Электронная библиотека » Коллектив авторов » » онлайн чтение - страница 6

Текст книги "Алыһардаах Аана"


  • Текст добавлен: 18 апреля 2024, 17:00


Автор книги: Коллектив авторов


Жанр: Биографии и Мемуары, Публицистика


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 6 (всего у книги 17 страниц) [доступный отрывок для чтения: 6 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Билигин учуонай М.П. Григорьев маннык кэпсиир: «Оҕо сылдьан, ити Степанида уҥуоҕун тамнааттаан турабын. Онно уһун хара баттахтаах дьахтар кэннинэн олороро көстөн кэлбитэ. Дьиэбэр тиийэн, ыалдьан сытан ылбытым». Билэр дьон: «Дьахтар утары көстөн кэлбитэ буоллар, иэдээн буолуо эбит. Ону эдьиийиҥ Аана көмүскээбит. Онон сотору үтүөрүөҕүҥ», – диэбиттэр. Марк Петрович хос эбэтэ Даарыйа, Аана ийэтэ Огдооччуйаны кытта бииргэ төрөөбүттэр. Онон Аана Марк чугас аймаҕа буолар.

Эмээхсин өтөҕүнэн гаас турбатын аһара сатаабыттара. Элбэх бульдозер алдьаммыта, биир киһи сааҕа дэҥнэммитэ. Гаас турбалара боруоба кэмигэр бары дэлби тэппиттэрэ. Турбалары таһар Ми–6 бөртөлүөт лүөччүгэ биир сарсыарда салалтаҕа эппит: «Аны мин көппөппүн. Утары уотунан умайар харахтаах эмээхсин көтөн кэлэр. Баттаҕа тыалга ыһылла сылдьар уонна миэхэ сутуругун көрдөрөр». Ону иккис лүөччүк: «Бабу-Ягу еще придумал», – дии-дии күлбүт. Онон күлбүт лүөччүк көппүт, оттон биирдэрин сынньата ыыппыттар. Күлбүт лүөччүк көтөн иһэн, бөртөлүөтэ намтаабыт уонна салбаҕа туура ыстанан, сууллан түспүт.

Сытар сирин таһыгар мас кэрдэн тигинээбит дьон «киэһэ аайы биир эмээхсин киирэн мөҕөр» диэн, сотору атахтарынан куоппуттара. Улуу удаҕан дьиҥнээҕэ ыраас эйгэлээх, аллараа дойдуга кыырбат, үөһээ дойдуттан туттарыылаах буолан, дьиҥэр, улаханнык кэһэппэтэх, үксүн сэрэппит эрэ.

Мин бэркэ билэр киһим Уйбаан (араспаанньатын суруйбаппын) күһүн итирик, атынан айаннаан иһэн, эмээхсин уҥуоҕар тохтообут уонна аттыгар үүнэн турар маска атын баайан баран, кэлэн тугу эрэ итирик киһи быһыытынан баллыгыраабыт. Онтон салгыы бэйэтэ маннык кэпсиир: «Өйбүн сүтэрэн кэбистим. Түүн эмискэ өйдөнөн уһугуннум. Арай эмээхсин уҥуоҕун тааһын кууһан олорор эбиппин. Тоҥмуппун. Наһаа куттанным. Туран аппын көрдөөтүм. Атым суох. Дьиэбэр сатыы хабыс-хараҥаҕа кэллим. Кэлэн чэйдээн баран, халлаан сырдаабытын кэннэ, иккиһин бардым. Арай атым, киэһэ хайдах баайбытым курдук турар, иҥэрсийэр. Үөрүүнэн, аппын миинээт, дьиэлээтим. Дьэ, дьулаан этэ». Улуу удаҕан бэйэтин дойдутун итирик ыччатын аһынан муокастаабатах.

Аананы дьон-сэргэ аатырбыт Алыһардаах удаҕан диэн аатынан билэллэр. Оттон чугас дьоно кинини Аана, Аана эмээхсин диэнинэн ордук билэллэр. Кырдьыбытын кэннэ киниттэн: «Иккистээн эргиллэн төрүөҥ дуо?» – диэн ыйыппыттар. Онуоха кини олоро түһэн баран эппит: «Дьэ, билбэтим, арааһа, суох буолуо. Ол дойдуттан киһи иккистээн эргиллэн төрүүрүн кыайан билбэппин».

«Инникитин Лүүчүҥҥэ төһө ойуун үөскүөй?» – диэн ыйытыыга маннык эппиэттээбит: «Лүүчүҥҥэ наһаа элбэх ойуун үөскээн сырытта. Саҥа хабараан былаас кэллэ. Кини ойууннары бобуоҕа, кыыллыаҕа. Ойууннааһын уопсайынан даҕаны сүтэ быһыытыйыаҕа. Лүүчүн сирэ ойууннартан сынньаныаҕа. Саҥа былаас сэттэ уон сыл туруоҕа. Бу былааһы былааска ыттыбыт дьон бэйэлэрэ суулларыахтара. Оттон дьиҥнээх ойууннар бу Лүүчүн сириттэн атын сирдэргэ кэргэн тахсан барбыт дьахталлар ыччаттарын утумнарыгар үөскүөхтэрэ».

«Саха дьоно инники кэскилбит хайдах буолуой?» – диэн ыйытар дьон баар эбит. Онно Улуу удаҕан ыксыыра, долгуйара үһү. Үксүн эппэккэ эрэ, маннык эппитин этэн аһарар сөп: «Оо! Дьэ! Кытаанах! Кытаанах! Бу саҥа кэлбит былаас сууллан да, үтүө кэлбэтэ. Иҥсэ-хоҥсо дэлэйдэ. Сири үлтү сүргэйдилэр. Умайар убаҕаһы хаһан таһаараннар, онно улахан эргиэн буолла. Ол убаҕаскыт, кыайан дьаһаллыбакка, сири-дойдуну тунуйда. Иһэр уу хаалбата, салгын бүттэ, биир испиискэ маһын уматан баран сиргэ бырахтыҥ да – уулуун, ойуурдуун, салгынныын барыта умайар кутталланна. Дьэ, билбэтим итини туох кыайыан, туох тохтотуон?! Оттон тимир тиһилик ыллыгынан уотунан уһуурар уһун субурҕа сыарҕалаах улуу дьаалы оҕустарынан соҕурууттан, арҕааттан от-мас ахсаанынааҕар элбэх киһи кэлиэҕэ».

Аана Ийэ айылҕатын олус таптыыра, ис сүрэҕиттэн иэйэн, Ийэ Кутунан таптаан, Буор Кутунан сөбүлээн, Салгын Кутунан ылынан, Сүдү Сүрүнэн өтө билэн харыстыыра, көмүскүүрэ. Кини намчы иэйиилээх Кута-Сүрэ, үрдүк өйө, уһулуччу талаана, үөһэттэн анала барыта Ийэ Айылҕатын кытта ситимнээҕин үчүгэйдик өйдүүрэ. Ол-бу араас ойууннар алҕанабыт, алгыыбыт диэн дархаһыйдахтарына: «Күтүрдэр! Сыыһа саҥарымаҥ! Ол эһиги суолгутун араас абааһыларынан арынаргыт, кээлээнигитин ыҥыраргыт, бэйэҕитин киһиргэнэн туонаргыт, турукка киирэргит алҕаныы уонна алгыс үһү дуо? Уоккут да иччитигэр, түөлбэлэргит да иччилэригэр сатаан алҕаабаккыт. Ол-бу абааһы кэптээх тыллары кыбытаҕыт. Абааһыта суох сатаммаккыт. Өбүгэбит Дуоҕа Боотур алгыстара дьиҥнээх алгыстар буолаллар. Билигин ити Тумус Мэхээлэ син үчүгэйдик алгыыр. Алгыыр диэн үрдүкү таҥаралартан көрдөһүү, үҥүү-сүгүрүйүү, дьоҥҥо, айылҕаҕа үтүөнү ыҥырыы, айыы тыыннаах сиэр-туом ааттанар буолуохтаах».

Кэлин сааһыран баран: «Саҥа былаас 70 сыл туруоҕа, онтон сууллуоҕа. Туох дьиктитэ буолла?! Киһи барыта эмчит буолан турбут, бары көтөөрү гыммыт көтөр оҕотун курдук сапсыахайдаһаллар. Эмтиир быһыылара дуу, ити?! Дьиҥнээх эмчиттэр олус аҕыйахтар. Кинилэр ордуктара үөһэ тахсыахтара, сахалыы эмтээһин баар буолуоҕа», – диэбиттээх. «Сэрии иэдээннэрэ буолуохтара. Ол гынан баран, сэрии иэдээннэрэ, чэгиэн эккэ кыра оһол бааһа түргэнник оһорун курдук, сотору ааһыахтара. Дьон-сэргэ олоҕо тупсуоҕа. Оттон айылҕа алдьаныытын, уу, салгын сүһүрүүтүн иэдээнин туох кыайыа-хотуо эбитэ буолла?! Арааһа, алдьархай, уопсай өлүү-сүтүү итинтэн тахсара буолуо», – диэн өтө көрүүтүн эппитэ киһини элбэх курус санааларга киллэрэр.

Ол эрээри хайыахпытый? Абырыыр Аар Айыыларбытыгар үҥэн-сүгүрүйэн, Үрдүк Дьүүллээх Үрүҥ Аар Тойонтон үрдүк үтүө дьүүлү, ыпсарыылаах ыйыыны оҥороругар көрдөһөн, Одун хаан, Чыҥыс хаан Аар Тойон аналлаах дьаһалынан улуу оҥоһууну, Күн Күбэй Хотун көмүскэлинэн, тыын ыйааҕы таһааралларыгар, Дьылҕа Тойон үтүөнү дьылҕалыырыгар, Дьурантаайы Суруксут ону суруйарыгар, Сүдү Күүстээх Сүҥ Дьааһын Тойон Улуу Аар Айыы уотунан алыастыырыгар, арчылыырыгар, Улуу Хотой Айыы көмүскүүрүгэр, Уордаах Күрүө Дьөһөгөй Тойон, Ала Мылахсын уостубат уйгуларынан, быстыбат быйаҥнарынан алгыы, абырыы туралларыгар, Ахтар Айыыһыппыт аргыстаһарыгар, Эдьэҥ Иэйэхсиппит эҥээрдэһэригэр сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн тураммыт, күн айыы Улуу Алгыһы этиэҕиҥ! Аан дойдуну абыраан, аһатан турар Ийэ Айылҕабыт алдьанан-кээһэнэн аам-даам, алдьархай ааҥнаабатын туһугар Аар Айыылартан көрдөһүөҕүҥ! Алдьаныы-кээһэнии Айыым дьонун алдьаппатын, алгыстаах олохторун айгыраппатын, сир дьоно симэлийэн, сүтэн хаалбаттарын туһугар ситэри өйдөөх сүппэт тылы этиэҕиҥ! Унаар күөх урсуннаах улуу айылҕабыт уостан-сүтэн хаалбатын, Аар Айыы күүһэ алдьатар дьайы антах үтэйэрин туһугар Аар Тойон абыраллаах көмүскэлин ыҥырыаҕыҥ. Уһун үйэлэргэ иитэр-аһатар, итиэрэр-таҥыннарар Ийэ Айылҕабыт, абырыыр күөхпүт уостубаттарын, ыраас халлааммыт саппаҕырбатын, күлүмүрдэс уубут көлбөҕүрбэтин, үрүҥ күммүт өлбөөдүйбэтин, тыынар тыыннаах быстыбатын, киһи-аймах кэхтибэтин, уҥуоргута көстүбэт унаар күөх хонууларбыт урусхалланан сүппэтин туһугар Улуу тылла этиэҕиҥ! Бүппэт Улуу Куйаартан ыраах баран сүппэтэх Сүдү Эдьиийбит – Дьиҥнээх, Кырдьыктаах, Киһи барыта ылынар Эдьиийэ – Улуу Аана удаҕан эмиэ көмөлөстүн. Домм! Домм! Домм!

В.А. Кондаков

Лүүчүннэр. Өбүгэлэрбит омоон суолларынан. – Дьокуускай: Бичик, 2008. – С. 294–306.


Хос быһаарыылар

1. Алыһардаах Аана 1848 с. урукку истиилинэн кулун тутар 19 күнүгэр төрөөбүтүн туоһулуур миэтирикэтэ архыыпка харалла сытара көһүннэ. Аана биһигин ыйаабыт сирэ Сааһаабыт. Сааһаабыт – II Лүүчүн Аһахтааччы учаастагын сирэ.

Алыһардаах Аана, кыраайы үөрэтээччи С.С. Ионов суруйбутунан, Кучаҥҥа ииппит кыыһыгар Даарыйаҕа, күтүөтэ Кылаан Борокуоппайга олорон үтүмэн сылларга өлбөт-сүппэт үйэлээх өйдөбүлү хаалларан, 1933 с. саас кулун тутар 15 күнүгэр өлбүтэ. Саха сирин киэҥ киэлитигэр аата-суола киэҥник тарҕаммыт, уос номоҕо буолбут Алыһардаах Аана көмүс уҥуоҕа кэргэнин өтөҕүттэн чугас сытар Дьэҥкэ күөл хоту өттүнээҕи тиит, харыйа былааһыктаах лиҥкир тиит тумуһахха оҕонньорун Сыгынньах ойуун, быраатын Холохоно ойуун аттыларыгар сэргэстэһэ хараллан сытар. Мэҥэ тааһыгар хараҥа халлаан күөхтүҥү хара кыраасканан «Здесь покоится инородка Вилюйского улуса Павлова Анна» диэн суруллубут.

2. Аана бастакы кэргэнэ А.И. Эверстов суруйарынан, Лүксүгүнтэн Булҕаһа Дьаҕарах кыра уола Акыым Дьөгүөр («Ньидьили былыргыта», Дьокуускай, 2010. С. 34). Дьөгүөр Ньылбай Ыстапаан диэн убайдааҕа ыйыллыбыт. Тыайаҕа ыытыллыбыт биэрэпистэри кытта тэҥнээн көрдөххө, Булҕаһа Дьаҕарах – Булугас-Гаврило Яковлев (1783 с.т.) буолан таҕыста. Кэргэнэ Анна Егорова (1800 с.т.), Степан (1834–10.02.1908 с.с.), Егор (1846 с.т.) диэн ааттаах уолаттардаах эбит. Кэлин араспаанньалара Докторовтар буолбут. Архыып докумуона кэрэһилииринэн, Акыым Дьөгүөрэ өлбүтүн кэннэ, 1888 с., урукку истиилинэн тохсунньу 31 күнүгэр Аана Кырыкый киһитигэр Николай Павловка-Сыгынньах ойууҥҥа (1873 с.т.) кэргэн тахсыбыт. Эр киһи 35-тээҕин ыйбыттар, онтон Аананы 37-лээх огдообо диэн тоһоҕолоон бэлиэтээбиттэр. Кинилэри таҥара үлэһитэ Иван Винокуров сиэри-туому толорон бэргэһэлээбит, Иван уонна Спиридон Ивановтар туоһу буолтар. Сыгынньах ойуун иитиллибитинэн толору аата Борисов Николай Павлович. Онон да буолуо, 1927 с. Бороҕон нэһилиэгэр ыытыллыбыт демографическай биэрэпискэ (НА РС(Я). Ф. 70. Оп. 38. Д. 500) Аана араспаанньатын Борисова диэбиттэр. Оччотугар кини толору аата–Борисова Анна Дмитриевна диэн буолан тахсар. Ити араспаанньата киниэхэ сыстыбатах, кэлин эрин араспаанньатынан Павлова диэн сурукка киллэрэр буолтар.

3. Аана ийэтин Евдокия Тимофеевна балта Дария 1821 с. урукку истиилинэн бэс ыйын 10 күнүгэр төрөөбүт. Кэргэнэ Бэрэттимэй аҕатын ууһуттан Василий Алексеев, уола Григорий (28.05.1866 с.т.), сиэнэ Мария-Дыыдый удаҕан, хос сиэнэ Эллээһэп ойуун-Григорьев Григорий Афанасьевич. Алыһардаах Аана өлөрүгэр дүҥүрүн Эллээһэпкэ хаалларбыт.

А.А. Павлов, М.П. Григорьев
Күтүөппүт Николай Павлов-Сыгынньах ойуун төрдө-ууһа

Олохтоох үһүйээннэргэ күтүөппүтүн Сыгынньах ойууну ааттаах-суоллаах Нээтийэ ойуунтан тымыр-сыдьаан тардан иһэр диэн кэпсэнэр. Ол төһө оруннаах эбитий? Ити боппуруоска эппиэттээри Нээтийэ Лүүчүҥҥэ олохсуйбут уолун Кюртя (Кортя)-Павел Максимов (1758 с.т.) салаатын эридьиэстиибит. Ийэтэ Тыайаттан Сытыкыйа Илбянев кыыһа Татьяна Афанасьева (1713 с.т.). Кинини 45 саастааҕар төрөппүт. Павел кэргэнэ Эркя Кысалгина-Агафья эриттэн 13 сыл аҕа, хантан төрүттээҕэ суруллубатах. Архыып докумуоннарын үөрэтии түмүгэр, Эрке-Агафья Кэбээйи Левиннэрин ытык өбүгэтэ буолбут Кысалга Бархагаров кыыһа буолара чуолкайданна. Кини туһунан 2012 с. Дьокуускайга тахсыбыт «Лүүчүннэр. Аймахтары анаардахха, уруулары сурастахха» кинигэҕэ киирбит «Лиэбиннэр» диэн ыстатыйаттан билсиһиэххэ сөп.

Павел Максимовка төннөбүт. Биэс оҕолоохтор: Кэрэмэс Саппырыан (1789 с.т.), Петр (1795 с.т.), Сымнаҕас (1791 с.т.), Дария (1796 с.т.), Татьяна (1800 с.т.).

Кэрэмэс кэргэнэ Елена Павлова (1789 с.т.), биэрэпистэргэ киирбит биир уоллаахтар – Феофан (05.12.1822 с.т.). Иккис уолларын Федор (05.12.1823 с.т.) миэтирикэтэ көһүннэ эрээри, 1850 с. ыытыллыбыт биэрэпискэ аата киирбэтэх, арааһа, эдэр сааһыгар өлбүт бадахтаах. Феофан (Софрон) кэргэнэ Мария Егорова (1823 с.т.), оҕолоро: Иван (1852 с.т.), Иван (1854 с.т.) уонна Ульяна (1844 с.т.). Бу салааны манан муҥурдаан кэбистибит.

Иккис уол Петр Павлов Евдокия Павлованы (1801 с.т.) кэргэн ылан үс уоллаах: Михаил (09.12.1828 с.т.), Петр (1830 с.т.), Ефим (05.1836 с.т.) Михаил Петрович кэргэнэ Екатерина Григорьева (1830 с.т.), уолаттара – Иван (1852 с.т.), Иван (1853 с.т.).

Петр Павлов иккис Уйбаанын (1854 с.т.) утумун үөрэтэбит. Кэргэнэ Матрена Николаева (1857 с.т.), оҕолоро: Прокопий (1876 с.т), Федот-Мутумаан (10.07.1892 с.т.), Феодор (15.01.1895 с.т.), Григорий-Мандарааскы (20.06.1899 с.т.). Бу оҕолоруттан Прокопий уонна Феодор оҕолоохторо биллибэт. Сөдүөт кэргэнэ Мария Ионова, оҕолоро: Василий (1920 с.т., ууга түһэн өлбүт), Степан (1927 с.т., ыалдьан өлбүт), Мария (Намнар кийииттэрэ, оҕолордоох). Мандарааскы Киргиэлэй кэргэнэ Даарыйа, соҕотох Афанасий диэн уоллаах.

Петр Павловтаах, кыанар ыал буолан, түөрт уолаттары – Бүөтүрү (1814–1856 сс.), Феофаны (1830 с.т.), Ньукулайы (1831 с.т.) уонна Дьөгүөрү (1832 с.т.) ииттибиттэр. Саастарынан сэдиптээтэххэ, үс кэнники уол биир ыал оҕолоро быһыылаахтар. Бу оҕолоруттан, нэһилиэккэ 1858 с. ыытыллыбыт биэрэпискэ суруллубутунан, Ньукулай эрэ олоҕун оҥостубут. Кэргэнэ Аана ким кыыһа, хантан төрүттээҕэ ыйыллыбатах. Ньукулай 1854 с. төрөөбүт сүрэхтэнэ илик уоллаах. Бу кини Сыгынньах ойуун-Павлов Николай Николаевич буолара чуолкайданна диэххэ сөп. Аны кинилэр 1897 с. биэрэпискэ Иккис Лүүчүн Хайыҥдатыгар олороллоро ыйыллыбыт. Н.М. Спиридонов суруйарынан, өтөхтөрө онно баар. Хайыҥдаттан Сыгынньах ойуун өлүөн иннинэ кинилэр Кырыкыйга Нээтийэ өтөҕөр көспүттэр. Туһугар эмиэ дьикти буолла, Николай Павловы Нээтийэ ойуунтан тымыр-сыдьаан тардан иһэр диэн кырдьаҕастар кэпсииллэрэ булкуурдаах буолан таҕыста. Иитиллибитинэн араспаанньата Павлов буолбутун өссө биирдэ тоһоҕолоон бэлиэтиибит.

А.А.Павлов, М.П.Григорьев
Алыһардаах Аана ийэтинэн аймахтара

Манна даҕатан, Аана ийэтэ Огдооччуйа кимтэн тымыр-сыдьаан тардарын үөрэтэбит. Кини эһэтэ Беколтя Чокобутов (1720 с.т.) сааһыран баран олоҕун оҥостубут, Желак (Чалак) Омоносов кинээстиир Тыайа буолаһыттан Омонос Чачигын дьикти ааттаах киһи кыыһын Хомолто Омоносованы (1740 с.т.) сүгүннэрэн аҕалбыт. Кинээс балта быһыылаах диэн сабаҕалыахха сөп. Сурукка киирбитинэн, биэс оҕоломмуттар. Олортон иккитэ уол – Тортук-Тимофей Гаврилов (1776 с.т.), Неко-Афанасий Васильев (1787 с.т.) уонна үһэ кыыс – Кылчаҕар (1772 с.т., Тыайа Молжос Даилкин кэргэнэ), Оппогор (1774 с.т., Мукучу Күүстээх Көстөкүүн уолун Тигилээн-Василий Жирков кэргэнэ), Кыбчарах (1779 с.т., Павел Павлов кинээстиир Дьооху буолаһыттан Молжос Данилкин кэргэнэ, кинилэр 1792 сыллаахха холбоспуттар). Беколтя Чокобутов балта Орина Иванова (1721 с.т.) Тыайаҕа Морчохи Лачигин диэн киһиэхэ сүктэн барбыт. Онон да буолуо, убайа Беколтя Тыайаларга күтүөт буоллаҕа.

Беколтя Чокобутов оттуур ходуһата Дьөһүөнэҕэ баар эбит. Бу сир аатын билигин билэр киһи баара көстүбэтэ. Муоһай аҕатын ууһун сирэ эбитэ дуу, эбэтэр аата умнуллубута дуу. Тортук-Тимофей Гаврилов кэргэнэ Аана (1779 с.т.) ким кыыһа буоларын биэрэпискэ ыйбатахтар. Оҕолоро: Акулина (1806 с.т.), Авдотья (1807 с.т.), Николай (22.11.1810 с.т.), Авдотья (1811 с.т., Алыһардаах Аана ийэтэ), Федор (1813 с.т.), Анна (09.01.1814 с.т.), Дария (10.06.1821 с.т.), Иван (12.07.1824 с.т.). Кыра Огдооччуйа кэргэнэ Дмитрий Иванов (1815 с.т.), оҕолоро: Алексей (1839 с.т.), Татьяна (1841 с.т.), Тимофей (1842 с.т.), Алыһардаах Анна (19.03.1848 с.т.) уонна Иван (1853 с.т.) диэн үөһэ суруйан турабыт.

Аана быраата Тимофей Дмитриевич Иванов Владимир Алексеевич Кондаков хос эһэтэ буолар. Кини Анна Алексеева диэн кыыһы кэргэн ылан, 1876 сыллаахха тохсунньу 1 күнүгэр (урукку истиилинэн) кини эбэтин Кэтириинэни төрөппүттэрэ (аҕатынан эбэтин) докумуоннарга сурулла сылдьар. Эһэтэ Иван Николаевич Кондаков-Андалбаһын Уйбаан (01.08.1862 с.т.) Кэтириинэлиин оҕолоро: Михаил-Тэллэмэй, Евдокия (ийэтинэн эбэтин аата), Парасковья (аҕатынан эбэтин аата), Екатерина, Алексей-Дар (09.01.1905 с.т.) – Владимир Алексеевич аҕата.

Эдьиий Аана кыра быраата Холохоно Ньукулай, нэһилиэккэ 1897 с. ыытыллыбыт биэрэпискэ суруллубутунан, Хайыҥдаҕа олороро бэлиэтэммит. Кэргэнэ Анна Никифорова киниттэн 20 сыл аҕата ыйыллыбыт, оҕолоро суох. Кыраайы үөрэтээччи, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Н.М. Спиридонов кэпсээбитинэн, Холохоно 1930 сыллар диэки кыһын өлбүтүн эдьиийэ Аана Дьэҥкэҕэ кэргэнин Сыгынньах ойуун таһыгар уҥуоҕун туттарбыт.

Аана ийэтинэн чугас аймахтара – Дыыдый Удаҕан-Алексеева Мария Васильевна, кини уола Эллээһэп ойуун-Григорьев Григорий Афанасьевич, Аянитовтар, Каратаевтар, Макаровтар, онтон аҕатынан аймахтара – Сымаҕыйаан Аана удаҕан, норуот талааннаах эмчиттэрэ Е.С. Лиханова, Эдьиий Дора, айылҕаттан ураты талааннаах Никифорова Татьяна Афанасьевна-Тайаана, II Лүүчүн Егоровтара, Михайловтара, Баҕадьа Афанасьевтара, о.д.а. буолаллар.

А.А.Павлов, М.П.Григорьев
Ардах аҕатын ууһа

Аһахтааччы сиригэр-уотугар Ардах уонна Тоҥус диэн икки улахан аҕа уустара түмсэн олорбуттар. 1776 сыллаахха Бүлүү умнаһыгар ыытыллыбыт ходуһа үллэстиитин биэдэмэһигэр Аһахтааччыга оттуур сирдээх Ардах Иттыгыров дьаһааҕын саһылынан төлүүр дьон испииһэктэригэр иккиһинэн киирбит. Кини Ардах аҕатын ууһун төрүттээбит. Бу кимий? 1782 сыллааҕы биэрэпискэ (ревизия суругар) Иттыгыр Уремжин (1715–1768 сс.) огдообо диэн ыйыллыбыт. Балтын Парасковия Григорьеваны Дьөккөн киһитэ Магандык Петруняев сүгүннэрэн илдьэ барбыт. Иттыгыр, сурукка киирбитинэн, суос-соҕотох Ардах (1752 с.т.) диэн ааттаах уоллаах. Ардах сүрэхтэнэн Максим Колтовской буолбут. Кэргэн ылар сааһын сиппитин кэннэ, Микита Мологоров кинээстиир Тоҕус буолаһыттан Мурун Тегоков кыыһын Анна Иванованы кэргэн ылбыт. Максим аҕа ууһун бөҕө акылаатын уурбут, биэс уолламмыт: Петр (1785 с.т.), Иван (1789 с.т.), Григорий (1792 с.т.), Николай (1794 с.т.), Никифор (11.02.1801 с.т.).

Бастакы уоллара Петр кэргэнэ Анналыын икки оҕолоохтор: Сава, Татьяна. Сава кэргэнэ Наталья Андреева хантан төрүттээҕэ биллибэт. 1845 сыллаахха төрөөбүт Иван диэн уоллаахтар. Бу уолтан ураты өссө икки Татьяна диэн биир ааттаах кыргыттардаахтар. Итинтэн атын оҕолордоохторо 1850, 1858 сыллардааҕы биэрэпистэргэ ыйыллыбатах. Ити оҕолор кэнники дьылҕаларын кыайан чопчулаабатыбыт. Баҕар, көһөннөр атын сиргэ олохсуйан, 1897 сыллааҕы биэрэпискэ киирбэтэх буолуохтарын сөп.

Максим Колтовской иккис уола Иван кэргэнин аата Анна Семенова. Сурукка киирбитинэн, икки уоллаахтар уонна биир кыыстаахтар. Улахан уолун эһэтин аатынан Максим (09.07.1813 с.т.) диэн сүрэхтээбиттэр. Максим 1816 сыллааҕы биэрэпискэ сааһа иккитэ, оттон 1850 сыллааҕыга кэргэннэммитэ бэлиэтэммит. Ирина Алексеевалыын биир уолламмыттар – Степан (1845 с.т.). Архыыптан 1861 сыл кулун тутар 3 күнүгэр төрөөбүт Анна диэн кыыстарын миэтирикэтэ көһүннэ. Бу Анна Максимова кулуба Никифор Николаев иккис кэргэнэ буолуо диэн сабаҕалыыбыт.

1858 сыллааҕы биэрэпискэ ити уолтан кэлин төрөөбүт оҕолоохторо суруллубатах. Эдэр дьон биир эрэ оҕонон муҥурдаммыттара буолуо дуо? Итини бигэргэтэр да, утарар да докумуону булар уустугурда. 1858 сыл кэнниттэн биэрэпис 39 сыл буолан баран ыытыллыбыт. Ити төрүччүнү оҥорорго ыарахаттары үөскэтэр.

Степан Максимов 1897 сыллааҕы биэрэпискэ Лүүчүннэргэ киирбэтэх. Иван Максимовтаах 1822 сыллаахха ахсынньы 10 күнүгэр төрөөбүт Никифор диэн иккис уоллара Екатерина Дмитриеваны кэргэн ылан Кузьма (1857 с.т.), Михаил (1867 с.т.), Терентий (1872 с.т.) диэн оҕоломмуттар. Соторутааҕыта «Саха сирин нэһилиэктэрэ» сиэрийэҕэ А.Н. Яковлев «Лөкөчөөн нэһилиэгэ» (Дьокуускай, 2007) диэн кинигэтэ таҕыста. Бэртээхэй үлэ. Онно Афанасий Нифонтович сахаларга дэҥҥэ төрөөн ааһар бухатыырдар Моруот уонна Аҥкыр тустарынан суруйбут, төрүччүлэрин аҕалбыт (С. 105, 112). Кинилэри «Лүүчүн дьонноро буолбатахтара буолуо дуо?» диэн сабаҕалааһыны оҥорбут (С. 145). Итини сөптөөх дии саныыбыт, тоҕо диэтэххэ, Моруоттаах олорбут сирдэрэ Силээн диэн ыйыллыбыт. Итинник ааттаах сир Аһахтааччыга эмиэ баар. Баай Эбэ эмиэ уруккута Лүүчүн сирэ. Ол гынан баран, 1867 сыллаахха Баай Эбэни Атамай нэһилиэгин кытта былдьасыһыы мөккүөрэ күөдьүйбүтэ. Ону Орто Бүлүү быраабата ходуһаны аҥаардаан туһанарга диэн быһаарбыта архыыпка баар (НА РС(Я). Ф. 35-и. Оп. 1. Д. 57. Л. 1–4). Былдьаһыктаах Баай Эбэ Аһахтааччыттан чугас сытар. Онон бу бухатыырдар үөскээбит, олорбут сирдэрэ Лүүчүннэргэ киирсэрэ мөккүөрэ суох курдук. Аны бу дьон удьуор-хаан аймахтара кимнээҕий? Аҥкыр толору аата Иванов Иван Никифорович (1845 с.т.) диэбит Афанасий Нифонтович (С. 112). Үөһэ суруйбуппутунан, Никифор Иванов Иван (1854 с.т.) диэн уоллаах, толору аата Иванов Иван Никифорович. Арай төрөөбүт сыллара сөп түбэспэт. Ону 1897 сыллааҕы биэрэпискэ дьон үксэ саастарын эбиммиттэринэн (сорохтор лаппа), оттон ревизскэй сказкаларга дьон сааһын, төһө кыалларынан, сөпкө суруйа сатыылларынан быһаарыахха сөп. Оччолорго дьаһаах төлөөһүнэ саастан эмиэ тутулуктаах этэ – кырдьаҕастар төлөөбөттөрө. Урут эппиппит курдук, биэрэпис 39 сыл ыытыллыбатах буолан, дьон сааһын быһа холуйан суруттараллара өйдөнөр дии саныыбыт. Аны Никифор Иванов Анна (1850 с.т.) диэн кыыстаах. А.Н. Яковлев аҕалбыт төрүччүтүгэр Аҥкырдаах икки балыстаахтар: Аана, Даарыйа. Даарыйа хойут төрөөн, биһиги нэһилиэкпит биэрэпиһигэр хабыллыбатах буолуон эмиэ сөп. 1860 сыл бэс ыйын 2 күнүгэр төрөөбүт Николай диэн оҕо аата таҥара дьиэтин миэтиричэскэй кинигэтигэр суруллубут. Ийэтэ Елена Макарова – Никифор Иванов иккис кэргэнэ буолуон сөп. Оччотугар Аҥкыр Уйбаан Моруоттан аҕа буолан тахсар. Моруот Ньукулайы уҥуоҕунан үрдүгүн, улаханын иһин убайа диэхтэрин эмиэ сөп.

Ити чахчылары А.Н. Яковлев оҥорбут төрүччүлэрин кытары тэҥнээтэххэ, Моруот уонн Аҥкыр аҕалара ити биһиги суруйар Никифор Ивановпут-Ардах (Максим Колтовской) сиэнэ буолан тахсар. Никифор Иванов Лүүчүн нэһилиэгиттэн 1879 сыллаахха Орто Бүлүү улууһун быраабатын талыыга итэҕэллээх киһи буола сылдьыбытын архыып докумуона туоһулуур. Ол испииһэккэ эмиэ Лүүчүнтэн Николай Никифоров киирбит. Ити Ньукулай, А.Н. Яковлев этэринэн, Никифор Иванов уола Моруот эбит. Оннук да буолуон сөп. Ол эрээри, «Моруот Никифор уола Николай Никифорович Иванов диэн ааттаныахтаах этэ дьиҥинэн, ону сыыһа Никифоровынан суруйан, Моруот ыччаттара итинник араспаанньаланаллар» диэн бигэргэтиини кытары сөбүлэһэр сатаммат. Былыр араспаанньа сүнньүнэн киһи аҕатын эбэтэр эһэтин аатынан бэриллэрэ, ардыгар итинтэн туорааһын, араспаанньаны түбэһиэх эбэтэр олох атын киһи аатынан суруйуу эмиэ тахсара. Онон Моруот аҕатын, Аҥкыр эһэтин аатынан араспаанньаламмыттара былыргы ирдэбилгэ сөп түбэһэрэ. Аны туран биир сурукка араспаанньата аҕатын аатынан, атын биэрэпискэ эһэтин аатынан киирбитэ эмиэ көстөөччү. Онон Моруот Ньукулай ханнык эмэ докумуоҥҥа Никифоров дэммэккэ, Иванов да диэн киирбит буоллаҕына киһи соһуйара суох. Былыр киһи хас да ааттаах буолара, ол сурукка киирэрэ эмиэ сэдэх түбэлтэ буолбатах. Итинтэн сиэттэрэн биһиги А.Н. Яковлев оҥорбут төрүччүтүгэр киирбит Ыгырыыт уонна Хаабыча диэн аатынан икки буолбатах, биир киһи – Ардах сиэнэ Никифор Иванов сылдьар дии саныыбыт. Онон А.Н. Яковлев суруйар Иэһэрдээх Никифоровтарын төрдө – Айах Кууһума аҕата Лүүчүн киһитэ Никифор Иванов-Ардах сиэнэ буолан тахсар. 1897 сыллааҕы биэрэпискэ Уйбаан Никииппэрин Кууһумата (1857 с.т.) Ат Ыытарга олохтооҕо ыйыллыбыт. Кэргэнэ Варвара Васильева, Лөкөчөөн олохтооҕо Новиков Василий Васильевич-Кээчэрбэ кыыһа. Ол кэмҥэ кинилэр икки кыра саастаах уолаттардаахтара: Игнатий (1885 с.т.), Андрей (1894 с.т.). Ат Ыытар – Аһахтааччы сирэ. Биэрэпискэ бастакы кэргэниттэн Степанида Николаеваттан уола Спиридон (01.10.1884 с.т.) киирбэтэх. Оттон 1917 сыллааҕы биэрэпистэн көстөрүнэн, 25 саастаах, аата ыйыллыбатах уолун уонна 20 саастаах кыыһын кытта Быраҥаатталаах Эбэ кытыытыгар көһөн олохсуйбуттара бэлиэтэммит. Саастарынан сэдиптээтэххэ, кыыһа Мария (01.09.1898 с.т.), уола Гавриил (икки биир ааттаах уоллаах) буолуохтарын сөп. Архыыптан кинилэр миэтирикэлэрин буллубут: Кычымыйаан Хабырыыл (20.10.1894 с.т.), Хопполой Хабырыыл (13.04.1896 с.т.). Кычымыйаан кэргэннэммэтэх да, оҕоломмотох да киһи. Атын үс уола – Игнат, Спиридон, Гавриил туспа ыал буолан, балыктаан, сүөһү ииттэн, бары биир эбэҕэ олохсуйбуттар. Биэрэпискэ киирбит оҕолор ааттара А.Н. Яковлев оҥорбут Айах ууһа Никифоровтар төрүччүлэригэр киирбит Айах Кууһума оҕолорун ааттарын кытта сөп түбэһэр. Ити биэрэпиһи салгыы ырыттахха, Игнат Никифоров лаппа сааһырбыт киһи, ойохтоох, икки уоллаах, үс кыыстаах. Спиридон Никифоров биирин туола илик кыыстаах, оттон Гавриил саҥа кэргэннэммит. Онон Кууһума оҕолоро ийэлэрин дойдутугар Лөкөчөөҥҥө тиийэн олохсуйбуттара чахчы буолан таҕыста. Арай кини бииргэ төрөөбүт инилэрэ, Никифоров уолаттара Михаил (1867 с.т.), кэргэнэ Мария Иванова, Николай (1867 c.т), Терентий (1872 с.т.), кэргэнэ Ульяна Петрова кэлин ханна тиийбиттэрэ-түгэммиттэрэ, хас оҕоломмуттара-сиэннэммиттэрэ биллибэт. Михаил Айах ууһа Никифоровтар төрүччүлэригэр А.Н. Яковлев киллэрбит Тоотуй ойууна буолуон сөп. Николай Моруоту кытта аата биир эрээри, кинини Моруот дииртэн туттунабыт. Хата, 1897 сыллааҕы биэрэпискэ Бодоҥоҕо Иванов Николай Никифорович кэргэниниин Мария Степановалыын олорбуттар диэн суруллубута болҕомтону тардар. Саастара – түөрт уончалара, ол аата 1856–57 сс. диэки төрөөбүттэр. Бу кинилэр дьиҥнээх саастара буолбатаҕа буолуо, быһа холоон суруйуохтарын сөп. Николай, бука, Моруот буолуо диэн сабаҕалыахха сөп. Оттон үөһэ ахтыллыбыт Николай кини быраата быһыылаах, былыр хас да оҕолоругар биир ааты биэрэллэрэ биллэр суол. Онтон Аҥкыр Уйбаан бу биэрэпискэ киирбэтэх, бука, Лөкөчөөнтөн кэргэннэнэн, кэргэнин дойдутугар олохсуйуон сөп эбэтэр Баай Эбэҕэ олорон, биэрэпискэ хабыллыбатаҕа буолуо.

Архыыптан көстүбүт докумуоннар тугу кэпсииллэрий? Спиридон Кузьмин таптал аата Ньэгэбил диэн эбит, кэргэнэ Агафия Иванова – Хаҥалас Төрдүс Маалтаанытын олохтооҕо аатырбыт Өмөөчө ойуун кыыһа. «Бу Ньэгэбил диэн аат үһүйээннэргэ элбэхтик ааттанар Бухатыыр киһи диэн. Улахан моҥус киһи. Балык аһылыктаах. Биирдэ сиэбит соботун уҥуоҕа бугул саҕа буолара үһү диэн. Багдарыын Сүлбэ этэринэн, Ньэгэ диэн эбэҥки тылыгар ньэҥньэ – саас диэн тыллара уларыйа сылдьар курдук, оттон бил – эбэҥкилэр эр киһи аатын үөскэтэр – вул сыһыарыылара. Онон Ньэгэбил – саас төрөөбүт, сааскы киһи дуу диэн буолуон сөп» (А.Н. Яковлев, С. 146). Кини 1916 сыллаахха алтынньы 20 күнүгэр төрөөбүт Феодот диэн уоллаах. Оттон Игнатий Кузьмин-Чэкэлэй (Секянай) кэргэнэ Варвара Семенова, оҕолоро: Александра (01.03.1907 с.т.), Евдокия (10.02.1908 с.т.), Никон (15.04.1908 с.т.), Никон (01.02.1910 с.т.), Мария (10.09.1912 с.т.).

Аны А.Н. Яковлев кинигэтиттэн Ньэгэбил оҕолорун туһунан ааҕыаҕыҥ: «Иэһэрдээх Никифоровтарын төрүттэрэ – Айах Кууһума аҕата Хаабыча – Лүүчүнтэн төрүттээх киһи. Кини сиэнигэр Ньэгэбил Испирдиэҥҥэ Лүүчүннээҕи төрүттэрэ – Ньэгэбил аатын, саас төрөөбүтүн иһин иҥэриэн сөп буолбат дуо? Ньэгэбил Испирдиэн кэлэҕэй буолан баран, ааттаах олоҥхоһут. Кэргэнэ Агааппыйа 20-тэ оҕоломмут да, бу эрэйдээхтэргэ оҕо турбатах. Ол иһин кэнники кыргыттара, «абааһыны муннараары», бэһиэннэрэ Маарыйаларынан ааттаахтар уонна Гриша (Ичээн) диэн уолларын эрэ тутан хаалаллар.

Улахан уоллара сэриигэ баран иһэн, аара Читаҕа поездка киирэн биэрэн, өлөр. Онон элбэх оҕо сүтүктэнэн, ол аһыытыгар көмүскэтин уута тохтон, Ньэгэбил эрэйдээх кэнники хараҕыттан мэлийбитэ. Биэс кыыстан Нөтөс биир сиппит кыыһа 1949 с. бастакы улахан куор ыарыытыгар өлбүтэ. Чалбаах уонна Хара Кыыс, бырааттара Гриша үһүөн кэргэннэммэккэ да, оҕо-уруу да үөскэппэккэ өлбүттэрэ. Сэппэ Маарыйа диэн кыра кыыстара кэргэннэнэн биир оҕолоох. Арай Горнай Маҥанытыгар иитиэххэ бэриллибит бэһис Маарыйаттан түөрт кыыс, биир уол төрөөн, олортон Мотуруона – биэс оҕолоох, Маҥаныга Сиидэрэптэр, Аана эмиэ биэс оҕолоох, Хаҥалас (Улахан Аан) – Аркадьевтар уонна уол, эһэтин аатынан Испирдиэн, Бэрдьигэстээххэ үс оҕолоох; төрүттэрэ Никифоровтары тэнитэн олороллор» (С. 146). Манна туох да мөккүөр суох буолла, бэл таптал ааттара сөп түбэстэ. Арай төрүччүгэ (С. 119) Чэкэлэй Кынаачай бастакы кэргэнэ Сутурук Сэмэн кыыһа Аана диэн суруллубут. Оҕолорун ааттара: Оллороҥ Огдооччуйа, Ньыыкан, Маарыйа, Бүөтүр, Чоҥкой Ыстапаан, Куккаа Маарыйа. Манна кэргэнин аата эрэ сөп түбэспэтэ, кинигэҕэ сыыһа суруллуон эмиэ сөп. Иккис ойоҕо Дьалыгыр кыыһа Даарыйа, оҕолоро Миитэрэй (Кэбээйигэ олорор), Мотуруона (Хампаҕа), Даарыйа (Тоҕуска), Аана (Дьөккөҥҥө), Өлөксөөндүрэ – Герой ийэ (бастакы кэргэниттэн оҕото буолбатаҕа буолуо дуо? – аапт.), Бороскуобуйа (Кэбээйи Чагдатыгар), Көстөкүүн. Кузьма Никифоров кыыһа Мотуруона (24.02.1916 с.т.) оҕолоро ыйыллыбыт: Иван, Егор, Афанасий, Семен, Хортойо (хос аата эрэ суруллубут), Дмитрий Андреевтар. Оттон Мотуруона бииргэ төрөөбүт балта Бусхайар Маарыйа иккис кэргэнэ Михайлов Григорий Васильевич-Ньоро Киргиэлэй (Алаа Баһылай уола). Оҕолоро бары: Кэтириинэ, Сөдүөрэ, Бүөтүр, Охонооһой – Илбэҥэҕэ төрүүллэр. Бу салаа туһунан туспа ыстатыйа (көр: «Алаа Баһылай удьуордара») бу кинигэҕэ киллэрилиннэ. Ону хатылыы барбаппыт. Кузьма Никифоров бу оҕолоруттан ураты, биһиги билбэт, Тыаһыт Ньукулай диэн уоллаах эбит. Мааркап, Ньыыкан. Ньыыкан уола Кириил – аатырбыт сүүрүк уонна олоҥхоһут; билигин Үөһээ Бүлүүгэ олорор.

Кузьма Никифоров Лөкөчөөҥҥө тиийэн, ыччаттара ууһаан, тэнийэн чахчы халыҥ аймах буолбут. Кинилэр төрүттэринэн Нүксүүкээн Даарыйа диэн удаҕаны ааттыыллар. Кини Кууһума аҕата Микииппэр (10.12.1822 с.) иккис кэргэнэ буолуон сөп. 1850 сыллааҕы биэрэпискэ Екатерина Дмитриева кини кэргэнэ диэн суруллубут. Онон да буолуо, кини оҕолоро уонна сиэннэрэ Лөкөчөөҥҥө тиийэн олохсуйдахтара.

А.Н. Яковлев маннык суруйар: «Убайа (Тооттуй Мэхээлэ – ред.) Айах Кууһума уолун, Хопполой Хабырыылланы, баардааҕын билэн, ойууҥҥа уһуйа сатаабыт. Кутуруксутунан илдьэ сылдьыбыт. Уонча хонук устата кыырбатаҕына, «көхсүм-быарым кыараата» диэн тууйуллан, кыырыыһыкпын, кутурук салайаар диэн, дьиэтигэр туоһунан эмэгэт оҥорон быаҕа ыйаталаан баран, хобордооҕунан кыыран ыһыллан турара үһү. Ийэ-хара көлөһүнэ кэлэн эстиэр диэри, кыырдаҕына эрэ уоскуйан, «көхсүм дьэ кэҥээтэ» диирэ үһү. (…)

Хопполой – бу олох соторутааҥҥы киһи. Эмиэ кэргэннэммэтэх, оҕо-уруу суох киһитэ. 1953–54 сс. Иккис Чочуга олорон өлбүт. Сэрэбиэйдьитинэн аатырбыт киһи. П.П. Харлампьев-Далла Бүөтүр 1949 с. аармыйаҕа сулууспалыы баран иһэн, Иккис Чочуга тахсан Хопполойу көрсөн барбыт. Онно хаартынан сэрэбиэйдээн, этэҥҥэ эргийэн кэлииһиккин диэн уот-харахха эппит. Итини таһынан улахан гипнозтаах киһи эбит. Ол туһунан мантан салгыы Бүөтүр кэпсээбититэн, тугу өйдөөн хаалбыппын сэһэргиим.

«Армияҕа барыам иннинэ, Куба Саарбыт Тыымпытыгар ыкса күһүн иккиэн балык кута сылдьабыт (балык кутабыт диэн Бүөтүр былыргылар мундуну туулаан эбэтэр бөлүөх саҕана куйуурунан баһан мас холбоҕо кутан лыыба кыһыҥҥыга хаһаанналларын этэр). Мин угаайым үчүгэй буолан, тууларбар балык хото киирэр. Киһим балыга мөлтөх. Арай биирдэ собо сии олорон киһим: «Нохоо, төһө куттамсаххыный?» – диэтэ. Тугу этэр баҕайыный диэн испэр санаат, хорсун киһи курдук туттан: «Туохтан куттаныахпыный?» – диэччи буоллум. Онуоха киһим: «Дьэ, үчүгэй. Ол гынан баран куттаннаххына, биир угаайыгын биэрэҕин», – диэн кэбистэ. Онон сакалааттастыбыт.

Собобутун утары олорон сии олорбуппут баара. Биирдэ көрбүтүм – киһим суох. Хайдах-хайдаҕый диэн соһуйдум. Холомобут аана аһаҕас турбута. Арай аан диэки көрбүтүм – баччыр оҕо саҕа баҕа боруок үрдүнэн ойон, бу ыстаҥалаан киирэн иһэр эбит. Куттанан, ханна да барыах сирбин булбакка, собобун уоппутунан даллайан хааллым. Ол икки ардыгар, киһим: «Хайа нохоо, собоҕун тоҕо сиэбэккин? Чэ, тоойуом, куттаныма. Хата угаайыгын биэрэр киһи буоллуҥ», – диэн күлэ-күлэ соботун сии олорор эбит. Онон угаайыбын биэрэрбэр тиийдэҕим дии», – диэн Бүөтүр кэпсээбитэ.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации