Электронная библиотека » Гавриил Адамов-Сайдам » » онлайн чтение - страница 2


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 17:40


Автор книги: Гавриил Адамов-Сайдам


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 8 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +

4

Бэриэт Новосибирскайга төннөн кэлээт, кэтэхтэн үөрэнэ көһөргө, манна үлэ булунан үп-харчы өлөрөн дьонугар көмөлөһөрдүү быһаарыммыта. Кини дьонугар тугу да эппэтэҕэ, үөрэнэ сылдьарынан биллэрэ.

Институт салалтатыгар баар балаһыанньаны толору кэпсээбитэ, бэйэтэ быһаарыммыт толкуйун эппитэ. Салалта табатык өйдөөн үчүгэй үөрэхтээх, инники кэскиллээх исписэлиис тахсар уолга утары бараннар бары усулуобуйаны тэрийбиттэрэ: кини кэтэх үөрэххэ көспүтэ, институт иһинэн баар сибээс сыыппаранан ситимин научнай-чинчийэр лабораториятыгар үлэҕэ киирбитэ, уопсай дьиэтигэр салгыы олорорго көҥүл ылбыта.

Барыта санаа хоту буолбута. Кини онтон олус үөрбүтэ. Үтүө да салайааччылар бааллар эбит диэн махтаммыта. Салайааччы эрэ барыта маннык буолуоҕар эрэл оччотооҕу эдэр киһиэхэ бигэтик иҥмитэ.

Институтун туйгуннук бүтэрбитэ, үрдүкү научнай сотрудник буолбута. Хамнаһа куһаҕана суоҕа, бириэмийэни квартал аайы ботуччу биэрэллэрэ. Онон кини дьонугар көмөтө быстыбат этэ.

Кини биири эрэ саныыра – сибээс аныгы ситимэ кэскиллээҕин, сыыппаранан сибээс инники суолун тобулууга бэйэтин туох эрэ кылаатын хайаан да киллэриэхтээҕин. Онно туох эмэ мэһэй баар буолуоҕун санаан, түһээн да көрбөт этэ.

Бу «Радио» диэн лаборатория Сойуус судаарыстыбаннай научнай-чинчийэр саамай улахан институтун салаата буолбута. Аналоговай диэн аатырар куолаһынан сибээстэн түргэн сырыылаах сыыппаранан сибээскэ көһүүнү ырытыы, тобулуу, олоххо киллэрии судаарыстыба инники күөҥҥэ турар соруга этэ. Ону аан бастаан космическай сибээстэн саҕалаабыттара. Онон Бэриэт Сиидэрэбис космическай сибээс үлэһитэ буолан түөрүйэ быһыытынан айыллар сыыппаранан сибээһи дьиҥ олоххо киллэрэр минисхемалары таҥар уустук үлэҕэ ылсыбыта. Кинилэр сүрүн соруктарынан – космическай сибээс чуолкайын ситиһии, айанныыр тэтимин түргэтэтии буолбута.

Институт ааҕар-суоттуур киинин массыына саалата баараҕай дьиэ хас да этээһин ылара. Онно өй үлэтэ олус чуумпутук, хас биирдии үлэһит бэйэтин дьикти эйгэтин иһигэр барара, оттон исхиэмэлэри таҥыы үлэһиттэрэ микроскоп-ачыкыны кэтэргэ тиийэллэрэ, анал паяльниктарынан туһаналлара, микросхема ситимин оҥорон таһаа-раллара.

Табаарыһа Карцев Владимир Бэриэт талааныгар, билиитигэр-көрүүтүгэр чахчы сүгүрүйэрэ. Кини биир түгэҥҥэ табаарыһа «оччоҕо маннык гыннахха табыллыахтаах» диэн бэрт судургу быһаарыы ылынан бокуойа суох уларытан-тэлэритэн барбытыттан: «Ну, Бэриэт, ты молодец! Давай, Бэриэт, вперед!» – тыллары ыһыктаат, сотору Бэриэти спецовкатын сиэҕиттэн тардыалаабыта. Бэриэт: «Ты что?» – диэн сөбүлээбэккэ эргиллэ түспүтэ. Онуоха Карцев Володя олох маһыттан ойон турбута, Бэриэти туруору тарпыта, үөрэн чаҕылыспыт харахтарынан утары көрбүтэ, бэркэ боччумнанан туран: «Бэриэт, тебе отныне я присваиваю имя Вперед. Ты не Бэриэт, а Вперед!» – диэн, хаста да хатылыы-хатылыы, бокуойа суох бобута кууспута, бэйэтигэр ыбылы тарпыта. «Да?! Хорошее имя», – Бэриэт бэйэтэ да соһуйбута, үөрбүтэ, өссө астыммыта, күлэн тоҕо барбыта. Володя өссө күүскэ күлбүтэ, олус табыгастаах ааты булбутуттан астыммыта чахчы этэ. Ити кэмтэн ыла талаанынан сөхтөрбүт, ньуура суох үлэһитинэн биллибит саха уола Бэриэккэ олох даҕаны Вперед диэн дьоһуннаах, тапталлаах аат иҥмитэ. Институттар ити ааты олус сөбүлээн тутталлара.

Доҕоро Владимир Карцев саҥа хайысхалаах научнай үлэтэ сэҥээриини ылан кандидатскай диссертациятын көмүскүү «Радио» институкка тиийэн сатамматаҕар Бэриэти ыҥыртарбыта. Онно кини исхиэмэ сырыытын билсиһэн баран Володя туохха сыыспытын чопчу ыйбыта, баар схеманы көннөрөн биэрбитэ. Ол табыллыбыта, ону ааһан өссө хайҕаммыта. Владимир Семенович наука хандьыдаата буолбута. Кини ситиһииттэн үөрэн, табаарыһыттан сөҕөн сууйдахтарын киэһэ: «Ну, Вперед, ну, Вперед! Какое правильное имя!» – диэн хаста да хатылаан, Бэриэти кууһан ылан эргичитэн үөрүүтүн биллэрбитэ.

Ол кэнниттэн Түбүктээхэптэн сүбэлэтэр, ыйытар элбээбитэ, исхиэмэ оҥорторуон баҕалаах уочарата да баар буо-лан ылара. Онон Бэриэт билиитин, сыыһаны була охсорун, ону быһа суолун тобулан оҥороро түргэнин туһунан институкка номох курдук кэпсээннэр элбээн барбыттара…

Командировкалар быыстала суох буолбуттара, сырыы кэҥээбитэ. Сойуус сибээһигэр үлэлиир Россия, Прибалтика, Украина куораттарын научнай уораҕайдарыгар ыйы-ыйынан сылдьара. Ол тухары Саха сирин уһук Барҕа дэриэбинэтин уолун билиитин-көрүүтүн, сатабылын сөҕөөччү көстөрө, элбиирэ. Сүбэлэтэр-амалатар даҕаны онтон итэҕэһэ суох этэ.

* * *

Саҥаны айыахха айылаах киһи элбэх бөҕө ээ, миигинниин биэс хааһах диэбиккэ дылы. Дьэ, ону олоххо киллэрэр олус да ыарахан, бадьыыстаах, эриирдээх буолар эбит. Маннык салгыы бардаҕына дойдубут Сэбиэскэй Сойуус барахсан сайдыыттан хаалара ырааҕа суох буолсу быһыылаах.

Барытын туорайдаһа, сатаммат, ханнык эрэ балаһыанньаҕа сөп түбэспэт, маннык стандарт суох диэн сабыта баттыыр бүрүкүрээт наһаа да элбэх эбит. Оттон, доҕоттоор, саҥа айыллыбыкка патент биэрэ охсон, ол оннук наадалаах «стандарт» диэннэрин иҥэрэр туох айылаах ыараханнааҕа буолла?! Тоҕо ол табыллыбатый? Ким да билбэт. Барыта чып кистэлэҥ быһыылаах. Бу бэрэбиэркэлиир дьонуҥ бары ааттаах-суоллаах, урукку өттүгэр өҥөлөөх кырдьаҕастар. Ол чыыннарынан-хааннарынан саба баттаан олороллор, кинилэр эппиттэрин, муҥур уһугар түмүк оҥорбуттарын утарсар киһи баара да биллибэт.

Дьэ дьикти! Арааһа, ити партиябыт тойотторо бары кырдьаҕастар мустан үөлээннээхтэрин эрэ истэр, кимиэхэ даҕаны сабардаппат балаһыанньалара букатыннаахтык олохтоммут курдугар тахсар. Бочуоттаналлара сөп. Ону ким утарыай, суох. Ол эрээри саҥаны утарсар, саба баттыыр дьону баҕас тохтотуох, туоратыах баара, сынньалаҥнарын үчүгэйдик тэрийэн баран…

Билэрэ-көрөрө элбэх, ымпыктаан-чымпыктаан ырытар исписэлиис буолан Бэриэт исхиэмэлэрэ сигналлары хас эмэ төгүл түргэнник, быһаччы тиэрдэр кыахтаахтара. Ол көстөн турар кырдьыгын үрдүнэн ханнык эрэ балаһыанньа утарар, эргэрбит «стандарт» көҥүллээбэт. Элбэх утарсыы, муҥур уһугар хаайтарыы буолар. Хайыаххыный – уларытыы, кэҥэтии буолар, онон сибээстээн өйдөөх-хаанынан сигнал бытаарыытын олохтуурга тиийэҕин!

Бэриэт Сиидэрэбис сэбиэскэй тутулу атыҥыраабыта – ханнык да дьыаланы анал үөрэхтээх исписэлиис эрэ би-лэрин, ол кырдьыгын билэн туран, ону партия эрэ билэр, сатаан дьаһайар, олоххо киллэрэр диэни илэ итэҕэйбэт буолбута. Бу сүөргү ситими кини олох сайдыытын туормаһын быһыытынан билиммитэ. Ол эрээри ону кэпсиир-ипсиир кутталын элбэх холобуртан көрбүтэ – инники олоҕун санаан дьаахханара, онно бастакы төрүөтүнэн кулаах эһэтин дьылҕата этэ.

«Сэбиэскэй Сойуус сайдыыттан хааллаҕына хайдах, туох буолан иһэрэ буолла?» – диэн ыйытыгы куруутун өйүгэр тута сылдьара.

5

Новосибирскай куоракка үөрэнэр саха ыччаттара сыл аайы сайыны көрсө ыһыахтыыллара. Бэриэт онно чох хара харахтаах, уһун суһуохтаах, сибэкки ойуулаах сиидэс былаачыйалаах, сэмэй баҕайытык тутта сылдьар курбуу курдук уҥуохтаах кыыһы бэлиэтии көрбүтэ.

Кыыс кини билэр дьонун, аммалары, кытта сылдьара, биир хампаанньа быһыылаахтара. Кини билсэр дьонун-сэргэтин көрсөн дорооболоһон, кэпсэтэн-ипсэтэн баран, сотору ол кыыс баар бөлөҕөр тиийбитэ.

– Дорооболоруҥ! – быйыл эргиэн институтун бүтэриэхтээх Амма ыччата Петя уонна кини кэргэнэ Света илиилэрин хардары-таары бобута харбаан эҕэрдэлэһээт, кыргыттар диэки хайыспыта. – Саргы, дорообо! Хайа хаһан сыа сиибитий? – үрдүкү куурус кыыһа табаарыстааҕын билэр, кинилэр холбоһоллорун курдук истибит буолан күлэ-үөрэ ыйыппыта. Кыыс кытаран хаалан баран: «Привет!» – диэн судургутук хардарбыта.

– Бу Сардаана диэн, мин биир дойдулааҕым, – Петя Бэриэт интэриэһиргии көрбүт кыыһын оргууй окумалыттан ылан бэттэх диэки чугаһатан билиһиннэрбитэ. – Биир нэһилиэкпит. Ксенофонтовтар диэн ыаллар мааны кыыстара. Мин курдук эмиэ эргиэн институтугар үөрэниэхтээх, ол эрээри кини үһүс кууруска быһа киирэр.

– Бай, ол хайдах? – Бэриэт кыыс сандаархай хараҕын утары көрөн туран, тугу да анаара барбакка ыйыппыта, онтон бэйэтэ да соһуйбута.

– Кооперативнай техникум кэннэ, – Сардаана быһаарбыта уонна илиитин утары ууммута.

– Үчүгэйдик үөрэммит оҕолорго салгыы үөрэнэллэригэр путевка биэрэллэр ээ, биһиэннэрэ. Онон кини быйыл үөрэххэ быһа киирэр. Бу манна билсэ кэлэ сылдьар, – диэн Петя сиһилии быһаарбыта.

– Олус үчүгэй! – Бэриэт кыыс илиитин туппутун ыһыктыбакка туран чахчы үөрэн, долгуйан туран эҕэрдэлээбитэ. – Аатыҥ да кэрэтэ бэрт дии. Амма бэлиэтэ бэйэтинэн турар, – диэн баран олус истиҥник мичээрдээбитэ.

Кыыс ити тыллартан кыбыстан имэ сардаана сибэкки курдук кытара кыыспыта.

– Мин буоллаҕына Бэриэт диэн уу сахалыы ааттаахпын, – кини сытыы бэйэтэ хайдах эрэ симиттибит курдук буолбута, илиилэрин ханна гыныан билбэккэ өттүктэрин сууралаабыта. Ол да буоллар син кыанан: – Манна сибээс институтун бүтэрэн баран ол институппар бэйэтигэр үлэлиибин. Онон куорат кырдьаҕас олохтооҕобун, – диэбитэ уонна бэйэбин наһаа арбанан эрэбин ээ дии санаан күлбүтэ буолбута.

– Бэриэт Сиидэрэбис улахан научнай-чинчийэр лаборатория тутаах, олус диэн наадалаах, тарбахха баттанар биир чулуу үлэһитэ.

– Петя, бээрэ, тохтоо, – Бэриэт табаарыһын илиититтэн тардыбыта.

– Тоҕо, доҕоор? Тугу эрэ сымыйанан кэпсиир буолламый… Барыта кырдьык, – диэн баран Сардаана диэки эргиллэн: – Космическай сибээс саҥа ситимнэрин көрдүүр, булар, ону олоххо киллэрэр биһиги өйдөөбөт дьыалабытынан дьарыктанар бэрт дьээбэ киһи, – диэбитэ итиэннэ дьэ ситэри кэпсээтим быһыылаах диэн тохтоон хаалбыта. Онтон күлэ-күлэ: – Сардаана, бу уолу үчүгэйдик көр, билис. Аны бэйэтэ киһи киэнэ бэрдэ, табаарыс, доҕор киэнэ талбыта, дьоһуна, – дии-дии, дьэ сиэрэ ситтэ диэбиттии Бэриэти санныттан таптайбыта.

– Адьас сибэтиэй бэйэтинэн кэлэн турарын курдук кэпсээтиҥ дии. Ити үлэм туһунан кырдьык. Онтон атына, оттон көстөн иһиэ буоллаҕа. Билистибит дии, – Бэриэт Сардаана кинини олус интэриэһиргии одуулаһа туралларын бэлиэтии көрбүтэ. – Бээрэ, салгыы тугу гынабыт?

– Сотору түһүлгэлээн олорон аһыырбыт буолуо. Эн ханнык хампаанньаҕа сыстар былааннаах сылдьаҕын?

– Мин соҕотох киһи ханна баҕарар сыстарым көҥүл буоллаҕа, – Бэриэт барыларын кэрийэ көрбүтэ. Сардааналыын харахтара харсыһа түспүтэ. – Атыҥыраабат буоллаххытына, эһиэхэ сыстыахпын сөп.

– Атыҥырыырбыт баара дуо? Аньыы даҕаны! – Петя өрө көтө түспүтэ. – Хата, ыҥыраары, биһиэхэ кыттыс диэн көрдөһөөрү гыммыппыт. Чэ бардыбыт, миэстэтэ булуоҕуҥ, – Петя бу сибилигин миэстэ булуохтуу олоотообута, онтон аны өй булунан. – Сардаана, эн Бэриэт биһиэхэ кыттыһарын утарбат инигин? – диэн бэрт дьээбэ ыйытыылаах буолан биэрбитэ.

– Эс, мин ол туох диэн? – Сардаана олус соһуйбута, хараҕа төгүрүйэ түспүтэ. Уолаттары хардары-таары көрүөлүү-көрүөлүү: – Ону мин тоҕо быһаарабын? Бииргэ сылдьар буоллаҕына сылдьар буоллаҕа дии. Эһиги табаарыскыт, эһиги быһаарыҥ ээ, – диэн баран, икки ытыһынан иэдэстэрин саба туттубута, туох дииллэрин кэтэһэн таалан турбута.

– Сөп, сөп, Сардаана, – Петя кыыһы холус соҕустук дьээбэлээбититтэн бэйэтэ даҕаны сонньуйбута. – Ити таах мээнэ, өскүөрүтүн! – диэн көннөрүммүтэ буолбута.

– Сардаана утарбат буоллаҕына, мин кыттыһан буоллаҕа, – аны Бэриэт ытаһа угааччы буолбута уонна Сардаана диэки эргиллэн хараҕынан имнэнэн ылбыта. Ол имнэнии киниттэн олох да ыйытыыта суох тахсан кэлбитэ. Ону кини атыҥырыах курдук буолан иһэн «буолбут сатаан төннүбэт» диэн өйүнэн хам баттаан кэбиспитэ.

Сардаана буоллаҕына ити имнэниигэ хардаран эмиэ имнэммитин бэйэтэ да билбэккэ хаалбыта. Онтон төттөрү хайыһан, күлэ-күлэ, айаҕын хам туттан кэбиспитэ.

Ол күн кинилэр бары бииргэ сылдьыбыттара. Кэпсээн, сэһэн-сэппэн элбэх этэ. Ордук кыыс Амма туһунан: кини сардаана сибэккинэн симэнэр, сайынын сылаас, талыы күннэрин, дьэдьэн сытынан тунуйар чагдалар күөҕүнэн сууланар бүччүм ырааһыйаларын, Амма ыраас уутугар сөтүөлээн чомполонор кэрэтин, саһарчы буспут бурдуктаах бааһыналарын, үтүө үлэһит дьоннорун, талыы-мааны кыргыттарын, уолаттарын туһунан сэһэргэспиттэрэ. Бэриэт ону бэркэ сэҥээрбитэ уонна ону барытын хаһан эрэ көрбүт киһи дии санаабыта.

Бэйэтэ ыйытыы күүһүнэн дойдутун туһунан быһыта-орута кэпсээн аһарбыта. «Кэлин кэпсиир түгэн көстөр ини. Бүгүн Амма туһунан истэрим, билэрим ордук курдук. Эһиги кэпсээни быһымаҥ. Истэргэ олус үчүгэй», – диэн Амма дьонун, хата, үөрдүбүтэ.

Ыһыах олус үчүгэйдик ааспыта. Саха сирин араас муннуктарыттан мустубут, билиини-көрүүнү эккирэтиһэн манна кэлэн көрсүбүт ыччаттар билсиһиилэрэ, доҕордоһуулара кэҥээбитэ, күрэхтэһиилэрэ тыҥааһыннаах этэ.

Сибиир киэҥ иэнин тухары үөрэнэ сылдьар ыччат сырдык ыра санааларын туох да кистэлэ, хос санаата суох үллэстэр сэһэннэрэ сонун, инники кэскили түстүүр ис хоһоонноох этилэр. Ону бигэргэтэн оһуохай дэгэрэҥ тыллара ил-эйэ эҥээрдээх, билсии-көрсүү тулааһыннаах, үөрэҕи, үлэни өрө анньар күүрүүлээх, дойдуга тиийэн дьол-соргу тэнийэр аныгы олоҕун тэрийэр туһунан буолбуттара. Ордук үчүгэй түһүлгэлэр сунтаардар тойуктарын тула кэҥээбитэ. Бүлүү эҥээр ыччат дьон өбүгэ үгэһин умна иликтэрин илэ бааччы көрдөрбүттэрэ. Оттон илин эҥэртэн биир да оҕо оһуохайга холонон көрбөтөҕө.

Бэриэт ыһыахтан эрдэ соҕус төннөр, лабораториятыгар киирэн биир тобула сатыыр боппуруоһун бэрийэр, бэрээдэктээн кумааҕыга киллэрэр санаалаах этэ. Ол эрээри кини Сардаананы көрсөн, билсиһэн тардыллыбыта, анарааҥы дьыаланы олох да умнан кэбиспитэ. Кыыс тас көрүҥэ, сымнаҕас, сылаас майгыта, килбик эрээри ис-тиҥ мичээрэ барыта уол санаатын хоту этэ. Кини маннык кыыһы көрдүү, кэтэһэ сылдьыбытын бүгүн билиммитэ.

Кинилэр Петялаах уопсайдарыгар тиийэн бэйэлэрэ, онно баар сквергэ балайда олорбуттара, кэпсэппиттэрэ.

– Олус үчүгэйдик сырыттыбыт дии, – Сардаана ыйытар харахтара эппиэти күүтэллэрэ чахчы этэ.

– Мин тус бэйэм олус астынным, – Бэриэт утары көрбүтэ. – Ордук эйигин кытта билсибиппиттэн, – диэбитэ уонна кыыс илиитин ылан бобо туппута. Сардаана илиитин сулбу тарпатаҕа, онтон эр ылан, үөрэн буолуо: – Сардаана, мин дьиҥинэн эрдэ төннүөх буолбутум ээ, кыра үлэ баара, – диэн билиммитэ.

Кыыс быһа түһэн ыйыта охсубута:

– Оттон тоҕо төннүбэтиҥ?

– Оттон эйиигин көрсөн, кэпсэтэн, – кини бобо тутан олорор илиини ибигирэтэн ылбыта. – Дойдуҥ Амма туһунан кэпсээҥҥин сөбүлээн, эйигин кытта бииргэ сылдьарбын биһирээн умнан кэбиспиппин дии.

– Оо, дьэ, мөҕүллэриҥ буолуо, – кыыс туох эрэ буруйу оҥорбут киһи курдук икки ытыһынан иэдэстэрин бобо харбаммыта.

– Эс, туох да мөҕүллүү суох. Бэйэм оннук үлэлээччибин, өрөбүл күннэргэ. Хата үөрдүм ону умнубуппуттан, эйигин кытта күнү быһа бииргэ сылдьыбыппыттан, – Бэриэт үөрбүтэ чахчы этэ.

– Ээ, чэ бэрт, – мөҕүллүү буолбатын сэҥээрбит курдук буолбута гынан баран Сардаана, дьиҥинэн, Бэриэт кинилиин сылдьыбытыттан эмиэ үөрбүтэ.

Кини бу Бэриэт диэн муокас баҕайы ааттаах уолу күн бүтүүтэ олус сөбүлээбитэ, «бастакы көрүүттэн таптал» диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ дуу диэх курдук санаа биллибитэ. Уол туһунан билиэн-көрүөн баҕарар санаата батарбакка ыйыппыта:

– Бэриэт, эн тоҕо маннык муокас баҕайы ааттааххыный?

– Дьэ, ити бэйэтэ туспа сэһэн. Өбүгэбитигэр итинник ааттаах баар эбит. Ону өйдөөн аҕам иҥэрбит, ийэм утарсан көрбүтэ үһү.

– Бэриэттээн иһэри урутаан билэр-көрөр киһинэн ааҕааччылар дии. Дьиҥинэн бэрт аат эбит ээ, Бэриэт, – кыыс сэҥээрбитин биллэрбитэ.

– Ити ааппын үлэбэр уолаттарым Вперед диэн уларыппыттара, аны кэлин наар инньэ диэн ааттыыр буоллулар.

– Хайа-а, наһаа сөпкө, бэркэ тылбаастаабыттар буолбаат, – Сардаана өрө көтө түспүтэ, бэрт истиҥник күлэн чачыгыраабыта. – Наһаа үчүгэй аат дии, Вперед! – кыыс тойон эрбэҕин чочоҥноппута. – Вперед, Вперед, – дии-дии, ойон турбута, икки илиитин халлаан диэки өрө ууммута.

– Сардаана, аргыый! Кэл бэттэх, – Бэриэт кыыһы илиититтэн харбаан ылбыта, бэйэтигэр тардыбыта, кууһан ылбыта, кулгааҕар сибигинэйбитэ. – Уоскуй. Баһыыба, үтүө баҕа санааҥ иһин! Наһаа үөрдүҥ дуо?

Кыыс уолга куустаран хайдах эрэ уоскуйан, налыйан хаалбыта. Бэриэт кыыс иһирэх тылларыттан үөрбүтэ чуолкай этэ. Оттон ол үөрүү кыыс дууһатыгар туох эрэ саҥа сүүрээни биллэрбитэ, эбии күүһү укпут курдук буолбута.

– Үөрдүм ээ. Олус интэриэһинэй, дьикти – Бэриэт уонна Вперед. Олус сөп түбэһэллэр, барсаллар.

Кыыс куустарыыттан босхолонон уолу илиититтэн оргууй тутан туран:

– Туохха барытыгар вперед буоллаҕыҥ дии! – диэбитэ.

Кыыс ити тылларын кытта уолтан тэйэ хаампыта, кинини үөһэттэн аллара, алларааттан үөһээ үөрэтэрдии, таптыырдыы имэрийэ көрөн балачча турбута. Бэриэт он-но эмиэ сөпсөһөн буолуо, кыыһы одуулуу, хас биирдии хамсаныытын кэтээн көрөрө.

– Чэ, мин барыым, Бэриэт. Мин эйигин кытта билсибиппиттэн үөрэбин. Бүтэһик көрсүһүүбүт буолбатах ини?

– Мин эмиэ билсиһииттэн үөрдүм. Көрсүөхпүт, күн сарсын да тиийэн кэлэрим буолуо.

– Бэриэт, сарсын-өйүүн кэлимэ, сөп? – кыыс ааттаһа көрдөһөрдүү, уолу супту көрөн турбута. – Мин манна күүлэйдии буолбатах, атын улахан наадалаах буолан кэлбитим. Онон сүүрэрим-көтөрүм элбэх.

– Оччоҕо мин онно көмөлөһүүм. Биир күнү баҕас көҥүллэтиэххэ сөп. Куораты билэр киһи көмөтө наада буолуо дии…

– Бэриэт, суох, сатаммат, – кыыс саҥата кытаанах этэ. Туох эрэ бүччүм, бэйэтэ эрэ билэр дьыалата быһыылааҕа. – Эн миигин көрсүөн баҕарбат дии санаама. Баҕарабын, көрсүөхпүт, – онтон ордугу тугу да саҥарбакка эрэ уолга илиитин туттаран «Покаа» диэн оргууй сибигинэйээт, тэйэ хаама турбута. Уопсай ааныгар тиийэн эргиллибитэ, далбаатаабыта. Бэриэт илиитин өрө уунан бакааласпыта.

Кинилэр тыл тылларын ылынсан, өйдөһөн арахсыбыттара. Бэриэт кыыс эппит «туохха барытыгар вперед буоллаҕа» диэн тылларын сыымайдыыр дьарыгы булан ылбыта: «Тоҕо? Туох туһунан? Тугу эппитэ буолуой?»

Оттон кыыс бу уол баччааҥҥа диэри онно-манна аралдьыйбакка науканы эрэ өрө тута сылдьыбытын таба таайбыта. Бэриэт туох да омнуота суох дьоһуннаах, туруоруммут соругун ситиһэр киһи буоларын билбитэ. Онон буоллаҕа, кини сөбүлүү соруммут буоллаҕына кимиилээх буолуон сэрэйбитэ уонна кини оннугу баҕарарын билиммитэ. Онтон эмиэ да куттаныах курдуга эрээри, сүрэҕэ-быара, дууһата тоҕо эрэ холку этэ.

Сардаана кыһалҕа кыһайан бу куоракка баар буолбутуттан уонна аны күһүн үөрэххэ төннөн кэлэриттэн олус үөрбүтэ, бу аҕыйах күҥҥэ иннигэр күүтэр түбүгүн умнубута.

6

Сардаана уонна Бэриэт доҕордоһуулара таптал кутаатынан күөдьүйбүтэ.

Сыл буолаат ыал буолар туһунан сүбэни тобулбуттара. Онон Сардаана үөрэҕин кэнниттэн дойдулуур, Бэриэт уоппуска ылан Аммаҕа, кыыс дьонуттан көҥүл, алгыс ыла тиийэр буолбута.

Новосибирскай, Толмачево аэропорда. Күүтэр саалаҕа ыскамыайкаҕа Түбүктээхэп Бэриэт уол уонна Ксенофонтова Сардаана кыыс туох да саҥата суох ыбылы куустуһан баран олороллор.

– Бэриэт, уоппускаҕын хаһан биэриэх курдуктарый? – Сардаана сибигинэйэ соҕус ыйыппыта.

– От ыйыгар көрдөспүтүм, туох да диэн утарбатахтара. Биэрэллэр ини, – Бэриэт бэрт холкутук, эрэллээх куолаһынан хардарбыта.

– Табыллара буоллар, – кыыс хайдах эрэ саарбахтыыр курдук, симик баҕайытык ити тыллары ыһыктыбыта.

– Биэриэхтэрэ, Сардаана, – Бэриэт чинэччи туттан кыыс сирэйин одууласпыта, икки илиитинэн тібітүн күөйэ туппута, онтон уу сахалыы иэдэһиттэн сырылаччы сыллаан баран. – Саарбахтаама, Сардаана, барыта табыллыа, – диэн күлүм аллайыынан түмүктээбитэ.

– Бэрт буолуо этэ. Мин өөр да өр кэтэһэрим буолуо диэн куттанабын ээ, – кыыс төбөтүн Бэриэт санныгар ууран кэбиспитэ.

– Эн этэҥҥэ тиийэн дьоҥҥор көмөлөс, элбэх аста бэлэмнээ, кэтэс. От ыйын иккис аҥаарыгар мин бу баар буола түһүөм. Оттуохпут-мастыахпыт, сир астыахпыт.

– Сөп, Бэриэт! – кини доҕорун ыбылы кууһан ылбыта.

Дьокуускайдыыр рейскэ регистрацияны биллэрбиттэрэ.

Бэриэт Сардаанатын уураан, иэдэһиттэн, сүүһүттэн сырылаччы сыллаан, алгыс тыллары этэн атаарбыта.

Ыал буолар киһиэхэ уоппусканы үөрэ-көтө, үтүөнү эрэ баҕаран туран биэрбиттэрэ. Ол эрээри кэтэх санаа син биир баара. Бэриэти көмөлөһүннэрэр, сүбэлэтэр баҕалаах элбэҕэ. Ол дьон кинини ханна да ыытыахтарын, мүччү тутуохтарын баҕарбаттара. Онон уоппускаҕа диэ-ри өрүсүһүү, үөмэхтэһии балачча этэ. Бэриэт даҕаны ону таба өйдөөн буолуо, күнү-дьылы аахсыбакка туран, үлэҕэ төбөтүн оройунан түспүтэ. Соруктаах үлэни түргэтэтэр, улгумнук тобулары күөттүүр, бириэмэни ыксатар күүһүнэн кини Сардааната этэ.

От ыйын 17 күнүгэр киэһэ Бэриэт Дьокуускай куораты булбута. Кини аймахтарыгар хоммута. Аммалыырын эппитэ буолан баран, тоҕотун быһаарбатаҕа.

Нөҥүө күнүгэр сарсыардаттан маҕаһыыннары кэрийэн кэһии хомуйсубута. Сардаана ийэлээх аҕатыгар эр-биир обургу ыстакааннары ылбыта. Бэртээхэй бэлэҕи толкуйдаатым диэн астынан, аны онно туох эрэ диэн суруктаах буолуохтаах диэн универмакка баар гравировка киоскатыгар тиийбитэ. Иһиттэрин хостоон эргим-ургум көрө туран: «Бээрэ, ол мин туох диэн, киммин диэн сурук-бичик түһэрэбин?» – диэн улаханнык мунаарбыта. «Күтүөттэн» диэн олох сатала суох (буола илик буоллаҕа дии), «Бэриэттэн» диэҕи, ол эмиэ киммитий диэн буолуоҕа диэн сыымайдаан баран, суруллара табыллыбат эбит диэн түмүккэ кэлэн ыстакааннарын төттөрү суулаан суумкатыгар уктан кэбиспитэ.

Дьиэ кэргэҥҥэ диэн ааттаан истиэнэ чаһытын ылбыта. Онно эмиэ туох да суругу түһэрбэтэҕэ. Оттон Сардаанатыгар сибэкки букета ылан кичэйэн суулаппыта.

Күтүөттүү барар киһи быһыытынан маанытык таҥнан, хаалтыһын иилинэн балачча улахан бартыбыалын, көстүбэт гына сууламмыт чаһытын сиэккэҕэ уган, сибэккитин букетын чөмчөччү тутан өрүһү теплоходунан туораан Аллараа Бэстээх автовокзалыгар кэлэн автобус ыйыталаспыта. Автобус барбыт, аны сарсын эрэ барар диэн буолбута.

Атын массыыналар сырыылара баар ини диэн Бэриэт остолобуой таһыгар турар массыыналартан Амма диэки барааччылары ыйыталаспыта.

Кэнтиэйнэрдэри тиэммит Камаз массыынаҕа кэлэн табахтыы олорор нуучча суоппардартан:

– Мужики, может, вы в Амгу? – диэн ыйыппыта.

– Да, в ту сторону и едем. В чем дело?

– Мне срочно в Амгу надо, – кини ити тылларын кытта тэҥҥэ тута сылдьар малларын «бу көрүҥ» диэх айылаах өрүтэ көтөхпөхтөөбүтэ. – Проезд оплачу, – диэн эбэн биэрбитэ.

– Ну, давай, залезай. Почему бы не помочь доброму человеку.

Бэриэт бэркэ табылынным диэн үөрэн массыынаҕа киирбитин кэннин диэки утуйар миэстэҕэ утаарбыттара. Итиннэ сынньаныахха сөп диэн көҥүл биэрбиттэрэ.

Сотору айан саҕаламмыта. Суол бэртээхэй эбит, асфальт. Онтукабыт соччо уһаабакка бүттэ буолан баран таас суоллара да киһи улаханнык сирбэт суола. Манна тыа сиригэр маннык суол диэн ырыа буоллаҕа дии. Оо, мин дойдум суола «барахсаны» оттон суол диэн ааттыырга тиийэбит, онтон атыммыт суох.

Сырыылаах суол эбит. Кэлэр, барар массыыналар элбэхтэр. Үксэ таһаҕас тиэммиттэр. Суол бэйэтэ даҕаны киэҥэ-куоҥа сүрдээх. Айылҕата да эриэккэс: суолу быһа түһэр үрэхтэр, үрүччэлэр дэлэйдэр, муосталаммыттара сырыыны сыыдамсытара чуолкай, киириилэр, тахсыылар да балайда уһуннар эбит, мас-от, үүнээйи арааһа барыта солбуйсар. Саҥа көрөр киһиэхэ кэрэ, дьикти көстүүлэр биир-биир солбуйсан иһэллэр. Айанныырга сэргэх дойду эбит…

Амма төһө ыраах эбитэ буолла диэн Бэриэт кэтэһэ испитэ. Син балайда айаннаатылар, халлаан хараҥарда. Сотору дьоно тохтоон, аһаан баран утуйар буоллулар. Дьонун кытта үөрэ-көтө аһаста, кэпсэттэ-ипсэттэ. Аммаҕа тиийэллэрэ төһө хаалбытын чуолкайдаспыта, билигин да балачча баар эбит. Бэриэт хайдах эрэ атыҥырыах санаата биллэн барбытын хам баттаан кэбиспитэ уонна тахсан инники сидиэнньэҕэ олорон утуйан хаалбыта.

Кэргэн кэпсэтэ баран иһэр киһи сүрэҕэ тэбэрэ кэмнээх буолуо дуо, халлаан сырдыыта уһуктубута. Кини бу оло-рон хайдах эрэ ыраах баҕайы айаннаабытын, дьэ, дьиҥнээхтик атыҥыраабыта, «маннык ыраах буолуо суохтаах» диэн санаа мускуйан барбыта. Сардаана аҕыйах чаас айанныыр гына эппитэ ээ. Солобуодаҕа тиийдэххэ кини дэриэбинэтэ кэккэлэһэ турар гына ахтара.

Солобуода… Солобуода? Бээрэ, Сардаана ханнык Солобуоданы эттэҕэй? Амма Солобуодата диирэ ээ. Оччоҕо мин ханнык Аммаҕа баран иһэбиний, бу? Атын Амма диэн эмиэ баара буолуо дуо? Солобуодата суох Амма? Оннук буолуон сөп эбит. Кини харааччы булкуллан хаалбыта…

Суоппардар сотору уһуктубуттара, өрө баллыгыраһа түспүттэрэ, өндөҥнөһөн туран кэлбиттэрэ.

– Атастаар, мин бу күтүөт киһи хайа Аммаҕа баран иһэбиний? Слобода диэн Амма баар дуо? – Бэриэт хабаҕырбыт суоппардар таһырдьаны былдьаһар кэмнэригэр ыксаабыт куолаһынан ыйыппыта.

– Оо, дорогой, олох да атын хайысханы туппуккун. Пахай, сатамматаххын! Биһиги Ґіһээ Аммаҕа баран иһэбит ээ, – аллара ыстанан түспүт дьон ыстааннарын тимэҕин ситэ сүөрбэккэ, чэпчэтинэллэрин да умнан күлсэн тоҕо барбыттара.

– Ол Ґіһээ Аммабыт диэн хайа диэки баарый?!

– Эн хантан сылдьар, хантан кэлбит сахаҕыный? Слобода Амматын билбэт саха баар эбит дуу?! – күлэллэрин тохтотон улаханнык соһуйбуттара.

Тугу эрэ баллыгыраһа туран чэпчэтинэн, дьэ, уоскуйан сүбэ-ама тобула сатаабыттара.

– Мин хоту дойду киһитэ Дьокуускайы уонна Новосибирскайы эрэ билэттиибин. Аллараа Бэстээххэ сабыс-саҥа үктэнэн баран эһигини көрсөн, эһиги абырааҥҥыт, бу күтүөттүү Аммалаан иһэр дьүһүнүм ээ, – Бэриэт сырыыта сатамматах хомолтотуттан ытыах айылаах куолаһа титирээн ылбыта.

– Биһиги Алдан диэки соҕуруу айаннаан иһэбит. Эн буоллаҕына Слобода Амматыгар тус илин диэки барыахтаах этиҥ. Вай, вай! Какие только выкрутасы не бывают! – диэн эмиэ сөҕөн, соһуйан, сатаан өйдөөбөт балаһыанньаларыттан күлүөхтэрин дуу, сүөргүлүөхтэрин дуу билбэккэ дьоно өрө баллыгыраһа түспүттэрэ.

– А как обратно-то?

– А как? Таким же макаром – поднять руку, попросить довезти обратно до Нижнего Бестяха! – төбөлөрүн быһа илгистэллэрэ.

– Даа! Дьэ, атын эрэйи булан ылбыппын буолбаат, – төбөтүн харбаммыта, омурдун бөлтөппүтэ, умса көрөн балайда турбахтаабыта, – Үйэ тухары умнуллубат айан буолар буолла. Олоҕум тухары кэпсээн оҥостуом, эһигини наар саныыр буолуом, – Бэриэт бэйэтиттэн хомойон күлбүтэ буолбута.

– Биһиги эмиэ эйиигин умнубат буолуохтаахпыт. Аан бастаан маннык айанньыкка түбэстибит, – суоппардар күлэн күһүгүрэспиттэрэ. – Чэ, ыл хата дэлби аһаа, айаныҥ ыраах!

Бэриэт тото аһаан баран дьонугар махтанан, инники олохторугар үтүөнү баҕаран суумкатын уһун быатыттан сүгэн, сибэккитин, чаһытын туппутунан суолга киирэн төттөрү айаныгар сатыы туруммута. Массыына хаһан кэлэрин күүтэн биир сиргэ турар санаата суоҕа.

Кини чаас аҥаара курдук хаамта быһыылааҕа. Арай иннигэр буруо үөһэ диэки бытааннык унаарарын бэлиэтии көрбүтэ. Хаамарын сыыдамсытан тэйиччи икки киһи, суоппардар барахсаттар буоллахтара, кутаа тула олорон аһыы олороллорун көрбүтэ. Суол кытыытыгар эмиэ «Камаз» массыына турара.

Бэриэт туораан тыаҕа тахсан чэпчэтинэн баран, суолга тахсан дьоҥҥо чопчу тиийбитэ.

Аһыы олорор дьон тайҕа быыһыттан тахсыбыт киһини көрөн айахтарын атан соһуйан аҕай көрсүбүттэрэ. Кырдьык да, дьикти көстүү этэ – кинилэр иннилэригэр мааны бэйэлээх көстүүмнээх, хаалтыстаах, суумка сүгэһэрдээх, сиэккэ кыбыныылаах, аны туран кичэллик сууламмыт сибэкки букетын чөмчөччү өрө туппут эдэркээн киһи турара. Сибиэн буолбатах, дьиҥнээх киһи! Бу аар тайҕа ортотугар, сарсыарда эрдэ, тыа быыһыттан эмискэ баар буолбут киһи!

– Дорооболоруҥ!

– Здорово, здорово! Что за привидение? – саастаах киһитэ хаастарын түрдэһиннэрбитэ, хараҕын симириктии-симириктии, Бэриэти одууласпыта. Айаҕар баар аһын ситэ ыйыстыбакка эрэ, ыйыппыта: – Откуда, куда молодой человек-красавец?

– Дорообо, тайҕа киһитэ! – эдэрэ, тоҥ нуучча көрүҥнээх киһи уу сахалыы саҥаран соһуппута. – Бу хан-тан көһүннүҥ? Халлаантан түстүҥ дуу, тугуй? – соһуйбута бэрдиттэн, кини иннигэр хантан кэлбитэ биллибэт саха бэрдэ турарыттан нууччалыы саҥарарын да умнубут быһыылааҕа.

– Долгая история! – биһиги киһибит ыксаабыта бэрдиттэн, хата массыыналаах дьоҥҥо түбэспититтэн үөрэн, иккиэннэригэр өйдөтө охсоору, туох баар таһаҕаһын туппутунан туран мүччүргэннээх сырыытын кэпсээн барбыта.

Истээччилэр айахтарын атан, аһыылларын тохтотон, эмискэ баар буолбут киһиттэн харахтарын араарбакка, олордоллорун да умнан, бэрт болҕомтолоохтук истибиттэрэ.

– Во дает, парень! – кырдьаҕаһа кэпсээни толору истэн баран саҥа аллайбыта, охтубут улахан тииккэ кэккэлэһэ олорго ыҥырбыта. – Иди сюда, садись.

Оттон эдэрэ баһын быһа илгистибитэ, күлэн тоҕо барбыта:

– Аата сүрүн! Хайдах Үөһээ Амманы, Солобуоданы араарбаккын?

– Откуда мне знать? – Бэриэт тута хардарбыта.

– Бээ, ыл сахалыы саҥар. Биһиги эмиэ сахаларбыт, – ол икки ардыгар киһитэ эмиэ уу сахалыы саҥаран соһуппута. – Сахаларбыт диэн буолбата дуу, Амма бааһынайдарабыт. Биһиги Солобуодаҕа баран иһэбит, сельхозтехника таһаҕаһын илдьэбит.

– Оо, тугун бэрдэй! – Бэриэт саҥа аллайа, өрө ыстана түспүтэ.

Амма үлэһит дьонноро күтүөттэрэ буолуохтаах уол мүччүргэннээх сырыытын улаханнык сэҥээрэ, сөҕө-махтайа, соһуйа-өмүрэ, күүрэ-хаара истибиттэрэ, ымпыгын-чымпыгын ырыппыттара. Үөрүү-көтүү, күлэн алларастаһыы бөҕө буолбуттара. Оттон күтүөт уол Бэриэт, хата, бу мүлчүргэннээх сырыытыттан ордук үөрбүтэ, үйэ тухары умнуллубат түгэнтэн астыммыта. Ол барыта бу аар тайҕа ортотугар, Саха сирин аһатар, хааччыйар киэҥ аартыгар ала-чуо Амма дьонун көрсүбүтүттэн, Сардаанатыгар чопчу тиийэриттэн, эриэккэс элбэх, дьикти дьээбэлээх, киэҥ тайылҕаннаах, үөйбэтэх түгэннэрдээх сырыытын туһунан уостубат кэпсэннээх буолуоҕуттан.

Оттон Амма бааһынайдарын эдэрдээх эмэн эрэттэрэ күтүөт уол үөрэҕин, үлэтин улаханнык интэриэһиргээбиттэрэ. Космическай сибээс ымпыгын-чымпыгын өйдөөбөтөллөр да, ыйыталлара элбэҕэ, сөҕөр-махтайар тыллара үгүһэ. Кинилэр аҥаардас космос диэн тылы кытта дьиҥ үлэтинэн сибээстээх бу эдэр киһинэн киэн туттар санаалара уһуктубута. Өссө буолаары буолан бу уол кинилэргэ күтүөт буоларыттан.

Бэрт чугастык билсибит, икки өттүттэн өйдөспүт, көрсүһүүттэн үөрбүт дьон сотору күө-дьаа буолан айаҥҥа туруммуттара.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации