Текст книги "Вануату – дьол уйата"
Автор книги: Сардана Сивцева
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 1 (всего у книги 10 страниц) [доступный отрывок для чтения: 3 страниц]
Даана Сард
Вануату – дьол уйата
Вануату – дьол уйата
Ама да сайын буоллар, күн халлаан оройуттан итиинэн уһууран түһэн, тугун сүрэй! Арааһа асфальтка сыгынньах тилэҕинэн үктэммит киһи уот абытай үҥкүүтүн көрдөрүө эбит! Ону баара (эбэтэр кинилэр тус бэйэлэрэ букатын тириппэттэрэ эбитэ дуу?) сорох үөрэхтээхтэрбит «күн ититэр күүһэ сыыйа-баайа аччаан иһэр!» диэн куттууллар. Үлэлээн иитиллээччи өйө-санаата, устуруустаммыт хаптаһын ньуурунуу, көнө, эбиитин кини күннээҕи кыһалҕаларыттан ордубат буолан, уһуну-киэҥи толкуйдуурга дьулуспат. Онон кини, баҕарбатар да, «күн сэниэтэ эстэн эрэригэр» быһаччы итэҕэйэр уонна онтон сылтаан синньигэс моонньулаах бытыылкаҕа киирэн баран хаайтарбыттыы ыксыыр, ыгылыйар. Санаан көрүҥ, үгүстэргэ дьол – сыччах Cаҥа дьыллааҕы аккырыыккаларга суруллар баҕа санаа тэҥэ, таптал – киинэлэргэ эрэ көстөр, олоххо букатын да суох иэйии, кумааһынньык – ситэри туолбакка да кураанахсыйар мөһөөччүк дуома. Онон күн, муҥ сатаатар, сарсыҥҥыга эрэл кыымын саҕан тыктын ээ, бэйэтин күүһүгэр кими да саарбахтаппакка, уһун кыһын устата сүрэхтиин-быардыын, уҥуохтуун-силиилиин, өйдүүн-санаалыын тоҥмут дьону ириэрэн!
Норуокка «сарай» диэн ааттанар, арыыга саһарчы буспут бэрэскини санатар, араҕастыҥы кытархай өҥнөөх автобус сиэдэрэй массыыналар быыстарынан, «кэнним кээнчэ да буоллун» диэбиттии, анньан ахан иһэр. Кэмниэ кэнэҕэс автобус хайдах эрэ олус ыараханнык, сылайбыттыы диэххэ дуу, тохтуу биэрэр, ону тэҥэ икки ааннара «кыычыр» гына тыаһаат арыллаллар, баһаам элбэх киһи таһырдьа тоҕо кутулла түһэр уонна, көрүөх бэтэрээ өттүгэр, бука бары кымырдаҕастар курдук уҥа-хаҥас ыһыллан, сүтэн-симэлийэн хаалаллар.
Оскуоланы саҥа бүтэрбит көрүҥнээх икки уол эмиэ ити бэрэски-автобустан ыстанаат, автовокзал диэки супту хаамаллар. Ааттыаххайыҥ кинилэри судургутук, Костя уонна Миша диэн. Костя ортону эрэ кыайар уҥуохтаах, хатыҥыр, эт-сиин иҥмэтэх ыччата. Ол эрээри, өскөтүн чугастыы турар моднай таҥастары атыылыыр маҕаһыын истиэнэтин киэргэтэр рекламнай щиткэ болҕомтотун уурара буоллар, бэйэтэ да соһуйуо эбит: үүт-үкчү кини курдук уолчаан, миигин көрүҥ диэбиттии, хаартыскаттан мичээрдиир! Костяны итинник таҥыннараллара буоллар, модель уолтан туох уратылаах үһүнүй? Ол эрээри Хатыҥнаахтан, инчэҕэй эрэ эттээх киһи барыта хал буолар, уһун айантан кэлбит уолчаан кэннин хайыһан көрүө баара дуо! Суох, кини тэскэйбит рюкзагын санныгар сүгэн баран, иннин диэки дьүккүйэр.
Өскөтүн Костя киһи хараҕар быраҕыллыбат тас көрүҥнээх эбит буоллаҕына, Миша татаар, нуучча, кэриэй, грузин, чэ, быһатын эттэххэ, үгүс хаан булкуспуттарыттан, «саҥа раса» диэх курдук ураты дьүһүннээх. Атын «тиэстэттэн» оҥоһуллубута өтө көстөр: уҥуоҕунан үрдүк, быһыыта-таһаата да, анал халыыпка кутан оҥорбуттарыныы, орун оннугар. Мишаҕа, бэл диэтэр, кэтэ сылдьар таҥаһын чэпчэки сыаната, кимиэхэ да биллибэт кытай иистэнньэҥэ сыччах вентиляторынан сөрүүкэтиллэр кып-кыракый хоско олорон, муода сурунаалын өҥөйөн көрө-көрө, үтүктэн тикпитэ учуоттаныллыбат. Арааһа, былыргы кэм эбитэ буоллар, холобура Италияҕа, Миша хайа эрэ скульпторга дьиҥнээх муза буолуо этэ, кинини көрө-көрө, мрамортан кыһан үйэлэргэ сүппэт айымньыны оҥорон таһаарыа эбиттэрэ буолуо. Ол эрээри биһиги дьалхаан үйэбитигэр эдэр уол тыытыллыбатах кэрэтин аахайыан сөптөөх Микеланджело курдук гений суох. Онон үрэх баһыгар сытар, Саха сирин каартатыгар да мээнэ бэлиэтэниллибэт, быыкаайык Хатыҥнаахха Миша диэн көннөрү Миша буолаахтаатаҕа.
Төһөтүн да иһин, айылҕа биэрбит кэрэтэ, саатар, хараҕы сылаанньытар алыптаах. Миша сырдык (күллүҥү өҥнөөх диэххэ дуу), санныгар түһэ сылдьар уһун баттаҕа, хаамтаҕын аайы долгуһуйан түһэн, шампунь рекламатын санатар, оттон хойуу кыламан быыһыгар саспыт харахтарын ханнык баҕарар кыыс көрүө эрэр сыччах, күҥҥэ туруоруллубут ынах арыытыныы, тута ууллар.
Өскөтүн Костя, билбэт эйгэтигэр түбэһэн быһыылаах, сэрэхэдийбиттии туттар-хаптар эбит буоллаҕына, Миша, төттөрүтүн, төрөөбүт-үөскээбит куоратын устун хааман иһэрдии, холку (эбэтэр холку буола сатыыр), күн кыһалҕата суох жвачка ыстыы, эбиитин плеер истэ иһэр. Дьэ, хантайан уол оҕото! Оттон Костя арааһа уҥуоҕа кыратыттан эбитэ дуу, биир үксүн аллараны одуулуур. Ол да иһин буолуо, сиргэ хордуоҥка тэлгэтэн баран, ол үрдүгэр олохсуйбут оҕонньор «рааматын» иһитин үҥүлүппүтүгэр, соһуйан, тохтуу биэрдэ. Дьүһүнэ-бодото бүппүт, таҥаһа-саба бараммыт, пааспара-таймата сүппүт, аат эрэ харата бу күн сиригэр киһи диэн ааттанан олороохтуур умнаһыт бу иннинэ харахтаан көрбөтөх уолчаана, атыттар курдук супту ааһа турбакка, кини иннигэр кэлэн тохтуу биэрбитигэр бэйэтэ да соһуйда быһыылаах: халыҥ халтаһаларын быыһыгар дириҥник саспыт, уота-күөһэ уостубута быданнаабыт харахтара бокуойа суох сүүрэлээтилэр. Ол гынан баран, күн сиригэр олорор баҕата баһыйан, эмискэ өй ылбыттыы, били пластмасс иһитин өссө төгүл үҥүлүттэ, бадаҕа, тугу эрэ этиэн баҕараахтыыр да, киһи иилэ хабан ылар саҥата иһиллибэтэ. Онуоха Костя, быһаарыммыта быданнаабыт киһилии, ыстаанын сиэбиттэн харчы ороон иһиккэ бырахпакка оҕонньорго уунна. Анарааҥҥыта, итини эрэ көһүппэтэх буолан, эбии мух-мах барда, бэл диэтэр, оспоччу испит харахтара кэҥээбиккэ дылы буоллулар, сылластыгас уостара ибигирээн ыллылар. Ол эрээри биир мөһөөх салгыҥҥа өр ыйанан турбата, мутук курдук бакыр тарбахтар кумааҕы харчыны өрүһүспүттүү харбаатылар.
Миша итини көрдө эрэ, көрбөтө эрэ, наушниктарын кулгаахтарыттан эһээт, сыһыыга сүүрэн иһэр моҕотойго элиэ саба түһэринии, Костяҕа түстэ:
– Акаарыгын дуу, хайдах дуу? Хаарыан биир мөһөөҕү ханнык эрэ бомжка уунаҕын! Оччо харчыгын харыһыйбат буоллаххына, миэхэ биэриэххин!
Оҕонньор муҥнаах (ол эрээри, сууйар-сотор киһи, баҕар төрүт да оҕонньор буолбатаҕа буолуо) дьыала хаахтыйаары гыммытын өйдөөн, харчытын дуомун салыбырас илиитинэн үрүт-үрдүгэр кэппит таҥаһын быыһыгар ханна эрэ «үөдэн түгэҕэр» кистээтэ уонна, ким да кини кирдээх хоонньун хасыһа барбатын билэн, тута налыйа түстэ, салгыы хайдах быһаарсаргыт бэйэҕит дьыалаҕыт диэбиттии, көрөн турда.
– Дьокуускайга бу маннык илэчиискэлэр хас хардыыҥ аайы бааллара буолуо, олору барыларын аһатаары гынаҕын дуо? – Миша уоскуйар аата суох.
– Кырдьаҕаһа бэрт дии! Туох эрэ улахан кыһалҕаттан умнаһыт буолбута буолуо, – Костя киирэр аан диэки хаамта. Миша кэнниттэн тилэх уопсан иһэн, мөҕүттэрин син биир тохтоппото:
– Сымыйанан аһыммыта хайаабыта буолума! Хас биирдии киһи бэйэтин дьылҕатын бэйэтэ талар. Сураҕа итинник бичтэргэ милииссийэлэр да сиргэнэн чугаһаабаттар үһү! Эн буоллар, харчыгын өссө кини илиитигэр ууммут буола буолаҕын! Аһара добрайбын дэнээри гынаҕын дуо?
Ити тыллары истээт, эмискэ Костя тохтуу биэрдэ уонна Мишаны батары көрдө.
– Кими санатаргын билэҕин дуо?
Төһө да ити ыйытыы туох да үчүгэйи үҥүлүппэтин сэрэйдэр, Миша синим биир диэбиттии, кэҕис гынна.
– Мотуруонаны!
– Кынньаҕар Ньукулай эмээхсинин дуо?
– Сөпкө таайдыҥ.
– Һы, акаарыгын быһыылаах, булан-булан тэҥнээбит да киһиҥ баар дии! Мин ол 80 саастаах эмээхсинниин туох уопсайдаах үһүбүнүй?
– Ньукулай балыктаатаҕына ыаллыы олорор дьонугар бэрсэр идэлээх. Онуоха Мотуруоната кэччэнэн айманар да айманар. «Бөдөҥ соболоргун ыалга тарҕаппыккын, бэйэбитигэр быччыкылары хаалларбыккын» диэн эккирэтэ сылдьан сулуйар. Киһи сөҕүөх, сылайбата да бэрт. Эн эмиэ оннуккун: биири хатылаа да хатылаа, мэнэрийбэккин эрэ. Арааһа Мотуруоналыын аймахтыыгыт быһыылаах. Манна диэн эттэххэ, ити оҕонньорго харчы биэрбиппэр эн тугуҥ дьыалатай?
– Мин киниэхэ төрүт да наадыйбаппын. Мин эйигиттэн соһуйабын: сыбыс-сымыйанан аһыммыта хайаабыта буолаҕын, эт эрэ, кимиэхэ бэрт буола сатыыгыный?
– Кимиэхэ да бэрт буола сатаабаппын. Мин саныахпар, ханнык баҕарар түгэҥҥэ киһи киһиэхэ киһилии сыһыаннаһыахтаах!
Ити тыллары истээт, Миша күлэн тоҕо барда:
– «Киһи! Киһиэхэ! Киһилии!» Дьэ, булан эттиҥ дии! Саха тылын учуутала истибитэ буоллар, кулгааҕа төһө эрэ умайар этэ! Өссө туйгун үөрэнээччи ааттааххын!
– Киирэн дьоммутугар эрийиэххэ, – Костя Мишалыын тоҕо эрэ тэҥҥэ күлүспэтэ.
– Сөпкө этэҕин, куорат дьоно ханна эрэ халыйан хааллахтарына, биһиги манна күнү күннээн олорорбутугар тиийэбит.
Уолаттар автовокзалга киирбиттэрэ, таһырдьаттан чыҥха атын хартыына: таһаҕастаах, кыра оҕолоох, торуоскалаах дьон лыык курдук элбэхтэр, эбиитин бары даҕаны сылайбыт, илистибит көрүҥнээхтэр. Кэтэһэри ким сөбүлээбитэ баарай?
– Фу-у-у, билигин тумнастарым буолуо, туох ааттаах дьаабы сыттаах дойдунуй? Туалет, көлөһүн, духуу, холоҥсо – па да па! Миэхэ суһаллык противогазта биэриҥ! – Миша, хайдах курдук сиргэммитин биллэрэн, муннун саба туттубута буолла.
– Артыыстаан бүт, – Костя кинини саба саҥарда, – баран таксофонна булуохха, – диэн дьаһайда.
Уолаттар автовокзал иһин биир гына кэрийэ хааман баран, нэһиилэ истиэнэҕэ ыйанан турар төлөпүөннэрин буллулар. Ол эрээри хара маҥнайгыттан дьыалалара хаахтыйда. Харчы угарбыт буолуо диэн, хармаан муҥунан бытархай аҕалбыттара туһата суох буолан таҕыста.
– Карточка наада эбит! Биһиги, тыалар эрэйдээхтэр, ону хантан билиэхпитий? Көрөҕүн, бары сотовайдаахтар, арай эн биһиги эрэ бу истиэнэҕэ ыйаммыт төлөпүөн аттыгар тэпсэҥнэһэбит, – Миша санаата, халлааны хара былыт бүрүйбүтүнүү, холунна.
– Сотору Хатыҥнаахха да сотовай сибээс кэлиэ.
– «Сотору-сотору»! Ол иннинэ куоракка көһө охсуохха наада.
– Бастаан үөрэххэ киир, – Костя тыл кыбытта.
– Чэ, таах лахсыйыахтааҕар, баран карточката көрдөөн көрүөххэ. Ол эрээри, чуур, эн атыылаһаҕын! Мээнэ харчынан ыһыахтаммат баҕайыта.
Автовокзал иһэ универмаг тэҥэ: иннэлээх саптан саҕалаан утуйар таҥаска, суорҕаҥҥа тиийэ бары барыта атыыланар. Арай уолаттар наадыйар карточкалара эрэ суох.
– Моһуок эбит! Таксофон ыйанан турар, оттон карточкалар ханна да атыыламматтар! Хайдах баҕайыный? – Миша саҥата суох туруо баара дуо, куолутунан, мөҕүттэн барда. Ол эрээри чугас атыылыы турар модьу-таҕа көрүҥнээх дьахтар ити тыллары сүүс бырыһыан бадаҕа бэйэтигэр ылынна, кулгааҕын таһынан аһарбата:
– Һы, билигин, дьон бары мобильниктаах кэмнэригэр, ким таксофоҥҥа наадыйар үһүнүй? – диэн саайда, арааһа, тыаттан кэлбит бэтэнээскилэр диэн уолаттары аһаҕастык сэнээтэ быһыылаах.
Оо, өскөтүн кини баламат тыллара Мишаҕа, тыыннаах бааһы таарыйбыт тэҥэ, хайдахтаах курдук ыарыылаахтык иһиллэллэрин сэрэйбитэ буоллар, туттунара чуолкай! Ол эрээри тыллар мэник чыычаах тэҥэ салгыҥҥа буор босхо көттүлэр.
Миша обургу, иһиттэ эрэ истибэтэ эрэ, эргиллэ биэрээт, айаҕар баар жвачкатын биир-биэс тыла суох витрина тааһыгар хам сыһыарда, уонна, дьэ, хайыыр эбиккин диэбиттии, дьахтары көрөн турда. Итини эрэ кэтэспэтэх дьахтар уһуутуу түстэ:
– Суоластар! Идиоттар! Туһата суох таах тэйбэҥнэһэ сылдьаҕыт! Өссө куоракка кэлбит буола-буолаҕыт! Дэриэбинэҕитигэр төннө охсуҥ! – диэн часкыйда. Миша ити аайы ымыттан бэрт, хата, эбии собуоттанан барда:
– Дьолгор аттыгар турбатахпын, арыычча чугаһым буоллар, жвачкабын эн сүүскэр килиэйдиэм этэ! – диэт, туох эрэ олус күлүүлээҕи эппиттии, күл да күл буолла.
– У-уу! Сибилигин милииссийэни ыҥырыам, оннугутун булларыллыа! – витрина мэһэйдээбэтэ буоллар, дьахтар сутуругунан да түһүөх эбит.
– Ой, наһаа да куттаатыҥ! Эн саҕалары көрдүм ини! – Миша тохтуохтааҕар, төттөрүтүн дьэ, хата, эбии күүркэтэн биэрдэ.
– Көр да маны! Өссө аахсар ээ! Абакка саадьаҕай! – дьахтар санаата бүгүҥҥү күҥҥэ көммөттүк холунна.
Костя тохтоппотоҕо буоллар, бу айдаан тугунан түмүктэнэрин айбыт таҥара бэйэтэ билэр. Миша тарбаҕын чороҥното-чороҥното, Костя күһэйиитинэн, нэһиилэ тэскилээтэ. Атыылааччы силэ бырдаҥалыар диэри тугу эрэ часкыйа хаалла да, ити аамайга ким кинини истиэ баарай? Этэргэ дылы, бэйэтэ бэйэтигэр салгыны сатарыттаҕа.
– Нуу, хата, кыратык аралдьыйан ыллым ээ! – Миша ити этиһииттэн санааргыахтааҕар, биллэрдик сэргэхсийдэ: рингэҕэ киирэн утарсааччытын нокдауннуохтаах боксер курдук туттар-хаптар.
– Ханна да тиий, айдаана суох табыллан сылдьыбаккын. Туттунуоххун! – Костя табаарыһын сэмэлээбитэ буолла да, анарааҥҥыта истэн бэрт:
– Һы, үчүгэйэ бэрт дии, ханнык эрэ билбэт дьахтарбыт үөхпүтүгэр саҥата суох ньимийэн туруохтаах үһүбүт дуо?! Биһигини мамбеттар диэн атаҕастыыр дии! Тохтуур ини!
– Хас сырыы аайы итинник ааҕыстаххына ырааппатыҥ буолуо!
– Саатар эн миигин үөрэтимэ!
– Сорох түгэннэргэ эйигиттэн оннооҕор мин саллабын. Автоматтааҕыҥ буоллар, боевик геройдарын курдук, барыларын охторон кэбиһиэх курдуккун!
– Круто дии! – Миша сонно илиитигэр автоматтаах курдук тутунна уонна кыҥыы-кыҥыы тула өттүн ытыалаабыта буолла.
– Артыыс дьоҕургун туһата суох, мээнэ көрдөрө сатаама!
– Костик, санаарҕаама, хаһан эрэ миигинэн өссө киэн туттуоҥ. Эппэтэҕэ диэйэххиний! Мин таах сылдьыбаппын ээ, араас уобарастары бэйэбэр «мээрэйдиибин», этэллэрин курдук, воображениебын сайыннарабын, артыыс буоларга бэлэмнэнэбин.
– Оччотугар аһара итэҕэтиилээхтик киирэҕин.
– Этэбин дии, хаһан эрэ Михаиллыын доҕордуу этибит диэн дьоҥҥо кэпсэнэ сылдьыаҥ.
– Ол түгэҥҥэ диэри өссө тиийиэххэ наада!
– Тиийиминэ, күн сарсын өлөөрү гынныҥ дуо?
Эмискэ Костя тохтуу биэрдэ. Тугу эрэ толкуйдаабыттыы, саҥата суох турда, онтон эттэ:
– Көрөҕүн, ол муннукка хаһыат атыылыы турар кыыһы?
– Көрүмүнэ, онно туох баарый?
– Киниэхэ карточка хайаан да баар.
– Һы, ону эн хантан биллиҥ? Сүүһүгэр сурулла сылдьар дуо? – Миша итэҕэйбэхтии саҥа аллайда.
– Мин билбэппин, мин сэрэйэбин, – Костя боччумурбут сирэйин көрөн, Миша бэйэтэ да соһуйда быһыылаах:
– Оччотугар баран ыйытыахха, – диэтэ.
Баттаҕын, ыһыллыбатын диэн, резинканан бобуччу туттарбыт кыысчаан, кимиэхэ да аахайбакка, «Гламур» сурунаалы ааҕа олорор. Биллэн турар, ки-им да киниэхэ чугаһаабат. Арааһа, салгыы атыы-тутуу итинник тэтиминэн бардаҕына, кини бэрт сотору «точкатыттан» үүрүллүүһүк. Костя «Вокруг света» сурунаалы илиитигэр ылбытыгар биирдэ кыыс харахтарын ааҕа олорор сурунаалыттан нэһиилэ араарда уонна уолаттар диэки ээл-дээл көрдө. Эмискэ кини бэйэтин дьиҥ «оруолун» өйдүү биэрдэ быһыылаах, табаарын симиктик рекламалаан барда:
– Сибиэһэй кроссвордар, «Скандалы» хаһыат, «Максим» сурунаал бүтэһик нүөмэрэ. Бэҕэһээ эрэ кэлбитэ…
– Таксофон карточката баар дуо? – Миша наадатын тута эттэ.
Кыыс чочумча, киниттэн тугу ыйыталларын өйдүү сатыырдыы, саҥата суох олордо, онтон остуолун анныттан кыракый хоруопканы ороон таһааран, синньигэс тарбахтарынан балайда өр хаһыста уонна кэмниэ кэнэҕэс:
– Баар эбит, ол эрээри аҕыйах единицалаах, – диэтэ.
– Ол аата хайдах? – Миша өйдөөбөтө.
– Ол аата кылгастык кэпсэтэҕит.
– Буоллун, биһиэхэ уһуннук кэпсэтэр наадата суох. Сыаната төһөнүй?
Кыыс сыанатын эттэ, Костя төлөөтө. Таарыччы били «Вокруг света» сурунаалын атыыласта.
– Костик, хата киһини соһуттуҥ дии! Эн экстрасенс талааннааххын мин адьас да билбэт этим, хайдах ити курдаттыы көрөҕүн? – Миша сөхпүтүн кистии сатаабата.
– Итини баҕас сатаан быһаарар кыаҕым суох, тоҕо диэтэргин ити математика буолбатах, биир да быраабылаҕа, сокуоҥҥа сөп түбэспэт.
– Ити кыыс карточкалааҕын эн хантан билбиккиний, эт эрэ? – Миша чопчу эппиэти истиэн олус баҕарда быһыылаах, ол эрээри Костя дуоннааҕы быктарбата.
– Мин билбэтэҕим, көннөрү сэрэйбитим эрэ, – диэтэ. Таксофоҥҥа тиийэн, кини джинсытын сиэбиттэн кумааҕы ороото уонна ону көрө-көрө кнопкалары баттаталаата.
– Хайа? – Миша, аттыгар туран, тулуйбакка ыйытта.
– Тоҕо эрэ эппиэттээбэттэр… – Костя курустук хоруйдаата.
– Баҕар, аһара долгуйаҥҥын, сыыһа баттаталаабытыҥ буолуо, аҕал эрэ, мин боруобалаан көрүүм! – Миша Костя илиититтэн били нүөмэрдээх кумааҕыны сулбу тардан ылла да, туһа суох: туруупкаҕа хоруй иһиллибэтэ.
– Сэрэйбит сэрэх! Эппиэттээбэттэр, ол аата эдьиийиҥ аах ханна эрэ барбыттара буолуо. Даачалаахтар дуо?
– Баар.
– Биллэн турар, бачча итиигэ ким таас дьиэҕэ хаайтаран олоруой? Сотовайдарыгар эрий!
– Сөпкө этэҕин!
Ол эрээри трубкаҕа «абонент временно не доступен» диэн саҥа иһилиннэ, уолаттар эрэллэрин бүтэһик кыыма уостан хаалла.
– Соруйан араарбыттар, – Миша санаата холунна.
– Оннук буолуон сатаммат, маамам биһигини кэлиэхтэрэ диэн сэрэппитэ ээ.
– Этэбин дии, биһигини кытары бодьуустаһымаары куоттахтара. Бээрэ, оттон бу аллара ким нүөмэрэ суруллубутуй?
– Мила киэнэ, – Костя баҕарбатахтыы хоруйдаата.
– Ханнык Мила? – Миша тута уларыйа түстэ.
– Оттон, били кыһын олимпиадаҕа кэлэ сылдьан билсиспит кыыһым.
– Оттон эрий ээ, оччоҕуна! – Миша хаайда.
– Ээ, суох.
– Куттанаҕын дуо?
– Тоҕо куттаныахпыный? Табыгаһа суох.
– Биир өттүнэн сөпкө этэҕин. Куорат кыыһа ол хаһан эрэ буолбут түгэни ама саныы сылдьыа дуо, умунна ини.
Костя ити тыллары саҥата суох «ыйыстан» кэбистэ, истибэтэх курдук тутунна. Оттон Миша туох да буолбатаҕын курдук:
– Чэ, хайыахпытый? Акаарылар курдук манна тэпсэҥнии туруохпут дуо, олоруохха. Көр, ол миэстэ босхолонно! – диэт, инники дьулуста. – Па, сыта-сымара дьаабы даҕаны! Эн тыыныҥ хаайтарбат дуо?
– Дойдубутугар билигин төһө эрэ үчүгэй: түптэ буруота, от-мас сыта-сымара… – Костя бэл диэтэр сирэйдиин сырдыы түстэ. Кыахтааҕа буоллар, билигин да төрөөбүт дойдутугар төннүөх курдук.
– «Түптэ буруота, от-мас сыта…» Адьас оҕонньор курдук тыллаһаҕын дии? Мин биири сатаан өйдөөбөппүн: эн үөрэххэр дьоҕурдаах эрээригин тоҕо соҕуруу бара сатаабаккыный? Дьокуускай диэн син биир дэриэбинэ буоллаҕа дии?
– Манна сөптөөх үөрэх баарын кэннэ, тоҕо ханна эрэ ыраата сатыахтаахпыный?
– О-о, арай мин эн курдук мэйиилээҕим буоллар, ырыых-ыраах, ким да миигин билбэт сиригэр талаһыам этэ уонна дьэ, онно тиийэн, үчүгэй уолчаан аатырыам этэ.
– Ким эйигин тутарый? Барыаххын?!
– Билигин өссө эрдэ. Кэмэ кэллэҕинэ миигин туох да тутуо суоҕа.
– Оттон арай быйыл үөрэххэ сатаан кииримэ, оччоҕуна хайыыгын?
Ити туһунан Миша толкуйдаан да көрбөтөх быһыылаах, мух-мах барда.
– Эн санааҕар миигин ылыахтара суоҕа дуо? – диэн кини сэрэнэн ыйытта.
– Биллэн турар эн олус дьоҕурдааххын эрээри, сүүс бырыһыан этэр кыах суох, – Костя бу кэпсэтиини саҕалаабытын бэйэтэ да кэмсиннэ быһыылаах: төһөнөн өр толкуйдуугун, ырытаҕын, оччонон үүтүн-хайаҕаһын аччаабыкка дылы буолан иһэр. Миша чочумча саҥата суох олорон баран:
– Чэ, буоллун, өскөтүн үөрэххэ кыайан киирбэтэхпинэ үлэ булуом, өлөн-охтон биэриэм суоҕа, – диэтэ.
– Оччоҕуна Хатыҥнаахха төннүбэккин?
– Костик, көрдөһөбүн-ааттаһабын, баһаалыста, санатыма даҕаны! Мин төһө кыалларынан умна сатыыбын, эн буоллаҕына…
– Һы, дьикти киһигин дии, төрөөбүт дойдугуттан букатын аккаастанаары гынаҕын дуо?
– Сөрү-сөпкө эттиҥ. Кэлин оннооҕор пааспарбар «төрөөбүт сирэ» диэн графаҕа «Хатыҥнаах» оннугар «Дьокуускай» диэн суруйтарыам. Көрөөр да истээр!
– Оттон дьоҥҥун хайыыгын, эмиэ умнаҕын?
– Отчиммын баҕас, олбуор аанын сабаат, умнубутум. Оттон ийэбэр кэлин кыаҕырдахпына, төһө да кини мин иннибэр буруйдааҕын иһин, көмөлөһүөм, хайыахпыный.
– Оттон бырааккар?
– Киниэхэ эмиэ көмөлөһүөм. Ханныгын да иһин быраатым буоллаҕа дии. Интикэҥ бээ, төһө да кыра буоллар, миигин мэлдьи көмүскэһэ сатааччы. Адвокатым диэххэ сөп. Эмиэ эн курдук «правильнай» оҕо. Уу-чукучук, тугу эрэ гынан букунайа сырыттаҕа. Хата, кинини ахтыахчабын. Уонна бүттэ, Хатыҥнаахха миигин туох да туппат. Онон куоракка хайаан да хаала сатыахха наада. Чэ, Костик, тахсан табахтыахха.
– Ээ, бэйэҥ таҕыс, мин тардыбат эрээрибин тоҕо эйигин батыһан иһиэхтээхпиний?
– Оттон ыараабакка-чэпчээбэккэ тахсыс ээ!
– Һы, миигинэ суох харыс да сири хардыылыа суоххун дуу?
– Оннук, Костик, оннук. Эйигинэ суох салгыы хайдах олорорум буолла? Өйүм сатаан хоппот, – Миша күлэ-күлэ эттэ.
Костя, төһө да баҕарбатар, турда, Мишаны батыста.
Били умнаһыт оҕонньор олорорун курдук олорор. Чаһы диэҥҥэ наадыйбат, ханна да тиэтэйбэт киһи, хата, кини. Иһитигэр харчы элбээбитэ көстүбэккэ дылы. Миша обургу таах ааһыа дуо, оҕонньор иһитин тэппитигэр бытархай харчылар сиргэ ыһылыннылар. Куйааска баттатан нухарыйа олорбут оҕонньор уһукта биэрдэ, торуоскатынан Мишаны үҥүлүтэ-үҥүлүтэ: «Щэрэн…» – диэтэ уонна, ким эрэ былдьыа диэбиттии, харчытын дуомун итигэстээн барда.
– Тыытыма! – өссө да наһаалыах киһини, Костя күөйэ түһэн тохтотто: – уоскуй!
– Уоскуйдум, уоскуйдум.
– Түргэнник табахтаа уонна төттөрү киириэххэ, – Костя дьаһайда. Кини санаата түспүтэ сирэйигэр сурулла сылдьар. Миша да улаханнык үөрбүт-көппүт быһыыта суох.
– Өскөтүн отчимым хаһан эмэ итинник быраҕыллар күннээх эбит буоллаҕына, мин ымыр да гыныам суоҕа, аттынан ааһа туруом.
– Кытаанаххын даҕаны!
– Бэрди, эн ийэ-аҕа тапталыгар улааппыт киһи миигин сиилиириҥ чуолкай. Эн билбэккин, Түмэппий биһиги дьиэбитигэр киирээт да, аҕыйах хонон баран, миигин «дьиккэр» диэн үөҕэн барбыта. Маамам буоллаҕына, куттаҕаһа бэрдиттэн, хаһан да көмүскэспэт этэ, Түмэппий суоҕар эрэ имэрийбитэ-томоруйбута буолара. «Биһиги толору дьиэ кэргэн буолуохтаахпыт» диэн санааны ким кини мэйиитигэр иҥэрбитэ буолла?! Тыла эрэ ол этэ.
– Уоскуй, аны кэлэн тугу да уларыппаккын.
– Сөпкө этэҕин, аны кэлэн тугу да уларыппаккын, – Миша уһун, синньигэс тарбахтарынан сигаретатын уоһугар даҕайда, ону кытары буруо, аргыый аҕай иэҕиллэ-иэҕиллэ өрө тахсан иһэн, салгыҥҥа симэлийэн хаалла. – Ол эрээри, төһө да барыта ааспытын иһин, саныырга син биир куһаҕан. Саныырга эрэ буолуо дуо, олорорго эмиэ. Бэйэҥ билэҕин, кыраттан да кыйытта түһэбин.
– Оттон ити оҕонньор сордоох эйиэхэ туох куһаҕаны оҥорбутун иһин атаҕастыыгыный?
– Тугу оҥоруой? Ол эрээри кэтэх санаам син биир этэр: уруккута кини дьаабы кэргэн, аҕа буолан итинник ыттыы олоххо тиийдэҕэ диэн.
– Өһүргэнимэ, ол эрээри, мин саныахпар эйиэхэ психотерапевт көмөтө наада быһыылаах, – Костя табаарыһын диэки кытаанахтык көрөн ылла.
– Һы, ону билбэтэ буолуо диигин дуо? Кимнээҕэр бэркэ билэбин. Мин ыарыым манна баар, – диэт, уолчаан төбөтүн диэки ыйда. – Ол эрээри психотерапевт миэхэ көмөлөһөрө саарбах. Урукку баастарым оһоллоругар бириэмэ наада.
– Оҕо саастарыгар ыараханнык иитиллибит дьон кэлин олохторугар, хата, кимнээҕэр табыллаллар дииллэр.
– Баҕар буолуо, баҕар – суох. Ону эн хантан билэҕин? – Миша сигаретатын эҕирийдэ. Буруо салгыны кытары салгын буолла.
– Кинигэлэргэ аахпытым.
– Һы, «кинигэлэргэ аахпытым»! Кинигэлэр албынныылларын билбэккин дуо? Суруйааччылар сымыйа олоҕу, атыннык эттэххэ, суоҕу баар оҥорон, тупсаран суруйаллар, ол иһин дьон ааҕар. Өскөтүн кырылаан турар кырдьыгы этэллэрэ буоллар, кинилэр үгүс ааҕааччылара куһаҕан буолар инилэр. Чэ, киириэххэ, төһөнөн элбэҕи толкуйдуугун, оччонон санаан түһэр.
Киирбиттэрэ мааҕыҥҥы миэстэлэригэр оҕонньордоох эмээхсин лаглаһан олороллор. Киһиэхэ кыра да наада: олорор сирдэнэннэр муҥура суох дьолломмут көрүҥнээхтэр. Итиитэ бэрдиттэн сирэйдэригэр саба түһэр көлөһүннэрин субу-субу болотуоктарынан ньуххарына соттоллор. Ботур-ботур бэйэ-бэйэлэрин кытта кэпсэтиһэн ылаллар.
Уолаттар, турбахтыы түһэн баран, түгэх диэки ыскамыайка босхоломмутугар лах гына олордулар. Автовокзал иһэ кымырдаҕас уйатын санатар: кэлии-барыы, киирии-тахсыы. Миша, тугу да гынара суох буолан, плеерин холбоото, эбиитин салгын ачыкытын кэттэ. Ити аата «миигин тыытымаҥ» диэбит буоллаҕа. Оттон Костя сурунаалын ылан көрүтэлээтэ. Сурунаал таһыгар «СЧАСТЬЕ ЗЕМЛИ ВАНУАТУ» диэн улахан буукубаларынан суруллубут. Сирэйэ кырааскаламмыт абориген мичээрдиир. Ханнык да психотерапевт көмөтүгэр наадыйбат киһи, хата, кини быһыылаах…
Сурунаал ааҕа олорон, Костя сыыйа-баайа нухарыйан барда.
* * *
Төһө өр утуйбута буолла, Миша кини саннын дьигиһиппитигэр биирдэ уһугунна. Олорон эрэ утуйар саҕа куһаҕан суох: араастаан сордоно сатаан баран, төбөтүн Мишка санныгар уурбут.
– Төбөҥ баата буолбатах, санным дэлби көһүйдэ, – Миша сыҕарыс гынна, – айка, киһиэхэ сыстыма, бэйэм да тиритэ ахан олоробун.
Өссө да ситэ уһукта илик буолан, Костя, ханна-ханна кэллим диэбиттии, быһаарыыта суох тулатын эргиччи көрүтэлээтэ. Били оҕонньордоох эмээхсин оннуларыгар икки эр киһи кэлэн олорбуттар. Биллэрээччи дьахтар быыстала суох кэлэр-барар рейстэри этэр.
– Костик, баран төлөпүөннээ эрэ, бириэмэ да ыраатта, – Миша дьаһайда.
Костя, хайыай, турда. Таксофон чахчы туһатыттан тахсыбыт мал быһыылаах, бэйэтэ бэйэтигэр ыйанан турар, ки-им да чугаһаабат, ким да наадыйбат. Арай соҕотох Костя эрэ баран талкыйар курдук. Кини нойосуус өйдөөбүт нүөмэрин баттаталаата да мэлигир, «алло» диэн саҥа иһиллибэтэ. Хайа муҥун аһара өр туһата суох иһиллии туруой, уол трубканы уйатыгар төттөрү уурда.
– Хайа, эппиэттээбэттэр дуу? – Миша ыйыта тоһуйда.
Костя туох да диэн хоруйдаабата: билэр аата тоҕо эмиэ ыйытарый?
– Сэрэйбит сэрэх: куорат дьоно куоттахтара. Оттон саатар Милаҕа эрийиэххин?
– Ээ, суох, кэлин.
– Тоҕо эмиэ кэлин? Син биир тугу да гынарбыт суох, таах олоробут дии?! – Миша, биир сиргэ сатаан өр тулуйан-тэһийэн олорбот буолан, чахчы да улаханнык хал буолбут көрүҥнээх.
– Хайыахпытый, олорорбутугар тиийэбит.
– Ээ, суох, туохтуохха, Гришаняҕа барыахха, оччотугар!
Гришаня – уолаттар биир дойдулаахтара. Костя кинилиин улаханнык хаһан да билсибэт этэ, бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи олорор буолан, алтыспыт да түгэннэрэ ахсааннаах. Гриша университекка киириэҕиттэн көрсүбэтэхтэрин да кэриэтэ. Ол оннугар Мишалыын кинилэр атастыылар диэххэ сөп. Каникулга дойдутугар кэллэҕинэ, Миша этэринэн, «тусуйся» гыналлар үһү.
– Кини ол биһигини кэтэһэр үһү дуо уонна арай суох буоллун? – Костя саарбаҕалаата.
– Кэтэстин-кэтэспэтин, барыахха. Миэхэ аадырыһа баар, кыһын каникулугар кэлэ сылдьан бэйэтэ биэрбитэ. Онон, хата, күүлэйдэтиэ, баҕар киинэҕэ сырытыннарыа. Манна, биир миэстэни харабыллаан, күнү күннээн олоруохпут дуо? Онто да суох олоро сатаатыбыт, эн оннооҕор утуйан ыллыҥ. Тур, чэ, – Миша Костяны санныга аста: кини тугу эрэ быһаарыннаҕына санаатын сүүстэ уларыппат, этэргэ дылы, түгэҕин көрөн баран биирдэ тэйэр идэлээх.
Онуоха холоотоххо Костя сымнаҕас, холку, арааһа, ол иһин кинилэр тапсаллара буолуо. Өскөтүн иккиэн «умайа» сылдьаллара буоллар, чаас да аҥаара бэйэ-бэйэлэрин тулуйсаллара саарбах. Костя хайыай, баҕарбатар да, доҕорун тылын «истэригэр» тиийдэ. Эбиитин дьоно аах төлөпүөннэрин ылбаттарыгар, ааранан, кини буруйдаах курдук буолан таҕыста.
Сэргэлээххэ уолаттар аҕыйах мүнүүтэнэн дайбаан тиийдилэр. Вахтер дьахтарга докумуоннарын ууммуттарыгар анарааҥҥылара ачыкытын кэтэн, сыныйан туран үөрэттэ, ол эрээри итинэн муҥурдаммата, «кимнээххитий, тоҕо кэллигит, хаһан бараҕыт?» диэн туоһуласта. Миша саҥаран баран кэлээр диэбит уоллара, онон вахтер боппуруостарыгар иҥнэн биэрбэккэ, таах эппиэттэстэ.
– Һуу, ама да буоллар, токкоолоһон түһэн тугун сүрэй? – бэл Костя сөхтө быһыылаах, вахтер кэмниэ кэнэҕэс «ааһыҥ» диэбитигэр, Мишаҕа сибис гынна.
– Һыбыс-сымыйанан бары өҥнөнө сатыыллар, истэригэр бары холоон инилэр, – Миша 424-с хос аттыгар кэлээт, тохтуу биэрдэ. Ааны тоҥсуйда да, ким да хоруйдаабата. – Һы, хайдах баҕайыный? Тоҕо аспаттарый? Вахтер Гришаняны хоһугар баар диэбитэ ээ, – Миша кулгааҕын ааҥҥа чугаһатан иһиллии сатаата да, арааһа, хос иһигэр сахсырҕа эрэ дыыгыныыр.
Костя итини эрэ кэтэспиттии: «Барыахха, ким да суох эбит», – диэтэ. Ол эрээри Миша итиччэ түргэнник иннин биэрбэт. «Суох, кэтэһиэххэ, ханна эрэ тахсыбыта буолуо, билигин кэлиэ», – диэн тохтотто. Уолаттар аан аттыгар, истиэнэҕэ өйөнөн турдулар. Миша ааһан иһэр кыыстан: «Гришаны көрбөтүҥ дуо?» – диэн ыйыппытыгар, анарааҥҥыта: «Никакого Гришу я не знаю!» – диэн хайдах эрэ аанньа ахтыбатахтыы хоруйдаата. Кыыс үрдүк хобулуктаах түүппүлэлэринэн тоһугураан, көрүдүөрү биир гына хааман, түгэх хоско киирбитигэр, Миша: «Дура!» – диэн үөҕүстэ. Сайын буолан эбитэ дуу, мээнэ ким да көстүбэт. Таракааны эмтээбиттэрин курдук, бары ханна эрэ сүтэн хаалбыттар. Дьиэлээтэхтэрэ. Кэмниэ кэнэҕэс ким эрэ ыарахан-ыараханнык үктэнэн кирилиэһинэн тахсан иһэрэ иһилиннэ. Бу сырыыга куудара баттахтаах, сибилигин аҕай баанньыктан тахсыбыт курдук көлөһүн аллыбыт сирэйдээх уол көһүннэ. Миша эмиэ Гриша туһунан ыйытан көрдө да, уол аҕылыы-аҕылыы: «Үс күн буолла, көрбөтөҕүм», – диэтэ. Итиччэлээҕи истэн, Костя: «Бардыбыт, Гриша суох эбит», – диэн этэн көрдө да, Миша саараабыттыы тура түһэн баран, ааны анньыбытыгар, аана арылла биэрдэ: төрүт да хатаммакка турар эбит! Уолаттар, боруогу атыллаат, боппуолдьаҕа түспүт курдук сананнылар: түннүккэ орон сабыытын курдук халыҥ таҥас ыйаныллыбыт буолан, хараҥа. Ол эрээри бэрт сотору харахтара үөрэнэн хос иһэ, холорук үлтү ытыйан ааспытын тэҥэ, ыһыллаҕаһын бэлиэтии көрдүлэр. Остуолга кирдээх иһит хайа курдук өрөһөлөммүт, истиэнэ тула пиибэ бытыылкалара кыстаммыттар. Бэл Миша, «бу ханна биһиги кэллибит?» диэбиттии, иһиирэн ылла. Түгэх диэки икки ороҥҥо кимнээх эрэ суорҕанынан саптан утуйан буккурата сыталлар, төбөлөрө эрэ харааран көстөр. Миша: «Гриша-а», – диэн ыҥыран көрдө да, хоруй иһиллибэтэ. Арай хараҥаҕа үөрэммит сахсырҕалар остуол үрдүгэр көрүлүү сылдьаллар. «Миша, арааһа атын хоско кэлбиппит. Мэһэйдээмиэххэ, барыахха», – диэн Костя орооһо сатаата да, табаарыһа истиэ баара дуо, утуйа сытар уолаттарга сыбдыйан тиийэн, биирдии-биирдии сирэйдэрин өҥөйтөлөөн көрдө, онтон биирдэрин иннигэр тохтоон: «Гришаня, уһугун!» – диэн кулгааҕар улахан баҕайытык саҥарда. Уола, иһиттэ эрэ, истибэтэ эрэ, оронугар лах гына олоро түстэ. Бастаан утаа дьүүлүн-дьаабытын өйдөөбөккө мээнэнэн көрүтэлээтэ, онтон дьэ кэмниэ кэнэҕэс кимнээх кини иннигэр туралларын өйдөөн, үчүгэй соҕустук маатыралаан субуруппата дуо! Миша итиччэлээх саҥаны истэн, күлэн тоҕо барда. Иккис утуйа сытар уол ити аймалҕаҥҥа уһуктан кэллэ.
– Кимнээхтэрий? – диэн төбөтүн өндөтөн ыйытта.
– Земляктарым кэлбиттэр! Хата, киһини куттаатылар!
– Тоҕо баччааҥҥа диэри утуйа сытаҕытый? – Миша ыйыталаһааччы буолла.
– Ээ, бэҕэһээ капитально бырааһынныктаабыппыт, ол иһин. Айуу-айа! Төбөм хайа барыах курдук. Жесть! Леха, оттон эн хайдаххыный? – Гриша табаарыһыттан ыйыталаста.
– Өлүөх курдукпун. Турар кыах суох. Хата, бу уолаттарынан пиибэтэ атыылаһыннар эрэ! Абырахтаныахха наада!
– Точно! Уулусса нөҥүө кыра маҕаһыын баар. Ыт атахтар сүүрэн баран аҕалыҥ эрэ!
– Ээ, суох, – Костя, Мишаны урутаан, өрүһүспүттүү эттэ.
– Бай! Ол тоҕо? – Гриша соһуйбута буолла.
– Пиибэни 18 саастарыттан саҕалаан атыылыыллар, оттон биһиги уон алталаахпыт эрэ, – Костяттан саҥата нэһиилэ тахсарга дылы.
– Тууй-сиэ, манна эн сааскар ки-им да наадыйбат, оннооҕор 13 саастаах оҕолор пиибэ атыылаһаллар, сымыйанан «төрөппүттэрбитигэр» диэн куотуналлар. Олорго холоотоххо, эһиги диэн сиппит-хоппут дьээдьэлэр буоллаххыт. Чэ, элбэхтик этиттэримэҥ, барыҥ. Кэллэххитинэ кэпсэтиэхпит!
Уолаттар хостон таҕыстылар. Кирилиэһинэн аллара түстүлэр. Вахтер дьахтар соһуйбуттуу көрдө эрээри, Миша обургу билигин кэлиэхпит диэн дакылааттаата.
– Ньиэрбинэйдээн бүт, – Миша инники хааман иһэн тииһин быыһынан саҥарда.
– Һы, хайдах ньиэрбинэйдиэм суоҕай? Эмиэ онно-манна булкуллан эрэбит. Пиибэттэн саҕаламмыт дьыала хаһан да үтүөнэн түмүктэммэт.
– Куһаҕаны биттэнимэ, барыта этэҥҥэ буолуо, – Миша маҕаһыын аанын тэлэччи аһан бастакынан киирдэ.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?