Электронная библиотека » Коллектив авторов » » онлайн чтение - страница 5

Текст книги "Алыһардаах Аана"


  • Текст добавлен: 18 апреля 2024, 17:00


Автор книги: Коллектив авторов


Жанр: Биографии и Мемуары, Публицистика


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 5 (всего у книги 17 страниц) [доступный отрывок для чтения: 6 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Якутская воеводская канцелярия, получив от Кычкина распоряжение 4 февраля 1730 года поручает сотнику казачьему Алексею Аргунову содержать иноземцев »… по его императорского величества указу по определению в означенный канцелярии велено упомянутых иноземцев содержать до высылки. Того ради по поручению сего его императорского величества указу тебе, Аргунову для содержания упомянутых иноземцев определить достойных людей без всякого отлагательства под опасением за неисполнением…» (ЦГА Я-С ССР. Ф. 1-и. Оп. 1. Д. 4. Л. 8–9).

Алексей Аргунов 6 февраля 1730 года в якутскую воеводскую канцелярию пишет доношение: »…мне велено от полкового ведомства определить служивых достойных для содержания под арестом Фугляцкого роду тунгусов Типича Маянина с женою да шаманов Мисяула Мажина, Кытанаха Налина, Кельтякульского роду тунгусов Намтуга, Мисяула, Витимку Куявыхаева с женами да Лучинской волости шамана Желодая Дакина. И оному его императорского величества указу определил я от полкового ведомства для содержания под арестом означенных тунгусов и шаманов служилых достойных 8 человек, а которые именно, тому при чем доношение реестр…» (ЦГА Я-С ССР. Ф. 1-и. Оп. 1. Д. 4. Л. 10).

Ыытарга аналлаах дьону Саха сирин үрдүнэн көрдөөбүттэр эбит. Ол аата элбэх киhини сыымайдаабыттар, талбыттар. Лүүчүн Ааттаммат ойууна, чахчы талааннааҕын иһин, талыллыыга кыайбыттар ахсааннарыгар киирдэҕэ. Бэйэтин тас көрүҥэ бааhынайдыы, ол аата нууччалыы көстүүлээх киhи буолуохтаах. Сабаҕалааhын быhыытынан, эhэтэ поляк киhитэ А. Хлевинской, аҕатын М. Жирков ийэтэ саха дуу, бааhынай дуу дьахтара быhыылаах. Биир эhэтэ аатырбыт Дуоҕа Боотур, ийэтэ Дуоҕа кыра кыыhа Нэлчэкэ удаҕан. Ааттаммат ойуун былыргы Лүүчүттэр саллар, дьулайар киhилэрэ буолар. Кини утумнара Лүүчүн нэhилиэгэр баhылыыр-көһүлүүр оруолу ыла сылдьыбыттара. Бииргэ төрөөбүттэриттэн олус бөдөҥ уҥуохтаах Дары Дакин-Степан Жирков, сахалыы аата Бэрэттимэй эмиэ ойуун этэ. Кинини биир эрэ ат уйара. Биирдэ ол атынан айаннаан истэҕинэ, ата бадарааҥҥа батыллан, атаҕын тосту түhэн өлөн хаалбыт. Бэрэттимэй, өлбүт атыттан түспэккэ эрэ, биир күн устата ыллаан куугуната олорбута үhү диэн сэhэҥҥэ хаалбыт. Ол атын миинэн, сайын ыалга кэлэн дьиэ кэннигэр атын мииммитинэн олордоҕуна, дьиэ иннигэр ынах ыы олорор дьахтар үрүҥ көмүс курун күнүн (хатанар төгүрүк тиhилигин) көрөрө үhү диэн эмиэ сэhэҥҥэ хаалбыт. Балтылара эмиэ аатырбыт удаҕан дьахтар, олус бөдөҥ буолан, эргэ барбатаҕа үhү.

Ааттаммат уhун үйэлэнэн 90 сааhыгар, эмээхсинэ Мурсугур 91 сааhыгар өлбүттэрэ. Ханна араҥастаммыттарын ким да эппэтэх, кэлин билэр дьон суох эбиттэр. Кини утум ыччаттара үгүс этилэр. Элбэх кинээстээбит, чаччыыналаабыт сиэннэрдээх. Кэнники утумнартан биллибиттэрэ Саввиновтар буолаллар. Яковлев Кирилл Николаевич диэн киhи холкуос бэрэссэдээтэлэ, сопхуос управляющайа, партком сэкирэтээрэ этэ. Өссө сыныйан көрдөххө, өрөспүүбүлүкэ биллиилээх дьоно: Үлэ Геройа, аатырбыт-сураҕырбыт капитан М.Ф. Спиридонов, Тааттаҕа сопхуос, агрофирма дириэктэрэ, элбэх уордьаннаах С.Г. Жирков эмиэ бу утумҥа киирэллэр. Үтүө утум быстыбатын!

Домм! Домм! Домм!

В.А. Кондаков
Айылҕа дьикти айыыта – Улуу Аана удаҕан

Аананы аатын, араспаанньатын, аҕатын аатын сороҕор сыыһаллар. Төрөөбүт, олорбут да сирин былдьаһаллар. Оннооҕор онно көмүллэ сытар диэн букатын атын сири ыйар дьон эмиэ баар. Төрүт онно суоҕунан аймаҕырҕааһын, атын да ситимнээх курдук этиилэр иһиллэн ааһаллар.

Оттон саха улуу удаҕана Аана, дьиҥнээҕэ, кимтэн кииннээх, хантан хааннаах, ким диэн толору ааттаах, хайдах дьүһүннээх, туох-ханнык майгылаах, ханнык улуу талааннаах киһи этэй? Туох дьикти улуу эмчит, туох ураты айдарыылаах удаҕан этэй? Үйэлэр алтыһыылара, былаастар уларыйыылара киниэхэ ханнык-туох сабыдыалламмыттарай? Аана төрүттэрэ кимнээҕий? Билигин кини чугас аймахтара кимнээҕий диэн уонна да атын боппуруостарга тохтоон кэпсээн аһарыахпыт. Аана туһунан суруйар син чэпчэки. Тоҕо диэтэххэ, кини туһунан миэхэ балачча элбэх матырыйаал баар. Аана туһунан суруйар уустуктардаах. Тоҕо диэтэххэ, кини олус сүдү киһи. Кини туһунан, көннөрү киһи курдук, ыллыҥ да суруйарыҥ уустук.

Аана туһунан суруйарга, аны туран, кини бэйэтэ ону көҥүллүүрэ ирдэнэр. Оччоҕо эрэ үчүгэй, дьиҥнээх суруйуу тахсыан сөптөөх. Тоҕо эрэ мин Аана номоххо, историяҕа хаалыан, дьон үтүө тылынан ахтан-санаан ааһыан, үйэлэргэ өлбөөдүйбэт өйдөбүлгэ киириэн баҕарара буолуо дии саныыбын. Аана дьиҥнээх айыылыы үтүө санаалаах киһи, сырдык эйгэлээх улуу эмчит, удаҕан буолар. Кини үөһээ, орто дойдуларга кыырара, аллараа дойдуга киирбэт аналлааҕа. Дуоҕа Боотур курдук Улуу Айыы ойуунугар үөрэммитэ буоллар, кини дьиҥнээх Айыы удаҕана буолар аналлааҕа. Ону баара Дуоҕа Боотурдуун олорбут кэмнэрэ атын-атын буолан биэрдэҕэ… Аана кэмигэр кинини үөрэтэр кыахтаах Улуу Айыы ойууна суох буолан биэрбитэ абалаах суол диэтэҕиҥ! Аана кэлиҥҥи ыччакка син биир үтүө сабыдыаллаах.

Онон Улуу Эдьиийбит кэпсиирбин көҥүллүүр ини диэн санааттан суруйан эрэбин.

Докумуоннары көрөн, Аана саамай төрдүн Бекчонон Кулакыев диэн киһини буллубут. Бу Кулакый уола Бөкчөнөөн 1689–1780 сылларга олорбут, 91 сааһыгар өлбүт. Бөкчөнөөн диэн аат хайдах эрэ ньохо киһини өйдөтүөн сөп. Ол эрэн улахан чэгиэн киһи буолан 91 сааһыгар тиийэр. Онон Бөкчөнөөн диэн туттарыттан-хаптарыттан эбэтэр үлэһититтэн ааттаммыт буолуон сөп. Бу киһи Дуоҕа Боотурдары кытта кэлбит, чугас уруулара дуу эбэтэр буойун киһи дуу сиэнэ буолуохтаах. Онон аны Кулакыйы уонна кини аҕатын, кинилэргэ кэргэн буолбут дьахталлар ааттарын-суолларын булар, чуолкайдыыр наадалаах. Оччоҕо өссө элбэх чуолкайданыа. Итилэр кэлин көстүөхтэрэ. Ол гынан баран, ону күүттэхпитинэ уһуубут. Ол иһин, билигин туох баарынан суруйар сөп дии саныыбын. Бекчонон Кулакыев – Кулакый уола Бөкчөнөөн, Телиги Быкрина – Быыкыры кыыһа Тиэлиги диэн 1702 сыллаахха төрөөбүт Тоҕус нэһилиэгин киһитэ Быыкыры Тулааһынап кыыһын кэргэн ылан түөрт уол оҕону төрөппүттэрэ. Ол онтон бастакы уола Лэкэттэ сүрэхтэнэн, Василий Колтовской диэн буолбута.

Бөкчөнөөҥҥө уонна Тиэлигигэ тохтоон ааһар наадалаах. Генетика өттүттэн көрдөххө, улахан кыахтаах дьон эбит. Ол курдук икки кэнники уолун хойут сааһыран баран төрөппүттэрэ. Жюль (Дьүүл) Бекчонов диэн уолларын 1762 сыллаахха Бөкчөнөөн 73 саастааҕар, Тиэлиги 60 саастааҕар төрөппүттэрэ. Биир сыл буолан баран оҕонньор 74, эмээхсин 61 саастаахтарыгар Мекерек (Мөкөрөк) Бекчонов диэн уолларын төрөппүттэрэ (1763 сыл). Бу дьон сүрэхтэнэн Дьүүл-Данила Иванов, Мөкөрөк-Андрей Михайлов диэн буолбуттар. Оттон Василий диэн уоллара 1730 сыллаахха төрөөбүтэ. Кини Катерина Васильева диэн 1747 сыллаахха төрөөбүт Лүүчүн киһитэ Тутука Быыкырын кыыһын кэргэн ылбыта. Бу дьон бары Аһахтааччы сиригэр Сааһаабыкка ходуһалаах этилэр. Баһылайдаах Кэтириинэ Иван Колтовской диэн уол оҕону 1785 сыллаахха төрөппүттэрэ. Маны таһынан Анна, Дария, Феодосия, Хотуннуур диэн кыргыттардаах этилэр. Иван Авдотья Егоровна диэн 1791 сыллаахха төрөөбүт кэргэннээҕэ. Манна даҕатан эттэххэ, сахалыы Огдооччуйа, нууччалыы Евдотия, Евдокия диэн киирэ сылдьаллар. Уйбааннаах Огдооччуйа үс уол оҕону төрөппүттэрэ. Онтон дьэ биһиги 1815 сыллаахха төрөөбүт Миитэрэй өттүн тутуһабыт.

Үгүс сэһэннэргэ Аананы Тукун Уйбаан кыыһа диэн кэпсииллэр. Тукун Уйбаан – бу Иван Колтовской буолуон сөп. Оччоҕо Уйбаан Аана эһэтэ буолар. Оттон Аана аҕата – Миитэрэй. Онон Аана толору аата Анна Дмитриевна Иванова буолар. Тоҕо эрэ Колтовской диэн араспаанньа Миитэрэйгэ бэриллибэтэх. Миитэрэй Евдокия Тимофеева диэн Лүүчүн Муоһайыттан төрүттээх кыыһы кэргэн ылбыта. Евдокия Тимофей Гаврилов диэн киһи кыыһа этэ. Кини 1811 сыллаахха төрөөбүтэ. Кэргэн тахсарыгар сааһын Миитэрэйи кытта тэҥнээн, 1815 сыллаахха төрөөбүт курдук суруйтарбыта. Онно киһи тугу да омнуолуура суох, сөп буоллаҕа дии.

Архыып докумуоннарын элбэхтик чинчийбит, элбэҕи билбит, чуолкайдаабыт математик-учуонай Марк Петрович Григорьев хос эбэтэ Дария бу Евдокия Тимофееваны кытта бииргэ төрөөбүтэ.

Миитэрэйдээх Евдокия түөрт уол, икки кыыс оҕону төрөппүттэрэ. Олору суруйдахха маннык: Алексей (1839 с.т.), Тимофей (1854 с.т.). Иван (1854 с.т.), Николай (төрөөбүт сылын чуолкайдыы иликпит), Татьяна (1841 с.т.), Анна (1847 с.т.).

Маны таһынан Тииттиир диэн 1830 сыллаахха төрөөбүт кыыстаахтар эбит. Тииттиир бу оҕолору барыларын оҕолообут киһи быһыылаах. 1858 сылтан 1897 сылга диэри биэрэпис докумуоннара суохтара бу дьон инники олохторун билэргэ улахан мэһэйи үөскэтэр. Бу дьонтон Алексей, Иван, Татьяна ханна барбыттарын, ханна олохсуйбуттарын быһаарар билигин уустук. Николай диэн уол хойут 1858 с. кэнниттэн төрөөбүтэ. Кини эдьиийин таһыгар олорбута. Нээтийэҕэ Аана кэргэнэ Сыгынньах Ньукулайдыын уонна быраата Ньукулайдыын кэккэлэһэ көмүллэн сыталлара да итини көрдөрөр.

Аанаттан биэс сыл аҕа убайа Тимофей ийэтин дойдутугар Лүүчүн Муоһайыгар көһөн олохсуйбутун барытын төгүрүччү ырытыахха сөп диэн Марк Петровичтыын түмүктээтибит. Бу көһүү Муоһайга 1872 сылга турбут уоспа хаптайыытын кытта сибээстээҕэ чуолкай көстөр. Тимофей Дмитриевич Иванов мин хос эһэм буолар. Кини Анна Алексеева диэн кыыһы кэргэн ылан, 1876 сыллаахха эбэбин Кэтириинэни төрөппүттэрэ (аҕам ийэтин) докумуоннарга сурулла сылдьар. Оттон эһэм Иван Николаевич Кондаков эбэбин Муоһайтан ылан кэлбитин туһунан Григорьев Петр-Ойоо кэпсээбитэ миэхэ баар. Эбэм аймахтара Тимофеевтар диэн араспаанньалаахтар. Хас да бииргэ төрөөбүттэр быһыылаах. Сиидэр, Байбал, Лэһээк диэн бииргэ төрөөбүттэрин уонна кинилэр утумнарын син билэбин. Киччээбит-Никифор Тимофеев эбэм бииргэ төрөөбүт быраата дуу, хайдах аймаҕа дуу буоларын туһунан докумуоннары өссө була иликпит.

Марк Петрович Петр Иванович Сивцев-Оройко Бухатыыр туһунан аҕыйах докумуоннары булбут этэ. Оройко аҕата Кыыл Уйбаан Муоһай киһитэ этэ. Эбэм Кэтириинэ биир маннык түбэлтэни кэпсээбитин куруук өйдүүбүн: «Саҥа улаатан иһэн, бэйэм уолаттарбын (бырааттарбын, аймахтарбын) тустан киһилээбэппин. Ону Кыыл Уйбаан уола Бүөтүр хороччу улаатан эрэр уолаттарга: «Пахай даҕаны, дьахтарга хотторо сылдьаҕыт дуу?» – диэн кыһыылаах баҕайытык этэр. Ону мин сүүрэн тиийэн Бүөтүр үрдүгэр түстүм. Тииккэ тиийэн түспүт курдук буолла – хамсаабата даҕаны, кыбыс-кытаанах. Мин, кыбыстан, сүүрэн хааллым. Кэлин аҥаар күүстээх Оройко Бүөтүр буолбутун истэрим». Оройко 1967 сыллаахха өлөрүгэр 115 сааһым буолла диэбит буолан баран, арааһа, мин эбэбин кытта араа-бараа саастаах буолуон сөп курдук тахсар. Чэ, өскөтүн мин эбэбин кытта саастыы 1876 сыллаахха төрөөбүт киһи буоллун. Оччоҕо кини 1967 сыллаахха 91 саастаах буолар. Маны да киһи мыыммат сааһа диэтэҕиҥ! Кыыл Уйбааннааҕы кытта букатын чугас-чугас олорбут дьон быһыылаахтар.

Дьэ, аны төннөн Аанабыт туһунан кэпсэтиэҕиҥ. Аананы ийэтин өттүттэн ырыттахха, маннык тахсар: хос эһэтэ Бекялтя Чохобутов 1727 сыллаахха төрөөбүт, кини кэргэнэ Авдотья (Огдооччуйа) – Хомолто Омоносова 1741 сыллаахха төрөөбүт Тыайа дьахтара эбит. Бекялтя-Бэкэлтэ – бу дьиҥнээх Муоһай киһитэ, кини Жесеня диэн оттуур ходуһалаах эбит. Жесеня – Дьөһүнньэ – бу Боҕууда эбэ хайа өттүгэр баара буолла?! Икки уол, үс кыыс оҕоломмуттара. Олортон сүрүн суолу тутуһан 1777 сыллаахха төрөөбүт Тимофей Гаврилов-Тортукка кэлэбит. Тимофей Анна Андреева диэн кыыһы кэргэн ылан, үс уол, биэс кыыс оҕону төрөппүттэрэ. Олортон 1811 сыллаахха төрөөбүт Авдотья – Огдооччуйа диэн кыыс Тимофей Дмитриевич Ивановка кэргэн баран, үөһэ кэпсээбитим курдук, Ааналааҕы төрөппүт.

Аана оҕо сааһа кыһалҕата суох ааһан, сүрдээх ыраас хааннаах, дьон барыта хараҕа иҥнэр кыыһа буола улааппыта. Сэһэн кэпсииринэн, Миитэрэйдээх Огдооччуйа ыал улахан оҕолоро буоланнар, атын сирдэринэн тарҕанан олохсуйбуттара. Сэһэннэргэ кэпсэнэринэн, Аана улаатан эрдэҕинэ, быраата Холохоно Ньукулай кыратыгар аҕалара Миитэрэй өлөн, бу дьон тулаайах хаалбыттара. Сотору Аана биллибэт ыарыыга ыалдьан хаалбыт. Огдооччуйа аймаҕыттан Микииппэр кинээстэн-Никифор Николаевтан көрдөспүт. Никифор Лүүчүҥҥэ 1865–1866, 1875–1876, 1879–1880 сылларга кинээстээбитэ, 1851–1854, 1859–1861 сылларга Орто Бүлүү улууһугар кулубалаабыта, оттон 1840–1844 сыл быыбарынай кулуба этэ.

Дьэ, улахан үлэһит киһи диэтэҕиҥ! Никифор эдьиийигэр Огдооччуйаҕа, сиэн балтыгар Аанаҕа элбэхтик көмөлөспүтэ, бэйэтигэр олордубута. Аана удаҕан буолаары ыалдьарын билэн, Огдооччуйалыын сүбэлэһэн баран, Хаарпа ойууну уонна кутуруксутун Уллук Уйбааны кыырдарбыттара. Бастакы түүннэригэр аллараа дойдуга түһэн кыыра сылдьыбыттар. Онтон бэрт түргэнник төттөрү ойон тахсан, бастакы уонна иккис түүннэригэр үөһээ дойдуга тоҕус олох тухары кыырбыттар. Үс түүн кыыран баран, Хаарпа ойуун: «Үөһээттэн туттарыылаах удаҕан буолуоҕа…» – диэн эппит.

Никифор атахтарын соболоҥун үчүгэйдик төлөөбүт. Сотору Аана үтүөрэн, төлөһүйэн кыыс да кыыс буолбут, ыҥырыыларга сылдьан дьону эмтээн киирэн барбыт. Эмтээһинэ табыллан, дьон-сэргэ улаханнык кэрэхсээбит. Кыыс олус кэрэ дьүһүннээх буолан, кэргэн кэпсэтэр уолаттар үксээбиттэр. Баай да ыал уолаттара ыйыттарар буолбуттар. Кыыспыт кимиэхэ да сөбүлэҥин биэрбэтэх. Ийэтэ: «Үчүгэйдик олорор биир эмэ ыал уолугар тахсыбаккын даҕаны. Бэйэбит тулаайахпыт дии», – диэн кыыһыгар кыыһырар буолбут. Сотору Мастаахха көһөн олохсуйбуттар. Аана быраата Ньукулай уолу көмөлөһүннэрэн Бэстээх диэн күөл соҕуруу өттүгэр, Хайыҥда кытыытыгар, бэйэтэ дьиэ туттан, онно олохсуйбуттар.

Күһүн буолан, көтөр-сүүрэр соҕуруу күрэммит, ыллаан-туойан эһиилгигэ диэри быраһаайдаспыт. Үлэҕэ-хамнаска баттатан, киҥэ-наара холлубут Огдооччуйа кыыһын эмиэ тылынан аала олорбут: «Бу курдук олоруох дьоммут дуо?! Эр киһитэ суох?! Дьоллоох киһи кэргэннээх буолар. Үчүгэй ыал оҕолорун сирэҥҥин дуу, эргэ тахсар дьылҕаҥ суох буолан дуу, маннык олорон эрдэхпит дии. Эйигин арай Үөһээ абааһы уола ойох ыларыгар тиийдэ». Кыыһа көрдөҕүнэ, ийэтэ сүрдээҕин дьэбин уоһуйа-уоһуйа саҥарбыт.

Бу кэнниттэн туох буолбутун туһунан Аана кэлин дьоҥҥо маннык кэпсиир эбит: «Ийэм бэйэтэ даҕаны абааһы кэптээх баҕайы этэ. Итинник саҥардаҕын киэһэ таһырдьа тахсан, дьиэм таһыгар сырыттахпына, үөһэ халлаан диэки тыас куугунаабыта. Онно көрдөхпүнэ, биир киһи үөһээ халлаантан түһэн иһэрэ. Ыксаан дьиэм диэки харбыалаһан истэхпинэ, эмискэ иннибэр баар буолбута уонна: «Ийэҥ эппитинэн, мин эйигин ойох ыла кэллим», – диэн хаҕынайбыта. Оччолорго лаппа сэниэлээх этим. Эмискэ түөскэ аспытым да, тимир курдук этэ, кыратык бүдүрүс эрэ гыммыта, арахпатаҕа. Дьиэбэр куотан киирбитим да, син биир түүлбэр-биппэр биллибитинэн барбыта».

Аана ыксаан, ити эҥээргэ ойууннуу сылдьар Николай Павловы-Сыгынньах ойууну ыҥыран, холбоһуох диэн бэйэтэ тылланар. Ньукулай үөрүүнэн сөбүлэһэн, ыал буолаллар.

Сыгынньах Ньукулай аатырбыт Нээтийэ ойуун сиэнэ диэн кэпсииллэр. Нээтийэ ойуун Үөһээ Бүлүүгэ Алтан Оттоох диэн сиргэ төрөөбүтэ үһү. Кэлин Унаардаахха көһөн кэлэн олохсуйан, икки уол оҕону төрөппүт. Кэргэнэ олохтоох кыыс эбит. Онтон биир уолун уола Сыгынньах Ньукулай эбит.

Ааналаах Ньукулай көһөн кэлэн, Унаардаах күөлүн уонна Дьэҥкэ Күөл икки ардыгар баар хонуу тыатыгар хаптаҕай, улахан өтөххө олохсуйаллар. Кинилэри кытта ыаллаһа Имэҥнээх Сэмэн, Бырдьаҕаһыт Борокуоппай, Мэхээ Борисов диэн дьоннор олорбуттар. Ааналаах хас да сыл олорбуттар, байбыттар, элбэх сүөһүлэммиттэр, үлэһит-хамначчыт дьонноммуттар. Чохуу аҕатын ууһуттан биир кыыс оҕону ылан ииттибиттэр. Бу оҕо улаатан ынах хомуйар буолтун кэннэ, арай Аана хат буолбута биллибит. Төрүүрэ кэлбитигэр Куба Сиэбиккэ Күүлэлээх диэн сиргэ олохтоох Ньукуу баай уола Сонтуорка ойууну ыҥыран айыыһыттаппыттар, алҕаппыттар.

Онно сылдьыбыт дьон Уоһук Мальцевка маннык кэпсээбиттэр: «Сонтуорка ойуун үс атахтаах төгүрүк остуолу оҥорторбут. Ону тулатыгар талаҕы токурутан түһэртээн баран, балаакка курдук хара таҥаһынан бүрүйбүт. Аана бэрт эрэйинэн быыһаммыта. Оҕотун Сонтуорка ойуун ылан били балааккатын иһигэр уган кэбиспитэ. Биһиги тугун да өйдөөн көрбөккө хаалбыппыт. Сонтуорка балаакка иһигэр кэмпиэти үлтү кырпалаан угара, ону сиэн тумус тыаһа топ-тобугурас этэ.

Муус устар ортотугар Айыыһыта аттанар күнүгэр Аана таҥнан олорбута. Дэлби кубарыйан хаалбыт этэ. Сонтуорка ойуун дьэбин уоһуйан туран: «Аана оҕотун мин үөһэ үтэйиэм, аҕатын төрөппүт ийэлээх аҕатыгар илтэриэм. Хахсааттыыр Харын уолун уолуттан оҕоҥ бу. Ону эһэлээх эбэтигэр ииттэрэ үтэйэбин. Ону бу соҕуруоккаҥ аттыгар олорон көр. Дьиэҥ аанын аһыахтара. Ортоку сэргэҕэ олордон үтэйиэм», – диэбитэ уонна балаакканы арыйа тардыбыта. Онно көрбүппүт, суор оҕото хонтоҥнуу олорор эбит. Ону Сонтуорка саба тутан ылан, таһырдьа таһааран ортоку сэргэҕэ соҕуруу диэки хайыһыннара олордубута уонна кутуран дьүрүһүппүтэ. Сонтуорка кэнниттэн кутуруксута эмиэ алгыс бөҕөнү алҕаабыта. Аана суор уола көтөрүн дьиэтин иһиттэн көрөн олорбута. Барыта үс-түөрт күөс быстыҥа үтэйбиттэрэ. Онтон Сонтуорка дьиэҕэ кыырбытынан киирэн, Аал Уоту алҕаабыта. Аананы кэлэн имэрийбитэ-томоруйбута, домнообута уонна: «Миигиттэн үрдүкү да буолларгын, эйигин эмтээбитэ буолар дьылҕаланным, тускуланным», – диэбитэ.

Кэлин Аана улахаҥҥа кыырарыгар улахан уолун Суору ыҥырар буолбут.

Дьөккөҥҥө Хапчаҕайга олорор Акулина Алексеевна Кондакова – Филипп Дмитриевич Гоголев кэргэнэ, Степан Филиппович Гоголев ийэтэ биирдэ балык уҥуоҕар харан эрэйдэммит. Сыппыт, кыайан аһаабат, нэһиилэ тыынар буолбут. Ыксааан Дьөккөнтөн аттаах киһини Унаардаахха ыыппыттар. Ол киһи тиийбитэ, Аана айанныырдыы бэлэм олорор үһү. «Чэ, бара охсуохха, киһигит ыксаата. Аккын манна хааллар. Биһиэхэ аттар ыҥыырданан бэлэм тураллар», – диэн Аана ыксаппыт. Түргэнник айаннаан Хапчаҕайга кэлээт, Улуу удаҕан дьиэҕэ ойон киирбит уонна тас таҥаһын устаат, Өкүлүүнэ хоһугар киирбит итиэннэ: «Оо! Балтым эрэйдээх иэдэйбиккин… Тута киһи ыытыаҥ этэ буоллаҕа дии», – диэбит уонна дьиэлээхтэри көмөлөһүннэрэн барытын бэлэмнээт, эмтээн киирэн барбыт. Кыталык сототун уҥуоҕунан маҥнай көхсүттэн оборон көрбүт уонна эппит: «Олус да кытаанахтык олорбут эбит. Бэйи, түөскүнэн оборон көрүөххэ. Балтыбын көрөн туран өлөрүөм дуо?!» Суордуу хаһыытаат, түөһүттэн оборон хааннаах, ириҥэлээх уҥуоҕу сулбу тардан таһаарбыт. Салгыы түөһүттэн дэлби оборон ыраастаабыт уонна эппит: «Уҥуоҕуҥ өр сылдьыбыт, хараарбыт, көр, бу. Дьэ, дьолуҥ билиэҕэ. Сэттэ хонукка кыра-кыратык ууллубут арыы ырааһын эрэ иһиэҕиҥ. Онтон бэргээбэтэххинэ, өссө сэттэ хонукка арыыны кытта сылаас үүтү иһиэҕиҥ. Биир сыл устата итии уонна тымныы аһы аһаайаҕын. Ириҥэрэн моһуоктаабатаҕына, өссө сэттэ хонон баран убаҕас хааһыта сиэр. Арыый кытаанах аһылыгы 99 хонон баран, сэрэнэн сиэҕиҥ. Кэлин хааһыны кытта холбуллубутунан сүөгэйдэ сиир буолаар. Ити күүс киллэриэҕэ. Билигин сэттэ хонукка тохтоон, ыарыылыам, эмтиэм. Кэлин бэргээтиҥ да ыҥыраар. Тута кэлиэҕим. Соторунан ханна да барыам суоҕа». Сэттэ хонукка ыарыылаабыт, эмтээбит уонна барбыт. Өкүлүүнэ үтүөрэн, Аананы иккистээн ыҥырбатахтар. Кэлин үйэлээх сааһыгар Улуу удаҕаҥҥа махтанара дииллэр.

Суор уолун кэнниттэн 3–4 сыл буолан баран иккиһин хат буолбут. Төрүүр кэмигэр сүтэн хаалбыт. Ону көрдөөбүттэр да, булбатахтар. Арай Сыгынньах ойуун холку баҕайытык: «Чэ, чэ, көрдөөн эрэйдэнимэҥ. Туох аанньаны төрөтөөрү сылдьар үһү!» – диэбит.

Биир сарсыарда Имэҥнээх Сэмэн эмээхсинэ Сүөкүлэ көрдөҕүнэ, Аана Идэр көлүйэ өтөҕүттэн чугас киниэхэ көхсүнэн туран биир көҥдөй чөҥөчөккө алыһары уган эрэр үһү. Сүөкүлэ төттөрү ыстаммыт. Сотору Улуу удаҕан этэрбэһин быатын сүөрэн, тимэҕин нэлэккэйдэнэн баран, үргүлдьү хотонтон дьиэҕэ киирэн кэлбит уонна Сүөкүлэ диэки хайыһан хатааһын чолбонун курдугунан көрөн туран: «Сүөкүлэ, тоҕо миигин кэтии, батыһа сылдьаҕыный?» – диэбит.

Аана эмтииригэр бу иккис оҕотун: «Кыыһым, Алыһарым!» – диэн ыҥырар үһү. Өссө 3–4 сыл буолан баран, Улуу удаҕан үсүһүн хат буолбут. Төрүүрүгэр кинилэртэн чугас олорор Хойбочох Маарыйа удаҕаны ыҥырбыттар. Бу сырыыга кэкэ-бука диэн чыычаах саҕа көтөр төрөөбүт. Ону Аана бэйэтэ көтүппүт. Кэлин эмтииригэр: «Уолум, Кэкэм-Букам», – диэн ыҥырар буолбут.

Улуу удаҕан биир өтөх иһигэр бүгэн олорботоҕо. Элбэхтик айанныыра. Атын улуустарга да сылдьара. Дьокуускай куоракка үгүстүк сылдьара. Куорат баай, биллиилээх ыалларыгар, губернатор дьиэтигэр тиийэ, кини улахан күүтүүлээх ыалдьыт буолара. Эдэр сааһыгар улахана, толуута, кыраһыабайа бэрт буолан, сахалыы симэхтэри толору кэтэн, үрүҥ солко бастыҥынан тигиллибит уһун мааны былааччыйа кэтэн, Саха сирин бастыҥ кыраһаабыссаларын кытта үгүс улахан малааһыннары, остуоллары киэргэппитэ, олус кэрэ, сөҥ куолаһынан ыллаан элбэх сүрэҕи долгуппута. Сорох дьон кинини кыраһаабысса эрэ курдук көрөллөрө, Улуу удаҕанын туһунан өйдөрүгэр да суоҕа. Аана бэйэтэ даҕаны: «Мин удаҕаммын, мин эмчиппин, мин эн атыыгар-эргиэҥҥэр көмөлөһүөм, мин улуубун, мин бэрпин», – диэн кэпсэммэт үгэстээҕэ. Сэмэйдик, холкутук туттан сылдьара.

Эмтииригэр даҕаны үгүс айдаана, саҥата-иҥэтэ суох эмтэтэлиирэ. Сахалыы билэр да, билбэт да олохтоох нууччалар эмиэ эмтэтэллэрэ. Ыарыыны ылҕаан, эмтээн кэбиһэр эдэр, үрдүк уҥуохтаах, үтүөкэннээх таһаалаах, сырдык, ыраас сэбэрэлээх, такымын ааһа түһэр, долгуннурар хараҥа кугастыҥы баттахтаах, киэҥ арылхай харахтаах ураты кэрэ, эдэр кыыс дьахтары дьиктиргии, сөҕө көрөллөрө. Сорох эдэр дьон Аана кыраһыабайа бэрдиттэн кини удаҕан буоларын итэҕэйбэт түбэлтэлэрэ баара.

Улуу удаҕан эмтээн-томтоон, сүбэлээн-амалаан үгүс киһини абыраабыта, бэйэтин бириэмэтин улуу эмчитэ, удаҕана аатырбыта. Дьон-сэргэ бары кини улуутун, сүдүтүн билинэллэрэ, кини туһунан араас сэһэн, номох үөскээбит. Мин номохторунан буолбакка, архыып докумуоннарыгар уонна билэр, көрбүт-истибит дьон ахтыыларыгар олоҕуран Аана туһунан кырдьыктаах кэпсээни суруйабын. Кини туһунан Ийэ Айылҕаттан, аан дойдуттан эмиэ ыйыталаһабын. Улуу киһи туһунан сөптөөх кэпсээн суруллан хаалыахтаах. Ойууттар, удаҕаттар тустарынан суруйар дьон үксүн туох эрэ олоҥхо, остуоруйа курдук гипербола оҥорон суруйаллар. Ити киһини үксүгэр итэҕэппэт. Сороҕор ойууттары, удаҕаттары туох эрэ улуу сиэмэхтэр курдук кэпсииллэр. Ойууннар тустарынан идэлээх киһи эрэ суруйуон сөп. Бэл, ойууннары кэрийэн, кинилэр кыырыыларын суруйбут дьон үгүс сыыһаны таһааралларын кинилэр суруйууларын ааҕа олорон киһи тута өйдүүр. Хара ойууннар кыырыыларын бэчээтинэн маассабайдык тарҕатыы үгүс дьоҥҥо буортулаахтык дьайыан сөп, үтүктэн кыыран да барар ыарыһах дьон көстөн кэлиэхтэрин сөп. Хара билии ити курдук кэлтэй тарҕыы турар. Мин Айыы ойуунун алгыстарын, сиэрин-туомун балачча суруйдум. Бу дьиҥнээх Айыылыы, Сырдык эйгэлээх билии буолар. Онно ким даҕаны болҕомто уурбута көстүбэт. Дьон-сэргэ Айыылыы, Сырдык билиигэ тардыһар, наадыйар. Оттон тоҕо бар дьону куруук хара эйгэлээх билиигэ тарда туралларый? Дьэ, уонна туох үтүөнү күүтүөххэ сөбүй?! «Бэрээдэк куһаҕан буолла», – дии-дии куолулааһын үксүүр. Дьону куһаҕаҥҥа түргэнник аҕалыахха сөп. «Аҕаллылар» диэн быһаччы этиэххэ сөп. Сотору, баҕар, өссө киһини, сүөһүнү сиир кыырыылары суруйуохтара. Билигин тэлэбиисэринэн бэриллэр Россия дьонун ыһар Америка киинэлэрин, биэриилэрин курдук, И.В. Сталин саҕанааҕы Кремль олоҕун туһунан үһү-тамах курдук таабырын кэпсэллэри, сымыйа холуннарыылары биэрэллэрэ Россия олоҕун хайдахтаах курдук ыста? Тоҕо эрэ Америка Үрүҥ дьиэтин баһылыктарын интимнэй олохторун көрдөрбөттөр дии.

Улуу өбүгэлэрбит саха баарын тухары туһалаах буолуохтара. Онон кинилэр тустарынан сөпкө суруйан хаалларар наада. Ойууннааһыны шоу оҥорон ким эрэ аат-суол ылаары тугу эрэ көрдөрбүтүн, холобура, иһин быһаҕынан анньыммытын, тоҥ анньыыны киллэртэрэн иһин хачыгыраччы астарбытын дарбатан суруйуу туохха нааданый? Ол оннугар ойуун кими, хайдах эмтээбитин туһунан кыайан суруйбаттар. Суруйбаттар, тоҕо диэтэххэ, билбэттэр. Ол анньыынан астарыы ис хоһоонун билэбин. Ити дьиҥнээх буолбатах. Харах баайыыта, сороҕо дьиҥ фокус буолар. Аны ойуунумсуйан искитин анньына сылдьаайаҕыт. Ойуун күүһэ, талаана итиннэ быһаарыллыбат.

Аана хаһан да туох да фокуһу, харах баайыытын оҥоро сатаабат этэ. Итини мөлтөһүөр ойууннар дьарыктарынан ааҕара. Кырдьыга да оннук. Мин Георгий Герасимович Герасимовтан ойууннар ону-маны көрдөрөллөрүн ыйыппыппар эппитэ: «Дьиҥнээх ойуун киһитин эмтээбэккэ, ол артыыс курдук көрдөрүү көрдөрө туруо дуо?!» Дьиҥэ да оннук. Билигин да бэйэтин мээнэ арбанар, эҥин дьиктитик таҥныбыт, баттаҕын мээнэ арбаппыт, араас быанан эриммит, төһө кыалларынан экзотичнай көрүҥнэнэ сатаабыт, харахтарын түҥнэри көрбүт, өссө дүҥүрүн тута сылдьар, кыа отун уматан буруону ыһаарар дьону ойууннар дии санаабат буолуҥ. Ити сымыйа ойууннар, кутаа уотугар маҥнай кэлэр үрүмэччи буолаллар. Билигин да дьиҥнээх ойууннары дьон быһыытынан туспа араарыаҥ суоҕа. Идэлээх киһи – ол аата ойуун, кинилэри эйгэлэринэн, былыттарынан (аураларынан) арааран билиэн сөп. Оттон көннөрү киһи төрүт да кинилэри билиэ суоҕун сөптөөх. Дьиҥнээх, улахан талаан сэмэй уонна биллэ-көстө сатаабат буолар. Холобура, Бүлүү Сөдүөт ойуунун билбэт киһи дьон уопсай маассатыттан тута арааран билиэ суох этэ.

Аана ханнык да фокуһу, көрдөрүүнү оҥоро сатаабата эрээри, кини эмтииригэр тугу хайдах оҥорорун ханнык да фокусник ойуун оҥорор кыаҕа суох этэ. Холобура, сүллэрдьит ойуун аҕыйах буолар. Кини курдук харбыт киһи куолайыттан уҥуоҕу супту оборон ылары сатыыр ойуун, бука, ол да саҕана Конон Петрович Семеновтан (Бүлүү Мастааҕа) ураты баара биллибэт этэ.

Билигин үөстэн, бүөртэн тааһы таһаарыыны, сорох ыарыылары сүтэриини биһиги Саха сиринээҕи норуот эмчиттэрин ассоциациятыгар аҕыйах киһи оҥоробут. Сүллэрдиибит дэһэ сылдьар дьон сахаларга бааллар. Ол эрээри, кинилэр итини дьиҥнээхтик таһаарбыттарын көрө да, билэ да иликпит. Оннугу оҥорор кыахтаах буоллахтарына, Аана курдук илэ ылан көрдөрдүннэр ээ.

Аана кэргэнэ Сыгынньах ойуун эрдэ соҕус өлбүтэ. Кэргэнин «үөрбэлэтэн өлбүт» диэн быһаарбыта. Быраата Холохоно ойуун эмиэ үөрбэлэтэн өлбүтэ. Ону аҕалан, Дьэҥкэ Күөлүн таһыгар Сыгынньах Ньукулай аттыгар көмпүттэрэ. Дьоно өлбүттэрин кэннэ, Улуу удаҕан соҕотохсуйа быһыытыйбыта. Элбэхтик кыырбат, ыраах айаннаабат буолбута. Сэттэ уон сааһын туолуутугар Улуу Өктөөп революцията буолан Россияны аймаабыта. Саҥа былаас кытаанаҕын, хабараан ирдэбиллээҕин туһунан Аана эрдэттэн этинэн-хаанынан билбитэ.

Ойууннааһыны бобор кэм туһунан арааһы кэпсииллэр. Биир оннук суруйууга Унаров, Попов, Петров «Аананы хомуһуҥҥун көрдөр» дии-дии, хаайбыттар үһү. Онуоха Аана дьиэҕэ ууну киллэрэн балыктаппыт үһү. Балыктара – ол дьон бэйэлэрин маллара үһү. Бу суос-сымыйа кэпсэл.

Саха сиригэр Үөһээ Бүлүүгэ Г.Г. Герасимов ойуун эрэ хомсомуол-милииссийэ уолаттары итинник балыктатан турар. Аны билигин хас түөлбэ аайы «балыктаппыт» дьон баар буолан эрэллэр. Оттон оччотооҕу кэмҥэ да буолтун иһин, ким ама аҕыс уонча саастаах Улуу удаҕаны түүрэйдиэй? Иккиһинэн, Дыр уола Попов дэммит киһи бэрт үчүгэйдик билэр, элбэхтик алтыспыт киһим этэ. Толору аата Попов Николай Ильич диэн. Гражданскай сэрии саҕана кыһыл партизан буола сылдьыбыт, ГПУ-га да, милииссийэҕэ да үлэлээбэтэх, ойууннары утары охсуһууга төрүт кыттыбатах киһи этэ. Бүлүүтээҕи үрдүкү начаалынай училищены бүтэрбит, И.В. Поповка, А.Е. Кулаковскайга, И.Х. Староватовка үөрэммит, наһаа элбэҕи аахпыт, нуучча, омуктар улахан поэттарын айымньыларын өйтөн ааҕа сылдьар сүрдээх сайдыылаах киһи этэ. Партияҕа киирбэтэҕэ. Үйэтигэр Орто Бүлүүгэ арыы оҥорор маастарынан үлэлээбитэ. Сынньалаҥ кэмигэр ааҕан тахсара, өрүү кинигэ тутуурдаах сылдьара. Миэхэ олоҕун бары түгэннэрин барытын кэпсээбитэ. Өскөтүн Аана эмээхсиҥҥэ баран, итинник «балыктаабыта» буоллар, булгуччу кэпсиэхтээх этэ. Аананы көрбөтөҕө чуолкай. Кини туһунан үһү-тамах курдук кэпсээн аһарара. Ойууннары, гипноһу сүрдээҕин итэҕэйэрэ. Итэҕэһэ диэн арыгыны сөбүлүүр этэ. Онон Аана туһунан кэпсэллэргэ ханнык да сымыйа киириэ суохтаах. Баҕар, П. Бубякиннаах Аанаҕа тахса сылдьыылара ойууннааһыны утары охсуһуу иккиһин күөдьүйбүт кэмигэр, 1924–1930 сыллардаахха буолуон эмиэ сөптөөх.

Иосиф Мальцев оҕонньор өссө биир улахан түбэлтэни сэһэргиирэ. Сайын улахан уот туран дьон ыксаабыт. Уот сылааһа кытта биллэр, күн көстүбэт, күөллэр, суоллар да кыайан көстүбэт үлүгэрдэрэ буолбут. Дьон ыксаан Аанаҕа аттаах киһини ыыппыттар. Илдьити истэн баран, Улуу удаҕан эппит: «Чэ, сарсыҥҥыттан күүппүт ардаххыт түһүөҕэ. Хата, үчүгэйдик оҥостуҥ, бэлэмнэниҥ». Кырдьык, сарсыҥҥытыгар ыаҕайалаах уунан кутар курдук элбэх уулаах уһун ардах түспүт. Уот умулларын таһынан, сир-дойду ууга барбыт. Кыһын Мальцевтар махталларын кытта хатыыс, чыыр киллэрэн биэрбиттэр.

Муммут И. Иванов-Үс Уйбаан диэн оҕону Суор уолун көмөтүнэн бэрт түргэнник дэриэбинэҕэ аҕалтарбыттара. Сиргэ өлбүт, ууга түспүт дьону ыйыталаан биэрэрэ. Улуу удаҕан куруутун: «Унаардаах күөл арҕаа баһыгар дьон-сэргэ элбэхтик олохсуйан үөскүүһү», – диирэ. Ол иһин Унаардаахха – сайылыгар дьону харыстаан, өлбөтүн туһунан эрдэттэн сэрэтэрэ. «Дьоло-соргута долгуннуран хаалыа», – диирэ. Үйэтигэр дьоҥҥо үтүөнү эрэ оҥорбут сырдык, ыраас, айыылыы эйгэлээх удаҕан дьон-сэргэ, Ийэ айылҕа эйгэлэрин нарыннык-намчытык харыстыыра.

Аана уһун үйэлэммитэ. Кини 1933 дуу, 1934 сыллаах кыһын дуу Кучан Эбэҕэ кыстыгар олорон өлбүтэ. Ол аата кини сир үрдүгэр 86 дуу, 87 сыл дуу олорбута. Бу дьиҥнээх сааһа. Бачча олорбут дьон «сүүһү», сорохторо «сүүспүттэн таҕыстым» да диэхтэрин сөбө. Өлүөн иннинэ илдьит ыыталаан дьону-сэргэни: «Отторун-мастарын эрдэ тиэнниннэр уонна ханна да айаннаабатыннар. Улахан буурҕа-тибии түһүөҕэ», – диэн сэрэппит. Кырдьык Улуу удаҕан тыына быстаатын, үс түүннээх-күнү быһа киһи таһырдьа быкпат улуу буурҕата түспүт. Дьон, эрдэ сэрэтиллибит буолан, туох да быһылаан тахсыбатах. Буурҕа сэллээтин кытта аҕалан, Нээтийэҕэ Сыгынньах ойуун икки, быраата Холохоно Ньукулай икки ардыларыгар көмпүттэр.

Улуу удаҕан уу чуумпутук, биллибэккэ, намыыннык уһун уутугар утуйбут. Ону баара араас кыыбаҕалаах дьон көстөн, араастаан киирэн-тахсан, уһун уутугар утуйа сытар Улуу удаҕаны кыыһырдыбыт түбэлтэлэрэ эмиэ баар.

Сэрии бүтүүтэ Дьокуускайтан ханнык эрэ археологтар дэнэр дьон, Улуу удаҕаны хостуу диэн соруктанан кэлбиттэр. Ону дьон-сэргэ сөбүлээбэтэх, ким да сирдииргэ, ыйан биэрэргэ сөбүлэммэтэх. Арай Степанида Колесова диэн икки оҕолоох эдэр, балыыһаҕа санитаркалыыр дьахтар сирдииргэ сөбүлэммит. Улуу удаҕан уҥуоҕар тиийбэккэ эрэ, аара уот оттон уоту аһаппыттар. Степанида уокка, Аананы эдьиийим диэн ааттыы-ааттыы, ас биэрбит. Онтон тута өйүнэн ыалдьан, мэнэрийэн ыһыллан турбут. Археологтар төннөллөрүгэр тиийбиттэр. Киэһэтигэр биир эмээхсин мэнэрийбит уонна Улуу удаҕан аатыттан Степанидаҕа туһаайан: «Өссө аймаҕырҕаабыт буола-буола, өссө эдьиийим диэбит буола-буола. Миигин хостото ол-бу дьону таспыт буола-буола. Дьэ, хотуой! Мин эйигин булбатаҕым. Эн миигин буллуҥ. Онон, дьэ, хотуй, оҕобун кытта кэпсэтэрбит буолуо. Ону дьэ, өйдөөн кэбис!» – диэбит. С. Колесова иирэн улаханнык ыалдьан, үтүөрбэккэ өлбүт. Ону Кучаҥҥа көмпүттэр. Икки оҕото, дьон буолан иһэннэр, эмиэ өлбүттэр.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации