Текст книги "Буолар да эбит"
Автор книги: Евдокия Иринцеева
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 19 (всего у книги 19 страниц)
Аккаас
– Коля, аны биир сылынан мин букатыннаахтык олохсуйа Питердиэм… Онон, эрдэттэн… син биир арахсыахпыт быһыытынан, доҕордоһон бүтүөх… – диэт, Сардаана сыһыарыы уһун кыламаннарынан сапсыммахтаат, умсары көрдө.
Уол таалан туран хаалла, ситэри тугу да өйдөөбөтө. Ол аата?
– Хайдах… Сардаана, оттон оччолорго мин… баҕар эмиэ барсар кыахтаныам буолуо дии…
– Суох, суох! Наадата суох. Эн биһикки син биир урут дуу, хойут дуу арахсар дьылҕалаахпыт…
– Тоҕо? Ким инньэ диирий? Туохха олоҕуран итинник диигиний? Сардаана?
Уол харда ылыан эрэйэр, кыыс истибэт, дьалты-халты хаамар, куота былаан иннин хоту ыстанар. Сардаана, уруһуйга баар кыыстыы, араастаан туттарын, күн аайы дьикти бэйэлээхтик сэбэрэтин уларытан сатаан кырааскаланарын Коля бастаан наһаа сөҕөрө. Оннооҕор, бүгүн кини хайдах буолан кэлиэҕэй диэн таайа сатыыра. Ол эрээри, кэнникинэн, итини сатаан өйдөөбөт курдук турукка киирбитэ. Сардаана бэйэтэ да олус үчүгэйкээн дьүһүнүн тоҕо даҕаны иэрэ-таары уларыта сатыырын өйө хоппотоҕо.
– Эн сөбүлээбэтэҕиҥ аанньа атыттарга сонун, кинилэр миигин араастык көрүөхтэрин баҕарабын, – диэн сып-сырдыктык мичээрдээн кэбиһэрэ.
Ону Коля, бэйэм ситэри өйдөөбөт быһыылаахпын диэн салгыы утарса барбатаҕа. Кэнэнин, көнөтүн иһин кыыс бөҕө киниттэн уһаабакка арахпытын санаатаҕына, киһиҥ өссө сүрэҕэр ыттарара эбээт. Онон, биир-биэс тыла суох, Сардаананы араастаан ыйытан муҥнаан, кырааскатын-самааскатын көҕүрэттэрэр санаатын киэр илгибитэ. Кыыс, куолутунан, уларыйан кэллэҕинэ уол соһуйара аччаабыта. Ол да буоллар, Сардаана, туох эрэ атын уобараска киирэн, араастаан тутта-хапта, ол-бу диэки көрө-көрө, ити сыһыарыы кыламаннарынан сатаан сапсынарын букатын иһигэр киллэрбэтэ. Санаатыгар, кыыс кини иннигэр буолбакка, саҥата суох соҥуорбут күлүк курдук сиэркилэҕэ, төһө бэркэ көстөрүм буолла диэбиттии, оҥосто сатаан мунньараҥныыр курдуга. Оччоҕо уол киэр хайыһан уоскуйа быһыытыйара. Оттон бу сырыыга, Сардааната бэйэтэ инники ойдо…
Хайыай, эр киһи элээмэтэ аатыран олорон хаалыа дуо, саҥата суох үрдүк уҥуохтаах, толору бөтөҕөлөрдөөх көнө атахтарын эмиэ араастаан хатыйа тута-тута, тыастаахтык тиҥилэхтээн хаамар кырасаабыссатын кэнниттэн сукуҥнаан истэ. Ону-маны эргитэ санаата. Сэгэриэм, уһуннук анаарыа баара дуо, санаа эргийэр түргэн тэтимин ким тылынан дуу, суругунан дуу ситиэ баарай… Кыл түгэнэ аан дойдуну арсыынныыр курдук сир ортотугар эрэ тиийдэ…
– Батыһыма, аккаары-а! Син биир миигин аны сиппэккин, сөп? – кэрэчээн Сардаана сиигирбэтэх да кыламаннарынан оруобуна ытамньыйбахтыыр кыыс курдук ибигирэччи сапсыммахтаата.
Сирэйигэр хомолто күлүгэ кыырпах да саҕанан биллибэт. Арай, сэтэрээбит, эрдэттэн өйгө баҕас оҥорон, хаста да төхтүрүйэн бэлэмнэммит курдук туттуу-хаптыы… Былаан быһыытынан тумнары саҥарыы, истибэтэҕэ буолуу.
Уол буоллаҕына атыны саныыр. Ити аата хайдах-хайдаҕый… Тугунан кинини өһүргэттэҕэй дуу, кыыһыртаҕай дуу… Биитэр, кытаанах суот содула дуу? Төһө даҕаны Сардаана тас көстүү, солотуу туһугар оҥосто-тутта сатаабытын иннигэр… Коля киниттэн араҕыан баҕарбат ээ… Сотору ситиэ-улаатыа, өйдүө ини диэн баҕарааччы этэ да…
– Сардаана, тохтоо, кэпсэтиэх. Туох буоллай? Миэхэ этиий?
– Туох буолуохтаах этэй? Тоҕо булгу туох эмэ буолуохтааҕый? Эрдэттэн биллэри, көстөрү көрбөтөх-билбэтэх эн эрэ бааргын! Наадата суоҕунан дьарыктанан бүтүөх!
– Ол аата хайдах…
– Ити баар… Оннооҕор киһилии саҥаны сатаан өйдөөбөккүн уонна баран…
Дьэ, буоллаҕа. Ити баар, эмиэ Коля сахалыы ситэри өйдөөбөтүн туһунан хомуруйуу саҕаланнаҕа… Сардаана чахчы олус сахалыы кыыс. Нууччалыы бэрт мөлтөхтүк саҥарар. Сахалыы тартарыыта олус күүстээх буолан, бастаан, уол олус манньыйар курдуга. Ардыгар онтуга мэһэйдээн даҕаны ылааччы. Ордук, мааны кыыс кыыһыран тымтан, аҕала сатыы-сатыы «нууччалаатаҕына»… куоракка улааппыт, нуучча тылын эйгэтигэр сиппит эдэр киһи, хайдах эрэ мунан хаалан, туох да диэн булбата. Кыыһы көннөрөөрү гыннаҕына анарааҥҥыта өһүргэнэн турара. Ол иһин саҥата суох истэрэ эрэ. Уол сахалыы тыла-өһө татыма, биллэн турар, «балык устарыныы» сананар нууччалыы тыллаах сириттэн таһыччы атына буоллаҕа эбээт. Төрөөбүт тылынан олуттаҕастык саҥарарын кыыс эмиэ бастаан көр курдук үөрэ истэрэ. Онто ханна баарый, кэлин уол төһө да балачча сахатыйбытын үрдүнэн, кини ити тылы «букатын билбэтэ» куруук тоһоҕолонор буолан испитэ.
– Тоҕо билбэт буолуомуй? Уустук баҕайыны ситэри өйдөөбөппүн… Оттон ону быһаардаххына умнубаппын буолбат дуо? – биирдэ уол аахсыбыттаах.
– Ол ийэҥ-аҕаҥ ситэри биэрбэтэҕин мин эйиэхэ үөрэтиэхтээх ньээҥкэ үһүбүн дуо?! – кыыс эмиэ тымтан турбута.
– Ньээҥкэ диэмэ, гувернантка диэ… – уол күлбүтэ.
– Ньээҥкэ буолбакка! Тугуй ол, губернатор кэргэнэ үһүбүн дуо?
– Суох, кэрэчээнэм! Оннук буолбатах, ньээҥкэ диэн таах көрөр-истэр, аһатар-сиэтэр, сууйар-сотор. Оттон үөрэтээччи, как раз, гувернантка диэн…
– Сымыйанан билээҕимсийимэ! Ньээҥкэ диэн сахалыытын өйдөөбөккүн?! Сымыйанан атын тыллары өссө соҥнообут буола-буолаҕын!
– Няня, нянечка… тоҕо сахалыы тыл буолуой…
Биир сырыыга кыыһырсыы төрдө итинтэн тахсыбыта. Онтон ыла Сардаана кыыс уолга сорудах арааһын биэрэр идэлэммитэ: төлөпүөнүнэн суруйара, эбэтэр ВКонтакте ыытара. Ону ылымматаҕына Коля кыыһыттан матар кутталлааҕа. Хайыай, сахалыы-нууччалыы эҥкилэ суох билэр доҕор уолун аны түүн-күнүс муҥнуур идэлэммитэ. Тоҕо диэтэххэ, Сардаана усулуобуйата оннуга. Ардыгар түүн үөһэ смс-ка кэлэрэ: сибилигин эт эрэ маны миэхэ: «айгыр-сигилик айылҕа барахсан хаар маҥан суорҕанын бүрүнээри оҥостор». Коля туох диэхтиэй, итинник уустугу, син үһү-дамах курдук өйдөөтөр да, хантан сиһилии тылбаастыай. Ол иһин доҕорун уһугуннарарга тиийэрэ. Инньэ да гынан Сардаанаттан хайҕалы истиэ биллибэтэ. Хаҕыс соҕус «учуутал» кыыс хатыһара элбэҕэ. Ол эрээри иһигэр син уол дьоҕурун сөҕө-салла сыаналыыр быһыылааҕа.
Ити да көмөлөспөтө быһыылаах. Уол сүрэҕэр чопчу киирэн хаалбыт кыыс аны төлө көтөн тахсыан баҕардаҕа. Онто ыарыылаах буолуон туһунан санаабата абаккалаах буолбатах үһүө?.
«Арааһа, атын уолланнаҕа, онто Питергэ быһыылаах» диэн уорба санаа ол иһин Коляны үүйэ-хаайа туппута. Сардаана курдук, киһи хараҕын араарбат бэлиэ кыыс, буолбутун да иһин, бу куоракка син биир аҕыйаҕа.
– Доо, астык кыыһы туппуккун буотта-ыы! Тугу гынарый, туох дьарыктааҕый? Өҥнөөх д-дыа? Тыа дуу? – уолаттар, аан бастаан кини, кыыһыныын билсээт, кафеҕа киирбиттэригэр, таах да уҥа сыспыттаахтара.
Сылы быһа Сардаанатыныын сиэттиһэ сылдьар табаарыстарын, устунан, уолаттар таахха тыыппат, мээнэ туоһуласпат буолбуттара. Сардаанаҕа да иҥээҥнээччилэр уоскуйбуттара. Уоллаах кыыс чахчы дьоһун доҕордуулар буолбуттар диэн, арааһа, биири санаабыттара. Онто баара, ханнаный?! Сардаана Питердиэ үһү…
– Сардааҥка-а… – Коля төлөпүөннүүр. – Чэйиий, көрсүһүөххэ ээ… Кэлэбин дуо?
– Суох. Наадата суох. Миигин ыраах барбыт курдук санаан кэбис, бүттэҕэ ол дии.
– Хайдах ол аата? Эн, в конце концов, туох буолбуккун этиэх, быһаарыах эбиккин.
– Эмиэ нууччалаата! Мин тугу да быһаарбаппын. Онто да суох биллэр, эн биһикки аргыстаһар кыахпыт суох…
– Ханна аргыстаспаппытый…
– Ити баар, эн миигин хаһан да өйдөөбөккүн. Оннооҕор ити быыкаайыгы!
– Оттон эн үчүгэйдик этиий…
– Куһаҕаннык этэр киһи эйиэхэ эмиэ наадата суох буолуохтаах. Уопсайынан, айака, бүт, сылайдым, миэхэ эрийимэ аны!
– Тохтоо, туруупканы быраҕы… – ситэ этиппэккэ да бүттэҕэ ити. Устунан төлөпүөн араҕыста. Аны хаһан да ылбаттыы «игнор» хара испииһэгэр киирдэҕэ, эчи, кэбэҕэһин.
– Ээ, доҕоор, уоскуй… Биирдэ баран, эйигин эр киһи курдук көрбөт, сыаналаабат буоллаҕына… тоҕо наһаа санааҕар туттуҥ? Кыыс кининэн бүттэҕэй? – табаарыс уолаттара араастаан уоскута сатыыллара абыраабат.
Бүгүн Коляны «быыһаары» кинилэр «Чикагоҕа» остуол үлэспиттэр. Хаайан-хаайан, нэһиилэ дьиэтиттэн ороон, бу аҕаллылар. Уруккутун курдук тыаһыыр муусука матыыбын аайы хос быһаарара, эгдэҥэлии-эйэҥэлии олороро ханан да суох. Тыла суох киһи курдук туохха да кыһаммат, биир сири одуулуур, онон бүтэр. Уоллара чахчы «депресняк» буолбутун, тарпат бэйэтэ хаһыс да сототун тохтоло суох субуйарын көрөн илэ итэҕэйдилэр. Тугу да кэпсээн кинини сааратыа суохтар. Атын кыыһы билиһиннэрэ сатыыр бу маннык түгэҥҥэ сиэрэ суох, кэрэчээнэтин аһыйан муҥнана олорор киһи онуоха эрэ наадыйбата чахчы. Саатар Колялара букатын тугу да саҥарбат. Ол куһаҕан. Кутталлаах. Оччоҕо? Тугу гынабытый дэспиттии, уолаттар саҥата суох сирэй сирэйдэрин көрсөллөр, аат харата суоктарын сыыйаллар.
– Нюрка, Нютка! Иди сюда! Дура такая… – мадьаҕар атахтарынан күөрэ-лаҥкы үрдүк хобулукка дугунан, лаппа аһаабыт быһыылаах Алена, саҥа хааман түөрэҥэлээн эрэр балтараалаах кыыс оҕону ситэ баттаан, оҥкумалыттан сосуһар.
«Дура такая» оҕо барахсан, онтон-мантан тутуһан, уолаттар олорор дьыбааннарыгар тиийэн кэлбитин, уолларын айдааныгар, букатын да өйдөөн көрбөтөхтөр. Ийэ дэнээччи оҕотун киэр илтэ. Арааһа, оҕо эрэйдээх сынньана, сэлэһэ кэлбит дьону мэһэйдээри оҥостубутун ийэбит дьаһайбытын дьүһүнэ бадахтаах.
Аленаны «Чикаго» «олохтоохторо» бары билэллэр. Хас да сыллааҕыта куоракка бэркэ биллэр биир спортсмен чулуута уол кыыһы таптаан, күн сиригэр кинилэр саҕа дьоллоохтор суохтара быһыылааҕа. Ол да гынан, уһаабатахтара. Уол сборга бараатын, Аленка чуҥкуйа охсубута, атыҥҥа үлүһүйэн, эмиэ «Чикаготтан» тахсыбатаҕа. Итиннэ куустуһуу, манна сыллаһыы буолбутун киһи бары сүөргүлээтэр да, атын киһи дьылҕатыгар туох кыттыгастаах буолан орооһуоҥ этэй. Таах кэлэйэ, сүөргүлүү, үгүс саҥата суох, көрөн эрэ кэбиһэллэрэ.
Спортсмен уол уһаабыт дьарыгыттан төннөн кэлбитигэр, дьэ чахчы сиэр диэн баара, ким да туох да диэн Аленаны үҥсүбэтэҕэ, хобулаабатаҕа эбээт. Эбэтэр быыс була охсубатахтара эбитэ дуу. Аҕыйах хонон баран истибиттэрэ, уол массыына саахалыгар түбэһэн балыыһаҕа киирбит этэ да, уһаабатаҕа. Хата күүлэй дьүөгэтин, маанылыыр кыыһын итинник ньэгэй быһыытын билбэккэ барар дьоллоох эбит диэбиттэр эмиэ бааллара.
Оттон Алена сотору оҕоломмута да, киһи бары билэрэ, спортсмен уол онуоха сыһыана суоҕа быһыылаах. Арааһа, бэйэтэ эппитинии, быстах «друганын» бэлэҕэ быһыылааҕа, ол эрэт кэнники бу эргин букатын көстүбэтэҕэ. Ити таабырын таайыытын кыыс бэйэтин сырыыта-ындыыта бэркэ дакаастыырга дылыта: онтон ыла куруук суос-соҕотоҕун түбэһиэх хампаанньаҕа иилистибит буолара. Кэнники аны ити кырачаан оҕо эрэйдээҕи соһо сылдьар. Тоҕо эбитэ буолла, арааһа Анюта диэн ааттаах оҕону, ийэбит «Нюркаттан, Нюткаттан» уратытык ааттаабат. Наар кырыктанар, илиитин таһынан илгиэлэнэр, таһыйа да сыһыахча таныйталыыр. Оттон оҕо муҥнаах биир тылы саҥараахтаабат, ытыыра да иһиллибэт, тук курдук итиннэ-манна тиэрэ-маары хааман бэдьэҥэлиир…
– Ээ, барахсаны даа… – уолаттар кырыктаах ийэ илгиэлээн илдьибит кыра оҕотун аһынан саҥа аллайдылар.
– Дьэ, ити баар, саарбах таптал үтүөтэ…
– Оннук, Алена билигин кэлэн дьэ кэмсинэн эрдэҕэ.
– Оннук. Онтукатын, кэмсинэрин кыаммакка, арыгынан таһаарар, анараа уоллуун чиэһинэй сыһыанын уларыппатаҕа буоллар, итинник буолуо суох этэ…
– Алҕаһаабытын күннэтэ Анютата эрэйдээх санатар буоллаҕа. Ол иһин буруйдуур быһыылаах, кыра оҕоҕо кыыһырара да сүрэ бэрдэ.
– Бай, доҕоор, оҕобут эмиэ тиийэн кэллэ дии…
Ити икки ардыгар үөрэн ыттайбытынан, айаҕар баар аҕыйах тииһин килэппитинэн, Анютка эрэйдээх уолаттар тобуктарыттан тиэтэлинэн тутуһан ыла-ыла, сиирэ-халты хааман бадьаалаан кэлэн, оруобуна Коляларын түһэҕэр хара күүһүнэн ыттыбытынан барда. Табахтаан бургучута олорбут уол хайыан да булбата, табаҕын туора уурда, кып-кырачаан оҕо ып-ыраас эйэргээбит харахтарын көрөн, хайдах эрэ уйадыйа быһыытыйда:
– Алҕас диэ… Алҕастан ким кими быыһыа баарай. Онуоха ким буруйдаах буолуой… – эрэ диэтэ, кирдээх илиилээх кыра оҕону бобо кууста, сүрэҕэр сыһыары тутта.
Уолаттара бары бииргэ кэриэтэ үөһэ тыыннылар: «Һуу, Коля саҥарда, бэттэх кэллэ… Чэ, аны этэҥҥэ буолаа ини».
Кэһэй
Кинилэргэ да тыйаатырдаахтар ээ. Буолаары буолан норуодунай диэн. Онно да киэһэтин тии-йэн эрэпэтииссийэлээбит киһи, кыра оруолу баҕас Уйбаанчык толоруохтаах. Ол-бу буоланнар, сирэр-талар ыарыылаахтар. Бастаан бу уол саҕа тугу тоҕу көппүккүтүн кэпсээн үөрдүҥ! Онтон бэйэҕитигэр сыананы быһыллыа. Көр да маны өссө!
Аҕаһа эмээхсин буоларын быһыытынан, киинэ устаары кэлбиттэр, хас да күнү быһа сыымайдаан-сыымайдаан баран, дьон бөҕөнү үргүтэн, үлэ бөҕөтүн тохторон баран… тиһэҕэр кими да талбаккалар, төттөрү барбыттар үһү диэбиттэрин, Өлөксөөндүрэ сөбүлээбэккэ, улаханнык өһүргэнэ сылдьар. Кини Уйбаанчыгын… бэйи эрэ, туох диэбиттэрий диэ…
– Эмиһэ бэрт эбит. Идэһэ диэн хос ааттаах оруолга барсыан сөп эрээри, онно оонньуохтаах киһи урут көстүбүтэ. Бу сырыыга сытыы-хотуу, кыайыгас-олоругас эр киһи наада этэ… Онно Уйбаанчык барсыбат, суона бэрт, – дэспиттэрин эмээхсин төрүт ылыммат.
– Ол этиргэн да киһи сытыы-хотуу буолбат диэтэххит?! Сымыйа буоллаҕа дии. Үс күн үлэтигэр борогууллаабытын төлөөтүннэр! Өссө үөхпүт буола-буолалар… Киинэлэрэ да холоон, хайа аанньа буолан Идэһэ диэн дьоруойдаммыт үһүнүй?! – Өлөксөөндүрэ тииһэ суох айаҕар туора табаҕын ытыран олорон ааһар дьоҥҥо абатын-сататын үллэстэр.
– Ээ, ол аата, алҕаһаабыттар, Уйбаанчыгыҥ диэн ааттаах артыыс буоллаҕа дии!
– Хайа, Уйбаанчыкка ол кастинг баҕалаах үһүө? Уол соруйан да буолуммата ини… Ити кэпсиир оруолларыгар кини ананан төрөөбүтэ, көрдөххө даҕаны, өйдөнөр буотах дуо?
– Уйбаанчык кыайбатаҕын ким кыайыа үһүнүй? Оттон, көрүөхпүт ини, оччотугар?
Бүгүҥҥү күн, онон, Уйбаанчыгынан саҕаланна уонна түмүктэннэ. Киинэлээхтэр таах даҕаны наһаалаабыттар быһыылаах. Уол чахчы, этэллэрин курдук кыайыгас-хотугас, туругас-олоругас бөҕө. Сытыыта-хотуута, ол… кыра соҕус аҕыйах киилэ аһары түһүүтэ диэн…
– Суох-суох! Ону баара тэлэбиисэргэ уһулла бардаххына, сонно тута, биэс киилэ эбии «лас» гынар үһү ээ…
– Ол туохтаах киинэний?! Уота тыкта да киһи уойа түһэр, ээ? Бэйиҥ эрэ, үөрэҕэ суох эмээхсини сырдатыҥ эрэ! – Өлөксөөндүрэ итини истэн, айманна. – Уйбаанчыгым сүүс ордугуна сэттэ киилэ… Оччоҕо, тукаларым, уолум биэһи эбиннэҕинэ… сүүс уон икки буолар дуо?!
Күлсүү бөҕөлөр. Тугу да ырытыһыҥ, хата, Уйбаанчык бу киэһэ булдугар уһуур санаалаах ааспытын аҕаһа эмээхсин дьиэтигэр кэлэн эрэ баран өйдөөтө. Аара айдааран, букатын да оннуктааҕын таһы-быһа умнан кэбиспит…
Булчут киһи икки нэдиэлэ буолан баран эргиллэригэр, оройуон киинин тэрээһининэн били уһуллубут киинэлэрэ (тиэтэллэрэ бэрт ээ, барахсаттар) хайыы-үйэ тэлэбиисэринэн көстө турара. Уйбаанчык киирэн кэлбитигэр Өлөксөөндүрэ, омунугар, соһуйан өрө татакалаата. Уола, тыаҕа, окко-маска сиэлэн-хааман буолуо, бу үйэҕэ хотторбот бэйэтэ, сирэйэ синньээбит, балачча ыйааһынын бырахпыт көрүҥнээх. Туттара-хаптара сыыдама, турара-олороро түргэнэ, бэйэтэ киинэ курдук. Ону, чэй кута сылдьар аҕаһа эмээхсин астына көрөр, саҥата суох мүчүҥнүүр уонна киинэни оҥорбут көстүбэт киһиэхэ туһаайан:
– Кэһэй! Уйбаанчыкпын көр эрэ? Эн ити туругас-олоругас диир дьоруойуҥ миэнигэр тиийииһик дуо?! Аҕылыы сытыйан, булбуккут да баара, бэрт мөдөөн киһини төттөрү-таары сүүрдүбүккүт ээ, быһыыта… Ээ, тойон дьиэлээхтэр, киинэлээх кинээстэр! Уйбаанчыгым тыаттан киирдэ, суос-сатыы! Аҕылаабыта, эһиэнин курдук көлөттүбүтэ көстүбэт… Эһиэнинээҕэр мин уолум хайдаҕый, ээ? Кэһэй!
Кырдьаҕас киһини кыыһырдыбат, хотун аҕаһы хомоппот баҕайыта… Кэһэй…
Тымныы…
Ыччаканы Тымныы диибит буолбаат? Нууччалыыттан киирбит Моруос оҕонньору сахалыы итинник ааттыыр быһыыбыт. Бэйэбитигэр биир эмэ итиниэхэ маарынныыр оҕонньор, дьиҥэр, баара эрэ? Баар да буоллаҕына, былыр-былыргыттан биһиги өбүгэлэрбит тымныы халлааны Дьыл оҕуһун кытта дьүөрэлииллэрин билэбит. Сорохтор этэллэринэн, тымныы сүрэ, өссө аһары баран, Чаҥыйдаан эмээхсин үһү.
Чэ, буоллун. Ону ким урутаабыта-хойутаабыта диэмиэҕиҥ. Оннооҕор ити сыллата тэлэбиисэринэн көрөр оҕонньоргут кимий? Россия да буоллар, тоҕо эрэ били оһуордаах сыарҕатыгар олорон, ойууртан аҕалбыт харыйатын арыаллаабыт аатырар Моруоһун буолбакка, букатын да атыны, Санта Клауһу рекламалыыр буолбаат? Туох баар иһит-хомуос, кэһии угаттыыр матаҕа, өйдөбүнньүк бэлэх ойуута, остуол сабыыта, кумааҕы салпыакка арааһа, аккырыыкка, салапаан саппыйа эмиэ буоллун, уулуссаҕа ыйаммыт биллэриилэр, афишалар, доҕоттоор, хайаларын ойуутунан угуйарый? Санта Клаус!
Быйыл бэлэх бөҕөтүн туттум: курууска, чэй иһэр сэрбиис, мааны да мааны лүөн таҥастан салпыакка (ити оҕолорум бэлэхтэрэ), иһит сотор соттор, кэмпиэт, түннүк сабыыта (дьүөгэм кэһиитэ), соттор кэмпилиэгэ, таапачыка уонна аныгылыы футболка (оҕонньор ымманыйан ылбыт). Бэрт диэ? Бэрт-бэрт! Ол эрээри, киһи сөҕүөх, бука барылара, омос көрдөххө, Тымныы оҕонньор ойуулаахтар. Оттон өйдөөн көр эрэ, ол үүт маҥан бырдьа бытык кырдьаҕас… Моруос буолбатах, Санта Клаус! Дьиэҕэ баалларым мөккүһүү бөҕөлөр:
– Дедушка Мороз буолбат дуо, хайдах буолаҕыный?
– Ол хаһааҥҥыттан эһиги «Дедушкаҕыт» турба үүтүн устун түспүтэй?!
Абараммын аахсабын! Ол – мин кырдьыгым. Оонньуур бөҕөнөн туолбут куулун сүгэн, ол кылгас кыһыл сонноох, эмиэ оннук дьүһүннээх ыстааннаах оҕонньордоро, кирпииччэ турбанан аллара сурулаары атыллаан аҕай эрэр!
– Бу баар, көрүҥ! – диибин мин, хата, биир сиргэ бакыат кэннигэр кыһыл чукку ыйаммыт ойуутун булан көрөн, үөрэн өрөгөйдүүбүн. – Ити Санта Клаус сибилигин турбанан түһэн, утуйа сытар оҕолор ыйаабыт атахтарын таҥаһыгар… хайыыр этэй?!
– Бэлэхтэрин угаттыыр! – быыкаа сиэним күлэн чаҕаарыйар.
Оччотугар кини хайа дойду Моруоһай? Биһиэнэ буолбатаҕын эт-сэниэ баранар мөккүһүү кэнниттэн биирдэ нэһиилэ сөбүлэстилэр.
Дьэ, дьикти, бачча элбэх бэлэх тухары, Чысхааннааҕар буолуох, саатар биир Моруос суоҕа хомотто. Барытыгар баар аҕай – Санта Клаус ойуулаах соттордорбут, манна даҕатан эттэххэ, Москуба эргин оҥоһулунна диэн, кыһытаары, бэлиэ суруктаах…
Суох, онон, быйыл бэйэм оҕонньорум, булан-талан аҕалан, сыллаан-уураан бэлэхтээбит баанньык сотторун тыыппаппын диэн олоробун. Хаһааспын, иллэрээ сыл бэлэх туппут «Саҥа дьылынан!» диэн сахалыы бэйэтиттэн суруктаах уонна муостаах Чысхаан ойуулаах оруосабай сотторбун чугаһаттым. Сылы быһа онтубун туттан сүрэхпин сөрүүкэтиэм, санаабын уоскутуом ини.
Саҥа Дьылы баттаһа Саха сиригэр тиийэ дэлэйбит, сири-дойдуну бараабыт Санта Клаус сиэри таһынан элбэҕэ соһутта, ардыгар ааҕылыйалыы суруллубут аата-ахсаана сылатта, үллэҥнэс атыы-тутуу үгүһэ салгытта. Сэмэлээмэҥ, сиэрдээхтик быһаарыныаҕыҥ, Сантаны сөбүн көрөн сыымайдыаҕыҥ, Моруоспутун маанылыаҕыҥ, Тымныыбытын төнүннэриэҕиҥ диэри гынабын. Сөбүлэстигит?
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.