Текст книги "Сүрэх ыллыыр"
Автор книги: А. Тимофеева
Жанр: Музыка и балет, Искусство
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 1 (всего у книги 1 страниц)
Сүрэх ыллыыр. 2000 сыллардааҕы хит ырыалар
«Таптыыбын»
Александр Пономарев-Ponsash, Рустам Хон
Виктор Хон-Омук Уолун тыллара,
Рустам Хон мелодията
Бу тоҕо мин дууhам ыллыырый, туойарый?
Эйигин билсэммин, өссө да көрсүөм диэн.
Бу тоҕо мин түөhүм үөрүүнэн туоларый?
Эйигин көрсөммүн, кэпсэтэ түhэммин.
Хос ырыата (2 төгүл):
Таптыыбын эйигин, таптыыбын,
Толкуйдуу барбакка этэбин.
Мин диэки көрбүккэр өйдөөтүм,
Эн миигин абылыыр эбиккин.
Эн бааргын, сэгэриэм, мин тыыннаах сибэкким,
Иннибин сырдатар чаҕылхай сулуhум.
Эн бааргын, доҕоруом, мин күндү көмүhүм,
Олохпун байытар соҕотох сулуhум.
Хос ырыа (2 төгүл).
Тугу саныыр буолаҕын, кыысчааным?
Куруук түүлбэр киирэҕин, сулусчааным,
Көрдүү сатыыр көмүсчээним,
Көстөн кэлиэх эбиккин,
Оо, кыысчааным.
Хос ырыата (2 төгүл).
Олох кэрэтэ
Алексей Егоров-Өркөн
Уххан тыллара,
Өркөн мелодията
Бу олох кэрэтин
Эн биһиги булбуппут,
Бу таптал иэйиитин
Эн биһи туппуппут,
Эн биһи туппуппут,
Булбуппут.
Хос ырыата:
Бу күн сирин күндүтэ
Эн олоххор тыынар,
Бу күөх халлаан сырдыга
Эн сүрэххэр тыллар,
Тыллар, тыллар.
Ол онтон астынан
Эн биһиги дьоллоохпут,
Ол онно махтанан
Эн биһи бииргэбит,
Эн биһи бииргэбит,
Дьоллоохпут.
Хос ырыата.
«Уонна хайаан»
Алексей Егоров-Өркөн
Иван Николаев-Уххан тыллара,
Алексей Егоров-Өркөн мелодията
Мин умайар уоһум сылааһын эн билбэтэҕиҥ,
Мин кууһар илиим куйааһыгар эн сыраллыбатаҕыҥ,
Мин ыралаах сүрэҕим ырыатын эн истибэтэҕиҥ,
Мин иэйэр кутум сыдьаайыгар эн сайдарбатаҕыҥ.
Хос ырыата:
Уонна, уонна хайаан, уонна хайаан эн миигин ахтыаҥый,
Уонна, уонна хайаан, уонна хайаан эн миигин саныаҥый?
Уонна, уонна хайаан эн миигин ахтыаҥый,
Уонна, уонна хайаан эн миигин саныаҥый?
Мин эйиэхэ талаһыым сүрэхпэр сөҥмүтэ,
Мин эйиэхэ ахтылҕаным түөспэр куулайбыта,
Мин эйиэхэ баҕарыым быарбар умайбыта,
Мин эйиэхэ тапталым тугу барытын тулуйбута.
Хос ырыата.
Уонна, уонна хайаан, уонна хайаан эн миигин ахтыаҥый,
Уонна, уонна хайаан, уонна хайаан эн миигин саныаҥый?
Уонна, уонна хайаан эн миигин ахтыаҥый,
Уонна, уонна хайаан эн миигин саныаҥый?
Таптыыр кыыспар
Алексей Потапов
Алексей Потапов тыллара, мелодията
Сатаан мин эппэппин
Долгутар тыллары
Сүрэх тэбэрин күүһүрдэн,
Ол да буоллар иһит
Истиҥтэн истиҥник
Буолабын эйиэхэҕэ мин.
Хос ырыата:
Тус-туспа дьылҕалаах, тус-туспа аналлаах
Атын дьон буолан сылдьаммыт,
Муҥура суох махтал
Үрдүк күүс айылҕаҕа
Таптыыр кыыспын көрсүбүппэр,
Таптыыр кыыспын көрсүбүппэр.
Баҕа санаам миэнэ,
Ыра санаам миэнэ
Өрүү аттыгар буоларга.
Олох уустуктарын,
Аартык кэрдиистэрин
Иккиэйэҕин туоруохпут.
Хос ырыата (3 төгүл).
Арахсыы
Алик Григорьев
Виктор Хон-Омук Уолун тыллара, Косиор Карманов мелодията
Атыҥҥа барбыккын билэбин,
Сүрэххин киниэхэ биэрбиккин.
Уонна эн миэхэҕэ тоҕо да
Бу эрэл кыымнарын хааллардыҥ?
Хос ырыата:
Чүмэчим умуллуох буолталыыр,
Сүрэҕим бобута туппахтыыр.
Тиhэх кыым, умуллан хаалыма,
Тулабар халыйыа хараҥа.
Ол аата эн биhи ыллыкпыт
Ымыыта чуопчаара ыллаабат.
Салама ыйаабыт хатыҥмыт
Биhиэхэ эйэргии хамсаабат.
Хос ырыата.
Арахсыы суолугар үктэнним
Хомолто күлүгэр бүрүнэн,
Ол эрэн эйигин, сэгэрим,
Сүрэҕим хаhан да умнубат.
Хос ырыата (2 төгүл).
Атыҥҥа барбыккын билэбин,
Чүмэчим умуллан хааллаҕа.
Сүрэҕим бобута туппахтыыр,
Тиhэх кыым, умуллан хаалыма.
Чуумпуга
Альберт Михайлов
Виктор Хон-Омук Уолун тыллара,
Альберт Михайлов мелодията
Нуоҕайбыт хатыҥмыт сипсиэрин истэбит,
Налыйбыт чуумпуга эн биһи иккиэбит.
Бу киэһэ сүрэҕим нүөлүйэ тэппитэ:
«Эн биһи, сэгэриэм, бииргэбит», – диэбитэ.
Хос ырыата:
Туолбут ый биһиэхэ имнэнэр курдуга,
Хас биирдии сулустар эйэргии көрөллөр.
Иһийбит чуумпубут иллээхтик кууспута:
«Эһиги эрэ бу сиргэ иккиэҕит», – диэбитэ.
Үөһэнэн былыттар оргууйдук усталлар,
Туус маҥан хоптолор наҕыллык дайаллар.
Нуктаабыт иирэлэр сипсиһэр курдуктар,
Ахтыспыт сүрэхтэр биир тэҥҥэ тэбэллэр.
Хос ырыата:
Сэгэрим, эйиэхэ тапталбын этиэхпин,
Иһийбит чуумпуну уйгуурдуох курдукпун.
Ый суолун батыһа сиэттиһэн хаамсыахха,
Бу дьоллоох түгэҥҥэ уйдаран дайыахха.
Нуоҕайбыт хатыҥмыт сипсиэрин истэбит,
Налыйбыт чуумпуга эн биһи иккиэбит.
Бу киэһэ сүрэҕим нүөлүйэ тэппитэ:
«Эн биһи, сэгэриэм, бииргэбит», – диэбитэ.
Хос ырыата (2 төгүл):
Сэгэрим, эйиэхэ тапталбын этиэхпин,
Иһийбит чуумпуну уйгуурдуох курдукпун.
Ый суолун батыһа сиэттиһэн хаамсыахха,
Бу дьоллоох түгэҥҥэ уйдаран дайыахха.
Ийэ мичээрэ
Ангелина, Ирена, Розалина Файрушиналар
Аким Кондратьев тыллара,
Ангелина Файрушина мелодията
Ийэ мичээрэ өрүү истиҥ, кэрэ,
Күн уотуттан мэлдьи күндү курдук,
Көй ыраас салгынтан күүстээх курдук өрүү.
Ийэ, ийэ мичээрэ күндү, кэрэ.
Хос ырыата:
Ийэ мичээрэ элбэххэ үөрэтэр —
Эйэҕэс буоларга, эйэни буларга,
Сырдыкка эрэ сыдьаайа сылдьарга.
Ийэ, ийэ мичээрэ сырдык, кэрэ.
Ийэ мичээрэ искэр иҥэрэр
Олоххо тапталы, бар дьоҥҥо махталы,
Эр хорсун санааны, эрэллэх буолууну.
Ийэ, ийэ мичээрэ истиҥ, кэрэ.
Хос ырыата (3 төгүл).
Көҥүл
Аскалон Павлов
Аскалон Павлов тыллара, мелодията
Сүүс киhиэхэ сүгүрүйэн тоҥхороҥнуох кэриэтэ,
Бэргэн буулдьа аhылыга буолбут быдан, быдан ордук, быдан ордук.
Сүүс омукка үтүрүллэн хам баттаныах кэриэтэ,
Кырыктаахтык кыргыспыппыт быдан ордук, оннук ордук.
Хос ырыата:
Көҥүл, көҥүл, көҥүл биhиэхэ күндү,
Көҥүл, көҥүл, көҥүл биhиэхэ үрдүк.
Былаҕайга былдьаммакка, быстах суолу тутуспакка,
Хааччах суолун тумна-куота сатаабыт быдан ордук, оннук ордук.
Олохпутун сөхсүнэммит, омукпутун сөргүтэммит
Очуос тааска бары бииргэ ыттыбыппыт быдан ордук, оннук, оннук.
Хос ырыата (5 төгүл).
Түүл
Варя Maxima
Михаил Семенов тыллара,
Варя Maxima мелодията
Мин бөлүүн элбэҕи түhээн көрдүм,
Туох эрэ сүтүкпүн сырсан көрдүм,
Түүннэри эрэй бөҕөтүн көрдүм,
Тугу көрдүү сатаабыппын өйдөөбөтүм.
Мин бөлүүн дьиктини түhээн көрдүм,
Уhуктан түүлбүн ырытан көрдүм.
Саҕахтан саҥа күнүм тахсарын көрдүм,
Тугу түhээбиппин дьэ өйдөөммүн үөрдүм.
Хос ырыата:
Көрдөстүҥ эн: «Истиҥ доҕор буолууй миэхэ».
Мин илдьиппин тиэрдиий киниэхэ,
Күнүм-ыйым тэҥэ киhиэхэ,
Өссө көстө турдун дуу миэхэ, миэхэ, миэхэ, мин түүлбэр…
Түүлбэр дуу, илэ дуу көстөн ыллын,
Сүрэхпэр сүрүн миэстэтин ыллын,
Олохпун тус илиитигэр ыллын,
Хас саҥа үүнэр күннүүн тэҥҥэ тылыннын.
Саҥа күн, мин баҕабын толорууй,
Сүрэхпин эрэлинэн толорууй,
Быhаҕас дьолбун ситэрэҥҥин толорууй,
Атыттар курдук миигин эмиэ дьоллооруй.
Хос ырыата (2 төгүл).
Кытылга
Василий Еремеев
Иван Гоголев-Кындыл тыллара,
Николай Пономарев мелодията
Кытылга киэhэ ахсын
Кыыс ыллыырын истэбин,
Кинини мин букатын
Өссө көрө иликпин.
Сирдээҕи кэрэ диэни
Санатар чуор куолаhа,
Ити ырыа курдук кэрэ буоллаҕа…
Ол эрээри куттанабын,
Баҕар, билбэт кыыhым мин
Саныырым курдук нарын,
Талба буолуо суоҕа диэммин.
Оо, көстүмэ, кыыс оҕо,
Көстүмэ биир да төгүл —
Мин сүрэхпэр оччоҕо хаалыаҕыҥ…
Кытылга киэhэ ахсын
Кыыс ыллыырын истэбин,
Кинини мин букатын
Өссө көрө иликпин.
Сирдээҕи кэрэ диэни
Санатар чуор куолаhа,
Ити ырыа курдук кэрэ буоллаҕа…
Эргэрбит хаартыскалар
Гаврил Николаев
Михаил Семенов тыллара, мелодията
Эргэрбит хаартыскалары
Эмиэ ылан көрөбүн,
Эргийбэт дьоллоох сылларбын
Эймэнийэ ыллыыбын.
Санаан кэллим оҕо сааһым
Саппаҕырбат кэмнэрин,
Саарыгырар саҕахтарын,
Сырдык бэлиэ күннэрин.
Хос ырыата:
Оспот баастыы, одун тыллыы
Отой хаалбат оҕо сааһым.
Куппун-сүрбүн кутурутан
Куруук аймыыр кулуһунум.
Эргиллэбин мин санаабар
Элэккэй оҕо сааспар,
Эйэлээх кэрэ сылларбар,
Эриэккэс ахтылҕаммар.
Эргэрбит хаартыскалары
Эмиэ ылан көрөбүн —
Эргийбэт дьоллоох сылларбын,
Эрэллээх доҕотторбун.
Хос ырыата:
Дьоллоох буолуҥ, доҕотторум,
Дьоһун-мааны дьон дэтиҥ.
Ыра санаам ырыатыныы
Ыраас-сырдык ыллыктаныҥ.
Оспот баастыы, одун тыллыы
Отой хаалбат оҕо сааһым.
Куппун-сүрбүн кутурутан
Куруук аймыыр кулуһунум.
«Ытаама»
«Дайыы» бөлөх
А. Егорова, А. Елисеев, Г. Васильев тыллара, К. Карманов мелодията
Хараҕыҥ уута иэдэстэргинэн сүүрдэ,
Атын кыыстыын сылдьарын эн алҕас көрбүтүҥ биэчэргэ.
Харааста түспүтүҥ бу соһуччу көрсүһүүттэн,
Бииргэ умаппыт тапталгыт кутаа уота умулунна.
Хос ырыата (2 төгүл):
Эн ытаама кини туһуттан,
Хараҕыҥ уутун тоҕума,
Итэҕэй, эн сүрэҕиҥ атыны булуо…
Ким эрэ кэлэн туораттан билсэ сатыыра,
Бытаан музыкаҕа уйдаран үҥкүүлүүгүн-көрүлүүгүн,
Сорох эрэ ардыгар эн кинини саныыгын,
Хараххынан кинини эрэ көрдүүгүн, көрдүүгүн…
Хос ырыата (2 төгүл):
Саҥата суох олорон кинини эрэ саныыгын,
Билигин кини аттыгар эн турбаккын, эн турбаккын.
Ол эрэн эн итэҕэй, тапталгын эн көрсүөҕүҥ,
Кини эрэ эйигин таптыаҕа, таптыаҕа…
Нарыйа
Дьулустан Чуручанов
Дьулустан Чуручанов тыллара, мелодията
Харахпын симэммин көрөбүн,
Доҕорум, эн нарын мичээргин.
Суруккун ха
...
конец ознакомительного фрагмента
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?Популярные книги за неделю
-
Антонио Наставник всегда появлялся неожиданно и всегда пешком. На вечерней или на…
-
Американский писатель Говард Филлипс Лавкрафт при жизни не опубликовал ни одной книги,…
-
Исторический роман признанного классика японской литературы Сюсаку Эндо рассказывает о…
-
Литературная основа сериала «Настоящая кровь», получившего премии «Золотой глобус» и…
-
Одна ночь. Ночь, которая решит многое для пассажиров легендарного «Восточного экспресса»,…
-
«Чудесная свеча» – средневековая флорентийская легенда, пересказанная шведской…
-
Все началось со столкновения двух одиночеств на улицах Парижа. Она рассыпала продукты,…
-
Американский писатель Говард Филлипс Лавкрафт при жизни не опубликовал ни одной книги,…
-
Дао дэ цзин. Книга пути и достоинства
Книга «Дао Дэ Цзин» является древнекитайским философским трактатом, написанным Лао-цзы,… -
– Почему отец от меня отказался, ма? Почему?! – зло откидывая одеяло в сторону,…
-
В Зоне бои до смерти на Арене – самое популярное развлечение у всех группировок. Что…
-
Большую часть жизни человек тратит на то, чтобы найти необходимое сочетание компонентов…
-
Адель – теневой призрак, она способна становиться неосязаемой и прятаться во мраке.…
-
Начинающий искусствовед Энн Стилуэлл приезжает в Нью-Йорк, надеясь провести лето на…
-
Морозко ждал от своих подданных ежегодного жертвоприношения. Получив отказ, разгневанный…
-
Цветы со шрамами. Судьбы женщин в…
Мы привыкли видеть историю в батальных сценах и героических биографиях полководцев,… -
Талантливый юрист Ханна Кэмпбелл хочет перемен в жизни, поэтому она записывается во…
-
В «Рассказах о людях необычайных» Ляо Чжай говорит о простых вещах, а читатель становится…
-
Дворец потерянных душ. Наследник…
Китана возвращается в Зираков и понимает, что за время ее отсутствия в королевстве… -
Все дома хранят историю своих обитателей. Этот дом был построен сутенером и превратился в…
-
ОТ АВТОРА БЕСТСЕЛЛЕРА «МИЛЯ НАД ЗЕМЛЕЙ»! Вторая часть цикла «Город ветров». Райан –…
-
В течение многих лет третья луна в системе Альфа использовалась в качестве…
-
Шестнадцатилетняя Орнелла приезжает на каникулы в Тоскану к своей крёстной матери…
-
Во время правления Людовика XIII молодой д’Артаньян приезжает в Париж, чтобы осуществить…