Электронная библиотека » Май Емельянов » » онлайн чтение - страница 3

Текст книги "Бүтэһик ботуруон"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 12:40


Автор книги: Май Емельянов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 3 (всего у книги 10 страниц) [доступный отрывок для чтения: 3 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Бастакы саа

Быраатым Март Николаевич ийэм Марфа Гаврильевна-Улахан Мааппа бииргэ төрөөбүт кыра балта Кыра Мааппа соҕотох оҕото. Үлэ, үөрэх сырсыытыгар дэриэбинэбититтэн тэйбиппит ыраатта. Онно билигин биирдэ эмэ охсуллан сылдьар ыалдьыппыт, хонон ааһар хоноһобут. Март Николаевич үөрэхтэнэн сэбиэскэй-партийнай үлэҕэ, кэлин нэһилиэк аҕа баһылыгынан уһуннук үлэлээбитэ. Сынньалаҥҥа тахсан, киин куоракка сиэннэрин биэбэйдиир. Булт туһунан бэйдиэ кэпсиирин сөбүлээбэт, ыган ылбыт ураты ахтыыларын олус сэҥээрэн киллэрдим.

Мин, аҕата суох улааппыт уол, эр киһи туттар сэбэ-сэбиргэлэ, булдун саата, ол-бу тэрилэ диэҥҥэ туох да сыһыана суох киһи улааттаҕым дии, эгэ, техникаҕа сыһыан кэлиэ дуо?

Тыа сирин оҕотун быһыытынан, бэһис кылаастан от үлэтигэр улахан дьону кытта сайыны быһа бииргэ үлэлиирбит. Онон дьону кытта сыһыаны, тыа сирин үлэтин-хамнаһын үчүгэйдик эппэр-хааммар иҥэрэн улааппытым. Ол эрэн оҕо эрдэхтэн аҕа үлэҕэ-хамнаска такайыыта суоҕа син биир олоххо биллэрэ чахчы.

Эр киһи быһыытынан ытык иэспин ийэ дойдубар төлөөн, 1974 сыллаахха эргиллэн кэлбитим. Ол икки сыл миэхэ улахан туһалаах буолбута. Аармыйаҕа Воркута куораттааҕы пограничнай этэрээккэ түбэһэн сулууспалаабыппын олохпор биир улахан табыллыым дии саныыбын. Ол курдук пограничнай сулууспа үрдүк дьиссипилиинэни, билиини, бойобуой сэби-сэбиргэли үрдүк таһымнаахтык баһылыыры, наада буоллаҕына сатабыллаахтык түргэнник туттары ирдиирэ. Ону таһынан бэйэ-бэйэҕэ өйөбүллээх доҕордуу сыһыаны олохтооһун этэрээккэ халбаҥнаабат ирдэбил буолара. Ол иһин куруук уостан түспэккэ кэпсэнэр «дедовщина» биһиэхэ суох этэ.

Онно тииргэ, «халлааны» да буоллар, аан маҥнай сааны эспитим. Киэһэ взводпут сержана Федоров үөрэтэр кэбиниэккэ киллэрэн аптамааты хайа балаһыанньаттан хайдах ытары, сыалы булларары, кыҥыыры истиэндэҕэ көрдөрө-көрдөрө үөрэппитэ. Ол кэнниттэн ротабар биир бастыҥ ытааччы буолбутум.

Сулууспам кэнниттэн дойдубар кэлэн, сөбүлүүр кыыспын көрсөн ол сыл ыал буолбуппут. Бастакы оҕобут Коля төрөөбүтэ. Иккиэн эдэр дьон буолан үлэлээн-хамнаан кэм хамнастанан уонна ийэм көмөтүнэн, ийэм бииргэ төрөөбүт эдьиийин кыыһа Маайалаах, күтүөппүт Балантыыннаах дьиэлэрин атыыласпыппыт. Аймахтарбыт буолан төлөбүрүн ыксаппатахтара, ол эрэн бары үлэлиир буолан, син түргэнник төлөөн бүтэрбиппит. Ыал аҕата буолан, туттар сэп-сэбиргэл тэриммитим. Дьэ, онтон саа наада буолбута. Дөкүмүөннэрбин хомуйан Ньурбаҕа киирдим. Доҕотторум «ТОЗ-34-Е» диэн булгу туттахха ботуруонун бэйэтэ быраҕар сааны ылаар диэн сүбэлээбиттэрэ. Маҕаһыыҥҥа оннук саа суох эбит, хаһан кэлэрэ биллибэт. Онон атыыһыт сүбэтинэн «ТОЗ-34-З» диэн сааны ыллым, онтум штучнай диэн син добуочча сыаналаах эбит.

Бултуу үөрүйэҕэ суох киһи бастаан үөрэнэ түһээри соҕотоҕун чугас эргин сайылык таһынааҕы күөллэринэн сырыттым. Куһу син көрөр этим да, олох таппат этим. Ол иһин, дьон көрөн күлүө дии санаан, соҕотох сылдьыбытым курдук бара турарым. Ол саҕана биэстэ эстэр саа саҥа тарҕанан эрэр кэмэ этэ. Уолаттар саҥа оннук саалары ылан баран «уоҕа бэрт, наһаа өрөтөр, ол иһин отой аллараа көрөн ытабыт» диэн кэпсэтэллэрин истэрим. Биирдэ ону өйдөөн кэллим. Дьэ туран, сыал ытан көрөргө сананным. Үрүсээкпэр сыал оҥосторго анаан хаһыат угуннум уонна дэрибинэттэн чугас Дылбаны диэн алааска бардым. Биир баараҕай тииккэ хаһыаппыттан хайытан сыал оҥорон ыйаатым уонна 60 хаамыылаах сиртэн ытан саай! Баран сыалбын көрбүтүм… биир да доруобунньук таппатах. Хайдах-хайдах баҕайыный диэн чинчийэн көрбүтүм, сыалым лаппа үрдүнэн доробунньалар тиит хатырыгар бачыгыраччы түспүттэр. Ол иһин иккиһин сыалым лаппа аннынан көрөн ыттым. Сыалбын баран көрбүтүм, ортотун арыый үөһээ өттүнэн хойуутук түспүттэр. Дьэ, ол кэнниттэн син табар буолбутум. Булка үөрэтэр-такайар киһитэ суох, соҕотох бэйэ үөрэнэрэ ыарахан этэ. Күөрэтэн ытарга эмиэ өр эрийсэн табар буолбутум.

Ийэм Марфа Гаврильевна пиэрмэҕэ ыанньыксыттыыра. Ол саҕана сопхуос муҥутуурдук сайдан турар кэмэ этэ, тыа сирин олохтоохторо дьэ арыый сэниэлэнэн быр бааччы олорон барбыттара. Бары даҕаны үлэни өрө туппут туруу үлэһит этилэр. Сааһыран баран санаатахха, кырдьык да, чаҕылхай дьон аттыбытыгар баалларын буолуохтааҕын курдук ылынар эбиппит. Хаһан эмит барыларын санаан «Дьоруойдар биһиги ортобутугар» диэн суруйар киһи дьон өйдүү-саныы сылдьарыгар, оҕолоругар-дьонноругар үтүө өйдөбүл буолуо этэ.

Арай биир киэһэ Туостаах сайылыгыттан дьиэбэр дэриэбинэҕэ быһа баран иһэн Хооллугаҕа кыратык кус маныы түһэргэ сананным. Кус көҥүллэнэн турар кэмэ буолан, онно-манна саа тыаһа иһиллэр. Киэһэрэн борук-сорук буолан, дурда-хахха оҥостор бокуой суоҕа, хомус быыһыгар киирэн турунан кэбистим. Биир да кус кэлэн ааспата, көппөт күнэ быһыылаах. Өссө кэтэһэ түһэбин дуу, суох дуу диэн сыҥааҕырда турдахпына, арай күөл баһын диэкиттэн биир кус көтөн күпсүйэн иһэрэ көһүннэ, хаптас гынным. Оччону көрөн баран ыраахтан кыҥаабытынан бардым. Ол туран хараҕым кырыытынан көрдөхпүнэ, биир кус үрдүбүнэн бастакы куһу кытта быһа охсуһардыы көтөн иһэр эбит. Кыҥаан туран быһа охсуһан ааһар кэмнэригэр ытан саайдым. Кустарым өс хоту кулахачыйбытынан сиргэ кэлэн тэйиэккэлэһэ түстүлэр. Үөрүүбүттэн ойон туран сүүрүөх курдук гынан эрдэпинэ, уу чуумпуга киһи саҥата:

– Тоҕо бэрдэй ити, – диэн соһутта, олоро түһэ сыстым. Көрбүтүм, кэннибэр сыыр үрдүгэр Алексеев Николай Федорович-Сырбатта диэн ыанньык сүөһү биир солбуллубат бостууга кэлэн турар эбит.

– Дьэ, нохоо, сааҥ үчүгэйэ бэрт эбит! Миигинниин сааҕын сааҕа атастас, эбии өссө харчынан төлөһүөм, – диэтэ.

– Ээ, суох. Баар-суох бастакы саабын атастаһар да, атыылыыр да санаам суох, – диэн кыккыраччы аккаастаатым. Ньукулай күлэн ылла:

– Үчүгэй сааны үчүгэйдик көрө-харайа сырыт. Оччоҕо үчүгэй сааһыт буолуоҥ, – диэн сүбэлии, алгыы хаалла.

Ол үөһэнэн көтөн иһэр халбалары аан бастаан холбоон түһэрбиппиттэн үөрбүппүн билигин да умнубаппын.

Байанайдаах «түүл»

Дьаархан киэҥ историялаах, үтүө дьонноох дэриэбинэ. Ол гынан баран, кыра буолбут буруйугар, түөрт эрэ кылаастаах оскуолалааҕа. Үөрэх ылар туһуттан бэһис кылаастан дэриэбинэ оҕолоро оройуон араас нэһилиэктэригэр көһө сылдьан үөрэнэргэ күһэллэллэрэ. Хас да оскуолаҕа көһүү кыра оҕолорго улахан охсуулаах буоллаҕа дии. Сырыы аайы үөрэххэ ситиһии мөлтүүрэ, саҥа оҕолору кытта алтыһыы ыарахаттарын тумнубаккын, учууталлары кытта саҥаттан сыһыаны олохтуугун. Төһөлөөх оҕо ону тулуйбакка үөрэҕи ылбатаҕа буолуой? Мин Ньурба оройуонун биэс нэһилиэгин оскуолаларыгар үөрэнэн орто оскуоланы бүтэрбитим. Ол барыта ийэм эрэйдээх кыһалҕата буоллаҕа дии, сырыы аайы оҕону олохтооһун, хайдах сылдьара буолла диэн санаарҕааһын.

Дьэ ол кыһалҕатыттан дьиэ кэргэн сүбэтигэр ийэм этиитигэр сөбүлэһэн, кэргэним дойдутугар, билиҥҥитэ Хаҥалас улууһун Сиинэ нэһилиэгэр, көһөр буолбуппут. Сиинэ сирин-уотун, дьонун-сэргэтин хара бастакыттан сөбүлээбиппит. Хаһан да, хайабыт да таах көһөн диэн санаарҕаабатахпыт, хаһааҥҥыттан эрэ билэр, күүтэр сирбитигэр, дьоммутугар кэлбит курдук санаммыппыт. Бу дойдуга кэлээт, кэргэним дьонун көмөтүнэн дьиэ атыылаһан олохпутун оҥостубутунан барбыппыт. Сүөһү атыылаһан, хотон туттан, ийэм эмиэ санаата көнөн, дьарыктаах буолбута. Кэргэмминээн иккиэн идэбитинэн үлэ булан үлэлээбиппит.

Бу дойдуга кэлэн кэргэним аҕатыныын, Леверьев Егор Трофимовичтыын, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕын кытта өрүскэ сылдьан балыктыырга уһуйуллубутум. Кэргэним Муся улахан эдьиийэ Нина Егоровна кэргэнэ Никодимов Николай Петровичтыын, сопхуос чулуу сылгыһытыныын, улахан булка сылдьыспытым. Биир үтүө күн кэргэним орто эдьиийэ Зоя Егоровна кэргэниниин, сопхуос кылаабынай агронома Николай Егоровичтыын кэпсэтэ олордохпутуна Ньукулай:

– Сылгыларбытын көрөн, тыаттан чугаһата таарыйа тайахтаары гынабыт. Лицензия баар, болдьоҕо бүтэрэ чугаһаата. Эһиги онно барсаҕыт дуо? – диэн ыйытта. Биһиги үөрэ-көтө сөбүлэстибит, иккиэн да тайахха сылдьыбатах дьоммут.

Сылгыһыттар Ньукулай уола Бүөтүрдүүн, табаарыһа Якушев Прокопий Николаевич уола Левкалыын аттарынан айаннаан сылгыһыттар базаларыгар Буурдаабыт диэн сиргэ кэлэн хоннубут. Кэлбит сирбит таһыттан биир улары бултаан үөрүүм улахан. Манна хонон чугастааҕы үрэхтэри кэрийдилэр, сылгыларын көрдүлэр. Үүтээн иһэ ыраас, аһыыр иһит-хомуос ууруллар сиригэр хомуллубут, барыта бэрээдэк. Сылгыһыттар тэтэрээккэ ханна сылдьан кэлбиттэрин, ханнык үөр ханна сылдьарын, хастарын, туруктара хайдаҕын суруйан иһэллэр эбит. Кыһын тымныыга мөлтөөбүт сылгылары хаайан аһатар хаһаалаахтар, отторо барыта орун-оннугар.

Мантан үөһэ Үнкүр диэн сиргэ хонуохтаахпыт. Бултуу таарыйа сылгыһыттар сылгыларын көрөн кэлиэхтээхтэр. Бу дойдуга сылгылара от үрэхтэринэн тарҕанан аһыыллар эбит. Син ыраах сири кэрийэн, баҕалаах булпут суолун да көрбөккө, киэһэ хараҥарыыта үүтээммитин буллубут. Үүтээн эмиэ сылгыһыттар киэннэрэ, саҥатык, үчүгэй баҕайытык хомуллубут. От да, мас да барыта эрдэттэн бэлэмнэниллибит. Оһох оттон, күөс күөстэнэн, аттарбытын сынньатан баран, от биэрэн аһата ыыталаатыбыт.

Икки күн ат үрдүттэн түспэккэ тыаны кэрийбит дьон сылайан да, Байанай да бэрсибэккэ санаабыт түһэ быһыытыйда. Элбэх эттээх миини бырылаччы иһэ-иһэ, кэпсэтэ олоробут. Борокуоппай оҕонньор эдэр сааһыгар таһаҕас тиэйэ сылдьан түбэспит моһоллорун, көрдөөх түгэннэрин кэпсээн сэргэхситэр, күллэртиир. Биһиэхэ, саҥа улахан булка сылдьар дьоҥҥо, төһө да сылайдарбыт, барыта интэриэһинэй, сонун курдуга. Онон дьоммутуттан хаалсымаары барытын билэ-көрө сатыырбыт.

Сытаары сылдьан Борокуоппай оҕонньор:

– Дьэ, саҥа кэлбит дьон үчүгэйдик утуйан сынньаныҥ, туох түүлү түһээбиккитин истиэхпит, – диэтэ.

Сарсыарда биэс чаас саҕана уһугуннардылар, ким аһылык астыыр, ким киэһээҥҥи маһы бэлэмниир, ким аттары дьаһайар – бары үлэлиибит, бэлэмнэнэбит. Ас бэлэм буолбутугар остуолу тула олордубут. Салайааччыбыт Ньукулай:

– Бүгүн икки аҥыы арахсан, тус-туһунан хайысхаларынан барыахпыт, – диэтэ. Ону-маны кэпсэтэ-кэпсэтэ аһыы олордохпутуна Борокуоппай:

– Хайа, саҥа дьон, тугу түһээтигит? – диэн ыйытта. Онуоха биллэҕим Ньукулай:

– Тугу да түһээбэккэ бэркэ утуйдум, сылаа киирбит, – диэтэ. Мин дьээбэлэниэх санаам киирдэ:

– Дьэ, тугу эрэ түһээтим, үчүгэй буолар буоллубут, – диибин. Бары кэпсээ да кэпсээ диэтилэр. Кырдьык-хордьук:

– Чэ, ол сатаммат, иччилээх түүлү мэнээк кэпсэммэт, туолуо суоҕун сөп, – диэтим. Уолаттар кэпсээ диэн хаайа сатаатылар да, суох аата суох, сатаммат диэн аккаастаатым.

Кырдьаҕастар тахсан аттарыгар бурдук биэрдилэр, биһиги иһиппитин, үүтээммитин хомуйдубут, таһырдьаттан киирэн Борокуоппай оҕонньор:

– Кырдьык, киһибит түүлэ туолууһук дуу, атастарбыт кэлбиттэр, – диэтэ. Хайа, ол кимнээх кэллэхтэрэй диэбиппитигэр, уолаттар күлсэн кэбистилэр.

Тахсан аттарбытын ыҥыырдаан айаннаан бардыбыт. Үүтээн таһынааҕы тииттэртэн икки суор батыһа көттүлэр, онуоха Борокуоппай:

– Ити Байанай бэрсэрин билэн, доҕотторбут аһаары батыһаллар, – диэтэ.

Кырдьык даҕаны, үүтэнтэн тэйээппитин кытта, ыттарбыт саарба саҥа барбыт суолугар түбэһэн, хаһыытаппытынан сүүрэ турдулар. Хайыахпытый, кэннилэриттэн суолларын батыһан истибит. Добуочча барбыппыт кэннэ, саарбабыт суолун тайах саҥа суола быһа охсон ааспыт. Ыттарбыт аны тайах суолун батан барбыттар. Дьэ, сэргэхсийии буолла, аттарбытын тиэтэтэн, эмиэ ыттарбыт суолун батыстыбыт. Булду эккирэтэ сылдьан сынньанар, тохтоон аһыы түһэр умнуллар эбит. Сарсыарда аһаан баран хонор сиргин түүн буллаххына баһыыба, ол иһин, бириэмэ көһүннэр эрэ, үчүгэйдик аһыахтааххын. Бу да сырыыга эбиэт умнулунна. Син добуочча уһуннук эккирэтии кэнниттэн ыттар үрэллэрэ иһилиннэ. Ньукулай:

– Тохтооҥ, мантан аттарбытын сиэтэн барыахпыт, – диэтэ. Барбалаан иһэн оҕонньоттор тохтоон тугу эрэ сүбэлэстилэр. Борокуоппай:

– Ыттарбыт биир сиргэ үрэллэр, – диир.

Ньукулай:

– Ол сэндэлэс мыраан үрдүгэр хамсаабакка үрэллэр, арааһа, кырдьаҕас сыппыт сирин булбуттар быһыылаах. Аттарбытын манна хаалларан барыаҕыҥ, – диэтэ.

Кырдьаҕастар чохорооннорун ылан, икки титириги быһан Куола биһиккиэҕэ туттардылар уонна ыттар үрэллэрин хоту бара турдулар, биһиги титириктэрбитин сүгэн дьоммут кэнниттэн батыһан истибит. Кыра мыраан курдук сиргэ тахсыбыппыт, ыттарбыт чахчы сэндэлэс сиргэ үрэллэр эбит, тоҕо эрэ сири хаһаллар. Куола биһикки, саҥа бу маннык улахан булка түбэспит дьон, дьиксинэрбит ханна барыай. Ол эрэн кырдьаҕастарбыт холкулар, туох эрэ эппиэттээх үлэни толорор курдук тутта-хапта сылдьаллар. Үөрүйэх дьон тыла да суох өйдөһөллөрө көстөр. Ону көрөн уоскуйа быһыытыйдыбыт. Чугаһаан кэлэн көрбүппүт, ыттар чахчы кырдьаҕас арҕаҕын булбуттар. Арҕах аана аһаҕас, атын өттүнэн дьөлө хаспыттар, үөһэттэн өҥөйө сытан үрэллэр. Куола биһикки кэпсэппит курдук титириктэрбитин арҕах аанынан кириэстии иһирдьэ астыбыт. Мин туоһапкалаахпын эрэ, Куола сүнньүөхтээх саалаах. Кырдьаҕастар иккиэн харабыыннаахтар, арҕах аанын уонна биһиги өттүбүтүн хонтуруоллуурдуу тураллар.

Дьонум холкуларыттан эрдийэн, аны аһары түһэн, хайдах эмэ гынан баттаһа ытан хаалбыт киһи диэн санаалаахпын. Тыас-уус иһиллибэт. Эдэр ыттар көннөрү иһигэр түһүөх курдуктар. Кырдьаҕас ыттар сэрэх соҕустар, аан утары туран үрэллэр. Эмискэ мин баттаан турар маһым дьигис гынна, иһирдьэ туох эрэ күлүкүс гынарга дылы буолла. Мин туһаайа түһээт, туоһапкабынан ытан «тас» гыннардым. Ону кытта саалар тыастара сатараата. Дьонум бүттэ диэтилэр. Мин көрдөхпүнэ туох да уларыйбатахха дылы, ыттар үрэллэрин курдук үрэллэр. Туох да тыас-уус иһиллибэт курдук. Өйдөөн көрбүтүм, дьонум ыттар дьөлө хаспыт сирдэрин көрөллөр, ыттарын уоскуталлар. Арҕах иһигэр туох да көстүбэт даҕаны, хамсаабат даҕаны. Арба, булт суруллубатах сокуонунан саамай эдэр киһи арҕахха киириэхтээх диэн салла санаатым. Ол эрэн булт төлөрүйбэт сокуона буоллаҕа дии, ханна барыамый, киирэр буоллаҕым диэн бэйэбин бэйэм уоскутунабын. Туран дьоммор тиийбитим, дьөлө хаһыллыбыт сиринэн тыатааҕы төбөтө көстө сытар эбит. Хайаҕаһы кэҥэтэн, быалаан кыылбытын соһон таһаардыбыт. Үс-түөрт саастаах оҕо кыыл эбит диэтилэр. Эдэр буолан арҕаҕын аһаҕас, хаххата суох сиргэ уонна чычаас гына хастыбыт. Ол иһин ыттар түргэнник дьөлө хаспыттар. Дьоммут кыайан кыстыа суох эбит дэстилэр. Ол сылдьан кырдьаҕастар тэллэҕин дуомун тарыйан ылан аттыгар бырахтылар. Мин чэпчээн «һуу» гына түстүм. Сүлэн астаан баран Борокуоппай кырдьаҕас:

– Март Николаевич туоһапканан кэннигэр түһэрбит, онтон соһуйан ыттар хаспыт хайаҕастарынан былтас гыммыт эбит, – диэтэ. Ону кырдьаҕастар төбөҕө түһэрбиттэр.

Мин ыксаан ыппыппын туох да диэбэтилэр эрээри, улахан булка сылдьан ыксал буолар сэрэхтээҕин өһүллүбэт гына өйдөөбүтүм. Арай кырдьаҕас кыылга түбэспит буол, мин ыппыппар кыыһыран утары ойон тахсыбыта буоллар сыыһа-халты туттуу буолуон сөп этэ.

Кыылбытын астаан баран кулуһун оттон, сир-дойду иччилэрин аһаттыбыт, Байанайга махтанныбыт. Киэһэ үөрэн-көтөн үүтээммитигэр эргиллибиппит дьоммут суохтара. Эмиэ маспытын бэлэмнээн, оһох оттон, ойбон алларан, уу баһан күөспүтүн буһардыбыт. Тыаҕа сылдьар дьон сынньанар диэни билбэттэр, күнү быһа ат үрдүгэр олорон айаннаан, булт суолун сонордоон, эккирэтэн күҥҥүн барыыгын. Оттон түүн үүтээҥҥин буллаххына дьиэ үлэтэ эйигиттэн син биир куоппат. Сарсыарда биэс саҕаттан эмиэ эрэл кыымнаах булт унньуктаах эккирэтиһиитэ саҕаланар.

Дьоммут ас буһарын саҕана кэллилэр. Таһырдьа саҥалара-иҥэлэрэ хойдубутуттан, күлсэллэриттэн иһиттэххэ, арааһа, үчүгэйдэппит быһыылаахтар дии санаатыбыт. Уолаттар киирэн налыччы сылгыларын үөрдэрин кэрийбиттэрин, сылгы базатын диэки салайбыттарын, бары этэҥҥэ эмис-тот сылдьалларын туһунан кэпсээтилэр. Онтон ырааҕынан эргийэн, сылайан төннөн иһэн ыттара биир атыыр тайаҕы хаайбытын охторон астаабыттар уонна лаабыстаан баран, хата наһаа ырааҕа суох буолан, эрдэ соҕус кэллибит диэтилэр. Онтон өйдөөн Борокуоппай:

– Дьэ, арба даҕаны, Март Николаевич, били байанайдаах түүлгүн кэпсээбэккин ээ, – диэтэ. Мин кыбыста санаатым, оонньоон, санааларын көтөҕүөм диэбитим, дьонум чахчы итэҕэйбиттэр эбит.

– Ээ, суох, түүлбүн дьоҥҥо кэпсээччим суох, – диэн оонньуу-күлүү курдук эттим. Онуоха кырдьаҕастар сөпсөстүлэр. Эрэллээхтик сылдьан түмүгэ баар буолла да быраап диэн буолла.

Юдомаҕа

Ивановтары кытта Солнечнайга тиийэн билсибиппит. Николай Федотович оччолорго Дьугдьуур кэмбинээтин дириэктэрин каадырга солбуйааччытынан, кэргэнэ Раиса Николаевна оройуон балыыһатын кылаабынай сиэстэрэтинэн үлэлииллэрэ. Лена уонна Валя диэн институкка үөрэнэр оҕолордоохторо. Күһүн аайы Эльдиканныыр суол Сүүһүс (Суотай) биэрэстэтигэр баар учаастагар тахсан соҕотоҕун бултуура. Олус булчут киһи уонна, миэнин курдук буолуо дуо, учаастага олус баайа. Көрүстэрбит эрэ булт айдаана буолара. Онно араас мүччүргэннээх түгэннэргэ түбэспитин туһунан уһун киэһэлэргэ кэпсиирэ.

Биһиги кэлиэхпит иннинэ кинилэр Югоренокка олоро сылдьыбыттар. Манна сөмөлүөт түһэр оҥоһуулаах хонуулааҕа. 1978 сыллаахха Уус Маайаҕа норуот хонтуруолугар үлэлии сырыттаҕына баартыйа Николай Федотовиһы Югоренокка «Юрскай» шахтаҕа партком сэкирэтээринэн ыыппыт.

Николай Федотович билсэн-көрсөн баран, эһиилигэр бөһүөлэктэн сэттэ көс аллара Ытыга диэн Юдома үрэх салаатыгар бултуурга дуогабардаһан сир ылбыт. Күһүн кыдьымах киирэ турдаҕына «Крым» диэн оҥочонон ол сиригэр суол-иис көрө барбыт. Юдома устун бултуур сиригэр сөпкө этэҥҥэ тиийбит. Ытыга төрдүгэр урут дэриэбинэ турбут. Манан Айааҥҥа барар айан суола ааһара эбитэ үһү. Билигин онно биир эрэ дьиэ ордон хаалбыт. Ол аттыгар булчут эргэ үүтээнэ баарыгар Ньукулай хоно сылдьан бултуур буолбут. Мантан биэс биэрэстэ өссө аллараа Бүөтүр Бөтүрүөбүс Сахаарап диэн кырдьаҕас олорбут. Кинини кытта күһүн балыктыы сылдьан билсибит. Саас аайы Нелькан-Айаан-Охотскай тыраассатын диэки 120 биэрэстэлээх сиргэ түөрт буолан икки оҥочонон баран балыктыыллар эбит. Үстүөрт хонукка балтараа-икки сүүстээх буочукуларга быйыты, дьарҕааны, лембаны ыгыччы тууһаан кыһыҥҥы аһылыктарын булуналлара үһү. Төннөн иһэн Бүөтүр оҕонньорго хайаан да тохтоон ааһаллара. Кини онно кэргэнинээн олохторун оҥостон, оҕо төрөтөн, үлэ бөҕөтүн үлэлээн олорбуттар. Бүөтүр манна төрөөбүт сирэ. Кини сахалартан бастакынан Т-80 уонна Т-100 тыраахтардарга бириискэлэргэ үлэлээбит, Ленин уордьаннаах киһи. Кырдьар сааһыгар диэри Югоренокка олорбут.

Биэрэккэ тиксибитигэр алта ыйдаах Дохсун диэн ыта бастакынан сиргэ ойбут. Үөһэ тахсаат, үрбүтүнэн барбыт. Түүн хаар түспүт, онон биэрэк сыа хаарын киис суола ылан кэбиспит. Ону көрөн Ньукулай бултаах сири биэрбиттэриттэн үөрэ санаабыт. Үөһэ тахсан көрбүтэ, ыта үүтээни эргийэ сүүрэ сылдьан үрэр эбит. Дьиэ иһигэр баар киһини үрэр дуу диэн муодурҕаабыт. Арай чугаһаан кэлэн көрбүтэ, Дохсуна кииһи үрэ сылдьар эбит. Ону көрөн, булчут табаарыстаммытыттан сүрдээҕин үөрбүт. Кииһэ тоҕо эрэ куоппат, өссө киниэхэ мордьойон утарылаһа сылдьар эбит. Ытын үөрэтэ түһээри, кыратык охсуһуннара түспүт. Туоһапкатын ылан, дириҥээри гыммыт мөккүөрү тохтоппут. Дохсунун икки сааһыгар да тириэрдибэтэхтэр, уоран ылбыттар.

Били балаҕан ыйыгар Сахаарап аттыгар балыктыы сылдьан биир тайаҕы өлөрбүттэр. Ол тайах этиттэн, күһүн кэлэн бултуом диэн, үүтээнин үрдүгэр биир атаҕы хаалларан ааспыт. Ону киистэр булан сиэн күннээбиттэр.

Киэһэ үүтээнин аттыгар хас да хапкааны ииппит. Сарсыарда онтон икки кииһи, кэлин өссө иккини ылбыт. Онон булт саҕаланыытыгар биэс киистээх тиийбит. Ити дьыл ытынан уонна хапкааннаан түөрт уонтан тахса кииһи бултаабыт. Ити Хабаровскай кыраайтан миграциялаабыт киистэр буолуохтаахтар диирэ.

Биирдэ Ытыга төрдүттэн аллара Юдома үрэх уҥа өттүгэр, Ытыга-Айаан-Охотскай тыраассатын чугаһыгар баар үрүйэҕэ балыктыы сылдьыбыт. Онно Охотскайтан сылдьар эбээн оҕонньорун көрсүбүт. Кини Ньукулайга биир түбэлтэни кэпсээбит.

Юдома тоҥмутун кэннэ, балыктаах дьаама уута баран, балыктар тоҥон хаалбыттарын киистэр булбуттар. Онтон бэрт кылгас кэмҥэ оҕонньор отучча кииһи бултаабыт. Дьэ, байанайдаах булт буолбат дуо!

1982 сыллаахха Ньукулай саҥа бурааны атыыласпыт. Сэтинньи ый саҥатыгар Ытыга үрүйэҕэ хапкааннарын көрө сарсыарда эрдэ туран барбыт. Үксүн Юдома хаҥас биэрэгинэн айаннаабыт. Суолун кылгатаары мууһунан киирэн барбыт. Кэннигэр толору таһаҕастаах сыарҕаны состорон испит. Оннук баран иһэн малын эргийэн көрбүтэ, сыарҕата мууһу алдьатан иһэр эбит. Ньукулай бытаарда да ууга түһэрин адьас билэрэ. Ол иһин эбии гаастаан биэрбит уонна уҥа диэки тутан биэрэккэ ойутан тахсыбыт. Сатыы төннөн суолун көрбүтэ, бураан тосту үктээбит мууһун устун сыарҕата кэлбит. Ыт буола сыспытын көрөн этэ саласпыт. Биэрэк устун суолунан Ытыга утары кэлэн, үрэҕи этэҥҥэ туораан үүтээнигэр тиийбит. Киһини күҥҥэ 44 оһол күүтэр дииллэр. Бу сырыыга кини ууга түһүөҕүн сэрэҕэ абыраабыт.

Саҥа дьыл кэнниттэн эмиэ бултуу Ытыгаҕа тиийбит. Кэлээт да үрүйэ устун үөһэ хапкааннарын көрө ааспыт. Учаастагын уһугар диэри туох да быһылаана суох тиийбит. Үрүйэ тааҥнаах сирдэрин тумна сылдьыбыт. Ол эрээри төннөн иһэн сыарҕата тааҥҥа түһэн ыараан хаалбыт, бураана кыайбакка тоҥуу хаарга буксуйбут. Инньэ гынан Ньукулай сыарҕатын араарбыт. Кини үрдүк сотолоох эбэҥкилэр этэрбэстэрин кэтэ сылдьыбыта тымныйыыттан быыһаабыт. Этэрбэһэ тобуктарын сабар буолан, атаҕар уу да, хаар да киирбэтэх. Уонна кэргэнэ Раиса Николаевна алдьаммыт таҥаһынан Ньукулайы тыаҕа таһаарбат да буоллаҕа дии. Бураанын анньан мууска таһаарбыт. Онтон сыарҕатын уһун быанан состорон ылбыт. Сыарҕатын холбоноот, түргэн соҕустук үүтээнин диэки суолун устун элээрбит. Тиийэн бастаан оһоҕун оттубут. Этэрбэстэрин бэрт эрэйинэн чааһы быһа устубут. Итии чэй оргуттан иһэн уонна биир иһит арыгылаах буолан туох да буолбатах. Оттон бураанын оһохтоох балааккаҕа киллэрэн, сарсыныгар холкутук эһэн тыатыгар тахсыбыт.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации