биир тымныы чугаһаабыта биллээхтиир буоллаҕа. Тимири иһэрдэн сырдык уот чаҕылыҥныырыгар бука бары кирийиэхтэринэн кирийбиттэрэ. Уһуннук да үлэлээбиттэрэ ол күн. Ыксаабыт киһи ыгылларыттан даҕаны тахсан киириэ кытта моһуоктаабыта да, уҥа-хаҥас хамныыр кутталлааҕа.
Инньэ гынан алта киһи иһирдьэ хаайтарбытыттан харыс да аҥаара хамсаабакка ыкса киэһэҕэ диэри сытарга күһэллибиттэрэ. Арай киэһэлик диэкинэн кэлбит Утуйааннара оргулугар киирэ сатаан, онон-манан куруһаайдаан, быыс-хайаҕас көрдүү сылдьан били ымсыырбыт эрэттэргэ түбэһэ биэрбит этэ. Сатана баара тугу-тугу ордугу-хоһу туойбута дуу, киһиргээн киирэн биэртэ дуу, итинтэн хас да хоноот, анараа дьон өҥнөнөн кэлэн өҥөҥнөспүттэрэ.
– Өссө дьахтардаахтар эбит буолбат дуо? – диэн кэннилэриттэн аттаан иһэр кыһыл сирэйдээх киһилэрэ, турулус-ирилис көрөн, чахчы ымсыырбыттарын биллэрбитэ.
– Кыыл кытта тыһытыттан көҥөнөр… Бу дьон дьахтардаахтара кутталлаах, сах тыыттын, кэбис, барыаҕыҥ, – диэн арыый да сиэрдээхтэрэ быһыылаах, тохтоло суох төтүгүрээн, бэйэтин дьонун ааттаан-ааттаан, төттөрү илдьибитэ.
Ити кэнники киһилэрин Сиидэр элбэхтик көрөөччү. Кини аттынан элбэхтик айаатаан ааһааччы эрээри, хадаара суох буолан, тыыппат идэлээҕэ.
Лыгылла, дьэ били саҥа үүммүт сарсыардатын, аҕала сатыы-сатыы, айхаллаан муҥнана сыттаҕына, оргуллаах дьон бука бары, кини саҥатын кулгаахтарын таһынан аһаран, бэйэлэрин истэригэр арааһы эргитэ саныы сыппыттара. Ас-таҥас бас билээччитэ билээҕимсийэрин быыһыгар соруга атына, Марыынаны баҕар саҥа таһаараарай, саатар биирдэ киһилии өйүнэн кэпсэтэн көрдөрбүт диэн ытыыр баҕалааҕа. Лыгылла да буоллун, дарбаччы да испит сирэйдэннин, иэнэ килэҥниир кура суох ыстаанын тута да сырыттар, ханна эрэ муммут-тэммит дууһа сыыстааҕа эбээт… Толугуруур сүрэх иэйиитэ иэдэппэтэр да, тоҕо эрэ бу дьахтарга санаата сытыах кэриҥнээҕэ. Бэйэтин туһунан кэпсээн, кини туһунан истэн… баҕар чугасаһаайабыт да диэн баҕарара быһыылааҕа.
– Ээ, итиннэ-итиннэ бааллар! Бэҕэһээ киэһэ бары итирик курдуктара! Лыгылла! Ээй! – эмискэ таһыттан соһуччу баҕайы ыһыы-хаһыы бөҕөтө буолан, оргулларын бүрүөһүн аана өрө күөдэллэнэ түспүтэ.
Имик-самык хараҥаҕа милииссийэ хахаардалаах бэргэһэтин кытта анараа эҥээртэн малтайбыт сырайдаахтара көстө биэрбитэ. Ону кытта сып-сырдык сытыы уот хараҥаҕа сытааччылар харахтарын соҕотохто саатырпыта. Хас да киһи киирэн, баар дьону аҥаар кырыытыттан үлтү кулаан, саҕаларыттан соһон, оргул аанын диэки үҥүлүппүттэрэ.
– Бу чахчы кинилэр этэ! Мин көрбүтүм! – малтаҕар сырай, ким да, тугу да ыйыппатын үрдүнэн, өрө сарылыы сылдьыбыта.
– Бу – Лыгылла, ити – Сиидэрдэрэ, маны билбэтим, ити дьахтар дьэллигин ааһан өссө содур ааттааҕа… үнүр биһиэхэ икки хоммута… Бэрт да этэ…
– Сымыйалаама эрэ, маҕай аллаах! Эн кимиҥ сэрэйиллэр эрээри билиэхпин да баҕарбаппын, сөп диэ?! – Марыына тииһин быыһынан ынырыктык сыыйан кыбдьырыммыта.
– Саҥарбаҥ! Тахсан иһиҥ! – эдэр милииссийэ уола буойбута.
– Бука Лыгылланы кытта ити… ким этэй… бу-бу, оруобуна кини этэ, кинилэр кыайбыт буолуохтаахтар! – малтайбыт малаҕар нэһиилэ оронон туран эрэр Буобуллаҕа ойон тиийбитэ.
– Эн көрбүтүҥ дуо? – эдэр милииссийэ ыйытар.
– Көрүмүнэ! Бу кини саайбыта… ити тайаҕынан! Умналыырыгар туттар, ити дьону албынныыр тайаҕа! Кырдьыга баара, барыларыттан саамай быһыйдара ити киһилэрэ! – малаҕар сырай онно суоҕу туойарыттан ымыттан да ылбатаҕа.
– Бардыбыт, антах баран кэпсэтиэхпит!
Инньэ гынан бука бары сэттиэн сибииккэҕэ киирбиттэрэ. Күтүрэммиттэри Лыгыллалаах Буобулланы арааһа атын сиргэ илпиттэр быһыылаах. Бу хаайыы хаамыратыгар бэһиэн бааллар. Хайалара да туох буолбутун өйдөөбөккө олороллор.
Бэҕэһээ баҕас устар күнү быһа бааллара. Аһаан эрэр астаахтара, онон сөп буолан өрөбүл оҥостубут күннэрэ этэ. Ону кытта, саатар, хаһыс эрэ этээскэ сыбаайба буолбута, сотору-сотору мааны таҥастаах дьон сыбыытаспыттара, сырдык уоттаах элбэх массыына хойукка диэри тоҕуоруспута. Ол иһин, ордук-хос ити дьоҥҥо көстүмээри, бары лигиир сыппыттара. Киэһэни быһа Лыгылла кэпсээниттэн күлэн мүчүҥнэспиттэрэ. Кинилэр курдук дьылҕалаахтар саҥа таһааран алларастаан күлбэт идэлээхтэр. Сүүлэ испит мурун, быттыйа сыспыт бытык аннынан сэмээр эрэ, мичээрдээбит аатыран ымаҥнаһаллар эрэ буолаахтаатаҕа… Ол аата аһары манньыйбыттара буолаахтыа ини…
Хаайыллыбыттары биирдии-биирдии таһаараллар, тугу эрэ туоһулаһаллар быһыылаах, инники тахсыбыт төттөрү кэлбэт. Кэнникинэн чарааһаабыт дьукаахтыылар, ахсааннарынан аҕыйаатахтарын ахсын араас санааҕа, куттал кутатыгар бэрт дириҥник, өтөрүнэн тахсыбаттыы, тимиччи түһэн истилэр.
Тутуллубуттарыттан да сөп буолан салла куттаммыт сордоохтор, сокуону кэһэр олохторун билинэн, уку-суку да буоллар, сиирэ-халты эппиэттэспиттэриттэн милииссийэлэр бэйэлэрэ мунаардылар. Бөлүүн тахсыбыт быһылааҥҥа бу дьон сыһыаннара суохха дылы. Хайа хайалара, күтүрэммиттэр этиилэрин бигэргэппит курдук, эппиттэрин этинэ олороллор. Аны ити быһыйдара дэнэр киһилэрэ, букатын да инбэлиит эбит. Багдаллан улахан курдук эрээри, аҥаар атаҕа адаҕа буолан, сэниэтэ суоҕа, киһини сууһарыахтааҕар бэйэтин да уйунарыгар баһыыба курдук. Лыгыллалара кырдьык испэтэҕэ көстөр, быһылааны эмиэ билбэт…
Биэс «бомр» дуу, «бомж» дуу диэтэххэ, хайатыгар да барсар сирэйдээх-харахтаах сордоохтор сукуҥнаһан оргулларыгар кэллилэр. Лыгыллалаах Буобуллалара туохха эрэ улаханнык буруйданан эрэллэрин сэрэйдилэр. Хайдах гынары сүбэлэһэ түһэн баран, бары милииссийэҕэ төттөрү барарга быһаарыннылар.
– Ама да буолбутун иһин… ыһыллаҕас тылын аанньа, Лыгылла баҕас, буолаары буолан дьахтар тыыныгар турбата ини… – Марыына кэмниэ кэнэҕэс саҥа таһаарда.
– Түүн дьаһайбыттар дииллэр… Мин өргө диэри утуйбакка сыппытым да, Лыгылла чочумча эргичиҥнээт, мунна тыаһаабытынан барбыта. Оттон Буобулла сордоох, бэйэтин да бөрөөтөр сөп этэ, букатын эрдэ утуйбута буолбат дуо, – Сиидэр сибигинэйэр.
– Эс, Лыгылла киһини хаһан да тыытааччыта суох…
– Оннук кырбыйа дуу, дьахтарымсаҕа дуу эбитэ буоллар… биллиэ эбитэ буолуо…
– Мин санаабар ити ыалларбыт, анараа эҥээрдэр туохха эрэ буккуйдулар. Наака, кинилэр үлэлэрэ быһыылаах, – эмискэ Утуйааналара кэпсэтиилэрин түмүктээн кэбистэ.
Ким да саҥарбата. Өр иһийдилэр. Онтон Марыына:
– Оччоҕо, субу маннык сытабыт дуо? Буруйа суох Лыгылла сордооҕу хайдах көмүскүүбүтүй? – диэтэ.
– Ээ, ким биһиги тылбытын истиэ үһү… – Күүтүллэй санаата түспүтэ куолаһыттан иһилиннэ.
– Дьон аатыттан ааспыттары диэ, – Киитэрээс тыл кыбытта. – Оттон биһиги оччотугар ити дьону бэйэлэрин кэтиэҕиҥ эрэ. Баҕар тугу эмэ булаайабытый?
Сарсыҥҥы күн атыннык саҕаламмыта. Оргул олохтоохторо уруккуларын курдук сылдьалларынан сылдьыбыттара. Икки киһилэрэ хаайыллыбытыгар ыгыллыбыт быһыылара көстүбэтэ. Сиидэрдэрэ киэһэ, хата биир саҥа «бииһи» доҕордонон кэлэн, Лыгылла көҥөнөн кими да сытыарбат тэллэҕэр хонон турбута эрэ баара. Ким да ону мөккүспэтэҕэ.
Оттон, дьиҥэр, ити тас көстүү этэ. Уруккута син дьон курдук дьону, билигин «биистэн» атыннык ааттаммат сордоохтору Лыгылла уонна Буобулла сордоох хаайыллыбыттара улаханнык аймаабыта. Ити түүн утуйбакка эрэ сүбэлэһэн дьоннорун хайдах быыһыырга былаан оҥостубуттара. Утуйааннаах Киитэрээс анараа эҥээрдэри маныырга кистэлэҥ былааннаахтара. Онуоха эбии саҥа «биистэрэ» милииссийэ сорудаҕынан кэлбит «араадьыйа» этэ.
Инньэ гынан, эрдэттэн да мунаах дьыала икки ыйы кыайбатынан арыллыбыта. Силиэстийэ барар уонна буруйдааҕы көрдүүр кэмҥэ мэһэй гынымаары тутуллубуттары ыыппатахтара оруннааҕа. Лыгыллалаах Буобулла хаайыыттан, хата, дэлби сынньанан, мэктиэтигэр хаанныын сырдаан, биллэ төлөһүйэн тахсыбыттара. Кинилэр аһыыр-аһаабат, тоҥор-хатар, ыалдьар-ыгылыйар, саарбах сырыылаах бэйдиэ олохтон, түбэһиэх өлүүттэн илистибит бэйэлэрэ күһэллэн туран элбэҕи эргитэ ырытыналларыгар тоҕоостоох түгэн кэриэтэ этэ.
Оттон оргуллаахтар, биир үксүн дьоннорун аһыйан ирдэбил суолугар киирбит курдуктара да, ааспыт араас олохторун анааралларыгар эмиэ сөптөөх кэм ыкпыта. Биир да күн аһыыларын аһаабакка син тулуспахтаатылар ээ. Түүн ортото тугу билбиттэрин-көрбүттэрин били «араадьыйаларыгар» тиэрдэн, анарааҥҥылара биир-икки чааска ханна эрэ бара охсон кэлэр. Оччоҕо уоскуйаллар, төһө да хардата туох да сибики суох буоллар, эрэнэллэрэ оччо.
Хата, дьол икки хараҕа суох, Лыгыллалаах Буобуллалара быыһанан тахсаайаллар? Оо, дьэ, киһилии сылдьыбыт буоллар, маннык ыар күтүрэбил кинилэргэ туһаайыллыа эбитэ эрэ? Дьүһүннүүн-бодолуун буорайбыттар, сирэйдиин-харахтыын сиэрэ суох эстибиттэр диэ… Дьэгин көстүү буолуо ээ, туораттан көрдөххө. Оттон бу аҕыйах кэмҥэ да аһыы утахтан тохтооһун суола сэбэрэлэригэр көстүбүт, көрүү-истии да атын, туттуу-хаптыы да сэниэлэммиккэ дылы… Ону ити «араадьыйа» бэҕэһээ түүн сэрэттэ дии, урукку курдук оргууй сылдьыҥ, кубулунары кубулутар арыый эрдэ диэтэ. «Ол аата… син киһиэхэ маарыннаан эрдэхпит дуо?» диэн санаа аны Сиидэри сатыырыттан ааста. Кэмсиниэх-кэмириниэх киһи кыраттан тутулла сылдьара ханнык баҕарар түгэҥҥэ, төрүөт эрэ көһүннэр, төлө биэрэр кутталлааҕа.
Кыһалҕалаах буруйдааһынтан саллан оргуллаахтар баттахтара турбута. Түүн, ааһан иһэр дьахтары талаан, сэймэктээн баран, аттынааҕы бөх таһыгар хаарынан көмүү диэн… иэдээннээх дьыала. Бырадьаагылаабыттара, быдьардык тылламмыттара, бары куһаҕаҥҥа умньаммыттара баар суол. Ол эрээри киһи тыыныгар туруу – ыар суол. Итинниккэ тиийиэххэ диэтэххэ, бу оргуллаахтар өйдөрө-санаалара өссө букатыннаахтык эстэ илигэ. Киһиэхэ кыра да наада диэччилэр. Ол – кырдьык. Үөрүүгэ эмиэ кыра наада. Хомолтоҕо эмиэ. Эстиигэ-быстыыга – дуона суох. Тэмтэрийиигэ, оннооҕор быыкаа даҕаны төрүөт төбөтө аатырыа. Оттон, өрө биэрэн киһи бодотун тардынарга, киһитийэргэ кыра наада дуо? Онно баҕас… атын ээ. Ордук бу, маннык оргуллаахтарга, киһи сиэригэр тиийиэхтэрин түгэҕэ көстүбэт дириҥ далай, иннигэр баары бүөлүүр им балай мэһэйдиир. Ким эмэ ону сатаан туоруо дуо? Оронон тахсарга кыаныаҥ дуо?
Итинник санаа оонньуута аны бу дьону кистии-саба хас биирдиилэрин үүйэ-хаайа туппута. Лыгылла икки, Буобулла икки дьылҕалара былаҕайга быста сыспытыттан айманан, аймахтааҕар чугаһаспыт биир өлүүгэ былдьатан эрэр сордоохтор ситинник санаа угаайытыгар киирбиттэрэ.
Ол туһалаабыта. Сотору, сэрэйбит курдук, анараа эҥээрдэртэн буруйдаахтар көстүбүттэрэ. Ханнык эрэ «билсиилэрэ», «сибээстэрэ» да быыһаабатаҕа. «Араадьыйа» диэн ааттаммыт анал үлэһит көмөтүнэн, оргуллаахтар бука бары турунууларынан бу холуобунай дьыала түргэнник арыллыбыта. Биэс этээстээх дьиэ анна, бу тухары киртийэн-хахтыйан, кирдээх-сордоох дьылҕалаахтарынан туолан турбутун көрүөх бэтэрээ ыраастаабыттара.
Сэттиэ буолан бэтэрээ эҥээргэ олорбут Лыгыллалаах тутуспутунан куорат кытыытынааҕы түөлбэҕэ сибиинньэ иитэр үлэҕэ атаарыллыбыттара. Сэттиэн көнөр суолга турунуулара судургу буолбатаҕа. Ол да буоллар, күн сырдыга баҕалаах, им балай хараҥаттан ыраах көстөр кыламныырга ымсыырар кыах, хата, хаалбыт эбит. Испэт буолааты кытта ис-тас санаа оонньуута иҥииринэн таһыйардыы ыарыылаахтык хаарыйара. Этэҥҥэ буолуох туска, ону туораатахтара эбээт…
Күнүһүн сылайа-элэйэ үлэлээн, киэһэтин ньир-бааччы сынньанан, хойукка диэри Лыгыллалаах Марыына туспа быстыбыт хосторуттан тахсыбат идэлэммит били оргуллаахтар атын дьон буолбуттар. Хамнас кэллэҕинэ мыыла атыылаһар идэлэммит Марыына таарыччы сотторго кытта ымсыырар буолбута дьикти. Ол, баччааҥҥа диэри соччо наадыйбатах, илии соттор дьоҕус таҥаһын ойуутун-оһуорун арааран ымсыыра көрөрүттэн бэйэтэ соһуйбутун Лыгыллаҕа кэпсиир. Ол аата, олоххо тардыһыы дэнэн эрдэҕэ.
Сотору уопсай дьиэ тутуллан барыларыгар тус-туһунан хоһу биэриэхпит диэн салалта үөрүүлээх уурааҕын бэҕэһээ билиһиннэрбиттэрэ. Сиидэр саарыыр, соҕотоҕун олорор хайдаҕа буолла? Оттон Киитэрээс үөрэр, иллэҥ кэмигэр ити аата биэс ыалга да чэйдиир, маанылатар кыахтаныыһы…
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.