Текст книги "Тыалынан киирбит холоругунан тахсар"
Автор книги: Татьяна Находкина
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 6 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]
IV
Күһүн. Сир-дойду хагдарыйан да турдар, көмүс дуйунан оонньоон, араас өҥнөрүнэн кустуктанара көрүөхтэн кэрэ. Лаг ласпыт хатыҥнар, кэрии тииттэр араҕас солко таҥастарын кэтэн наҥнаһан тураллар. Паарка. Сахалыы моһуоннаахтык оҥоһуллубут пааркаҕа дьон-сэргэ сөбүлээн сылдьар. Хас киэ һэ ахсын волейболлаан тиҥиргэтэллэр. Кыыс, уол бөҕө мустан эдэр саас эрчимнээх күйгүөрэ буолан, киэһээҥҥи салгыҥҥа, ыраахха диэри дуораһыйар.
Паарка иһигэр бэлисипиэттээх уолу уонча уол төгүрүйэн тураллар. Саҥа бэлисипиэт кинилэр харахтарыгар күлүмүрдээн олорор. Бэл, сибилигин собуоттан тахсыбыт сыттыын-сымардыын аҥылыйан, оҥой-чоҥой көрбүт уолаттар сүрэхтэрин иһинэн дьырылаан киирбитэ үчүгэйэ сүрдээх. Уолаттар эрги тэ сылдьан бэлисипиэти имэрийии-томоруйуу бөҕө буоллулар.
– Баанньыска, онтон эһэҥ бэлисипиэтин «Уралы» ким тэбиэй? Мин тэбэбин диир этиҥ дии, – Миитээ муннун өрө сыҥарын быыһыгар табаарыһын сирэйин өрө мыҥыыр.
– Ийэм бэйэтэ тэбэр, – Баанньыска киэн туттубуттуу, этэрин быыһыгар бэлисипиэтигэр олорон төттөрү-таары хачайданар.
– Уолаттар, паарканы эргийэбит дуо? Онтон мин дьиэбэр барыам. Түөрт чааска дьиэбэр тиийиэхтээхпин, – уол дьо һумсуйа туттар.
– Ээ сөп. Биһигини эмиэ эрдэ кэлээриҥ диэбиттэрэ, – оторой-моторой уолаттар күө-дьаа буола түһэллэр.
«Стелс» бэлисипиэт күн уотугар араас өҥүнэн килбэчиҥнээн иннин диэки барбытыгар кыра уолаттар кэнниттэн эккирэтэн туораахтастылар. Пааркаттан тахсаары ааркаҕа чугаһаан иһэн бөһүөлэктэн үс уол хороҥноһон иһэллэрин көрөн тохтоон хорус гыннылар.
– Сэмэнчиктээх иһэллэр, – Диимискэ, бииргэ үөрэнэр уола, бүгүн күнү быһа бэлисипиэти кытта тэҥҥэ сырсан тиритэн-хорутан, сылайа быһыытыйбыт уол, куттаммыттыы, табаарыһын сирэйин өрө мыҥаата.
– Бэлисипиэппин былдьыыллара буолуо, – Баанньыска, куттаммыттыы, табаарыстарын кэриччи көрөр. Бэһис кы лаас уолаттара бэлисипиэттэрин тула чөмөхтөстүлэр. Кыра уолаттар куттаммыттарын көрөн, Сэмэнчиктээх Кириил түөс тэрин мөтөтөн, киэптээбиттии туттан, ынан кэллилэр. Кэннилэриттэн ылгын уоллара, быһый атахтара Уйбаанчык саппай уопсан истэ.
– Бырааттар, дорооболоруҥ! Туохтан куттанан, үргүбүт тугут оҕолорун курдук өргөччү көрдүгүт? – Сэмэнчик уһун ты лынан кыырбытынан барда.
– Суох… Оонньуу сылдьабыт, – уолаттар симиктик, уота– күөһэ суохтук эппиэттииллэр.
– Бырааппыт Баанньыска, абыраммыт киһигин. Табаҕы тардыбаппын диэн, хата, бэлисипиэттэнэн хааллыҥ дии, – Сэмэнчик күлэн сыһыгырыыр. – Аны эппитим курдук, бэнсиин сытырҕалаатаххына, «Минскэй» спортивнай матасыыкылланыаҥ.
– Һэ-һэ, кырдьык, оннук. Быраатым Баанньыска, бэлисипиэккин убайгар уларсар инигин? Паарканы биирдэ эргийэн кэлиим эрэ, – Кириил, бэрт ньуолбар куолаһынан албыннаспыттыы саҥарар.
– Чэ, мэ. Биирдэ эрэ эргий. Ийэм биллэҕинэ, мөҥүө, – кыра уол бэлисипиэтин төһө да харыһыйдар, тас ыалын диэки туһаайа тутар.
Кириил бэлисипиэт уруулун эрийэ-буруйа тутан, араастаан иннинэн-кэннинэн хаамтарбахтаан баран, олус түргэнник тэбэн иннин диэки түһүнэн кэбистэ. Сотору буолбата, хайыы үйэ паарканы эргийэн араастаан куйбарыҥнатан иһэрин көрөн, Сэмэнчик утары сүүрэн тиийэн, аны кини илиитигэр ылан, паарканы эргийэ элээртэ. Уолаттар онон тохтооботулар. Уйбаанчыгы иннигэр олордон, бэйэлэрэ хардары-таары кэннигэр олорсон, паарканы хаста да эргийдилэр. Баанньыска туттуна сатаан баран, ытаан бөтүөхтээбитигэр, хайыы үйэ инники көлүөһэтин сыаба тахсан салыбыраан түһэ сылдьар, онтон кэннин көлүөһэтин тыына тахсан ньаппайан хаалбыт бэлисипиэти бүтэйгэ өйөннөрө бырахпыттарыгар, өйөммөккө, сууллан таҥкынаата. Бэлисипиэт хаһаайына, оччолооҕу истэн баран, төбөҕө тугунан эрэ охсубуттарын курдук, ньахчас гынна. Кыра уолаттар тыына тахсан ньахчайан хаалбыт тимир көлөлөрүн өйөөн-убаан туруоран, Баанньыска дьиэтэ турар уулуссатыгар салайа туттулар.
– Баанньыска, ытаама. Мин аҕабар барыахха. Начаас оҥоруоҕа. Аҕам массыына, тыраахтар алдьаннаҕына, өрөмүөннээччи. Табаарыстара бары киниэхэ кэлэллэр, – Диимискэ чачархай баттаҕын имэринэрин быыһыгар табаарыһа ытаан сыҥыргыырын аралдьытан иннигэр-кэннигэр түстэ.
Туох да саарабыла суох Диимискэ дьиэтигэр туораатылар. Аҕата суоҕун истэн, күүтэргэ быһаарынан, тэрээсэҕэ уку-сакы туттан олордулар.
– Кими күүтэҕит? Ноо, паапаҥ бүгүн кэлбэт. Улууска хонордуу барбыта, – Диимискэ эбэтэ, кыра куурбут-хаппыт эмээхсин, чаҥкынаабытыгар уолаттар, хомойбуттуу, сирэй– сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр.
– Онтон ити, эбээ, Сэмэнчиктээх Баанньыска саҥа бэлисипиэтин сыабын, тыынын таһааран кэбистилэр. Биһиги оҥоро сатаатыбыт да, сатаан оҥорботубут, – уол абыраатаҕына кини абырыа диэбиттии, эбэтин сирэйин-хараҕын кыҥас таста.
– Ээ, ол мин тугу билиэмий? Ол Даайака – акаары дьахтар. Уолугар олох кыһаммат. Кыргыттарыгар атын этэ. Атахтарыгар туруоран баран, өрө тахсыан кэриэтэ ыһыктынан кэбистэ. Итиннэ туох эрэ баар. Кыргыттара ийэлэрин хомотон кэбистилэр дуу, хайдах дуу? Сатаан санаабаппын. Оттон аҕалара Миитээски буолуохсут арыгыны дэлбэрийэртэн атыны өйдөөбөт киһи, – Ааныка эмээхсин, бэйэтэ-бэйэтигэр ботугуруурун быыһыгар, дьиэни-уоту тыаһа суох хомуйан сырдыргыы сырытта. Уолаттар эмээхсинтэн туох да күттүөннээх туһа тахсыа суоҕун сэрэйэн, бэйэлэрэ оҥосторго быһаарынан, күлүүс көрдүүрдүү гарааска таҕыстылар.
– Ээ, онтон Пётр Николаевичка тахсыҥ ээ. Массыыналаах киһи бэлисипиэти баҕас таах оҥороро буолуо. Эбиэтигэр кэллэҕэ дии. Ону ыйытан көрүҥ, – Ааныка намылыйан саҥарбыта Баанньыска сүрэҕин иһинэн киирдэ.
Ыксалаһа олорор учууталлар уопсайдарын дьиэтигэр бэлисипиэттэрин анньан тиийэллэрин күүтэн турбуттуу, Захаров тар кыра кыыстара ааны тэлэччи аһан тахсан кэллэ.
– Ханна бардыгыт? – кыра уолаттары сэнии көрөн, кыы һырбыттыы, сүүһүн аннынан көрөн туран, чардырҕаата.
– Паапаҥ баар дуо? Бу Баанньыска бэлисипиэтэ алдьанна, – Диимискэ күн ахсын көрөр тас ыалын кыыһыттан куттаммыт быһыыта көстүбэтэ.
– Паапам солото суох. Уонна эһиги алдьаппыккытын тоҕо оҥоруохтааҕый? Бэйэҕит дьоҥҥутугар оҥотторуҥ ээ. Туох барыта төлөбүрдээх. Үктээтэххэ, оннооҕор кутуйах «чыып» диир, – кыысчаан бэйэтиттэн алын кылааска үөрэнэр уолаттары тиэхэлээхтик көрөр.
– Баанньыска паапата суох ээ, – Диимискэ кыр дьык-хордьук хардарар.
– Туох буолла? – дьиэттэн спортивнай таҥастаах сахаҕа номоҕон көрүҥнээх, кылгас будьурхай баттаҕын өрө тарааммыт Пётр Николаевич дьиэттэн тахсан тэрээсэ кирилиэһигэр бэрт чэпчэкитик дэгэйэ туттан олорунан кэбистэ.
– Хайа, Диимискэ, ханна бу үлүгэр тиритэн-хорутан айан наатыгыт? Туох быһылааныгар түбэстигит? – хара кылгас будьурхай баттаҕын тарбана турар Баанньыскаҕа хараҕын хатыыр.
– Баанньыскаҕа маамата бэлисипиэт атыыласпыта. Ону Сэмэнчиктээх Кириил тэбэ сылдьан алдьатан кэбистилэр. Маа мата мөҥөр буоллаҕа, – кыра уол тириэньэрин диэки аһыннарыахтыы кылап-халап көрөр.
– Оттон Баанньыска бэйэтэ тоҕо эппэт? Тыла суох дуо? – тириэньэрдэрэ кытаанах соҕустук саҥарбытыгар уолаттар кулук-халык туттан, кэннилэринэн чугуруҥнаһан төннүөх курдук тутуннулар.
– Чэ, кэлиҥ. Билигин оҥоруохпут, – Пётр Николаевич бэрт чэпчэкитик ойон туран, сарайтан массыына күлүүстэрин тутан тахсар.
– Эмиэ кимнээх кэллилэр? – дьиэттэн уһун куйаабылламмыт бэрт маанытык таҥныбыт дьахтар тахсан, бэлисипиэт таһыгар чөмөхтөһөн турар уолаттары өттүк баттанан туран кэриччи көрүтэлиир.
– Ээ, бу кыра уолаттар тимир көлөлөрө алдьаммыт, – аахайбатах куолаһынан хардарар.
– Эйиэхэ, дьэ, иллэҥ баҕайы киһиэхэ, үлэ көстөн иһэр. Анна Петровна уола буолбатах дуо? – кыыһырбыт дьахтар куолаһа таас иһит иһиккэ охсуллар тыаһын курдук лыҥкы наан олорор.
– Ким да уола буоллун, – эр киһи сөбүлээбэтэх куолаһа иһиллэр.
– Чэ, көрүлээн эр. Хонтуораҕа илдьэҕин дуу, суох дуу? Бэрт киһи ити бэлисипиэттэн күнүҥ тахсан турар дуу?
– Тохтуу түс. Эмиэ айахха киирбиччэ мээнэ саҥаран эрэр. Хата, массыынаны таһаара тур, – эр киһи эйэ дэмнээхтик саҥарбытын дьахтар сөбүлээбэккэ, саннынан садьыаланан кэбиһээт, хара дьүһүннээх иномарка диэки барар.
– Чэ, бүттэ. Дьиэҕитигэр барыҥ. Аны улахан уолаттарга уларсымаҥ. Кинилэр кутуруктарыгар мээнэ сөрөнүмэҥ. Сэ мэнчиктээх Кириил – киһи кыһыл илиитинэн туппат дьоно. Онно-манна сөрөөн баран, бэйэлэрэ ууттан кураанах тахсыахтара. Хата, Баанньыска быйыл күһүҥҥүттэн табаарыскынаан Диимискэлиин тустуу сиэксийэтигэр дьарыктан. Оччоҕо бэйэҕин көмүскэниэҥ, – Пётр Николаевич илиитин тэрээпкэнэн сотто туран, Баанньыска диэки эйэҕэс баҕайытык көрөн ылар.
V
Даайака оскуолаҕа бүллүтүөҥҥэ барбыт уборщицаны солбуйар. Уола Сэмэнчик сарсыарда оскуолаҕа бардым диэн ааттаан тахсан баран, үөрэммэтэҕиттэн кыйахана аҕай сылдьар. Эбиэккэ да дьиэтигэр кэлбэтэ. Ханна түһэн хаалбыттара буолла. Сууйа сылдьар курдук да, санаата барыта уолугар иэҕиллэ турар. Бу уол сатанарыттан ааста. Төһө эмэ оскуола төттөрү ылбытын үрдүнэн, кэннинэн тартаран, куһаҕан өттүгэр сүргүөхтэммитэ сүрдээх. Ити аата көнөр санаата суох буоллаҕа. Били Кириил уоллуун иккиэн суохтар. Хата, Кириэннээх уол лара Уйбаанчык баар эбит. Кыра уол кутуруктаһан барыс таҕа, оҕону онно-манна сөрүөхтэрэ диэн куттана са наа быта. Хайдах гыныахха эбитэ буолла? Элбэхтэ буойуллан, таһыллан, учууталлартан даҕаны мөҕүллэн-этиллэн, саас тарын ситэ илик оҕолор хамыыһыйаларыгар эмиэ да учуок ка туран барытын боруобалаабыт оҕо эрээри, кини долоҕойугар өй эбиллибэт. Акаары төбө атаҕы иллэҥ оҥорбот дииллэринии, мэкчиргэ курдук төбөтө лэкээриҥнээн биир сиргэ таба олорбот. Чэ бээ, киэһэ көрсүөхпүт суоҕа. Ситэри Суоттутааҕы лиссиэй гэ барбыта ордук буолара дуу? Син биир үөрэнэр баҕата суох киһини тугун күүһүлээн, онно киһилии үөрэннэҕинэ, баҕар, кимнээҕэр идэ ылан, үлэ да булуо этэ. Билигин силиэсэрдэр, сыбаарсыктар ытыс үрдүгэр сылдьар саамай наадалаах үлэ һиттэр. Аҕабыт Миитээски арыгыттан атын туох да толкуйа суох киһи. Баччааҥҥа диэри дьиэ ыар таһаҕаһын, туох да этиитэ-бугулута суох, кини дьарамай санныгар сүктэриллэн кэлбитэ сымыйа буолбатах. Дьиэ кэргэнигэр күттүөннээх кө мөтө суох көнөрүттэн ааспыт киһи. Дьахтар муостаны сууйан ньиккирийэрин быыһыгар ииччэх-бааччах санаалар бииртэн биир силбэһэн өйүгэр киирэн истилэр. Эмискэ кэннигэр үрдүк хобулуктаах атах тыаһа эрчимнээх соҕустук үктэнэн чугаһаабытыгар эргиллэ биэрдэ.
– Даайа, дорообо. Оскуолаҕын сууйан бүтэрэ иликкин дуо? – Андриана Алексеевна кытаанах куолаһа иһилиннэ.
– Ээ, чугаһаатым. Туох сонуннанныҥ? – Даайа, сибилигин Сэмэнчиги ыйытыа диэн, дьиксинэ санаата.
– Улахан суох. Сэмэнчик бүгүн үөрэнэ кэлбэтэ дии.
– Үөрэнэ бардым диэн сарсыарда 9 чаас иннинэ тахсыбыта, – дьахтар симиктик хардарар. Сэрэйбитин курдук, кэпсэтии уолугар иэҕилиннэ.
– Суоттутааҕы лиссиэйгэ үөрэнэр уолаттары кытта куодарыспыттар этэ дуо? Онно барбыттара буолуо.
– Эс, хаһан да Суоттунан, Бороҕонунан мээнэ тиэстээччилэрэ суох. Үөрэхтэрин сүрэҕэлдьээн, хара тыаны эрэ кэтэ сылдьаллар ини.
– Оччоҕо тоҕо суохтарый? Туох эмэ билиннэҕинэ биллэ рээр, – иитэр үлэ завуһа сүр түргэнник эргиллэ түһээт, иккис этээскэ тахсар кирилиэс диэки хобулугун тыаһа тоһугуруу турда.
Даайа оскуолатын сууйан бүтэрэн, хайыы үйэ балачча маҥхайбыт кылгас баттаҕын өрө имэринэн кэбиһэ-кэбиһэ тахсар аан диэки барда.
Дьиэтигэр киирээт, төлөпүөн тохтоло суох тыаһыырын истэн, саалаҕа ааста.
– Алло, Даайака, уолуҥ ханна баарый? Мин Кириилим эмиэ суох. Бүгүн үөрэммэтэхтэр. Ханна барбыттара буолуой? – Ульяна саҥата өрө кутаалана түстэ.
– Бэйэм да билбэппин. Кэлэллэр ини. Ханна эрэ күөлгэ кус оҕолуу сылдьаллара буолуо, – Даайака төһө кыалларынан холкутук хардара сатыыр.
– Бу дьахтар холкута бэрт ээ. Билбэт киһиэхэ дылы. Кус оҕолууллар ээ. Оннугунан дьарыктанар саастара ааспыт оҕолор курдук көрөбүн, – диэт, эппиэт күүппэккэ, төлөпүөнү халыр гына быраҕар тыаһа иһилиннэ.
Дьахтар аһыыр остуолун сирэйигэр ыардык тайанан аттыгар турар олох маска олордо. Чэ, ити. Барытыгар буруйдаах кини соҕотох. Кэлэр ини. Куруутун хойутаан кэлээччи. Түүннэри харахтаммыт барахсан. Оскуолаҕа бардыбыт диэн баран үөрэммэтэхтэрэ куһаҕан. Эбиитин этэллэрин курдук, туох эмэ куһаҕанынан дьарыктаммыт буоллахтарына, хайдах буолаллар? Оҕолор бэнсиини, кыраасканы, килиэйи сыттаан, итирбит курдук турукка киирэн баран, тохтообохторуна, өлөллөр дииллэр. Тэлэбиисэргэ иһиттэххэ, оҕолор арааһы сытырҕа лаан, табахтаан куһаҕан буолбуттара элбэх. Оннукка эрэ тиий бэтэллэр ханнык… Ийэ онтон да атыны элбэҕи эргитэ санаан, ис-иһиттэн кыйыттан барда. Дьиэтэ сөрүүкээбит. Онно эбии туга-ханныга биллибэт санаалартан титирээн дьигиҥнии олордо. Төһө өр маннык олоруой? Тугу эмэ быһаа рыннахха табыллар. Итии чэй иһээри электрическэй чаанньыгын холбоон «тыс» гыннарда. Аана араастаан кыыкынаан аһыллар тыаһын истэн эргиллэ түстэ. Аан таһыгар Уйбаанчык турарын көрөн, «Уолаттар кэллэхтэрэ» диэн үөрэ санаата.
– Хайа, Уйбаанчык, ханна бардыҥ?
– Сэмэнчиктээх Кириил кэлбиттэрэ дуо? – уол симик са ҥата иһилиннэ.
– Суох. Ханна барбыттарай? Билэҕин дуо?
– Билбэтим. Миэхэ тугу да эппэтэхтэрэ.
– Бэнсиин сыттыыллар дииллэр. Кырдьык дуо? – Даайа ка киирэн биэрбит уолу бэйэтэ сатыырынан доппуруостаан барар.
– Суох, бэнсиин сытырҕалаабаттар. Табах тардааччылар…
– Арыгы иһэллэр дуо?
– Хантан?.. – уол кэлэҕэйдээн ылар.
Эмискэ аймаммыт көрүҥнээх Ульяна өрүтэ бөтүөхтээн кии рэн кэллэ. Хараҕын өрө көрбүт, төгүрүк маҥан сирэйэ ытаабытыттан кытаран, дарбайан хаалбыт. Хараҕын уута иэдэһин устун тохтоло суох сүүрэр. Эбиитин сүрэҕин тутта сылдьар.
– Даайака, уолаттарбыт табыллыбатахтар. Улахан алааска сыталларын уолаттар көрбүттэр…
– Оо, сор да буолар эбит. Ол хайдах сыталларый? – Даа йака соһуччу этиллибит сонунтан соһуйан, куолаһа эйэҥэлээн ылар. Аан диэки тэмтэриҥниир… Ити кэмҥэ участковай, олохтоох балыыһа биэлсэрэ Антонина Лазаревна, Андриана Алексеевна уонна уолаттар кылаастарын салайааччыта Нина Иннокентьевна соҥуорбут көрүҥнээх киирэн кэлбиттэригэр Даайака эбии иэдэйдэ, хараҕын уута бычалыйан тахсыбытын сотто сатыы турда.
– Дорооболоруҥ. Тыллабыр киирдэ. Туга-ханныга билли бэт. Олус айманымаҥ. Билигин Улахан алааска барыахпыт. Ийэлэр барсар кыахтааххыт дуо? – участковай Михаил Ильич кытаанахтык быһыта баттаталаан саҥарар. Хайыы үйэ ытыы, байааттаҥныы сылдьар ийэлэри учууталлар өйүү тутан дьиэттэн тахсан бараллар. Улахан дьон субуруһан киирэн эрэл лэрин көрөн Уйбаанчык оһох кэннигэр түспүтэ. Бары тахсыбыттарын кэннэ, өлө куттаммыт уол тыаһа суохтук сыбдыйан, дьиэттэн тахсан барда.
Улахан алаас тулата бүтүннүү лиҥкир тиит мастарынан тулаламмыт, көлүччэлээх, айылҕа бэйэтэ маанылаан оҥорбут кэрэ миэстэтэ. Сорох сайын эдэр ыччат сөбүлээн сөтүөлүүр сир оҥостоллор. Ардах суох дьылыгар уолан да хаалар түгэннэрдээх.
Полиция массыыната тыллабыр киирбит сиригэр, алаас ортотугар бөлүөхсэн үүммүт тиит мастарга чугаһаата. Массыына тохтообутугар участковай икки ийэ тахсыбаттарыгар сорудахтаат, бары массыынаттан утуу-субуу түстүлэр. Ийэлэр барахсаттар харахтарын уутунан сууна олорон хааллылар. Участковайы кытта биэлсэр Антонина Лазаревна тыылыы тэбэн сытар уолаттарга урут бастаан чугаһаатылар. Иккиэн саба түһэн уолаттары тутан-хабан көрө түһээт, чугуруҥнаһа турар учууталлары бэйэлэригэр ыҥыран далбаатаан ыллылар. Ийэлэр ону көрөн, сүрэхтэригэр эрэл кыыма саҕыллан, сытар уолаттарыгар кыл тыыннарынан сырсан тиийдилэр. Уолаттартан киһи сүрэҕэ эриллиэх бэнсиин сыта аҥкылыйар, итирик дьон курдук уостарын иһигэр тугу эрэ саҥаран буллугунуйаллар. Төбөлөрүн өндөтөн илгиэлээбиттэригэр тугу да өйдөөбөтөхтүү мээнэнэн көрөн кэбистилэр. Аттыларыгар бэнсиин кутуллубут истикилээҥкэ төкүнүйэн сытар. Киһи аҕынньыта төллүөх бэнсиин сытынан аҥкылыйар тирээпкэ сытарын участковай ылан пакетка укта.
– Оо дьэ, бу уолаттар дьаабыламмыттарын, хаһан өйдө нүөх дьонноруй? – Андриана Алексеевна эмиэ да бэркиһээбиттии, эмиэ да хомойбуттуу көрөн турда.
– Таах ыттыы өлө сыыспыттар. Киэҥ, салгыннаах сиргэ охтон тыыннаах хаалбыттар. Ханна эрэ дьиэҕэ дугуйдаммыттара буоллар, атахтарын тэҥнииллэрэ да ырааҕа суох буолуо этэ. Чэ, түргэнник балыыһаҕа илдьиэҕиҥ, – Антонина Лазаревна айманар.
– Массыынаҕа баппаппыт. Андриана Алексеевна, эһиги сатыы да тиийэр инигит. Хонтуораҕа тиийээриҥ. Протокол толоруохпут.
– Оннук бөҕө буоллаҕа. Тиийиэхпит. Бу барыта көрүүтэ-истиитэ суох, мээнэ уулуссаҕа кэриимнииллэриттэн тахсар, – иитэр үлэ завуһа оҕолоругар саба түһэн таҥастарын-саптарын көннөрө, баттахтарын имэрийэ олорор ийэлэри төһө да аһыннар, кытаанах баҕайытык батары көрөр.
– Алдьархай тахсыбатаҕар баһыыба. Улууска биллэрэрбэр тиийэбин. Хата, уолаттар өлбөт быаларыгар кыра оҕолор бэ лисипиэттии сылдьан, түбэһэ көрөн, куттанан чугаһаабатал – лар да, полицияҕа тыллаан абыраатылар. Чэ, барыаҕыҥ, – Михаил Ильич арыый дьарамай соҕус киһини Сэмэнчиги илиитигэр ылан массыынаҕа илдьэр. Дьахталар Кириили кө мө лөөн илиилэригэр ылаллар. Тута балыыһаҕа айанныыллар.
Ити киэһэ кыра уолаттары, Баанньыскалаах Диимискэни, бөһүөлэк дьоно хайҕаан айахтара хам буолбата.
– Кыра уолаттар түбэһэ түспэтэхтэрэ буоллар, ыт буолуо эбиттэр. Маладьыастарыҥ, хата, тута участковайга эппиттэр. Куттамматахтар.
– Сэмэнчиктээх Кириили бэрт түргэнник оннуларын буллартыахха наада. Биир сытыган хортуоска сүүһү сытытарын курдук бу уолаттар уопсастыбаҕа кутталланнылар.
– Хатаска холуонньаҕа ыытан моһуораларын көннөрүөххэ буоллаҕа.
– Оскуолалар буруйдаахтар. Биир күн үүрэллэр, иккис күн аһыммыта буолан, көрдөһөн кэриэтэ үөрэтэ ыҥыраллар.
– Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору сир-халлаан ик– ки ардыгар ханна мээнэ быраҕан кэбиһиэхтэрэй? Оҕо аймаҕы иитэр дьону киһи баалаабат, – диэн оскуоланы көмүскэһээччилэр да көстөллөр.
Онтон да атын кэпсэтии бөһүөлэги ылан кэбистэ, ыҥырыа уйатын тоҕо тарпыт курдук буолла.
VI
Ити кэмҥэ Артемьевтар дьиэлэригэр биир улахан моргуор буолла. Анна Петровна икки хараҕа бүөлэниэр диэри кыыһыр да. Киэһээҥҥи аһылыгы бэлэмнээри, соркуойун дэлби хаахтытан, эбиитин чаан тахсан, дьиэлэрин күөх буруо ылан кэбистэ. Дьиэлээх хаһаайка туппутун барытын төлө ыһыкта сырытта.
– Сэмэнчиктээҕи кытта сылдьыбытыҥ дуо? Тоҕо онно эн ала-чуо тиийдиҥ? Бэнсиин сыттаабытыҥ дуо? Бүтүннүү кө рүүчэй сыттааххын, – ийэ ытамньыйбыт куолаһынан уолун ыгар-түүрэр.
– Диимискэлиин бэлисипиэтинэн хатааһылыы сылдьан Сэмэнчиктээҕи көрбүппүт. Биэдэрэлээхтэр этэ. Итирик дьон курдук тэмтээкэйдээн хаамаллара. Кириил хотуолуур быһыылааҕа… – уол ытаан бөтүөхтүүрүн быыһыгар ийэтигэр хайдах баарынан кэпсиир.
– Онтон… Эһигини көрбүттэрэ дуо?
– Суох, көрбөтөхтөрө. Кириил эрдэ охтубута. Сэмэнчик онтон-мантан иҥнэн охторо. Кэлин эмискэ сууллан түспүтэ уон на турбатаҕа. Биһиги баран көрбүппүт. Уонна… биэдэрэлэрин тыаҕа бырахпыппыт. Онно бу атахпытыгар тохтубута. Ол сыта. Сытырҕалаабатахпыт. Сэмэнчиктээх сыталлара. Куттанан чугаһаабатахпыт…
– Билигин участковайга илдьиэм. Кырдьыгынан билин. Олус да акаары уолгун. Тоҕо наар Сэмэнчиктээҕи батыһаҕын. Бөһүөлэккэ туох айдаан буолар да, барытыгар эн аатыҥ баар. Кинилэргэ тардыһар буолаҥҥын оннук буолар буоллаҕа. Бүгүн хас уруокка үөрэммиккитиний?
– Икки уруок буолбута. Онтон бэлисипиэттии сылдьыбыппыт. Оскуола пришкольнайыгар эбиэттэн киэһэ 3 чааска хортуоппуй хостуу кэлээриҥ диэбиттэрэ дии.
– Бар, сыт. Олус да сордоон эрэҕин, – ийэтэ иһит сотор тирээпкэтинэн уолун хаста да сырбаталаата. Онтон ытаан сыҥыргыы турар уолун хоһугар дьөгдьөрүтэн киллэрэн, оронугар умса аста.
Анна Петровна аһаабакка да, саалаҕа киирэн, дьыбааҥҥа түүрүллэн сытта. Икки иэдэһинэн тохтоло суох сүүрэр хараҕын уутун туора сотто сытта. Бу 12 сыл устата төһөлөөх хараҕын уутунан сууммута буолуой? Арай хараҕын уутунан илитэр сыттыга эрэ билэ сыттаҕа. Истиҥтэн истиҥ, сылаас чувство диэн кыыс, уол сыһыаннарыгар баарын сүрэҕинэн сэрэйэн билиэҕиттэн ыла, киниттэн биир сыл үрдүкү кылааска үөрэнэр Петяны сөбүлээбитэ. Тохсус кылаастан ыла доҕордос путтара. Онтон уол оскуоланы бүтэрэн аармыйаҕа барбыта.
Эһиилигэр кыыс университекка нуучча тылын уонна литературатын факультетыгар үөрэнэ киирбитэ. Икки сыл устата тапталга билинэр эгэлгэ сылаас тылларынан быыстала суох суруйсубуттара. Иккис кууруска Петя аармыйаттан кэлбитин истибитэ. Ханна да барбакка, уолу уопсайыгар икки күнү бы һа күүппүтэ да, кэлбэтэҕэ. Хабаровскайга үөрэнэр саха кыыһын кэргэн ылбытын, дойдутугар илдьэ тахсыбытын истэн, олус соһуйбута. Эмискэ истибит сонунуттан улахан охсуу ылан, нэдиэлэ курдук сытан ылбыта. Петя кинини албыннаабытыттан олус хомойбута. Төрөппүттэрэ, уһуннук күүттэрбэккэ, сыбаайбалаан ньиргиппиттэрэ. Куораттан биир дойдулаах тара, ыччат, бүтүн биир улахан оптуобуһунан сыбаайбаҕа тахсыбыттара. Оттон кини «сириллибит» кыыс ити күннэргэ төһөлөөх хараҕын уутунан сууммута буолуой?! Кэлин син умна быһыытыйбыта. Үөрэҕин бүтэрээт, төрөппүттэрэ иккиэн ыалдьар буолан, баҕарбатар да, дойдутугар үлэлии тахсыбыта. Дьонугар соҕотох оҕо этэ. Төрөппүттэрэ барахсаттар уһаабатахтара. Сылынан быысаһан өлбүттэрэ. Ийэтин кистээбит күһүнүгэр «айыы сирэ – аһаҕас, күн сирэ – көҥдөй» диэн куоракка киирэр санаалаах Үөрэх министиэристибэтигэр үлэ кэпсэтэ киирбитэ. Бу буолар быатыгар Петялыын Ленин болуоссатыгар көрсө түспүттэрэ. Соһуйуон иһин, айыыһыт имнэммитин курдук, хаһан да арахсыбатах дьоннуу үөрэ-көтө кэпсэппитинэн барбыттара. Дьиҥинэн, бөһүөлэктэригэр биир оскуолаҕа үлэлииллэрэ ээ. Ол тухары айах атан кэпсэппиттэрэ суоҕа. Петя физкультурнай институкка кэтэхтэн үөрэнэрэ.
– Аня, атын сиргэ ананан үлэлии барарыҥ кырдьык дуо? Оччоҕо мин хайдах буолабын? Барыма, эн миэхэ олус күндүгүн, төһө да дьылҕабыт тус-туһунан араартаатар, мин син– биир эйигин эрэ санаабытынан уһуктабын. Эйигин кытта арахсыспакка, бииргэ сылдьар курдук сананан үлэлиибин, – диэн этэн соһуппута. Бастаан, бэл, арыгы испит дуу дии са наа быта. Ол эрээри, уол дьэҥкэ өйүнэн саҥарара.
– Кэргэннээх, икки кыыстаах эрээри, тугу тыллаһан бардыҥ? – кыыс саҥа аллайбыта.
– Бырастыы гын. Кырдьык, эн иннигэр хаһан да сотуллубат буруйдаахпын. Барыта быстах биир түгэнтэн саҕаламмыта. Уолаттары кытта увольнительнайга тахса сылдьан Изабеллалыын билсибитим. Арахсыбатаҕа, кэлэ турара. Ыам ыйын бырааһынньыгар землячествоҕа диэн ааттаан саха уолаттарын киэһэ 10 чааска диэри көҥүллэппиттэрэ. Ити күн мин дьылҕам быһаарыллыбыта. Аналым-чааһым оннук буоллаҕа. Кэлэрим саҕана Изабелла эйигиттэн ыарахан буоллум диэбитэ. Биир сыыһа хардыыбын олоҕум тухары боруостуу сылдьабын, – уол өрүһүспүт курдук тохтоло суох саҥар да саҥар буолбута.
Тапталлаахтар ити күнү бииргэ атаарбыттара. Тоҕо ити күн кини сымнаан-сыппаан биэрбитин сатаан санаабат. Таҥнарыыны бырастыы гынар санаата дьиҥинэн суоҕа. Петя ити эппит-тыыммыт тыла салгыҥҥа хаалыа, күдэҥҥэ көтүө диэн сүрдээх үчүгэйдик билэрэ ээ. Тапталын күүһэ өйүгэр бэриммэтэҕэ. Сүрэх өй-санаа күүһүн баһыйбыта. Сотору буолаат, Анна ыарахан буолбутун билбитэ. Төһө да Петя уруккутун курдук эмиэ билбэт курдук тутуннар, кини саҕа дьоллоох киһи суоҕа. Оҕото күн сиригэр кэлэр быатыгар хараҕа сабыллыбы– та, дьон саҥатын, сааты-сууту барытын тулуйан, Баанньыс катын төрөппүтэ. Дьон сэрэйэрэ эрээри, икки өттүттэн ымыттан көрбөттөрүттэн эмиэ да саарбаҕалыыллара. Ол эрээри, умса уур, иттэннэри уур – аҕата аҕатынан киһи баар буол бута. Изабелла сэрэйэр быһыылааҕа, кинини көрүстэҕинэ, көрбөтөх курдук туттан түҥнэри хайыһан ааһара. Оттон Петя уолугар тардыһар. Дьаныһан туран, тустууга сырытыннара сатыыр. Оттон кини тустууга эрэ сырытыннарбат дьүккүөр дээх. Дьиҥинэн, тустууга сылдьара буоллар, бириэмэтэ суох буолуо этэ. Соҕотоҕо бэрт буолан, уолаттарга сыста сатыы рыттан, онно-манна умньаммыт буолан иһэр дуу, хайдах дуу? Сыттыы оонньуу сылдьан наркотикка тиийбиттэрин билбэккэ да хаалаллар дииллэр. Иэдээннээх үйэҕэ олоробут быһыылаах. Түөрт өттүбүтүттэн табах, арыгы, токсикомания, наркомания тоҕо анньан ыга ылан иһэр. Эчи кутталын. Чөл олох диибит да, барыта сымыйа кырааска. Уураах, дьаһал эрэ баар. Ону толорооччу суох. Тас көстүүгэ эрэ арыгы атыыламмат курдук. Арыгы иһиэххин баҕардаххына, куораттан, улуус кииниттэн төһөнү баҕарар атыылаһыахтарын сөп. Эбиитин «туочукалар» 500 солкуобайтан саҕалаан тыһыынчалыы атыылаан төһө лөөх кыра-хара дьону иэдээҥҥэ тэптилэр. Ол эбэтэр уопсас тыба чөл олоххо дьиҥнээхтик охсуспат. Иитэр-үөрэтэр үлэ суох. Дьону кытта биирдиилээн үлэ ыытыллыбат. Хонтуруол тиийбэт. Билигин киһи барыта миигин эрэ тыыппатыннар, мин эрэ оҕолорбун таарыйбатыннар диэн бэйэлэрин эрэ иннилэрин көрүнэр буоллулар. Өскө барыахпыт диэн ким да кырдьыгы эппэт. Иэдээнэ – ол баар. Түмүгэ – бу буоллаҕа. Сэмэнчиктээх Кириил барахсаттары улуус балыыһатыгар киллэрбиттэр дииллэр. Киин аата киин. Эмтээх-томтоох сиргэ барбыттара ордук. Чөллөрүгэр түһэриэхтэрэ. Ийэтэ эрдэттэн да, Петяны сөбүлээбэт этэ. Аймахтарынан чэпчэки тыыннаах дьон, эппэтэҕэ диэйэҕин, эн бырахпатаххына, кини быраҕыа, үөрэнэ бардаххына, киниттэн атын биир эмэ уол көстөр ини диэхтиирэ. Университекка үөрэнэр сылларыгар син уолаттар иҥээҥнииллэрэ эрээри, биири да чугаһаппатаҕа. Бу санаатаҕына, албын тапталы итэҕэйэн, үчүгэй уолаттары мүччү туппут эбит. Оччолорго эккирэтиһэн да биэрээхтээбит биир уолу билигин тэлэбиисэргэ эрэ көрөр.
Ол да буоллар, таптыыр киһититтэн оҕоломмутуттан кэм – симмэт. Ханныгын да иһин оҕото баар буолан, ыал аатын ылан олордоҕо. Удьуордарын салгыыр, дьонун ааттатар киһи лэннэҕэ. Артемьевтар сыдьааннарын ууһатар-кэҥэтэр киһи. Эбиитин эһэтин аатынан Петрович диэн. Аҕалаах ийэтэ бааллара буоллар, сиэннэриттэн күннэрэ тахсыа этилэр. Төһө эрэ үөрээхтииллэр этэ.
Чэ, утуйуохха. Оҕом хомойдо быһыылаах. Куттаммакка тыллаабытыгар хайгыах кэриэтин дэлби сэмэлээтим. Кистээн да кэбиһиэхтэрин сөп этэ. Уон биир саастаах дьонтон тугу булан ылыаххыный? Ону тыллаабыккын диэбит курдук дэлби мөхтүм, эбиитин охсуолаатым. Чэ, буоллун. Уол оҕону кытаанахтык иитэр ордук. «Оҕо мөҕүллэн-этиллэн киһи буолар», – диэн эбэм тыллааҕа. Уолбун, эн аҕаҕын, кытаанахтык ииппитим, дьонтон итэҕэстийбитэ суох диэхтиирэ. Кырдьыга оннук.
Анна Петровна, күннээҕи кыһалҕаттан сылаата таайан, улам халтаһата ыараан, хараҕа сабыллан барда.
VII
Быйыл улууска улуус баһылыга тупсаран тутуу сылынан биллэрэн, нэһилиэктэр бары бөһүөлэктэрин тупсаран тутууга күүскэ үлэлэһэн, быйыл сааскыттан саҕалаан, хара күһүҥҥэ диэри үлэ оргуйа олордо. Суолу тупсарыы, уулуссаларга тротуар оҥоруу, чааһынай ыаллар кырыыһаларын, олбуордарын саҥардалларын таһынан, дьиэ иһигэр итии туалет, душ киллэриигэ күүстээх үлэ ыытыллар. Арай дьону көҕүлүүр бу үлэттэн арыгыны атас оҥостубут табаарыстар туора хаамаллар. Ол иһигэр Миитээски эмиэ туспа дугуйдана сылдьан, эдьиийэ Арыппыаска ыы муннунан кэтиллэ түстэ.
– Дьиэлээх-уоттаах, аҕа ааттаах киһи эрээригин күлүк курдук мээнэ сүөдэҥнии сылдьаҕын? Дьонтон да сааппаккын. Хара сордоох, уолуҥ туһунан истибитиҥ дуо? Уолуҥ ыарахан туруктаах бэҕэһээ улуус балыыһатыгар киирбитэ. Даайа уолун кытта барсыбыта. Арыгы иһэ-иһэ тиэриллэҥнии сылдьыма, дьиэҕэр бар. Саатар сибиинньэҕин аһатан абыраа, – диэн мөҥөн-этэн барбытыттан, киһи эрэ буоллар, дьиэтин диэки сүөдэҥнээтэ.
Дьиэтигэр чугаһаан иһэн, аана сиппииринэн баттатыылаа ҕын көрөн, Даайа акаарытын мөҕө санаата. Тута хоспоххо ааста. Улахан тимир уһааттан кураанах уотурбаны миискэҕэ баһан дьиэҕэ киирдэ. Биэдэрэҕэ уу кутан, «Мечта» оһох билии тэтигэр сылыта уурда.
Бэҕэһээ наһаа арыгылаабатах буолан, хата, төбөтө улаханнык ыалдьыбат. Ол уол сатана туга ыалдьыбыт буоллаҕай? Сибиинньэбин аһатан баран Арыппыастаахха бара сылдьарым дуу? Кэпсиэх курдук туттан-хаптан баран, эмиэ туох буолан ситэри кэпсээбэтэҕэй диэн саныырын быыһыгар сылыйбыт ууга уотурбатын таҥнары кутта, өрө-таҥнары сууралаан булкуйбахтыы түһээт, астаах биэдэрэтин ылан таһырдьа таҕыс та. Дьиэ кирилиэһигэр табаарыһа Сүөдэр кыырыктыйбыт баттаҕа арбайан аҕай олорорун көрөн соһуйан өрө чинэкэлии түстэ.
– Тугу манна, киһини соһутан, арбайан олороҕун? Биэдэ рэлээх аспын тохторо сыыстыҥ буолбат дуо? – эр киһи кыа йардыы күргүйдүү түстэ. – Туохха өрө мэҥийэн кэллиҥ?
– Туохха кэлиэмий? Эн уолуҥ туһунан ону-маны кэпсиил лэрин истэн, эйигин уоскутаары кэлбит дьүһүнүм. Пиибэлээх пин. Хайыыбыт?
– Ол мин уолум туох буолбутуй? Бары инньэ дииллэр да, сүгүн кэпсээбэттэр. Чэ, мин сибиинньэбин аһатан кэлиим. Онтон Арыппыастаахха барыахпыт. Онно туох алдьархайа буолбутун билиэхпит. Дьиҥинэн, бүгүн хортуоппуй хостуох таах этим да, эн былааммын барытын ыһан кэбистиҥ. Чэ, олор. Билигин кэлиэм.
Миитээски түргэн хаамыынан сибиинньэтин уйатыгар тии йээт, хоруудатын ыраастыы барбакка, таҥнары кутаат, биэ дэрэтин таҥкырдатан төттөрү бэдьээлээтэ.
– Хайа, Сүөдэр, утуктуу олороҕун дуу? Дьиэҕэ киириэххэ. Кыраны кыра курдук быһаара охсоот, эдьиийбэр баран кэлиэххэ. Күн-дьыл уһаата, ардахтыыр сибикитэ суох. Онон хортуоппуй тохтоон эрдин, – диирин быыһыгар табаарыһын хонноҕуттан туруору тардан иһирдьэ киирдилэр.
Саҥа охсуһуннаран, дьэллэм соҕустук туттан, хантатан истэхтэринэ, ааннара эрчимнээх соҕустук аһыллан, дьиэҕэ Андриана Алексеевна Нина Иннокентьевналыын субуруһан кии рэн кэллилэр.
– Дорооболоруҥ. Кэм да Миитээски арыгы иһэ олороҕун дуу? Саатар ити айдаан кэнниттэн тохтуоххун. Аһыы утахха умса түһэҥҥин, төрөппүт уолуҥ итинниккэ тиийдэ, – Андриа на Алексеевна кыһыйбыт санаатын этэн-симэн барда.
– Ол үлүгэр мин уолум туох алдьархайын оҥордо? Киһилии кэпсиэххитин. Этэн иһэн эппэт туох куһаҕан адьынаттаах дьоҥҥутуй? Маарыын эдьиийим Арыппыас уулуссаҕа көрсөн баран эмиэ сүгүн эппэтэҕэ, – Миитээски учууталлары утары көрөн олорон өрө оргуйа түстэ.
– Баччааҥҥа диэри истэ иликкин дуо? Улуус иһэ бэҕэһээҥ ҥи сонунтан оргуйа олорор. Онтон эн төрөппүт аҕа истэ иликкин? Арыгыттан абыраммыт киһи билигин да иһэ олороҕун. Арыгы диэн эдэр киһи эрэйэ, кырдьаҕас киһи кыһалҕата диил лэрэ кырдьык быһыылаах. Уолуҥ Сэмэнчик бэҕэһээ бэнсиин сыттаан улууска балыыһаҕа киирдэ. Өйө суох, – иитэр үлэ завуһа кыыһырбытыттан сирэйэ дьэс кытарбыт.
– Ол хайдах? Туох акаары быһыытай? Бэнсиин сыттаабыт буола-буола. Ол кимниин сыттаабытай? – Миитээски билигин да кэпсэтии ис хоһоонун ситэ өйдөөбөтөҕө туттарыгар– хаптарыгар көстөр.
– Таһынааҕы ыалгыт Николаевтар уоллара Кирииллиин сылдьыбыттар. Билигин реанимацияҕа сыталлар. Эһиги, тө рөп пүттэр, эппиэтинэһэ суоххутуттан, оҕоҕут туор-муор сылдьан, доруобуйатын улаханнык эмсэҕэлээтэ. Куһаҕан үчүгэй дээх диэбиккэ дылы, хата, бэһис кылаас уолаттара икки эрэ уруоктананнар, бэлисипиэттии сылдьан булбуттар. Төһө да билигин итии, дьогдьоот курдугун иһин күһүн аата күһүн. Түүнүн тымныйар, халлаан эрдэ хараҥарар. Оччоҕо бу уолаттар хайдах буолаллар? Киһи саныан да куттанар.
– Оннук. Хомойуох иһин, дойду үрдүнэн оҕо куһаҕан дьаллыкка ылларыыта сыллата элбээн иһэр. Сэрэтэр үлэ барбат буолбатах, ол эрээри, оҕо бу бобуулаах дьаллыкка сыстара аҕыйаабат. Киһи, ордук оҕо, бобуулааҕы билиэн, бэйэтинэн боруобалыан баҕарарыттан итинниккэ тиийэр. Көрбүттээҕэр сэрэйбит ордук, – Нина Иннокентьевна холку, наҕыл куолаһынан эбэн биэрэр.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?