Электронная библиотека » Оксана Гаврильева » » онлайн чтение - страница 2

Текст книги "Аанньаллар"


  • Текст добавлен: 18 апреля 2024, 16:40


Автор книги: Оксана Гаврильева


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 7 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Ыалдьыт

Ыраахтан хантан эрэ тохтоло суох тырылыыр телефон тыаhа улааттар улаатан субу кулгаахпар тиийэн кэлэргэ дылы гынна. «Оо, дьэ, саатар өрөбүлгэ утуталлара баҕалаах…»

Уум быыhынан, харахпын аспакка эрэ, телефонум туруупкатын харбыалыыбын, нэhиилэ таба тутан кулгаахпар таҕайабын.

– Алло, алло… Айыына?! Өссө да утуйа сытаҕын дуо?! Тур, тур! Пора, красавица, проснись, навстречу утренней Авроре звездою севера явись… – Тыл институтугар үлэлиир дьүөгэм Сардаана биир тыынынан элбэх-элбэҕи кутан-симэн кэбистэ.

– Сардаана Ильинична, мин бүгүн сокуонунан көрүллүбүт өрөбүл күнүм. Баhаалыста, утута түс… – мин өссө да утуйар баҕалаах утарылаhан көрөбүн.

– Суох, суох. Сатаммат… Тура оҕус! Вопрос жизни и смерти… Айыынчык, чыычаах, турууй. Чэйиий, абыраатаххына эн эрэ абырыыгын… Мин дьүөгэм миигин алдьархайга бырахпаат, хайаан да көмөлөhүө… – Сардаана албыннаспыт куолаhа улаатан кэллэ.

– Оо, татат, ол туох алдьархайа буолла? Бэҕэhээ киэhээҥҥэ диэри бары этэҥҥэ курдук этибит дии?

– Айыночка, били дьоппуон профессор туhунан кэпсиир этим дии. Ол киhи атын дьоппуону илдьэ кэлбит. Суол инженера үhү. Биhиги бэйэбит киhибитин хайдах көрсөрү барытын былааннаабыппыт. Онтон бу дьоппуон биhиги институппутугар олох сөп түбэспэт соруктаах. Ону-маны сыҥалаан көрдүбүт да, туохха да буолуммат. Вредный такой, киhини адьас өйдөөбөт барахсан. Эппитин этэ турар. Непрошеный гость и ещё лезет в чужой монастырь со своим уставом! Бастатан туран, тыа ыалын билсиэн баҕарар үhү. Иккиhинэн, «зимник» диэн туох суолун көрүөн баҕарар үhү. Айыынчык, күн-ый буол, эhиги дьиэҕит наhаа үчүгэй дии, бэйэтэ музей курдук батта уонна Даниилыҥ инженер дии. Туох эрэ уопсай кэпсэтии тахсыаҕа. Көрдөhөбүн, ыалдьыттат. Онтон кэлин мин эн ханнык баҕарар көрдөhүүгүн толоруом. Айыына, кытаатыый…

– Айуу-айа, олорбуппут сыччах… Ол хаhан?

– Бүгүн, икки чааска тахсыахпыт…

– Оо, барахсан, мин ол электровеник үhүбүн дуо, дьоппуон баара?! Хаhан дьиэбин сууйан-сотон ас астыахпыный? Суох, суох, олох табыгаhа суох, саатар бэҕэhээ киэhэ этиэҥ этэ буо.

– Айыын, онтон мин эйиэхэ эркин курдук эрэнэр буолан эрийдим ээ. Бээhээ букатын хойут кэлбиттэрэ. Сарсыарда көрсөн айманныбыт. Көмөлөспөтөххүнэ иэдээн, институт, что там институт, Саха сирин аата түhэр буоллаҕа дии, – Сардаана куолаhа ытыахча буолла.

– Оо, дьоппуон кыыhа, бүт, бүт. Сах сиэтин, кэллин, кэллин. Хайдах эбит көрсөр инибит.

– Ой, Айыночка, как я тебя люблю. Вот это моя подруга… – Сардаана долгуйдаҕына нууччалыыра элбиир.

– Ол омук эристиинэ тугу аhыыра буолуой?

– Ээ, тугу барытын сиэ. Мин маамабар медовай торт буhартардым. На десерт ону илдьиэм. Иккигэ тиийиэхпит, пока, пока, – Сардаана, уhаатахпына аны эргийэн кэбиhиэ диэтэ быhыылаах, туруупкатын тилир гына ууран кэбистэ.

Ити аата утуйан бүттүбүт… Мин өссө да туруохпун баҕарбакка сымнаҕас суорҕаммын бүрүнэ тардынабын.

– Утуппатылар дуу? – Даниил киирэн аргыый аттыбар сытар.

Кини киhи турбута быданнаабыт. Тымныы чэбдик салгынынан илгийэр. Субу таhырдьаттан киирбит быhыылаах.

– Мин хаарбын күртүм, муус киллэрдим. Таhырдьа үчүгэйэ сүрдээх, күн да күн буолбут.

– Даниил, икки чааска дьоппуону көрсөр үhүбүт. Сардаана Ильинична көрдөстө. Хоспохтон убаhа иhин, хаанын киллэрэн буhар эрэ.

– Киллэрэрин киллэриэм, ол гынан баран буhарбаппын. Миисэ мууhун тиэйсиэх буолбутум, – Даниил дьээбэлээн тыбыс-тымныы илиитин суорҕан анныгар угар.

Мин уум букатыннаахтык көтөр, күлэ-күлэ суорҕаммын тэбиэлиибин диэн, оронтон сууллан түhэбин. Сыттыкпын ылан, Даниилы быраҕабын. Киhим ойон туран, күлэ-күлэ таhырдьа куотар. Бүттэ. Биир көмөлөhөөччү куотта. Чэ, буоллун… Кыыспын туруоран көмөлөhүннэриэм.

Аа-дьуо хомунан хоспуттан тахсыбытым, Ксюшам таҥнан, бараары турар.

– Хайа-а, ханна бардыҥ?

– Куоракка, маама, умуннуҥ дуо? Бүгүн физикаҕа МГУ-лар консультациялара дии.

– Ээ, арба, чэ, кытаат, сүүр. Күнүс ханна эмэ булгуччу аhаар, – мин сөбүлэhэ охсобун, эбии харчы биэрэбин. Быйыл оскуоланы бүтэрэр киhи киин сир дьонун сүбэлэрин-амаларын, такайыыларын мүччү тутуо суохтаах…

Тыа ыалыгар ыалдьыт хаhан баҕарар күндү. Хайдах да ыалдьыты айах тутан, маанылаан көрсөн, кэпсэтэн-ипсэтэн атаарар – саха дьонун ытык үгэhэ. Ону кэспэтэххэ сатанар. Мин тугу гынарбын төбөбөр сыымайдыыбын. Тиэстэ охсон гаас оhоҕум үрдүгэр уурабын. Убаhам иhин, хаанын, ойоҕоhун буhара уурабын. Бэйэм суунабын-тараанабын, дьиэбин сотон ылабын. Хомунан бүтэрим саҕана тиэстэм тахсар, бэрэскилээн сырылатабын, салаат оҥоробун.

Үчүгэй да дьахтарбын! Биир чааска ыалдьыты көрсөргө, ох курдук оҥостон, кустук курдук куоhанан, бэлэм буолабын. Сыныйан остуолбун одуулуубун. Барыта бэлэм курдук. Муус маҥан сабыы, саҥа биилкэ-ньуоска, саамай харыстыыр көмүс дуйдаах фарфор сервиhим. Санаам буолбат, дьоппуон бүлүүдэтэ эмиэ баар буолуохтаах эбит диэн, кыыhым астыы үөрэппит сушитын дуу, роллытын дуу оҥорорго сананабын. Тиритэн-хорутан, сушибын нэлэгэр тэриэлкэҕэ тэлгэтээппин кытта массыына бээҕиниирэ иhиллэр. Барахсаттар, отой чопчу дьон эбит. Фартукпун уста-уста ыалдьыттарбар утары сүүрэбин.

Айабыан, дьоппуоннарга да улахан дьон бааллар эбит! Киhибит икки миэтэрэлээх быhыылаах. Өрө түөhүллэн киирбитигэр адьас дьиэм кытта намтаабыкка дылы буолла.

Дьонум үhүөлэр: Сардаана, дьоппуон, тылбаасчыт. Английскайдыы быhаарсаллар эбит.

– Хелло, май нейм ис Айыына, – диибин, английскайдыы тылым саппааhа бүтэн, саалаҕа ыҥыртыыбын.

– Акакамура-сан, – дьоппуон тоҥхоҥнуур.

Саҥа дьиэлээх киhи быhыытынан дьоһумсуйа соҕус туттан дьиэбин кэрийтэрэбин. Киирии хоско улар быhыылаах мас тоhоҕоҕо ыйанан турар дэйбиири ылан, дьоммун сапсыйабын. Тылбаасчыт Дина үөрэр. Тугу эрэ саха үгэhин туhунан кэпсиир быhыылаах. Мин биир-биир хосторбун кэрийтэрэн, хайдах былааннаан, хас сыл туттан дьиэбитигэр киирбиппитин кэпсиибин. (Тустаахха ыарахан этэ дьэ, дьиэ туттуох диэтэххэ…) Дьоппуон тугу эрэ өйдөөбөт. Хат-хат ыйытар.

Дина быhаара сатаан баран, миэхэ эргиллэр:

– Бу киhи бэйэбит туппуппут дииргитин өйдөөбөт, итэҕэйбэт… Архитектордар, тутааччылар дуо диир. Учуутал уонна инженер диирбин итэҕэйбэт.

Сайдыылаах дойду киhитэ хамнаhа үрдүгэ бөҕө буоллаҕа, ханнык эрэ сулууспаны төлөпүөннээн ыҥыра-ыҥыра олордоҕо дии. Дьиэлэниэн баҕардын, массыыната алдьаннын – аналлаах сулууспалар, били остуоруйаҕа кэпсэнэр джиннар курдук, биирдэ баар буола түhэллэрэ буолуо. Уонна кинилэр дьиэлэрэ диэхтээн, хордуоҥка быыстар буоллаҕа. Дьоппуоннар дьиэлэригэр олоппосторо да, оронноро да суох буолар буолбат дуо?! Биhиги дойдуга оннук буолбатах. Ким эрэ дьиэ туттараары биригээдэ ыҥырдаҕына, «ээ, бу киhи туора топпут, харчыта батарбат буолбут» эбэтэр «бу аймах тоҕо сүрдэрэй, уолларыгар көмөлөспөттөр», өссө аhара баран «эhэтэ улуу сүрэҕэ суоҕа, бэйэтэ эмиэ, сүрэҕэлдьээн холтуурсуктарга туттарар» диэн буолуо. Биhиги уоппуска харчытын кэтэhэн, омуна суох дьиэбитин уонча сыл туттан киирбиппит. Онон бу дьиэ маhа ханан хайдыбытын, ханан салҕаммытын ааҕа билэбит. Уонна оттон бэйэҥ тутан-хабан оҥорбутуҥ санааҕа да астык.

Мин дьоhумсуйа-дьоhумсуйа:

– Саха – сүрдээх мындыр омук, саха сатаабатаҕа диэн суох, ол иhин дьиэбитин бэйэбит илиибитинэн эрэ туттар үгэстээхпит, – диибин. – Бэйэҥ көлөhүҥҥүн тохпут, илииҥ сылааhын биэрбит, баҕа санааҥ оҥкулун уурбут буоллаххына, иэримэ дьиэҥ иччилэнэр, элбэх оҕо-уруу, баай-дуол, эйэ-ил кэлэр, – диибин. – Бу тула көр, атын-атын ыал дьиэлэрэ хайалара да майгыннаспаттар, бары тус-туhунан тыыннаахтар, тус-туhунан быhыылаахтар-таhаалаахтар, – диибин.

Ыалдьытым баhын быhа илгистэр, блокнотугар тугу эрэ сурунар.

Гаас хочуолун аттыгар кэлэн, тобуктаан олорон өр да өр одуулаhар, онтон олох да сытынан кэбиhэр. Биhиги күлсэбит.

Киhибит:

– Хаhан араараҕыт? – диир.

– Араарбаппыт, араардахпытына бу сэтинньи уорааныгар тоҥон өлөр буоллахпыт дии, – дэhэбит.

Эмиэ баhын быhа илгистэр:

– Олус хор эбит. Эhиги бары маннык баайдаргыт дуо? – диир.

Хата, бэйэбит баай аатырдыбыт буолбаат?! Хас биирдии дьоппуон сарсыарда үлэтигэр барарыгар дьиэтин-уотун, уутун, итиитин – барытын арааран барар үhү. Кытаанах экономия диэн буолла. Биhиги кыhын тымныыга кинилэр курдук кэмчилиирбит табыллыбатын, ол оннугар сайын гааhы да, уоту да туhаммаппыт туhунан быhаарабыт. Үрүҥ түүннэр, өҥүрүк куйаастар ахтылыннылар. Аны туран, Акакамурабыт уу систиэмэтэ ханна баарын ыйытар. Мин саҥата суох уулаах буочукабын ыйабын. Киhим эмиэ өр толкуйдуур, онтон бу иhиккэ хантан уу киирэн хаалбытын туоhулаhар. Мин ааны арыйан, Даниил бэҕэhээ тиэйбит мууhун көрдөрөбүн. Итэҕэйбэтэхтии сирэйбин-харахпын одуулаhар. Туох эрэ автоматикатын ирдиир.

– Суох, суох, илии үлэтэ. Развиваем физическую силу мужа, – диэн быhаардым.

Сити курдук түҥ-таҥ кэпсэтэн, остуолга олоруу буолла. Илиитин сууннараары илии суунарбытыгар аҕаллым. Киhим кыайан тобулбата, көмө көрдөөн илиитин нэлэҥнэттэ. Мин тарбаҕым төбөтүнэн илии суунарбыт үөhүн өрө аспыппар киhим оҕо курдук үөрдэ, ытыhын таhынна. Хаста да өрө анньан, уу кэлэрин одууласта, илиитин суунна.

– Автоматик! Экономия! – эҥин дэтэлээтэ.

Итинник абыраллаах тэрил ханна атыыланарын, хас сыаналааҕын туоhуласта. Били хас ыалдьыт илиитин сууннаҕын аайы кыбыстар илии суунарым болҕомто киинэ буолбутуттан хата мин үөрдүм.

Остуолга олох табыллыбата, биилкэнэн да, ньуосканан да кыайан аhаабат соро. Эрэйдэнэрин көрө сатаан баран, хата били Кытайга бара сылдьан аҕалбыт палочкаларым баалларын өйдөөн, добуочча өр көрдөөн, аҕалан биэрдим. Астынна аҕай, саҥата-иҥэтэ элбээтэ, туттара-хаптара сыыдамсыйда. Барыны бары амсайда, хайҕаата. Араас норуоттар астарын-үөллэрин туhунан кэпсэтии барда. Үксэ балык аhылыктаахтарын бэлиэтээтэ. Сахалар бары бэйэ аhылыктаах эбиккит диэтэ, экология питания диэн буолла. Харса суох симинэрин көрөн, хата бэйэм куттанан бардым. Үөрүйэҕэ суох искэ убаhа иhэ, хаhата ханан чаалыйан тахсыа биллибэт.

Аны Сардаана бу сайын Дьоппуон сиригэр ыалдьыттаабытын туhунан кэпсээтэ. Токиоҕа тыынарга ыараханын, салгына кирдээҕин, дьоно элбэҕин, сирдэрэ кыараҕаhын аҕынна. Саамай сөхпүтэ диэн уу кырыымчыга. Арай наар ыалдьыттатар профессора дьиэтигэр ыҥырбыт. Эмиэ аhаан-сиэн, кэпсэтэн-ипсэтэн киэhэ утуйуу буолбут. Сардаана үгэhинэн суунаары ванна сураспыт. Дьиэлээх киhи бэрт өр бэлэмнээбит, Сардаананы ыҥырбыт. Сардаана суунан бүттэҕинэ, ууну хайдах ыытарын, ваннаны тугунан сайҕыырын ыйыппыт. Киhитэ ыксаабыт, илиитинэн сапсыммыт: «Ууну отой тохпоккун, ити ууга эн кэннигиттэн мин, кэргэним, оҕолорум суунуохпут», – диэбит. Сардаана кини сууммут уутугар дьон суунуохтааҕын истэн сүрэҕэ тохтуу сыспыт, суунартан атыыр аккаас биэрбит.

Били Дьоппуон сирэ сайдыылаах дойду диэн ордугургуу саныырбыт симэлийэн барда. Аата, салгынныын-уулуун, сирдиин-халлаанныын, астыын-үөллүүн – бары-барыта кэмчи дойдута буолан таҕыста. Онно холоотоххо, биhиги Сахабыт сирэ нэлэhийэн киэҥэ-куоҥа, салгына ырааhа, уута дэлэйэ, сирин баайа элбэҕэ! Сайыннахпыт аатыран, баары харыстаабакка, барыны бары ыhан-тоҕон, алдьатан-кээhэтэн, хата кэнэҕэски ыччаттарбытыгар туох да хаалыа суох. Эмиэ атын омук курдук от-мас аhылыктанан, салгыннарын атыылаhан тыынар, күөх халлаан диэни билбэт, ууну харыстаан дуоhуйа испэт кэрэгэй дьылҕаланыахтара дии санаатахха тоҕо баҕас ынырыгай?!

Аhаан бүтэн, аны ыалдьыппытын тугунан аралдьытабыт диэн моhуок буолла. Хата Даниил мууhун үлэтин бүтэрэн эрдэ кэлэн абыраата. Бэрт өр суол туhунан тугу эрэ балкыстылар. Даниил ойон туран, суол инженеригэр өрүhү туоруур кыhыҥҥы суолу көрдөрүөххэ диэн этии киллэрдэ.

Үөрэ-көтө хомунан дьиэбититтэн быhа гаражпытыгар тахсан «Марк-II» массыынабытыгар олордубут.

Дьоппуоммут массыынаны көрөн үөрдэ:

– Тойота, тойота! Дьапан, Дьапан! – диэмэхтээтэ.

Абалаах да баҕайы, доҕор онтон! Биhиги Дьоппуон сиригэр тиийдэхпитинэ, Саха сирэ тугу оҥорон таhаарбытын көрөн хаһан үөрэбит!? Кыhыылаах баҕайы. Бары-барыта баар уонна туох да оҥоhуллубат…

Түргэнник сырылатан тиийэн, Хатастан Павловскайдыыр хайысханан өрүс мууhун халыҥатан уу ыстара сылдьалларын көрдүбүт-иhиттибит. Акакамурабыт видеокамератын араарбат, бары-барыта киниэхэ сонуна сүрдээх быhыылаах.

Төннөн иhэн, өрүс төбүлэҕэр муус ыла сылдьар дьону көрөн дьиктиргээтэ.

– Тоҕо мууhу алдьаталларый? Ити кутталлаах эбээт! – диэтэ.

Тохтоон, кыhын иhэр уубут маннык бэлэмнэнэрин кэпсээтибит. Дьэ өйдөөтө, эhиги дьиэҕит аттыгар муустар бааллар этэ диэн. Дистиллированнай уу уонна эмиэ экология диэн буолла. Олус үлэhит дьон аатырдыбыт.

Видеокамералаах кус-хаас тойугун түhэрбит дьону көрөн, баҕыырынан муус хостуу сылдьар үлэ таҥастаах уол биhиэхэ чугаhаата, туох дьоммутун сураста.

– Ээ, дьоппуон ыалдьыппытын саарата сылдьабыт, – диэтим.

– Дьиҥнээх дьоппуон дуо? Тоҕо дьоппуоннуу саҥарбат? – уолбут мичээрдээтэ, хоруолук бэргэhэтин өрө аста.

– Ха, дьиҥнээх буолумуна, тылбаасчыта английскайдыы быhаарсар. Дьоппуоннуу билэр тылбаасчыт булбатахтар быhыылаах.

Уолбут тоҥхоҥноото, дьоппуоннуу тылынан тугу эрэ этэн субурутта. Бэйэтин тылын истэн, Акакамура-сан соhуйда. Мичээрдээн уоhа ыпсыбат буола түстэ. Тоҥхоҥнуу-тоҥхоҥнуу бэрт өр тугу эрэ сэлэстилэр.

– Дьоппуон тылын хантан билэрбин ыйытар. Университекка илиҥҥи тыллар факультеттарыгар үөрэнэбин. Саха сиригэр дьоппуоннуу хас онус киhи билэр диэтим, – уолбут быhаарар.

Тоҕо үчүгэйэй! Биhиги биир да омук тылын баhылаабатахпыт иhин, хата ыччаттарбыт сайдыбыттара бэрт да бэрт. Атын омугу кытта толлубакка, наадатын тэҥҥэ быhаарсар уолу сөҕө-махтайа, хайҕыы-астына көрөбүн. Киhи киэн туттар оҕото!

Уолбут:

– Тылбаасчыт көрдүүргүт буолаарай? – диэн Дина уйатыгар уу киллэрэр.

Үлэтин былдьатартан ыксаабыт Дина:

– Тоҥнум, бардыбыт, – диэн ыксаппытынан барар.

Сүүс сүүрбэтэ тоҥхоҥноон, массыынабытыгар олорон дьиэбитигэр төннөбүт.

Сылаас сиргэ киирэн, медовай тортаах чэйбитин иhэбит. Дьиэтийэн, дьоппуоммут ыhа-тоҕо тугу сөхпүтүн-махтайбытын үллэстэр, биhигини эргитэ сылдьан хаартыскаҕа түhэрэр. Биhиги күлсэбит, Дьоппуон сиригэр хаhыакка тахсар буоллубут быhыылаах дэhэбит.

Лоп курдук сэттэ чааска массыыналара ыла кэлэр. Ыалдьыппыт өр тоҥхоҥноон, элбэх элбэҕи саҥаран арахсар:

– Аныгыскыга кэллэхпинэ, хайаан да эhиэхэ кэлиэм диир, – Дина тылбаастыыр.

Даниил:

– Абааhы аhаабыт сириттэн арахпат, дьоппуон баара, – диэн күллэртиир.

Киhибитигэр, биллэн турар, атыннык тылбаастыыбыт: «Этэҥҥэ айаннаа!» – диэн.

Сарсыныгар Сардаана төлөпүөнүнэн махтанар:

– Хатастан дьоппуоҥҥутун уларытан аҕалбыккыт диэтилэр, били өспөччү өhөн сылдьыбыт киhигит уоhа ыпсыбат, ыраас баҕайытык «Хатас-Хатас!» дии-дии киhиэхэ барытыгар сахалар үчүгэйдэрин туhунан кэпсээн таҕыста, – диир.

Дьэ бэрт, атын омук саха дьоно майгыта үчүгэйин, үлэhитин, мындырын билиммит буоллаҕына, биhиги даҕаны тоҕо бэйэбитин намтата, сэнэнэ сананыахтаахпытый?! Биhиги да дириҥ силистээх-мутуктаах, баай тыллаах-өстөөх, мындыр өйдөөх-санаалаах улуу урааҥхайдар буоллахпыт эбээт.

Бастакы булт

Оо, ийэм барахсан астаабыт аhын сыта таhырдьаттан биллэр!

Мила аччыктаан куртаҕа курулаабытын дьэ өйдөөтө. Таах даҕаны бүгүн өр тардылынна. Алта уруок кэнниттэн кылаастарын сууйбуттара, онтон үс чаастан математика олимпиадатыгар кыттыахтаах оҕолорго эбии дьарык буолбута.

Аhыы охсор баҕалаах Мила аанын тутааҕын харбаата.

– Бары ханна дьөлө түhэн хааллыгыт? Аскытын хаhыс да сылытыым, – Мила ийэтэ Аана үгэhинэн мөҕүттэ тоhуйда.– Аҕаҥ мааҕын сарсыарда хонтуоралаабытын айыыта ол. Эбиэккэ кэлбэтэ, арааскыта, мас тиэйтэрэ ыыттылар быhыылаах. Дьиэ эргин сылдьабын диэн уhун остоох саппыкытын кэппэтэҕэ, атаҕа сытыйда буолуо. Быраатыҥ эмиэ суох. Хотоммор тахсарбар Маара уолаттарын кытта хаалбыттара, киирбитим – мэлигирдэр…

Аана, кэпсиирин быыhыгар тиэтэйэ-саарайа туран кыыhыгар остуол тарта. Кыыстаах ийэ утарыта олорон чэйдээн бардылар.

– Эн тоҕо хойутаатыҥ?

– Ээ, Мария Михайловна математика олимпиадатыгар кыттыаҥ диэн эбии дьарыктаата. Онтукабыт буоллаҕына саас биирдэ буолар.

– Эс, оччо кыhанар киhиэхэ дьарыктаммаккаҕын… Туох эрэ тахсыа диэн эбии дьарыктыыр буоллаҕа дии, аккаастана олордоххунуй! Эрдэттэн бэлэмнэннэххэ, элбэхтик дьарыктаннахха эрэ үлэ түмүктээх буолар баҕайыта. Ыллыҥ да, тугу да тоҕо көппөккүн… Эhэҕин баппыккын быhыылаах, сүрдээх суоччут оҕонньор этэ, суотун туорааҕа биир кэм лаhырҕаан олороро. Биhиэхэ кимиэхэ да ахсаан иҥмэтэх дьонобут. Иhиккин сайылыы охсон баран, порка бырааккын көрөн кэлбэккин ээ… Ардах түhээри гынна, сордоох оҕо эмиэ тымныйан балыыhаланыа…

– Онтон Мааралаахха суохтар дуо?

– Суохтар. Маара эбиэтигэр кэлэн баран, бэйэтэ биhигиттэн сураспыта. Эбиэттээт, үлэтигэр ойбута, үлэ киhитэ олорбоот… Саатар дьыссааттара хаhан аhыллан абырыыр, ити оҕолор кэрийэллэрэ тохтуо этэ. Сураҕа, тымныыта бэрт үhү, аҕаҥ онно мас тиэйэ барда ини, – Аана сылыппыт үүтүн ылан сэппэрээтэрдээн барда.

Мила иhитин сууйан, дьиэтин чөкөтөн баран, таhырдьа таҕыста.

Быраатын көрөр-истэр, такайар – кини эбээhинэhэ. Сэттэ сыл балыс быраата Максим – дьонун сотору-сотору ууга-уокка түhэрэр бэрт түбүктээх киhи. Муҥурун эпэрээссийэлэппитигэр иhигэр тампон хаалан, онто сытыйан өлө сыhан, сылы-сылынан балыыhаланан бэрт эрэйинэн киhи буолта. Ону да ийэтэ дьирээлэhэн балыыhаҕа санитарканан киирэн, бэйэтэ көрөн-истэн… Аны бэттэх кэлэн иhэн, атаҕын тоhутан дьонун баттаҕын маҥхаппыта. Быйыл оскуолаҕа киириэхтээҕин сэниэлэнэ, улаата түстүн диэн дьоно тохтоппуттара. Онон дьыссаата да, оскуолата да суох, бэйэтэ этэринэн, дьиэ бөҕө. Уол уола өтөн харыстаммат, доруобай оҕолору кытта тэҥҥэ хачыпайдана сатыыр да, кыаллыбат. Ол иhин бэйэтиттэн балыс уолаттары саллаат оҥостуталыыр. Маара уолаттара диэн, ыалларын Гаврильевтар уолаттара: алталаах Артем, биэстээх Гоша. Аҕалара Уйбаан Дьөгүөрэбис – учуутал, ийэлэрэ Мария Ивановна, норуокка биллэринэн, Маара – атыыhыт.

Мила уолаттар ханна буолуохтарын өйүгэр сыымайдыы-сыымайдыы порка кэллэ.

Порт диэн, дэриэбинэ кытыытыгар баар Ан-2 самолет түhэр нэлэмэн хонуута. Самолет нэдиэлэҕэ үстэ почтаны, дьону таhар. Онон оптуорунньукка, чэппиэргэ, субуотаҕа Почта Уйбаана сарсыардаттан онно мэччийэр сүөhүлэри үүрэр адьынаттаах. Самолет кэлэн барда да, порка ким киирэрэ-тахсара көҥүл. Дьэ манна, сыл хайа да кэмигэр оҕо аймах сөбүлээн мустар сирдэрэ. Күhүнүн хараҥаҕа – сэриилэhии, кыhынын-сааhын – хаарынан бырахсыы, бульдозер күрпүт сыырыттан салааскалааhын, кириэппэс былдьаhыыта, сайынын – лапта, футбол, волейбол, матасыыкылынан сүүрдүү…

Бүгүн манна футбол үгэнэ. Сорох-сорох оскуола кэнниттэн дьиэлээбэтэх да быhыылаах. Школьнай формаларын уларыттыбатах оҕолор бааллар. Мила кылааhынньыга Володя боруотаҕа турарын таба көрөн, быраатын сураста. Киhитэ оонньуу омунугар биир сиргэ таба турбакка, быhыта баттаан: «Суох, суох. Көрбөтөҕүм!» – диэтэ.

Кыыс эргиллэн, барыахча буолан истэҕинэ:

– Ити кимий? – диэн ыйытыы иhилиннэ.

– Ээ, сылгыhыт, быраатын көрдүү сылдьар.

– Хайдах ол? Аата дуо Сылгыhыт диэн.

– Ха-ха, ха-ха, акаарыгын дуо? Хайдах кыыс Сылгыhыт диэн ааттаныай? Быраатын сылгылыыр, ол аата көрдүүр, – Володя аралдьыйан, күлэн алларастаан эрдэҕинэ, күүскэ тэбиллибит мээчик боруотаҕа ньимис гынна. Тута ыhыы-хаhыы, Володяны түнэйдээhин саҕаланна…

Мила Володя аттыгар кинини одуулуу турар уолу өйдөөн көрдө. Ээ, били ахсыс кылааска кэлбит саҥа уол эбит. Эчи, маанытын, таҥаhым киртийиэ диэбэт эбит дии… Сылгыhыт буолан… Мила Володяҕа абара санаата.

Дэриэбинэни биир гына кэрийэн, быраатын булбакка дьиэтигэр төнүннэ. Халлаан ыаhыран ардаан барда. Сатана уола дьиэтигэр кэллэ ини…

Дьиэтигэр киирбитэ: аҕата Байбал кэлбит, чэйдии олорор. Ийэтэ аҕатын үлэтин таҥаhын оhох тула куурда ыйыы сылдьар.

– Хайа, тоойуом, булбатыҥ дуу?

– Суох. Ханна да суохтар.

– Бу да дьахтар… Кэм да төттөрүтүн төлкөлүү сылдьар. Ханна барыай бып-быыкаа дэриэбинэттэн… Кэлиэ, туох да буолуо суоҕа, – аҕата чэйдээн бүтэн, оронугар баран тиэрэ түстэ.

Чочумча саҥа-иҥэ мэлийдэ, уу чуумпу буолла. Арай оттуллубут оhоххо хардаҕас мас тычыргыыра иhиллэр.

Эмискэ Байбал оронугар олоро биэрдэ:

– Аана, сааны ким ылбытай?

– Ханнык сааны?

– Хайдах ханнык сааны? Оттон муоска ыйаммыт сааны…

Байбал – булчутунан аатырбыт киhи. Үс саатын сууйан-сотон, оронун үрдүгэр аарыма тайах муоhугар туора иилэн туруорар идэлээх.

– Бу оҕонньор иирбит дуу? Эн сааҕын ким ылан былдьанар?

– Биир уостааҕым суох. Дьуос… Көр, бу уол дьиэ үрдүн тоҕо ыппыт буолбат дуо? – Байбал аны дьиэ үрдэ тоҕо ытыллыбытын көрөн соhуйар.

Аныаха диэри эрин утары тугу да эппэккэ, хаhан да бүппэт дьиэ үлэтин өрүү солото суох иhинэн-таhынан бүтэрэ-оhоро сылдьыбыт ийэлэрэ өрө хабытайдана түстэ:

– Төhөлөөх эппэтэҕим… Иитиилээх сааны-сэби дьиэҕэ тутума диэн. Уол оҕо сааҕа дураhыйара баа буолуо дуо?! Нарайа сытыаҥ дуо, тур, уолгун көрдөө! Сааҕа дэҥнэннэ эрэ, хайаата эрэ? Мин да хараҕым бүөлэнэн, туох оппуохата тохтубутай диэн, ылан харбаан кэбиспитим. Үөhэ хантайан көрөр өй суох. Мила, сэбиэккэ сүүр, оҕо сүттэ диэ… Сор да буолар эбит…

Уолу көрдөөн, иhирдьэнэн-таhырдьанан сүүрүү саҕаланна. Халлаан хараҥаран, ардах күүhүрэн барда. Мила: «Сэбиэт куораттаабыт үhү», – диэн төнүннэ.

Тугу да гыныахтарын билбэккэ, остуолларын тула сөҥөн олордохторуна, аан аргыый аhылла-аhылла сабылынна. Ньылбы сытыйбыт үс уол аан сабыытыгар иилистэ-иилистэ дьиэҕэ соhуллан киирдилэр.

– Хайа, нохоо, бу хантан кэллиҥ? – Байбал кыыhырбыт уоҕар уолун охсуохча дугдуҥнуу-дугдуҥнуу олорбут миэстэтиттэн ойон турда.

Максим үкчү аҕатын сэбэрэтин кэтэн, саатын таҥас ыйыырга өйөннөрдө, бэрт өр сыhаҕастаhан сиэбиттэн бэйэтин курдук ньылбы сытыйбыт быыкаа чыккымайы хостоото, суос бэринэн аҕатыгар утары ордоотоото:

– Кустаан кэллим!

Байбал тугу гыныан билбэтэхтии биир сиргэ тэпсэҥнээтэ, уолун булдун ылан эргим-ургум тутта.

– Ээ, кырдьык, кус ээ, чыккымай дии… Эмээхсиэн, туруоҥ дуо? Уолуҥ илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэлбит.

Аана уолун таhыйаары тутан турбут чыпчаххайын киэр элиттэ:

– Оо, Байанайбыт биэрбит, – диэт, тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, остуолуттан арыы ньалбаан ылан кус тумсугар сыбаата, уотугар кээстэ.

Мила, тугу да өйдөөбөккө, бу дьон хайдах буоллулар диэбиттии, дьонун хардары-таары көрүтэлээтэ. Сибилигин быраата таhыллан ый-хай бөҕөтө буоларын күүтэн турбута – отой атын хартыына.

Дьоно кыыhырбыттара-уордайбыттара ханна да суох, хата, төттөрүтүн астыммыт баҕайы сирэйдэммиттэр-харахтаммыттар. Байбал уолун булдун тутан остуолун диэки лэспэҥнээтэ. Аана оҕотун кууhан сүүhүттэн сыллаат, инчэҕэй таҥаhын устар аатыгар барда.

Бу кэмҥэ аан быыhын кэнниттэн Артемка кылап-халап көрө-көрө:

– Максим, куспутун хайдах үллэстэбит? – диэтэ.

– Эс, бу уол туох буолла? Аны кырдьаҕас киhиттэн булт былдьаhан барда дуу?! – Максим аны табаарыhыгар суоhурҕанна. Биирэ сөппүн ыллым диэбит курдук хам барда.

Мила сэттэлээх быраата кырдьаҕас аатырбытыттан күлэн тоҕо барда.

Дьиэ иhэ биирдэ сэргэхсийэ-сырдыы түстэ. Аана ыбыгыраччы тоҥмут уолаттары таҥастарын устан остуол тула олорто, хатаҕалыы-хатаҕалыы аhата сатаата. Уолаттар бастаан омуннаах соҕустук быhыта-орута хайдах Уhун Күөлгэ тиийбиттэрин, хас куhу көрбүттэрин, хайдах ыппыттарын, кустара хайдах хойуостан түспүтүн, ким киирэн ылбытын кэпсээн иhэн истэригэр итии киирэн, утуу-субуу чуумпуран бардылар. Сылайан харахтара симиллэ олорор булчуттары Байбал төбөлөрүттэн имэрийэн, сыллаан ылаттаата:

– Оҕолорбут бастакы бултарын бэйэлэригэр буhаран биэрээр, – диэтэ.

– Буhараан-буhаран, сарсын эбиэккэ сиибит, киирээриҥ, – Аана үөрэ-көтө хабан ылла.

Кыра киhи Гоша ыстаан испит бэрэскитин уоппутунан утуйан хаалла.

– Оо, барахсан, сылайаахтаабыт улуу булчут. Ыл, көтөҕөн, таhааран биэр. Дьонноро сүтүктээтилэр буолуо, – Аана эрин соруйуохча буолан истэҕинэ, ыаллара Маара аатын ааттаппата, оҕолорун көрдөөн айманан киирдэ. Булт туhунан истэн уй-хай бөҕөтүн түhэрдэ, утуйан хаалбыт кыра уолун көтөҕөн олорон чэйдэстэ. Сарсын бары бииргэ эбиэттиэх буола үлэhэн, кыратын көтөҕөн, улаханын сиэтэн дьиэлэригэр таҕыстылар.

Эмискэ улааппыт, булчут уолламмыт ыаллар эйэ дэмнээхтик чэйдээн, утуйар аакка бардылар.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации