Электронная библиотека » Егор Картузов » » онлайн чтение - страница 5

Текст книги "Тыын былдьаһыгар"


  • Текст добавлен: 18 апреля 2024, 16:40


Автор книги: Егор Картузов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 5 (всего у книги 15 страниц) [доступный отрывок для чтения: 5 страниц]

Шрифт:
- 100% +
Дабдарыга

Саас кус саҕана үһүө буолан сылгыһыттар базаларыгар сытабыт. Атаһым Ньукулай биһикки кустуубут. Оттон Дьөгүөр күн аайы тайахтары көрдөөн ыта суох атынан хаамтарар. Күн аайы мэлийэн кэлэр, соччо саҥа-иҥэ суох, биһиги онно эрэ кыһаллыбаппыт. Уонча күн кустаан сөп буоларбытын бултаатыбыт. Дьиэлиир кэммит тиийэн кэллэ, кустаан кэлэн киэһэ эрдэ өртөөн ыыппыт аттарбытын тутан бэлэмнэннибит. Сарсыарда оҕонньорбут эрдэ турда, сирэйэ-хараҕа турбут, туттара-хаптара сыыдамсыйбыт. Мин Дьөгүөр сирэйин-хараҕын көрөөт, тута байанайдаах түүлү түһээбитин сэрэйдим. «Оҕонньор эмиэ маҥан бууттаах нуучча дьахтарын түһээтэҕэ» диэн испэр омнуолуу санаатым.

Сарсын, дьиҥэ, үлэм күнэ саҕаланар. Онон тардыллар, үлэбэр «борогууллуур» киһи буоллум.

Оҕонньор тото-хана аһаан, аа-дьуо туран оһоҕун аһатта, дьэ уонна сэрэйбитим курдук эттэ: «Күнүс Дабдарыга аһыахпыт, онон билигин бу үрүйэни өрө батан, хайаны уҥуордаан, ол сиргэ эбиэккэ тиийиэххит. Онон Дабдарыттан суолбутун көннөрүөхпүт, өтөхпүтүн быһыахпыт».

Испэр төһө да дьиэбэр ыксаатарбын, убай оҥостон ытыктыыр киһибэр тугу да утары эппэтим.

Үүтээҥҥэ наара ороҥҥо кэтэх тардыстан сытар Ньукулуйбар киирэн үҥүстүм, онуоха киһим холку бэйэлээхтик хардарда: «Убай эппитин кэннэ хайыахпытый, барар буоллахпыт».

Үүтээнтэн тахсыбыппыт оҕонньор аллаах атын хаамтаран лаһыгыратан ырааппыт. Биһиги аттарбытын тутан айгыстан, син өр бодьуустаһан ыҥыырдан, сарыы бэрэмэдэйбитигэр малбытын-салбытын хаалаан, кэмниэ кэнэҕэс дьэ аалбыт баһа хоҥунна. Ол баран иһэн «уонча хонукка таах халтайга хаамтара сырыттыбыт, тугу эрдэ бултаабакка сылдьыбытай, барар күҥҥэ дьэ буолан-хаалан турда» диэн испэр хомуруйан оҕонньору мөҕүттэбин. Дьэ оннук санаалаах-оноолоох эбиэккэ Дабдарыга тиийдибит. Киһибит эрдэ кэлэн чэйин оргутан бэлэм олорор эбит.

Дьөгүөр өл хабаат суолбутун ыйда: «Бу алыыны туораан, ол үрүйэни өрө батан, итинэн бара туруҥ. Мин ити үрүйэ баһын көрөн баран эһигини эккирэтиэм. Ол гынан баран, саа тыаһаатаҕына төннөөрүҥ».

Мин дьиэлээн иһэр буолан санаам көтөҕүлүннэ, ол иһин эттим: «Ньукулай, саа тыаһаатаҕына мин истибэппин. Саа тыаһаабатар ханнык, наһаа хараҥаҕа харбыаласпакка эрэ аартыкка киирбит киһи».

Ол кэпсэтэ истэхпитинэ, таас дьааҥылар чуумпуларын уйгуурдан, харабыын хатан тыаһа сатараата.

Мин өрө хаһыытыы түстүм: «Эн иһиттиҥ дуо? Мин истибэтим».

Ньукулайым наҕыл киһи, холку бэйэлээхтик: «Истэн. Кырдьаҕаспытын хаалларбат буоллахпыт», – диэн сөҥүдүйдэ. Тоҥ күөс быстыҥа аллаах аттарбытынан сиэллэрэн бытыгыратан кэллибит. Оҕонньорбут алыы кытыытыгар куулаҕа лөкөйү охторон, үрдүгэр эмиэ бэрт холкутук табахтыы олорор. Баай Байанайбытын аһатан, кыратык сынньанан баран, үөрэ-көтө кыылбытын астаатыбыт.

Дьааҥы уос номоҕор киирбит чулуу булчута дьэ итинник бултуур этэ. Түүлү-бити олус итэҕэйэрэ, онон сирдэтэн бултуура, ыта таймата суох, куска үөмэр курдук, тайахха үөмэн ытара. Сэрэх бөҕөлөөх айылҕа маанылаах оҕолоро харахтара, кулгаахтара бүөлэнэн, хайдах оннук чугаһаталларын сатаан санаабаппын.

Отучча сыл бултаан-алтаан эн-мин дэһиспит, убай оҥостубут Дьааҥы чулуу булчутун Дьөгүөр Состукуоп туһунан, Сартаҥ өрүскэ түһэр үрэх үүтээнигэр бултуу сытан, Бүөтүр айаҕа аһыллан, итинник иэйэн кэпсээбитэ.

Ээбиллэлэр

Саха эр киһитигэр саас кэлэрэ олус кэтэһиилээх буоллаҕа. Күүттэрэн-күүттэрэн, дьэ саас кэлэн, Дьааҥы Эбэ уута көтөҕүллэн, көмүөл мууһа устубута.

Биһиги Сэргэйдиин иккиэ буолан мотуорканан Дьааҥы Эбэ уста турар мууһун быыһынан сүүрдэн, ардыгар мотуорбутун муус үрдүнэн соһон, кустаан эрэйдэннибит. Хас да хонукка ээбиллэ да, анды да көстүбэтэ. Уматык бөҕөнү үрдэрэн, үлтү сылайан, аккаастаан, дьиэбитигэр таҕыстыбыт.

Хас да хоммутум кэннэ биир үтүө киэһэ Сэргэй дьиэбэр көтөн түстэ уонна маннык диэн этиилээх буолла: «Байанайбыт сыл аайык мичик гынар этэ. Быйыл мэлийии буолаары гынна, сүрэ бэрт дии. Онон сарсын Дабдарыга барыах, ол Эбэ кытыыта ырбыыланнаҕа буолуо. Баҕар, өрүстэн кыйдаран, кустар онно саһан аһыы сытыахтарын сөп».

Сарсыарда, тыҥ хатыыта, сып-сап хомунан, «Урал» матасыыкылынан Баатаҕайдыыр аартыгынан ыстаннардыбыт. Суолбут ортотугар бэлэх-туһах биэрэр ытык сиргэ тохтоон сирбитин-уоппутун аһаттыбыт, матасыыкылбытын сойуттубут. Дьэ, онтон кыратык барбахтаат, алыыны өрө батан айаннаатыбыт. Сорох сиргэ тимир көлөбүт хараҕар диэри бадарааҥҥа түһэн хаалар, ону хостуу-хостуу үтэн-анньан сыҕарыйдыбыт. Киэһэлик сөпкө соҕус тиийиэхтээх сирбитигэр тиийдибит. Эбэбит кэҥэс соҕус ырбыыламмыт. Онно хара тордох курдук ээбиллэ бөҕө уста сылдьар, аахпытым түөрт уон икки.

Икки миэстэлээх эрэһиинэ тыыбытын үрдэрэн, ким киирэрин быһаарыстыбыт. Сэргэйим тыыга киирэртэн кыккыраччы аккаастанна, онон кустары ыта мин киирэр буоллум. Тыыбын оргууй ууга соһон киллэрдим уонна иһигэр сытынным. Тыыбын тыал охсон, кустарбар аргыый чугаһаатым. Ээбиллэлэр миигиттэн кыйдаран бары мууска таҕыстылар, муус үрдүгэр лөглөһөн олороллор, көрүөххэ үчүгэй баҕайы. Саа ылар сиригэр устан кэлэн, сыыйа өндөйөн, ортолорун көрөн саам икки уоһун утуу-субуу тардан кэбистим. Аймалҕан бөҕө буолла. Аһыйар тыһыларын дэҥнээтим быһыылаах, барбатылар. Күөл уҥуор тиийэн түстүлэр. Күнү быһа эккирэтэ сылдьан ытыалаан сылайан хааллым.

Онтон тахсан чэй оргуттан өл хаптыбыт. Ол олордохпутуна, Дьуона диэн билэр оҕонньорум маҥан атынан кэллэ. Дьуона оҕолоох тайаҕы охторбутун туһунан уку-сакы соҕустук кэпсээтэ, хайдах эрэ санаата түспүт көрүҥнээх. Биһиги, ээбиллэлэри ытыалаан өрүкүйэ сылдьар дьон, булт ухханыгар ону эрэ аахайбатыбыт. Оҕонньорбут ырбыыга киирэн Сэргэйдиин олордо.

Мин эмиэ сэниэ ылан, хаалбыт кустарбын өр гымматым, барыларын хомуйдум. Ээбиллэлэри барыларын обот түүтүн ылан, хонууга тиэрэ ууран сыттахха өлгөм, киһи хараҕа туолар булда этэ. Маннык өлгөмнүк бултаан, үөрэн-көтөн, Баай барыылаах Байанайы айах тутан, кутаа тула олорон, булт-алт туһунан күө-дьаа кэпсэттибит. Дьуона оҕонньор хайдах эрэ үөрбүт-көппүт көрүҥэ суох, кэпсээн-ипсээн мэлигир, туохтан эрэ ытырыктатан дьулахачыйар курдук туттар. Итинник сорох үөрэн, сорох туохтан эрэ дьулахачыйан, сээбэҥнээн кутаа тула хоннубут.

Сарсыарда күн тахсыыта ойон турбуппут Дьуона ата иннинэн да, кэннинэн да барбат буолбут. Оҕонньорбут атын хаамтараары тардыалаһа сатаан баран: «Итинник буолуохтаах этэ», – диэн ботугураата.

Дьэ манна Дьуона тоҕо бэҕэһээ киэһэттэн уку-сакы сылдьарын, туохтан ытырыктатарын өйдөөбүтүм. Булт сиэрин-туомун тутуспакка, кыра оҕолоох тайаҕы охторон, ата ыалдьан хаампат буолбут. Оҕонньор атын хаалларда уонна биһигини кытта барсар буолла.

Булт халбаҥнаабат үгэһин тутуһан, кустарбытын тэҥ гына үллэрдибит. Онуоха оҕонньорбут ылымаары этэн көрдө: «Миэхэ биирдэ амсайарга бэристэххитинэ сөп», – диир. Ону күүспүтүнэн сыҥалаан биэрдибит.

Матасыыкылбытыгар ыга тиэнэн баран айаҥҥа туруннубут. Икки көстөн тахса сири күнү быһа айаннаатыбыт. Кытаанах айан манна этэ. Оччолорго эдэрбит, кыанарбыт бэрт буолан, бырыы даҕаны бадараан суолу туораан дьиэбитин буллубут.

Дьэ итинник, Дьуона сыыһа туттан, кыра оҕолоох тайаҕы бултаан сиэри-туому кэспитин аар айылҕа бырастыы гымматаҕа, хаарыаннаах атыттан мэлийбитэ.

Дьикти түбэлтэ

Кыһыҥҥы өрөбүллэрбэр Сартаҥ өрүс салаатын үрэҕэр түүлээхтиибин. Бу дойдуга маҥнай кэллэҕим утаата дьикти түбэлтэ буолан турар. Дьэ ол түбэлтэни сиһилии кэпсиим.

Күһүн эрдэ, Бокуруоп саҕана, таҥыыларбын, хапкааннарбын, сохсолорбун туруора, иитэ сылдьан тайах суолугар аралдьыйан, тэйиччи тэбиллэн хаалбытым. Онон уот оттон, куобах үөлэн, үтэн сиэн аһаҕас халлаан анныгар хоммутум. Түүн кыратык дьагдьайбытым да, оччолорго эдэр буолан кыһамматаҕым. Халлаан саҥа суһуктуйа сырдаан эрдэҕинэ, үүтээним бу диэки баар буолуохтаах диэн, түһүнэн кэбиспитим. Хаамтаҕым аайы сыыйа ирэн, айаным сыыдамсыйбыта.

Биир улахан алыыны быһа түһэн, хайа намтал сиринэн дабайан истим. Арай көрбүтүм: саһыл бөлүүн, маһы хайытан оҥоһуллубут былыргы таҥыыга иҥнибит. Былыр таҥыыны оҥороллоругар, мутукча тыллыыта, мас ууланар, үчүгэйдик хайдар кэмигэр киһи харытын саҕа суоннаах маһы сүгэнэн ортотунан хайа охсоллор. Ол хайаҕаска күрүө тоһоҕотун курдук маһы – таҥыы иккис атаҕын угаллар, онтон үһүс атаҕын ол үрдүгэр уураллар. Былыр, боробулуоха суох буолан, итинник мындырдаан оҥороллор эбит.

Былыргы таҥыы намтаан, саһыл ыйамматах, сөрөнөн хаалбыт. Син балачча кэмҥэ бултаатым да, саһыл таҥыыга итинник кэбирэхтик иҥнибитин көрө да, истэ да иликпин. Мин толкуйга түстүм: саһылы ылыахпын атын киһи таҥыыта, хаалларыахпын – былыргы, хаһаайына суох. Хамсалаах табах быстыҥа мунааран тура түстүм, таҥыытын сүөрэн ылан, тыҥырахтаах көтөр тоҥсуйбатын диэн, үөһээ мутукка баайдым. Онон саха былыргы үтүө үгэһин тутустум. Былыр булчуттар хаһан даҕаны атын киһи булдун ылбаттара, ат тарпат айыытынан ааҕаллара. Атын булт сэбигэр иҥнибит булду, суор-тураах тыыппатын диэн, үөһээ мутукка ыйыыллара.

Дьэ итинник дьиктигэ түбэһэн баран киэһэ хойут үүтээммин булан утуйдум. Арай түһээтэхпинэ, былыргылыы сарыы таҥастаах оҕонньор кэлэн эттэ: «Эйиэхэ уурбутум дии, тоҕо ылбатыҥ?»

Ый курдук буолан баран ол диэки охсуллан көрбүтүм: саһылым суох. Дьэ дьикти. Киһи илдьэ барыаҕын – түҥкэтэх сир уонна хаарга суол-иис да суох. Тыҥырахтаах көтөр илдьибитэ диэхпин – мутукка сиргэ түспэт гына үчүгэйдик ыга баайбытым.

Билигин сааһыран олорон саһылы ылбатахпын сорох ардыгар кэмсинэбин. Санаабар, ол саһыл таҥыыга иҥнибит сиригэр өлгөмнүк тоҕо-хоро бултаабаппын. Туох билиэй, айылҕа дьиктитин. Баҕар, кырдьык, Баай Байанай миэхэ анаабытын ылбакка хомоппутум буолуо. Баҕар, хара тыа, сир-дойду иччилэрэ үтэн-анньан хайдах киһибин билэ сатаабыттара буолуо. Төһөтүн да иһин, мутукка хам бааллыбыт саһыл сүтэрэ дьикти, киһи эт өйүнэн быһаарбат суола.

Хайдаҕын да иһин хара тыам көрөн-харайан маанылаан отуттан тахса сыл илдьэ сырыттаҕа. Илдьэ сылдьыа да турдаҕа.

Биирдэ эмиэ, сыл аайы буоларыныы, үүтээммэр тахсан кыһын оройо түүлээхтии сыттым. Бултаабытым бэһис күнүм, ол тухары сииккэ сиэллим, хаарга хаамтым. Бүгүн эмиэ мэлийдим. Булт сыраны-сылбаны ылар. Кэпсээҥҥэ эрэ үчүгэй. Хайа булчут мэлийбитин кэпсиэй, бултаабытын эрэ кэпсиир буоллаҕа. Онон сорох дьон тыаҕа таҕыстаргын эрэ өлгөмнүк бултуйаҕын диэн санаалаахтар.

Бу бүтэһик чааркааным кэллэ. «Хайа, бу тугуй, чааркааммын туох эрэ соһон илдьэ барбыт». Үөрэн сүрэҕим күүскэ-күүскэ тэптэ. Күнү быһа тобукпар диэри тоҥуу хаары кэһэн илдьирийэ сылайбытым-элэйбитим харахтан сыыһы ылбыттыы сиик буолан симэлийдэ.

Сырдыгы баттаһа түргэн хаамыынан суоллаан истим. Эмискэ бөлкөй ойуур быыһыттан миигиттэн тыаһырҕаан туох эрэ күлүкүс гынна. Соһуйан, этим тардан сүрэҕим парк гынна, баатыгарын бөрө дуу диэн дьулайа санаатым. Саатар бүгүн ыраата барар буолан, чэҥкээйи оҥостумаары, саабын ылбатаҕым. Онтон уоскуйан, ойон барбыт суолун ырыҥалаан көрбүтүм, хата, бүүчээн эбит.

Кыылым ситтэриэ суох, сатахха халлаан хараҥаран барда, онон үүтээммэр төнүннүм.

Сарсыарда тыҥ хатыыта туран, эмиэ суоллаан, кыылбын дьэ ытан ыллым. Булпун сүгэһэрбэр угаары санаммытым баппата, онон нотуруускалыы сүктүм. Үүтээним үрдүк хайалар уҥуор баар. Киэһэ хараҥаҕа харбыалаһан ыт сиэбэт гына сылайан, бырдым быстан, үүтээммин буллум. Бүүчээн сүгэһэрдээх хайаны дабайар манан аҕай буолбатах, сыанан-арыынан аҕаабата биллэр. Сарсыарда эрдэ оттуллубут оһох тымныйбыт. Үүтээҥҥэ киирэн кыылбын муостаҕа түһэрээри соруммутум, кыылым хам тоҥмут. Дьэ манна мучумаан, моһуок бөҕө буолла. Араастаан албастаан түһэрэ сатаатым да, түһэн бэрт. Хайыахпыный, тэҥнэһиэм дуу, сэргэстэһиэм дуу бүүчээммин сүкпүтүнэн үүтээним таһыгар маспын мастаатым, уубун бастым. Ол сылдьан бүүчээммин кытта үөхсэбин, үллэр үйэбэр, саллар сааспар маннык, чааһы-чааһынан, оннооҕор тапталлаах хотун ойохпун сүкпэтэҕим. Үүтээҥҥэ киирэн уоппун отуннум, күөспүн өрдүм. Кэмниэ кэнэҕэс дьиэ иһэ сылыйбытын кэннэ бүүчээним, дьэ сиргэ түстэ. Кэлин санаатахха күлүүлээх эрээри, ол кэмҥэ кыһалҕалаах түбэлтэ этэ.

Аар тайҕа барахсаҥҥа киһи үөйбэтэҕэ, ахтыбатаҕа араас буолан эрдэҕэ.

Сарсын булчуту туох күүтэрэ биллибэт. Үлүскэн үөрүү дуу, курус хомолто дуу. Ким билиэй, аар тайҕа тугу бэлэмнээн турарын. Ол эрээри булт тардыыта, уххана саха сүрэҕэр хаһан да уҕараабат.

Төрдүс түһүмэх

Атаһым Дьэримиэй кэпсээнэ
Амма улахан булчута Лөгөнтөй Кутуукап

Хатарчымаҕа, Нуотара салаатыгар, сэтинньи саҥатыгар Дьэримиэйдиин бултаабыппыт. Биир киэһэ бултуйан кэлэн, Дьэримиэй айаҕа аһыллан, булка хайдах үөрэммитин сэһэргээбитэ. Аар тайҕа мээнэ киһиэхэ кэпсэммэт дириҥ түгэхтээх ытык үгэстэрин онно истибитим. Кини үүтээн тимир оһоҕун аанын аһан олорон, табахтыы-табахтыы, аргыый кэпсээнин саҕалаабыта.

Оччолорго эдэрбин, икки чабырҕайбынан көрө сылдьар уол оҕотобун, бултуох баҕа хара баһаам. Биир күһүн Амма Эбэ аар тайҕатын улахан булчута Лөгөнтөй Кутуукап бэйэтэ ыҥыран, булка үөрэтэ диэн, тыаҕа илдьэ тахсыбыта. Лөгөнтөй ыраас хааннаах, эт лахса, кыра соҕус уҥуохтаах, уоттаах харахтаах киһи. Дьонтон туспа өйдөөх-санаалаах, ураты көрүүлээх, олох эриирин элбэхтэ көрсүбүт буолан, олус муударай, бөлүһүөк киһи этэ. Адьас оҕо сылдьан уон түөрт сааһыттан бултаан улааппыт, дьиҥ айылҕа оҕото. Булду, айылҕаны наһаа харыстыыра, тайҕаҕа таҕыстаҕына туттара-хаптара, сирэйэ-хараҕа сырдыыра, бэл, улаатан уҥуоҕа-арҕаһа уларыйара.

Биирдэ солооһуҥҥа сир баайын көрдөөччүлэр ытан кэбиспит тыатааҕыларын булан, дьон тэпсибэтин диэн, атын сиринэн ааспыппыт. Уопсайынан, тыҥырахтаах кыыл, көтөр өлүгүн тыыттарбат, мээнэ чинчийэн ырыҥалыыры да сөбүлээбэт этэ. Кыыл төбөтүн, муоһун чуучула оҥорон ыйыыры төрүт боборо. Киһи бэйэтэ сиириттэн элбэҕи бултаппата, тыыннаах да, өлбүт да кыылга ытыктабыллаахтык сыһыаннаһара. Миигин сүүрбэттэн тахса сыл батыһыннара сылдьан наар сиэргэ-туомҥа, булт үгэстэригэр үөрэтэрэ-такайара.

Оччолорго, мин саҥа бултаан эрэрим. Лөгөнтөй саас ортолоох, элбэх саҥалаах-иҥэлээх, турбут-олорбут, күлүүлээх-оонньуулаах эр бэрдэ этэ. Сороҕор дьиппиэрэн ылара, хас да хонукка сылтаҕа суох, бултаан кэллэр эрэ наара оронугар тиэрэ түһэн, кэтэх тардыстан саҥата суох дьэбин уоһуйан сытара. Оччоҕо миэхэ, эдэр киһиэхэ, курус күннэр саҕаланаллара, куппун-сүрбүн наһаа баттыыра.

Дьэ ол күһүн, Амма Эбэ мууһа тоҥуор дылы аты туоратар гына, балаакканан сытан тайахха бултаабыппыт. Икки ыҥыыр атынан сылдьабыт. Туох баар тэрилбитин, аһыыр аспытын уонна утуйар таҥаспыт дуомун акка ыҥыырдаабыппыт. Киэһэ хонорбутугар сөптөөх сири булан, үрүйэ тардыытыгар кураанах суон соҕус мастаах сиргэ тохтообуппут.

Маҥнай аттан ыстанан түһэн хаары ыраастаан, оллоон оҥорон, уот оттон күөс оргута уурабыт. Оллоонтон чугас эрээри, уот ыстаммат сирин хаарын ыраастыыбыт. Онно тиит лабааларын тоһутан тэлгиибит, ол үрдүгэр от үргээн уурабыт. Тэллэхпитин оҥостон баран, балааккабытын туруорабыт. Ас бустаҕына, тото-хана аһаан баран, аттарбытын өртөөн аһата ыытабыт. Онтон кутаа ортотугар икки остуолба баҕанатын саҕа суон кураанах тиити суулларан уурабыт. Кураанах икки маспыт кытыытыгар икки инчэҕэй бэс маһы охторон күөйэбит. Тоҕо инчэҕэй маһы диэн ыйыттахха, Лөгөнтөй «түүн кураанах мастан таҥаска уот ыстаныа диэн инчэҕэй бэһи күөйэ уурабын уонна бытааннык умайар, өр суоһун биэрэр» диэн быһаарара. Балаакка аанын үрүйэни таҥнары өҥөйөн турар гына туруорабыт. Тыала да суохха үрэх үөһэ өттүттэн салгыннаах буолар. Кутаа суоһа киирдин диэн түүн балаакка аанын аһабыт. Лөгөнтөй улахан тымныы түһэ илигинэ сир сылаас, сир итиитэ үөһэ тахсар диэн этэрэ. Биир куобах суорҕанын тэлгэнэбит, биири саптабыт.

«Балааккаҕа тоҥон бабыгырыы сытан сир итиитэ наһаа угуттаабат ини», – диирим. Онуоха маннык эппиэттиирэ: «Хаар анна туохтан көмүрүө буоларый, хаар анныгар саһылга уурбут хапкааммыт анна тоҕо мууһурарый?»

«Тоҥнум, аччыктаатым, сылайдым» диэтэхпинэ Лөгөнтөй уоттаах хараҕынан батары көрөрө уонна: «Эһиил булка тахсыма, сылаас дьиэҕэр алаадьылаан сии-сии, быар куустан дьахтар курдук оһоҕуҥ чанчыгар олор», – диэн миигин тыла суох ыытара, саҥарбыппын кэмсиннэрэрэ.

Арыт киэһэ санаата көнөн, айаҕа аһыллан, уон түөрт сааһыттан саҕалаан салаасканан тахсан Куолумаҕа, Нуотараҕа балаакканан хоно сылдьан хайдах бултаабытын кэпсиирэ. Сорох сыл Алданы уҥуордаан Майдаҕа тиийэ сатыы бултууллар эбит. «Урут аһаҕас халлаан анныгар кулуһун таһыгар мутук тосту тоҥор тымныытыгар хонорбут. Онно холоотоххо, икки аттаах, төһө сиһэ уйарынан ындыылаах бултуур диэн ырай олоҕо буоллаҕа» диирэ. Тоҕоос көһүннэр эрэ, үөрэтэ-такайа сылдьара.

«Киһи олох очуругар оҕустардаҕына бэйэтэ-бэйэтигэр эрэ көмөлөһөр. Бэйэҥ эрэ кыаххар эрэн, ким да эн санааҥ баттыгын өйгүттэн-санааҕыттан, уйулҕаҕыттан хостоон ылан быраҕыа суоҕа. Олох ыараханыгар түбэстэххинэ, киһи эрэ буолларгын, чэпчэки суолу батыһан, арыгынан аһарына сатаама. Арыгы баҕайы, бэйэтин ап-чарай ситимигэр ыллаҕына, киһи аатыттан аһарыаҕа. Маҥнай аһыммыта буолбут атастарыҥ кэннигиттэн үөҕэ сылдьыахтара. Арыгы – бэйэни алдьатыы суола», – диэн эппитэ өйбөр хаалбыт.

Лөгөнтөй бу орто дойдуттан барбыта быданнаатар даҕаны, кини ити сүбэтэ ыарахан кэммэр таба суолу тутуһарбар, өрүттэрбэр көмөлөспүтэ.

Куолумаҕа

Булка үөрэппит Кутуукап Лөгөнтөйдүүн Ньигиримэҕэ хас да хонукка тайахха атынан хаамтаран мэлийдибит. Оҕонньорум аны Куолума салаатын киирэн көрүөххэ диэн этии киллэрдэ. Онон биир чаҕылхай күн Куолума Эбэҕэ кэллибит. Бу алтынньы бүтүүтэ, хаар түһэ илигинэ, добдурҕа кэмэ этэ.

Дьэ бу кэмҥэ былыр да, быйыл да саха ааттаахтара куҥнаах ат үрдүгэр олорон бултуу-алтыы бараллара. Куолума тардыытыгар киирэн бастакы күн мэлийбиппит. Оҕонньор иккис күн эрдэ тыҥ хатыыта уһуктубута, туттара-хаптара түргэн, сирэйэ-хараҕа турбут этэ. Арааһа, бултуурун түһээн билбит быһыылааҕа. Төһө да түүлүн ыһа-тоҕо кэпсии сылдьыбатар, туттарыттан-хаптарыттан сэрэйэр этим.

Куолума баһыгар Ханыы үрэх диэн сиргэ хаамтара сылдьабыт. Ол сылдьан ыттарбыт сүтэн хааллылар. Биһиги үрүйэ баһа икки салаа буолар сиригэр тахсан, ыттарбытын иһиллии-иһиллии, сынньана таарыйа, кэтэһэ олордубут. Тоҥ күөс быстыҥа буолан баран, кыра ыппыт кэллэ. Кэлээт да, сыт ылан олооруҥнаата, тиит үрдүн көрдө. Үрбэтэ, арҕаһын түүтүн туруорда, туохтан эрэ дьиксиммит курдук көрдө-иһиттэ. Иккис кыра ыт тирилээн кэлэн, эмиэ оннук дьүһүлэннэ. Мин сэрэхэчийэн ытырыктаттым, тулабын болҕойон көрдүм.

Арай, үрүйэ эниэтин чабырҕайыгар, үүнэн турар тиит силиһин анныгар, андаатар буор уйатын айаҕын саҕа дьөлөҕөс уонна ол тула, эриллэн баран хагдарыйбыт, мөчөкө курдук от көстөр. Аттыгар баар уулаах отон күөх угар тэҥнээтэххэ, уратытык, киһи хараҕар быраҕыллар гына көстөр эбит уонна киһи уорбалыыра туох да суох. Кэнники, буолар буолтун кэннэ чинчийэн, чугастан көрдөххө ханна да сир хаһыллыбатах, буор тахсыбатах.

Мин ол дьөлөҕөһү көрө олорон, дьиктиргээн ыйыттым: «Оҕонньор, ити туох дьөлөҕөһөй, тигээйи уйата дуу, тугуй?» Лөгөнтөй мин ыйбыт сирим диэки көрө түһээт, ойон турда уонна долгуйбут куолаһынан, сибигинэйэн кэриэтэ, биир тылы мүччү ыһыгынна: «Дьиэ». Ити сибигинэйэн этиллибит биир тыл миэхэ уйабар ууну киллэрдэ. Долгуйбуппун кыатана-кыатана, аппар сыбдыйан тиийэн, төргүүттэн чохорооммун сүөрдүм. Илиибэр эр биир саабын уонна сүгэбин бэлэм тутан, сэрэнэн-сэрэнэн, мутугу тосту үктээбэтэрбин ханнык диэн, бүө маһы быһаары, аргыый аҕай арҕахтан кэннибинэн тэйдэр-тэйэн истим. Эмискэ улахан ыт Куоттарбат кэллэ да, биир-биэс тыла суох арҕах бүөтүн туора тарта уонна дьиэни өҥөйөн туран үрэн тоҕо барда. Мин тиэтэйэ-саарайа, биир күрүө тоһоҕотун саҕа суоннаах, инчэҕэй титириги быһа оҕустум. Сүүрэн кэлэн арҕахха утары киирэн истэхпинэ, Лөгөнтөй өрө бардьыгынаата: «Нохоо, утары кииримэ, иэдээн буолуо, арҕаҕы ойоҕоһунан киир». Мин улаханнык долгуйдум да, булт абылаҥар аралдьыйан, куттамматым. Бүө маһы арҕах айаҕар туора астым. Иккис маспар ыстанан истэхпинэ, бойобуой харабыын тыаһа өрө хабылла түстэ. Мин төттөрү ойдум. «Хайаатыҥ?» – диэн ыйыттым. Онуоха Лөгөнтөй аргыыйдык үөһэ тыынан баран уоскуйбутун туһунан эттэ уонна бытыгыраан тахсыбыт сүүһүн көлөһүнүн ытыһын көхсүнэн сотто-сотто, чугас сытар тииккэ тиийэн олордо.

Бүө маспынан арҕаҕы булкуйбуппар – туох эрэ тардыалаһар. Арҕах үрдүгэр ойон таҕыстым. Онуоха оҕонньор оонньуу-күлэ сэрэттэ: «Сэрэн, дьиэлэригэр иһирдьэ түһүөҥ. Аны ити дьону кытта туста оонньуу сылдьаайаҕын». Кырдьык, арҕах үөһэ өттө быт хаҕын курдук чараас этэ. Бүө маспын арҕах үрдүн дьөлө анньан баран төҥкөйөн көрбүтүм: иккис тыатааҕы хараҕын уота кылахачыйар. Мин сүнньүөх буулдьалаах доруоп саабынан тута сүүскэ ыттым, онтон үсүһү дьууктаатым. Дьэ ол кэннэ уоскуйан олоро түстүбүт. Арҕах үрдүн дьөлбүт хайаҕаспын кэҥэтэн, «дьиэ» иһин көрөргө тыл көтөхпүппэр киһим буойда. «Тыатааҕы дьиэтин-уотун алдьатыма, ол табыллыбат уонна, баҕар, атын кыстык дьиэтэ суох ыксаабыт кырдьаҕаска наада буолуо», – диэтэ. Тыатааҕыны булчуттар алҕас мүччү тутан куоттардахтарына, ол кырдьаҕас кураанах, иччитэ суох арҕаҕы булан кыстыыр диэни истэр этим.

Табахтаан уоскуйан баран, мин, эдэр киһи быһыытынан, тыатааҕылары быалыы киирдим. Арай кыараҕас арҕах айаҕынан симиллэ-симиллэ нэһиилэ киирэн иһэн көрбүтүм: эмиэ бэйэм курдук куттаммыт төрдүс ойуурдаах хараҕын уота дьиэ муннугар көһүннэ. Мин ыксаан өрө хаһыытыы түстүм. Онуоха Лөгөнтөй холку бэйэлээхтик эттэ: «Истэр тухары биир арҕахха түөрт ойуурдаах кыстаабыта суох». Ыксаан иккиһин хаһыытаабыппар, дьэ доруоп саабын биэрдэ. Таҥнары сытан ыттым. Оҕонньор саабын эргитэн баран ытарбар эттэ. Онуоха дьэ бултуйдум.

Бултаан, үөрэн-көтөн, булпутун аттарбытыгар ыҥыырдан, балааккабытыгар кэлэн, бары сиэри-туому тутуһан, кыылларбытын астаатыбыт. Ийэлэрэ улахан ыас хара өҥнөөх, түөһүгэр маҥаннаах аарыма улахан этэ. Кур оҕото улахан, мин саҕа этэ. Кэнники кини хаалбыта буоллар, хайа дьаабы буолара биллибэт, кыараҕас арҕах айаҕар көлөттөн сытар киһини таах тутара чуолкай, саныахха ынырык. Аал уоппутугар, Баай барыылаах Байанайбытыгар махтанан, тыатааҕылар истэрин-үөстэрин чалбараҥ оҥорон, тото-хана аһаан баран утуйаары сытан, Лөгөнтөйүм маннык саҥалаах буолла: «Хойутун-хойут оҕолоргор, сиэннэргэр бу курдук этээр: уол оҕо буолан орто туруу бараан дойдуга төрөөн, Баай Байанайтан бойомнук бэриһиннэрэн, аар тайҕа түөрт маанылаах кыылын тириитигэр сууланан, уубун хана утуйбутум диэн. Ол гынан баран, киһи эрэ буолларгын, сэрэнэ-сэрэнэ, бэйэ бодоҕун тардынан сылдьаар, маннык өлгөмнүк бултуур сэттээх-сэмэлээх буолар», – диэн сэрэтэр-алгыыр икки ардынан сөҥүдүйбүтэ. Кырдьаҕас булчут инникини өтө көрөр дьоҕурдааҕа, эппитин курдук буолбута. Ити эмиэ туһунан кэпсээн.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации