Электронная библиотека » Евдокия Иринцеева » » онлайн чтение - страница 9

Текст книги "Буолар да эбит"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 12:40


Автор книги: Евдокия Иринцеева


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 9 (всего у книги 19 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Оттон Араайа мичээрдиир эрэ. Сиэдэрэй сибэкки ойуулаах уһун мааны халаатынан оргууй суугунаан ааһар. Били хаһааҥҥыта эрэ Уоһук Ньылбарааскы диир үөҕүүтэ киниэхэ ханан да дьүөрэтэ суох. Аныгылыы киһи «мадаам» эрэ диэх курдук астына көрөр мааны дьахтара. Сырылас итии уулаах сылабаарыгар тиийэн үүттээх хойуу чэйин кутар, кылааһынньыктарын арыылаах алаадьынан күндүлүүр. Күлүү-салыы быыһыгар саалаҕа төлөпүөн тырылыыр. Араайа аа-дьуо сып гынар, чочумча буолаат, сирэйэ өссө эбии сырдаан субу тиийэн кэлэр:

– Доҕоор, Уоһук, оҕолор үһүөн сайылыкка кэлиэх буоллулар, болдьоспуттар.

– Доҕоттоор, ол туһугар өссө биирдэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ. Араайам барахсан инники ойохторбор оҕолорбун түммүтэ иккис сыла. Мин туох диэн тылым тахсыай, Раиса Ивановнам өйө буоллаҕа. Былырыын кыһын кэлэн билсэн барбыттара, аны быйыл ийэбит сайын булгу ыҥырыахха диэн тылыгар киллэрдэҕэ ити! Уоһуккут, онно-манна тиийтэлээн, холбоон-илбээн барыта сэттэ оҕолоох эбээт. Онон аны сайыҥҥы үбүлүөйгэ, сыа-сым курдук тутан, анаан-минээн оҕолорбор сэттиэннэригэр киһилии бэлэх оҥорору толкуйдаан сылдьабын, хата, көх-нэм буолаарыҥ, – диэн кылааһынньыктарын тылын ылан хаалла.

Оо, Уоһук уол, бэрт да бэрт! Улаханнык саҥарбытын улаханнык уоппут уола хаан кини буоллаҕа эбээт!

Сирэй баар сиригэр…

… сирэй суох буоларын билэҕин? Суох, ити үөхсүү эҥин буолбатах. Уу чахчы, илэ бэйэ. Билиҥҥи үйэҕэ, медицина муҥутаан сайдар кэмигэр араас идэлээх миэдиктэри, ардыгар арбаан, ардыгар алыстаан да мөҕүттэр көҥүл күннэргэ, биир бэйэм быраастары, луохтуурдары омнуолуурум суох курдук. Оннооҕор субу үүнэн турар мас дьиэктээх ээ. Көрө-була сатаатахха, сыныйан үөрэттэххэ, нуорматтан таһынан көстүү ханна да баар ини?

Ааспыт сайын тииспин ылларарбар, сыыһа туттан ситэ көрбөккө буоллаҕа, тииһим бырааһа барахсан (кини да киһи буоллаҕа, сыыстаҕа) туллубут тииһим оннун аанньалаахтык саппакка хаалбыт. Ону билбит курдук ньүөлүтэр ыарыыны балтараа күн тулуйан баран, өрөбүл сарсыарда «итиитинэ» диэн сэрэнэн, сытар балыыһаҕа сүбэлэтэ-көрдөрө сирилэтэн тиий. Ааттаах быраастар, сүүстэригэр төгүрүк лаампалаах мурун-күөмэй-кулгаах идэлээхтэрэ соччо соһуйбатылар, ириҥэ көйөн эрэрин бэрт кэбэҕэстик буллулар, эбиитин эрдэ миэрэни ыллара кэлбиппин хайҕаатылар уонна:

– Прокольчик нужен, – диэт, сип-синньигэс иннэ курдук тэриллэрин тутан олорон, оргууй унаарыттылар.

Билиэхтэрэ ини диэн бэринэрдии кэлбит киһи тугун утарыамый, «прокольчик так прокольчик», бэтэрээнэн соҕус хайаҕас быһыылаах диэн, тутан олорор синньигэс бэйэлээх иннэлэрин көрөөт, бэрт холкутук сөбүлэстэҕим. Онтум баара, доҕоор, атын адьарай! Били иннэ курдуктарынан ыарыыны мүлүрүтэр албастаах убаҕастарын кутан сирэйгин тоҥороллор эбит. Оттон «прокольчиктара» диэҥҥэ, саллыбыт санаабар, күтүр улахан сүлүгэһи ороон таһааран (кутталым омунугар биир харахпынан көрбүппэр дьэбиннээх дуу, алалаах дуу хап-хара сүүнэ өтүйэҕэ маарынныыра эбээт!) муннум үүтүгэр батары биэрээт, төтөлө суох сүлүгэстээбэттэр дуо? Айыбыын! Кутталбыттан тыыммакка да олоробун. Бокуойа суох кыһамньылаахтык саайталыыр муннум бырааһа, модьу-таҕа таһаалаах бааһынай бэрдэ, бэркэ сыраласта, бүтэн биэрбэтэ. Быыһыгар:

– Оо, дьэ, маннык буолааччы… Хачаайы соҕус киһи кыайбат уҥуоҕа баар буолааччы… Хата, бэйэм кэлбитим үчүгэй эбит. Куттаныма, тиийэн эрэбин, билигин харк гыныаҕа, тулуйаар, – диэн уоскута таарыйа үлэһэр.

Ыы, бэйэм да куттанан нэһиилэ олорор киһи, буолуохтаах буолбутун холкутук быһаарбыт быраас саҥатыттан арыый да уоста быһыытыйабын. Эпэрээссийэм бүтүүтэ луохтуурум:

– Эн арааһа «сирэйдэргэ» барыыһыгын, аны биирдэ-иккитэ итинник ыраастааталлар… – диирин ситэ истибэккэ таһырдьа ыстанным. Ыарыытын саҥардыы билэн эрэр, тохтоло суох ньүөлүйэр сирэйбин саба баайыллыбыт бэрэбээски нөҥүө өйүү тутан истэхпинэ сиэстэрэ кыыс тараччы тутан ылла, манна бараҕын диэн кытаанахтык дьаһайда, балыыһаҕа сытардыы киллэрэн дьылыс гыннарда.

Хайыамый, соҕотохто республикатааҕы балыыһа сирэйи-сыҥааҕы эмтиир салаатын пациена буолан хааллым. Доҕоор, дьулаан көстүү манна баар! Биир да киһи… сирэйэ диэн көстүбэт! Бүттэлээх буоллаҕына – сиэстэрэ, быраас, эбэтэр көрөр-истэр, сууйар-сотор сололоох сэниэлээх кыргыттар… Санаабар, сибиэһэй соҕус киһи, субу тыытыллыбытым аанньа, үлүгэрдээхтик испэтэх-көҕөрбөтөх сирэйдээх мин эрэ баар курдукпун. Сытар палаатабар биир атаах устудьуоҥка, биир саҥата суох, сэмэй бэйэлээх эдэркээн үлэһит кыыс, биир нууччалыы тылы билбэт, наадатын да сатаан быһаарсыбат кыргыз дьахтара, биир быһыта сынньыллыбыт (этэ-сиинэ кытта бүттэтэ суох көҕөрөөхтөөбүт) дьахтар эрэйдээх уонна… сип-сибиэһэй мин баарбыт.

Саҥа-иҥэ, кэпсэтии суох. Устудьуоҥка кыыс нетбуктан арахпат, банаанын сиир, сүмэһиннээх утаҕын иһэр, «Сникерс» сакалаатын эмэр. Ол быыһыгар төлөпүөнүн мускуйар, бэйэтин эйгэтин кытта кэпсэтэр, быыһыгар кыйаханар-хайыыр. Эдэр үлэһит кыыс тохтоло суох кинигэтин ааҕар, наар өттүгэстиир. Кыргызпыт дьахтара, син балачча сыппыт кэриҥнээх, аһылык кэллэ диэтэхтэринэ тук курдук ойон турар, итиэннэ палаатаҕа баар туумбаларга биирдии-биирдии бэлэм иһиттээх эбиэти түҥэтиспитинэн барар. Кырбаммыт эрэйдээх нэһиилэ оронон турар, түннүк диэки хайыһан туран сирэйэ көстүбэт гына сууламмыт бэрэбээскитин көннөрбөхтүүр, таһынан сотторунан саба тутар уонна ханан эрэ быыс булан ньуоскатын айаҕар уган хааһытын сиир, миинин иһэр. Ити кэри-куру көстүү быыһыгар бэйэм турукпун холонобун уонна сарсыҥҥыбын саныыбын. Бу үлүгэр уоппускаҕа барыахтаах кэммэр, аны балыыһаҕа киирэ оонньоотоҕум тугун абатай. Бэйи-бэйи… барым-барыта хаалыахча. Сарсын, маннык эрэ буоллар, сирэйим луохтуурдарыгар көрдөрөн баран, таһыттан сылдьарга көрдөһөрүм дуу…

Ити икки ардыгар дьуһуурунай быраас ыҥыран илдьэн, бэрэбээскилиир хоско киллэрдэ. Сыныйан көрдө уонна сарсын «тигиэххэ» наада диэтэ. Ол аата үчүгэйдэтииһибин диэн бигэ эрэллээх, кыра ньүөлүйүүнү аахсыбакка утуйан хааллаҕым эбээт.

Эпэрээссийэ

Нөҥүө күнүгэр сарсыарда эрдэттэн кытаанах сүүрүү-хаамыы саҕаланна. Балыыһа олоҕо туспа сокуоннардаах: «анализы, уборка, обход, завтрак, процедуры…». Биир кэм эргичийэн олорор. Дьэ, били туурбут тиистэрин оннун, хаалан хаалбыт хайаҕаспын хаһан тигэллэрин күүтэн кэкэйэн олор. Биир тиис оннугар биир «шовчик» турара биллэр буоллаҕа, холкубун.

Арай, доҕоор, тип-тилигирэс, лап-лаһыгырас наһыылкалыы быһыылаах тэлиэгэни икки сиэстэрэ күүскэ анньан субу киирдилэр, миигин булгуччу онно сыта охсорбор соруйдулар. Айабыын, сатыы да бараа инибин диирбин буолбаттар. Хайыаҥый, утарса туруоҥ дуо, «тиктэрэ» диэн тирилиир тэлиэгэҕэ сытан эрэн тирилэтии. Пахай, букатын да атын сиргэ, «Операционный блок» диэн халыҥ ааннаах уораҕайга талыгыратан тиий. Баһаалыста, отут биирис хос. Алаатыгар элбээтэҕин! Бука бары эпэрээссийэлиир эҥээрдэрэ манна таҥыллыбыт эбит буолбаат! Эмиэ биир да сирэйдээх суох, ол эрээри бу сырыыга бука бары мааскалаахтар, тугу да саҥарбаттар. Докумуоҥҥун көрөллөр, сип-синньигэс остуолга илиигин-атаххын кичээҥитик кэлгийээт, анестезиолог туоһуласпытын кэнниттэн уу чуумпутук утуппуттара да, бүппүтэ эрэ баара.

Биирдэ өйдөммүтүм, палаатабар мэй-тэй сытабын, тоҕо даҕаны эмиэ утутан баран тиктэхтэрэй диэн санаа ыыппат эрээри, саҥарар кыах суохха дылы. Кыргызпыт хотуна мичээрдиир эрэ. Устудьуоҥкаҕа дьоно кэлэн тахсан барбыт. Үлэһит кыыс атын балыыһаҕа көспүт. Кырбаммытым эрэйдээх ханна эрэ хараҕа эрэ кылаҥныыр, миэхэ чугаһаан итини-маны ылан биэрэ сатыыр, хайдаххыный диэн ыйыталаһар.

Нөҥүө сарсыарда төбөм барахсан ыарыыката. Хата, бэрэбээскилиир сиэстэрэ бэрт сайаҕас буолан барытын быһааран «харахпын астаҕа» үһү. Букатын да сирэйбэр бэрт суолталаах эпэрээссийэни ааспыппын буолбат дуо? Баара-суоҕа диэ, миилэм устатын тухары тэлэ быһан баран, уон сиринэн тикпиттэр! Былыргы эбитэ буоллар итини таһынан (оо, иэдээн, иэдэһи туора сотуу кытаанаҕа буолуо ээ) хайытыахтаахтара үһү ээ! Оччотугар, хата, мин табыллыбыппын буолбаат?

Көстүбэт сиринэн тигиллибит киһи эрэх-турах сананыахпын, саатар, эбиэт саҕана сирэйим тыыттарбыт өттө баллаччы иһэн тахсан хомотто. Укуол эҥин диэни истибэт адьарай эбит. Онон-манан көҕөрөн, хараҕым үүтэ көстүбэт буола дарбайан… били кырбаммыппыттан итэҕэһэ суох сирэйдэнним. Аны билигин бэйэбин көрүдүөргэ аһыммыттыы көрөр харах үксээтэ. Солоҕой көстүүм дьэ ситтэ быһыылаах, туох да омуна суох, били хаһан да харахтаабатарбыт да, күүстээх суруйуу хоту буоллаҕа, улуу Гюго үйэлээх айымньытыгар киирбит, бэркэ аһынар Квазимодо сордоохпут уобараһа субу тураахтыыр.

– Паха-ый, олох даҕаны Квазимодо балтын курдук буолбуппун дии, – хомойон саҥа аллайабын.

– Ол кимий, убайыҥ дуо? – кырбаммытым барахсан оҕолуу ис киирбэхтик соһуччу ыйытан, дэлби күллүм.

Онуоха кыргыһым дьахтара:

– Плачушь? Балеть? Нинада. Кароший-кароший вирачи, – диэмэхтээн, бэйэтэ абыраммытын итэҕэтээри баҕарда эрээри, кэпсиэн тыла тиийээхтээбэтэ.

Эмп күүстээх. Тохтоло суох тымыргынан өлбөт мэҥэ уутун кутар икки, араас укуолу чааһынан кэйии икки, син суола суох ааспат. Аҕыйах хонугунан бары да киһитийэн, сирэйбит-харахпыт сырдаан истэ. Кыргызпыт тахсан барда. Устудьуоҥка үчүгэйдэппитэ, дьиэлээбитэ хас да хонно. Кырбаммытым барахсан бэрэбээскитин чарааһаппыттара, испитэ-көҕөрбүтэ балачча тардан, киһи бодотун омооно биллэн, үчүгэйкээн сэбэрэлээх эдэрчи дьахтар буолан биэрдэ. Айаката-дьойокото ааспатын иһин, сиһин-үөһүн барытын курдаттыы көрөннөр, бүөрэ эмсэҕэлээбитин булан, быраастар барахсаттар таарыччы ону кытта эмтээтилэр. Сонно тута ыарыыта мүлүрүйэн, сирэйэ сырдаан, туттара-хаптара чэпчээтэ, аны кэпсээннээх эриэккэһэ кини буолла.

Иккиэ хаалбыт дьахталлар тохтоло суох сэлэһэбит. Кини, киирэ-тахса, билбитэ-көрбүтэ элбэҕэ, истибитэ үксэ диэн сүрдээх. Туттуута-хаптыыта ырааһа, хомунара-тирбинэрэ улгума, арааһа туттуулаах мааныта барахсан. Итиччэ болҕомтолоох, олохтоох тыллаах киһи үөрэниэҥ хаалбыт дии диибин. Баара-суоҕа уруккута «Туймаада» маҕаһыын иннинээҕи бөҕү-сыыһы харбыыр үлэлээх. Ол иннигэр кыамматтар дьиэлэригэр санитаркалаабыт. Биир, урут туох эрэ сэриитигэр сылдьан контузияламмыт, бэрт саастаах нуучча киһитин булсан киниэхэ көспүт. Этэҥҥэ олоруохтарын киһитэ ардыгар «аһыыр» үһү. Оччоҕо аттынааҕы ыаллар эрдэттэн милииссийэни ыҥырбытынан барааччылар диир. Ол курдук, ким да буоллун, хараҕар көрбүтүн барытын урусхаллыыр икки, ыһар-тоҕор, кырбыыр-саайар икки буолан хаалар үһү.

– Оттон тоҕо баран хаалбаккыный, тоҕо кырбана-кырбана, туох кыһалҕаттан онно иҥнэн олороҕунуй, – диибин.

– Оттон… өйдөөх баҕайы киһи ээ. Наһаа үчүгэй майгылаах, дьиҥэр, бэрт баҕайы… Ол аһаатаҕына эрэ…

– Өлөрүө дии, ол «аһыы» сылдьан, оччоҕо?

– Балтым эмиэ инньэ диир да… Аһынабын ээ, кини соҕотох, мин соҕотохпун. Хотя… кини икки оҕолоох, айдаанын иһин, арыгылаатаҕына, олор чугаһаабаттар, баран хаалаллар. Оттон мин кыыстаахпын, онтум үлэлии-үлэлии үөрэнэр.

– Ол баар дии, оҕоҕунуун ньир бааччы олоруоххун…

– Оо, дьэ, эмиэ да саастаах курдуккун да, эн эмиэ сатаан өйдөөбөт буоллаҕыҥ… Чэ, оччоҕо мин кэпсиим эрэ, онтон эн санааҕын этээр.

Кэмсинии

Уус Маайаҕа олохтоох дьон ыччаттарабыт. Урут дьоммут булчут, үлэһит бөҕө ааттаахтара этэ. Ити кэнники бириискэ, ол-бу сыр-мыр тэрилтэ үксээбитэ. Урут наар бултуур курдукпутун өйдүүбүн. Биһиги тыатыгар олохтоох буоллахпыт. Эһэ-бөрө дойдута. Ол-бу араас буолара да, син буолуохтааҕын курдук ылынарбыт. Һуу-һаа буолан үрүө-тараа ыһыллыбатахпыт. Онтон-мантан быстыбыт-ойдубут, идэтэ да суох нууччалар, украинецтар, молдаваннар кытта бааллара. Олору кытта ыаллаһан, нуучча тылынан билсэн-көрсөн, эйэлээх баҕайытык улааппыппыт. Хас биирдии дьиэни, дьону аймахпыт кэриэтэ билэн, тэҥҥэ эн-мин дэсиһэн улааппыт оҕолорбут. Билигин да судургубут, дэҥҥэ көрсө түстэххэ ахтыһарбыт үгүс.

Мин оскуоланы бүтэрэр сылбар бөһүөлэкпитигэр интернациональнай биригээдэ диэн тутааччылар бөлөхтөрө кэлбитэ. Таджиктар, узбектар уонна кыргызтар бааллара. Бары эдэр баҕайы уолаттар, салайааччылара эрэ саастаах соҕус, аҕамсыйбыт киһи этэ.

Бахтияр диэн холку, сэмэй, үчүгэй баҕайы уол миигинниин билсэн киэһэ киинэҕэ сылдьарбыт. Убайдарым көрө сылдьаллара, таах доҕордоһуубутун соччо улахаҥҥа уурбатахтара, маннык сылдьан чугасаһыахтара эҥин диэн аахайбаттара даҕаны. Кини ол курдук сэмэй, сэргэх, киһилии уол этэ. Онтон атын кыргыттар сотору ол үлэһит уолаттарга кэргэн тахсыталаабыттара. Ким да ону дэриэбинэҕэ утарбатаҕа, сүөргүлээбэтэҕэ. Бары сэбиэскэй ыччат буоллахпыт. Иллээхпитин сөҕөбүн ээ. Ити билигин ол-бу буолаахтыыбыт даҕаны… олоххо араас буолаахтаатаҕа. Сорохтор, тутуу бүтүүтэ, биһиги кыргыттарбытыныын холбоһон, кэргэттэрин сүгүннэрэн дойдуларыгар илдьэ барбыттара. Хас да уол өссө биһиэхэ хаалан олохсуйбуттара, кимнээх эрэ кэлиэхпит диэн баран эргиллибэтэхтэрэ.

Мин Бахтияры сөбүлээбитим. Бэйэм майгым ыгым, түргэммин-тарҕаммын эрээри ыксалынан кыыһыраат, сонно уостабын, куруук саныы-саныы кыыһырар буолбатахпын. Оттон Бахтияр наһаа холкута. Миигин кыыһырдахпына да, сотору уоскуйуо диэн ордук-хос мөкү тылынан да таарыйбат буола сатыыра. Атыттартан уратыта диэн миэхэ олус болҕомтолооҕо, миигин наһаа таптыыбын диирэ. Ол иһин буолуо, бэйэтин омугун сиэринэн, дьоммор кэлэн кыыскытын кэргэн биэриҥ диэн көрдөспүтүгэр, дьонум, соһуйаннар, хата, күлсүбүттэрэ.

Онон бу боппуруоска мин бэйэм эрэ быһаарыныым наадатын өйдөөн, кини кэргэннэһиэх диэн үүйэ-хаайа туппута. Мин эдэрбин билэрим. Ситэ үөрэнэ иликпинэ оҕолонон олоруохпун баҕарбатаҕым. Кини дойдутугар тиийэри тоҕо эрэ олус абааһы көрө истибитим. Мин тапталлаах Ыныкчааммынааҕар атын дойду баар үһүө диэн тутах соҕус өйдөбүллээҕим. Билигин санаатахпына, ити саҕана романтика эҥин диэнтэн ыраах төбөлөөх бэдик эбиппин. Саатар билэ сатыыр диэн суоҕа сүрүн диэн бэркиһиибин. Инньэ гынан, олус да кэргэн барар баҕата суох сылдьан, уолу таах сөбүлүүрбэр эрэ балыйтаран, ыал буолбуппут. Сотору кыыстаммыппыт.

Бахтияр дьиэтигэр булгу барыахтааҕа. Элбэх бииргэ төрөөбүт оҕо, харчыга наадыйар аймах, ийэтэ-аҕата даҕаны күүтэллэрэ кэмнээх буолуо дуо. Миигин кэргэн ылбытын истэн үөрдүлэр диэбитэ, онон аны оҕобутун илдьэ барыах диэн хаайбыта. Соҕотох хаалар быа тартаҕа, биир тылынан, мин сөбүлэммэтэҕим. Дьонум да барыс диэн туруорсубатахтара. Хааллым да хааллым, барбатым да бүттэ. Уолум бараатын кытта ыраах Таджикистантан баһыылка бөҕөтө кэллэ: ол дойду минньигэһин арааһа, ааттарын да билбэппин буоллаҕа. Оҕобутугар куопта-иэптэ, ол-бу наскы арааһа, дьоммор ахсааннарынан дьэрэкээн сибэккилээх былааттар диэн. Дэлэй-холой кэһии бөҕөтө. Үөрүүнү кытта үрдүгэр түһэн үллэһиннибит уонна, дьикти баҕайы, кэһиилээх киһибэр махтанан суруйар да суох буоллаҕа. Син балачча буолан баран Бахтияр дойдутуттан төлөпүөнүнэн кэпсэтэргэ ыҥырда. Почтаҕа тиийбиппэр олус ахтыбыт, нууччалыы саҥарара бытаарбыт. Биир-биир тылларын наардыы сатыыр, сыыһалаахтык, сиирэ-халты биэрэн саҥара сатыыр, наар кэлиҥ диэн ааттаһар. Мин суох дииртэн атыны билбэппин, кэлиилии кэбэ турабын. Ол дьыл сааскытыгар кини, итиччэ ыраахха айаннаабыта да баара, биир үтүө күн дьиэбитигэр көтөн түстэ, букатын ылардыы кэлбитин иһитиннэрдэ. Мин ити кэмҥэ быстах үлэҕэ, ыраах бултуур дьоҥҥо таһаҕас тиэрдээччинэн киирбит буоламмын хас да күн устата баран хааллым. Кэлээт, эмиэ тылланан туран, төттөрү бардым. Бахтияр, кэтэһэ сатаан баран, оҕотун сыллаан-сыллаан, тиһэҕэр, уйадыйан ытамньыйаат, сөмөлүөт кэлбитигэр көтөн хаалбытын эрэ истибитим.

Тоҕо эрэ ити түгэн мин сүрэхпин долгуппатаҕа. Онон суута-сокуона суох арахсыбыппыт. Мин букатын буолуохтааҕын курдук ылыммытым, оттон Бахтияр наһаа өргө диэри төлөпүөннээн ааттыы сатыыра, оҕотун, миигин ахтарын этээхтиирэ. Мин, хата, күлэн кэбиһэрим. Маришкабыт үс сааһын туолбута, ити тухары мин биир да доҕор киһим суоҕа. Ким да долгуппатаҕа, син иҥээҥниир уолаттар бааллара да мин оннук тымныы этим.

Онтон, тыа сиригэр бүгэн хаалбыт, улугуран эрэр өйдөөх-санаалаах ыччат тугу уһуну-киэҥи санаахтыай, муста-муста аралдьыйаары диэн ааттаан, араас бырааһынньыктары тэринэр буолбуппут. Онтубут да ис хоһооно, сороҕор сылтаҕа да суох таах мустуу уонна аһааһын-сиэһин, солуута суохтан күлүү-үөрүү, дуона суохтан астыныы этэ быһыылааҕа. Билигин, эчикийэ, аанньа бу диэн чуо өйдөөбөппүн даҕаны. Биир оннук түүн кимниин эрэ ыкса бодоруспут этим. Сарсыныгар өйдөнөн баран сиргэммитим даҕаны. Ээ, онтон эмиэ аһааһын кэнниттэн кимниин эрэ уччуйбут этим…

Бүттэҕэ ол. Дьахтар эрэйдээх кэбирэх, арыгы да түргэнник ылар, сыыһа тутунна да өрүттэ охсубат. Биирдэ сиргэммитим, иккиһигэр хараастыбытым, үсүһүгэр ыытыммытым, төрдүһүгэр кэлэммитим, онтон устунан сэнэммитим, кэп дьэбэрбэр, дьиҥнээх дьэбэрэҕэ түспүтүм. Эн бэйэҕин харыстаммат, көрүммэт уонна көмүскэммэт буоллуҥ, содур суол сымала кэриэтэ суһаллык сыстар, искиттэн арахпат, тахса охсубат. Онуоха эбии итиитинэ, сонно тутатына саатырдар, өй угар, ити оборчоттон оруур ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх аттыгар кимиҥ да суох буоллаҕына быралгы сылдьыах дьылҕаҥ букатыннаахтык быһаарыллар.

Салгыы таптыыр оҕобуттан Маришкабыттан тэйэ тутта сатаабытым. Аанньал курдук кырачааммар холоотоххо, мин быртаҕырыы ыарыыта сыстыбыт, тугунан да сууйуллубат буруйдаахпын диэн санаммытым, ол иһин сыһыаммыт атан барбыта. Кыыһым «маама» диирэ аччаабыта, улаатыыта өссө содур ийэтин абааһы көрөр буолбута. Ону сөп буолуохтааҕын курдук ылынарым. Тэйитэр санаа бэйэбэр киирбитэ. Киргэ-хоххо умньанаат, оҕобор, чыычаахпар иҥээҥниир бырааппын сүтэрдим диэн испэр санаабытым. Ол иһин киниттэн ыраатан, дьиэбэр тиэрдэр суолтан соруйан туоруу сатыыр кэмэлдьилэммитим. Оҕом барахсан кып-кыраһыабай сэбэрэтин, ып-ыраас харахтарын атыҥырыыр аакка барбытым. Наар бу миэнэ буолбатах, Бахтияр хаалларбыт оҕотун курдук саныы сатыырым. Чэпчээрибин. Аралдьыйа сатаан уоскутунаарыбын. Албыннанан. Ити баара-суоҕа санаа ытылҕана. Дьиҥэр, ийэ буолбут сүрэх атыннык ытыыр, хайаан бэйэтиттэн таһаарбытын умнаахтыай. Букатын иһин түгэҕэр хараастар-кэмсинэр да түгэннээх эрээри, таска таһаарбат акаары күүһүн сөҕөбүн эрэ.

Инньэ гынан биир дэриэбинэҕэ баппат аһылык-бырааһынньык сотору ыраах сиринэн ыырдаммыта. Уус Маайаҕа киирэрбит, уччуйарбыт, улдьаарарбыт элбээбитэ. Биирдэ, дьоммор кыыһыраат, атах балай барыам диэн Дьокуускайга кэлбитим. Син онно-манна иҥнэн үлэлээбитэ буолбутум да, сотору эмиэ иһэр дьону кытта иилиҥкэйдэһэн арааска бары тиийбитим. Итини барытын кэпсээмиим. Быһа түһэн эттэхпинэ, эдьиийим аттынааҕы улуус киһитигэр кэргэннээх буолан, Дьокуускайга киирэн миигин булан илдьэ тахсыбыта. Онно да уһаабатаҕым, киин сиргэ төттөрү куоппутум.

Биирдэ итинник сырыылартан сылайан, сарсыардаттан абырах көрдүү таарыйа киин уулуссанан хааман иһэн, билэр баҕайы киһибин көрсө биэрбитим. Ол Бахтияр этэ. Оҕобут төрөөбүтэ уон иккис сылыгар көрсүбүппүт. Миигин куорат кытыытыгар илдьэн, тохтоон олорор ыалларыгар киллэрэн аһаппыта, сэһэргэһэ сатаабыта. Уулаах-хаардаах харахтарынан аһына көрөрүттэн абарбытым. Этиспиппит. Кини бэйэтин буруйданарын, мин маннык буолбуппар, төттөрү дьылҕаламмыппар куһаҕан төрүөтүнэн миигин аҥаардастыы таптаабыта буолуон сөбүн эппитигэр эрэ ах барбытым. Чуумпуран, иһийэн ылбытым. Ытаабытым. Кини алҕаһыыра. Мин дьылҕам бэйэтэ түҥнэстибитэ. Бахтияр миигин албыннаабыт дуу, киртиппит дуу киһи буолбатаҕа. Тапталлаах оҕом, хаһан эрэ бэйэм эмиэ олус таптыыр чугас киһим этэ эбээт. Онтум оччолорго эмискэ дьиктитик даҕаны симэлийбитин билигин да сатаан санаабаппын. Тоҕо өчөспүппүн өйдөөбөппүн. Туох куһаҕаны аҕалбыт уолтан аккаастаныахтаах этибиний? Төһөлөөх көрдөһүүтүн киэр анньыбыппыный? Суох, бука, ити буолар быатыгар, төттөрү төлкөлөнөргө туох эрэ быһа имнэммитэ буолуо. Миигин бу да сырыыга эмиэ барыс диэбитин, ама да мин буолбутум иһин, билигин бу кэбилэнэн баран ылыныам баара дуо, аккаастаабытым. Кыыскын баран ылаар диэн көрдөспүтүм.

Кэнники билбитим, Маришкам ийэбиттэн арахсыбаппын диэхтээбит этэ. Ол да иһин, оскуолатын бүтэрээт, манна кэлэн, эдьиийигэр сыстан, ити үөрэххэ киирбитэ. Миигин онтон-мантан булан эмтэтэ сатыыр да… аны саатар курдукпун. Оҕобор мэһэй буолбаппын диэн туспа бара сатыыбын. Ити бииргэ олорор киһибин булсубутум үс сыл буолла. Бу сырыыга лаппа кыайа сыста. Мин итирик буолбатах этим. Үлэбиттэн кэлбитим, иһэн-аһаан бүтэн тэлэбиисэр көрө олороро. Онтон кыырт курдук эмискэ үрдүбэр түспэтэ дуо?! Муомахтаабытыгар, син мүччү туттаран, куоппутум. Онтум аны, били бытыылка турарын ылан, ититэр тимиргэ хампы охсоот далайан эрэрэ. Сии сыспыт, сарсыҥҥытыгар ибили сынньыллан, хаан-сиин буола сытарбын эдьиийим кэлэн быыһаабыта. Балыыһаҕа ыыта сатаабытын аккаастанан нэдиэлэ кэриҥэ бэйэм эмтэнэ сатаабытым да кыаллыбатаҕа. Онтон салгыытын эн билэҕин…

Бүгүн Маришкам кэлэ сырытта. Эдьиийбитигэр барыахпыт, үтүөрэ оҕус диир. Хайыырбын билбэппин. Киһим, өйдөнөөт, кэмсинэр этэ, букатын өйдөөбөппүн диэбитэ. Бииргэ олоруох диэн көрдөһөр. Өйдөөҕөр наһаа тапсабыт. Мин Бахтиярбын кэпсиирбин кытта сэҥээрэр. Сатана кыыһа барыахтааххын сыыспыккын диэн сэмэлиир. Мин эмиэ кэмсинэбин. Баҕар, ол дойдуну дойду оҥостон атын олохтоох буолуом хааллаҕа… Саатар кыыһым аймахтарын, аҕатын кытта бииргэ буолуо эбитэ ини. Бахтияр хойут кэргэннэммит, икки кыыстаах эбит. Маришкатын умнубат, куруук оҕом үс диир үһү. Кэргэнэ кытта кыргыттарбытыттан улахаммыт Саха сиригэр баар диир эбит. Үбүлээн-харчылаан, аймахтара бары тэрийэн ыыппыттарын мин киһи эмиэ үүрдэҕим эбээт. Тоҕотун, төрдүн бүгүн да тобула иликпин. Оннук өһөс буолбатахпын эрээри, кини туһугар буолумматаҕым сүрүн сөҕөбүн. Туох ааттаах куттаабытым буоллаҕай. Арай бүгүн кэлэрэ буоллар, оҕобун кытта барыам этэ дуо дии саныыбын да… ити сымыйанан бэйэни уоскутунуу эрэ буоллаҕа, аны кэлэн миэхэ ким наадыйаахтаатаҕай.

– Сэгээр, хайа, оҕоҥ улаатыыта, үөрэҕин бүтэриитэ, баҕар, барыта этэҥҥэ салаллаарай? – уоскутарга итинтэн ордугу булбакка сэмээр тыл кыбытабын.

– Оннук этэ даҕаны, бу саныырбынан, миигин таптаабыт уонна бэйэм таптаабыт соҕотох киһибин эрдэ сыаналаабатахпын.

– Баҕар, омугуттан тутулуктааҕа буолуо дуо?

– Суох, ол баҕас оннук буолбатах. Биһиги эҥээр омук-омук араастаан ыал буолан олорор да, ким чукчата-нууччата, таджига-узбега, сахата-эбээнэ араарыллыбат уопсай сиэрдээхпит. Киһи курдук киһи, онон бүттэҕэ. Сирэйиҥ субатыттан, омугуҥ уратытыттан сылтаан айдаан суох. Бэйэм дьылҕам оҥоһуута ити эбит. Сирэй баар сиригэр сирэйэ суох хаалар тарта ини диэн абарабын.

Туох диэхпиний, сэһэргэһиини сатаан салгыыр кыаҕа суох хаалабын. Сарсын, тигиллибит саптарбын туурдараат, дьиэбэр тахсарбын күүтэ сытан нухарыйар аакка барабын. Таарыччы арааһы эргитэ саныыбын. Бу аныгылыы күүстээхтик эмтиир балыыһаттан күннэтэ хас-хас киһи абыранан тахсара буолуой? Ким эрэ кэрэтин күүһүрдээри туруулаһар. Сирэйин тупсараары муннун уларытар, хараҕын кэҥэттэрээри кылдьыы быстарар, уоһунан умсугутаары ураты быһыылатыан баҕарар. Оттон саахалга-оһолго дэҥнэммиттэр, алҕас былаҕайга былдьата сыһан атыннык эмсэҕэлээбиттэр, умайбыттар, сааҕа-быһахха, уһуктаахха түбэспиттэр, оо, төһөлөөх ыарыһах дьылҕата палаата салгыныгар суруллан хаалара буолуой? Арай ону муус маҥанынан туртайан турар, соторутааҕыта саҥа оппуоханан биһиллибит, ыраас мааны эркиннэр эрэ билэн эрдэхтэрэ…


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации