Текст книги "Чуумпу дьол"
Автор книги: Александра Спиридонова
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 3 (всего у книги 10 страниц) [доступный отрывок для чтения: 3 страниц]
Оттон бу маннык куукула дьиэтэ дьиэлээх, тугу да быһаарбат, хадьардаспат акаары дьахтарга кини эрэ төһөлөөх таалалаата, кутун-сүрүн сымнатта буолла! Эр дьоҥҥо маннык наада эбээт! Ханна эрэ эркиҥҥэ, баҕар, хаартыската сыстан турара буолуо диэн, дьиэни бүтүннүү кэрийэн, тиҥсирийэ сатаата, тугу да булбата. Акаары дьахтар саатар таҥараҕа үҥэр эбит, утуйар хоһун муннугар уоттаах-күөстээх таҥара долбуура турар… «Оо… тугун бэрдэй дьиэҥ! Дьиҥнээх дьахтар эбиккин» эҥин диэн ньылбаарыҥнаан баран:
– Кыыһыҥ аҕата кимий? – диэн кэмэ кэллэ дии санаатаҕа, соругун туоһуласта.
Аана кыыһа үлэлиир оскуолатын дириэктэрэ, эмээхсин диэҕи, аһары кырдьыбыта биллибэт дьахтар, туох наадалаах кэлбитин дьэ таайда.
– Ээ, ол иһин даҕаны, киһини соһуттуҥ, дьиэбин түгэҕиттэн өрө сүргэйдиҥ дии. Суох-суох, эн эргин иирдибэтэҕим, оҕом аҕата атын киһи!
– Хантан биллиҥ, мин киммин уонна эрим кимин? – Розалия итэҕэйбэтэ.
– Хайдах билиэм суоҕай, оройуонум баар-суох тойотторун-хотуттарын?
– Эт, оччоҕуна, оҕоҥ аҕата кимин уонна хаартыскатын көрдөр!
Маныаха Аана өһүргэннэ.
– Өс-сөө! Көр да маны, сэнээбитин! Эн эриҥ буолбатах диэтим дии!
Розалия Тимофеевна дьиҥнээх сирэйин, дьэ, көрдөрдө:
– Кыыскын мин дойдубуттан хомуй! Иккиэн өрө барар буоллаххытына, бэйэҕиттэн хоргутаайаҕын! Куһаҕан буолуо!
– Атаҕастаабытын-сэнээбитин көр! Тохтууруҥ буолуо! Буруйа суох оҕоҕо өс-саас туппут буола-буола! Үтүөлээх учуутал! Оҕолору туохха үөрэтэҕин! Тугуй, ити дуо, үтүөҥ?
– Эппэтэҕэ диэйэҕин! С-сэрэн! – тииһин быыһынан сыыгынаары, уоһун ырдьах гыммытыгар, адьырҕа араҕас анаҕаһа килбэйэргэ дылы гынна… Мутук үүтүн курдук туран хаалбыт харахтара дьөлө көрдүлэр. Сирэйин тириитэ мырчыһынна, муннун аннын ньуолах түүлэрэ ибигирэстилэр.
Аана лаппа салынна. Суоһар ыалдьыта тахсан бараатын, ойон туран, бордууһунатын бүөтүн тоҕо тарта, таһырдьаттан ахсынньы аам-даам тумана будулуйда, аанын балайда өр арыйан турда. Талах миинньигинэн салгыны сууралаата, онтон дьиэтин хоһун түгэҕиттэн саҕалаан сиппийэн, сылдьыбыт киһи суолун аан айаҕар аҕалла, бөх баһары ылан кус кынатынан харбаан ылан, уулуссаҕа таһааран тэбээтэ. Утуйар хоһугар өр соҕус буолан баран таҕыста, нуучча таҥаратыгар үҥкпүтүттэн астыммата быһыылаах, аны оһоҕун хаппаҕын арыйан, ботугуруу-ботугуруу, эһэкээнигэр арыылаах ас кээстэ. Оһоҕун чоҕун сылааһыгар угуттанан, кыракый олоппоско олорон сыламнаан ылла. Ойон туран, сытырҕыы-сытырҕыы дьиэтин кэрийдэ. Киирэн тахсыбыт мааны дьахтар биллэ-биллибэт ыыспа сыттаах этэ, онуоха эбии хоп-хойуу духуу – хата салгылаабыт. Биллибэт!
Сээн дэтэн, Биэрискэлээх ийэлэригэр сотору-сотору кэлэллэр-бараллар. Уруу малааһынын кэннэ, Махсыым соҕотоҕун да киирдэҕинэ, сылдьан, маанылатан ааһар буолла. Аана, оһох оттуллар кэмэ аастаҕына, сайын Чуурайга бара сылдьыахтаах. Оҕолор сырыттахтарын аайы кини сиэргэ-туомҥа такайар идэлэннэ. «Итинник гыныҥ, маннык туттуҥ» диир буолла.
Кыһыл көмүс сыапачкалаах туох эрэ мөһөөччүгү кыыһыгар биэрбитэ. Биэрискэ дьиэтигэр тиийэн арыйан көрбүтэ, иһигэр баара-суоҕа кыһыл сабынан холбуу баайыллыбыт, туох эрэ көтөр түүлэрэ куобах тириитин лоскуйугар испиниэгинэн хам туттарыллан сылдьара. Хайаан даҕаны, эккиттэн араарбакка моонньугар кэтээр диэбитэ да, кыыс мөһөөччүгүн оройуоҥҥа киирэригэр кэтэрэ маҥнай, онтон олох да умнууга хаалан, сүтэрэн кэбиспитэ.
Аана урууга киирбит мал-сал дьиэ харысхала буолар диирэ.
– Онон, истэҕит дуо, хайаан даҕаны, хаһан даҕаны мээнэ быраҕымаҥ, дьоҥҥо биэримэҥ, уларсымаҥ, дьоҥҥо хос бэлэхтээмэҥ! Уопсайынан, бэлэҕи-туһаҕы билбэт киһигититтэн ылымаҥ, оһуоба оскуолаттан бадаарагы ылбат буол! Дьон мээнэҕэ бэлэҕи туһах диэн эбэн эппэт, билэн диир. Ким эмэ тыл этэн баран бэлэхтээбитин хантан билиэххитий? Бэлэх ылан эрэр киһи үөрэн, сэгэйэн биэрэр, көмүскэлэ ыһыллар.
– Оччоҕуна быраҕан кэбиһэбит дуо, арай наһаа үчүгэй бэлэх буоллун? – Биэрискэ ийэтин саҥатын үрдүнэн-аннынан истэр.
– Бастаан бэлэҕи суутун сүөрбэккэ, хаатын арыйбакка, мээнэ туппахтаабакка эрэ чүмэчини уматан баран, бэлэх үрдүнэн тутан көрөҕүн. Чүмэчиҥ уота тыһыргыыр, хоруонан буруолуур буоллаҕына, куһаҕан бэлэх! Сүүрүктээх ууга илдьэн, быраҕан кэбис! Ордук түүлээх бэлэх сэрэхтээх, түүлээх оонньуур, ыт-куоска, ол-бу кыыл.
– Оо, дьэ, маамаа! Тугуй, куоска муҥнааҕы эмиэ ууга быраҕабыт дуо? Эчи сүрүн!
– Ийэҥ тылын иһит! Эйиэхэ уонна ким даҕаны итинник сүбэлиэ суоҕа!
Махсыым дьоно аах бэлэхтээбит ынахтарын Биэрискэлээх ылбаппыт диир кыахтара суоҕа… Биир үтүө күн, сайын саҕаланыыта, Татыйыына тарбыйахтаах, кугас эриэн эдэр ынаҕы сиэтэн аҕалан, тиэргэн иһигэр уган кэбиспитэ. Кийиитин төгүрүйбүт харахтарын аахайбатаҕа буолан, мичээрдээтэ:
– Махсыым, бу хотонуҥ иһигэр туох эмэ ититэри холбоон, сылыппыта буолан, уораанын таһаар уонна сүөһүлэргин киллэрэн баайан хоннороор! Сарсыарда кэлэн ыаҕым!
Сарсыарда аҕыс саҕана, саамай минньигэс ууларын утуйа сыттахтарына, Татыйыына, дэриэбинэ биир баһыттан кэлэн, күүлэлэрин аанын тоҥсуйан лыбыгыратта. Махсыым сурдурҕаан тахсан арыйда. Татыйыына оронуттан тура да илик кийиитигэр тиийэн, сирэйин өҥөйдө:
– Чэ, Биэрискэ, улахан баайдаах хотун, утуйбута буола сытыаҥ дуо, тур! Тахсан, ынахпыт барахсаны ыахха! – уонна куукунаҕа тиийэн, ынах ыырга сөптөөх иһити көрдөөн, тыаһаата-ууһаата.
Биэрискэ бэйэтин ийэтэ эбитэ буоллар, «Маамаа, ама хайаан, арах!» диэ эбитэ буолуо. Оттон билигин уһукта илик харахтарын аалынна, төттөрү сытан хаалбыт эригэр атаахтыырдыы үҥсэргээн көрдө, кыһыытыгар тап гыннарда. Хайыай, быстыа-ойдуо дуо, тахсан барда. Махсыым кэнниттэн «һы-һык» диэн күлэ хаалла, оҥосто-оҥосто утуйбута буолла.
Биэрискэ сайыҥҥы сарапаанын таһынан халаат булан кэттэ. Хотоҥҥо тиийбитэ, Татыйыына ынаҕын бөлүүҥҥү сааҕын Сэмиэнэптэртэн хаалбыт, урукку лааҕа хоҥнубут, эргэ улахан тааска чохчолообут. «Улахан баайа» атын киһиэхэ баай буоллум диэн билбэт быһыылаах, саҥа иччитин диэки көрбөтө даҕаны, ыаһы ыстыыр курдук, кэбинэн ньэлбэҥниир.
– Тоойуом, бу маны Махсыымҥар дьаһайтараар. Киһигин сытыарыма, көмөлөһүннэрэн, хамсатан ис! Ол эрээри хотон ис үлэтин барытын сэлээннээмэ, хотоҥҥо киллэрбэккэ буола сатаа. Эр киһи чуукур хотоҥҥо киирэн хааллаҕына, аһааҕырар, ыалдьар. Хотон сытын тулуйбат, эр киһиэхэ сөбө суох. Кыайбат, ыарахан үлэҕин үлэлэтээр. Урут ынах ыы сылдьыбыттааҕыҥ дуо?
Биэрискэ төбөтүн быһа илгиһиннэ. Түүҥҥү түүл дуу диэх курдук санаан, туораттан көрөн турда. Татыйыына «кэл» диэбитигэр соһуйда даҕаны.
– Мин ынахтан хаһыытыы-хаһыытыы куота сылдьааччыбын ээ! Наһаа куттанабын!
– Хайа, куттаммаккаҕын! Киһи эрэ маҥнай куттанар, ол сөп. Начаас үөрэниэҥ, сүөһү барахсаны сыллыы сылдьар буолуоҥ.
– Мин?!
– Эн, тоойуом, эн. Чэ, кэл, олоруох. Хаһан эмэ саҕалыахтаах буоллаҕыҥ… Сүөһүттэн сиргэнимэ да, куттаныма да, тоойуом. Сахаҕа сүөһүтэ диэн улуу баайа! Билигин аанньа ахтыллыбатаҕын иннигэр, оннук диир кэмнэрэ кэлиэҕэ. Ким барыта, бэл кумааҕылаах-хаалтыстаах даҕаны киһи, аһыыр айахтаах. Аны, оҥойор айаҕар минньигэс, дьиҥнээх айылҕа аһын сиэн баҕарар. Өссө да кэлиэ-э кэм… Онон, тыытааҕым окоото, сыста сатаа, сүөһү диэн аанньал, хайдах эмэ сыста сатаа… – Татыйыына саҥара олорон биэдэрэтин ортотугар диэри ыан күөгэҥнэттэ. – Бу… Бу!.. Маннык тутан ыыгын. Маннык эмиэ ыыгын, хайата сатанарынан! Чэ, аны эн!
Биэрискэ Татыйыына таһыгар олорон, баччааҥҥа диэри олорбут үйэтигэр аан бастаан ынах эмиийин тардан көрдө. Соһуйуон иһин, ынах эмиийиттэн эмискэ үүт өрө тыган таҕыста! Мээнэ тардыбыт буолан, үүтэ ханна эрэ туора халыйда.
– Күүскэ, күүскэ тутан тарт!
– Ыалдьыа суоҕа дуо?
– Суох, сыллыый, ыалдьыбат. Солууруҥ диэки туһаай.
Биэрискэ Татыйыына хамсанарын үтүктэн, икки илиитинэн туппахтаан, кырдьык-хордьук ыан барда.
– Буо-буо, бо-бо-буо! Оо, оҕом маладьыас! – Татыйыына наһаа астынна, оҕолуу үөрдэ, ытыһын таһына сыста. Иэдэһигэр мичээр оонньоото.
Биэрискэ, атын баҕайытык, тарбахтара кууран хаалбытыгар, эмиэ Татыйыынаны үтүктэн, үүт күүгэнигэр илитэн ылла. Татыйыына онтон манньыйан, оҕо курдук күлэн сыһыгыраата. Үүтэ кыччаатар-кыччаан, кыралаан кэлэр буолла уонна бүтэн хаалла.
– Бүттэ дуо? – ыйытта Биэрискэ.
– Бүттэ, – Татыйыына төҥкөйөн, ынаҕын эмиийин тардыалаан көрбүтэ, үүт тыккыраан иһэн, бүтэн хаалла. Онтон уулаах солууруттан инчэҕэй өрбөҕү ылан, уутун ыкта, ынаҕын синньин сотто. Туох эрэ хоп-хойуу, хара мааһы кэнсиэрбэ бааҥкатыттан ылан, ынаҕын эмиийигэр бистэ. Ынахтарын быатын муоһуттан сүөрдүлэр, ньирэй хотоҥҥо мэҥирии хаалла. Ынах таска тахсан, оҕотун ыҥыран маҥыраата. Тура түстэ, сотору соҕус, ааһан эрэр ыал ынахтарыгар холбоһон, хойбоҥноһо турда.
– Ити тугу бистиҥ, ынах эмиийигэр? – Биэрискэ, санаан кэлэн, ыйытта.
– Ити – солидол! Ынах эмиийэ хаппатын диэн, өрүү биһэ сырыт эн эмиэ. Ынах эмиийэ хайыта хатан, бааһыран хааллаҕына, бэдээ! Баалаабаккар тиийэҕин. Тэбиэлэнэн бөҕө буолуо.
– Ынах тэбэ-эр?!
– Тэбиик ынах туһунан да буоллар, сымнаҕас да ынах тэбэр буоллаҕа, ыалдьардаах буоллаҕына. Ону эн оннукка тиэрдимэ, ээ.
Татыйыына дьиэтигэр тиэтэйдэ. Биэрискэ дьиэҕэ киирбитэ, киһитэ утуйа сытар. Чаһы тоҕус буолан эрэр. Биэрискэ биэдэрэлээх үүтүн туппутунан тиийэн, утуйа сытар эрин анньыалаан уһугуннарда.
– Чэ, тур, тоҕус буолла! Көр бу! Тугуй бу?
– Үүт буоттуо! – Махсыым хараҕын арыйа сатыыр.
– Бу – биһиги үүппүт! – Биэрискэ астыммыт, төбөтүн хамсатар.
– Хайыыр үһүбүтүй маны?
– Хайдах баҕарар гынабыт! Баҕар – ис, баҕар – сүөгэйин араар, баҕар – суораттаа! Бэйэбит билэбит!
– Ийэм ыан биэрдэ дуо?
– Сороҕун мин ыатым!
– Дуо? Эс! Кырдьык дуо?! – Махсыым ойоҕун харбаан ылан, хаһыытаппытынан, ороҥҥо охтордо. Мэниктии сылдьан үүттэрин тоҕо тэбэ сыстылар. «Уой-уой-уой!» бөҕө буолан, үүттэрин куукунаҕа илтилэр.
– Ийэм үүтү маарыланан сиидэлээччи.
Маарыла аҕаллылар. Махсыым тутан биэрээччи буолла, атын иһиккэ сиидэлээтилэр. Үүттэрин сороҕун халадыынньыкка уурдулар, сороҕунан чэйдэрин үрүҥнээтилэр. Биэрискэ бэйэтэ буһарбыт килиэбин кытта үүт истилэр. Оо, бэйэ киэнэ минньигэһин!
– Маамаҕа үүт киллэрэбит дуо? – Махсыым тыл көтөхтө.
Биэрискэҕэ сатаатар эрэ, үйэтигэр аан маҥнай ыабыт үүтүттэн ийэтигэр амсатымына, киирэр бөҕө буоллаҕа дии. Күн аайы килиэп астыыр эмиэ салгымтыалаах курдук, килиэп уонна да атын бородуукта ылыныа этилэр буоллаҕа. Аараттан маннааҕы оҕонньор сиэнинээн барыста. Ол иһин Биэрискэ соҕотоҕун үөһэ олорон айаннаата.
Аана үүккэ үөрдэ буолан баран, туспа сүөһүлэммиттэрин сөбүлээбэтэ:
– Сүөһү диэни билбэтэх киһи хайдах-хайдах салгыы олоруом дии саныыгыный? Сүөһүгэ хороччу баайыллаары оҥостоҕун дуо? Оттон үөрэххин үрдэтинэр санааҥ суох дуу?
– Баар-баар!
– Үөрэнэ бардаххына, ол сүөһүгүн ким көрө-өр?
Биэрискэ мух-мах барда, ыксаан:
– Махсыым! – диэн пал гыннарда.
Махсыым үгэһинэн, таһыгар тугу да биллэрбэтэ. Бастаан хараҕын кырыытынан ойоҕун диэки көрдө, ол кэннэ, өрүү туттарыныы, сүнньэ хамсаабат киһиэхэ дылы, саннылары-майдары бүтүннүү эргийдэ, көхсүн этиттэ.
– Махсыымыҥ сороҕор быыс да сололоммот буолбаат? Тугу-тугу сымыйалыы олороҕун?
Биэрискэ «сымыйалыыгын» диэнтэн өһүргэннэ, толлос гына түстэ.
– Оо, дьэ, тугу дьаабыланан эрэргит буолла, сотору тахсан, илэ харахпынан көрдөхпүнэ сатаныыһы… – Аана иэдэс биэрэн антах хайыста, өрө тыынна, мээнэнэн ону-маны көрүөлээтэ.
Лааппы атыыһыта оҕонньор бородуукта таһаарар, син балайда мачайданнылар. Сайын эт нуорматын оннугар эт кэнсиэрбэтинэн биэрэр буоланнар, кырачаан да буоллар, дэриэбинэ биир ый аһыахтаах кэнсиэрбэтин тиэннилэр. Нуорманы таһынан «Борщ» диэн суруктаах үс кумааҕы дьааһык уонна атын даҕаны сээкэй хоппоҕо тилэри туолла. Оҕонньор сиэнэ оройуоҥҥа хаалбыт, бэйэтэ сээкэйин көрөн, таска олордо уонна икки эдэр киһи тахсыстылар.
Чуурайга тиийбиттэрин кэннэ, оҕонньор эдэр ыалга дьааһыгынан кэнсиэрбэ уонна эмиэ биир дьааһык «Борщ» биэрдэ.
– Хайыы, онтон дьон туох да диэбэт дуо? – соһуйда Биэрискэ.
– Ии, суох-суох, тугу диэхтэрэй муҥнаахтар, тугу да диэхтэрэ суоҕа.
– Оттон, нуормаҕар тиийэр дуо?
– Чэ, тоойуом, тиийдин-тиийбэтин! Онно эн төбөҕүн сынньыма! Токкоолоһума, ыларгын эрэ бил! Күн аайы маннык биэриэ дии санаама. Мин, уопсайынан, олох абааһы көрөбүн нуормалара диэни! Барыны-бары кыраамнаан-тыппалаан, эһэ кымырдаҕастаан аһаабытыгар дылы! Ылаҕын дуу? Ылбаккын дуу?
– Ылабыт-ылабыт! – Махсыым соһуччу, ойоҕо айаҕын атыан иннинэ, быһа түстэ. Биэрискэ күллэ даҕаны. Дьээбэтигэр өҥ аахсан барда:
– Теплицаны бүрүйэр салапаан тахсыбыт диэн баара. Баар дуо?
– Баар-баар! Эмиэ миэтэрэлээн кычахтаһыахпын абааһы көрөн сытыарабын. Ылаҕыт дуо, түрдьэнэн?
– Оччо элбэҕи-и… – Биэрискэ саарбаҕалаан эрдэҕинэ, Махсыым эмиэ быһа түстэ:
– Ылабыт!
– Дьэ, ити эр киһи быһыыта! Маладьыас тукаам, харчыгын кэлин даҕаны биэрээр. Салапааҥҥын сарсын кэлэн ылаар!
Махсыым дьонун аахха килиэп биэрэ таарыйдылар. Биэрискэ кэргэнин кэнниттэн массыынаттан түһэн истэҕинэ, Татыйыына куолаһа иһилиннэ:
– …Эн, саатар, өйдүөхтээх этиҥ буоллаҕа! Кыыс, баҕар, буоллун даҕаны, сүөһүгэ үйэтигэр чугаһаабатах киһи!
Татыйыына уолугар тугу эрэ хаһыытыырын истэн, соччото суох сибики баарын билэн, Биэрискэ массыынатыгар сылыпыс гынна. Сотору Махсыым кэллэ, пластмасса биэдэрэ тутуурдаах. Иэдэйбит, холборуйбут көрүҥэ суох, төттөрүтүн үөрбүт көрүҥнээх. Биэдэрэҕэ кыра эт бэрсибиттэр уонна бэлэм кутуллубут сүөһү хаана.
– Хайа, туох буолбутуй? – Биэрискэ биэдэрэни өҥөйөн көрдө. – Оо!
– Күнүс сүөһү үлэһиттэригэр анаан биир ынаҕы өлөрбүттэр.
– Ону? Оройуоннаан хаалбыккыт диэн кыыһырар дуо ийэҥ?
– Суох, онтон буолбатах. Ньирэйбит баайыллан, күнү быһа хотоҥҥо турбут үһү. Ынах кэлэн ыанан барбыт.
– Ээ!.. Ынах… Оннуктаах этибит дуу! Оттон ньирэйи аһатыахтаахпыт буолуо.
– Ньирэйтэн кыыһырар. Хотонтон таһааран, тиэргэҥҥэ мэччитэ ыыппыт буолуохтаах этибит. Уонна суосканан абараат дуу, үүт дуу биэриэхтээхпит. Ынах сааҕын дьаһайбатах үһүбүн, – Махсыым холку.
– Ээ, диэ! Умнан кэбиспиппин этэрбин! Ньирэйи итинник-маннык гынаарыҥ диэбэтэҕэ дии. Дьиэҕэ олорбутум да буоллар, өйдөөн таһаарыам биллибэт ээ.
Сүөһүлээх буолар наһаа ыарахан уонна бадьыыс быһыылаах. Ынах бэйэтэ ыанан хаалбат буоллаҕа дии, хаста да буола-буола, дьэ, өйүгэр киирдэ Биэрискэҕэ. Ынахтара сарсыарда эрдэ кэлэн, маҥыраан утуппата. Биэрискэ, маҥнай, бу туох сордоох ынаҕа кэлэн, түннүкпүт анныгар маҥырыырый дии санаан иһэн, Махсыымын уһугуннарда.
– Максимка! Ынахпыт кэллэ!
Махсыым туруон баҕарбат.
– Чэ, тур-тур! Бүгүн эрэ уһугуннарыам, сарсын тыытыам суоҕа, – диэбитигэр биирдэ оронно. Баттаҕа туора-маара туран хаалбыт, харахтара бэйэлэрэ симиллэ тураллар, бэҕэһээ түүн хойукка диэри, хонууга мустан, олохтоох ыччат уонна сайын кэлэр улахан оҕолор буолан мээчиктээбиттэрэ.
Ынахтара кыратык да тохтоон ылбакка, маҥыраа да маҥыраа. Хотон иһигэр ньирэйдэрэ мэҥирээ да мэҥирээ. Таһараа ыалларын ыта үр да үр. Ыксаан аҕай таҕыстылар. Махсыым хотоҥҥо сылдьа үөрүйэх эбит, ынаҕын хотоҥҥо киллэрэн, муоһугар уктаалаах быаны эрийэ тута охсон, баайан кэбистэ. Ынах, ньирэйин көрөн, уоскуйда, ыҥыранан ыла-ыла, салаа да салаа буолар. Ньирэй ийэтин эмиийигэр тиийээри, маҥнай түһүөлээн уунаҥнаан баран, эмиэ уоскуйда, ийэтэ кинини хатыылаах тылынан салыы турда.
Биэрискэ ынах ыыр биэдэрэтин аҕалбатах эбит, баран аҕалла. Аны ынаҕын эмиийин сууйар уута итээтэ. Ойоҕо төттөрү-таары мэскэйдэниэр диэри, Махсыым, тээпкэнэн тарыйан, тарбыйах сааҕын ыраастаан кэбистэ, саах соһор тааска тиэйэн, тахсан барда. Биэрискэ тирээпкэтин хаһаайыстыбаннай мыыланан ньуххайдаан баран, ынах синньин кичэйэн сууйда-сотто. Сотор кэмигэр ынаҕа иэтэн, эмиийэ кытаатан, туолан хаалла. Татыйыына үөрэппитин курдук, биир тэҥник төрдүөннэрин кэритэ сырытыннаран эмнэрдэ. Ньирэйин тардан, баайаары гыммыта, арай ньирэйэ күүһэ сүрдээх эбит, кыайтарбата. Ынчык-кириэ буолан, тардыалаһа сырыттахтарына, хата, Махсыым киирэн, ытыһынан ньирэйи сирэйиттэн бэттэх салайда, тарбахтарын ньирэй айаҕар батары биэрдэ. Ньирэй Махсыым тарбахтарын эмэн чобурҕатан барда. Ол оннук эмнэрбитинэн Махсыым, ньирэйин быатыттан соһон илдьэн, ийэтин иннигэр баайан кэбистэ. Биэрискэ махтаммыттыы эрин диэки көрөн ылла. Олоппоһун чугаһатан, ынах анныгар олордо.
– Аныгыскыга туустаах тахсаар, тарбаххар кыра тууһу биһэн баран, ньирэйгэ биэрдэххинэ, бэйэтэ сырса сылдьар буолуо, – диэтэ Махсыым.
– Тууһу? Сөп. Чэ, көрүмэ мин ынах ыырбын, бар.
– О-һо-һоо! Кыбыстар-кыбыстар! – үөрдэ Махсыым.
– Чэ… Бар! Бар… – ынаҕын эмиийин таарыйбыта, бүтүннүүтэ ньылҕаархай, ньирэй айаҕын салахайа эбит. Сиргэниэх санаата кэлбитин баттаан, чочумча көрөн олордо. Онтон, хайыай, солууруттан өрбөҕүн ылан, иккистээн сууйда-сотто.
Махсыым тахсыбытын кэннэ, Биэрискэ сиэрдийэлэринэн тэлгэммит оллурдаах муостаҕа оннун булларан, ынах ыыр солуурун уурда уонна ынаҕын ыан барда. Ынах эмиийэ сымнаҕас, ыырга наһаа үчүгэй. Ынах бэйэтэ эмиэ көрсүө, тэбиэлэммэт. Биэрискэ баһаам үүтү ыата, сэттэ киилэлээх тимир биэдэрэ ортотун үөһэ өттүнэн буолла, ньирэй былдьаан эмпэтэҕэ буоллар, таһынан барыах быһыылаах. Бэйэлээх бэйэ үүтүн ыан, сэрэнэн көтөҕөн, дьалкыппакка буола сатаан, туора уурда, ньирэйин иккистээн ыытта. Ыабыт үүтүн илдьэ таарыйа, туус аҕалла. Ньирэй, ийэтин кураанахсыйбыт эмиийин эмэн, үҥүлүйэн кэйиэлии туран, туустаах тарбаҕы батыста, быанан да соһуллубукка, бэйэтэ сүүрэн тиийбитин, Биэрискэ кытаанахтык баайан кэбистэ.
Махсыым чэйин өрбүт. Чаһылара сэттэ аҥаар саҥа буолан эрэр. Биэрискэ, чаһы наһаа эрдэтиттэн соһуйан, эрин диэки төгүрүччү көрдө. Үүттэрэ халадыынньыкка баппата, бэҕэһээ киэһээҥҥи үүт, Татыйыына ыан, ууран кэбиспитэ мэһэйдээн турар. Бүгүҥҥү үүттэрин остуол анныгар анньан баран, киирэн утуйан хааллылар.
Тоҕуһу ааһан эрдэҕинэ, Татыйыына кэлбитэ, ынах ыанан барбыт, ньирэй тиэргэҥҥэ сыппыт. Дьоно аах кыбыс-кытаанахтык утуйа сыталлар. Аһыннар да, уһугуннартаата. Иккистээн утуйбут дьону, уулара дьэ кытаатан эрдэҕинэ туруорбуттара, наһаа ыараабыттар эбит, эттэрэ бүтүннүү улугуран хаалбыт.
– Хайа, этэҥҥэ ыатыгыт дуо?
Махсыым куукунаҕа кэлэн, ыскаамыйаҕа утуктуу олорор, саҥата суох кэҕиҥнээтэ.
– Үүккүт ханна турарый?
Эмиэ саҥа суох, остуол аннын диэки кэҕийдэ.
– Сиидэлээтигит ини?
Төбө быһа илгистиитэ.
– Ээ, дьэ, хайдаах?! Хайдах эн итинниккиний?! Тутатына, сылааһына сиидэлэниэхтээҕин син билээхтиириҥ буолуо дии! Ханнаный, сиидэҕит?
Махсыым ийэтэ кыыһырарыгар кыһаммат, ыгдах гынна. Биэрискэ тыҥааһын буолаары гынна диэн ыксаата, баттаҕын баана туттарына, хостон тахсан кэллэ. Күүлэттэн сиидэлиир маарылатын киллэрдэ, туппутунан эрин таһыгар олорунан кэбистэ. Татыйыына үүттээх биэдэрэтин соһоору, кыйахаммыт омунугар, муоста оллуруттан иҥиннэрэн, дьалкытан кэбистэ. Муостаҕа сүөгэй мөлбөйөн түстэ.
– Ыы-ы! Ити баар дии, сүөгэйэ бары үөһэ тахсыбыт! Үрүҥ аһы бу айылаах астаан, хайдах эрэ дьоҥҥут, иккиэн!
Саҥара-саҥара, Татыйыына тохтубут сүөгэйи кэнсиэрбэ бааҥкатыгар ньиккэрийэн ылла. Ыраас үүтү кутар иһиттэрэ да суох эбит, араас кээмэйдээх миискэлэргэ сиидэлээтилэр. Онтон сиидэлэрин тэнитэн көрбүттэрэ, туох даҕаны кирэ-хоҕо суох ыаммыт эбит, ол оннугар маарыла быыһыгар хаарыан сүөгэй ньаҕарайданан хаалан хаалбыт.
– Ити баар дии! Киһи үүтү ыат, туруорбакка-хайаабакка дьаһайар баҕайыта! Аныгыскыга итини өйдөөрүҥ эрэ!
– Бачча элбэх үүтү ханна гынабытый? Киэһээҥҥи үүппүтүгэр иһит бүттэ, – Биэрискэ кыҥначчы туттан көрөн олордо.
– Махсыым, үүккүтүн эрийэн, сүөгэйдээн аһыаххыт баар эбит… Маннык гыныахха, эн миигин дьиэбэр илдьэн биэр уонна «таба» сэппэрээтэрин ыл, онуоха-маныаха диэри. Уонна салапааны барытын эһиги ылбыт үһүгүт, отут миэтэрэни миэхэ бэрсэҕит ээ!
Биэрискэ атыыһыт оҕонньорго харчыларын төлүү иликтэрин санаан, хоһугар ойдо, кумааһынньыктаах таҕыста. Бары тахсан бардылар.
Лааппы айаҕар диэри, уруккута Дьэппириэн баай дьиэтэ, массыынанан тиийдилэр. Оҕонньор, лааппыга киирэ түһээт, аан дьиэни быыһаан, үрдүттэн онно олорор, хоһун аана аһаҕас, кэтэх тардыстан, оронугар тиэрэ түһэн сытар эбит. Эдэрдии эрчимнээхтик ойон турда, оҕо төбөтүн саҕа улахан күлүүһүн халыгыратан, ааны туоратынан ыйанан турбут ыарахан тимир баһын сиргэ бырахта, тыас бөҕөтүн таһаарда. Лааппытыгар киирэн иһэн, эмискэ тохтуу биэрдэ. Кэнниттэн батыһан испит Биэрискэ киниэхэ кэтиллэ сыста. Оҕонньор эргиллэн, хараҕын кыарата-кыарата, кыыс сирэйин өҥөйдө уонна кистэлэҥи кэпсиир быһыынан, сибигинэйэ быластаан:
– Бу мантыкайыҥ сорох түүн итинник тыаһаан-ууһаан киһини сордуур ээ, – диэн баран, били тимирин токур тарбаҕынан ыйда.
Биэрискэ куттанна. Сирэйэ кубарыйда, хараҕа төгүрүйдэ быһыылаах, кини кэнниттэн киирсэн испит Татыйыына хаһыытыы түстэ:
– Бу оҕонньоор, оҕону куттаама эрэ, ону-маны сымыйанан!
Атыыһыт астынна аҕай, күлэн кыыкынаата:
– Һыы-һы-һы-һии! Кырдьыгы этэбин, һыы-һы! Хата, дэлби күлэн, тириим тэнийдэ…
Лааппы сээкэйдэрэ барыта буккуһа, киһи ылбычча тугу да булан көрүө суоҕун курдук, хааһыланан турар эбит. Биэрискэ Чуурайга тахсыбыта иккис сылыгар барда даҕаны, аныаха диэри манна сылдьа илик, лааппыны саҥа көрөр. Иэстэрин барытын төлөөн, ону таһынан түрдьэ салапааннарын уонна ол-бу кэмпиэт атыыластылар. Биэрискэ тахсан иһэн, пластмасса биэдэрэлэр туралларын таба көрөн, иккини ылла. Долбуур анныгар хараҥа да хараҥа халлаан күөҕэ өҥнөөх сүүрбэ киилэлээх баах баара көһүннэ. Биэрискэ үөрэ түстэ. Кумааһынньыгар харчылаах эбит, ити баах эмиэ киниэнэ буолла.
Икки дьахтар салапаан көрдүү кэлбиттэр, атыыһыт кинилэри хаҕыстык көрүстэ.
– Ас нуормата буолбатах, ким төһөнү ылара көҥүлэ! Айакка, мин салапааны миэтэрэлээн-хайаан ампаалыктаммаппын! Ыы-ыы, эһэ кымырдаҕастаан аһаабытыгар дылы буолан! Арах, чэ таҕыс, атын ыларыҥ суох буоллаҕына! Эн урукку иэскин даҕаны сотторо иликкин, хайа сирэйгинэн уонна салапаан көрдүү тураҕын!
Дьахталлар Биэрискэлээҕи сырсан таҕыстылар, массыына Саҥарбаттар диэки барбыта ыраатан эрэр эбит. Оҕонньор күлэн кыыкыныы хаалла:
– Һыы-һы-һы! Тарбыйахсыттар! Хата, тириим тэнийэн абыраннахпын көрүүй! Һы-һыых! Бэйэҕит миэтэрэлээн өйдөнүөххүт буоллаҕа-а…
Сааба синньигэс маһы линиэйкэнэн кээмэйдээн, миэтэрэни быста, түрдьэттэн отуту кээмэйдээн ыллылар. Халыҥ буолан баран, түннүк тааһын курдук дьэп-дьэҥкир, кэтит, наһаа үчүгэй сымнаҕас салапаан эбит, Биэрискэ манныкка өссө түбэһэ илигэ. Ол иһин ыйааһына ыарахана сүрдээх быһыылааҕа.
Дьиэҕэ киирэн, «таба» сэппэрээтэрин сээкэйдэрин көрдөөн, булан, хайдах таҥылларын быһаарыстылар. «Таба» дииллэр даҕаны, тоҕо эрэ «Волга» диэн суруктаах эбит, ыарахана бөҕө. Биэрискэ улаханнык кыһаллан туран көтөҕөлүүһү.
– Абарааккытыттан ньирэй иһэригэр хаалларан баран, уоннааҕытын, Махсыым, манна аҕалаар. Сибиинньэҕэ ас тиийимээри гынар. Уонна бу оҕонньор үс ыта, туохха даҕаны топпоттор. Чэ! Чэйи бэлэмнээҥ, мин күөрчэх ытыйыам! – Татыйыына хааман-сиимэн лаппардаата, иһити-хомуоһу тыаһатта, туох эрэ уутун саамылаан куллугуратта.
Ол икки ардыгар тиэргэҥҥэ туох эрэ ньамалаһыыта буолла, ыттар үрдүлэр. Тахсан көрбүттэрэ, хас да дьахтар уонна биир уончалаах уол оҕо салапаан бэриһиннэрэ кэлбиттэр эбит. Түрдьэ, көрүҥэ холборуйбакка, тиэргэҥҥэ күскэйэ сытар. Хайыахтарай, оччоттон көҥөөн туруохтара дуо. Түрдьэҕэ сүүс миэтэрэ баар буолуохтаах, онон кыратык бэрсиэхпит диэн буолла. Татыйыына дьиэҕэ чэйин бэлэмнии киирдэ. Сааба тахса да сылдьыбата. Махсыымнаах уоннуу миэтэрэнэн биэс эрэ киһиэхэ биэрэбит, уоннааҕытын бэйэбит туттабыт диэн дьону кытта сүбэлэстилэр. Бастакынан ылбыт дьахтар эрэ харчытын тута төлөөтө. Онтон уол оҕо ылла, ийэм төлүөҕэ диэтэ. Уоннуу миэтэрэни сүөрэн, сылбырҕатык кээмэйдээн быһан истилэр. Салапааннара түрдьэҕэ баардыҥы курдук этэ да, арай бэһис киһиэхэ ситэри тиийбэккэ даҕаны, эмискэ бүтэн хаалла, модьу үөһэ бөкүнүс гынна. Эриллэ сылдьыбыт үөһэ, тиэстэни тэнитэр бөлүөк курдук, хордуон угаайылаах эбит! Салапааҥҥа тиксибит дьахталлар харчытын кэлин биэриэхпит дэстилэр. Бүттэҕэ ол. Уку-суку тарҕастылар.
– Хайа? – ыйыта тоһуйда Татыйыына.
– Бүтэн хаалла, биһиэхэ тиийбэтэ… – Биэрискэ хомойбут аҕай.
– Э-ээ?! Ол хайдах?
– Миэтэрэтэ сүүс сылдьара буолуо диэбиппит, – Махсыым эттэ.
– Оттон оҕонньор хас диэбитэй?
– Ыйыппатахпыт ээ, – Биэрискэ эттэ, атыыласпыт киһи быһыытынан.
– Оо, дьэ, кэм биһиги… – хомойдо Татыйыына.
– Итиччэ халыҥ салапаан, сүүс буолбатах буоллаҕа, ол аата, – Сааба хаһыатын туппутунан, хостон тахсан кэллэ.
– Чэ, чэйдиэҕиҥ! Биһиэниттэн быстан ылыаххыт буоллаҕа. Харчыларын биэрдилэр ини?
– Суох…
– Оттон сатаатар суруннугут ини, кимнээх ылбыттарын?
Төбө быһа илгистиитэ, саҥа суох.
– Махсыым, оттон билэр инигин кимнээх ылбыттарын?
Киһибит кэҕиҥнээтэ.
– Чэ, аһыаххайыҥ. Мин булан аахсыталыаҕым. Оо, дьэ, эмиэ да атыыһыттар дии! Мин эмиэ харчыбын кэлин биэрэбин, билигин харчым суох!
– И-и-и, суох-суох! – сапсыйыы, төбө тулла сыһааһына буолла.
Татыйыына, дьонун аһынан, төбөлөрүттэн имэрийтэлээтэ.
– Эҥин араас атыыһыттар… Оҕонньорго итини ким эрэ син биир тиэрдиэҕэ, төһө эрэ күлэн кыыкыныыр… Киниэхэ ити эрэ наада, киһи киирэн биэрбэт киһитэ. Баҕайы! Бэйэтэ тарбыйахсыт!
Барыта орун-оннун булбутуттан бары чэпчээтилэр.
– Ити туох диэн этэрий, ээ, «тарбыйахсыт» диэн? – Биэрискэ ыйытта. Махсыым күлэн тыбыырда. Биэрискэ өйдөөбөтөхтүү эрин диэки көрдө.
– Тарбыйах абааһыта! – Махсыым хоруйдаата.
Биэрискэ бэйэтэ дьиэлээх-уоттаах, эмиэ да сүөһүлээх-астаах ыал ийэтэ буоларын сөбүлээтэ, саҥа олоҕун сонурҕаата. Барыта сонун – ынаҕа, ньирэйэ, «тыҥ!» гына лыҥкыныы-лыҥкыныы куугуначчы эрийиллэр былыргы илии сэппэрээтэриттэн аан дойдуга саамай минньигэс сүөгэй тыккырыыра… Суораттыы үөрэннэ. Үүтүн кыынньаран баран, ыаммыт үүт курдук сылаас буолуор диэри сойорун, дьэ кыраҕытык кэтиир. Оннооҕор кыратык да сылаас үүтүнэн бүрүйдэҕинэ, суората сатаммат, иирэн хаалар, түгэҕэр сөҥөр, иһитин аҥаара уу буолар. Оттон сойуҥас үүттэн аһары убаҕас суорат тахсар. Биэрискэ суоратын бастаан абарааттан астыыр этэ, онтукайа киһи күөмэйин үрэр аһыы буоларын иһин, ыаммыт үүккэ көспүтэ. Технологиятын салгыы сайыннаран, суоратын олоҕун иккилии хоно-хоно саҥалыы саҥа аһыйбыт үүттэн олохтуур буолбута. Оннук суорат ньулуун, минньигэс буолар уонна бүрүллүбүт суорат төһө өр турарыттан эмиэ тутулуктаах эбит. Хойунна да, тымныы сиргэ уура охсуохха наада, инньэ гымматаҕына, аһыйан хаалар. Тымныы суорат, эриллибитинэн сүөгэй тумалаах буоллаҕына, эчи үчүгэйин, минньигэһин, ыйыһыннахха, күөмэйи ньылҕаарытан киирэр! Биэрискэ оҥкучаҕа хасааһынан толору. Ийэтэ биэрбит оҕуруотун аһа, бэйэтин үүтэ-сүөгэйэ, суората – оҥкучаҕын астына-астына арыйар.
Ийэтин курдук дьиэтин иһэ ып-ыраас, чэнчиһэ сүрдээх. Хаһан да ылыллыбакка, сууйуллубакка турбут түннүктэри алдьата сыһа-сыһа, нэһиилэ ыланнар, быйыл сайын сууйдулар. Ийэтин үтүктэн, түннүгүн биир хоһунан туруорар, ыраахтан түннүктэрэ таастаахтар эрэ суох, харааран тураллар, хоһо түгэҕиттэн көстөр. Ийэтигэр дьиэ үлэтиттэн сүрэҕэлдьиир этэ, оттон бэйэ дьиэтэ диэн атын эбит. Биэрискэ дьиэтин сууйар туһугар турунна аҕай. «АББА», «Бонни М», Кутуньо ырыаларын муҥутуурунан ыытан баран, эдэр ыал дьиэлэрин эркиннэри-үрүттэри анньан сууйдулар. Биэрискэ төбөлөөх быһаҕы таҥаска суулаан баран, эркин хайаҕаһын бары хаста. Урукку дьиэ– лээхтэр, Сэмиэнэптэр, бөхтөрүн таһааран уоттаан, күн аайы түптэлэннилэр. Эргэ иһит-хомуос, остуол-устуул, тимир орон, туох баар дьиэ мала барыта, Аана булгуччу ирдэбилинэн, сыбаалкаҕа таҕыста. Татыйыына сэнэх көрүҥнээх таҥас ыскаабын, кэдэгэр систээх олоппостору хааллартара сатаата да, Махсыым «дьүлэйэ бэргээн», ийэтин диэки хайыһан да көрбөтө. Татыйыына бэйэтигэр ылыан сүрүргээтэ уонна «кырдьык да, мин ылыахпын санаам буолбат, тоҕо оҕолор ылыахтарай?» диэн хомуруна санаата. Ол да буоллар, саатар, туһаныах дьон туһаннын диэн, дьоҥҥо эппитин былдьаһа-тарыһа, самыыр баттыы илигинэ, кэлэн хомуйан ыллылар, биир-биир соһуталаан кэбистилэр. Били таҥас ыскаабын Симиилиннэргэ Махсыым бэйэтинэн тиэйэн, дьиэлэригэр таһааран биэрдэ.
Эдэр ыал саҥардахтарына, дуорааннанан иһиллэр буолбут дьиэлэригэр утуйар ороннорун, остуолларын, урууга киирбит малларын кытта хааллылар. Ол даҕаны күүлэҕэ туран хаалла, туох кырааскаланыах айылаах барыта кырааскаланна, муосталара Аана киэнин курдук, сибилигин уунан саба ыспыттыы, муус килэгир буолла. Кыраасканы куурда диэн оройуоннаатылар. Ынах Татыйыына илиитигэр хаалла.
Биэрискэ нэдиэлэни супту, ийэтигэр олорон, дьиэтигэр мал-сал ылынна. Маҕаһыыҥҥа киһи хараҕа иҥнэрэ туох да суоҕун иннигэр, билсиилээх буоллаххына, кэтэҕинэн барыны-бары булуохха сөп эбит. Киһи аччыктаабат, маҕаһыыҥҥа ас буолунай эрээри, дэликэтиэс диэннэрэ суох. Олохтоох промкомбинат оҥорор дьиэ тээбиринэ толору, ол эрээри килэйбит-халайбыт кырасыабай мал суох. Судургу таҥас-табаар эмиэ элбэх, сороҕун баҕас тоҕо да итинник мөлтөх көстүүлээх гына тигэллэрэ буолуой диэн киһи эрэ хомойор. Онуоха күндү таастары, көмүс арааһын, түүлээҕи эбэн биэр, ол барыта суох. Мааны дьахталлар анаан тиктэрбэт буоллахтарына, хантан эрэ, хайа эрэ суолунан омук тупсаҕай тигиилээх таҥаһын булуналлар этэ.
Аанаҕа маҕаһыыны кэтэҕинэн киирэн кэрийии – олоҕун сүмэтэ-амтана, балыкка уутун, куобахха ойуурун курдук, бэйэлээх бэйэтин эйгэтэ! Дьон курустаал иһит, колготка, рейтуза, көмүс туһугар кулуһун оттунан, маҕаһыын айаҕар хонуктаан сордонор буоллахтарына, Аанаҥ румыннар миэбэллэрин сирэн, атастаһыннаран, ньиэмэстэр оҥоһуктарын сакаастыыра. Курустаалы, көмүһү, дьэрэкээн иһити… Туспа талаан, бэйэтэ эрэ билэр сиринэн сылдьан булара-талара диэтэҕиҥ уонна харчы кичэхтэһиитэ.
Сытыы ийэлээх буолан, Биэрискэ эрин уонна бэйэтин кыһыҥҥы уурунуулара, уоппускаларын харчыта эстиэр диэри, туох көстөрүнэн, наадалаах-наадата суох диэбэккэ, ылынна-тутунна. Ийэтиттэн кытта иэһээн өрүһүннэ. Махсыым кэлэ-бара сылдьар буолан, булбуттарын барытын Чуурайга таһан истэ. Өрөбүл күн анаан-минээн кэлэн, ойоҕун ылан барда. Аана сир аһын саҕана тахсыам диэн хаалла. Кыыһа халаатын олоппос өйөнөрүгэр биллэҕэ бырахпытын дьаһайаары туппута, оҕотун сыта кэллэ, сүрэҕэр сыһыарда, уйадыйыахча буолан иһэн, аньыырҕаата, туттунна…
Биэрискэлээх Махсыым ахтыспыттар аҕай. Сыллаһартан-уураһартан бокуой булбаттар. Махсыым куурбут кырааскалаах муосталаах дьиэтигэр оронун эрэ киллэрбит. Аҕалбыт малларын, сабыс-саҥа ыскаабы, олоппостору барытын тиэргэҥҥэ ууран турар эбит. Кырааскатын бөҕөргөтөн, Биэрискэ уксуустаах уунан муостатын сууйда. Итиэннэ көстүлэр, саҥа кэриэтэ дьиэлэригэр, ыскааптан ураты мал-сал бары киирдэ. Ыскаабы сарсын биир эмэ уолу илдьэ кэлэн киллэртэриэх буоллулар. Татыйыына чэй үүтэ, сүөгэй хаалларбыт. Чэй өрүнэн, ыал-ыал курдук бырылаччы чэйдээн-аһаан баран, утуйа бардылар.
…Эдэр ыал таптаһар кистэлэҥин арыйбыттара ыраатта. Билигин бэйэ-бэйэлэриттэн кыбыстыбаттар. Миннэрин билсибит дьахтардаах эр киһи уураһан-сыллаһан, имэрийсэн, уоттаах тапталлара улам дириҥээн иһэр. Махсыым этэ сып-сылаас, Биэрискэ – сөрүүн. Билигин Махсыым «дөйө сытыйбыт» буолбатах, хараҕар дьээбэлээх уот саһар. Ууруурун-сыллыырын туттуммакка, ойоҕун күнүстэри кууһан, «атыыр оҕус ынаҕы ылбытыгар дылы күөйэ сылдьаҕын» диэн ийэтиттэн иккитэ-хаста мөҕүллэн турардаах. Биэрискэлээх билиҥҥитэ киҥир-хаҥыр саҥарсан көрө иликтэр, майгы-сигили аалсыыта диэни да билбэттэр. Икки адьас тус-туһунан киһини таптал бэйэ-бэйэлэригэр ыга баайан, дьахтар кылаана кыладыйан, эр киһи бэрдэ уһаарыллан, айыллан, арыллан иһэр…
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?