Электронная библиотека » Евдокия Иринцеева » » онлайн чтение - страница 7

Текст книги "Буолар да эбит"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 12:40


Автор книги: Евдокия Иринцеева


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 7 (всего у книги 19 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Малын-салын тойон дьиэлээх икки күн устата хомуммута. Кириил Татыйыгыттан турар бэйэтэ буолбакка, биэс чымадааннаах тахсан барбыта. Итини кыргыттар хойут, ньургуһун ситиитэ эрэ, истибиттэрэ. Сонно тута Балантыыннаах Марыынчык ийэлэригэр, тиэтэл бөҕөнөн, аҕыйах хонукка кэлэн барбыттара. Марыынчык аҕатыгар бара сылдьан билэн кэлбитэ үгүһэ:

– Ийээ, аҕабыт, атыннаах эбит буолбаат?! Аттынааҕы нэһилиэккэ баар даамата киниттэн өссө… хат үһү дии?!

– Саамай сөп, тоҕойуом, ол аата Саабынаптары салҕааччы баар буолуохтаах… – эрэ диэбитэ Татыйык уонна туох баар абатын-сататын умна сатаабыта…

Оҕолоро кэлэн барбыттарыгар кини улаханнык чэпчээбитэ. Сотору Маккырыытатын күүтэр. Ама, кэлиэ суоҕа дуо диэн иһигэр ытырыктатар. Ол иһин биир күн, тугу уһатан-кэҥэтэн диэн, били төлөпүөн ыйыллыбыт кумааҕытын таһааран куоракка эрийдэ.

– Олег Дмитриевич… Бу… Саввинова, Татыйык Титовна тиийдим…

– Үтүө күнүнэн, Татыйык… Титовна!

– Кыыспын билээри… Сиэссийэтэ хайаста буолла…

– Бай, этэҥҥэ этэ дии. Билсибэт дуо? Мин көрбөтөҕүм ыраатта, ый кэриҥэ буолла.

– Суох, мин атын сиргэ ыыта сатаабыппын сөбүлээбэккэ, өссө сааскыттан быһа… миэхэ өчөһөн бууннуу сылдьар. Эрийдэхпинэ ылбат, эдьиийин кытта эмиэ билсибэт…

– Моһуок эбит дии… Оччоҕо мин… кэпсэтэн көрөбүн ду, кинилиин?

– Ким билэр, хайдаҕа буолла… Уопсайынан даҕаны, сыыһа толкуйдааммын, онно-манна тиийэммин… оҕобун хомоттум диэн кэмсинэн эрэбин. Онтон сылтаан, сатаан өйдөспөт буолууттан… аҕабыт кытта арахсан барда…

– Ноо! Тугун уустугай… Мин туох диэхпиний… Тугунан көмөлөһүөхпүнүй? Арай, Маргаританы кытта сэмээр кэпсэтиэм дуу…

– Сэрэнэн… Букатын наһаа сэрэнэн этиэххэ наада… Кини оҕотуттан аҕатыгар олус убаммыт кыыс…

– Өйдөөтүм, Татыйык! Кэпсэтэн баран биллэриэм, – диэтэ Олег Дмитриевич хап-сабар.

Сарсыныгар, киэһэ этэ бадаҕа, төлөпүөн тырылаабыта. Марыынчык буоллаҕа диэн, Татыйык саалатыгар сүүрбүтэ. Суох, соһуйуон иннигэр, Олег Дмитриевич эбит.

– Бай, хантан биһиги нүөмэрбитин биллиҥ? – диэн, ситэ толкуйдаабакка эрэ, Татыйык чап гыннарбыта.

– Татыйык Титовна, оттон суотабайга хаалбытынан эрийэбин ээ, – диэн анарааҥҥыта күлбүтэ. – Мин Маргаританы кытта бүгүн кэпсэттим. Сиэссийэтэ бүттэ, онон, сотору кэминэн дьиэлиибин диэтэ. Атынын, Татыйык… Титовна, бэйэҥ этэриҥ буоллар? Миэхэ табыгаһа суох курдук этэ…

– Сөп-сөп, Олег Дмитриевич! Барҕа баһыыба буоллун!

Бу бэҕэһээ-бүгүн кэпсэтииттэн ийэ уоскуйа быһыытыйбыта. Ол барыта бэйэтин төбөтүгэр көймөстөр санаата араастаан тыытан кинини муҥнууруттан тахсар ээ. Олег Дмитриевич кыыһы көрбөтөҕүм ый буолла диир дии. Ити аата, акаары эдэр кыыс кинини таптыырын туһана сатаабат дьиҥ толкуйдаах киһи быһыылаах. Кыыс, төһө да үөрэҕин субу эһиил бүтэрээри сырыттар, оҕо буоллаҕа эбээт, омунугар ол-бу буолан сыҥаланан да туруон сөбө. Оччоҕо, итиччэ өйдөөх-төйдөөх киһи, ийэтин да санаан туран, наһаа барбат ини диэн эрэҥкэдийэ санаата. Сөпкө да ити киһиэхэ эрийбиппин диэн бүк итэҕэйдэ…

Хата, төттөрүтүн, бу кыһарҕаннаах, тыҥааһыннаах кэмҥэ, буолаары буолан Олег Дмитриевич бэйэтинэн киниэхэ өйөбүл буолла буолбат дуо? Саамай эрэммитэ, эрэ ханна баарый? Эдэр дьахтар эттээх буутун ыга кууһан, бары кыһалҕаттан тэйэн, хата, оҕо төрөтөөрү оҥосто сырыттаҕа…

Татыйык абарбычча быыппастыбыт санаатыттан бэйэтэ да кыбыстан ылбыта. Аны онуоха-маныаха тиийимиим диэн иһигэр быһаарыммыта. Барбыт бардын, тэйбит тэйдин. Хайыаҥый, Кириил эппитэ эмиэ оруннаах, олохпут оҥоһуута оннук ини.

Сотору Маккырыытата кэлбитэ. Куолутунан, чуумпутук, соччо-бачча кыыһырбыта көстүбэт этэ. Бэйэтин да майгыта чуумпу буолан, киниттэн аһаҕас үөрүүнү-көтүүнү ирдиир онно суоҕа. Сайыны быһа иккиэн эрэ олордулар. Сибэккилэрин бүөбэйдээн, теплицаларын көрөн, хортуоппуйдарын буорун көбүтэн, кинилэр холлоругар күө-дьаа буола сатаатылар.

Кыыс тугу да атыны саҥарбат. Барыта күннээҕинэн, ыла-биэрэ. Наар хоһугар сытан ааҕар айдааннаах. Ол иһин ийэтэ, сэргэхситээри, сир астата да илтэ. Күһүөрү тэллэйдээтилэр. Онтуларын тууһаан, сороҕун хатаран син мээнэ өр букунастылар. Аҕыйах хонугунан кыыһа куоратыгар төннүөхтээх. Барыан иннинэ хайдах эмэ гынан кэпсэтэр баҕалаах. Ол иһин бу сарсыарда турунан туран саҕалаата. Онтун быыһыгар кини күннүгүн алҕаска түбэһэ түһэн аахпытын аҕынна. Ол иһин Олег Дмитриевичкэ бара сылдьыбытын эттэ.

– Ийээ… кырдьык дуо? Ол аата, эн миигин соруйан киниттэн араара сатаабытыҥ?!

– Оннук буолбатах, тоойуом. Олег Дмитриевич эн ханыыҥ буолбатах. Кини саастаах киһи. Оттон эн эдэргин. Бастакы сөбүлүү көрбүт, сэҥээрбит киһиҥ буолар. Ону эн өйгүнэн билиэхтээххин, миигинниин, ийэҕин кытта саастыы киһилиин хайдах тапсыаҥый?! Оннооҕор эн миигин ылыммаккын буолбат дуо?

– Эн диэн атын, кини диэн туспа, ийээ! Өйдүүгүн, мин кинини таптыыбын эбээт!

– Ити, кыысчааныам, таптал буолбатах. Бэйэҥ идеалгын көрдүүр кэмҥэр, төбөҥ иһигэр чочуйар уобараһыҥ эрэ!

– Мин кыра оҕо үһүбүн дуо? Уобарастан тэйэн, тыыннаах киһини билэбин эбээт!

– Эн син биир оҕоҕун. Олоххо уопутуҥ суох. Үөрэтээччи быһыытынан билиитин, учуонайы өйүнэн сыаналаабытыҥ, онуоха бэйэҥ дьулуһууҥ түмүгэр «таптаатым» дии саныыгын…

– Оннук буолбатах, кини барыга сыстаҕас, тугу барытын баарынан ылынар, атыннык толкуйдуур…

– Итэҕэйэбин, оннук буолумуна, учуутал буоллаҕа эбээт! Ол эрээри эн эдэр киһини таптыахтааххын, кинилэри көрүөхтээххин, бэйэҥ саастыылаахтаргын…

– Тоҕо эн кинини кырдьаҕас диигиний? Кини дууһатынан… эйигиннээҕэр эдэр!

– Ол – дууһата. Оттон бэйэтэ…

– Суох, ийээ, мин тугу да истиэхпин баҕарбаппын! Эн миигиттэн ыйыппакка тэтэрээппин аахпыккын… Саатар ону эппэккэҕин эрэ Олег Дмитриевичкэ тиийбиккин… Ол иһин… кини билигин миигиттэн наар тэйэ туттар! Итинник буолбатаҕа эбээт!

– Тоойуом, тугу диигиний? Эһиги туох… бииргэлээх этигитий?

– Туохпут кэлиэй?! Эн мэһэйдээбэтэҕиҥ буоллар, кини миигин атыннык көрүөхтээх этэ! Миигин таптыа да этэ! Эн… эн… барытын алдьаппыккын!

– Мин, итэҕэй, эн тускунан ордук-хос тугу даҕаны эппэтэҕим…

– Инньэ диэ?! Ол иһин кини миигин куруук тэйитэ сатыыр дуо? Эн эппэтэҕиҥ үрдүнэн?

– Кыысчааныам, андаҕайабын, тугу да эппэтэҕим…

– Син биир аны эйигин итэҕэйбэппин! Мин син биир тапталбар тиийиэм, ытыам-соҥуом, көрдөһүөм, барытын кэпсиэм, оччоҕо кини өйдүө… Кини эрэ миигин өйдүө… Эһиги аҕабыныын иккиэн… таҥнарыахсыттаргыт!

* * *

Татыйык Титовна суһал үлүгэрдик куораттаата. Билбэт дьон, үөрэх дьыла саҕаланаатын, күөс үллэринии, туох суһал наадаланнаҕай диэн мунаара хаалбыттара. Оттон кини олус тиэтэйэрэ.

Бэҕэһээ ыкса киэһэ Олег Дмитриевич төлөпүөннээбитэ. Бэркэ ыгылыйбыт этэ. Кэлэ сырыт диэн ыҥырбыта. Тугу да үгүһү эппэтэҕэ, бэйэтэ да кэпсэтии иэмин-дьаамын өйдөөбөтөҕө, соһуччута бэрдиттэн хос-хос ыйыталаспакка хаалбыта. Санаатыгар субу сүүрэн тиийиэх курдук турукка киирбитэ. Дьэ, ол иһин кини куоракка тиэтэйдэ. Түүннэри саабыһыгар эрийэн, суһал наадаланным эрэ диэбитэ, кэллэхпинэ быһаарыам диэн тугу да эппэтэҕэ. Оттон эргиллэрин саҕана… тугу эмэ толкуйдаа ини…

Киһи эриэнэ – иһигэр. Саха табатык да уот харахха таайар тыллаах, бэргэнник да сүрэххэ ытар өс хоһоонноох буоллаҕа. Кыра кыыһа, Маккырыытата, өйүн тутар сааһыгар манныктаах айылаах ууга-уокка түһэриэ диэн түһээн да баттаппатаҕа. Чуумпу бэйэтигэр иһигэр арбаҕастаах киирбитигэр дылы буолан түһэн… Наар, ааранан, улахан кыыһыттан дьаарханара эбээт. Биир үксүн аҕатыныы соҕус майгылааҕын иһин, иһиттэн бэйэтэ таайан, сэрэнэр эбит буоллаҕа. Кириил, тиһэхтээн сытан, майгытыгар бэриннэҕэ ити… Тыал курдук элэс гыммыта эрэ, онно оҥос буола түстэ. Хата, Марыынчыга бэрт уолга түбэстэ быһыылаах. Иккиэн бэйэ-бэйэлэригэр майгынныылларын үрдүнэн бэркэ өйдөһөр, саамай кылаабынайа, ис буолан сөпсөһөр курдуктар. Дуу, аныгы оҕолор сигилилэрэ ситигирдигэ дуу…

Дьэ, диэ. Маккырыытата барахсан син биир биирдик тутуллан, биир дьиэҕэ, өссө эдьиийинээҕэр ордук аҕатыгар убанан, икки төрөппүт күүстээх тапталын иҥэриммит кыыс буолан баран, хайдах эрэ… эмискэ-эмискэ, сыһыаныгар тымныы тыал киирэн сирилэччи үрэрин курдук буолан ылаттыыр. Оччоҕо кими да ылыммат, кими да чугаһаппат дьикти майгылаах. Итинник гыннаҕына… ийэтэ, кыыһа хайдах эрэ атынын, кинилэртэн төрөөбөтөҕүн, уорбалыыр курдук дуу дии санаан, баҕарбатар да, дук-дах туттааччы. Баҕар ол иһин, икки өттүттэн кэтэсиһии-манасыһыы курдук буолан, ардылара ыраатан ылара буолуо дуу? Араас ээ… Ким тугу билэн сүбэлиэй.

Татыйык биири эрэ билэр, Маргаритатын ылыаҕыттан миэнэ диэбитэ, тугунан да атарахсыппатаҕа. Оннооҕор төрөппүт эрэ буруйдаах, оҕотун ыраахтан эрэ көрөн баран, тута кэриэтэ «бараахтаабыт» ийэтэ эрэйдээҕи, бу кыыһыгар сыһыаран, биирдэ да санаан кэлбэтэҕэ. Баҕар, дьахтар оҕону илиитигэр тутан олорорун көрбөтөҕүттэн буолуо? Киниэхэ бу кыра кыыһы, Марыынчыгын кытта тэҥҥэ, аҕалан биэрбиттэригэр, тэбис-тэҥ курдук кыһыл оҕолору, бутуйуох да курдуга ээ. Сураҕа, субу төрөөбүттэр бука бары маарыннаһаллар дииллэр. Оҕо көтөҕөр акушердар эрэ араараллар ини. Санаатыгар, суулааччылар да алҕас аралдьытан кэбиһиэх курдуктара. Ол туһунан элбэх үһүйээн курдугу кэпсииллэр даҕаны, син, манна диэн эттэххэ, көрө үөрэммиттэр киһи-киһи оҕото атынын арааран эрдэхтэрэ. Итиэннэ сүрэҕинэн таайар диэн эмиэ баар. Марыынчыгын инникиттэн эмтэрбит, көрөн-истэн, тутан-хабан ылбыт буолан, хайаларыгар даҕаны мунаарбатаҕа. Ытыыр да саҥатын биирдэ истибит ийэ умнубат кыыһа этэ. Оттон Маккырыытата чуумпутун туһунан аҕалалларыгар быраастар бэйэлэрэ эппиттэрэ.

Оҕом сыыһа… аҕатыттан хомойдо даҕаны. Кириил даҕаны… бэйэтэ бэйэтинэн, кыра оҕо курдук буолан түһэн. Итиччэлээх быһаарсыы кэнниттэн кыыһын аһыммат да буолан, төттөрүтүн, куота сырыттаҕа үһү… Маккырыыта буруйдааҕын курдук. Бу тухары оҕом диэбитэ соҕотох биир күнүнэн уостара дьиктитин. Киһи кэлэйиэх.

Татыйык Титовна оллур-боллур тыа суолунан массыынанан эгдэҥэлэтэн, бу аата куоратыгар айаннатан иһэн, санаатын далыгар мунчаарарын дьүһүнэ. Санаа баттыгаһа баар, туохтааҕар да ыарахан. Аҕыйах чаас иһинэн кини, арбы-сарбы буолбут дьүһүнүгэр хас эмэ сылы эбинэн кэбиспиттии, саастаах баҕайы дьахтары санатар көрүҥнэммит. Олох охсуута-тэбиитэ манан муҥурданнар ханнык. Били, этэллэрин курдук, «иэдээн кэллэ, ааҥҥын ас» диэбиттэрэ оруннаах курдук. Бииртэн биир харгыс сиэттиспитинэн тахсан иһэр эбит. Урут син ыал тэҥинэн быр бааччы олорбут дьон диэтэххэ, бары үрүө-тараа үрэл гыммыттара түргэнин, хомолтотун. Арааһа, кини дьоно, кырдьаҕастар баалларына, сиэр-майгы син тутуһуллар эбит. Кириил быһыытыгар ити баҕас дьэҥкэтик көстөр. Урут даҕаны иһилим-таһылым түһүтэлиирин син уйан олордохторо. Бу сырыыга кэргэнэ, муоһата суох кэриэтэ, ама да көссүүлэстэр, олус хорсуннук быһаарыммыт…

Татыйык, кырдьыгы баран эттэххэ, итинтэн наһаа санаарҕаабат. Кылаабынайа, кыргыттара эрэ этэҥҥэ буоллуннар. Марыынчык, киһи үөйбэтэх өттүттэн быһаарыныылары ылаттыыр эрээри, онтуҥ өссө, истибэтигэр эттэххэ, син олох хаамыытынан сирдэтэр, ол долгун хайдах бааллырарын сиэринэн эбит. Оттон кырата, Маккырыытата, таһаҕас киэнэ ыараханын ийэтин санаатыгар соҥноото…

Олег Дмитриевич үтүөкэннээх киһи буолан ойоҕостон көмөлөһө сатыыр. Татыйык кинини хайдах эрэ уруккуттан билэр курдук. Барахсан эмиэ, тус олоҕор соччо табыллыбатах буоллаҕа. Кэргэниниин арахсыбыт курдук кыыһа этэн аһарбыттааҕа. Маккырыыта этэрэ да судургутун көр: «Оҕоломмотохторун иһин иккиэн, сүбэлэһэн баран, арахсыбыттар. Кэргэнэ атын киһиэхэ баран оҕоломмут. Оттон Олег Дмитриевич соҕотох хаалбыт. Кини курдук достойнай киһи булгуччу оҕолоох буолуохтаах», – диир ээ, сатана кыыһа баара. Бу быһаардаҕа баҕас кэбэҕэһин. Олох диэн биитэр драма, биитэр трагедия диэн ким эппиттээҕэй? Барахсаттар, сүбэлэстэллэр да, кыһалҕаттан араҕыстахтара ини… Итиччэ дьоһун киһи таах сэлээ дьахтары кэргэн ылбатаҕа буолуо ээ. Анарааҥҥыта да толкуйдаах, тулуурдаах буолан итинник уопсай сүбэҕэ тиийдилэр ини. Дьиҥ истэригэр тугу-тугу санаан, хайдах-хайдах эрэйдэммиттэрин, киинэ буоллаҕай, ыһа-тоҕо үллэстибэтэхтэрэ чахчы. Оҕом барахсан ону хантан билээхтиэй…

Бу тиийэн кыыһын кытта хайдах биир тылы булан, сатаан кэпсэтиэн, өйө хоппот. Хайыах баҕайыный диэн олус мунаарда. Ыксаатаҕына, барар сирэ баҕана үүтэ эрэ буоллаҕына… кистэлэҥнээх хаартытын ыраас остуолга ууран биэриэхтээх. Итинник санаабытынан, түүн уутун аанньа ылбатах дьахтар, төһө да нэксиэ сахсыйдар, устунан утуктаан, нухарыйан барда…

* * *

Татыйык кыыһыгар Маккырыытаҕа уопсайга кэлбитэ – суох. Ол иһин малын-салын дьаһайан, кыыс бииргэ олорор кыргыттарын кытта чэйдииллэригэр илдьэ кэлбит кэһиилэрин ороото. Бэһис куурустар иккилии буолан олороллор да, бу манна сэргэстэһэ хостоох түөрт кыыс, инникиттэн куруук тутуспутунан олорбут буолан, билигин да кыттыһан аһыыллар, киирэ-тахса мэлдьи бииргэ суксуруһаллар.

Кыыһа киэһэ хойутуу, бибилэтиэкэ сабыллыбытын кэнниттэн эрэ кэллэ. Бука бары оонньуу-күлэ сэһэргэһэн, үөрэн-көтөн чэйдээтилэр. Онтон кыргыттар онно-манна аргым-таргым тарҕастылар.

– Эһиги ахтыстаххыт буолуо, кыргыттарга бүөмнээн олоро түһэргитигэр усулуобуйаҕытын оҥоробут, – диэн, күлэн-үөрэн чаҕылыһан, мэлис гыннылар.

– Ийээ, эн туохха кэллиҥ? – Маккырыыта, кыргыттара тахсаатын, быһа бааччы бэрт түргэнник ыйыта оҕуста.

– Таах, билсээрибин…

– Оннук буолбатах, кыһыҥҥы суол тура илигинэ айаннааччыҥ суох.

– Наадам элбэх, көрдөрүнүөм эҥин этэ.

– Оччоҕо тоҕо эрдэттэн эрийбэтэххиний? Маама, кырдьыгынан эт, эйиэхэ… Олег Дмитриевич эттэ дуо?

– Тугу этиэхтээҕий?

– М-мм… Барытын эһиги уустугурдаҕыт… Сөп, мин кырдьыгынан этиим: бэҕэһээ мин киниэхэ дьиэтигэр бара сылдьыбытым уонна, эйиэхэ сэрэппитим дии, ол курдук… кэпсэппитим.

– Ол аата хайдах?

– Хайдах хайдах?! Дьахтар эр киһилиин хайдах кэпсэтээччиний?! Таптыыбын диэбитим, кими да истибэппин диэбитим, эйигинэ суох сатаммаппын диэбитим… Кырдьыгынан! – кыыс сирэйин саба туттан ытаан барда.

– Уоскуй, чыычааҕым… Ону? Ону туох диэтэ?

– Ону… Эмиэ эн курдук эттэ: эдэргин, атын аналлааххын… Эн… арааската, эн киниэхэ эппиккин, итинник диэн үүрээр диэбиккин, ээ?!

– Суох, мин ити туһунан кэпсэтиим суоҕа…

– Оччоҕо тугу куруук кэпсэтэҕитий? Миигиттэн кистээн? Сайын мин истибитим эбээт!

– Эн саныырыҥ курдук буолбатах…

– Ийээ, тоҕо албынныыгыный, – кыыс ытыыра тохтообот.

Уулаах-хаардаах хараҕынан Татыйык диэки хоргуппуттуу көрөөхтүүр.

– Тоойуом, тохтоо, бүт. Оргууй кэпсэтиэх. Быһаарыллыбат боппуруос диэн суох. Өйдөһүөх…

– Миигин Олегтан бар диэ. Оччоҕо өйдөһөбүт дуо? Суох! Мин сөбүлэммэппин, мин тапталбыттан аккаастаммаппын…

– Чыычааҕым… Быһаарыам эйиэхэ… Эт эрэ, бастаан… Эн таптыыбын диэбиккэр Олег Дмитриевич тугу диэтэ?

Маккырыыта хараҕын уутун сотунна уонна ийэтигэр саба түстэ.

– Кини… кини миигин… оҕотун курдук саныыр үһү… Таптаабат… – кыыс, эмиэ мэрбэйэн, ытаан барда.

– Чыычааҕыам, кини сөпкө этэр…

– Суох! Мин кинини таптыыбын! Эн кинини кигэҥҥин итинник этэр! Урут атыннык сыһыаннаһара!

– Ол аата… хайдах? – Татыйык соһуйда.

– Олус болҕойон мэлдьи истэрэ уонна…

– Уонна?

– Наһаа интэриэстээхтик, сып-сылаастык мичээрдиирэ… Билигин буоллаҕына… наар куота сатыыр, миигин истэ даҕаны барбат, наар халты көрөр…

– Тоойуом, ол аата эйиэхэ өйдөтө сатыыр быһыыта. Култууралаах киһи атыннык хайдах гыныай? Өскө эдэр баҕайы кыыс эмискэ кэлэн таптыыбын диэтэр, олоҕу олорбут, сааһыран эрэр киһи, толкуйа суох уол оҕолуу, тук курдук өйүн сүтэриэхтээх этэ дуо?! – Татыйык куолаһа кытаатта.

Кыыс саҥарбата. Ытаан бүттэ. Татыйык наһаалаатым дуу диэн кэмсинээри гынна. Маккырыыта хоһуттан тахсан барда. «Уоскуйдун, уоскуйаа ини…» – диэн Татыйык улахан кыыһын аахха барда.

Сарсыарда муҥутуур эрдэ төлөпүөнэ тырылаата. Ситэ уһукта илик буолан, хантан кэлбитин көрө да барбакка, харбаан ылла.

– Истэбин…

– Татыйык… Титовна, үтүө сарсыарда, – Олег Дмитриевич кэһиэҕирбит куолаһа иһилиннэ.

– Ээ… үтүө-үтүө…

– Бырастыы гын, уһугуннардым быһыылаах.

– Суох-суох, туох буолла?

– Маргарита миэхэ баар…

– Ээ?!

– Куттаныма, Татыйык… Утуйа сытар. Эн биһиги бүгүн ханна эрэ көрсүөххэ диэрибин.

– Сөп, ханна?

– Эбиэт саҕана, «Тыгыҥҥа» тиийэбит дуо?

– Сөп, 12-гэ мин онно баар буолуом.

– Болдьостубут.

Татыйык ойон турда. Бу акаары кыыһы көрбөккүөн! Оо, буолар даҕаны! Бэйи эрэ, уоскуйуох уонна… хайыах баҕайыный? Ити букатын табыллыбат дьыала кинини муҥ уһугар тиэрдээри гыммыт. Онон… Баар кистэлэҥ өһүллэригэр тиийииһик…

* * *

Күнүс Татыйык «Тыгын Дархан» эрэстэрээн ааныгар тиийэригэр кирилиэскэ Олег Дмитриевич кинини күүтэн турара. «Олус да эдэр уонна киһи хараҕа быраҕыллар киһитэ. Ол да иһин оҕом барахсан… өйө-төйө суох таптаатым дии саныыр буолаахтаатаҕа. Киһи тылын истээхтээбэт да буолан… Бу үлүгэр балаһыанньаҕа дьиҥ кырдьыгы иһиттэҕинэ, эбии буорайара дуу…» – билигин да мунаахсыйар дьахтар саараҥныыра таһыттан көстөрө.

Ас сакаастаан чэйдээри оҥостон олордулар. Олег Дмитриевич хайдах эрэ долгуйбут, биллэ өрүкүйбүт дьүһүннээх. «Буолумуна, үтүөкэн киһини баран, утуйар уутун да аймаатыбыт быһыылаах», – диэхтии, Татыйык кэмсиниэх быһыылаах.

– Татыйык Титовна, эн Маргарита туһугар санааҕын уурума. Уоскуйуо диэбитим, истибэт эбит. Кини бэҕэһээ миэхэ тиийэн кэлбитэ. Олоруом диир. Мин өттүбүттэн туох да куһаҕаны толкуйдаама. Оҕо алҕаһыырын ыччаты кытта үлэлиир буолан бэркэ билэбин. Ол эрээри мин эйигинниин сүбэлэһээри гынабын. Бу кыыска мин сыһыаным… уустук баҕайы. Наһаа аһыныах, харыстыах, чугастан көрө сылдьыах санаам кэлэр… Ол эрээри, ити эр киһи дьахтарга сыһыаныгар маарыннаабат, дьикти баҕайы. Миигин, бука баһаалыста, сөпкө өйдөө дуу, Маргаританы хайдах да гыныам суоҕа…

– Мин онуоха итэҕэйэбин, Олег Дмитриевич, – Татыйык, маарыыттан олорон-олорон баран, дьэ, саҥа таһаарда.

Чэпчээтэ. Харахтара чаҕылыс гынан уоттанан ыллылар. Хайдах эрэ ис-иһиттэн үөрүөх санаата кэллэ, иэдэстэрэ кыыс оҕолуу тэтэрдилэр…

– Татыйык… ити дьикти баҕайы… муунтуйбут дуу, мунаарбыт дуу санаабын, Маргарита ийэтэ буоларыҥ быһыытынан эрэ этэбин… Мин эһиги олоххутугар ханан да сыһыана суох киһи… кыыс дьылҕатыгар буккуһар быраабым да суох эрээри…

– Өссө хайдахтаах бырааптааххын эн билбэккин… Олег Дмитриевич.

– Сатаан өйдөөбөтүм… тугу этэҕиний?

– Олег Дмитриевич… мин эйигин билбитим, суох, эн тускунан истибитим ыраатта.

– Миигин… билэҕин? Хантан? – аны Олег Дмитриевич дьиктиргээтэ.

– Билэбин. Ол туһунан кэпсиэм. Маргарита игирэ аҥаара, кини өссө эдьиийдээҕин истибитиҥ дуо?

– Билэн-билэн, көрбөтөҕүм эрээри, кини куруук кэпсээччи…

– Оччотугар кэпсиирбэр судургу. Иһит. Эн, бука тулуйан истээ инигин диэн эрэнэн, бу сырыыга оҥостон кэллим…

Сүүрбэттэн тахса сыл анараа өттүгэр мин, манна устудьуоннуу сылдьан, кыыспын оҕолоно киирбитим. Ити саҕана төрөөччү, дьиҥэр аҕыйаҕа, ол иһин урукку роддомнары сабан, биир эрэ сиргэ балыыһалаахтара. Онон ардыгар кураанахсыйар, ол быыһыгар дьахтар баппат буола түһэр кэмнэрдээх эбит этэ. Миигин, этэҥҥэ быыһаммытым үрдүнэн, миэстэ суох буолан кураанах реанимацияҕа хонноро киллэрбиттэрэ.

Онно, ыкса киэһэ, эпэрээссийэ кэнниттэн биир дьахтары аҕалбыттара. Сарсыҥҥытыгар кини өйдөнөн, арыый чэпчээн, мин кыыспын эмтэрэ олорорбун көрөн бэйэтэ кэпсэтэн, ыйыталаһан барбыта. Онтон, тиһэҕэр, мин оҕобун иитэ ыл, бэйэм буорайан сытабын, киһи буолбат ыйаахтаахпын, ыарыым оннук диэбитэ. Мин соһуйбуппун, итэҕэйбэтэхпин көрөн, онно баар быраастар, сиэстэрэлэр кини чахчы кырдьыгы этэр диэн аһынан, бигэргэппиттэрэ.

Чочумча буолан баран дьахтар олоҕун остуоруйатын кэпсээбитэ. Соҕуруу куоракка детдомҥа улааппыт омук эбит эрээри, букатын саха курдук дьүһүннээҕэ, сахалыы саҥарара. Ол төрүөтэ кини эрэйдээх-муҥнаах олоҕун үтүөтэ. Кыыс соҕотох хаалан, устунан ускул-тэскил баран, «чэпчэки олоҕу» батыспыт. Көлдьүргээн буолаахтыа дуо, аһыыр, айаҕын ииттинэр кыһалҕаттан итинниккэ, чэпчэкитэ суох «чэпчэки олоххо» тиийбит.

Ол кэмҥэ, учуонай буолаары сылдьар саха уолун кытта билсибит, устунан бодоруһан, аһынан, уол кинини аатын-суолун уларытан, кэргэн ылан манна илдьэ кэлбит. Кыыс турунан туран сахалыы үөрэппит, билбит, сыл иһинэн ханнык да куорат сахатынааҕар ыраастык саҥарар буолбут. Дьоҕурдаах баҕайы эбит. «Табыллыбытым буоллар, туох эрэ идэҕэ сыстан, син үөрэниэх эбитим ини», – диэхтээбитэ кини.

Ол гынан, кинини быыһаан аҕалан, туох баар олоҕун чэпчэппит үтүөкэн киһитигэр махталын бэлиэтигэр, бэриниилээх кэргэн, дьиэ көрөөччү, эстэрээппэ, доҕор оруолун толорон олорбут. Оттон ааттаах-суоллаах учуонай бөҕө киһитэ чахчы үлэнэн эрэ үлүһүйбүт, дьиэҕэ-уокка, дьахтарга-оҕоҕо наадыйбат буолан биэрбит.

Ол иһин, ыарахан ыарыыга ылларбытыгар быраастар сүбэлээбиттэринэн, баҕар үтүөрүөм дуу диэн хат буоларга санаммыт да, хойутаабыт. «Петюнчикпын биирдэ эрэ таҥнарбытым. Быыһанаары уонна дьоллоноору. Онтум табылынна эрээри, баҕарбытым хоту буолбата, кыайтарыылаах мин хааллым. Өссө оҕом дьылҕата, бэйэм оҕо эрдэҕинээҕим курдук, түҥнэстэр кутталлаах. Оттон мин наар онтон куттанарым, итинтэн куотан манна кэлбитим, ааппын уларыппытым. Дьол көрдөспүппүн таҥара ылыммата, аньыым-харам ыара оччо буолаахтыа», – диэбитэ кини.

Ол иһин, аһынаммын, кини эмиэ кыыс оҕону төрөппүтүн ылбытым, сонно тута анныбынан, иккиэннэрин игирэ курдук докумуоннуурбар быраастар көмөлөспүттэрэ. «Сибэтиэй быраастар бааллар. Көрдөһүүбүн ылынан, мин төрөөбүппүн Петябар эппэтэхтэрэ. Ол мин тиһэх быһаарыныым, кини оҕо көрөрдөөҕөр, чэйин да оргутунар кыаҕа суох… Бэйэтэ оҕо курдук. Оттон ыарыыбын, мөлтөөбүппүн уонна син биир өлөрбүн сэрэйэр. Онон, кини аатын киртиппэккэ «айанныырым» эмиэ дьолум сорҕото. Бэҕэһээ оҕобун детдомҥа буолбакка, кимиэхэ эмэ, үтүө санаалаахха ииттэрэ биэрээриҥ диэбитим, хата, бүгүн эйигин булан ыллым. Ити дьылҕам миэхэ тиһэх көмөтө буолуо», – диэбитэ дьахтар.

«Оттон, аҕалаах оҕону, төһөтүн да иһин, тоҕо киниэхэ биэрбэккиний», – диэбиппэр, күлээхтээбитэ.

«Эн эдэриҥ, ырааһыҥ бэрт, кыһалҕаны билбэтэҕиҥ сирэйгиттэн көстөр… Мин Петяттан буолбакка, атын киһиттэн оҕом. Баҕар, хойут, кыыс улааттаҕына билсиэ эбитэ дуу… Ол эрээри кини бэйэтэ кэргэннээх киһи. Оҕолонуохтара, онон буккуһар наадата суох. Петябын кытта бииргэ үлэлиир, миигиттэн быдан балыс, Тылгыынап Олег Дмитриевич диэн элбэҕи эрэннэрэр, үтүөкэннээх уолан киһи. Кини чэгиэн өйдөөх-санаалаах, доруобуйалаах. Ол иһин, соруйан, саатар оҕом доруобай буоллун диэн… бэйэм талан ылан… биир эрэ түүн, алгыс курдук ыһыах күнүгэр, санаммыт дьыалам», – диэн сиһилии кэпсээбитэ бүтэһигэр уонна эйигин бу туһунан тугу да билбэт диэбитэ. Онон, бу кырдьык, ким да билбэт остуоруйата. Субу быстаары сытар киһи сымыйалаабатаҕар эрэнэбин.

Олег Дмитриевич, маарыын, Татыйык саҥардыы кэпсээн эрдэҕинэ умса көрбүтэ, уҥа илиитинэн сүүһүн саба туттан, нөрүйэн олорбута уонна биирдэ да төбөтүн өндөппөтө.

– Кини аата Маргарита Алексеевна Муннуураба диэн этэ… – диэн бүтэҥитик хардарда, сүүһүн оргууй имэриннэ.

– Ол иһин кыыһыгар бэйэтин аатын биэрбитэ, Маргарита диэр диэбитэ… – Татыйык кэпсээнин түмүктээтэ.

– Буолар да эбит… Олох барахсан дириҥин, кистэлэҥэ элбэҕин… Дьахтар аймах киэнэ… оннооҕор элбэх быһыылаах… Туох диэхтээҕим эбитэ буолла… – Олег Дмитриевич төбөтүн быһа илгиһиннэ.

– Тугу да диэмэ… Билигин биллэҕиҥ дии, Маргарита эн оҕоҥ. Ол туһунан хантан таайыаҥ этэй…

– Дьылҕа Тойон таайтара сатаабыт эбит дии… Ол да иһин кыыска сыһыаммын бэйэм да дьиктиргээбитим… Эчи, буолар да эбит! Оччоҕо… мин эмиэ оҕолоохпун диэ? – эмискэ кини төбөтүн өндөтөн Татыйыгы уун-утары көрдө.

Ачыкытын тааһын көннөрө анньынан, хайдах эрэ сиигирбититтэн дуу, субу көстүбүт оҕотуттан үөрэн дуу, чаҕылыйбыт харахтарыгар муҥутуур долгуйуу кыымнара кылахачыстылар, сүүһүгэр бытыгыраан тахсыбыт сырдык таммах көлөһүннэрэ лаампа уотугар кылабачыстылар. Татыйык «Һуу» диэбиттии өрө тыынна, Олег Дмитриевич ханнык да тыҥааһыннаах, тургутуулаах түгэҥҥэ бэйэ бодотун ыһыктыбакка таба туттунарын, тулуурдаах модун күүһүн көрө сөхтө. Баҕарбатар даҕаны, бэйэлээх бэйэтин Кириилигэр тэҥнии тутан, бу түгэҥҥэ соччо сөп түбэспэтэр даҕаны, сонньуйан ылла.

– Татыйык Титовна, эн миигин омнуолаабат инигин?

– Кэбис, ити мин баччааҥҥа диэри илдьэ кэлбит кистэлэҥим сыыһа буоллаҕа, оттон онно баарга сыана быһар, ырытар быраабым миэхэ суох… Олох бэйэтэ быһаарар сокуоннаах…

– Оттон, Маргаритаҕа… Маргаритабытыгар хайдах этэбитий?

– Биһиги үстэн кини эрэ тугу да билбэккэ… муҥнана сырыттаҕа. Онон, булгуччу этиллиэхтээх эрээри, хайдах? – Татыйык, оҕотун санаан, сүрэҕэ ыарыылаахтык ньүөлүйдэ.

– Мин санаабар, кини эмиэ… таптаатым диэн… төрөөбүт хааныгар, аҕатыгар, миэхэ тардыспыта буолаахтыа, – Олег Дмитриевич өйдөөх да киһи, бэрт судургутук быһааран кэбистэҕэ ити…

– Киниэхэ итини сатаан быһаарар кыахтааҕым буоллар өйдөппүт киһи баар ини… Ону баара, оҕом барахсан, бу кистэлэҥтэн сылтаан эбии айманыа… Хайдах баарынан буолбакка, тапталын сүтэрии дуу, былдьатыы дуу курдук ылыныа баар ээ… Аҕатын булбут айманыыта кини сүрэҕин төһө өр өрүкүтүө биллибэт…

* * *

Татыйык, ийэ киһи сэрэйээхтиир буоллаҕа, кыыһа бу сонунтан букатын үөрбэтэҕэ. Киэһэ иккиэн Олег Дмитриевичкэ тиийэн, кыыстарын иннилэригэр олордон эрэн, өссө төгүл кини үөскээбит олоҕун остуоруйатын кэпсээбиттэрэ. Татыйык маарыын Олегка этэригэр маннык долгуйбатаҕа. Кыыһа, тимир курдук, остуол уҥуор муннугун одуулаан олорбута, быар куустубут илиитин араарбатаҕа, өһөс харахтарыттан, мэктиэтигэр, тобус-тоҥ тымныы таммахтар мөлбөһөн тахсан, иэдэһин устун тохтообокко, кимиэхэ да наадыйбакка бэрт түргэнник субуруспуттара. Ону көрөн, куолаһа титирэстээн ыла сыһа-сыһа, Татыйык этиэхтээҕин барытын, түгэҕиттэн түөрэ кэпсээбитэ.

Дьулаан көстүү этэ. Дьахтар олус айманаары гыммытын көрөн, Олег Дмитриевич кинини оргууй санныттан кууспута. Онуоха, бэйэтэ да чарааһаан олорор Татыйык маккыраччы ытаабыта, сирэйин Олег Дмитриевич түөһүгэр кистээбитэ. Кыыс, эмискэ ону таба көрөн, оҕоҕо маарыннаабаттык, ханнык эрэ өтөрүнэн ким да көрбөтөх кыылын санатан, сирэйэ-хараҕа дьиэгинийэ туран, ис-иһиттэн оргуйан турбута.

– Ийээ! Эн собус-соруйан, сыбыс-сымыйанан барытын кэпсиигин! Эн… эн… таҥнарыахсыккын, ол иһин сымыйа кэпсээни толкуйдаабыккыт! Аҕалааххыт баҕастааххыт! Сымыйа! Ким итэҕэйиэн кэпсиигитий? Эн… миигиттэн тапталбын уораарыгын, соруйан оҥорбуккун буолбаат! – Маккырыыта марылаччы ытаабыта.

– Тоойуом, оннук буолбатах! Ийэҥ кырдьыгы этэр! – Олег Дмитриевич намыыннык ааттыы сатаабыта.

Кыыс хоско тилир гыммыта. Олег Дмитриевич Татыйыгы уоскута сатаабыта:

– Бириэмэ наада… Сатаан өйдүүргэ, буолаары буолан… ылынарга, кырдьык… ыарахан… Татыйык… миигин бырастыы гын… – диэбитэ.

– Туох диэн эттэҥий… Туох буруйдаах үһүгүнүй… – эрэ дииригэр тиийбитэ кини.

Татыйык куоракка кэлэн куоһара сатыыр дьыалалара санаа хоту табыллан быстыбатылар. Маккырыытата букатыннаахтык кинини кытта көрсөрүттэн аккаастанна. Бара сатаан эдьиийин ыыппыта да, күттүөннээхтик тугу да диэбэт үһү. Хата, Олегтан барбакка, билиҥҥитэ онно олороро эмиэ да арыый уоскутар. Харах далын иһинэн диэн өйдөбүлгэ эрэ. Олегка да чэпчэки буолбатах быһыылаах эрээри, кини ол туһунан тугу да саҥарбат.

Өссө улахан охсууну Марыынчык ыла сыста. Балантыыннаах, син өйөбүллээх буолан, тулуктаста быһыылаах. Икки кыыс бииргэ иитиллибиттэрэ бу түгэҥҥэ бэркэ билиннэ. Эдьиийбит балтын көмүскээн арааһы барытын туойар. Хайдах баччааҥҥа диэри эппэккэ сылдьыбыккыный диэн, эмиэ ийэтин буруйдуур, балтын көмүскүүр. Барытын аһаҕастык эрдэттэн эппитиҥ буоллар, оннукка-манныкка тиийиллиэ суохтаах этэ диэн үрдүттэн быһаччы быһаарар кыыс. Татыйык ити чааһыгар бэриммэт, өскө Маккырыыта итинниккэ түбэспэтэҕэ буоллар, кини оҕотун аймаан кистээбит хаартытын арыйыахтаах этэ дуо? Суох ээ. Ийэтэ Өлөөнчүк эппитинии, «икки атахтаахха этимэ, сир иһиттин» диэбитин, бука, толорон тэйиэ эбитэ ини.

Онон, «анараа-бэтэрээ» диэн араарарыгар күһэллибит Татыйык, буорах үрдүгэр олорор курдук, ым-тым балаһыанньаланна. Анараа Маккырыытатын сураһар, бэтэрээ Марыынчыгыныын быһаарсар. Хата, Олег Дмитриевич күннэтэ билсэ турар буолан абыраата.

– Татыйык… – Олег Дмитриевич боростуойдук, түргэн баҕайытык итинник ааттыыр буолан хаалбыта киниэхэ олуона курдук иһиллибэт. – Маргарита Америкалыыр буолла… Бэйэтэ сайабылыанньа киллэрэн, били уруккуттан ыыта сатыыр стажировкабытыгар сөбүлэспит курдук буолла. Онон, бу күннэргэ быһа эксээмэннэрин эрдэ туттара охсон, дипломун көмүскээн, кэпсэтии быһыытынан, суһал соҕустук бара охсуохтаах. Дуогабарбыт оннук.

– Тыый, оччо элбэҕи… итинник туруктаах сылдьан… кыайар дуо… – Татыйык саараата, мух-мах буолла.

– Кыайыа, оннук эрэ гыннаҕына табыллар, аралдьыйыан наада. Уонна эксээмэннэри да уһаппаттарын курдук кэпсэтиэм дии…

– Чэ, оччоҕо оннук ини…

Татыйык итиннэ, кини кыттыһан да туһата суоҕун бэркэ өйдүүр эрээри, бэйэтэ көҥүллээбит саҕа сананна. Сүрэҕиттэн-быарыттан таһааран, көҥүл соҕустук ыытара киниэхэ эмиэ наада. Наар санаатыгар муунту гынан оҕотун да эрэйдиир быһыылаах. Кырдьык, кыыс кыайыытын баҕас кыайыа. Бууннаан кэбиспэтэҕинэ. Ол эрээри Олег кыыһы бэйэтэ сайабылыанньаны биэрдэ диир дии. Оччотугар, арыый да уоскуйан иһиэх эбитэ дуу…

Маккырыыта, кырдьык, куруук эҥкилэ суохтук үөрэммит кыыс үөрэҕэр баҕас туохха бүдүрүйүөй? Күннэтэ субурутан барытын чаҕылхайдык туттарда. Дипломун бырайыагын эмиэ көмүскээтэ. Докумуонун барытын ситтэ. Күн сарсын Москубанан эргийэн Нью-Йорктуур буолла. Икки сыл стажировкаланар, атастаһыкка үөрэнэ барар, оннук дуогабардаах. Сөбүлээтэҕинэ онто өссө уһуохтаах эрээри, кыыс ити туһунан саныы сатаабат. Бастаан тиийиэ, көрүө-истиэ, онтон биллиэ.

Кини дьонугар, ол аата ийэтигэр, Кириил аҕатыгар хоргутар. Кырдьык буоллаҕына кистээбиттэрэ өрүн. Сымыйа буолуо диэн син биир уорбалыыр. Ол иһин аҕата тугу да биллэрбэт буолуохтаах. Биирдэ эмэ кэпсэтээри эрийдэҕинэ, сүгүн буолбат, наар ыксыыр. Ол төрүөтэ уол оҕо төрөөбүтүн быһыыта үһү.

Бэртээхэй ыаллар буолбатахтар дуо? Аҕата атын дьахтарга барар, ийэтэ… кини Олег Дмитриевиһин… экчи сөбүлээбит быһыылаах. Ама, хайаан Олег кини аҕата буолуо үһүнүй? Букатын даҕаны, саатар дьүһүнүнэн маарыннаабат буолбаат? Ити барыта соруйан толкуйдаан оҥоруу буолуохтаах. Америка кинигэлэригэр баарын курдук… Кини оруобуна итиниэхэ маарынныыр, айымньыга маарыннаабат кинигэлэри, кыра куурустарга сылдьан ааҕыталыыра, онтон, солуута суох диэн көрбөт да буолбута. Олоххо суоҕу баран, була сатыы-сатыы, харчы туһуттан суруйаллара көстөр эбээт!

Чэ, буоллун. Буолбут да буолбут. Төттөрү эргитэр кыах суох. Онон иннибит диэки, Марыынчык этэринии, түһүнэн иһиэхтээхпит. Кимиэхэ да кыыһырбакка барыаҕа. Онтон… анарааттан санаатын барытын суруйуо… Баҕар, кинилэргэ букатын да кэлиэ суоҕа!

Маргарита Кирилловна Саввинованы Америкаҕа стажировкалана барарыгар, атаараары, бука бары Марыынчыктаахха мустубуттара. Бииргэ чэйдээбиттэрэ. Эдьиий киһи, туох эрэ тиэмэни була охсон, киэһэни быһа Олег Дмитриевичтиин сэһэргэспитэ, мөккүспэхтээн да ылбыта. Марыынчык «кырдьыгы – сирэйгэ» диэн малтаччы бириинсибин эмиэ туруорсубута, күүстээх мөккүөрү тарпыта. Дьолго, Олег Дмитриевич холкута, онуоха-маныаха диэри кыыска «бэриммитэ» абыраата быһыылааҕа.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации