Электронная библиотека » Михаил Иванов » » онлайн чтение - страница 1


  • Текст добавлен: 18 апреля 2024, 17:00


Автор книги: Михаил Иванов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 1 (всего у книги 4 страниц) [доступный отрывок для чтения: 1 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Иванов Михаил Егорович-Чуона Мэхээлэ
Ситтэрбэти ситээри

СИТТЭРБЭТИ СИТЭЭРИ, ТЫЛ ОҺУОРУНАН СИМЭЭРИ…

Киһи олоҕо – айан. Киһи төрүөҕүттэн иннин диэки дьулуһар: оҕо эрдэххэ – тута-хаба, көрө-билэ охсоору, эдэр кэмҥэ – олох умсулҕаныгар устаары, былыта суох саҕахтары арыйан иһээри, сааһыран, түспэтийэн баран – өссө да сиппэтэҕи ситээри уонна ааспыты, саатар, санааҕа эргитээри…

Үөһэттэн өҥөйөн көрдөххө, карта биир туочуката – кыра сир лоскуйа, оттон Сири тыыннаан олорор киһи тэбэр сүрэҕин үйэтигэр тэҥҥэ сылдьар өйдөбүлэ, өйөбүлэ – төрөөбүт дойдуга – сайдыы модун сүүрүгэр суураллан сүтүүтэ, ол сүтүк ахтылҕан ааспат аалыыта буолуута, Сир Ийэҕэ киһи төрөөбүт дойдулаах буоларга толору бырааптааҕа, «сайдыы» ким эрэ эстиитин төрдө буолуо суохтааҕа, өйгө-сүрэххэ иҥмит төрөөбүт буорга хаһан эрэ «хатыҥ чараҥ суугуна дьүрүскэн буолан иһиллибит», «кырылас кумаҕа кырыымпалыы ыллаабыт» тыыннара – Михаил Иванов-Чуона Мэхээлэ поэзиятын биир сүрүнэ буолар.

 
«Хас биирдии киһини дойдута,
Төрөөбүт түөлбэтэ күүтүөхтээх,
Үс кута үөскээбит уйата
Күүс-күдэх киниэхэ биэриэхтээх»,
 

– диэн, поэт бэйэтэ эппитин курдук, киһи төрөөбүт түөлбэтиттэн күүс-күдэх ылар, тирэхтэнэр, кынаттанар. Оттон төрөөбүт түөлбэтэ «сайдыыга» суураллан сүппүтүн да иһин, поэт Чуона Мэхээлэ поэзия күүһүнэн тилиннэрэн, хагдарыйбыт «ньургуһуну иккистээн тылыннарбытын» курдук, дьон сүрэҕэр тыыннаах тылларынан кутар:

 
«Кэҥээбит урсуна налыйан,
Кытылын сибэкки симээбит,
Кырылас кумаҕа тэлгэнэн,
Кырыымпа кэриэтэ ыллаабыт.
 
 
Күөрэгэй ырыалаах хонууга
Күөх ача күөгэйэ долгуйбут,
Хатыҥнаах чараҥын суугуна
Сэбирдэх сиккиэрин түһэрбит.
 
 
Чуонаны харыстыыр, көмүскүүр
Тиит мас хаххалаах дьирбиилэр,
Имигэс, күөгэҥнэс талахтар,
Эркиннии сабардыыр хайалар»,
 

– бу Чуона Мэхээлэ «Айанньыт кубалар намтааннар…» поэматыттан быһа тардыыга Күннүк Уурастыырап кэрэ дьикти Амма кытылын «тыалыра турар талахтарын» сайаҕас тыала илгийэр.

«Айанньыт кубалар намтааннар…» поэма 9 чаастан турар, аарыма кырдьаҕас санаатынан бэриллэр айымньы. Поэмаҕа быстах санаа тууйуллуутугар оҕустаран, муннугу-ханныгы кэйэ сатааһын суох, ол оннугар «соҕотох сулуһу санатан кытылга кыламныыр кулуһун аттыгар ыар дьэбир санааҕа баттаппыт кырдьаҕас» дойдутун дьылҕатын анаарыыта суруллар. «Түүн түһээн, төрөөбүт түөлбэтигэр бар дьонун көрсөн, алгыстаах тылларын истэн» «силбиги күөнүнэн силэйэн, кырдалы кэрийэ сүүрэр». Туой Хайа, эмиэ бу аарыма кырдьаҕас курдук, сыл-хонук тыалыгар иэдэһин тоһуйан, Ийэ Айылҕа уонна Киһи биир ситимнээхтэрин туоһута буолан, дьиппиэрэн турар:

 
«Туой Хайа киил киппэ санныгар
Сылайан дьиппиэрбит үйэлэр,
Тайанан күүс-күдэх ыланнар,
Дьоһуннаах айаны салҕыыллар.
 
 
Сааһыран саһарбыт иэдэһин
Сыл-хонук тыалыгар тоһуйар,
Ардах-хаар үөһэттэн суккуллан
Өбүгэм суолларын суурайар…».
 

Оттон быраман дьыллартан «систэри, маардары туораабыт, сыһыылары, хочолору силэйэн, сыркы, сүүрээн тардыһан, таһымныы, дьалкыйа кэҥээбит кыыс кэрэ Чуона барахсан, өрүүлээх суһуохтуу субуллан, маанылаах хотуннуу нэлэйбит». Поэт маннык тыыннаах тылларынан төрөөбүт өрүһүн хоһуйар, кэрэ кыыска, хотун дьахтарга холуу көрөр:

 
«Бу маннык уу нуурал дойдуга
Таптал уйата тутуллубут,
Оҕо-аймах көрдөөх күлүүтэ
Сүрэҕи үөрүүнэн толорбут».
 

«Тэлэллибит тэргэн суоллардаах, арыллыбыт киэҥ аартыктардаах», ойуурга көтөрө-сүүрэрэ, күөллэргэ көмүс хатырыктааҕа толору, быыппастар былчыҥнаах уоланнардаах, кыталык кылбаа кыргыттардаах «баайталым олох устубут» дойдутун дьоно, хоту дойду дьонун үөрүнньэҥ майгытынан, маҥнай алмаас таас көстүбүт сураҕын истэн үөрбүттэр, «алдьархай ааҥнаан кэлиэхтээҕин түүллэригэр да көрбөтөхтөр».

 
«Арҕааттан халҕаһа былыттар
Алдьархай илдьитэ буоланнар,
Сир-дойду үрдүнэн ааҥнааннар
Сабардыы халыйан тахсаллар.
 
 
Туой Хайа ыаһыран, уордайан
Тыйыстык хаастара түрдэстэр,
Чуонабыт өрүтэ түллэҥнээн
Балысхан бааллара ынчыктыыр.
 
 
Этэллэр эҥсиллэр этиҥнэр,
Лиһигир, лүһүгүр сүүрэннэр,
Чуонаны далайга тимирдэр —
Хомолто сураҕа тарҕанар…».
 

Муҥутуур сайдыы киһи дьылҕатын аахсыбакка, дьулуруйа турара трагедияҕа тиэрдэр. Ааптар бу аан дойдуга буолар быһыыны-майгыны, таһыттан көрдөххө, сахалыы холкутук, дьиппиэнник, киһи өссө көмүскэнэр кыахтаах туругун тутан олорон суруйар. Ол хоһоон формалаах поэма, ханнык да риторическай ыйытыылара суоҕуттан, маннык түбэлтэлэргэ литературнай айымньыларга үксүн туттуллар норуот тылынан уус-уран айымньыларын тыла-өһө кэлимсэнэн киирбэтэхтэриттэн көстөр. Онон айымньы тыына өссө итэҕэтиилээхтик, ааҕааччыга судургутук тиийэрэ ситиһиллэр. Онно күүс-көмө буолар – хоһоонунан айымньы тэтимэ, рифмата. Сиэмэх кыыл кэриэтэ барыны мэҥиэстиэх долгуннар барылаан, часкыйан кэлэннэр Таас Дьахтарга кубулуйбут Чуона атаҕар кэтиллэн, «күүгэннии оргуйаат тохтууллар, уҕараан, уохтара намыраан, эриэн үөн буоланнар сыҥаллар». Дьэ, манна:

 
«Айанньыт кубалар намтааннар
Уу кырсын кырыйа көтөллөр,
Күөх ньээкэ түөлбэни суохтааннар
Кутурҕан ырыатын тардаллар…».
 

Кубалар маанылаах, эйэлээх көтөрдөр, кутурҕан ырыатын тардан, айылҕа алдьаммытыттан хараастыыны, айманыыны көрдөрөллөр. Кинилэр М. Горькай Буурҕаһытын курдук кыырыктаах далай үрдүнэн тэлээрэ көппөттөр, намтаан, түһэн ааһар күөх ньээкэ түөлбэлэрин көрдүүллэр… Кинилэр охсуһар кыахтара суох, кутурҕан бэлиэтэ буолаллар. Мантан курус санаа үүйэ тутар – аар Айылҕабыт инникитэ хайдах буолуой. Киһи, кырдьык даҕаны, өйдөөтөҕүнэ, биллэҕинэ эрэ инники суолу ыйдаҥарда сатыан сөп. Төрөөбүт дойдутун сүтэрбит киһи, эдэр оҕо сылдьан абарбыт-сатарбыт санаата тааһыран, билигин бэйэтэ сааһыран, төннөрөр кыаҕа суоҕун билинэн, абатын-сататын сүрэҕэр сөҥөрдөн, суламмакка, кэп туоммакка, охсуһууга ыҥырбакка, аарыма кырдьаҕас, ол аата, мин санаабар, үгүс үйэлэри туораабыт норуот уобараһа буолан, мындырдык өйдөтөр, сэһэргиир, дьон сүрэҕэр айылҕа айбытын алдьатыы туохха тиэрдиэҕин этэр…

Ааптар:

 
«Бар дьону букатын тумуннун
Дойдуну сүтэрии иэдээнэ»,
 

– диэн санаанан поэматын түмүктүүр.

Чуона Мэхээлэ «Сэргэ туһунан номох» поэматыгар норуотун кытта биир тыыннаах, сиргэ чиҥник үктэнэн турар, мындыр саха киһитин уобараһа сэргэни кытта ситимнэнэн көстөр. Былыргы өбүгэтин өтөҕөр буор саха сыдьаана кэлэн, кырдьаҕас сэргэлиин алтыһан, өспүт үйэлэр дуорааннарын өйүгэр-сүрэҕэр иҥэринэр. Саас баттаан сиҥнибит балаҕан, кытыастар кыымнарын сүтэрбит көмүлүөк онно, дьыл-хонук ардаҕа суурайбыт дьон-сэргэ суолун омооно ааспыт кэм туманыгар суураллан өлүктүйбүт буоллахтарына, арай «ааспыт кэм им-дьим кэрэһитэ – тэлгэһэ сэргэтэ» билигин да саҥата суох поэт дууһатыгар элбэҕи кэпсиир. «Наҕыллык мин диэки иэҕэйэн» диэн бу кыра этии дириҥ суолталанан тахсар – сэргэ хойдубут салгыны силэйэн кэлбит уолугар сыста түһэн, кэпсээн барар. «Бар дьон ыарахан да кэмин билэн, умнаһа харах уутунан хайыта суураллыбыт», «дьон-сэргэ баай-талым олоҕор Дьөһөгөй маанылаах оҕотун хонноҕун сылааһыгар туппут» сэргэ барахсан, билигин алаас-алаас аайы им-дьим иһийэн туран, оо, элбэҕи да санатар, кэпсиир буоллаҕа. Ону «сайдыылаах» олох хаҕыс тыала тоҥорботох, ириэнэх уйулҕалаах эрэ киһи истэр-билэр…

Поэма тыла-өһө сааһыламмыта, чиҥэ ааҕыллымтыа оҥорор. Тылынан ойуулааһын киһини өссө умсугутар, сэргэ турар алааһыгар, ол аата өбүгэ тыынын эйгэтигэр киллэрэр:

 
«Былыргы өтөххө кэлэммин
Хойдубут чуумпуну аймаатым,
Аастыйбыт салгыны ыймахтаан
Хас да сүүс саастаахтыы сананным».
 

Дьон-сэргэ биллибэтэҕэ ыраатан, салгын «хойдубут», бэл, «аастыйбыт», сэргэлээх былыргы тэлгэһэ эйгэтин салгына хойдон-хойдон, таастыйан, киһи санаатын да утаҕа кыайан киирбэт буолбата буоллар дии саныыгын… Поэт дууһалаах киһи «үйэлэр быылларын оймоон, ситтэрбэт номоҕу сырсар».

 
«Очуостуу дьиппиэрбит сыллартан
Кырыарбыт илдьити мин туттум», —
 

диэн поэт эппитэ – аастыйбыт салгын анараа өттүттэн «айаннаан» кэлбит кырыарбыт «илдьити» ааҕааччыга чугаһатан, киһи хараҕар илэ көстөн кэлэрдии оҥорор. Бу – санаа күүһүн тылынан киһи уйулҕатыгар тиэрдии күүһэ!

 
«Кыргыһыы сэмнэҕин санатар
Кыа хаанныы кытарар эмэхтэр
Кыдыйсар кыдьыктаах сахтартан
Кырыыстаах үйэни кэпсииллэр»,
 

– диэн, кырыыстаах кыргыс үйэтин хартыынатын бу түөрт строка ууран биэрэр.

 
«Арай дьон хаалларбыт мэҥэтэ
Тэлгэһэ сэргэтэ тураахтыыр —
Ааспыт кэм им-дьим кэрэһитэ
Саҥата суох элбэҕи кэпсиир».
 

Поэт сэргэ уобараһын инникилээх, кэскиллээх оҥорор. «Былыргы быраман дьыллартан күн тохтуур биир ытык күнүгэр», ол аата ыһыах күн, «Аар Кудук Чэрчи Мас чыпчаалын үөһээҥҥи айыылар булаллар». «Урааҥхай олоҕо ойууламмыт сиэдэрэй оһуордаах сэргэ» таһыгар сылгылар кистииллэр, халлааҥҥа тойон кыыл элиэтиир. Ол эрэн «арҕааҥҥы аргыарга үрдэрэн, дохсуннук айанныыр олох эрдиитэ суох оҥочо курдук дагдаҥныыр», туох да тохтоппот тэтимнээх олох айаныгар «быыппастар маҥан ат миҥэлээх алаас сайыһан далбаатыыр». Олох тэтимин дохсун долгунугар, алаас, сэргэҕэ баайыллыбыт Дьөһөгөй оҕото көмүскэл, харысхал буолуохтара диэн поэт сырдык, эрэл санааны саҕар.

Чуона Мэхээлэ бу ахтыллыбыт икки поэмата, чахчы да, сахалыы тыыннаах ааҕааччы кутун-сүрүн тутуох, киһи өйүн-санаатын долгутуох, элбэҕи толкуйдатыах айымньылар. Дойдуга, олоххо тапталы өрө туппут, ону уус-уран тыл күүһүнэн дьон сүрэҕэр тиэрдэр айымньылар быһыытынан сыаналанан, саха литературатыгар бэйэлэрин миэстэлэрин булуохтара диибин.

Чуона Мэхээлэ «Сүрэхтэн тахсар тылларым», «Иккиһин тыллыаҥ дуо, ньургуһун…» кинигэлэригэр, эмиэ бу «Ситтэрбэти ситээри» кинигэтигэр курдук, айылҕа уонна киһи биир ситимнээхтик хоһуллаллар. Төрөөбүт буор ахтылҕана, дойдуга таптал кини хоһоонноругар мэлдьи сүрүн миэстэни ылаллар. Дойдутун сандаарбыт бөһүөлэгэ, долгуйар сибэкки муората, лиҥкир тиит ойуура, хатыҥнаах чараҥа, дьоно-сэргэтэ тоҕуоруспута түүлүгэр көстөллөр, онтон кэрэ түүл, олох кырдьыга буолан, хаһан да хоруй ылбат сүрэх кыланыытыгар кубулуйар:

 
«Күүһүрэр ахтылҕан ыарыыта
Сыл-хонук аастаҕын аайытын:
Ханнаный, мин дойдум – Туой Хайа?!
Ханнаный, хаарыаннаах мин Чуонам?!».
 

Бу даҕаны түбэлтэҕэ поэт трагедията бэйэтин иһигэр хаалар, буруйдааҕы көрдөөн, ситиһэ сатаан түмүк оҥорбот, хоһоонунан этиллэр санаа аһаҕас хаалар. Онон өссө ордук итэҕэтиилээх, ааҕааччыны соруйан туох эмэ санааҕа аҕала сатааһын суоҕа көстөр. Ол аата – дьиҥнээх поэзия.

«Поэзия күүһүнэн ньургуһун барахсаны иккиһин тылыннарар дьоҕурдаах поэттар баар буолбуттарыттан үөрэ саныыбын», – диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай поэта Иван Мигалкин Чуона Мэхээлэни поэт быһыытынан үрдүктүк сыаналаабытын толору ылынабын. Чуона Мэхээлэ поэзиятыгар айылҕа тыыннааҕымсытан ойууланара үгүс: курус күһүн өксүөн тыалга мэ-ҥэстэн кэлэр, хатыҥнар халадаай ырбаахы кэтэн чараҥҥа мусталлар. Хайдах курдук киһи хараҕар холустаҕа түспүт тэҥэ хатанан хаалалларый, маннык тыл күүһүнэн таҥыллыбыт хартыыналар:

 
«Сырдыкка, аал уокка тиэтэйэн
Отчуттар тыылара кылбаҥныыр,
Солбуһа эрдиилэр күөрэҥнээн
Салбахтар хоптолуу дайаллар.
 
 
Куукуйдаах үрэҕин үрдүнэн
Күөх туман наҕыллык айанныыр,
Аастыйбыт баттаҕын долгутан
Киэһээҥҥи Бүлүүлүүн куустуһар.
 
 
Сардаҥа утаҕа умуллан
Уҥуоргу сис хайа дьааһыйар,
Түлүк уу сабардыы халыйан
Уйаҕас долгураҥ сатыылыыр».
 
(«Сүлдьүкээр киэһэтэ»)
 
«Күн тиит мас мутугар олорон
Көмүс ый тахсарын кэтэһэр,
Күөл уутун сиэркилэ ньууругар
Кып-кыһыл сирэйин көрүнэр».
 
(«Сүрэҕим үөрүүнэн угуттуур»)

«Сүрэхтэн тахсар тылларынан» «ньургуһуну иккиһин тылыннарар», «ситтэрбэти ситэ» сатыыр поэт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх юриһа, Российскай Федерация суутун систиэмэтин Бочуоттаах үлэһитэ Михаил Егорович Иванов-Чуона Мэхээлэ инникитин даҕаны маннык үтүө айымньылары суруйа туруо, саха литературатын байытыһыа дии саныыбын.

Галина Фролова,
поэт,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун солбуйааччы бэрэссэдээтэл

Хоһооннор

Чорооннуу чочуйуом
 
Хомоҕой тылынан
Хоһоону хоһуйуу…
Чочуонай быһыылаан
Чороону чочуйуу!
 
 
Тыллары сырсаҥҥын
Түүн-күнүс мөхсөҕүн…
Чоруун мас көрдөөҥҥүн
Чээл тыаны батаҕын.
 
 
Дьүөрэ тыл булаҥҥын
Иэйиигин этэҕин,
Оһуору тиһэҥҥин
Дьол маһын кыһаҕын.
 
 
Хоһооҥҥун ааҕаҥҥын
Сүрэҕиҥ манньыйар,
Чорооҥҥун көрөҥҥүн
Хараҕыҥ уоттанар!
 
Ыам ыйа, 2015 с. Дьокуускай к.
Саха балаҕана
 
Саханы Саха омук дэппит
Туруорбах балаҕаны көрөбүн,
Халадаай ырбаахытын кэппит
Саха эмээхсинигэр холуубун.
 
 
Саха мааны эмээхсининии
Ыалдьыты сүрдээҕин кэтэһэр,
Баарынан-суоҕунан маанылыа —
Ол онтон дуоһуйан мичийэр.
 
 
Киһиэхэ эрэлин бэлиэтэ —
Хаһан да хатаммат халҕана,
Көмүлүөк аал уотун күлүмэ —
Сылаас сыһыанын сыдьаайа.
 
 
Саха балаҕана барахсан
Аас-туор аргыарын кыйдыаҕа,
Сылайбыт-элэйбит айанньыт
Сынньаныа, сылаатын таһаарыа.
 
 
Кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга
Холумтан сылааһа ириэрэр,
Сайыҥҥы сыралҕан куйааска
Сөрүүн салгына имэрийэр.
 
 
Килэйэн-халайан дьэндэйбит
Күндү дыбарыас да буолбатар,
Хас саха сүрэҕин мэлдьитин
Иһирэх өйдөбүл манньытар.
 
 
Төһөлөөх элбэх үтүө дьон
Куорсун анньынан балаҕантан
Бар дьонун аатырдар аналлаах
Үрдүккэ көппүтэ буолуоҕай?
 
 
Саха сылаас балаҕаныгар
Баараҕай бокулуон уурабын,
Омугу омук гыммыт үтүөҕэр
Сахалыы махталбын этэбин.
 
Сэтинньи, 2014 с. Дьокуускай к.
Элбэх да ардаҕы аннынан…
 
Олоҕум айана аастаҕа
Элбэх да ардаҕы аннынан:
Бааллара омуннаах ардахтар,
Сууйбуттара курус самыырдар.
 
 
Күһүҥҥү нуһараҥ киэһэҕэ
Көрөбүн тунаарар саҕаҕы,
Күүтэбин кэлиэҕэр эрэнэ
Түннүкпүн тоҥсуйар ардаҕы.
 
 
Сэллээбэт, астыбат ардахтыын
Сэлэһиэм ааспыты ахтыһан,
Тиэргэммэр утары тахсаммын
Кууһуоҕум айаным аргыһын.
 
 
Үрдүбэр былыттар тохтооннор
Санаабар дьүөрэлии мусталлар,
Халлааны кыптыыйдыы кырыйан
Аймана көтөллөр хоптолор.
 
 
Үөрүүлээх өрөгөй кэмнэрбэр
Күлүмнүү субуллар утахтар
Дьиэрэҥкэй үҥкүүлээн тэйэллэр,
Лыҥкынас ырыаны тардаллар.
 
 
Чуҥкуйар түгэммэр ардахтар
Санньыардык суккулла түһэллэр,
Үөһэттэн саккырыыр таммахтар
Иэдэспин суруйа сүүрэллэр.
 
 
Түннүгүм таастара ытааннар
Тулабар барыта силбэһэр,
Эмискэ айахпын аһытар
Туустаах уу амтана халыйан…
 
 
Олоҕум айана аастаҕа
Элбэх да ардаҕы аннынан:
Бааллара омуннаах ардахтар,
Сууйбуттара курус самыырдар.
 
Сайын хайдах кэлэрий?
 
Сайын кэлэр наҕыллык,
Сааһы сэмээр солбуйан,
Кэрии тыаҕа чобуотук
Кэҕэ кыылын ыллатан.
 
 
Сайын кэлэр дьиктитик,
Омуннурбат саас курдук,
Кырааскалаан, тупсаран,
Отун-маһын көҕөрдөн.
 
 
Сайын кэлэр киэмсийэн,
Эдэр кыыстыы кэрэтик,
Сибэккитин тэлгэтэн,
Сирбит иэнин киэргэтэн.
 
 
Сайын кэлэр дьоһуннук,
Далбар хотун кэриэтэ,
Үүттээх сүөгэй кэһиилээх,
Алла турар арыылаах.
 
 
Сайын кэлэр дьиктитик,
Саймаарыйан наҕыллык,
Эдэр кыыстыы кэрэтик,
Хотун курдук дьоһуннук.
 
Ыам ыйа, 2015 с. Дьокуускай к.
Мин өйүм, мин санаам тардыһар…
 
Сулустаах киэһээҥҥи халлааны
Суһумун кэрэхсии көрөбүн,
Чуҥкунуур чуумпуну иһиллээн
Санаабын сааһылыы тутабын.
 
 
Үтүмэн үйэлэр тоҥорон
Кырыарбыт номохтор ирэннэр,
Кэпсииллэр элбэҕи, оҥостон —
Кый ыраах үөһэттэн түһэннэр.
 
 
Барыта баараҕай таһаалаах
Киэҥ куйаар киэлитин иһигэр,
Кэм-кэрдии хардыыта дьоһуннаах —
Хонукпут сылынан кэмнэнэр.
 
 
Тунал ый ыас хара түүннэргэ
Дьэрэкээн симэҕэ буоланнар,
Сирдээҕэр улахан сулустар
Оҕуруо кэриэтэ көстөллөр.
 
 
Мөлүйүөн сыллары нөҥүөлээн
Илдьиттэр кэлэллэр илистэн,
Аан талҕа буоланнар силлиэрэн
Ааһаллар ардыгар сэрэтэн.
 
 
Кып-кыра кумахтыы сананным
Сир уола бу халлаан анныгар,
Дойдубун үрдүктэн сэҥээрэ —
Куйаарга көтүөхпүн баҕардым.
 
 
Баҕардым сулустуу мичиҥнээн,
Бар дьоммор сыдьаайа тыгыахпын,
Саһарҕа күлүмэр суунаммын
Ый курдук ып-ыраас буолуохпун.
 
 
Хаһан да кырдьыбат халлаанныын
Хантайан сэлэһэр курдукпун,
Мин өйүм, мин санаам тардыһар
Киэҥ куйаар көстүбэт дуолугар.
 
Муус устар, 2015 с. Дьокуускай к.
Халлааны уйаннык ытатан
 
Сайыммыт сайаҕас мичээрэ
Санньыйбыт туманныын барыста,
Күһүммүт силбиктээх кэмнэрэ
Халлааны уйаннык ытатта.
 
 
Аат эрэ харата дайбанан
Алыыны үрдүнэн хаас үөрэ
Соҕуруу субуллар айанын
Сэргээммин одуулаан турбутум.
 
 
Эмискэ киэҥ халлаан урсунун,
Күһүҥҥү нуһараҥ чуумпутун
Хараастыы хаһыыта аймаата,
Уйулҕам утаҕын таарыйда.
 
 
Доҕору сүтэрэн аһыйыы,
Дойдулуун өр кэмҥэ арахсыы
Кутурҕан ырыатын таһаарда,
Сир дойду үрдүнэн тарҕаата.
 
 
Халлааны хантайан көрбүтүм —
Кынатын санньыардык сапсынан,
Былыты быыһынан кылбаҥнаан
Соҕотох туруйа ааспыта.
 
 
Доҕорбун атаарбыт кэриэтэ
Сайыһа көрөммүн хаалбытым,
Туох эрэ кэрэттэн маппыттыы
Хомолто күлүгэр саспытым.
 
Алтынньы, 2014 с. Өлөөн сэл.
Кыһыны таптыыбын
 
Кыһыны олуһун таптыыбын —
Көм хаары дуоһуйа оймуубун,
Чысхааны кытары сырсабын,
Чолбону сонургуу көрөбүн.
 
 
Дьыбартан хойдубут туманы
Түөспүнэн силэйэ хаамабын,
Кымыстыы кыынньыбыт салгыны
Чачайа ыймахтаан ылабын.
 
 
Халлаантан ыһыллар кыырпахтар
Үөр туллук буоланнар дайаллар,
Көй көмүс кутуллар утахтар —
Өрүллэр, өһүллэр суһуохтар.
 
 
Көмнөҕү суорҕанныы бүрүнэн
Сис тыаҕа барыта иһийэр,
Күөх сааһы айылҕа кэтэһэн
Көмүк хаар анныгар утуйар.
 
 
Ойдом тиит кырыарбыт мутугар
Оҕуруо тиһигэ тиһиллэр,
Тоҥуу хаар кылбайар ньууругар
Айылҕа оһуора дыргыллар.
 
Сэтинньи, 2014 с. Дьокуускай к.
Кутаалыы умайыам
 
Суһумнуур халлааҥҥа
Сулустар мусталлар,
Дьиримниир үрдүккэ
Дьиэрэҥкэй тэбэллэр.
 
 
Сулуһу быалааммын
Куйаары арҕарыам,
Эйигин буламмын
Бу сиргэ аҕалыам.
 
 
Умайар сулустуу
Уохтаахтык ууруоҕум,
Олоххун бүтүннүү
Күлүмнүү оонньотуом.
 
 
Тапталтан саҕыллаат
Кутаалыы умайыам,
Тулабын сырдатаат
Баҕардар умуллуум…
 
Дьүкээбил дьиримин сөхпүтүм
 
Ардахтаах сиппэрэҥ күннэргэ
Анаабыр сиригэр кэлбитим,
Дьыбардаах күһүҥҥү киэһэҕэ
Дьүкээбил дьиримин сөхпүтүм.
 
 
Дьүкээбил уоттара умайан
Сулустар дьиэрэҥкэй тэптилэр,
Халлааммыт сабыыта арыллан
Көстөллөр тааллыбат дьиктилэр.
 
 
Дьүкээбил аллара налыйан
Таптал Хайатын кууспалаата,
Сымнаҕас солколуу долгуйан
Суһумнуу, тэлимнии оонньоото.
 
 
Анаабыр сүүрүгэр суунаары
Таһымныыр чүөмпэҕэ умуста,
Уон араас өҥүнэн күлүмнээн
Уонна дьэ, олуһун тубуста.
 
 
Бу маннык эриэккэс көстүүттэн
Уйулҕам олуһун долгуйда,
Мин санаам дьэрэкээн өҥнөнөн
Муҥутуур үрдүккэ күөрэйдэ.
 
Балаҕан ыйа, 2014 с. Сааскылаах сэл.
Анаабыр
 
Улахан, Куччугуй Куонаапка
Ини-бии үрэхтэр холбоһон,
Киирбэт күн тырымнаах сырдыкка
Анаабыр өрүһэ үөскээбит.
 
 
Тус хоту айанын салҕаабыт
Туундара күлүмнүүр суһуоҕа,
Аарыктаах айаҥҥа аттаммыт
Араҥас сулуһун батыһа.
 
 
Санньыйан намтаабыт былыттар
Сир үрдүн сабардаан кэлэллэр,
Сибиниэс өҥнөммүт сүүрүктэр
Силлиэлиин сырсаннар сүүрэллэр.
 
 
Хайаны, хапчааны быыһылаан
Хахсааттыын хабырдык хапсыһар,
Хотугу Байҕалга тардыстан
Харса суох аллара дьулуһар.
 
 
Күһүҥҥү кыдьымах кыаһылаан
Кыыһыран кыынньаллар долгуннар,
Кыыл таба үөрүнүү кылбаҥнаан
Көҥүлгэ тахсаары мөхсөллөр.
 
 
Анаабыр уораана оргуйан
Алмаас толуутун чочуйар,
Кыырпахтар халлааҥҥа кыырайан
Кыыһаллар дьүкээбил буоланнар.
 
Алтынньы, 2014 с. Сааскылаах сэл.
Сүрэҕим кутаатын
 
Ыраахха угуйар
Үүт тураан куйаары,
Халлааны сырдатан
Тырымныыр сулуһу,
Күлэр ый утаҕын
Күлүмнэс ардаҕын
 
 
Ханыылыы көрөбүн
Сэгэрбэр эйиэхэ,
Сүрэҕим кутаатын
Күөдьүппүт киһиэхэ.
 
 
Күһүҥҥү кэмнэрим
Көй көмүс киэргэлин,
Сүрэҕим сыдьаайар
Иэйиитин сылааһын,
Хоһуйар хоһоонум
Тылларын бастыҥын
 
 
Барытын аныыбын
Сэгэрбэр эйиэхэ,
Сүрэҕим кутаатын
Күөдьүппүт киһиэхэ.
 
Алтынньы, 2014 с. Сааскылаах сэл.
Учууталга махталым
 
Учуутал диэн алыптаах
Абылыыр үтүө тылтан
Истиҥ иэйии кууһара
Эмньик оҕо сааспыттан.
 
 
Учуутал мин санаабар —
Үтүө санаа Аанньала,
Учуутал мин харахпар —
Уоттаах Чолбон сулуһа.
 
 
Оскуолаҕа киирэммин
Букубаары аахпытым,
Боччум билии ыламмын
Көччөх буолан көппүтүм.
 
 
Учууталга махталым
Уҕараабат, уостубат,
Төлөрүйбэт аналым —
Үлэ, үөрэх күүрээнэ.
 
 
Учуутал күн кэриэтэ
Сырдыгынан сыдьаайар,
Хараҥаттан таһааран
Тунал ыйдыы сырдатар.
 
 
Учуутал ийэ тэҥэ —
Сүрэҕин уотун бэрсиэ,
Ааҥнаабыт ыксал кэмҥэ
Аҕалыы сүбэ биэриэ.
 
 
Кини сахпыт кутаата
Мындыр өйүн үөрэҕэ,
Сайаҕас, сылаас сүрэҕэ
Сирдии туруо үтүөҕэ.
 
Ахсынньы, 2014 с. Сааскылаах сэл.
Өйдөөн-санаан ааһыаҕыҥ…
 
Оҕо сааһым доҕотторо!
Көрсүөҕүҥ бары ыҥырсан,
Тимирбит дойду оҕолоро
Дойдулаах дьоннуу сананан.
 
 
Өйдөөн-санаан ааһыаҕыҥ
Өҥ-быйаҥ хочолорбутун,
Төрөөбүт төрүт сирбитин,
Туруу үлэһит дьоммутун.
 
 
Сандал саас саҥа кэлиитэ,
Туой Хайа арҕаһар тахсан,
Бэс туорааҕынан бырахсан
«Сэриилэһэ» көрүлүүрбүт.
 
 
Хайа чыпчаалыгар туран
Кэлэр кэммитин түстүүрбүт,
Ыраас ыраҕа уйдаран
Ыраах саҕахха көтөрбүт.
 
 
Сайыҥҥы сырал кэмнэргэ
Суһумнуур уулаах Чуонаҕа
Күнү күннээн сөтүөлүүрбүт,
Күннүүн сырсан умсарбыт.
 
 
Бастыҥ кэрэмэс түгэннэр
Бүтүө суох кэриҥнээхтэрэ,
Оҕолуу уйан сүрэхтэр
Оҥоһуу оннук дииллэрэ.
 
 
Күлүгэ суох эрэнэрбит —
Кэрэ өлбөт төлкөтүгэр,
Дойдубут инникитигэр,
Дьон ыллыктаах санаатыгар.
 
 
Түүлбүтүгэр да көрбөппүт —
Дойдубут ууга тимирэн,
Аал уоппут саба үрүллэн
Үрүө-тараа барыахпытын.
 
 
Өйдүөҕүҥ, бүгүн чуумпуран
Ааттарынан ааттаталаан,
Кэрэгэй дьылҕа хаарыйан
Суох буолбут доҕотторбутун.
 
 
Олох салҕанар тыыннаахтан,
Дойду аатырар дьонунан.
Сир үрдүттэн симэлийэн
Сүппэтэ буоллар дойдубут.
 
 
Оҕо сааһым доҕотторо,
Түмсүөҕүҥ биһиги бары,
Сарын-сарынтан өйөнсөн
Удьуор утумун салҕаары.
 
Балаҕан ыйа, 2015 с. Сааскылаах сэл.
Ааспыты эргитэ сатаама
 
Түннүкпэр нөрүйбүт аар хатыҥ,
Туохтан эн эмискэ мунчаардыҥ?
Суугунуур ырыаҕын тохтотон,
Санааҕа баттатан чуумпурдуҥ?
 
 
Баҕардар, сайыныҥ ааспытын
Суохтааҥҥын сайыһа хааллаҕыҥ?
Эбэтэр чээл солко симэҕиҥ
Саһара хаппытын сирдэҕиҥ?
 
 
Сарсыарда саһарҕа уһуктан
Сарыалга эйигин сууннарбыт,
Хаһыҥнаах аргыартан харыстаан
Сандал күн көмүскэ суулаабыт.
 
 
Кыталык ырыата аргыстаах
Кэлиэҕэ элбэх да күөх сайын,
Эн өссө чэчирии тупсуоҕуҥ
Саҥалыы киэргэлгин кэтэҥҥин.
 
 
Аар хатыҥ! Сайыны сайыһан
Ааспыты төннөрө сатаама,
Кэм-кэрдии айгыстар айанын
Тохтотор кыах суоҕар саараама.
 
Ахсынньы, 2014 с. Дьокуускай к.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> 1
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации