Электронная библиотека » Евдокия Иринцеева » » онлайн чтение - страница 18

Текст книги "Буолар да эбит"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 12:40


Автор книги: Евдокия Иринцеева


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 18 (всего у книги 19 страниц)

Шрифт:
- 100% +
Муммут оҕолор

– Сатана оҕонньоро баара, ханна гынаттаатыҥ эн, оҕолору?! – эмээхсинэ баара бүгүн кыыла турбут.

Ити куораттан кэлбит икки сиэн уолун этэр. Оҕонньор, бытаан саҥалаах муҥутаан, быыстатан тугу да кыайан кыбыппат үлүгэрэ. Буруйа диэн бүгүн сарсыарда сааһын тухары оттонор кутатыгар сиэннэрин, сэттэлээх-аҕыстаах бэдиктэри, от харбата илдьибитэ итиэннэ ити, мэлиппит.

– Һэс-сиэ, бу да эмээхсин! Ханна ыраатыахтарын баран этэҕин? Кэлиэхтэрэ ини? Оонньуу сылдьаллара буолуо, – кырдьаҕас, хайыай, баарынан кырдьыгын таһаарынан көмүскэнэ сатыыр.

– Туох ааттаах уһаабытай, бу?! Хата, бэйэҥ маарыын үйэҕэ кэлэн хороллон олороҕун! Оҕолор, арааската, моһуогурдулар, муннартаабыккын быһыылаах буолбат дуо, күтүр өстөөх!

Эмээхсинэ кыыһырбыта күүһүрэргэ дылы гыммыт, тоҕо эрэ иһитин-хомуоһун тыаһа лаппа иһиллэр. Оҕонньор тэлэбиисэрин сирэйин мыҥыыр да, син биир санаата – у???????????.?олаттарыгар. «Бэдиктэр, ханна ааһа түһэн бардахтарай? Ырааппатылар ини, кэлиэх да эбиттэр… Эппитим ээ, суолгут бу сытар, бу үрүҥ суолу батыһыҥ, тиийиэххит диэн. Ээ-дьэ, аныгы оҕолорго туох да кыаллыбат буоллаҕа…»

– Ыл, тур, бар! Саҥарбат дьааһыгы манаама! Оҕолору була тарт! Туох гынаарыгын бииргэ кэлбэтэххиний?! Хаһан сылдьыбыт сирдэрин эрэйдээхтэр билиэхтэрэй? Бэйикэй, дьэ, уолаттары булума эрэ, – дьиэ иһэ кырдьыктыы тыҥаата.

Оҕонньор саараата да, оргууй кириэһилэтиттэн туран күүлэҕэ таҕыста. Толкуйдаата. Кырдьык киэһэ ыраатта, кэлэр кэм ааспыт. Хайыах баҕайыный, аргыый-наллаан утары барбыт киһи дуу дии санаан, сылааргыы-сылааргыы аанын аһан таһырдьа таҕыста.

– Эһээ! Эһээ! Хайа, эн кэлбиккин дуу? Биһиги бу баарбыт ээ! – дэспитинэн сирэй-харах дьаабы дьоно кэлииккэ ааныттан ыһыытаабытынан субу сырсан кэллилэр.

– Көр эрэ, биэбэкэлэрим! Хайа, тоҕо хойутаатыгыт? – оҕонньор чахчы чэпчээтэ, үөрэн сэгэйдэ.

– Эһээ… эн эппит суолуҥ сыыһа эбит дии. Баран испиппит, баран испиппит… уонна мунан хааллыбыт, – уолаттартан улахана кэпсиир.

– Һэс-сиэ… хайдах сыыһа буолуой?

– Оттон барбыппытыгар сотору буолан баран икки суол буолбута, иккиэн үрүҥнэр этэ. Ону мунаарбыппытыгар быраатым эппитэ, хаҥас диэки барыах диэн…

– Наһаа өр хаампыппыт онтон муора саҕа улахан да улахан күөлгэ тиийбиппит…

– Ама! Бу оҕонньор дьүһүнүн көрүҥ! Саатар суолун киһилии ыйбатах буолбат дуо? – эмээхсин хаһы ыккардыгар таһырдьа тахсыбытын оҕонньоро билбэккэ турбут, эмиэ мөҕүлүннэ.

– Ыы, чыычаахтарбын да, хата, оҕолорум барахсаттар өйдөрө бөҕө. Букатын муммакка син дьиэлэрин буллахтара. Пахайбын да пахайбыан! Бу оҕолор атахтара сытыйбыт дии! Бар, оҕонньор, тааска уута аҕала тарт, турума! – кыыһырбыт эмээхсинэ үөс бастааска биэрбэтэ.

Кэпсээнтэн кэпсээн диэ. Уолаттары эһэлэрэ суолларыгар киллэрэн ыытаатын, ыстана турдахтара дии. Арай онтон арахсыы суолга кэлэн турбахтаабыттара да өр буолбатахтара. Хаҥас диэки хайыһаат, салгыы хаама турбуттара. Суол былаһын тухары кэпсээннэрэ элбэҕэ. Куораттарыгар хаалбыт көмпүүтэрдэрин оонньуутун айдаана. Ким кими кыайбыта, ким кимиэхэ хотторбута. Туох бэрээдэктээх сонун оонньуу ханна баара. Ол иһэн өйдөөбөккө хаалбыттара, арай иннилэригэр кинилэр оттуур эбэлэринээҕэр төһө эмэ улахан күөл нэлэс гыммыта. Кытыытыгар үүммүт хойуу отторо суугунаһан атыҥыраабыт курдук сипсиһэ охсорго дылы гыммыттарыгар соһуйан ах барбыттара. Тула көрөн да туһа суох. Тоҕо баҕас улаханай? Кыра дьон көрөллөрүн тухары иннэ-кэннэ суох эбэ нэлэһийэн түһэн, атын туох да баара көстүбэт. Тыа суолунан салайтаран кэлбит уолаттар кэннилэригэр эрэ ойуурдара баарын көхсүлэринэн сэрэйбиттэрэ.

– Уой-даа… муннубут дуо? – кыра уол убайын диэки кылахачыйбыта, ыксаан ытыырга субу бэлэмэ.

– Суох-суох, муммат инибит… – убай кытаата сатаабыта да дьиҥ иһигэр: «Бүттэхпит. Атын суолунан кэлбиппит», – дии санаабыта эрээри таһыгар таһаарбатаҕа.

– Маарыын кутаҕа түспүтүм, атаҕым аһыйан эрэр… – кыра киһи кыра буоллаҕа, сыҥсыйыахча буолбута, саппыкытын устаары оҥостубута.

– Суох, устума. Сотору дьиэбитигэр тиийиэхпит, – убай дьаһайбыта.

Ити икки ардыгар ханна эрэ тэйиччи ынахтар маҥырыыллара иһиллибитэ.

– Кытаат, ынахтарга барыахха! Киэһэ дии, дьиэлэригэр бараллара буолуо! – убай хамаандалаабыта уонна маҥырыыр диэки сулбу хаампыта.

– Аны… ыанан бүтэн баран хоно кэлбит буоллуннар?! – кыра киһи итэҕэйбэтэҕэ да буоллар, батыһарыгар эрэ тиийбитэ.

– Оччоҕо куттаныма, манна от быыһыгар утуйан баран сарсыарда барсыахпыт буоллаҕа дии…

Онтулара баара, ынахтар күөл кытыытыттан мустан тыа диэки киирэн эрэллэрэ. Ол аата дьиэлииллэрэ чуолкай быһыылааҕа. Уолаттар маҥаачыктар кэннилэриттэн түсүһэн истилэр.

– Убаай, оттон бу ынахтар наһаа бэрээдэктээхтэр эбит дии, бары уочаратынан сылдьаллар эбит дуу?

– Оннук быһыылаах, хайалара да туора-маары барбат эбит, кутуруктарын эрэ көрсөллөр быһыылаах. Ити улахан ынах кырдьаҕас буолуо, бастаабыт дии. Эн түргэнник хааман ис, сүөһү бэрээдэгэ атын. Киһи кыра киһини инники илдьэ сылдьыахтаах диэн эбээ этээччи дии? – уолаттар куолулуу истилэр.

– Убаай, утаттым аҕай…

– Оттон маарыын тоҕо чэйи испэтэххиний?

– Оттон… үүтэ хайдах эрэ этэ дии. Эһээ эргэ чэйи ууруммут быһыылааҕа…

– Чэ, тулуй, билигин тиийиэхпит уонна эбээ биһиэхэ лэппиэскэ буһарбыта буолуо. Ону сиэхпит, өссө хоп-хойуу тыбыс-тымныы суораты кытта барыанньалаан сиэхпит…

Хааман иһээччилэр өр гыныахтара дуо, хантан да кэлбитэ биллибэккэ, хайдах эрэ бөһүөлэккэ киирэн хааллылар. Уолаттар букатын билбэт сирдэрэ.

– Убаай, аны атын куоракка кэлбиппит буолаарай? – кыра уол ыксаан куолаһа кытта титирэстиэхчэ.

– Суох-суох, хайдах атын сиргэ кэлиэхпитий? Бэйэбит бөһүөлэкпит. Икки күн эҥин хаампыппыт буоллар, баҕар, атын сиргэ тиийиэ этибит. Та-ак… ити өйдөөх ынаҕы син биир батыһыах, дьиэтигэр тиийдэҕинэ маамаларыттан ыйытыахпыт буоллаҕа дии.

– Оо, суох-суох, көр эрэ! Ол били ортоку маҕаһыын көстөр дии! Оччоҕо биһиги дьиэбитигэр бу диэкинэн барабыт ээ, ынаҕы батыһыма! – кыра уол урут көрөн аймана түстэ.

Инньэ гынан, киэҥ сиринэн эргийэ хааман, хата дьиэлэригэр кэллэхтэрэ. Уолаттар, оруобуна эппиттэрин курдук, арыыга буспут минньигэс лэппиэскэлэрин суораты кытта барыанньалаан тото-хана үссэнэ олордулар. Ол быыһыгар ити мүччүргэннээх сырыыларын кэпсээн биэрэн, эбээлэрэ эһээлэрин улаханнык мөҕүтүннэ. Сарсыҥҥыттан ыла аттарыттан түспэттэригэр, үһүөн мэҥэстэллэригэр кытаанах эбээ соруйда.

Эһээ буоллаҕына кэлэйбит курдук туттар уонна:

– Бу да дьон, туох ааттаах муна оонньоотоххутуй? Оттон улахан эбэнэн эргийбиккит улахан эбит, – диэн сэмэлээбитэ буолар.

Ол да буоллар иһигэр атыннык саныыр: «Көр эрэ, сэгэттэйдэрим, син толкуйдаан муҥнаммыттар ээ, ынахтары батыһан уһаабакка кэллэхтэрэ», – диэн сэмээр мүчүҥнүүр, хайгыыр.

– Аны биһиги кырдьыктыы муннахпытына да куттаныахпыт суоҕа, дии? – уолаттар эһээлээх эбээлэрин диэки кылап-халап көрбөхтүүллэр.

Киһи күннээх, балык ыамнаах

– Бүгүн уруок кэнниттэн олимпиадаҕа барааччылар хаалаарыҥ эрэ, кыратык суоттуу түһүөхпүт, – Алгебраич диэн, таһыттан көрдөххө хайа олохтооҕун дуу, кырдьаҕас дьэбириэйи дуу санатарын иһин, оҕолор уруут-урут иҥэрбиттэринэн, суураллыбат буолбут хос ааттаах ахсаан учуутала кылаас сурунаалын лап гыннаран сапта.

«Паха-ыый, ол аата эмиэ мөҕүллэр буолбуппун… хайыах баҕайыбыный… эмиэ албынныыр кыһалҕа тирээтэҕэ… Оттон харчы диэтэхтэринэ, кимтэн көрдүүбүнүй…» – үөрүөхтээҕэр эрэй бөҕөҕө соҕотохто төбөтүн оройунан түспүт Дьөгүөссэ муҥнаах умса туттан олорбохтоото.

Уол суоччутунан оскуолатыгар бастыҥнара. Ааспыт сырыыга региональнай диэн ааттаан Улардаахха бара сылдьыбыттара. Онно, саатар, түбэһэрэ да баар ээ, куораттан «Дьоҕур» диэн ахсаанньыттары үөрэтэр оскуолаттан учуутал кэлэ сылдьара. Ол учуутал туһунан арааһы кэпсииллэрэ. Сураҕа, бастыҥнары курдары көрөн булар, хаһан да кыттааччыны киирсиигэ ылбыт миэстэтинэн сыаналаабат, тутулуга-хаарчаҕа суох суоттуур оҕолору эндэппэккэ билэр диэн кэпсииллэрин итиннэ чахчы итэҕэппитэ. Бу сырыыга эмиэ, кини «булумньутугар» барыта уон иһигэр да киирбэтэх оҕолору кытта, арай, бастаабыт соҕотох Дьөгүөссэҕэ баара. Учуутал киниэхэ чуо кэлбитэ уонна бэрт судургутук эппитэ:

– Тоойуом, киһиргэппэт идэлээх этим да, эйигин тоҕо эрэ олус сөбүлээтим. Кэл эрэ манна, арай, эн бу холобуру хайдах суоттуоҥ этэй, тылгынан быһаар эрэ, – диэбитигэр, уол өс киирбэх сонно тута, икки кылаас ыпсыытыгар турар халыҥ бэйэлээх баҕанаҕа тэтэрээтин сыһыары тутан, уҥа-хаҥас тардыалаан, хайдах өйдүүрүнэн судургутук көрдөрөн-быһааран биэрбитэ.

Куорат киһитэ үөрэ түспүтэ:

– Эн биһикки ыкса доҕордоһорбут наада эбит. Миэхэ баран куоракка үөрэниэҥ дуо? – диэн быһа ыйыппыта.

– Ээ, суох… мин ахсааны сөбүлээбэппин… Тылы… тылы ордоробун, – диэт, Дьөгүөссэ куота сүүрбүтэ.

Ити ый кэриҥэ анараа өттүгэр этэ. Уол Улардаахха чугас буолан, оскуолатын бэлэм массыынатынан барсан кэлбитэ. Аара айаннаан иһэн араас санаа кинини үүйэ-хаайа туппута. Эмиэ да сымыйалаан кубарыппытыттан иһигэр кыбыста санаабыта, эмиэ да итинтэн атыннык буолуон табыллыбата. Ону кини эрэ билэрэ.

Бүгүн ити уруок кэнниттэн Алгебраич дьарыгар, астына аҕай суоттуу олордоҕуна, аан тэлэллэ биэрбитэ уонна били куорат учуутала киэҥник атыллаан киирэн кэлбитэ. Суруйа-суоттуу олорор уонча оҕону кэрийэ көрбүтэ уонна хараҕа Дьөгүөссэҕэ тохтообута:

– Һок, гуманитарий Гоша эмиэ баар эбит дуу? Хайа, тоойуом, туох ситиһии? – дии-дии, кэлэн уол тэтэрээтин өҥөйбүтэ.

– Гоша лаппа үчүгэй суоччут, – Алгебраич, астыммыт баҕайы киһи быһыытынан, ачыкытын өрө анньыбыта.

Куорат учуутала Алгебраичтыын тугу эрэ өр сибигинэһэн кэпсэппиттэрэ. Оҕолор бириэмэҕэ суоттуу олорор буолан аралдьыйбатахтара, мүнүүтэ сырсыытыгар уруучукаларын эрэ сырылыыр тыаһа иһиллэргэ дылыта. Ол да буоллар Дьөгүөссэ санаатын ханнык эрэ муннугар, мэйиитин хайа эрэ муччухатыгар хайдах эрэ ытырыктата санаабыта. Учууталлара тоҕо наар киниттэн иҥиннэхтэрэй, баччааҥҥа диэри чуумпу буолара да…

Ити икки ардыгар суокка бэриллибит сэттэ мүнүүтэ ааһан, суугунаһыы буолла. Тэтэрээттэр сабылыннылар. Алгебраич суот-садаача эппиэтин элэстэтэн этэн биэрдэ. Кимиэнэ эрэ сөп түбэстэ, сорохтор сиирэ-халты бэристилэр. Дьөгүөссэ биирэ да маарыннаабата. Алгебраич, ону эрэ күүппүттүү, уолу дуоскаҕа ыҥыран таһаарда. Куорат учуутала уол оннугар баран көрөн олордо. Аҕыйах мүнүүтэ иһигэр кураанах килэйэн турбут дуоска туола оҕуста, Дьөгүөссэ син биир маарыын ылбыт эппиэтэ тахсан кэллэ. Куорат киһитэ ытыһын таһынна уонна:

– Чаҕылхай суот, маладьыас! Өссө кимиэхэ маннык түмүктээҕий? – диэн эргиччи көрдө.

Үс хас оҕо илиитин уунна. Ити эрэ кэнниттэн, кинилэр сыыһа, муннарар суолунан суоттаабыттара буоллар, маарыын Алгебраич эппиэтигэр тиийиэхтээхтэрин, ол букатын алҕаһын өр гыммакка дьэҥкэтик быһаардылар. Ахсаан диэн итинник албастардааҕын учууталлара өссө төгүл лаппыйан чиҥэтэ үөрэттэ, эриирдээх, эридьиэстээх суот хаһан баҕарар албынныыр кутталлааҕын чиҥ билии эрэ быыһыырын итэҕэттэ.

Дьөгүөссэ дьиэтигэр бараары хомуна турдаҕына үөһээ мэндиэмэнтэн уолаттар сырсан түстүлэр. Кинилэр куорат учуутала оҕолору тала кэлбитин туһунан истибиттэрин күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ тахсан бардылар. «Хаарыаны-ы, хайа дьоллооохтор онно тиийэллэрэ буолла» диэн иһигэр ымсыыра эрэ санаата. Онтон, сарсыарда аһаабакка кэлбитэ өттө, аччыктаабыт куртаҕа курулуура иһиллэргэ дылы буолла.

– Дьөгүөссэ-э, мээчиктии түспэппит дуо? – бииргэ үөрэнэр уолаттара, хайыы-үйэ дьиэлэригэр чэйдии охсон, секцияҕа иһэллэрин утары көрүстэ.

– Суох, бүгүн бокуойум суох, – эрэ диэтэ, аччыктаатым диэҕин кэрэйдэ.

Уол арааһы эргитэ санаан, эмискэ сүрэҕэ ыгыта туппахтаата: куораттыыр кыаҕа суох, онуоха үп-харчы диэн абытай ытарчата баар. Хантан ылыай? Мээчиктиирэ эмиэ кыаллыбат, дьиэтигэр тиийдэҕинэ сатанар.

Хайдахтаах курдук дьон санаа хоту олохтоохторо буолуой? Абакка да эбит! Уол күүһүн муҥунан иннин хоту сүүрдэ. Ыраата сатаабыт омунугар дьиэтигэр тиийэ сыспыта. Дьиҥэр, кини ыраах баҕайы, сыыр аннынан бүтэһик уулусса кытыытыгар олорор. Сүүрбүт омунугар кыһыҥҥы чысхаан, биллэр-биллибэт эрээри сытыы тыалтан хараҕа ууламмыта. Онтун туора хаһыйан Сөдүөттээх олбуордарын таһыгар тыынын ыла сатыы турбута. Уол, хайатын муҥун, итиигэ-тымныыга эрчиллибит бэйэккэтэ, кырдьыга баран тыалтан хараҕа ууламматаҕа. Ити таах, санаатын бөҕөргөтөн, хара күүһүнэн атыны саныы сатыыр. Куоракка үөрэнэ барыан баҕарарыттан, ахсааны-суоту кыратыттан таҥара оҥосторуттан, ол эрээри ити ыра санаата хаһан да туолбатын билэриттэн абаккаран, кыһыытыгар, сыҥсырыйбакка да ытаатаҕа. Чэ, буоллун, бииргэ үөрэнэр оҕолоро эрэ билбэтэллэр ханнык. Ама да кинини ити куорат учуутала наһаа сураспат ини? Оччоҕо биллиэ суохтаах. Оттон билигин, ким да көрбөтүгэр, кыратык тыыны да таһаардахха туох баарый… Дьиэтигэр эмиэ ытыы-соҥуу сылдьара сатаммат. Тыый, оттон оҕото – балта баар дии?

Дьөгүөссэ тохсуска үөрэнэр. Балта сэттискэ киирбитэ, биир сыл ыалдьан хаалбыта, онон соторутааҕыта тахсан биир кылааһынан аллара үөрэнэн эрэр. Инна диэн маладьыас буоллаҕа. Ол эрээри ити ыарыыта арахпата. Ким онуоха кыһаныай? Дьөгүөссэ кимтэн туоһулаһыан билбэт да, кыбыстар да. Ийэлэрэ маҕаһыыҥҥа остуорастыыр. Үлэлээн да диэн… бүгүн эмиэ хараҕа көҕөрөн, ыраахтан арыгы аһыы сытынан аҥкылыйан, эмиэ «тусовкалаабыт» чинчилээх. Маарыын уол оскуолатыгар ааһан иһэн, алҕас маҕаһыын ааныгар уун-утары анньылла түспүтэ. Оргууй аҕай: «Маама-а, киэһэ сөпкө кэлиэҥ дуу?» – эрэ диэбитэ. Онуоха ийэтэ, эмиэ да кыбыстыбыттыы, сирэйин кистээбитэ: «Тоойуом, тоҕо кэлэҕиний… аскыт баар ини? Мин тиийиэм буоллаҕа дии», – эрэ диэбитэ.

Уол ийэтин, ханныгын да иһин, олус таптыыр, аһынар. Ийэтэ эрэйдээххэ хаһан да кыыһырбат, куруубайдаабат. Оннооҕор ибили итирик да буоллаҕына, сысыһан-сосуһан аҕалан, бүөбэйдээн муҥнанар. Аан дойдуга баар бары буруй кини ийэтэ сордоох үрдүнэн ааһар да, Дьөгүөссэ сатаан көмүскэһэрэ буоллар, барытын быһааран биэриэх этэ. Ону баара…

Кини ийэтэ хаһан эрэ Ольга Егоровна диэн ааттанар нэһилиэккэ биир бастыҥ бэтэринээр этэ. Дьон-сэргэ ытыктаан мэлдьи мичээрдии көрсөр киһилэрэ билигин уруккутугар маарыннаабат. Букатын аҕыйах сыллааҕыта, чахчы да Ольгаттан киһи хараҕа араҕыа суоҕун курдуга. Дьахталлартан эрэ кэрэлэрэ, майгылаах үтүөтэ, билиитэ-көрүүтэ киэҥэ, асчыта, иистэнньэҥэ, барыны сатыыра кимиэхэ да тэҥнэспэт этэ… Хаарыаны, үчүгэй да кэмнэр ааспыттар эбит.

Ол эрээри кинилэр аҕалара сүтүөҕүттэн… итинник аһыыр идэлэммитэ. Түбэһиэх сиргэ улдьааран баран хаалар, ардыгар иккилии-үстүү ый тухары ханна сылдьара биллибэт. Итини билэннэр, ийэ быраабыттан быһаары, икки төгүл дьүүллээн тураллар. Онно Дьөгүөссэлээх Инна, киһи уйулҕата көтүөх, маккыраччы ытаан тураннар ийэлэрин көмүскээн ылбыттара, бары куһаҕанын, аньыытын-харатын кыккыраччы мэлдьэспиттэрэ. Оннооҕор кэтэбил хамыыһыйа кэлэн көрөр кэмигэр ыаллара Аана эмээхсини көрдөһөн киллэрэннэр, эбээлэрин кытта олорор курдук оҥостубуттара, ийэлэрэ суоҕун кистээбиттэрэ…

Аҕалара уопсайынан да иһэрин сөбүлүүрэ. Ол эрээри Ольга Егоровна мэлдьи кистии-саба, сууйа-тарыы сылдьар буолан, ыалларыттан атын ким да Андрей Мыычахаанап иччилээхтик иһэрин билбэтэ. Истэ да наар ханна эрэ барар айдааннаах, кимниин эрэ боруоктаһан суустаһар буолааччы. Тиһэх сырыытыгар эмиэ, балыктыыбын диэн өрүскэ киирбитэ. Сытайбыт курдук тыаллаах баҕайы күн этэ. Бииргэ «аһаабыт» дьоно кинини эбэҕэ киирбэтэҕэ дииллэр да, син биир ханна да барбыта биллибэккэ, ууга тааһы бырахпыттыы мэлийбитэ. Бастаан утаа киһи сүппүтүн күргүөмүнэн көрдөөбүттэрэ, кэлин тохтообуттара, устунан умнубуттара.

Ольга Андрейын олус аһыйбыта, тулаайах уолга кэргэн тахсан икки оҕолонон, син бэркэ олорбуттара эбээт. Аны саатар, киһилии уҥуох тутан көмөр кыаҕа суоҕуттан абаккаран, ийэлэрэ эрэйдээх кистээн ытыыра, ардыгар саҥа таһааран үҥсэргиирэ. Ол сылдьан биир киэһэ, дьүөгэлэрэ аралдьый диэн дьиэ малааһыныгар ыҥырбыттарыгар баран баран, арыгы сыттаах кэлбитигэр оҕолоро соһуйан да, сөбүлээбэккэ да чугаһаабатахтара. Арааһа, итинник аралдьыйар албаһынан дууһатын ыарыытын мүлүрүтэр быһыылааҕа, тоҕо эрэ Ольга санаата оонньуура, тыынын-чаанын таһаарара чаастатыйбыта.

Устунан туох аанньа буолуой? Оҕолоро улаатан истэхтэрин аайы, кини дьылҕатын ытанара үксээбитэ. Өссө да ситэ илик барахсаттар төрөппүт ийэлэрин туох диэн буойуохтарай, дьиҥ балаһыанньаны тиэрдэн өйдүү сатыыр кыахтара да суоҕа, сыччах сүрэхтэринэн эрэ сирдэтэллэрэ, эҥкилэ суох таптыылларын эрэ билэллэрэ. Дьөгүөссэ хайдах гынан ийэтин уруккутугар төннөрөрүн толкуйдуу сатаабыта да… кини өссө да оҕотук өйө быһаарбат уустук боппуруоһа быһыылааҕа.

Доҕотторун кытта уол хаһан да ордугу-хоһу тыллаһан кэпсэппэт буолбута, тэйбитэ. Балта былырыын тыҥатынан ыалдьыбытыгар ырааһы көрөр хамыыһыйалара дьиэлэригэр кэлэ сылдьыбыта. Арыгыһыт ийэлээх аатырар, аҥаардастыы бэйэлэрэ эрэ дьаһанан олорор ыал дуома туох аанньа буолуой диэбиттэрэ быһыылааҕа. Дьиэ күлүмүрдэс ырааһыттан, бэйэлэрэ да мах бэрдэрэн, үгүс саҥата суох тахсыбыттара уонна оҕону сыччах «аанньа аһаабатыттан, тоҥоруттан-хатарыттан тымныйан баран сыыстарбыт» диэн уураахтаабыттара. Инньэ гынан Инна сыл кэриҥэ балыыһаламмыта.

Дьөгүөссэ аймахтарын кими да билбэт. Ийэлэрэ барыларыттан тоҕо эрэ тэйбитэ оччо дуу, эбэтэр кимнэрэ да суох. Инньэ гынан кимтэн көмө эрэйиэн саллар даҕаны. Эһиил, онтон эһиил оскуолатын бүтэрдэҕинэ хайдах буолаахтыыра биллибэт, кинини туох дьылҕа күүтэрэ буолуой? Куоракка тиийиэххэ диэтэххэ харчы наада эбээт. Үөрэххэ киирэргэ эмиэ. Оттон кини бардаҕына аны Инната соҕотох хаалан буорайар. Ол иһин уол бигэтик санаммыта ыраатта, оскуолатын кэнниттэн чааһынай эргиэмсиктэргэ хамнастаһыа, аармыйаҕа баран кэлиэ буолуо, онтон Инна бүттэҕинэ иккиэн бииргэ хайа диэки барыахтарын тобулуохтара… Онуоха диэри ийэлэрин хайдах эмэ гынан… эмтэппит, үтүөрдүбүт киһи баар ини?

Уол дьагдьайа быһыытыйда, чараас, кыстыырга сөбө суох дьоҕус истээх кууркатынан тоҥуохча буолла. Онон, уоскуйа түһээт, оргууй хааман дьиэтигэр киирдэ. Инна кэлэн хайыы-үйэ хортуоппуйун ууга буһарбыт. Ону кытта туох эрэ минньигэс баҕайы, арааһа эт сытыгар маарынныыр баарга дылы.

– Аана эбээ сибиинньэ этиттэн бэристэ. Ону үс өлүүгэ үллэрдим. Биирин бу ыһаарылаатым, аны икки күөскэ хаалла, – диэн кыыс үөрэн чаҕылыҥнаата.

– Маама, баҕар, бүгүн кэлиэ, – уол оргууй аҕай балтыгар эттэ.

– Мин барыбытыгар диэн ботуччу буһардым ээ, – убайа эмиэ ийэтигэр ирээттээн, аанньа аһыа суоҕун эрдэттэн таайан, кыыс чобуотук хардарда.

– Оччоҕо, күүтэ түһэрбит дуу, аһыы турабыт дуу… – убай киһи мунаарда.

– Аана эбээ эрдэ сылааһына аһаарыҥ диэбитэ, – Инна өйдөөх харахтарынан убайын диэки көрдө, эбии тугу да саҥарбата.

Онтон, чочумча буолаат:

– Маама маарыын кэлэн барбыта ээ… Бүтэһик харчыбытын ылбыта, биһиэхэ бу хаалларда… – диэн баран мөһөөктөөх кумааҕыны убайыгар уунна.

– Килиэппитигэр… уур ээ, – мыынан да туох диэҕэй, Дьөгүөссэ холкутуйа сатыы-сатыы балтын дьаһайда.

Соччо-бачча саҥата суох аһылык саҕаланна. Минньигэс баҕайы эти, бэркэ амтаһыйан, өөр да өр ыстыы-ыстыылар, саҥата кэлбэт буолбут тэлэбиисэргэ реклама элэҥниирин одуулуу олордулар.

– Дьөгүөссэ, оттон ити олимпиадаҕа барааччылары ыла кэлбит киһи эйиэхэ туох да диэбэтэ дуо? – Инна тоҕо эрэ иҥэн-тоҥон ыйыппытын уол атыҥырыы санаата.

– Суох, – диэн мэлдьэстэ да, дьиибэргиирэ ааспата…

Ити икки ардыгар ааны ким эрэ тоҥсуйда. Инна, элэстэнэн, арыйа сүүрдэ. Таһырдьаттан Алгебраич били куораттан кэлбит учууталы кытта уол кылааһын салайааччыта уонна оскуола дириэктэрэ Сидор Иванович батыһыннарыылаах киирэн кэллилэр.

Дьөгүөссэ олорбут сириттэн кыайан турбакка, хам хатаммыт курдук, харыс да аҥаара хамсаабата. Ыстыы олорбут этин минньигэс баҕайы сүмэһинэ сонно тута симэлийэн, айаҕар мэктиэтигэр кууран хаалбыт курдук, кыайан ыйыстыбат буолуор диэри кытаатан хаалла. Уол, көрүөҕүнэн көрөн, биир да дорҕоону саҥарбакка олороругар эрэ тиийдэ.

– Гоша, эйиэхэ кэллибит. Биһиги, сүбэлэһэн баран, Иннаны кытта эйигин Дьокуускайга үөрэттэрэ ыытар буоллубут, – Сидор Иванович кэпсэтиини судургутук саҕалаата. – Тоойуом, эн балаһыанньаҕын билбэт буолбатахпыт. Дьон ортотугар олоробут, хайаабыт да иһин, киһи син биир истэр даҕайы, онон эн онтон соһуйума…

– Сидор Иванович сөпкө этэр, оннук, – кылааһынайа Светлана Фёдоровна эбэн биэрдэ. – Гоша, эн куоракка барарыҥ наада. Математиканы наһаа сөбүлүүгүн буолбаат? Баҕаҥ хоту үүнүөҥ-сайдыаҥ, үөрэххэ киирэргэ бэлэмнэниэҥ.

– Биһиги иккиэн интэринээккэ олоруохпут дии? – Инна олус үөрбүт-көппүт сирэйэ тэтэрэ охсубута, тылбай-өспөй буолбута убайын эбии соһутта…

– Биһигини аһынар наадата суох… – уол тордуохтаһыах курдук буолан эрдэҕинэ, куорат учуутала быһа түстэ.

– Гоша, ким да кими да аһыммат. Биһиэхэ, лиссиэйгэ оннооҕор сылы сылынан дьарыктаммыт оҕолор туттарсаннар кыайан киирбэттэр. Оттон эн олимпиадаҥ суота чаҕылхай, ураты ньыманан толкуйдуугун, биһиэхэ итинник кыахтаах оҕолору сайыннарар анал кылаастардаахпыт. Онон кэмсиниэҥ суоҕа, – диэтэ.

Дьөгүөссэ соһуйуон иһин, балта бу сырыыга сытыыта киирбит. Били куорат учууталыгар тиийэн «үҥсүбүт», убайа булгуччу үөрэннэҕинэ эрэ кинилэр табыллалларын туһунан кэпсээбит. Онтон, ол учуутал кыыс убайа уруккуттан сөбүлүү көрөр оҕото буолан хаалбытыттан улаханнык үөрбүт. Ол иһин учууталлары мунньан сүбэлэспиттэр.

– Гоша, балтыгын көрө сылдьыаҥ, ый аайы оскуолаҥ эйиэхэ стипендия төлүөҕэ. Олимпиадаларга бастаатаххына, онтуҥ үллэр-үүнэр гына өссө бырыһыаннаах, – Сидор Иванович мүчүк гынна, кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн аан диэки хайыста.

Уол алааран хаалла, тугу да диир кыаҕа суох буолан, арай:

– Оттон… ийэм? – эрэ диэхтээтэ.

Светлана Фёдоровна уоскутта:

– Тоойдоруом, ийэ дьылҕатын туһугар дьахтар кэмитиэтэ ылсыаҕа. Онно санааҕытын уурумаҥ, уһун өрөбүллэргитигэр дьиэҕитигэр кэлиэххит буоллаҕа дии, – диэтэ.

– Бу барыта эн тускар, Гоша, оҥоһуллар. Эйиэхэ эрэлбит оччо. «Киһи күннээх, балык ыамнаах» диэн дэлэҕэ эппэттэр. Онон, тоойуом, туох-ханнык кыаххын көрдөрөн, бастыҥнарга киириэхтээххин. Биһиги ааппытын ааттатыахтааххын. Ол туһугар оскуолаҥ эйиэхэ усулуобуйаны оҥоруо, оттон күннээх чааскын бэйэҥ оҥостуоҥ… – Алгебраич иитиллээччитэ киэҥ аартыкка үктэнэн эрэриттэн муҥура суох үөрэрин биллэрэн, улаатан эрэр уол саннын таптайда.

Инна үөрбүт харахтарыгар убайынан муҥура суох киэн туттуу кылахачыйан ааспыта. Кыыс сибилигин да барыах диэтэххэ, ыстанардыы, кынатын сараппыт чыычаах оҕотун санаппыта…


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации