Электронная библиотека » Евдокия Иринцеева » » онлайн чтение - страница 1


  • Текст добавлен: 4 июня 2024, 14:20


Автор книги: Евдокия Иринцеева


Жанр: Эзотерика, Религия


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 1 (всего у книги 5 страниц) [доступный отрывок для чтения: 1 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Таайыллыбат дьикти күүс

Мария Дьячковская
Суор халаахтыы көтөрө

Күн күөрэйэ ойон тахсан эрдэҕинэ, сыдьаайар сарсыардааІҥы саһарҕалар өрүскэ сөтүөлүүр кэмнэригэр, илин халлаантан суордар көтөн кэлэннэр, биир сиргэ долгуннуун охсуһардыы, суптурута түстүлэр… Тугу да гыналлара биллибэт – чуумпуга, долгуҥҥа, өрүскэ? Ким да билбэт бу көстүүнү. Арай биэрэк устун хааман иһэр кыра, хатыҥыр, хара таҥастаах дьахтар, бу түгэни мүччү тутумаары, хардыыта кэҥээн, ыксаабыт курдук чэпчэки-чэпчэкитик сиэлэн, дэриэбинэ диэки барда. «Ээ, баар эбиккин дии, буллум», – үрдүк халлааҥҥа, суордарыгар, түҥ былыргылыын ситимниир ытык эбэтин сырдык тыыныгар махтанна уонна сүппүттэрэ ый буолбут оҕолору кэпсии, ыалын диэки тиэтэйэ-саарайа хаамта.

Аныгы үйэ балысхан тэтимигэр киһи барахсан күүһүрдэ даҕаны: көрөрө-истэрэ элбээтэ. Барыта сайдыы, инникигэ хардыы. Ол гынан баран саамай-саамай күүстээх – айылҕа. Кини күүһэ, кини оҥоруута улуутуон! Уруккулуун силбэһэр ураты уйулҕалаах дьон биһиги ортобутугар бааллар. Ол эмиэ айылҕабыт дьикти айыыта, кини күүһэ, кистэлэҥэ, этэргэ дылы, күн сиригэр биһиги эрэ баар буолбатахпыт. Бааллар айдарыылаахтар, баар чараас эйгэ, баар иккис олох, баар анараа дойду. Бу хааман иһэр Араҥаччы эмиэ оннук ураты киһи. Аатын курдук кини араҥаччылыыр, арчылыыр, дьоҥҥо көмөлөһөр үөһэттэн үрдүк аналлаах. Билигин дьиэтигэр баран, сэдэх хаартытын ылыа, ол хаартыта, дьэ, барытын кэпсиэ… Киниэхэ эрэ: кини эрэ билэр анараа дойду аанын. Бу Араҥаччы соро дуу, дьоло дуу? Бастаан эрэйдэнэрэ, араас тыаһы истэрэ, онтон көрөр буолан барбыта. Кийииттээн тиийбит сиригэр аан бастаан өлбүт киһи сылдьарын көрбүтэ. Онтон ыла өлбүттэр быыстарыгар сылдьар, тэҥҥэ кэпсэтэр буолбута… Бу олоххо иккис олох эйгэтэ тэбис-тэҥҥэ баарын билбитэ. Бастаан куттанар этэ, араас тыастан, саҥаттан дьаарханар, этэ тардар этэ.

Дьон… Өлбүт дьон, тыыннаах дьон – олор ортолоругар олоро үөрэммитэ. Билигин ол бастакы саҕалааһыныттан бириэмэ бөҕө ааста. Билигин сааһыланан, бэрээдэктэнэн, өлбүт дьоннуун атын эйгэҕэ кэккэлэһэ сылдьан кэпсэтэр, быһаарсар буолла. Сылын аайы күүһүрэн иһэрин билэннэр, билбэт күүстэрэ көмөлөһөр буолбуттара. Суор буоларын билбитэ: үөһээнэн сундулуччу көтөр, уу анныгар төһө баҕарар устан киирэн, ууга түспүт дьоннуун кэпсэтэр буолбута.

Билигин бу хаартытын иннигэр ууран, илэ көрсөн, бокуонньуктуун кэпсэтэр кэм кэллэ:

– Тоҕо сытаҕын итиннэ?

– Манна чуумпу, уоскулаҥ ээ…

– Дьонуҥ көрдөөн эрэй бөҕөтүн көрдүлэр дии.

– Билигин тымныы. Үлэтэ бэрт… Саас, сир-халлаан ириитэ, тахсыам. Ийэбэр этээр, ыам ыйын 20–25 күннэригэр күөлү манаатын: тахсыам бэйэм. Инньэ диэн ийэбэр тиэрдээр, билигин көрдөөбөтүннэр, – уол элбэҕи кэпсээтэ, дьонун, олоҕун туһунан.

– Сөп, саас ити күннэргэ ийэҥ күүтүө, илдьиккин барытын этиэҕим, – хаарты кэпсээн бүттэ. Чараас эйгэни Араҥаччы оргууй сапта.

Аны саамай ыарахана хаалла – уол ийэтигэр тиэрдии. Ийэ барахсан, сүрэҕэ толугуруу мөхсөн, бу кыра дьахтарга итэҕэйдэ: уол ийэтин илиитигэр туттарылынна.

Араҥаччы аны билэр – ким киниэхэ итэҕэйэрин, ким итэҕэйбэтин. Билигин көрбүөччүлэр элбэхтэр, араастаан көрөллөр: ким илиитинэн, ким чүмэчинэн, ким хаартысканан, ким уруһуйунан. Оттон Араҥаччы киэнэ – хаарты. Эбэтиттэн алгыстаммыт, эбэтин сырдык тыына, сылаас тарбаҕын имэ иҥмит хаартыта… Араҥаччы диэн ааты, дьиҥинэн, эбэтэ биэрбитэ: сахалыы дьоҥҥун-сэргэҕин араҥаччылыы сырыт диэтэҕэ. Оттон кинини бары Анжеланан билэллэр: Анжелика, Анжела, Анджела, Араҥаччы. Баҕар кэлин, ситтэхпинэ-хоттохпуна, эбэм арчылаабыт алгыстаах аатын ылыныам дии саныыр.

Бүгүн эмиэ өлбүт киһилиин киирэн кэпсэттэ: олоҕун, туохтан эрэйдэммитин, хайдах маннык буолбутун – барытын кэпсээтэ. Бары араас оҥоһуулаахтар: санаммыттар да бааллар, алҕас да өлөөхтөөбүттэр, дьон да сэймэктээн өлөртөөбүт дьоно бааллар. Ыарахан, ыарахан… Ол гынан баран, кини тыыннаах дьоҥҥо көмөлөһөр үрдүк аналлааҕын билэр.

Саханы саха дэтээри уйгулаах хонноҕор олохсуппут Өлүөнэ эбэбит хара уутун күүстээх дохсун долгуннара тугу кистээн сытыаралларын ким билиэй, ким да билбэт курдук. Ол гынан баран, ону билэр киһи баар! Долгуҥҥа оҕустаран, манна икки кырачаан кыыс ийэлэрин кытта ууга былдьаммыттара. Ийэлэрин быыһаабыттара. Биир кыыс өлүгүн тута булбуттара, иккис кыысчаан ууга тааһы бырахпыттыы сүппүтэ… Анжеланы олох кэлин көрдөспүттэрэ. Сир үрдүгэр иччи сүрдээх элбэх, ону таһынан муммуттар, анараа дойдуга сатаан барбатахтар, сатаан хараллыбатахтар – муҥнаммыт дууһалар элбэхтэр. Ону Анжела барыларын көрөр, кинилэр быыстарыгар сылдьар, өлбүт дьоннуун кэпсэтэр, кининэн илдьит да ыыталлар, баҕаларын да этэллэр. Бу – кини анала-чааһа, өбүгэлэрин кытта ситимэ, хаартытын суола. Өлүөнэ биэрэгэр тиийээт, кэлбитин биллэрэн, бэйэтин сиэрин-туомун ыытта. Хайа үрдүн көрбүтэ: сир-дойду иччилэрэ сүүрэкэлии аҕай сылдьаллар, кинини сэҥээрэллэр, аллара диэки өҥөҥнүүллэр. Улуу Өлүөнэ өрүс уута күүстээх, уута дириҥ.

– Леночка, мин эйиэхэ кэллим… Бааргын дуу, ырааппытыҥ дуу?

– Баарбын, чугас баарбын ээ, ону булбаттар дии… – диэтэ оҕо синньигэс куолаһа.

Анжела уоскуйда: сибээскэ таҕыстылар да, булар.

– Сотору эйиэхэ киириэм, куттаныма, кэпсэтиэхпит, ханна бааргын кэпсээр дии.

– Чугаспын ээ, үлтү хаһаннар, тэпсэннэр, кумаҕынан бүрүллэн хааллым.

– Куттаныма, мин сотору эйиэхэ киириэм.

Анжела хаарты уурар чуумпу сири көрдөөтө. Киһи бөҕө: аймахтар, МЧС-тар, водолазтар… Хаартылара тугу эрэ кэпсии охсоору дэлби сылыйан, ыстаҥалаһан бардылар. Оҕо дууһата чараас, ыраас, намчы, бэйэтэ аанньал буоллаҕа. Анжела ууну солоон, икки гына хайытан, түгэх киирдэ. Кыысчаан соторутааҕыта илиитин тоһуппут эбит, ол гиипсэтиттэн иҥнэн хаалаахтаабыт, бэрт кыраттан иҥнибит…

Кыысчаан наһаа элбэх киһи мустубутуттан, айманарыттан эрэйдэммитин кэпсиир:

– Хас да хонукка сытан күлэллэр-салаллар, сорохтор көрдүү да сатаабаттар, кинилэргэ тахсыахпын баҕарбаппын, арай чуумпуга тахсыам этэ, оргууй аҕай, – диэтэ уонна эбэн эттэ: – Баһаалыста, бары бардыннар.

Анжела оҕо баҕатын толорон, базаны аллара атын сиргэ сыҕарыппыта, кыыс өлүгэ устубут, сыҕарыйбыт диэн эппитэ. Итэҕэйбэт дьон итиннэ элбэхтэрэ. Анжела билэр олору, ол гынан киниэхэ кылаабынайа – кыыһа. Кырачааны бэйэтин төрөппүттэрин илиитигэр туттарыахтааҕа. Сарсыарда, өрүс иэнэ сиэркилэ ньуурун курдук уу чуумпу, көбүс-көнө буолбутугар, эппит кэмигэр, кырачаан кыыс өлүгэ оргууй күөрэйбитэ, үрдүнэн суор халаахтыы көппүтэ… Ийэ, аҕа аймалҕана, тохтоло суох сүүрэр харах уута, сүрэх хаһыыта, хайдыыта… Оттон кини маны барытын ааһыахтаах, туоруохтаах.

Анжела биэрэккэ олорон, уруккутун санаата. Бастаан докумуон көрдөөһүнүттэн саҕаламмыта, онтон сүппүт харчы, күлүүс, саалар, сүөһүлэр… Оннук саҕаламмыта бу хаарты суола. Кэлин күүһэ эбиллэн, айдарыылааҕа биллэн, улаханнарга боруобаланан барбыта, бэйэтин аналын дьиҥнээхтии билбитэ. Кини ууһут эбит – билигин ууга түспүттэри түргэнник буларын биллэ. Аны хаартысканан көрүүтэ эмиэ табылынна. Хаарты ойуутунан, хаартыскаҕа олорор киһиэхэ суор буолан көтөн тиийэн, кини олоҕун көрүөн сөп эбит.

Тіліпµін тыаһа өрө тырылыы түстэ. Быыстала суох суотабай тыаһа. Соторутааҕыта булчуттар эрийбиттэрэ. Хоту бултуу тиийэн баран, үс эр бэртэрэ улахан сааларын сүтэрбиттэр этэ. Түспүт сааларын өрүс түгэҕиттэн булан, хаарта уруһуйдаан биэрбитэ. Хата, онтон булбуттар, ол иһин бу махтанан эрийэллэр эбит. «Махтал хаартым иччилэригэр, суордарбар».

Анжела саамай сынньанара – түүн утуйара. Саҥа төрөөбүт оҕо курдук утуйар, хаһан да, биирдэ да түүл көрбөт. Айыыһыттара түүнүн харыстыыллар, сынньаталлар быһыылаах: хаһан да тугу да түһээбэт. Бүгүн сынньанан аҕай турда. Бүгүн кэргэммэр, оҕолорбор ас астыырым дуу дии сырыттаҕына, эмиэ төлөпүөн кэллэ. Биир чугас киһитэ эрийэр эбит: «Анжела, мин эмиэ ытарҕам айдаана». Анжела күлэ санаата. Бу көмүс ытарҕалар үһүс айдааннара. Улахан былыргы кыһыл көмүс ытарҕалар. Кырдьык, бастаан сүтэрбитигэр, «айманыма, чугас киһиҥ сиэбигэр баар, көстүө» диэбитэ. Киһитэ сотору үөрэн эрийбитэ: оҕонньорум сиэбиттэн буллум диэбитигэр, күлсүү бөҕө буолбуттара. Онтон иккиһигэр, чахчыта, бии синньигэс илии киирэн, хараҥаҕа кистээн уурбута биллибитэ, ханна да ытарҕа суола тахсан барбатаҕа көстөрө. Оннук этэ ээ, хайдах булбатаҕай?

Анжела дьүөгэтин дьиэтигэр барда. Остуолга хаарты кэпсээн барда.

– Пахай, көмүһүҥ олбуортан тахсан барбыт, тоҕо тута ааспыкка көрдөөбөтөххүнүй?

– Суох, оттон уһаайба иһигэр баар диэбитиҥ дии, ол иһин сыттын диэн кыһамматаҕым. Онтон, дьэ, бу сарайбын түөрэ хастым да, олох суох.

– Онтон барбыт. Уонча хонукка ким кэлэн барбытай?

– Суох… Арай кийиит кэлэн барбыта.

– Оо, бу хараҥаҕа илиитэ киирбит, һол илии киирэн ылла, илдьэ барда… Суола бу, көмүстэр барбыттар. Эрдэ кэлэн, кистээбит сириттэн ылбыт. Тоҕо эрдэ көрдөөбөтөххүнүй?

– Баар аата баар, бакаа сыттын дии санаабытым ээ.

– Билигин аны көрдөөмө, көмүс көстүбэтэ үчүгэй. Бардыннар, харах уулаахтар… Кэнники иэстэбиллээх буолуо… Кэмсиниэ ылбытыттан. Биирэ ломбарга туттарыллан, ууллубут. Биирэ баар да, көрдөөмө…

Аанчык, Анжеланы итэҕэйэн, көмүһү кийиититтэн көрдөөбөтөҕө. Кийиит арахсыбыта, уорбут көмүһүнүүн сүппүтэ.

Анжела дьон кыһалҕатын кыһалҕа оҥостон, кыра буоллун, улахан буоллун, барытыгар кыаҕа тиийэринэн көмөлөһө сатыыр. Тыһыынчанан кыһалҕа, тыһыынчанан дьылҕа. Биллэн турар бу – үлэ. Маннык көрүүлэнэригэр көрөрө күүһүн-кыаҕын супту оборон ылар, күнтэн күн саҥаттан саҥа күүс-уох наада: суордаан көтөрүгэр, анараа дойдунан сылдьарыгар илдьи сылайар, сэниэтэ эстэр, уу быычыгырас буолан, сыккырыыр тыына эрэ дойдутун булааччы. Ону бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ. Кыырай халлааҥҥа күөрэйэн, сүтүктээхтэри булаары үрэхтэри, ойуурдары, күүстээх өрүстэри, таас хайалары үрдүлэринэн көтөр. Саха сирин ханнык-ханнык муннугар сылдьыбатаҕай?! Дьааҥы хайаларынан, Мииринэй, Нерюнгри, Ленскэй, Москуба куораттарынан, тас дойдуларынан – хаһан да харахтаабатах сирдэринэн көтөн кэлэр. Улахан сылаа, эт-сиин илистиитэ, ыгыллан-ыксаан, киирсэн, анньыһан да ылар түгэннэрэ элбэхтэр. Анжела кыра бэйэтэ дьон кыһалҕатын кыһалҕа оҥостон, өлбүттээхтэри дьонугар тиэрдэр ытык иэһин куруук өйдүүр. Сэниэ бүттэ. Хаарты сабылынна. Утуйуо, сынньаныа, харысхала – түлүк уута.

Анжелаттан киһи элбэххэ үөрэнэр. Кини этэринэн, алгыстаах дэйбиир дьиэҕэ тугу да киллэрбэт күүстээх. Иччи элбэх: дьиэ иччитин үөрдүҥ, алаадьылаан буруота таһаарыҥ, айылҕа иччилэрин аһата сылдьыҥ, хаһыытаамаҥ, кыыһырсымаҥ, салгыны хайытымаҥ, куһаҕаны дьиэҕитигэр олохсутумаҥ, былыргы иһити-хомуоһу, таҥаһы-сабы – эйиэхэ анамматаҕы – ылымаҥ.

Сарсыарда сылаас саһарҕалар эмиэ уһугуннардылар. Бүгүн эмиэ ыҥырыынан барыахтаах: эдэр киһи сүппүт, кута көппүт. «Эбэм барахсан көмөлөс, иччилэрим бары көмөлөһүҥ, үрдүк аналбын – Араҥаччыбын толоруохтаахпын! Көттүм суор буолан соҕуруунан-хотунан, буруйдаахтары да булуохпут, эдэркээн уоллуун да көрсүөхпүт – туох буолбутун хайаан да билиэхпит».

Араҥаччы кыра бэйэтэ үрдээн, сырдаан, улаатан, күүстээх кынаттарынан сапсынан, халлаан куйаарыгар көтө турда.

Акулина Егасова-Дьохсоҕон Кыыһа
Таҥха сэтэ

Күн-дьыл сирдээҕи төлкөһүтэ, таайыллыбатах таабырына сөхтөрөр эрэ…

Тохсунньу ый томороон тымныы салгынын кэтит түөһүнэн тыыран, көҕөччөр ат күүстээхтик тыбыыран, айаннатан иһэр. Маннык түгэҥҥэ ат барахсан тамаһыйарыттан, суол чигди хаара хаачыргыыр, куучургуур, кыычыргыыр, логлу тэбиллэр дьикти дорҕооннорун утуйа турар аар айылҕа барытын бэйэтин нөҥүө утаппыттыы (кулгаахтаах буоллаҕына) аһаран эрдэҕэ дуу?

Бүгүн Миитэрэй оҕонньор хара сарсыарда холкуостаах дьахталлар таптайан бэлэмнээбит арыыларын ыскылаакка туттарда. Таарыччы, лааппы дьиэҕэ сылдьан, чэй, мохуорка табаах, куһуок саахар уонна бөтүөҥҥэ кыһыл арыгы атыыласпытын, тохтубата ини диэн, илиитинэн бигээн, бүөбэйдии иһээхтиир. Бу иһэн, дьонум сонун истээри күүттэхтэрэ диэн санааттан, Миитэрэй мүчүк гынна. Барааҥка соҥҥо сууланнар даҕаны, дьагдьайыах курдук буолла. Хата, бүгүн ыйдаҥалаах киэһэ буолан абыраата. Сороҕор, хараҥа түүҥҥэ, онтон-мантан харбаан ылыах курдук түгэннэр буолааччылар. Миитэрэй сирэйэ-хараҕа кырыаран, ону-маны оҥорон көрүөх айылаах. Ол иһин тиэтэйэн, биир кэм атын салайа истэ. Көҕөччөр ат барахсан, дьиэтэ чугаһаабытын билэн, салайтарбакка даҕаны, сындалҕаннаах айантан сылайбыта биллибэккэ, сиэллэрэн истэҕэ. Атаҕын тыаһа биир кэм тоһугураан олорор. Бүгүн – сүллүүкүн оонньуулара, таҥха таайыыта саҕаланна. Бүгүн бит-билгэ күнэ!

Халлааммыт даҕаны сытайан туран тымныйда. Бөрөөх алаас, бу эргиири ааста да, көстө түһэр. Манна «Хомсомуол 20 сыла» холкуос дьонун кыстыктара баар. Былыргыта Дьохсоҕон уонна Дьүлэй ини-бии уолаттар илии тутуспут, кыраныыссаларын тыырсыбыт сирдэрэ. Бөрөөх – Наммара үрэх хонноҕо. Балай эмэ кэтит, улаҕалаах дойду. Алаас таһаатын таһааран, тыатын анныгар тэриэлкэ курдук нэлэгэр күөллээх. Соҕуруу өттүгэр көппөҥнөөбүт быллаардардаах. Сураҕа, былыр кыталык көтөр таптаспыт, күн эргиирин батыһан үҥкүүлээбит аҕай сирэ. Дьэ бу кэрэкээн үрэх бүөм дойдутун хабыллар хаба ортотугар, томтор сиргэ, саха балаҕана турар. Түүн. Дьон утуйа илигин мэктиэлээн, көмүлүөк оһох үөлэһиттэн, хараҥа халлааны сырдатан, кыым кытыастан олорор. Балаҕан иһигэр Маайа, Даайа, Аана – бары эдэр оҕолор мустубуттар. Ону кытары Кыра Маайа эдьиийинээн Дуунньалыын, сааһырбыт Миитэрэй оҕонньор эмээхсининээн уонна сэрииттэн кэлбит Захар – отчут-масчыт эр бэрдэ – түмсүбүттэр. Аттыларыгар, алаас арҕаа өттүгэр, тыа саҕатыгар, нүксүччү түспүт кыра дулҕа курдук балаҕаҥҥа Сөдүөччүйэ эмээхсин оҕонньоро Сэмэнниин олороллор. Оҕо-уруу суох барахсаттара.

Кыра Маайа эдьиийинээн Дуунньалыын – биир ыал оҕолоро. Дуунньа барахсан ыарыһах көрүҥнээх. Оттон Маайа – саҥа туран эрэр кыыс оҕо – баабый үлэһит, эдьиийигэр илии-атах буолан элэстэнээччи. Бэйэтэ үрүҥ аһы астыыр сэппэрээтэргэ сыһыарыылаах. Улахан атахтаах сэппэрээтэр, бастакы хоҥнорууга эрийэргэ ыарахан да буоллар, кэлин тэтимин ыһыктыбакка бардахха, чэпчэки буолар.

Балаҕан иһигэр туох элбэх мал-сал кэлиэй: уһун аһыыр остуол, иһиттэрэ-хомуостара, ороннорун таҥаһа – бүттэҕэ ол. Балаҕан дьиэҕэ сыһыары ас астыыр, үүт ытыйар үгэх баар. Таһырдьа элбэх тутуу суох. Арай ампаар баар, онно тоҥ арыыларын лаабыс ороҥҥо уураллар. Бүгүн сарсыардаттан ураты күн – сүпсүлгэн бөҕө, эдэр кыргыттар элэстэнэн олороллор. Киэһэлик хотонтон киирэн, үүттэрин сылытаат, ытыйа охсон, сорох бэҕэһээҥҥи сүөгэйи иирдэн-арыылаан, улахан таастарга таптайан, ампаарга таһааран уурдулар. Үрдүгэр чыыһылатын туруоран, кириэс-мараас тардан кэбистилэр. Дьэ уонна, сэмээр сылдьан эрэ, Миитэрэй оҕонньору күүтүү-кэтэһии. Буолумуна даҕаны, дьоннорун тустарынан, өстөөх сэриитэ ханна тиийбитин истээри, кулгаах-харах буолан сырыттахтара.

Хата, Миитэрэй өр күүттэрбэтэ. Таһырдьа ыт үрэн иһэн тохтоотун кытары, атах тэбэнэр тыас күндүтүк иһилиннэ. Аһыллыбыт ааҥҥа тымныы салгыны будулутан, Миитэрэйдэрэ киирэн кэллэ. Дьиэлээхтэр эҕэ-дьэҕэ буола түстүлэр. Оһох уотун эбии күөдьүтэн, сонун истээри, остуол тула мустан олордулар. Миитэрэй сыгынньахтанан, оһох иннигэр илиитин саратан иттэ түһээт, холтуунун хостоон, хамсатыгар табах уурунан, сыпсынан кыһыл чоҕу ытыттаран ылан табаҕын уматтан, соппойо түстэ уонна көхсүн этитэн баран, аҕалбыт куулун сүөрэн, кыргыттарга эр-биир мөһөөччүктээх кэһиилэрин туттартаан кэбистэ. Оҕолор ойон тураат, оҕо-оҕо курдук быыс кэннин диэки көтө турдулар. Отур-ботур кэпсэтэллэрэ эрэ иһиллэр.

Улахан өттө остуол тула ыһыырынньык уотугар сонун истэ хааллылар. Миитэрэйдэрин кэһиититтэн кыратык сып да гыннардылар. Күө-дьаа кэпсэтэн бардылар. Ол олорон Миитэрэй: «Хайа, бүгүн түүн Сэмэн оҕонньордооххо бит-билгэ буолар дуо?» – диэн ыйытта. «Буолар, буолар, мааҕын оҕонньор эппитэ», – диэн Захар төтөлө суох хардарда. «Ээ, чэ бэрт, туох дьыл-хонук иһэрин, сэрии хаһан бүтэрин билиэхпит буоллаҕа», – хайалара эрэ эбии тыл кыбытта.

Ол курдук, балайда олоро түһээт, түүн үөһэ буолуута чугас ыалларыгар субустулар. Кыра Маайа, баҕарбатар да, батыста. «Хата, сэрэбиэйдэниэҕиҥ», – дэһэн, өтөх сэргэтин таһыгар тохтоон, боччумуран туран хаар сиидэлээтилэр. Бу миэнэ, оттон бу эйиэнэ дэһэн баран, дьоннорун эккирэттилэр. «Сарсыарда эрдэ дьоммут иннинэ көрүөхпүт», – дэһэн сүбэлэстилэр. Баран иһэн Даайа кыыс, сылгы сааҕыттан иҥнэн, умса туруйалаан ылла да, хата охтубата. Онтуттан халлааны сатарытан алларастаан иһэн, эмискэ соһуйан айаҕын саба тутунна. Бөтө бэрдэрдилэр, куттаннылар: арба бүгүн чуумпутук иһийэн сылдьыллыахтааҕын умнубуттар. Ханна эрэ мутук тостон ылла, тымныы салгын сирэйдэрин хаарыйталаата.

«Уччаа-а!» диэбитинэн Сэмэннээх балаҕаннарыгар көтөн түстүлэр. Аан аһыллан баран, сабыллыбат үлүгэрэ буолла, ону кытары тымныы салгын кииристэ ахан. Саастаах өттө: «Күйгүөрэн бүтүҥ!» – дэстилэр. Итиччэ буойуллан баран, хайыахтарай, миэстэлэрин булан олордулар. Сөдүөччүйэ сахалыы сайбаччы таҥныбыт. Көмүлүөк оһоҕун күөдьүтэн, хардаҕас мас эбэн биэрээт, «Дьэ!» диэбиттии Сэмэнин диэки тоҥхох гынна. Сэмэн кырдьаҕас тута таһырдьа дьөгдьөрүс гынан хаалла. Сотору буолаат, тоһугураччы тоҥмут үс атахтаах остуолу сэрэнэн киллэрэн, оһох иннигэр сирэйинэн сытыарда. Сөдүөччүйэ эмээхсин иһиккэ уулларбыт ынах арыытын ууммутун ылан, остуол сирэйэ ирбитин кэннэ, ньалҕаарыччы сотон кэбистэ. Ортотун диэки кириэс оҥордо. Балаҕан иһэ чуумпу да чуумпу. Арай оһох тыаһа тыс-тас умайа оонньуу турда. Арааһа, сөп буолла диэбиттии, Сэмэн остуолу эргитэн, дьаһайардыы ботугураата. Кини саҥатын ким да өйдөөн истибэтэ. Эмискэ остуоллара, арай, түөрэҥнээн иҥнэх гынна уонна балаҕан ортотугар аҥаар атаҕын көтөҕөн иһэн, тохтоон хаалла. Маайа кыыс, сөбүлээбэтэр даҕаны, дьону кытта ыга симсэн турда. «Аны туох буолар?» диэбиттии дьон суугунаһан ыллылар. Сэмэн оҕонньор көрдөһөрдүү: «Сөбүлээбэт киһиҥ баар буоллаҕына, онно тиийэн тохтоо», – диэтэ. Остуоллара иҥнэх гынан хамсаан барда уонна кыра Маайа иннигэр, лоһугураан тиийэн, турунан кэбистэ. Дьулаан көстүү! Кыыс куттанан, этэ салаһан ылла. Сиргэ тимириэҕин, сирэ кытаанах буолан биэрдэ. Сэмэн оҕонньор кэлэн: «Тукаам, Маайа, таҕыс, дьиэлээ, сөбүлээбэтэ», – диэн эрдэҕинэ, кыыс хап-сабар таһырдьа ойон хаалла. Кыл тиэтэлинэн балаҕанын диэки хааман хоочугуруу турда. Халлаан сырдыгын, толору ыйы сөбүлүү көрдө. Иһигэр: «Остуоруйа курдук дии, дьэ дьикти, остуол хайдах итинник буолуон сөбүй?» – диэн эдэркээн өйүгэр баппат толкуйу толкуйдаатар даҕаны, хоруйун кыайан тобулбата.

Балаҕан айаҕар турар маһынан атаҕын тэбэнэн, ыарахан халҕаны аһан иһирдьэ киирэн сыгынньахтанаат, мас кыстыыр сиртэн оһоҕор хардаҕас эптэ. Көмүлүөк оһох барахсан, үөрбүттүү, балаҕан иһин сырдаппытынан барда. Холумтаҥҥа турар чаанньыктан итии чэй кутунна. «Иһиттэххэ, ыал аайыттан хаарыан дьоммут эргиллибэттии симэлийдэхтэрэ…» – диэн улахан киһи курдук толкуйдаан ылла. Илиитин тарбахтарын көрүннэ. Төһө өр маннык олорбута буолла, сыыйа кыргыттара, дьоно кэллилэр. Саастаах өттө, истибиттэрин ырытан, олоро түстүлэр. Оҕолор ороннорун оҥостон, утуйарга бардылар. Маайа эдьиийин Дуунньа төбөтүгэр сытар. Арай иһиттэҕинэ, улахан дьон: «Барахсаттар куруутун сүүрдэллэр, адьас дьарык оҥоһуннулар. Ити соччото суох ээ. Остуол куһаҕаҥҥа сүүрэр. Соҕотох уоллара сэриигэ өлбүтүн туһунан биллэрии кэлбитин итэҕэйээхтээбэттэр. Ону күүтэн, билгэлээн тахсаллар», – эҥин диэн кэпсэтэллэрэ иһиллэр. Итинник дьон кэпсэтэллэрин истэ сытан, утуйан хаалла. Сарсыарда ким эрэ тардыалыырыттан уһуктан кэлбитэ кыргыттара:

– Тур, тур, көрүөххэйиҥ хаарбытын, – дииллэр эбит.

Даайа кыыс сылбырҕа, киирэн-тахсан олорор киһи буоллаҕа:

– Кытаатыҥ, үлтү тэпсэ иликтэринэ… – диэт, таһырдьа ойдо.

– Арба даҕаны… бэҕэһээ, – дэһээт, атыттара кэнниттэн сырыстылар.

Халлаан биллэ тымныйбыт. Тиийэн, оттомноохтук туттан, биирдии бэйэлэрин хаардарын көрдүлэр. Онно кыра Маайа хаарыгар, соруйан баттаабыт курдук, оҕо, ньирэй атахтарын суоллара хаалбыт. Маны көрөн, Маайа иһигэр олус үөрдэ. Биир кыыстарын хаара ып-ыраас. Бииргэ оҕо атаҕын суола түспүт. Ойуу түспэтэх кыыстарын аһынан: «Арааһата, ити Захар дьээбэлээбитигэр сөп», – дэстилэр. «Оннук эбит», – дэһэн баран, хотоннорун диэки сүүрэ турдулар. Тымныы обургу чараас таҥастаах кыргыттары хамсаныыларын эбэн эрэ биэрдэ. Биир үлэ күнэ саҕаланнаҕа. Кыргыттар хаһан да тоҥнубут-хаттыбыт дэспэттэрэ. Арай, олохпут көнөрө күн-түүн чугаһаан иһэр диэн эрэл санаалара күүстэригэр күүс эбэрэ.

Күн-дьыл биир сиргэ турбат буоллаҕа. Сол курдук, ылааҥы күннэр чугаһаан тиийэн кэллилэр. Сүөһүлэр төрөөн, үлэ-хамнас биллэрдик эбилиннэ. Аны Дуунньа барахсан, ыарытыйан, сытан хаалла. Кини сүөһүлэрин балта Маайа көрө сырытта. Кыыстарыгар: «Дэриэбинэҕэ киир», – диэтэхтэринэ, ити туруом, бу үтүөрүөм диэн төрүт буолуммат. Эрэл кыымнаах сыттаҕа.

Биир күн күнүскү үлэ кэннэ, аһаан бүтэн олордохторуна, арай, Дуунньа мал уурар кыра остуола, киһи соһуйуох, малын үрэл гына ыһан силбиэтэнэн кэбистэ да, балаҕан ортотун диэки сыҕарыҥнаан тиийэн, тэбиэлэнэн киирэн барда. Соһуйаннар, балайда айахтарын атан, сыҥаахтара түһэ сыһан олордулар. Ким эрэ «Сэмэҥҥэ…» диэн эрдэҕинэ, быһый кыыс Даайа таһырдьа ыстанна. Остуоллара дьигиһийии бөҕө, тохтуур аата суох. Хайалара даҕаны хайдах, тугу гыныахтарын билбэттэр. Арай, Захар уол саха быһаҕын ылаат, ыстанан тиийэн, остуол үрдүгэр түһэн иһэн, сыыһа туттан, умса барда. Дьиҥэр, манныкка кыахтаах киһи эрэ туттуохтаах эбит. Былыргы дьон кэпсииринэн, остуол хабыллар хаба ортотугар саха быһаҕын батары саайыллыахтаах, оччотугар эрэ аһары сүүрэн барбыт остуол тохтоон, турунан кэбиһиэхтээх. Захар ону өйдөөн кэллэҕэ буолуо. Онто табыллыбата.

Сотору аҕылаабытынан, нэһиилэ бөтүөхтээн, Даайа киирэн, аан ороҥҥо лах гына олоро түстэ уонна: «Иһэр, кэллэ», – диэтэ. Аан аһыллан, Сэмэн ыксаан-бохсоон киирэн кэллэ. Тугу эрэ ботугураабытынан сөһүргэстии түһээт, оһоххо сиэл, ас илдьэ кэлбитин утары уунна. Көр, ону эрэ көһүппүт курдук, остуоллара сүүрэрэ тохтоон, турунан кэбистэ. Дьэ бу кэннэ остуолу Захар сэрэнэн илдьэн, миэстэтигэр уурда. Маайа малын-салын бэрээдэктээн барда. Муодарҕаабыттыы, куттанан төгүрүйбүт харахтарынан, эдьиийин диэки көрөн кэбистэ. Саҥа-иҥэ мэлийдэ. Улахан өттө кэпсэппитэ буола сатаатылар да, туох эрэ куһаҕан буоларын сэрэйбит курдук, тыл-өс тахсыбата. Кэри-куру түгэн буолла. Бу алдьархайы барытын көрө сытар Дуунньа балтын: «Тоойуом, Маайа, эн бүгүн кыргыттаргын кытта сытаар», – диэбитин, биирэ истиэ баара дуо. «Тоҕо? Суох», – диэтэ уонна эдьиийин төбөтүгэр, буоларын курдук, тиийэн сытан, утуйан хаалла.

Арай, түүн уһуктан кэлэн иһиттэҕинэ, эдьиийэ баллыгырыы-баллыгырыы киирии-тахсыы бөҕө буола сылдьар эбит. Кыыс ону улахаҥҥа уурбата, салгыы утуйан хаалла. Сарсыарда уһуктубута: саастаах өттө турбуттара ырааппыт. Тугу эрэ сүбэлэһэн кэпсэтэ олороллор. Эдьиийин хантайан көрбүтэ – арай, төбөтө былаатынан баайыллыбыт. Миитэрэй эмээхсинэ: «Маайа, эдьиийиҥ айаннаата. Оҕонньорум дэриэбинэҕэ тыллыы барда», – диэтэ. Маайа маҥнай өйдөөбөккө: «Хайдах, ханна айаннаатаҕай?», – дии санаан ылла. Дьэ, онтон өйдөөн, ытаан санна ыгдаҥныы олороохтоото. Хайыай, аһыннар даҕаны, ынахтарыгар уку-суку туттан тахсыста: «Көр, остуолбут ол иһин куһаҕаны биттэнэн сүүрбүт эбит».

«Кыйаханнарбын да, хайыам баарай? Хампы сыспат буоллаҕым», – диэн Маайа, кырдьан олорон, кэпсээбитэ. Аны ити саас, харалдьык тахсыыта, Сөдүөччүйэлээх Сэмэн утуу-субуу батысыһан бараахтаабыттар. Көмүс уҥуохтарын холкуос дьоно олохторун үрдүгэр баар томторго кистээбиттэр. Маайа битэ-билгэтэ туолбута: оҕо-уруу, сүөһү-ас ииттэн, сиэн бөҕөнөн бэлэхтэнэн, нэһилиэгэр биир бастыҥнар ааттарыгар киирэн, толору дьоллоох олоҕу олорон бараахтаабыта. Сыанаттан түспэт ырыаһыт, тойуксут, оһуохайдьыт аатырыан аатырбыта. Үйэтин тухары үрүҥ илгэни үрүлүтэн, борооску бөҕөнү төлөһүтэн, бочуоттаах сынньалаҥҥа атаарыллан да баран, ыччат дьоҥҥо настаабынньык буолан, Булгунньахтаах сайылык хаһаайката аатырыан аатырбыта.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> 1
  • 3.5 Оценок: 2

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации