Текст книги "Биһик"
Автор книги: Дмитрий Пономарёв
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 1 (всего у книги 5 страниц) [доступный отрывок для чтения: 1 страниц]
Дмитрий Пономарев-Дьолуолаах
Биһик
БИҺИК
(сэһэн)
I
Өрүүнэ балаҕанын аанын арыйа тардан иһирдьэ атыллаата. Куйаастан итииргээн киирбит киһиэхэ сөп-сөрүүн салгын илгийдэ.
– Уу, үчүгэйиин! – диэн дьахтар саҥа аллайда. Бобуонньуктуу бааммыт былаатын өрө анньан устан ылла, хантайан туран төбөтүн илгистэн ыһыллыбыт баттаҕын көннөрдө, устубут былаатын тииһигэр ытырда уонна икки ытыһынан сүүһүгэр түһэр баттаҕын күөйэ тутан кэннин диэки сыҕайан биир сүүмэх гына холбуу тутта, сиэбиттэн таҥас кырадаһынын таһааран хам тарта.
Түннүк аннынааҕы сыҥаһа орон үрдүгэр турар биһигин таһыгар уола быһыччы тутуурдаах тобуктаан олорорун көрөн:
– Хайа, Сэмэнчик? Тугу гынаҕын? – диэн ыйытта.
Чороччу улаатан эрэр аҕыстаах Сэмэнчик ойон туран иллэҥ илиитинэн ыстаанын тобуктарын тэбэннэ уонна ийэтин диэки сөмүйэтин уоһугар сыһыары тутан баран өрө хантайан туран сибигинэйдэ:
– Ийээ, ити мин Аанчык аатын биһигэр суруйдум, – диэтэ.
– Биһигэр даа?– Өрүүнэ соһуйбуттуу сибигинэйэн ыйытта, уолун төбөтүттэн имэрийэн ылла.
– Аһаа, онтон ити биһик Аанчык киэнэ буоллаҕа дии, – Сэмэнчик хардарда.
– Чэ эрэ, көрүөххэ, ханан суруйдуҥ? – Өрүүнэ орон үөһээ турар биһиккэ чугаһаан кэлэн, төҥкөс гынан, биһик чараас хаптаһыныгар «Анчык» диэн улахан гына оҥо быһан суруллубуту аахта. Кэннигэр турар уолун диэки эргиллэн, хаҥас илиитинэн суругу ыйан туран, сибигинэйэн ыйытта:
– Хайыа, Сэмэнчик, биир «а»-ҕын көтүтэн кэбиспиккин дии?!
– Онтон итинник суруллара буолуо дии санаабытым, нууччалыы, – Сэмэнчик ийэтин диэки көрө-көрө мичээрдээтэ.
– Нууччалыы баҕар буолуо… – Өрүүнэ уолун оройуттан сыллаан ылла. – Билигин аһыахпыт, – диэтэ.
Сэрии буолбута иккис сыла. Кыанар-хотор эр дьон үксүлэрэ онно ыҥырыллан холкуос үлэтэ бүтүннүү оҕо-дьахтар, кырдьаҕас дьон санныгар сүктэриллибитэ, саатар кураан сайын турбута. От, бурдук үүммэккэ айахтарынан улаханнык татыарыйдылар. Нуормаҕа бэриллэр бурдуктарын уһата сатаан барыны-бары булкуйан хааһылаан, биирдэ эмит лэппиэскэлээн сииллэр.
Сиртэн туох эмит сэрбэйбитин барытын аһыҥа утары сиэн аны ойуурга таҕыста. Бу сыллар тухары араастаан охсустулар: киһини курданарынан ханааба хаһан онно түһэрэ сатаатылар, куйаабыл оҥостон баһа сатаатылар, кыһынын сымыыттаан сытар сирдэрин булан хаарын күрдьэн тоҥоро сатаатылар да кыайтарбата. Кынаттанан былыт курдук көттө, уҥуох-тирии буола ырбыт, сэниэ-сылба бараммыт дьоно ону көрө-көрө ытамньыйдылар. «Туох абааһы үөнэ кыйма курдук төрүү-үөскүү турар баҕайытай, бэйэбитин эрэ сиирэ хаалла» диэн суланнылар.
Кураан суоһуттан үрдүк сирдэр хайыта бардылар, саһара сатаан баран хара буорунан өрүкүйдүлэр, күөллэр оҥоччу уоллулар, оннооҕор «сир хараҕа» дэппит чөҥөрө чүөмпэлэр сытыйбыт ньамаҕынан саба бүрүллэн сүөһү-сылгы уулуур кыһалҕалара турда. Уулуу киирэн бадарааҥҥа батыллыбыт сүөһүнү, сылгыны хостооһун туһугар туспа түбүк буолла. Мэччирэҥ суоҕуттан ынахтар үүттэрэ тарта, барбах бэрсэн дуомнууллар, бэйэлэрэ нэһиилэ сыл тахсыбыт муҥнаахтар куҥнара туолбакка халбаҥнастылар. Ол да буоллар Өрүүнэлээх холкуостара ааспыт кыһын Дьокуускайтан сэлиэһинэй суордун таһааран сүүсчэ гаа сиргэ ыһан, кыһынын хаар типтэрэн, көрөн-харайан орто үүнүүнү ылыах курдуктар. Аны арыый да кыанар өттүлэрин, өрүс эҥээр нэһилиэктэртэн арыыга сир ылан, оттото сылдьаллар. Онон кэлэр кыстыгы, бурдук атаҕа да буоллар, онно-манна булкуйан сиир хаһаастаах, холкуостарын уонна кэтэхтэригэр баар аҕыйах сүөһүлэрин сыл таһаарар оттонуох курдук бөҕөх санаалаахтар.
– Сэмэнчиэк, кэл, аһыахха тоойуом, – Өрүүнэ уолун ыҥырда.
Оһох таһыгар мас кыһа олорбут Сэмэнчик остуолга чугаһаан, олох мас тардынан ийэтин диэки көрө-көрө мичээрдии олордо. Бэҕэһээ нуорма бурдук түҥэппиттэриттэн, ахтыбыттара ырааппыта бэрт буолан, лэппиэскэлээбиттэрэ. Өрүүнэ онтуттан эмти тутан уолун уонна бэйэтин иннигэр өлүүлээн уурталаата, үгэхтэн тууйастаах суораты аҕалан хаппаҕын аһан хамыйаҕынан булкуйа түһэн баран чохообулларга кутуталаан иннилэригэр уурталаата.
– Сэмэнчиэк, мин кэлиэхпэр диэри уонна аһаабаккын, сөп. – Өрүүнэ уолун диэки аһынардыы көрдөр да, ылыннарыылаахтык эттэ.
– Сөп, ийээ, – Сэмэнчик аһыырын быыһыгар хардарда.
– Кыыһыҥ ытаатаҕына суутун уларытаар уонна үүтүн иһэрдээр, өйдөөтүҥ? – Өрүүнэ кини суоҕар уола тугу гыныахтааҕын быһаара олордо. – Уокка оттор маскын таһан кэбиһээр.
– Сөп, ийээ, барытын толоруом.
Бу кэмҥэ биһиккэ сытар оҕолоро ыҥырҕаан уһуктаары мөҕүстэ.
– Ии, оҕом аһыан баҕаран уһугунна дии, – Өрүүнэ биһиккэ сытар оҕотугар барда. Ытаан эйэҥэлиир оҕотун биһигиттэн ылан, орон үрдүгэр сытыаран, суутун уларытта, ол кэннэ эмиийин эмтэрдэ. Кыра киһи ах барда, харахтарын симириктии-симириктии сүр иҥсэлээхтик эмэн болтоҥноото.
Өрүүнэ эрэ – Өндөрөй былырыын балаҕан ыйыгар хомуурга хабыллан сэриигэ барбыта, Өрүүнэ оһоҕостоох хаалбыта. Саас муус устар ыйга этэҥҥэ оҕоломмута. Оҕото кыыс буолбутуттан олус үөрбүтэ, Өндөрөйө кыыстаныан наһаа баҕарара. Эрин санаатын көтөҕө, үөрдэ кини ийэтин аатын кыыһыгар биэрбитэ. Өндөрөйө кыыстаммытын истэн кэнники суругар сүргэтэ көтөҕүллэн элбэҕи ыралаан суруйбут этэ. Дьоллоох күннэрэ хаһан буолалларын Өрүүнэ кэтэһэр уонна ол күннэр хайаан да үүнүөхтэригэр бүк эрэнэр. Өрүүнэ бу аччык, кыһалҕалаах кэмнэргэ улаханнык куттана саныыра үүтүм тардан оҕобун тоторуом суоҕа диэн. Хата баччааҥҥа диэри этэҥҥэ кэллэ, билигин кэм ынах үүтүн сиҥэлээн эбинэр буолла. Холкуоһун дьоно эрэ сэриигэ сылдьарын, уу кыһыл оҕолооҕун санаан өрүү тугунан эмит көмөлөһө сатыыллар. Сэргэстэһэ олорор алааһын ыаллара бу ааспыт кыһын уокка оттор маһын, мууһун таһан, бэлэмнээн биэрэн олус абыраабыттара. Өрүүнэ, бэйэтэ да хачаайы киһи, оҕотун эмтэрэн, эбиитин мөлтөх аһылыктан, күүстээх үлэттэн эбии дьүдьэйдэ. Ону ол диэбэккэ туох да үлэ буоллун ылсан иһэр. Кыра оҕолоох киһи дьиэтиттэн чугас сылдьан үлэлиирэ ордук буолуо диэн сүөһү көрөөччүнэн анаабыттара. Ынах ыырын, ньирэйдэрин аһатарын быыһыгар, туох эмит үлэни булан, туһа киһитэ буола сатыыр. Бэҕэһээҥҥиттэн ойуур иһигэр турар өтөхтөртөн, кыра ырааһыйалар күлүк өттүлэриттэн кучу оту хомуйса сылдьар.
Балаҕан аана аһыллан кыыкынаата, тастан сэрэммиттии үктэнэн чугастааҕы ыаллар эбэлэрэ Мотуруона киирэн кэллэ.
– Дорооболоруҥ! – диэтэ уонна тута сылдьар былаатынан харахтарын сотунна.
– Дорообо, Мотуруона, киир, аас. Сэмэнчик, ыл, эбэҕэ олоппосто биэр эрэ, – диэн соруйда.
– Ок, оҕом сүүнэ киһи буолбут дии! – үөрэн мүчүк гына-гына Мотуруона олох маһы аҕалбыт Сэмэнчиги төбөтүттэн имэрийдэ, иирэ хаппыт лабаа курдук тарбахтардаах ытыстарынан уолчаан иэдэстэрин бигии тутан, тыастаахтык оройуттан сыллаан ылла.
– Хайа, хайдах-туох олордугут? Кыраҕыт этэҥҥэ ини? – Мотуруона кэпсэтиини саҕалаата.
Өрүүнэ дьиэ эргин сонунун кэпсээтэ. Аата, ыаллыы олороллор да көрсүбэтэхтэрэ балай эмэ буолла. Өрүүнэ өрүү бокуойа суох, онтон Мотуруона кырдьаҕас киһи быһыытынан ыарытыйар уонна хаһан үлэ киһитин таба тутаары мээнэ тиэстибэт.
– Аҕаҕыт Өндөрөй тугу биллэрэр?
– Өндөрөй этэҥҥэ сылдьар, соторутааҕыта суругун туппуппут. Кыыстаммытын истэн үөрүү бөҕө. Сэрии туһунан элбэҕи суруйбатах, өстөөҕү аһарбат гына көмүскэнэ сытабыт, сотору бэйэтин тоҕо көтөн барыахпыт диэбит. Силиптээх Баһылайдарын кытта бииргэ сылдьыбыттар да араартаабыттар. Баһылайы тырахтарыыс эбит диэн атын чааска көһөрбүттэр. Сураҕа тааҥка диэн тимир сэби ыытарга үөрэтэллэр үһү, көрсүбэтэхтэрэ ырааппыт.
– Этэҥҥэ эрэ сырытталлар… Хара дьайдаах сэрии туран хаарыан дьоммутун мэҥиэстэн эрдэҕин, – Мотуруона ах баран былаатынан хараҕын ньухханна, чочумча бэйэлэрин санааларыгар бүгэн саҥата суох олордулар.
Өрүүнэ аа-дьуо туран утуйан хаалбыт кыыһын биһигин иһигэр сытыарда.
– Бээ эрэ. Мин илдьиккэ кэллим этэ ээ, – Мотуруона күө-дьаа буолла.
– Ээ, хайаларын илдьитэй? Уу кутуом, бэттэх чугаһаа, – Өрүүнэ остуолугар тиийэн чаанньыгын ылла.
– Суох, тукаам, миэхэ кутума. Бу билигин аҕай уу бөҕөнү хааланан киирдим. Бааска уол сүүрэн кэлэ сырытта, сураҕа куораттан боломуочунай тахсыбыт, милииссийэлээх сылдьар үһү, киэһэ кэнсэлээрийэҕэ уопсай мунньахтыыллар диир. Дьону барытын ыҥырбыттар.
– Туох туһунан мунньахтыыллара буолла? – Өрүүнэ мунаахсыйа туттан Мотуруона диэки көрөн ылла.
– Ээ, мин кырдьаҕас киһи тугу да туолкалаан өйдөөбөтүм. Уолум бэйэтэ да бу диэн билбэт быһыылаах, биир кэм «көһөрүү» диэн тыллаһар. Ыксыы аҕай сылдьар, уу ыйырбахтаат төттөрү ойдо. Холкуостары көһөрөллөр үһү, – диир.
– Ханна? Туох көһөрүүтэ? – Өрүүнэ өссө эбии мунаахсыйда.
– Дьэ, билбэтим, тукаам. Киэһэ баран билэн кэлиэҥ буоллаҕа. Бу үлүгэр дьону ханна барыбытын көһөрөллөр үһү. Оттообут отторун сии баралларын этэллэр ини. Чэ бээ, мин барыым.
Мотуруона олох маһыттан туран оргууй тахсан барда. Өрүүнэ истибитин ситэ өйдөөбөккө онтун санаа оҥостон олорон хаалла.
Киэһээҥҥи үлэтин сып-сап толороот Өрүүнэ Улахан Сайылыкка тиэтэйдэ. Улахан Сайылык ааттыын улахан этэ. Холкуостарын кэнсэлээрийэтэ, ону тэҥэ алын сүһүөх оскуола, лааппы манна бааллара. Ыаллара да элбэҕэ, туруорбах балаҕанныын сүүрбэччэ ураалаах баара.
Өрүүнэ тиийэригэр кэлиэх айылаах дьон бары мустан, кэнсэлээрийэ иннинээҕи тиэргэҥҥэ ким олох мас булунан, ким сиргэ олбох уурунан сото кээһэн, оҕо өттө күрүө сиэрдийэтин үрдүгэр чыычаах курдук кэчигирээн, бары кэнсэлээрийэ аанын иннигэр туруоруллубут түөрт атахтаах остуол диэки сирэйдэнэн, отур-ботур кэпсэттэҕэ буола олороллоро.
Өрүүнэ Улахан Сайылыкка олохтоох дьүөгэтэ Марыынаны таба көрөн, кини таһыгар тиийэн илдьэ кэлбит олбоҕун тэлгии быраҕан, сэргэстэһэ олордо. Дьон сибигинэйэ быластаан кэпсэтэллэрин көрөн Өрүүнэ Марыынатын кытта ол сиэринэн оргууй дорооболосто, ону-маны дьиэ иһинээҕи-таһынааҕы сонуну кэпсэттилэр.
– Марыына, ити туох көһөрүүтүн кэпсииллэр? Мин тугу да туолкалаан өйдөөбөккө сылдьабын ээ, эн билэриҥ буолаарай? – Өрүүнэ маарыҥҥаттан санаа оҥосто сылдьар ыйытыгар быһаарыы көрдөөтө.
– Дьэ, хотуой, сураҕа барыбытын хоту балыкка көһөрөөрү, ону мунньахтыы кэлбит курдуктар, – Марыына хайдах эрэ сэрэхэчийэ туттан, тула өттүн көрүнэ, аны ким эрэ истиэ диэбиттии Өрүүнэ диэки нөрүйэн сибигинэйэн эттэ.
Ити тыллартан Өрүүнэ сүрэҕэ күүскэ тэбиэлээн ылла, эбии долгуйда.
– Ама, хайдах барыбытын көһөрөллөр, алҕас ини? Оҕолор, кырдьаҕастар онтон уонна сүөһүбүт-аспыт? Өрүүнэ, сымыйа дэттэриэн баҕарбыттыы, тула өттүн көрүөлээтэ.
– Чахчы дииллэр. Барбаппын диэн батыннаххына, төрүкү да хаайыыга ыыталлар үһү, – Марыына тимир-тамыр саҥарда.
– Хайдах? – Өрүүнэ харахтара кэҥээн, тугу да өйдөөбөккө утары көрөн олордо.
– Сураҕа, ханнык эрэ холкуостан икки буолумматах, барартан аккаастаммыт дьону киллэрбиттэр үһү.
– Тыый! Тоҕо сүрэй! Эс, ама, туох буруйдарыгар? – Өрүүнэ истибитин итэҕэйиминэ ити этиллибит тыллар бары алҕас, сыыһа буолуохтарын иһигэр олус баҕарда.
Кэнсэлээрийэ аана тэлэччи аһыллан, үс киһи субуруһан тахсан кэллилэр. Бастакынан маҥан эттээх ньылбаарыйбыт сирэйдээх, үөннээҕинэн көрбүт төгүрүк харахтардаах, кэтит саппыйаан курунан ыга курдаммыт, килбэчигэс уһун остоох саппыкылаах мааны киһи таҕыста. Кини кэнниттэн уһун хатыҥыр, хара бараан ньолойбут сирэйдээх милииссийэ куормалаах эр киһи, бүтэһик холкуостарын бэрэссэдээтэлэ күрэҥсийбит баттахтаах, нүксүччү туттубут, дэлби сылайбыт көрүҥнээх Мэхээлэ Боппуок таҕыстылар.
Мааны киһи остуолга кэлэн тута сылдьар тирии бартыбыалын уурда. Мустубут дьону кэрийэ көрдө, көхсүн этиттэ, онтон сутуругун айаҕар сыһыары тутан сөтөллөн ылла, түөһүн мөтөтөн салгыны эҕирийдэ:
– Табаарыстар! – диэн бүрүүкээбит чуумпуга сөҥ куолаһа иһилиннэ. Сут-кураан дьыллар турбуттарынан фроҥҥа аһынан-үөлүнэн көмөлөһөр кыахтара суох буолбутун, сылгыларын-сүөһүлэрин тыыннаахтыы сыл таһаарар отторун хаһааһа суоҕун, бурдук үүммэтэҕин, онон дохуот аахсар кыахтара суоҕун, бары манна хоргуйан өлөр турукка киирбиттэрин ыйан туран, Обком уурааҕынан хоту оройуоннарга балык үлэтигэр көһөллөрүн, онон фроҥҥа күүс-көмө буолуохтаахтарын тоһоҕолоон эппитэ-тыыммыта. Уурааҕы ылымматах дьон өстөөххө көмөлөһөөччү буолалларын уонна оннук дьону кытта байыаннай кэм сокуонунан кэпсэтии быһаччы буоларын чопчулаата, кытаанах миэрэҕэ тардыллалларын эттэ:
– Сталин дьаһалын, партия Саха сиринээҕи Обкомун уурааҕын толорортон аккаастанан, өстөөххө хос моонньох буолбут Бахсы нэһилиэгин икки олохтоохторо тутуллан киин сиргэ утаарылыннылар уонна маннык миэрэлэр салгыы да ылыллыахтара! – диэн суостаахтык саҥарда.
Бу этиллибит тыллар бэйэлэрэ да ыар олохтон сырдык диэки үүт-хайаҕас булбакка муҥурдарыгар тиийээхтээбит кырдьаҕас дьону, оҕону, дьахталлар муҥнаахтары төрүкү да отуойкаларыттан таһаарбыта. Утарылаһан быстахха эрэ былдьамматах киһи диэн саныы олорбуттара. Көһөрүүгэ эдэриттэн-эмэниттэн, тулаайаҕыттан, ыарыһаҕыттан тутулуга суох бары баралларын, антах барыта бэлэмҥэ тиийиэхтээхтэрин тоһоҕолоон эттэ. Балыктааһыҥҥа туттуллар тэриллэрэ, олорор сирдэрэ көһүтэн турарын, нуормалаах ас-үөл көрүллэрин, бэл диэтэр, үлэҕэ кэтиллэр таҥас бэриллэрин туһунан эттэ-тыынна.
Хаһыс да сылын аччыктааһын кыһалҕатын, эрэйин билбит, тыыннаах хаалар туһугар мөхсө сылдьар сорох муҥнаахтар төһө да дойдуларыттан тэйэн, билбэт дойдуларыгар көһүөхтэрин баҕарбаталлар, кылгас кэмҥэ үчүгэй аһылыктаах сиргэ, кыайыы туһугар үлэлии да түһэн кэлэр сөп этэ диэн санааҕа кэлбиттэрэ. Сорохтор барыахтарын баҕарбаталлар да, утары тугу да булан этэр кыахтара суоҕа, Өрүүнэ олор истэригэр баара.
Көһөргө диэн сөбүлэҥи биэрэр куоластааһын саҕаламмыта. Араатардыыр киһи кэннигэр холкуос бэрэссэдээтэлэ Мэхээлэ Боппуоктуун турбут милииссийэ иннин диэки тахсан били боломуочунайы кытта сэргэстэһэ чыначчы туттан турунан кэбиспитэ, курун көннөрүммүтэ, бэстилиэттээх хобураатын туппаҕалаабыта. Араатар тылыттан самнан олорор олохтоохтор үрүҥ харахтарын өрө көрбөтөхтөрө. Куоластааһын түмүгүнэн сүүс бырыһыан көһөргө диэн буолбута. Боломуочунай бу да кэннэ тыла сымнаабатаҕа, үс хонук иһигэр хомунан көһөҕүт диэн кытаанахтык дьаһайбыта. Куоластааһын бүтэн көһүү туһунан кэпсэтиилэр саҕаламмыттара. Өрүүнэ, кыра оҕолоох киһи быһыытынан, ынахпын илдьэ барабын, оҕолорбун аһатыам диэбитин бэрэссэдээтэлэ «сүөһүлэргин заготпууҥҥа туттар, оҕолоргор холкуос сүөһүтүн үүтүттэн өлүүлүөхпүт» диэн уоскутан, хаалларар буолбута.
Мунньахтара уһаан, киэһэ буолуор диэри тардыллыбыта. Өрүүнэ төһө да көһөбүн диэн илиитин ууннар, уйулҕата улаханнык хамсаабыта, туора дойдуга тиийэн тугу аһаан сылдьыахтарын, тугу үлэлээн кыайыыны уһансыан өйө хоппотоҕо. Бу куура хаппыт, күһүн кэлиэн инниттэн күрэҥсийбит, атын ханна да сылдьан аҕыйах хонуктан уһаабатах (ону да Дьокуускайтан ырааппатах) киһиэхэ дойдута олус күндүтэ. Мантан ордук сир-дойду баара буолуо диэн санаатыгар да оҕустарбат этэ. Хайдах киһи буолбут үтүөкэн дойдутун хаалларан ханна эрэ ыраах, харахтаан да көрбөтөх, санаан да тиийбэтэх сиригэр-уотугар барыан ис кута олох буолумматаҕа. Сүрэҕэ туох эрэ көннөрүллүбэт алҕаһы оҥорон эрэрин курдук нүөлүйбүтэ.
Көһүү тэрээһинэ Өрүүнэлээх курдук ыалга улахан туох да сүпсүгүрүүнү таһаарбатаҕа. Элбэх малы-салы ылары боппуттара, киһи баһыгар уон алта киилэ таһаҕас көҥүллэнэрэ, онно төһө бэйэлээҕи ылыаххыный. Ол-бу хаһаайыстыбаҕа туттуллар наадалаах диэбит тэрилин ылбыта. Ордубут таҥаһын-сабын барытын хомуйан ампаарыгар укпута. Хас биирдии малы кытта олоҕун быстыспат өйдөбүлэ хараҕар көстөн кэлбитэ, аны хаһан төннөн кэлиэҕин санаан сонньуйан, хараастан ылбыта.
Иккис күнүгэр заготпууннар кэлэн сүөһүлэрин көрөн сыаналаан барбыттара, ньирэйдээх ынахтарын хаалар холкуоска эккэ атастаһыахпыт диэбиттэриттэн ынаҕын аһыйа турбут Өрүүнэ үөрэн сэгэс гыммыта.
Холкуос баайын-дуолун оннун булларыыга түүннэри-күнүстэри түбүгүрдүлэр. Аҕыйах эдэрси эр киһи баара оҕонньоттору кытта тэлиэгэ оҥоруутугар сырыттылар. Өрүүнэлээх өтөхтөрүн ыаллара икки оҕус тэлиэгэтигэр батан барар буоллулар. Барыта кэри-куру, үгүс саҥа-иҥэ суох, отур-ботур быһаарсан кыаллыах айылааҕы оннун буллардылар. Бэл, оҕо аймах уку-суку туттан, бааллара-суохтара биллибэккэ илии-атах буоллулар.
Барар күннэригэр тыҥ хатыыта тураннар бэлэм турар таһаҕастарын дуомун үгүс саҥата-иҥэтэ суох тиэннилэр, ампаардарын күлүүстээбитэ буоллулар, дьиэлэрин, балаҕаннарын аанын маһынан баттаттылар.
Өрүүнэ тахсаары туран балаҕанын иһин кэриччи көрдө, түөһүн иһин арахсыы курус тыына толорон сүрэҕэ ыарыылаахтык нүөлүйдэ, кытаанах хомуок кэлэн күөмэйин бүөлүү турунна, былаатын устан оһоҕун таһыгар сукуллан турда. Арылхай киэҥ харахтарыттан көмүскэтин уута ыгыллан тахсан өтөрүнэн мичээр диэни билбэтэх иэдэһин устун тохтоло суох аллара сүүрдэ, өрө тыынан сыҥсыйан ылла, саҥа таһаарбакка ытаан ыҥырҕаата.
Оо, алаһа дьиэттэн арахсан биллибэт үөдэн түгэҕэр атынан, оҕуһунан айаннаан эрэр туох аанньа буолуой? Өрүүнэ барахсан тулуйуо дуо?! Ытаатын ээ, баҕар, баччааҥҥа диэри хаалла сылдьыбыт, кыһалҕалаах олоҕун эрэйэ хараҕын уутун кытта суураллан көхсө кэҥээрэй, ыарахаттары кытта туруулаһарга сэниэ биэрээрэй.
Өрүүнэ уҥа илиитинэн оһоҕун чанчыгыттан тайанна, хаҥас илиитигэр тута сылдьар былаатынан хараҕын уутун сотунна, үөһэ тыынна. Аан аһыллан кыыкынаата, Сэмэнчигэ киирэн иһэрин атаҕын тыаһыттан сэрэйдэ:
– Ийээ, эйигин күүтэллэр, – Сэмэнчик кэлэн ийэтин кэнниттэн кууста.
– Сөп, тоойуом, – Өрүүнэ үөһэ тыынан ылла, уолун төбөтүттэн имэрийдэ уонна балаҕанын иһин өссө биирдэ эргиччи көрдө. – Чэ, кэлиэхпитигэр диэри этэҥҥэ тур. Көрсүөххэ диэри! – Өрүүнэ көмүс ньээкэ уйаларыгар туһаайан бүтэһик тылларын этэн баран, уолун сиэтэн аан диэки атыллаата.
Балаҕаннарыттан тахсан ааннарын баттатан, тиэргэннэрин аанын олуйан, көһүтэн турар дьонноругар тиийдилэр. Инники тэлиэгэ кэлин өттүгэр Мотуруона кырдьаҕас бу аҕыйах хонук иһигэр өссө куччаан, арҕаһа бөгдьөйөн, субу үлтү түһэн кумаланан хаалыах айылаах көрүҥнэнэн олорор. Илиитигэр сиидэс өрбөх тутуурдаах, хоту дойдуга көһөр буолбуттарын истиэҕиттэн куурбат буолбут көмүскэтин уутун субу-субу соттумахтыыр.
Кэнники тэлиэгэҕэ таһаҕаһы кытта Өрүүнэ биһиктээх кыыһын Аанчыгын кытта олордулар.
– Чэ, өтөхпүтүн кытта быраһаайдаһыаҕыҥ! – Өрүүнэ кэлбитигэр Мотуруона быраата Баһылай оҕонньор туора тахсан бэргэһэтин устан, өтөҕүн диэки хайыһан тоҥхос гынан бокулуон биэрдэ, тугу эрэ ботугураата. Бары кинини үтүктэн өтөхтөрүн диэки хайыһан, бэргэһэлэрин устан тоҥхоҥностулар. Баһылай дьонун диэки хайыһан бэргэһэтин төбөтүгэр уурунна уонна барыларыгар туһаайан: – Чэ, хаамтарыаҕыҥ! Барыта этэҥҥэ буоллун! – диэтэ.
Тэлиэгэлээх оҕустар уку-суку субурустулар. Олохтоохтор сотору-сотору кэннилэрин хайыһан төрөөбүт төрүт буордарын, тымныыттан-тыалтан, куйаастан-ардахтан хаххалаан иитиэхтээбит иһирэх дьиэлэрин харахтарын далыттан сүтүөр диэри сайыһа көрдүлэр. Саҥа-иҥэ суох, арай оҕустар ыарахан соһууттан ынчыктаан «пуус» гына тыыналлара, көлүөһэлэр лүһүгүрүүллэрэ эрэ иһиллэр.
Улахан Сайылыкка кэлбиттэрэ кэлии-барыы үксээбит, сүпсүлгэн бөҕө. Өрүүнэ Марыынатын көрсөн аҕыйах тылынан кэпсэтэ түстүлэр. Дьүөгэтин көрсүбүтүттэн «аттыбар өйдөһөр-өйөһөр киһилээхпин ээ» диэн бөҕөх санаа киирэн, тулаайах курдук муунтуйа сылдьыбыта дьайҕара быһыытыйан, эгди буолла. Барааччылар бары кэллилэр быһыылаах. Түргэн соҕустук саамыланан, оннуларын булан, сорох сүөһүнү тэлиэгэҕэ холбоон, сороҕун сиэтэн хотоҕос курдук субуһан көс дьоно кыһарыйыы кытаанаҕыттан, үтүргэн күүһүттэн дойдуларын иччитэх хаалларан, сэриигэ сылдьар дьоннорун балыгынан хааччыйаары аргыардаах айан аартыгын арыйдылар, сордоох суол төрдүн туттулар. Хастара эргиллэн кэлэн ахтылҕан хараҕын уутун алааһын өҥ буоругар түһэриэн, көй салгынын эҕирийэ тыынан чэрдийбит тилэҕинэн күөх ньаассын кырыһын устун сүүрүөн, ийэ сирин илгэлээх күүһүн иҥэринэ хаамыан, аар хатыҥар өйөнөн тахсар күн саргылаах сарыалын уруйдуу көрсүөн ким да билбэт. Мас көлүөһэ энэлгэн тойуга доҕуһуоллаах, сиккиэр тыал аргыстаах, көппөх буор күдэригин быыһынан көс дьон айаннаатылар.
Балаҕан ыйа үүнүүтэ хас да хонуктаах сындалҕаннаах айантан атахтарын нэһиилэ соһор көс дьон улуу Эбэ кытылын буллулар. Онуоха-маныаха диэри «һуу» диэтилэр. Кытыл устун киһи-сүөһү бөҕө мустан үөттэр быыстарынан тарҕаһан олороллорун көрөн, атыттар «бу бары көһөн иһэр дьон дуо?» диэн сөҕө да, салла да санаатылар. Айанньыттар, үөттэр быыстарыгар кыра ырааһыйалаах сири булан, түһүктэрин оҥоһуннулар. Балаакка диэн кимҥэ да суоҕа ол иһин синньигэс үөттэри, иирэ талаҕы быһыта сынньан холбуу баайталаан, аҕыйах киһи сытар гына отуу атаҕа туруортаатылар, онтуларын ким туох өрбөхтөөҕүнэн бүрүйдүлэр. Өрүүнэҕэ эмиэ оҕолорунуун сыталларыгар отуу оҕото баайан биэрдилэр.
Кэллэхтэрин күн бэрэссэдээтэллэрэ эр дьону кытта сүбэлэһэн, «туттуохпут» диэн анаан илдьэ кэлбит сүөһүлэриттэн биир баайтаһын ынаҕы үөт быыһыгар кистии-саба астаан дьонноругар түҥэттилэр. Аанньа аһаабакка сылдьар дьон тото-хана эт сиэн, миин иһэн харахтара сырдаата. Тот искэ кыһалҕа да халбарыйарга дылы. Кутаа таһыгар олорон эгди буолбучча үгүһү кэпсэттилэр, сылаалара да таайда быһыылаах эрдэ сытар сирдэрин буллуннулар.
Күһүн обургу күүттэрбэтэ, «манна көс дьоно таһырдьа хоно сыталлар» диэн тохтуу түспэтэ, хаардаах хаһыҥынан хаарыйталаата, курулас ардаҕынан кутта, сытыы тыалынан курдат үрдэ. Борохуоттара кэлбэккэ киһилиин-сүөһүлүүн сөп буоллулар. Тымныйан, сыыстаран, онно эбии ис ыарыыта туран кырдьаҕас, кыра оҕо өлүүтэ тахсыталаата. Дойдуларыттан илдьэ кэлбит ыһыктара баранна, манна түҥэтэр кыра тооромос килиэптэрэ тук буолбат. Ону-маны сиэн үүт сыыһа бэрсэр ынахтара суоҕа буоллар, олох да хоргуйуох эбиттэр.
Мотуруона эмээхсин атын сиргэ көһөрүүгэ барарын истиэҕиттэн куурбатах хараҕын уутугар умсан, аанньа аһаабакка олох да буорайан суорҕан-тэллэх киһитэ буолбута. Биир сарсыарда сэргэхсийэн табах көрдөөн тарта, өссө үүккэ илитэн килиэп оҕото сиэтэ. Эдэр өттүлэрэ: «Эбэбит бэттэх кэлээри гыннаҕа дуу», – дэстилэр. Түөртүүр ыам саҕана быраата Баһылайы уонна кийиитин Сөдүөччүйэни ыҥыран иһин түгэҕиттэн ыган, аҕылыырын быыһыгар, аҕыйах тылы эттэ:
– Алааспар көмүллүбэт киһи буоллум. Ким миигин онно тиэрдэн харайыай? Бу эҥээр хаалар дьылҕаланным быһыылаах, – чочумча саҥата суох, барбах эрэ иһиллэр гына кыыкыныы сытта. – Баһылаай, ити Сөдүөччүйэҕин харыстаа, эйэ-дэмнээхтик сылдьан оҕолоргутун көрө сатааҥ. Ми-мии-гин… – диэн иһэн аттыгар нөрүйэн олорор Баһылайын илиититтэн харбаан ылан тыын былдьаһан өгдөҥнөөтө, ол кэннэ налыс гынна.
Мотуруона өлүүтэ чугас дьонун барыларын аймаабыта. Бу сиртэн бара охсуохтарын баҕарбыттара. Сииги бүрүнэн сылдьыы, муор-туор аһылык салгыппыта, тиийиэхтээх сирдэригэр тиийэ охсон аал уот иннигэр, бүтэй дьиэҕэ, тот аһылыкка уоскулаҥ булуохтарын тиэтэйбиттэрэ. Ол эрээри, көһөрүөхтээх борохуоттара кэлэн биэрбэккэ, тууйуллан барбыттара.
Биир күн Өрүүнэ баанньыкка уочараттаан, хаппыт үөт хомуйан оһох оттон, уу сылытан уларыттар таҥастарын сууммута, күнү быһа тэпсэҥнээн дэлби сылайбыта. Аны ынахтара бэйдиэлээн хааланнар олору булан аҕалыахтарыгар диэри күн киэһэрбитэ, үнтү сылайан утуйар сирин нэһиилэ булан Сэмэнчигин кууспута, кыыһын биһигэр сытыаран эбии үллүйэн биэрбитэ. Сылаата таайан дуу, кыыһа ытаан уһугуннарбатаҕыттан дуу Өрүүнэ түүн олох уһуктубакка кытаанахтык утуйан хаалбыт этэ. Сарсыарда: «Борохуот иһээр! Тура охсуҥ! Хомунуҥ!» – диэн хаһыыттан түргэн үлүгэрдик ойон турбута. Арай отуутун иһиттэн тахсаары туран өйдөөн көрбүтэ, биһиктээх кыыһа суоҕа. Сүпсүлгэн бөҕө буола сылдьар дьоннорун кэрийэн: «Биһиктээх оҕобун көрбөтүгүт дуо?» – диэн ыйыталаһа сатаата да, ким да көрбөтөх буолла. Ханна да барыан, тугу да гыныан билбэккэ биэрэги өрө-таҥнары сүүрэкэлээтэ. Марыынатыгар тиийдэ, дьүөгэтин санныгар саба түһэн саҥа таһааран ытаан барда.
– Оҕобун уорбуттар! Ханна барыай уонна? – хаһыы быластаан саҥарда.
– Өрүүнэ, уоскуй! Милииссийэҕэ бар, итиннэ борохуот кэлэр сиригэр сылдьара буолуо, – Марыына дьүөгэтэ ыһыллыбыт баттаҕын өрө анньа, уоскута турда. – Мин Сэмэнчиги көмөлөһүннэрэн малгытын хомуйа туруом, – диэтэ.
– Кырдьык даҕаны! – диэт Өрүүнэ биэрэк диэки сүүрдэ. Онно тиийэн үгүс дьон быыһыттан милииссийэ куормалаах киһини таба көрөн, чопчу тиийэн ытыырын кыатана сатыы-сатыы туох буолбутун кэпсээтэ. Милииссийэ отуччалаах, хара бараан сирэйдээх, орто уҥуохтаах эдэр киһи барытын сиһилии иһиттэ.
– Чэ, барыах, барытын миэстэтигэр көрдөрөөр, – диэн Өрүүнэни батыста.
Олорор сирдэригэр кэлэн отууларын дьардьаматын көрдө, биирдиилээн дьонтон түүн тугу эмит көрбүккүт буолаарай диэн туоһуласта, Өрүүнэ аатын-суолун, оҕо туохха суулана сылдьарын, биһигин оҥоһуутун сурунан ылла.
– Гражданка, эн билигин сээкэйгин хомун, көһөргө бэлэмнэн, биһиги көрдүөхпүт. Туох эмит билиннэҕинэ хайаан да биллэриэхпит, – диэтэ.
– Оҕом көстө илигинэ ханна да барбаппын, манна хаалабын! – Өрүүнэ санныта ыгдаҥнаан ытаан барда.
– Суох, гражданка! Оҕоҥ көстүбүтүн-көстүбэтэҕин да иһин бараҕын. Байыаннай кэм быһыытынан аккаастанар түгэҥҥэр сууттаныаххын сөп. Ити уолгун санаа. Уорбут буоллахтарына биир күннээх буолбат, уһун көрдөөһүннээх дьыала буолар. Мин этэрбин иһит, бэйэҥ уонна уолуҥ туһугар диэн этэбин, – диэн мас-таас курдук дьаһайан кэбистэ.
Өрүүнэ өрөлөһүөх курдук туттан иһэн Сэмэнчигин санаан ах барда, ньилбэгэр умса түһэн олорон уһуннук ытаата. Сэмэнчигэ кэлэн көхсүттэн имэрийэ-имэрийэ тэҥҥэ ытаан ыҥырҕыы турда.
Күн ортотун диэки: «Бары сааһыланан тиэллэбит!»– диэн хамаанда дуорайда.
Баарсаларга лыык курдук ыга симиллэн, биир харах уулаах кытылы хаалларан атын сиргэ көс дьон уһунна.
Аһаҕас халлаан, хаар-самыыр аннынан тыалга курдары үрдэрэн, кытылга олорбуттарынааҕар ордук ыарахан тутулга түбэһэн тус хоту уһуннулар. Баарса маһын кирэ турар аччык сүөһү маҥырааһына, ыарыһах дьон ынчыга инчэҕэй эттээх тулуйбат үлүгэрэ буолбута. Тохтобул аайы хастыы да өлбүт киһини таһааран харайаллара. Өрүүнэ кыыһын сүтүктээн ытыы сатаан хараҕын уута да тахсыбат буолла. Дьонтон кистии-саба кыыһын суутун ылан сыллыыр, оччоҕо сүрэҕэ арыый уоскуйа, налыйа быһыытыйар. Сэмэнчигин олох бэйэтиттэн тэйиппэккэ тута, кууһа сырытта. Дьүөгэтэ Марыына араастаан аралдьытан, кэнникинэн аһары аймаммакка, сүтүгүн сүгэһэрин санаа ындыыта оҥостон, иһигэр хам баттаан, дьон көрөрүгэр таһыгар таһаарбакка уоскуйбут көрүҥнэннэ. Түүн Өндөрөйүн санаан, кыыстара, чыычаахтара сүппүтүн туох диэн тиэрдиэн билбэккэ муҥатыйда, утуйар уута уу буолбакка сулустаах халлааны көрө сыппыта. Дойдутугар сылдьан чыпчыҥныы тырымныыр сулустары сэҥээрэ-сэргии көрөрө, онтон билигин кинилэр үөһэттэн тоҕо эрэ дьиппиэрэ, тымныы, тыйыс харахтарынан одуулуур курдуктара.
Бу курдук хас күн устубуттара буолла, Өрүүнэ аанньа утуйбакка ээл-дээл сылдьан, хонугун ахсаанын да умнубута. Биир күн кытылга тиксэн манна түһэҕит диэн хамаанда бөҕө буолан хас да холкуос дьонун кырылас таас, кумах ортотугар сүөкээн кэбистилэр. Мантан олохтоох сирдэригэр уонтан тахса көс сири суол солоон тиийиэхтээхтэр үһү. Бэйэлэрэ хайдах да тиийэр кыахтара суоҕун өйдөөн, бу дойду киинигэр көмө көрдөһө биир киһини ыыттылар. Чараас таҥастаах дьон балаакка иһигэр көмө көһүтэ симиллэн олордулар, инчэҕэй хаар түһэн барда. Сүөһүлэр эрэйдээхтэр аанньа аһаабакка, тыалга-кууска үрдэрэн, сыккырыыр тыыннара эрэ ордон кэлбиттэр, аны үөһүрэн өлүтэлээн бардылар. Чигдитийбит маар сир отун, хаары кэһэ сылдьан оттоон, сиэтэ сатаабыттара өрөһүлтэ буолбатаҕа.
Кэмниэ-кэнэҕэс олохтоохтор сыарҕалаах аттарынан кэлэн, дьэ олохтоох сирдэригэр аттаммыттара. Улахан күөл үрдүгэр быраҕыллыбыт, өтөхсүйбүт сиргэ аҕалбыттара. Хаһан эрэ дьон олоро сылдьыбыт туоһута самналлыбыт, эркинэ эмэҕирэн курулаабыт, хата үрүт дуомнаах хотон сэмнэҕэ, ону кытта кубарыһа чочоруһан турар балаҕаннар баҕаналара бааллара. Аҕыйах эр киһилээхтэрэ мас кэрдэн, оҕо-дьахтар кыанар өттүлэрэ хастыы да буолан кэрдиллибит титириги быалаан соһон, били өтөхтөр баҕаналарын туһанан, балаҕан туттан барбыттара. Эркин быыһын-хайаҕаһын лабыктанан, муоҕунан бүөлээн, былыыгы ириэрэн сыбаан, муус түннүк олордунан дьиэ-уот тэриммитэ буолбуттара.
Балык туттарбыттарга эрэ нуорма бурдук бэриллэр диэн, били эрэннэрбит аһылыктарын быһан кэбиспиттэрэ, эгэ, балыктыыр тэрил кэлиэ дуу, курдары үрэр чысхааҥҥа кэтэр тас таҥас кэлиэ дуу? Туох да бэлэмэ суох сиргэ, өлөр өлүү айаҕар аҕалан укпуттара. Тыыннаах хаалар туһугар туруулаһыы тиийэн кэлбитэ. Туох эмит үчүгэйдээхтэрин, сыаналаах соҕустарын: иһити-хомуоһу, иистэнэр массыынаны, сылабаары, баахыла тимирин, киэргэл туома баарын барытын олохтоохтору кытта бурдукка, андаатар этигэр, бытархай балык дуомугар атастаһан сиэн бүтэрбиттэрэ, олохтоохтор да атастаһаллара аҕыйаабыта, хоргуйуу саҕаламмыта. Кыанар өттүлэрин биригээдэ тэрийэн балыкка анаабыттара, дойдуларыттан илдьэ кэлбит муҥхалара, илимнэрэ бу дойду күөллэригэр дьүөрэтэ суоҕа, инньэ гынан балык бултаабакка дьоннорун аһатыахтааҕар бэйэлэрэ хоргуйан барбыттара.
Өрүүнэ уолунуун дьүөгэтэ Марыыналааҕы уонна өссө икки ыал буолан биир балаҕаҥҥа симиллэн олороллоро. Булбутун сыыһын Сэмэнчигэр хадаҕалыы сатыыра, бэйэтэ дэлби ырбыта. Ыарахан олох, санаа баттыга эмэн аҕыйах кэм иһигэр арылхай киэҥ харахтара уола чөҥөрүспүттэрэ, сыҥааҕын уҥуохтара чочоруһан тахсыбыттара. Барыта ааһыа, сэрии бүтэн Өндөрөйүм кэлиэ, кыыһым Аанчыгым көстүө, дойдубутугар төннөн нус-бааччы олоххо тиийиэхпит диэн эрэлин кыыма эрэ сарсыарда аайы оронуттан туруорар буолбута.
Көс дьон олоҕор хоргуйуу кэлбитэ, санаалара «тугу эрэ булан сиэбит киһи» диэн этэ. Манна эбии тымныйан, сыыстаран ыалдьыы элбээбитэ, өлүү-сүтүү эҥээрдэммитэ. Оҕо-дьахтар бу бытархан тымныыга тоҥ буору хаһан өлүктэри кистиир кыахтара суоҕа, инньэ гынан балаҕан эркинигэр титирик маһы өйөннөрөн хахха оҥорон, өлбүт дьону өрбөххө суулаан үрүт-үрдүлэригэр дьаарыстаабыттара. Өрүүнэ таһынааҕы балаҕаҥҥа кини кыыһыттан эрэ мэнэкэ оҕолоох эдэркээн дьахтары аһынара. Сэниэтэ суоҕунан ытаан ыҥырҕыыр оҕотун, баҕар, туох эмэ сүмэһин тахсаарай диэн, кур аччык ийэтэ уһун күнү супту эмтэрэ сатыыра. Ону көрөн, аһыныгас санаата киирэн биир күн: «Бээ, баҕар, миэхэ үүт киирээрэй, соторутааҕыта диэри оҕо эмтэрэ сылдьыбытым», – диэн оҕону көрдөөн ылла. Илиитигэр ылбытыгар уолан хапсыйбыт эмиийин тумугун кырачаан киһи соппойон барбыта. Өрүүнэ ийэ кута арыллан, орто дойду кыһалҕалаах олоҕун хайа эрэ кэмҥэ умна быһыытыйбыта, үчүгээй-үчүгэй турукка киирэн, кыыһын көтөҕөн олорор курдук сананан, үөрэн дьолломмута. Оо, оҕону эмиийдэтэртэн ордук уоскулаҥ утаҕа баар үһүө, ама, ийэҕэ?!
Ийэ эрэйдээх хас да күн туруулаһан туран эмтэрэ сатаата да суох, үүт олох киирбэтэ. Оҕо барахсан сэниэтэ суоҕунан соппойо сатаан баран, күүһэ эстэн, ытыыр да кыаҕа суох нукаай курдук сытынан кэбиһэр. Ийэтэ эрэйдээх тугу да гынар кыаҕа суоҕуттан, барбах ытаан санныта эрэ дьигиҥнии олороохтоото.
Өрүүнэ биир күн киирбитэ дьахтара оҕотун хоонньугар уктан сытара. Өрүүнэ: «Хайа, хайдаххытый?» – диэн ыйытта. Дьахтар муҥнаах туох да саҥата суох, иччитэ суох харахтарынан саҥа кэлэр сирин диэки мээнэнэн көрөн кэбиспитэ. Сарсыныгар киирбитэ оҕотун эмтэрбитинэн иккиэн өлө сыталлара. Өрүүнэ «һуу!» диэн саҥа аллайаат, сүрэҕин туттан олоро биэрдэ: «Оо, барахсаттар, туоххут буруйугар төрөөбүт дойдугутуттан үүрүллэн, манна кэлэн суорума суолланнаххыат?! Көтөх оҕолоох муҥнааҕынан кими өрөһүйтэрээри ыыппыт муҥнарай?» – диэн ытаан барбыта.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?