Текст книги "Санатыма дуу, ааспыты…"
Автор книги: Евдокия Иринцеева
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
Возрастные ограничения: +16
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 3 (всего у книги 13 страниц) [доступный отрывок для чтения: 4 страниц]
– Дьэ, тоойуом, эппэтэҕэ диэйэҕин, тулуйа үөрэммиккинэн саҥата суох барытын искэр хаайа сылдьаайаҕын? Киһи тутула чараас, туох баҕарар буолуон сөп. Хайа да түгэҥҥэ, эттэргин эрэ барыны учуоттааччылар, билээччилэр ити быраастар ананаллар. Кинилэр эбээһинэстэрэ эбээт. Онон харса суох мунаарбыккын этинэ сырыт, билбэккин ыйыталас. Эн оннугар ким да ону оҥорботун билэҕин. Хайа, уонна оҕоҥ туһугар барыта этэҥҥэ буолуохтаах, – Марыына бүгүҥҥү уруогун мас-таас курдук түмүктээтэ.
– Кыра аайы улахан дьону, быраастары кутугунатарым сыыһа буолбатах дуо? – Аанчык саарыыр.
– Хотуой, ол кыратын-улаханын хаһан төрөөн-ууһаан эн биллэххиний? Өйдөө, хайдахтаах да улуу дьыала, үтүөтэ-мөкүтэ барыта быыкааттан саҕаланар. Дьолуҥ эмиэ оннук, өлүүҥ кытта соннук буолааччы. Биэбэйим сыыһа, арааһы саҥардаҥҥын, бу да кыыс. Киһи тылын ылын, чөмчөкөҕөр хатаа уонна мөккүһүмэ. Илдьэ сылдьар оҕоҕор эппиэттээх соҕотох эн буолбаккын дуо? – эмээхсин, күлэ-күлэ, бүлүүһэлээх чэйин үрдүгэр түстэ, сырылаччы үрэн кэбиһэ-кэбиһэ, минньигэс бэйэлээхтик сыпсырыйан барда.
– Оҕом хотоку, хата, бу асчыт бөҕө киһи саһа сылдьар эбиккин дии? Минньигэһин эриэхсит, – эбээ халаачыгы хайҕаан, Аанчык имэ тэтэрэ кыыста.
Кини ити халаачыгын кыратыттан буһара үөрүйэх. Биирдэ аҕата лааппыга остуорастыыр эмээхсини дьиэтигэр анаан-минээн ыҥыран ылан кыыһын алаадьылыырга үөрэттэрбитэ. Аанчык киһилээбэтэҕэ, улгумнук үөрэҕи ылыммыта. Ол үөрүүтүгэр эмээхсин сиэннэрин күндүлүүр халаачыгын хайдах оҥорору биирдэ эрэ көрдөрбүттээх. Онтон ыла кыыс өрөбүлүн аайы, бурдук бөҕөҕө булкуллан, халаачыктыыр айдааннаммыта. Кэнники туттара-хаптара түргэтээн, улам сааһыланан, наада буоллаҕына, көрүөх бэтэрээ өттүгэр астыыр буолбута.
– Аанчык, бар, утуй. Кыра-кыратык, иллэҥсийдэргин эрэ сытан ылар буол. Онтуҥ оҕоҕо наада. Киэһэ баҕас наһаа уһаама, ол-бу куһаҕан түүлгэ тиксээри… Эрдэ сытар киһи түһээбэт баҕайы. Оттон ону-маны үлүгүнэйбэккэ утуйдаххына, ол аата сүрэхтиин-быардыын налыйаҕын, астыктык сынньанаҕын, – Марыына куолута бүппэт, иһитин дьаһайарын быыһыгар, суоһурҕаммыта буолан, Аанчыгын эмиэ утута үүрдэ…
Толик биллибэтэҕэ ыраатта. Били сыбаайба салонугар алҕас көрсүү (көрсүү буолаахтаан… кыыс бэйэтэ түбэһэ түстэҕэ эбээт) кэнниттэн Аанчык биллэн турар сүрэхтиин-быардыын аймаммыта. Ол эрээри онтун таһыгар биллэрбэтэҕэ. Ити Марыына эбээттэн ураты кини ытабылын-соҥобулун көрбүт суох.
Үлэтинэн аралдьыйа сатыы сылдьар кыыс тугу эмэ тобулар кыаҕа да суоҕа. Арай биир киэһэ эмиэ сынньанар хоско дьыбааҥҥа олорон телевизорынан кэнсиэр көрөр баҕалааҕа баара, нухарыйан ылбыт быһыылааҕа. Марыына баабыска аттыгар кэлэн чөкөллүбүтүн билиминэ да хаалбыта. Дьиҥэр ити киэһэ эмээхсин үлэтин күнэ буолбатах этэ.
– Аанчык, ити… Туолук дьонун мин кыыһым аах билэллэр эбит ээ. Кырдьык, Уля диэн куорат биир мааны кыыһын ылан эрэр дииллэр. Сыбаайбаҕа ыҥырыллыбыттар. Ол хаартыскатын көрөн соһуйдум. Кыыс, сураҕа, үөрэҕиттэн уоппуска ылбыт курдук, ыарахана эбитэ эрэ, билбэтим. Эдэрдэр сыбаайба кэнниттэн аны сайын соҕуруу күүлэйдии барыахтара үһү. Истэҕин дуо?
– Истэбин, эбээ, – Аанчык, төһө да кыатаннар, хараҕын уута субурус гынна.
Эмээхсин кыыһы кууста, кэтэҕиттэн сыллаата уонна:
– Эн аналыҥ буолбатаҕыттан хомойума. Олоххо араас буолааччы. Биири санаа. Мин Туолуктуун… бу кэпсэтэн баран иһэбин. Толкуйа суох, тураах мэйиилээх уол эбит. Биитэр мин сатаан өйдөөбөтүм дуу, Уля ханна эрэ кыраныысса таһыгар баран үөрэниэҕин кэргэнэ итээбит, ол иһин ылабын диэх курдук эттэ дуу, хайа үөдэн… Бэйэм да бутуллан хааллым. Эйиэхэ кэлэ сылдьыам диир, – диэн истэҕинэ, кыыс эмээхсин илиитин төлө көтөн тилигирии түстэ:
– Кэлбэтин хайаабатын… Мин… мин сурук суруйуом, эбээ, эн ону тиэрдиэҥ буолбат дуо? – кыыс уулаах-хаардаах харахтарынан көрдөһөрдүү көрдө.
– Сэгэриэм, биэриминэ, күн сарсын да биэриэм.
Эн уоскуй, суруй уонна миэхэ аҕал, тиксэриэм, – Марыына оргууй намылытта, өрө тиргиллибит кыыһы оннугар олорто.
* * *
– Ульзана, уоскуй, ити таах ээ, таах көннөрү… табаарыһым кыыһын суруга дии… Тиэрдиэхтээхпин умнубуппун… – бобулла-бобулла, кыл түгэҥҥэ туох диэҕин бэлэмнэнэ сатыы-сатыы, Толя төлүтэ биэрдэ.
– Ничего себе, эн миэхэ свадьбабар подарогыҥ бу что-ли?! Ты итак никто, бедный студент с переулка, спасибо, что я подбираю тебя, женю на себе, а ты… – мап-мааны, куба ньаарсын түүтүн санатан күндү куруһубанан бэрт дэлэгэйдик симэммит үүт маҥан былааччыйалаах, үрдүк бүрүчүөскэтигэр иҥиннэриллибит кылгас дьэҥкир фаталаах кэрэчээн кыысчаан уостара толлойбут, кип-киэҥ харахтара ууламмыт, куолаһа титирэстээбит.
– Чыычаах… – уол ааттаһар тылыгар тугу да хардарбакка кыыс, кылгас фататын салгыҥҥа чэпчэкитик көтүтэн, түҥнэри хайыһар, куттаан, аҕала сатаан санныларын ыгдаҥнатар.
Аһаҕас аанынан барыта иһиллэн турар быһыылаах. Эмиэ маанытык таҥныбыт, туттубут-хаптыбыт хотун хаан хобулугунан тоһугураан киирэн эдэрдэр сирэйдэрин-харахтарын одууласта уонна туох да буолбатаҕын курдук холкутук:
– Бу үлүгэрдээх ыксалга холку соҕустук быһаарсыҥ эрэ. Ыалдьыттарбыт мусталлара чугаһаата, – диэтэ.
– Мамочка, ты как всегда, в первую очередь твои гости! Оттон соҕотох кыыһыҥ судьбата мало кого интересует. Толика ты, да-да, ты сама выбирала. Все уши прожужжала: «Перспективалаах, талантливай студент, честнай гражданин, не пьет, к тому же курить вообще не умеет. Дьоно дьадаҥылар эрээри, порядочнайдар. Надежная стена тебе, то есть мне, с моими запросами кстати, очень кстати. Ха-ха! Господи, как я устала от вас? Ну и вот, что и предполагалось ожидать! Смотри, с кем он переписывается. Поди, собирался жениться на другой?! Чужого жениха арканить слабо мне?! В общем, я отказываюсь от него! Не пойду замуж! – тыҥ-тыҥ диэбит курдук лыҥкынас куолаһа биир кэм тыҥкынаан, тыла тылыбыраан кыыс оҕото.
– Ульзана! Не время рассуждать! Я категорически против твоих истерик! Хватит! Всему есть объяснение, что случилось? – ийэтэ кыйаханна, тииһин быыһынан чуумпутук эрээри, кытаанахтык быһыта баттаталаан, кыыһын саба саҥарда.
Кэргэн барарыттан кини саҕа дьоллоох суоҕун курдук сарсыарданы быһа сиэркилэ иннигэр уруһуйдана оонньообут кыыс, аны, өстөөхтөрүн кытта киирсэргэ бэлэм куосканы санатан, сүүһүн аннынан көрдө, мэктиэтигэр көхсө кытта курдьугунуурга дылы буолла. Лаахтаах уһун тыҥырахтарыгар кыбытан хантан эрэ кумааҕы сыыһын ойутан таһаарда уонна ийэтин диэки элээртэ.
Дьахтар түргэн үлүгэрдик суруллубуту үрдүнэн-аннынан сүүрэлэттэ уонна:
– Ну и что? Бу тугуй? Манна киһи айманара туох баарый? – ыйытардыы кыыһын диэки көрдө.
– Мин… эмиэ инньэ диибин ээ, Розалия Аманатовна, ити… мин табаарыспар доҕор кыыһа ыыппыт суругун тиэрдибэккэ сылдьабын. Ону Улечка булан ылан миэхэ күтүрүүр… – Толя сирэйэ-хараҕа турдар да, ымыр да гыммакка, өрүсүһэ соҕус кыбытан биэрдэ.
– Я тебе не Улечка! О, сколько можно, а? Дурак! Меня зовут Ульзана-а… аа-аа… – аны кыыстара кыра оҕолуу маккыраччы ытаата.
– Зана! Слышишь, успокойся! Иначе я вынуждена буду действительно прекратить этот базар! – ийэтэ куолаһын үрдэттэ.
Кыыс аһыннарыахтыы сыҥсыйбытынан киниэхэ кэлэн саба түстэ да, бу сырыыга тоҕо эрэ оннук айылаах ис киирбэхтик буолбакка, көнтөрүк соҕустук таҕыста быһыылаах. Онтуттан абарбыттыы кыыс иэҕэс-куоҕас охсуллаамахтаата. Дьахтар да оҕотугар олус уулла-тохто ымманыйбата. Күтүөтэ буолан эрэр уолга уордайбыт көрүҥэ ханан да суох, кыыһын кэмэлдьититтэн хайа сах сылайбыттыы тутунна уонна нэһиилэ тардына соҕус:
– Доченька, ну, хватит. Все невесты перед свадьбой находят повод, чтобы поплакаться. Толя завтра же отнесет это письмо по адресу. Это вас не касается же? Ну, все, успокойся, моя хорошая, – төһө да итиччэлээх сылаас тыллары (кини буолан сатаан эрдэҕэ) бэрт хаҕыстык, тымныы соҕустук эттэр, дьахтар санаатын ситтэ, тылын ылыннарда.
Уля, Ульзана, Зана диэн араастаан эриллэр-этиллэр таптал ааттардаах кыыс оҕото өр буолбата, сибилигин аймаммытын мэлдьэспитинэн күлүм аллайда. Ытыы-ытылла охсон, бэйэтэ да төрүкүттэн киэҥ харахтарын чалбах курдугунан көрөн, суунан-тараанан диэбит курдук, ыраастана оҕуста. Инньэ гыммытыгар тупсаҕай кырааскалаах кэрэчээн харахтара өссө тупсубукка дылы буолбуттар. Таҥаһын көннөрдө, баттаҕын сахсатынна, күөкэгэр моонньун хоҥкук гыннаран фататын кэннин диэки эстэ, үрдүк түөстэрин эргин аатыгар эрэ онон-манан тэбэннэ, синньигэс биилин имэриннэ. Аны, омуна бэрт ээ, икки илиитинэн сараҕар бэйэлээх былаачыйатын тэллэҕин үөрүйэхтик хомуна тарта, үрдүк хобулуктаах, чупчугур тумустаах мааны түүппүлэтигэр чэпчэкитик дугунан, бэрт тэбэнэттээхтик өрө ыстана түстэ, бэтиэхэлээх бэйэлээхтик ырым-тырым көрө-көрө, Толикка баран сөрөннө. Уол бу да сырыыга маннык туттууттан-хаптыыттан тоҕо эрэ соһуйбата, оргууй аҕай кыыһы биилиттэн харбаан ылан иннигэр туруорда уонна:
– Ульзана, эн миигин кырдьык таптыыгын дуо? – диэн ыйытта.
– Если честно, сама даже не знаю… – кыыс үчүгэйкээн бэйэлээх сэбэрэтэ сырдыы түстэ, эмиэ үөннээх баҕайытык харахтарын, кыламаннарынан оонньоон, сабыччы көрө-көрө, өрө тэрбэтэн таһааран, уос-тиис оҥостон, моонньун куоҕаҥнатан, күллэ-салла. – Но нет, не дождешься, дорогой, я тебя никуда не отпущу! Вот! Син биир таптыыр буолан сөбүлэннэҕим дии, или ты не просил моей руки, а?
– Просил?! Руки?! – уол соһуйбута буолла даҕаны, сонно кистэннэ, устунан сонньуйда.
Ити икки ардыгар:
– Чэйиҥ эрэ, эдэрдэр, ханнаҕытый? Массыына бэлэм. Оттон эһиги барарга бэлэмҥит дуо? – диэбитинэн кураанах бакаал тутуурдаах аҕамсыйбыт киһи көөһөкөччүйэн киирэн кэллэ.
– Ух ты, моя ласточка, ну-ка, повернись к папе! Ульзана, ты краше всех, впрочем как всегда, – Томмот Савельевич наһаа астыммыт киһи быһыытынан, икки илиитин саратан, кыыһын кэлэн сыллаата-уураата.
Бэрт сыыдам туттунуулаах-хаптыныылаах киһи суонугар букатын мэһэйдэппэт. Имигэс-имигэстик эргичиҥнии охсор, тыастаах соҕустук аҕылыырын быыһыгар балачча эбиллибит моҕоҕо илибирээн ылар. Күтүөт уол диэки бу киһи хараҕын кырыытынан да көрбөтө. Толя эмиэ аҕа кылына буолан эрэр тойонтон эйэргэһиини кэтэспэтэ, саҥата суох кыыстаах аҕа мөөмүкэйдэһэллэрин көрөн эрэ турда…
Сыбаайба сылаалаах этэ. Дьокуускай куорат саамай киинигэр турар улахан ресторан бу сырыыга баҕас, дьэ, кырдьык, киэптэппитэ быһыылаах. Мааны бэйэлээхтик киэргэммит киэҥ сааланы ыы-быччары ыалдьыт мустубутун Толя тоҕо эрэ атыҥыраабыта. Дьон быыһыгар нэһиилэ аҕыйах билэр киһитин ыраахтан көрөн тоҥхох гынан дорооболоспута. Хараҕын далыгар балта кыыс тоҕо эрэ быраҕыллыбатыттан сэрэхэдийэ быһыытыйбыта уонна куруук кытыы сири кыһанан тутуспуттуу, бу киэһээҥҥи эйгэттэн халты соҕус, хайдах эрэ тэйиччи сылдьар ийэлээх аҕатын муодарҕыы көрбүтэ. Ити тоҕотун уол бэйэтэ эрэ билэрэ. Кини ийэлээх аҕатын иннигэр иһигэр олус диэн буруйдаммыттыы санаммыта…
Тыл этээччи тойоттор, кинилэри хартыына курдук арыаллааччы хотуттар уһуннук да эҕэрдэлээн эккэлэспиттэрэ. Дьүүлүн-дьаабытын арааран өйдүү сатаабыт да киһи бу күүгээҥҥэ, ньамалаһыыга чуо маннык эбит диэн этиини-тыыныыны иилэ хабан өйдүүрүгэр уустук курдуга. Киһи тугу да сатаан долоҕойугар тиэрпэтин хатылаан да биэрдилэр. Тараҕай буолара чугаһаабыт, чолбодуйбут кытаанах харахтаах тамада тулуйбакка тиэтэтиитэ, устунан кыйахана сыһыыта да лаппа итийбит-кутуйбут эҕэрдэлээччилэри тохтоппотоҕо.
Үксэ үөрүү өрөгөйдөөх тыллара, сааһыламматах нууччалыы-сахалыы омуннаах соҕус тойук барыта Ульзанаҕа уонна кини төрөппүттэригэр ананна. Кыыһы хайгыыртан быыс булбатах дьон булгуччу уураһар сокуоннаахтарыттан Толя да салҕа быһыытыйда. Бакаал тутуурдаах ыалдьыттар бэлэхтэрин, баһаам үлүгэр бакыаттаах үптэрин кэлэ-кэлэ, кэтит остуолу нөҥүөлээн, тардыллыбыт аһы тоҕо көтүөхтүү тарбачыһан, кыыс нарын илиитигэр куду анньаллар. Зана-Заночка ону барытын атаҕын анныгар кумааҕы суумкаҕа уга олорор. Ол тухары күннүү сырдык мичээрэ кини сирэйигэр кыра да түгэҥҥэ уостубат. Сотору-сотору кыыс атаҕын иминэн били суумканы бигээн көрөр түбүктээх, онтон эмиэ да сандаарыс гына түһээт, Толяҕа эргиллэн чап-чараастык лыҥкыныыр:
– Толик, свадебнай путешествиебытыгар туттуохтаах долларбыт суумкабытын толороору гынна дии. Өссө биэрдэхтэринэ, эн сиэпкэр угуом, сөп дуо? Онтон кэнники ылыам буоллаҕа дии, – киһи эрэ таптыахтык эйэргээн, араастаан кылап-халап көрөн, минньигэс-минньигэстик мускуллаҥнаан, Заночка барахсан эппитин толортороо ини.
Туораттан көрөөччүлэр таптал уотугар умайан баран билигин да умулла, уоскуйа илик кэрэчээн кыыһы манньыйа одуулууллар. Дьол диэн ити буоллаҕа дии саныыллар. Күтүөт уол чахчы дуоспуруннаах дииллэрэ кырдьык быһыылаах, солуута суох саҥарбыта да иһиллибэт, биирдэ алҕас мүчүк гынан ылбакка, арааһа, саҥа аймахтарын, олор сибээстэрин иһигэр «буһара» олордоҕо диэн дьон быһалыы тойонноон кэбистилэр.
Ити тухары Толя атыны саныы олорбута. Киниэхэ сөбө суох эйгэҕэ күүс өттүнэн буолбакка, бэйэтин көҥүлүнэн киирдэҕэ. Киирдэҕэ да диэн, киирэн биэрдэҕэ эбээт. Ульзананы билбитэ үс сыл буолла бадахтаах. Хаһан эрэ, ханнатын өйдөөбөт, биир быстах хампаанньаҕа билсибиттэрэ. Кини хаһан да бу кыыһы сэҥээрбэтэ ээ. Олус атааҕын, ону ааһан кыратык акаары соҕустук быһыыланарын сонньуйа көрөрө.
Дьэ, быстахха былдьатыы диэн Толя туһугар тоһуйан туран тосхойоохтообута. Сураҕа, уол аҕата Ульзана ийэтиниин урут бырайыактыыр институкка бииргэ үлэлээбиттэрэ үһү. Биирдэ ол өлүү түбэлтэлээх, алҕас биллэн, иһиллэн ааспыттаах.
Былырыын этэ. Розалия Аманатовна, кэм да түбэһиэх быатыгар диэ, тобус-толору суумкалары туппутунан, куттаммыт тугут оҕотун курдук көрбүтүнэн, халтарааҥҥа охтумаары нэһиилэ чирэстэһэн иһэрин көрөн, уол дьиэтигэр тиэрдибитэ.
Ааны Зана аспыта. Куолутунан омуннуран-төлөннүрэн, чыычаах курдук чыбыгыраан, аара көрсө биэрбит «аанньалы» – Толяны, маамата барахсаҥҥа күүстээх илиитин ууммут дьиҥнээх «джентльмены» уруйдаан-айхаллаан саалаҕа аһара охсубута. Чэйдии олорон кэпсэтиигэ уруккуттан үөлээннээхтэр оҕолоро буолаллара биллибитэ. Толя аҕатын Розалия Аманатовна олус хайҕаабыта, элбэҕи да элбэҕи кэпсээбитэ. «Дьиҥнээх сахалыы өйдөөх, букатын президент буолар киһи этэ» диэн өссө омуннурбута. Онтон уолу ыйыталаһан, токкоолоһон, Толя да үөрэҕэр ой-бото бэрдин истэн сэҥээрбитэ, харахтара дьиктитик оонньоон ылбыттара.
Онуоха ыал аҕата Томмот Савельевич дьоһуннана-дьоһуннана көхсүн этиппитэ, ол-бу политика, уларыйыы, харчы-хамнас туһунан кэпсэтии таһаардаҕа буолан, аҥаардастыы куолулаабыта. Онтуттан бэйэтэ да астыммыта, утарылаһааччыларын лаппа сабырыйбыт курдук иһигэр санаммыта быһыылааҕа.
Толя бу ыалга уонна сылдьыбатаҕа, Заночканы да сэҥээрэн ыйыталаспатаҕа. Ону баара, быстахха былдьатыыҥ кыл түгэнэ ээ… Эмиэ биир киэһэ, кулуупка сынньалаҥ кэнниттэн хантан кэлбитэ биллибэккэ эрэ, Заночка баар буолан хаалбыт этэ. Киэһэни быһа үҥкүүлээн, эккирээн сылайбыт уолаттар кыратык эбиммит утахтарыттан илистэ быһыытыйбыттара, утуйар аакка барбыттара. Ким ханна олорбутунан, дьыбааҥҥа, кириэһилэҕэ, остуолга охтубуттара. Толя киэһэни быһа хамсаабакка олорбут кириэһилэтиттэн сыҕарыйбатаҕа, оннук нухарыйбыта.
Ол эрээри сарсыарда кини дьиэлээх табаарыһын дьонун мааны оронугар Заночка баттаҕын быыһыгар уһукта биэрбитэ. Дьалкыҥнас төбө тугу да тобулбатаҕа, туох буолбутун букатын кыайан өйдөөбөтөҕө. Бүттэхпит ол. Дыҥ курдук төбөтүн иһигэр аатыгар эрэ баар дуу, суох дуу, толкуйа туран хаалбыт, киһи туһаммат буолбут мэйиитэ чабырҕайынан тахсыах айылааҕа:
– Толюш, Толик, мин эн этиигэр сөбүлэнэбин. Эйиэхэ кэргэн буолабын. Айа, түүнү быһа көрдөстүҥ дии, так что прими мое согласие… Хотя, понимаешь, мы уже муж и жена, раз спим в одной постели, да, милый? – Зана чуораанныы лыҥкынаабыта, көмүскэтиэх курдук көрүтэлээбитэ уолу харааччы булкуйан кэбиспитэ.
Ити аата туохпутуй? Хайдах-хайдаҕый? Түүл ини, доҕоор? Пахай, суох, баҕарбатаҕыҥ да иһин илэтин билинэргэ тиийэҕин. Зана-Ульзана кини аттыгар илэ сытара. Муус маҥан сыгынньах түөстэрин, сөрүүкэтэр быһыыта эбитэ дуу, хара солко бырастыынанан сабыта охсо-охсо, чахчы соругун сиппит кыыстыы, кыратык да кыбыстан ымыттыбакка, тиэрэ түһэн сыппыта. Өссө үөрэр дуу, үөрэтэр дуу икки ардынан:
– Толя, биһиги Дьокуускайга олоруохпут суоҕа, сөп? Я бы хотела в Москве или вообще… где-нибудь подальше еще… Эн устроишься в престижную компанию, үлэлиэҥ. А я куплю себе машинку экстра-класса и… буду светской львицей. Или же… хотя вариантов много. Толя, а, Толя? Тугу толкуйдуугунуй, а? Вроде городскойгун эрээри, тоҕо наһаа деребаскыный?! – Зана эмиэ атаах, абылаҥнаах куолаһынан уолу сэҥийэтиттэн ылан бэйэтигэр эргилиннэри тарпыта.
– Ульзана, уоскуй. Приземлись. То, что случилось, если оно и было… не по моей вине и воле. Я тебя знать не хочу. Уймись, а? Бара тур, я тебе никто, тем более не жених, понятно? – атаҕастаммыт, туохха эрэ муокаска балыллыбыт абаккатыгар уол куоска курдук эриллэҥнэс, онтугар сөп түбэһэр ньааҕынас кыыһы куруубайдык киэр анньыбыта.
Анарааҥҥыта хараҕын уута бэлэмэ да бэрт, тута ытаан барбыта, сып-сап хомунаат, таһырдьа тилигир гыммыта. Толя бөлүүн туох буолбутун уолаттарыттан ыйытан да туһамматаҕа, ким да, тугу да билбэккэ хаалбыт. Ээ, дьэ, буоллаҕа, ити аата Зана кыыс «за ночь» тугу-тугу быһаарбытын бэйэтэ билэн эрдэҕэ…
Биир киэһэ дьоно кэри-куру кэпсэтиигэ куорат мааны ыалын соҕотох кыыһын албыннаабытын, атаҕастаабытын этэн аһарбыттара. Кэргэн ылбат түгэнигэр инники дьылҕатын туора сотуом диэн кыыс таайа киһи сааммытын, кинилэргэ кэлэ сылдьыбытын кэпсээтилэр. Толя соһуйан тылыттан маппыта. Баччааҥҥа диэри ханна кэлэрин-барарын, кимниин билсэрин-көрсөрүн ийэлээх аҕатыгар кэпсээбэт бэйэтэ били тусовка кэнниттэн саарбах түүнүн кырдьыгынан ууран биэрбитэ.
– Ол аата тугуй, соруйан оҥорууга маарынныыр, – аҕата илиитин нэлэҥнэппитэ, ийэтэ санааҕа түспүтэ.
– Биһиги туохпутугар ымсыыран мааны кыыс санаатын эйиэхэ уурдаҕай, баҕар, кырдьык таптаабыта буолаарай? Сыһыаннаах буоллаххытына… – ийэтэ сабаҕалыырын уол сөбүлээбэтэҕэ.
– Ийээ, биһиги икки ардыбытыгар туох да сыһыан суоҕа эбээт. Туохха эрэ түбэстим, өссө сааныылаах буола-буола…
Инньэ гынан, кыыһы көрсөн сирэй кэпсэтэргэ сананан Толя биир киэһэ Заналаахха тиийбитэ. Чыбыгырыы ыллаабыт кыыс оҕото, киирэн иһэр уолга моонньугар иилистэ түһээт, туох да буолбатаҕын курдук иһирдьэ дэллэриппитэ.
– Мамочка, папочка, а вот и он, мой жених Толя! – диэбитигэр саалаҕа телевизор көрө олорор мааны дьон туран кэлбиттэрэ.
Тардына соҕус дорооболоһоотторун кытта, Зана аны уолу бэйэтин хоһугар дэллэриппитэ. Кип-киэҥ, сып-сырдык хос ортотугар сүүнэ улахан маҥан сабыылаах орон мин аҕай бу баарбын диэбиттии киэптээн аҕай турара. Тула хас да кириэһилэҕэ сымнаҕас сыттыктар күөдэл курдук быраҕыллыбыттар. Олорго сүүрэн тиийэн лах гына олоро түһээт, синньигэс илиилэрин даллаҥнатан, кыыс уолу бэйэтигэр ыҥыра олорбута.
– Зана, мин киһилии кэпсэтээри кэллим. Мин эйигин кэргэн ылыах буолбатаҕым, оннук кэпсэтии суоҕа…
– Тыый, Толя, тугун бэрдэй, оттон «чыычаах» дии-дии ким миигин уураабытай-сыллаабытай, өссө «таптыыбын» диэбитэй?! – Зана харахтара кэҥээбиттэрэ, икки уоһа тэллэйэн, ытаары мэрбэҥнээбитэ.
– Суох, ол эйигин эппэтэх буолуохтаахпын…
– Эн уонна мин эрэ баарбыт ол түүн, Толя! Атын ким да суоҕа буолбат дуо? Неужели эн миигинниин утуйбуккун мэлдьэһээри гынаҕын?!
– Суох, мэлдьэспэппин эрээри… мин утуйбатах буолуохтаахпын… – уол булкулла сыспыта, сатала суох кэпсэтии тахсан эрэрин сэрэйбитэ.
– Заночка, доченька, тебе вредно нервничать, – диэбитинэн, туох да тоҥсуура да, ыйытыыта да суох Розалия Аманатовна мичээрдээбитинэн субу устан киирбитэ. Сиэдэрэй сибэкки ойуулаах маҥан солко халаата тэлээрбитинэн кыыһыгар тиийбитэ. Көбүс-көнө кыргыылаах кылгас баттаҕа илиҥҥи дойду кырасаабыссатын санатарын бэркэ билинэр быһыылаах, онуоха сөп түбэһэрдик туттан-хаптан кыыһын имигэстик кууһан ылбыта:
– Толя, будь мужчиной, потерпи маленькие капризы своей невесты. Она ведь в «марьяжном интересе», – диэбитэ уонна эмиэ кубус-кураанаҕынан мичээрдээн ылбыта. – Хотя, ты уже доказал, что ты настоящий мужчина и уже преуспел в интимном плане… что весьма похвально. Зана, Толяҕа эттиҥ дуо, что ресторан заказан?
– Суо-ох, кини миигин таптаабат, маама! – Зана «чыычаах» ытыы олорбута.
– Толя, я буду конкретна. Өскөтүн Зана аата алдьаннаҕына, кэргэнэ суох төрөөтөҕүнэ, тебе не видать ни учебы, ни карьеры, ни жизни. Повсюду наши связи, ни одна душа тебя не подпустит хоть к какой-то работе. Үлэтэ суох хайдах киһи буолуоҥуй, тоойуом? Раз ситуацию решила ваша юная кровь, придется породниться с вами и воспитывать своих внуков. Өйдөөтүҥ? – Розалия Аманатовна, тимир-тамыр этээт, уол диэки кытаанахтык көрбүтэ.
Итиннэ туох өйдөммөтө баарый? Акаары да буолан абыранар ээ. Арааһа, ол түүн, Ульзана барахсанныын утуйа оонньоон, олоҕун тиэрэ эргиппит соҕотох кини, бэйэтэ. Кэргэн ылар туһунан хаһан да оройдоппот бэйэтэ, дьэ, түбэстэҕэ.
Аанчык, оо, Аанчык, эрэйдээхпин даа… Чахчы атаҕастаммыт, хата, Аанчык буолла. Олус сэмэй, килбик, ыраас санаалаах, чараас дууһалаах кыыс эбээт.
Хайдах бу балаһыанньатын киниэхэ этиэй?! Толя Аанчыкка убаммыта оччото, кинилиин куруук чэпчэки, холку буолааччы. Олус таптыыбын диэҕин, эмиэ да омуннаах, уохтаах буолбатахха дылы… Көннөрү, наһаа истиҥник санаһар буолан, бэйэ-бэйэлэригэр үөрэнэн хаалбыт курдуктар. Аанчык хаһан да кинини туохха да күтүрээбэт, мөҥүттүбэт. Уол бардаҕына барар, кэллэҕинэ кэлэр. Кулуупка бардым диэтэҕинэ, биирдэ буойсубутун, сыттаах кэллэҕинэ, сөбүлээбэтэҕин биллэрбэтэх Аанчык эмиэ да Толя бэйэтин ийэтин санатара. Кинини курдаттыы таайарын, көрөөт да тута өйдүүрүн билэр буолан, ардыгар Толя онуоха эрэнэн, ситэри эппэккэ, кыратык тумнан, албыннаан, быстах сырыыта да ханна барыай. Онтуката ити Ульзанаҕа улдьаарарга тиэртэҕэ…
Хайыах баҕайыный? Куорат сиргэ кыахтаахпын дэнэр киһиэхэ сибээс барыны быһаарар буолбута сонун үһүө. Өстүйбүт дьон, аймахтаспатах абалаахтар, эппиттэрин толорторо үөрэммиттэр, санааларын хоту салаллыбатахха, арааска да тиийиэхтэрэ. Оччоҕо? Ааты алдьаппыт, мааны кыыһы «моһуоктаабыт» акаарыны ким харыстыай? Дьиҥ иһигэр, ааҕыстахха, хата кинини муокастаатахтара эбээт… Ону ол дииллэрэ биллибэт. Үөрэҕин ситэри бүтэрбэтэҕинэ бүттэҕэ. Архитектор идэтэ хонтуора аайы көстүбэтэ эмиэ өйдөнөр. Атын сиргэ ханна күрэниэй? Саарбах. Ол аата, ыт сиэтин, Ульзананы, итиччэ баҕалаах кырасаабыссаны ойох ылан эрдин, оҕолоннун даҕаны дии санаата. Онтон… кыыс бэйэтэ да Толяны өр тулуйар үһүө, арахсаа ини. Толяны билбэ-эт, кини таптаабат дьахтарыгар наһаа сыҥаланыа суоҕа, оччоҕо кыыс түргэнник бэйэтэ да салгыа, арахсабын диэн айманыа. Оччотугар Толя туох да буруйа суох хаалыа, инники олоҕун (кини ирээтэ диэн баар ини, доҕоор?!) оҥостуо… Оттон Аанчык? Киниэхэ, төһө да кыбыһыннар, буруйданнар, олус эрэнэ саныыр, барытын өйдүө… Толя мэлдьи көмөлөһүө, ханна да быраҕан кэбиһиэ суоҕа…
– Өйдөнө-өр, – чочумча буолаат, санаатыгар аралдьыйан олорон, саҥа аллайбытын уол өйдөөбөккө да хаалла.
– Чэ, бэрт. Айдаан бүттэ. Барыта дьэҥкэ. Толя, дьоҥҥун кытта сарсын киэһэ кэлээриҥ, күүтэбит, – Розалия Аманатовна эргичис гынна, солконон суугунаан тахсан барда.
– Ульзана, тоҕо миэхэ кэргэн тахсыаххын баҕараҕыный? – Толя уларыйан хаалбыт куолаһынан ыйытта.
– Как это тоҕо? – кыыс мэндээриччи көрдө. Хайыы-үйэ уоскуйбут быһыынан итинник туруору ыйытыыттан соһуйбут көрүҥнэннэ. – Оттон… хотя бы, чтобы выехать за пределы? Допустим, в Лондон хочу… онно кэргэнэ суох кыргыттарга виза биэрбэттэр буолбат дуо? А мне нужна языковая стажировка, хотя бы… на год, на два и более…
«Тууй-сиэ, дьэ, чахчы да акаары быһыылаах» диэн уол кэлэйдэ даҕаны…
Ыал буолуу араастаах. Онон Толя туһугар бур-бур буруо таһаарар бэрээдэк бэйэтэ салаллыбыта. Биир эрэ ситэ өйдөммөт курдуга, бэйэ дьылҕатыгар бэйэ орооспото хайдах эбитэй? Быһата, бу балаһыанньаҕа бэринэн кэбиспит уол барытыгар дьонунан салай-тарыыга сөбүлэһэн испитэ. Ол иһин ити Ульзана дьонунуун урууластылар, силистээх-мутуктаах сибээскэ силим курдук сыһыннылар быһыылаах. Кылаабынайа, ким да кими да чыычылаабат. Таптал уота кинини таарыйбат. Баҕар, Зананы дэҥҥэ өрө салаан ааһара буолуо да…
Уол сүрэҕин түгэҕэр ханна эрэ ыраах Аанчык баар. Ону санаатаҕына, түөһэ ыарыылаахтык хам тутарын иһин хара күүһүнэн ахтыбат буола сатыыр. Кыыс иннигэр буруйдаах, чахчы албын эрэли иитиэхтээн, тулаайах эрэйдээҕи туһаммыт сидьиҥ эн диэтэхтэринэ, сөбүлэһиэх кэриҥнээх.
Баҕар-баҕарыма, Зана куруук кини аттыгар. Ол бэйэлээҕин биирдэ эмэ халты көрдө да, мааны кыыс кэтэҕэр Аанчык көрсүө мөссүөнэ көстөн ааһар. Иннигэр турар куорат хартыыната кыыстан букатын атын. Холку бэйэлээх, номоҕон сирэйдээх, уурбут-туппут курдук таһаалаах, олус нарын туттуулаах. Ол сып-сылааһынан илгийэр мэтириэт уһаабат, элэкис гынан ааһар. Тапталым диэҕин, Аанчык киниэхэ наһаа чугас доҕору, бэйэ киһитин санатар. Эбэтэр итинник буолуохтааҕа эбитэ дуу…
Толя куттас киһи быһыылаах. Тоҕо эрэ ирэ-хоро «оҥортообут дьыалаларын» киһилии дьаһайбата. Олортон саамай хомолтолооҕо – Аанчыкка бэйэтэ бара сылдьан кэпсэппэтэҕэ. Дьулайбыта оччо. Кинилиин арахсар санаата суох, атыҥҥа аралдьыйбакка сылдьан Зананы ойох ылабын диэн хайдах быһаарыахтаах этэй? Баарынан кэпсиэн… бастаан кыбыстыбыта. Аанчыгы «көмүһүм, чыычааҕым» дии сылдьан атын кыыстыын хоонньостум дииригэр хайдах да кыаҕа тиийиэ суох курдуга. Ол иһин иһийбитэ, туох буолан иһиэн кэм көрдөрүө диэн найыламмыта. Эппитэ да буоллар, ким итэҕэйиэй, барыта да наар аанньа буолбута буолбаат? Ол иһин Марыына баабыска кинини ирдээн кэлэ сылдьыбытыгар да туолкалааҕы тугу да булан быһаарбатаҕа. Онтон ити бэҕэһээ эмээхсин Аанчык суругун биэрбитэ. Уолу буруйдуур, хомуруйар биир да тыл суоҕа. Олоххун оҥоһун, мин туспар долгуйума, барыта этэҥҥэ буолуо диэн, ким эрэ кикпитин курдук, олус холкутук сүбэлээн, сөбүлэспитин биллэрэрдии, судургутук суруйбут этэ. Ханан да аат да, араспаанньа да суох, ким кимиэхэ тугу туһаайбыта, суругу ыыппыта өйдөммөтө. Ол да иһин, көрдөрөн туран дуолу туттарарга, сымыйалыырга бэрт төрүөт буолбута. Аанчыкка айдаан тахсыан сэрэйбит курдук сэрэхтээх суругу ыыппытыгар махтана санаабытыттан бэйэтэ да бэркиһээбитэ, «дьаабыланан, аны туос сымыйаччы буоларым итэҕэс эбит» диэн иһигэр бэйэтин бэйэтэ мөҕүттүбүтэ.
Ульзанатыныын туох олоҕу олоруон билбэт, кырдьыга, билэ да сатаабат. Бу кыыс иһэ истээҕин син сэрэйэрэ ээ. Аймахтары кытта билсиһиигэ, көрүдьүөс баҕайы, кыыс «олоххо быһаарыныылааҕын, дьаһаллааҕын» бэлиэтээн кэпсээбиттэрэ. Дьэ, ким билэр, дьаһала диэхтээн туга кэлбит үһү, оттон быһаарыныыта диэн эппитин толорторо үөрэммит хаппырыыс, атаах диэтэххэ, оруннаах буолуо дии саныыр Толя. Төрөөбүтүгэр Ульяна диэн сүрэхтээбиттэрин улаатарыгар абааһы көрөн, пааспарын ыларыгар Ульзана диэн уларыттарбыт. Инньэ гынан докумуона барыта Ульзана аатыгар толоруллубут. Тыаҕа баар аймахтара эрэ, эбэтэ-эһэтэ буоланнар «Уля, Уула» диэн ыҥырдахтарына, тымтан тырыттар да, хайыай, төрөөбүт аата этэ буоллаҕа. Ону улахан туох эрэ дьоһун ситиһиитин курдук кэпсииллэриттэн Толя «һык» гыммыттаах.
Хоонньоһоот, хат буола охсубутун уол тоҕо эрэ тук курдук итэҕэйбитэ. Сотору онто эмиэ сараламмыта.
Ульзана былаачыйа ылыллыбытын, ресторан төлөммүтүн, ыҥырыы тарҕаммытын кэнниттэн биир киэһэ:
– Доҕоччуок, саараама даҕаны, миигин соторунан төрөтүөҥ суоҕа. Знать надо, когда наступает пора заводить детей. А мне еще рано, – диэн баран, куба курдук куоҕаҥнаабыта, эмиэ өрө-таҥнары көрбөхтөөбүтэ.
Ити сонунтан айдаан тахсыбатаҕа оруннаах. Уол, хата, үөрбүтэ, чэпчээбиттии үөһэ тыыммыта…
– Чэйиҥ эрэ, доҕоттор! Үрүүмкэлэрбитин толоруоҕуҥ! Уоллаах кыыспыт туһугар көмүс күүгэннээх кымыс оннугар өссө төгүл үрүлүйэр-харалыйар үрүҥнэрбитин-кыһылларбытын үөһэ көтөҕүөҕүҥ! – тамада холус да соҕустук сааһылаатар, бэрт көтөҕүллүүлээхтик хамаандалаабытыгар Толя санаатын ситимэ быһа барда, дьэ өйдөннө.
Айабыын, тото аһаабыт ыалдьыттар ыстанан турбуттара, уруй-айхал тылларын ыраахтан-чугастан үөгүлээбиттэрэ тугун бэрдэй. «Көр олохпут саҕаланнаҕа дуу, ити аата» диэн уол бэйэтин сэтэриннэ.
– Итиэннэ, доҕоттор, кыыстаах уолбутун, аан бастаан хоонньоһор түүннэрин ахта-саныыр гына атаардыннар диэн, биэс сулустаах мааны гостиница вип-нүөмэригэр арыаллаан атаарыаҕыҥ! – тамада, омунугар силэ бырдаҥалаан, харахтара өссө чолбоодуйан, мөҕөн эрэр дуу, дьаһайан эрэр дуу курдук быһыта биэртэлээн, микрофоҥҥа хаһыырбытын ытыс таһынан көрүстүлэр, һуу-һаа буоллулар.
«Ол эмиэ туохпут баҕайытай… Барыта да албын-түөкэй, уруһуй-оҥостуу буолан» иһигэр ончу сөбүлээбэтэр да, куорат кулукуларыгар куолаһа суох күтүөт киһи туох диэхтиэй, бара сатаан куолутунан муннун анныгар мүчүк эрэ гынна…
* * *
– Кытаат-кытаат, үчүгэйдик тыын! Сити курдук. Чэ эрэ, миигин болҕойон истэбит. Анечка, этэрбин барытын толоруоҥ, этэҥҥэ быыһаныаҥ. Сөбүлэстиҥ? Хорошо, сынньанабыт, тыынабыт, – сааһыра барбыт саха акушерката төрүүр сааланы ылан кэбистэ.
Аанчык, куттаммыт-ыгылыйбыт санаатыгар, барытыгар бэлэм сытта. Бу тымныынан аҥкылыйар кип-киэҥ төрүүр сааланы хайдах эрэ атыҥырыыр. Хоско да маарыннаабат дьикти уораҕай тула өттө таас билииккэ сыбахтаах. Ордук-хос туох да суох. Онно-манна хас да көнтөрүк кириэһилэлээх остуол көстөр. Төрүүр остуол. «Оо, хас дьахтар дьылҕата манна быһаарыллыбыта буолуой, ким эрэ дьоллонноҕо, ким эрэ…» тиритэ-хорута тыын быһаҕаһынан тыынан, «сынньана» сытан кини саныыр. Төбөтүн үрдүгэр эдэр нуучча кыыһа быраас кинини таҥнары көрөн турар. Сотору-сотору илиитин бэгэччэгиттэн ылан имэрийэн эрэр курдук тугу эрэ туппахтыыр, иһиллиир, Аанчыкка мичээрдиир уонна эмиэ быыстала суох уоскутар, сүбэлиир.
– Так-таа-ак, чэ эрэ, бэлэмнэнэбит, дириҥник тыынабыт! Күүскэ! – акушерка саҥата, туох эрэ тимир иһит-хомуос тааска таарыллан талыгырыырын курдук бүппэт тыаска мэһэйдэтэн, нэһиилэ иһиллэр.
Ити икки ардыгар иһэ эмиэ хам ылла, тыынын хаайан бобута тутара өссө күүһүрдэ. Аанчык ыгыллан, икки илиитинэн мааҕын тутус диэбит тутаахтарыгар кытаанахтык хам хатанна, мэктиэтигэр хараҕа хараҥаран ылла. Акушерката:
– Анечка, вдо-ох, күүскэ! И по моей команде: ыгылын! Еще раз, вды-ы-хаем и ту-у-жимся: и-и… еще раз, ии-ии… еще два! – диэтэ дуу, диэбэтэ дуу, кыыс иһиттэн туох эрэ дьикти ньылбырыс гынарга дылы буолла, саала иһин соҕотохто оҕо бэбээрэр саҥата толордо.
– И-и, готово! Мамаша, поздравляем с сыном! Хороший мальчик, не уставший… – акушерка астыммыт быһыынан Аанчыгы эҕэрдэлиир.
Били хам ылбыт ыарыы эрэ, тыынын бобуталаабыт талыы-ыгыллыы эрэ, ханна да симэлийбитэ биллибэккэ, омуннаахтык уоскутан кэбистэ. Санаатыгар, билигин да ыарыыны күүтэр курдук, мэлигир. Ону кытта бириэмэ тохтоон хаалбыт курдук буолла. Аанчык үөрүөхтээҕэ эбитэ дуу, туох эрэ диэхтээҕэ дуу… Марыына эбээ бу туһунан букатын да көтүппүт, отой кэпсээбэтэх эбит… Маннык түгэҥҥэ түбэспэтэх буолан, кыыс мунан хаалла. Арай, икки чэчэгэйинэн көлөһүнүн кытта тэҥҥэ, ыйыта сылдьыыһык дуо, харахтарын уута сүүрэлээтилэр. Уол, уол оҕо төрөөтө, Аанчык уол оҕолонно! Толигын оҕото Толя төрөөтө ээ!
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?