Электронная библиотека » Хотойук Айгыына » » онлайн чтение - страница 1

Текст книги "Тэпсиллибит сибэкки"


  • Текст добавлен: 22 октября 2023, 07:50


Автор книги: Хотойук Айгыына


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 1 (всего у книги 6 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Хотойук Айгыына
Тэпсиллибит сибэкки

Олох үлтүркэйдэрэ

Орто дойдуга оҥоһуллан, айыллан төрөөбүт төрүөтүм кистэлэҥэ тугуй?.. Ким онно эппиэттиэй… Куйаар, Олох, Санаа, Итэҕэл – үс кутум уонна Таптал. Киһи тыыннааҕын тухары саныыр санаата Олоҕо уонна Таптала, манна барыта киирэрэ буолуо дуу, билбэтим, киһи санаата куйаар, салгын курдук иэнэ-киэлитэ биллибэт ээ, быһыыта. Ол да буоллар, орто омурҕаммар аа-дьуо тиийэн кэлбит киһи, туох эрэ толкуйдатардаах, туох эрэ түмүктэрдээх буоларым мэлдьэҕэ суох. Тугу ситиспитим, тугу билбитим – тус бэйэм ситиһиим, тугу өйдөөбөтөҕүм, сиппэтэҕим, сатаабатаҕым хотторуум буолуо. Хас сарсыарда аайы биир күн тыгар, сыллар бииртэн биир солбуһаллар, онтон санаа аччыыр дуу, элбиир дуу, тупсар дуу, сүтэр дуу ким ону мээрэйдээн, тиһэн билбитэй киһиттэн бэйэтиттэн ураты…

Оҕо сааспын санаатахпына, миэхэ харах уута бычалыйар, эдэр сааспын санаатахпына, эмиэ харах уута иэдэспинэн саккырыыр, онтон орто сааспын сибикилээн ыллахпына, эмиэ да үөрүү, эмиэ да сонньуйуу… Ол эрээри мин олоҕум салҕанар, сандаарар, салаллар, сатанар кыахтаах эбит дуу диэн, дьэ, туох эрэ тыыппалаах санаа тырымныыр…

Боччумурбучча бу дьоҕус кинигэбин, кимнээххэ аныырым ордуга буолла, чэ, ону ааҕааччы, бэйэҥ быыскар-арыккар быһаараар, эйиэхэ бу кинигэни толкуйдуургар, ырытаргар, кириитикэлииргэр Көҥүл биэрэбин. Бу мин олоҕум биир өрүтэ диэхпин татым, барыта диэхпин тыыннаахпын, сороҕо диэхпин кэччэйбит диириҥ дуу… чэ, бу түгэҥҥэ, бу күҥҥэ Санаам барахсан мин сүрэхпэр тугу сибис гыммытынан, уйулҕабар тугу таарыйан ааспытынан күндү-мааны, ытыгылыыр ааҕааччыбар бу кинигэм оҕотун бэлэх уунуохпун баҕарабын. Соһуйуоҥ иһин, бу кинигэм дьүһүнүн-бодотун бу диэн билбэккэ олоробун (ол аата, кинигэм тас көстүүтүн), онтон кинигэм ис көстүүтүн (ол аата, кинигэм тыынын) аан бастаан чочуйуум. Онно эн, ааҕааччы, эмиэ үлэлэһэҕин. Баҕар, бэйэм курдук дьылҕалаахтар сүбэ булуохтара, анаарыахтара, толкуйдуохтара, ол эрээри манна суруллубут дьиҥ олоххо буолбут түгэннэр. Дьэ, айаннаатыбыт…

Сурукка-бичиккэ кистэнэр санаам,

Биир куттааҕын булуо дуу?

Баҕар, сатамматах санаа буолуо,

Сириллиэ, быраҕыллыа, сотуллуо,

Баҕар, уруйданыа, тускулланыа…

Билбэтим дьылҕатын, ол эрээри

Син биир суруйабын, тиэрдэбин…

Киһи диэн сайдар санаалаах, тыырар толкуйдаах, оттон уйулҕата хайдаҕый… улугурар, уһуктар, улуутуйар… Арай бу олоробун суруксуттуу, ким, ханнык омук дуу, кылаан дуу, урдус дуу ыччата. Кимтэн кииннээхпиний, бу диэн ол түҥ былыргы удьуордарбын, төрүттэрбин билбэппин билинэбин. Миэхэ, туллан түспүт толугуруу тыаһыыр кыра ычалаах кыысчааҥҥа, ки-им да сэһэргээбэтэҕэ, оройбунан түһэн Орто дойдуга бэбээрэн кэлэрбэр, Аан дойду дьахталларын күнүгэр күн сирин көрбүппүн, Өкүлүүнэ диэн, тоҕо эбитэ буолла, сүрэхтээбиттэр, онон, устуоруйам бүттэ. Онтон, түргэтэтэн-ыксатан сэһэргээтэххэ, Мэхээлэ диэн айбыт аҕалаах, Ааныс диэн төрөппүт ийэлээх эбиппин, ол эрээри төрөппүт ийэ-аҕа тапталын билбэккэ улаатарым дьылҕам кинигэтигэр сурулуннаҕа буолуо, биир иҥнэри турар сэргэлээх тэлгэһэҕэ, суугунуур оттоох, күөх долгуннаах, доллоһуйа устар Өлүөнэ кытылыгар турар солко оттоох Суоттуга, тоҕо эрэ Айыыһыттарым онно олохтообуттара, улаатан-ситэн, үөрэнэн, үөрэхтэнэн, ийэ аналын толорон, кэргэн диэни билэн ахан дьэ, бу бичик бичийэ олордоҕум. Остуоруйалыы туойдахха уонна кылгастык, мин кимтэн кииннээҕим туһунан итинник. Хантан хааннааҕым оннооҕор уустук, аҕам төрдө Түүлээх нэһилиэгэ, ийэм – Өнөр. Иккиэн уус алданнар эбит. Онон, бэтэрээнэн хасыһан син хаан урууларбын булан, хаан тардыһан ханарытан, ол устуоруйабын булуохпун синэ буолуо да, билиҥҥитэ биллибэт элбэх, онон тус бэйэм эрэ силиспин силигилэтэн, мутукпун чөмчөтө сылдьабын. Икки хотой уолаттардаахпын, кындыа мааны кыыстаахпын. Остуоруйаҕа курдук онолуйдахха итинник, олоҥхоҕо курдук сэһэргээтэххэ ситинник.

Ааҕааччы, баҕар, сүөргүлүөҥ, тугу-тугу туойарый диэн, ол эрээри дьэ бичийэр киэлибэр киирдэхпинэ, тоҕо эрэ маннык суруллар, толкуйдуур торуммар киирдэхпинэ, тосту-туора да буолбатар, тоҕо эрэ күн сирэ аһаҕаһын курдук аһаҕас санаалар ситэллэр. Эн, бастаан тулуйа-тэһийэ аах хайдах сатыыргынан, онтон дьэ ырытыһыахпыт. Кинигэ диэн дьэ тоҕо сурулларый эн санааҕар? Ааҕыллаары, толкуйдатаары, туох эрэ саҥаны билиһиннэрээри, уруккуга умсугутаары… диэххит. Онтон арай бу кинигэ ааптара кимэ-туга биллибэтин ааһан, өссө хайдах эрэ халы-мааргы дуу дии саныаҥ, чэ ол бэйэҥ көҥүлүҥ, мин суруйабын эрэ, туох-хайдах киирэринэн, сурулларынан итэҕэй-итэҕэйимэ. Толкуйдааһына эйиэхэ, сыта-тура анаарыаҥ буоллаҕа…

Дьэ, бастакы дабайыы аанын сэгэттибит. Ааҕааччы, сэҥээрэ түстэргин сэргэхсийиэҥ, ааҕа түстэргин алаарыаҥ…

Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына,

ааптар


Кэпсээннэр

Алгыстаах ардах

Аан ийэ дойдум барахсан, аар айылҕам кэрэҕин даҕаны… Бу бүгүн мүччү туттаран, лууктуу диэн ааттаан биир билэр кыыспыныын, дэриэбинэттэн чугас турар алааска кэлэн лууктаатыбыт уонна сэһэргэһэ диэн, астына-дуоһуйа бу алаас күөх хонуутугар көбүөргэ сытардыы сананан, күөх урсун халлааны одууластыбыт… Көҕөрөр күөх халлааным урсунугар көп түү курдук сымнаҕас былыттар бииртэн биир, ханна да ыксаабат дьоннуу, аргыый устан иһэллэрэ кэрэ да хартыына… аттыбар тыа суугуна, үрдүбэр күөрэгэй дьырылыыра, тулам чуумпу да чуумпу… оо, маннык чуумпуга, нус-хас олохтоох сылдьыбыт киһи… дьол диэн ол буолуо дуу? Нус-хас олох диэн мин санаабар сылаас сыһыан, таптал, туохтан да уолуйбакка, куттаммакка утуйуу, сынньалаҥнык сылдьан дьиэҕин-уоккун, оҕолоргун бэрийии… Ардыгар ол да суох буолар эбит ээ, сорохторго, чуолаан тус бэйэбэр. Олус сылайдым иһээччи кэргэнтэн, иирбэ-таарба, инникигэ умсугуйар эрэ санаалартан. Киһи санаата күүстээх дииллэр, хантан ол күүһү ылыахха сөбө буолла… Эрэнэр дьүөгэлиин сэһэргэһэн дуу, аарыма кырдьаҕастан сүбэлэтэн дуу, тоҕо миэхэ оннук дьонум суохтарый, мин бэйэм ханна эрэ муна-тэнэ сылдьабын дуу, олоҕум хайдах эрэ кэнникинэн түүл-бит курдук буолан эрэриттэн сылайдахпы-ын… Тоҕо манныгый, ама мин эрэ маннык дьылҕалаахпын дуу, акаарыбыттан дуу, сатаабаппыттан дуу?.. Эппиэт суох, бэлэм хоруйу ким биэриэй, арай ити «Төлкө» ромаҥҥа курдук түҥ былыргы олох буоллун, арай ити Маайыс дьылҕата мин дьылҕам буоллун… айыбы-ын, ону-маны санааммын. Мин билиҥҥи олоҕум аныгы олох, сайдыы күн-түүн бара турар, үөрэх-үлэ сүрэхтээх баҕалаах эрэ киһиэхэ барыта баар, көҥүл, босхо олохтоохпут дии. Оттон мин тоҕо бу күн аайы санаам түһэрий, сарсыҥҥыбын көрбөппүн дии, ама, олоҕум өрүү маннык санаа түһүүлээх, кырыымчык, тиийиммэт буолуо да? Аныгы олох диибит да, үөрэҕим суох, эрим арыгыһыт, оҕолорум кырачааннар уонна… инники былааным, толкуйум итинэн кэлэн бүттэ. Эс, ити диэн олох буолбатах, Олох диэн олох атын буоллаҕа. Мин санаабын бастаан уларытарым дуу, олоххо санаабын. Ити устан иһэр былыттар усталларын тухары көрүҥнэрэ, ардыгар дьүһүннэрэ уларыйан иһэр эбит дии, онтон олох эмиэ итинник уларыйан иһэрэ буолуо да? Ол санаа уларыйыытыттан тутулуктааҕа дуу, сүрэх баҕатыттан дуу, толкуйтан эбитэ дуу… Оо, ийэ айылҕабыттан көрдөһөбүн: бука диэн миэхэ бу көҥүл сиккиэр курдук Көҥүлү, күүстээх ардаҕыҥ курдук Күүһү уонна кустук дьэрэкээнин курдук уларыйыылары Олохпор бэрсиэҥ дуу…

Самаан сайын көҥүл сиккиэрэ эдэр ийэлэр сынньана сытар хонууларын күөх отун долгун курдук сүүрдэн ылла, ыраах атыыр сылгы кистээтэ, күөрэгэй тойуга өссө күүһүрдэ, от-мас мүөт сыта күүскэр күүс, сэниэ бэрсэрдии илгийдэ. Кэрэти-ин айылҕабыт барахсан самаан сайына… Уҥуоргу куулаттан кэҕэ этэн эҕэрдэлээтэ, сылгылар сырсар туйахтарын тыаһа сири сиксилдьитэргэ дылы гынна, арай сиккиэр сирэйин сылаастык имэрийэн ааста, аттыгар хатыҥ лабаата кэлэн түһэ сытарын, кыратык нуктаан ылан уһуктубут эдэрчи дьахтар соһуйа көрдө. Хайдах эрэ олус сынньаммыт, сэргэхсийбит көрүҥнээх ойон турдулар, лууктаабыт мөһөөччүктэрин кыбыннылар, күө-дьаа сапсына, дьоллоохтук күлсэ алааска киирбит ыллыктарын тутуһан аартык диэки хаама турдулар.

Бу икки дьахтар мантан инньэ дьылҕаларын бу күөх хонуу билиэ дуу, бу алаас өссө кинилэри көрүө дуу – билбит суох… Ол эрээри бу Орто дойдуга туох да ситимэ суох буолбат ээ, Үөһээ Айыылар барытын көрө-билэ сылдьаллара чахчы, от-мас эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор кинилэри кэннилэриттэн алҕыы атаарардыы далбаатаһа, бу икки дьылҕа хайдах хайа диэки салаллыахтааҕын билбиттии, сэрэйэрдии хааллылар.

Киһи уонна Айылҕа ситимнээхтэр, билин да билинимэ, итэҕэй да итэҕэйимэ. Кыргыттар кэннилэриттэн хара былыттар биир-биир уһулута ойон тахсан мустубутунан, уһун тииттэр, хатыҥнар суугунаспытынан бардылар, дьы– рылыы туойа ыллаабыт күөрэгэй тохтоон хаалла, кэҕэ кыылбыт да иһийдэ… Арҕаа халлаантан хараҥа былыттар мустан, үмүөрүһэн тугу эрэ сөбүлээбэтэхтии ньириһитэн, этиҥнээх ардах кэлэн иһэр тыына билиннэ. Хантан эрэ биир таммах көтөн кэлэн, кып-кырачаан хатыҥ сэбирдэҕэр «топ» гына түспүтүн аарыма айылҕа билбэккэ да хаалла. Дэриэбинэттэн иһиллэр тыраахтар тыаһа кытта чуумпурда, ыттар үрэллэрэ да иһиллибэт буолла, туох барыта иһийэ уоскуйда. Туох эрэ тэрээһиҥҥэ бэлэмнэммиттии, куула тыата аргыый суугунуу хамсаан барда, ханна эрэ утаппыт тураах дааҕырҕаан уу көрдүү сапсынан ааста, быыкаайык кыымаайы тохтуур-саһар сир көрдөөн сыыгынаата, от-мас быыһыгар олорбут аһыҥалар тыастара кытта тохтоото. Өр кэм курааннаан утатан турбут айылҕа, этиҥнээх ардахха бэлэмнэнэн, оҕотун-уруутун барыларын саһыаран, кичэллик биир дьикти тэтимигэр киирсэн, суунан-тараанан ылаары бэлэм турда. Онтон, кэмниэ кэнэҕэс сиккиэр тыал улам биллэн, тыыллан-хабыллан, мастар лабааларын дэйбиирдээн, тиит мастары кыыкыната суугунатан, ханна эрэ тыа түгэҕэр мутук тостор тыаһа хоһулаһан, көҥүл бэрилиннэ диэбиттии, хара былыттартан этиҥ ньириһийдэ. Дьэ, ол кэннэ сыыйа онтон-мантан бөдөҥ таммахтар, көччүйэр көҥүлү ылбыттыы, харса суох иҥнэри таммалаатылар. Эргиччи барыта биир айылҕа муусуката буолан, сайыҥҥы ардах эриэккэс суугуна алаас иһигэр кутулла түстэ. Этиҥ ньиргийдэҕин аайы, ардах тыастаахтык ыксаабыттыы курулатта, от-мас ардахтан илийэн онно-манна туолбут таммахтар сэбирдэхтэн чуккуруу сүүрдүлэр, отон, сибэкки уга ньылбы инчэйдэ, куула тыа сай сайын чаҕылыйа, сандаара көҕөрөн дьэргэйдэ. Айылҕа барахсан суунан, ыраастанан, бу манна санаа түһүүлээх кэпсэтиини ыраастыырдыы, бу хонууга олорон ааспыт кыргыттар олохторун хараҥа кэрчигин сууйардыы, ол сиргэ ардах тобулу түстэ. Балачча курулаччы ардыы түһэн баран, дьэ сөп буолуо, сууйдубут диэбиттии, халлааҥҥа мунньустубут хара былыттар сырдыы быһыытыйдылар, халлаан хабар ортотунан үрэл гыннылар, онуоха сырдык сырал сардаҥалардаах күн чаҕылыйа сандаарда да, тула барыта кыһыл, үрүҥ көмүс таастары ыһан кэбиспиттии чаҕылыйа түстэ. Күндүл халлаан быыһын арыйардыы, дьэрэкээн кустук арылыйа тахсан кэллэ… Чээн, айылҕа барахсан өссө киэркэйдэ, тубуста, салгыҥҥа күөх от сыта туймаарда уһунна…

Мантан ыла олох-дьаһах тупсуоҕа диэбиттии, күөрэгэй битийэ ыллаата, тыа, от-мас көтөрө айылҕа муусукатын тутта, хонуу сибэккилэрэ чуоҕаһа киэргэйдилэр, ыҥырыа дыыгынаата, ханна эрэ суор халаахтыыра иһилиннэ. Тыыннаах киһи кутун, уйулҕатын айылҕа эрэ ыраастыыра чахчы. Айылҕа киһи ситимэ, Айыылардыын ыллыга бу тосхойдоҕо… Кып-кыра алаас иһэ, ньир-бааччы дьоллоох олохтоох ыалы санатан күйгүөрэ, дьол тойуга кутулла түстэ!

Тапталы билиэх

Бүгүн утуйа сытан түүн үөһэ эмиэ уһуктан кэллим… Тоҕо эбитэ буолла, өрүү 3—4 чааска уһуктар идэлэнним. Айылҕалаахтар этэллэринэн, бу кэмҥэ Айыылар тугу эрэ этэ сатаан уһугуннараллар дииллэр. Баҕар, суруйтара сатаан санаа угаллара дуу, чэ быһата, эмиэ уһукта биэрдим. Дьахтар толкуйа, түүҥҥү санаа туохха буолуой… «Дьахтар санаата аһынааҕар кылгас» диэн этии эмиэ баар… Ким билэр, санаам кылгаһын билбэтим эрээри, ити атын түгэҥҥэ этиллибит, оттон мин тыа боростуой дьахтарын санаата, биллэн турар, оҕо-уруу, дьиэ-уот тиэргэн иһинээҕи буолар буоллаҕа. Ол эрээри бу дьахтар барыта саныыр санаата, мин уйулҕам уһуктубут төрүөтэ атын ээ, быһыыта… Чэ, баҕар, эр киһиэхэ сыһыан да буоллун. Өрүү ыра оҥостон, бэйэбэр ханыылыы, таптыы тутарым олоҥхоҕо баар эр уоланы. Барахсан уһуна, сарыннааҕа, быыппастар быччыҥнааҕа, унаарыччы көрбүт сырдык харахтара уонна үтүө санаалааҕа курдук көрөбүн, онтон бэйэбин, Туйаарыма да буолбатарбын, саамай сүрүнэ үлэһит сүрэхтээх, туругас-олоругас, сүүрэн-көтөн элэстэнэр кыыс кылааннааҕа… Ээ, ол эрээри ити кинигэҕэ олоҥхоҕо ойууланарынан буоллаҕа, олоххо итинник буолбат…

«Бар, миигиттэн…»

Кыыс оҕо буолан кылыыҥкайдаабыт сааһым ааһан, билигин олоҕум араас өрүттэрин, хайдах эрэ атын киһи олоҕун суруйардыы туораттан көрөн олорор курдукпун… Барыта ааспыта. Киһи олоҕо диэн чахчы кыл түгэнэ. Ким да тымтыктанан көрбөт, сэрэйбэт олоҕуҥ хайдах салаллыахтааҕын. Арай сүрэххинэн уонна олоххо сыһыаҥҥынан эрэ салайтараҕын.

Мин тус олохпун саҕалыырбар улахан сүбэһитим суоҕа, атына буоллар, ийэ барахсан аттыбар буолуохтаах эбитэ буолуо. Ол эрээри мин туспа туллан түспүт сулус, атын долбуурга ууруллубут иһит буоллаҕым: ийэ тапталын билбэтэҕим, сүбэтин да истибэтэҕим… Ол да буоллар санаабын түһэрбэккэ, дьахтар анала баарын тухары олоххо ураты ыралаах, кистэлэҥ санаалаах Таптал диэни билиэх баҕам күүһэ бэрдиттэн Кинини күүтэрим, сүрэхпэр саһыаран иитиэхтээн оҥорон көрөрүм, кини мин саныырым курдук буолуон баҕарарым да… олоҕум барахсан санаабыттан атыны тосхойдоҕо үһү… Хайыамый, баҕар, Айыылар биэрбиттэрэ, анаан миэхэ тосхойбуттара буолуо диэн ылыммытым хайдах баарынан. Мин кинилиин билсиһиибит да судургу, кылгас, улахан таптала суох, эр киһи – дьахтар сыһыанын билбэт кыысчааҥҥа кини бастакы этэ… Олох миэхэ тосхойбут аартыгын дабайбытынан барбытым, кэргэн кэл диэн ыҥырыыта да, аны санаатахпына, олус судургу эбит. Мин оччолорго сокуоннай сааспын туолаары сылдьар кыысчаан, бастакы билсиһиибитин оонньуу-күлэ ылыммытым, ол эрээри кини гитараҕа ыллыыр буолан мин кырачаан сүрэхпин онон сүүйбүтэ. Оччолорго гитаралаах уолчаан бу романтика, оттон ырыаны сөбүлүүр буоламмын гитара тыаһа миигин куйаарга көтүтэрэ, ол курдук бастакы билсиһии, хаартыска бэлэхтэһиитэ буолбута. «Эн күүтээр, мин күүтээр»… дэспиппит. Ол хаартысканы көрө-көрө, сыттыгым анныгар кистии сылдьан, ол күлүгү таптаан, ол хаартысканы кытта оҥорон көрөн кэпсэтэн, аны санаатахха, дьоллоох түгэннэри бэйэм өйбөр айа сатаабыт эбиппин. Онтон биир үтүө күн «кэргэн кэл» диэн ыҥырда… онуоха сүрэҕим бастакы сааһын көрсөр хараҥаччы курдук үөһэ-аллара битигирээн сүр күүскэ мөҕүл гынна, уһуну-киэҥи толкуйдаабакка, «ээх» диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла. Дьэ уонна ол дьоллоох түгэни бииргэ буоларбын кэтэһэн, долгуйан, сулустаах түүннэргэ утуйан биэрбэккэ эрэйдэнэ оонньоон биэрбиппи-эн… Кинини онно, аан дойдуга саамай кэрэ, күндү, мин бу көрсүбүт уоланым, саамай дьоллоох тапталым курдук санаабыппы-ан… Ол эрээри мин өйбөр уонна сүрэхпэр баар эр киһи таптыыр диэбит санаабар тиийбэтэҕэ… Дьиҥ дьиҥинэн, мин кинини бэйэм оҥорон айбыт эбиппин… Кэргэн тахсан эрэрбин кырдьаҕас эдьиийим истэн: «Тоойуом, ыксыаҥ суоҕа этэ, эдэриҥ бэрт, туох-ханнык киһитин үчүгэйдик билэҕин дуо… тохтуу түс…» диэн сурук суруйбутугар, мин «таптал» өрүкүппүт санаатыгар сылдьар киһи, «билэби-ин, кини наһаа үчүгэ-эй, кини эрэ баар миэхэ, кини миигин таптыыр…» – диэбит тыллаах хоруй суругум сымыйа тыллар буолбуттара. Кини миигин таптаабатаҕа, таҥнарбыта, атаҕастаабыта… бастакы кэргэннии буолар күммүтүгэр. Ол күн миигин кэргэн ылабын, холбоһобут диэн дьиэтигэр аҕалбыта. Мин үөрэ долгуйан, аан дойду, киһи барыта миэхэ үчүгэй буолан көстүбүттэрэ, ол эрээри ол киэһэ ити барыта сымыйа буоларын илэ харахпынан көрүөхтээхпин ким сэрэтиэ баарай? Олоҕу билэ илик, уолу кытта чугасыһа да илик кыысчаан санаатыгар, кини таптала, кинини дьоллуур киһитэ аттыгар баарыттан, бу күнтэн кини дьоллоох киһи буолуохтааҕа… ол түүн арыгы аргыстаах, ый-хай саҥалаах атастар-доҕоттор кини ойохтоммут үөрүүтүн бэлиэтии мустубуттара. Кыраасканы дьабаччы бистибит кыргыттар, табах уобуулаах уолаттар, дьиэ иһин буруонан толорбуттара, арыгылаах бытыылканы дьааһыгынан испиттэрэ. Мин, быдьар тылы истибэтэх, табаҕы-арыгыны боруобалаан да көрбөтөх киһи, табах буруотуттан куһаҕан буолан, «тапталлаахпыттан» үтүрүллүбүтүм, маатыра тылынан кыйдаммытым… Хоско киирэн ытыы сытан утуйан хаалбыт этим. Арай түүн үөһэ уһуктан кэлбитим: дьиэ иһэ чуумпурбут этэ. Аргыый туран хостон тахсан кэлбитим, күөдэл буолбут остуолга биир киһи умса түһэн сытара, дьиэ иһэ барыта табах сытынан тунуйан киһи тулуйбат сыта-сымара этэ. Сүүрэн тиийэн ааны арыйа баттаан салгылаттым, остуолга сытааччы кэргэним буолан, аны кинини сысыһан-сосуһан ороҥҥо киллэрэн сытыардым, түүн үөһэ дьиэни хомуйдум. Мин кэргэннии олоҕум итинник саҕаланна… Сарсыныгар кыра да буоллар былаастаах курдук сананан мөхтүм, онуоха кэргэн буолуохтаах уолум: «… миигин бары абааһы көрөллөр, эн да абааһы көрөҕүн, бар мантан …» – диэбит тыла саҥа дьолу билиэм дии сылдьар ыралаах киһини биирдэ туура охсон кэбистэ. Тугу-тугу истэбин диэн дөйүөрэн олордум уонна суумка тутуурдаах дьоммор төннөрбүн харахпар көрдүм, ол аата сириллэн кэлбит диэхтэрэ диэн дьон сытыы тылыттан ордук кыбыһынным. Уонна бу барахсан бэйэбиттэн алта сыл аҕа уолу уоскута, өйдөтө сатыы олордум. «Суох, мин эйигиттэн барбаппын, таптаан кэлбитим, эн миигин кэргэн кэл диэн ыҥырбытыҥ, хайдах буоллуҥ? Ити арыгылыыр доҕотторгун бырах, биһиги олохпут атын буолуохтаах… дьон туох диэҕэй…» – диэн харах уулаах элэ-была тылбын эттим.

Дьон туох диэҕэй? Ол сахтарга дьон санаата сүрүн оруоллааҕа эбитэ дуу, дьон туох диирэ ыал да буола иликтэриттэн иирсээн аргыстаммыт эдэр кыыстаах уол олохторун быһаарбыта. Билигин санаатахха, хас биирдии киһи олоҕун, дьылҕатын бэйэтэ быһаарар буоллаҕа, эн олоххунан дьон олорбот, эн дьон олоҕунан олорбоккун… Ону оччолорго бигэтик билэрим буоллар, ол түүн ити дьиэттэн, ити уолтан куоппут буолуом эбит. Ол эрээри туох да мээнэҕэ буолбат: үс киһи дьылҕата быһаарыллаары, биһиктэрэ ыйанан турар буолан, мин ийэ буолар дьылҕам быата чугас буолан арахсыы суолугар киирбэтэҕим. Төттөрүтүн, таллым да тайахтаахха, туттум да торуоскалаахха буоллаҕа дии санаабытым уонна бу уолчааны олоххо эргитэр, киһи оҥорор кытаанах санаа, оччолорго уон аҕыстаах кыысчааҥҥа, бигэтик киирэн, тус олохпун бэйэм оҥостон, уон алта сыл олорон ааспыппыт. Ааспыппыт диибин… Кини бу Орто дойдуттан эрдэ күрэммитэ, ол күрэниэн иннинэ түүлбэр кэлэн, оччотооҕу эдэр сааһыгар төттөрү түһэн, куудара баттахтаах кэрэ сэбэрэтэ көстөн, сырдыгынан сыдьаайан мичээрдии иннибэр туран көрдөспүтэ, «бырастыы гын…» диир тылларын истибитинэн, алыс кэрэ түүлтэн соһуйан уһуктубутум уонна сүрэҕим сүр күүскэ тэбэн туох эрэ буолбутун сэрэйбитим. Сарсыныгар улахан уолбут эрийэн, аҕабыт быстыбыт диэн биллэрбитэ…

Киһи дьылҕата араас, түһүүлээх-тахсыылаах: эн бэйэҥ талбыт олоххун бэйэҥ эрэ оҥостоҕун, таптаатым диэтиҥ – таптаа, арахсабын диэтиҥ – араҕыс. Кэргэннии олох диэн бу өйөһүү-өйдөһүү буолуохтаах. Дьон туох диэҕэй диэн ыйытык киирдэҕинэ, эппиэтин бэйэҥ тобул, сүрэҕиҥ тугу этэринэн: эн олоххунан ким да олорбот, бэйэҥ олоххун бэйэҥ сыаналыыгын, талаҕын, бэйэҥ эрэ дьоллуугун!

Ама да ааспытын иһин, олох диэн олох, ардыгар үтүө да өрүттэрдээх, ардыгар санаа да түһүүлээх этэ. Онтон сүрүнэ бэйэм санаабытым, бэйэм толкуйдаабытым, бэйэм ииппитим, бэйэм туппутум, бэйэм ытаабытым, бэйэм үөрбүтүм буолар. Барытын уйулҕам хаттыгастарынан билэн ааспытым олоҕум үөрэҕэ буолар. Махталлаахпын Айыыһыттарбар, махталлаахпын дьылҕабар, куһаҕан да үчүгэйдээх, үчүгэй да куһаҕаннаах буоллаҕа…

Билигин аттыбар үс кэрэ сибэкким, дьылҕам мааны бэлэхтэрэ, баалларыттан бары куһаҕаны бырастыы гыммытым… Син дьахтар аналын, кэргэн оруолун толорон, дьиэ-уот туттан – барыта баара, ол эрээри арахсыы син биир ситэн араартаабыта, ол да барыта Үөһэттэн көҥүллээх курдуга… Кэмсиммэппин, мин олоҕум тус айаным буоллаҕа, олох оскуолатын ааспыт кэрчигим, онон эмиэ да хомолтолоохпун, эмиэ да махталлаахпын, эмиэ да кэмсинэрдээхпин… Киһи тыыннааҕын тухары олоҕун тупсарарга дьулуһуохтаах – олох биир тэҥ буолбат, биир сиргэ турбат.

Хараҥа түүҥҥэ чыпчыҥныы тыкпыт сулус, сарсыарда саҥа күҥҥэ миэстэ биэрэрдии, аргыый сүтэн, симэлийэн, бээ, бэйэм кэммэр эмиэ кэлиэм диэбиттии, чаҕылыйа уостан хаалла…

Ийэ буолбут үөрүү…

Олоҕум омоон суола, эмиэ да синньээн, эмиэ да соноон, үөһэ-аллара түһүүлээх-тахсыылаах буоллар да, олох олорор баҕаттан сыралаһыы саҕаламмыта. Кэргэним иһэн-аһаан арыгылаан, ону барытын буолуохтаах курдук ылынан, син дьиэлэнэн-уоттанан ардыгар чаҕылыйа тыгар күннээх, ардыгар ааспат хараҥа түүннээх субуллан испиттэрэ. Ол сылдьан саҥа киһи үөскээбитэ биллэн, быраастарга көрдөрөн балыыһаҕа киирдим… Эмп сытынан тунуйар көрүдүөр устун хааман, санитарка сытыахтаах хоспор киллэрдэ. Бэйэм курдук оҕолоноору сылдьар билбэт кыргыттарым үөрэ көрүстүлэр. Оччолорго хайдах эрэ муҥкук, барытыттан куттана сылдьар эдэр оҕо этим. Арай тоҕо эрэ бу палаата сырдыга, мичийэ үөрэр харахтар миэхэ сылаа– һы куттулар… Күө-дьаа кэпсэтэ олорбут кыргыттар мин диэки хайыһа түстүлэр, ороммун булан санитарка оҥорон биэрдэ… Мин балыыһа диэн саҥа эйгэҕэ киирэммин, уоскулаҥ көрдүү сылдьыбыт уйулҕам сылаата киирэн утуйан хааллым. Арай түһээтэхпинэ, наһаа сылайбыт кырдьаҕас эмээхсин кэлэн иннибэр турар: «Тоойуом, бу хара тыанан хайдах ааһаҕын? Муммакка, тоҥмокко туораан ааһыаҥ дуо…» – диэн ыйытта уонна сүтэн хаалла. Мин хайыһан көрдүм: хараҥа сабардаабыт, аарыма тииттэр суугунуу турар халыҥ тыата эбит уонна киирэн сап курдук синньигэс, сорох сиринэн ким да сылдьыбатах суолунан киирэн хаама турдум. Испэр эмиэ да куттанабын, эмиэ да тулуйан бу тыаны ааһыахтаахпын дии саныы сытан уһуктан кэлбитим… Турбутум, киэһэрбит, палаатам кыргыттара: «Эбиэти куоттардыҥ дии…» – дэһэн, мин диэки дьиктиргээбит харахтарынан аһыммыттыы көрдүлэр. Дьэ, ол курдук күн-дьыл ааһан, кыргыттарбын кытта билсиһэн-бодоруһан эмтэнэ сыттым. Бырааһым: «Бүөрүҥ тымныйыылаах, ол иһин оҕоҥ куотаары гынар, олох сыт», – диэтэ. Палаатам кыргыттарыгар киэһэ аайы дьонноро көрсө кэлэллэр, ас-үөл аҕалаллар, арай миэхэ киирбит күммүттэн ким да биллибэтэ. Нэдиэлэ курдук буолан баран, эрим эдьиийигэр эрийэммин кэргэммин сурастым, кэллэ дуо диэммин. Мин киирэрбэр ол курдук арыгылыы хаалбыта. Бу сытаммын, кыргыттарым кэргэннэрэ үөрэ-көтө көрсөн, ас кэһии аҕалан, сыллаан-уураан, кууһан үөрдэн баралларыгар олус ымсыырдым. Миэхэ тоҕо итинник сыһыан суоҕуй диэммин, түүн аайы ытаан айманар буолбутум. Оҕо эрдэхпиттэн, бэйэбин билиэхпиттэн өрүүтүн тапталы туораттан көрүү, тапталы кэтэһии-манаһыы баара… Оскуолаҕа сырыттахпына ийэлээх-аҕалаах оҕолорго ымсыыран, ыал буолан баран, аны кэргэн тапталын кэтэһии… Кэргэним оҕолонор буолбуппутун да киһилии билбэккэ сылдьара, ону этэн үөрдүөхпүн суоҕа, арыгыны батыһан барбыта быданнаабыта. Арай дьэ, ол эдьиийигэр эрийбитим кэнниттэн, балыыһаҕа киирбитим үһүс нэдиэлэтигэр, санитарка кыыс: «Эйиэхэ кэллилэр», – диэтэ. Мин үөрүүбүттэн сүрэҕим мөҕүл гынна уонна аан диэки тэбинним. Миэхэ да күн тыкта, кэргэним кэллэ диэн тута сэрэйдим.

Ааҥҥа сүүрэн тиийдим, санаабар, үөрүүбүттэн сүрэҕим тахсан барыахтыы тэптэ. Ааны арыйа баттаатым, тымныы алтынньы салгына аҥылыс гынна, арай көрө түспүтүм: сүүһүн аннынан кэйиик оҕустуу үрүҥүнэн көрбүт, соно, ырбаахыта нэлэркэй, будьуруйбут баттаҕа арбаллан, кэргэним итирик турар.

– Хайа, манна баар эбиккин дуу, тугу гына сытаҕын манна??? – эҕэлээхтик саҥара-саҥара, утары хаамта.

Мин соһуйан хааллым. Санаабар эмиэ наһаа киэргэтэн оҥорон көрбүтүм хараҥа хартыына буолбутуттан уолуйан, куттаммытым таспар көһүннэ быһыылаах, биир да тылы кыайан саҥарбатым. Маннык көрсүһүүгэ бэлэмэ суоҕум: күнүүһүт киһи хараҕар, чараас халааттаах, сото сыгынньах, аҥаардас таапачыканан турар кыыс-дьахтар атыннык көһүннэҕим буолуо. Мин төһө да уолуйдарбын, куттанарбын биллэрбэт буола сатаан, тахсар аан аттыгар баар ыскамыайка диэки сыҕарыйан-сыҕарыйан «лах» гына олоро биэрдим уонна: «Туох буоллуҥ, хайдах буоллуҥ?» – эрэ дии олордум. Оччолорго 19 эрэ саастаахпын.

– Эн миигин хайдахпын билбэккин, мин билигин биллэриэм… – бардьыгыныы-бардьыгыныы, ынан кэллэ…

Ити тыллар кэннилэриттэн, эмискэ кэтэҕим сүр күүскэ уот аһыс гына түстэ, харахпар уот чаҕылыс гынна да, ханна да баарбын быһаарбакка, таһырдьаны былдьастым. Алтынньы бүтүүтэ хаар кыыдамныы турар, тымныы тыыныгар куустаран, халтарыйа-халтарыйа куотан иһэн, тоҥ буортан иҥнэн охтон түстүм. Кыл түгэн биэрбэккэ, итирик күүстээх эр киһи кэннибиттэн ситэ баттаан, баттахпыттан харбаан ылан, соһо-сыһа сылдьан, ханна түбэһиэх охсуолаан, тэбиэлээн, «өлөрүөм» дии-дии бардьыгынаата. Испэр эр киһи ыар атаҕын тэбиитэ биллибитигэр саҥа үөскээбит оҕобун саныы биэрэн: «Оҕоҕун!» – диэн сытыы хаһыыбын да истибэккэ, сирэйгэ-харахха тэбиэлии турда… Онтон, өйүм-санаам өһүллэн, будул±ан тумаҥҥа сууланан эрэр курдугум да, сүтэн хааллым. Эмискэ-эмискэ өйдөнөн кэлэн иһиттэхпинэ, ким эрэ ханна эрэ соһор, ыраах дьахтар «Милииссийэ!» диир хаһыыта иһиллэн иһэн сүтэн хаалла…

Айыыһыттарым ити дьаабыны көрөн турбуттара буолуо дуо, кинилэр быыһаабыттара эбитэ дуу – билбит суох… Биирдэ өйдөммүтүм, палаатаҕа сытарым, уум быыһынан иһиттэхпинэ, төбөм үрдүнэн ыт үрэриттэн уһуктан кэлбиппин өйдүүбүн. Кэнники ити быһылаан хайдах буолбутун ким да кэпсээбэтэҕэ. Өйбүн сүтэрэн баран, уһуктан кэлэн туох-хайдах буолбуппун билэммин уйа– хайа суох хараҕым уутунан сууннум уонна хас эмэ күнү быһа кыайан уоскуйбакка, укуолунан утуйар, уһуктар киһи буолбутум. Хас түүннээх-күнүс оннук сыппыппын билбэппин… Уйулҕабар улахан куттал, кэлэйии, кутурҕан, хомолто эрэ баара. Киһи киһиэхэ тылынан кыайан тиксэрбэт дууһам айманыыта, олоҕо-тирэҕэ, көмүскэлэ суохпун ол сытаммын күүскэ билбитим уонна бу Орто дойдуттан күрэнэр эрэ баҕа киирбитин тута сатаабытым… Ол эрээри хас биирдии киһиэхэ дьылҕатын суругар өлөр өлүү кэмнэммит кэмэ ыраах буоллаҕына, эн өлүүгэ хайдах да киирбэт эбиккин. Тус олохпор бэйэҕэ тиийинии ынырык санаата хаста да ыалдьыттыы сылдьыбыттааҕа… Ыар санаа баттыгыттан туох быата миигин тардан таһаара турарын билигин, отучча сыл ааспытын кэннэ, сабаҕалыыбын. Дьэ, ол туспа кэрчик буолан суруллуоҕа…

Ити ынырыктаах быһыы-майгы кэнниттэн, кэргэн киһибиттэн куттаныы, сүрэх сиикэй бааһа оспоттуу оҥойон хаалбыта… Ханнык да ыраас таптал, сыһыан, инникигэ эрэл кыыма суох буолбута. Хайдах эрэ хаҕым эрэ, кутум ыраах сылдьар курдуга… Арай иһим түгэҕэр саҥа үөскүү сатыыр оҕом хайдах итиччэ үлүгэртэн куоппакка хаалбытын эмиэ да аһына, эмиэ да кэмсинэ бэйэм бэйэбэр эрэ бүгэн, бу сиргэ кэлиэхтээх оҕом ситии быатынааҕар синньигэс эрэл кыымын саҕаахтыыра…

Күн-дьыл сыллары толороору ааһан олох бэйэтин кээмэйинэн, хаамыытынан, икки атахтаах киһи диэн харамайы олоххо дьоллуу, кимиэхэ эрэ кыратык өлүүлээн, чаастаан ааһан истэҕэ. Мин туспар олох дьоло диэн кэллэр кэлбэтэҕэ, өрүү тымныы, хараҥа түүл-бит курдук устара. Арай ийэ буолуохтаах аналбын биллэрэн, испэр баар оҕом улааттар-улаатан, хамсаан баарын биллэрэр буолан испитэ. Кэргэммин оҕо күүтэрбит да тохтоппотоҕо, саҥа киһи кэлиэхтээх үөрүүтэ долгуппатаҕа. Арыгы диэн адьарай ас абааһыта, кытаанахтык кинини баһылаан, хараҕын күүскэ баайан миигин өстөөҕүн курдук көрөрө. Ол да буоллар тулуктаһан, оҕом туһугар диэн баар– суох тулуурбун киллэрэн, сорох тымныы киэһэлэргэ ыалга куотан, саһан, өрөөн, оҕолонор күнүм чугаһаатар-чугаһаан испитэ. Биирдэ тастыҥ эдьиийигэр олордохпутуна, туохтан эрэ тымтан-кыыһыран кэлэн, абааһыта арыгы көрдөөн буолуо, иһин түгэҕэр тугу эрэ боллугураат, саха быһаҕынан кыыратта. Санаабар, «оҕом» дии түстүм да, испин илиибинэн бүөлүү тутуннум, уһуктаах сытыы саха быһаҕа бытаардыллыбыт киинэҕэ курдук испин туґаайбытынан уун-утары көтөн иһэрин чуолкайдык көрдүм, онтон арай испэр түһэн иһэн, туох эрэ мэһэйтэн халты-туора ыстанна… Ити түгэҥҥэ ончу бүттүм дии санаан, туох баар билэр-билбэт Айыыларбыттан көрдөһөн, кыл түгэнэ быһах уһугуттан оҕом биһикки быыһаммыппыт…

Дьылҕа Хаан баар буолан, син биир араҥаччылыыр арыалдьыттарын аттыгар туруорар эбит… Ол курдук ол аймалҕаннаах олох тымныы сыһыаныгар үөскээбит бастакы чыычааҕым атырдьах ыйын бүтүүтүн биир мааны күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Билигин үлэһит үтүөтэ, бэйэтэ ыал аҕата киһи буолан этэҥҥэ сылдьар. Дьылҕа Хаан уол оҕону бэлэхтээн, ийэ буолар аналы сүкпүтүм. Төһө да олус ыарахан кэмнэргэ оҕом улааттар, ийэ иитиитэ, ийэ санаата, оҕоҥ туһугар долгуйуута – барыта түмүллэн, биир сүдү күүс буолан олоххо тардыһыыны биэрэр эбит.

Хаһан да олох ыарахаттарыттан чаҕыйбакка, ол эрээри бэйэни сөптөөҕүнэн харыстанан, өбүгэ сиэрин-туомун тутуһан, кинилэртэн күүс көрдөһөн сырыттахха, хайдах да ыарахан дьалты барар. Күүстээх санаалаах олох кэрэтигэр итэҕэйиэххэ, олоҕуруохха, тулалыыр айылҕаттан күүс ыла сырыттахха, ол туругуҥ оҕоҕор эмиэ тиийэр, кинини араҥаччылыыр сүдү күүстэр үлэлээн бараллар эбит.

Айыыһыттарбар махталым сүҥкэн, күн аайы махталлаах сылдьыахха!


Страницы книги >> 1 2 3 4 5 6 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации