Текст книги "Бүтэһик ботуруон"
Автор книги: Май Емельянов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 10 страниц) [доступный отрывок для чтения: 3 страниц]
Хоту Дьааҥыга кустуу
Ааҕааччым Мичил, аатын-суолун, хомойуох иһин, суруйбатах, булт туһунан суруйарбын истэн, ээмиллэни маҥнай бултаспытын сөҕөн-махтайан, олус бэркэ ойуулаан Үөһээ Бүлүүттэн ыыппыт. Төһө да аатын суруйарын умуннар, айылҕаны таптыыра, киниэхэ сүгүрүйэрэ көстөн турар. Онон кини ахтыытын кэпсээннэрбэр холбуурга сананным.
90-с сыллар ортолорун диэки быраатым кэргэнин дьонугар Баатаҕайга кустуу диэн ааттаан ыам ыйын ортотун диэки тиийбитим. Аара, көтөн иһэн, балтараа чаас кэриҥэ бүтэн биэрбэт хаарынан бүрүллэ сытар таас очуостардаах дьикти дойду эбит диэн салла санаабытым. Сирэ-уота атына, биһиги дойдубут курдук буолуо баара дуо, эчи тыйыс дойду буолан биэрдэ. Күннэрэ саҕахха түһэн иһэн төттөрү кэдэрийэн тахсарын сөрү диэн сөҕөн кэбистим. Айылҕа барахсан саҥа уһуктан, көтөр-сүүрэр саҥатынан биир кэм айманан олороро. Күөх мутукча арыый да тылла илик кэмэ этэ. Ол оннугар хата иирэ талахтар, үөт эҥин үнүгэстэрэ тахсыбыттар. Халдьаайыга манна эмиэ ньургуһуннар барахсаттар, мин аҕай дэспиттии, сааскы илдьит буолан ыраахтан маҥхаһан хаар кыырпаҕыныы көстөллөр.
Дьэ туран, тиийиэхтээх сирбин булан, икки күн нэһиилэ тулуйан-тэһийэн хоноот, кустуур эбэлэригэр бардыбыт. Күөл аата Өҥ күөл диэн. Аатын курдук баай эбэ буолан биэрдэ. Күөлү тула уопсайа түөрт дурда турар. Уон алта буолан олордубут. Биһиги биригээдэ сэттэ буоллубут, бары аймахтар: кийиитим убайдара, бырааттара. Эйэ дэмнээх, элэккэй дьон буолан биэрдилэр. Мэлдьи мин саҥабын кэтииллэр, истэ-истэ күлсэллэр. Тоҕо эбитэ буолла дии саныырым. Кэлин билбитим, дойду дьоно ыллаан эрэр курдук саҥарар үһүбүт.
Кусчуттар бары даҕаны айылҕаҕа тахсан сүргэбит көтөҕүллэ сылдьар. Дойду сонунун, ону-маны дьээбэлээҕи кэпсээн-ипсээн күллэртиибин. Саҥа киһи буоллаҕым буолан, киһи барыта көх-нэм буолар. Билбэт тылларбын, олох көстүүлэрин сонно быһааран, ыйан-кэрдэн биэрэллэр. Кураанах кус кэмэ бүтэн, аны үөл кус киирэрин күүтэбит. Хаһан, ханан кэлэллэрин чопчу билэн этэллэрин сөҕөбүн эрэ. «Бүгүн-сарсын биллиэхтэрэ, сэргэх олоруҥ», – диэн сэрэттилэр. Кэннибитигэр очуос таас хайалар халлааҥҥа өрө харбаһан эрэрдии кэчигирээн көстөллөр. Чыпчаалыгар сытар хаар сайыннары ууллубат үһү. Ардах былыта кэллэҕинэ хайаны ортотунан эрэ ааһара көстөр. Дьэ, Дьааҥы сүдү хайаларын илэ харахпынан көрөн итэҕэйдим. Ити очуостар эниэлэрэ сыыйа-баайа намтыыр сирдэринэн үөр хаастар, хам-түм да буоллар, кылыы-халыы бөҕөтүн түһэрэн ааһаллар. Эппит күннэрин киэһэтигэр бастакы ээбиллэ (морянка) диэн кустара кэлитэлээн бардылар. Барахсаттары айылҕа маанылаан айбыт кустара быһыылаах, дьэрэкээн ойууларын таһынан саҥалара ала бэлиэ буолар эбит. Улахаттарынан умсаах курдуктар. Атыыра кутуругар биир лаппа уһун түүлээх, онто көтөрүгэр бэлиэ буолан көстө сылдьар. Дьэ ойоҕумсах кус дииллэр, тыһытын өлөртөрдөҕүнэ, төһө да ыппытыҥ иһин, баран биэрбэт эбит. Уопсайынан, олус чычаас майгылаах кустар диэтэҕиҥ. Маҥнай утаа уон икки үөрдээх түһэн биэрбитин биирин да ыыппатыбыт, эр-биир табырҕаталаан кэбистибит. Онтон эмиэ аҕыйах соҕус үөрдээхтэр кэлбиттэрин хааллартаатыбыт, дурдаҕа түөрт аптамаат саалаах дьон бааллар диэх курдук. Сирэйбит-харахпыт турбута сүрдээх. Аны туран түүнүн уочаратынан иккилии чаас маныыр буоллубут. Чааһыҥ туоллаҕына аттыгар утуйа сытар киһини өттүккэ анньан уһугуннаран баран утуйаҕын. Аҕыстан аҕыйах кус кэлэн түстэҕинэ уһугуннарбаккын, онтон элбэх эрэ буоллаҕына биллэрээр диэн буолла.
Сарсыарда, мин дьуһуурустубам кэмигэр, арааһа, түөрт-биэс чаас диэки буоллаҕа буолуо, дьэ, доҕоор, үөһэ мэҥэ халлаан диэки туох да сүрдээх улахан тыас тоҕо барбат дуо? Мэктиэтигэр халлаан хайынна диэх айылаах эбэтэр били байыаннай истребитель көтөн тахсар тыаһын курдук дэлби барда. Оннук икки төгүл төхтүрүйэн тыаһаата. Мин туран урут итинниги истибэтэх буолан тулуйбатым, үсүһүн тыаһыыр кэмигэр дурдаттан өҥөйөөччү буоллум. Арай, доҕоор, үөһэттэн тоҥ сылгы сааҕын тамнаабыт курдук кустарбыт атахтара сарайан бу түһэн иһэллэр эбит! Кынаттарын холбуу тутаннар кэллилэр да, үөс-батааска биэрбэккэ, биир эргиир сыыһын оҥордулар да, күөл ортотун диэки түһүнэн кэбистилэр. Эчи элбэхтэрин, быһата, 70-ча быһыылаах этилэр, дьоммун туруорар аакка түстүм. Бары туран сэргэхсийэ түстүлэр. Арай биир эдэр уол баара кыратык этитэ түһэн баран турда, кэлин үөрэниэ диэн буолла. Ити итинэн хаалла. Түспүттэрэ чаастан ордубутун кэннэ уҥуоргу дурдаттан биир киһи аа-дьуо тахсан мас тыыга олорон, күөл үөс өттүн тутуһан эрдэн киирэн барда. Маҥнай утаа син түргэн соҕус этэ. Кэлин отой эрдэрэ бытааран, тыал үрэринэн эрэ барар киһи буолан биэрдэ. Хайысхатын көрдөххө, биһиги диэки иһэр эбит. Ити тухары кустарбыт күөл ортотугар өрө мөхсө, булумахтана сырыттылар, айдаан-куйдаан, биир кэм «а-аах, а-аах» бөҕө буоллулар. Ол быыһыгар кустарбыт, кууруссалар курдук, ууну омурдан иһэллэр быһыылаах, үөһээ диэки сотору-сотору төбөлөрүн таҥхатан ылаллар, көрүөххэ кэрэтэ сүрдээх. Дьэ туран, били күөл ортотугар баар кустарбыт кэннилэрэ өссө хаҥаан иһэр, кэлэн эбии түһэ тураллар. Ол быыһыгар туора соҕус туттаннар андылар эмиэ түһэргэ дылылар. Син биир мончуукка түһэр кэриэтэлэр быһыылаах. Күөлбүт ортотугар кустарбыт бирээмэ болуот курдук көстөллөр. Тыылаах киһибит кирийэн, сирэйин кистии соҕус туттар быһыылаах. Аа-дьуо устан, биһиги диэки туһаайан кустары үүрэн иһэр. Тоҕо үүрэн диэтэххитинэ, били куспут үөрэ оруобуна субай сүөһү курдук, биллэ-биллибэттик үтүрүллэн устан иһэллэр, сорох ардыгар кынаттарынан сапсынан ылаллар. Саҥа-иҥэ отой суох буолбут, төбөлөрүн ньыкыччы туттан усталлар, сорохторун төбөлөрө отой да көстүбэт кэриэтэ. Ол иһэннэр үөскэ анды мончууктарын ааһан иһэн эмискэччи сырсан киирэн бардылар. Сорохтор көттүлэр, дайа-дайа туох да тулуйбат саҥатын-иҥэтин түһэрэн көтөн кэллилэр да, мончууктарга сапта түстүлэр. Үрүт-үөһэ үмүөрүһүү, анньыһыы, тура-тура сапсыныы бөҕөтө, эмиэ да уулуурга дылылар. Биһиги сүрүн ытааччыларбыт холбуулларын кэтэһэн иһийэн олордубут. Төһө эрэ кус буолла, арааһа, 80-тан лаппа тахса ээмиллэ буолла быһыылаах. Дьэ туран, хамаанда бэриллээтин кытта, саабыт чыыбыһын төлүтэ тардан кэбистибит. Оо, үлүгэрдээх саа тыаһа бөҕө буола түстэ, бирээмэ бүлүмүөт ытан эрэрин курдук. Кустар сиирэ-халты ыттаран умса-умса тахсаллар. Ордубут өттүлэрэ дьэ өйдөнөн көтөн бараллар да, уҥуоргу дурданы быһа ааспаттар. Күөлү кыйа көтөн көрдүлэр да, онно эмиэ үлүгэрдээх саа тыаһа түптэлэнэ түстэ. Уонна эмискэ, туох да буолбатаҕын курдук, уу чуумпу буолла. Ол кэннэ биирдиилээн ытан бурҕаттылар. Ньаҕаччырбыт, ол аата хойобуун буолбуттары эккирэтии саҕаланна. Биһиги туран хас кус хаалбытын көрүү-истии бөҕө буоллубут. Мин тулуйбатым, тылланан мас тыыга сүүрэн киирдим да, эрдибитинэн бардым. Тыыбыт кыратык түөрэккэй соҕус да буоллар, үөс диэки эрдэн киирдим, бастаан утаа хойобуун буолбут кустары сырсан ылаттаатым. Бүтэр уһукка ааҕан көрбүтүм, отут ордугуна түөрт ээмиллэ буолан соһутта. Дьэ, сөҕүү-махтайыы бөҕө буоллубут. Мин саҥа харахтыыр кустарым буолан үөрүүм өссө үрдүк. Чэ, ити саамай элбэҕи бултаабыппыттан кэпсээтим.
Сарсыарда өттүгэр аны андылар кэлитэлээн бардылар. Манна кинилэри «харалар» диэн ааттыыллар эбит. Бу дойдуга харалар эмиэ туруору хайалары туораат, кыырай халлаантан ыһыктынан түһэллэр эбит. Туормас тыаһын курдук үөһэттэн тыас-уус бөҕө буоланнар, дьэ сыыйа көстөн кэлэллэр. Билигин өйдөөтөххө, били сөмөлүөтүнэн көтөн иһэн көрөр таас хайаларбытын туораан сылайан, утатан кэлэллэр эбит. Хайалар тэллэхтэриттэн, хаартаҕа көрдөххө, Үөһээ Дьааҥы алыыта саҕаланар эбит. Ити курдук хас да күн астына кустаан, аймахтары кытта билсэн, саҥа сиргэ бэркэ сынньаммытым.
Күөх Боллох дьүүлэ
И.Ф. Тартыев биһикки үлэлиир кэммитигэр ахсааммытынан адьас аҕыйах этибит. Онон, баарбытын биллэрэн, мэлдьи пуормалаах сылдьарбыт. Эйиэнэ-миэнэ диэн араарсыбакка, уоруу, охсуһуу, быһылаан таҕыстаҕына бары тутуспутунан сылдьарбыт. Ол иһин нэһилиэнньэ күөх пуормалаах баһаарынайы милииссийэнэн ааҕара. Иван Федорович үлэһитэ бэрт буолан, дьоҥҥо убаастанара, ханнык да милииссийэ үлэтиттэн иҥнэн-толлон турбата. Биир кини кыттыылаах түгэни ахтан-санаан ааһарга сананным.
Мин үөрэхпин бүтэрэн, Алексеевскай оройуонугар (Таатта улууһа) судаарыстыбаннай баһаарынай иниспиэктэринэн ананан үлэбин саҕалаабытым. 1981 сыллаахха күһүҥҥү муҥха саҕана Дэбдиргэнэн, Туора Күөлүнэн командировкаҕа барбытым. Сыалым-соругум биллэр, тыа хаһаайыстыбатын объектарын уонна тэрилтэлэр баһаарынай туруктарын бэрэбиэркэлээһин уонна түүҥҥү харабылларга, хачыгаардарга инструктаж ыытыы.
Туора Күөлгэ субуота күн дьыалабын үмүрүтэн, Ытык Күөлгэ бараары сэбиэт хонтуоратыгар массыына кэтэһэ сырыттым. Эмискэ сэбиэт бэрэссэдээтэлэ И.В. Туласынов, оройуон военкома М.М. Семенов, гражданскай оборуона начаанньыга В.А. Петров буолан сэбиэт үлэлиир хоһугар баар буола түстүлэр. Сирэйдэрэ-харахтара турбута сүрдээх!
Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Иван Васильевич:
– Биһигини кытта Төлөҥҥө барыстаххына табыллар. Күөлбүтүгэр, көҥүлэ суох, Ытык Күөлтэн райтоп үлэһиттэрэ кэлэн муҥха түһэрбиттэр. Эн сэбиэскэй былаас ис дьыалатын отделын сотруднигаҕын, онон улахан айдаан тахса илигинэ барсан быһаарыс, – диэн эдэр киһиэхэ туллаҥнаабат гына уҥуохтаахтык эттэ. Мин уопсай балаһыанньаны билсэн баран, оройуон борокуруоругар А.П. Пахомовка эрийэн сүбэлэстим. Алексей Петрович «сопхуос сирэ-уота, сайынын оттууллар, сүөһү көрөллөр, онон кинилэр күөллэрэ» диэн быһааран биэрдэ. Уонна миэстэтигэр тиийэн быһаарсарга, түмүгүн киниэхэ биллэрэрбэр дьаһайда. Военком массыынатынан айаннаан күөлбүтүгэр кэллибит. Райтоптар муҥхаларын түһэрэн ырааппыттар, таһаараллара эрэ хаалбыт.
Күөлгэ киһи элбэх, ол быыһыгар холуочуктар да бааллар. Айдаан-куйдаан элбээбит, дьон саҥата-иҥэтэ, үөхсүүтэ да хойдубут.
– Биһиги күөлбүт, онон балыга да биһиэхэ хаалыахтаах, – диэн бэрт бөҕө-таҕа, улахан уҥуохтаах киһи көбдьөөрөр.
– Бачча үлээн баран көлөһүммүтүн таах биэрбэппит буолуо, – атырдьах сүгэһэрдээх киһи эҕэлээхтик хардарар.
Улахан айдааны таһаарбакка, эйэ дэмнээхтик быһаарсыбыт киһи дии саныыбын. Олохтоохтор эмиэ элбэхтэр гынан баран, тойоннорун Тулааһынап сирэйин-хараҕын маныыллар.
Райтоп салайааччытын И.И. Бурнашовы туора ыҥыран ылан кэпсэттим. Кини уруккуттан киэҥ-холку майгылаах киһи. Оройуоҥҥа үлэһитинэн, аптарытыаттаах салайааччынан биллэр.
– Бу Туора Күөл отделениетын күөлэ, онно мөккүөр тахсыан табыллыбат. Уйбаан Уйбаанабыс, итини эн бэйэҥ бэркэ билэҕин, сопхуос сирдэрин миниистирдэр сэбиэттэрэ эрэ быһаарар. Онон Таатта сопхуос салалтатын кытары кэпсэтэн, сүбэлэһэн эрэ баран муҥхалыахтааххыт, – диэн быһааран биэрдим. Киһим буоллаҕына оргууй аҕай сыыйан:
– Мин хойутаан кэлбитим, дьонум муҥхаларын түһэрэн ортолообуттар этэ. Онон билигин хайыыр да кыаҕым суох, муҥха тахсарын кэтэһэбит эрэ, – диэтэ.
Дьэ, муҥха тахсыытыгар киһи бөҕө муһунна. Икки бөлөх чардааты утарыта кэлэн турдулар. Оройуоннар бары үлэлии сылдьыбыт буоланнар ким анньыылаах, ким нырыылаах, айдаан өссө хойдубукка дылы буолла. Онуоха Тулааһынап:
– Айдаарымаҥ! Муҥха тахсан эрэр буолбат дуо? – диэн саба саҥарда. Кырдьаҕастар урут балык куотуо диэн чардаат аттыгар улаханнык саҥардыбат буолаллара.
Муҥха ийэтэ кэллэ диэн буолла. Ол кэмҥэ күөл мууһа тостон хайа барар тыаһа иһилиннэ. Сорохтор чардааттан тэйэн туора тахсан биэрдилэр. Самахчыт муҥха кынаттарын сыыйа тардан истэ. Арай били кэтэһиилээх-манаһыылаах ийэбит таҕыста. Көрбүппүт, түгэҕэр икки эрэ собо салгыҥҥа тахсан тэлибирии түстүлэр… Соҕотохто саҥа-иҥэ уурайан, уу чуумпу буола түстэ. Туора күөллэр бырысыаптаах Беларусь тыраахтарынан хоту, Райпоп үлэһиттэрэ таһаҕас массыынатыгар тиэллэн соҕуруу түһэ турдулар. Улахан айдаан буолуоҕун ити курдук эбэ иччитэ Күөх Боллох эр-биир биирдии эрэ балыгы биэрэн иирсээни таһаартарбатаҕа.
Куобахтыы сылдьан
Тааттаҕа олордохпутуна күһүн Дьокуускайтан үөлээннээҕим В.Ф. Нехоруков-Дылбаны күүлэйдии кэллэ. Биһиги оҕо эрдэхпититтэн табаарыстыыбыт. Куоракка киирдэрбит эрэ кинилэргэ түһэрбит. Василий Федорович өрөспүүбүлүкэ үбүн салаатын эппиэттээх үлэһитэ. Уоппуска ылан мэччийэ кэлбит. Киэһэ, сүбэлэһэ таарыйа, чэйдии табаарыстарбытыгар Саввиновтарга оҕолорбутун илдьэ бардыбыт, кинилэр эмиэ үс оҕолоохтор. Ийэлэрэ Балбаара ас бөҕөтүн сахалыы астаабыт этэ. Онно кини сүөгэй үүттээх итии чэйин иһэ-иһэ, убаһа этин үрдүгэр түстүбүт. Субай хааны, хартаны сиэх курдук гына-гына кэмчиэрийэн олорорбутун көрөн Владимир Иванович:
– Бу эмээхсин аһа эмиэ аһыйан хаалбыт, – диэтэ.
– Дьону сүгүн аһат, ити киһи дьээбэтин истимэҥ, – диэн сэмэйдик туттунан олорбуппутун таһаарда.
Кэпсэтии, сүбэлэһии түмүгэр кини эмиэ биһигини кытта барсыах буолла. Саа-сэп, таҥас-сап миэхэ баар. Матасыыкылларбытынан Боробул алаастарын диэки барыахха диэн буолла. «Лесхоз дириэктэрэ Владимир Иванович биир эмэ сири булан бултатар ини», – диэн киниэхэ соҥноотубут. Бары да кэлии дьон буолан сири-дойдуну үчүгэйдик билбэппит. Хаар быйыл хойутаата, сир хара турар. Онон куобахчыттар куобаҕы «бүтэрдилэр». Сир харатыгар биһиги эмиэ биир эмэ куобахха тиксэргэ сананныбыт.
Сарсыарда турбуппут, доҕоор, сирбит маҥхайбыт, хаар ыгыччы түһэн кэбиспит. Куобахтаан бүттэхпит дии. Ол да буоллар салгын сии таарыйа, бултуу диэн ааттаан, сып-сап тэринэн Саввиновтартан хоҥуннубут. Бааска улахан «Урал» матасыыкылга Болуодьаҕа олоруста. Мин «Юпитербар» таһаҕаспытын тиэннибит. Сыа хаарга техникабыт олох да хаампат, халтарыйан биир сиргэ эрийэ турар. Бэрт эрэйинэн, үксүн анньан биир үүтээни булан хоннубут. Сарсыарда туран күөлгэ илим үттүбүт. Бултуу кэлбит дьон быһыытынан ойуурга тахсан хаамтыбыт. Элбэх сири кэрийдибит да, биир да куобаҕы көрбөтүбүт, хаарга киһи хараҕар көстүбэт буолбуттар.
Биир ойуурга киирэн кэккэлэһэ хааман иһэбит. Мин ойууру саҕатынан, табаарыстарым үөһүнэн. Ол истэхпинэ, саа ытыыта холобурдаах сиринэн икки туртас ойууртан ойон таҕыстылар. Бастаан бастакытын, онтон иккиһин биирдиитэ ытаттаан хааллым. Кыылларым ойуолаабыттарын курдук ойуолаан, кыракый аһаҕас сири туораан ойуур быыһыгар киирэн көстүбэт буолан хааллылар.
– Тугу ыттыҥ? – туга да суох турарбын көрөн, аттыбынан испит Бааска ойууртан тахсан ыйытта.
– Икки туртас эһигиттэн туран, онон кэлэн аастылар. Кэнникитэ, хайдах эрэ, табылынна дуу диэх курдук санаатым. Ыарыыланар курдук ойуоккалыыра. Баран суоллаан көрүөххэ, баҕар, табыллыбыт буоллаҕына хааннырбыта буолуо, – диэн кэпсии тоһуйдум. Ытыалаабыт сирбэр хаан тохтубута көстүбэт.
– Мин батыһан көрүөм. Болуодьа кэллэҕинэ тиийээриҥ, – диэт, туртастарым суолларын батыһан ойуурга киирдим.
Хаан ханан да таммалаабатах. Ол да буоллар суоллаан истим. Куобахха анаан үстээх доруобунньуктаах ботуруоннары илдьэ сылдьарым. Онон, баҕар, билиммэтэх да буоллахтарына көҥүлэ. Саам ботуруоннарын уларытан, икки сүнньүөҕү угуннум. Урут сүнньүөҕүнэн ыппатах да буолларбын, таарыйдаҕына астаах буолаа ини дии санаатым. Арай иннибэр туох эрэ хамсаата. Көрбүтүм, туртас ойоҕоһунан турар. Сүүсчэ миэтэрэ курдуга. Моонньун төрдүн кыҥаат, ыттым. Кыылым сууллан түстэ. Баран көрбүтүм сытан баран турбут этэ. Сыппыт сиригэр хаан суоҕа. Тугун дьиктитэй, куотан хаалбакка биһигини тугун кэтэстэҕэй?
Дьонум кэллилэр. Ыарыыланан сыппыта чуолкай диэн быһаардыбыт. Астыы таарыйа чинчийдибит. Онтубут баара, биир доруобунньук сымыытыгар түспүт эбит. Ол иһин да, ыарыыланар курдук гынар этэ ээ.
Киэһэлик үүтээммитигэр тиийэн, илиммитин көрөн быччыкы таһааран буһардыбыт. Ол ыккардыгар оһохпутун аһаттыбыт, балык буһуор диэри бэйэбит эмиэ хабыалаан ыллыбыт. Олус минньигэс балыктары астына сиэтибит. Чүмэчи сырдыгар солуурчаҕы иҥнэтэн куруускаларга миин кутаттаатым. Онно көрбүтүм, истэрэ саһарчы буспут улахан баҕайы чохулар солуурчах түгэҕэр адаарыһа сыталлара. Уу баһарбытыгар хараҥаҕа өйдөөн көрбөтөхпүт. Биһиги кинилэргэ олох да кыһаллыбакка, «чохулар да балык бииһэ буоллахтара дии» диэн, бэрт дырылас миини испиппит.
Кармен
Ыалым Баһылай биһикки күнүн аайы кэриэтэ, ардыгар биһиэхэ, үксүгэр кинилэргэ көрсөрбүт. Булка иллэҥ кэммитин элбэхтик ыыппыт буоламмыт, көрүстэрбит эрэ ол айдаана буолара.
Төһө да Василий Прокопьевич аан дойдуга биллэр улахан учуонай буоллар, дьиэтигэр-уотугар олус боростуой, сытыары сымнаҕас, ыалдьытымсах, асчыт бэрдэ киһи этэ. Киирдэхпинэ быраатым кэллэ диэн дьиэтигэр да, даачатыгар да үөрэ-көтө көрсөрө.
Баһылай «муннукка ытаабыт» булчут айылгылаах киһи. Булт саҕаланнар эрэ, икки уостаах саатын ылан кустуу эбэтэр куобахтыы барбыта эрэ баар буолара. Мин үлэм табыллыбат буолан, биирдэ да бииргэ бултаспатаҕым. Бултаан кэллэр эрэ, булдуттан амсатара. Бу кэлин, булка кыайан сылдьыбат буолан баран, икки куобаҕы ырыынактан атыылаһан сааскы булт саҕаламмытын бэлиэтээбиппит. Ол олорон:
– Бу сии олорор куобаххын биирдэ халлаантан түһэрэн турардаахпын, – диэн соһутта.
– Ама, – сонун кэпсээни истээри итэҕэйбэтэҕэ буолан ыйытардыы көрөбүн.
– Чахчы-чахчы, киһи барыта көрбүтэ, – саарбахтаабыппын көрөн эбэн эттэ. Онтон салгыы кэпсээн барда. – Чурапчыга куобах күрэҕэр сылдьабыт. Оччолорго куобах мэнээгэ этэ, турар-турбат бары сылдьар курдуга. Киэһэ хараҥаран, түһэ сытар сирбитигэр баран иһэбит. Кыракый чалым-чулум уулаах үрэҕи туораан эрдэхпитинэ, арай көрдөхпүтүнэ халдьаайы диэкиттэн туох эрэ улахан көтөн күпсүйэн иһэр эбит. Түргэн туттуулаахтар ытан көрдүлэр да, көтөрбүт таптарбакка үрдүбүтүнэн көтөн кэллэ. Саабын ылан, бэлэм турар киһи ытан саай! Онтум өс хоту аҥаара сууллан түстэ, аҥаара көтө турда.
– Эс, хайдах оннук буолуой? – минньигэстик ыһаарыламмыт күһүҥҥү куобах этин сии-сии киһим сирэйин-хараҕын одуулаһабын. Кэргэттэрбит ону-маны сэлэһэ хоско киирэн хаалбыттар. Василий Прокопьевич ахтыыларын хаһан да дарбатан, тупсаран, эбэн-сабан кэпсээччитэ суох. Ол иһин дьиктиргээн тыыммакка да олорон иһиттим.
– Түспүт аҥаарын баран көрүү буолла. Онтубут сып-сылаас куобах буолан соһутта, куобахсыт көтөр кытаахтаан испит.
Ити курдук Баһылай, биир дойдулааҕым, оннооҕор куобаҕы халлаантан ытан түһэрэр байанайдаах булчут этэ. Биирдэ булчут ыттар тустарынан кэпсэтии буолла. Аҕам Кэспиэк, күтүөм Балантыын Моойторук диэн булчут ыттарын туһунан кэпсээтим. Ыттан таһынан сырыыны сылдьар олус булчут этилэр. Кини эмиэ булчут ыттана сылдьыбытын аҕынна. Москубаҕа мунньахха бара сылдьан спаниель боруода ыт оҕотун атыылаһан илдьэ кэлбит, Кармен диэн ааттаабыт. Иитэн, бүөбэйдээн кэлин куска илдьэ сылдьар буолбут.
– Куспун ууттан таһааран биэрэн абырыыра. Окко түспүт куһу хайаан да булан төннөрө,– диэн иһирэхтик ахтан ааспыта. Куһу ууттан кыайан ылбакка, окко түһэрэн баран булбакка булчут дьон төһө кыһыйдыбыт, хомойдубут этэй.
Биирдэ күһүн элбэх буолан оройуоҥҥа ыарыһахтары көрө тиийбиттэр. Үлэлэрэ үмүрүйбүтүн кэннэ кустаабыттар. Син добуочча бултуйан, киэһэ утуйалларын саҕана кустарын үллэстэн сыппыттар. Сарсыарда ким эрэ саҥата:
– Хайа, оронум анныгар ирээт кустарбын бырахпытым суохтар. Ким дьээбэлээтэ, билиниҥ эрэ? – диэн төгүрүччү көрбүт.
Атыттар эмиэ кустарын сүтэрэн соһуйуу бөҕө, аймалҕан буолбут. Василий Прокопьевич уһуктан оронун аннын харбаан көрбүтэ, аҕыйах куһа эбиллэн чөмөх буолбут. Күлсүү бөҕө буолбут, ыта Кармен «бэйдиэ» сытар кустары иччитигэр аҕалтаан «бэрээдэктээтэҕэ» дии.
Дьикти булт
1986 сыллаахха балаҕан ыйын бүтүүтэ алтынньы саҥатыгар бииргэ аармыйаҕа сылдьыбыт табаарыстарым А.И. Луковцев, Д.Г. Халыев буоламмыт тыаҕа хааман сэргэхсийэ түһээри, куобахха диэн ааттаан, бултуу таҕыстыбыт. Куобах мэнээгэ ааспыт кэмэ этэ. Киһилии хаампатахпыт ыраатта. Ол иһин бугуһуйан, барар да сирбит тэйиччи буолан, сарсыарда эрдэттэн сэниэлээхтик хаамыы буолла. Аркадий Иосифович ЛТЦ диэн тэрилтэҕэ суоппардыыр, оттон Демьян Гаврильевич суһал көмө биэлсэрэ. Былаан быһыытынан, эт-сиин тэнийэрин курдук, Нимиидэ үрэххэ баар И.А. Уваров үүтээнигэр диэри тиийиэхтээхпит. Сири-дойдуну билэр киһибит Аркадий сирдээн иһэр.
Күһүн диэтэххэ, сайыҥҥылыы чаҕылыйан түһэн сылаас күн турар. Хаамарга эрдэттэн оҥостон, чараастык таҥнан-саптан сылдьабыт. Алаастан алааска ойуурдары хааман быһыта көрөбүт. Тыаҕа тугу да көрбөккө кэпсэтэ-кэпсэтэ хааман иһэбит. Биир чөҥөлөх алааска киирдибит. Күммүт уота сылытар да сылытар, тиритии да, сылайыы да барда. Арай алаас күөлүгэр биир бөдөҥ кус уста сылдьар, соһуйдубут аҕай. Бачча хойукка диэри кыстыыр сиригэр Камчаткаҕа барбакка туох буолбут куһай диэн таайыы буолла. Чугаһаан көрбүппүт, куоҕас эбит. Кини кыстыыр сиригэр тиэтэйбэккэ барааччы. Куһунан ааҕан куоҕаһы мэнээк бултаабаттар, этэ-сиинэ кытаанаҕа бэрт уонна балык амтаннаах буолар. Ол иһин сиргэ-уокка сылдьан аҕыйах куспутун харыстаан, кинини ытан мииннээн сиирбит. Тириитэ бэртээхэй куллука буолааччы. Тугу да көрбөккө сылдьар булчуттар, киксибиттии, саабыт үрдүгэр түстүбүт. Куспут умсар да умсар, ол умсара ырааҕын! Хайа диэки хайыһан умсарын көрө-көрө сырсыакалаһыы бөҕө буолла. Куоҕас тыын сиригэр таптарыар диэри өлөн-быстан биэрбэт. Күөлү тула туран, быктар эрэ «саайан» иһэбит. Уончалыыта ыттыбыт быһыылаах. Кэмниэ кэнэҕэс төбөҕө табыллан мөхсөн ылла.
– М-манна эбиэттээн б-барыаҕыҥ,– диэн Намыйаан тардыалатан этии киллэрдэ.
– Мин куһу таһаарыам, эһиги уотта оттон уута туруоруҥ, куоҕаспытын буһарыахпыт, – диэт, ойуурга уһун ураҕас буолар хаппыт титириги көрдүү бардым.
Күөл уута төһө да тымныйдар, арыый эдэр сылдьан иҥнэн-толлон турбат буоларым. Биирдэ дойдубар сылдьан, өссө мантан хойутуу быһыылааҕа, үөл куһу харбаан киирэн таһаарбытым. Силиим кытта тоҥмута быһыылааҕа. Икки ураҕаһы булан аҕалыахпар диэри сиккиэр тыал куспун син тыа диэки чугаһаппыт. Ураҕастарбын холбооттоон, балай эмэ эрийсэн куспун ыллым. Уолаттар кэтэһэн туран, куспутун саҥа көрөр киһилии, көрүү-истии бөҕө буоллулар. Улахан далан куоҕас эбит диэн түмүктээтилэр.
Аркаас быһаҕын ылан куоҕаһы сүлбүтүнэн барда. Намыйаан ойууртан эбии хаппыт мас аҕалан уотугар эбэн биэрдэ. Аркаас куһун эттии туран:
– Уолаттар, кэлэн көрүҥ эрэ, – диэн тоҕо эрэ ыҥыртаан ылла. Арай тиийэн көрбүппүт, куолайа толору мунду эбит! Ыган, хайытан ылбыппыт икки үтэһэ буолла. Куспутун буһаран, балыкпытын үөлэн, Байанайбытын аһатан, уруккуну-хойуккуну сэһэргэһэ-сэһэргэһэ бэркэ да сынньанныбыт этэ.
Өссө да олоруох дьону сирдьиппит тиэтэттэ. Күбээдики диэн алаас тыатын тэбистибит. Онно Намыйаан биир куобаҕы ытан ылла. Кулаада сиһин сыыйдыбыт. Ол хааман истэхпитинэ, арай эмиэ Аркаас ыҥыртыыр саҥата иһилиннэ. Чугаһаан иһэн көрдөхпүнэ, маҥан туох эрэ көһүннэ. Отон уктаах ырааһыйа баарыгар маҥан да маҥан Хаар Эбэ бэйэтинэн олорор эбит. Эмиэ мустан, көрбөтөхпүтүн көрөн, сөҕүү-махтайыы бөҕө буоллубут.
– Хайа, манна эмиэ Хаар Эбэбит баар эбит дуу? – Аркаас сөрү диэн сөхтө.
– Мин Элгээйи мусуойугар кини чуучалатын көрбүтүм. «Кыһыл кинигэҕэ» киирбит көтөр. Хоту баар дииллэр, – диэн ботугураатым.
Көтөрбүт биһиэхэ төрүт да кыһаллыбат курдук туттар. Төгүрүк, киэҥ, ап-араҕас харахтарынан чыпчылыйан да көрбөккө чоҕулуччу көрө-истэ олорор.
– Көрүҥ эрэ, тугу эрэ баттаан олорор буолбат дуо? Өссө чугаһаан көрүөҕүҥ эрэ, – диэн Аркаас иннин диэки сыҕарыйда. Биһиги эмиэ сэрэнэн хаампыта буоллубут. Онно дьэ, төһө да тыҥырахтаах көтөрүн иһин, син саалаах дьонтон чаҕыйда быһыылаах, булдун хаалларан бэрт чэпчэкитик көтөн таҕыста. Саха сирин сэдэх көтөрө төрүүр-ууһуур туундаратын хаалларан хайдах бу дойдуну булла? Тугу туппут эбит диэн баран көрбүппүт, сып-сылаас куобах эбит. Оо, онно фотоаппарааппын аҕалбатахпыттан хомойдум да этэ.
Салгыы сиһи хааман өссө биир куобаҕы өлөрдүбүт. Уваров үүтээнэ манан буолуохтаах диэн сирдьиппит куобаҕын үрүсээгэр уктаат, ыйбыт сирин диэки түһэ турда. Биһиги, кус оҕолорун курдук, батыһан бара турдубут. Киэһэ боруҥуйуута оруобуна Нимиидэҕэ Иннокентий Алексеевич өтөҕөр тахсан кэллибит. Лэгэнтэй оҕонньор үүтээнигэр баар эбит. Мантан Ытык Күөл икки көс ыраах. Онон оҕонньорго хонор буоллубут, былааммыт да оннук этэ. Кырдьаҕаһы кытта ыаһахтаһан, киэһэни билбэккэ аһардыбыт. Сарсыарда сынньанан, чэпчээн турдубут. Эмиэ тыаны кэтэн, Хаар Эбэ көмөтүнэн бары илии тутуурдаах, өттүк харалаах киэһэ сөпкө дьиэбитигэр кэлбиппит.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?