Текст книги "Ол түгэн уораана…"
Автор книги: Афанасий Гуринов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
Возрастные ограничения: +16
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 8 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]
– Тому парню, – диэбитим.
– Сөп-сөп, билэбин уонна өйдүүбүн!
– Суох-суох, эн билбэккин да, өйдөөбөккүн да… Бу Ньукуус киэнэ… – Соппуруон олус өйдүүрдүү туттубутуттан кыһыйан, мин хадьардаһан ылбыппын бэйэм да өйдөөбөккө хаалбытым.
– Ханнык Ньукуус?
– Кэлин кэпсиэҕим… баҕар… Чэ, көрсүһүүнэн!
Биир тыынынан хантас гыннаран кэбиспитим. Соппуруон барбах омурдубута:
– Мин итинник кыайбаппын.
– Баалаабаппын. Итинник иһэр туһуттан номоххо
киирбит наркомовскай нөҥүө ааһыахха наада…
(Кырдьыга да баара, арыгыны иһии биһиги дойду дьонугар ордук сэрии кэнниттэн сытайан турбута. Ол иннинэ да дьон син төрөөн-өлөн олордоҕо эрээри, билиҥҥи курдук буолбат этэ. Оччоҕо итириксит диэн да суох буолара…)
Салгыы күө-дьаа бииргэ үөрэммит кэммитин, оҕолорбутун ахтан барбыппыт. Киһи хаһан да баары, бүгүҥҥүнү ситэ-хото сыаналаабат үгэстээх ээ, ааспытын кэннэ санаатахха – барыта кэрэтийэн, күндүтүйэн көстөр. Ол – киһи уйулҕатын биир уратыта буоллаҕа. Онон, биһиги даҕаны, этэргэ дылы, үөспүт тэстэн, тимэхпит сөллөн, уруккуну-хойуккуну кэпсэппиппит. Салгыы дойдубут олоҕун, ыытыллар политика да тула санаабытын ирэ-хоро тэбэспиппит. Тэбэспиппит да буолан, үксүн мин куолулаабытым. Оттон Соппуруон ордук үөлүллүбүт собону сиэн лыбыгыратарыттан ордубатаҕа. Ахтыбыта оччо этэ. Уопсайынан, киһи төрөөбүт аһын күндүргэтэр да буоллаҕа. Ордук сааһыран, этэргэ дылы, кэннэ уһаан, иннэ кылгаан иһэн. Бэл, Саха сириттэн бастакы генерал Притузов уонна суруйааччы Ньукулай Якутскай соҕуруу охтор ыарыыларыгар сытан, дойдуларыттан уулаах отону өлбөт мэҥэ уутун курдук санаан үлэспиттэрэ диэн буолар. Оттон атын хайаларыгар эрэ – бадаҕа, улахан учуонай быһыылааҕа – кыайан дойдутуттан ыыттарбакка, ханнык эрэ атын сир отонунан солбуйбуттар, ону амсайан көрөн баран: «Суох, бу Саха сирин отоно буолаахтыа дуо?!» – диэн баран, төттөрү анньан кэбиспитэ үһү. Дьэ, ону кини хантан биллэ?! Отон эрэ барыта биир буолуон сөп курдук буолбатах дуо?.. Оннук буолбат эбит, киһи ханнык эрэ битинэн «бу дойдум киэнэ» диэн син биир араарар. Төрөөбүт дойду сыта-сымара, амтана киһи этигэр-хааныгар оннук дириҥник иҥэн сылдьар эбит ээ…
Онтон отууга киирэн, эмиэ ону-маны баллыгыраһа сытан, Соппуруон эмискэ баҕайы ыйыппыта:
– Миитэрэй, эн миигин соччо эрэммэккин дуу, быһыыта?..
Итини мин улаханнык сүөргүлүү да, сүөлүргүү да истибитим. Төһөтүн да иһин устудьуоннуур сылларбытыгар мииммитин балайда иһистэхпит дии. Билигин сүрдээн-кэптээн кэпсэнэр политическай репрессия сылларыгар. Оччолорго сэбиэскэй дьон, тутуллубакка-хааллыбакка да сылдьан, бэйэ-бэйэлэрин хобулаан мөлүйүөнүнэн донуоһу – үҥсүүнү, тыллабыры диэххэ сатала суох – суруйбуттара диэн билигин аһаҕастык суруйаллар уонна кэпсииллэр. Аны кэлэн, чыҥха атын кэмҥэ олорон эргитэ санаатахха, хайдахтаах нэгэй быһыыный?! Киһи өссө «хоту ыаллар» тимир кыпсыырдарыгар түбэспиттэр тустарынан этэ да барбат. Ол эрэйдээхтэргэ түһээтэхтээҕи да суоллары суруйтарбыттара чуолкай. Оттон атыттар?!
Дьолго, пединститут уопсайыгар кинилиин бииргэ олорбуттар ортолоругар оннук дьаабы быһыы тахсыбатаҕа. Онон Соппуруон инньэ дииригэр ханнык да төрүөт баар буолуон сатаммат курдуга.
– Куорат мааны киһитэ хайыаҥый?! Тыа учууталын атаҕастаан эрдэҕиҥ, – диэн хаадьыга кубулутуохпун санаабытым да, киһим кырдьык-хордьук ыйыппыт буолан биэрбитэ.
– Суох-суох, Миитэрэй. Мин чахчы инньэ дии санаатым.
– Бай, ол тоҕо?!
– Ньукуус туһунан кэпсиэххин баҕарбаккын дии…
Соппуруон обургу, көр, итинник олуйан турар. Сөп ээ, хайа булчут кыыл субу үктээн ааспыт буруолуу сылдьар суолун таба тайанан баран, сонордоспот буолуой?! Суруйааччыҥ да араас мыыдараһы-албаһы туттан сойуолаһар кыыла диэн ураты түбэлтэ, сонун тиэмэ буоллаҕа эбээт.
Оччо олуйтаран баран, хайыахпыный, кэпсиирбэр тиийбитим. Ол гынан баран, Соппуруон суруйбутун курдук отууга буолбакка, кутаа таһыгар олорон. Иһирдьэ сытан кэпсиэхпин, санаабар, ким эрэ отуу кэтэҕиттэн иһиллииргэ дылыта.
Тахсан, хайыы үйэ умуллубут кутаа күлүн бурҕаҥната булкуйан, аҕыйах барбах кылахачыйар кыымнары буламмын үрэн сирилэппитим. Итиирдик балайда бадьыыстаспытым да, Соппуруон бэрт тулуурдаахтык кэтэспитэ. Дьүрү биир да тылы саҥарбатаҕа. Арай, отууга киирэн, ырбаахытын иилинэн тахсыбыта. Бастакы омунугар, истэ охсоору, маайканан эрэ кылбаҥнаан тахсыбыт этэ. Төһө да сайын буоллар, түүн аата түүн, син дьагдьайдаҕа буолуо.
Кутаабын соруктаах аҕайдык сөхсүйэн баран, чөҥөчөк үрдүгэр быһыы килиэбинэн саба ууруллан турар ылтаһын хомуллубуттаах куруусканы ылбытым:
– Хайа, Ньукуус, испэтэххин дуу?! Сөп ээ, бэл, наркомовскайы испэт этиҥ. Чэ, оччоҕо манан мин онуоха-маныаха диэри бэйэм санаабын-онообун сайҕаан көрүүм, – иһит көп аҥаарынан сылдьар буокканы, эргитэ түһээт, таҥнары куттубутум. – Баалаабат инигин, куорат «энтэлигиэнэ» киһи?!
Соппуруон син биир «мыык» да диэбэтэҕэ. Мин, булгунан кэбиһээри, сылтах көрдүүрбүн сэрэйдэҕэ.
Оттон мин килиэппин сытырҕаан ылаат, харахпын быһа симэн, чочумча олорболуу түспүтүм. Куолайбын хатыылааҕынан хайы салаан киирбит арыгы уота сыыйа эппин-хааммын сылытан, биир гына тарҕаабыта. Хайдах эрэ бэйэбин эмиэ уоттаах-кырыктаах атаакаҕа киирэн иһэр курдук санаан аһарбытым уонна кэпсээн барбытым…
Хайдах баарынан… кырдьыгынан эттэххэ, хайдах өйдүүрбүнэн…
Суох, аһаҕастык кэмсинэрин кэмсиммэтэҕим. Хомуньуустуу өйдөөх-санаалаах этибит буоллаҕа…
Оттон билигин Миитэрэй хомуньуустуу өйө-санаата суох дуо?.. Билиэтэ баҕас баарын баар, туттарбатаҕа… Ол гынан баран, совхоз партийнай кэмитиэтэ ыһыллыаҕыттан усунуос да төлүү илик уонна бүтэһик быыбар иннинэ ыҥырбыт мунньахтарыгар да эмиэ барбатаҕа. Онон Миитэрэй хомуньуус дуу, хомуньуус буолбатах дуу диэн боппуруоһу айбыт бэйэтэ билэр. Билигин кини киирбит Сэбиэскэй Сойуус Коммунистическай партията суох, ыспыттара. Ону киниттэн ыйыппатахтара…
Уонна өлө-тиллэ көмүскээбит модун Сэбиэскэй Сойууһа да, сахсайбыт мас уһааттан тимир уобуруччутун сулбу охсубуттуу, киһи сымыйаргыах, көрүөх бэтэрээ өттүгэр ыһыллан-үрэллэн хаалла…
Уулаах, үөл уһааттан уобуруччутын си-дьүгээр ылбаккын, кыаллыбат даҕаны…
Оччотугар сэбиэскэй дойду кураанах, иччитэ суох, көҥдөй көхсө эрэ турбут буолан тахсар дуо?!
Миитэрэй илиитин иминэн харбыалаһан, эрдэ бэлэмнээн уурбут чэйдээх чааскытын ылан, өрүһүспүттүү иһэн киллиргэтэн иһэн киэр аста.
Бу хаһан сүтэр кырааска амтанай?! Сарсын Дьулуһу соруһан, муус киллэртэрдэҕинэ сатаныыһы. Сайын Даайа хантан эрэ булан аҕалан, буочукаларын соппут кырааската, дьэ, кыаҕын ылаары гынна. Аҕынньата төллөөрү ыксатар. Кыыһа бэйэтэ амтаны билбэт. Түөһэйэн талымастыыр дии саныыр быһыылаах. Мэлдьи сотон-сотон кэлбит кырааскам диэхтиир да, дьэ, билбэтим. Итэҕэтээри, кырааска бааҥкатын кытта киллэрэн көрдөрөр этэ да, суруга-ойуута биирин иһин хаачыстыбата чыҥха атын дойду ээ, быһыыта… Тас киэп уонна ис хоһоон мэлдьи бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэһэллэр диэн буолбат ээ бу орто дойду очурдаах-чочурдаах олоҕор…
Ып-ыраас кылыгырыы сүүрэ турар дьүүктэ уутун испит киһи баар ини… Ып-ыраас…
3
Алаастыырап доҕоро Миитэрэй Хойутаанап тус олоҕуттан кэпсээбит түгэнин улаханнык сөҕө истибитэ. Булан-булан түбэспитин эбитин. Киһи букатын итэҕэйиэ суоҕун курдук. Арай кинигэҕэ-киинэҕэ итинник тоҕооһуу, сөп түбэһии баар буолар ини, оттон… Ол эрээри бары суруйааччылар, киинэ айааччылар да уобарастарын уонна сюжеттарын дьиҥ баар олохтон сомсон эрдэхтэрэ эбээт. Олоххо киһи хаһан да үөйбэтэҕэ-ахтыбатаҕа баар буолан соһутааччы. Хас үүммүт күн ол иһин сонун уонна хатыламмат кэрэ. Бээ, ханнык эрэ биллиилээх фантаст суруйааччы «олохтон ордук баай фантазиялаах тугу да билбэппин» диэн эппиттээх буолуохтаах этэ ээ. Бадаҕа, Жюль Верн этэ дуу. Таһыччы умнан кэбиспиппин. Букатын манна, бэрт чугас, кылаҥныыр курдук да – таба туттарбат. Киһи толкуйа диэн бэрт дьикти кыыл. Оттон дьылҕата диэн… Түҥ тыа буоллаҕа.
Доҕоро тылыгар төһө да кэмсинэбин диэбэтэр, уйулҕата улаханнык оонньуур эбит. Ол саҥатыгар-иҥэтигэр, туттуутугар-хаптыытыгар ырылыччы сурулла сылдьарга дылы. Эмээхсинин кытта сыһыана да тоҥуй соҕус быһыылаах. Бастаан дэриэбинэҕэ кэлбит киэһэтигэр тиийэн, Миитэрэйи ыйыталаспытыгар:
– Ханна сылдьарын мин билэр үһүбүн дуо? Сайын кэллэ да, маар түгэҕин булар киһи баар дии, киниттэн ордук отчут суоҕар дылы! – диэн өс-саҕа буолан кынтаарыҥнаабыта.
Олоҕор итинник ыарахан, соһумар суоллары көрсүбүт киһини кытта бииргэ олорор кытаанаҕа биллэр, ордук ол киһиҥ өйүн-санаатын бүтүннүү атын дьахтар баһылаабыт буоллаҕына. Сэрии ыар тыына киһи этигэр-хааныгар иҥэн хаалар адьынаттаах, ордук инники кирбиигэ сылдьыбыт, илэ-бодо сэймэктэспит киһиэхэ. Оннук дьон үксүгэр хааннара алдьанан туох да энчини сүгүн истибэт буолан хаалаллар. Эбиитин дойдуларыгар хаалбыт оҕолоро-кэргэттэрэ, аймахтара суорума суолламмыт буоллахтарына…
Соппуруон элбэх буойун ахтан аҥаардара эрэ хаалан кэлбит дойдуларыгар тус олохторо табыллыбатаҕын, иһээччи буолбуттарын, төрөөбүт түөлбэлэриттэн быралгы барбыттарын олус бэркэ билэр. Сорох-сорох ыал, холкуос олоҕо сэрии сылларыгар ол курдук айгыраабыта, эстибитэ. Ордук кураайы сирдээхтэр иэдэйбиттэр этэ…
Хор, оннук охсууну инчэҕэй эттээх, сылаас сүрэхтээх эрэ барыта уйаахтаабат…
Бэл, олоҥхо бухатыырдара адьарай аймаҕын кыайан-хотон баран, кыргыс кэмигэр сыстыбыт хара дьайдарын дьалбыйтараллар эбээт. Ол эрэ кэннэ биирдэ айыы дьонун кытта алтыһар кыахтаналлар. Хаантан хаан алдьаныыта диэн кытаанах. Киһи киһини билбэт үлүгэрэ диэххэ сөп. Соппуруон эмээхситтэр-оҕонньоттор бэйэлэрин ыккардыларыгар кэпсэтиигэ биир эмэ бэйэлэрин түбэлэрин киһитин туһунан «оо, барахсан сэриигэ барыан иннинэ үтүө да оҕо этэ…» диэн эмиэ да аһыммыттыы, эмиэ да хараастыбыттыы үөһэ тыыналларын син иһиттэ ини, истибэтэ ини. Ити баҕас, туох да албына-түөкэйэ суох, ис сүрэхтэн тахсыбыт тыллар буолуохтаахтар. Бэл, били сэрииттэн босхоҥ кэлбит тастыҥ убайа Байбааскы, кыратык холуочуйа түстэ да, ыллаан тахсар «Саллаат сүрэҕэ» диэн ырыатыгар этиллэринии, ийэ оҕотун билбэт муҥа буоллаҕа дии. Бээ, ити ырыа хайдах этэй?!
Халҕанын аһан дьиэтигэр киирдэ,
Кырдьаҕас ийэтэ билбэтэ:
– Кэпсээннээ, тукаам, ким-хайа этиҥ,
Хантан бу айаннаан иһэҕин?
– Оо, ийээ, – диэтэ, – эн уолуҥ этим,
Ол дьиэбэр эргиллэн бу кэллим.
Кыа хааннаах сэрии уотуттан ордон,
Төрөөбүт алааспын, дьэ, буллум…
– Эн уолуҥ этим… – Алаастыырап саҥа таһаарбытын бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалла.
Оннооҕор кинини – инники кирбиигэ сылдьыбатах саллааты – ийэтэ барахсан хайдах көрүстэ этэй?! Уҥуох-уҥуоҕун барытын тутан-хабан көрбүтэ дии, ытамньыйа-ытамньыйа. Сэрииттэн лабааларын тонотон, эттэрин-сииннэрин сэймэктэтэн кэлээхтээбит саллааттары санаахтаатаҕа буолуо. Оттон ол илэ бодотун төрөппүт ийэтэ билбэт буолуор диэри кэбилэппит киһи өйүгэр-санаатыгар туох баас-чэр хааларын ким билиэ баарай?!
Онно холоотоххо, Миитэрэй хатат курдук кытаанах киһи эбит. Өссө, буолаары буолан, биир түбэҕэ улааппыт доҕорун тыыныгар турбут киһи диэтэххэ… Чэ, баҕар, билбэккэ да ыппыт буоллун, син биир – ыарахан. Бээ, туох диэтэ этэй: «Биир куттас саллаат олоҕун сиэртибэлээҥҥин атын уонунан саллааттар олохторун быыһыыгын, кыргыһыы кэмин дьэбир сокуона оннук!» Итигирдик диэн, төһө да бэйэтин кырдьыгын таһаарыннар, муҥура суох буруйдана саныыр быһыылаах.
Толкуйдаан көрдөххө, гвардия капитана Хойутаанап дойдутугар эргиллэн баран, партийнай-советскай линиянан үлэлии барбатах биир сүрүн биричиинэтэ ити буолара дуу? Бастаан утаа обкомтан кытта кыачаҥалата сылдьыбыт сурахтаахтар, оройуоҥҥа үһүс сэкирэтээринэн анаарылар. Муос-таас курдук аккаастаан кэбиспитэ дииллэр.
Сири-буору аннынан иһиттэххэ, обком эппиэттээх үлэһитин улаханнык өһүргэппит үһү. Ол – кырдьык Хойутаанап буочара. Итини Соппуруон урут даҕаны итэҕэйэ истэрэ, оттон бэҕэһээҥҥи кэпсэтии кэнниттэн өссө бигэтик өйдөөтө. Быһаччы бэйэтиттэн ыйыппатар даҕаны.
Миитэрэйиҥ өһүргэс соҕус ээ. Төһө да арыт ардыгар устудьуоннааҕы үгэстэринэн бары-баллаччы хаадьыласталлар, сорох түгэҥҥэ биир тылтан сылтаан харыйаны таҥнары соспут курдук буолааччы. Оччоҕо эн кини иннин көстөн турар төрүөтүнэн да ылбаккын. Бэйэтэ этэригэр дылы «өһөс да чирэс, саллаат өрүү чиккэс!» Кытаанах киһи! Ол да иһин, кэргэнэ этэринии, «коллегалара уоппускаларын кэмигэр Крымынан, Кавкаһынан сылдьар кэмнэригэр үрэх баһыгар дьуоҕура сыттаҕа». Өссө оттообутун иһин кэлтэгэй да кэппиэйкэни аахсыбат-ылбат үһү ээ. Оннук хомуньуустуу өйдөөх-санаалаах буолуо дуо?..
Бэҕэһээ Миитэрэй кэпсээн бүтэн баран, хас да испиискэ маһын тостурута охсон уматтыбыт бөппүрүөскэтин тардан, суптугар уоһа ибигирии олордоҕуна, Соппуруон тоҕо эрэ Балыксыт Былатыаны санаан кэлбитэ. Өссө хайдах эрэ Николай Неустроев кини көрөн олорор лүҥкүрбүт халлаанын уонна тимир курдугунан тыбыс-тымныытык мэндээрийэр күөлүн ойуулаабыт диэх курдук санаан аһарбыта. Балыксыт Былатыан тоҕо дьон-сэргэ ортотуттан дьалты барбыта буолуой?! Оттон Миитэрэй тоҕо сайын аайы соҕотоҕун оттуу тахсар? Манна туох эрэ ситим-сибээс, хоһулаһыы баар дуо?..
Наака, бу түбэлтэҕэ да олоҕуран, үчүгэй айымньы суруллуон сөп быһыылаах.
Даайаны кытта булгу кэпсэттэххэ сатанар. Хата, мааҕын сарсыарда сэбиэт дьиэтигэр сылдьан болдьоһо охсубута ээ. Ыксаатаҕына сатанар, командировката сотору бүтүөхтээх. Машата хайдах эрэ олорор?.. Куораттыыр сахха дьэдьэн булбут киһи. Кыттыгыйкаан кыыттаана, сибиэһэй сүөгэйгэ булкуйан биэрдэххэ, төһө эрэ минньигэһиргэтэ-минньигэһиргэтэ сиэн ньымаардар…
Алаастыырап, итинник саныы-саныы, дэриэбинэ илин өттүгэр баран истэ.
Аҕыйах сыл анараа тыа дэриэбинэлэригэр мэндиэмэннээх дьиэ тутуллуо диэн санааҕа да суоҕа эбитэ буолуо. Ол бэйэтэ ити дьиэ дьэндэйэн тахсыбыта үчүгэйиэн. Бу эҥээргэ бастакы хараҥаччы буоллаҕа буолуо. Бу оройуон дьоно-салалтата мэлдьи да олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыырга дьулуһаллар. Сотору кэминэн манан асфальт бүрүөһүннээх уулусса тыргыллыа, онон массыыналар сырылыы сырсыахтара. Букатын куорат курдук буолуо. Оччоҕо ити түптэ тула мустубут ынахтар барахсаттар ханна барыах муҥнарай?..
Санаатыгар киирэн испит буолан, иннигэр атыыр оҕус айаатаан лоҥкунаппытыгар соһуйан өрө чинэрийэ түстэ. Эбиитин буруолуу сылдьар «лэппиэскэттэн» халтырыйан, букатын да тиэрэ таһыллан иһэн (хаарыан көстүүмэ!) арыычча өрүһүннэ.
Лаҥкыр муостаах сүүнэ улахан уу долгунун курдук күөх чуоҕур оҕус, онно эрэ кыһаллыбакка, буугунуу-буугунуу, күдэн бөҕөтүн өрө табыйан таһааран, хара былыт ортотуттан мааҕыҥҥытынааҕар өссө суостаахтык-суодаллаахтык лоҥкунаппытыгар, нөҥүө уулусса диэкиттэн, мин да баарбын диэбиттии, атын оҕус мөҥүрээн лүҥкүнэттэ. Күөх Чуоҕур ону истэн букатын буорайда, кэлин өттүн өрүтэ быраҕаттаан ылла да, батыччахтаан кэлэн, бугул саҕа түптэни күллэри баҕастары сүргэйэн таһааран, бүтүннүү бүрүнэн кэбистэ. Өрүкүйэн тахсыбыт күдэн былыта чэпчэки сиккиэргэ оҕустаран, Алаастыырап диэки болооро уһунна.
Айыбын даа! Дьэ, дьоһун хартыына!
Алаастыырап ньыкыччы туттубутунан сэрэхтээх сири кытыытынан кыйан мүччү түһээт, кэлээри туран, ыалыттан ыйдарбыт хатыйыы үөт күрүөлээх тэлгэһэтин ааныгар хаамар-сүүрэр ыккардынан тиийээт, дьэ, биирдэ өрө тыынна. Сиэбиттэн болотуогун таһааран, сүүһүгэр бычалыйан тахсыбыт көлөһүнү туора-маары сууралаата уонна илиитигэр тута сылдьар сэлээппэтин кэтэн кэбистэ.
Сатана оҕуһа! Киһи сүрэҕин хайыта сыста дии…
Даайа күүтэн олорбут эбит. Үс атахтаах остуолга ас бөҕөтө тардыллыбыт. Иҥэ имнии тэтэрэн, тэри-тэрбэгэр сыры-сымнаҕас харахтара сандаара тырымнааннар, урут көрбүтүнээҕэр өссө ордук тупсубукка дылы буолбуттар.
Өссө кыыс сылдьан хайдах эрэ буолла?.. Били силбиэтэммит оҕуһум ханна дьөлү түһэн хаалла?! Ити сырдык кыымынан ыһыахтанар харахтар эйиэхэ эрэ анаан сыдьаайа тырымныыллара, кырдьык, дэлэлээх үчүгэй буолуо дуо?! Сорох ол минньигэс түгэни үрүҥ түүлүгэр да билэрэ саарбах. Машата бу санаатын биллэҕинэ – иэдээн!
Алаастыырап сэмээр мүчүк гынна.
Туох да диэбит иһин, Миитэрэй сүрэҕин үйэ саас тухары туттарыан туттарбыт эрэ дииргэр тиийэҕин.
– Чэ, остуолга аас. Түннүкпүтүн арыйа сатыыбыт да, оһох оттулунна да дьиэбит өрүкүйэн хаалар. Итии буолуо. Бинсээккин ол көхөҕө ыйаа, – Даайа, таһыттан соччо биллибэт да, балайда долгуйбут быһыылаах (хаһан суруйааччыны күндүлээбитэ баарай?!) – Сотору ыалым Мэхээлэ киирэ сылдьыах буолбута, эн кэлэр сураххын истэн. үнүрүүн кулуупка буолбут көрсүһүүгэ тугу эрэ ыйыппакка хаалбыппын диир этэ. «Хотугу Сулуска» бэчээттэнэ сылдьар айымньыгар сыһыаннааҕы. Бастаан уларсыһа сылдьан ааҕа сатаан баран, тэһийэн-тулуйан көһүтүспэккэ, элбэх киһи сурунаалга суруттарда ээ, быһыыта.
Алаастыырап түөһүн киэн туттуу тиирэ тэбиэхчэ буолбутун сабыта баттаат, сүөгэй үрүҥнээх итии чэйи сыпсырыйан ылла уонна утары быыска ыйанан турар хаартыскалаах арааманы тонолуппакка одуулаата.
Араама ортотуттан сырдык сэбэрэлээх, иҥнэри кэппит пилоткатын ойоҕоһуттан баттаҕа будьуруйбут саллаат кинини эмиэ көрөн олорор эбит. Киэҥ эрилкэй харахтарыгар туох эрэ түгэҕэ биллибэт санньыар саспыт курдук.
– Ити мин Ньукуум… – Даайа ах баран олорболуу түстэ, онтон санныгар саба быраҕына сылдьар былаатын муннугунан эр-биир харахтарын сотунна. – Биһиги бииргэ улааппыппыт. Бука, Миитэрэй кэпсээтэҕэ буолуо. Оскуолаҕа олус үчүгэйдик үөрэммитэ, олус сайаҕас этэ. Ол эрээри Миитэрэй курдук үөрэнэ барбатаҕа. Ийэтэ ыарытыйара, сэрии саҕаланыа аҕыйах сыл иннинэ эмискэ баҕайы мэнэрик буолан хаалбыта. Ол, арааһа, убайын Дьөгүөр Хотооробу «норуот өстөөҕө» диэн хаайбыттарыттан сэдиптээҕэ эбитэ дуу, – Даайа Алаастыырабы тургутардыы көрөн ылла уонна туохтан эрэ өрүһүспүттүү быһаара оҕуста. – Хотоороп аата билигин ыраастаммыта ээ.
Даайа остуолтан туран, хоһугар киирдэ. Онтон бэрт кичэллээхтик чэй көмүһүгэр сууламмыт кинигэни аҕалла.
– Ньукуу таайын эмиэ олус сөбүлүүрэ. Бу Ойуунускай кинигэтин бэлэхтээбитин, оннооҕор Ойуунускай эмиэ «норуот өстөөҕө» аатырбыт кэмигэр, хараҕын харатын курдук харыстаан илдьэ сылдьыбыта. Ону миигиттэн ураты ким да билбэт буолуохтаах, бэл диэтэр, Миитэрэй кытта. Оттон аҕалара Ньукуу кыратыгар Тайҕаҕа көмүскэ сылдьан, дэҥҥэ түбэһэн суох буолбута үһү. Арай биир букатын билбэт киһилэрэ – бадаҕа, куорат диэкиттэн сылдьар – балайда үбү-харчыны аҕаларын ирээтэ диэн аҕалан биэрбитин хотунум букатын бүтэһик күнүгэр диэри улаханнык уйадыйан-махтанан туран ахтара…
Алаастыырап бүтүннүү кулгаах буолан олордор да, кинигэни сэрэнэн суутуттан арааран, эргим-ургум тутта.
Кылаана да кыларыйан көрбөтөх. Олох сабыс-саҥа сылдьар. Ханна да харахтыы илик кинигэтэ эбит. «Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо. Үс оонньуулаах олоҥхо (норуот олоҥхотуттан)» диэн. 1930 сыллаахха Дьокуускайга үс тыһыынча ахсаанынан тахсыбыт. Кинигэ маҥнайгы сирэйигэр күөх чэрэниилэнэн, бытархай буолан баран, кып-кырылас буочарынан латынныы алфавитынан суруйбуттар: «Bu kinige sin biir bert kinige buolar. Surujdum Mandaarap Njukuus. 1938 syl.»
Алаастыырап тыастаах баҕайытык өрө тыынан ылла уонна хайыы үйэ түгэҕэ оҥойбут чааскытыттан чэй испитэ буолла. Ол албаһа Даайа хараҕын халты ааспата. Кэпсээбитин кубулуппакка олорон, тэскэйбит алтан сылабаартан чэй кута охсон биэрдэ.
– Ньукуум тоҕус оҕолонуохпут диэн ыраланаахтыыра. Дьиҥэр, букатын эдэр киһи итинник санаалааҕа, билигин кэлэн толкуйдаатахха, бэрт дьикти дии. Мандаараптар да, Хотоороптор да удьуордарын салҕааччы быһыытынан өйдөөхтүүрэ дуу, бэйэтин… Ону барытын кырыыстаах сэрии туора соттоҕо… – Даайа эмиэ хараҕын соттон ылла. – Сэрии! Сэрии хааннаах баппаҕайынан биһиги түбэни ыараханнык тайаммыта. Турбут-олорбут уолаттарбыт барахсаттар сэриигэ барбыттара уонна үксүлэрэ эргиллибэтэхтэрэ. Оо, дьэ, кырдьык, иэдээннээх күннэр-дьыллар этилэр… Тыылга оҕо-дьахтар, оҕонньор-эмээхсин эрэ хаалбыта. Мин билигин эргитэ санаан көрөбүн ээ, хайа да киһи дьоло диэн нус-хас сананыы быһыылаах. Оттон сэрии саҕана барыта куттал этэ. Ким эрэ өлөр, боруонтан хара сурук кэлэр, үлэ-хамнас кыайтарбат, ас-таҥас бэрт кырыымчык… Хараҥаттан хараҥаҕа диэри үлэлиирбит. Түүн кылгаһын аан бастаан ол онно билбитим…
Хомуурга түбэһэрин туһунан ыҥырыгы Ньукуу 1941 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр туппута. Ол күнү бу баар курдук өйдүүбүн. төһө да эрдэттэн күүппүппүт иһин, син биир соһуччу буолбута. Баҕардар, бу алдьархайдаах сэрии Ньукууну хаһан ылыахтарыгар диэри тохтуо диэн ханнык эрэ эрэл кыыма баар этэ буоллаҕа дии. Уонна, Ньукуу – аҕа, оттон мин ийэ буолар дьолун билээри сылдьар долгутуулаах иэйиибит сэрии кутталын күлүктүүрэ да эбитэ дуу… Эрэйдээҕим сыыһа аймаммытын таһыгар биллэрбэт буола сатыыра да, мин барытын сүрэхпинэн сэрэйээхтиир буоллаҕым. Айманыы ханна барыай, баар этэ. Онно эбиитин ийэбит тииһигэ киирэн, Кэрэх Ыйаабыкка тиийэн мэнэрийэ турарын Кииччэ оҕонньор уола Бүөтүр, оччоҕо холкуоспут бэрэссэдээтэлэ этэ, түбэһэ түһэн аҕалбыта. Ол эрэйдээх кэлин эмиэ хомуурга түбэһэн барбыта уонна сураҕа суох сүппүтэ. Инньэ гынан, кэргэнэ Ылдьаана оҕолорун олус эрэйдээхтик иитэлээбитэ. Сураҕа суох сүппүттэр кэргэттэригэр судаарыстыба өттүттэн көмө суох этэ буоллаҕа дии… Холкуоһунан бэйэбитин өйөһөн-убаһан син баччаҕа тиийэн кэллэхпит. Бүөтүр уоллаах-кыыһа билигин холкуос туруу үлэһиттэрэ. Оттон Ылдьаана Бүөтүрүн күн бүгүҥҥэ диэри күүтээхтиир быһыылаах. Буоста Маайатыттан көрүстэҕин аайы сурук баарын-суоҕун мэлдьи туоһулаһар дииллэр. Бэл, билигин ким эмэ саллааттаан кэллэҕинэ, ол ыалга тиийэн саҥата суох чөкөллөн олорор буолар. Урут фронтовиктартан булгу ыйыталаһара, билигин оннук гыммат. Ол оннугар билигин ыалыттан тахсаары туран, саллааттан кэлбиккэ эгэлгэ оһуордаах-мандардаах дьэрэкээн бэйэлээх куобах үтүлүгү бэлэхтиир, – Даайа уҥа хаптаһын быыс диэки сымнаҕас баҕайытык көрөн ылла. – Ньургун кэллэҕинэ, санатаар эрэ, киниэхэ эмиэ бэлэхтээбитэ. Мин олус ону-маны ыаһыйалаары гынным дуу…
– Суох, суох! Олус интэриэһинэй, – бокуойа суох бэлиэтэнэ олорор Алаастыырап ыксыы түстэ.
– Чэ, оччоҕо салгыы иһит. Хотунум иччитэ суоҕунан көрөн, эрдэ маҥхайбыт баттахтара бураллан көрүөххэ дьулаан этэ. Анысханнаах арҕаа халлаан аргыар тыыннаах адьарайдара маҥалайгыт туолбакка, эмиэ кими кэрэх көрдөөн эрэҕит дии-дии мэнэрийэн барара. Ньукуу ыксаан, Араппыана Эмээхсини аҕалбыта. Эмээхсин туох эрэ оту туой көһүйэҕэ уган буруолата-буруолата, тула хаама сылдьан, тугу эрэ ботугураан-ботугураан баран, тарбаҕын күллээх арыыга аҕыы-аҕыы, хотунум төбөтүн, чэчэгэйиттэн саҕалаан, бүтүннүү илбийбитэ, онтон оройун таҥнары үрэн сирилэппитигэр биирдэрэ чочумча буолаат, налыс гынан хаалбыта. Көр, Маарыйа ол кэннэ биирдэ да тииһигэ киирэ сылдьыбатаҕа ээ. Оннооҕор Ньукуу өлбүтүн туһунан сураҕы тутарбытыгар миигин өрүһүйээччи төттөрүтүн кини буолбута.
Ити 1942 сыл ыкса күһүнүгэр этэ. Ол кэмҥэ миигин, иккис бэрэссэдээтэлбит Арамаан эмиэ сэриигэ ыҥырыллан, холкуос бэрэссэдээтэлинэн талбыттара. Хонтуораҕа суотчуппунуун эти туттарыы хаамыытын быһаарса олордубут. Таһырдьа сыарҕалаах ат кыыкынаан-хаахынаан тохтоото. Сотору соҕус буолан баран, сурук таһааччы уол Доҕолоҥ Уйбаанчык чоочугураан киирдэ. Унньу-санньы түспүт сирэйин көрөөт, мин сүрэҕим мөҕүл гынна: эмиэ «хара» сурук, ким?! Уйбаанчык суруктары тоҕо эрэ, миэхэ туттарар бэйэтэ, суотчут Сиэҥкэҕэ үҥүлүттэ. Онтон биир суругу туспа укта сылдьыбытын хостоон таһааран, ойоҕоһунан түөрэҥэлээн кэлээт, мин иннибэр уурда да, буута быстарынан таһырдьа ыстанна. Ону кытта кымньыы тыаһа уонна сылгы иҥэрсийэн ылбыта эрэ иһиллэн хаалла. «Һуой, ити чолоҕор туох буолла?! Аты да сиэтэ, сыарҕаны да алдьатаары гынна буолбаат?!» – Сиэҥкэ диэки хоруй эрэйэн көрбүтүм, санна ыгдаҥалаабытынан остуол анныгар киирэн олорор эбит. «Хайыы, бу уол эмиэ буккуллаары гыммыт…» – диэн өрө халааран иһэн, бөтө биэрдим да, сап-салҕалас тарбахтарбынан суругу хастыы тартым. Ньукуум аатын уонна «погиб» диэн кырыыстаах тылы иилэ хабан ылааппын кытта, буукубалар бары силбэһэн хааларга дылы буоллулар. Ойон туран, бэргэһэлээх соммун суулуу тутаат, таһырдьаны былдьастым. Дьиэбэр хайдах тиийбиппин чуолкай өйдөөбөппүн. Барыта түүл-бит курдук буолан хаалбыта. Арай сарсыарда өйдөммүтүм: сыттыгым чоккурас харах уута. Аттыбар Маарыйа олорор эбит, Ньургунун көтөхпүт. Мин өндөйбүппүн көрөн, уолбун хоойбор сытыарда. Уолум эмиий көрдөөн тиҥсирийбэхтээтэ, онтон тумугун уобан ылаат, өрүһүспүттүү соппойбутунан барда. Ытаан сыҥсыйан бараары гыннахпына, эмиийбин быһыта ыстыыр, инньэ гынан, бэйэбин арыый кыатанным. Уолум сылыйан-астынан утуйан буккураан хаалла. Маарыйа ыҥырбытыгар аат эрэ харата салбыҥнаан сууннум-тараанным. Остуолга тиийэн, Маарыйабын өйдөөн көрбүтүм: баттаҕа бүтүннүү муус маҥан буолан хаалбыт эбит. Кууһан ыллым да, иккиэн саҥа таһаарбакка эрэ уйа-хайа суох ытаан бардыбыт. Уолбут ыҥырҕаабытыгар биирдэ бэйэ бодобутун тардынныбыт.
Маарыйам чэйдээбитэ буола олорон: «Быгыһын Халлай Хабырыыска «хара» сурук кэлбитэ сымыйа буолан хаалбыта дии…» – диэн сибигинэйдэ, ол кэннэ быһаарыныылаахтык тураат, оһоҕун булкуйда. «Чэ, эн сып-сап хомунан, хонтуораҕар бар. Мааҕын Баһыкка оҕонньор сылдьан, собо хаалларан барбыта. Бэҕэһээҥҥи муҥхаҕа Эбэ барахсан бэрсэ сатаабыт үһү. Ону дьаһайыллыахтаах уонна дьону күөл хомуһун-кулуһунун ходуйууга тэрийиэхтээх этэ диир. Холкуостаахтарыҥ күүттэхтэрэ буолуо», – дии-дии, таҥаспын аҕалан туттаран кэбистэ.
Онтон сүүспүттэн сыллаан ылан баран, ааттаспыттыы көрө-көрө, эмиэ сибигинэйдэ: «Чэ, тоойуом, бар. Биһиги Ньургуннуун олоруохпут буоллаҕа…»
Ол сыллааһын сылааһа мин сүрэхпэр билигин да сөҕүрүйбэккэ сылдьар, Маарыйаны ийэм тэҥэ саныыбын. Киэһэтин аҕам оҕонньор ийэбиниин кэлэ сылдьыбыттара. Бэйэлэригэр ыҥыра – кыайан дьаһанан олоруохтара суоҕа диэтэхтэрэ буолуо. Олорбуппут курдук олоробут диэбитим. Уонна оннук олордохпут ээ. Эрэйи-кыһалҕаны тэҥҥэ үллэстэн. Сыччах, сэрии уонна сэрии кэннинээҕи сут кэмин санаатахпына, сүрэҕим хаанынан ытыыр. Хайдах барытын тулуйаахтаабыппыт буолуой?!
– Маарыйа билигин баар дуу? – Алаастыырап сэмээр ыйытта.
– Былырыын харайбыппыт. Ньургуна саллааттан кэлэрин көһүтэн баран дойдулаабыта. Нус-хас санаалаах барар буоллум диирэ. Ыһыах кэннэ, утаакы буолбакка, уһуктубат уутун утуйаахтаабыт этэ.
– Ньукуустааҕы сэриигэ атаараргытыгар миитин эҥин буоллаҕа дии?
– Оннук суох этэ. Баҕар, оройуон киинигэр тэрийбиттэрэ эбитэ буолуо. Өстүбэс, биир түгэни умна сыспыппын. Араппыана Эмээхсин ийэтин сытыарсыбытын кэннэ Ньукууга этэн, тэлгэһэҕэ кутаа отуннарбыта. Онтон аал уоту айах тутан маанылаабыта уонна, үрүҥ-хара сиэллэри уокка быраҕан сирдьигинэтэ-сирдьигинэтэ, үрдүк айыылартан ааттаһан амалыйбыта, ол кэннэ киниэхэ соһонон суруллубут бэлиэлэрдээх сарыы саппыйа оҕотун туттарбыта.
«Дьэ, тукаам, алдьархайдаах аартык арыллан, анаан айыллыбыт алааскыттан арахсан эрдэҕиҥ. Бу саппыйаҕа этиҥ охсубут маһын холбуу бааллыбыт чыыппаанынан арчыламмыт өбүгэҥ өтөҕүн барҕа баайдаах, быстыбат быйаҥнаах өҥ буора баар. Ону моонньугар кэтэн кэбис. Уонна түөскүттэн араарар эрэ буолаайаҕын. Бу ытык буор уостубат сылааһа эн сүрэххин угуттуурун тухары, тоҕус уон тоҕус моһолу күн ахсын мүччү түһэн, ахтылҕаннаах алааһыҥ чээлэй күөх быйаҥын сомсуһа эргиллэн кэлиэҕиҥ. Ымыыгын ыксалаһарыҥ тухары ырары-ынчыктыыры билбэтэҕиҥ буоллун! Саалаахтан самныма, охтоохтон охтума! Уоттаах харахтаах умса көрбөтүн, татаар тыллаах таба эппэтин!» – диэн алҕаан амалыйбыта.
Уонна бэйэтэ илдьэ кэлбит чороонноох кымыһын икки илиитинэн күөрэччи көтөҕөн баран, ыйырбахтаан ыла-ыла, хаҥас тобугар сөһүргэстээн олорор Ньукууһу үс төгүл саба ибиирэн тунаарыппыта.
Ньукуус Араппыана Эмээхсин ууммут чороонун икки илиитинэн бэркэ сэрэнэн ылбыта уонна эмиэ күөрэччи көтөҕөн ылаат, ыймахтаан баран, быһаҕын өрө ууна-ууна үс төгүл алакылаан сатарыппыта.
Мин хаһан да харахтаабатахпын көрөн, дөйө таалан хаалбытым. Сытар ынаҕы туруорбат сытыары майгылаах Ньукуум итинник иччилээхтик алакылаан сатарытыа диэн түүлбэр да оҕустарбат этим. Ол турдахпына, Араппыана Эмээхсин кэлэн төбөбүттэн имэрийэ-имэрийэ эппитэ төбөбөр кытаанахтык хатанан хаалбыт. «Чэ, тукаам, эрдий. Дьон төрдө буолсугун!» – диэбитэ. Хайдах эрэ дьикти баҕайы илиилээх эбит этэ, уотунан сырайар курдук.
Киэһэ утуйаары сытан, Ньукууттан токкоолоспуппар:
«Билбэппин, барыта бэйэтэ тахсан хаалла», – диэн хардарбыта. Ол сытан, оҕобутун Ньургун диэн ааттыахпыт диэбитэ. Ону мин, арай, кыыс буоллун диибин. Суох, мин билэбин, уол буолуоҕа диэн, миигин букатын саҥардыбатаҕа. Хантан ылан, оннук эрэллээхтик саҥарара эбитэ буолла?.. Билигин сөҕө уонна дьиктиргии эрэ саныыбын. Онтон өөр баҕайы дьиэ үрүтүн тонолуппакка одуулаан-одуулаан баран «кыайан эргиллибэтэхпинэ, уолгар дьиҥнээх аҕа буолар киһиэхэ ойох тахсаар» диэбитигэр ытаан ньолҕоруйан бардаҕым үһү.
Инньэ гынан, ол түүн аанньа утуйбатахпыт да быһыылааҕа. Сарсыныгар бараары бүтэһигин чэйдии олорон, иккиэммитигэр туһаайан маннык диэбитэ: «Кыайан бэйэҕит олоруоххут суоҕа, онон дьукаахтаһан көрөргүт дуу. Көлүнэр аппытын холкуоска биэрэн, сүөһүгэ атастаһаарыҥ. Улахан алдьархайдаах сэрии турдаҕа буолуо. Дьылҕа Хаан ама хараҕынан көрдөҕүнэ, тыыннаах эргиллиэм».
Чэйдээн бүтэн эрдэхпитинэ, уонтан биллэ элбэх аттаах дьон Бакамда сыһыытыгар биирдэ кутулла түспүттэрэ. Бу Орто Сурт нэһилиэгин сэриигэ баран иһэр бастыҥ-талыы дьоно этилэр. Һуу-һаа үлүгэрэ буола түстэ. Аанньалаах улахан кэпсэтии тахсыбата. Саҥарыаҕы тыл да суох курдук. Дьиэттэн дьиэҕэ сылдьан бырастыылаһыы, ытаһыы-соҥоһуу саҕаланна. Ону сэриигэ баран иһэр дьон кыайан тулуйан истибэтэхтэрэ, бэрт суһалынан аттарын миинээт, Харбалаахха тахсар аартыгынан айаннатан субурута турбуттара. Оттон биһиги хайдах эрэ эмискэ баҕайы тулаайахсыйан хаалбыт сайылыкпытыгар хаалан, ыраахха диэри далбаатаһа турбуппут. Бүтэһик аттаах киһи онон-манан хагдарыйан эрэр ойуурга киирэн сүппүтүгэр эрэ уку-суку тарҕаспыппыт. Ити балаҕан ыйын иккитэ этэ… Нэһилиэктэн бу хомуурга түбэһэн барбыттартан тыыннаах чороҥ соҕотох эрэ киһи эргиллибитэ, ону даҕаны аҥаар илиилээх. Эн кинини хонтуораҕа көрдөҕүҥ буолуо. Уйбаан Макаарабыс диэн холкуос суотчута. Атыттар төннүбэтэхтэрэ, ол иһигэр мин Ньукуум…
Эмискэ сирэйин саба туттубутунан ах барбыт Даайа санна барбах ыгдаҥалыы хамныырын көрөн олорон, Алаастыырап бэйэтин олоҕун биир түгэнин санаан кэллэ…
1941 сыллаахха алтынньы ыйга кинилэри, хайыһар батальонугар сылдьар саллааттары, Алтайскай кыраай Бийск куоратыттан тиэтэл үлүгэринэн Новосибирскайга аҕалбыттара. Москваттан эвакуацияламмыт танк оҥорор собуот тутуутугар. Тимир суол былаһааккатыттан күтүр бэйэлээх станоктары, улахан тимир лиискэ үҥкүрүтэн баран, онтуларын дьөлүтэ үүттээн, боробулуоханан быалаан соһоллоро эбэтэр собуот эркинэ буолар кирпииччэлэри үөһэ таһаллара. Бухатыыр буол, нэһиилэ саллаҥныыр мөлтөх буол – биэстии кирпииччэни сүктэрэн кэбиһэллэрэ. Тохтоон-ахсаан, кэннигиттэн иһэр субурҕаны бытаардарыҥ хайдах да сатаммат… Сууккаҕа уон иккилии чаас үлэлииллэрэ… Этээс эркинэ ууруллан бүттэ да, үрдүн ханныктык эмэтик сабаат, станоктары туруоран үлэлэппитинэн бараллара. Бирикээс кытаанах этэ. Оттон аһыыр ас быстар куһаҕана. Остолобуойга арай туус элбэҕэ. Сиэптэригэр тууһу кутта сылдьан сиэн, аччыктыылларын уталыта сатаахтыыллара. Быыс эрэ буллаллар тугу эмэ айахха уктары, иһи сиигирдэри көрдүүр түбүгэр түһэллэрэ. Биир күнүс эмиэ оннук санаалаах ханнык эрэ собуот остолобуойун аттыгар тиийбитэ. Дьиэттэн – иһит сууйааччы быһыылааҕа – сааһырбыт хатыҥыр дьахтар кирдээх уулаах биэдэрэни тоҕоору тахсыбыта. Сирэйбин-харахпын көрөөт, туох кыһалҕалаахпын тута сэрэйдэҕэ буолуо, «милый, подожди немного» диэбитэ. Сотору эмиэ биэдэрэлээх тахсан, кини диэки туһаайан уутун ыһан күдээриппитэ, ону кытта аттыгар биэс улахан хортуоска паарынан тыыммахтыы бу лөһүгүрэһэ түспүттэрэ. «Потом… потом… когда я зайду…» диэн сибигинэйээт, дьахтар түргэн үлүгэрдик сылыбыр гынан хаалбыта. Ити билигин санаатаҕына, оттон оччотооҕуга дьахтар олус да бытаан курдуга… Онно Алаастыырап күөмэйин туох эрэ бобу тутан, бэл, биир махтал тылын кыайан ыһыктыбакка хаалбыта. Хортуоскаларын хоонньугар симтээт, сымыһаҕын быһа ытырбытынан, олбуор муннугун эргийбитэ уонна, уһуутаабытынан тоҥуу хаарга олоро биэрээт, бобулла-бобулла, көхсө кэҥиэр диэри саҥата суох ытаан ыгдаҥалаабыта… Онтон эмискэ көрө биэрбитэ: букатын чугас мас эрбии олорбут икки дьахтар эмиэ ыгдаҥалаһа олороллор эбит. Барытын ытыска уурбут курдук көрөн олорбуттар. Оттон кини хортуоскаҕа тиксэн үөрбүт дуу эбэтэр бэйэтэ-бэйэтин аһыммыт дуу ухханыгар букатын да көрбөккө хаалаахтаабыт…
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?