Текст книги "Иччи. Сибиэн. Абааһы"
Автор книги: Народное творчество
Жанр: Мифы. Легенды. Эпос, Классика
Возрастные ограничения: +16
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 3 (всего у книги 11 страниц) [доступный отрывок для чтения: 3 страниц]
Тээс Дьөгүөр киириэҕиттэн биһигини муокастыыр абааһы туһунан олус сыныйан ыйыталаспыта. Абааһы мэлииппэттэн куттанар, куотар диэн кытаанах өйдөөҕө. Биһиги үс буолан абааһы кэллэр эрэ Дьөгүөр мэлииппэтинэн үүрүллэрэ буолуо дии саныырбыт. Аны улахан киһи кэллэҕинэ, ол абааһы кэлбэккэ, биһиги сымыйанан кэпсиир аатырыахпыт диэн куттанарбыт, түргэн соҕустук бэйэтин биллэрэригэр баҕарарбыт.
И. Трофимов
Кириэстээх бөһүөлэгэ
Дьааһык киэһэ
Бу түбэлтэни бэрт өрдөөҕүтэ Хара Хаппытыан диэн сүүһүн ааспыт, түөһэйэн түҥ-таҥ тыллаһар буолбут оҕонньор кэпсээбитэ. Оҕонньор сорох ардыгар өйө-санаата дьэҥкэрэн кэлэн, ханнык да эдэр киһитээҕэр тобуллаҕас, ону ааһан муударай буолан ылыталыыра. Онон кэпсээнэ сүүс бырыһыан сымыйа диэн сапсыйан кэбиһэр кыах суох, кыларыйан турар кырдьык да буоллаҕына көҥүл.
Хаппытыан аҕыс саастааҕар (өрөбөлүүссүйэ иннинэ) дьонноро хас да ыал буолан дьукаахтаһан Саһар үрэҕин төрдүгэр баар Балаҕаннаах диэн сиргэ олорбуттар. Биирдэ икки-үс биэрэстэлээх сиргэ ыаллаһа сытар Хаҥха диэн алааска ханнык эрэ оҕонньор өлбүтүгэр анарааҥҥы оҕолору (оччотооҕуга биирдии балаҕаҥҥа иккилии-үстүү ыал дьукаах олороро) Балаҕаннаахха аҕалтаабыттар. Инньэ гынан биир кыракый балаҕан иһигэр уонтан быдан тахса оҕо мустубут. Улахан дьон бары кэриэтэ таҥаралаабыт оҕонньору «атаара» Хаҥхаҕа барбыттар. Итиччэ элбэх оҕо мустан баран, көрү көҕүлүттэн ылбыттар. «Чыычый, кэбиһиҥ, бүгүн дьааһык киэһэ» диэн сэрэтэ сатыыр эдьиийдэрин ким да истибэтэх.
Хараҥаҕа сасыһа оонньооһун үгэннээн турбут. Оччотооҕу оҕолор барахсаттар хайдах-туох оонньоон бутукаайдаммыттарын ким да билбэт (Хаппытыан оҕонньор ону сиһилии кыайан кэпсиир кыаҕа суох). Ол гынан баран оонньуулара бэрт суһаллык, кутталлаахтык түмүктэммит курдук.
Бэллэй Мэхээс диэн уол саспыт оҕолору көрдүү сылдьан, анныгар ким эмэ саспыта буолуо диэн, аан таһыгар ыйанан турар уһун суппун сону харбыалаан көрбүт. Сон кэннигэр ким да суоҕун билэн баран, тоҕо эрэ, ыйанан турар сон сиэҕэр аллараттан илиитин уган көрбүт. Арай сиэх иһигэр туох эрэ уһуктаах сылдьар үһү. Мэхээс бигээн көрбүтэ, быһах эбит. Уол илиитин салгыы өрө анньан испитэ, аны, илии тиийэн кэлбит. Быһата, быһаҕы туппут илии сон сиэҕэр саһан турар («сытар» диир табыгаһа суох) эбит. Уол куттанан сарылаабытынан сону арыйа баттаабыта, сон иһигэр киһи барыйан турар буолан хаалбыт. Иэрийэ-иэрийэ ытыыр, уҥуоҕа хамсыар диэри өлө куттаммыт уолу ким да улаханнык аахайбатах. «Кураанах сонтон куттанар куттас куобах, ырыган торбос…» диэн күлүү-элэк оҥостубуттар, ыстаҥалаһыы-сырбаҥалаһыы буолбут.
Хаппытыан көрдүүр уочарата тиийэн кэлбит. Кып-кыараҕас дьадаҥы балаҕаҥҥа киһи саһар сирэ бэрт кэмчи да буоллар, оччотооҕу оҕолор киһи үөйбэтэх-ахтыбатах сирин бары булан саһаллара. Хаппытыан көрдөөн балааскайдана сылдьыбыт. Хас да оҕону булбут. Түннүк анныгар турар түөрэккэй талах олоппоһу арыйа баттаан биир саһан олорор оҕону булан ылбыт. «Таҕыс. Булулуннуҥ» диэбитигэр, анарааҥҥыта «саҥарыма» диирдии тарбаҕын уоһугар чугаһатан үрбүт, күлэн хараҕа чаҕылыҥныыр үһү. Хаппытыан боруҥуй муннукка саһан олорор оҕо лаглаҕай буола иилистибит кугас сахсаҕар баттаҕын, саллаҕар төбөтүн, иннигэр лэскэйэн көстөр уй курдук иһин сыныйан көрөн баран соһуйан, хаһыытаан тоҕо ыстаммыт. Атын «оҕо» кэлэн саһан олорор эбит. Оонньуу онон түмүктэммит.
«Бэйэтин кэмигэр дьүөрэтэ суох дьыаланан дьарыктанар куһаҕан» диэн бэрт дириҥ ис хоһоонноох түмүгү оҥороот, Хаппытыан оҕонньор, дьиҥнээх бэйэтин киэбин ылынан, түөс-маас халлааны эрдэн киирэн бардаҕа.
Абааһы Хаата
Сылгыһыт Хабыыча
Сылгыһыт Хабыыча нэһилиэктэригэр бастакы холкуостар тэриллибиттэрэ бэһис сылын үөрүүлээх ыһыаҕыгар сиэхтээх байтаһын биэлэрин көрдөөбүтэ хаһыс да күнэ. Айылҕа барахсан ситэн, силигилээн ахан турара, хатыҥ чараҥнарга сэбирдэхтэр суугунууллара, нуоҕай солко мутукча күөх киистэтин анньынан нуоҕалдьыйа хамсыыра, мүөттээх сытынан дыргыйара, эркэнэ хара тыаларга кэҕэлэр куоталаспыттыы этэн чоргуйаллара, араас өҥнөөх сибэккилэринэн симэммит сыһыыларга күөрэгэйдэр күөх дьүрүс салгыҥҥа уйдаран дьурулата туойаллара. Айылҕа барахсан ити алыптаах кэрэтэ эдэр киһи кутун-сүрүн көтөҕөрө, күүһүгэр күүһү эбэрэ, көтүөҕэр кыната эрэ суох курдук сананан ис-иһиттэн үөрэн, сүргэтэ көтөҕүллэн, муннун анныгар киҥинэйэн ыллыыра.
Ол иһэн санаан кэллэ, аны аҕыйах хонугунан кыһыны быһа кэтэспит ыһыахтара буолуоҕа, кэрэ бэйэлээх, нарын-намчы кыргыттар оһуохай этэн наскылдьыһыахтара, быыппастар быччыҥнаахтар, быһый атахтаахтар күөн көрсүөхтэрэ, күрэс былдьаһыахтара, түргэн атахтаах сылгылары сүүрдүөхтэрэ. Хабыыча ыһыахтарга оонньуон, күрэс былдьаһыан олус баҕарара. Ону санаатаҕына этэ-сиинэ кычыгыланара, чэпчээбиккэ дылы буолара. Былыргы күүстээхтэр сылгыны оҕуурдаммакка тутар сурахтарын истэрэ. Ол иһин ону боруобалаан кыра сылгылары сырсан иһэн көҕүллэриттэн ылан умса баттаан, бас быатын кэтэрдэр үгэстэммитэ.
Салгыы хас да сыллааҕыта, саҥардыы буутун этэ буһан, холун этэ хойдон эрдэҕинэ, ыһыах аҕай иннинэ эһэтэ Улуу Сыһыыга сиэнин Хабыычаны ыҥыран илдьибитин саныы истэ. Кырдьаҕас дьон-сэргэ көрбөтүгэр сиэнин боруобалыыр санаалааҕа. Остуол ньуурун курдук көбүс-көнө хонууга кэлэн, сэрэммиттии оргууй эргим-ургум көрбүтэ уонна: «Тукаам, кылыйан боруобаланан көр эрэ», – диэбитэ. Эргэ өрбөххө суулаан аҕалбыт туоһун түөртүү хаамыы мээрэйдээн уон икки туоһу ууран биэрбитэ. «Дьэ, тоойуом, хайдаххыный-туоххунуй? Бэйэҕин көрдөр эрэ! Былыр бэйэм эдэр-сэнэх эрдэхпинэ кистээн оонньообут туоһум», – диэт, мичээрдээбитэ.
Сиэнэ эһэтин тылын быһа гыммата. Тэйиччи соҕустан сүүрэн кэлэн кылыйан кыыраҥнатта. Сиртэн-буортан тэйбит курдук чэпчэки бэйэлээхтик тэйдэр-тэйэн, өрө күөрэйэн кылыйан кылбаҥнатан бүтэһик туоһу биир ыллар хаамыы курдугунан аһары түстэ. Оҕонньор ис иһиттэн долгуйда, уоһа ибигирээтэ: «Оо, оҕом барахсан, туйахпын хатараахтаабыт эбиккин», – диэт, сиэнин кууһан ылан сүүһүттэн сыллаата. Саҥата суох туостарын хомуйдулар.
Дьиэлэригэр төннөн иһэн Улуу Сыһыы халдьаайытын кыйа барар ходуһа үс мастаах остуолба бүтэйин аттынан ааһан иһэн, кырдьаҕас сиэнин диэки хайыста: «Тукаам, бу күрүөнү көтүөҥ этэ дуо?» Сиэнэ боруобалыырга сөбүлэспитигэр үөрэн сэҥийэтин бытыгын имэриммэхтээтэ. Уол урут маннык күрүөлэри көтө оонньуура, ол иһин сэнээбиттии туттан, аҕыйахта дэгэйбэхтээн, сыыры өрө үс мастаах бүтэйи чэпчэки бэйэлээхтик көтөн тэп гынна, онтон сыыры таҥнары төттөрү көттө.
Оҕонньор сиэнин астыммыттыы көрөн турда. «Оҕом атаххынан чахчы кыанар эбиккин. Мин кырыйдым-буорайдым, онон эйиэхэ кэриэспин этэбин. Улахан ыһыахтарга, урууларга оонньообот буол. Биһиги төрдө-ууһа суох кыра, быстах аймахтарбыт, дьон быһа этэн кэбиһиэҕэ, киһи тыла ох», – диэтэ. Эһэтэ эдэригэр кус быһый, ат бөҕө киһи кистэнэн биллэрбэккэ сорсуйбута диэн ыаллара кистээн кэпсэтэллэрин өйдүү-саныы истэ.
Сылгыһыт санаатыгар аралдьыйан төһө уһуннук айаннаабытын билбэккэ хаалла, Кубалаах алааһа эҥэлдьийдэ. Уһун күөллээх киэҥ алаас сыырын таҥнары киирдэ, алаас арҕаа баһыгар Атарбас эргэ өтөҕө көһүннэ. Олус куйаас күн буолан атыыр үөрүн үксэ балаҕан иһигэр симиллэн туралларын билэн сылгыларын көрөн бараары, атыттан түһэн сэргэҕэ баайда. Сэрэнэн сылгылары балаҕан иһиттэн үүртэлээтэ. Сылгылар өтөх кэннинээҕи халыҥ тыа күлүгэр түстүлэр. Тахсыбыттарын кэннэ аанын сабаары балаҕан иһин өҥөйөн көрбүтэ, биллэрик ороҥҥо хара кулунчук тиэрэ түһэн көлөттөн, мөхсө сытара. Хабыыча киирэн кулуну туруорбута, онто кистии-кистии үөрдэрин эккирэтэн сүүрэн тойтоһуйа турбута. Холуодата, халҕана суох ааҥҥа сылгылар киирэн көлөттөн өлүүһүлэр диэн мастары кэккэлэтэн, сабан кэбиспитэ.
Сылгытын көрдүү алаастары, өтөхтөрү кэрийэ салгыы айанныы турбута. Сылгылар тохтообуттара, бүкпүттэрэ буолуо дии санаабыт сирдэрин барытын көрөн, сайыҥҥы күн тиит баһыгар түһүүтэ Кубалаах алааһыгар эмиэ эргиллэн кэлбитэ. Манан Тыймыыттаах үрэҕин сыыйан, сааһын тухары соҕотоҕун олорор Мөрөс оҕонньорго тиийэн хонон баран, хоту алаастары көрүтэлээн төннөр былааннааҕа. Атыыр үөрэ күөл кытыытыгар налыччы аһыы турара. Өтөҕүнэн ааһан иһэн балаҕаны көрдөҕүнэ, мааҕын саппыт аана эмиэ аһаҕас турара. Хабыыча соһуйбута «Сабан барбыт ааным хайдах аһылыннаҕай» диэн сэргэҕэ кэлэн атын баайан баран балаҕаны өҥөйөн көрбүтэ, эмиэ били хара кулунчуга биллэрик ороҥҥо тиэрэ түһэн көлөттөн, тэбиэлэнэ сытара.
Сылгыһыт тугу да эргитэ санаабакка кулунчугу туруоран үөрдэригэр үүрбүтэ уонна төннөн киирэн абаран, орон сыҥаһатын көтүрүтэ таппыта, аанын мастарын кэккэлэччи туруоран, сабан баран атын сэргэттэн сүөрэн эрдэҕинэ, балаҕаҥҥа утары турар ампаартан ыһыллыбыт, уһун суһуохтаах дьахтар тахсан: «Туох ааттаах киһитэ кэлэн мин уораҕайбын алдьаттыҥ», – диэт Хабыыча үрдүгэр түспүтэ. Ол икки ардыгар хаҥыл соноҕос кыл көнтөһүн быһа түһэн куоппута. Эдэр киһи дьахтары ылан ампаарга ыга аспыта. Дьахтар: «Абаккам эбит!» – диэн хатаннык часкыйа түһээт, эмискэ суох буолбута. Уол өйдөнөн кэлбитэ, ампаар истиэнэтин илиитинэн лигийэ турар эбит. Күн киириитэ уйуһуйбут соноҕоһо тэһиинин атаҕар кэппитин нэһиилэ тутан миинээт, Мөрөс олоҕун диэки атын салайбыта. Сылгыһыт ити кэнниттэн куттаммытын дьэ билбитэ, этэ-сиинэ тымныйбыта, куйахата күүрбүтэ, сүрэҕэ айаҕар тахсыбыта, мэйиитэ эргийтэлээн ылбыта. Хайыыр да сирэ суоҕа, барыахтаах сирин диэки хаамтаран испитэ.
Хабыыча уол кыра эрдэҕиттэн сылгыга эриллибит буолан, сылгы майгытын-сигилитин, кинини көрүүнү-истиини, тутууну-хабыыны үчүгэйдик билэрэ. Онуоха ис-иһиттэн сылгыга олус сыстаҕаһа, кыайыгаһа. Ол иһин дьоно-сэргэтэ кинини таптаан Сылгыһыт Хабыыча диэн ааттаабыттара. Уол курбуу курдук уһун уҥуохтаах, толору эттээх-сииннээх, ыраас сэбэрэлээх, киһи мыына көрбөт ыччата. Нэһилиэгин кырдьаҕастара ыһыахха оонньоон көрбөккүн ээ диэтэхтэринэ, саҥарбакка кыбыстыбыттыы туттара.
Тыймыыттаах үрэҕэр сайыҥҥы күн киирэн сиик түспүтүн кэннэ кэллэ. Мөрөс балаҕанын үөлэһиттэн кыым тахсарын бэлиэтии көрөн, кырдьаҕас утуйа илик эбит диэн үөрдэ. Сэргэҕэ кэлэн атын баайа туран иһиттэҕинэ оҕонньоро кимниин эрэ кэпсэтэр саҥата доргуйан олороро, хоноһолоох эбит дии санаабыта. Ааны аһан дьиэҕэ киирбитэ, хаар маҥан баттахтаах кыһыл эттээх сирэйдээх, үскэл, улахан оҕонньор соҕотоҕун илим тэрээгэ соболору ып-ыраастык эттээн сии олороро. Ыалдьыт: «Кырдьаҕас, туох кэпсээннээххиний?» – диэн кэпсэтиини үөрэ-көтө саҕалаата. Дьиэлээх оргууй эргилиннэ уонна өр күүппүт киһилии: «Хайа, дьэ кэлээхтээтиҥ дуу, көрөр-билэр битим таппыта ыраатта», – диэтэ. Тимир тэриэлкэҕэ эмис, бөдөҥ соболору Хабыыча иннигэр уурталаата. Оргууй кэпсэтэ-ипсэтэ аһыы олордулар.
Дьиэлээх мантан биир күннүк сиргэ, Быһыттаах диэн алааска, субан сүөһүнү көрөөччүлэр сайылыы тахсыбыттарыгар баран, хонон-өрөөн, хаартылаан, дэлби сүүйтэлээн, хойутаан кэлэн аһыы олорор эбит. Сылгыһыт ыһыахха сиир байтаһынын көрдүү сылдьарын кэпсээтэ уонна сылгылары сураста.
Аһаан баран, атын бууталаан ыытта. Киирбитэ, оҕонньор утуйаары оронугар табахтыы сытара. «Хайа, доҕоор, күнү быһа айаннаабыт киһи сылайбытыҥ буолуо, улаҕабар киирэн утуй», – диэтэ. Хабыыча бүгүн бэйэтэ куттанан кута көтөн кэлбитэ, онон итини истээт, хап-сабар Мөрөс улаҕатыгар киирэн утуйардыы оҥостон сытынан кэбистэ. Табахтаан бүтээт, утаакы буолбата, кырдьаҕаһа хабырынан кэбиһэ-кэбиһэ утуйан хаһыҥыраабытынан барда.
Уол бүгүн түбэспит ынырык хапсыһыыта өйүттэн тахсыбакка, уута кэлэн биэрбэтэ. Түүн үөһэ буолан эрэрэ да, бэс ыйын үрүҥ түүннэрэ буолан, балаҕан түннүгэ төһө да кыратын иһин, дьиэ иһэ чуолкайдык көстөрө. Киһитин улаҕатыгар араастаан эргийдэ-урбайда, утуйа сатаата. Кыараҕаһа, итиитэ да бэрт буолан этэ көймөстөн эрэйдэнэ сытан, кэмниэ кэнэҕэс нуктаабыт курдук буолан эрдэҕинэ, дьиэ аана аһыллан баран сабыллар тыаһыттан уһуктубута, оһох иннигэр олоппоско кинилэргэ көхсүнэн күлүк курдук хара киһи үс тарбахтаах түүлээх илиитин көмүлүөккэ ититэрдии тутан олорорун көрөн, Хабыыча олус куттанна, этэ саласта, көлөһүнэ сарт түстэ, мэктиэтигэр нэһиилэ тыынын ылла.
Били бастаан кэлэригэр балаҕан иһигэр Мөрөс кимниин эрэ кэпсэтэн даллыгыраһарын өйдүү биэрдэ. «Бээрэ, хайдах-хайдах баҕайыный, оттон дьиэҕэ киирбитим, оҕонньортон ураты ким да суоҕа дии! Ол кэпсэппит киһитэ бу кэлэн олордоҕо дуу» диэн санаалар элэҥнээн аастылар. Өлүү түбэлтэлээх ытырдан тоҕо барбытыгар, били киһитэ чыпчылыйыах түгэнэ мэлийэн хаалла. Хабыыча дьэ табыллыбата, уута олох көттө, кута-сүрэ айманна. Мөрөһө утуйбутун курдук тэбэн көрбөккө өссө улаханнык иҥсэлээхтик хабырына-хабырына, хаһыҥыраан кэбиһэ-кэбиһэ утуйа сытта. Сайыҥҥы күн кылбайа ойон тахсыыта Хабыыча тулуйа сатаан баран, оҕонньорун тардыалаан уһугуннарда. «Хайа доҕоор, айаннаары ыксаатыҥ дуу, тоҕо бачча эрдэ уһугуннардыҥ?» – диэтэ кырдьаҕаһа уонна саппыйалаах хамсатын ылан табахтаан бусхатта. Таах олоруохтааҕар дьиэлээх: «Хайа, төһө бэркэ утуйдуҥ?» – диэтэ. Хабыыча тохтуу түһэн баран, бачча эр бэрдэ куттаҕас эбит диэҕэ дии санаан: «Ээ, үчүгэйдик утуйдум», – диэтэ.
Аһаан-сиэн, атын ыҥыырдаан баран сулбу-халбы хомунан, сарсыардааҥҥы чэбдик, ыраас салгыҥҥа куустаран, сайыҥҥы уһуктан эрэр айылҕаттан күүс-уох ылан санаата арыый көтөҕүллэн, сылгытын көрдүү Тыймыыттаах үрэҕин туораан хоту алаастар диэки дьоруолата турда.
Күннэр-дьыллар ааһан испиттэрэ. Хабыыча көстүбэт күтүрдэрдиин күөн көрсүөҕүттэн улам кута-сүрэ тостон, соргута самнан, иинэ хатан испитэ. Аар кырдьаҕастар, сээркээн сэһэнньиттэр куһаҕан тыын аанньаҕа көстүбэт дииллэрэ оруннаах быһыылааҕа.
Бырама уола
Чүүйэ
Быһаҕынан аспыт
Тайыла Карадчин диэн киһи уола Тайыла Ньукулайа диэн икки хараҕа суох оҕонньору билэбин. Кини уола Василий Карадчин диэн учуутал киһи баар этэ. Тайыла Ньукулайа оҕонньор кыра оҕо сылдьан абааһыны кытта оонньообутум диэн кэпсээбитэ. «Ийэлээх аҕам сайын оттуу барбыттарын кэннэ дьиэлэрин кытта биир хотоҥҥо оҕону кытта оонньуур этим, ол оҕоҕо аһылыкпын аһатарым. Кини оонньуура туйах уҥуоҕа буолара уонна тарбыйаҕы миинэн эккирэтэр этэ. «Миигин дьоҥҥор этимэ» диэччи, ол иһин эппэт этим», – диир этэ. Тарбыйахтара өлөн бөҕө буолбут, уонна Ньукулай аһаабатаҕына да, аһа суох буолар үһү. Арай биир күн дьоно уорбалаан, аҕата үлэлии барбыта буолан баран, саспыт. Дьоно барааттарын кытта уоллара хотонугар киирэн доҕорун ыҥырбыт. «Кэл, аһаа уонна оонньуохха» диэн. Онуоха табаарыһа күкүр иһиттэн тахсан кэлэн аһаан барбыт. Аҕата ону көрөн саха быһаҕын сонун сиэҕин иһигэр уган биэрбит уонна: «Бу быһаҕынан аһыы олордоҕуна искэ анньаар», – диэн уолугар эппит. Сарсыныгар эмиэ үлэлэригэр барбыттар. Ньукулай хотонугар киирбит, доҕоро кэлэн кэтэһэн турар үһү. «Доҕоор, туохтааххын эрэ», – диэбит, онуоха: «Туоҕум да суох, аһаа уонна оонньуох», – диэбитигэр саараҥнаан баран, кэлэн аһаан барбыт. Аһыы олордоҕуна Ньукулай доҕорун искэ быһаҕынан аспыт. Абааһыта куһаҕан баҕайытык сарылаабыт. Киэһэ дьоно кэлэн ыйыппыттар: «Быһаҕынан астым, быһахпын илдьэ барда, хап-хара хаан тоҕунна», – диэбит. Ону тахсан көрбүттэр, куруолук хороонун курдук хайаҕаска киирбит. Быһаҕа онно хаалбыт үһү. Онтон ыла тарбыйах өлбөт буолбут.
Екатерина Кашлакова
Үөһээ Бүлүү
Этэрбэскэ лэппиэскэни
Биһиги 1938 сыллаахха сүөһүлэрбитигэр от сиэтэ Чурапчыттан хас да ыал буолан Нуотараҕа, Чэллэм диэн үрэххэ, киирбиппит. Онно кыстаабыппыт. Хаалбыт эргэ дьиэни өрөмүөннээн, урут уот сиэбит, сүөһү бөҕө өлбүт хотонун оннугар саҥа хотон тутан кыстаабыппыт. Хотоммут дьиэҕэ салгыы турар буолан, оһох кэннинэн хотоҥҥо киирэллэрэ.
Дьиэбит биир муокастааҕа. Оҕолор киэһэ аайы этэрбэстэрбитин оһох холумтанын тула куурда уурарбыт. Сарсыарда кэтээри гыннахпыт аайы тобус-толору чох, бурдук, оннооҕор долбуурга турар лэппиэскэ кытта угуллубут буолара. Сарсыарда ахсын ким этэрбэһигэр төһө элбэх хааламмытын көрүү-истии. Хата, биһиэхэ, туох да аралдьыйара суох дьоҥҥо, бэрт диэн күн ыһыаҕа буолара. Улахан дьон киһини эҥин көрөллөрүн кэпсэтэллэрэ, ардыгар били көстүбэт «киһибит» туттар маллары кистээн кэбиһэр этэ.
Сайын биһиги атын учаастакка баран сайылаабыппыт. Онно мин ийэм аах хотоҥҥо сырыттахтарына, кыра балтыбын көтөҕөн, дьукаах кыыспынаан түннүгүнэн одуулаһа турдубут. Таһырдьа олбуор муннугар ыалбыт сэбиэт бэрэссэдээтэлин миинэр ата мэччийэ сылдьара. Арай ол ат үрдүнэн былыргы саха дьахтарын төбөтө устан ааста, сирэйин маҥан былаатынан бобуонньуктуу бааммыт, салгыҥҥа өр соҕус көһүннэ. Онтон тутатына улаханнык ыалдьан охтон хаалбыппын. Дьоннорум хоско ороҥҥо сытыаран баран таһырдьа тахсыбыттар. Онно көрдөхтөрүнэ, түннүк аттыгар сүрдээх улахан сирэйдээх, уһун ньолбоҕор харахтаах, дьэс кыһыл киһи турар үһү. Мин эмиэ онтон өйө суох барбыппын. Ол түүнү быһа кулун курдук мөхсөн баран, сарсыарда сүүрэн хаалабын.
30-с сылларга бу сиргэ сылгы фермата тэриллэн, хас да сиринэн нууччалыы тутуу бөҕө барбыт сирэ буолан, улахан баҕайы сылгыга анаммыт хотоннор бааллара. Биир чугас хотоҥҥо ынахтарбытын ыырбыт. Биир киэһэ, эдьиийбинээн ынах баайа сылдьан, хос долборугар куп-кугас баттахтаах, мап-маҥан оҕону көрдүм. Ийэттэн төрүү сыгынньах. Долборуктан туран иһэн миигин көрөн ынчыктаан баран сытынан кэбистэ. Куттанаммын эдьиийбэр сүүрэн тиийдим. Сарсыҥҥы күнүттэн ыла тарбыйахтарбыт аҕылыыр ыарыыга ыалдьан, өл да өл буоллулар. Билигин сэрэйдэхпинэ, арааһа, тарбыйах абааһытын көрбүппүн быһыылаах.
Сайын, дьэдьэн буһуута, биһиги дьэдьэннии бардыбыт. Дьэдьэнниир сирбит күрүө-хаһаа бөҕө. Тиийэн, күрүөбүтүгэр туох эрэ куһаҕан таҥас ыйанан турарын көрөөт, олус куттанан куотан кэлээхтээтибит.
Биһиги аттыбытыгар били сэбиэппит бэрэссэдээтэлэ олороро. Кинилэргэ кэргэнин быраата 20-лээх улаханнык ыалдьар уол оҕо баара. Арыт таах сытан тахсара, арыт турдаҕына ийэбин кытта ону-маны кэпсэтэрэ. Биирдэ кини биһиэхэ дьэдьэннээх сир булбутун туһунан кэпсээтэ уонна онно дьэдьэннэтэ сирдээн илтэ.
Ыраас баҕайы хочо саҕатыгар дьэдьэн бөҕө үүммүт, бөдөҥ да бөдөҥ. Биһиги икки-үс күн көҥүл ыллаан-туойан, мэниктээн дьэдьэн бөҕөнү үргээтибит. Ол сырыттахпытына биир кыыспыт мэнэрийэн ыллыыр буолла. Онтон сылтаан ийэбэр үҥсүү киирбит. Оҕолор дьэдьэннии сылдьан, олус айдааран ол дойду иччитин хомоппуттар быһыылаах диэн. Онтон ыла биһиги олох айдаарбакка уоруйах курдук сылдьан дьэдьэнниир буоллубут.
Бу сир иччитэ биирдэ ынах хомуйа сылдьар дьахтарга көстүбүт үһү. Хайа үрдүгэр наһаа үчүгэй, нарын куоластаах дьахтар ыллаан дьиэрэппит. Ол ырыа ыллыыр дьахтары дойду иччитэ диэн кырдьаҕастар кэпсииллэрэ. Дьэдьэннии сылдьаммыт биһиги наһаа айдаараммыт сир иччитин хомотон кыыспыт ыалдьыбыта буолуо.
Онтон ыла сиргэ-уокка мээнэ сылдьан айдаарбаппыт. Кырдьык, былыргы өтөхтөр, дьон олорбут сирдэрэ иччилээхтэр, сибиэннээхтэр. Онтон да атын дьиктилэр көстүтэлииллэр.
Е. Егорова
Амма
Ньааньыска уйата
Сэрии сылларыгар Өндөрүүскэ уонна Көстөкүүн (Килээдэ) диэн дьоннор Дьааҥы сиригэр бултуу тахсыбыттар. Эргэ өтөххө, быраҕыллыбыт балаҕаны сөхсүйэн, үүтээннэммиттэр. Балаҕан сэнэх соҕус: биллэрик ороннордоох, оһохтоох эҥин эбит.
Биһиги дьоммут олохторун булан, оҥостон хас да күн бултаабыттар. Биир күн эмиэ бултаан баран балаҕаннарын хараҥаҕа булбуттар. Өндөрүүскэ көмүлүөк оһоххо куруҥах маһы толору симэн отто охсубут, сотору балаҕан иһэ сандаара түспүт. Көстөкүүн сээкэйин бэрийэн баран, таһыттан киирэн оронун диэки баран иһэн, саҥа аллайа түспүт: «Хайа, бу тугуй?!» Өндөрүүскэ хап-сабар ойон тиийэн көрбүтэ, Көстөкүүн түүрбэккэ хаалларбыт тэллэҕэр көтөр уйатыгар маарынныыр бэргэһэ саҕа уйа оҥоһуллубут. Өндөрүүскэ урут чөчүөккэ итинник курдук уйа туттарын туһунан ханна эрэ истибитин өйдүү биэрэн: «Ээ, доҕоор, ньааньыска уйата буолбатах дуо?» – диэбит. Киһитэ үгүһү толкуйдуу барбакка, тоҕо эрэ кыыһырар санаата баһыйан, хаана оргуйа түспүт да:
«Өссө, киһи таҥаһыгар уйа туттубут буола-буола!» – диэт, ыстанан тиийэн уйаны сиргэ тоҕо хаһыйан кэбиспитэ ыһылла түспүт. Өндөрүүскэ онно көрдөҕүнэ, араас бөх-сах, сиэл, кыл, от уонна балайда өттө, киһи хараҕар быраҕыллар гына, таҥас кырадаһына үһү.
Өндөрүүскэ тэйэ хааман баран, дьээбэлэнэн: «Ити, арааһа, сыыһа сиргэ хаһыйдаҕыҥ буолуо?! Баҕар, эйигин кытта хоонньоһоору, эн ороҥҥор уйа туттубута буолуо. Хайдах гынарын көрүө этибит буоллаҕа дии», – диэн күлбүт. Моһуокка ылларбыт Көстөкүүн: «Киһини күлүү гынаргын эрэ билэҕин!» – диэн кыыһыран буугунаан кэбиспит. Аһаан-сиэн баран, улаханы тугу гыныахтарай, утуйарга баартар. Балайда сээбэҥнээн сыппахтаан баран, сылаалара таайан утуйан хаалбыттар.
Ити итинэн ааспыт. Сыыйа-баайа умнуллан хаалбыт. Булчуттар атын туох да иҥэ-дьаҥа суох этэҥҥэ кыстаан, былааннарын толоро бултуйан, этэҥҥэ дойдуларыгар эргиллэн кэлбиттэр.
Көстөкүүн кэргэннэнэн, дьиэлэнэн-уоттанан эмээхсининээн саастарын моҥоон өлбүттэрэ. Арай оҕото суох этилэр. Өндөрүүскэ ону Көстөкүүн ньааньыска уйатын алдьаппытын кытта сибээстиирэ. Уонна: «Ити иччитэх, туох да суох балаҕаныгар хантан итиччэ элбэх таҥас кырадаһынын ылара буолла?! Хайдах, ханна ууран илдьэ сылдьара буолла?! Уруккуну илдьэ сылдьара буолуо дуо?! Биһиги, эр дьон, туох таҥаһын кырыйыахпытый, сиэллэммэт-туһахтаммат да этибит», – диэн муодарҕыыра.
А. Львов
Суотту
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?