Электронная библиотека » Василий Рожин » » онлайн чтение - страница 1

Текст книги "Уот сүрэх"


  • Текст добавлен: 18 апреля 2024, 16:40


Автор книги: Василий Рожин


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 1 (всего у книги 2 страниц) [доступный отрывок для чтения: 1 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Василий Алексеевич Рожин
Уот сүрэх

ТЫЛ ИЛБИҺЭ МЭЭНЭ БЭРИЛЛИБЭТ…

Ханна эрэ, үрдүк мэҥэ халлаан үөһээ хаттыгаһыгар бу Орто дойдуга кэлэн, олох олорор киһи дьылҕатын быһааран, анаан, алҕаан ыытан эрдэхтэрэ… Ону уу ньуулдьаҕай оҕо сылдьан хантан билиэҥ баарай, хороччу улаатан, киһи быһыытынан ситэн да баран ситэ өйдүүрбүт саарбах. Үөһээҥҥилэртэн аналы, ситими өйдөөтүн диэн, Айыылар барахсаттар икки атахтаахха имнэнэн, бити-сибикини биллэрэ сылдьаллара буолуо да, ону аахайбакка хаалар түгэммит үгүс. Сирдээҕи олох аралдьытар адьыната элбэх…

2021 сыл сааһыгар эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарыгар үгэспинэн саха поэзиятын семинарын ыыппытым. Онно, хойутаан да буоллар, Дьааҥыттан Василий Рожин кэлбитэ. Кини айымньыларын семинар иккис күнүгэр ырыппыппыт. Онно Василий туран хоһооннорун аахпытыгар, мустан олорор кыра хоспутугар букатын атын, ураты салгын илгийбитэ…

Биллэн турар, барыта тэҥ уонна уһулуччу бэрт буолбатах этэ, ол эрээри Василий Рожин хоһоонноругар поэзия тыына баара. Кини улахан Поэт буолар сибикитэ хоһоонун ааҕарыгар, ыйытыыларга хоруйдууругар, туттарыгар-хаптарыгар кытта биллэрэ. Мин, сааһырбыт киһи, көрдөхпүнэ, чахчы үөһээҥҥилэр бэлиэтээбит, тыл кыаҕын, сүлүһүнүн, күүһүн иҥэрэрдии санаммыт уоллара дуу дии санаабытым. Ол туохха олоҕурбутай диир буоллахха, Василий Рожин бүгүҥҥү күнүнэн астыммата, хайа эрэ бэйэтэ эрэ билэр суолун, ыллыгын көрдөнө сылдьардыы туттара өтө көстөрө… Хайҕаммытын да улаханнык аахайбатаҕа, былаанын да ыһа-тоҕо кэпсээбэтэҕэ, санаата-оноото син биир оннун булбатах курдуга…

Ити, мин санаабар, хаһан баҕарар улахан дьоҕур, улахан талаан бэлиэтэ. Тыл илбиһэ мээнэ бэриллибэт. Кини киһини эрийэр-мускуйар, араас суолларынан туора-маары хаамтарар, муннарар, тургутар. Ол тургутууну тулуйбакка аһыы аска охтубуттары, биитэр букатын да суруйартан тэйбиттэри билэтэлиибин. Онон Василий тэһийбэтэх кутун-сүрүн бүтэйдии сэрэйэн, испэр ийэлии сэрэхэчийэ санаабытым…

Онтум олох атын арҕааҥҥы тыаллар кинини сөрөөн илдьэ бардылар.

Василий поэт буолар аналын ылыммыт, аналын өйдөөбүт киһи эбит. Ону ол семинарга мэктиэлэммит уонна суох буолбутун кэннэ саҥа күн сирин көрөн эрэр бу кинигэтэ туоһулуур. Баара-суоҕа отут икки эрэ саастаах киһи толкуйдуур санаата, анаарар ыыра киэҥин, уратытын! Кини сүрэҕин нөҥүө аһарбыт түгэннэрин кытта тэҥҥэ саха литературатын историятын ситимэ, норуотун туһунан санаалара, омугун үрдэтэр билиниилэрэ манна бааллар…

Көннөрү да киһи суох буоллаҕына, кини эппитэ, кини болҕойбута олох атын суолталанар. Оттон Поэт күн сириттэн сүттэҕинэ, Орто дойду эйгэтэ эмтэрийэр, онно аҥайан хаалар… Ол курдук, Василий Рожин поэзията силигилии сайдар, аатын ааттатар кэскилэ быһынна. Аны кини бэйэтэ баҕа санаатынан, Россия гражданинын быһыытынан ытык иэһин толорордуу сананан, уот сэриигэ икки төгүл киирбитэ, Поэт-Буойун буолбута. Ол туоһулара – сэриигэ суруллубут хоһоонноро.

Василий Рожин үөһээҥҥилэр алгыстарын ылынан, кинилэр имнэниилэрин ситэ өйдөөн, тус бэйэтин айар суолугар, дьоһун аартыгар эрэллээхтик киирбит эбит. Кини бу үлүгэрдээх уустук кэмҥэ хорсуннук инники кирбиигэ туран, чахчы буойуннуу оҕунна…

Дьааҥы хайаларын курдук тыйыс, дьиппиэн айылгыта, баҕар, бу кинигэттэн, бэйэтэ тиспит кэриэс тылларыттан «мүчүк» гыныа эбитэ дуу…

Наталья Харлампьева,
саха норуодунай поэта,
Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ

ЭР КИҺИ ТӨЛӨННӨӨХ СҮРЭҔЭ

* * *
 
Сарсыҥҥыҥ саарбахтаах кэмигэр
Санааҕын саҥаттан сааһылаа.
Эр киһи төлөннөөх сүрэҕэ
Туохха да тэҥнэммэт тулуурдаах.
Самныма, хайдахтаах даҕаны
Адьырҕа эйиэхэ түбэстин.
Умнума, урааҥхай сахаҕын!
Куттаныы буолбатах, үгэспит.
Бары баар оргуйар уоххунан
Кырдьыгыҥ туһугар эн охсус!
Кыргыһыы даҕаны суолунан
Сырдыгы ирдээҥҥин сонордос.
Кэс тылы бэйэҕэр эттэргин —
Буолуоҕуҥ айыыттан алгыстаах.
Кэскилиҥ туһугар кэхтии диэн
Буолбатах кытарар кыбыстыы!
 
* * *
 
Хаалымаҥ хараҥа халыыпка
Хараҕым уутугар сайҕаммыт,
Тапталы таайбатах матыыптар —
Өһүллэн тахсыбат тылларым.
Кэлэйэр эрдэтин билбэккэ,
Кураанах куйаарга куотумаҥ.
Күһүҥҥэ тиллибэт сибэкки
Кэриэтэ сүтүмэҥ. Ытаамаҥ.
Ыарахан ыырдардаах ыралар,
Эһиэхэ мин өрүү төннүөҕүм.
Урааҥхай хаһан да бырахпат
Санаабыт санаатын чиҥ төрдүн!
Төһө да кырдьыгым кыл курдук
Синньээбит кэмигэр кэллэрбин,
Түмүөҕүм туох бары тулуурбун.
Билэбин кэхтэрим эрдэтин!
 
* * *
 
Охсуһуу олбохтоох, хапсыһыы хаттыктаах
Кэтэспит кэмнэрэ дьэ кэлэн эрдэҕэ:
Мэйиини мэһийэр, өйдөрү өһүлэр
Алдьархай тылларын арҕааттан ыыттылар.
Абырал алгыһа бу сылдьар диэн ааттаан,
Күн Айыы аймаҕын сэриигэ тиэртилэр,
Көҥүлтэн көҥүлү көрдүүргэ угуйан,
Олохтоох омугу кэхтэргэ сирдииллэр.
Киэҥ сирбит баайдааҕын бэркэ диэн
билэллэр —
Хоргуйбут ыт курдук салбанан биэрэллэр…
Сымыйа туһугар өлөрсүөх-өһөрсүөх —
Сирбитин мэҥиэстиэ хаанымсах кыр өстөөх!
Тиниктиир санаалаах адьырҕа Арҕааны
Истимэ, Үс Куттаах, хабыма мэҥиэни.
 
* * *
 
Харгытаан турбакка хамсыахха —
Ааспыты ааллааммыт атаарыах,
Халлааҥҥа сулуһу аахпакка,
Санаммыт санааны толоруох.
Сиэрдээхтиин ситиһии сиэттиһэр,
Кыһалҕа – кыайыыга тириэрдэр.
Кэхтимэ – ол эрэ ирдэнэр
Күн сирин кэрэтин көрөргө.
Эрэйи этинэн амсайбыт
Ил-эйэ үтүөтүн билинэр.
Киһи аатыран айыллыбыт
Сиппэтин ситээри дьаныһар.
 
2021, олунньу 2 күнэ
* * *
 
Хоһуйабын хоһооҥҥо
Олох араас өрүтүн,
Сүрэх көмүс дорҕоонун
Үрүҥ түүҥҥэ көрдөөммүн.
Сүгэн кэлбит күннэрбин
Сааһылаатым сүрэхпэр:
Дьоҥҥо хайдах тиэрдэбин?
«Хайдах эмэ сэрэнэн…»
Сыыдам сырыы куорсуна
Аптаах тылы баһыйбыт,
Хоһоон буолан устунан
Үтүө дьоҥҥо анаммыт.
Хоһуйуоҕум хорсуннук
Көҥүл олох туһугар,
Толук ууруом олохпун
Хоһоон сырдык суолугар!
 
* * *
 
Баттал быата быстыбат былыргыттан саҕалаан.
Саха эрэ буоламмыт тулуйдахпыт. Абаккам!
Балылламмыт, халанан, кумалааҥҥа барарбыт
Чугаһаата, быһыыта: «Көҥүл олох» диэн атын…
Ийэ сирбит иҥсэлээх илиилэргэ бэриллэн,
Сүөм түһэбит биһиги, кистии-саба кэмсинэ…
Сүөргүлүүрү билбэтэх улуутуйбут омуктар
Сүмэбитин оборон, сууһараары гыннылар…
Сүллэр сүдү күүспүтүн номох курдук билэбит,
Үйэлэргэ сүппүтү сэһэн курдук истэбит.
Дьэ, ол эрэн, ол эрэн сүрэхтэрбит түгэҕэр
Үөскээн эрэр күөдьүйэн, инникигэ итэҕэл!
Өскө саха буолларгын, кэхтэр диэни билимэ,
Өбүгэттэн кэлбити сүтэримэ, сүтүмэ!
Бары бииргэ буолларбыт уоттаах уохпут,
дьэ, тиллиэ!
Саха буолан төрөөбүт, бэринэри билимэ!
 
ОЙУУНУСКАЙГА
 
Эн билэн эрдэҕиҥ, Убайбыт,
Балыырга бааллыбыт Былатыан!
Эн дойдуҥ билигин сайдыбыт!
Охсуһууҥ мээнэҕэ буолбатах!
Кэскилиҥ эйигин кэриэстээн
Элбэҕи даҕаны хоһуйар,
«Былааһы! Былааһы сэбиэккэ» —
Сэтинньи ый аайы доргуйар.
Эппитиҥ да курдук, эн аатыҥ
Күн сирин тэнийэ кэрийдэ,
Төрөөбүт-үөскээбит алааһыҥ
Талааннаах дьонунан билиннэ.
Аан дойду ааннарын арыйан
Билиини биһиэхэ ууннаҕыҥ!
Хараҥа дууһаны сырдатан
Олоххун толукка уурдаҕыҥ!
Ахтарбыт эйигин, Убайбыт,
Дьыл-хонук аайытын күүһүрэр.
Махталбыт муҥурун булларбат,
Махталлаах Эйиэхэ – сүүһүнэн!
Көрөрүҥ буолуо, Эн, куйаартан
Ыччатыҥ сахалыы саҥарар,
Сахалыы тыынынан барҕарар.
Былатыан! Былатыан! Былатыан!..
 
* * *
 
Харахпын симпитим мин дүҥүр тыаһыгар —
Балаҕан доргуйан-оргуйан турбута,
Аал уоппут аатталын айыылар истэннэр,
Чуумпуга иһийбит барыта тилиннэ…
Харахпын симпитим мин дүҥүр тыаһыгар —
Аттыбар биллибэт ким эрэ турбута,
Эмискэ хараҥа быыһыттан саҕыллан,
Сырайбын салаата араҥас чаҕылҕан…
Тоҥ сүрэх уһуктан курдаттыы сүүрбүтэ,
Айыылар алгыстаах ол сүдү күүстэрэ…
Иэдэһим итийэн илбистэн итирдим,
Өбүгэ ситимин алгыска иһиттим…
 
2018, тохсунньу 14 күнэ
Ньурба

ЭЛГЭҺИМ ҮРДҮНЭН КЫТАЛЫК

* * *
 
Ыам ыйын уруйдуу көрүстэ
Дьырылас ырыалаах күөрэгэй,
Күөх халлаан устунан көтүтэн
Алгыстаах ырыата дьиэрэйдэ.
Олоҥхо дойдутун кэриэтэ
Мин түбэм киэркэйэн кэлэрэ,
Эппэтэх тылларбын тэптэрэн
Мин иэйиим бүппэттик киирэрэ.
Байҕалы уҥуордуур куолаһа
Түүннэри дуорайан кыйдыыра,
Күн уотун биһиэхэ аҕалан
Күөрэгэй көҥүлү ыллыыра.
Кый ыраах иһиллэр тойуга
Тыалларга бэриммэт күөрэгэй
Мин дойдум кэрэтин хоһуйан
Күн үөһэ көтүөҕэ күөрэйэн.
 
* * *
 
Дьиктитик дьүкээбил дьиримниир
Чуҥкуйбут мин Түбэм үрдүнэн.
Олоҕум биир кэрэ түгэнин
Көрөөрү бу манна кэлбиппин.
Күһүҥҥү хараҥа халлааным
Төлөнү уматар иччитэ,
Эн, бэрсиэҥ эбитэ, бу уоккун?
Сырдыахпын баҕардым эн тэҥэ…
 
КЫТАЛЫК
 
Элгэһим үрдүнэн көтөрө
Кылыһах ырыалаах кыталык.
Үөһэттэн үҥкүүлүү түһэрэ
Күөх хонуу ньууругар наҕыллык.
Күн уота оонньуура килбэйэн
Кыталык муус маҥан түөһүгэр,
Олуһун сандаара киэркэйэн
Манньытан ылара сүрэҕи.
Кэтэһэр эбит дии кинини
Эрэнэр көһүппүт доҕоро,
Үөһэттэн иҥэрбит иэйиитин
Бэлэхтээн үҥкүүтүн уунара.
Кырыылаах кынатын тыалынан
Сибэкки төбөтүн таарыйар,
Ол онно көстөрө санаата,
Амарах кыталык барахсан.
Үҥкүүлээ, кыталык, тапталы,
Дьыбардаах кыһыммыт, дьэ, ааста.
Дойдубут кэрэтин айхаллыы
Уруйдаан көрсүөххэ сааспытын!
 

САҺАРҔА УОТУГАР ИККИЭЙЭХ ҮҤКҮҮЛҮҮ

* * *
 
Таптыыр эбиппин сахалыы —
Биирдэ уонна букатын,
Саныыр эбиппин сахалыы —
Таҥнарбаппын тапталы.
Тыынар эбиппин сахалыы
Сүрэхпинэн тылламмын,
Өйдүүр эбиппин сахалыы
Киэҥник сайа тыынаммын.
Сайаҕас эбиппин сахалыы —
Самныбыты аһынным,
Ньоҕой эбиппин сахалыы —
Охтон баран турабын.
Таптыыр эбиппин сахалыы —
Олох баарын тухары…
 
* * *
 
Билгэлиэн баҕарбат эбиппин
Сүрэххэр эн кими киллэрэн,
Эриэккэс кэрэҕин бэлэхтии
Көтөргүн төлөннөөх имэҥтэн.
Санаабар таабырын сарсыҥҥым
Хоруйун толкуйдуур курдукпун.
Ол эрэн баҕарбат ис санаам —
Албыны ылынар судургу…
Таҥара айбыта – кистэлэҥ.
Киһи – таайыллыбат айымньы.
Ол иһин илиискэ тиһэбин
Санньыйыым арааһын, көрөөрү.
Баҕардар таарыйыа суохтара
Дууһаҕын хаарыйа суруллар,
Хараҕым уутунуун ыгыллан
Тахсыбыт ис киирбэх суруктар.
Ол эрэн, тапталбар саарыыры
Эн хаһан даҕаны угума.
Бэриммит – атыны таптаабат,
Соҕотох умуллар, умнума.
 
* * *
 
Эйигин таҥара оҥостон,
Ыарахан ыырдары ааспытым.
Эн ааккын алгыстыы хатылаан,
Дьүкээбил суһумар үҥэрим.
Түүл аптаах хонуутун устунан
Эйигин көрсөөрү сүүрэрим.
Турарым ыҥырыа диэн тохтоон,
Чуумпуга куоласкын иһиллии.
Ытыспар билигин даҕаны
Эн илииҥ сылааһа баар курдук.
Ол иһин кытыастар сарыалтан
Кистиибин ытыспын хоонньубар.
Тапталы таайбыт суох үһү да,
Кинини таайбараҥ оҥостуом.
Тапталтан үөскээбит кистэлэҥ
Тылларын эйиэхэ уунаары…
 
* * *
 
Эн эрэ мин сэриим, эрэлим буолаҕын —
Эргийэр Күн сирин биир дьикти кэрэтэ,
Хоһуйар хоһооммор хомолтом холууба,
Хоргутуум хонуутун суһумнуур сулуһа.
Кырыктаах кыргыһыым кылыстаах кырдьыга,
Уолуйбат уйулҕам тулуйбат ыарыыта,
Кынаппар – куорсунум, илиибэр – илбиһим,
Хатырбыт уостарбар утаҕым буолаҕын.
Умнума, мин дууһам ураннаах ойуутун,
Ыйдаҥа уотунуу сырдатар оһуорун.
Барытын – эйиэхэ, эйиэхэ уунабын,
Таабырын, кистэлэҥ уостубат уохтарын.
 
* * *
 
Туолбут ыйга толбоннур, туолбат ырам
барахсан…
Турууласпыт толкуйбун сырсар санаам суох,
салҕан.
Эдэр киһи элэккэй эйэҕэһин сүтэрдим,
Кэлэр-кэлбэт эйэни кэлтэгэйдии кэтэһэн.
Туолбат ырам барахсан, сулустардыын
сулус буол.
Мин өйбүттэн арахсан, уоскулаҥы
биэриэҥ дуо?
Туймарытар ахтылҕан, холоруктуу ытый, туол.
Түөһүм иһэ бааһыран, ириҥэнэн уһунна.
Эмтиир ини эмп тэҥэ, саатар, кыра чуумпуруу?
Аны кэлэн тэйбити мин хайыамый? Тулуйуу.
Бүппэт дэнэр бу Сиргэ байҕал уута эрэ баар.
Ылынарга тиийиллэр, баҕарбаппын да
буоллар…
 
* * *
 
Өйүүн хаһан үүнэрин
аны күүппэт буолбуппун —
Күннээҕини бүрүнэн атаарабын олохпун.
Кырдьыы аргыый күөйүөҕэ – соҕотоххо
синэ биир.
Таптал – кэлиэ үтүө киһиэхэ. Мин күүппэппин…
Киһи үксэ дьолломмот, сорох суола ураты.
Киһи үксэ кыһаллан сүүрбэт доҕор булаары.
Алҕастарбын билинэн, дьону муҥнуур
санаа суох.
Оонньоон баран тэйиэхпин баҕарбаппын
мин отой.
Арай Айбыт Айыыбар махтанаммын үҥүөҕүм,
Дьылҕа Тойон ыйааҕын мөккүспэккэ сүгүөҕүм.
Үүнэр үүнүө буоллаҕа – кэлэр кэлин кэлиэҕэ,
Үүнэр үүнүө буоллаҕа – тэптин эрэ сүрэҕим.
 
* * *
 
Ытаамаҥ, арылхай харахтар,
Дьоллонуҥ, мин аны кэлбэппин.
Суохтаамаҥ, ыас хара суһуохтар,
Эһиги бэйэҕит тэйбиккит.
Дьылҕабыт буоллаҕа – арахсар.
Кинилиин мөккүспүт аҕыйах.
Оннооҕор сулустар уоттара
Умуллар ол аптаах куйаарга.
Өскөтүн сыһыаммыт дьиҥ кырдьык —
Аныгыс олоххо көрсүөхпүт.
Билигин буолбатах. Сылайдым.
Сүрэҕиҥ атыны сөбүлүүр.
 
2021
* * *
 
Саҕаланар мин күнүм эн мөссүөҥҥүн
саныыртан,
Күрүлгэннии күүһүрэр күнүн ахсын ахтылҕан.
Өлбөт мэҥэ уутунуу сүлүһүммүн ол сайҕыыр.
Дьэҥкир таптал иэйиитэ эрэ тутар дууһабын.
Халтаһабын саптарбын ойууланар ол сайын,
Халҕаннарым арыллан, уйадыйан ылабын.
Тимир сүрэх да дэннэр, хаҥыл хааннаах да
                  буоллар,
Эргитэбин мэйиибэр куппар түспүт тылларгын.
Күлүгээҥҥэ ол да сөп. Барҕа махтал —
Дьылҕабар.
Өһүллүмэ, көнтөһүм – кутум дьолу баҕарар.
 
2021, балаҕан ыйа
* * *
 
Кэрэхсиэм киэһээҥҥи кэмнэри,
Сөрүүнү сөбүлүөм өрүүтүн…
Куйаарга түргэнник көтөөрү,
Имэҥҥэ бэринэр эбиппин.
Олохпут кылгаһын аахсаммын,
Олуһун тиэтэйэр буолбуппун:
Үйэлээх буолуохтаах тапталбын
Үргүтэн биир түүннээх оҥордум.
Мин илиим итиитин билбэккэ,
Элбэх да сиэдэрэй сибэкки
Силиһин үлүтэн сиэппитэ,
Сиэппитэ инники эрэлин…
Ыксыыры киэр кыйдаан, бытааннык,
Наҕыллык устубут – таба суол.
Ол эрэн сатаммат атыннык —
Оборор быстах санаа, таҕыл…
 
2021, от ыйа
* * *
 
Үгүс тылтан үгүһэ туолбат буолар туруктаах —
Долгуйбакка, мин туспар сотоор миигин
өйгүттэн,
Күндү көмүс көҥүлгүн миэхэ толук биэримэ.
Көрдөһөбүн, өйдөөрүүй!.. Күрэммити
күөйбэккин.
Буруй-аньыы биир эрэ – олус күүстээх
имэҥтэн
Уохпут хараан бүттэҕэ, суоспут сойон көттөҕө…
Оҕо курдук түргэнник оонньоон баран
салтахпыт.
«Алҕаһыыгын» диэмэ эн, бутуйбаттар
харахтар.
Бүгүн эрэ хомолто, бүгүн эрэ сүөм түһүү…
Көрсүөҥ өссө олоххор дьолу түстүүр күннэри.
 
* * *
 
Чуҥкуйбут мин хоһум иһигэр
Им-балай хараҥа, иччитэх.
Чүмэчи уотугар тиллэҕин
Күһүҥҥү силбиктээх киэһэҕэ…
Сүтэрбит – сүтүгүн билиммэт:
«Барыта эргиллэр» диир эбээт
Билигин даҕаны сүрэҕим.
Санаабар – ол кэрэ кэмнэрим…
Ыарахан ыарыы – арахсыы —
Үөрүүттэн даҕаны сайҕаммат.
Тыыннааҕы суох курдук ылыныан
Уйулҕам баҕарбат. Баҕарбат!
 
2019
* * *
 
Хас хаһыҥ анныбар уулбутай?
Хас харах ууларын тохпутум?
Бу олох кэрэтин, соруйан,
Билинэ сатаабат курдугум…
Өрүүтүн эрчиммин бараары,
Мөккүөрдээх ыырдары буларым:
«Тапталым мөлтөтүө дууһабын», —
Дии санаан уйаммын буойарым.
Оҕолуу аһаҕас ис дьиҥмин
Ситиһии туһугар кистээтим,
Сымыйа мичээри кэтэммин
Олоххо кырдьыкпын сүтэрдим.
Саныырым үгүс да, билбэппин
Туох көдьүүс ол онтон үөскүүрүн.
Хас тылым түгэҕин булбаппын —
Дьэ, арай сүрэҕим сэрэйэр.
 
* * *
 
Ахтымаар араҥас сарсыарда…
Арахсан бараннар аахпаттар —
Хатыылаах санааттан хараастар
Хас таммах хараххар хатаастар.
Бардыҥ да барбыттыы бардаҕыҥ…
Ааспыта, ааһыаҕа даҕаны…
Ол аата тапталбыт байҕала
Дириҥэ суох эбит чалбахтан.
Бааллара эргиллэр толкуйдар —
Төннөллөр үс хонук иһигэр.
Ол аата таптал диэн буолбатах —
Көччүйүү көр-күлүү үөһүгэр.
Элэккэй да эбит эдэр саас,
Ол онтон түүл эрэ хааллаҕа.
Тэйдэҕэ тэйиэхтээх өлүү, чаас.
Дьылҕабыт – арахсыы аартыга.
 
* * *
 
Хара дьайтан хаххалыам,
Харыстыаҕым, хараанныам —
Саарбахтаама тапталбар.
Мин тылларбын эн ылын.
Сымнаҕас ытыстаргын
Санныларбар уураҥҥын,
Көрүүй мин харахтарбын.
Эйиэхэ – махтанабын.
Эн тускар толук биэриэм
Таҥараҕа олохпун.
Итэҕэй, мин эргиллиэм
Төннүбэт да дойдуттан.
Өрүү бииргэ букатын
Буолуох, күндү сэгэрим.
Эн миэхэ тыынар салгын
Кэриэтэҕин, доҕорум.
 
* * *
 
Кыһыл саҕаҕы ыйыстар хараҥаны утары
Ыра санаам ый буолан күрэстэһэр ыраахтан.
Төннөр куба үөрүнүү сүргэм иэйэн эймэнэр,
Чуумпу чүөмпэ үөһүгэр чэрдийбит сүрэх түһэр.
Кэтэһиилээх эрэлбин, кэскиллиэхтээх сэгэрбин
Сирдэринэн сиэллэрэн, көрсүбэтим. Көрбөтүм.
Дьылҕа Хааммыт ыйааҕа арыт тыйыс да эбит —
Таптал дьикти кистэлин таайар сүүстэн
биир киһи.
Хомолтолоох хоһооммор эрэ хонон ааһара
Харахпынан хайҕаабыт кутум-сүрүм аанньала.
Кэмсиммэппин кэлбэттэн. Арай дууһам
талаһар
Сүтэрбитин төннөрүөн, алдьаппытын
аамчылыан.
 
* * *
 
Үҥэбин бүтэһик күүспүнэн
Эн кэрэ сэбэрэҥ иннигэр.
Тобуктаан таарыйыам сүүспүнэн
Тоҥ сири. Бырастыы, тэйбиппэр!..
Өстүйбүт хараххар көрүөхпүн
Баҕарбат эбиппин – кэмсинии,
Киһини дууһатын өлөрөр
Кырыктаах хараҥа көстүүтүн…
Толлубат, тостубат бэйэбин
Билигин бу кэлэн билбэппин.
Тапталга барыта баар эбит.
Хойутаан сэрэйбит эбиппин.
 
* * *
 
Хоһооҥҥо хоһуллар олоҕум —
Соҕотох эн эрэ тускунан.
Уйулҕам хараҥа хосторун
Эн эрэ сылыттыҥ, суоскунан.
Иһийбит өтөхтүү өр да өр
Эйигин кэтэспит курдукпун,
Иҥнэйбит сэргэлии төҥкөйөн,
Турбутум ыраатта, уһуннук.
Кылгастык да буоллар, көһүннүҥ —
Синэ биир дьылҕабын сырдаттыҥ.
Аны эн уостаргын көрбөппүн.
Аны эн атынныын. Атыҥҥын.
 
* * *
 
Суругум кыталык буолбута күһүҥҥү
хаһыҥнаах сарсыарда,
Урукку ахтылҕан уостубат куйаарын
күлүгэр саһыаран.
Саҕахтан саҕахха диэритин сулустар
суолларын сабардаан,
Уһуктан турбута туманым. Туймаардар
түүллэрбин киэр кыйдаан.
Сырдыкка ол эрэн, көрбөппүн дууһабын
кууспахтыыр иэйиини.
Уруйдуур-айхаллыыр бэйэбин мин аны,
мин аны билбэппин.
Тапталтан таҥнары барыахпын, биир эрэ
төттөрү ыҥырар.
Эйиэхэ анаабыт тылларбын таҥнарар
сатаммат. Сатаммат!
 
* * *
 
Дууһабын кууһаҕын тумарык туманныы.
Тыынарым тухары салгыным буолаҕын.
Ырыабар – ымыыгын, ыллыкпар эн – ыйгын.
Бырастыы, таптыыбын билигин даҕаны…
Бириэмэ, кэм-кэрдии кэлбэти мээрэйдиир.
Билэбин, ол эрэн эрэлим «эрэн» диир.
Кэтэһиэм күһүнтэн күһүҥҥэ диэритин,
Бүтэһик күммүтүн сүрэхпэр бүөбэйдээн.
Өскөтүн өһүллүө өйбүттэн ол көстүү.
Туох миигин көһүтүөй? Күрэммит күрэниэ.
Ол иһин, ол иһин бүтэйгэ бүгэбин,
Төһө да биллэрбин бүтүннүү бүппүтүн…
 
2019
* * *
 
Сэрэйэр сэрэхтээх, саарбахтыыр сылаалаах.
Ол эрэн сүрэхпит тапталга талаһар.
Сүүс үйэ сүүрээнин устатын тухары
Сиэтиллэн кэллэҕэ кэрэҕэ дьулуһуу.
Хоһоонньут – хоһуйар. Ырыаһыт ыллыа дуо,
Ардах-хаар аннынан ыраҕа ылларан.
Күнүһүн холкутук, түүннэри курустук
Дууһаны долгутар биир эрэ туһунан.
Аймалҕан арааһа, арахсыы аһыыта,
Ааттаһыы албаһа, аһыммат абылаҥ.
Аан дойду барыта тапталга бааллыбыт.
Куйаартан кутуллар бараммат таайбараҥ.
 
* * *
 
Итэҕэй. Эбэтэр санаама.
Бу олох кырдьыга аҕыйах.
Хараҕыҥ уутугар сайҕаама
Мин хара дууһабын, халтайга.
«Кэлэттиҥ» диэтэргин киэр кыйдаа.
Бастакы буолбатах инибин.
Сүрэҕим бааһыттан ыймахтаа
Эйиэхэ анаммыт иэйиини.
Төннөрдүү хайыспат буоламмын,
Түөспүнэн ыйдаҥа диэкибин.
Кутурҕан кумаҕын таарыйан,
Чуумпуга устуоҕум, тэйиэҕим.
Кэннибэр тиһиллэр суолбунан
Хаһан да сонордуу сатаамаар.
Этимээр кимиэхэ даҕаны:
Кини мин дууһабын уорбута…
 
* * *
 
Доҕоруом, кытылга үҥкүүлүөх
Ыйдаҥа күөх уотун бүрүнэн,
Бу түүҥҥэ сиэттиһэн көтүөххэ
Дьон көрбөт-истибэт сиригэр.
Халлааҥҥа сыдьаайа тураллар
Сэмэйдик дьиримниир сулустар,
Алыптаах ол көстүү анныгар
Дайыахха кубалыы куустуһа.
Чүмэчи уотунуу нарыннык
Сүрэхпин сылыта сырдатыаҥ,
Аттыгар хатыҥныы наҕыллык
Мин истиҥ ырыабын ыллыаҕым.
Түүн ааһыа, үүнүөҕэ сарсыарда,
Мин сылаас санныбар уһуктуоҥ.
Киэһэлик ыйдаҥа тахсыыта,
Күүтүөхпүт кистэлэҥ дьолбутун.
 
* * *
 
Итийбит иһирэх түүннэри
Көрөҕүн мин хара харахпар.
Үүрэбин көрүөхтээх түүллэргин,
Тиллэбин чүмэчиҥ уотуттан.
Төннүмэ арахсыы ыллыгар
Саҥалыы саҕалыы сатааҥҥын,
Мин тыыным сылытар дуолугар
Чугаһаа, чугаһаа, чугаһаа…
Ааспыты букатын сабаҥҥын,
Билэрдии бэриниий эн миэхэ,
Эн курус, хараҥа суолларыҥ
Эппэттэр тугу да, эппэттэр…
Өрө тыын, тостубут сибэкки!
Наҕыллык илиибэр эриллэн.
Уоскуттан имэҥи иһиэҕим
Эйиэхэ иҥэммин. Эн эмиэ…
 
* * *
 
Эйиэхэ тыкпыта мин курус сулуһум
Дьэрэкээн өҥүнэн куйаарга тырымныы.
Элбэҕи эппэккэ сэрэнэн кууспутум —
Бу тиһэх олохпор уоскутар абылаҥ.
Харыстаа сүрэхпин кыратык да санаан —
Ахтылҕан сылааһа иэдэскин ититтин.
Бу сиргэ букатын бараары кэлбитим
Минньигэс уостарыҥ амтанын биллэрбин.
Хараҥа түүннэргэ мин баарбын аттыгар —
Хаамаргын тохтотон халлааҥҥа хантайаар.
Сүүс сулус чаҕылхай уотуттан
Эн булуоҥ сүппэти… Ол – таптал.
 
* * *
 
Хоптолор бүтэһик күннэрин
Үрүҥ хаар үҥкүүтэ өйдөтөр.
Сайыһан турабын күнүүлүү:
Хоптолор, көтүмэҥ. Көтүмэҥ!
Таптаабыт сүрэхтии айманан
Кыланан ылаҕыт түүннэри,
Оччоҕо мин эмиэ уһуктан
Бэйэбин булаары тиийэбин.
Күн ахсын арахсыы түгэнэ —
Баҕардар эппэккэ көтүөххүт:
Мунчаара, сайыһа биэрэкпэр
Халлааны одуулуу көрүөҕүм.
Этээриҥ миэхэҕэ, умнумаҥ,
Куйаарга дайыаххыт иннинэ:
Көрсүөхпүт аламай сааскыга,
Бу манна, күөх халлаан анныгар.
 
НЬУРГУҺУН
 
Күн уотун иҥэрбит ньургуһун
Саас аайы уһуктан тыллаҕын,
Букатын таптаабыт буруйбун
Алҕаска санатан ылаҕын.
Ыам ыйын ырыалаах салгына
Кууһара эйигин нарыннык,
Мин эмиэ эдэркээн саастарбар
Кууһарым тапталлаах кыысчааммын.
Саһарҕа арылхай уотунуу
Күөх кырдал ньууругар тыгаҕын,
Алгыстаах дорҕоону хомустуу
Мин иэйэр дууһабар кутаҕын.
Төннүбэт күннэрим аасталлар,
Ньургуһун, эрэли уунаҕын.
Тапталбын сүрэххэр харыстаан,
Мин күндү доҕорум буолаҕын!
 
ТӨННӨН КЭЛИЭМ
 
Төннөн кэлиэм сааскылыы
Эн олоххор букатын,
Кыһын маҥан хаарыныы
Аҕалыаҕым тапталбын.
Баҕар онно өйдүөҕүҥ
Төһө күүскэ таптыырбын,
Ыйдаҥаҕа көрүөҕүҥ
Мин саһыарбыт тылларбын.
Күһүн кэлиэ күлүмнээн —
Мунчаараҥҥын ытаамаар,
Мин дайыаҕым үрдүгэр
Куба буолан далбаатаан.
Төннөн кэлиэм букатын,
Ол эрээри атыннык.
Эн санныгар тайаныам
Уонна этиэм: «Аҕынным…»
Үөмэн киириэм сүрэххэр
Кылбаҥ сыыдам хоһооннуу.
Үтүө күммүн бэлэхтиэм —
Олорботох олохпун…
 
* * *
 
Уоспуттан тыл уота буолаҥҥын
Эн нарын ырыаҕа тыллаҕын,
Тулабар төлөнү саҕаҥҥын
Им балай киэһэни сырдаттыҥ.
Күн тэҥэ ол сыдьаай баһылыа
Мин өйбүн, сүрэхпин барытын!
Кистэлэҥ кыымнартан айыллан,
Сибэкки буолаҥҥын тылынныҥ.
Сүрэҕим төлөнүн туппакка,
Билиниэм мин ыраас сыһыаммар:
Сүүс үйэ устарын тухары,
Бу кэрэ түгэнтэн ылата…
 
* * *
 
Мин ыра санаабар – эн эрэ, доҕоруом!
Тапталга бэриммит – тапталга сордонор…
Эйигин мин сайа тыыныахпын баҕаран,
Ыттабын күөх ыраас аламай халлааҥҥа…
Иэйиибэр хоруйгун эрэнэ күүтэбин —
Ол иһин түүннэри умайар чүмэчим.
Атыҥҥын, нарыҥҥын бу тыйыс дойдуга,
Көрбөтөх эбиппин эн курдук сырдыгы…
Миэхэҕэ анаммыт бу сору тулуйуом…
Ытаама, хоһоонньут – ити эн буруйуҥ!
Бэйэҕэр тэҥэ суох кэрэни таптааҥҥын,
Сүрэҕиҥ кыланан олуһун сылайдыҥ…
 
* * *
 
Сахалыы сайаҕас санаабын
Эйиэхэ арыйан этэбин:
Оо, саха кэрэчээн кыысчаана,
Сүрэхпин уматан эрэҕин!
Эдэркээн тэтэркэй иэдэскэр
Кытыастар саҕахтар көстөллөр.
Баар эбит! Баар эбит эйиэхэ
Таҥара кэриэтэ кистэлэҥ!..
Арыйыаҥ буолаарай таптыахпын,
Симиттэр кырачаан сүрэххин?
Сэрэйиэҥ буолаарай уолбатын
Дууһабын толорбут бу иэйии…
 
* * *
 
Эн эмиэ билигин атыҥҥын —
Мин эрэ атыммын буолбатах…
Билэбин барыта атынын —
Умайбыт суолтата тулаайах…
Эн эмиэ билигин соҕотох —
Мин курдук түннүгү маныыгын,
Бытыылка түгэҕэр тобоҕу
Тылгынан астына салыыгын…
Мин эмиэ кутурҕан кынатын
Кэппитим ыраатта, эн курдук…
Умнабын барытын. Барытын.
Олохпут барахсан, хор, оннук!..
 
* * *
 
Эйиэхэ анаан мин элбэҕи айбытым.
Санаабар, ардыгар, кынаттаах буоларым.
Кынаттаах буоларым мин —
Ыра санаанан.
Эн эрэ бааргына
Мин уотум саҕыллар.
Саҕыллар сүрэхпэр
Ырыанан уот анньар,
Дууһабын ытатар
Сүдү күүс – айымньым.
Баҕардар, эйигин мин айбыт буолуом дуу…
Соҕотох түүннэртэн сылайан.
Ол эрэн эрэниэм —
Эрэл суох да буоллун:
Эрэниэм эйиэхэ,
Эрэниэм олохпор!
 
* * *
 
Эн долгун суһуоххар сэбирдэх түспүтүн
Мин илиим буолуо диэн эргиллэн көрбүтүҥ.
Ахтыбыт санааҕар ый чугас курдуга —
Соҕотох мунчааран, санньыйан турбутуҥ.
Күрэммит күннэри төннөрө сатааҥҥын,
Хараххар ааспыты ойуулаан ылаҕын.
Күһүҥҥү үрүйэ уутуттан ыймахтаа —
Баҕардар санатыа мин тымныы уостарбын…
Кырдалга наҕыллык маҥан хаар тэлгэниэ,
Ол курдук нарыннык мин таптыыр эбиппин.
Харыстыыр сүрэххэр эн миигин умнумаар —
Мин көрүөм үөһэттэн, күһүҥҥү сулустан.
 

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> 1
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации