Электронная библиотека » Елена Слепцова » » онлайн чтение - страница 2

Текст книги "Түҥкэтэх ырай"


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 17:40


Автор книги: Елена Слепцова


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 7 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +
IV

Ити кэмнэргэ, куорат дьокутааттарын талар буоллугут диэн, хаста да агытаатардар кэлэ сырыттылар. Биһиги кыһалҕабытын кэпсиибит да, ону олох да аахайбаттар, «бу киһиэхэ куоластааҥ» диэн сурук туттаран кэбиһэллэр да бүтэр. Ким, туох киһитин ыйытыы эҥин суох. Билигин санаатахха, бэлиитикэҕэ олох бэлэмэ суох эбиппит, ол эрээри аны кырдьык-хордьук куоластыы диэн ааттаан барабыт. Быһата сэбиэскэй былаас сүөһү курдук үүрэ сылдьарыгар бас бэринэн хаалбыт быһыылаахпыт, онон талымастыы барбакка, аата эрэ суруллубутун аанньа талаахтыыбыт. Онтукабыт билигин даҕаны ааһа илик курдук. Тоҕо эрэ куруук, куорат да баһылыгын таларбытыгар, халлаанынан көтөн иһэр хараҥаччылары тутан ылан дьиэтитэ сатыыбыт да, онтуларбыт тото тоҥсуйан баран хараҥаччыланан хаалаллар. Эбэтэр, били киһи көлүүрү таларын курдук, иһин эриэнин билбэккэ эрэ «дьэ бу сырыыга сөптөөҕү таллыбыт ини» дии санаабыппыт, биирэ, хаһаатын бэлиэтиир курдук суол кытыыларын күрүөлүүр дьикти үлэни хотуулаахтык оҥорбута күн бүгүҥҥэ диэри өйдөммөт архитектура омоонноро буолан сыталлар; иккиһин оҕуруоппутугар киллэрбиппит, бэйэбит тиэргэммитин кирэн баран, аны атыны күрүөһүлүү сатыыр улахан ороскуоттаах буолан тахсыбыта; үһүс, олох даҕаны кэтэрпит бурҕалдьыбытын кыайан тардар кыаҕа суох буолан, иннинэн да, кэннинэн да барбакка, биир сиргэ тэпсэҥнии турар көлөөк көлүүр түбэһэн сордообута.

Оттон биһиги дойдубут көстөр сирэйэ буолуохтаах Дьокуускай куорат билигин даҕаны ити мин Маҕаным переулогын курдук ыһыллыбыт-тоҕуллубут түөлбэтэ баһаам элбэх. Бии Алампа эппитинии, биһиги дойдубут өрөбөлүүссүйэ иннинэ хаар-муус билиэнигэр хам хаптаран нуктуу сытар улуу бухатыыр курдук хараҥа, түҥкэтэх этэ. Онтон өрөбөлүүссүйэ да кэнниттэн Былатыан Ойуунускайбыт «Улуу дойдуга уот моҕойдору ыспыппыт былахыны эрэ биэрдэ» диэн Хаарыл Мааркыс хомойбута үһү» дииринии, кырдьык тылга эрэ илбис буолан өрөбөлүүссүйэ уот балаһанан тыынан ааспыт курдук. Кэм хардыытыттан хас эмэ бүк хаалан, муус килиэ суорҕанын бүрүнэн, Дьокуускай сүһүөҕэр турбакка дөйө тоҥон сытыа эбитэ буолуо эрээри, аҕыйах сылтан бэттэх улуу бухатыырбыт уһуктубукка дылы буолла. Кини билигин модун күүһүн холоноору тулатын көрүнэ, тыыллаҥныы турар.

Чэ, онно тиийиэхпит ыраах… Мин эһиэхэ, күндү ааҕааччыларым, уларыта тутуу биһиги кыра куораппытыгар уонна биһиги улугурбут өйбүтүгэр хайдах өтөн киирбитин, тапталлаах куораппыт номохторун-үһүйээннэрин бэйэм олоҕум биир хаттыгаһынан ханыылаан ойуулаан көрдөрүөҕүм.

Сайсары. Күөрэгэй уонна Бээгэй

I

Биһиги ити Маҕан переулогар турбут дьиэбит биир күн харгы тоҕо барбытын курдук хантан эрэ эмискэ кутуллар уунан туолла. Баар-суох баайбыт, аҕабыт үйэтин тухары муспут араас кинигэлэрин бибилэтиэкэтэ, урукку олохпут истиэнэтэ суулларыныы күр гынан, Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыттан хаһыаттартан кырыйан муспут паапкалардыын ууга былдьаннылар. Арай Иосиф Сталин мэтириэтэ паапкаттан хостонон чаалыйбыт ууга дагдайа уста сылдьарын тоҕо эрэ ким да быыһыы сатаабатаҕа. Хайыахпытый, быраас идэлээх аймахпыт киһи Бүөтүр Ыстапаанабыс Сайсарыга турар дьиэтигэр көстүбүт. Кэлин санаатахха, мин куорат биир муннугар хаһан да өр олорбокко, биир кэм дуобат хараҕын ааҕардыы куорат сирэйин мэҥнээх түөлбэлэригэр күһэйиллэн көһө турар дьиэктээх эбиппин.

Сайсары. Саха дьоно үксэ манна түөлбэлээн олороллорун уруккуттан билэрбит. Бүөтүр эргэ дьиэтэ аатырбыт поэт Серафим Романович Кулаачыкап-Эллэй аатын сүктэр да, Эллэй сирэйин элээмэтэ да көстүбэт хаарбах уулуссатыгар турар. Төһө да үс хостоох буоллар, орто киһи оройунан охсуллуох намыһах өһүөлээх, өрүү тэйэ турар, мин оҕонньорум төҥкөйөн киирэр халҕаннаах, биир да мал атаҕын булбакка, мөҕүүк сылгы курдук түөрэм үктүү турар, чоху көхсүнүү инэн-манан бөлтөрүһэн тахсыбыт муосталаах икки кыбартыыралаах уһун субурҕа дьиэ биһигини атыҥырыы көрүстэ. Утуйар хоспутугар, били, ыһыллыы баайын үллэстиини туоһулуур тимир атахтаах быраас ыарыһаҕы иттэни ууран иһин-үөһүн чинчийэр тымныы, тилиргэх ороно эрэ турар. Быһыыта, оччолорго кэлбэт буолбут хамнас суотугар тыырыллан манна кэлбитигэр сөп.

Ыалбыт буоллаҕа, чобугураабыт саха дьахтара, дьиэлээх киһи быһыытынан, төтөлө суох көтөн түһэн, айдаарбаппытыгар, тиэргэни сиппийэрбитигэр, бөҕү ыспаппытыгар дьаһайда. Тахсаары туран, «киэһэ олбуору хатыыр буолуҥ» диэтэ даҕаны, бүтүннүү кэриэтэ суулла сытар олбуор ол биһиги олуйбуппутуттан ороспуойдары хааччахтыах быһыыта суохха дылы. Ол үрдүнэн этиллибитин аанньа хатаабыта буолабыт. Сайынын уулусса уу саппыкыта суох атыллаабат гына алдьархайдаах бадараанынан дьэргэччи көрөн тахсар эбит.

II

Мин үлэлиир тэрилтэм оччолорго Саха Государственнай филармонията диэн ааттанара. Сайсарыттан чугас Каландаришвили уулуссатыгар турар. Онон, хата, абыранан аҕай сылдьабын.

Биир күн театрга сүпсүлгэн бөҕөтө. «Аны филармония буолан бүтэр үһүбүт, атын ааттанар буолбуппут…» – диэн администратор Сэргэй Көстөкүүнэп ыһа-тоҕо кэпсиир. «Ол тоҕо? Оттон былыргыттан оннук ааттаах этэ дии, уларыйбытыттан туох буолуой?» – кырдьаҕас вахтер Уйбаан сөбүлээбэтэхтии ыйытар. Филармония куорат биир былыргы тутуутун пааматынньыгар, аҥаара урусхалланан сытар Троицкай собуорга, обургу сааланы бас билэн симиллэн аҕай олорор. Таҥара дьиэтэ өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн «искусство храмыгар» кубулуйан бастаан мунньахтыыр сир, онтон театр, билигин филармония буолбута. Эргэ собуор кистэнэн турар муннуктара бииртэн-биир арыллан тахсан, барыбытын соһутар. Былыргы үйэтээҕи модун истиэнэлэр тугу саһыаран туралларын ыччат билбэт, билэ да сатаабат. Арай үйэтин тухары мантан арахпакка үлэлээбит Уйбаан эрэ билэн эрдэҕэ.

– Хаһаайыстыбаннай малга сэрэбиэй тардар үһүбүт.

– Саамай улахан «Малютка» диэн таҥас сууйар массыына үһү.

– Чээн, кимҥэ эрэ түбэһэр…

Артыыстар, хамнас, ас-таҥас суоҕуттан дьадайан, ыал устун барыахча айылаахпыт. Биир кылапачыгас билиэскэ туһугар тугу барытын туран биэрэр алдьархайа. Оттон сыалай таҥас сууйар массыына – өтөр көстүбэтэх «роскошь». Суугунаһан, соҕотох саалабытыгар мустан, ДВП-нан быыһанан оҥоһуллубут кыракый хоско киирэн, профком Бүөтүр Бэстирикиэп сиэгэн тириитэ бэргэһэтин иһиттэн сууламмыт кумааҕыны биир-биир тардабыт. Миэхэ лаампа түбэстэ. «Ээ чэ, били таһырдьааҥҥы лаампаны эмиэ уорбуттар этэ, онно ыйаныллыа» дии санаатым. Туох барыта кырыымчык, онон урут туһаныллыбатах билигин идэтэ тахсар кэмэ. Дьүөгэм Вера наскыны тардыбыт. «Кэм буолуо, онтукалара эр киһи киэнэ үһү. Арай этэрбэһим иһинэн кэтээ инибин…» – Вера үөхсэр, эмиэ да уоскутунар. Ростик мыыла хаатын туппут: «Мантыкайбын илдьэ баанньыкка барыахпын, аны мыылата суох. Арай үнүрүүн «Елочка» маҕаһыыҥҥа хара мыыланы көрбүтүм, ону ылан угууһукпун, хайдах мыылата суох сылдьыай… Господа артисты, ким мыылаҕа харчы иэстиир?» Ким да хардарбат, ол аата бары кураанахпыт. «Аныгыскы ыйга хамнас кэлиэ дииллэр, онуоха диэри сууммакка сырыт…» – ким эрэ таһырдьа тахсан иһэн хаһыытыыр. Бөдөҥ-садаҥ Савва саҥатыттан матан, сирэйэ дьэс кыыһан, тахсан уоскуйардыы ыскамыайкаҕа олордо.

– Хайа, тугуй?

– Көрүҥ эрэ, арааһа… – диэт, сулбу тардан ылабыт.

– Тыый, дьоллоох да киһигин, истэрээлинэйи туппуккун дии…

Уолбут, тугу эрэ уорбут киһи курдук кумуйан, кумааҕытын туппутунан суһаллык тахсан барда.

– Бэрт дии, хата оҕолоох киһиэхэ оруобуна түбэспит, – Уйбаан вахтаттан көбдьүөрэр. – Ким эмэ кипэтиилинньиктээх дуо, тиэрмэһим алдьанан хаалбыт, чэйэ суох хааллым. Саатар, бөлүүн аанньа утуйбакка барытын уһаардан кэбиспитим.

– Миэхэ баар. – Сэргэй Уйбаанабыс бэлэм баҕайытык хантан эрэ ойутан аҕалар. – Ити тиэрмэс сатана кэбирэҕэ диэн. Дьэ омуктарга баар эбит, алдьархайдаах бытыылка. Өтөрдөөҕүтэ кэргэним омук сиригэр бара сылдьан туох эрэ утах аҕалбыта. Көр, ол бытыылката үчүгэйэ бэрдин иһин биһиги уура сылдьан туттабыт. Бэйэтэ эриллэр хаппахтаах, сиргэ да бырах алдьаммат муос, балтараа лиитэрэ уу киирэр. Омуктар барахсаттар киһиэхэ туһалаатын диэн айдахтара үчүгэйин…

– Ноо, булка илдьэ сылдьыахха бэртээхэй тэрил эбит дии, балар намчылара бэрт. – Уйбаан ол улуу бытыылканы тутан олорор курдук бүччүччү көрөр.

– Аа, «Кока-Кола» бытыылкатын этэр быһыылаах. Чахчы үчүгэй сэп. Кырата-улахана барыта баар буолар, биһиги омук сиригэр бара сылдьан аҕалыы бөҕөтө, – Мааппа Колесова чаҕаарар.

Кини, бааттаах киһи, банаары тардан астыммыта сүр. «Тыаҕа гастролга илдьэ сылдьыллыа, хараҥатыттан киһи убуорунай хайаҕаһын да булбат. Дьэ абыранаа инибит», – диэмэхтиир.

– Ол бытыылка сыаната төһө буолар? – Уйбаан ымсыыран ыйытар.

– Босхо. Утаҕын истиҥ да, уктан кэбиһэҕин, олох ыйааһына да суох. Таҥас быыһыгар да уктаххына, хомуруйбат, – Мааппа, дьыаланы билэр киһи быһыытынан, аахайбатахтыы хардарар.

– Аата, оннук айылаах туох аптаах тэрилин айбыттарай. Биирдэ эмэ убайгытыгар кэһии гынан аҕалаарыҥ эрэ, – Уйбаан үлэһэр.

– Убайбар аҕалан бөҕө буоллаҕа дии.

Ити кэмҥэ таһыттан Эдуард Красильщик диэн Чита куоратыттан кэлэн хаһыс да сылын үлэлии сылдьар дьэбириэй киһитэ үөхсүү бөҕөтүн түһэрэн киирдэ:

– Гааттар Нинка биһикки арыгыбыт талонун уоран ылбыттар. Таах сибиэ ылан иһэн кэбиспэккэ, билигин испэр сылдьар буолуо этэ.

Ким да саҥарбат, тоҕо диэтэххэ арыгы талона сүтүүтэ – билиҥҥи кэмҥэ саамай ыарыылаах сүтүк. Арыгыта суох туох да үлэ барбат, онон харчытааҕар сыаната үрдээн турар. Эдиктээх Нина саҥа ыал буолан сылдьаллара. Ханна олороллорун ким да билбэт. Арай оронноро суох буолан баата матараас булаары талоннарын мунньалларын бары билэрбит.

– Блин, даача халыы барабын, Нинка сиргэ сытартан бүөрэ ыалдьан өлөрүгэр тиийдэ…

– Эдик, өйүүн гастролга барар буоллубут. Онон биир ый ыалга хоно, аһыы сылдьыаххыт дии. Суточнайгытын мунньан, кэллэххитинэ ылыныаххыт, – Сэргэй Уйбаанабыс балаһыанньаны быыһыырдыы холкутук этэр.

– О, как хорошо, чем скорее уедем, тем лучше. Нинканы уоскута бардым оччоҕо, – диэт, Эдик унньулуйан тахсан барар.

– Чэ, тарҕаһыҥ. Киэһэ ыраатта, – Уйбаан ити икки ардыгар дьаһала киирэр.

Дьон сыыйа тарҕастылар. Биһиги бүгүн Уйбаантан көҥүллэтэн Дима Колосовтыын репетициялыы хааллыбыт. Күнүс соҕотох саалабыт тобус-толору, онон биһиги обургу нүөмэрбитин репетициялыырга табыгаһа суох. Оҕонньор, баҕар, доҕор оҥостоору, баҕар, биһиги кыһалҕабытын өйдөөн, көҥүллээччи.

Түүн биир диэки ыйдаһан-хайдаһан бүттүбүт. Димам, эр киһи буолан, куттаммат, онон сатыы дьиэлии турда. Мин бачча түүн ханна барыамый, Сайсаар Дьокуускай куоракка күлүгээннэр ордууларынан биллэрин билэбин. Онон сырдыар диэри манна сылдьарбар тиийэбин. Сынньана таарыйа Уйбааҥҥа киирэн чэй иһэбин. Ким эрэ ааны тоҥсуйда. Уйбаан кыыһырбата, үөрүйэхтик батыччахтаан тиийэн тимир күлүүһү төлөрүттэ. Саҥа-иҥэ суох. Көрөн олордохпуна, сэттэлээх оҕоттон эрэ обургу, илбиркэй таҥастаах, бүтүннүү уоспа быһыта сиэбит сирэйдээх сааһыра барбыт карлик киһи киирэн, дьиэтигэр ааһардыы күөрэ-лаҥкы түһэн сытар эргэ саала диэки ааста. Билигин онно муостата түөрүллэн, истиэнэтэ сиҥнэн, хайа да бэйэлээх атаҕын укпат дойдута буолан турар. Киһи саалаҕа киирэн сүтэн хаалла. Уйбаан кэлбитигэр саҥата суох быһаарыы күүтэн көрөн олордум.

Оҕонньорум баҕарбатах курдук түҥнэри хайыһан баран:

– Сиимэн эрэйдээх кэллэ… – диэтэ.

– Ол кимий?

– Ээ, маннааҕы… – Оҕонньор чэйин сыпсырыйар. – Ити ыскамыайкаҕа сытан утуйан ыл…

– Убаай, ити туох киһиний? – Билэ иликпинэ арахсыбаппын Уйбаан билэр. Былыр манна театр реквизитин оҥорооччунан мин таайым Пантелеймон Михайлович Оруоһун үлэлээбитэ үһү. Кини Уйбаан аллар атаһа эбит, онон оҕонньор миигин олох сиэнин курдук көрөөхтүүр. – Быраҕыллыбыт саалаҕа тугу гынарый?

– Саалаҕа буолбатах. Манна итинтэн ураты баһаам хос баар. Түгэҕэр киирдэххэ, ииччэҕэ-бааччаҕа элбиир, билбэт киһи мунуон да сөп. Чэ, син биир утутуо суоххун, эн манна мин соммун тэлгэнэн сыт, мин кэпсиим. – Уйбаан аттыгар турар ыскамыайкаҕа ыйанан турбут истээх сонун тэлгиир. – Уоту умуруоруом, куттанаайаҕын. Таһырдьаттан бу баар курдук көстөр, онон ааһан иһээччилэр бары тоҥсуйаллар.

Уйбаан, уоту умуруоран, кыра кыраһыын лаампатын таһааран уматар. Театр хараҥаран туох эрэ таабырыннаах чуумпуга куустарар.

III

«Ити хас сыллаахха эбитэ буолла, быдаарыйдаҕа дии, манна арҕам-тарҕам сылдьар артыыс дьоҕурдаах дьону мунньан театр курдук тэрийбиттэрэ. Мин оччолорго уончабыттан эрэ тахсыбыт оҕо этим. Аҕам былыргыттан бу дьиэҕэ оһох оттооччунан үлэлиирэ, онон бу дьиэ олбуоругар кыракый бараакка олорорбут. Ол билигин онно да суох. Бу эркин барыта киһи уҥуоҕа этэ. Оччолорго собуор сэргэх уонна куорат биир улахан тутуута буолан, туох улахан мунньах, кэнсиэр барыта манна буолара. Сиимэннээх биһигини кытта дьукаах олорбуттара, аҕата лөчүөк этэ. Дьиҥэр, кини миигиттэн икки-үс эрэ сыл аҕа. Бу кини сүрэхтэммит бэйэлээх бэйэтин дьиэтэ ээ. Итинник кыра киһи буолан төрөөхтөөбүт. Аҕалаах ийэтэ өлбүттэригэр ким да ыарыһах оҕону көрүөн баҕарбатах, ол иһин бу дьиэ ыстаарастатыгар Ньыыкан кырдьаҕаска иит диэн баайан кэбиспиттэр. Кинилэр дьиэ уҥа кынатыгар түгэххэ олорбуттара. Таҥараны суулларан да баран, Сиимэни ханна да барар сирэ суоҕунан хоһуттан үүрбэтэхтэрэ, онон билиҥҥээҥҥэ диэри онно олорор. Күнүһүн ханна эрэ барар, түүнүн кэлэр. Дьиэлээх киһини ханна үүрүөмүй уонна үөлээннээҕим буоллаҕа дии. Манна кини баарын ким да билбэт даҕаны. Быһыыта, бу дьиэни кытта бүтүннүү силбэһэн хаалбыт курдук. Мин кинини кыра эрдэхпиттэн Бээгэй диэн ааттыыбын, өһүргэнээхтээбэт.

Ити, быһыыта, ньиэмэс сэриитин кэнниттэн этэ бадахтаах, эчи умнан да кэбистим, арай манна эдэркээн бэйэлээх, чап-чарааһынан арылыччы көрбүт, мап-маҥан сирэйдээх, киһи эрэ таптыах сөп баҕайы эттээх-сииннээх, уурбут-туппут курдук быһыылаах-таһаалаах кыысчаан киирэн кэлбитэ. Кинини хайа эрэ оройуонтан аҕалбыттара. Аата Күөрэгэй диэн этэ.

Биирдэ, Бээгэйдиин Ньыыкан ыстаараста хоһугар чүмэчи ууллара олордохпутуна, оһох үөлэһинэн кыталык кыыл кыҥкыныырын курдук кылыгырас куолас иһилиннэ. Ол хоско сценаҕа туох буолара барыта оһох үөлэһинэн иһиллэ турара. Бу истиэнэлэр истэрэ барыта оһох үөлэстэрэ ээ. Уонна бачча улахан дьиэни хайдах ититиэҥий. Сорох сирдэринэн букатын хос да курдук чуулааннар бааллар. Ону барытын ити Бээгэй эрэ билэр. Оо, аҕам биһикки ол топпот оһохтору оттон да аҕай биэрэрбит. Дьэ туран, ырыаны истээт, биһиги иккиэн балкоҥҥа сүүрэн тахсан чохчойон олорон уоран өндөрөҥнөөн көрөбүт. Сцена мөлтөх уотугар маҥан чүөчэҥкэни кэппит, чараас былаачыйалаах, чачархай баттаҕын ыспыт аанньал курдук кыыс ис-иһиттэн иэйэн ыллыы турар. Оо, бу барахсан ыллаатаҕа уратытын, куолаһа биһиги дьиэбит хас биирдии муннугун сырдата өрө кылыгыраан абытай. Бэл, саала ортотугар ыйаммыт курустаал лүүстүрэ лыҥкыныы ыллаһар. Биһиги сөҕөн да, таптаан да тыыммакка истэн олоробут. Кыыс дуоһуйа ыллаан баран, тэлээрис гынан хаалла. Итинтэн ыла Бээгэй киэһэ буолла да эрдэттэн балкоҥҥа тахсан атаҕа көһүйүөр диэри чохчойон олорон Күөрэгэй бэлэмнэнэ тахсарын кэтэһэр буолла. Кыыс ыллаабатах киэһэтигэр санаата алдьанан, тэппини көрбөт алдьархайа.

Сыл аҥаарын курдук Күөрэгэйи дьон иннигэр таһаарбатылар, тоҕо эбитэ буолла, артыыстар таҥастарын бэрийээччи буола сырытта. Оччолорго театр саамай бастыҥ ырыаһыта, сүрдээх бардам майгылаах Любовь Сметанина диэн дьахтар баара. Арай биирдэ кэнсиэргэ бэлэмнэнэ сырыттахтарына, Любовь Титовна ыһыллаҥнаан аҕай киирдэ уонна: «Бүгүн саҥа кыыһы таһаарар буоллаххытына, мин ыллаабаппын», – диэн тимирдии этэн кэбистэ. Ол күн хас эмэ түүнү мэлдьи бэлэмнэммит Күөрэгэй эмиэ тахсыбата. Мин кини хоһун аттынан ааһан истэхпинэ, ытаан сыҥсыйара иһиллэр этэ. Бээгэй ити күн эмиэ хоһуттан быкпата. Сарсыныгар театрга улахан айдаан таҕыста. Любовь Титовна икки мааны былаачыйата бүтүннүү тырыта тыытыллан баран муннукка сыталларын булбуттар. Дьахтарбыт Күөрэгэйи күтүрээн улахан мунньах тэрийдэ. Онуоха мин Күөрэгэй ити күн хоһуттан быкпатаҕа диэн тылбай-өспөй буоллум. Хата, үүрбэтилэр. Аҕыйах хонугунан Любовь Титовнаҕа саҥа көстүүм тигэн аҕаллылар. Ол эрээри кини ыллыыр кэмигэр ойоҕос аан аһыллан хаалан, күөмэйэ ыалдьан, сарсыныгар театрга кэлбэтэ. Ким ааны аспытын көрдүү сатаатылар да, булбатылар. Дьиҥэр, ол хаһан да аһыллыбат аан этэ ээ. Иккис күнүгэр Сметанина эмиэ кэлбэтэ, «бэргээбит» диэн буолла. Хайыахтарай, билиэт барыта атыыланан турар, онон Күөрэгэйи таҕыс диэн модьуйдулар.

Мин ол киэһэни бу баардыы өйдүүбүн. Долгуйара бэрдиттэн илиитин ханна да гыныан булбат буолбут хара солко былаачыйалаах, театр муостата мууһунан да көрөн сыттар, чап-чараас түүппүлэлээх, чачархай баттаҕар маҥан чөмчүүктэри анньыммыт, тэтэрэ кыыспыт имнэрдээх көрүөхтэн кэрэ кыысчаан тахсан кэлбитигэр, дьон саҥа ырыаһыты айхаллаан ытыстарын тыаһа хабылла түспүтэ. Рояль дьикти музыката туох эрэ кэрэни арыйардыы маҥнай симиктик, онтон күүһүрдэр күүһүрэн эрдэҕинэ, хантан эрэ халлаантан кэлэр кылыкынас куолас кыттыспыта. Ол абылаҥнаах ырыа дьиэрэйдэр дьиэрэйэн бүүс-бүтүннүүбүтүн дуоһуйуу кэрэ эйгэтигэр көтүппүтэ. Бээгэй биһикки, баар-суох мааны таҥаспытын таҥнан, сцена утары аллара баар чуулаан оҕотугар киирбиппит. Ол киирэн, тимир эрэһээҥкилээх чуолҕан түннүк сыыһынан симсэ-симсэ, Күөрэгэй ыллыырын абылаппыттыы көрөн турбуппут. ¤э, биһиги билиэт диэҥҥэ наадыйбат дьон этибит, биһиги театрбыт ол оһох үөлэһэ ааһар кыракый чуулаана этэ. Бээгэй хантан эрэ ылан бааммыт эргэ хаалтыһа, киниэхэ алыс улахан, аҕатын кубарыйбыт, тоҕоноҕо абырахтаах бинсээгэ, үрдүү сатаан хос улларбыт сойуустаах хаатыҥката, ньалҕаарыччы тарааммыт баттаҕа бүтүннүү көмөр буолан тураахтыыра. Кини уоспа быһыта сиэбит иэдэһигэр икки сурааһыны ойуулуу хараҕын уута суккуллан түспүтүгэр, мин ытаан ыгыстаҥнаан ылбытым. Тоҕо диэтэххэ, мин эрэ билэрим кини кыракый сүрэҕэ хайдахтаах курдук хардата суох буолуохтаах таптал уотугар умайбытын. Мин эрэ билэрим Күөрэгэй дьон иннигэр тахсыахтаах суолун көстүбэккэ сылдьан кини хорсуннук солообутун…

Ити күнтэн Күөрэгэй дьоҥҥо биллэн барбыта. Кинини көрөөрү-истээри элбэх киһи үмүөрүһэрэ. Тойоттор-хотуттар сотору-сотору бырааһынньыктарыгар ыҥыран ыллаталлара. Ол кэмҥэ театрга хантан эрэ соҕурууттан аатырбыт ырыаһыт кэллэ. Кини, кэлээт, биһиги Күөрэгэйбитин ухаасыбайдааһын бөҕө. Ханна барар да, сиэтэ сылдьар. Биирдэ бэлэмнэнии кэмигэр сценаҕа тобуктаан туран илиитин уураа да уураа буолла. Онуоха саала түгэҕэр оһох үөлэһиттэн көрөн турбут Бээгэй: «Хватит, нахал!!!» – диэн хаһыытаата. Иккиэн эргиллэ түстүлэр – ким да суох. Куттанан түргэн үлүгэрдик атахха биллэрдилэр. Ити курдук Бээгэй, кыра буолан, бары хайаҕаска барытыгар батарынан туһанан, ханна тураллар да, онно тиийэн көстүбэккэ саҥарар «абааһы» оруолун толорор идэлэннэ. Онтукатын ол киһи барбытын да кэннэ тохтоппото, оннооҕор Күөрэгэй соҕотоҕун олордоҕуна кытта дьээбэлиир. Сотору театрга уһун тыллаахтар Күөрэгэйи театр абааһыта буулаабытын туһунан сурах тарҕаттылар. Онон дьон кинини кытта бүччүм кэпсэтэртэн туттунар буоллулар.

Балтараа сыл курдугунан Күөрэгэй соҕуруу баран үөрэнэн иһэн, ыалдьан төннөн кэлбитэ. Ол дойдуга кини ырыатын пластинкаҕа устубуттарын туһунан кэпсээн, үөрүүбүт үрдээтэ. Сотору биһиги урут харахтаабатах хап-хара лаахтаах пластинкаларбыт кэллилэр. Ону харыстаан театр ыскылаатыгар кыстыы ууран туруордулар. Бээгэй хантан эрэ патефон була охсон, Күөрэгэй пластинкатын түүннэри-күннэри истэр. Сэрэйдиҥ ини, кини ити үөлэстэр истэринэн дьиэ ханнык баҕарар муннугар тиийэрэ. Ол ыскылааттан пластинканы уорар диэн киниэхэ улахан дьыала буолбатах.

Ити кэмҥэ Күөрэгэй ханна эрэ өрүс нөҥүө гастроллуу бара сылдьан, биир уолу таптаабыта билиннэ. Кыыспыт сотору-сотору өрүһү туораан ханна эрэ баран кэлэр. Биир күн театрга сүргэтэ көтөҕүллэн аҕай кэллэ уонна дьүөгэтигэр бүгүн кэнсиэргэ ол киһи кэлиэх буолбутун туһунан кэпсээбит. Бээгэй ону истэ охсон силбиэтэнэн аҕай киирдэ. Ити киэһэ кини эрдэттэн оһоҕун үөлэһигэр киирэн олордо. Сүүрэлэс буолбут хараҕын көрөөт, мин тугу эрэ оҥороору гыммытын сэрэйдим, онон: «Сиимэн, ону-маны гынаайаҕын. Күөрэгэй дьоллоох буолуон баҕарбаккын дуо?» – диэн сэрэтэрдии ыйыттым. Киһим буугунаан эрэ кэбистэ.

Кэтэһиилээх кэммит дьэ үүннэ. Кэнсиэр буолуо аҕыйах мүнүүтэ иннинэ саалаҕа үрдүк уҥуохтаах, эҥкилэ суох ыраас таҥастаах, хара сэлээппэлээх сахаҕа олус интеллигентнэй киһи үрүҥ сибэкки дьөрбөтүн тутан киирдэ. Дьон бары кинини кэтии көрөллөрүттэн симиттэн, төҥкөйө-төҥкөйө, кытыы диэки баран миэстэтигэр олордо. Оччолорго сибэккилээх кэлэр киһи сэдэх этэ… Ол сибэкки сыта сааланы толорон кэбистэ. Бээгэй, үөлэс иһиттэн ону сытырҕыы-сытырҕыы, сиргэ силлээмэхтээтэ. Хараҕа күнүү биитинэн кынчыатыыр. Күөрэгэй ол киэһэ хаһан да ыллаабатаҕын ыллаабыта. Кини абылаҥнаах куолаһыгар таптал нарын иэйиитэ бигэнэргэ дылыта. Хаһан да умнуллуо суохтаах истиҥ тыллар атын киһиэхэ ананалларыттан хараҕын үүтэ көстүбэт буола күнүүлээбит Бээгэй сүр баҕайытык тоһугур гынан хаалбыта. Мин кини тугу эрэ куһаҕаны оҥоруохтааҕын сэрэйдэрбин да, Күөрэгэй тиһэх ырыатын дуоһуйа истээри батыспатаҕым. Күөрэгэй бүтэрин кытта, били киһи дьон бары көрөн олордохторуна холкутук хааман тиийэн сибэккитин туттарбыта. Долгуйбут көрөөччү хабыллар ытыһын тыаһынан доҕуһуолланан мин чуулаантан подвалга тахсыбытым, туох эрэ хампырыта барар тыаһа бу баардыы иһиллэ түстэ. Тыас ыскылааттан кэлэрин истэн онно ойдум. Тиийбитим, Бээгэй Күөрэгэй саҥа кэлбит пластинкаларын хампарыйбыт урусхалларын ортотугар туран, күллэрэстии-күллэрэстии дэлбэритэ быраҕаттыыр. Хаһыытаабытынан ойон тиийэн икки ордубут хоруопканы харбаан ылаат, ииримтийбит Бээгэйи хоһугар соһон илтим.

Ити түүн Бээгэй уоскуйбата, туран таҥнан баран ханна эрэ тилир гынан хаалла. Мин кинини маныы сытыам дуо, дьиэбэр таҕыстым. Күөрэгэй пластинкаларын аһыйан хайдах буоларын өйбөр оҥорон көрөн, олох утуйбатым. Сарсыарда эрдэ Бээгэйгэ тахсыбытым, киһим улаҕа хайыһан сытар, кирдээх муостаҕа хантан эрэ баар буолан хаалбыт били киһи маҥан сибэккилэрэ ыһыллыбыттар. Туох эрэ бөрүкүтэ суох буолбутун сэрэйэн туруора сатаатым да, Бээгэйим ыт сиэбэт гына итирик.

Күнүс театрга Күөрэгэй киирэн хоһугар ааста. Мин кэнниттэн эккирэтэн таҕыстым. Кыыһым түүнү быһа ытаабыт, сирэйэ дарбаччы үллүбүт. Ыарыыта бэргээн, бопторо-бопторо сөтөллөр.

– Күөрэгэй, хайаан да хайыахпытый, ити театр абааһыта… – диэн эрдэхпинэ, эргиллэ түһээт:

– К черту пластинка, к черту!!! Дьөгүөрүм ханнаный?! – диэн хаһыытаата.

Мин соһуйан:

– Ханнык Дьөгүөр?! – диэн хардары ыйыттым.

– Бэҕэһээ кэнсиэр кэнниттэн хоспор киирэрин кэтэһэ сатаан баран тахсыбытым, Дьөгүөр суох буолан хаалбыт этэ. Ыйыта сатаабытым да, ким да билбэт. Ама тугу да эппэккэ эрэ дойдулаабыта буолуо дуо? – кыыс ытыырын быыһыгар кэпсиир. – Биһиги саахсаланыахтаах этибит, оннооҕор бу былаачыйа тиктэрбитим, – диэт, ыскаабын аһа баттаата.

Муус маҥан сүктэр кыыс ырбаахыта, «мин буруйум суох» диэбиттии, тунаарыс гына түстэ.

– Оо, айыым-таҥарам… Туох эрэ буолла быһыылаах, сүрэҕим бэркэ тэбиэлиир… – Күөрэгэй, сөтөллө-сөтөллө, түөһүн хам туттар.

– Суһал туох эрэ буолбута буолуо, дойдулаата ини… – уоскутаары атыны да сэрэйэн турдарбын ботугуруубун. – Сотору хантан эрэ тиийэн кэлиэҕэ, эр киһи буоллаҕа дии, дьыалата элбэх буоллаҕа…

– Эн инньэ дии саныыгын дуо? Баҕар, кырдьык кэлиэҕэ, мин бэлэмэ суох сылдьабын дии. Ой, кырдьык, онтун бэлэмнэнэ бардаҕа дуу. Таҥнабын дуо? – мин диэки ыйытардыы көрөр.

– Кырдьык, баҕар, кэлбитэ бэлэмэ суох сылдьар буолуоҕуҥ, сирэйгин-хараххын оҥоһун, маннык барыаҥ дуо… – уйадыйа-уйадыйа, бириэмэни тардаары хардарабын.

– Туй-сиэ, бу акаарыбын көр, эр киһи диэни билбэт буоллаҕым дии, ол мин дьууппабын тутан баран сылдьыа дуо… – Күөрэгэй өйдөммүттүү таҥнан хачыгырайар.

– Чэ кытаат, оҥоһун, мин сотору кэлиэҕим, – диэт, истиэнэ нөҥүө Бээгэй хачыгырыырын истэн подвалга ыстанабын.

Тиийбитим остуолга сурук эрэ сытар. «Күөрэгэйдиин мин суолбунан тиийээриҥ, күүтэбин! Сиимэн Халаачыкап» диэн илии баттааһыннаах. Тута хостон ойон тахсыбытым, хараҥа көрүдүөргэ били үрүҥ сибэккилэр ыраах-ыраах кылбаһа тэлгэнэн хараҥаҕа умсаллар. Мин Күөрэгэйгэ тэбинним. Кыыһым, сүктэр таҥаһын таҥнан, этиэхтэн эриэккэс кэрэ кыталык кыыс буолан олорор. Тугу да кэпсии барбакка, илиититтэн ыллым даҕаны подвалга состум. Хата, олох өһөспөт, Дьөгүөрүм ыҥырдаҕа дии саныыр быһыылаах. Эбэтэр миигин оннук эрэнээхтиирэ эбитэ дуу…

Сиик сытынан тунуйар подвалга ыраах-ыраах ууруллубут сибэккилэринэн сирдэтэн түгэх диэки киирдибит. Тэйиччи-тэйиччи бааҥкаларга умайар ыһыырынньык уота да арыычча сырдатар киһи кутун баттыыр амырыын хараҥата муннук аайы кутталы тоһуйарга дылыта. Тииһэ тииһигэр охсулла титирэстиир кыыһы сиэтэн, бүттэр бараммат ииччэх-бааччах устун мин түүҥҥү ороспуой курдук харса суох хааман иһэбин. Сотору улахан кириэс ойуулаах тимир ааҥҥа кэтилиннибит. Маҕыйа түһэн баран ол ыарахан халҕаны атахпынан тэптим. Аан икки аҥыы тэлэс гынна. Биһиги харахпытыгар таҥара дьиэтин көмүс алтаара күлүмүрдүү түстэ. Чүмэчи үҥкүүлүүр уотугар кэм эргэрдибит алтан иконаларыттан таҥаралар атыҥыраабыт харахтара килбэчистилэр. Алтаарга хара фрактаах киһи кэннинэн буолан сөһүргэстээн олорор.

Күөрэгэй бастаан куттанан чугуруҥнаата, онтон:

– Дьөгүөр!!! – диэбитинэн ол киһиэхэ өрө сүүрэн тиийдэ.

Киһи үөрбүттүү эргиллэ түстэ. Күөрэгэй кууһан ылаары гыммыта, уоспа быһыта сиэбит ынырык сирэйдээх Бээгэй ырдьаччы мичээрдээн турар. Кини дьолломмут хараҕар тутан олорор баһын саҕа үрүҥ төбөлөөх кумааҕы сибэккитин күлүгэ түһэн ирбинньиктэнэ ойуолуур. Хайа ырыаһыттан уоран уларсыбыта буолла, баһаам улахан фрага, дьаллайбыт уолуктаах маҥан ырбаахыта, чүмэчи сыатынан ньалҕаарыччы соттубут баттаҕа чахчы бэргэһэлэнэргэ бэлэмнэммитин туоһулууллара. Күөрэгэй ити ынырык хартыынаттан сүрэҕэ хайдан сарылаабытынан тиэрэ таһылла түстэ.

– Уой, бу тугуй?! Абааһы сиэтэ!!! – диэн хаһыытаан эрэ хаалла.

– Бүгүн мин саамай дьоллоох күнүм. Эн биһикки, тапталлаахтар буоларбыт быһыытынан, бу таҥара иннигэр дьиҥнээхтик бэргэһэлэниэхтээхпит. Аҕабыыт суоҕунан, сиэри-туому эн толоруохтааххын! – диэн баран, мин диэки хайыста.

Мин оҕо сылдьан таҥараһыт бөҕө буоллаҕым дии, онон таҥаралар харахтарын ортотугар бу ииримтийбит чиччик киһини кытта этиһэ туруохпун аньыынан аахтым. Сүүрэн тиийдим да, Бээгэйи синньигэс биилиттэн кууһан ылан аан диэки состум. Киһим атын үлүгэр айманан турда: «Туох буоллуҥ? Эн Күөрэгэй биһикки дьолбутун туорайдаһар ийэбит да, аҕабыт да буолбатаххын! Ыыт, оһох оттооччу уола!!!» – дии-дии, тэбиэскэйдэнэр. Ити икки ардыгар өйдөммүт Күөрэгэй сиргэ лаҕыччы олорон ытыы хаалла. Бээгэйи орулаппытынан хоһугар көтөҕөн илдьэн ороҥҥо тиэрэ бырахтым уонна кыһыыбыттан: «Оһохчут уола бу баар!!!» – диэт, маҕыйа түһэн баран оройго саайдым. Киһим дөйөн тойтос гынан хаалла. Ким кистээн оҥорбута биллибэт, быраҕыллыбыт таҥара алтаарыгар төттөрү сүүрэн тиийбитим, кыыһым суох. Театрга тахсан көрдүү сатаатым даҕаны, мэлийдим.

Сарсыныгар, улуу кутурҕаннаах сонуну истиэм быатыгар, театр тойонун кытта ыы муннубунан ааҥҥа кэтиллэ түстүм.

– Иһиттиҥ дуо, Уйбаан? – Михаил Петрович балаҕыра өспүт сирэйдэнэн туран ыйытар.

– Тугу?

– Күөрэгэй куһаҕан буолбут, билигин аҕалыахтара. Хаарыан талаан…

– Хайда-ах?! – хаһыытаабыппын бэйэм да билбэккэ хааллым.

– Бэҕэһээ тыынан өрүһү туораан иһэн тыына быстыбыт, ону манна аҕалыахтар үһү.

Мин тугу да саҥарбакка, хараҕым уутун ыйыста-ыйыста, подвалга киирдим. Бээгэй хоһугар суох. Бобуллаҥныы алтаарга бардым. Сотору Бээгэй ытаан бобуллаҥныыр саҥатын иһиттим. Уонна тоҕо эрэ уоскутуохпун баҕарбатым, төнүннүм.

Күөрэгэйи атаарар күммүтүгэр куорат дьоно бары муһуннулар, арай Дьөгүөр эрэ суох. Мин билиҥҥээҥҥэ диэри ол киһи ханна сүтэн хаалбытын этэр кыаҕым суох. Арай бүтэйдии Бээгэй онно туох эрэ кыттыгастаах буолуохтаах дии саныыбын. Ити эргэ саала ортотугар сүктэр таҥаһын кэтэн маҥан куба курдук кыысчаан хоруопка сытара. Эмискэ сатыылаан турар чуумпуга хантан эрэ сир түгэҕиттэн киһи ытыыр саҥата иһиллэн ааста. Дьон бары куттанан эргим-ургум көрүөлүү түстүлэр. Мин эрэ аахайбатым, Бээгэй ытыыра үөлэһинэн иһиллэрин билэр буоллаҕым дии. Хоруобу эргийэ баран иһэн хараҕым көмөр буолбут маҥан сибэккилэр Күөрэгэй атаҕар кичэллик ууруллан сыталларыгар хатана түспүтэ. Сэрэйдэҕим дии, сиэхситэ түүн киирэн бырастыылаһан тахсыбытын. Күөрэгэйи таһааран истэхтэринэ, эмиэ хантан эрэ ыраахтан кини ырыата дьырылыы дьиэрэһийэн ааста. Хаалан испит дьон бары уолуһуйан, ааны былдьастылар. Арай мин билэрим, ити Күөрэгэй эрэйдээх үөрэ буолбатаҕын…» – Уйбаан ах барар, саҥата суох табаҕын уматтан ол ааспыт олоҕун эргитэ саныырдыы уһуннук тарта.

Онтон ходьох гына түстэ уонна:

– Кэл эрэ… – диэн миигин тарбаҕынан куомуннаспыттыы ыҥырда.

Лип хатыырдаах халыҥ аан күлүүһүн төлө тардан хараҥа хоско киирдибит. Эрэһээҥкилээх чуолҕан оҕотугар тиийэн Уйбаан кулгааҕын даҕайда, онтон кыраһыын лаампатын өрө тутан туран миигин ыҥырда уонна кулгааххын даҕай диэн көрдөрдө. Мин иһиллээтим. Ханна эрэ ырыых-ыраах эргэ патефон «Кэрии тыаҕа кэҕэ этэн, чоргуй куолас, кук-куук, кук-куук…» диэн истиэхтэн эриэккэс кэрэ кыыс куолаһын эргитэ ыллатар.

– Дьэ ити, бу дьиэ абааһыта… – Уйбаан мүчүк гынар. – Ол эрээри эн итини мээнэ кимҥэ да кэпсээмэ, ити бу улуу уораҕай кистэлэҥэ эбээт.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации