Электронная библиотека » Клара Ксенофонтова » » онлайн чтение - страница 1


  • Текст добавлен: 27 мая 2023, 06:04


Автор книги: Клара Ксенофонтова


Жанр: Поэзия, Поэзия и Драматургия


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 1 (всего у книги 4 страниц) [доступный отрывок для чтения: 1 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Клара Ксенофонтова
Эɮэрдэлэр. Баɮа санаалар. Анабыллар

© Оформление. ООО «Издательство Айяр», 2019

© Клара Ксенофонтова, 2019

ОҔО АЙМАХХА ЭҔЭРДЭ

Саҥа киһи кэлбитинэн
«Саҥа киһи күн сирин…»
 
Саҥа киһи күн сирин
Сирэм күөх таһаатыгар
Одун хаантан уураахтанан,
Чыҥыс хаантан ыйаахтанан
Олох суолун салгыы кэлбит
Үөрүүтүгэр муһуннубут,
Алыс үөрбүччэ-көппүччэ
Алгыс баһын сыалаатыбыт.
Ийэлээх аҕаҥ
Илгэлээх тапталларыгар бигэнэн,
Остуоруйа дойдутунуу
Олус дьоллоох оҕо саастан,
Кэрэни кэрэхсиир,
Үтүөнү өйдүүр
Киһи киэнэ кииллээҕэ буол!
Саха саргытын салайар
Сайаҕас санаалан,
Киһи кэскилин тэрийэр
Киэҥ мэйиилэн!
 
«Орто дойду ыалыгар…»
 
Орто дойду ыалыгар
Олох аанын тэлэйдэ.
Күүтүүлээх күндү киһибит,
Киирэн кэллиҥ бэбээрэн.
Ийэҥ, аҕаҥ тылларын
Эккэр-хааҥҥар иҥэрэн,
Киһи бэрдэ эн буолаар,
Киргэ-хоххо сыстымаар.
Эдэртэн эйэтин,
Кырдьаҕастан алгыһын,
Эгэлгэ кэрэтин ылынан,
Эриэккэс олоҕу олороор.
Кырдьаҕаска-кыаммакка
Көмөҕө өрүү кэлэр
Элэккэй, эйэҕэс
Эрчимнээх сүрэхтэн!
Саргылаах санааланан,
Саҥаны айар кыахтанаар,
Уйгуну сомсор
Улуу олохтоноор!
 
Төрөөбүт күҥҥүнэн Биир сааскынан
 
Биир сыл ааспыт
Күндү көмүс күөрэгэйбит
Күн сирин көрбүт
Бэлиэ күнүттэн.
Биир сыл ааспыт
Сүрэх күүскэ битийэн,
Бэлиэр ийэ, аҕа дэтэн,
Сиэлэ-хаама сылдьыбыппыт.
Ийэҥ истиҥ сыһыана
Иэйэхсиккэ тэҥнэстин,
Аҕаҥ амарах кыһамньыта
Айыыһыттыы арыаллаатын!
Ыарыы ыалласпатын,
Тумуу тумуннун!
Дьоллоох оҕо саастан,
Күн-түүн ахсымнык улаат!
 
Түөрт сааскынан
 
Чөмчүүк саас биир бэлиэ кэминэн —
Түөрт сааскын томточчу туолар,
Чэмэлкэй күннүү сыдьаайар
Түөрэҕиҥ түстэммит күнүнэн!
Күн өрүү бу курдук көрүөхтүн,
Күөх халлаан күлүмнүү күлүөхтүн,
Оҕо саас тырымнас сулуһа
Олоххор үөрүүнү үксэттин!
Улаата охсоҥҥун чугас дьоҥҥор
Туһа киһитэ эн буолаар,
Аймах дьоҥҥун ааттатаар
Үтүө, кэрэ тылынан!
Дьоллоох оҕо саастан
Дьону түмэр дьоҕурдан,
Чугастаргын чуоҕут,
Ыраахтаргын ыксалат.
 
Аҕыс сааскынан
 
Саһарҕа сааскын айхаллыы
Оҕо аймах тоҕуоруста,
Сандалы остуол тула
Эдэр-эмэн муһунна.
Күннүүн тэҥҥэ тэйэ оонньуур
Күлэр-үөрэр күҥҥүнэн!
Лыахтыын бииргэ көтөр-дайар
Көмүс, алтан кэмҥинэн!
Оҕо сааһыҥ мичилийэ
Сырдыкка, кэрэҕэ сирдээтин,
Үөрэҕи, билиини батыһар
Үтүө-мааны киһи дэттин.
Аймах дьонуҥ тоҕуоруһан,
Алгыс баһын сыалыыбыт.
Чырып-чырып чыычаахпытын
Чэгиэн турукка салайабыт.
Үөрүүҥ үрдүү турдун,
Үрдүгүнэн үргүөр үргүйбэтин!
Аламай күн тулаҕын сырдаттын,
Анныгынан аргыар аргыйбатын!
 
Уол оҕоҕо
 
Уол оҕо буолан уруйдаммыт
Ураты күҥҥүнэн,
Уон икки сааскынан
Уруй-туску аныыбыт!
Ириэнэхтэн иҥнибэт,
Тоҥтон толлубат,
Улахаҥҥа уолуһуйбат,
Кыраҕа кыһаллыбат
Уол оҕо чулуута,
Элик киэнэ бэрдэ буол!
Быстыбат бырдылан,
Эстибэт сэниэлэн!
 
Кыыс Куоҕа
 
Сиртэн сэрбэйиэххиттэн
Симээн улаатыннарбыт,
Симэх от курдук сэгэйбит
Сибэкки кэриэтэ кыысчааммыт!
Аламай күн айхалы аҕалла,
Турбут күн тускулу туһаайда.
Аймах-билэ дьонуҥ
Төрөөбүт күҥҥэр муһунна.
Кыыс оҕо кылааннааҕа,
Күн сиригэр көрүөхтэн эрэ
Кылбардыыр көмүһэ эн буол!
Ыраас күннүү күлүмнээн,
Ырыа кэриэтэ тырымнаан,
Харах көрөн сэргиир,
Кулгаах истэн чөрөҥөлүүр
Кэрэ симэҕэ буола улаат!
Тас көстүүнэн эрэ муҥурдаммакка
Ис дууһаҥ эмиэ сылааһынан илгийдин!
 
16 сааскынан
 
Уон алта сааскынан
Уруу-аймах дьонуҥ
Хоолдьуктуун хоҥкуйан,
Сүһүөхтүүн сүгүрүйэн,
Уруй тылларын утары уунабыт,
Айхал тылларын аныыбыт!
Дьоһуннаах суолу тутуһан,
Олох киэҥ аартыгын арыйан,
Саха саргытын салайсар
Сайдам санаанан салаллаар!
Ыарахаттартан чаҕыйбакка
Ыллыктаах суолунан айаннаар,
Тоҥтон толлубакка
Тулхадыйбат суолу тутуһаар.
Олоххор көрсөр эксээмэннэриҥ
Кэхтибэт кэскилгэ сирдээтиннэр,
Олох бары оллура-боллура
Киэҥ көҕүстээх оҥордуннар!
 
Оҕо көмүскэлин күнүнэн
«Оҕо баар буолан күн күлэр…»

Оҕо баар буолан күн күлэр,

Оҕо баар буолан сир симэнэр,

Оҕо баар буолан дьон дьоллонор,

Оҕо баар буолан олох салҕанар.

Оҕо чаҕаархай күлүүтүнэн күммүт саҕаланар,

Оҕолор тустарыгар ийэ-аҕа долгуйар.

Оҕо туһугар олохпут салҕанар,

Оҕо көмүскэлин күнүнэн!

«Эргиллибэт ойор күннээх…»
 
Эргиллибэт ойор күннээх
Оҕо сааспытын санатар
Биһиги көмүс чыычаахтарбыт,
Оҕолорбут, сиэннэрбит!
Хас ыал аайы
Оҕо чаҕаарар саҥата чугдаардын,
Үөрбүт харахтара,
Хааман тоотоҥнуура,
Илиитин уунан даллатара,
Минньигэстик саҥаран чуопчаарара
Сүрэхпитин сылаанньыттын.
Ыраас халлааннаах,
Чаҕылхай күннээх,
Дьоллоох оҕо саастаах буоллуннар,
Оҕо ымыыта
Ыал ахсын
Кэлэ турдун,
Олоххо аартыктара арылыннын,
Ааты ааттатар
Ыччаттар буоллуннар!
Оҕо көмүскэлин күнүнэн!
 
Уһуйааны бүтэрбиккинэн

Күндү оҕобут!

Дьокуускай куораттааҕы «Кэскил» уһуйааныттан оскуолаҕа атаарар үөрүүлээх күҥҥүнэн эҕэрдэлиибит! Саҥа, ураты эйгэҕэ үгүс-элбэх доҕоттордонуоҥ, араас дьиктини билиэҥ диэн эрэнэбит. Сайдыылаах өйдөөх-санаалаах, үтүө сиэрдээх-майгылаах чөл киһи буола улаат. Эн тускар олус кыһаллар төрөппүттэриҥ, иитээччилэриҥ үтүө баҕа санаалара туола турдун! Хас биирдии күнүҥ саҥаттан саҥаны арыйан, үрдүккэ, үтүөҕэ, билиигэ тардыһыыга ананнын!


«Кэскил» уһуйаан иитээччилэрэ

Оскуолаҕа киирбиккинэн
«Көмүс дуйдаах күһүннүүн…»
 
Көмүс дуйдаах күһүннүүн
Аргыстаһан, көтөн-дайан,
Тиийэн кэллэ мичилийэн,
Билии күнэ биһиэхэ.
Оҕо аймах мустан
Оскуолаҕа субуста,
Учууталлар долгуйан
Уруй-айхал эттилэр.
Баанчык, көстүүм кэтэҥҥин
Олус долгуйан, кэтэһэн,
Кырачаан киһи,
Оскуолаҕа эн бардыҥ.
Учууталыҥ кэпсээнин
Болҕойоҥҥун истээр дуу,
Уһуйааныҥ үөрэҕин
Умсугуйан ылынаар.
Үөрэх-билии аартыга
Үрдүк чыпчаалларга сирдээтин!
 
«Үөрэх суола тыргыллар…»
 
Үөрэх суола тыргыллар,
Ыраах айан субуллар,
Күүстээх үлэ, сырдык ыра
Хамсанарга ыҥырар.
Олус сырдык, олус кэрэ,
Оҕо сайдар биһигэ,
Оскуолабыт киэркэйэн,
Аанын киэҥник арыйар.
Чоҕулуҥнас харахтаах,
Мэник-тэник бэйэлээх
Кыра киһи айманан,
Оскуолаҕа эн кэллиҥ.
Билии киэҥ аартыгар
Эрдээхтик хардыылаар!
Барҕа баайы сомсоҥҥун
Үрдүккэ дабайаар!
 
«Сонуну, саҥаны биллэрээри…»
 
Сонуну, саҥаны биллэрээри,
Сайдыы суолун тутуһуннараары,
Алгыс этэн, тэрийэн
Атаардыбыт эйигин.
Аан дойдуну анаараҥҥын,
Арыйаар саҥаттан саҥаны,
Үөрэхтээх бэрдэ буолаҥҥын
Үтүө үлэһит аатыраар!
 
«Көмүс күһүн угуйда…»
 
Көмүс күһүн угуйда
Билии-сайдыы аартыгар,
Оҕо дьону ыҥырда
Үөрэх сырдык кыһата.
Күүппүт кэрэ кэмиҥ
Тиийэн кэллэ тигинээн,
Кыра бэйэҥ дьоһумсуйан,
Тэтэрээт, суумка кыбыныаҥ.
Сайдыылаах үйэ тэтиминэн
Саҥа саҕахтары арыйан,
Үөрэх, билии ыллыгынан
Үөһэттэн үөһэ эн дабай!
 
Тиһэх чуораанынан, ситии-хотуу аттестатын ылбыккынан
«Сибэкки тутуурдаах турбуккут сиэттиһэн…»
 
Сибэкки тутуурдаах турбуккут сиэттиһэн,
Кырачаан бэйэҕит улахан суумкалаах,
Күн үөрэ мичээрдээн эһиэхэ кыттыһан,
Бастакы чуорааны тыаһатар курдуга…
Ол кэмнэр өйгүттэн сүппэккэ
Олоҕуҥ биир бэлиэ кэрдииһэ буоллуннар,
Оскуолаҥ, учууталларыҥ үөрэхтэрэ
Олох күөнүгэр сирдээтиннэр!
Ситии-хотуу аттестатын ылыыҥ
Бүгүҥҥү күнүнэн бүппэтин,
Сир-халлаан хайа да муннугар
Ситиһии сиэттиһэ сырыттын!
 
«Уорсуйар улуу байҕал…»
 
Уорсуйар улуу байҕал
Көҕөрүмтүйэн көстөр
Киэҥ-нэлэмэн таһаатыгар
Уруйдаан-айхаллаан атаарар
Долгутуулаах күммүт үүннэ.
Оскуоланы бүтэрдиҥ,
Олоххо син уһуйулуннуҥ.
Эн иннигэр аны арыллар
Эндирдээх кини аана.
Кыһалҕаны кыайар
Кынаттаах ыраланаар,
Ыараханы баһыйар
Ыйдаҥалаах санааланаар!
 
«Бүтэһик чуораан чугдаарар…»
 
Бүтэһик чуораан чугдаарар
Долгутуулаах күнүнэн!
Бары да күүппүт
Дьоһун-мааны кэминэн!
Олоххут бастакы үктэлин
Оскуолаҕытын умнумаҥ,
Киэҥ суолга сирдээбит
Кэрэ дьону – учууталлары.
Баҕа санааҕыт барҕара туоларыгар
Бары моһоллору туоруур
Баараҕай санаанан салаллыҥ,
Баар билиигитин туһаныҥ!
Саргылаах санааҕыт
Салаллан иһиэхтин,
Тутуспут суолгут
Тупса туруохтун!
 

ДЬОРО КҮННЭРГЭ
Үбүлүөйдэргэ

Биэс уон саас…
 
Эн иннигэр арыллар
Олох саҥа страницата:
Көрө илик сириҥ-дойдуҥ,
Саҥа ыраах саҕахтарыҥ.
Биэс уон саас…
Эн иннигэр арыллар
Олох саҥа страницата:
Эн эдэргин, эрчимнээххин
Сарсыҥҥы күнү күүтэргиттэн,
Эдэргин сүрэҕиҥ кэрэттэн
Өссө да долгуйа мөхсөрүттэн…
 
Эр киһиэхэ 50 сааһынан
 
Үлэ диэн баран муннукка ытаабыт
Биир дьикти киһибит —
Баарбыт-суохпут, тылбыт-өспүт,
Куолубут хаата,
Дьэ, киһи мааныта,
Кини обургу кэлэн-баран,
Үлэлээн-хамсаан,
Бүтэрэн-оһорон,
Кыайан-хотон,
Быһата, киһи бастыҥа.
Үлэтэ суох олох тэһийбэт,
Олорон хааллаҕына,
Тыына кыарыыр.
Дьэ, киһи чулуута.
Биһиги атаспыт
Биэс уонун бэлиэтиир
Бэлиэ киэһэтигэр
Биһигини ыҥырда.
Сүрэҕиҥ баҕатын
Сүһүөҕүҥ уйдун,
Сайдам санааҥ саппаҕырбатын,
Өрөгөй-талаан үөрдүстүн,
Үөрүүҥ-көтүүҥ үрдээтин!
 
Физика учууталыгар 60 сааһынан
 
Эн бүгүн сүүрбэҕин үс төгүл туоллуҥ,
Ол иһин сүүрбэлээх уол курдук буоллуҥ:
Соччону үөрдүҥ, соччону долгуйдуҥ,
Соччонон сэтэрэр уоҕунан оргуйдуҥ.
Учуутал, эн дьоллооххун,
Кимиэхэ эрэ хатат кыымын
Сүрэҕэр сахпыт буоллаххына,
Оҕо аймаҕы олох суолугар
Олук ууран, далаһа кэбиһэн,
Олоххо таһаарсыбыт буоллаххына…
 

Эйигин өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн, хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйан туран, итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! «Ханнык да идэҕэ дьоҕуру аан бастаан учуутал арыйар» диэн этии олохтооҕо эн айымньылаахтык үлэлиир үтүө холобургуттан көстөр. Ол курдук ыччаты физика предметин таптыырга, ураты үлүһүйүүгэ сирдээтиҥ, айдыҥ-туттуҥ, киэҥ дуолга көччөх гынан көтүттүҥ. Үөрэнээччилэриҥ норуоттар икки ардыларынааҕы, Бүтүн Россия араас таһымнаах күрэхтэрин призёрдара, дипломаннара буолан, кыайыы кынаттанан, өрөгөй көтөллөнөн, оскуоланы инники күөҥҥэ таһаардылар. Физическэй кылаас оҕолоро лиссиэйи ситиһиилээхтик бүтэрэн, Россия араас муннугар үөрэнэ, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Ол иһин үөрүүбүт үс төгүл үрдүүр, инникитин да үтүөнү-кэрэни көһүтэр эрэлбит күүһүрэр.


«Учуутал – дууһа инженерэ» дииллэр. Ол тэҥэ үөрэнээччилэргэр чиҥ билиини биэрэриҥ сэргэ киһи быһыытынан сахалыы сиэрдээх майгылаах, илиилэрин ыһыктыбакка үлэлиир дьоҕурдаах буолан тахсалларыгар сыраҕынсылбаҕын уураҕын. Баҕарабыт бүгүҥҥүҥ курдук эдэрдии эрчимнээх, уҕараабат уохтаах буоларгар! Дьиэ кэргэҥҥэр сырдык ыраас халлааны, чөл туругу! Ыарыы ыалласпатын, тумуу тумуннун!

Күн күбэй ийэҕэ, эбэҕэ 70 сааһынан

Ыал ийэтэ дьиэ оһоҕор тэҥнээх, кини өрүү сылааһынан илгийэр, куһаҕантан араҥаччылыыр. Ол тэҥэ эн истиҥ сыһыаҥҥынан, үтүө майгыгынан, уҕараабат көмөҕүнэн биһигини олох киэҥ аартыгар үктэннэрбитиҥ: үөрэхтээх, үлэһит дьон оҥортообутуҥ.

 
Мэлдьитин чаҕылхай,
Майгыта элэккэй,
Кэпсээнэ дэлэгэй,
Аһынан-үөлүнэн
Остуола хотойор,
Ип-итии сылабаар
Мэлдьитин кэтэһэр,
Олоххо дьулуурдаах
Биһиги ийэбит,
Биһиги эбэбит!
Оҕолорум туһа диэн
Олох үтүөтүн олордуҥ.
Сэттэ уоҥҥун туолаҥҥын,
Сиэннэргин сэтиилии сиэттиҥ.
Тоҕус уоҥҥун туолуугар
Тумуулууру билбэккэ,
Сүүстүүр сааһыҥ туолуута
Сөтөллөрү билбэккэ
Сиэннэриҥ сиэннэрин сиэтэҥҥин,
Сэгэйэ, үөрэ сырыт!
 
70 сааһынан
 
«Сэттэ уоннарын сиппиттэр —
Олох оройугар тиийбиттэр.
Тапталга, нарыҥҥа
Тардыһаллара элбиир:
Сардаҥалаах сарсыҥҥы
Ыҥыра турар син биир —
Үтүө дууһалаахтар
Өрүү кырдьыбат буолуохтаахтар!»
 

(Леонид Попов)

 
Кырдьары, ыалдьары билбэккэ
Куруук да дьоллоохтук олороор,
Кэнэҕэс кэнчээри сиэннэргэр
Кэскиллээх олоҕу оҥороор.
Сааскы күн сарыалын кэриэтэ
Сандаархай сайаҕас санаалан,
Унаар күөх сайыммыт кэриэтэ
Уостубат уйгулаах олохтон!
 
Далбар хотуҥҥа, математика

учууталыгар


 
Учуутал туйгуна буоларга
Үөһэттэн үһүйтэриилээх,
Айыылартан айдарыылаах,
Майгылаах бастыҥа,
Сүбэһит үтүөтэ!
 

Өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн, олоҕуҥ биир бэлиэ күнүнэн сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн, хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйан туран, итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Учуутал… Бу сүдү ааты-суолу баҕалаах эрэ барыта сүкпэтин, дьиҥ бэриниилээх, оҕо аймаҕы ис сүрэҕиттэн таптыыр, киниэхэ олоҕун бүтүннүү аныыр эрэ уйаҕас дууһалаах киһи баһылыырын билэбит. Ыччаты иитии-үөрэтии курдук уустук идэҕэ үрдүк үөрэҕи бүтэриэххиттэн, сыраҕын-сылбаҕын ууран туран, биир тэрилтэҕэ күн бүгүҥҥэ диэри айымньылаахтык үлэлии, айа-тута сылдьаргыттан үөрэбит. Оскуолабыт баай устуоруйатын хаҥатыспыт, үтүө үгэстэрин үйэтиппит, ыарахаттартан чаҕыйбакка үлэтин-хамнаһын атаҕар туруорсубут, иилээн-саҕалаан салайсыбыт дьонтон биирдэстэрэ буолаҕын. Урукку уонна билиҥҥи оскуола иитиллээччилэрэ математика курдук уустук предмети дэгиттэр баһылаан, араас үрдүк үөрэх кыһатын бүтэрэн, айатута сылдьалларыгар кырата суох кыһамньыгын уурбутуҥ. Үгүс үөрэнээччиҥ, билии эрэ биэрэринэн муҥурдаммакка, олох бары эрииригэр-мускууругар бэлэмнээх буоларга уһуйаргын, ону тус холобургунан көрдөрөргүн үтүө тылларынан ахталлар. Оскуола үлэтин бары ымпык-чымпык өрүттэрин быһаарыы, материальнай-техническэй базатын бөҕөргөтүү уустук боппуруостарыгар тиийэ сүбэлиириҥ-амалыырыҥ таһынан барытыгар тэҥҥэ сүүрэ-көтө сылдьарыҥ – хайҕаллаах дьыала.


Бу үөрүүлээх күҥҥэр истиҥ-эйэҕэс ийэ, бэриниилээх кэргэн буоларгын бэлиэтиэхпитин баҕарабыт. Киэҥ-холку майгыҥ, сааскылыы сайаҕас сыһыаныҥ дьиҥ чахчы саха дьахтарын чаҕылхай уобараһын кэрэһилиир. Итиинэн илгийэр, сылааһынан сыдьаайар Иэйэхсит хотуҥҥа тэҥниибит, эйигинэн киэн туттабыт.

Өрүүтүн бүгүҥҥүҥ курдук үөрүүҥ үрдүү, санаабытыҥ сатана, туппутуҥ тупса турдун! Киил мас курдук чиргэл доруобуйалан, инникитин даҕаны үлүскэн үлэҥ үтүө түмүгэ сүргэҕин көтөхтүн, саргыгын салайдын! Дьиэ кэргэҥҥэр ил-эйэ эҥээрдэстин, дьол-соргу тосхойдун!

Группа ыстаарыһатыгар, Далбар хотуҥҥа

Күндүтүк саныыр чугас киһибит, группабыт ийэлээтэр ийэтэ!

Эйиэхэ – күн тэҥэ саныыр, сүгүрүйэр, бастыҥ холобур оҥостор тапталлаах ыстаарыһабытыгар, мындыр сүбэһиппитигэр, саха маанылаах Далбар Хотунугар – олоҕуҥ кэрэ-бэлиэ түгэнинэн, дьоһун-мааны үбүлүөйгүнэн үлүскэннээх үөрүүбүтүн, эйэҕэстэй эҕэрдэбитин сахалыы сайаҕастык тиэрдэбит, урааҥхайдыы уруйдааммыт этэбит!

Эн биһиэхэ аан маҥнай университет боруогун атыллаан киирбит күммүтүттэн күн бүгүнүгэр диэри үөрүүбүтүн-хомолтобутун тэҥҥэ үллэстэр чугас доҕорбут буоларгынан киэн туттабыт. Талан ылбыт идэҕинэн үтүө суобастаахтык, бэриниилээхтик, дьаныардаахтык, айымньылаахтык үлэлээн, сөҕүмэр чыпчааллары дабайбыккыттан олус үөрэбит. Эн өссө устудьуоннуур сылларгыттан Үрдүкү Сэбиэккэ дьокутаат үрдүк аатын сүгэн, эдэр ыччат интэриэһин туруулаһан көмүскээбитиҥ, онон бүтүн үрдүк үөрэх кыһатын, историко-филологическай факультет суон дурдатын, халыҥ хаххатын кэриэтэ этиҥ. Маны сэргэ эҥкилэ суох куруук туйгун эрэ сыанаҕа үөрэммитиҥ күн бүгүнүгэр диэри үтүө холобур, кэрэ кэпсээн буолар.

Биһиги кыыспыт быһаарбатах дьыалата, кыайбата диэн, арааһа, суох да быһыылаах: кини ылсыбыт дьыалата куруук ситиһиини эрэ аҕалар. Бу үтүө холобурунан Валентина Григорьевна саха улуу суруйааччыта, чулуу уола А. И. Софронов-Алампа сырдык аатын үйэтитэр үгүс ахсааннаах кинигэни бэчээттэппитэ, филологическай наука кандидата буолбута ааттаныан сөп. Кини үлэлээбитэ-хамсаабыта манан бүппэт, муҥур уһуга суох. Ол курдук «Бичик» кыһатыгар таһаартарбыт кинигэтин ахсаана омуна суох элбэҕин сэргэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ олус туһалыыр остуол кинигэтигэр кубулуйда.

«Ыал – ийэтинэн» дииллэр. Ол тэҥэ эн дьиэ кэргэҥҥэр асчыт мааныта, тапталлаах кэргэн, истиҥ ийэ буоларгын билэбит. Олоҕуҥ аргыһыныын Степан Яковлевичтыын үс бэртээхэй оҕону иитэн, киһи-хара гынныгыт, кинилэр эһиги тэлбит суолгутунан тыл үөрэхтээҕэ, техникаҕа сыстаҕас дьон буолан, үөрэнэ, үлэлии-хамсыы сылдьалларыттан биһиги эмиэ тэҥҥэ үөрсэбит.

Күндү кыыспыт, туллар тутаахпыт, кэрэ киһибит! Олоҕуҥ орто омурҕанынан, бу өрөгөйдөөх күҥҥүнэн, алгыс баһын сыалаатахпыт буоллун! Саха тиит маһыныы чиргэл доруобуйаны, өрүү бүгүҥҥүҥ курдук эдэр, кыраһыабай сылдьаргар баҕарабыт! Айар-тутар аартыгыҥ аана тэлэччи арылыннын, ыарахаттартан чаҕыйбакка, өссө өрө бар, инниҥ диэки дьүккүй! Чугас дьонуҥ, үөрэппит-такайбыт ыччатыҥ үөрүүгүн үксэтэ, өрөгөйгүн үрдэтэ турдуннар!

Тэрилтэ бэтэрээн үлэһитигэр

Эйигин 75 сааскын туолар кэрэ-бэлиэ күҥҥүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Бу күн эйиэхэ баҕа санаа баһаамын барҕалыырбытын, алгыс баһын сыалыырбытын көҥүллээ!

Өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээн, билигин сынньалаҥҥа да олордоргун кэлэ-бара сүбэ-ама биэрэ сылдьаргыттан, биһигини умнубаккыттан үөрэбит. Киһи, төһө өр үлэлиириттэн тутулуга суох, убанар-убаммат, ылынар-ылыммат дьонноох буолар. Оттон биһиги кэккэбитигэр үлэлээбитиҥ тухары эн, аҕа саастаах киһи быһыытынан, дириҥ толкуйуҥ эдэр дьон уустук кэмнэригэр ыллыктаах санааны угара саарбаҕа суох. Бука барыбыт өйүгэр-санаатыгар умнуллубат кэрэ өйдөбүллэри хааллардыҥ.

Олох араас түһүүлэрин-тахсыыларын мүччү көтөр модун санааҥ уҕараабакка өрүү, бу бүгүҥҥүҥ курдук, инники хардыылыы тур! Ыарыы


ыалласпатын, тумуу тумуннун, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ үөрүүгүн үксэтэ, саргыгын салайса турдуннар!

Ыал буолбут үбүлүөйгүтүнэн
* * *

Дьоллоох дьоро күҥҥүтүнэн! Үөрүүгүтүн, хомолтоҕутун тэҥҥэ үллэстэн, куруук эйэлээх, бэриниилээх дьиэ кэргэн буолуҥ! Кулуннаах биэ, саптаах иннэ курдук өрүү бииргэ үөрэ-көтө илигирэһэ сылдьыҥ! Үчүгэй өрүккүтүн сайыннарсыҥ, өйдүүн-санаалыын биир буолуҥ! Хараххытынан хайҕаһыҥ, сүрэххитинэн сөбүлэһиҥ!

* * *
 
Күөрэгэй чыычаах курдук
Күндү көмүстэргитин
Күнүстэри-түүннэри
Көрөн-харайан, оҕолоон,
Күн сирин киэҥ киэлитигэр
Көччөх гынан көтүттүгүт,
Киһи буолбут аналгытын,
Кэскиллээх иэскитин толордугут.
Отут сыл олорбуккут бэлиэтэ —
«Оҕом», «тоҕойум» дэһэргит
Үтүө холобур буолуохтун
Үүнэр көлүөнэ ыччакка.
Көрсүһэр үөрүүгүт, сыллаһа сылдьаргыт,
Кыыһырсары билбэт холку майгыгыт
Эдэр дьоҥҥо иитиэхтин
Эрэли, уостубат тапталы!
 
Кыһыл көмүс сыбаайбанан

Күндүтүк саныыр ытык-мааны дьоммутун «Ийэ буолуу килбиэнэ» мэтээл хаһаайката Надежда Семеновна, Саха АССР, РСФСР, ССРС Култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС Кинематографиятын туйгуна, СӨ Бочуоттаах землеустроителэ, Абаҕа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Семен Гаврильевич Беляевтары кыһыл көмүс уруугут күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Бу күн саҥаттан ыал буолбут кэриэтэ сананыҥ, эһиги иннигитигэр олох кустук араас өҥүнэн оонньуурун умнумаҥ. Алта оҕону үөрэхтээх, үлэһит оҥорон, сиэннэргитин, хос сиэннэргитин киһи бэрдэ гынарга дьулуһаҕыт, көхсүгүтүн көннөрбөккө үлэлиигит. Эһиги эйэҕэс, ыалдьытымсах сиэргит, үлэттэн дьоллонуугут, үөрүнньэҥ майгыгыт чугас дьоҥҥутугар үтүө холобур буолар.

Сибэккинэн симэммит, өрүү өлгөм үүнээйилээх тэлгэһэҕит хараҕы манньытар, сүрэҕи сылаанньытар. Нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ ыытар араас тэрээһинигэр кыттыыгыт, көхтөөх олоххут, эдэрдии эрчимҥит, чөл туруккут биһигини үөрдэр. Ыарыы ыалласпатын, тумуу тумуннун, кырдьыы кыттыспатын, чэмэлкэй күн, үөрүү, дьол, оҕо чаҕаархай күлүүтэ тулалаатын! Сэттэ уоҥҥутугар диэри сиэттиһэ, аҕыс уоҥҥутугар диэри ахтыһа, тоҕус уоҥҥутугар диэри тоҕоноххутуттан тутуһа сылдьыҥ!


Оҕолоргут, сиэннэргит, аймахтаргыт

Оскуола үбүлүөйүнэн
* * *

Эһигини оскуолаҕыт төрүттэммитэ 35 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн ис сүрэхтэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!

Оскуола – оҕо киһи быһыытынан дэгиттэр сайдан тахсарыгар олук уурар тэрилтэ. Үөрэнэр сылларын устата бу кыһаҕа иитиллэн, ыччат үтүөнү-мөкүнү арааран, билии-көрүү үрдүк кэрдиистэрин ааһан, араас идэҕэ уһуйуллан тахсар. Майгы-сигили өттүнэн укулаат таастыы уһаарыллар, салгыы олоҕун салайынарыгар тирэх ылар.

Оскуолаҕыт өрөспүүбүлүкэҕэ урут-уруккуттан кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү өйдүүр үгэстэрдээҕинэн аатырар. Оскуолаҕыт кэлэктиибин кытта хардарыта көмөлөсүһэрбит кэрэхсэбиллээх. Эһиги оскуолаҕытыттан биһиэхэ кэлбит оҕолор үлэлии үөрүйэхтэринэн уратылаахтар.

Бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥүтүнэн эҕэрдэлээн туран, уустук кэм кэлбититтэн кэннигитинэн кэхтибэккэ өссө эбии тимэх курдук тэнийэн, өрөйөн-чөрөйөн биэриҥ диэн, алгыс баһын сыалаатахпыт буоллун! Оскуолаҕыт үтүө аата ааттана, суон сураҕа тарҕана турдун диэн этэбит! Куорат киэн туттар киэҥ уораҕайыттан үгүс ыччат билии-көрүү киэҥ аартыгар үктэнэн, саҥа тэриллэр саха оскуолаларыгар үтүө холобур буола турдуннар!

* * *

Убаастабыллаах биир идэлээхтэрбит, Бүлүү гимназиятын кэлэктиибэ!

Эһигини өрөгөйдөөх 20 сыллаах үбүлүөйгүтүнэн сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн туран итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!

Эдэрдии эрчимнээх, сылайбат сындааһыннаах, туспа суоллаах-иистээх, өрөспүүбүлүкэ олоҕор сүҥкэн суолталаах үөрэх кыһата аатыран, үлэлии-хамсыы, айа-тута олороргутунан киэн туттабыт.

Киһи олоҕо төһө уһуннук олорбутунан сыаналамматын кэриэтэ, эһиги кылгас кэмнээх устуоруйаҕыт баай, хатыламмат дириҥ ис хоһоонноох. Бу тэҥэ гимназия үлэтин-хамнаһын сөптөөхтүк салайынан, үөрэхтээһин үрдүкү кэрдииһигэр таҕыста. Ол туоһутунан аҕыйах сылтан бэттэх мантан саха аймах инники кэскилэ, өркөн өйдөөх үтүө-мааны ыччата иитиллэн тахсар буолла. «Оскуола албан аата – үөрэппит оҕолоругар» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Эһиэхэ иитиллибит-такайыллыбыт оҕолор биллэр-көстөр бэлиэ уратылаахтар: олоххо көхтөөхтөр, үөрэхтэригэр ордук кыһамньылаахтар, чинчийэр үлэҕэ күүстээхтэр, түмсүүлээхтэр.

Бүгүн бу өрөгөйдөөх үбүлүөй күнүгэр киэн тутта ааттыахпытын баҕарабыт эһиги кыһаҕытыгар уһуйуллан, биһиги оскуолабытын бүтэрбит үтүө-мааны ыччаттарбытын. Кинилэртэн үгүстэрэ дойду араас муннугар, салгыы үрдүк үөрэҕи баһылаан, олох киэҥ аартыгар үктэннилэр. Сорохторо төрөөбүт-үөскээбит түөлбэлэрин туллар тутаахтара, баараҕай баҕаналара буолан, махталбыт муҥура суох. Маннык төһүү дьону үөскэппит кыһаҕа инникитин даҕаны эрэлбит улахан, салгыы биир өйүнэн-санаанан үлэлииргэ баҕабыт баһаам.

Күндүтүк саныыр биир идэлээхтэрбитигэр өрөгөйдөөх үбүлүөйгүтүнэн эҕэрдэлээн туран, баҕа санаа бастыҥын эттэхпит, алгыс баһын сыалаатахпыт буоллун! Түбүктээх үлэҕит үтүө түмүктэннин, саха талыы-талба ыччата өрүү махтана туруохтун! Мэлдьи ситиһии эрэ эҥээрдэстин, дьол-соргу эрэ тосхойдун! Дом! Дом! Дом!

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> 1
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации