Электронная библиотека » Евдокия Иринцеева » » онлайн чтение - страница 6

Текст книги "Буолар да эбит"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 12:40


Автор книги: Евдокия Иринцеева


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 6 (всего у книги 19 страниц)

Шрифт:
- 100% +

– Оҕом билиитэ-көрүүтэ баһаам, хата, учуонай буолуо, – диэн, аҕата астынарын биллэрэн, кыыһын кэтэҕиттэн сыллыыр.

Оччоҕо Татыйык сонньуйар, ситиннэ «бэйэм курдук» диирэ эрэ тиийбэт. Дьиҥэр, иһигэр оннук саныыр да буолуохтаах. Ити ээ, киһи бэйэтин сигилитин билиммэт буола сатыыр дьиктитэ диэн баар эбит. Марыынчыгын көрө сылдьан отой «мин курдук» диэн быстыбат баҕайыта. Киһи бары маарыннатар, хата, аккаастаммат, син тулуйан истэр буолан, сэмэлэммэт. Кыыһа даҕаны, кини курдук:

– Туппутум – торуоска, билбитим – бэргэһэ, кэппитим – кэтинчэ, – диэн киһиргэнэр буоллаҕа үһү.

Онтон өй була охсон эбэн биэрэр:

– Эй, наһаа сэнээмэҥ эрэ миигин, кэтинчэни баҕас туура тэбиллэр, чугаһатыллыбат, – дии-дии, күлэн чаҕаарыйар.

– Кэбис, Марыына, атаҕыҥ тоҥуо дии, кэтинчэҕин… – диэн аҕата сүбэлээри гынарын син биир буолуммат.

– Паапа! Кэтинчэни кэтиэм үһү дуо, пахай даҕаны?! Үрдүк хобулуктаах, сылаас түүлээх, муодунай саппыкыланыам дии!

Көр дьон диэтэҕиҥ. Оҕо туһа туспа. Оттон Татыйык быйылгыттан өссө биир дьиибэни таайда. Кириил киэргэнэриттэн соло булбат буолан хаалла: өтүүктэнэн ыһыллаҥныыр икки, одьукулуонунан ыстарынар икки, киһини тумнарыах курдук.

– Хайа, баһылык киһи буолуохтаах буоллаҕа, – диэмэхтиир да, хайдах эрэ ураты туттуу-хаптыы баара сибикилэннэ.

Ама дуу, Кириил билигин кэлэн онно-манна аралдьыйдаҕай диэн уоскутунар. Ол эрээри, бу тухары ыал аҕата өтүүктэнэ, киэргэнэ сатаабытын өйө хоппот. Куруук кыргыттара дьаһайалларыгар сөп буолааччы. Баҕардар, билигин оҕолор суохтарына, кинини ордук-хос түбүгүрдүмээри, Кириил ол иһин бэйэтин көрүнэ сатыыра дуу?

Марыынчыктара, күлүмнэтэн, түргэн быһаарыныылаах кыыс. Быйыл сайын кэлэ сылдьан ыал буолабын диэбитэ, кыһын кэлэн доҕор уолун билиһиннэрбитэ.

– Тоойуом, арыый эрдэ буолбатах дуо? – Татыйык эрдэтээҥҥи кэпсэтиигэ ыйыппытыгар кыыһа күлбүтэ эрэ.

– Ийээ, эн эмиэ мин сааспар кэргэн барбытыҥ буолбат дуо, – диэн кэбиспитэ.

Онон, оттон ыал буолар оҕолор бэйэлэрэ билэн эрдэхтэрэ. Үчүгэйэ диэн иккиэн бииргэ үөрэнэллэр. Уол элэккэй, сайаҕас курдук. Онон устудьуон ыалларга эһиил өссө уопсайга хос биэриэхтэрэ үһү диэн иһитиннэрдилэр.

* * *

Үйэ уларыйыыта атына бөҕөтө. Хаһан-хаһан буолан хаалбытай, куорат киһи билбэт гына уларыйа охсубутун сөҕөҕүн. Татыйык кыргыттара үөрэххэ киирэллэрин саҕана ону бэркэ өйдөөбүтэ. Урукку курдук соҕотох «Универмаг» оннугар кэмэ суох бутиктар кэккэлээбиттэр. Ааттара, киһи ситэн өйдөөбөт, сотору-сотору, бас билээччитэ уларыйда да, тас ааҥҥа атын аат кылбас гынар. Онон эн былыргы курдук: «Ити «Универмаг» кэтэҕэр баар дьиэҕэ», – эҥин диэн ыйарыҥ табыллыбат, эргэрбит быраабыла. Хайа уонна, бастатан туран, били маҕаһыыныҥ аата-суола атынын аанньа, оҥоһуута, ис-тас көстүүтэ букатын урукку өйдөбүлү таһынан. Иккиһинэн, аныгылыы уулуссанан эрэ сирдэтиниэхтээххин, онтуларыҥ ааттара кытта уларыйбыта баар… «Бэйи эрэ манна, били, туох баара», – диэн туһа суох, бу тугу да билбэт, былыргытын кытта сылдьар хайалара хантан кэлбитий да диэтэхтэринэ көҥүл.

Ити суотабай төлөпүөн, интэриниэт, быһа сибээс эҥин эгэлгэтэ хаһан баар буолан хаалбытын эдэрдэр билэ да сатаабаттар. Кинилэр төрөөттөрүн кытта үөдүйбүт «тамагочи»-лары, джостиктаах оонньуулары, пейджери, көмпүүтэри, синньигэс араамалаах тэлэбиисэрдэри, килиэпкин хатаран баран «лас» гыннараат, ойутан таһаарар тостердары, свч-оһохтору, ол-бу грили эҥин кытта тэҥҥэ улааттахтара, бу көлүөнэ ыччаттара онтон салгыы туттар тэрил эгэлгэтэ, арааһа биир-биир баар буолбуттарын, олох хаамыытын быһыытынан, холку бэйэлээхтик ылыннахтара. Оччотугар сааһырбыттар, олоҕу олорбуттар эрэ соһуйаллар, көрө-истэ сөҕөллөр-махтайаллар. Ыччат субу дьэндэспит араас тутуулары, баҕар, өссө сиилиэ, мыыныа. Оттон Татыйык санаатыгар сүрдээх килэйии-халайыы… Саатар өтүүкпүт бэлэм паардаммыта, ыстааны кытта маарылата суох килэриппэккэ өтүүктүүрэ сөҕүмэр буолбатах дуо?

Бу кини, Марыынчыгын сыбаайбалаары, куоракка кэлэ сылдьан талбытынан эргиччи анаарар быһыыта. Аныгы киһи тыаҕа урууну тэрийэри соччо сэҥээрбэт. Булгуччу Дыбарыаска баран саахсаланара, хаартыскаланара, киинэлэнэрэ күндү. Эмиэ да сөп курдук. Киһи олоҕор биирдэ буолар умнуллубат түгэн ээ.

Биирдэ диэбиккэ дылы… Татыйык, кырдьык, биирдэ Кириилигэр кэргэн барбытынан сырыттаҕа. Ол эрээри, баһылык буолбут Кириил бэрээдэгэ ыһыллыбыта былырыын биллибит эбит. Ону туһааннаах киһи Татыйык билигин эрэ кэлэн сэрэйээхтиир. Хайыай, баҕар, кыратык аралдьыйан баран тохтоорой? Хаһан оттомуруох бэйэккэтэй.

– Татыйык Титовна, баһаалыста, өһүргэнимэ, эн тоҕо ити ырбаҥ-сырбаҥ баҕайы киһи кэргэннээххиний? – диэн саҥардыы учууталлыы кэлбит киин сир кыыһа, ханнык эрэ бырааһынньыкка, холуочуйбучча, ыйытан турардаах.

Онтон сылыктаатахха, кини Кириилин истэригэр киллэрбэттэр эрдэттэн бааллар эбит. Оҕоҕо туох диэн хардарыай, онуоха эбии «аһаан» баран алҕас тылласпытыттан кэнники кыбыстан куота сылдьыбыт кыыска? Онтуҥ, бэйи, кинилэр нэһилиэктэрин бастыҥ ыалын уолларыгар кэргэн баран оҕо-уруу, үлэ-хамнас бөҕө.

Кириили куруук «чэпчэки», «түөрэккэй» диэн сыаналааччылар бааллар. Ол эрээри, ама даҕаны, билигин кэлэн буруйдаах муннукка анньыллыах буолбутун иннигэр, кини Татыйык туһугар баччааҥҥа диэри куһаҕаннык сыһыаннаспатаҕа, таҥнарыы баара биллибэтэ. Билбитэ да буоллар, хайыах эбитэй, саҥата суох ыытыа эбитэ ини…

Оттон билигин тугуй? Кириил аттынааҕы нэһилиэккэ олохтоох дьахтары булсубут дииллэр. Бэйэтэ кэпсии илигинэ, Татыйык тугу да диир санаата суох. Онон, дьиэ иһигэр-таһыгар духуу-одьукулуон сытынан аҥкылыйан, саҥалыы киэбинэн ини, айгыраан эрэр ыал дэтимээри, уу чуумпутук олордохторо… Хата, кыргыттар тэйиччилэрэ абыраатаҕа. Маккырыыта, иһиттэҕинэ, төһө эрэ кэлэйээхтиир? Марыынчык итини даҕаны балачча чэпчэкитик ылыныан, аныгылыы анаарыан, Татыйык сүрэҕэ сэрэйээхтиир…

* * *

– Олег Дмитриевич… – сэкирэтээр кыыс хайдах эрэ мух-мах барда.

Олег кэбиниэтигэр киирэн иһэн, эргиллэн туран, кыыс тугу диирин кэтээн турбахтаата.

– Маарыын, паараҕа сырыттаххына… Марина Петровна кэлэн барбыта… – диэтэ.

Кини, кырдьык, итинтэн соһуйда. Өрдөөҕүтэ арахсыбыт кэргэнин толору аатын билиэ да дии санаабатах сэкирэтээрэ, көр, өссө мух-мах бардаҕа үһү.

– Уонна… туох диэтэй?

– Суох, Эн паараҕа бааргын истэн, бу суулааҕы хаалларбыта, – диэтэ, уонна халыҥ бакыаты утары уунна.

Олег, ону харбаан ылаат, иһирдьэ мэлис гынна. Ыйааһыннаахха дылы. Чочумча олорон толкуйдаата: «Туох буолуон сөбүй?» Алаатыгар, ырааппытын да баҕаһын…

…Ол киэһэ кинилэр арахсыы туһунан кэпсэппиттэрэ эрээри, түргэн баҕайытык быһаарынан кэбиспэтэхтэрэ. Марина, төһө да тыл көтөхтөр, олус ыараханнык ити толкуйга тиийбитэ көстөрө. Киэһэ аайы хоско киирэн ытыыра быһыылааҕа. Олег, ыаллыылар курдук, үгүс саҥата суох кэлэн, Марина эрдэ бэлэмнээбит чэйин иһэрэ. Барара уонна кэлэрэ. Чэйдиирэ уонна барара. Итинник төһө өр муучу буолуохтара эбитэй, уоппуска саҕаланыыта, сай ортото Олег биирдэ:

– Түксү, Марина, эрэйдэнимиэх, мантан инньэ хайдах олорорбутун быһаарыныах, – диэбитэ.

– Сөп… Олег… эн манна хаал. Мин… дьонум дьиэтин оҥостон, онно көһүөм, – диэбитэ.

– Сөп, эн эппитиҥ курдук буоллун. Ол эрээри, өскө дьиэ наада буоллаҕына, мин тахсан биэриэхпин сөп, – диэбитэ.

– Суох-суох, сүбэ быһыытынан, мин барарым ордук…

Итинник арахсыбыттара. Марина барбыта. Бастаан эргин, кини төлөпүөннүү сылдьыбыта. Кэпсэтии кыайан тахсыбата. Ол иһин Олег эмиэ быһаарбыта:

– Марина, буруйдаах курдук тоҕо сананаҕыный? Инникигин санаарыый… Кытаат, эрдий…

Харда оннугар дьахтар сыҥсырыйара эрэ иһиллибитэ. Онтон ыла төлөпүөнүнэн сибээстэһии эмиэ тохтообута. Олег ыйыталаһа-токкоолоһо барбатаҕа. Марина кини туһунан, баҕар, истэн билэрэ дуу? Ону Олег эмиэ бигэргэтэр кыаҕа суох. Кини олоҕо тугунан да уларыйбатаҕа. Суос-соҕотох хаалбыта да, соҕордук олорор. Ол эрээри, дьиҥ иһигэр, кистээбэккэ хаһыстахха… кини олоҕор туох эрэ уларыйыы тахсар кутталлаах… Бэйи, ол туһунан кэнники.

«Та-ак-с… Бу манна туох баар буолуон сөбүй. Чэй, эрэ, иирсэн-аахсан арахпыт дьоҥҥо диэри, эн да киһи куттаннаххыный? Арый ээ», – ким эрэ итинник кинини салайар.

Олег Дмитриевич суулааҕы арыйбыта, хас да хаалаах диискэ эбит. Ону кытта кумааҕы сылдьар. Сурук. Оргууй, ачыкытын уларытан, ааҕан барда:

«Олег! Маны туттаххына, ол аата биһиги сирэй көрсүбэтибит. Мин үлэҕэр кэлэ сырыттым. Суох эбиккин.

Эн тускар хайдах эрэ буруйдаах курдукпун. Мин, сирдээҕи аналбын толордум, оҕолоннум уонна оҕом аҕатыгар кэргэн тахсыбытым диэн судургутук быһаарыым. Дьол диэн баар буоллаҕына, ол аата – оҕо. Эн биһикки оҕоломмуппут буоллар дьылҕабыт эмиэ атын буолуоҕа сатамматаҕа. Оннук дии? Таҥнарыы, таҥара көрөн турар, суоҕа. Оттон, арахсыахха диэн, дьиҥэр олох көрдөрбүтүнэн, саамай сөптөөх быһаарыныыга, тиэрдибит мин баарбын. Баалаабат инигин?

Мин куруук эн соҕотоххун истэбин. Итиэннэ уруккуттан таптаабыт, ытыктаабыт, доҕор оҥостубут киһим туһугар син биир дууһабынан долгуйабын диэн албыннаабакка этэбин. Кэргэн буола сылдьыбыт бырааппынан туһанан мөҕөөрү гынабын: тоҕо соҕотоххунуй? Тоҕо биир да дьахтары кэргэн ылбаккыный? Олег, эн эмиэ оҕолонуоххун сөп ээ! Итэҕэй миигин, олоххо эрэлгин сүтэримэ!

Оттон мин уолчааммын көрүүй, бу диискэлэргэ кини олоҕун бары хаамыыта баар. Булгуччу көрөөр, оччоҕо миигин өйдүөҥ, буруйдуоҥ суоҕа. Итинник киһичээн туһуттан эйигиттэн бардаҕым… Бырастыы гын, миигин. Көрдөһөбүн, төлөпүөннээр эрэ. Саҥаҕын истэн уоскуйуом, эн олоххор барыта этэҥҥэ дуу… Бакаа. Күүтэбин. Марина».

Иннигэр турар көмпүүтэргэ диискэтин уга биэрдэ. Марина букатын уларыйбатах, биэстээх-түөртээх үчүгэйкээн оҕону көтөҕөн бу иһэр. Иннин диэки диискэтин сүүртэ. Оҕо улааппыт, оскуолаҕа барбыт түгэнэ. Оттон бу манна лаппа улааппыт, тыаҕа сылдьаллар. Эмиэ иннин диэки түргэтэттэ. Бу сырыыга уол оҕо төрөөбүт күнэ быһыылаах. Марина уларыйбыт, төһө эмэ төлөһүйбүт. Уола бэйэтин сиппит. Ол аата, ахсыс-тохсус кылаас эргин быһыылаах…

«Дьэ, диэ. Олох очура-чочура – ити. Бэйи, төлөпүөннээ диэбит этэ. Кэпсэтиэххэ буоллаҕа», – уустугурдубакка, уһуннук мунаарбакка эрэ, кини кумааҕыга суруллубут нүөмэргэ эрийдэ…

* * *

Саабынаптар, улахан кыыстара Марыынчыгы кэргэн биэрэн, сиэр быһыытынан, сыбаайбалаабыттара. Саҥа аймахтары кытта билсиһэн, үөрэн-көтөн, иллэҥ киһи Кириил устунан Ньурбаласпыта. Оттон Татыйык, уоппускатыгар үлэлээх буолан, дьиэтигэр тиэтэйбитэ. Сайыҥҥы сынньалаҥҥа кини Маккырыытатын кытта оройуон лааҕырыгар киириэхтээхтэрэ. Онуоха иккиэн да олус үөрбүттэрэ. Бииргэ сэлэспэтэхтэрэ, алтыспатахтара төһө эмэ ырааппыт кыыстаах ийэ үөрүүнэн үлэлии барбыттара.

Лааҕыр начаалынньыга Татыйык Титовна саҥа үлэһит, практикатын ааһыахтаах устудьуоҥка Маргарита Кирилловна Саввинованы кытта барыларын билиһиннэрбитэ. Кыыс салайыахтаах этэрээтэ уустугун билэн, көмөҕө уопуттаах учууталы сыһыарбыттара. Онон, Маккырыыта кыыс, атыттартан туох да итэҕэһэ суох үлэлээн, этэрээтэ тиһэҕэр барыга бастаан ол сайын аатырбыта. Ийэ оҕотунан киэн туттуутуттан ордук туох баарый?

Рита кыыс сайын устата ийэтиниин бииргэ үлэлээри элбэҕи сатаабыта, билбитэ. Саамай кылаабынайа астыктык санаатын үллэһиннэҕэ. Кини ийэтэ санаата ырааһынан, толкуйа киэҥинэн уонна олус чиэһинэйинэн биллэрэ кыра этэ. Кыыс, чахчы манна эрэ, киниэхэ тэҥнээҕин курдук ураты сыһыантан үөрэн сэгэйэн, ардыгар ийэтэ бэйэтэ киниттэн элбэҕи ыйытарыттан эрдийэн, күн сиригэр саамай итэҕэллээх, көмүскэллээх кини эрэ баарын, дьэ, эт өйүнэн итэҕэйбитэ.

– Ийээ… мин мунаарар ыйытыым элбэх ээ. Ону хаһан эрэ кэпсиэхпин баҕарабын, билигин буолбатах… – диэбитэ кыыс биирдэ, утуйаары сытан сибигинэйэн.

– Кэлиий, чыычааҕым, бииргэ сытыах…

Маккырыыта атах сыгынньах сүүрэн кэлэн ийэтин хоонньугар киирбитэ уонна:

– Ийээ, ол эрээри билигин эппэппин, сөп? – дии-дии кууспаҕалаабыта.

– Сөп-сөп, тоҕойум. Ол аата сүбэлэһэргэ төрүөтүҥ ситэ илик. Ыксаама. Мин куруук эн аттыгар баар буолуом. Мэлдьи эн диэки буолуом. Көмөлөһүөм. Оччоҕо барыта этэҥҥэ буолуо дии.

– Ол иһин… Мин бастаан бэйэм толкуйдуом, ол эрэ кэнниттэн, сөп?

– Саамай сөп. Бастаан бэйэҥ эргитэ санаа. Онтон кыаллыбатаҕына, этээр. Куолаан быһаарыахпыт, оннук?

– Ыһы…

* * *

Ити былырыыҥҥы кэпсэтии этэ. Сыбаайба кэнниттэн. Лааҕырга. Быйыл балаһыанньа Саҥа дьыл кэнниттэн тосту уларыйда. Саҥа ыал Киргиэлэйэптэр, Марыынчыктаах Балантыын иккиэн, үөрэхтэрин кэтэхтэн көһөртөрдүлэр. Итиэннэ, сүбэлэһэн баран, туспа олорор дьиэ атыылаһаары, онуоха дьоннорун кыттыһыннарымаары, эдэрдэр бэйэлэрэ быһаарбыттарынан, бизнескэ барар буоллулар. Татыйык да, Кириил да сөбүлээбэтэллэр да, хайыахтарай?

– Маама! Суот быһыытынан, икки сыл кэриҥинэн, дьиэ харчытын оҥостуохтаахпыт. Тоҕо куттанаҕытый? Үөрэхпитин бырахпаппыт ээ! – Марыынчык ийэтэ кинини, соччо сүрэҕинэн-быарынан ылынан, өйөөбөтүн истэн хомойдо.

– Тоойуом, уопсайга олорон эриэ этигит. Үөрэҕи үмүрүтэн баран, үлэлээн-эргинэн дьаһаныахха сөбө эбээт?

– Биһиги иккиэн экэнэмиис буолуохпут дии, сибилигин боруобалаан, үөрэҕи кытта олоҕу тэҥҥэ практикаҕа көрөр туох куһаҕаннааҕый? – кыыс иннин биэрэр санаата суох. – Валентин кэлиэ-барыа, мин атыылыам, ырыынагы үөрэтиэхпит. Баҕар, букатын эрдэ байан-тайан тураайабыт?

– Байыы-тайыы буолбакка, үөрэх, ол аата билии туруохтаах этэ, инники кэккэҕэ…

– Эмиэ былыргылыы үөрэх да үөрэх диэтэ! Эһиги оҕолор этиилэрин тоҕо сыаналаабаккытый, маама?! Билигин эһиги кэмҥит буолбатах, атын үйэ! Ол аата түргэнник хамсаныахха наада. Аны икки-үс сылы быһа олорон биэрдэххэ, отут сылы сүүйтэриэххэ сөп!

– Оттон билэн эрдэххит… Марина, этэҥҥэ эрэ буоллун! Сыыһа суоттамматыгыт ини?

– Суох! Сыыһата туох да суох!

– Чэ, оччоҕо сөп. Кытаатыҥ…

– Хата, инньэ диэ, ийээ! – хара күүһүнэн ээҕин этиппит, ийэ сөбүлэҥин ылбыт кыыһа үөрэн чаҕаарыйда…

Бу кэпсэтиини киэһэ Кириилгэ тиэрдибитигэр, соһуйуон иннигэр, киһитэ хомуруйардаах буолбута:

– Туох ааттаах, барыны эйиэхэ быһаартараары этэллэрий? Мин тугуй, аҕа буолбатахпын, итиниэхэ сүбэлиир кыаҕым суох үһү дуо?

– Оттон дьиэҕэ баар мин буоллаҕым дии. Ол иһин, туруупканы ылбытым аанньа эттэхтэрэ.

– Мин баар кэммэр туох да быһаарылла сатаабат. Суох буоллум да туох эрэ күөрэйэр. Бэйэҥ тугу эрэ дьаһайаҕын эрэ…

– Кириил! Туох диэн эттэҥий? Мин кинилэри барыҥ, бизнестээҥ диэбит үһүбүн?

Тыл тылга киирсиэ суох балаһыанньа тахсаары гыммытын бастакынан Татыйык сэрэйэн, туттуммута, итиэннэ тугу да саҥарбатаҕа.

Саас, оскуола уһун өрөбүлүгэр, сынньалаҥар сөп түбэһиннэрэн, кыргыттарын эт хараҕынан көрөөрү, этэҥҥэлэрин итэҕэйээри Татыйык куораттаабыта. Хата, Мариналаах Валентин бэркэ дьаһанан олороллоро. Ийэлэрэ кэлэрин истэн үөрэ көрсөн, куортамнаабыт дьиэлэригэр илдьэн маанылаабыттара. Киэһэ Маргарита кэлэн күө-дьаа бары чэйдээбиттэрэ. Ританы эдьиийэ эмиэ хайгыыр.

– Ийээ, биһигиттэн биирбит учуонай буолар кутталлаах. Биһиги практик буолуохпут. Оннук буолбат дуо, Валя? – диэн күлэр.

– Биллэн турар, мин Ринам сөпкө этэр. Биһиги бэйэбит экэниэмикэҕэ чинчийиилэри ыытыахпыт. Ол туһунан хойуут-хойут, учуонай балтыбыт Рита монографиялары суруйуо, – диир үчүгэй баҕайытык күтүөт уол.

Дьиэҕэ-уокка тастан киирбит киһи тыла-өһө, сиэрэ-бэрээдэгэ туспа буоларын Татыйык, күтүөттэнэн эрэ баран, өйдөөтө. Ол долгунугар олорсубут Марыынчыга кэргэнин, бэркэ сахатыттаҕына, Балантыын эбэтэр үксүн Валя диэн ааттыыр. Уол кинини туой Ринаттан атынынан ааттаабат, оттон балтын Рита диирэ, оччотугар, оруннаах буолан тахсар. Ити иһин Татыйыктаах эмиэ, уруккуларын курдук Марыынчык-Маккырыыта диэн ааттары бэйэ эрэ икки ардыгар тутталлар. Туора киһи баар буолла, сонно тута бары Рина-Рита, Марина-Маргарита, Валя-Валентин буола түһэллэр. Арай, сааһырыы сиэринэн, сахалыы тардыылаан, Татыйыктаах Кириил эрэ ааттара уларыйбат…

– Чэ, оннук эрэ буоллун. Рита, эн эдьиийгэр кэлэ-бара сылдьар инигин?

– Кэлэн да диэн, – кыыс күлэр. – Үлэ дьоно күнү быһа түбүктэригэр охтоллор. Солуута суох үөрэхтээх мин эрэ баарбын.

– Бэйи инньэ диэмэ, ити кыыс истипиэндьийэтин саҕаны биһиги биирдии бэйэбит, билиҥҥитэ, хамнастана иликпит. Эргиэн салаллан истэҕинэ, эһиил хайыырбыт буолла? – эдьиий Марина быыһыгар кэпсиир.

Күө-дьаа сэһэргэһии улааппыт оҕолордоох киһиэхэ олус да наада. Татыйык оҕолоруттан чахчы астынна. Бука бары суулаһан манна хоннулар. Рита эмиэ, ийэтэ баарын тухары манна кэлиэх буолан, кумааҕытын, бэҕэһээ тутан кэлбит таҥаһын-сабын хааллара барда.

– Чэ, бэрт, тоойдоруом. Бүгүн киэһэ оҕолорбор бэрэскилиэм, – диэн ийэлэрэ минньигэстик күндүлүүрүн биллэрдэ.

Үлэлээхтэр эрдэ ыстаммыттара. Кэннилэриттэн Рита үөрэҕэр барбыта. Татыйык дьиэни өрө тарда сылдьан, Ритатын кумааҕытын төлө тутта. Кэмэ суох дьэрэкээн тэтэрээт муостаҕа ыһылынна. Олор быыстарыттан эргэ соҕус хахтаах дьоҕус соҕус тэтэрээккэ хараҕа быраҕылынна. Атын буолаарай диэн арыйа баттаабыта кыыһын буочарынан суруллубут буолан биэрдэ. «Киниэнэ эбит…» – диэн уураары уунан иһэн, хайдах эрэ төбөтүгэр, түбэһиэх көрөн ааспыт итиннэ суруллубут сахалыы тыллара кинини төттөрү эргилиннэрдилэр. «Бай, үөрэхтэригэр… сахалыы суруналлар эбит дуу…» – диэх курдук гынан иһэн, тэтэрээтин өссө биирдэ арыйа баттаата.

«Мин ис кырдьыкпын итэҕэйиэх эрэ, кистэлэҥ санаабын үллэстиэх эрэ күннүгүм барахсан» диэнинэн саҕаламмытын аахта. «Кыыс дневнигэ эбит буолба-ат…» – эмиэ да төттөрү сабыан, эмиэ да ааҕыах баҕата баһыйан салгыы арыйда…

Өр буолбата, аахпахтаан иһэн Татыйык сүрэҕин харбанна, үөһэ тыынна. Көрбүтүн итэҕэйбэккэ чочумча олорбохтоото. Салгыы аахта. Устунан уолуйан ойон турда, төттөрү-таары хаамыталаата. Ыксаатаҕына буоларыныы, ытыһынан айаҕын саба тутунна, хайыан да булбата. Уулаах-хаардаах харахтарын аахсыбакка, куукунаҕа ыстанна, тымныы ууну кыраантан куттан ылан киллиргэччи истэ.

«Бу иэдээни! Оо, таҥара… бааргын дуу, суоххун дуу?! Буолар да эбит…» – диэмэхтээтэ. Төттөрү хоско сүүрэн киирэн, ити икки ардыгар ибигирэс буолбут илиитинэн нэһиилэ таба тутан, били тэтэрээти дьэрэкээн кумааҕылар быыстарыгар укта. Илиитин араарбакка туран таһыттан имэрийдэ уонна көмүскэл көрдөөбүт кыра оҕолуу, киһи аһыныах, ытаан барда:

– Ооккобун даа, бу иэдээни… Аата, үлүгэрин, оҕолоор… Булан-булан… буолаахтыыр да эбит… – диэмэхтээтэ, хоһооно суох, аттынааҕы дьыбааҥҥа сиирэ-халты лах гына олоро түстэ.

Төһө уһуннук олорбута буолла, эмискэ өйдөнө биэрдэ, сирэйин-хараҕын туора-маары соттуммахтаата. Сыыдам үлүгэрдик аан хоско тахсан таҥнан барда, көрбөккө эрэ суумкатын харбаата уонна таһырдьаны былдьаста…

* * *

– Олег Дмитриевич, эйиэхэ кэлэн олороллор… – сэкирэтээр кыыһа сонуннаах көрүстэ.

– Баһаалыста, киирдин, – диэн кэҕис гынна.

Ити баран иһэн хараҕын кырыытынан эдэрчи, ып-ыраас хааннаах, сырдык сэбэрэлээх дьахтар тэйиччи олорорун көрөн аһарда.

– Дорообо, – кэбиниэтигэр ааста, «киир» диэбиттии, аанын аһаҕас хаалларда.

– Дорообо, Олег Дмитриевич… Мин төрөппүт быһыытынан наадалаах этим. Татыйык Титовна Саввинова диэммин, – диэбитигэр, Олег Дмитриевич соһуйбуттуу өрө көрөн таһаарда.

– Баһаалыста, истэбин…

– Мин… төрдүс кууруска, историяҕа үөрэнэр кыыстаахпын, Маргарита Саввинова диэн…

– Билэбин, олус бэркэ үөрэнэр.

– Ол… ол оҕом доруобуйата… соччото суох…

– Туох буолла, хайдах ыарытыйарый? – Олег Дмитриевич олус соһуйда.

– Суох, оннук айылаах… киһи куттанара суох эрээри… мин ийэ быһыытынан, кыыс наһаа элбэхтик дьарыктанарын, онто… доруобуйатыгар охсорун билэммин…

– Туох буолла? – өссө төгүл чиҥэтэн, Олег Дмитриевич ыйытта.

– Суох-суох… барыта этэҥҥэ. Ол эрээри инникитин мин… кини… науканан наһаа үлүһүйэрин сөбүлээбэппин! – диэн, Татыйык, биир тыынынан түһэрэн кэбистэ. – Кини букатын ити хайысханы тутуһуо суохтаах. Мин – учууталбын. Онон бэркэ билэбин. Маргарита үчүгэй учуутал буолар кыахтаах. Оттон кини… наукаҕа талаһар. Ол сыыһа!

– М-мм… Дьикти эбит. Тоҕо?

– Тоҕо диэтэххэ… доруобуйата мөлтөх! Сотору-сотору тумуулуур, куһаҕаннык аһыыр… Наука киниэхэ сөбө суох, онон… Эйигин кытта эбии дьарыктарын тохтоторгор көрдөһөбүн!

– Баһаалыста… Ол эрээри, Татыйык… Титовна, Маргарита дуоспуруннаах устудьуон, кырдьык наукаҕа сыһыаннаах, чугас уонна кыахтаах даҕаны. Мин… доруобуйатын туһунан… билбэт этим. Оннук айылаах кутталлаах буоллаҕына… биллэн турар… аһара ноҕоруускаланара сатаммат буоллаҕа…

– Оннук, сатаммат. Эн кинини үчүгэйдик үөрэнэр диигин… оччотугар… атын куоракка, атын үөрэххэ көһүөн сөп дуо?

– Көһүү туһунан киниэхэ өссө былырыын этии киирбитин буолумматаҕа. Мин билэрбинэн, Маргарита манна бүтэриэн баҕарар.

– Суох-суох… Кини олус кыбыстанньаҥ, сэмэй… Ол иһин буолумматаҕа. Оттон билигин көһөрөр буоллар, кини сымнаҕас климаттаах эҥин сиргэ…

– Сөп, өйдөннө, Татыйык Титовна. Ити боппуруос күн сарсын да быһаарыллыан сөп…

– Махтанабын, Олег Дмитриевич…

Татыйык, долгуйбута син биир ааспакка, дьиэтигэр аҕылаан-мэҕилээн тиийэн кэлбитэ. Сөпкө гынна эрэ, сыыста эрэ…Чэ, буоллун, барыта дьылҕа хаан илиитигэр…

Олег Дмитриевич диэннэрэ чахчы да олус өйдөөҕө, сиэрдээҕэ таһыттан көстөр эбит. Холкута эмиэ. Хайдах-хайдах кэпсэппитин билигин бэйэтэ да өйдөөбөт. Олус эрэллээх, кытаанах уонна… туох эрэ сылааһынан илгийэр уратылаахха дылы. Майгыта көнөтүн киһи тута сэрэйиэх курдук. Маргаритатын… көһөрөргө, арааһа, ылыннарда быһыылаах. Тылы тыалга бырахпат киһи буоллаҕына быһаарыа ини. Тохтуу түһэн баран, дойдутуттан тиийэн билсээ ини, төлөпүөнүн биэрдэ дии…

* * *

Буһа турар бэрэски сыта ыраахха диэри тиийбит. Күтүөт уол Балантыын Марыынчыгыныын тиийэн кэллилэр. Омун-төлөн дьон тутатына итии бэрэски үрдүгэр түһэн, чэйдээн бардылар.

– Ийээ, наһаа үчүгэй киинэ тахсыбыт. Биһигини кытта барсаҕын? – Марыынчык ыҥырар.

– Суох, тоойуом, сотору балтыҥ кэлиэ дии…

– Ээ, арба… Ийээ, биһиги ыстанныбыт, – диэт, эдэрдэр көрүөх бэтэрээ өттүгэр мэлис гыннылар.

Сотору аан чуораана дьырылата тыаһаата. Маккырыыта тиийэн кэллэ. Кэри-куру буолбутун биллэрбэт буола сатаан, оргууй киирэн баанналаах хоско ааста, уһун да уһуннук илиитин суунна быһыылаах. Куукунаҕа кэтэһэн олорор ийэтэ эмиэ туох да диэн булбатаҕа тыҥаабыт түгэни эбии күүркэттэ. Хайа хайалара бэркэ сэрэйэллэр даҕаны… бу киэһээҥҥи кэпсэтии туохтан саҕаланыан билбэккэлэр, чочумча сирэй-сирэйдэрин утары көрсүбэккэ олорбохтоотулар.

– Ийээ, эн мин салайааччыбар тоҕо бара сырыттыҥ? – кэмниэ кэнэҕэс кыыс урутаата.

– Оттон… тоҕойуом… олус сылааргыыгын быһыылаах дии… – төһө кыалларынан, холкутуйа сатаан, ийэтэ намыыннык хардарда.

– Суох, оннук буолбатаҕын эн бэркэ билэҕин… Уонна көһөр диэбиккин. Тоҕо?

– Тыый, оттон… эн курдук үөрэххэ баҕалаахха, атын сир таһымынан сайдар туох куһаҕаннаах буолуой?

– Мин мантан ханна да барбаппын. Ити туһунан былырыын кэпсэппиппит буолбат дуо?

– Тоойуом, толкуйдуох, атын сиргэ ордук буолаарай? Москуба дуу, Санкт-Петербург дуу буоллун. Эбэтэр… Новосибирскай, Томскай… хайдахтаах курдук улуу куораттарга үөрэнэргэ кыах баарый?

– Мин онно тоҕо барыахтаахпыный?! Манна миэхэ барыта баар: тиэмэм, матырыйаалым, салайааччым…

– Онно да баар буолуо дии…

– Суох, маама! Ханна да барбаппын! – эмискэ кыыс ытыы түстэ да, хоһугар ыстанна.

Түргэн үлүгэрдик хомунан бараары оҥоһунна.

– Рита, тохтоо, кэпсэтиэх…

– Эн миигин өйдүү сатаабаккын. Оннооҕор ыйыппакка да сылдьаҥҥын, кыра оҕону атын дьыссаакка көһөрөр курдук, мин үөрэхпин быһаара сатыыгын… – кыыс ытыыра тохтообот.

– Тоойуом, оннук буолбатах, барытыгар быһаарыы баар…

– Суох, туох да суох! Баар буоллаҕына, тоҕо миигиттэн ыйытыга суох мин олохпор орооһоҕунуй?!

– Тоҕо диэтэххэ, мин ийэбин…

– Мин итини сатаан өйдөөбөппүн… Ийэ оҕотун туһугар кини санаатын утарыа суохтаах. Эн былырыын туох диэбиккиний? «Мэлдьи эн диэки буолуом» диэбиккэр наһаа да үөрбүтүм. Оттон билигин… хата, онно ис санаабын үллэстибэтэхпэр… бэйэбэр махтаныах курдукпун… – кыыс таһырдьа ойдо.

Оо, ооккобун даа… Өскө эн билэриҥ буоллар ньии, ийэ сүрэҕэ чахчы оҕотун туһугар эрэ ньүөлүйэрин?! Бэйи эрэ, хайыах баҕайыный… Дьиэлиэххэ! Кириили кытта кэпсэтиэххэ! Быыһанар суолу иккиэн куолаан тобулуохха!

Ити киэһэ кини бэрт суһаллык, аргыс массыына көстөөтүн, туох баар төбөтүн иһинээҕи ытылҕанын илдьэ, санаата оонньуур эгэлгэ ыарыытыгар ыга эмнэрэн, кимиэхэ да тугу да быһааран эппэккэ эрэ, дойдулаата…

* * *

Олег Дмитриевич, били Марина Петровна суругун ааҕыан, ыыппыт диискэтин көрүөн, ыйбыт нүөмэригэр төлөпүөннэһиэн быдан инниттэн, туһугар, тугунан да кыайан быһаарыллыбат кыһалҕаҕа киирбитэ. «Кырдьан баран кылыыһыт буолбукка дылы» диэн төһөлөөхтүк бэйэтин сэмэлэнэ санаабыта буолуой? Таптал диэни билэбин диэхтиирэ да, онтубут эмиэ эгэлгэлээх курдук элэҥниэхчэ айылааҕа. Эдэркээн оҕоҕо дууһалыын курдат таттарар буолбутун, чэҥ өйүнэн сөбүлээбэтэр да, эмиэ да «сааһырбыт» тапталга маарыннатан ылар буолбута.

Ону баара, Марина суруга, биир өттүттэн хайдах эрэ кинини уоскуппута. Дьолго, оҕолонон, кэргэннэнэн, бэйэтин аналын буллаҕа. Оттон кини? Кини туһа туспа. Кур бэйэтэ кубулуйбатаҕа. Хайдах эрэ буолуохтаах буолбутун курдук баччааҥҥа диэри саныыра. Олег Дмитриевичкэ киирэ-тахса билсэ-көрсө сатааччы элбэҕэ. Күүһүнэн дьиэтигэр тиийбиттэри аахпатахха, сыҥаланааччы да суох буолбатах. Онуоха, тоҕо эрэ мэлдьи санаата сыппат. Ордук сиэссийэ саҕана, оннооҕор, акаарычаан устудьуоннар кытта элэҥнэһээччилэр.

Арай, итилэртэн биирдэрэ атыннаах. Ол – Саввинова. Олус өйдөөх, талааннаах оҕо. Кырдьык, бэйэтин бөлөҕүн, кууруһун таһынан, иһигэр кинини «хара куба» диэн ааттаабыта ыраатта… Оннук дьоһун толкуйдаах кыыс. Үксүгэр итинниктэри ымсыырааччылар, сэтэрээччилэр «маҥан тураах» диэхтэрин сөбө, оттон Олег ол кыыһы «хара куба» диэн сүрэхтээбитэ. Бэйэтэ даҕаны нуоҕайан-куоҕайан намчыта ини, хара бараан буолбатар да, сырдык ыраас бэйэтигэр дьүөрэлии, хап-хара өйдөөх харахтарынан чоҕулуйан… бииргэ үөрэнэллэриттэн барыларыттан таһыччы кыахтаахтара буолан чорбойоро, чахчы хара кубаны санатар… Үчүгэйкээн кыыс.

Ол эрээри кини санаата-сыаната үөрэтээччи киһи быһыытынан эбит буоллаҕына, хайдах эрэ кэнники кэмҥэ бэйэтин бэйэтэ ытырыктатан барбыта. Кыыс оҕо кинини эр киһи быһыытынан олус сэҥээрэрэ хараҕар быраҕыллыбыта. Ардыгар, эмиэ да истэн олорор курдук эрээри, кыыс толкуйа токуруйан… атын сиринэн ыырданар быһыылааҕа. Иккиэйэҕин хааллахтарына, кыыс барахсан, киниэхэ таба көстүөн, тугу эрэ саҥаран сэҥээрдиэн баҕарара атын да харахха аалыллыа эбитэ буолуо… Хата, итинник быһыытын, дьон баарыгар туттунар, кытаанахтык хонтуруолланар кыыс…

Олег Дмитриевич эмиэ ити оҕоҕо сүрэхтиин-быардыын сымныан баҕарар санаатыттан куттанар. Баҕар… кыыс туох эрэ ыарыылааҕын сэрэйэн буолуо дуо? Ийэтэ кэлэ сырытта дии. Тугу эрэ кистээхтиир быһыылаах. Кэрэ да дьахтар. Долгуйан сатаан да саҥараахтаабата, наадатын да нэһиилэ быһаарсан барда. Дьахтар олус кэрэ куоластаах, нарын баҕайы ааттаах. Татыйык… эчи истиэххэ кытта үчүгэйин баҕаһын. Ийэ барахсан оҕотун туһугар сырыттаҕа. Бука, суостаах-суодаллаах декаҥҥа киириэм диэн эрдэттэн толло олороохтоото ини. Хата, бастаан туох ааттаах буоллаҕай диэн куттана санаабыта кэпсэтии кэнниттэн дьайҕарбыта. Ийэ наадата биллибитэ. Итинэн туһанан, бэйэтэ кыыс туһуттан эмиэ тус дьаарханарыттан сиэттэрэн, «хара кубатын» атын сиргэ утаараары гыммытын, Маргарита Саввинова утарда, ытаан аҕай бараахтаата. «Барбаппын», – диэн быһаччы этэр, буолуммат. Оччотугар, декан да буол, күүскүнэн хайдах гынаары гынаҕыный?

Уопсайынан даҕаны, Олег кырдьаары гыммыт быһыылаах… Хата, дьиҥэр, ити Саввинова ийэтин сэҥээрэ көрдө ээ. Кимин-тугун хантан билиэй. Ыйытарга табыгаһа суох. Ол иһин буолуо, сэкирэтээрэ барбытын кэнниттэн, кыыс дьыалатын маарыын ылларбытын, дьэ, кичэйэн көрдө. Онто баара аҕалаах эбит, буолаары буолан, нэһилиэк баһылыга… Сөп ээ, итиччэ кэрэ дьахтар, кини хаһан кырдьан иһэн, дьэ, өйдөнөн, чугаһыан дуу, чугаһаамыан дуу, күүтэн олоруой?!

Биир тылынан, Олег «таракаана» барыта бэйэтиттэн. Кинини кэрэхсээччилэргэ буолуммат. Санаата сыппат. Биирдэ эмэ бэйэтэ сэҥээрээри гыммыта барыта… сиэри таһынан. Бастатан туран, ити Маргарита оҕо… туох да олус бэрээдэктээх, киһи эрэ ымманыйыах кыыһа. Ол эрээри сатаммат диэн баар дии… Аны оннук аньыыта итэҕэс буоллаҕай. Онтон ити… ийэтэ… Диэ даҕаны, ийэбит кэргэннээх! Кыыспыт толкуйа атын! Биир тылынан – моһуок!

– Уопсайынан даҕаны, уурайыах эрэ! Тугу эмэ булан сиэххэ! – саҥа таһааран Олег ачыкытын өрө анньынна, сыппыт дьыбааныттан тура тэбиннэ.

Кубус-кураанах дьиэтигэр кинилиин кэпсэтиэх ким баарый? Суох! Тоҕо? Ким билэр… Ардыгар Маргарита кыыс эһиилги дипломугар диэн матырыйаал уларса, дакылаатын көрдөрө диэн кэллэҕинэ, хара күүһүнэн баар бородууктаттан тугу эмэ астаары гынааччы да, холостуой, сааһыра барбыт киһи туга кэлиэй? Ол иһин, модьуйан туран, кинини тохтотооччу. Чоҕулуччу көрөн, сатана кыыһыгар, кини бэйэлээх кытта сатаан кыыһырбат муҥа… Ити баар, эмиэ Маргарита. Икки да хаамыыны оҥорбото буолбат дуо, сатана кыыһа кини өйүн чахчы сүүйбүт… төбөтүттэн тахса да сылдьыбат.

Олег, бэйэтин мөҕүттэ-мөҕүттэ, халадыынньыгын хаһа сатаата да… тугун да ордорбокко, саппааһын барытын, күтэр курдук кэбийбитэ ырааппыт эбит. Маҕаһыынныырга уолдьаспыт. Сарсын эрэ табыллар кыахтаах. Онон… бүгүн эмиэ төлөпүөнүн үрдүгэр түһэн, чугастааҕы эрэстэрээнтэн куруук үлэһэр үтэһэлээх этин сакаастаата. Онтун күүтэ сытан утуйан хаалла…

* * *

Татыйык эбиэт саҕана эрдэ, дьиэтигэр тиийээт, хаһан да омуннурбатаҕын омуннуран, сонно тута, тыын быһаҕаһынан тыынан, Кириили үлэтиттэн ыҥыран ылла. Соторутааҕыта аҕай уһуурдуу куораттаабыт Татыйык туох буолан төнүннэҕэй диэн мунааран, Кириил, хата ырааппатах буолан, тиийэн кэллэ.

– Кириил, чэйдиэх… Иэдээн… – диэмэхтээтэ, ыксалынан чэйин кутта.

Татыйык Кириилин кытта санаатын атастаһан кэпсэтиитэ кыайан табыллыбатаҕа. Онтон хомойон, бэйэтин буруйдана сатыыр да, ис кырдьыга оннук буолбатах. Кини, букатын ыксаабакка, саас-сааһынан барытын хайдах баарынан ууран биэрбитэ. Итэҕэйэн. Эрэнэн. Көмүскэтээри. Сүбэлэттэрээри.

Онто баара, Кириил, бу сырыыга баҕас халы-мааргытык сыһыаннаста. Бастакытынан, кини бу киһи, кырдьык даҕаны, итэҕэйэригэр олус уустук остуоруйатын улаханнык сымыйарҕаата. Туох да төрүөтэ суох. Соһуйбакка даҕаны. Иккиһинэн, этээри этэн, эттэҕэ үһү:

– Содур дьахтар оҕото содур буолан… ол кыыс онно-манна тииһэ сатаата ини!

Татыйык оҕотун көмүскүү сатаата. Ама даҕаны, итинник буоллахха, бачча тухары «миэнэ», «мин курдук» диэн айаатаан аҕай улаатыннарбыт оҕотуттан аккаастаннаҕа тугун түргэнэй, тоҕо баҕас кэбэҕэһэй…

Онтон аны:

– Татыйык, ол иһин манныгынан түмүктэниэхтээҕэ биллэр этэ. Кыргыттаргын тараҥнатан ииппитиҥ ити кэллэҕэ, хайалара даҕаны эн тылгын суолталаабаттар, этэргин ылымматтар. Ол аата тугуй? Иитииҥ үтүөтэ! Онтугун көрөн итэҕэйэр кэмиҥ кэллэҕэ! Уолаттар эбиттэрэ буоллар буккуһуох эбиппин… онтум баара Саабынаппын салгыырым суох. Биирдэрэ Киргиэлэйэптэргэ кийииттээтэ, оттон ити кыраҥ… ханна тиийэрин күүтэр кыаҕым суох. Биир тылынан, эн биһикки ардыбыт аппыта ыраатта, онон мин тахсан биэрэбин… Дьиэ-уот – эйиэнэ. Былдьаһар-тарыһар санаа суох. Уруккуттан да улахамсык соҕус буолааччыгын. Аан дойдуну барытын эн эрэ быһаарбыт курдук туттаҕын. Мин онтон сылайдым. Кытаат, уоххун-сэниэҕин кыргыттаргар утаар. Баалаама, олохпут оҥоһуута итинник, – диэбитэ.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации