Электронная библиотека » Ангелина Васильева » » онлайн чтение - страница 2

Текст книги "Сүрэх кистэлэҥэ"


  • Текст добавлен: 5 апреля 2023, 13:21


Автор книги: Ангелина Васильева


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


Возрастные ограничения: +16

сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 6 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Сэт

Саас кэлэр сибикитэ эрдэттэн биллибитэ.

Биир түүн бэркэ билэр атастара – тыал обургу «уhукту-уу-уҥ» диэбиттии уhуннук улуйбута, мастар көмнөх хаардарын сиргэ тэбээбитэ. Халыҥ хаарга баттатан, утуйан-улугуран, чуумпуран турбут тыа иhэ соҕотохто сэргэхсийэ түспүтэ. Көһүйбүт систэрин көннөрөн, мастар халыҥ саҕынньахтарын киэр илгистибиттэрэ.

Сотору салгын сылыйан, күн сардаҥата сытыырхайан, лабаалары быыһылаан киирэн, туохха да бэриниэ суохтук дьапталлан сыппыт халыҥ хаары тэһитэ сиэн барбыта. Сылаас суорҕан хаар оннук харса суох кимэн киириини тулуйбакка, бэрт сотору иинэн-хатан, ууллан барбыта. Муус чопчулар лыҥкынаспыттара, үрүччэлэр кылыгыраспыттара, харах уутунуу дьэп-дьэҥкир чалбахтар онно-манна мэндээриччи көрбүттэрэ. Ыраас уу, кылыгыраччы күлэ-күлэ, бэйэтин былааһын билинэн, субу эрэ кэмҥэ муҥутуур соругун толорон, саас алгыһын, олох илдьитин тиэрдэн, ойуурдарга, сыһыыларга сырсымахтаан, оонньоомохтоон хаалбыта. Ууллубут хаар, ыраас уу, ирэн эрэр сир сыта, туохха да маарыннаабат күндү сыт – саас сыта салгыҥҥа тарҕаммыта. Соҕурууттан көтөрдөр кэлэн, ахтылҕаннарын таһааран, көмүс дорҕоон кутуллубута. Ойуур иһэ, хонуулар, күөллэр бүтүннүү үөрүүнэн, кэрэни эрэ кэтэһиинэн, уруйунан-айхалынан туоларга дылы буолбуттара.

Ойуур үөһэ тыынан ыларга дылы гыммыта. Сир анныгар силистэр түллэҥнэһэн ылбыттара. Хара буор сирэйдэннэллэр да, күтүрдэр, сырдык, сылаас кэм эргийэрин син билэ, кэтэһэ сыталлар эбит ээ! Чэҥ муус билиэнтэн босхолоноот, утаппыттыы ыраас ууну ыймахтаан барбыттара, онтон умнас устун үөһэ утаарбыттара. Ону кытта үллэн, тыҥаан турбут үнүгэстэр аһыллан, нарыын-нарын күөх сэбирдэхтэрин сэрэнэн тэнитэн барбыттара. Мутукча күөҕэ, оһуор курдук сайбаччы симэнэн, лабаа ахсын сандааран турара көрүөххэ кэрэ да буоллаҕа!

Титирик Уол бу сааскы уруйдаах көртөн матымаары, кылгас, синньигэс силистэрин буорга дириҥник ыыта сатаабыта. Кини аттыгар баараҕай тиит халлааҥҥа харбаһан, күнү-ыйы сабардаан, бөдөҥ бөллөрүттэҕэс силистэринэн дириҥник хара буору уобан, хаһан да хамсыа-сууллуо суохтук сымарыттан турара. Кини күлүгэр түбэспит буруйдаах буолан, Титирик эрэйдээххэ сырдык, күн уота баҕалаах буолара, уу-хаар, ас да тиийбэтэ. Модьу силистэр эрийэ кууһаннар, иҥэмтэлээх аһы барытын оборон ылаллара. Сабарай Тиит кыраҕа ымыттыбат идэлээҕэ, эгэ быыкаа, саҥа быга сатыыр титириктэргэ кыһаныа дуо? Арай ханна эрэ аньыылаах дууһа өлөн, ала буркун буолан кыланан, ытаан-соҥоон аастаҕына, күүстээх тыалтан идэмэрдээхтик кыычыгырыыра ынчык курдук иһиллэрэ. Сабарай Тиит тугу санаан, ахтан, туохтан үөрэн-хомойон турарын ким да билбэт. Халлаан диэки модун лабааларын өрө үтэн, бу сиргэ букатыннаахтык кэлбиттии сананан улуутуйан турара.

Сабарай Тиит бу сиргэ билбит үөрүүтэ – соҕотох доҕоро Дэгиэ Тыҥырах этэ. Ол обургу саас эрдэ, тымныы саҥа уҕарыйан эрдэҕинэ, доҕорун кэлэн билсэн барара. Сабарай Тиит ону эрдэттэн билэн, хаарын бүтүннүү тэбэнэн көрсөрө. Тыҥырахтаах көтөр чыҥырҕас саҥатын иһиттэҕинэ, бүтүн бэйэтэ дьигиһийэн, илгистэн ылара. Бүтүннүү сэгэйэн, били сымарыттыбыта ханна да суох буола түһэрэ. Кырдьаҕас мас бу курдук уларыйарын кыракый титириктэр олус муодарҕыы, сөҕө көрөллөрө.

Дэгиэ Тыҥырах кырдьаҕас доҕорун уруйдаан, саҥаран чыҥырҕаабытынан, модун кынаттарынан сапсыммытынан, күүстээх атахтарынан тиит лабааларыгар хатана түһэрэ. Кини наар биир сөбүлээн олорор сирдээҕэ. Ол лабаата ыарахан көтөр олороруттан хатырыга сулламмыт этэ. Дэгиэ Тыҥырах бу олорон тугу көрбүтүн-билбитин кэпсиирэ. Онон хата аттынааҕы мастар таарыччы аан дойду сонунун барытын истэн-билэн хаалаллара.

* * *

Ойуур иһин нус-хас олоҕун аймыах айылаах киһи-сүөһү чугаһынан суох этэ. Ол иһин кэм, күн хаамыыта дьыл эргиириттэн тутулуктанан, сылтан сыл биир күдьүс бара турара. Арай хам-түм да буоллар, тайах атаралаан ааһара. Оттон кыра кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр ханна барыай…

Биирдэ торҕон эһэ Муҥур Тиит хатырыгын хайыта тыыппыта. Күтүр, сииктээх буору тоҕута тирэнэн, кыра оту-маһы ибилитэ тэпсэн, часкыйа-часкыйа олуонатык хамсаммыта ынырыга бэрдэ. Муҥур Тиит эрэйдээх тута дьэҥкир сымаланан ытаан барбыта. Дириҥ бааһын оһоруна сатаабыта эрээри, ол кэмтэн иинэн-хатан барбыта, өрүттүбэтэҕэ. Билигин төбөтүгэр эрэ барбах күөх бытыгыраан баран, хайыта хатан, буорайан тураахтыыр.

Ол саҕана Титирик Уол саҥардыы сиртэн сэрбэйэн, нарын күөх мутукчанан сайбаччы симэнэн, киэргэнэн турара. Эһэ күтүр кинини мүччү-хаччы үктээн ааспыта. Аттыгар тэҥҥэ улааппыт доҕорун, Хатырык Атаҕы, силистэри түөрэн, ибили хайыта тыыппыта. Оо, онно истибитэ, хаарыаннаах күн сырдыгыттан матан эрэр, өлөр өлүүттэн куттанар аймалҕаны! Хатырык Атах сип-синньигэстик, көтөр-сүүрэр истибэтинэн, салгыны хамсатан ытыыра. Аан дойдутун кытары бырастыылаһар, ситэ олох олорботоҕун кэмсинэр этэ ол ытыырыгар. Титирик Уол тугу да уларытар, сатаан көмөлөһөр кыаҕа суоҕуттан тэҥҥэ ытаспыта. Доҕоро икки күн ытаан тыҥкынаан баран, иһиллибэт буолбута, чээл күөх мутукчата тохтон түспүтэ, бэйэтэ хаппыт амынньыарга кубулуйбута.

Муҥур Тиит ыалдьа илигинэ, сороҕор ону-маны кэпсээн суугунуур буолара. Былыыр-былыр, кини эдэр, чиргэл эрдэҕинэ, бэрт дьикти харамайдар охсуллан ааспыттар. Көтөргө да, сүүрэргэ да майгыннаабат, ыыр-дьаар аһыы сыттаах үһүлэр. Түүтэ суох хаптаҕай сирэйдээхтэр, нэс табалары миинэ сылдьаллар, сороҕор түһэн, икки атахтарынан хаамаллар. Хатырыктара буоллаҕына сымнаҕас, ыыһаммыт аһыы сыт уонна таба сыттаахтара үһү. Дьэ ол аһыы сыттаах Кыһыл Тылтан ойуур олохтоохторо өлөрдүү куттаналлара. Төһө да Кыһыл Тыл салыыр абытайдаах уот ыарыытын бэйэлэринэн билбэтэллэр, өбүгэлэрин үйэлээх кутталлара хас биирдиилэригэр туораахтан сиэмэҕэ бэриллэн, дириҥник иҥэн сылдьара.

Мастар кинилэр үйэлээх чуумпуларын үрэйбит биллибэт харамайдары сэрэхтээхтик үөһэттэн таҥнары одуулаабыттар… Сэрэйбит сэрэх, бэрт сотору Кыһыл Тыл эккэлээн эрэрдии үөрэ-көтө чачыгыраабыт, хаппыт амынньыардары омуннаахтык салаабыт. Аһыы буруо ойуур иһин толорбут. Мастар уолуйан, суугунаһан ылбыттар. Ол гынан баран, табалаах дьон үүнэн турар маһы тоһуппакка, хаппыт амынньыардары хомуйан Кыһыл Тылларын аһаппыттара. Улахан суолу-ииһи хаалларбакка, табаларыгар олороот, кэлбиттэрин курдук түргэнник элэс гынан хаалбыттар.

Муҥур Тиит этэринэн, оннук харамайдар бу Ойуур бүтэр уһугар элбэхтэр үһү. Дьолго, билиҥҥэ диэри бу түҥ тайҕаны таба хаампакка, мастар үйэлээх чуумпуларын уйгуурдубакка сырыттахтара.

* * *

Быйыл саас Сабарай Тиит туохтан эрэ дьаахханыах санаата кэллэ. Кини мутукчатын иннэлэрин барытын үөһэ, Куйаар диэки, саратан турара. Куйаарга эҥин араас ииччэх-бааччах санаалар көтө сылдьалларыттан, сорохторун иннэлэрин төбөлөрүнэн илимнээн тутан ылара. Онон сороҕор буолуон иннинээҕини өтө көрөн билэрэ.

…Быйыл Куйаарга туох эрэ уларыйбыт. Туох эрэ иэдээн имэ биллэр курдуга. Онтон куттанан иэнэ кэдэҥнээбитигэр, сүүһүнэн чэгиэн иннэлэрэ хатан, бытарыһан түспүттэрэ… Күнтэн күн ол иэдээнэ чугаһаан иһэрин билэн, дьиппинийэн, тыҥаан турбута.

Оттон Титирик Уол онно эрэ кыһаммата. Кини улаата охсон, баҕалаах сырдыгар тиийэн, ойуур үрдүттэн тулатын көрүнүөн баҕарара. Сураҕа, ойуур хаһан да бүппэт, бардар бара турар үһү. Оттон үөһии-үөһэ кылайан көстөр сырдык, көҕөрдөр көҕөрөн, кэҥээтэр кэҥээн, букатын муҥура суох дииллэр. Оо, ол күөххэ чугаһыыра буоллар ньии! Сып-сылааһынан угуттуур, олох илгэтин бэлэхтиир Сырдык Күн уотун дуоһуйа иҥэринэрэ буоллар! Үөһэттэн, үрдүктэн ырааҕы, атыны, дьиктини көрөрө буоллар ньии! Кини билэр, сэрэйэр, иннигэр туох эрэ улахан, дьикти, ураты күүтэрин. Ол туоларын туһугар түргэнник улаата охсуохха наада. Атын мастары куотан, уһулуччу үрдүөххэ, сонуохха, чорбойуохха наада. Оччоҕо Сабарай Тиит курдук Орто дойду очумааһа, үрдүк халлаан өһүөтэ буолан, олох үтүөтүн сомсон ылыах, туох эрэ уратыны билиэх-көрүөх, дьиктини оҥоруох этэ!

Ол ыра санаата туоларын туһугар оччугуй бэйэтэ күүһэ-кыаҕа тиийэринэн сыалын чугаһата сатыахтаах, хас чаас, хас мүнүүтэ аайы күүс-уох эбиниэхтээх.

Бу олоххо сыал диэн баар – олоҕу хамсатар күүс, тугу эрэ ситиһэргэ бастакы үктэл. Ол сыалга араас ыра санаа кыттыстаҕына, туох барыта кыаллар тоҕоостоох.

* * *

Сабарай Тиит били сибикилиир, бүтэйдии куттанар түгэнэ чугаһаатар чугаһаан испитэ. Бастаан дэбигис арааран иһиллибэт туох эрэ дьикти тыас ыраахтан, мастар төбөлөрүнэн куугунаан иһиллибитэ. Онтон улам улааттар улаатан, чугаһаан испитэ. Мастар, төһө да Сабарай Тиит курдук эрдэттэн сибикилээн билбэтэллэр, туох эрэ атын, биллибэт, ону сэргэ кутталлаах иһэрин сэрэйэн, суугунаһан барбыттара. Бары ити туох тыаһа буоларын, тоҕо чугаһаан иһэрин таайа сатаабыттара. Мээнэ айдааран, устунан этиһэн барыах курдук буолбуттарыгар, Сабарай Тиит өрөөбүт уоһун өһүлэн, хоммут уоһун хоҥнорон, дьэ саҥаран барбыта:

– Мин куһаҕан битим тарпыта ыраатта… Туох эрэ атын, биллибэт күүс иһэр. Биһиэхэ ол тугунан дьааһыйыа биллибэт. Тимир чаҥырҕас тыаһын истэбин. Үчүгэйинэн ааҥнаабат быһыылаах. Биһигиттэн туох да тутулуга суох. Чэ, оҕолоор, туох сүбэ-соргу баарый, сүбэлэһэн көрүөҕүҥ! Элбэх өй тугу эмэ тобулуо.

Онуоха мастар эмиэ суугунаһа түспүттэрэ. Ойуччу турар харыйалар итэҕэйбэттэрин биллэрбиттэрэ. Чэ, ол гынан баран, кинилэри ким да истибэт. Барытыгар утарытын этэр, таҥнары сүргүөхтээх баҕайылар.

Ол да буоллар, манна араас санаа иһиллибитэ.

– Туох үлүгэрдээҕэ буолла? Баччааҥҥа диэри этэҥҥэ олорбуппут эбээт, аны кэлэн туох уларыйыай? Ааһар ини…

– Кырдьык, баҕар, биһигини таарыйбакка ааһыа дии. Эрдэттэн куттанар, уолуйар сатаммата буолуо.

– Суох, Сабарай Тиит сөпкө этэр. Мин эмиэ сэрэйэбин ээ.

– Ол сэрэйэн да хайыахпытый? Ханна да барар кыахпыт суох! Арай, Үрдүк Күүстэн көрдөһөрбүтүгэр, үҥэрбитигэр эрэ тиийэбит…

– Инньэ диэн олорон биэрэбит дуо? Буурҕа курдук силистэргин-мутуктаргын тоноон, кум-хам туттахтарына, дьэ өйдөнөрүҥ буолуо. Олорон биэримиэҕиҥ, хайдах эрэ утарсар ньыманы көрдүөҕүҥ, биир соргулаах сүбэни булунуоҕуҥ!

Ити курдук өссө да өр мөккүһүөхтэрин, Сабарай Тиит саба саҥарда.

– Түксү, күүгүнээмэҥ! Мин бу курдук толкуйдаатым. Ити, арааһа, былыргы дьикти харамайдар тыастара, сыттара быһыылаах. Онон кинилэр тустарынан, төһө кыалларынан, билэ сатыахха наада. Ыксаллаах кэмҥэ өбүгэлэрбит былыргы үгэстэрин туһаныахха сөп…

Инньэ диирин кытары, мастар бары ах бардылар. Ойуур иһигэр дьикти чуумпу сатыылаата. Ыраах турааччылар ситэ истибэккэ, бэйэ-бэйэлэриттэн сипсиһэн ыйыталаһан, лабаалара хамсаамахтаата. Бары Сабарай Тиит тугу этэрин өйдөөтүлэр эрээри, толлон, дьулайан, бэйэлэрин истэригэр санаатылар: «Ким?! Ким ону кыайыай?!» Кэмниэ кэнэҕэс утуйбута-хаппыта биллибэккэ, өр кэмҥэ туох да саҥа таһаарбакка улугуран турбут Муҥур Тиит хаахынаан саҥарбытыгар, бары да соһуйан хааллылар:

– Ити… сөп. Ыксаллаах кэмҥэ кинилэр эрэ көмөлөһөллөр, үрүҥ тыын өллөйө буолаллар диир этилэрэ былыргы муҥурааттар… Ол үгэһи кэпсииллэрин истэр этим. Мин… холонуохпун сөп. Сатамматаҕына даҕаны сүтэрэрим, аһыйарым суох. Саатар, онон туһалаан баран өллөрбүн…

Дьэ, дьулаан суол. Иччини ыҥыран тэҥҥэ кэпсэтэргэ бэйэҥ олоххун сиэртибэлээн туран, былыргы үгэһи тилиннэрэн, хомуһуннаах сиэри-туому толоруохха наада. Сатаан тылгын ылыннарбатаххына, ол улуу дьаалылар сүгүнүнэн арахпакка, ала буркуну түһэрэн, хас дууһаны илдьэ бараллара биллибэт…

Мастар бары толлон, дьулайан хаалан, тылларыттан матан, соҥуоран турдулар.

– Бэлэмнэниэххэ. Бастаан ойуур сокуонунан лабааттан лабааҕа, мастан маска илдьит ыытан, ыраах туох буола турарын билиэххэ. Иккиһинэн, кыыллартан-көтөрдөртөн эмиэ ыйыталаһыахха. Кинилэр киэҥ сиринэн тайаан сылдьан, билэллэрэ-көрөллөрө үгүс.

Сабарай Тиит ити этиитин мастар сөбүлүү иһиттилэр, эмиэ суугунаһан ыллылар. Ол кэнниттэн Сабарай Тиит илдьитин эппитэ мастан маска бэриллэн, ыраахха диэри тэнийэн, долгун курдук мастар төбөлөрө хоҥкуҥнуу турбутун үөһэттэн көрөн турда. Күн киирэр саҕаҕар тиийэн тыыннаах долгун сүттэ. Ол да буоллар, өр кэтэспэтилэр. Сотору кэминэн илдьит төттөрү долгуйан иһэрэ көһүннэ – биллибэт күүс чугас буоллаҕа. Ону туоһулаабыттыы ыраах саҕахха күөх буруо халлааҥҥа харбаһан таҕыста.

Илдьити тиһэх истибит мас бүтүн бэйэтэ титирээн ылла:

– Иэдээн бөҕө иэнигийбит, алдьархай бөҕө сатыылаабыт. Тимир кыыллар мас бөҕөтүн охтортоон, силистэрин түөрэн, туора соһон, Кыһыл Тылларынан салатан эрэллэр үһү… Чугастааҕылар букатын айманан олороохтууллар. Тимир кыыллары былыргы харамайдар салайар, хамсатар курдуктар үһү. Сэрии!.. Биһиэхэ сэриини биллэрбиттэр…

Итиччэлээҕи истибит мастар ытаһан-соҥоһон бардылар. Баччааҥҥа диэри уу нуурал олоҕунан олорбуттара сыччах! Иэдээн тимир тириитин кэтэн, идэмэрдээх хараҕын уотун хатаан, иэнигийэн кэллэҕэ үһү! Алдьархай уот айаҕын аппытынан, аһынары билбэт аһыытын килэппитинэн ааҥнаан кэллэҕэ үһү!

Ийэлэр бэйэлэрин буолбакка, оҕолорун аһынан ытаһан айманнылар. Сиртэн саҥа сэрбэйэн эрэр, олох үтүөтэ диэни билэ илик барахсаттары ким аһыммат буолуой?! Кинилэр баҕас, туох аньыыларыгар кэрэгэй дьылҕаланаллар? Чэ, ол гынан баран, баҕар, сүбэ-соргу тобуллуо, баҕар, иэдээн таарыйбакка да ааһыа…

Ити курдук мастар бэйэлэрин уоскутуналлар. Бу аан дойдуга Эрэл тиһэх өлөр дииллэр. Ол эрэн, Эрэлгэ эрэ эрэнэн, тугу да гыммакка олорон биэрдэххэ, Эрэл кэтэһэ сатаан баран, кэлэйэн көтөн хаалар диэн эмиэ баар.

* * *

Сабарай Тиит суон лабаатыгар Хара Суор халаахтаан түстэ. Бу кырдьаҕас суору мастар бары билэллэр. Ойуур үрдүнэн кини обургу элэҥниир, элэстэнэ сүүрэр аһы көрдөөн элбэхтик төттөрү-таары көппүтэ буолуохтаах. Сороҕор Сабарай Тиит мутугар ити курдук кэлэн олорооччу. Суор мастар тылларынан саҥарбатар да, ис имнэринэн син өйдөһөр курдук буолааччылар.

Бу да сырыыга Суор аҕыйахта халаахтаан баран көтөн хаалбытын кэннэ, кини тугу диэбитин Сабарай Тиит атын мастарга кэпсээн биэрдэ.

– Былыргы харамайдар Киһи диэн ааттаахтар. Аан дойдуга кымырдаҕас курдук оргуллары туттан олороллор, туох да аата-ахса суох элбээбиттэр. Тимир аттары көлүйэн, ити биһиги халлааҥҥа эрэ көрөр тимир көтөрдөрбүтүн айааһаан модун күүстэммиттэр. Ойууру барытын биир кэлим охторботтор, көбүс-көнө суол курдук солууллар үһү. Ол суоллара биһиги диэки туһаайыынан иһэр үһү…

Эрэл өлбөт, тиһэххэ диэри тардыһар. Баҕар, биһиэхэ тиийэн кэлиэ суоҕа, атын сиринэн, таарыйбакка, ааһыаҕа диэн кичэл санаа барыларыгар иҥмитэ.

* * *

– Бакаа былааммытын толорон иһэбит. Дьаһалта болдьох иннигэр бүтэрэргэ улахан интэриэстээх. Онон төһөнөн эрдэ бүтэбит да, бириэмийэ эмиэ үрдүк буолуо. Бары өйдөөтүгүт дуо? – Бааска дьонун сирэйдэрин кэрийэ көрүтэлээтэ. Ый кэриҥэ күүстээх үлэ кэнниттэн эт киһи элэйэрэ, сыа киһи сылайара да ханна барыай? Дьонун сирэйдэригэр сылайыы күлүгэ түспүтэ биллэр. Ол эрэн бириэмийэ туһунан истээт, бары да сэгэс гына түһээхтээтилэр. Аныгы үйэҕэ тугу барытын харчы быһаарар. Манна, бу икки атах үктэммэтэх түҥ тыатыгар бары да үөгүлүүр үбү, хаһыытыыр харчыны хармааннарыгар хачыгыраччы уктаары, ол харчынан тус бэйэлэрэ туох эмэ сыалларын ситиһээри кэлэн турдахтара.

Бааска бэйэтэ бэдэрээттэспит киһи, биригэдьиир буоларын быһыытынан, арыый да үгүөрү үбү сиэбигэр уктан, бааҥҥа мунньа сытыарар сууматыгар эбэн, быйыл хайаан да саҥа дьиэ ыллаҕына сатанар. Ыал ааттаах, кыра оҕолоох дьон, хааччыллыыта суох мас дьиэҕэ олороллоро сатаммат. Кэнники кэмҥэ куоракка дьэндэһэр саҥа дьиэлэри көрө-көрө, Сахаайалыын ыра санаа ымыыта оҥостуммуттара ыраатта. Улахан тугу да ылбакка, харчыларын барытын бааҥҥа уган иһэллэр. Хата, ыал аҕа баһылыга ылсар-бэрсэр, булар-талар буолан, син балачча мунньунна, кыратык эбэ түһэн баран, икки хостоох саҥа таас дьиэ ылыахтаахтар.

Оттон Павлик баҕа санаата олох атын. Кини билиҥҥитэ дьиэ-уот диэҥҥэ наадыйбат. Эдьиийигэр да олорон эриэн сөп. Саамай баҕарар, ымсыырар мала – сыаналаах омук массыыната. Хайдах массыынаны ылыаҕын, улахан музыкатын холбоон баран, түүҥҥү куорат устун уруулун эрийэ тутан, хайдах курдук ыыта сылдьыаҕын санаатыгар оҥорон көрөр. Ох курдук оҥостон, киэргэнэн-симэнэн баран, уолаттарын олордо сылдьан, түүҥҥү куораты уһаты-туора сыыйдахтарына, уулуссаларынан кынталдьыһа хаамар, самыыларынан оонньуур кырасаабыссалар бары кинилэр эрэ диэки көрүөхтэрэ, минньигэс мичээрдэрин аныахтара, үтүөмсүйбүттүү мааны олбоххо киирэн олоруохтара…

Барыларыттан аҕа, оттомноох Уйбаан ыра санаата да барыларыттан атын. Кинини бу биригээдэҕэ быраата Бааска ыҥырбыта. Уола Өстүөпэ былырыын оскуолатын бүтэрэн, оҕолору батыһан, киин куоракка үөрэххэ киирбитэ. Ол гынан баран, кыаҕа тиийбэккэ эбитэ дуу, оскуолаҕа үчүгэйдик бэлэмнээбэтэхтэриттэн дуу, үрдүк үөрэххэ бэйэтэ кыайан киирбэтэҕэ. Онон төлөбүрдээх үөрэххэ киирэригэр сөбүлэспиттэрэ, хайыахтарай. Ол үөрэх төлөбүрэ, аны куоракка дьиэ куортама туохха да тук буолбакка салыннарбыта. Тыа сирин үлэһит дьонун кыра хамнастара, эбэлэрин биэнсийэтэ сиидэҕэ ууну куппут курдук баран иһэрэ. Өссө уоллара куорат оҕолорун үтүктэн, фирменнэй таҥаһы, сыаналаах суотабайы көрдөөн турбута. Оҕоттон итэҕэс сырытыннарыаҥ дуо? Онон ыал аҕата кыра хамнастаах хачыгаар үлэтиттэн уурайан, хата быраата булан биэрэн, быстах үлэҕэ бу харчылаһа сырыттаҕа. Тиэргэниттэн тэлэһийбэтэх киһи дьиэтин, оҕолорун, кэргэнин ахтара сүрдээх.

Атыттар да ити курдук баҕалаах, санаалаах-оноолоох сырыттахтара.

Чэйдээн бүтэн, туран сэптэрин-сэбиргэллэрин бэлэмнэммитинэн бардылар. Уйбаан «Дружба» эрбиинэн охторооччу буолар, атыттара мутугун ыраастыыллар. Бааска тыраахтырынан состорон түрүлүөпкэлиир. Аҕыйах киһиэхэ харчы да үгүөрүтүк тиксиэ диэн, элбэх киһини ыла сатаабатаҕа. Онон биригээдэлэригэр сэттиэлэр эрэ. Ол да буоллар, үрдүк былааны ылынан, биир үксүн онон быстардылар.

Эбиэт кэнниттэн харыйа, хатыҥ, тиит үүммүт булкаас ойууру ааһан, ырааһыйа кэнниттэн үрдүк томтор сиргэ чиргэл тииттэр үүммүт сирдэригэр тиийэн кэллилэр. Бааска суон тииттэри астыммыттыы сөҕө көрөн турда. Оо, хаарыаны, маннык мааны мастарынан куоракка дьиэ туттан дьэндэтэн кэбиспит киһи! Икки этээстээх, аныгы сиэр быһыытынан олус сиэдэрэй тутуулаах дьиэни тутуо этэ. Ол ыт уйатын саҕа кыараҕас квартираҕа тэҥнээх буолуо дуо! Ону баара, бачча ыраахтан туох онно тиэйэн илдьибит үһү. Бу барахсаттары туох да туһаҕа таһаарбакка, таах уматан кэбиһэр кыһыыта бэрт. Ол эрэн ыйыллыбыт хайысхаттан кыратык да туорууруҥ көҥүллэммэт. Бааска лаглайа үүммүт суон мастары көрөн турбахтаан баран, Уйбааҥҥа сапсыйан кэбистэ.

Уйбаан эмиэ бу мастары аһына көрөн турбута. Абатын, дьон олорор сирин таһыгар да маннык мастар үүммэт буоллахтара. Бөһүөлэктэр, сэлиэнньэлэр аттыларыгар киһи туһанар маһа бүтэн, оннооҕор оттук мас бэрт эрэйинэн киллэриллэр буолан эрэр. Ону баҕас хачыгаар Уйбаан билэр. Арай бу маннык үрэх баһа дойдуга баараҕай мастар өссө да үүнэр буоллахтара.

Уйбаан «Дружбатын» собуоттаан, томтор кытыытыгар турар синньигэс, эдэр тииттэри охтортоон барда. Онтон кини суолугар кырдьаҕас, хаппыт тиит турарыгар хараҕын хатаата. Эргийэ хаама сылдьан, балларыттаҕас хатырыгын баттыалаан көрдө. Сөхпүтүн омунугар чыпчырынан ылла. Дьэ, буолар да эбит! Маннык суон маһы хаһан да харахтыы илигэ. Арааһа, үс да киһи быластаатаҕына, илиитэ тиийиэ суох. Лабаата суонун! Хас да үйэни уҥуордаан кэлэн турдаҕа. Маннык баараҕай тиити суулларар да аньыыта бэрт курдук. Ол эрэн, хаппыт мас аата хаппыт мас, бирикээс туолуохтаах, үлэ бүтүөхтээх!

«Дружбатын» собуоттаат, эрэллээх соҕустук эрбиитин мас хатырыгар батары баттаата. Эрбиитэ, тимири тимиргэ аалан эрэр курдук куһаҕан тыаһы таһаараат, тииһэ хоппокко халтарыйан, туора баран хаалла.

– Чуортута, туох абааһы маһай! Таас курдук буола сытыйан! – саҥа таһааран үөхсэ-үөхсэ, Уйбаан кыһыйа-кыһыйа хаста да эрбиитин маска туһаайан көрдө да, тэрилэ сарылыыр курдук тыас таһааран баран бөтөн хаалла. Илиитэ салҕалыар диэри кыыһыран, үлэлээбэт буолбут эрбиитин киэр илгээт, кыһыытыгар, маһы тэбиэлээн көрдө. Айык-каа! Аны атаҕын тосту тэбэ сыста. Кэбис, сатаммата, уоскуйуохха.

Уйбаан ыарыытын аһарынан баран, салҕалас буолбут илиитинэн сиэбиттэн бөппүрүөскэни хостоон, табаҕын уматына сатаата. Кэмниэ кэнэҕэс, хас да испиискэни тоһутан баран, дьэ, уматынна. Хараҕын симэн, бөппүрүөскэтин хаста да дириҥник оборон баран, уоскуйа быһыытыйда. Ол олорон, хайдах эрэ туораттан ким эрэ кинини одуулуурун курдук, этэ аһыллан, дьигиһийэн ылла. Эс, ким да суох… Тула ураты чуумпу сатыылаабыт. Биир да мас хамсаабат, биир да сэбирдэх суугунаабат, биир да көтөр-сүүрэр саҥата иһиллибэт. Дьэ, бу дьиибэ сир буолла. Оттон дьоно ханна барбыттарай, тоҕо иһиллибэттэрий?

– Хуух! Хуух!

Эмискэ, киһини соһутан, мастар быыстарыттан хара суор халаатаан таҕыста. Күтүр, ханна мас быыһыгар дьүгэлийэн сыппытай? Эчи, саһыах сир баппатаҕа!

Киһи табаҕын быраҕаат, ыараханнык ыадастан туран «Дружбатын» бодьуустаста. Сотору кэминэн тэрилэ эмиэ бааҕыныы түстэ. Дьэ эбитээ! Тааһыра сытыйбыттары баҕас сөптөрүн көрүллүө, мас аата мас ини!

Эрбиитин мас диэки туһаайан эрэрэ баара да, тоҕо эрэ илиитэ салҕалаан, туора тутан кэбистэ. Сонно тута абытай ыарыы атаҕын уотунан салаата, тула кыһыл хаан ыһылла түстэ. Чуумпуран, дьиппиэрэн турбут тыа иһэ киһи олуона сарылааһыныттан соһуйан дьигис гына түстэ.

Киһилэрэ хаһыытыырын истэн, дьоно сырсан кэллилэр. Уйбааннара атаҕын туттан баран, сарылыы-сарылыы сиргэ төкүнүйэ сылдьар. Илиитэ, атаҕа бүтүннүү кыа хаан буолбут. Соһуйан-өмүрэн, Павлигы отууларыгар сүүрдэн, аптечка аҕалтардылар. Уйбаан атаҕын өрүү быанан ыга туттаран, аһаҕас бааһыгар буокка кутан баран, бэрэбээскилээн кэбистилэр. Ол да үрдүнэн хаана өтөн, бычыахтаан, үп-үрүҥ маарыла кытара оҕуста. Киһилэрэ хаана элбэхтик барбыт, сототун ортотунан эрбиинэн быһа сотторон кэбиспит. Хата уҥуоҕун таарыйбатаҕар махтал. Тымырын быһа соппута буоллар, иэдээн буолуох эбит…

Бааска, уоскуйа түһэн баран, киһитин сэмэлээн барда:

– Уйбаан, хата киһини куттаатыҥ. Кырдьаҕас, уопуттаах киһи эрээри, оҕо курдук дьаабылана сырыттаҕыҥ…

– Суох, ити мас, мас моһуоктаата! Абааһылаах быһыылаах!.. Таас курдук кытаанах, оннооҕор «Дружба» тэйэ сылдьар…

– Бэйэҥ буруйдаах эрээри, аны мас буруйдаах буолла дии! Буолумуна!..

– Кырдьык, кырдьык ээ! Бэрт киһи, бэйэҥ боруобалаан көр!

Бааска, сиргэ силлээн баран, саҥата суох эрбиини ылан, Уйбаан ыйбыт маһыгар тиийдэ. Балачча өр хантайан маһы одуулаан турбахтаан баран, эрбиитин собуоттаат, мас диэки туһаайда. Эмиэ куһаҕан тыас тахсаатын, эрбии умуллан хаалла. Эбиитин, сыыһа туттан, эмиэ Уйбаан кэбин кэтиэҕин, хата эрбиитэ умуллан быыһаата.

Бааска маатыралыы түһээт, отуутун диэки ыстанна. Дьоно сирэй сирэйдэрин эрэ көрсөн хааллылар. Барытыгар биригэдьиирдэрин истэ үөрэммит буолан, тугу да гыныахтарын билбэтилэр.

Сотору буолаат, саҥа кэрдиллибит бырасыака устун тыраахтар охто сытар оту-маһы барчалаан, бу ньирилээн кэллэ. Дьоно нэһиилэ туора ойон биэрдилэр. Тыраахтар тохтуур да бокуойа суох, тугу барытын үлтү тэпсиэх курдук, тута сабырыйан турар хаппыт тиит диэки салайда…

Хаппыт тиит бу чугаһаан кэллэ. Бэйи, кини да буоллар, тиэхиньикэ модун күүһүн хайдах тулуйар эбит? Модун тиэхиньикэлээх буолан, киһи туохтан барытыттан күүстээх! Айылҕаны барытын бас билэр, кыайар-хотор күүстээх! Дьон оннооҕор таас хайалары курдарыта сүүрбүттэрэ, модун өрүстэри муоһалаабыттара! Биир мас диэн киһи модун күүһүгэр тугунан тэҥнэһиэй!..

Тыраахтар маска субу чугаһаан, анньыллара бу кэллэ. Арай Уйбаан көрдөҕүнэ, мас хатырыга силэллэ түһэргэ дылы гынна да, мас иһиттэн күп-күөх баттахтаах, бытыктаах оҕонньор сирэйэ былтас гынаат, киһи диэки үрэн сирилэттэ.

Дьоно көрдөхтөрүнэ, маска тиийэн саайылла түһэн баран, Уйбааннара тыраахтарын тохтотон, кабинаттан ыстанан түстэ да, сарылыы-сарылыы ойуур диэки сүүрэ турда. Дьон тугу да өйдөөбөккө даллаһан турдулар. Онтон киһилэрэ тохтуур санаата суоҕуттан, саҥата ыраатан, кыччаан барбытыгар, икки киһи кэнниттэн эккирэттилэр. Хаалбыт дьон уку-сакы буолан, сээкэйдэрин хомунан, дэҥнэммит киһилэрин сүгэн, отууларын диэки салбыҥнаатылар. Тоҥ күөс быстыҥа буолан баран, эккирэппит дьон аҕылаан-мэҥилээн, эстэн-быстан, биригэдьиирдэрин тутан аҕаллылар.

Киһилэрэ мээнэнэн көрө сылдьар, айаҕыттан үрүҥ күүгэн аллар, айаҕын муҥунан тугу эрэ баллыгырыыр. Дьэ, букатын сатаммат дьон буолбуттар.

Бу түүн ким да хараҕын быһа симпэтэ. Бааскалара баллыгыраан, өрө мөхсөн, утуйар санаата суох. Субу-субу ойон туран, ойуур диэки сүүрэн хаалаары куттаталыыр. Хайыахтарай, киһилэрин кэлгийэргэ тиийдилэр, түүннэри манаан олордулар.

Аҕам саастаах киһилэрэ, Балыарый, уокка ас бэрсэн, алы гына сатыыр. Сирдэрин-уоттарын сиэрдээхтик аһаппатахтарын, иччилээх маһы кэрдэ сатаабыттарын бырастыы гыннаран, билэр-билбэт айыыларыттан барыларыттан көрдөстө.

Сарсыарданан икки моһуогурбут киһилэрэ өссө бэргээн, сээкэйдэрин хомунан, тыраахтардарын собуоттаан, төттөрү айанныыр буоллулар.

* * *

Күөх буруо саҕахха киирэн сүтэн, ыыр-дьаар сыт тарҕанан, сири аннынан ньирилиир тыас иһиллибэт буолбутун кэннэ, мастар дьэ «һуу» гыннылар, үөһэ тыына түстүлэр.

Онуоха-маныаха диэри…

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации