Текст книги "Хаһан да хойут буолбатах"
Автор книги: Михаил Иванов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 1 (всего у книги 4 страниц) [доступный отрывок для чтения: 1 страниц]
Михаил Егорович Иванов
Хаһан да хойут буолбатах… : хоһооннор
Хаһан да хойут буолбатах
Сураһаллар соһуйбуттуу
билэр дьонум миигиттэн:
«Тоҕо бу сааһыран бараҥҥын
хоһоон суруйар буоллуҥ эн?»
Бэйэм да билбэппин —
төһө тыыппалаах
хоһоонньуппун…
Арай биири мин билэбин —
Хаһан да хойут буолбатах!
Мин хоһоон суруйабын —
Таптал кэрэтин
хоһуйуохпун баҕараммын,
Төрүт дойдум туһунан
киэн тутта кэпсээри,
Сахалыы уран тыл
оһуорунан
Айгыр-силик айылҕа
эриэккэһин ойуулаары.
Мин хоһоон суруйабын —
Күн күбэй ийэбэр анааммын,
Кини үлэни
өрө туппут олоҕун,
Сырдыгынан сыдьаайар
мааны майгытын,
Үтүөнү эрэ түстүүр
сырдык санаатын.
Истиҥ, иһирэх тылынан
Баараҕай
махталбын
этээри.
Мин хоһоон суруйабын —
Хаһан да ылламматах ырыа
Куйаарга
лыҥкыныы
кыырайар
Көмүс тылларын булаары,
Сүрэҕим кутаата,
уйулҕам иэйиитэ
Доллоһута ыллаатыннар диэн…
Мин хоһоон суруйабын —
Суруйабын кырдьыгынан,
Туоххаһыйар толкуйдарбын,
ситиспэтэх ыраларбын,
Көннөрүөхтээх алҕастарбын,
төннөрүөхтээх иэстэрбин,
Туохтан мин хомойорбун,
ытыырбын, үөрэрбин…
Мин хоһоон суруйабын —
Таптыырга,
айарга,
ыллыырга
Хаһан да хойут буолбатах!
Мин хоһоон суруйабын —
Олоҕу уруйдуур-айхаллыыр
Хаһан да хойут буолбатах!
Мин хоһоон суруйабын…
2019 с. бэс ыйаДьокуускай
1 түһүмэх.
Олоруохха, айыахха, ыллыахха…
Хотугу сулуһум
Ханна да сылдьаммын,
Ханнык да халлаантан
Суохтааммын көрдүүбүн
Хотугу сулуспун.
Хотугу сулуһум
Үөһэттэн мичээрдиир,
Тапталлаах мин дойдум
Сыдьаайын бэлэхтиир.
Хотугу сулуһум,
Эйигин көрөммүн
Тус хоту кыраайым
Илдьитин тутабын.
Үөрүүбүн үллэстэн
Чаҕылла сырдыыгын,
Мунаарар кэмнэрбэр
Эн суолдьут буолаҕын.
Хотугу сулуһум,
Эйигин көрдөрбүн,
Ыраах да сылдьаммын
Дойдубар чугаспын.
Бэҕэһээҥҥи мууһунан
Бэҕэһээҥҥи мууһунан
Киһи туоруур өрүһү,
Куттанарын да умнан
Сарсыҥҥыны көрсөөрү…
Олох, өлүү быыһынан
Барар кини сэрэнэ,
Сытыы быһах биитинэн
Хааман иһэр кэриэтэ.
Киһи көҥүл майгыта
Хааччахтартан иҥнибэт,
Хаҥыл, хорсун санаата
Күөмчүлүүрү билиммэт.
Уҥуор көстөр кытылга
Тиийэр баҕа кэнэйдиир,
Хотолдьуйар чэҥ мууска
Атах суола кэккэлиир.
Бэҕэһээҥҥи мууһунан
Киһи туоруур өрүһү,
Сэрэх, бигиир хардыынан,
Саҥа хаамар оҕолуу…
2019 с. сэтинньиДьокуускай
Хаартыска альбома
Саһарбыт хаартыска альбомун
Илиибэр тутаммын турабын —
Ким эрэ олорбут олоҕун
Кэлэр кэм дьүүлүгэр хаалларбыт.
Кырачаан сып-сырдык мичээрэ,
Оскуола оҕотун үөрүүтэ,
Дьолунан угуттуур сыбаайба,
Кырдьаҕас сылайбыт мөссүөнэ…
Бу курдук, лиистэн лиис арыллан
Көрбөтөх дьоммунуун билсистим,
Олох диэн охсуулаах суолунан
Аарыктаах айаҥҥа сылдьыстым.
Хаартыска угуллар альбома
Албыны билиммэт кэрэһит,
Кэпсиэҕэ кэнэҕэс, саараама,
Сүүс да сыл ааспытын билиммэт.
Тоҕотун билбэппин, санаабар,
Хаартыска толору альбомун
Күөҕүнэн чэлгийэ долгуйар
Суугунас чараҥҥа холуубун.
Кураанах лиистэрдээх альбому
Куйаастан, өксүөнтэн суйдаммыт
Дьулаакыр лабаалаах хаппыт мас
Кэриэтэ ардыгар көрөбүн.
Саһарбыт сэбирдэх көҕөрөн
Хатыҥы иккиһин чэлгиппэт,
Дьэрэкээн хаартыска угаҥҥын
Олоххун иккиһин таҥмаккын.
2018 с. муус устаДьокуускай
Айанньыт кубалар
Саас ахсын эргиллэн кэлэллэр
Кубалар кый ыраах кыраайтан,
Элиэтии дайаллар кинилэр
Эҥсиллэр уу кырсын кырыйа.
Көрдүүллэр маанылаах көтөрдөр
Көҥүл да толуйбат сүтүгүн,
Уу дириҥ түгэҕэр көрөллөр
Кэрэ кэм кэхтибит күлүгүн.
Көстөллөр суорума суолламмыт
Төрөөбүт-үөскээбит сирдэрэ,
Ахтылҕан санааҕа сууламмыт
Умсаахтыы оонньообут күөллэрэ.
Ол онтон, хатаннык кыланаат,
Халлааҥҥа күөрэйэн тахсаллар,
Көй салгын күөнүгэр кылбаҥнаан
Хайаны эргийэ көтөллөр.
Кырдьаҕас Туой Хайа хараастан
Аастыйбыт төбөтүн хоҥкутар,
Аар хатыҥ суугунас лабаатын
Атааран алгыырдыы далбаатыыр.
Киэһээҥҥи саһарҕа кутуллан
Уу ньуура кытара дьиримниир,
Кыыс Чуона далайтан дагдайан
Сайыһан одуулуу хаалаахтыыр.
Кубалар курустук сапсынан
Киэҥ далай үрдүнэн көттүлэр,
Санньыйбыт сарыалга куустаран
Саҕахха киирэннэр сүттүлэр…
2018 с. муус устарДьокуускай
Мин айыллыбыт эбиппин…
Мин айыллыбыт эбиппин
Бу сиргэ хоһоон айаары,
Сытыы чаҕаан тылларынан
Кырдьыгы эрэ туойаары.
Мин айыллыбыт эбиппин
Үтүө дойдум сырдык аатын
Үрдүктүк өрө тутаммын
Дорҕоонноохтук ааттатаары.
Мин айыллыбыт эбиппин
Бүгүрү үлэһит төрүтүм
Удьуор утумун салҕааммын
Үйэлэри нөҥүөлээри.
Бу сиргэ кэлбит аналбын,
Ытык иэспин умнубаппын,
Олоххо улуу тапталбын,
Дьолбун дьоннуун үллэстэбин.
Баламаттык сананна диэн
Сиилии-сэмэлии санаамаҥ,
Баҕа санаам дэлэгэйин,
Эһиги өйдөөҥ, баалаамаҥ.
Барбытым кэннэ оҕолорум
Барытын ситэриэхтэрэ,
Ол ону салҕаан, сиэннэрим,
Кэнэҕэс, чиҥэтиэхтэрэ…
2018 с. ыам ыйаДьокуускай
Курус аргыһым
Устан ааһар олоҕум
Санньыар-курус аргыһа:
Эргиллибэт дойдубар
Ааһан биэрбэт ахтылҕан.
Тоҕо миигин ыыппаккын,
Арахсаҥҥын барбаккын,
Туман буолан суураллан
Симэлийэ сүппэккин?
Көтөр-сүүрэр уйалаах,
Таптыыр-ахтар ыырдардаах,
Быстан-ойдон сылдьыбат,
Төннөн кэлэр түөлбэлээх.
Арай миэхэ сулуһум
Барар суолбун муннарда,
Ыйан биэрбэт дойдубун
Хантан хайдах буларбын.
1967 сыллаахха, 50 сыл анараа өттүгэр, үтүө-мааны дойдум, Чуона нэһилиэгин сирэ-уота, Бүлүү быһыта тутуллан, ууга тимирдиллибитэ. Биир дойдулаахтарым күүс өттүнэн дойдуларыттан көһөрүллүбүттэрэ, дьиэтэ-уота, төрөөбүт дойдута суох сир-халлаан икки ардыгар хаалбыттара. Бу хоһооммун биир дойдулаахтарбар аныыбын.
2017 с. бэс ыйаСүлдьүкээр
Ол кытылга…
Өрүллэр сүүрүккэ уйдаран
Аартыктаах айаммар барбытым,
Будулҕан тумаҥҥа куустаран
Сайыһа хаалбыта кытылым.
Ол сүүрүк дьылҕа диэн ааттанар,
Олоҕум өрүһүн таҥнарар —
Күн сирин мин көрбүт күммүттэн
Айаным биэтэгэр диэритин.
Хаалларбыт кытылым ыҥырар
Ханна да түгэнэн тиийдэрбин,
Түһээммин көрөбүн, бэл түүлбэр
Сулустаах халлааҥҥа көрдүүбүн.
Ол сырдык кытылга хаалбыта
Талаҕы ат гынан оонньообут,
Сайылык түптэтэ амтаннаах
Сэрбэйбит оҕочоон саастарым.
Ол сылаас кытылга баар этэ
Күлүм күн сыдьаайар сырама,
Туохха да тэҥнэспэт кэрэтэ,
Ийэкэм иһирэх таптала.
Ол үрдүк кытылга билбитим
Үтүө дьон амарах сыһыанын,
Сэнэбил тыллартан ардыгар
Мин санаам күүһүрэн кэлэрин.
Ол күндү кытылга барыта
Аан бастаан олохпор буолбута:
Бастакы уураһыы иэйиитэ,
Бастакы Байанай бэлэҕэ.
Ол ыраах кытылга тыллара
Кэрэчээн ньургуһун саас аайы,
Хас сайын дьиэрэҥкэй тэбэрэ
Сардаана сибэкки кырдалга.
Ол төрүт кытылбар биир күһүн
Тиийиэҕим айантан сылайан,
Аал уоппун оттуоҕум алҕааммын
Аҕалбыт сүүрүкпэр махтанан.
2018 с. алтынньыДьокуускай
Кэлбит күнү уруйдааҥ!
Күммүт бүгүн эрдэлээн
Күлүмүрдүү күөрэйдэ,
Көрсө түһээт, эҕэрдэлээн
Күлэн-үөрэн мичийдэ.
Түннүктэри арыйан
Сырдыгынан сыдьаайда,
Сардаҥата таарыйан
Сыллаталаан ымайда.
Бары туруҥ уһуктан,
Кэлбит күнү уруйдааҥ!
Үтүө күнү Дьылҕа Хаан
Бэлэхтээтэ биһиэхэ!
Бэҕэһээ уонна бүгүн
Хатыламмат кэрэлэр.
Сарсын өссө ордук күн
Эрэнэбит кэлиэҕэр…
2017 с. бэс ыйаМииринэй
Сахам тылын таптыыбын
Сахам тылын таптыыбын:
Сэттэ өҥнөөх кустуга
Күндүл халлаан күөнүгэр
Күлүмүрдүү оонньуурун.
Сахам тылын таптыыбын:
Хоһуун булчут өбүгэм
Сыыспат бэргэн ытыытын
Санатарын сэргиибин.
Сахам тылын таптыыбын:
Хоту дойдум кэриэтэ
Хостоотоххо хороммот
Барҕа баайын сөҕөбүн.
Сахам тылын таптыыбын:
Сындалыйбыт сүрэхпин
Саамал кымыс утахтыы
Сөрүүкэтэн киирэрин…
2017 с. от ыйаДьокуускай
Хотой курдук көтүттэрбиэн…
Түөрт эркиҥҥэ хаайтараммын
Кутум-сүрүн туоххаһыйда,
Күлүм күҥҥэ тардыһаммын
Көҥүл киэбим курастыйда.
Ооҕуй оҕус илимигэр
Санааларым иилистэллэр,
Түүннээх күнүс киирсиитигэр
Сирдээх халлаан силбэһэллэр.
Чөҥөрө чүөмпэ түгэҕин
Бүччүм толкуй уйа гынар,
Халлаан халыҥ хаттыктарын
Халҕаннара хатаналлар.
Төлө көтөн тахсаары
Өйүм-санаам быыппастар…
Хоһуйар хоһуун санааларбын
Хотой курдук көтүттэрбиэн!
2018 с. бэс ыйаДьокуускай
Тулаайах сэбирдэх
Тулаайах, туллубут сэбирдэх
Түннүгүм анныгар кыстаабыт,
Тоҥ сиргэ, тоҥуу хаар үллүктээх,
Тымныыны тулуйан туораабыт.
Чысхааннаах түүннэргэ түүлүгэр
Сиккиэртэн чэлгийэ тэлимниир,
Сылаас тыал илгийэр тыыныгар,
Сарыалга сууланан дьиримниир.
Сандал саас кэлэрин кэтэһэн
Дьылҕатын ыйааҕын умнубут,
Иккиһин тыллыаҕар эрэнэн
Тугу да атыны билиммэт.
Күүтүүлээх күндүл саас дьэ кэлэр,
Күн уота сыдьаайа сылытар,
Сүүрээннэр чырылыы сүүрэллэр,
Эниэни таҥнары сырсаллар.
Сүүрүктүүн дагдаҥныы устуһан
Сэбирдэх ырааттар ыраатар,
Туманнаах сарсыарда суураллан
Хаарыаннаах эрэлэ умуллар.
Хараара кырдьыбыт сэбирдэх
Хатыҥы курустук одуулуур,
Кинилиин үүт-үкчү көрүҥнээх
Күөх нуолур сэбирдэх суугунуур…
2018 с. бэс ыйаДьокуускай
Хоноһобун эрэ дуо?
Халлаан бэлиэр киэһэрэн
Хараҥалыын куустуспут,
Күммүт улам кээрэнэн
Кыыһар саҕах боруорбут.
Өйдөөбөккө хаалбыппын
Кэмим хайдах ааспытын…
Бүппэт курдук санааммын
Сиппэтэҕим баһаамын!
Чүмэчибин уматтым —
Симик уота кыламныыр,
Көмүс күндү күннэрим
Таммах буолан тохтоллор.
Айыы сирин үрдүгэр
Бүппэт суоҕун билэбит,
Арай ону мэлдьэһэр
Сүрэх отой ылыммат.
Ама, маннык түргэнник
Олох эмиэ ааһыа дуо?
Ама, маннык кэрэҕэ
Хоноһобут эрэ дуо?
2017 с. балаҕан ыйаСүлдьүкээр
Кэлиҥ, миэхэ ыалдьыттааҥ
Кэлиҥ, миэхэ ыалдьыттааҥ,
Нуурал киэһэ, соһуччу.
«Соргу дугуй!» – үөрбүччэ,
Уруйдуоҕум доргуччу.
Кэлиҥ, миэхэ ыалдьыттааҥ,
Сырдык мичээр сэтиилээх,
Кэрэ кэпсээн кэһиилээх,
Сылаас сыһыан аргыстаах.
Кэлиҥ, миэхэ ыалдьыттааҥ,
Остуол тардан көрсүөҕүм,
Чороон иһит туруоруом,
Кымыс кутан күндүлүөм.
Оччоҕуна дьолунан
Аал уотум сыдьаайыа,
Үтүө дьоннуун алтыһан
Санаам күннүү сандаарыа.
2018 с. бэс ыйаДьокуускай
Көрбүт курдукпун…
Баҕар хаҥыл санаабар,
Биитэр чуумпу түүллэрбэр
Дьолуо халлаан оройун
Ыттан көрбүт курдукпун.
Онтон булан ылбыппын
Оҕо сааһым ыратын,
Остуоруйа дойдутун
Оргуһуохтаах кыысчаанын.
Куйаар уота умайар,
Олох күөстүү оргуйар,
Көмүс сиэллээх былыттар
Иҥэрсийэ усталлар.
Сулус буолбут дьылҕалар
Күлүмүрдүү тыгаллар,
Сууллан түспүт сулустар
Симэлийэ сүтэллэр.
Сирдээх халлаан силбэһэр
Дьикти-дьиибэ кэмигэр
Дьолуо халлаан оройун
Ыттан көрбүт эбиппин.
2018 с. бэс ыйаДьокуускай
Дамокл батаһа
Дамокл батаһа
Кылынан баайыллан
Өһүөҕэ ыйаммыт,
Түһүөхчэ түспэккэ,
Кылаана кылбаҥнаан
Биэтэҥниир үрдүккэ.
Биир күлүм түгэҥҥэ
Быа быһа барыаҕа,
Кыраҕы харабыл
Батары түһээри
Хаанымсах көтөрдүү
Аллараа сурулуо.
Хас биирдии бэйэбит
Күннэри-түүннэри,
Олохпут устата
Кыл быаҕа ыйаммыт
Дамокл батаһын
Анныгар сылдьабыт.
Билигин санныбар
Сэбирдэх таммалыыр,
Күөх халлаан суһумун
Көрөммүн дьоллоохпун,
Дамокл батаһын
Таһыччы умнабын…
2018 с. ыам ыйаДьокуускай
Өлүүнү кыайбыттар
Бүгүн, Улуу Кыайыы күнүгэр
Өрөгөй ырыата эҥсиллэр.
Өлбүттэр, тыыннаахтар тахсаллар,
Кырыыстаах сэриини санатар,
Кырдьыгы бар дьоҥҥо тириэрдэр
«Өлүүнү кыайбыт полк» айанныыр.
Иһэллэр, сыллары нөҥүөлээн,
Адьырҕа сиэмэҕин сиҥнэрбит,
Аан дойду көҥүлүн быыһаабыт
Буойуннар чиҥ-чиҥник үктээннэр.
Албан аат кустугар сууламмыт
Өлүүнү билиммэт буойуннар.
Хаамаллар, илииттэн сиэттиһэн
Аарыма кырдьаҕас эдэрдиин,
Кырачаан кэнчээри сиэннэрдиин.
Сир түөһэ өрүтэ түллэҥниир,
Сүрэхтэр биир тэҥник тэбэллэр,
Хаартыска былаахтыы күөрэҥниир.
Хаартыска ахсыттан көрөллөр,
Кэм-кэрдии хаттыгын курдаттаан,
Харахтар, мөлүйүөн харахтар.
Аан дойду дьалхааннаах туонатын —
Куоһаныы, дьиксинии, сэрэнии
Кыымнара саҕыллар курдуктар…
Кэлэр күн кэскилин айабыт,
Эйэлээх олоҕу тутабыт.
Өскөтүн уотунан уһуурар
Өстөөхпүт күүһүнэн өттөйүө,
Оччоҕо бар дьонун туһугар
«Өлүүнү кыайбыт полк» турунуо…
2018 с. ыам ыйаДьокуускай
Кэлиэҕиҥ эн мичээр кэһиилээх
Сайыҥҥы үүт тураан киэһэҕэ
Кытылга дьаарбайа киириэҕим,
Саймаархай уу нуурал чуумпуга
Сүрэҕим иэйиитин истиэҕим.
Ол ааспыт сыллары санатан,
Тунал ый толбоно симэхтээх,
Былаатыҥ ыраахтан кылбаҥнаан,
Кэлиэҕиҥ эн мичээр кэһиилээх.
Оччоҕо, мин үөрбүт санаабар,
Күөрэгэй ырыата чугдаарыа,
Тулабар, күн буолан сырдатар,
Сардаана сибэкки сандаарыа.
Дьол кыыма бүччүмҥэ саҕыллан
Кутаалыы кытыаста умайыа,
Куйаартан, чыпчыҥныы чаҕыллан,
Көй сулус эҕэрдэ ыытыаҕа.
Бу талба нуһараҥ киэһэҕэ
Бэлэхтиэм эйиэхэ хоһоону,
Сүрэхпит биир тэҥник тэбиэҕэ
Дьол, үөрүү тэтимэр холбоһон…
2018 с. ыам ыйаДьокуускай
Халлааны туос сатыы дабайан
Кып-кыра оҕочоос кэмнэрбэр
Саҕахха тиийиэхпин саныырым,
Көҕөрөр сис хайа кэтэҕэр
Бу турар курдуга саҕаҕым.
Халлааны туос сатыы дабайан
Көй сулус быыһынан хаамаары,
Киэҥ куйаар киэлитин кэрийэн
Тулаайах ый кыыһын көрсөөрү.
Сир, халлаан ыпсыытын арыйан
Ыксыырым дьиктини билээри,
Олоҥхо кэпсээбит дьиктитин
Ол онно дуоһуйа көрөөрү.
Улаатан истэҕим аайытын
Саҕаҕым ырааттар ыраатар,
Алгыстаах аартыгым арыллан
Айаным ыырдара кэҥииллэр.
Сир, халлаан силбэһэр сиксигэр
Билигин да тиийэ иликпин —
Ол санаам дьулуһар, талаһар
Оҕочоон саастарым саҕаҕар…
2017 с. ахсынньыДьокуускай
Өрөгөй ырыата ылланнын
Суруйар идэлээх буоламмыт
Инники кэккэҕэ хаамабыт,
Сыдьаайар сырдыгы ыһаммыт
Омукпут тапталын ылабыт.
Айар кут абыгар сыстаммыт
Ахсым ат көнтөһүн тутабыт,
Уран тыл дэгэтин сырсаммыт
Утуйар уубутун умнабыт.
Оҕолуу омуммут ааспатын,
Оонньоотун сүүс араас өҥүнэн,
Эдэрдии иэйиибит саспатын
Сааһырыы күлүгүн бүрүнэн.
Өркөн өй сүрэхтиин өйдөһөн
Өрөгөй ырыата ылланнын,
Үйэлэр быыстарын өҥөйөн
Ааппытын кэлэр кэм аҕыннын.
Уйаҕас чап-чараас дууһабыт
Кэрэни, тапталы дьүһүйдүн!
Сүрэхпит чэрдийбит баастара
Бар дьоммут туһугар нүөлүйдүн!
2017 с. ахсынньыДьокуускай
Оһуордаах түннүгүм
Кырыалаах түннүктээх
Кырачаан саастарбын,
Кыраһа үллүктээх
Кэмнэрбин саныыбын.
Сарсыарда уһуктан
Түннүкпүн көрөрүм,
Өөр да өр, чугаһаан,
Одуулаан турарым.
Түлэй түүн киирэннэр
Түннүгүм тааһыгар
Дьэрэкээн бэйэлээх
Оһуору аспыттар.
Кэрэни көрөммүн,
Кэрэни сөҕөммүн,
Билиэхпин баҕаран
Ыйытар буоларым.
Хантан дуу, кэлэннэр,
Кимнээх дуу, киирэннэр
Бу маннык дьиктини
Хаалларан барбыттар?
Көмүлүөк оттуллан
Хардаҕас тыһыргыыр,
Балаҕан сылыйан
Түннүгүм кылбайар.
Ол онтон хомойон
Муннукка саһарым,
Оһуорбун аһыйан
Мин кистээн ытыырым.
Билбэтим отойун:
Кэрэ диэн уйанын,
Кэхтэрин кыраттан,
Үйэтэ кылгаһын…
2017 с. сэтинньиДьокуускай
Харыйа уоттара сандаарар
Хойдубут сулустар куйаартан
Алгыстаах эҕэрдэ ыыталлар,
Саҥа дьыл кэлбитин уруйдаан
Харыйа уоттара сандаарар.
Кэм-кэрдии эргиирин ситэрэн
Эргэ дьыл айанын түмүктүүр,
Дьэрэкээн өҥүнэн дьиримнээн
Дьүкээбил үөрбүттүү үҥкүүлүүр.
Туолбут ый үрдүбэр ыйанан
Түбүктээх сир үрдүн одуулуур,
Ыйдаҥа толбоно кутуллан
Ый кыыһын ыаҕаһын толорор.
Кырдьаҕас халлааным сарыала
Саҕахха саҥалыы саҕыллар.
Тохсунньу кымаахтыыр тымныыта
Бэлиэтин иэдэспэр хаалларар.
Хойдубут сулустар куйаартан
Алгыстаах эҕэрдэ ыыталлар,
Саҥа дьыл кэлбитин уруйдаан
Харыйа уоттара сандаарар…
2018 с. тохсунньуДьокуускай
Хаһан улаата охсон…
Кыра оҕо эрдэххэ
Хонуктар ааһаллара
Нэс оҕус айаныныы
Бэрт бытаан буолаллара.
Саас кэлэн быстыбата
Үөрэх дьыла бүтүөҕүн,
Үрдүкү кылааска тахсан
Кыратык улаата түһүөҕү.
Сайыммыт эмиэ наҕыл,
Кини ыксаабат отой.
Кумаар сиирэ абытай,
Оҕус сиэтэр да эрэй.
Көмүс күһүн дьэ кэлэн
Оскуолабыт аһыллар,
Чиэппэр бүтэрин кэтэһэн
Күнүм-ыйым баранар.
Хаһан улаата охсон
Бэйэбин бас билэбин,
Оскуолабын бүтэрэн
Көччөх буолан көтөбүн.
Дьэ итинник ааһаллар
Дьоллоох оҕо саастарбыт,
Биирдэ өйдөөн кэлбиппит
Бэлиэр улааппыт эбиппит…
2018 с. тохсунньуДьокуускай
Халандаар илииһэ
Кылгаабыт күлүмнэс күннэрим
Курустук ыгыта кууһаллар,
Уһаабыт ыас хара түүннэрим
Уйгуурдар мөккүөрү тардаллар…
Сарсыарда уһуктаат, аан бастаан
Халандаар сирэйин көрөбүн,
Сайыспыт санаабын санньытан,
Сыл-хонук сырсыытын сөҕөбүн.
Кэм-кэрдии айанын тиэтэтэн
Быһабын ааспыт күн илииһин,
Кэлбит күн ордугар эрэнэн
Күүтэбин туох эрэ дьиктитин.
Тулаайах халандаар илииһэ —
Туллубут сэбирдэх ханыыта,
Өксүөн тыал эрийиэ, имитиэ,
Ол онтон, дьэ сиргэ тэпсиэҕэ.
Сыыстардым дуу, бу мин бүгүн
Халандаар илииһин быраҕан —
Билбэтэх эбиппин адьаһын
Олоҕум сорҕотун быһарбын.
Бэйэбин халандаар кэриэтэ
Сарсыарда тураммын сананным —
Хас быспыт кырачаан илииһим
Олоҕум күннэрэ эбиттэр…
2018 с. тохсунньуДьокуускай
Кырдьаҕас өтөх
Кырдьаҕас өтөх, санаабар,
Туох эрэ ураты тыыннаах,
Төрүппүт кэс тылын тиэрдэр
Илгийэ кууһар салгыннаах.
Ааспыт кэм сүдү күлүгүн
Ардах да суурайбат эбит,
Омукпут олоҕун туһунан
Өтөх кэпсиирин истэбит.
Эмэх сиэн иҥнэйбит сэргэ,
Сиҥнибит балаҕан онно,
Холумтан буор буолбут күлэ —
Кэпсииллэр элбэҕи миэхэ.
Харахпар сэмээр сэгэйэр
Үйэлэр халыҥ быыстара,
Дьол да, сор да сэргэстэһэр
Саха олоҕун былыргыта.
Кырдьаҕас өтөх, санаабар,
Туох эрэ ураты тыыннаах,
Төрүппүт кэс тылын тиэрдэр
Илгийэ кууһар салгыннаах…
2018 с. тохсунньуДьокуускай
Эҥин араас санаалар
Үгүс-элбэх санаалар
Үүйэ-хаайа туталлар,
Улук ууну уйгуурдан
Утуппакка муҥнууллар.
Ииччэх-бааччах санаалар
Иилистэллэр илимнии,
Окко-маска иҥнэллэр,
Онно-манна тиэрдэллэр.
Хара бэкир санаалар
Халыйаннар кэлэннэр
Хаарыан күнү хаххалыыр
Халыҥ былыт эбиттэр.
Ыраас ыра санаалар
Ыллыктаахтар, холкулар,
Ытык иэйии кэриэтэ
Ылбаҕайдар, сылаастар.
Эҥин араас санаалар
Элэҥнэһэн киирэллэр,
Эгэлгэлээх бэйэлээх
Элбэхтэрэ сөхтөрөр.
2018 с. кулун тутарДьокуускай
Үтүө санаалаах дьылҕабар
Мин үтүө санаалаах дьылҕабар
Мэлдьитин махтана саныыбын:
Бу биирдэ бэриллэр олохпор
Билбиппэр Ийэ сир сыламын.
Алҕаһыыр, сыыстарар түгэммэр
Дьаһайа, дьарыйа тутара,
Атахпар эрэллик тирэнэр
Кыах биэрэн илиитин уунара.
Ардыгар атаахтаан ыларым —
Хайҕалга-мааныга тиксэрим,
Ол онтон аартыктаах айаным
Тэтимин уон оччо эбэрим.
Будулҕан тумаҥҥа мунаммын
Суолбуттан туорааммын барбатым,
Аартыкпар ыраахтан тыргыллар
Арчылыыр сулуспар сирдэттим.
Мин үтүө санаалаах дьылҕабар
Баараҕай махталбын этэбин —
Бу биирдэ бэриллэр олохпор
Көрбүппэр күн сирин кэрэтин.
2018 с. кулун тутарДьокуускай
Дьылҕа Хаан бэлэҕэ
Саас кэллэ, кэрэ кэм чэлгийдэ,
Саҥалыы анаардым олоҕу,
Сир үрдэ симэнэн киэмсийдэ
Аан бастаан таптаабыт кыыс курдук.
Үрүмэ былаатын бүрүнэн
Үрүҥ түүн түннүкпүн өҥөйдө,
Чараас мин сүрэхпин долгутан
Чараҥҥа дьаарбайа ыҥырда.
Күн уотун сылааһа угуттаан
Кулунчук сыһыыга сыламныыр,
Үрдүк сыыр таҥнары суккуллан
Үрүччэ ырыата лыҥкыныыр.
Сандал саас хас ыалы кэрийэн
Сырдыгын дэлэйдик тарҕатта,
Кэм-кэрдии айана түргэнин
Көбдьүөрэн биһиэхэ санатта.
«Тиэтэйиҥ» диэбиттии дохсуннук
Нап-нарын ньургуһун арыллар,
Тоҥ сири тобулан, хорсуннук,
Күлүмнүүр күн диэки тардыһар.
Күөх окко этэҥҥэ үктэнэн
Дьылҕа Хаан бэлэҕин туттубут,
Куһуурар кынаттаах эргиллэн
Айылҕа алгыһын аҕалбыт.
2018 с. кулун тутарДьокуускай
Атыыламмат
«Барыта атыыланар» дииллэр
Аламай үрүҥ күн анныгар,
Бу орто
туруу-бараан дойдуга.
Ону мин экчи ылыммаппын —
Улууну,
Кэрэни,
Үйэлээҕи
Ханнык да манньаҕа,
төһө да харчыга,
Ким да кыайан
атыыласпат,
атыылаабат!
Буор босхо кэрэхсии көрөбүт
Биһиги үйэбит тухары
Чаҕыл күн
күлүмүн,
туолбут ый
тунал мичээрин.
Сайыҥҥы уот куйаас күннэргэ
Турабыт буор босхо дуоһуйа
Сүрэҕи
сөрүүкэтэр
сылаас ардах
анныгар.
Ханнык да халыан хараҥа күүс
Күөмчүлүүр кыаҕа дуостал суох
Көҕөрөр
куйаарга
көччүйэр
көҥүл тыалы.
Төһө да баһаам элбэх харчыгынан
Эмиэ кыайан
бэйэҕэр
иҥэриммэккин
Дьон-сэргэ
ытыктабылын,
умнуллубат
албан ааты.
Харах халтарыйар да харчытыгар
Сиэпкэр ылаҥҥын уктубаккын
Ыраас суобаһы,
ымыы гыммыт
сырдык ыраҕын.
Ханнык да толугу биэрэҥҥин
Адьаһын кыайан тохтоппоккун
Кэм-кэрдии
уҕараабат
биир күдьүс
айанын…
2018 с. муус устарДьокуускай
Олох
Олох диэн Дьылҕа Хаан киһиэхэ
Биирдэ эрэ биэрэр бэлэҕэ —
Дьол мүөттээх утаҕын иһиэххэ,
Хас күнү үөрүүнэн көрсүөххэ.
Олох диэн бэйэлиин күөнтэһэн
Дьоҕус да кыайыыттан дуоһуйуу,
Үктэлтэн үктэли дабайыы,
Кыра да алҕастан хомойуу.
Олох диэн күөгэҥнэс мууһунан
Уҥуоргу кытылга талаһыы,
Кырыалаах кыһыны атааран
Күөх саастыын астына көрсүһүү.
Олох диэн тапталан умайан
Өрүтэ уһуутуу тыынарбыт,
Таҥнарыы хаһыҥа хаарыйан
Утуйар ууну да умнарбыт.
Олох диэн дьолунан угуттаан
Сүрэҕиҥ долгуйар кэмнэрэ,
Ардыгар амырыын ыарыыттан
Уйулҕаҥ кыланар түүннэрэ.
Олох диэн Дьылҕа Хаан киһиэхэ
Биирдэ эрэ биэрэр бэлэҕэ.
Дьол мүөттээх утаҕын иһиэххэ,
Хас күнү үөрүүнэн көрсүөххэ.
2018 с. муус устарДьокуускай
Тоҕо эрэ…
Тоҕо эрэ
Олорон ааспыт кэмнэрбин
Бүгүҥҥү күҥҥэ тэҥниибин
Уонна булабын мэлдьитин
Урукку хайаан да ордугун.
Тоҕо эрэ
Оһуор ойуулаах сахтарбын,
Ойор-тэбэр оҕо сааспын
Олус күндүтүк саныыбын,
Туохха да атастаспаппын.
Эбэтэр
Ол кэмҥэ күн ордук күүскэ
Чаҕылыйа тыгара дуу?
Чысхааннаах тымныы эмискэ
Уураабытын умнубаппын дуу?
Эбэтэр
Ийэм, баар-суох күндү киһим,
Мин эрэллээх дурдам-хаххам,
Сүрэҕин сылааһын суоһугар
Сыламнааммын төрөлүйэн?
Махтанабын
Дьылҕам сиэдэрэй бэлэҕэр:
Хоту дойдуга төрөөбүппэр,
Биирдэ бэриллэр олохпор
Ийэ тапталын билбиппэр!
2017 с. сэтинньиДьокуускай
Алгыс баһа сыаланыа
Айгыр-силик бэс ыйын
Ача күөҕэ чэлгийдэ,
Ыраас мэҥэ халлаантан
Ытык күммүт мичийдэ.
Кэллэ, саха аймахха,
Үрүҥ тунах ыһыаҕа,
Үгүс сылы уҥуордаан,
Сиэри-туому ытыктаан.
Айыылардыын алтыһан
Алгыс ылар кэмнэрбит,
Күнү көрсөн кыаҕыран
Арчыланар түгэммит.
Чэчиринэн киэргэммит
Түһүлгэтэ кэскиллээх,
Саламанан симэммит
Чоруун чиргэл сэргэлээх.
Унаар түптэ буруолаах,
Уйгу-быйаҥ илгэлээх,
Саха төрүт оонньуулаах,
Саамал кымыс утахтаах.
Доллоһуйар олоҥхо
Үйэлэри ситимниир,
Хомус дьикти дорҕооно
Абылыырдыы кутуллар.
Ырыа-тойук дуорайан
Саргы-талаан салаллыа,
Икки сүрэх долгуйан
Алгыс баһа сыаланыа…
2018 с. бэс ыйаДьокуускай
Оһохпут тыһыргыыр ырыата
Сарсыарда оһохпут тыһыргыыр
Тыаһыттан уһуктар буоларым.
Дьиэм сылаас салгына илгийэр,
Алаадьы сытынан дыргыйар.
Ийэкэм күөрчэҕин ытыйар,
Биһилэх ытыктыын аалсыһар.
Ол онно бигэтэн иккиһин
Утуйан хааларым мэлдьитин.
Мин ийэм сүрэҕин сылааһа,
Биһиэхэ иһирэх таптала
Иҥэрэ минньигэс аһыгар,
Сарсыарда ытыйар күөрчэҕэр.
Олоҕум устата суохтуубун
Оһохпут тыһыргыыр ырыатын,
Биһилэх ытыктыын үҥкүүтүн,
Алаадьы сырылыы буһарын…
2018 с. от ыйаДьокуускай
Айылҕа уйаннык ытаата…
Хараҥа халлааны хайытан
Саа уоһа уотунан уһуурда,
Уу нуурал чуумпуну соһутан
Эмискэ тэргэннии эһиннэ.
Туруйа сүрэххэ таптаран
Суулунна, хатаннык кыланаат,
Доҕорун соҕотох хаалларан
Кырдалга кынатын тэлгээтэ.
Айылҕа уйаннык ытаата —
Биир кэрэ симэҕин сүтэрэн,
Күлүм күн кытары өлбөөрдө —
Сир үрдэ боруора лүҥкүрдэ.
2018 с. балаҕан ыйаСүлдьүкээр
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?