Электронная библиотека » Айталина Никифорова » » онлайн чтение - страница 2

Текст книги "Дьолго баҕаран"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 12:40


Автор книги: Айталина Никифорова


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 6 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Туонньа

“Ок-сиэ, бөлүүн хаардаан үллэҥнэппит дии. Тула барыта сырдаабытын, ырааһырбытын көр! Олохпут эҥкилэ суоҕар дылы…” Оҕолор ыарахан рюкзактарын сүгэн, саҥа хаары баһыалаан оскуолаҕа бараллара көстөр. Ыалын калитката аһыллан хаачыргаата – Сибиэтэ маҕаһыыныгар ыксаатаҕа. “Киһи барыта дьарыктаах, үлэлээх-үөрэхтээх. Арай мин бу олоробун…”

Ити ыар санаатын кыйдаары Туонньа түннүктэн тэйэн, иһити-хомуоһу сууйан, тыаһаан-ууһаан барда. Кини төбөтүгэр көтөн түһэр баттык буолбут санааларын таас иһит тыаһынан үргүтээри гынардыы туттар-хаптар.

“…Мин даҕаны мааны үлэлээх, хотун-хаан ахан буола сылдьыбытым. Кэм уларыйбатаҕа буоллар, билигин, арааһа, кырата нэһилиэк баһылыга да буолан олоруом этэ. Баҕар, оройуоҥҥа тиийэ да хотун-хаан буолуом этэ. Оннооҕор буолуохтар тахсан сылдьаллар. Боростуой дьону кытта сатаан кэпсэппэт, күргүөмнээх үлэҕэ кыайан түмпэт, кабинеттарын иһиттэн тахсыбат тойоттор баар буолбуттар. ¥өһэттэн ыйыыта-кэрдиитэ суох хамсамматар. Идея диэн кэлиэ дуо? Оо, мин эбитим буоллар!..”

Туонньа ити санаатыттан ис-иһиттэн абатыйан, көстүрүүлэтин өссө эрчимнээхтик аалан барда. Кырдьык, Антонина Ивановна олорор бөһүөлэгэр биллэр-көстөр киһи. Маннык бэйэлээх хайаан бу кыра дэриэбинэҕэ батан олороруй диэх айылаах. Саҥаран-иҥэрэн, күлэн-салан, киирэн-тахсан кыыс оҕото. Ким хайа иннинэ икки этээстээх дьиэ тутта охсубута. Биир сайын оройуон киинигэр элбэхтик сыбыытаан, хайа эрэ оһуобай дефицити бэрийэр дьахтардыын ылсан-бэрсэн, мутукча күөх өҥнөөх сабыс-саҥа “Жигулины” көтүтэн аҕалан, оҕонньорун уруулга олордон кэбиспитэ. Оччолорго оннук массыына сэбиэттэригэр уонна маҕаһыын сэбиэдиссэйигэр эрэ баара. Туонньаны дьон таһыттан көрөн, санаата туолбут, олоҕор элбэҕи ситиспит дьахтар курдук саныыллара. Оннук да этэ. Баҕардаҕына кимиэхэ барытыгар сөбүлэтэр, тылын ылыннарар эдэр дьахтар сотору үлэтэ-хамнаһа бэркэ табыллан барбыта. Оскуолаҕа алын кылаастар учууталларынан үлэлии сылдьыбыт киһини детсад сэбиэдиссэйинэн оҥорбуттара. Сотору олохтоох сэбиэккэ депутатынан талбыттара.

Киһи-киһи тас көрүҥүнэн эрэ тус-туһунан буолбат. Биһиги бары туспа ауралаах, ураты энергиялаах буоларбыт туһунан ордук кэлиҥҥи кэмҥэ дьүүллээн биллибит. Сорох киһиттэн түргэнник сылайаҕын, биричиинэтэ суох кыыһырыаххын баҕараҕын. Оттон Туонньа ураты тыынынан дьону барытын “иитэр” курдук. Оннук кини көстүбэт күүстээх. Ол иһин атыттар кини тылынан барбыттарын өйдөөмүнэ да хаалаллар. Бөһүөлэк биир да тэрээһинэ Антонина Ивановната суох барбат буолбута. Бэл сэбиэттэрэ “кини туох диирэ буолла” диэн, тиһэх быһаарыныыны ылыммат буолбутун дьон бэлиэтиирэ.


…Таһырдьа атын кэм кэлбитэ. “Дьиикэй ырыынак” кэмэ үүнэн сиэтэ-аһаата диэн айдаан бөҕө айааһаабыта, үгүс түрүлүөн турбута. Элбэх киһи куттанан, бу айдааннаах кэм ааһарын кэтэһэн, сууланан олорбута. Дьон үксэ туох-туох буолан иһэр диэн, улахан сэрэххэ түспүттэрэ. Ол икки ардыгар тыа сирин тутан олорбут совхозтар ыһыллан хаалбыттара. Совхоз баайын үллэстии кытаанах киирсиитэ буолбутугар саҥа кэммит букатыннаахтык кэлбит ээ, быһыыта, диэн тойоннооһун буолбута. Паай былдьаһыытыгар тыын тыыҥҥа туруу кытаанаҕа сатыылаабыта. Ыаллыылар сирдэрин былдьаһан иирсибиттэрэ, аймахтыылар ынах-сүөһү ахсаанын аахсыытыгар хайалара да ордук-хоһу ылбатын кэтээбиттэрэ-манаабыттара. Ол эрээри, буоларын курдук, бу да сырыыга боростуой дьонтон былааска чугас дьон ордон тахсыбыттара. Кинилэр тыал хайа диэки үрэрин түргэнник билэн, совхозтан буор-босхо ылбыт сирдэрин-уоттарын, сүөһүлэрин-сылгыларын, күрүөлэрин-хаһааларын чааһынай хаһаайыстыба диэн ааттаан, кумааҕылаан-таймалаан, сокуоннаан кэбиспиттэрэ.

Антонина Ивановна, биллэн турар, бу итии күннэргэ инники кирбиигэ сылдьыбыта. Сотору оҕонньорун бааһынай хаһаайыстыба салайааччытынан оҥорбута эрэ баара. Сир үчүгэйиттэн быһан ылбыта. Совхоз биир улахан бааһынатын эмиэ бэйэтин анныгар суруммута. Николаевтар биирдэ байа түспүттэрэ. Ыал ийэтэ, кэпсэтиилээх муҥутаан, куоракка киирэн, дьиэ кэргэн экономикатынан дьарыктанабыт диэн, чэпчэтиилээх, өр сыл болдьохтоох бөдөҥ кредити ылан, техника арааһын атыыласпыта. Кинилэр илиинэн оттооһун диэни түргэнник умнубуттара. Оттон босхо төһө ынаҕы, дьиэ кыылын ылбытын ыаллара ситэн аахпат да буолбуттара. Туох да диэбит иһин, рынок кэмэ Антонинаҕа сирэйинэн эргийбитэ. Кырдьыга да, бу – кини курдук дьоҥҥо анаммыт кэм-кэрдии.

“Туһанан хаалыахха наада. Билигин ылан хаалбатахха, хойутуохха сөп. Оо, дьэ, тыаҕа олорорум кыһыылаах даҕаны! Куораттар сытыйа байдылар. Санаатахтарын аайы баантан кредит ылар сурахтара иһиллэр. Ол кредиттэрэ чэпчэтиилээх аатыран, олох да төлөөбөт буолуохтаахтар. £ссө кредиттэ ылыахха. Төннөрбөт курдук туох эмит быыс-хайаҕас баар буолуохтаах…” Маннык былааннаах Тоня аны куоракка элбэхтик сыбыытыыр буолбута. Эдэр сылдьан алтыспыт, комсомол тэрийэр семинардарыгар, конференцияларыгар элбэхтик бииргэ сылдьан билсибит дьонун көмөтүнэн “быыһы-хайаҕаһы” түргэнник булбута.

– Доҕоор, наһаалаан эрэҕин быһыылаах. Харчы бөҕөтүн иэс дии-дии ылаҕын. Хайдах төннөрөбүт? Биһиги курдуктар көлөһүммүтүнэн байыа суохпут… – биирдэ кэргэнэ утуйаары сытан ботугураабыта.

– Тугу да өйдөөбөт буолан баран, саҥарыма! Харчыгын төннөр диэн ким ыххайан эрэр? Эн сүөһүлэргин көрөргүн бил! – диэн Туонньа идэтинэн оҕонньорун айаҕын бүөлээн кэбиспитэ. – Оҕолору үөрэхтиэххэ наада. Билигин улахан бэригэ суох үрдүк үөрэххэ чугаһаппаттар дииллэр. Мин бэйэм туспар буолбакка, оҕолорум инникилэригэр сордонобун ээ!

“Бу киһи муҥкук даҕаны! Аныгы олоҕу адьас өйдөөбөт. Ити атын эр дьон курдук ытырбытын ыһыктыбат, өссө атыттар киэннэриттэн хабыалыыр да киһи буолбат ээ. Ынах кутуругун эрийэн үйэтин моҥуура буолуо. Чэ, ол эрэн, ким эрэ хаһаайыстыбаны тутуохтаах буоллаҕа. Арай кини ити биири кырдьык этэр ээ, быһыыта. Кэтэх хаһаайыстыбанан дьарыктанан байан барыа суохпут. Көлөһүммүт айахпытын эрэ толуйар. Харчыны кут да кут буолабыт да, барыс ыларбыт көстүбэт… Хата, кыргыттар атыыһыттаан харчыны баһан ылаллар быһыылаах. Холонон көрүөх баҕайым дуу?” – бу санаатыттан дьахтар мэктиэтигэр олоро түспүтэ. Кини утуйар уута көппүтэ.

Туонньа аны атыыһыт буоларга кытаанахтык санаммыта. Баантан уочараттаах кредитин ылан баран, атыынан дьарыктаммыттара ырааппыт уоппуттаах дьахталлары кытта Кытайга барсыбыта. Кытай кыра куоратыгар тиийэн, рыноктан оҕо-дьахтар таҥаһын хомуйбута, хаһаайыстыбаҕа наадалаах табаартан эмиэ харбыалаабыта. Сарсыарда эрдэ туран рыноктарыгар тэбинэллэр, киэһэ хойут нэһиилэ саллаҥнаан гостиницаларын булаллар. Хата, таһаҕас тиэйэр анал дьон баар буолан абырыыллар эбит. Аҕыйах харчыга букатын бүтэн барыаххар диэри баулларгын соһо сылдьаллар. Тоня дьахталларын кытта бэркэ тапсан атыыһыттаан, дьиэтигэр төннүбүтэ. Табаарын бөһүөлэк маҕаһыынын атыыһытыгар, ыаллыы олорор Сибиэтэҕэ бырыһыаҥҥа туттарбыта. Кураанахсыйан турбут маҕаһыыҥҥа саҥа, чэпчэки сыаналаах табаар киирбит үһү диэн, дьон үмүөрүһүү бөҕө буолбуттара. Онон Антонина аҕалбыт табаарын үс бүк сыанаҕа батаран, санаата улаханнык көтөҕүллүбүтэ. Барыһын ылаат, өссө барбыта. Дьон буоллаҕына аны Туонньаны ас-таҥас тахсар киһитин курдук көрөн, анаан кэлэн сакаастыыр буолбуттара. Онон аны ырааппакка дьиэтигэр олорон атыылаан абыраммыта.

Бу курдук кини бизнеһэ санаатын хоту баран испитэ. Сотору бэйэтэ маҕаһыын туттарбыта. Бөһүөлэк киинигэр ыраахтан “Антонина” диэн бөдөҥ буукубаларынан сандаарар бэртээхэй маҕаһыын баар буолбута. Билигин Туонньаҥ бэйэтэ атыылаабат. Хамнаска атыыһыт тутар.

Урукку да былааска, билиҥҥи да кэмҥэ миэстэтин булбут Антонина Ивановнаны дьон бары ытыгылыыр этэ. “Кини аһатан-таҥыннаран олорор дии”, – диэн буолара. Тиийиммэттэргэ Туонньа килиэби-саахары иэс биэрэр буолан үгүстэри, кырдьык, абыраабыта. Кини дьадаҥытык улааппыт буолан, элбэх оҕолоох кыаммат ыал ийэлэрин ис дууһатыттан аһынара.

Алта оҕолоох соҕотоҕун хаалбыт ийэтин санаатаҕына тыына кылгаан ылар. Аҕалара төһө да арыгыһыт буоллар, биир кыһын үлүйэн күн сириттэн суох буолбутугар, Туонньа улаханнык аймаммыта. Кини оҕолортон эрэ мөлтөх таҥастаах, наар аччык сылдьыбыт оҕо сааһын умна сатыыр. “Мин оҕолорум баайдык-тоттук олоруохтаахтар” диэн санаа өйүгэр-сүрэҕэр бигэтик иҥэн, билигин кини ыстаал курдук кытаанах, туруоруммут сыалын ситиһэргэ туохтан да иҥнэн-толлон турар санаата суох.

Киһи баҕарбытын барытын күн бүгүн толорон биэрдэххинэ, онно тута кини бу баҕа санаата – барыта буолбатах эбит дии саныаҕа диэн биир философ эппитэ баар. Киһи баҕа санаата – байҕал. Онтун толорор иһин олорор. Ол эрээри харах туолбата диэн эмиэ баар. Антонина Ивановна сөптөөхтүк атаҕар турда эрээри, санаам туолла дии санаабат. Наар киниттэн ордук олорор, куоракка килэйбит-халайбыт коттеджтаах дьоҥҥо ымсыырар аатыгар түспүтэ. Санаатыгар кинилэр – кырдьык байбыт дьон. Аны куоракка үчүгэй дьиэ-уот тэринэр туһунан толкуйга түһэн, уйатыгар уу киирэн, уку-суку сылдьыбыта.

– Туох буоллуҥ? Кэлин санааҥ түспүт курдук ээ, – кэргэнэ Баһылай хараҕын өҥөйөр. Кини Туонньа настырыанньатын сэрэйэ охсор идэлээх. Эрчимнээхтик сүүрэ-көтө сылдьар сэгэрэ бу күннэргэ тугу эрэ умнубут курдук тутта сылдьарын хайдах бэлиэтии көрүө суоҕай. Кини Туонньата бу курдук буоларын сөбүлээбэт. Тута чуҥкуйа түһэр. – Барыта этэҥҥэ буолбат дуо? Аһыыр ас, таҥнар таҥас баҕас баар. £ссө атыттарга бэрсиэхпитин сөп.

– Эн күннээҕинэн олороҕун. Бүгүн иһиҥ тот буоллаҕына – эйиэхэ туох да наадата суох.

– Оҕолор этэҥҥэ сырыттыннар. Уонна эн санааҕын түһэримэ да, миэхэ, кырдьык, атын наадата суох.

– Киһи барыта эн курдук судургу эбитэ буоллар, олох чэпчэки да буолуо эбит.

– Судургубар хотонтон тахсыбат буоллаҕым дии! Сайын үтүөтүн билбэккэ, оттуубун, атыыга хортуоппуй, хаппыыста олордобун. Боростуойум бэрт буолан, үрүҥ харахпын өрө көрбөккө үлэлээн тахсар эбиппин дии! – кэргэнэ эмискэ оргуйан турбута.

– Суох, Вася, эн миигин өйдөөбөтүҥ. Эн үлэлээбэтэххинэ, тыа сиригэр хайдах ыал буолан олоруохпутуй? Эн дьарыгыҥ – ол, миэнэ – атын. Аныгы кэмҥэ олорон биэрбэтэхпитинэ табыллар буоллаҕа дии. Доо, уонна биһиги оҕолорбутугар ким кыһаллыай? Уһуну-киэҥи толкуйдаарыый, – дьахтар тыйыс куолаһа сымныы түспүтэ. Киһитэ сымнаҕас даҕаны, кыыһырдаҕына эһэ тириитин кэтээччи. Ол иһин кыылын уһугуннарымаары Туонньа ньылбаарбыта. – Ол гынан баран тыа сиригэр бүгэн олорор сыыһа дии саныыбын. Оҕолор оскуолаларын бүтэрэллэрэ чугаһаата. Куоракка дьиэ-уот тэринэр туһунан толкуйдуох баара.

– Куорат квартиратын сыанатын хантан ситээри гынаҕын? Арай мас дьиэҕэ сананыахха сөп буолуо.

– Пахай, хаарбах дьиэҕэ барыа суохпун! Харчы эргитэ охсон баран үчүгэй, киэҥ-куоҥ таас дьиэни ылыахха наада. Онтон өссө көстөн иһиэ…

– Эргитэ охсор ээ… Эттэххэ дөбөҥ ини.

– Чэ, ол эн толкуйуҥ буолбатах. Быыс-хайаҕас көстүөҕэ.

Кэпсэтии манан бүппүтэ. Туонньа аны өссө бөдөҥ кредит ылан баран эргитэрин саныы сылдьыбыта. Бөһүөлэгин маҕаһыыныттан ылар барыһа кырата бэрт. Онтун курдат эргитэн иһэр. Ол тохтообот харчы. Харчы быыстала суох эргийэн истэҕинэ эрэ сатанар диэн ырыынак суруллубатах сокуонун тыа атыыһыта бэркэ билэр. Онон саҥа кредит ылан, аны куоракка атыылыыр “туочуканы” булуон наада.

Биир үтүө күн дьахтар оҥостон-туттан баран наар кредит ылар бааныгар тиийбитигэр урукку иэскин төлөөтөххүнэ биирдэ биэрэбит диэн аккаастаан ыыппыттара. Манныгы истэн баран Туонньа соһуйан эрэ хаалбыта. Эмиэ билсиилээхтэринэн сүүрбүтэ.

– Антонина, бу эн хаһан тохтуугун? Мин сөбүн көмөлөспүт курдук саныыбын ээ. Билигин атын кэм. ¥п-харчы кытаанах хонтуруолга киирэн эрэр. Онон көмөлөһөр кыаҕым аны суох, – диэн хас тылын ыйааһыннаан эрэрдии сыыйбыта эрэммит үрдүк сололоох киһитэ.

Баан биэрбэт буоллаҕына ханнык эмит баай тэрилтэттэн көрдөөн көрүөххэ сөп. Туонньа дьону абылыыр бары сатабылын киллэрэн, аны биллэр-көстөр тэрилтэ салайааччыларынан сүүрбүтэ. ¥үнэн эрэр коммерсант дьахтары өйүүр дьон көстүбүттэрэ. Онон улахан эрэйэ суох үбү-харчыны булан эмиэ айаҥҥа туруммута. Бу сырыыга Москубаҕа баран, бүтүн вагонунан табаары тиэйбитэ. Дьокуускай кэлиилээх-барыылаах, элбэх киһи аалыҥнаһар автовокзал оройуонугар кыра маҕаһыыны куортамнаан, үлэтин-хамнаһын саҕалаабыта. Биллэн турар, кини тыа маҕаһыынын курдук буолбатах. Табаара хамаҕатык атыыланар. Ол эрээри итирик-кутурук, хаамаайы дьон сүгүн үлэлэппэттэр эбит. Олортон көмүскэнэргэ анал киһи тутуохха наада дии саныы сырыттаҕына, биир хараҥа күһүҥҥү киэһэ тирии кууркалаах, биир кэм ыстаан дьаллаҥнаабыт уолаттар көтөн түспүттэрэ.

– Биһиги эйиэхэ “крыша” буолуохпут. Киэһэ аайы киирэр үпкүттэн сүүрбэ бырыһыанын биһиэхэ отстегивайдаан иһиэхтээххин!

– Оччоҕуна ити үлэбэр мэһэйдиир бырадьаак дьонтон көмүскүөххүт дуо?

– Олор диэн букашкалар буоллаҕа дии. Оннооҕор буолуохтан крышалыахпыт!

– Арай мин аккаастыым?

– Оччоҕуна манна үлэлиэҥ суоҕа. Бу биһиги миэстэбит. Маҕаһыыныҥ манна турарын иһин төлүөхтээххин. £йдөөтүҥ дуо?!

Бу курдук Туонньа аны “крышаламмыта”. Уолаттара күннээҕи үлэтигэр олох да көмөлөспөттөрө. Арай кассаны сабар саҕана ойутан кэлбиттэрэ эрэ баар буолар. Дьахтар абатыйдар да, тулуйарыгар тиийэрэ. Атын коммерсаннары кытта кэпсэтэн көрбүтэ, кырдьык, бары араас “крышалаахтар” эбит. Чэ, баҕар, ыксалга наада буолуохтара дии санаан, киирбит харчытыттан, ыарахан санаалаах да буоллар, төлүү сылдьыбыта.

…Хайдах барыта түөрэ-лаҥкы барбытын Туонньа кэлин анааран көрө сатыыр да, кыайан өйдөөбөт. Арааһа, олоххо ханнык эрэ биллибэт күүс баар быһыылаах. Эн былааннаабытым курдук олоробун дии саныыгын да, оннук буолбатах. Киһи диэн бу түгэҕэ биллибэт куйаарга ханнык эрэ кыракый харамай кэриэтэ мөлтөх буолар эбит! Дьылҕа хааҥҥыттан куоппаккын диэн былыргылар сөпкө да эппиттэр. Туонньаҕа урут маннык санаалар киирбэттэр этэ. Кини тус эрэ күүһүгэр эрэнэр, ылыстахха хайаны да хамсатыах курдук санана сылдьыбыт бэйэтэ кута-сүрэ тостубут курдук буолбута. Ол төрүөтүнэн ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии ааҥнаабыт алдьархай буолбута. Биир хараҥа киэһэ Туонньа маҕаһыына умайан күүдэпчилэммитэ. Туох баар табаарын, малын-салын кыһыл бөтүүк имири соппута. Ол баһаары кытта кини эрэлэ эмиэ умайбыта. “Поджог” диэн түмүк оҥоһуллан, холуобунай дьыала тэриллибитэ. Ол гынан баран, буруйдаах көстүбэтэҕэ. Силиэстийэ тоҕо эрэ уота-күөһэ суох барбыта. Туонньа куораты бүтүннүү туруоран, сүүрбүтэ-көппүтэ буоллар, баҕар, дьыалата хамсыа эбитэ буолуо. Ол эрээри кини күүһэ-уоҕа ууллан хаалбыт курдуга.

Бааһырбыт кыыл арҕаһыгар киирэн күүһүн мунньунарын курдук, Туонньа дойдутугар тиийэн дьиэтигэр бүкпүтэ. Ыар санааҕа ылларан, бэл көрүҥнүүн дьүдьэйбитэ. Кини үлүгэр иэскэ киирбитин санаатаҕына куйахата күүрэрэ. Онтун хайдах төннөрүөн өйө хоппот. Сотору иэстээх дьоно сүгүн олордубат буолбуттара. Төлөпүөнэ букатын умайан олорорун быһа баттаан кэбиспитэ. Аны дьоно дьиэтигэр кэлэн кытаанахтык ирдээн барбыттара.

– Хайдах төлөөбөт буолуомуй? Тулуйа түһүҥ. Табаарым эргийдэҕинэ, харчы киириэхтээх. Аныгы нэдиэлэҕэ хайаан да төлөһүөм.

– Маҕаһыыныҥ умайбытын билэбит. Ол эн проблемаҥ. Аныгы нэдиэлэҕэ төннөрбөтөххүнэ, атыннык кэпсэтиэхпит, – диэн өрө көрбүт уолаттар сааммыттара. Кинилэр кэннилэриттэн аны баан үлэһиттэрэ кэлэн барбыттара. Ол кэнниттэн атын иэс ылбыт тэрилтэтин дьоно…

Туонньалаах быстыахтара дуу, ойдуохтара дуу? Кэргэнин кытта сүбэлэһэн баран сүөһүлэрин толук уурбуттара. Ол да сөп буолбатаҕа. Аны ордубут маҕаһыынын атыылыырга күһэллибитэ. Аймахтарын, билэр дьонун кэрийэн харчы иэс көрдөөн сүүрбүтэ-көппүтэ. Баайын-дуолун эһэн туран иэһин сороҕун саппыта. Атынын харчы иэстээн төлөспүтэ. Ол иэстэспит дьонугар биэрээри атыттары булбута… Бу курдук түгэҕэ биллибэт дириҥ иэс оборчотугар тимирбитин өйдөөбөккө да хаалбыта. Аймахтарыгар иэһин умнан кэбиспитэ. Дьон көрдөөн көрөн баран саҥарбат буолбуттара. Урут Антонина Ивановна диэн өрө тута сылдьыбыт дьоно кини диэки эргийэн да көрүөхтэрин баҕарбат буолбуттара.

¥п-харчы минньигэс амтанын билбит киһи ытыһын соттон кэбиһэрэ тустаахха ыарахан суол. Туонньа идэтинэн оскуолаҕа үлэлиэн сөп этэ. Ол эрээри быыкаайык хамнаска киирэн тугу туһаныан сатаан санаабат. Эмиэ күһүн үүммүтэ. ¥лэ-үөрэх саҥа түбүгэ хат үүнэн, күргүөмнээх олох саҕаламмыта. Оттон Туонньа иһитин-хомуоһун бэрийэ сылдьан хантан үгүөрү үптэнэн биирдэ байар туһунан саныыр. Кини өйө атыҥҥа үлэлээбэт буолбута ыраатта.

Түгэх хостон оҕонньоро сүөдэҥнээн тахсан кэлбитэ. Баһылай, уруккута арыгыһыттар ахсааннарыгар киирбэт бэйэтэ, култаҕар бытыылканы кытта доҕордоһон, санаатын сайҕыыр идэлэммитэ.

Киһитэ аҕыйах кэм иһигэр наһаа буорайбыт. “Чэ, биһиэхэ да сотору күннээх кэм кэлиэ. Хантан эмит харчы булан, хат хаһаайыстыба тэриниэххэ баара. Бу киһи дьарыга суох иһээччи буолан бүтээри гынна. Бэйи эрэ, түргэнник кредит биэрэр саҥа тэрилтэ баар буолбут диэбиттэрэ ээ…” – дии санаат, Туонньа эрчимнээхтик ойон турбута. Арай, саҥаттан саҕалаатахха?..

Куоракка, дьол көрдөһө…

– Стенкабын аҕыс тыһыынчаҕа атыылыыбын. Диваммын Дуунньа ылбыта. Улахан холодильниктаахпын дии, ону эмиэ ылар киһи баар буоллаҕына, этээр. Икки сыллааҕыта атыыласпыт спальнай гарнитурбун ким ылыа эбитэ буолла? – Лиза идэтинэн төлөпүөнтэн түспэккэ ыаһахтаһа олордо.

Дьахтар малын-салын түргэнник атыылаан эрэриттэн үөрэ саныыр. Бэл, иһитэ-хомуоһа былдьаһыгынан барда. Дьон чэпчэки сыаналаах малга ымсыыта сүр буолар эбит. Ити Малаанньа эмээхсин стенкатын биэскэ биэрбэккин дуо диэн кыһытар. Уонтан тахса тыһыынчаҕа баара-суоҕа биэс сыллааҕыта ылбыта дии. Аҕыска да атыылаһар киһи көстөр ини. Хата, омук спальнай гарнитурун ылар ыал көстөрө саарбах. Мааны ыалга бэйэлэригэр баар. Оттон боростуой дьон кини да гарнитура суох олоруохтара.

Уйбаныаптар бу кыһынтан куоракка көһөр түрүлүөнүгэр сылдьаллар. Кыыстара Дьокуускайга үөрэнэр, уоллара быйыл оскуоланы бүтэрэр. Кыра, атаах уолларын баһын батарыахтаахтар. Бэйэтин ол дьалхааннаах киэҥ сиргэ ыытарыттан ийэтэ туох иһин буолуммакка, өр кэмнээх мөккүһүү, кэпсэтии кэнниттэн эрин иннин ылан, кыралаан хомунан эрэллэр.

Чөкө сытар нэһилиэккэ кинилэр биир тутаах ыал. Лиза оскуолаҕа география учуутала. Кэргэнэ КП-га биригэдьиирдиир. Ньукулай атын эр дьонтон уратыта – арыгыны ас диэбэт. Аҕыйах саҥалаах, бүгүрү үлэһит киһини дьон бары ытыктыыр. 90-с сылларга, дьон үксэ быһынныбыт-эһиннибит диэн муҥатыйа сырыттаҕына, кини айдаана суох ат сүүрдэр улахан дьиэтин туттан кэбиспитэ. Онтун туспа котельнайдаан чоҕунан оттуллар гыммыта. Хас хос аайы радиатордары туруортаан кэчигирэппитэ, дьиэтэ кыһынын сылааһынан илгийэн, дьоно абыраммыттара. Куорат дьиэтин курдук ваннай хос диэни оҥорбутун, дьон музейга кэлэр курдук көрөн барар этилэр. Ньукулай курдук киһини илиитэ сөптөөх миэстэтиттэн үүммүт дииллэр. Кини туппут хотоно кытта киэҥ, сырдык, сылаас. Ол хотонугар бэйэтэ сылдьара. Кэргэнэ үөрэхтээх, мааны дьахтар буолан хотону өҥөйбөт диир сыыһа. Лиза доруобуйатынан мөлтөх. Биир үксүн ол да иһин ыал аҕата, улахан толкуйга түһэн баран, кэргэнэ эмп-том дэлэй сиригэр олороро ордук буолуо диэн “ээҕин” биэрбитэ.

Оттон Елизавета Петровна дэриэбинэҕэ чуҥкуйбута ыраатта. Кинини кытта үлэлии кэлбит учуутал кыргыттара биир-биир киэҥ сиргэ көһөн, этэргэ дылы, атах тэпсэн олорон сэлэһэр да дьоно хаалбатылар. Кыахтаах өттүлэрэ куоракка көһөн бүтэн эрэллэр. Арай кини кэргэнэ тыа сириттэн араҕыан баҕарбат. Наар: “Онно баран тугу гынабын?” – диэн тыллаах. Куораты эрдэ соҕус булбуттара буоллар, Лиза оҕолорун үчүгэйдик сайыннарыахтааҕа хааллаҕа. Онно талбыт оскуолаҥ, кылааһы таһынан куруһуоктар, араас кулууптар… Манна туох кэлээхтиэй? Уолларын, айаҕалыы сатаан, тустууга сырытыннарбыттара. Дьиҥэр, кини барыга бары сыстаҕас буолуох курдуга. Билигин күүһүнэн өттөйөртөн атыны билбэт буолбут. ¥өрэххэ хайа билиитинэн киирэр? Төлөбүрдээххэ эрэ сананнахтарына табыллар.

– Хайа, куорат ыаллара, дорооболоруҥ! Туох кэпсээн? –    Малаанньа эмээхсин аан боруогуттан унаарыппытынан түөрэҥэлээн киирдэ.

– Тугу үгэргиигин? – хаһаайын сөбүлээтэҕин биллэрдэ.

– Тыый, үгэргиэм баара дуо? Дьон кыахтааҕа бары киин сиргэ талаһар буолла дии. Эһиги да баран эрдэххит. Сайыһан этэр быһыым дии.

– Киир, аас. Ити киһини истимэ. Барыан баҕарбакка бэйэтэ да санаата алдьанан сылдьар, – Лиза хостон тахсан кэллэ.

– Ээ, мин бу стенкаҕытыгар ымсыыран кэллим. Уолум аахха наада буолуо этэ. Саҥа дьиэлээхтэр да, миэбэллэрэ олох суох. Биэс тыһыынчаҕа атыылаабаккын ээ?

– Эс, биэс диэн кырата бэрт. Билигин ол харчыга атын туох малын ылыаххыный? Аҕыска да түһэрэн атыылыыбын дии.

– Чэ, буоллун даҕаны. Мин пенсиябыттан эптэхпинэ, дьонум ыла сыһаллар ини, – Малаанньа күлэн мичийэ олорбут кэтит сирэйэ ыаһыра түстэ. Ааны тыастаахтык сабан таҕыста.

– Туохтан өһүргэннэ? Киһи миэбэлин олох да босхо ылыахтарын санаабыттар дии!

Ньукулай кэргэнин диэки тугу эрэ этээри гыммыт курдук көрөн баран, идэтинэн саҥата суох хотонугар тахсан барда.

Киэһэ стенкатын Малаанньа уолаттара тиэйэн барбыттара. Саалаларын иһэ биирдэ кураанахсыйа түспүтэ. “Аны сааска диэри кураанах истиэнэбитин көрөр дьон буоллубут”, – дии санаан дьахтар өрө тыынан ылбыта. Сотору утуйар ороннорун, аһыыр остуолларын кытта дьиэлэрэ хаалбыта. Оҕолоро улааппыт, ньээкэ уйанан буолбут иэримэ дьиэлэрэ барахсан… Лиза дьиэ атыытынан бэйэҥ дьарыктан диэн кэргэнигэр сэлээннээбитэ. Уйбаныаптар үчүгэй мастан бөҕө-таҕа тутуулаах дьиэлэригэр ымсыырар киһи элбэх даҕаны, сыанатын уйунуох көстүбэт этэ. Аймахтара, доҕотторо кыра-кыралаан төлүөхпүт диэн көрдөһөн көрбүттэрэ да, Ньукулай: “Куоракка оччоҕуна туохпунан квартира атыылаһыахпыный?” – диэн кытаанахтык этэн, тохтообуттара. Атыылаһааччы көстүмүнэ саас букатын ыксаан олордохторуна, олохтоох коммерсаннара маҕаһыын гыныам диэн ылар буолбута.

Устар сылы быһа дэриэбинэ Уйбаныаптар малларын атыытынан олорбута. Дьон хайаан да туохха эрэ тиксэн хаалыахтаах курдук саныыра. Ынахтарын-сүөһүлэрин, сылгыларын ыал аҕата бэйэтэ дьаһайбыта. Сороҕун собуокка туттаран, сороҕун аймахтарыгар батаран, түргэнник эспитэ. Эһэр – мунньар буолбатах. Трактор, массыына эмиэ удамыр сыанаҕа батарыллыбыта.

Лиза саас эрдэттэн куоракка киирэн дьиэ көрдүүр түбүгэр түспүтэ. Реклама хаһыаттарын туппутунан куораты биир гына тилийэ сүүрбүтэ. Дьиэ сыаната бу ыараханын! Кини икки-үс хостоох таас дьиэҕэ санана сылдьыбыта баара, онуоха үөгүлүүр үп-харчы наада эбит. Кинилэр үйэлэрин тухары мунньуммут хамсыыр-хамсаабат баайдарын атыылаан ылбыт үптэрэ биир хостооххо эрэ эппиэттиир эбит. Оннук сонуннаах дойдутугар төннүбүтэ. Ньукулай кэлэйэн баһын быһа илгистэн кэбиспитэ.

Сайын саҕаланыыта иккиэн чопчу квартира атыылаһа диэн куораты булбуттара. Лиза ол икки ардыгар сыана ыараан хаалбытыттан соһуйан букатын тылыттан маппыта. Куорат киинигэр биир да хостоохторун ылар кыахтара суох буолбута. Онон уһун унньуктаах көрдөөһүн кэнниттэн, күһүн дьиэ сыаната өссө үүнээри турарын истэн, ыксалынан ГРЭС оройуонугар турар дьиэттэн икки хостооҕу атыыласпыттара. Хаһаайка өрөмүөннэммэтэҕэ ырааппыт квартираны сууйан-тараан барбыта.

– Кирдээхтик да олорбуттар! Таракааннара элбэҕин! ¥чүгэйдик өрөмүөннээтэххэ табыллыыһы, – диэн умайыктанар Лиза.

– Таас дьиэни оҥостон кэбиһэр уустук буолбата ини. £рөмүөннүөхпүт буоллаҕа дии, – Ньукулай холку.

Наар чэнчистик туттан олорбут дьон саҥа ылбыт дьиэлэрин үчүгэйкээн баҕайытык оҥорон-тутан кэбиспиттэрэ. Кыралаан наадалаах миэбэллэрин атыылаһан, ыал сиэринэн буолан, ийэлэрин санаата көнньүөрбүтэ.

Ол эрээри куорат айдааннаах-куйдааннаах олоҕор үөрэнэ охсор өтөрүнэн кыаллара биллибэт. Аттынааҕы ыаллара наар бырааһынньык олохтоох дьон түбэһэн эрэйдииһиктэр. Киэһэттэн саҕалаан хара сарсыардааҥҥа диэри ырыа-тойук, ыһыы-хаһыы сатараан, уулара аймаммыта. Лиза сарсыарда аайы ыарахан баҕайы төбөлөөх турар буолла. Саатар бу ГРЭС диэн тэрилтэлэрэ тохтообокко үлэлиир буолан, биир кэм дыыгынас тыас куугунаан олорор. “Дьон олорор дии. Биһиги даҕаны үөрэнэр инибит”, – диэн дьахтар бэйэтин уоскутуна сатыыр. Оттон Ньукулай, дойдутугар да үгүс саҥата суох киһи, манна кэлэн айаҕар ууну омурдубут курдук сылдьар. Куһаҕан да, үчүгэй да диэбэт. Сарсыарда аайы туран үлэ көрдөһө барар.

Елизавета Петровна уолун кытта үөрэх тэрилтэлэрин кэрийэр түбүгэр түспүттэрэ. Хас да сиргэ докумуоннарын туттаран баран уоскуйбуттара. ЕГЭ-лэрин баала кыра. Онон эрэллэрэ – төлөбүрдээх үөрэх.

Сайын куорат, быылынан-буорунан бүрүллэн, сүрүкэтэ бэрт. Урут Лиза куораты маннык кирдээх курдук санаабат этэ. Килэйбит-халайбыт таас дьиэлэрдээх, көнө асфальт суоллаах-иистээх мааны да куорат курдук ылынара. Онто куорат кытыытыгар букатын атын хартыына эбит. Ордук бу кинилэр дьиэлэрин таһа дьаабы. Ардах түстэҕинэ бырыы-бадараан дойдута буолар. Онон-манан чаалыйа сытар амырыын сыттаах чалбахтар курааҥҥа да куурбаттара дьикти. Лиза күөҕүнэн сууланан наскыйан турар дойдутун санаан, эмискэ хараҕа ууланан кэлбитин өйдөөмүнэ хаалла. Баччаларга кинилэр тиэргэннэригэр хатыҥнар суугунаһа оонньуллар, араас сибэккилэр үүнэн кустук өҥүн ыһаллар… Дьахтар хараҕын сабан мэктиэтигэр дэриэбинэтин мүөттээх салгынын эҕэрийбит курдук санаата. Маннык настырыанньа киирдэҕинэ Лиза биирдэ туоххаһыйа түһэр. Ол гынан баран, онтун дьонугар биллэрбэккэ буола сатыыр. “Аата, үгүс билэр дьоммут манна кэлбиттэрэ дии. Сотору биһиги даҕаны куорат ыалын киэбин кэтэр инибит”, – дии санаан чэпчэкитик өрө тыынан кэбиһэр.

¥өрэххэ киирии кытааппыт даҕаны! Уһун сайыны быһа кэтэһэн-манаһан баран, университекка, төлөбүрдээҕэр даҕаны, киирэр кыаҕа суох буолан биэрбиттэрэ. Оҕо туһугар атах тостор. Лиза хаһан эрэ бииргэ үөрэммит дьонун булан, сүүрэн-көтөн, уруккута училище, билиҥҥитэ инженердэри бэлэмниир институкка уолун баһын батарбыта. Төлөбүрэ да удамыр буолан үөрбүттэрэ.

Лиза куоракка көһөн кэлбит тутаах соруга туолбут курдук санаан, биллэрдик сэргэхсийбитэ. Аны идэтинэн үлэ булара буоллар. Ол эрээри куорат оҕолоруттан саллара сүр. Онон оскуолаҕа талаһа сатаабатаҕа. Кини үгүс эрэйэ суох кыайан истибэт оҕолор интернаттарыгар иитээччи миэстэтин булбута. Хамнаһа кэмчи да, буортутун иһин эбии бырыһыаннаах буолан, дьахтар киһиэхэ син кэмигэр төлөбүр курдук. ¥өрэх дьыла саҕаланыытыгар үлэтигэр тахсыахтаах. Бары-барыта орун-оннугар түһүөх курдук буолан иһэриттэн дьахтар сэмээр үөрэр.

Арай Ньукулайыгар сөптөөх үлэ бу куорат сиригэр көстүбэт эбит. Анал үөрэҕэ суох киһини ханна да чугаһаппаттар. Инньэ гынан хайа эрэ бөдөҥ тэрилтэҕэ харабынайдыырыгар тиийбитэ. Биир күн үлэлээн баран икки күн сынньанар.

– Дьэ, тиэрэ таһыллан сытыыһыыбын дии. Сынньамматахпын манна кэлэн ситиһээ инибин, – диэн оҕонньоро күлбүтэ буолбута.

Бу курдук киин куоракка өссө биир ыал эбиллибитэ. Оҕолор үөрэх түбүгэр түспүттэрэ. Елизавета Петровна үлэтэ саҕаланан, олоҕо суолтанан туолбута. “Киһи – айылҕа оҕото” диэн ойуурга, маска-окко эрэ тардыһарынан эппэттэр. Айылҕа оҕото буолан киһи олоҕо-дьаһаҕа, өйө-санаата, бэл доруобуйатын туруга – барыта дьыл кэмиттэн тутулуктаах. Лиза сайын куоракка хаайтаран, санаата оонньообут буоллаҕына, күһүҥҥүттэн үлэҕэ-хамнаска умса түһэн, букатын атын туруктаах сылдьыбыта. Саҥа үлэ, саҥа коллектив, саҥа олох.

Дьахтар киһи хайа баҕарар усулуобуйаҕа түргэнник сөп түбэһэр уратылаах диэн сөпкө этэллэр. Ол кини айылҕаттан бэриллибит күүһэ буолаахтыа. Оҕолорун киһи-хара гынар туһугар ийэ элбэҕи тулуйуон сөп. Эр киһи айылгыта атын соҕус. Отчут-масчыт, байанайдаах булчут Ньукулай куораты улаханнык сирбитэ. Кини бу киин дойдуга миэстэтин булунара саарбах. Бэйэтин буоругар үүнэн-силигилээн турбут аарыма маһы силиһиттэн арааран быһа эрбээн, атын сиргэ олордубуттарын тэҥэ буола сылдьар. Ньукулай бэйэтин биэрэккэ быраҕыллан, бүтэһик тыынынан эппэҥнии сытар балыкка холоно саныыр. Бу кыракый таас квартира иһигэр тыына-быара ыгыллан бүппүтэ. Наар санаата түһэн, диваҥҥа сытан тахсар. Били “эр киһи – диван киэргэлэ” диэн күлүү-элэк гынан кэпсииллэрин урут өйдөөбөт этэ. Билигин бэйэтэ “киэргэл” буоллаҕа.

Елизавета эрин көрөн аһынар, туоххаһыйар эрээри, тугу да гынар кыаҕа суох. Сороҕор мөлтөҕүттэн абаран да ылар. Манна кэлиэхтэриттэн сүрүн хамнас аахсааччынан кини буола сылдьар. Киһитигэр аанньалаан хамнас диэни төлөөбөттөр. Онон ас-таҥас булааччы-талааччы Лиза буолан, майгыта-сигилитэ да уларыйа быһыытыйбыта. Хаҕыс соҕус буолбута. Айылҕаттан итэҕэс оҕолор кини энергиятын супту оборон ылар курдуктар. Кинилэр ураты айдааннарыттан дьахтар киэһэ дэлби сылайан кэлэр. Аны куорат биир түгэҕиттэн ыга симиллибит автобуһунан айаннаан дьиэтин нэһиилэ булар.

Бу киэһэ ыал ийэтэ бородуукталаах суумкатын аан таһыгар “тос” гына ууран баран, саппыкытын да устар күүһэ суох олорбута. Ньукулай саҥата суох суумкатын ылан куукунаҕа ааспыта.

“Дьиэҕэ сытан туохтан айгыстарый? Наар дьэбин уоһуйбут көрүҥүттэн сылайдым даҕаны!” Дьахтар иһигэр абатыйа саныыр да, туран аахсар, мөҕөр-этэр кыаҕа суох.

Эмискэ аан звонога тырылаабыта. Звонок тоҕо эрэ кутталлаах баҕайытык иһиллибитэ. Лиза ньиэрбинэй системата биирдэ күүрэ түспүтэ.

– Кто там?

– Милиция! Откройте!

Наар бирикээһинэн сылдьыбыт киһи курдук, Лиза ыксалынан аанын аһа баттаабыта.

– Илья Иванов диэн киһи манна олорор дуо?

– Манна… Биһиги оҕобут… Туох буолла?.. – оҕом туохха эрэ түбэстэҕэ диэн, ийэ сүрэҕэ куолайыттан тахсан барыах курдук өрө мөҥүөлээбитэ.

Милиционер чочумча саҥата суох дьиэ иһин көрө-истэ турбута. Соруйан дьиэлээхтэр ньиэрбэлэригэр оонньуур курдук.

– Суох. Уолгут туох да буолбатах. Хата, бэйэтэ күлүгээннээн холуобунай дьыалаҕа тардылынна.

Милициялара холуобунай дьыаланан дьарыктанар Барашков диэн следователь эбит. Дьүүллээн билбиттэрэ, уоллара бэргэһэ устуутугар буруйдаммыт. Следователь Илья аатыгар повестканы туттаран баран тахсан барбыта.

Дьиэ иһигэр ыарахан чуумпу сатыылаабыта. Ыал ийэтэ, аҕата туох буолбутун ситэ өйдөөбөтөх дьон курдук дөйүөрэн баран олорбуттара.

– Илья хайдах эрэ буолбутун бэлиэтии көрбүтүм ээ. Ыйыттахха, илгиэтэнэн эрэ кэбиһэр. Куһаҕан баҕайы уолаттары кытта куодарыспыт этэ, – кыыстарын саҥата чуумпуну үргүйбүтэ.

– Маша, тоҕо миэхэ тугу да эппэтэххиний?

– Туох диэмий? Эн бэйэҥ да түбүгүҥ элбэх уонна Илья оннук быһыыланыа диэбэтэх буоллаҕым дии. Киэһэ хойут баҕайы кэлэрин бэйэҕит да, көрө сылдьаҕыт буолбат дуо? – аны кыыстара кыыһыран аанын тыастаахтык сабан хоһугар саста.

Бу киэһэ уолларын күүтэн хойукка диэри сыппатылар. Илья уон биири лаппа ааһыыта кэлбитэ. Пиибэ, табах сыта дьиэ иһин тунуйбута.

– Илья, хайдах буола сылдьаҕын? Милицияттан кэлэ сырыттылар, – Лиза тулуйумуна ойон турбута.

– Ол телега түһэрэ охсубуттар дуо? Бэйи, көрүстэхпинэ кэһэтэн биэриэм!

– Бу уол тылын-өһүн истиҥ! Дьону талаан, хаайыы киһитэ буолаары гынаҕын дуо?!

– Тоҕо ким эрэ миигиттэн ордук таҥныахтааҕый? Ол киһи дьоно туох эрэ улахан үлэһиттэр үһү. Таҥаһын-сабын, техникатын көрүөҥ этэ! Бэйэтэ мөлтөх баҕайы буолан баран, өссө киэбирэр! ¥өрэттэхпит дии!

Лиза уолун көрөр уонна билбэт. Суох, бу амырыын сыттаах-сымардаах, быдьар тылынан үөхсүбүт киһи – кини оҕото буолбатах. Кини уола өрүү сылаастык көрбүт, күлэн мичийэ сылдьар оҕо этэ. Кинилэр наһаа иллээх буолааччылар. Аҕатыттан толлор этэ. Ол иһин кистэлэҥ, бүччүм санаатын барытын ийэтинээн үллэстэрэ. Ол бэйэтэ бу буолбут дуо? Хайдах кини оҕото маннык тыллаах-өстөөх, түктэри кэмэлдьилээх киһиэхэ кубулуйбутай? Лиза тыына кылгаан, сүрэҕин харбанна.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации