Электронная библиотека » Май Емельянов » » онлайн чтение - страница 2

Текст книги "Буулдьа суола"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 12:40


Автор книги: Май Емельянов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 9 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +

– Эн онно кыһаллыма. Кини буруйа элбэх. Кыратык өйдөнө түстүн. Бириэмэтигэр тахсыаҕа, – диэтэ.

Голованов уорууга буруйун толору билиммитэ. Уот чахчы алҕас, сэрэҕэ суохтук чүмэчи уотуттан барбыта дакаастаммыта.

Криминалистика араас түгэниттэн

Буруйу арыйыыга криминалистика биир сүрүн хайысханы ылар. Ол да иһин, институкка үөрэнэ сылдьан, бу салаанан утумнаахтык дьарыктаммытым. Бүлүүгэ үлэлии сылдьан, хаартыска оҥорор хоско, буруйу оҥорооччулартан ылыллыбыт маллары хомуйан криминалистика хоһун оҥорбутум. Манна булт сааларын арааһын хомуйбутум. Ол курдук, 32-н 8 калибрыгар тиийэ булт саалара баара. Буулдьанан эстэр бинтиэпкэлэр, харабыыннар, туоһапкалар араастарын хомуйан, истиэнэҕэ ыйаабытым. Биир ботуруоҥҥа төһө доруобунньук киирэрин көрдөрөр долбуур баара. Итини тэҥэ быһахтар, кастеттар, фотоаппарааттар ууруллубуттара.

Сайын биир сарсыарда сопхуос отделениетын тарбыйах көрөөччүлэрэ үлэлэригэр кэлбиттэрэ: хас да торбос хаан-билик буолан охто сыталлар, хас да байааттаҥныы сылдьаллара үһү. Ол туһунан суһал тыллабыр киирбитэ. Мин дьуһуурунай буолан, ол быһылааҥҥа барсыбатаҕым. Киэһэлик дьоммут туох да түмүгэ суох төннөн кэллилэр. Начальник хоһугар бөлөх ыстаарсайа Алексей Прокопьевич маннык диэн кэпсээтэ:

– Өлбүт тарбыйаҕы бэтэринээринэн эттэттибит. Онно туоһапка буулдьата көһүннэ. Ол гынан баран, туоһапканан буолбакка, атын саанан ыппыттар. Тоҕо диэтэххэ, буулдьатын эрилгэнэ (нареһа) аҕыйах.

Тит Николаевич истэн олордохпутуна ИДьМ-ҥа криминалистика отделыгар эрийдэ. Ону итиччэ эрилгэннээх ханнык эрэ омук бэстилиэтэ баар диэтилэр. Биһиги сэриигэ сылдьыбыт киһи аҕаллаҕа дэстибит. Мунньахтан тахсан иһэн, Алексей Прокопьевичка эттим:

– Оттон «Белка» эрилгэнэ хаһа буолла?

– Ээ, кырдьык да, бэрэбиэркэлээн көрүөх эрэ, – киһим хараҕа сырдаан өрүкүнэйэ түстэ.

Криминалистика хоһуттан «Белканы» ылан, кумахха тахсан ыттыбыт. Эрилгэнин ахсаана чуо сөп түбэстэ. Сарсыныгар баран, буруйдааҕы булан илдьэ киирдилэр. Маҥнай утаа нэһилиэк салайааччылара: «Буруйдаах булуллуохтаах уонна сууттанан хаайыыга олоруохтаах! Тыыннаах тарбыйахтары ытар киһи киһини да ытан кэбиһиэн сөп!» – диэн күүстээх модьуйууну туруорбуттара. Суутун саҕана киниттэн ордук үчүгэй киһи суох буолбута, барыта алҕас тахсыбыт аатырбыта. Кэлин истибиппит салайааччыларбыт уруулара буолан биэрбит этэ. Суут саалатыттан босхоломмута, кыһалаҥ үлэҕэ ууруллубута.

Буруйу арыйыыга техника тэрилин мэлдьи туттарбыт. Ордук магнитофоҥҥа суруйууну. Буруйданааччылар көрдөрүүлэрин суукка тиийэн, ардыгар уларытан бутууру таһаараллара. Ол иһин ордук ыарахан, иһэ хараҥа дьыалаларга силиэдэбэтэллэр бастакы доппуруоска, сирэй көрүһүннэриигэ магнитофону сөбүлээн тутталлара. Быһылаан буолбут сирин көрүүгэ тарбах суолун аналлаах пленкаҕа устан уорбаланар дьон киэнин кытта тэҥнээн көрөрбүт. Массыына, киһи атаҕын суолун гиипсэнэн кутан дакаастабыл да быһыытынан туттарбыт.

Биирдэ уончалаах уол хаста да уоран эрэйдээбитэ.

Уорарын ааһан туттаран туран мэлдьэһэрэ, буруйун ончу билиммэтэ. Алексей Прокопьевичтыын сүбэлэһэн баран, ультрофиолетовай лаампаны туттан, «детектор лжи» диэн ааттаан оҥордубут. Ыраас кумааҕыга биир өттүгэр «сымыйалыыр», иккис өттүгэр «кырдьыгы этэр» диэн көстүбэт харандааһынан суруйдубут. Алексей Прокопьевич уоруйахтары утары саҥа техниканы оҥорбуттарын туһунан бэрт үчүгэйдик оҕоҕо тиийэр гына кэпсээтэ уонна уоруйах уолтан биллэр соҕус боппуруоһу ыйытта. Мин детекторбын холбоотум, «кырдьыгы этэр» диэн уол эппиэтигэр кини сөбүлэстэ. Онтон уоруу буолбут сирин диэки ыйытыыбытын чугаһаттыбыт. Киһибит билиммэт. Детекторбыт «сымыйалыыр» диэн көрдөрдө. Итинник төттөрү-таары хачайдаан, буруйун син билиннэрбиппит. Бу аҕыйах хонуктааҕыта «Якутск вечерний» диэн хаһыаты көрө олорон билбитим, биһиги оҥоро сатаабыт детекторбытын 1999 сыллаахха оҥорбуттар эбит. Дьону үөрэтэн, Дьокуускайга уонна Нерюнгригэ саҥа туттан эрэллэр үһү. Бу «Эпос» диэн ааттаах полиграф эбит. Көмпүүтэртэн уонна сүрэххин уһулар дааччыктартан турар үһү. Маннык тэрили албынныыр ыарахан дииллэр. Ол эрэн көрдөрүүтэ дакаастабыл быһыытынан сыаналаммат эбит.

Холуобунай ирдэбил иниспиэктэрин үлэтэ ирдээн иһэр булчут ыты санатар. Ол эрэн буруйдаахтар бары кус-куобах курдук сытан биэрбэттэр. Биирдэ өрөбүлбэр милииссийэҕэ таарыйдым. Киирээппин кытта дьуһуурунай көмөлөһөөччүтэ Н.С. Григорьев:

– Бу эппиэт дьуһуурунай Иван Григорьевиһы кытта биир сиргэ баран кэлиҥ эрэ. Бөтүрүөп уола дьиэтигэр арыгылаан баппатах, – диэтэ.

Иван Григорьевич матасыыкылыгар олоро биэрээт, аадырыспытыгар көтүтэн тиийдибит. Дьиэ иһигэр киирбиппит, иһит-хомуос ыскааба сууллан муостаҕа сытар. Эр киһи орто холуочук айдаара сылдьар. Ону намыраттыбыт, Иван Григорьевич дьахтартан сайабылыанньа суруйтара олордо. Мин аан аттыгар киһибин манаан турдум. Бөтүрүөп улахан тугу да оҥорботор, арыгылыыра иһиллэрэ. Киһим таһырдьа тахсаары ааҥҥа кэллэ:

– Ииктээри гынабын, – диэтэ. Иван Григорьевичка этэн баран киһибин кытта таһырдьа таҕыстым. Дьиэ таһыгар тэпилииссэ турара. Киһим ол кэннигэр киирэн хаалла. Аан аттыгар кэтэһэн турдум. Дьиэ олбуордаах, ханна да барбат ини дии санаатым. Чочумча буолаат, киһим саа тутуурдаах, биир батарантаас кыбыныылаах бу тахсан кэллэ. Ол бириэмэҕэ Иван Григорьевич дьиэ иһиттэн бүтэн таҕыста. Киһибит саатын уоһун биһиги диэки туһаайбытынан утары кэлэн:

– Ытаттаан кэбиһиэм! Хамсаамаҥ! Гириинньэ да уола буол! – диэн Иван Григорьевичка саана-саана олбуор аанын кэннинэн аһан тахсан барда.

Уулуссаҕа тахсан кэннин эрэ көрөн хааллыбыт. Иван Григорьевич:

– Саата баран ылыахха! Хайаан да туттахха табыллар, – диэт, матасыыкылын үрдүгэр түстэ. Дьуһуурунай чааска тиийэн кэпсээбиппитигэр:

– Ханна да барыа суоҕа. Киһини ыппат киһи, сарсыарда тутуохпут, – диэн Иван Степанович оргууй аҕай унаарытта.

Иван Григорьевич, сибилигин тиийээт тута охсор төһө да баҕалааҕын иһин, кырдьаҕас киһи тылын ылынна. Сарсыарда өйдөммүтүн кэннэ, дьон утуйа сыттахтарына, аймахтарыттан аҕалан, бытархай күлүгээннээһиҥҥэ дьыалалаабыттар этэ.

Күһүн кус көҥүллэниэн аҕай иннинэ браконьердааһыны утары үлэлииргэ дьону аттарыы буолла. Миигин кытта биһиги суоппарбыт Константинов Коля барсар буолла. Сарсыарда ааттаах эрдэ туран, Дьокуускайдыыр суолунан бардыбыт. Өкүндүгэ бииргэ үлэлээбит табаарыспытын В.Н. Трофимовы уһугуннара тиийдибит. Чэй иһэн баран айан суолугар тахсан турдубут. Арай аҕыс миэстэлээх ГАЗ-ик Дьокуускай диэкиттэн иһэр. Биһиги тохтотон, суоппартан докумуонун көрдөөтүбүт. Массыына иһигэр дьон толору олороро көстөр. Коля массыынаны эргийэ барда:

– Хайа, бу тугуй? Браконьердыы сылдьар эбиккит буолбат дуо?! – диэн соһуйбут саҥата иһилиннэ.

Онно эргийэ тиийбитим – массыына иһигэр саа, кус бөҕөтө. Дьоммут тугу да саҥарбаттар. Саалары хомуйан, бэйэбит массыынабытыгар уктубут. Мин кинилэр массыыналарыгар олорсон, милииссийэҕэ тиийдибит. Онно тоҕус киһини боротокуоллаан, тоҕус сааны уонна 70-ча куһу, биир хомуллар кыра тыыны тутан, булчуттар тэрилтэлэригэр илдьэн биэрдибит. Биирдии улахан көҕөнү махтал быһыытынан биһиэхэ туттартаан ыыттылар. Дьолбутугар, браконьердар арыгылара эрдэ бүтэн, ол күн өйдөөх биһиэхэ түбэспиттэрэ. Ол иһин туох да утарсыыны оҥорботохторо. Арай итирик буоллуннар…

Чернышевскай бөһүөлэккэ өлөрүү буолбутугар түүн кэлэн, буруйдаах гарааска киирэн, биһигини саалаах кэтэһэн олорорун билбиппит. Чуҥнаан баран, кими да онно чугаһаппакка кэтэһэ түспүппүт. Аан быыһынан көрөн, утуйбутун кэннэ киирэн тыраахтар хабыынатыттан туох да эрэйэ суох туппуппут. Өскөтүн итирик, милииссийэлэри кытта ытыалаһыам, таах бэриниэм суоҕа диир киһини сонно тута сатаабыппыт буоллар, туох тахсыа эбитэ буолла?..

Биирдэ оттомо суохпар милииссийэ бэтэрээнин Гаврил Алексеевич Варвариковы улаханнык өһүргэтэн турардаахпын. Биһиги, эдэр үлэһиттэр, ол онтон үйэ-саас тухары өйдүүр үөрэҕи ылбыппыт. Оччолорго милииссийэҕэ саҥа үлэлээн эрэр эдэр киһи этим. Олоххо билбэтим-көрбөтүм ханна барыай? Санаабар барыта кыраттан, киһи улахаҥҥа уурбат түгэниттэн саҕаламмыта.

Быһылаан буолбут сирин көрөн, чинчийэн кэлэн баран киэһэ личнэй састаап иннигэр тугу көрбүппүн, тугу сабаҕалыырбын, туохтан бастаан саҕалыахха сөбүн дакылааттаатым. Кыра массыынанан сылдьыбыттар, суоллара хаарга чуолкайдык көстө сытар. Тит Николаевич сылааһына бу массыынаны көрдүүргэ хамаанда биэрдэ. Отделтан тахсан истэхпитинэ, уоппускаҕа сылдьар милииссийэ старшината Варвариков сулууспаҕа илдьэ сылдьар массыыната кэлэн гарааска киирдэ.

– Уолаттар, таарыччы көрөн ааһыаҕыҥ эрэ, көлүөһэ хайдах быһыылааҕын көрдөрүөм, – диэт өссө аана сабылла илик гарааска кэллибит. – Көрүҥ эрэ, бу адьас атын ойуулаах протектор. Оттон бу хаҥас көлүөһэни көрүҥ эрэ, ойуута оруобуна иннинээҕи уҥа көлүөһэ киэнин курдук. Иннинээҕи көлүөһэлэр ойуулара мантан атыттар, уруһуйдаабытым курдук буолуохтаахтар. Чэ, бардыбыт, – диэтибит. Тэрилтэ гараастарын уһун түүнү быһа бэрэбиэркэлээбиппит.

Сарсыарда үлэлии олордохпуна, Тит Николаевич хоһугар ыҥыртаран ылла. Саҥата суох икки тэтэрээт лииһигэр иннигэр, кэннигэр толору суруллубут суругу куду анньан биэрдэ. Эмиэ туох эрэ буоллаҕа диэн билсэн бардым. Ааҕан иһэн, кэннин көрбүтүм, Варвариков начальник аатыгар суруйбут араапара эбит. Соһуйуу бөҕөнү соһуйдум:

– Мин манна туох да буруйум суох. Туох диэммин Гаврил Алексеевиһы уорбалыы сылдьыамый? Сүрэ да бэрт. Көннөрү милииссийэ массыынатыгар протектор ойуутун уолаттарга көрдөрөн, быһааран ааспытым. Тылынан истэр биир, илэ көрөр туһунан буоллаҕа дии, – диэн кытыга суохтук тутуннум.

– Уорбалаатыҥ диэбэппин, дьалаҕай сыһыаҥҥынан кырдьаҕас киһини кыыһырдыбыккын. Бу суругу таах хаалларар табыллыбат. Эписиэрдэр чиэстэрин көрөр суукка ыытабын.

Ити кэнниттэн кырдьаҕас милииссийэ үлэһиттэрэ кыттыылаах суут буолбута. Сууту баһаарынай иниспиэксийэ начальнига, эписиэрдэр сууттарын бэрэссэдээтэлэ К.А. Акимов ыыппыта. Суут иннинэ эдэр уолаттар миигин көмүскүүр, буруйа суох киһини таах да дьүүлгэ таһаараллар диэн киирсэр санаалаах ленинскэй хоско киирбиттэрэ. Ол эрэн тылы маҥнайгыттан кырдьаҕастар ылбыттара. Кинилэр ыллыктаах тылларын кэнниттэн буруйум арылыс гына түспүтэ. Бу кэлин өйдөөтөххө, олох да көстөн турар дьыала эбит – саастаах дьоҥҥо сайаҕас сыһыан, убаастабыл, сиэрдээхтик туттуу ирдэнэр. Итини тула киэҥ кэпсэтии тахсыбыта. Гаврил Алексеевиһы кытта гарааска атын киһи баарыгар биһиги олох да санаабытын уурбатахпыт. Ол киһи хараҕар уорбалыыр курдук көһүннэхпит буолуо. Эрдэтинэ сэрэтии, туох да кэпсэтии суоҕа. Эдэр дьон ууну омурдубуттуу саҥата-иҥэтэ суох барбыттара, эрдэ өрүкүнэйбиппит тохтообута. Сэрэтии биэрбиттэрэ. Онно сөрү-сөп буолбутум. Табаарыстарым үөрэҕэ олоҕум устата хаалбыта. Кэлин бэйэм начальник буолан баран, ити боппуруоска элбэхтик эргиллибитим.

Араас быһылаан сөп буола-буола тахсара. Ол быыһыгар киһи күлүөх да курдук түгэннэрэ баар буолааччы. Күһүн биирдэ исполком бэрэссэдээтэлэ А.Е. Старостин Хара Алдантан эрийдэ:

– Хаандыга диэкиттэн өрүһү батан сатыы нуучча киһитэ иһэр үһү. Кыра ботуоҥка сүгэһэрдээх уонна харабыыннаах дииллэр. Ону булчут Самсонов кыра сиэнэ кыыс көрбүт уонна «эһээ курдук саалаах диэбит» диэн ыксаллаах быһыыны-майгыны үөскэттэ. Ити кэмҥэ, кырдьык да, Хаандыгаттан хаайыылаах күрээн туттарбакка сылдьара. Ол иһин, кини сырыттаҕа диэн түргэнник тутар-хабар бөлөх уолаттарын хомуйа охсоот, Хара Алданнаабыппыт.

Олохтоох былааһы көрсөн, киһибитин хайдах, ханна тутарбытын сүбэлэстибит. Тыынан барыаҕы, ыраахтан көрөн, саһан эрэйдиэн сөбө. Ол иһин аара тоһуйарга быһаардыбыт. Кэтэһэргэ тоҕоостоох сир баар эбит. Суоттааһын быһыытынан сарсын киэһэ ол сиргэ тиийэн кэлиэхтээх. Сарсыарда милииссийэ уолаттары кэтэһиэхтээх сирдэригэр илдьэн түһэртээтибит. Кырдьык да, олус табыгастаах сир эбит. Биир өттө өрүс, иккис өттө үрдүк быраан. Өрүс сүнньүнэн иһэр киһи ити тоһууру хайдах да мүччү түспэт сирэ.

Мин чахчы кытылынан киһи иһэрин чопчулуохпун баҕаран, мотуордаах тыыга олорсон өрө уһуннум. Син балай да айаннаатыбыт, киһи баара көстүбэт. Суол-иис көрөөрү, ыраахтан иһэр дьон быһыытынан, кытылга «сынньана» тахса сырыттыбыт. Кумахха эргэ саппыкылаах соҕотох киһи суола аллара диэки ааспыта чуолкайдык көстө сытара. Биһиги төннөн, дьоммутугар тиийэн, сатыы киһи чахчы иһэрин кэпсээтибит уонна бүтэһик төгүлүн ыйыы-кэрдии биэрэн баран ааһа турдубут.

Киэһэ сэбиэт хонтуоратыгар кэтэһэн олордохпутуна, аптамааттаах, түөс куйахтаах уолаттар киирэн кэллилэр. Биир бытыктаах, орто уҥуохтаах, бэрт мөкү таҥастаах, кыракый сүгэһэр оҕолоох нуучча киһитин аҕалбыттар. Онно ыйыталаһан билбиппит, Хаандыгаҕа ону-маны үлэлээн баран, сөп буолан, сирэйин хоту балыктаан аһыы-аһыы айаннаан иһэр көччүр киһи эбит. Сиэбиттэн докумуонун ылан көрдөрдө. Хаандыга милииссийэтин кытта сибээстэһэ сырыттым, киһи тордуохтаһара туох да суох буолан биэрдэ. Ханнааҕы сэбэ кэлиэй, ботуоҥкатын сүгэн иһэр маһын оҕо харабыыҥҥа холуйан эппит буолуон сөп. Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Алексей Егорович туох идэлээҕин иҥэн-тоҥон ыйыталаста. Онно билбиппит, хачыгаар, оһохчут идэлээх, маһы да мастыыр, «Дружбаны» да бэркэ билэр киһи буолан биэрдэ. «Күрүөйэхпит» манна хаалан үлэлиэх буолан, тылын ылан, биһиги кэлбит сорукпутун сиппит дьон быһыытынан дьиэлээбиппит. Отой хойукка диэри үлэһит киһини булан биэрбиккит диэн, Харалар махталлара улахан этэ.

Дьахтар суола

Дьуһуурунайдыы олоробун. Бүлүү куоратын биир ойдом турар дьиэтиттэн уоруу буолбутун туһунан дьиэлээх Слепцова эрийэн биллэрдэ. Кэтэс диэн баран, онно тиийдим. Хаһаайка, сайын буолан, тиэргэҥҥэ көрүстэ. Туох буолбутун туоһуластым. Хас да сыаналаах малы уорбуттар. Кэрэһиттэри булан, көрүү боротокуолун суруйбутунан бардым.

Дьыала ис хоһооно маннык эбит. Дьиэлэрин муостатын кырааскалаан, малларын биир хоско хатаан баран, икки хонуктааҕыта урууларыгар баран хоммуттар. Бүгүн эрэ, муоста кырааската төһө куурбутун көрөөрү, хаһаайка уоруу буолбутун билбит. Кими да уорбалаабат. Киһи хараҕар чуо быраҕыллар атах суола муостаҕа хаалбыт. Уоруйах күүлэҕэ кыракый бааҥкаҕа дьиэлээхтэр оһохторун оппуохалаабыт бороһуоктарын тобоҕо турбутун хараҥаҕа көрбөккө тоҕо тэбэн, үрдүгэр үктээн дьиэҕэ ааспыт. Суолуттан көрдөххө, дьахтар эрэһиинэ саппыкытын суолугар майгынныыр. Кырааскаламмыт муостаҕа суола чуолкайдык көстөр. Ити суолу анал пленканан түһэрэн ыллым. Уоруон сөптөөх дьону бэрэбиэркэлээн көрдүбүт да мэлийдибит. Буруйдаах көстүбэтэ. Күн-дьыл ааһан истэ.

Арай биир күн туохха эрэ наадыйан силиэстийэ хоһугар киирдим. Ыстаарсай силиэдэбэтэл П.В. Павлов эдэр уолу доппуруостуу олорор. Уол атаҕар кылгас дьахтар эрэһиинэ саппыкытын кэтэн олорор. Атаҕын көтөхтөрөн, саппыкытын уллуҥаҕын ойуутун көрдүм – Слепцова дьиэтин муостатыгар хаалбыт суолга олус майгынныыр. Прокопий Васильевичтан, бүттэҕинэ, уолу илдьэ мин хоспор киирэ сылдьарыгар көрдөстүм. Сотору киирэн кэллилэр. Пленкаҕа уһуллубут суолу кытта саппыкытын ойуутун тэҥнээн көрдүбүт. Үүт-үкчү сөп түбэстэ! Салгыы эрийэн, ити күн уоруллубут маллары уол олорор дьиэтин үрдүттэн Прокопий Васильевичтыын баран боротокуоллаан ыллыбыт. Эмсэҕэлээччини ыҥыран, малларын көрдөрдүбүт. Барыта, хата, баар эбит. Буруйдаах киһи көстүбэккэ, тохтоон сытар дьыала, саҥа сүүрээннэннэ. Бытархай күлүгээнистибэҕэ 15 сууккаҕа олорор киһибит, ыстатыйа эбинэн, үргүлдьү атын сиргэ суруогун матайдыы барар буолла.

Итэҕэйии

Бүлүүгэ үлэлээбитим сыл эрэ буолла. Ийэбиниин Марфа Гаврильевналыын Грабовскай уулуссаҕа икки квартиралаах дьиэҕэ олоробут. Тит Николаевич квартира бэрдэрэн, биһиги абыранныбыт. Чааһынай ыал дьиэтин курдук тиэргэннээх, оҕуруоттаах. Ыалларбыт Козловтар диэн нуучча ыала. Аҕалара Ньукулай сибээскэ үлэлиир. Ийэлэрэ Ольга дьиэтин көрөр-истэр. Кыыстара Валя оскуолаҕа үөрэнэр.

Биирдэ Краснодарскай уобалас Армавир диэн куоратыттан телеграмма кэллэ: «Задержать гражданку Масалову Валентину Андреевну (төрөөбүт сыла, сирэ ыйыллыбыт) зпт прописанную Кызыл Сыре тчк Арест имеется» диэн ис хоһоонноох. Тит Николаевич ону толотторууну бэйэтин оперативнай үлэҕэ солбуйааччытыгар В.Д. Кириллиҥҥэ сүктэрбит. Василий Дмитриевич Масалованы туттара миигин ыытта.

Пааспар остуолуттан ханна олорорун, ханна үлэлиирин сурунан ыллым. Таарыйа барар массыынаны булан Кыһыл Сыырдаатым. Үлэлиир сиригэр быһа тиийдим. Гааһы көрдүүр тэрилтэҕэ сэкирэтээрдиир эбит этэ. Бу туох эрэ ыарахан буруйу оҥорбут, дьонтон саһа сылдьар дьахтар мин туҥуй санаабар модороон көрүҥнээх, сүүрэлии сылдьар албын харахтаах эҥин буолуохтааҕа. Ол эрэн олох атын сирэйдээх-харахтаах киһи олороро. Санныгар түһэ сылдьар хараҥатыҥы кугас баттахтаах, тупсаҕай көрүҥнээх, сөбүгэр толору эттээх, орто уҥуохтаах эдэр дьахтар көрбөтөх киһитин көрөн:

– Кимиэхэ кэллиҥ, туох наадалааххын? – диэн бэрт эйэҕэс куолаһынан ис киирбэх киэҥ харахтарынан утары көрөн олорон ыйытта.

– Мин милииссийэттэн сылдьабын. Эйигин дойдугуттан көрдүүллэр, бэйэҥ да сэрэйэр инигин? Быһатын эттэххэ, эйиэхэ кэллим, – диэн, онно-манна муннарбакка, кэлбит сорукпун көнөтүнэн билиһиннэрдим.

– Уой, мин онно туох да буруйум суох ээ. Уонна ханна да саһа сатаабатаҕым. Манна кэлээт пропискаламмытым.

– Ити барыта үчүгэй, биһиги ону билэбит. Ол эрэн, миигин кытта барсан дьыалаҕын быһаарыстаххына табыллар.

– Хайдах ыллым да барыамый? Кэргэннээхпин, оҕолоохпун.

– Уоппускаҥ суотугар көҥүллэтэн күннэ ыл. Кэргэҥҥин, оҕоҕун бөһүөлэктээҕи милииссийэҕэ ыҥыр. Биирдэ аһыыр өйүөтэ уонна уларыттар таҥаста аҕаллын, – диэн ханна да ыыппаппын биллэрдим.

Масалова боппуруостарын суһаллык быһаарсан бүппүтүн кэннэ милииссийэҕэ бардыбыт. Дьоно кэлэн атаардылар. Дьокуускайтан суһал сырыылаах теплоход кэмигэр кэлэн Бүлүүлээтибит. Аара, таах иһиэхтээҕэр, туохха түбэспитин туһунан ыйыталастым. Ону кини маннык диэн кэпсээтэ.

Биир балай да тэрилтэҕэ кассирынан үлэлээбит. Тойоно сотору-сотору, туох да докумуона суох кэлин биэриэм диэн, харчы көрдөөн ылар эбит. Сокуоннайа суох биэрэрин Масалова өйдүүр эрээри, начальник этиититтэн тахсыбатах. Ол эрээри, сэрэхэдийэн, араспыыска суруйтаран баран биэрэр эбит. Эмискэ бэрэбиэркэ кэлэн, итэҕэстэрин булан ылбыт. Иккиэннэрин харчыны сиэбиккит диэн хаайбыттар. Харчы биэрбит араспыыскалара баар буолан кинини босхолообуттар уонна итээбит харчыны төлөһөргө быһаарбыттар. Харчылара суох буолан, элбэх хамнастаах сиргэ биһиэхэ үлэлии кэлбиттэр. Кини бу билигин үөскээбит быһыыны ыйыталаста:

– Дьэ, Бүлүүгэ тиийэн, миигин хайыыгытый?

– Хайыахпытый, хаайыахпыт буоллаҕа дии, – кыккыта суох, ыйыппытын курдук, эппиэттээтим.

– Хайдах уоруйах киһи курдук хааллан олоруомуй?

– Хаалларгын ааһан, анарааттан кэлэн, дойдугар илдьиэхтэригэр диэри биһиэхэ олоруоҥ.

– Өссө тутуллан дойдубар барабын дуо?! – ыксаабыт куолас иһилиннэ.

– Дьыала оҥоһуллубут сиригэр хаһан баҕарар быһаарыллар. Ый аҥаарынан, түргэтээтэҕинэ, уонча хонугунан, этап кэлиэҕэ. Уопсайынан, ый курдугунан дьиэҕэр тиийиэҕиҥ, – диэн быһаарабын.

– Эчи, уһунун! Тиийиэхпэр диэри сүүрбэччэ сыл кырдьар буоллаҕым дии… – киһи сэҥээрбэт суолун истэн ытамньыйда, олус харааһынна.

Мин этап айанын эрэйин-саатын туһунан толкуйдуубун, оттон кини букатын да атыны саныыр эбит.

Кырдьык да, оннук буолара чахчы. Биһиги систиэмэбит хамсыыра налыччы буолуо. Кэпсэтии үгэнигэр буолан, куоракка тиийбиппитин өйдөөмүнэ хааллым. Милииссийэҕэ кэлэн, наадалаах докумуоннары толорон, дьуһуурунайга Масалованы туттардым. Дьахтар дьуһуурунай биэрбит аһылыгын хайыһан да көрбөтө.

Василий Дмитриевичкэ сырыым туһунан дакылааттаатым. Хайдах да бу эдэр нуучча дьахтарыгар тугунан эмэ көмөлөһөргө бигэ сананным. Сүүрбэ да сыл кырдьыбатар, өскөтүн этэригэр дылы төрүт да буруйа суох буоллаҕына, суолга халтайга эрэйдэниэ, санаата алдьаныа турдаҕа. Бу дьыалаҕа Масалованы тутан кэлбит киһи быһыытынан кыттыгастаах курдук сананным. Сааттаахтык тутуллан тиийэн босхолонон хааллаҕына, биһиги туспутунан туох өйдөбүл хаалыай?

– Василий Дмитриевич, Масалова тылыттан-өһүттэн иһиттэххэ, отой да буруйа суох быһыылаах. Ыытан кэбистэхпитинэ хайдах буолуой, баран, бэйэтэ быһаарыстын ээ, – диэн бэйэм санаабын быктардым.

– Хайдах буолбут киһигиний?! Ол буруйдаах киһи тылын итэҕэйэҕин дуо? Хаайыыттан куотаары тугу баҕарар лахсыйыахтара. Чуолкайдык эппиттэр буолбат дуо, тутуҥ, хаайыҥ диэн. Сойуус үрдүнэн итинник телеграммалары толорбокко оннук-маннык толкуйдуу сылдьар буоллахпытына буруйу оҥорууну кытта хайдах охсуһабыт?! Ити санааҕын бырах. Хата, тутуллубутун туһунан тахсан телеграммата оҕус, хаалларын туһунан уурааҕы ыыта оҕустуннар. Бүттүбүт, табаарыс младшай лейтенант.

Мин итинник диэхтээҕин эрдэттэн сэрэйэр этим. Кини бэйэтэ кытаанах майгылааҕын таһынан олохтоммут сокуону тутуһарын дуоһунаһа да эрэйэн эрдэҕэ. Телеграмма биэрэ охсубатым. Начальникпар Тит Николаевичка тахсан, Масалованы туппутум туһунан сиһилии кэпсээтим.

– Тит Николаевич, кэлэн иһэн, Масалованы кытта туох буруйу оҥорбутун туһунан ыйыталастым. Мин санаабар, киһи хаайыах буруйун оҥорботох курдук. Ону ааһан быйыл дьахтар сыла. Оскуолаҕа киирэ илик саастаах кыыстаах. Хайдаҕын да иһин, хаайыыттан босхолуохтара.

– Бу киһи албакаат буолан бүппүккүн дии. Эдэр киһи, кыраһыабай дьахтары көрөн, сүрэҕиҥ уйулҕата хамсаабыт дуу? Чэ, ити мин дьээбэрэн эттим. Чахчы, эн интуицияҥ итинник эппит буоллаҕына, оттон биһиги үлэбитигэр курдаттыы таайыы, сэрэйии кырата суох миэстэни ылар, маннык гыныахха. Почтаҕа баран, телеграмма ыыппыт дьону кытта кэпсэт. Масалова туох буруйу оҥорбутун туоһулас. Онтон быһаарыахпыт, – диэн түмүктээтэ.

Бэйэбин босхолоппут курдук сананан, почтаҕа тэбинним. Армавиры кытта сибээс, сакаастаатахха, биир нэдиэлэнэн бэриллиэ диэтилэр. Эчи, уһунун. Тугу да ситиспэккэ төнүннүм. Үлэ кэннэ дьиэбэр тиийэн, ийэбэр алаадьы оҥортордум. Киэһэ кэлэн, дьуһуурунайынан Масаловаҕа бэрдэрдим.

Сарсыныгар Тит Николаевичка киирбиппэр ыксаама, кэтэһиэххэ диэтэ. Мин ыксыырым сүр, күнүн аайы кинини кытта ньээҥкэлэһэр бириэмэм суох:

– Масалова манна олорбот диэн телеграммата охсуохха уонна бэйэтин ыытан кэбиһиэххэ, баран быһаарыстын ээ, – диэн этии киллэрдим.

– Дьэ, ыксал киһигин, доҕор, – Тит Николаевич тохтуу түһэн толкуйдаата. – Кэргэнин ыҥыр уонна Армавирга диэри билиэттэ ылларан, сөмөлүөккэ киллэрэн ыыт. Уонна дойдутугар барбыт диэн телеграммата оҕус, – диэн мин этиибэр сөбүлэһэн, дьаһал биэрдэ.

Масалованы хаайыыттан таһааран, кэргэнигэр эрийтэрдим. Кэргэнэ киэһэ кыыһын кытта кэллилэр. Авиапорду кытта кэпсэтэн, Дьокуускайынан Армавирга диэри аһаҕас күннээх билиэт ыллаттардым. Нөҥүө сарсыардатыгар босхолоон, Тойон Хонууга таһааран Дьокуускайдаттым. Василий Дмитриевич ону билэн, сэттэбин ыла сыста:

– Туох эмит буоллаҕына, эн эппиэттиэҥ! – диэн кытаанахтык сэрэттэ.

Дьэ, ол курдук, мин Масалованы итэҕэйэн, оттон начальнигым миэхэ эрэнэн, итинник судургута суох быһаарыыны ылынан турардаахпыт.

Күннэр ааһан истилэр. Иккиэйэх холуобунай ирдэбил иниспиэктэригэр дьыала элбэх, оройуон киэҥ.

Биир сарсыарда тыаҕа командировкаҕа бараары, уҥуор тахсан, сөмөлүөт көтөрүн күүтэ сырыттым. Ол бириэмэҕэ Дьокуускайтан сөмөлүөт кэлэн түстэ. Дьон тахсыбытыгар көрбүтүм, арай кинилэр быыстарынан Масалова иһэр эбит. Мин турарбын көрөөт, үөрэ-көтө кэлэн дорооболосто. Тохтоло суох, табыллан сылдьыбытын туһунан кэпсээн ыһан-тоҕон кэбистэ. Кини дьыалатын суукка тириэрдибэккэ саппыттар, оттон тойонун хаайбыттар. Туох да эрэйэ суох, дьыалатын быһаарсан, биһиэхэ махтала улахан. Регистрация саҕаланан, мин барыахтаах сирбэр көттүм.

Сайын ааһан күһүн буолла. Түбүк бөҕө буола сырыттахпына:

– Эйиэхэ дьон кэллэ, – диэн дьуһуурунай биллэрдэ. Тиийбитим, Масалова кыыһын уонна биир билбэт киһибин кытта турара. Валентина Андреевнаны хоспор киллэрэн сэһэргэһэ түстүм. Билбэт киһим саҥа кэргэнэ эбит. Армавирга сырыттаҕына, эрэ ыала дьахтары кытта бэртии буолбуттар. Онтон сылтаан, атырдьах салаатыныы арахсыбыттар. Самодеятельноска кытта сылдьан, байааҥҥа оонньуур киһиэхэ кэргэн тахсыбыт. Бу хоту үлэлии баран иһэллэр эбит.

Валентина Андреевна ити кылгас кэмҥэ милииссийэ туһунан санаата тосту уларыйбытын уонна ол санаатын үйэ-саас тухары илдьэ сылдьыан туһунан бэрт үгүс үтүө тылы эппитэ.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации