Электронная библиотека » Айталина Никифорова » » онлайн чтение - страница 2


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 13:20


Автор книги: Айталина Никифорова


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 7 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +

– Саамай сөп! Наһаа да маладьыаскын!

Кыыс ытыыра тохтоото, санныттан ыар сүгэһэр түспүккэ дылы буолан, саҥа таһааран күллэ. Сиэттиспитинэн оскуолаларын диэки сүүрдүлэр. Кылаас чааһа саҥа бүппүт. Кылаастарын салайааччыта Маргарита Дмитриевна дуоскатын сото турар.

– Биһиги иккиэн путевкаттан аккаастанабыт! – аан айаҕыттан хаһыытаабытынан Лиза биирдэ кылаас ортотугар баар буолла. – Оннук буолбат дуо, Петя?

– Чахчы!

– Эс, хайдах иккиэн аккаастаныаххытый? Иккиэҥҥититтэн хайаҕыт эмэ син биир барыахтаах. Итиччэ путевка тиксибитин кэннэ. Бээ эрэ, эһиги миигин манна күүтүҥ. Мин дириэктэргэ киирэ сылдьыам, – диэн баран, туттардыын-хаптардыын сыыдамсыйан учууталлара кылаастан тахсан барда.

Уоллаах кыыс, улахан кыһалҕаттан төлөрүйбүт дьон быһыытынан, үөрэ-көтө күө-дьаа кэпсэтэ олордулар.

– Мин оҕолортон наһаа да хомойдум. Киһини буруйдаабыттара эчи түргэнин. Ол путевканы мин көрдөөн ылбыппар дылы. Мин эмиэ туйгун үөрэхтээҕим иһин, үөрэх дьаһалтата ыыта сатаатаҕа! Ити Таня дьүөгэм курдук этэ дии. Ис дьиҥэ хайдаҕа дьэ көһүннэҕэ! Уонна кинини кытта доҕордоһон да бэрт! Ити кини миигин оҕолору утары соруйан туруорда. Наһаа ынырык кыыс дии?

– Таня наар тугу саныырын уот харахха этэр. Ол иһин киирэн биэрэр. Оттон оҕолору кытта мин кэпсэппитим. Уолаттар эн буруйа суоххун өйдөөбүттэрэ. Оттон кыргыттар – наһаа уустук дьоҥҥут!

Сотору учууталлара оскуола кураанахсыйбыт көрүдүөрүн устун хобулугун тоһугуруур тыаһа иһилиннэ. Кылаас аанын эрчимнээхтик аспытыттан сэрэйдэххэ – кыыһырбыт. Кылгас куударалаах баттаҕын түргэн-түргэнник өрүтэ анньымахтаат, кэлэн оҕолор аттыларыгар турар олоппоско олордо. Кыһыл кырааскалаах тыҥырахтарынан остуолу тоҥсуйталаата.

– Дириэктэр боппуруоһу олус сытыырхатымаҥ, оройуон таһыгар айдаан таһаараары гынаҕыт дуо диир. Онон ити боппуруоска хат эргиллибэт үһүбүт. Лиза, эн бараҕын! – кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн, учууталлара бэйэтин остуолугар тиийэн олордо, бэрэбиэркэлии олорбут тэтэрээтин ылла.

* * *

Сайын кэлэн иһэр сибикитэ биллэн, сылаас сатыылаата. Кыстык кэнниттэн дьон олбуордарын ыраастаналлар, сайыҥҥа оргууй үктэнэллэр. Киэһэтин бөһүөлэк түптэ буруотун минньигэс сытынан туолар.

Киинэҕэ сылдьан баран, Петя Лизатын дьиэтигэр атаарда. Дууһатыгар чэпчэки, ыраас, эгди. Кини этигэр-хааныгар күнтэн күн күүс эбиллэргэ дылы. Сүрэҕэ үөрүүнэн туолан, уол хааман иһэн кылыйталыыр. Эдэр киһи эрчимэ батарбакка, аанын тэлэччи аһан дьиэтигэр киирдэ. Тута алаадьы ураты алыптаах сытын ылан, өссө үөрдэ.

– Ийэ-э, алаадьылаабытыҥ олбуортан биллэр! – диэбитинэн куукунаҕа ойон киирбитэ, ыалдьыт баар эбит. Таня ийэтин кытта чэйдии олороллор. Уол соһуйан тылыттан матта.

– Ээ, бу Таня кэлэн алаадьылаан абыраата. Мин ииспин бүтэрэ сатаан олох бокуой булбаппын. Эдэр оҕо диэтэххэ, асчыта диибин диэн! Олорон чэйдэ ис.

Ийэтэ үөрбүт ахан, сыыдам сыыдамнык уолугар хортуоппуйдаах эти кутта.

– Бу хортуоппуйу Таня хаҕылаан, аспыт түргэнник буста. Ыл, аһаа!

– Ээ, суох. Мин ыалга аһаан кэллим.

Петя сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, саҥата суох хоһугар киирэн хаалла.

– Варвара Федоровна, мин ис санаабын эйиэхэ аһыахпын баҕарабын, – кыыс эмискэ сибигинэйэн саҥарда. – Мин… Мин Петяны таптыыбын… Сэттис кылаастан быһа. Кинини кытта бииргэ сылдьаары хайыһарынан дьарыктанабын. Саатар көрөөрү… Оттон кини… Кини миэхэ олох наадыйбат… – Таня хараҕа уунан туолла.

– Миигин сэрэйбэтэ, билбэтэ буолуо диигин дуу? Маҥнайгы таптал – саамай истиҥ иэйии. Ол эрээри оҕо сылдьан таптаабытыҥ сотору умнуллуо. Атын уолу көрсүөҥ. Оскуоланы бүтэрээри сылдьар дьон, олоххут иннигэр. Оттон Петя анала атын. Билэҕин дии… – ийэ кыыһы аһынан сымнаҕастык саҥарда.

– Мин санаабар, кини Лизаны аҥаардастыы таптыыр. Оттон Лиза бэйэтин эрэ билинэр. Наһаа мааны, атаах кыыс! Сайын биһигини кытта биирдэ эмит окко сырытта дуо? Суох! Биһиги сайыны быһа наар үлэлээн тахсабыт, оттон кини дьонун кытта соҕуруу сынньанар. Тойон оҕото буоллаҕа! Петя хараҕа сабылла сылдьар! – били сибигинэйэ олорбут кыыс аны кыыһыран-тымтан туран кэллэ.

– Оргууй саҥар! Петя истиэ! Эн кыыс оҕо кыыс курдук намыын, наҕыл соҕус буолуоххун. Таҥаскын-сапкын да көрүнүөҥ этэ. Быйылгы ыһыахха тугу кэтээри сылдьаҕын?

– Ээ, мин онно эрэ наада буолбаппын!

– Суох, инньэ диэмэ. Уолаттар мааны кыргыттары көрөллөр! Эн миэхэ таҥас ылан биэрдэххинэ, мин эйиэхэ наһаа үчүгэй сайыҥҥы былаачыйа тигиэм. Ыһыахха уһун солко былаачыйа кэтиэҥ этэ. Кыыс да кыыс буолуоҥ!

– Суох, мин таҥас атыылаһар харчым суох. Эдьиийим биэнсийэтигэр олоробут дии, – кыыс умса көрөн саҥата суох барда.

– Чэ, буоллун, миэхэ таҥас көстүөҕэ. Ыһыахха дьахталлар сакаас бөҕө биэрэн эрэллэр. Мин эйиэхэ тигиэҕим! – дьахтар кыыһы аһынна.

Аһынымына даҕаны. Тулаайах хаалбыт кыыһы ырааҕынан аймаҕа дьахтар иитэ ылбыта. Кини уончалаах кыыс атын оройуонтан кэлбитэ. Кырдьаҕас эдьиийин кытта иккиэн олороллор. Балбаара кыыһы наар маҕаһыыҥҥа килиэп, үүт ылаары уочараттыы турарын көрөр. Мөлтөх таҥастаах-саптаах кыыһы өрүү аһына саныыр. Билигин, улаатан, киһи эрэ хараҕа хатанар кыыһа буолбут. Сырдык хааннаах, саһарчы көрбүт киэҥ харахтаах, үрдүк уҥуохтаах, толору эттээх-сииннээх. Балбаара санаатыгар, кырачаан уҥуохтаах, хатыҥыр Лизаттан таһыччы ордук курдук.

– Тоойуом, таҕыс, кэлэн аһаа. Таанньаҥ барда.

– Таанньаҥ буолан! Ийэ, эн хайдах билбэт киһигин итинник чугаһатаҕын? Олох өйдөөбөтүм.

– Хайдах билиэм суоҕай? Эйигин сырсан да биэрээхтиир. Оҕобун сөбүлүүр кыыһы хайдах чугаһатыам суоҕай? Ити наһаа үчүгэй кыыс, дьиҥэр. Хаһаайыстыбаннай. Манна бүгүрүтүк туттан-хаптан алаадьылаан элээрдибитин көрүөҥ этэ. Биир бэйэм итинник кийиити олох сириэм суоҕа этэ! – дии-дии дьахтар уолун хаадьылаан күллэ.

* * *

Петя кылааһын оҕолорун салайан от үлэтигэр бэлэмнэннэ. Сотору-сотору сопхуос мунньаҕар ыҥырыллар. Оҕолорго сайын устата 200 туонна оту туруорарга сорудахтаатылар. Онон биригээдэтин дьонун муһар, үлэлиир тэриллэрин булар, астарын-үөллэрин маҕаһыын ыскылаатыттан ылар. Таня кыыс хата көмөлөһөн абырыыр. Онон ас-үөл боппуруоһун киниэхэ сүктэрдэ. Бүгүн эмиэ хонтуора олбуоругар уолаттарын кытта хотуурдары, кыраабыллары өрөмүөннээри муһуннулар. Үлэлэрин быыһыгар кэпсэтэн-ипсэтэн, өрө тэбинэн тустан да ылан, үлэлээн күйгүөрэ сырыттахтарына, Лиза тиийэн кэллэ. Муус маҥан кылгас сарапааннах, үрүҥ сэлээппэлээх, хобулуктаах түүппүлэлээх кыыс хайдах эрэ отчут-масчыт дьон ортотугар сөбө суох маанытык көһүннэ. Муода сурунаалыттан түспүт курдук кэрэ кыыһы көрөн, уолаттар тылларыттан маттылар.

– Лиза-а! – Петя үөрэн мичилийэн кыыска сүүрэн кэллэ.

– Мин… мин… этэрдээхпин, – Лиза саҥата иһиттэн нэһиилэ таҕыста. – Биһиги көһөр буоллубут. Аҕабын Дьокуускайга үлэҕэ анаабыттар.

– Онтон оскуолаҕын хайдах бүтэрэҕин?

– Куоракка сахалыы оскуола баар. Докумуоммун туттарбыттар. Онон барыта быһаарыллыбыт.

– Оттон, оттон… мин? Эн?

– Петя, эйигинэ суох хайдах олоруохпун билбэппин. Истээт, бу эйиэхэ сүүрэн кэллим. Дьонум миэхэ кэпсээбэккэ сылдьыбыттар.

– Лиза, хаал! Манна эбээҥ баар дии! Киниэхэ олорон оскуолабын бүтэрэбин диэ! Манна эн кыһыл көмүс мэтээлинэн оскуоланы бүтэриэҥ дии. Оттон куоракка туйгуннар эрэ элбэхтэрэ буолуо, онно тиксэриҥ биллибэт. Инньэ диэххэ наада!

– Хата, ити сөпкө эттиҥ! Хайдах бэйэм да өйдөөбөтөхпүнүй? – кыыс үөрэн сирэйдиин сырдаата. – Билигин бараммын ийэбинээн кэпсэтиэм.

Лиза улахан соруктаах киһилии дьиэтигэр сүүрэн тиийдэ. Икки этээстээх үрүҥ кырааскалаах тутууну дьон «райкомнар дьиэлэрэ» диэн ааттыыр. Манна баартыйа райкомун үлэһиттэрэ олороллор. Кыбартыыратыгар ойон киирдэ. Атаҕын таҥаһын устан, ыксаан тапочкатын да кэппэккэ көбүөрүнэн тэлгэнэ сытар көрүдүөр устун куукунаҕа ыстанна. Ийэтэ бэрэски оҥоро олорор.

– Ыл, илиигин сууна охсон кэл, бэрэскитэ оҥорус. Бүгүн ыалдьыттар кэлэллэр.

– Эмиэ дуо? Күн аайы бырааһынньык!

– Бу да кыыс тылын! «Проводина» оҥорор буоллахпыт дии. Биһиги табаарыстарбыт элбэхтэр. Сааспыт тухары олорбут сирбититтэн көһөбүт. Саныахха эмиэ да ыарахан…

– Оннук буолумуна! Мин мантан барыахпын, оҕолорбуттан арахсыахпын баҕарбаппын. Мин хаалан оскуоланы манна бүтэриэм. Эбээни кытта олоруом. Каникул аайы куоракка барыам. Хайа, уонна ол куоракка кыһыл көмүс мэтээл биэрэллэрэ биллибэт. Биир эрэ сыл хаалбытын кэннэ көһөр олох сыыһа! – Лиза кутан-симэн кэбистэ.

– Ол-бу буолбаккын! Эйигин манна хаалларбаппын! Истиэхпин да баҕарбаппын! Куоракка да үчүгэйдик үөрэниэҥ. Оскуола дириэктэрин кытта аҕаҥ кэпсэппитэ. Төрүөтэ, хата, ити хаайыылаах уола диэ! – кырааскалаах хааһын түрдэһиннэрэн, ийэтэ кыыһыран-тымтан турда. – Лизочка, киһи дабылыанньатын эмиэ таһаараары гынныҥ! Ити туһунан миэхэ уонна этимэ! Бачча бырааһынньык буолаары турдаҕына кыыһырдыма ийэҕин.

– Ийэ-э, киһини олох истибэккин! Эн хаһан даҕаны миигин өйдөөбөккүн! Аҕабыттан ыйытыам оччоҕо! – диэн баран кыыс кыыһыран, куукунаттан тахсан барда.

Киэһэ ыалдьыттар тарҕаспыттарын кэннэ, Лиза хоһуттан тахсан, аҕатын аттыгар кэлэн дьыбааҥҥа олордо. Ийэлэрэ куукунаҕа иһит сууйара иһиллэр. Нина кэлин санаата көнньүөрэн ахан сылдьар. Дьэ, кини баҕарбыт санаата туолла! Кэргэнин улахан дуоһунаска анаатылар. Куорат киинигэр саҥа дьиэҕэ улахан кыбартыыра биэрэллэр үһү. Кини киэҥ сиргэ тиийэн тыйаатырга сылдьыа, бэйэтин курдук үрдүк таһымнаах дьону кытта алтыһыа. Бу тыа сиригэр уһуннук да олордулар. Кини куорат таһынааҕы бөһүөлэктэн төрүттээх буолан, бу ыраах тыа сиригэр тыына-быара ыгыллан да олордо. Маҥнай утаа учууталлаан иһэн, оҕобун, дьиэбин-уоппун көрөбүн диэн тохтообута. Онон дьиэтин сууйар-тарыыр үлэлээҕэ. Тыа сиригэр ханна сылдьыаҥый? Киинэҕэ баран кэлиэҥ. Сайын аайы соҕуруу сынньанар буоланнар, өссө тулуйан олордо.

– Аҕа-а, мин манна оскуолабын бүтэриэхпин баҕарабын. Хайдах маҥнайгы кылаастан бииргэ үөрэммит оҕолорбун кытта тэҥҥэ үөрэхпин түмүктүөм суоҕай. Мин куорат оскуолатыгар олох үөрэниэхпин баҕарбаппын! Хайдах эрэ оҕолор буолуо, ол куораттар.

– Барыта быһаарыллан турар ээ, чыычааҕыам. Онно баран эн куорат саамай үчүгэй оскуолатыгар үөрэниэҥ. Үөрэххэ киириэҥ иннинэ куорат күүстээх учууталлара эрчийиэхтэрэ. Москуба үрдүк үөрэҕэр киирэр уустугун бэйэҥ билэҕин. Онон уһуну-киэҥи саныах тустааххын, – Иван Гаврильевич сымнаҕастык эрээри киһи утарбат гына санаатын эттэ.

– Эһиги миигин олох өйдөөбөккүт… – эрэ диэтэ Лиза уонна халаатын сиэҕинэн иэдэһинэн сүүрбүт хараҕын уутун сотунна.

– Хайдах өйдүөм суоҕай? Мин барытын билэ-көрө сылдьабын. Петя үчүгэй уол. Эйигин дьиҥнээхтик таптыыр буоллаҕына, күүтүөҕэ. Тапталы арахсыынан тургуталлар эбээт. Истиҥ иэйии буоллаҕына, араҕыстахха даҕаны өлбөт-сүппэт. Ыраах да сылдьан тапталларын таҥнарбатах элбэх дьону билэбин. Истиҥ иэйии эмиэ бириэмэни эрэйэр. Эһиги дьолгутун ыксатымаҥ, сыһыаҥҥытын тургутан көрүҥ. Барыта кэмигэр кэлиэҕэ, – диэн баран, аҕа кыыһын кууһан ылан төбөтүн оройуттан сыллаата.

Лиза ити кэпсэтии кэнниттэн арыый да уоскуйда. Эмиэ да сөпкө этэр курдук. Биир сыл түргэнник элэстэнэн ааһыаҕа. Каникул аайы кини эбээтин көрсө таарыйа манна кэлиэҕэ. Ити санаатыттан кыыс эгди буолла. Куукунаҕа киирэн, ийэтигэр көмөлөспүтүнэн барда.

Аҕыйах хонугунан Ивановтар Дьокуускайга айаннаабыттара. Ийэлэрэ «Лиза «Артекка» барыан иннинэ өссө хомунуохтаах» диэн ыксатан, бэрт тиэтэлинэн көспүттэрэ. Лиза барар күннэрин хайа сатанарынан уһата сатаабыта да, күн-дьыл обургу тугу билиниэ баарай? Петятынаан арахсар күннэрэ субу тиийэн кэлбитэ.

– Петя, суруйаар. Мин эйиэхэ аадырыспын ыытыаҕым. Мин күн аайы эйиэхэ суруйуом. Эн эмиэ…

– Тыый, туох диэн эттэҥий. Күн сарсыҥҥыттан эн суруктаргын кэтэспитинэн барыам! Лиза, мин эйигин олус күүскэ таптыыбын. Эйигиттэн күндү киһи миэхэ суох. Ону умнума. Мин таптыырбын наар өйдүү сырыт.

– Мин эмиэ… Эйигин таптыыбын… Атын сиргэ эйигинэ суох баран олорорбун санаатахпына, хайдах да буолуохпун билбэппин.

– Доҕоруом, ытаама. Эн ытыыргын олох тулуйбаппын. Бөлүүн арахсар күммүтүн санааммын, тыыным кылгаабыта. Эн мантан бардаххына, миэхэ тула кураанахсыйа түһүө.

Петя кыыһын мөссүөнүн умнубаттык өйүгэр хатаары тонолуппакка көрөн турда. Онтон оргууй иэдэһиттэн сыллаан ылла. Лиза төбөтүн уол түөһүгэр ууран саҥата суох турда. Кинилэр симик тапталларын үргүтүмээри, симэниэҕинэн симэнэн турар хойуу лабаалардаах хатыҥ сэбирдэхтэрин биллэр-биллибэттик оонньото турда…

* * *

Сайыҥҥы күн-дьыл түргэнник күрэннэ. От үлэтин айдааныгар Петя кэм-кэрдии олус сыыдамнык ааспытын билбэккэ да хаалла. Быһыыта, сайын аайы Лизата суох дойдутугар от-мас үлэтигэр сылдьарга үөрэммит буолан, кыыһы улаханнык суохтаабата. Эдэр дьон үлэни да, үөрүүнү-көтүүнү да көҕүлүттэн тутан, атын хос кыһалҕата суох күннээҕи түбүгү үмүрүтэн сүрдээх үчүгэйдик сайылаатылар. Отторун үлэтин бүтэрэн, кыайбыт-хоппут дьон ырыа-тойук аргыстаах дьиэлэригэр кэллилэр.

Петя от үлэтигэр буһан-хатан, дьонун ахтан, үөрүү көтөллөөх аанын эрчимнээхтик аһан киирдэ. Уол дьиэтин салгына уратытык тыҥаабытын тута сэрэйдэ.

– Мин кэллим! – диэбитинэн хоһу өҥөйдө. Ийэтэ оронугар сытар. – Тоҕо сыттыҥ? Ыарыйдыҥ дуо?

– Ээ, суох… Тоойуом, эн кэлэ оҕустуҥ дуо? Мин, мин бу… – диэн баран, хараҕын уутуттан илийэн, кумаланан хаалбыт кумааҕыны уунна.

Уол ийэтин аттыгар турар олоппоско «лах» гына олордо. Долгуйан салҕалас буолбут илиитинэн суругу ылан аахта.

– Дьаабы да киһи! Бу аата тугуй? Саатар бэйэтэ да суруйбатах! Куттас! – Петя ис-иһиттэн аҕатыгар кыйаханан, ойон туран төттөрү-таары хаамыталаата. – Ийэ-э, эн тоҕо ытыыгын? Ытаама! Биһиги онто да суох аҕабытын сүтэрбиппит ыраатта буолбат дуо? Кини туһуттан хараҕыҥ уутунан суунума. Биһиги аҕата суох улааттыбыт. Билигин кэлэн кини туохха нааданый?! Арыгылаан эйигин эрэйдиэ эрэ этэ. Хата, кэргэннэммитэ биһиэхэ өссө ордук. Олордун бэйэтин олоҕунан!

– Петя, эн ити ис сүрэххиттэн этэҕин дуо? Мин буоллаҕына эһигини хайдах ылыныахтарай диэн санаарҕаабытым… Быйыл «поселениеҕа» таһаарбыттар. Онно олорон ити булсубуттар. Ол да иһин суруга мэлийбит эбит. Олоҕун оҥосто сырыттаҕа… – дьахтар ыараханнык өрө тыынна.

– Мин эйигин кимиэхэ да атаҕастатыам суоҕа. Наар бииргэ сылдьыахпыт. Оскуолабын бүтэрэн баран үөрэххэ барыам, үлэһит буолуом. Лизабын кэргэн ылыам! Уонна бары бииргэ олоруохпут!

– Ии, оҕом барахсан кэлбитиҥ тугун үчүгэйэй! Тута санаам көннө. Хата оҕобор билигин бэрэски астыам.

– Суох, ийэ, түбүгүрүмэ. Ол оннугар мин соркуой буһарыам. Оттон Люда кэлэ илик эбит дии. Быйыл хойутаабыттар.

– Эс, чыычааҕыам, бэрэским таһаарыыта бэлэм. Бэҕэһээ көөнньөрө уурбутум. Онон астыам.

Петя бу күннэргэ ийэтин санаатын көтөҕөөрү, барбакка-кэлбэккэ дьиэтигэр олордо. Хата ол олорон Лизаттан кэлбит суруктары хат-хат аахта, сылайбакка күннээҕи олоҕун туһунан тапталлааҕар суруйда. Лиза олус үчүгэйдик «Артекка» сынньаммыт. Саҥа сири-дойдуну көрөн, муораҕа дуоһуйа сөтүөлээн абыраммыт. Элбэх доҕордоммут. Бэл диэтэр, Венгрия, Чехословакия кыргыттарын кытта билсибитин, хайыы сахха суруйсан эрэллэрин астына кэпсээбит.

«…Мин эйигин наһаа суохтуубун. Арахсыбыппыт баара-суоҕа үс ый эрэ буолла. Ахтан аҥаарым эрэ хаалла. Өссө бүтүн биир сылы хайдах тулуйабын? Эн суруктаргын хос-хос ааҕабын. Оччоҕо санаам чэпчиир…»

«…Аны аҕыйах хонугунан оскуолаҕа барабыт. Эн абыраммыт киһигин, билэр оҕолоргун кытта салгыы үөрэнэҕин. Оттон мин олох саҥа кэлэктиипкэ киирэбин. Санаабар наһаа ыарахан. Хайдах эрэ оҕолор буоллахтара? Куорат үөрэнээччилэрэ ордук сайдыылаахтара буолуо диэн, барбыппын аахтаары бибилэтиэкэҕэ сылдьабын. Национальнай бибилэтиэкэ баайыттан сөҕөбүн. Үөрэнэр кинигэлэри эрэ буолбакка, атын эбии литератураны ааҕан астынным. Хата Рома диэн студент уол наадалаах кинигэни буларбар көмөлөһөр. Кини историк. Аны мин историческай кинигэлэри ааҕар буоллум. Онон филфакка буолбакка, философскайга дуу, историческайга дуу туттарсыам дии санаатым. Математикаҕа эн тардарыҥ күүһүнэн үөрэммитим дии. Бэйэҥ билэҕин. Аҕам бэйэтэ эмиэ историк буолан, историческайга киирэриҥ ордук диир. Түргэнник салайааччы буола үүнүө диир быһыылаах да, ол миэхэ наадата суох…»

Петя бу кэлиҥҥи суруктан улахан санааҕа түстэ. Ханнык Рома? Лиза тоҕо ол кинини наар ахтарый? Санаата батарбакка, тута суруйан ыйытта.

«…Оо, Петя, тоҕо итинник куһаҕаннык миигин саныыгын? Ама, мин ол студент уоллуун туох эмит сыһыаннаах үһүбүн дуо? Кини улахан киһи буоллаҕа дии. Көннөрү табаарыс, онон бүтэр! Бибилэтиэкэҕэ эрэ көрсөбүт. Уонна итинник күнүүлээмэ. Миэхэ эрэниэхтээххин, мин эйиэхэ эрэнэрим курдук!»

Лиза ити суругун ааҕан баран, Петя күнүүлээбит санаатыттан бэйэтэ да кыбыһынна.

* * *

Варвара Федоровна кэргэнэ таҥнарбытыттан санаарҕаан, киһи хараҕар быраҕыллардык дьүдьэйдэ. Күлэ-үөрэ чэмэлийэрэ тохтоон, наар ыарахан санааҕа баттаппыт курдук сылдьар. Бэл диэтэр, ииһин кытта бырахта. Күннээҕинэн олорор. Наар «оҕолорум туһугар олоробун, атахтарыгар эрэ туруорбут киһи» диэн тылланар буолла. Саҥа Дьыл саҕана элбэх дьахтар иистэн диэн көрдөһө сатаабыттара да, кыккыраччы аккаастаата.

– Ийэм барахсан «эргэр эрэнимэ – эркиҥҥэр эрэн» диэн сөпкө эппит эбит. Ол тыл суолтатын дьэ өйдөөтүм. Хайдах олорбут олоҕун бу курдук чэпчэкитик бүтүннүү туора соппутай? Ол аата кинини кытта олохпут сымыйа буоларыгар тиийэр дии…

– Варя, аньыы даҕаны! Туох ааттааҕын ол иһээччи киһини харыһыйан таҕыстыҥ?! Олох умун. Эн өссө да эдэр дьахтаргын! Өссө да олоххун оҥостуоҥ! Оҕолоргун санаа! Итиччэ үчүгэй, киһи эрэ киэн туттар оҕолордоох буолан баран сулана олорума! – чугас дьүөгэтэ Люба истэ сатаан баран санаатын кытаанахтык эттэ. – Хата, оҥостон-туттан баран бу субуотаҕа кулуупка Саҥа Дьыллыы барыахха! Сылдьыбатахпыт да ыраатта!

– Ээ, ол кулуупка барыта эдэр оҕолор сылдьаллар. Онно тиийэн анньыһа сырыттахпытый? – Балбаара атыыр аккааһын түһэрдэ.

– Эн биһиги саастыылаахтар Саҥа Дьыл киэһэ баҕас сылдьаллар, доҕор! Олохтон олус да хаалбыккын! Хата, бу аҕыйах күн хаалбытыгар бэйэҕэр таҥаста тигин. Таарыйа миэхэ эмиэ тигээр, бу солко таҥас аҕалбытым. Ол гынан баран, миигин хос мээрэйдиириҥ буолуо. Наһаа уойдум. Оттон эн ыраҥҥын, хата, кыыс оҕо курдук буолбуккун!

Люба дьүөгэтин дьаһайан, сытыарар-туруорар бокуой булларбакка, тус хонтуруолугар тутан иккиэннэригэр мааны былаачыйа тиктэрдэ. Оскуолаҕа уруогун ыытта да, күн аайы күүһүнэн кэриэтэ кэлэ турар. Онон Варвара Федоровна баҕарбатар да, чээлэй күөх өҥнөөх сиргэ соһуллар уһун былаачыйаланна.

Хара уһун суһуоҕун ыһан, саҥа таҥаһын кэтэн туран сиэркилэҕэ көрүннэ. Кэрэ дьүһүнүттэн бэйэтэ да астынна. Санаата көнөн, эдэр кыыстыы эргичиҥнээтэ. Дьахтар санаата кыраттан да көтөҕүллэр!

– Тетя Варя! Уой, наһаа да кыраһыабайгы-ын! Маннык маанытык таҥныбыккын саҥа көрдүм! – эмискэ хос ортотугар баар буолбут Таня кыыс саҥа аллайда.

– Бу да кыыс, киһини соһутта. Саатар тоҥсуйан баран киириэххин! – дьахтар кыбыстан кыыһырда.

– Тоҥсуйбутум ээ. Мин бу былырыыҥҥы куоптабын аҕаллым. Маны хайдах эмит саҥардан тигиэҥ дуо? – кыыс былырыын тикпит куоптатын уунна.

– Сөп, Таня, хааллар. Тугу эмит толкуйдуоҕум.

– Миэхэ сарсын наада. Биһиги оскуолаҕа биэчэрбит сарсын буолар!

– Эйиэнэ буолан баран, ыксал-тиэтэл. Түүннэри олорор буолбуппун эмиэ, – Балбаара мөҥүттүбүтэ буолла да, кыыһы аһынан аккаастаабата. Таня наадатын толорбут киһилии астынан тилигирээн таһырдьа ыстанна.

Дьахтар кыыс куоптатын эргим-ургум тутан көрдө. Хайдах мантан саҥаны таһаарыай? Таҥас арааһа киниэхэ элбэх буолуо. Бээ, эдэр кыыска саҥа тугу эмит тигиэххэ. Төһө эрэ үөрэр!

* * *

Дьикти, кэрэ Саҥа Дьыл киэһэтэ ыҥыра-угуйа үүннэ. Ивановтар таас дьиэлэригэр саҥа омук миэбэлин ылан туруорбуттара. Ыал ийэтэ дьиэтин оҥостор түбүгүн Саҥа Дьыл саҕана дьэ ситэрэн-хоторон түмүктээтэ. Кини улаханнык астына сылдьар. Нина куоракка кэлэн үлэлээбэккэ олорор. Үлэтэ диэн – дьиэ-уот көрүүтэ, ас астааһына. Кини атыттар курдук маҕаһыыҥҥа быраҕыллар табаарга уочараттыыр диэни билбэт. Аһын-үөлүн обком үлэһиттэрин маҕаһыыныттан атыылаһар. Онон санаата толору туолла.

– Доҕоор, Саҥа Дьылга кимнээҕи ыҥырабыт? Мин санаабар, дьиэ малааһынын кытта бииргэ бэлиэтиэххэ баара, – киэһэ утуйуох иннинэ киэргэнэр остуолун иннигэр сирэйин молооруччу кириэминэн сотто олорон Нина этии киллэрдэ.

– Сөпкө этэҕин, – дьиэ түбүгэр чугаһаабат киһи Иван Гаврильевич оронугар тиэрэ түһэн, хаһыат ааҕа сытан хардарда.

– Чэ, сөп. Оччотугар билигин обкомҥа бииргэ үлэлии сылдьар доҕотторгун ыҥырыахха наада. Кэргэттэрин кытта кэллиннэр. Ол гынан баран, олус мааны дьахталлар буолуо ээ. Тугу астаан соһутуохха сөбө буолуой?

– Билбэппин.

– Иван, эн саатар кыратык миэхэ көмө буолууй. Ол хотуттар тугу сөбүлүүллэрин мин хантан билиэмий? Биһиги кинилэри хайдах көрсөрбүт эн инникигэр оруоллаах буолуо! Арай бэйэҥ тойоҥҥун ыҥырдаххына хайдаҕый? Кэлиэ да?

– Ээ, сэгэриэм, эн олус уустугурдума. Син бэйэбит курдук дьон, туох уратыны астаары гынаҕын ол. Уонна ол дьону эн биһикки тугунан да соһуппаппыт буолуо ээ. Хайдах баарынан көрсүөхпүт.

– Эмиэ да сөпкө этэҕин. Арай, Лизочкабыт пианиноҕа оонньоон саататыа дуу? Доҕоор, арба Мироновтар уолларын илдьэ кэллиннэр эрэ. Кыыспытын кытта билиһиннэриэхпит. Олох инникилээх уол улаатан иһэр. Итиччэ сибээстээх дьон уоллара ыраатыа. Эмиэ Москубаҕа үөрэттэрэбит диэбитэ ийэлэрэ.

– Ол эн хаһан Элеонора Евсеевнаны кытта билсэ оҕустуҥ?

– Биир маҕаһыыҥҥа аспытын ылабыт дии. Онно сылдьан элбэххэ үөрэнним. Куорат хотуттара туох аһы ылалларын, таҥастарын ханнык иистэнньэҥҥэ тиктэрэллэрин биллим. Бу түннүк сабыытын тикпит дьахтары кытта ити Элеонора билиһиннэрбитэ. Наһаа үчүгэй буолбат дуо?

– Бэйи эрэ. Эн ол хайдах кыыскын Мироновтар уолларын кытта билиһиннэрээри гынаҕын? Дойдутугар Петята хаалбыта буолбат дуо? Кыра саастарыттан доҕордоһоллор. Лиза да буолуммата буолуо ээ.

– Ии, ол оҕо сылдьан доҕордоспуттара диэн. Улахан буолбатах буоллаҕа. Ол кыаммат ыал уолугар соҕотох кыыскын биэрээри сылдьаҕын дуо? Тугуй, оччоҕо Москубаҕа үөрэммэккэ, тыаҕа баран олорор дуо? – Нина аны кыыһыран-тымтан турда.

– Нина, эн кыыһыҥ олоҕор орооһума эрэ. Бэйэҕин санаа. Аҕаҥ эйигин ыраах түҥ баһа дойду киһитигэр бараары гынна диэн хайдах утарыласта этэй?

– Ол биһиэнэ диэн, олох туспа дьыала. Аҕам ол эйигин үөрэҕин бүтэрбит улахан киһи кыыспын, үөрэттэрбэккэ, ойох ылаары гынар диэн утарбыта. Мин уруккуттан да иннибин көрүнэр эбиппин ээ. Ол да иһин аҕабын истибэккэ, эйигин кытта барсан хааллаҕым дии! Сөпкө да дьаһаммыппын! Аҕам баара буоллар, билигин үөрээхтиэ этэ.

– Кыыһым бэйэм курдук туруору майгылаах. Арааһа иннин биэрбэтэ буолуо. Дьиҥнээхтик таптыыр буоллаҕына, тылбытын истиэ суоҕа.

– Ити «Артектан» хайдах курдук уларыйан кэлбитин көрөҕүн? Киэҥ сиргэ сылдьан сайдыбыта харахха быраҕыллар. Омук тылын билиэн, үөрэтиэн баҕарар. Кини билигин таһыма олох атын. Өссө үүнүөсайдыа турдаҕа. Мин санаабар, кини соҕуруу улахан куоракка олоруо. Ол ханнык эрэ тыа уола билигин кинини сиппэт!

– Нина, Нина, уларыйбыккын даҕаны-ыы. Олох атын этиҥ урут. Маҥан бэргэһэлээх, кырса капюшоннаах, күөх сонноох үргүбүт таба курдук арылыччы көрбүт кыыс уопсай таансытыгар кыайан киирбэккэ турара бу баара. Эйигин көрөөт долгуйбутум. Өйдүүгүн?

– Суох, өйдөөбөппүн. Былыргыны санатыма даҕаны! – дьахтар күлэн саһыгыраата.

Нина оҕо сааһыттан баай-талым олоххо ымсыыран улааппыта. Кини уруккуттан олоҕо толору буолуоҕун туга эрэ тиийбэт курдуга. Куорат кыыһа диэҕи куорат таһыгар олороллоро. Аҕалара сэбиэт тойоно эрээри, элбэх оҕолоох буоланнар тиийиммэт түгэннэр бааллара. Наар эдьиийдэрин эргэ таҥастарыгар тиксээччи. Бу диэн киниэхэ анаан саҥа таҥаһы ылбыттарын өйдөөбөт. Эргэттэн эргэ. Оттон кини санаатыгар олох атын олоххо ананан төрөөбүт курдуга. Кини ураты көрүүлээҕэ. Эргэ да таҥаһы бэйэтэ толкуйдаан, араас киэргэли иилэн, уратытык көстөр гына оҥорон кэтэрэ. Билбэт дьон көрдөҕүнэ, бэрт мааны көрүҥнээх буолааччы.

Ис-иһиттэн киитэрэй, баҕарбытын ыла үөрүйэх кыыс үрдүкү кылааска тахсан эдьиийдэрин, балыстарын тылларыгар киллэрбитэ эрэ баар буолар. Онон дьиэҕэ киирбит сонун ас син биир бастаан киниэхэ тиксэрэ.

Үөрэҕэр уһулуччу үчүгэй буолбатах эрээри, дьоҕурдаах оҕолору кытта доҕордоһон, хонтуруоллуур үлэни устан, наар үчүгэйдэр ахсааннарыгар сылдьара. Кини кыамматтык улааппыт буолан, туох да иннинэ дьиэтиттэн эрэ барар санаалаах оскуоланы бүтэрбитэ. Тута үрдүк үөрэххэ туттарсан көрбүтэ да, кыайан киирбэтэҕэ. Ол иһин рабфакка бэлэмнэнии куурсугар суруттарбыта. Куорат таһыгар олороҕун диэн, уопсайга ылбатахтара. Кыыс онтон иҥнэн турбатаҕа, уопсайга олорор кыргыттары кытта бодоруһан кинилэр хосторугар киирэн хаалбыта. Ол сылдьан комендаҥҥа ыкса бэрт буолан, хоско «сокуоннай» оронноммута. Бииргэ олорор кыргыттара, оскуола кэнниттэн сопхуоска үлэлээн баран киирбит буоланнар, үөрэххэ туттарсар эрэ баҕалаахтара. Наар үөрэх айдааннаах кыргыттарын Нина олоххо-дьаһахха үөрэтэ сатыыра.

– Кыыс оҕоҕо бу олоххо анала – сатабыллаахтык кэргэн тахсыы. Үөрэҕэ да суох дьиэҕэ олоруохха син. Ханнык эрэ тойон ойоҕо буолан баран олорумуна!

– Нинка, наһаа да күлүүлээх кыыскын! Оттон таптал? Таптаатахпына тайахтаахха, сөбүлээтэхпинэ сүгэһэрдээххэ да барарга бэлэммин, – Зина диэн оскуола кэнниттэн үс сыл дояркалаабыт кыыс утарда.

– Оттон эн ол туох идэлээҕин, кыахтааҕын-суоҕун көрбөккүн даа? Оччоҕуна тоҕо бу рабфакка үөрэнэн сордоннуҥ! Тайахтаахтарыҥ тыаҕар да элбэхтэр ини! Бачча киин куоракка, үрдүк үөрэххэ талыллан киирбит уолаттары көрүөххэ наада. Холобур, ити быраастары эбэтэр историктары тутуһуохха наада. Онно улахан күрэҕи ааспыт, өйдөөх уолаттар киирэллэр. Дьэ, кинилэр – инникитин тойон эбэтэр быраас буолар дьон!

Ол курдук, хоско бииргэ олорор кыргыттарын кучуйан, наар Сэргэлээх 14 уонна 13 уопсайдарын таансыларын манаһар буолбуттара. Ол сылдьан Нина Ваня диэн уолу кытта билсибитэ. Уол саҥалыын-иҥэлиин, туттардыын-хаптардыын тута кини иһигэр киирбитэ. Үөрэҕин бүтэрээри сылдьара. Түргэнник уол хоонньугар киирэн, «билиэн ылбыта». Сотору Саҥа Дьыл бырааһынньыгар дьонун кытта илдьэн билиһиннэрбитэ.

– Эйигиттэн төһө эмэ аҕа уол дии! 18 сааскын да туолбакка сылдьан эргэ бардаххына, хаһан үөрэнэҕин? Суох! Кэргэн тахсар туһунан этимэ! Истиэхпин да баҕарбаппын! – аҕата атыыр аккааһы түһэрбитэ.

Нина хаһан кими истибитин истиэй. Кини олоҕун бэйэтэ оҥостор. Итиччэ үчүгэй уолу ыһыктан бэрт. Онон Ванята үөрэҕин бүтэрбитин кэннэ, дьонун хаһыытаппытынан уол дойдутугар барсыбыта.

* * *

Варвара сиргэ соһуллар саҥа былаачыйатын кэтэн, оҥостон, киэргэнэн дьүөгэтин кытта кулуупка Саҥа Дьыл бырааһынньыгар кэллэ. Кулуупка дьон толору. Киэҥ саала ортотугар улахан харыйа араас уотунан оонньоон ыҥыра-угуйа турар. Дьахтар оскуола оҕолорун бэлиэтии көрөн, «таах сибиэ кэлэн» дии санаата.

– Эппитим дии! Барыта кыра оҕолор! Хата биһигини күлүү гыналлара буолуо. Өссө уолбун кытта бииргэ таансыга сылдьарым итэҕэс эбит! – санаатын дьүөгэтигэр биллэрдэ.

– Инньэ гынан тугуй ол? Оскуола оҕолоро сылдьаллар диэн, аны биһиги Саҥа Дьыллыа да суохпут дии! Мантан атын киһи ханна баран сынньанар сирэ баарый? Оскуола оҕолорун биһиги, учууталлар, үүртэлиэхпит! Олох долгуйума, – Любата эрэллээхтик эттэ.

– Оннук эрэ буоллун.

Ол турдахтарына сотору баянынан үҥкүү саҕаланна. Эдэр ыччат тута саалаттан тахсан барда. Биирдэ кэҥэс буолбут саалаҕа саастаах дьон үҥкүүлээн элээрдэ.

– Эйигин үҥкүүгэ ыҥырыахха син дуо? – сөҥ куолас иһилиннэ. Варвара, көһүппэккэ эрэ турбут бэйэтэ, эмискэ аттытыгар кэлэн туруммут киһини соһуйбут хараҕынан көрдө. Киниттэн харыс үрдүк, будьурхай баттаҕын өрө анньыммыт, хара бараан сирэйдээх эрээри сырдыгынан арылыччы көрбүт билбэт киһитэ турар.

– Мин эйигин кулуупка киириэххиттэн бэлиэтии көрбүтүм. Кузьма Иванович диэммин. Оттон эн аатыҥ?

– Варвара Федоровна, Варя… – дьахтар олус долгуйан иһиттэн нэһиилэ саҥа таһааран хоруйдаата.

– Варя, Варя-аа олус да үчүгэй аат! Эн сатаан үҥкүүлүүгүн да? Үҥкүүлүөх! – диэт, эр киһи дьахтар синньигэс биилиттэн тутан, вальс эрчимигэр киллэрэн эргийбитинэн барда. Варя саҥа билсибит киһитин сирэйин эрэ көрөр. Тула бүтүннүү кинилэр үҥкүүлэригэр кыттыһан, эргичиҥнииргэ, көтөргө-дайарга дылы. Дьахтар урут маннык үҥкүүлээбитин өйдөөбөт.

– Уой, мэйиим эргийдэ, – диэн баран ис-иһиттэн иэйэн эрчимнээхтик күллэ.

– Чэ, оччоҕо, бытаарыах.

– Эн наһаа үчүчэйдик вальстыыр эбиккин дии!

Мантан ыла Кузьма Иванович Варяттан арахпакка, хас үҥкүү аайы ыҥыран, биэчэр бүтүүтэ үчүгэйдик билсэр дьон курдук буоллулар. Кузьма кинилэр бөһүөлэктэригэр саҥа үлэҕэ ананан кэлбит эбит.

– Иван Гаврильевиһы, хата, кэмигэр үрдэтэннэр, бу эйигинниин билистэҕим! – диэбитигэр Варвара атыҥырыы санаата. «Түргэнэ-тарҕана диибин диэн, арааһа наһаа сытыы киһи быһыылаах» диэн санаа төбөтүгэр охсуллан ааста.

Сарсыарда утуйа сыттаҕына төлөпүөн дьиэни биир гына тырылаата. «Бачча эрдэ эмиэ хайалара эрийдэҕэй? Оҕолору уһугуннараары!» Варя иһигэр мөҕүттэ саныы-саныы саалаҕа киирдэ. Дьыбааныгар олорон төлөпүөн туруупкатын ылла.

– Алло-оо!

– Дорообо! Хайа, бэҕэһээҥҥи кэнниттэн утуйа ахан сытаҕын дуу? Ити саҥа киһи эйигиттэн олох арахпата дии! Кулууп кэнниттэн атааран эрэрэ баара…

– Оо, бу да кыыс! Кэм да билэ-көрө охсоору бачча эрдэттэн эрийэр эбиккин дуу? Оттон атаарбыта. Уонна бүттэ.

– Тугу кэпсиир?

– Суох, тугу кэпсиэй ол биир киэһэ, – уутугар аҥаарыйа сылдьар буолан, Варя соччо кэпсэтэр санаата суох.

– Хата эн утуйан оҥторо сыттаххына, мин манна кимин-тугун билли-иим!

– Дьэ, кэпсээ, – Варя уута тута көтөн хаалла, бүтүннүү харах-кулгаах буола түстэ.

– Кини – кэлии киһи! – Люба улахан саҥаны арыйбыт киһилии куоластаах.

– Ону этээри эрийдиҥ дуо? Кэлиитэ биллэр! Соруйан гынаҕын дуо?

– Хайа? Син сэҥээрэр, интэриэһиргиир эбиккин дуу? – Любата ыгыста-ыгыста күллэ.

– Чэ, бүттүбүт!

– Киһи оонньоон эттэҕинэ! Оттон кырдьык, ити киһи – райкоммут саҥа тойоно. Мин эдьиийбэр Дуунньаҕа дьукаах олорор эбит. Эдьиийим этэринэн, огдообо. Икки оҕолоох. Оҕолорун дойдутугар хаалларбыт, дьиэ-уот ыллаҕына, аҕалтыыр үһү. Истэҕин? Букатын эйиэхэ ананан кэлбит киһи! Таҥара баар эбит!

– Ээ, ону-маны туойума. Ол миэхэ туохха наадыйар? Ол оччо улахан тойон. Бэрт сытыы киһи быһыылаах. Ол бэҕэһээ биир киэһэни атаардаҕа дии.

– Ии-и, сэрэйбит сэрэх! Мин оруобуна итинник этэргин билбитим. Ону эн тоҕо итиччэ эйигин сөбүлээбит киһини атыттарга туран биэриэҥий? Хатыай, олох ону-маны эргитэ санаабакка, сүрэҕиҥ тугу этэринэн дьаһан! Киэһэлик тиийэ сылдьыаҕым! – диэн баран туруупкатын талыр гына бырахта.

* * *

Люба – алын кылаастарга учуутал. Дьоллоох дьиэ кэргэн күн күбэй ийэтэ. Үс кыыс уонна биир уол оҕолоох. Кэргэнэ Мэхээлэ үлэлээбэт. Үлэлээбэт диэн буолбатах. Үлэлиир. Өрөбүлэ, бырааһынньыга суох хара сарсыардаттан киэһэ им сүтүөр диэри. Кини улахан хаһаайыстыбаны тутан олорор. Аҥаардас ыанар ынахтара сэттэлэр, ону таһынан оҕуһа, ньирэйдэрэ. Өссө үөр сылгылаах. Онон түбүгэ хара баһаам. Сиидэрэптэри кулаактар диэн дьон соччо сэҥээрбэт. Сиилиир. Судаарыстыба туһугар үлэлээбэккэ бэйэтин баайын көрөн олорор киһини туораталлар. Бэл диэтэр, быыбарга кэллэҕинэ: «Бай, бу кулаак тугун эмиэ быыбарай? Эйиэхэ сэбиэскэй былаас быыбара ол туохха нааданый?» – диэн биир саастыылаахтара хаадьылыыллар. Онно ордук тыас таһаарааччынан ыаллыы олорор Түмэппий буолар. Онтон иһэ буһар ахан.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации