Электронная библиотека » Владимир Кондаков » » онлайн чтение - страница 1


  • Текст добавлен: 2 мая 2024, 21:20


Автор книги: Владимир Кондаков


Жанр: История, Наука и Образование


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 1 (всего у книги 4 страниц) [доступный отрывок для чтения: 1 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Владимир Алексеевич Кондаков
Алгыстар – эн көмүскэллэриҥ

 
Алгыс Аан Дойдуну тутан турар.
Алгыс Аар Айыылартан кэлбитэ.
Алгыс – Аар Тойон тыла.
Алгыһы Үрдүк Таҥара истэр.
Киһи барыта алгыстааҕа буоллар,
Аан Дойду куруук чээл күөх буолуо этэ.
Алгыс сүттэҕинэ,
Аар Айыылар антах хайыһыахтарын сөп.
Ону умнума.
Аар Айыылар киһиттэн
Антах хайыстахтарына,
Алдьархай ааҥныыр иэдээнэ
Кэлэр кутталлаах.
 


Киирии тыл

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Аар Айыы итэҕэлин тэрилтэтин Үрдүкү Үөрэтээччитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтинээҕи Норуот эмчиттэрин ассоциациятын президенэ, профессор В.А. Кондаков Аан Дойду уонна киһи көстөр, көстүбэт эйгэлэрин үөрэтиигэ элбэх үлэлэри ыыппыта. Киһи көстүбэт эйгэлэрин: Ийэ Куту, Салгын Куту эмтээһиҥҥэ саҥа ньымалары киллэрбитэ.

Алгыс Доммнор, Аар Айыыларга үҥүүлэр-сүгүрүйүүлэр киһи духуобунай эйгэтин ырааһырдаллар, чэгиэрдэллэр. Өр кэмҥэ саха дьоно итэҕэлиттэн тэйитиллэн, үөһэ диэки көрбөккө, халлаан диэки хайыспакка, Үрдүк Таҥараҕа үҥпэккэ, аньыы-хара мунньуллан, дьон олоҕо уустугурда. Тус бэйэ уонна өбүгэттэн кэлбит аньыы-хара боруостанарыгар бу Доммнор хас биирдии киһиэхэ олус наадалаахтар. Хас биирдии Домм күүстээх дьайыылаах, улахан көмөлөөх.

Элбэх киһи алгыһа күүстээх. Алдьаммыт-кээһэммит айылҕабытын чөлүгэр түһэрэргэ, үтүө күүһү ыҥырарга, үтүө санааны түмэргэ аналлаах Ийэ Сиргэ алгыһы күннэтэ элбэх киһи ыытара күүстээх дьайыылаах уонна Ийэ сиргэ туһалаах.

«Саҥа төрөөбүт оҕо алгыһа», «Улаатан эрэр оҕоҕо билии-көрүү алгыһа», «Кэнчээри ыччакка алгыс» эдэр дьоҥҥо киэҥ суолу арыйар. Алгыстары бары билиэхпитин наада. Ыччаттарбытыгар алгыс күүһүнэн көмөлөһүөҕүҥ.

Саха омук таптал күүһүнэн үксүү турарыгар, норуот инникитэ ыраас буоларыгар, талааннаах, дьоһуннаах дьон элбииригэр Ахтар Айыыһыкка, Эдьэҥ Иэйэхсиккэ аналлаах алгыстар бааллар.

Саха дьоно таптыыр, сүгүрүйэр, киэн туттар Улуу Айыы Ойууна Владимир Алексеевич Кондаков алгыстара эһиэхэ көмөлөһөр, көмүскүүр, Куту-Сүрү күүһүрдэр, кынаттыыр күүс буолан тиийдиннэр.

Үҥэргитигэр бастакы сирэйтэн саҥаран үҥэҕит. Холобур, «Куккут-Сүргүт» диэни «Куппут-Сүрбүт» диэҥ.

Кинигэҕэ алгыстар В.А. Кондаков хайдах суруйбутунан, уларытыыта суох киирдилэр. Холобур, «Дом» диэн тыл Владимир Алексеевич «ДОММ! – Аан Дойду үөскээбит тыаһа, тыла, дорҕооно буолар» диэн быһаарыытыгар олоҕуран сурулунна (Кондаков В.А. Аар Айыы итэҕэлэ. – 2-с чааһа. – 2004).

А.И. Яковлева

Күн аайы алҕаа уонна алҕан!

Күн аайы Үрдүк Таҥараҕа үҥк!


Алгыс диэн Айыы итэҕэлигэр Аар Айыыларга үҥэр-сүгүрүйэр, көрдөһөр, Аламай Маҥан Халлаантан Аар Айыылар ыытар Айыы сарыалларын аҕалар, Үрүҥ Күн анныттан үрүҥ күүһү үрүлүтэр, куһаҕаны үтэйэр, ыарыыны ыраах кыйдыыр, ыарыыны-сүтүүнү дьалбарытар, кырыыһы-таныары тэйитэр, дьону эмтиир-томтуур, Куттарын-Сүрдэрин бөҕөргөтөр, олорор эйгэлэрин ыраастыыр, өйдөрүн-санааларын үрдэтэр, эттэрин-хааннарын чиргэл оҥорор Домм!

Илин Халлаан диэки ньуургутун тутан, бу кинигэҕэ сурулларын курдук, кыраттан саҕалаан үҥүҥ, Аар Айыылартан көрдөһүҥ, аньыыгытыттан-хараҕытыттан ыраастаныҥ. Аар Айыыларга үҥүү эһигини элбэхтэн быыһыаҕа. Суруллубут Доммнорунан үҥэн-сүгүрүйэн, олоххутугар туһаныҥ. Мин эһиэхэ улахан киэҥ суолу астым, Аар Айыыларга итэҕэйиигэ сирдээтим.

Саастаах, эдэр оҕо дьон, оскуола оҕолоро даҕаны үҥэн барыаххытын сөп. Оччоҕо талааҥҥыт эрдэ арыллыа, сайдыаххыт, үүнүөххүт.

Быһаарыыта: Үҥээччилэр Айыы Ойуунун тылынан эмиэ үҥэҕит.

В.А. Кондаков

Бастакы Домм! Аньыыны-хараны ыраастаныы
Айыы Ойууна:

 
– Үрдүк Таҥарабыт —
Үрүҥ Аар Тойон!
Күлүктээх сиргэ олорботох
Күн Күбэй Хотун!
Одун Хаан! Чыҥыс Хаан!
Дьылҕа Тойон!
Уһун Дьурантаайы Суруксут!
Сүдү Күүстээх Сүҥ Дьааһын Тойон!
Ахтар Айыыһыт!
Эдьэҥ Иэйэхсит!
Эппит-хааммыт,
Түҥнэри санаабыт,
Тиэрэ тылбыт-өспүт,
Сыыһа-халты туттуубут,
Кэп-кэмэлдьи быһыыбыт,
Оҥоруубут-дьайыыбыт,
Түктэри-таҥнары иитиибит,
Сыыһа сиэрбит-быһыыбыт
Оҥорбут аньыыларын-хараларын
Олоччу-бүтүннүү ыраастаан,
Чэгиэрдэн, ырааһырдан кэбистэххит,
Үтүөнү-үчүгэйи тускулаатаххыт,
Айыы сырдыгын арыйдаххыт,
Аар Айыылар алгыстарыгар
Арчылаан киллэрдэххит,
Ыраас эйгэ аартыгар
Ыпсаран, ыҥыран аҕаллаххыт
Буоллун дуу?!
Аар Айыы Ойууна,
Ааттаһан-көрдөһөн эрэбин!
Ыар аньыы ыга түһэн,
Ыарахаҥҥа тэппэтин!
Сэт-сэлээн ааҕыллан,
Дьай-дьаҥха булбатын!
Куһаҕан куудьуйбатын!
Ыарыы ыксаласпатын!
Быртах-быдьар былаабатын!
Аламай Маҥан Халлаантан
Айыы сарыала
Арылыйан кэллин!
Үрүҥ күн анныттан
Үрдүк Күүс үрүлүйэн кэллин!
Айыым дьоно!
Аттыгыт сырдаатын!
Тулаҕыт сандаардын!
Күлүккүт сырдаатын!
Эккит-хааҥҥыт чэгиэрдин!
Өйгүт-санааҕыт үрдээтин!
Ыар санааҕыт ырааттын!
Сырдык эйгэ баһыйдын!
Куһаҕан санааҕыт сүттүн!
Түктэри быһыыгыт туораатын!
Быстах быһыыгыт тохтоотун!
Ымсыы санааҕыт ырааттын!
Ордугумсах санааҕыт сүттүн!
 

Хас биирдии үҥээччи чуолкайдык саҥаран, ити ыҥырыллыбыт Аар Айыылар ааттарын ааттыыр уонна аньыытын-харатын чуолкайдык этэн туран, кинит-тэн ону арааралларын көрдөһөр, аны төһө кыалларынан аньыыны-хараны оҥор-боппун диэн эрэннэрэр.

Айыы Ойуунун алгыһа:

 
– Үөһээ Сырдык Аар Айыылар
Үтүө харахтарынан көрдүлэр,
Аламай Маҥан Халлаантан
Айыы сарыала кэлэн бүрүйдэ,
Араҕас Айыы сардаҥаларынан
Айыым дьонун
Аньыыларын-хараларын
Антах үтэйдэ!
Абыраата, арчылаата,
Араҥаччылаата, алҕаата!
Ньуурдуун тубустугут,
Сирэйдиин сырдаатыгыт,
Хаанныын ырааһырдыгыт,
Өйдүүн үрдээтигит,
Эттиин чэгиэрдигит!
Ийэ Куккут
Искитигэр бигэргээтэ!
Буор Куккут бухатыйда!
Салгын Куккут сандаарыйда!
Сүргүт сүрэххитигэр
Сүүнэ улуу күүстэннэ!
Тулалыын ырааһырдыгыт,
Эйгэлиин эриэ-дэхси буоллугут!
Аньыыларгыт арахтылар!
Дьайдаргыт дьалбарыйдылар!
Сэт-сэлээн сүттэ!
Домм! Домм! Домм!
 

Иккис Домм! Үрүҥ Аар Тойоҥҥо үҥүү-сүгүрүйүү.Куту-сүрү бөҕөргөтүү
Айыы Ойууна:

 
– Уу харахтаах
Улаҕатын булан көрбөтөх
Улуу көмүс уоруктаах,
Хаптаҕай тыллаах,
Татым аналлаах
Таба ааттаабат
Улуу кистэл ааттаах,
Босхо бастаах
Бороҥ урааҥхай
Бодуйан көрбөт
Үрдүк Күлүм бэйэлээх
Атааннаах Аар Тойон!
Үрдүк аатыҥ
Үйэлэргэ өлбөөдүйбэт,
Албан аатыҥ
Аан Дойдуга аатырар,
Кэрэ аатыҥ
Киэҥ сирдэргэ тарҕыыр,
Дьиҥнээх аатыҥ
Дьиэк киирбэт кистэлигэр тутуллар,
Үгүс үйэлэргэ
Үрдүк Аар Айыыларга
Үрүҥ Аар Тойонунан
Айыы аймаҕа ааттыыр.
Ааккын-суолгун этэн,
Үҥэн-сүктэн, үгүстүк сүгүрүйэн туран,
Сиик тыыннаах Сир дьоно,
Охтон баранар оттоох-мастаах,
Уолан баранар уулаах,
Мутугунан быраҕар
Муҥур үйэлээх,
Босхо бастаах бороҥ урааҥхайдар
Бокуйан туран үҥэммит
Көрдөстөхпүт буоллун!
Арҕаһыттан тэһииннээх
Айыы аймахтарын,
Көхсүттэн тэһииннээх
Күнүм улууһун дьоннорун,
Күрүөх-билэ үөскээбит
Күндү ыччат дьоммутун
Айыы күүһүнэн араҥаччылаа!
Аламай Маҥан Халлаантан
Араҕас сарыаллаах
Айыы күүһүн арылытан
Аҕалан, алҕаа, арчылаа!
Үрүҥ Күн анныттан
Үрүҥ үтүө күүһү
Үрүлүтэн аҕалан,
Көмүскээ! Харыһый!
Кут-сүр ыһыллан
Күнүм дьоно сүппэтиннэр!
Аам-дьаам аргыйан,
Алларааттан албаҕадыйан,
Албын тыына киирэн,
Айыым дьоно аймамматыннар!
Ийэ Куппут
Эрэйдэммэккэ-муҥнаммакка
Эппитигэр-хааммытыгар
Күүскэ бигэтик тутулуннун!
Ыарыы төрдө ыксаласпатын!
Ыарыыны ыыппатын!
Ийэ Кукка суоһаабатын!
Туспа ыарыы булбатын!
Атын ыарыы ааҥнаабатын!
Куһаҕан ыарыы куудьуйбатын!
Албас ыарыы адаҕыйбатын!
Айыым дьонун
Атааннаах Аар Тойон абыраа!
Буор Куппут бухатыйдын!
Босхо, күүскэ буулаҕадыйдын!
Бойумнук күүһүрдүн!
Бухатыырдыы күүһү иҥэриннин!
Салгын Куппут
Сандаарыйа ырааһырдын!
Саһарҕалыы кыыстын!
Сарыал тэҥэ күндээрдин!
Айыы сарыала бүрүйэн,
Чаҥкыныыр чаҥ алтан куйах буоллун!
Күн күүһэ көмүскээн,
Күлүмнүүр көмүс куйах буолан,
Күндээрэ бүрүйдүн!
Күүстээх тыллаах кыайбатын!
Ох тыллаах охторботун!
Алдьатар тыллаах эппэтин!
Сиир тыллаах сээбэҥнээбэтин!
Кырыыс тыллаах кыбыллыбатын!
Өлөрөр-өһөрөр тыллаах,
Өһөх санаалаах өрөгөйдөөбөтүн!
Айыы нуһараҥ
Аан Дойдуга сатыылаатын!
Улуу нуурал
Орто Дойдуга олохтоннун!
Уруй-туску! Уруй-айхал!
Домм! Домм! Домм!
 

Үҥээччилэр:

 
– Айыы сарыала!
Аламай Маҥан Халлаантан
Арылыйа сырдаан кэлэн,
Уу дьулайбытыттан
Уйуктаах уллуҥахпытыгар диэри
Эппитин-хааммытын,
Бухатыйбыт Буор Куппутун
Бөҕөргөтөн, бигэтитэн биэр!
Ийэ Куппут
Илэ-бааччы иэйэр күүстэннин!
Эппитигэр күүскэ тутулуннун!
Илэ сүүрэр илиэһэйдэр,
Идэмэрдээх атын күүстэр
Илдьэ барбаттарын курдук,
Үрүҥ Аар Айыылар
Эттэхтэрэ, дьаһайдахтара буоллун!
Салгын Куппут салыйбатын!
Сандаарыччы ырааһырдын!
Үөһэттэн, үрдүктэн,
Үрүҥ Күн анныттан,
Үтүө үрүҥ күүс
Үрүлүйэ сырдаан кэлэн,
Айыы сарыалыныын
Уу дьулайбытынан киирэн,
Эт мэйиибититтэн саҕалаан,
Экчи барытын
Эбэн, күүһүрдэн бөҕөргөтүҥ!
Дэҥ-оһол дэҥнээбэтин,
Быстах былаҕай былдьаабатын,
Суол быһылаана булбатын,
Астан алдьархай ааҥнаабатын!
Алҕас түбэлтэ алдьаппатын!
Атын албас алларыппатын!
Үс Куппут бөҕөргөөтүннэр!
Сүрбүт күүһүрдүн!
Куппут хаата куртахпыт,
Сүрбүт хаата сүрэхпит
Өрүү чөл буоллуннар!
Уһун кэмҥэ бөҕө буоллуннар!
Домм! Домм! Домм!
Үҥээччи тиэкиһи барытын ааҕан биэрэр.
 

Үһүс Домм! Ыарыылартан эмтэнии

Үҥээччилэр истэригэр ботугураан үҥэллэр.

Айыы Ойууна:

 
– Үтүөттэн үтүө,
Үрдүктэн үрдүк,
Бастыҥтан бастыҥ,
Айыыттан Айыы,
Толууттан толуу,
Мааныттан мааны,
Дьайыылаахтан дьайыылаах,
Эмчиттэн эмчит,
Күлүмүрдэс таҥастаах,
Күннүү ыраас,
Үс Дойду үтүрүллүбэт үтүөтэ,
Үрдүк дьүүллээх
Үрүҥ Аар Тойон!
Орто дойдуга олорор
Босхо бастаах бороҥ урааҥхай,
Мутугунан быраҕар үйэлээх
Бороҥ урааҥхайдар
Ыалдьан-сүтэн ыксаан,
Дьаҥ-дьаһах дьаныйан,
Эт-хаан мөлтөөн,
Көҕүс кыараан көрдөһөн эрэбит!
Күүстэ-уохта салҕаа!
Күдэн күүспүтүн чөллөө!
Алларыйбат күүспүтүн алҕаа!
Мутугунан быраҕар муҥур үйэбитин
Мутук устата уһатан биэр!
Бу үйэбитигэр чэгиэн-чэбдик
Буулаҕалыы үөрэ сылдьарбытыгар,
Буор Куппут бухатыйарыгар
Ыарыыны-сүтүүнү ыраах үүр!
Дьаҥы-дьаһаҕы дьалбарыт!
Дэҥи-оһолу туорат!
Сэриини-иэдээни тохтот!
Айыы сарыалынан абыраа!
Күн күүһүнэн көмүскээ!
Уу дьулайбытынан
Уйуннара үктэнэн турар
Уллуҥахпытыгар диэри
Өлбөт мэҥэ уутунуу эмтээ!
Эт мэйиибитин чэгиэрт!
Тымырын-сыдьаанын
Аахтара бөҕөргөт!
Өйдүүр өйбүтүн үрдэт!
Саныыр санаабытын сайыннар!
Баспыт ыалдьыбатын,
Мэйиибит нүөлүйбэтин,
Сүнньүбүт чэгиэрдин,
Буулаҕалыы күүһүрдүн,
Күүс тымырдар күүһүрдүннэр!
Тирии, эт-хаан ырааһырдын!
Айыы күүһэ салгыы баран
Толуу агдабытын,
Тойон болуо сүрэхпитин,
Тыынар тыҥабытын,
Тыҥабыт тыыннарар быатын,
Муос хабарҕабытын,
Модуннук саҥарар кылын,
Аһыыр куолайбытын
Эмтээтин!
Чэгиэртин!
Күүһүртүн!
Испитигэр тиийэн
Куппут хаата – куртахпытын,
Быарбытын, үөспүтүн,
Таалбытын, ноорбутун,
Сиспит үөһүн, очоҕосторбутун,
Суон оһох оһоҕоспутун,
Бүөрбүтүн, хабахпытын,
Бары сүрүн тутулуктарбытын,
Аһаан, аһы иҥэринэн,
Аан Дойдуга киһи буолар
Бары оҥоһуктарбытын
Эмтээтин!
Үтүөртүн!
Абыраатын!
Өттүкпүтүн, сиспитин,
Илиилэрбитин, атахтарбытын,
Сүрүн күүс быччыҥнарбытын,
Иҥиирбитин-ситиилэрбитин,
Сүһүөхпүт уутун, сүүрэр хааммытын,
Куппутун-сүрбүтүн
Үтүөрт!
Сүүнэ күүстээ!
Түллэр бэйэлээ!
Домм! Домм! Домм!
 

Үҥээччилэр бары тохтоон тура түһэллэр. Онтон бары олбохторугар тобуктууллар уонна сүрүн эрэйдиир ыарыылара үтүөрэригэр көрдөһөллөр. Онтон бары Үрүҥ Аар Тойоҥҥо махтал этэллэр:

 
– Үрдүк дьүүллээх
Үрүҥ Аар Тойон
Үтүөнү оҥордо,
Үчүгэй хараҕынан көрдө.
Үтүөртэ, чэгиэртэ!
Үрүҥ тыыммытын өллөйдөөтө,
Хара тыыммытын харыһыйда!
Чэгиэрдибит, үтүөрдүбүт!
Ыарыыларбыт ыраах бардылар,
Дьаҥ-дьаһах дьалбарыйда,
Харыс устата халбарыйдылар,
Уллуҥах устата уларыйдылар,
Атын сирдэринэн,
Туспа ыллыктарынан
Бардылар, сүттүлэр, тэйдилэр!
Үрдүкү Аар Айыыларга
Үтүө махтал буоллун!
Кэлэр үрдүк үйэлэргэ
Кэрэ кэпсэл буоллун!
Уһун үйэлэргэ
Уруй-тускул буолуохтун!
Айхал-мичил!
Уруй-тускул!
Арчы-араҥаччы!!!
 

Төрдүс Домм! Дьон куһаҕан санааларыттан,кырыыһыттан төлөрүйүү
Айыы Ойууна:

 
– Үрдүк эйгэ
Үтүө Баһылыга,
Муҥура суох эйгэ
Муҥутуур Тойоно,
Бараммат куйаар
Бастыҥ Дьүүлдьүтэ
Үрүҥ, Сырдык эйгэ
Үрдүк быһаарааччыта
Үрүҥ Аар Тойон!
Күҥҥэ тэҥнээх Күн Күбэй Хотун!
Оҥоһуулаах Одун Хаан!
Ыпсарыылаах ыйаахтаах Чыҥыс Хаан!
Дьылҕаны ыйар Дьылҕа Тойон!
Сүдү Күүстээх Сүҥ Дьааһын Тойон!
Хотуулаах санаалаах Хотой Айыы!
Улуу Суруксут Уһун Дьурантаайы!
Абыраллаах Ала Мылахсын Хотун!
Уордаах Күрүө Дьөһөгөй Тойон!
Иэйиилээх Эдьэҥ Иэйэхсит!
Алгыстаах Ахтар Айыыһыт!
Бэттэх көрөн мичик гынан,
Үтүө хараххытынан көрөн,
Үчүгэй быһыыгытынан биллэн,
Үрүҥ тыыммытын өллөйдөөҥ!
Хара тыыммытын харыһыйыҥ!
Көрдөһөр көрдөһүүбүтүн ылыныҥ
Диэммит үҥэн-сүгүрүйэн эрэбит!
Аламай Маҥан Халлаантан
Айыы күүһүн ыытаҥҥыт,
Үрдүк модун Халлаантан
Үрүҥ күүһү аҕалаҥҥыт,
Тулабытын ыраастааҥ!
Аҕыс өттүбүтүттэн араҥаччылааҥ!
Тоҕус өттүбүтүттэн көмүскээҥ!
Аллараттан аргыар аргыйбатын!
Үөһэттэн үргүөр үргүйбэтин!
Атах анныттан
Алдьархай тахсыбатын!
Илин халлаан
Итиитинэн илгийдин!
Айыы күүһэ
Алгыһынан абыраатын!
Күн күүһэ
Көмүскэлинэн көрдүн!
Аан Дойдубут
Алҕаатын-силээтин!
Аар Айыылар алҕаатыннар,
Амарах харахтарынан көрдүннэр,
Арчылаатыннар! Араҥаччылаатыннар!
Атын дьон албас санаалаах
Аньыардаах кырыыстарын,
Дьаныйбыт дьаныардарын,
Куһаҕаны оҥорон,
Кэннибитигэр кэнчиэ,
Иннибитигэр инчиэ,
Ойоҕоспутугар ончуо
Бырахпыттарын,
Кэйээриҥнээбиттэрин,
Кэнчиэлээбиттэрин,
Ордугурҕаан ончуолаабыттарын,
Бэрт былдьаһан,
Бэлэстэрин бэтиэхэтинэн
Бэллигирээбиттэрин,
Үҥүү-батас тылынан
Үөҕэн саҥарбыттарын,
Туоратан, туора көрөн,
Тумустарын тоһуйбуттарын,
Кэннибититтэн кэнийэн,
Холуннаран хомуруйан,
Хойохтоох санааларынан
Хоһохтообуттарын,
Өһөхтөөх санаалаахтар
Өлөрө-өһөрө сатаан,
Өрөгөйдөөрү
Өлүү суолугар
Тэбэ сатаабыттарын,
Хоп-сип ыытан
Хотон, дьиэ аайы
Хобугунаспыт буоллахтарына,
Олохтоохтук быһаарбакка,
Ойоҕоһуттан одуу быһан,
Оройдорун үөһэ тутан олорон,
Сиилээбиттэрин, саҥарбыттарын,
Атын омуктар албастарынан
Алдьата-сүтэрэ сатаабыттарын,
Аныгы кэм араас албаһынан
Алкыйан-булкуйан,
Амырыын санааларынан
Аллараа тэбэ сатаабыттарын,
Була сатаан
Буочардарын тупсарынан
Бугуһуйан олорон,
Буугунуу кыыһыран
Бучурҕаччы суруйан,
Үҥсүбүттэрин-харсыбыттарын,
Алдьархайы, аамы-дьаамы
Анаан ыҥырбыттарын,
Хара санааларын
Хараҥарда ыаһырдан олорон,
Хараны, куһаҕаны
Хабарааннык санаабыттарын
Барытын биһигиттэн
Букатыннаахтык тэйитэн,
Атын сирдэринэн
Атаардаххыт,
Туспа суолларынан
Утаардаххыт,
Уллуҥах устата уларыттаххыт,
Харыс устата халбарыттаххыт,
Төннүбэттик төлөрүттэххит
Буоллун дуу!
Былыргы сахтартан,
Урукку кэмтэн,
Дьүөһүн саҕаттан,
Өбүгэ кэмиттэн
Батыһар, арахпат
Кырыыс-таныар
Баар эбит буоллаҕына
Ол ыйыллыбытын ыһыгыннарыҥ!
Баайыллыбытын бурайыҥ!
Иҥмитин илбийиҥ!
Туомтаммытын төлөрүтүҥ!
Куһаҕан тыл иҥмэтин!
Кэйээриҥ кэлбэтин!
Дьай арахтын!
Ыар ыксаласпатын!
Үтүө, үрүҥ кыайдын!
Аар Айыылар алҕаатыннар!
Күн күүһэ көмүскээтин!
Домм! Домм! Домм!
 

Үҥээччилэр бары:

 
– Аар Айыылар абырааҥ!
Алгыс күүһэ кыайдын!
Айыы Ойуунун
Абыраллаах
Алгыс-Доммо
Арчылаатын!
Алҕаатын!
Абыраатын!
Араҥаччылаатын!
Айыы күүһэ,
Күн көмүскэлэ!
Уһун үйэлээҥ!
Бигэ ыйаахтааҥ,
Хотуулаах санаалааҥ,
Үтүө майгылааҥ!
Кырыыс-таныар төлөрүйдүн!
Өрөгөй үрдээтин!
Үөрүү-көтүү кэллин!
Үрүҥ күммүт үрдээтин!
Үрүҥ Аар Тойон көмүскээтин!
Уруй-айхал!
Уруй-тускул!
Намыын-наскыл!
Домм! Домм! Домм!
 

Бэһис Домм! Бэйэни күүһүрдүнүү
Айыы Ойууна:

 
– Үрүҥ Аар Тойон баһылыктаах
Үөһээ Сырдык Аар Айыылар!
Ороһуоллаах уулаах,
Охтон баранар мастаах,
Уолан бүтэр уулаах,
Орто Туруу Бараан Дойдуга
Олорор дьолбутун,
Киһи буолар кэскилбитин,
Урааҥхай буолар оҥоһуубутун
Толорор аналланан
Олох олорорго,
Ону ончу барытын оҥосторго,
Оҕо-уруу төрөтөргө,
Төрүүр оҕону төлкөлүүргэ,
Иитэр сүөһүнү күрүөлүүргэ,
Үтүмэн үгүс үлэни кыайарга,
Өҥүрүк куйааһы туоруурга,
Кырыалаах кыһыны тулуйарга,
Дьолу-соргуну түстүүргэ,
Киэли-бараан дьиэни туттарга,
Ордуу-бараан уйаны оҥосторго,
Оту-маһы буларга,
Күөх быйаҥы баһарга,
Унаар буруону субурутарга,
Иитимньилэри иитэргэ,
Ыччаттары атахтарыгар туруорарга,
Дьиэ кэргэни аһатарга,
Иитэр сүөһүнү үксэтэргэ,
Бэйэбит чэгиэн буоларбытыгар,
Күүс-уох эбинэргэ
Көмөлөстөххүт буоллун!
Эппитин-хааммытын бөҕөргөтөргө,
Быччыҥмытыгар быччыҥ эбэн,
Күүс эттэрбитин күүһүрдэн,
Эппит хас биирдии утаҕынан,
Уҥуохпут куодатынан
Күүс-сэниэ уктаххыт буоллун!
Аар Тойон
Амарах хараҕынан көрдө!
Күбэй Хотун
Күүс-уох киллэрдэ!
Одун Хаан толору оҥоһуулаата!
Чыҥыс Хаан бигэ ыйаахтаата!
Дьылҕа Тойон үтүөнү дьылҕалаата!
Дьурантаайы Суруксут
Улуу Суругу суруйда!
Сүҥ Дьааһын Тойон
Сүдү күүһү биэрдэ!
Улуу Хотой Айыы
Хотуулаах санаалаата!
Уордаах Күрүө Дьөһөгөй Тойон
Уруйдаата, күүһүртэ!
Ала Мылахсын Хотун
Илгэнэн аһатта,
Үрүҥ сөлөгөйүнэн күндүлээтэ!
Эдьэҥ Иэйэхсит имэҥинэн
Имнэннэ, эйэргээһининэн эркиннээтэ,
Ахтар Айыыһыт аргыстаста,
Амарах санааны укта,
Алыстык үөрдэ,
Арылыччы көрдө!
Домм! Домм! Домм!
 

Үҥээччилэр бары:

 
– Улуу Таҥараҕа уруй!
Күн Таҥараҕа махтал!
Үҥэр Таҥараҕа үтүө
Буоллун эминэ дуу?!
Ат тарпат алгыһа буоллун!
Соноҕос тарпат соргута буоллун!
Үрүҥ Күн үөрүүтэ буоллун!
Кэнэҕэс даҕаны
Кэнчээри ыччаттарга
Кэскил кэлэ турдун!
Хойут даҕаны
Үөскүүр ыччаттарга
Үөрүү-көтүү үксүү турдун!
Уруй-тускул!
Айхал-мичил!
Кэрэ кэскил!
Аламай Маҥан Халлаантан
Айыы Сарыала кэлэрин куруук
кэтээн, алҕаан аҕала сатаа!
Элбэх киһи алгыһа
күүстээҕин өйдөө!
Ийэ Айылҕа барыбыт
Ытык Ийэбит буолар.
 

Алтыс Домм! Ийэ Айылҕаны алҕааһын
Айыы Ойууна:

 
Үрдүктэн үрдүк,
Улууттан улуу
Сүдү үйэлэр
Былыргы мөҥүөннэриттэн,
Киһи өйдөөбөт өрдөөҕүттэн,
Урааҥхай улаҕатын көрбөтөх
Быдан былыргытыттан баар
Үс Дойду Үрдүк Баһылыга,
Үрүҥ Көмүс уоруктаах,
Үүс тириитэ өлбүргэлээх,
Өҥүрүк куйаас тыыннаах,
Үгүс үтүө айыылаах
Үтүөкэннээх Үрүҥ Аар Тойон!
Күлүктээх сири көрбөтөх
Күн Күбэй Хотун!
Оҥоһуулаах-айыылаах
Одун Хаан!
Ыһыллыбат ыйаахтаах
Чыҥыс Хаан!
Дьылҕаны этэр, дьылҕалыыр
Дьылҕа Тойон!
Улуу Суруксут, Сүдү үөрэх төрдө
Уһун Дьурантаайы!
Сүллэр этиҥ доҕуһуоллаах,
Сүдү түллэр күүстээх
Сүҥ Дьааһын Тойон!
Улуу көмүскэс күүс,
Айыы дьонун көмүскэлэ
Улуу Хотой Айыы!
Уохтаах-кылыннаах,
Уол оҕо бэлэхтээх,
Күн Дьөһөгөй оҕотун таҥарата
Уордаах Күрүө Дьөһөгөй Тойон!
Уйгуну-быйаҥы олохтооччу,
Хонуу, хордоҕой тухары
Хоноҕор муостааҕы
Хотуулаахтык хотолуппут,
Алаас, сыһыы аайы тоҕуоруппут,
Айыы дьонун аһаппыт,
Ааттаах-суоллаах
Ала Мылахсын Хотун!
Эйэлэһиннэрэр-иллэһиннэрэр,
Иҥээҥнэтэр-таптатар,
Икки атахтааҕы элбэппит,
Эдьэҥ-ходьоҥ хаамтарбыт,
Эйэлээх бэйэлээх
Эдьэҥ Иэйэхсит!
Айыы дьонун абыраабыт,
Күн дьонун үксэппит,
Айыы-намыһын дьайыылаах,
Төрүүр оҕо төлкөһүтэ,
Аламаҕай бэйэлээх
Ахтар Айыыһыт!
Этэр тылбын
Истэ сэргэҕэлээҥ!
Саҥарар саҥабын,
Саарбахтыыр санаабын
Сааһылаан саҥардым дуу…
Эстэр тэргэнтэн саҕалаан
Икки атах дэлби тэбэр күүһү
Иннигэр-кэннигэр, быттыгар-хонноҕор,
Укта сылдьан үөрэтэн-чинчийэн,
Ону күүс-уох оҥостон,
Уотунан уһуурар,
Күдэнинэн күпсүүрэр
Күүһү-уоҕу булунан,
Орулуур уохтаах,
Ураты алдьатыылаах,
Илэ абааһы оҕустарын айан,
Сири сиксигинэн сиэлийдэ,
Күөллэри көмтө,
Күөх тыаны күдэн-таһаан оҥордо,
Көмүс уулары
Күлүгүрдэ киртиттэ,
Ыраас ууларга
Ыыр-дьаар сыттаах
Быртаҕы кутта,
Хайалары хампы сыста,
Хонуулары, тыалары хоруо оҥордо,
Сыһыылары, сыккыстары,
Көмүс үрүччэлэри,
Көҥүс үрэхтэри,
Үлтү кэстэ, быдьары кутта,
Былдьырыыт да түспэт
Былыр үйэҕэ сытыйбыт
Быллаардаах маарга кубулутта.
Былырыыҥҥы үтүө сири
Быйыл билбэтиҥ курдук оҥордо.
Аал Уот иччитэ
Хатан Тэмиэрийэ кэлэйдэ,
Аан Дойду иччитэ
Аан Алахчын Хотун киэр хайыста.
Икки атах
Сири сиксигинэн сиэллэ,
Аан Дойдуну
Араас албас көлөнөн анаарда,
Төрөөбүт тылын, дойдутун,
Төрүт даҕаны култууратын
Төлкөлүүр курдук сананна,
Айманна-сайманна,
Алыстык сананна,
Адьаһын букатын
Анал олоҕун умунна,
Астыыр аһын даҕаны
Араас суруктан
Ааҕан оҥордо,
Дьиэтин, таҥаһын сууйарыгар
Дьикти элбэҕи аахта,
Олохтон тэйии
Олуһун киирдэ,
Үп-харчы үлүскэнэ
Үгүс үтүөнү хараарта,
Соло-дуоһунас былдьаһыыта
Сокуоннай көстүү буолла.
Тоһоҕору маска,
Тоһоҕону сиргэ
Тоһумурдаан сатаан саайбат
Тот дьон үөскээтилэр,
Оту охсубат, маһы кэрдибэт,
Сиртэн бууту көтөхпөт,
Үлэ диэни кэрэхсээбэт
Көл-дааргы дьон көппөстүлэр.
Күүлэй тэбэн, күнү ыытан,
Күөххэ тахсан көччүйэн,
Кырдал сиргэ уот оттон,
Көрдүгэни-иэдээни түһэрэн,
Сымалалаах маһы
Сырылаччы уматан,
Күөх тыаны
Көмөрүнэн көрдөрдүлэр.
Орто Дойду
Охтон баранар маһын
Олуһун аҕыйаттылар,
Уолан баранар уутун
Оргуйар сүлүһүн оҥордулар.
Дьэбиннээх уулаах
Дьүүктэлэр сүүрдүлэр,
Сүлүһүннээх үрүйэлэр, үрэхтэр,
Өлүү уулаах өрүстэр,
Өлөрөр-өһөрөр кутталланнылар,
Өһөҕүрэ-бөлөҕүрэ сүүрдүлэр.
Идэмэрдээх сэби оҥорон
Ийэ сир
Илгэлээх салгыннаах,
Ибиир тыыннаах,
Ийэлии көмүскүүр бүрүөтүн
Илдьи көтөн, ибили сүүрэн,
Идэмэрдээхтик иһилэхтээтилэр.
Үөһээттэн үргүөрү аҕаллылар,
Алларааттан аргыары таһаардылар,
Үрүҥ тыыны өллөйдүүр,
Хара тыыны харыһыйар,
Тыынар-тыыннааҕы
Тыынныыр,
Инчэҕэй эттээҕи
Итии күүстүүр,
Харысхал, көмүскэл,
Хаарыаннаах куйах буолар
Ол Айыы бүрүөнү
Соллоҥноохтук
Суптурута сүүрдүлэр.
Аан Дойду алдьархайа ааҥнаата,
Абааһы дьайа адьаһын билиннэ,
Амырыын быһыы буолла.
Тоҕо манныгый?
Тугуй-ханныгый? – диэн
Тоһумурдаан, санаан көрдөххө,
Ырытан, ырыҥалаан,
Ыпсыытын булан,
Ыйытан да көрдөххө,
Маннык эбит.
Икки атах иҥсэтэ көппүт,
Илиэһэй киниэхэ имнэммит,
Көмүһү көрдөөн көхсө бөгдьөйбүт,
Алтаны көрдөөн алыһын сүүрбүт,
Күндү тааска көөчүктэтэн
Күнү өйдөөбөт буолбут,
Умайар ууну булкуйан
Оронун кытта умнубут,
Тимири көрдөөн тииһигэ киирбит,
Ураны көрдөөн утуйар уута көппүт.
Хорҕолдьуну көрдөөн
Хонук сирин сүтэрбит,
Уртууту булкуйан,
Уҥуоҕа урусхалламмыт,
Платинаны былаан
Былаҕайга былдьаммыт.
Барытын түргэнник
Баһан-сомсон ылаары,
Бас-баттах быһыыламмыт,
Аан Алахчын
Абыраллаах айылҕатын,
Алдьаппыт-садаҕалаабыт,
Күөх ойууру, көмүллүбүт дьону
Күөл, байҕал анныгар киллэрбит,
Ол уутун дьоҥҥо иһэрпит,
Дьааты, сүлүмэни
Борсоон туран куппут, симмит.
Атомы кытта эһэн,
Алдьархайы таһаарбыт,
Радиациянан айыы дьонун
Алдьатан-ньамньыратан,
Адьаһын өлүүгэ аҕалбыт.
Иһэр уу сүһүрдэ,
Тыынар салгын саппаҕырда,
Бултуур булт баранна,
Дьиэ сүөһүтэ эһиннэ,
Ойуур тыабыт умайда,
Олох-дьаһах сатарыйда,
Отуора олустук айманна,
Айыы аймаҕын
Аһатар илгэ сүттэ.
Быһыы-майгы алдьанна,
Быдьар үөхсүү сатараата,
Быстыы-ойдуу ыкта,
Быата-туһаҕа суох барыы буолла.
Бүтэһик үйэ буолла дуу?!
Быстар үйэ быкта дуу?!
Өһөхтөөх үйэ өрөгөйдөөтө дуу?!
Албын-көлдьүн ааҥнаата дуу?!
Сиэмэх бииһэ
Сири сиирэ кэллэ дуу?!
Абааһы бииһэ
Адаҕыйар күнэ буолла дуу?!
Илиэһэй бииһэ
Эккириир кэмэ үүннэ дуу?!
Аан Айылҕа
Аны хайдах тиллэр?!
Ийэ Айылҕа
Иккистээн хайдах өрүттэр?!
Саппаҕырбыт салгын
Салгыы хайдах ырааһырар?!
Сүлүһүннэммит сүүрүктээх
Сүлбэлэр, үрэхтэр, өрүстэр
Аны хаһан
Айыы тыыннаах минньигэс ууланаллар!
Хаһан, хайдах барыта көнөрүй?
Айыы дьоно
Хайдах гынан, тугу тобулан,
Тугу кыайан, тугу туоратан,
Киһилии олорор кыахтаналларый?!
Ийэ Сир
Иитэр илгэтэ
Иккистээн хайдах чөллөнөр?!
Өлбөт мэҥэ уу тыыннанар?!
Сэрэхтээх бэйэлээх
Сэрии сэбэ-сэбиргэлэ оҥоһуллан,
Сир Ийэ сиксигин
Сиритэ көтөн сиирэ, алдьатара буолла.
Этиҥнии ньириһийэр,
Аан Дойдуну айгыратар
Амырыын тыас-уус
Айыы дьонун
Аҕыйах кэмниир буолла дуу?!
Киэбирбит дьон
Киибэстэрэ киирэн,
Кыра-хара дьон
Хара хааннарын халыттылар,
Өһөх хааннарын
Өрүстүү сүүртүлэр.
Улуу буомба эһиннэ,
Улаҕата көстүбэт иэдээни оҥордо,
Дьон-сэргэ дьолун быста.
Сэрии сибиэнэ
Сэргэстэһэ хаамта,
Ыар олох тыына
Ыксалаһа сырытта.
Дьээ, эрэ, дуу тугуй?!
Аламай Маҥан Халлаантан
Айыы сарыала
Арылыйан кэлэн,
Алдьаммыт-кээһэммит
Аан Ийэ дойдубутун
Абырахтаан, алҕаан-силээн,
Арчылаан, араҥаччылаан,
Айыы улуу күүһүнэн бүрүйэн,
Атааннаах Аар Тойон
Анал дьаһалынан
Абыраатын! Айгыраабыт
Аан Ийэ Дойдубун
Айыы абыраллаах күүһүнэн
Аҥаардастыы да тутан,
Айан-тилиннэрэн, алҕаан-силээн,
Абыраатаҕа буоллун дуу, доҕоттоор!!!
Саппаҕырбыт салгыммыт
Сандаара ырааһырдын!
Көҕөрө көлбөҕүрбүт
Сүлүһүннээх ууларбыт,
Сүүрүгүрдэр, күлүмүрдүүр,
Көмүскүүр ыраас ууларга
Кубулуйан, тупсан
Күнүм дьонун
Күөмэйдэрин ырааһыртыннар,
Көхсүлэрин кэҥэттиннэр!
Сандаара ырааһырбыт
Салгыммыт сайа охсон кэлэн,
Санаабытын күүһүртүн,
Тыыммытын кэҥэттин!
Улуу хонууларбыт
Уолбат-быстыбат
Ууруу көмүс быйаҥынан долгуйдуннар.
Күөх тыабыт
Көҕөрө нүөлсүйэн,
Көй үгүс булду хорҕотон,
Көмүс күөмэйдээх
Күндү чыычаахтарын ыллатан,
Көрүлүүр-нарылыыр,
Күн сиригэр көччүйэн олорор
Күннэрбитин уһаттыннар!
Хонуу, хордоҕой аайы
Хороҕор муостаахтар
Хотуулаахтык үөскээтиннэр!
Сыһыы, толоон аайы
Сыспай сиэллээхтэр
Суол сиргэ баппаттыы
Субуруһа сүүрдүннэр!
Уйгу-быйаҥ үксээтин!
Баһар быйаҥ барҕардын!
Быстах аайы сыа,
Бастах аайы арыы буоллун!
Сир ньуура эмтэннин!
Орто Дойду ньуура остун!
Иэдээн иэнигийбэтин!
Алдьархай булбатын!
Адьарай уола ааҥнаабатын!
Илиэһэй бииһэ эккирээбэтин!
Сут бииһэ булбатын!
Алдьатар бииһэ адаҕыйбатын!
Сиир бииһэ сэргэлэспэтин!
Өлөрөр бииһэ өрөгөйдөөбөтүн!
Айыым аймаҕа!
Амырыын кэмҥэ
Айманан сүппэтин,
Быстах кэмҥэ
Былаҕайга былдьаппатын,
Иэдээн кэмҥэ иэскэ киирбэтин!
Айыым аймаҕа!
Айыы сарыалынан алҕанан,
Күн күүһүнэн көмүскэнэн,
Аан Дойду араҥаччылаан,
Аар Тойон алҕаан,
Күбэй Хотун көмүскээн,
Одун Хаан оҥоһуулаан,
Чыҥыс Хаан ыйаахтаан,
Дьылҕа Тойон дьылҕалаан,
Дьурантаайы Суруксут суруйан,
Дьааһын Тойон дьалбыйан,
Хотой Айыы хомуйан, түмэн,
Дьөһөгөй Тойон күүһүрдэн,
Мылахсын Хотун быйаҥнаан,
Эдьэҥ Иэйэхсит эҥээрдэһэн,
Ахтар Айыыһыт аргыстаһан,
Атааннаах-мөҥүөннээх
Аан Ийэ Дойдубар
Аны да үгүс үйэлэргэ
Үрүҥ тыына өрүһүллэн,
Хара тыына харыһыллан,
Тыыннаах хаалара буоллун дуу?!
Үрүҥ Аар Тойон
Үтүө дьүүлүнэн,
Одун Хаан оҥоһуутунан,
Чыҥыс Хаан ыйааҕынан,
Үөһээ Аар Айыылар
Үөрүүлээх сөбүлэһиилэринэн
Үрдүктэн, үтүмэн сырдыктан
Үрүҥ тыыннаах,
Өллөйдүүр күүстээх
Өлбөт мэҥэ уута
Үрүлүйэн кэлэн,
Айгыраабыт айылҕабытын
Арчылаатын, эмтээтин!
Тубарсыйбыт дойдубутун
Ибир тыынынан,
Илгэлээх сиккиэринэн
Имэрийэн-томоруйан
Иккиһин тилиннэрдин!
Мөлтөөбүт-ахсаабыт
Эппитигэр-сииммитигэр
Эрчим күүһү уган,
Иккис тыынна киллэрэн,
Чэгиэрдэн, күүһүрдэн,
Чөл оҥорон, дэлэй куҥнаан
Сөҕүрээбэт күүһү уктаҕа буоллун!!!
Өйбүтүн-санаабытын
Үрдэтэн-күүһүрдэн
Үгүс үйэлэргэ
Күлүмнэттэҕэ буоллун дуу!
Туус тукулаан буолбут
Тубарсыйбыт дойдум тубустун!
Аам-дьаам буолбут,
Айгыраабыт Аан Дойдум
Алҕаннын-силэннин!
Мөлтөөбүт-ахсаабыт,
Төннүбүт-уҕараабыт
Төрүт-билэ дьоннорбут
Күүстэрэ-уохтара
Күүрэн-модуннуран,
Өрө түллэн тахсан,
Саҥа үйэлэр арҕастарыттан
Айаас аттыы айаннатан,
Ахсым тэһиини туттуннар.
Быстыбыт салҕаннын!
Умнуллубут уруйданан көһүннүн!
Быраҕыллыбыт быыппастан турдун!
Алдьаммыт абырахтаннын!
Сүлүһүннэммит сүттүн!
Киртийбит ырааһырдын!
Улуу Дойду уһуктан турдун!
Унаар күөх Дойду
Улуутуйа көҕөрдүн!
Ыраас салгын ырааҕынан тэнийдин!
Күлүмүрдэс уу күҥҥэ көччүйдүн!
Айыы дьоно
Аны баттаммат буоллун!
Күнүм дьоно
Күөмчүлэммэт буоллуннар!
Улуу ситим үөскээтин!
Уостубат быйаҥ дэлэйдин!
Уйгулаах олох олоҕурдун!
Уол оҕо уруйданнын!
Кыыс оҕо кыттыстын!
Кырыы харахтаах кынчарыйбатын!
Одуу харахтаах олдьу көрбөтүн!
Орто Дойду олоҕо тубустун!
Улуу Алгыс кэллин!!!
Домм! Домм! Домм!
 

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> 1
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации