Текст книги "Буолар да эбит"
Автор книги: Евдокия Иринцеева
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 17 (всего у книги 19 страниц)
Ааттаах аат
Пистолет Наганович Винтовкин, Помидор Сельдереевич Капустин, Фиалка Георгиновна Кактусова, Баклажан Укроповна Картошкина, Мотор Победович Боец буоланнар доҕордуулар. Быыкаа оҕо эрдэхтэриттэн биир олбуорга улааппыт тыа дьоно. Билигин улуус киинигэр бука бары сиппит ыаллар. Хастыы эмэ оҕолоохторо улаатан, ким оскуолаҕа, ким саадка барбыт, дьоһун ыччат.
– Ыы, дьэ, бу сатана эмиэ иһэ ыалдьыбыт. Хайыах баҕайыный, – сарсыарда уруунньуктан туруорбут уола сүүрэн хаалла.
Пистолет Наганович оҕото «чээкэлээбит» иһитин туппутунан хоско кэргэнигэр ыстанна.
– Доҕоор, көр бу, садиктанан бүттэҕиҥ. Хайыаҥый, мин үлэбэр баран иһэн Кактусоваҕа киирэ сылдьарым дуу, – диэт, төттөрү ойдо.
– Сөп, сөп, ити уолу дьаһайыам. Фиалка бэйэтэ кэлэн көрөрө ордуга буолуо, инньэ диэр эрэ, – кэнниттэн Сибиэтэтэ сүбэ-ама буола хаалла.
Винтовкин өр гыммата, массыынатын Кактусова олбуорун ааныгар ыга астарда. Бэйэтэ, таһырдьаттан туманы бүрүммүтүнэн, соҕотохто дьиэ иһигэр көөһөкүс гына түстэ.
– Һуу, Бэстилиэт! Кэм да тиэтэл! Киһини куттаата! – аан таһыгар муостатын сотон төҥкөйөн турбут кыра модьу дьахтар инчэҕэй тирээпкэтинэн охсуохтуу, оонньоон кини диэки далайда.
– Фиалка, уолум иһэ эмиэ иэдэйдэ. Ыл, бүгүн баҕас бэйэҥ таарыйа сылдьыый, көр эрэ. Тугу да атыны аһаабыта суох да, наар убаҕастатар оҕо баар дии. Сибиэтэ семинарын эмиэ ыыппат буолла, – диэн Наганович эмиэ да көрдөһө, эмиэ да үҥсэргии турда.
– Үнүргүттэн этэбин, ити оҕону анализтыахха баара. Истибэккит. Чэ буоллун, бара сылдьыам. Иһит эрэ, бэҕэһээ Баклажан эрийбитэ, Боецтаах ыал буолбуттара бүгүн биэс сыла. Бэлэххэ эйигин кытта Помидору сүүрдүн диэбитэ. Харчыны Картошкина бэйэтэ биэриэҕэ, ээх диэ? – Фиалка тиһэх сорудаҕы биир тыынынан тиэрдибитэ.
Инньэ гынан, Победович киэһээҥҥи остуолугар доҕордуулар тиийэллэригэр илии тутуурдарын эмиэ Капустиннаах Винтовкин дьаһайар буолбуттар. Оччотугар Пистолет, дьаһал кумааҕы оҥорон илии баттаатаҕына, Сельдереевич сэмээр базатыгар тиийэн тугу эмэ талан ылыахтаах. Тугу биэриэх баҕайыный? Бэйи эрэ, ааспыкка кинилэргэ туох тигистэ этэй. Пахай, өйдөөбөт эбиппин. Оччоҕуна Баклажан бэйэтэ эттин ээ, туох ааттаах! Дьахталлар бэйэлэрэ да дьаһайыах эбиттэр…
Винтовкин кэбиниэтигэр киирэн кириэһилэтигэр тиэрэ түстэ. Туруупкатын ылан, Укроповна нүөмэрин баттыалаата.
– Картошкина, бирибиэт! Доҕор, Моторга тугу ылабытый? Эһиги Георгиновналыын билиэх да эбиккит. Мин Победовичтаах туохтаахтарын хантан билиэмий… – диэн эрдэҕинэ линия уҥуоруттан Укроповна саҥата умайыктана түстэ.
– Наганович! Дьэбириэй! Ол-бу буолумаҥ! Синьор Помидор базатыгар итальянскай иһит сервиһэ баар диэбиттэрэ. Ону ылыҥ, бүтэр онон, – Баклажан бирикээстээтэ.
– Сөп! Оттон итинник, киһилии этиэххитин? Ону баара толкуйдуоххут үһү буола-буола… Уонна тугу дьэбириэйдээтиҥ, мин Ваганович да, Натанович да буолбатахпын, НАГАНовичпын. Өйдөөтүҥ, акаарычаан? Ааппын киртитимэ. Сервиһи Сельдереевич илдьиэҕэ. Киэһэ биһиги Кактусовалыын аргыстаһан тиийэбит. Эйиэхэ таарыйабыт дуо?
– Суо-ох-суох! Боец Биэрэтиниин биһиги антах бурдук ас буһарабыт. Атынын барытын мин кафебыттан ылыахпыт, – ас-үөл хотуна Картошкина дэлэй бэйэлээхтик быһаарда.
Эргиэн улуустааҕы тэрилтэтин сүрүн салайааччыта Пистолет Наганович Винтовкин бүгүҥҥү үлэтин күнэ итинник саҕаланна.
Фиалка Георгиновна Кактусова маҥан халаатын суумкатыгар дьаарыстаан угунна, сиэркилэҕэ көрүннэ, саал былаатын санныгар саба быраҕынан аргыый налыйан хоһуттан таҕыста.
– Фенечка, кэл, саҥыйаххын кэт, – диэн кэргэнэ кэтэһэн туран атаарда.
Фиалка, улуустааҕы оҕо балыыһатын кылаабынай бырааһа, «Суһал көмө» массыынатыгар олорон, Пистолеттаах дьиэлэрин диэки айаннаата.
Оттон Помидор Сельдереевич Капустин, эргиэн базатын туллар тутааҕа, өр гыммата, дьаһал быһыытынан ыскылааттан солотуулаах киэргэтиилээх мааны сервиһи элээрдэн аҕалла. Сэкирэтээр кыыһы кыраһыабайдык суулаа, баанчыктаан киэргэт диэн соруйда.
Баклажан Укроповна Картошкина кафета бүгүн сабыылаах. «Спец. обслуживание» диэн суругу ааҥҥа сарсыардаттан ыйаабыттарын быһыытынан, үлэһиттэр бары кэтэх аанынан суксурустулар. Минньигэс сыт ыраахтан дыргыйар сириттэн киэһэлик, толору тиэммит аһын дьалкытымаары, көскөҕөр уазик быыгынаан тахсан, Боец хороҕор хоруобуйалаах коттеджын диэки туман быыһынан буруолата турда.
Мотор Победовичтаахха киһи бөҕөтө мустубут. Ыал буолбуттара биэс сылыгар бииргэ үлэлиир дьонун кытта биир кылааска үөрэммит, биир олбуорга сырсыбыт биэс киһи эбии буолан күө-дьаа көрүстүлэр. Уруй-айхал тыллара этилиннилэр, үлэ-хамнас да ахтылынна, онтон сэһэргэһии оҕолорго иэҕэйдэ, кинилэр ырыаларын-тойуктарын истэн манньыйдылар.
Ол икки ардыгар Пистолет суотабай төлөпүөнэ тырылыы түстэ. Остуолтан туран куукунаҕа ойон истэҕинэ, туруупкаҕа билбэт куолаһа:
– Веревкин? Петр Никитич дуо? – диэтэ.
– Мин-мин, истэбин, – Наганович сирэйэ дьоһуннанна. Наадалаах киһи тылыттан сарсын куораттан кэлиэхтээх хамыыһыйаны көрсөргө бэлэмнэниэхтээхтэрин бэркэ өйдөөтө.
– Бэстилиэт, бүт эрэ, ыл, араар төлөпүөҥҥүн! Хайдах наар мэлийэн хаалаҕын? – Фиалка Георгиновна дьарыйар саҥата саалаттан иһилиннэ.
– Доҕоттоор, үҥсүүлээхпин! Мотор Победович, судьуйа киһи, ыл, үрдүк суутум буолан тойонноо! Баклажан Укроповна Картошкина диэн ытыктабыллаах дьахтар бүгүн миигин үөхтэ! Дьэбириэй диэтэ! – бука бары күлэн тоҕо бардылар.
– Ээйиис, үҥсүүлээх баҕастаах, Бинтиэпкин, хата, бэйэҥ миигин акаары диэбитиҥ! Хайабыт киэнэ ордук өһүргэтиилээх эбитий, ээ? Боец, быһаарыыта таһаар эрэ, дьэ, – Укроповна аахсан тэйдэ.
– Доҕоттоор, кырдьык даҕаны, оонньуута суох эттэххэ, кырдьаары гыммыппыт буолбаат? Ааттарбыт сөп түбэспэт буолбуттар. Онон этиилээхпин, уларыта тутууну кытта ааттарбытын адьас атыннык ааттаныаҕыҥ! – бэртээхэйдик эттим диэбиттии, Помидор Сельдереевич эргиччи көрдө.
– Национальнай концепция эҥин муҥутаан турарынан сибээстээн уурулунна! Ааттарбытын, аанньалааҕынан астыннарбаттарын быһыытынан, уларытарга! Мантан инньэ бука бары сахалыы сүрэхтэнэбит! Урукку уурааҕы көтүрэбит! – диэн баран, Мотор Победович Боец ньуосканан остуолу тос гына тыастаахтык оҕуста.
Кырдьык да диэбиттии, кыра кэмҥэ ах бара түһээт, бары күлсэн тоҕо бардылар. Ол икки ардыгар Мотор хоско киирэн сүттэ, чочумча буолаат, саһарбыт кумааҕыны туппутунан тахсан кэллэ. Онно адаархай араас буочарынан суруллубута сууралла сыспыт, элбэхтик имиллибит эргэ кумааҕыга кинилэр барыларын ааттара, хос ааттара тиһиллибит этэ. Бэһиэн илии баттаан адаарыҥнаппыттар. Оччолорго Баклажан, айдаан бөҕөнөн дьаһайан, маны аҕыйах бөхтөөх Моторга уурдара биэрбиттээҕин санаан кэллилэр. Киһилэрэ кырдьык ону толорбут буолбат дуо? Ол кумааҕы күн бүгүҥҥэ диэри бүтүн кэлбититтэн соһуччу үөрүү-көтүү өссө үксээтэ. Итиниэхэ сыһыана суох сорох ыалдьыттар сөҕөн-махтайан доҕордуулары айхаллаатылар.
Аны аат сыымайдааһыныгар түстүлэр… Бу санаатахха, оҕо сылдьан хос ааттаммыттара билиҥҥэ диэри иҥмит төһүү үлэһиттэргэ, ол-бу Помидор, Мотор, Фиалка, Пистолет, Баклажан ханан да дьүөрэлэспэт буолбут.
Дьиҥэр, ити истибиккит курдук, Пистолет Наганович Винтовкин толору аата Петр Никитович Веревкин диэн. Кыра сылдьан наар сэрии сэбэ ыарыылааҕын иһин ити аат иҥмитэ. Билигин киһиҥ быыкаа бэстилиэти санаппат бөдөҥ-садаҥ көрүҥнээх, барыларыттан таһынан киһи.
Оттон Помидор Сельдереевич Капустин, ол аата Прокопий Семенович Калитин, сайын аайы оҕуруокка, оскуола олордуутун бэрийэрэ, куйааһы-кумаары аахсыбакка муҥнанара, күһүн онтун атыылыыра. Помидор курдук төкүнүк буолуо баарай? Туран-олорон тиргиллибит, орто уҥуохтаах, хатыҥыр бэйэлээх эр бэрдэ.
Фиалка Георгиновна Кактусова – Фекла Георгиевна Капитонова, төттөрүтүн, кып-кыра, мөп-мөкүнүк, күлүүк да күлүүк, оҕо-аймах эйэргиир астык бырааһа. Наһаа сибэккилэри таптыырын иһин бэйэтэ ылыммыт аата итинник этэ.
Баклажан Укроповна Картошкина – технолог ааттааҕа Варвара Устиновна Каженкина, ханан да сыа-арыы сыстыбатах, ас-үөл иҥмэтэх киһитинии уһун синньигэс таһаалаах. Оҕотуттан да эти-балыгы ахсарбатах, наар салаат, араас тума аһылыктааҕын иһин, абаран, уолаттар бэйэлэрэ ааттаабыттара.
Итиэннэ дьиэлээх хаһаайын Мотор Победович Боец, дьиҥ аатынан Максим Панкратович Боескоров, олус оттомноох, бытаан саҥалаах, таһыттан нүһэр соҕус көрүҥнээх судьуйа. Кыратыттан сүрэхтээҕин, туппутун ыһыктыбакка тохтообокко үлэлиирин, барыны булгуччу тиһэҕэр тиэрдэн тэйэрин, ол түмүгэр куруук кыайыылаах тахсарын иһин ымсыырааччылар хос ааттаабыттара.
Доҕордуулар, хаадьылаһан ыла-ыла, сылаас тыыннаах оҕо саастарын сырдык күннэрин ахтан, бэйэлэрин ыччаттарын кытта тэҥнээн, хойукка диэри олордулар. Ахтылҕаннаах көрсүһүү, уопсай үөрүүнү бииргэ бэлиэтээбит дьикти киэһэ түмүгэр, оҕо саас ыырыттан ыраатан, ааттыын уларыйан, биллэ түспэдийэн хас биирдиилэрэ дьиэлэрин буллулар.
Мантан инньэ Пистолет Наганович Винтовкин-Петр Никитович Веревкин аата Былыт Нуһараҥа Барахсан диэн буолла.
Помидор Сельдереевич Капустин, ол аата Прокопий Семенович Калитин, Булар Сэгэрчэй Көмүс диэн сүрэхтэннэ.
Фиалка Георгиновна Кактусова, пааспарынан Фекла Георгиевна Капитонова, аны Намыына Эмчит Сүрэхтээх дэннэ.
Баклажан Укроповна Картошкина, дьон-сэргэ билэринэн Варвара Устиновна Каженкина, бэйэ икки ардыгар Баардаах Дэлэй Уһун буолла.
Оттон Мотор Победович Боец, Максим Панкратович Боескоров, бу күнтэн ыла Сиэрдээх Туску Билии дэниэхтээх.
Итини барытын, били оҕо эрдэхтэринии, кумааҕыга суруйан, икки тылынан уураах оҥорон, илии баттаан бигэргэттилэр. Өр сылларга уураҕын диэн эмиэ Сиэрдээххэ тиксэрдилэр. Нууччалыытыгар илии баттаабыттарга, инньэ-манньа гынан, бааллара: Былыт Нусаранович Барахсан, Булар Сегерчеевич Кемус, Намыына Эмчитовна Сюрэх, Баардаах Дэлэевна Усун уонна Сиэрдээх Тускулович Билии.
Хайа, хайдаҕый? Оонньуу оонньуунан эрээри, туох барыта иһэ-истээх… Ити кылгас кэпсээнтэн эн оҕо эрдэҕинээҕи хос ааттары тута өйдөөбөтөҕүҥ, ылымматаҕыҥ сөп ээ. Оттон доҕордуулар хаһан да бутуллубатахтара. Миэхэ, кэпсээччигэ да, эйиэхэ, истээччигэ да судургутунан, үөрүйэхпит быһыытынан, нууччалыы ааттары тутатына кэбэҕэстик ылынабыт.
Оттон мин итэҕэйэбин, бу да сырыыга ити биэс доҕордуулар сахалыы, иһиттэххэ көлөттүгэс курдук эрээри, оруннаах ааттарыгар оонньуу-күлэ син биир үөрэниэхтэрэ, хаһан да бутуллуохтара суоҕа…
Арай, кинилэргэ биһиги эмиэ кыттыстахпытына?
Ордугумсах
Киэһэ аайы утуйуох иннинэ кыргыттар сытан эрэн сэкириэттэрин сибигинэһэллэр. Саргычок бүгүн сонуннаах. Саҥа кэлбит тутуу инженерэ уолу астыммытын туһунан олус да үчүгэйдик сааһылаан кэпсиир. Ону истэ сытан Лариска наһаа ымсыырар. Ити кыыс дьиктитин. Көрдөххө, ол саҥа да уол диэхтээн, мэлэйэн-нэлэйэн тугунан да киһи болҕомтотун сүүйүөн өйө хоппот. Хата, кини Хаанньата атыттардааҕар ордук көстүүлээх, бөдөҥө-садаҥа… Саатар сарсыардаттан:
– Ларыыска-а, – диэбитинэн тиийэн кэлэрэ да баара.
Кыыс буоллаҕына, ону абааһы көрөр. «Ларыыска-а» буолан түһэн! Дэриэбинэ дэриэбинэтинэн, айыы-айа. Хаанньаҕа, кырдьыгы баран эттэххэ, интэриэс аччаабыта ыраатта. Айака, тура-тура ойуурга сылдьыбытын, оттообутун, кустаабытын түөһэн да биэрэр, онтон атынынан туох да кэрэхсэтэрэ суох. Аныгылыы сайдыылаах уолаттарга туга эрэ тиийбэт курдук. Бобуулаах да буолбутун иннигэр, арҕаа дойду артыыстарын дуостал билбэтэ сүрүкэтэ, муоданы уопсайынан да өйдөөбөт акаары быһыылаах. Ыраах айан, романтичнай куруортар, муоралаах дойду кумахтаах кытыллара, тусовка, круиз, доллар эҥин диэни куруук саҥа истэр курдук соһуйара баара! Тоҕо кыһаллыай? Арааската ийэтэ уочаракка тугу атыыласпытын анньынна да астара турар, кыра аайы ымыттан да бэрт. Оо, дьэ, арыый да билиҥҥи тыынынан илгийиэ эбитэ буоллар ньии? Итиччэ быччыҥнардаах дараҕар саннын көрдөрөр гына курутуой маайканы кытта имиллибит джинсы ыстааннаах буоллун. Уол да уол буолуо этэ. Пахай, Хаанньа барахсаҥҥа ол оройугар охсуллубат, мэйиитигэр тиэрдиллибэт. Чэ, буоллун, баҕар Ларыыска кини ханна эрэ саһыарбыт «достоинствотын» булан көрбөтөх, ситэри сыаналаабатах буоллун. Оччоҕо кыыс дьиҥ санаатыгар Хаанньа ханан да… кини «киинэтин геройа, романтик любовнига» буолбатах! Ээ, эрэйдээхтэр, ону билэллэрэ буоллар, атын да кыргыттар былдьаһыахтара суоҕа ини дуу… Онтон кыыс эрэйдэнэр, иһигэр баҕара санаахтыыр ээ. Атын сэргэх уолга сыҕарыс гыныаҕын… бу дэриэбинэҕэ суоҕа бэрт буоллаҕа! Чэ-чэ, ол иһин суоҕунааҕар баара ордук дииргэ күһэллээхтиир: сылдьан эрдин.
Бэйи эрэ, ити кыыс, Саргычок наһаа романтика дии. Дьэ, ол туох бэйэлээх уолу астынан өрүтэ тыыммахтаатаҕай. Хаанньаҕа, кыыс эрэ сыстаҥнас, Ларискатыттан субу араарыах курдук кимиилээх кэмнэригэр, хараҕа хатамматах соҕотох Саргы эрэ этэ дии. Атын кыргыттар уол эмискэ Ларисаны сэҥээрэн, сиэтэ сылдьан дьаарбайар буолбутугар күнүүлээн өлө сыспыттара эбээт.
Биир үксүн ымсыырааччыта да баһаам буолан, кырдьыгы баран эттэххэ, Лариска Хаанньа ухаасыбанньатын ылынар. Таах, бириэмэни атаара таарыйа атыттары кыһытаары. Оо, арай, атын, ордук соҕус, аныгылыы уол баара буоллар ньии… Ону баара, тыа сиригэр, бу дэриэбинэҕэ хантан кэлэн холёнайдар хааланнахтарай?! Дьиктитэ баар, ити Саргычок эҥин уолаттарга туохтарын булан астыналлара буолуой? Ол Тёмаларын да көрүллүбүтэ ээ, тоҕо эрэ оннук айылаах бэркин диэн ымсыыра санаабатаҕа. Бэйи эрэ, ол эрээри, атын киһи хараҕынан көрдөххө хайдаҕа буолуой? Син Лариска сатаан булбатаҕын булан көрөн итиччэ таптаатылар ини… Ол үчүгэйи кини тоҕо мүччү тутуохтааҕый? Кини диэн кыыс оҕото, сэбэрэтинэн да, таһаатынан да, киһиргэһэ суох, барыларыттан таһыччыта биллэр ээ. Ити дьыаланы урууллаатахха табыллыыһык дуу…
Бэйэтин санаатыттан тэттэн кини кыйахана сыста. Онтуттан аралдьыйаары, соччо-бачча кэрэхсээбэтэр да, бу киэһээҥҥи кистэлэҥҥэ киирсэргэ быһаарынна:
– Саргычока, оттон ол Тёма туга үчүгэйий?
– Ты что-о?! Уо-аай, мичээрдээтэҕинэ тиистэрин көрүөҥ этэ? Уонна өссө харахтара күлэ сылдьар курдуктар. Наһаа добрай уол буолара тута көстөр. Маарыын, кыргыттар, арай мин маҕаһыын таһыгар утары көрсө биэрдим. Ааспыкка таансыга билсибиппитин өйдүүр эбит ээ: «Здравствуйте, Саргылана», – диэн баран мичээрдээбитигэр, боже, сүрэҕим кытта тохтуу сыста! Куолаһын тембрэ үчүгэйи-ин… Арааската ыллыыр быһыылаах. Дабаай, кыргыттар, биир эмэ киэһэ ыҥыртыыбыт дуо?
– Кимнээҕи, ол? – Лариска сэргэхсийдэ.
– Оттон Хаанньаны, кини хампаанньатын уонна … Тёманы эмиэ кыбытыаҕыҥ ээ… – Саргычок этии киллэрэр.
– Эс, Хаанньалааҕы кытта кини тусись гыммат, – Зоя быһа баттыыр.
– Чэ, буоллун. Мин Хаанньаҕа, короче, сорудахтыыбын. Булгу Тёманы булан, билсэн, бодоруһан баран биһиэхэ аҕалаҕын диибин. Идёт? – Лариса дьаһайсар.
– Оо, Лариска, эн аанньалгын! Тугунан махтаныам эбитэй? – Саргычок үөрүүтүттэн ыстанан туран эргийбэхтии эккириир.
– За доброту надо платить, – Лариска сыыска түһэрбэт. – Ити «Бриллиант» диэн саҥа лааххын миэхэ биэрэҕин. Стоп, уонна уларсык да ылан соттубат буоллаххына эрэ ылабын.
– Конечно, Лариска, для хорошей подруги ничего не жалко, – Саргычок үөрэн тырымныыр.
Ити кэпсэтии кэнниттэн ситэ уон хоммотулар. Биир киэһэ биэчэрииҥкэ диэн ааттаан биллэрии ыытааттарын эрэ кэрэх, киэһэ хараҥарыыта түөрт уол тоҕо анньан киирэн кэллилэр. Саргычок, Зоя, Зина уонна Лариска буолан ыбылы киэргэнэн, кылгас да кыламаны ууннара тардыахтыы ыга тушьтанан, биллэ помадаланан… биир тылынан дьахтар аймах эрэ билэр туох баар «сэбилэниилээх күүстэрин» хото туһанан, онуоха эбии ас бөҕөтүн астаан, ыалдьыттарын тырымнаһа көрүстүлэр.
Кыргыттар бары баспытааталлар. Хаанньа, суоппар уол, кытаанахтык туппут уруулунуу, бу киэһэ Ларыыскатыттан арахпаттыы быһаарыммыт. Кини аллар атаһа, маннааҕы үптээх-харчылаах бастыҥ баан бэстилиэттээх харабыла Өлүөсэ эмискэ туран Зояҕа санаммыт. Үһүстэрэ Өстүөпэҕэ, физкультура учууталыгар, арааһа Зинаны сааратаар диэбиттэр быһыылаах. Уол чуо-бааччы Зинаҕа бэрт да бэрт. Оттон үлэх хоту ыҥырыллыбыт Артём Саргычогу бэйэтэ да кэрэхсээбит быһыылаах. Одуулууруттан, кылап-халап уора-көстө кэтиириттэн таайдахха, уол кинилэр кыыстарын чахчы сөбүлээбитэ көстөр.
Хампаанньа балачча көхтөөхтүк көрүлээтэ. Тото аһаан, астына сэһэргэһэн баран, аны үҥкүүлээн тэйдилэр. Эриллэҥнииргэ, эккирииргэ миэстэ да суоҕун быһыытынан, үксүгэр бытаан муусуканы холбоон, куустуһан туран барбах тэпсэҥниир эрэ аакка бардылар. Ону да олус сөбүлээтилэр, пааралар астына сибигинэстилэр. Устунан таһырдьа күһүҥҥү хараҥаҕа салгын сии, дьаарбайа таҕыстылар.
– Саргы, эн хайа дойдугунуй? – диэнтэн саҕалаан Артём оргууй барыны туоһуласта.
Кыыс үөрэ-көтө дойдутун, дьонун туһунан сэһэргээтэ. Иккиэн да маарыннаһар өрүттээхтэрин билсэн үөрэ түстүлэр. Бииргэ төрөөбүттэрэ хайа хайаларын киэнэ үһүөлэр эбит, иккилии уол, биирдии кыыс. Аны Саргы даҕаны, Артём даҕаны ыал кыралара эбиттэр. Итинник сэһэргэһэн, бу иккиэннэригэр туспа дойду хараҥа киэһэтин сулустаах халлаанын сонурҕаан одуулуурга бэртээхэй түгэн үүммүтэ. Онон, уоллаах кыыс киэһэ аайы дьаарбайар идэлэммиттэрэ.
– Саргычока, хайа Тёмаҥ тугу кэпсиир? – диэн биирдэ эмэ кыргыттара ыйыттахтарына кини астынан туран, үөрэ-көтө истибитин түөрэ ууран биэрэр.
Итиэннэ уолу сөбүлээбит эдэр кыыс сиэринэн Тёма хайдах туттубутун, тугу диэбитин ойуулаан-дьүһүннээн олохтоон иэйэн сэһэргиир, хараҕа омуннаахтык чаҕылыҥныыр. Кыыстарын тустарыгар кыргыттара үөрэр курдуктар. Саппай уопсан уол кыыс суоҕуна кэллэҕинэ син биир бэйэ киһитинии көрсөллөр, кэлэри-түмсэри быһаарса охсоллор.
Биирдэ оннук киэһэ, бука бары үөрдүһэн, таансылыы диэн кулуупка бардылар. Саргычок таһырдьа мээчиксит уолаттары көрсөн, аныгыскы дьарыгы быһаарсаары тардылла түһэн баран киирбитэ үҥкүү ырааппыт. Хаанньа хаҥас диэки хоҥкуйан турар. Лариската Тёмалыын вальстыы сылдьаллар. Саргычок, киирдэ киирээт, сүүрэн кэлэн Хаанньаны илиититтэн тарта, үҥкүүлүөх диэн ыҥырда. Онуоха уол олус холустук:
– Саргы, сэрэнэ сырыт… Киһи барыта эн курдук буолбатах, – диэт, таһырдьа ыстанна.
Кыыс соһуйан туран хаалла, тугу да өйдөөбөтө. Өһүргэниэн иһин эмиэ да үөхпэтэххэ дылы, күлүөн иннигэр этиллибити ис хоһоонун тиэрпэтэх абалаах. Оннук аллайан турдаҕына үҥкүү бүттэ. Эдэр ыччаты аны эрчимнээх үҥкүү муусуката угуйда, салгыы ыстаҥхалаһан үмүөрүспүт сирдэриттэн арахпатылар.
– Ээй, Саргычока, Хаанньаны ханна гынныҥ? – имнэрэ тэтэрбит Лариска ол тэйиччиттэн үөгүлүүр саҥата иһиллэр. – Кинини аҕалыаххар диэри Тёманы биэрбэппин! – диэн күллэ-үөрдэ.
Тёма да дьээбэҕэ тиллибит, тибиистээн тириппит кыргыттары кытта иилиҥкэйдэһэн сүрдээх. Кырдьык да, Хаанньа ханна бардаҕай диэн Саргычок таһырдьа тахсыбыта, ким да суох. Хайыай, төннөн киирдэ, сөрүүкээри саала кытыытыгар тоҕуоруспут билсэр оҕолорунуун кэпсэтэн, эмиэ хас да үҥкүүнү көтүттэ.
– Ити кыыс иһигэр абааһы киирбит дии, туох буолла, – ыгылыйбыт Зоя ааһан иһэн сибигинэйбитигэр Саргы эмиэ дьаалатынан тугу да тиэрдэн өйдүү охсубата.
Кими эттэҕэй диэн тула көрбүтэ, Зина баарга дылы. Арай… Лариска да, Тёма да суохтар. Киирээ инилэр, арааһа сөрүүкүү таҕыстахтара диэн, кыыс бастаан утаа кыһаммата. Устунан кэм-кэрдиис уһаан-унньулуйан барда. Ыкса киэһэрэн, 12 чаас субу тиийэн кэлэн тарҕаһыы буолбутугар да, дьонноро мэлигир, биллибэтилэр.
– Лариска, ол иһин куоската киирбитэ дьиктитэ… Ити Тёманы ханна илтэй, ээ?! – Зиналаах Зоя кыбдьырыналлар.
– Уолаттар, барыҥ, Тёманы көрдөөҥ эрэ, – диэн уопсай дьаһалы биэрдилэр.
Ону баара, сотору кураанах төннөн кэлбит уолаттар саҥата суох кыргыттары көрөн турбуттара. Пахай, булбатахтар. Ол аата тугуй? Чугас эргин биллибэт дьон ырааттахтара…
– Оо дьэ, ити баар… Лариска кыыс оҕото, ол иһин сэрэйиллэрэ ээ… Саатар, эн, Саргычока, бэйэҥ даҕаны Тёманы наһаа кэпсээҥҥин ымсыыртыҥ дуу, хайдах дуу… – кыргыттар, бара сатаан, уорбалаабыттарын быктардылар.
Саргы, дьэ кэлэн, сүрэҕэр ыттаран, ис-иһиттэн наһаа хомойон, оргууй ытаан сыҥсыйда. Итэҕэйиэх санаата кэлбэтэҕин иһин… Тёмата ханна да суоҕа. Дьиэлэригэр атаараары гынар уолаттары истибэтэх курдук кыргыттар күһүҥҥү дьыбарга ситигирдик титирэһэ, ибигирэһэ турдулар…
Саргычок, уопсай дьиэ сабараанньатыгар олорон хаалбыта, иһирдьэ киириэн баҕарбатаҕа. Түүнү быһа соҕотоҕун хараҥаҕа токуллан ытыырыттан соло булбатаҕа. Ама да, Тёмата, олус холку, сэмэй бэйэлээх уола… хайдах Ларискалыын барсыай?!
Кыыс төбөтүгэр баппат быһыы этэ да, сотору саҥардыы суһуктуйан эрэр халлаантан субу түспүттүү, икки киһи иһэрэ барыаран көстүбүтэ. Кыыс кирийэн хамсаабакка да, мэктиэтигэр тыыммакка да олорбута. Сити, Лариска, тылыбыраан, Тёманы илиититтэн сиэтэн дэллэритэн аҕалан боруокка тиэрдибэккэ эрэ, кууһа түспүтэ да, бокуойа суох уураан чобурҕаппытынан барбыта. Тугу эрэ сибигинэйэрэ да, Саргы битигириир сүрэҕин тыаһа икки, хараҕын уутун тыастаахтык ыйыстарын омуна икки, ону кыайан истибэтэҕэ. Тёмата, кини олус иэйэн таптаабыт Артёма, икки илиитинэн, кинини буолбатах, Ларисканы биилиттэн кууһан туран эмиэ уураабыта!
Ити кэнниттэн кими итэҕэйэн да диэн? Саргы сирэйин саба туттан соҕотоҕун олорон хаалбыта. Лариска куоска дьиэтигэр дьылыс гыммыта, иһирдьээҥҥи аан бу түүҥҥү кистэлэҥи илдьэ кыыкыр гынан сабыллыбыта. Уол, турбахтыы түһээт, төттөрү хайыһан баран истэҕинэ, Саргы хаста даҕаны үөгүлээн ыҥырыан баҕарбыта. Ол эрээри кинини туох эрэ туппута, тохтоппута. Сонумсах уолтан кэлэйэн, хайдах да гыныан билбэккэ… хоргутан, кыра оҕо куттаабытыныы, ыга түүрүллэн олорон хаалбыта.
Сарсыарда бары туран үлэлэригэр барыыларыгар Лариска бэркэ манньыйан утуйа сыппыта. Зоя кини суулана сытар суорҕанын саралыы тарпыта уонна өһүөннээх баҕайытык биир тылынан кэриэтэ быһа биэрбитэ:
– Ордугурҕааҥҥын абырана сытаҕын дуу? Хайа, Тёма чахчы үчүгэйин биллиҥ дуо? Бу киэһэ мантан киэр буол, икки харахпар көстүмэ!
– Ээйиис, көҥөөбүт буоллаххытына төттөрү ылыҥ ээ, аһыйбыт да киһигит баара, көлөөк… – диэн уутун быыһынан хардарсыбыта.
Онуоха кыргыттар, тугу эппитин өйдөөбөккө, сирэй сирэйдэрин көрсүбүттэрэ. Саргы ситэри ити айдааны истибэккэ таһырдьаны былдьаспыта. Ол күн түүл-бит кэриэтэ үлэлээбитэ. Киэһэ кэлбитэ Лариска хомунан барбыт этэ. Онтон ордук буорайбыт Саргычок, били бөлүүн кини иннигэр таптыыр уолун уордарбыт ыарыылаах хартыыната эмиэ көстөн кэлэргэ дылы гыммыта. Абаккатыттан ытаахтаабыта эрэ. Ити аата Тёма Ларисаны таллаҕа, кинитээҕэр ордордоҕо, ол иһин көһөрөн илтэҕэ дии санаабыта. Кыыс сүтүктээх курдук сананан, олус иитиэхтии охсубут тапталыттан бэрт кэбэҕэстик матан, хайыан да булумуохтуу муммута, ытаабыта…
Дьиҥэр, сотору биллибитэ, Ларисканы Хаанньата харайбыт. Кыыс киниэхэ тиийэн кырдьаҕас дьонугар күндү кийиит буолбут. Хаанньа били үҥкүүлээх киэһэ кыыһа Тёмалыын лаппа дьаарбайбытын билбэккэ хаалбыт үһү диэн иһиллибитэ да… Ким билэр, дьиҥ иһигэр хайдаҕа эбитэ буолла. Киһи киһини итэҕэйиэн да туттунар түгэнэ сатыылаабыта соччо этэ.
Оттон Тёма Саргычокка кэлэн быһаарсаары гыммытын, сураҕа, эмиэ Зоя оннун булларбыт. Ол кэннэ кини кэлэ да сылдьыбатаҕа. Соҕотох хаалбыт Саргычок Ларискалаах Тёма туһунан санаабат буола сатыыра. Ити биир киэһэ туох буолбутун, доҕордоһор, истиҥник санаһар уола эрэ-эмискэ атын кыыстыын тоҕо силбэһэ сылдьыбыт кистэлэҥнэрин кини табан таайбатаҕа. Бука, Лариска кутуругар сөрөөтө ини дэспит кыргыттарын эмиэ да итэҕэйбитэ, эмиэ да итэҕэйбэтэҕэ.
– «Ордугу булаары олоҕун алдьаппыт» дииллэр даҕаны, Ларискаҥ бэркэ табылынна буолбат дуо? Саргыны араарда, Хаанньатыгар, мыыннар да эргэ барда, аны оҕоломмут үһү ээ, – диэн биирдэ Зина кэпсэллээх кэлбитэ.
– Табыллан бөҕө буоллаҕа, «алдьаммыт» ээ, онтубут. Хаанньа-Хабырыыл холуочук үһү, Өлүөсэҕэ эппит: «Оҕом оруобуна Тёма курдук, ама да вальстаабыт иһин… Арааһа туох эрэ буолбутун кистээбиккит ээ, быһыыта», – диэн ыххайар үһү. Онон буоллаҕына, Лариска-куоска дьыалата билигин да ым-тым… – Зоя кэпсэли ситэрэн, «ыга туустаан» биэрдэ.
– Оччоҕо Тёмата ылыа буоллаҕа дии, – Саргы сэтэрээтэ, «саахарын эбэн биэрдэ».
– Хотуой, саарбах сыһыаны аһыйыма. Ордугумсахха киирэн биэрбит төбөтө суох уолтан таҥара, хата, кэмигэр араарбыт. Күлүккэр имнэн, кэргэн барар киһигин, эрэллээх өрүөлү өссө да көрсүөҥ, – дьүөгэлэр алы гыналлар.
Оттон Саргычок уоскуйбута син ырааттар да, Тёма туһунан сонун сүрэҕин син биир ыарыылаахтык хаарыйарын дьиктиргээбитэ.
– Олох сокуона буоллаҕа, ким эрэ кыайар, ким эрэ хотторор, орууй буол! – диэн, били бастаан Тёматын аһыйарын саҕана кыргыттара саба саҥараллара. – Ол эрээри, дьиҥ иһигэр төттөрү ээ, кыайыылаах булгу эн буолбут буолуохтааххын. Ларыыска баҕас кыайтарбытын акаары да сэрэйэр… Көрөөр да истээр!
Ол оруннаах быһыылаах, тоҕо эрэ олох-дьаһах киинэҕэ кэпсэнэр омун курдук буолбатах ээ, быһыыта. Чэ, Ларыыска кыыс оҕото, хаһан баҕарар, ханна баҕарар булан сылдьыа. Оттон Тёма, Саргычоктан быраҕыллыбыт курдук, хоргуппут сурахтааҕа да, ама, киниттэн атын ол дьиҥнээх түбэлтэни ким билбит үһүө? Онон, кыыска хоргутара түктэри ини.
Оттон сириллибит дуу, ситэри сыаналаммакка хаалбыт эдэр сулумах кыргыттар тустарыгар кэм-кэрдиис арыый да илик, өссө да киэһэрэ илик… Көрөн иһиллиэ буоллаҕа.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.