Текст книги "Атырдьах сэргэ"
Автор книги: Данил Макеев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 3 (всего у книги 13 страниц) [доступный отрывок для чтения: 4 страниц]
Ини-биилэр
Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылаахтарыгар – абаҕаларбар Аргунов Иннокентий Ивановичка,
Аргунов Петр Ивановичка уонна аҕабар Макеев Николай Власьевичка аныыбын
Сэриигэ аттаныыТыа саҕатыгар сэлэлии үүммүт хатыҥнар лабаалара онон-манан саһарбыта ыраахтан ала-чуо сырдаан көстөр буолбуттар. Бүөтүр ону көрө-көрө, сайын наһаа түргэнник ааһан эрэр ээ, дии санаата. Хайыай, күн-дьыл да ыраатта. Бүгүн атырдьах ыйын 12 күнэ үүннэ. Сэрии буолбута номнуо иккис ыйыгар баран эрэр. Ньиэмэстэр бэрт киэҥ сиринэн тайаан дойду киинин – Москва, Ленинград диэки дьулуһалларын туһунан суостаах иһитиннэриилэр хаһыакка тахсаллар, нэһилиэк сэбиэтигэр сотору-сотору кэлэллэр. Бүгүн Уус Алдан оройуонун II Байаҕантай нэһилиэгин дьоно ол ыраах ньиргийэр сэриигэ бастакы ыҥырыыга хабыллыбыт уон аҕыс киһини атаардылар. «Пятилетка», «Бөлөхтөһүү», «Тыраҕатталаах» холкуостартан Нуучча алааһыгар түмүллэн баран, бу айаннаан иһэллэр. Төһө да үлэ-хамнас үгэнэ буоллар сэриигэ барааччылары атаара холкуос аайыттан балачча киһи мустубут этэ. Атаарааччылар үгүстэрэ хайдах эрэ дөйөн, талбааран хаалбыт курдуктара. Кистии-саба ытаһааччылар да бааллара.
Бүөтүр убайынаан Лэгэнтэйдиин биир күн бэбиэскэ туппуттара. Баттахтан ийэлэрэ Мааппа кыра кыыһа Араппыаһы уонна эдьиийдэрэ Алааппыйаны кытары атаарса кэлбиттэрэ. Ийэлэрин иккис кэргэнэ Былаас бэйэтин аннынан суруттарбыт кыра уолун Куоланы кытары, ыраах алааска оттуу сылдьар буоланнар, кыайан кэлбэтэхтэрэ. Атаарааччылар үгүстэрэ сэриигэ барааччылары батыһан Табы сыырыгар диэри кэлсибиттэрэ. Бүөтүр алаас ортотугар тиийэн иһэн эргиллэн көрбүтэ дьахталлар уонна оҕолор халдьаайыга арҕам-тарҕам туран былааттарынан далбаатыы хаалбыттара. Сотору отучча аттаах киһи барыта тыаҕа киирэн көстүбэт буолбуттара.
Убайа Лэгэнтэй дьон-сэргэ судургутук Бүөтүкэ уола Боотуон диэн ааттыыр, оттон сурулларынан Егоров Николай Петрович дэнэр киһилиин тугу эрэ кэпсэтэ-кэпсэтэ сэргэстэһэ хаамтаран иһэллэрэ. Боотуон ата кэккэлэһэ иһэр акка боотурҕаан, кулгааҕын ньылата-ньылата ытыраары гынарын иһин тэһиинин илгиэлээмэхтээн ылара. Бүөтүкэ оҕолоро бары да ыраастык туттар, уһун сула дьоннор. Боотуон эмиэ мэлдьи ып-ыраас таҥастаах, хайдах эрэ бэйэтигэр сөбө суох уһун илиилээх-атахтаах киһи. Холкуоһугар биригэдьиирдиир этэ. Бүөтүр кини кыыһырбытын хаһан да көрө илик. Хата, саҥарарыгар өрүү мичээрдээн кэбиһэр идэлээх. Билигин даҕаны мүчүйэн ылар быһыылаах. Дьоно Тиилийэ диэн алаас соҕуруу өттүгэр кыстыыллар, Туора үрэххэ киирэн сайылыыллар. Онтон үлэ быыһыгар Нуучча алааһыгар кэлэн элбэхтэ оонньообут-көрүлээбит, тустан, сырсан да көрбүт киһитэ буолан балачча билсэр уола.
Кинилэр иннилэригэр Готовцев Афанасий Софронович-Хоҥкучах көхсө көстөр. Быйыл сааскыттан холкуос бэрэссэдээтэлинэн быыбарданан үлэлээн испитэ. Аҕыйах хонуктааҕыта Үөһээ үрэххэ олохтоох Сэмэн оҕонньор кыыһын Мотуруонаны кэргэн ылан баран, бу сэриигэ баран эрдэҕэ. Охонооһой оччо элэккэйэ да суох буоллар сүрдээх судургу киһи. Убайынаан Михаил Софроновичтыын-Сиэдэрэйдиин дьүһүннээх үтүөтэ, уҥуохтаах көнөтө дьоннор. Сиэдэрэй билигин хайа эрэ нэһилиэккэ учууталлыыр буолуохтаах, эмиэ сэриигэ ыҥырыллыбыта дуу.
Саамай инники Заболоцкай Гаврил Михайлович, Тохтотойго олорор Чөнөкө уола Мэхээлэ диэн киһи кыра уола, хаамтаран иһэр. Национальнай байыаннай оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан доруобуйатынан сыыллан дойдутугар тахсыбыта. Билигин бу уон аҕыс киһини баһылыыр-көһүлүүр, хамаандалыыр киһи быһыытынан инники айаннаан иһэр. Сотору-сотору көнтөһүнэн атын самыыга охсон тиэтэтэн биэрэр уонна кэннин хайыһан дьоно хайдах иһэллэрин көрөн ылбахтыыр.
Бүөтүр кэнниттэн Заболоцкай Константин Алексеевич-Сонтой хаамтаран иһэр. Кини «Тыраҕатталаах» холкуос киһитэ. Туруйалаах соҕуруу өттүгэр олохтоох. Бүөтүртэн балачча аҕа, саастаах киһи. Нэһилиэк сэбиэтигэр кэлэ сылдьарынан эрэ билэр, оччо эн-мин дэспэтэх киһитэ. Кини кэнниттэн Ааныска быраата Заболоцкай Иван Петрович-Хоонох Уйбаан ата сыҥааҕын Сонтой атын самыытыгар ууран ыла-ыла хааман дьигиһитэн иһэр. Ол ахсын Сонтой ата кулгааҕын ньылах гыннара-гыннара илгистимэхтээн ылар. Хоонох Уйбаан аҕыйах саҥалаах, кыра уҥуохтаах эрээри хоп курдук быһыылаах-таһаалаах киһи. Сэттэ кылаас үөрэхтээх буолан холкуоска суоччуттаабыта хас да сыл буолла. Тоҕо эрэ кэргэн ылбакка сылдьар. Биирдэ эмэтэ дьон дьээбэлэнэн хаһан ойох ылаҕын диэтэхтэринэ быһаарыыта суох: «Ээ, бэйэм», – диэн кэбиһээччи.
Аттаахтар Уһун Күөлтэн чараас тыаны быһа түһэн Суотту үрэҕэр киирбиттэрэ. Үрэххэ киирэн иһэн Колодезников Петр Петрович-Чуппууска уола Бүөтүкэ иҥэһэтигэр туран ыла-ыла илин диэки көрбөхтөөн ылыталаабыта. Кинилэр сайылыктара мантан чугас. Санаатыгар туох эмэ көстөөрөй диир быһыылаах.
Аттаахтар дулҕанан саба үүммүт от үрэххэ киирээт арҕаа диэки салаллыбыттара. Бу үрэх Суотту диэн ааттаммыта туспа кэпсээн. Былыр кыргыс үйэтин саҕана суоттулар бу үрэҕи батан кэлэн байаҕантайдары сэриилээбиттэрэ үһү. Онтон ыла аат иҥэн хаалбыт. Билигин Бүөтүрдээх сайылыыр Баттах диэн сирдэригэр тиийэн, сэттэ саастаах Кулан диэн уолу батыйанан иһин дьөлө аспыттарыгар иһин үтүлүгүнэн бүөлэнэн баран куоппута үһү. Танда үрэҕи үрдүнэн ойон уҥуоргу киэҥ толооҥҥо тахсан сүүрэн эрэр оҕону атынан эккирэтэн сиппэтэхтэр. Уоллара үрэх үрдүк мыраанын сирэйинэн өрө сүүрэн тахсан куотан хаалбыт. Онтон ыла ити мырааны Кулан хайата диэн ааттаабыттар. Ол иһэн мыраан кэтэҕинээҕи үрүйэҕэ иһин бүөлэммит үтүлүгэ түһэн хаалбыт. Онтон ыла ити үрүйэ күн бүгүнүгэр диэри Үтүлүктээх үрүйэтэ диэн ааттанан турар. Суотту үрэҕэр Батыйа Сурда диэн ааттанар сир эмиэ баар. Онно суоттулар Бөҕө Бэлэс диэн ааттаах киһи суоһурҕанан хаһыытаабытыттан-ыһыытаабытыттан куттанан төннөн иһэн, биир батыйаны хаалларан кэбиспиттэрэ үһү дииллэрэ. Дьиҥэр ол Бөҕө Бэлэстэрэ уончалаах эрэ уол саҕа, туох да күүһэ-уоҕа суох, арай, сүрдээх улахан саҥалаах киһи эбитэ үһү.
Аттаахтар суһал соҕустук айаннаан Суотту үрэҕин баһыгар тиийбиттэрэ. Онтон Холлоҕостоох үрэҕэр түһэр Атырдьах Сэргэ диэн үрүйэҕэ киириилэригэр күн ортото буола охсубута. Бу үрүйэ аатыгар сыһыаннаах эмиэ биир үһүйээн баар. Былыр кыргыс үйэтин саҕана икки ини-бии дьон иирсэн баран, аны хаһан да көрсүһүө суох буоланнар андаҕайаннар бу үрүйэҕэ икки салаалаах сэргэни туруорбуттара үһү. Үрүйэ саҕатыгар ол сэргэлэрэ билигин даҕаны иҥнэри соҕус түһэн турар. Мантан ыла кинилэр нэһилиэктэрин сирэ бүтэр.
Чөнөкө уола Мэхээлэ кубарыйа хаппыт сэргэ туһугар тиийэн атыттан ыстанан түспүтэ уонна:
– Манна чэйдээн барыаҕыҥ, – диэбитигэр бары аттарыттан түһэн тыа саҕатыгар баайталаан кэбиспиттэрэ. Сотору соҕус кутаа буруота унааран тахсан тииттэр бастарынан халыйбыта. Чэйдэрэ оргуйан элбэх кэпсэтиитэ-күүгээнэ суох өйүөлэрин таһааран төгүрүччү олорон аһаабытынан барбыттара. Аһаан бүтэн ким табахтыы, ким көннөрү тиэрэ түһэн сынньана, атыттар ботуоҥкаларыгар баар аҕыйах сээкэйдэрин бэринэ сырыттахтарына Калининскай Семен Гаврильевич-Абыйааскы уола сэргэҕэ тиийэн, этэрбэһин оһуттан быһаҕын ылан аатын оҥо быһан суруйбута. Ону көрөн атыттар бары күө-дьаа буолан эмиэ ааттарын суруйталаабыттара. Ити курдук нэһилиэктэрин сирин-уотун арҕаа баһыгар баар атырдьах маһы санатар дьикти сэргэ таһыгар балачча өр тохтуу түһэн баран, ханна-ханна тиэрдэрэ биллибэт айаннарыгар туруммуттара. Бүөтүр үрүйэ тоҕойугар тиийэн иһэн кэннин хайыһан көрбүтэ атырдьах сэргэ былыр хаһан эрэ ини-биилэр атырдьах салаатыныы арахсыбыттарын туоһута, онтон билигин сэриигэ баран иһэр дьон төрөөбүт нэһилиэктэрин бүтэһик бэлиэтэ буолан иҥнэри түһэн тураахтыыра.
Киэһэ күн арҕаа саҕахха санньыйыыта II Байаҕантай нэһилиэгиттэн сэриигэ баран иһэр дьон Сиэллээх аартыгын өрө дибдитэн тахсыбыттарыгар иннилэригэр Мүрү эбэ киэҥ иэнэ унааран көстүбүтэ.
Сарсыҥҥытыгар хоммут ыалларыттан дойдуларыттан ат төннөрөөччүнэн киирбит оҕонньору уонна саҥа чороччу улаатан эрэр уолаттары, биир-икки атаарсааччыны кытары райком дьиэтин таһыгар тиийбиттэрэ киһи бөҕө үллэҥнэс этэ. Тэлиэгэҕэ көлүллүбүт сүүрбэччэ ат уулусса кытыытыгар бааллан тураллара. Кинилэр нэһилиэктэрин холкуостарыттан биирдии аты сиэтэн аҕалбыттарын армияҕа барааччылары дьаһайар дьон эмиэ ол аттары кытары баайталаан кэбиспиттэрэ. Илин, арҕаа диэкиттэн кэлитэлиир бөлөх-бөлөх дьону, испииһэгинэн бэрэбиэркэлии-бэрэбиэркэлии, биир сиргэ түмэллэр эбит этэ. Бүөтүр сэбиэт сэкирэтээринэн, үп ааҕынынан үлэлии сылдьан оройуоҥҥа мунньахтарга киирэ сылдьан билсибит хас да киһитин көрсүбүтэ. Күнү быһа итинник аамыллаһан взводтарга, отделениеларга арааран баран, барааччылары барыларын бу түүн оскуола дьиэтигэр хоноҕут, сарсын сатыы Аллараа Бэстээххэ бараҕыт диэн биллэрбиттэрэ.
Мальтаҕа
Хаанымсах фашистартан Ийэ дойдуларын көмүскүү аттаммыт II Байаҕантай нэһилиэгин уолаттара дойдуларыттан туруммуттара ый аҥаарыттан ордон баран, Иркутскай уобалас Мальта диэн тимир суол станциятыгар тиийбиттэрэ. Кэлээттэрин кытары баанньыкка сырытыннарбыттара, байыаннай таҥас кэтэрдибиттэрэ. Бу иннинэ ынах этэрбэһинэн сылдьыбыт дьон куһаат кур курдук субуллубут, бачыыҥка үрдүнэн саппыкы оһун солбуйан сотоҕо эриллэр «обмотка» диэн таҥаһы сатаан эриммэккэ эрэй бөҕө буолбута. Сорохтор хааман истэхтэринэ обмоткалара субуллан хаалан хамандыырдартан мөҕүллүү-этиллии да баара. Сарсыҥҥытыгар сири хаһан землянка оҥостуутугар туруммуттара. Отчут-масчыт саха уолаттара хара үлэҕэ баҕас сирдэрбэтэхтэрэ. Сотору бэйэлэрэ олоруохтаах землянкаларын тутан, үрүт үрдүгэр иккилии наара оронноон бүтэрбиттэрэ. Үлэлииллэригэр нууччалыы билбэттэрэ улаханнык мэһэйдээбитэ. Онтукалара байыаннай үөрэххэ ордук эрэйдээбитэ. Командирдара туох диирин өйдөөбөккө түҥ-таҥ хамсаныы элбэх этэ. Күнү быһа хаамарга, ыстыыгынан киирсэргэ, сыылларга, бинтиэпкэнэн ытарга, гранатанан быраҕарга үөрэтэллэрэ. Ону таһынан сотору-сотору атаакаҕа киллэрэн сүүрүү-көтүү бөҕө буолбута. Аҕыйах хонугунан бары да сэниэлэрэ-сылбалара эстибитэ. Астара быстар мөлтөх буолан иэдэппитэ. Күнүһүн уу судураан хаппыыста миинин иһэрдэллэрэ, биирдии быһыы хара килиэп биэрэллэрэ.
Бүөтүр убайынаан атын-атын роталарга түбэспиттэрэ. Лэгэнтэй уон алтатын туолаат көмүстээх Алдаҥҥа, Томмокко, тиийэн үлэлээбит, нууччаны-саханы кытары алтыспыт, сытыы-хотуу буолан манна да дьонтон итэҕэһэ суох сылдьара. Бүөтүр кэм түөрт кылаас үөрэхтээх, сэбиэт сэкирэтээринэн эҥин үлэлээбит киһи быһыытынан нууччалыы саҥаны син өйдүүрэ. Онтон алаастарыттан арахпатах, үрэхтэриттэн тэйбэтэх дьон улахан эрэйи көрсүбүтэ.
Биир түүн ардах курулаччы кута турдаҕына, Лэгэнтэй тимир суол станциятын тас өттүгэр харабылга сылдьан, хараҥаҕа барыйан турар бараак дьиэ түннүгэр уот кыламныырын көрөн иттэ түһэргэ санаммыта. Ааны тоҥсуйбутугар эдэр дьахтар арыйбыта. Уу чоккурас буолбут саллааты аһына көрдө быһыылааҕа. Дьиэҕэ ыҥыран киллэрэн итии чэй кутан биэрбитэ, кэпсэтэ түспүттэрэ. Лэгэнтэй сылаас дьиэҕэ төһө да олоро түһүөн баҕардар, аны хамандыырым түбэһэ кэлиэ диэн дьаарханан, эмиэ таһырдьа тахсарыгар тиийбитэ. Тахсарыгар дьахтар аатым Екатерина диэн диэбитэ, киирэ сылдьарыгар ыҥырбыта. Кэлин быыс булан хаста да Екатеринаҕа киирэн тахсыбыта.
Балаҕан ыйын бүтүүтэ, Лэгэнтэйдээх роталарын икки нэдиэлэттэн эрэ ордук үөрэтээт, арҕаа атаарбыттара. Биир дойдулаахтара кинилэри тимир суол станциятыгар тиийэн атаарбыттара. Бүөтүр убайын таһыгар турдаҕына:
– Кеша! Кеша, ты где? – дии-дии биир нуучча дьахтара саллааттары силэйэн дьулуруйан кэлэн Лэгэнтэй таһыгар кэлэн тохтуу түспүтэ. Онтон өрбөххө сууламмыт тугу эрэ туттараат:
– Ну, дорогой, наверно больше не встретимся. Берегите себя, – диэн баран, кууһан ылан уураат, төттөрү дьулуруйбута. Уолаттар маҥнай соһуйан хаалан саҥата суох турбахтаабыттара. Онтон ким эрэ:
– Оо, Лэгэнтэй, ол иһин хайаан таах сылдьыай. Обургу манна да кэлэн дьахтардана охсубут, – диэн саҥа аллайбытыгар, киһилэрэ дьахтар аймахха сытыытын билэр буоланнар, бары күлсэн ньиргиһэ түспүттэрэ. Лэгэнтэй кыбыстан мух-мах барыах курдук буолан иһэн дьонун өйдөөн көрбүтэ – баттахтара кырыллан, ыйтан эрэ ордук кэмҥэ ыран-дьүдьэйэн, иэдэстэрин уҥуоҕа лоппоруһан, кулгаахтара даллаһан хаалбыт курдук этилэр. Онно эрэ бу бииргэ үөскээбит дьонун сорохторун арааһа бүтэһигин көрөбүн быһыылаах диэн санаа сытыытык тэһэ кэйбитэ. Ол кэмҥэ вагоннарга олорор хамаанда бэриллибитэ. Сотору паровоз үрүҥ паарынан уһуурбахтаан ылан баран, дьүккүс гыммытыгар вагоннар холбоһуктара лүһүгүрэһэ түспүттэрэ уонна оргууй устубутунан барбыттара.
Киэһэ Бүөтүр землянкатын таһыгар үүнэн турар бэскэ өйөнөн туран арҕаа барбыт убайын, биир дойдулаахтарын сайыһан кистээн ытаабыта. Мальтаҕа кинилэр нэһилиэктэриттэн бэрт аҕыйах киһи хаалбыта. Олортон Заболоцкай Иван Петрович-Хоонох Уйбаан ыалдьан санчааска сытара. Лэгэнтэйдээх арҕаа аттаммыттара аҕыйах хоммутун кэннэ Хоонох Уйбаан өлбүтүн туһунан истибиттэрэ. Уҥуоҕун тутуһууга биир дойдулаахтарыттан Күммүгэ олохтоох Былдьыгырас уола – Турантаев Пантелеймон Иванович сылдьыспыта. Ол күн үгэ-хоһоон тыллаах Пантелеймон саҥатыттан матан, туох эрэ ыар санааҕа баттаппыттыы соҥуоран сылдьыбыта. Дойдуларыттан бииргэ кэлбит киһилэрэ өлөн бары даҕаны уку-сакы буолбуттара.
Инники кирбиигэКэмниэ кэнэҕэс маршевай ротаны кытары Бүөтүрдээҕи эмиэ арҕаа ыытар буолбуттара. Вагоннарга олорон тус арҕаа айаннаан лигийии буолбута. Новосибирскайга чугаһаан иһэн биир станцияҕа тохтообуттарыгар Бүөтүр Түүлээхтэн сылдьар Оллонов Прокопийдыын уонна биир дойдулааҕа Заболоцкай Константин Алексеевичтыын-Сонтойдуун оргуйбут уу ыла сырсыбыттара. Бүөтүр котелогар саҥа уу ылан эрдэҕинэ поезтара хоҥнубутунан барбыта. Прокопийдыын тэтимин ылан лиһиргээн-лаһырҕаан эрэр поеһы эккирэтэн кыл мүччү сиппиттэрэ. Саллааттар илиилэриттэн харбаан ылан вагоҥҥа ньылбы соһон ылыталаабыттара. Сонтой өссө да ыраах сүүрэн иһэрэ да поезд түргэтээтэр-түргэтээн хаалан хаалбыта. Новосибирскайга тиийэн икки күн тохтообуттара да киһилэрэ биллибэтэҕэ. Онтон Алтайга тиийбиттэрин кэннэ Прокопийы атын чааска ылан барбыттара. Бүөтүр Мальтаттан арахсыбыт дьонуттан соҕотоҕун хаалан баран, сотору сэрии тыаһа ньиргийэн иһиллэр сиригэр тиийбитэ. Сэрии буолбут сиригэр чугаһаан истэхтэрин аайы тимир суол кытыытыгар умайбыт вагоннар дьардьамалара, күл-көмөр буолбут дьиэлэр оһохторо эрэ хоройон турара, араас алдьаныы-кээһэнии элбээн испитэ. Кэнники икки-үс күн ньиэмэс самолеттара буомбалыылларыттан сэрэнэн түүнүн эрэ айанныыллара. Халлаан тымныйан барбыта.
Биир түүн ньиэмэс самолеттара үлтү буомбалаабыт станцияларыгар тиийэн бэрт суһаллык сүөкэммиттэрэ. Халлаан сырдыар диэри биирдэ да сынньанан ылбакка арҕаа диэки хаампыттара. Иннилэригэр ыраах сэрии тыаһа ньиргийэн иһиллэр этэ. Ол тыас киһини бүтэйдии саба баттыыр туох эрэ дьулаан күүстээҕэ. Хараҥа саҕахха ырыых-ыраах күһүҥҥү чаҕылҕан кэриэтэ уот күлүмнүүрэ кытары көстөрө. Сарсыарданан киэҥ толоону ортотунан эрийэ-буруйа субуллубут үрэх үрдүгэр кэлэн окуопа хастыбытынан барбыттара. Халлаан былытыран инчэҕэй хаар түһэн тэлимнээбитэ. Бүөтүр сыра-хара бөҕөнөн окуопатын хаһан бүтэрэн баран, сынньана олордоҕуна отделениеларын хамандыыра үрэх кытылыттан от үргүү барарга ыҥырбыта. Бэһиэ буолан үрэх кытылыгар киирэн иһэн кинилэртэн чугас соҕус баар мас муостанан саллааттар холуонналара туораан эрэрин көрбүттэрэ. Хара баттахтаах дьону көрөн Бүөтүр, баҕар, сахалар бааллара буолаарай диэн хамандыырыттан көҥүллэтэн муоста диэки сүүрбүтэ. Арай, саллааттар ортолоругар убайа Лэгэнтэй Боотуоннуун иһэллэр эбит. Бүөтүр соһуйан хаалан маҥнай саҥата суох таалан турбута, онтон:
– Убаай, Лэгэнтээй! – диэн хаһыытаабыта. Дьоно сахалыы саҥаны истэннэр өрө көрө түспүттэрэ. Бүөтүр холуоннаны кытыытынан халты-мүлтү тэбинэн батыһан истэҕинэ, убайа аах хамандыырдарыттан көҥүллэтэн суол кытыытыгар тахсыбыттара. Петлицатыгар младшай лейтенант бэлиэлээх, куйаабылламмыт уһун киһи:
– Аргунов – три минуты. Потом догоните, – диэн баран ааһа акылдьыйа турбута.
Лэгэнтэй Мальтаттан арахсыахтарыттан оччо уларыйбатах этэ, арай ыстыыктаах сааны хороччу сүгэ сылдьара. Оттон Боотуон хайдах эрэ куччаан хаалбыт курдуга. Саҥата суох утарыта көрсөн турбахтаат Лэгэнтэй:
– Нохоо, табахтааххын дуо? – диэбитигэр Бүөтүр хоонньуттан өлүү мохуоркатын ылан биэрбитэ. Бэйэтэ табахтаабат этэ, ол эрээри өлүү мохуоркатын туохха эмэ атастаһаары ылбытыттан үөрэ санаабыта. Лэгэнтэй быраата ууммутун синиэлин ис сиэбигэр куду анньаат аны:
– Нохоо, харчылааҕыҥ буолаарай? – диэбитэ. Онуоха Бүөтүр уон солкуобайдааҕын ылан биэрбитэ уонна күлэн ыттайа турар Боотуонтан:
– Бу аата ханна тиэрдэллэр үһүнүй? – диэн ыйыппыта.
– Яснай Поляна диэки тиийэбит диэбиттэрэ, – диэн баран киһитэ өндөх гынан дьоно төһө ырааппыттарын көрөн ылбыта. Онтон окуопа хаста сылдьар дьону көрөн ылаат: – Эһигини манна тохтоппуттар эбит дии, – диэбитэ.
– Чэ, этэҥҥэ сылдьыҥ, – диэн баран Бүөтүр убайын уҥа илиитин икки ытыһынан холбуу харбаан ылан илигирэппэхтээбитэ. Боотуон эмиэ илии тутуһаары үтүлүк оннугар наскыны кэтэ сылдьарын уста-уста:
– Дьэ, маннык муҥнана сылдьаахтыыбыт, – диэн баран сонньуйан кэбиспитэ.
Бүөтүр дьоно муостаны туораан сүүрэн хорохолдьуһа турбуттарын сайыспыттыы көрөн турбахтаабыта. Боотуон иккитэ хаста кэннин хайыһан ылбыта. Оттон Лэгэнтэй дьулурҕатык сүүрэн хорохоччуйа турбута. Сотору саллааттар ортолоругар киирэн көстүбэт буолан хаалбыттара…
Бүөтүрдээх күннэри-түүннэри үлэлээн бэйэ-бэйэлэрин кытары ситимнэһэр, киһини түөһүн тылынан буолар окуопаны, солбуһа сылдьан утуйалларыгар анаан блиндаж хастыбыттара. Аҕыйах хонугунан сэрии тыаһа адьас чугас иһиллэр буолбута. Били, убайа аах туораан арҕаа ааспыт муосталарынан аны малларын-салларын тэлиэгэҕэ соспут, сүкпүт-көтөхпүт оҕо-дьахтар, оҕонньор-эмээхсин, сүөһү-ас, бааһырбыт саллааттар тохтоло суох илин диэки субуллар буолбуттара. Үөһээнэн сотору-сотору ньиэмэс самолеттара ньирилээн ааһаллара. Биир күн ньиэмэс үс самолета кэлэн муостаны буомбалаабыттара. Баара-суоҕа үс-түөрт буомбаны бырахпыттарыгар муоста үрэллэн хаалаахтаабыта. Онтон самолеттар окуопалары үрдүнэн, хара суордуу халаахтыы сылдьан, буомбаларын ордугун Бүөтүрдээх үрдүлэригэр сүөкээбиттэрэ. Сир өрө түллэҥнээн олорор үлүгэрэ буолбута. Ону таһынан пулеметунан ытыалаан буулдьа тыаһа сыыбырҕас этэ. Бүөтүр окуопатын түгэҕэр кумуллуоҕунан кумуллан баран умса түһэн сыппыта. Ол эрээри санаатыгар адьас аһаҕас сиргэ сытар курдук этэ. Хас биирдии буомба, буулдьа кинини эрэ бултаһалларын курдук санаан, сүрэҕэ адьас айаҕар тахсыбыта. Самолеттар бэрт кылгас кэмҥэ буомбалаатылар быһыылаах этэ да, туох да наһаа өр буолбут курдуктара. Кэмниэ кэнэҕэс, дьэ, уу чуумпу буолбутугар өндөйөн дьонун көрбүтэ окуопаларын түгэҕиттэн саҥа үрүөтэһэн туран эрэллэрэ. Бары тыыннаахтарын билэн баран, саҥа уоскуйан эрдэхтэринэ Бүөтүр хаҥас өттүгэр сыппыт Кузьмин диэн уол табаарыһын көхсүн буорун тэбии-тэбии:
– Дьэ, доҕоор, бомбардировщигы үчүгэйдик тэбиэлээн битиргэттиҥ ээ, – диэбитигэр киһитэ кулук-халык буолбахтаабыта. Кузьмин күлэн тыбыыра-тыбыыра киһитэ тиэрэ сытан хайдах тэбиэлэммитин кэпсээн үллэҥнэппитигэр биирдэһэ:
– Ээй, эн эмиэ хаалсыбатаҕыҥ. Тэбиэлэнэҥҥин хата ойоҕоспун көҕөртүҥ быһыылаах, – дии-дии табах уурунаары сиэбин хастыбытынан барбыта. Буомбалааһын суоһун-суодалын аан бастаан билбит дьон тыыннаах хаалбыттарыттан үөрэн күлсэр, хаадьылаһар саҥалара күйгүөрэ түспүтэ.
Ити түүн иннилэригэр баар сэриилэр чугуйан кэлэннэр кинилэргэ холбоспуттара, бааһырбыттары хантан эрэ булбут оҥочолорунан үрэх уҥуор туораталаабыттара. Онон өстөөхтүүн сирэй-сирэйгэ көрсөр түгэннэрэ ыган кэлбитэ. Сарсыныгар өстөөх самолеттара эмиэ кэлэн буомбалаан лигийбиттэрэ. Соҕотохто өлөр өлүү дүбдүргэнэ, сах быһылаана тоҕо тардыллыбыта. Буомбалааһын элбэх өлүүнү-сүтүүнү таһаарбыта. Онно сөп буолбакка аны артиллерия ытыалаан барбыта. Биһиги дьоммут төбөлөрүн да өндөтөр кыахтара суох буола түспүтэ. Бүөтүр окуопатын түгэҕэр кирийиэҕинэн кирийэн баран сыттаҕына, взводун хамандыыра кэлэн саҕатыттан олордьу тардаат:
– Ньиэмэстэр атаакалаан эрэллэр. Ытыалаһарга бэлэмнэн, – диэн хаһыытаан баран ааһа сүүрбүтэ.
Саатын хаба тардан ылан былтас гынан көрбүтэ – кинилэр туһаайыыларынан икки биэрэстэттэн ордук сиргэ уонча тааҥка ньирилэһэн иһэллэрэ. Кэннилэриттэн, хара тордох курдук, сатыы сэрии анньан иһэрэ көстөрө. Биһиги өттүбүтүттэн биир да саа тыаһаабат этэ. Бүөтүр дьонум бары өлбүт буоллахтара дуу дии саныырын кытта, уҥа диэкиттэн тааҥканы ытар саа тыаһа иһиллибитэ. Онтон утуу-субуу пушкалар, тааҥканы ытар саалар ытыалаан барбыттара. Сотору хамандыырдарын чуор куолаһа уоту аһарга бирикээстээбитэ. Бүөтүр ыраах унньулуҥнаһар дьону наллаан кыҥыы-кыҥыы ытыалаан барбыта. Ол кэмҥэ хамандыыра кэлэн:
– Аргунов, тоҕо ытыалаабаккыный? Ытыалаан ис! Ытыалаан ис! – дии-дии өстөөхтөр диэки туһаайа-туһаайа ытыалаан битиргэппитэ. Онон Бүөтүр кинини үтүктэн табарыгар-таппатыгар кыһаллыбакка эмиэ харса суох ытыалаан барбыта. Тула өттүгэр буулдьа тыаһа сүрдэммитэ. Адьас, күһүҥҥү үөр чыычаах курдук, чыбыгыраан олорор буолбута. Ити икки ардыгар өстөөх хас да тааҥката умайан хара буруонан уһуурбуттара. Биир тааҥка инчэҕэй буору өрө ыһыахтаан, өрө ньирилээн чуо кини туһаайыытынан чугаһаатар-чугаһаан испитэ. Бүөтүр ыксаабыта, ойон туран үрэх диэки куотаары гынан эрдэҕинэ ким эрэ бэрт холустук хам баттаабыта. Ол кэмҥэ хаҥас диэкиттэн биир саллаат холбуу баайыллыбыт гранаталары туппутунан окуопаттан тааҥкаҕа утары сыыллан тахсыбыта. Бүөтүр бэйэтин туһугар куттанарын умнан, аны ол саллааты өстөөхтөртөн көмүскээри, автоматынан тибиирдэ-тибиирдэ тааҥка кэнниттэн тэйиччи сырсан иһэр ньиэмэс саллааттарын ытыалаан тибийбитинэн барбыта. Ол быыһыгар хараҕын кырыытынан буомба, снаряд тоҕута күөрэлээбит сиринэн сыыллан иһэр саллааты кэтэспитэ. Биһиги дьоммут ытыалыыллара биллэ күүһүрбүт. Киһилэрэ окуопаттан биэс уонча саһааннаах сиргэ тиийэн буомба тоҕо тэппит оҥхойугар үҥкүрүс гыммыта. Тааҥка дөрүн-дөрүн пулемет уотунан тибиирэ-тибиирэ, иҥнэл-таҥнал түһэн саллаат кирийбит сирин арыый хадьы соҕус ааһан истэҕинэ граната кыырайан тиийэн адьас анныгар түспүтэ. Сүрдээх улахан тыас дэлби бараатын кытары тааҥка, мэктиэтигэр өрө үллэх гынаат, тула холоруктаан иһэн хоп-хойуу хара буруонан унаарбыта.
– Ураа! Ураа! Һаай-эбэтээ! Эн да буолларгын умайдыҥ, – дии-дии Бүөтүр саатыгар саҥа ботуруоннары уктан хачыгыраспыта. Өйдөөн көрбүтэ ньиэмэстэр төттөрү сырсан унньулуҥнаһан эрэллэрэ. Сыыйа биһиги дьоммут ытыалыыллара сэллээбитэ. Били, тааҥканы умаппыт саллаат, хата, туох да буолбакка төттөрү сүүрэн ньохчооройдоон иһэрэ көстүбүтэ. Бүөтүр кинини адьас бухатыыр кэриэтэ киһи буолуо дии санаабыта, бөөлүүн кэлбит уҥуох сула сирэйдээх саас ортолоох киһи буолан соһуппута. Бөөлүүн маҥнай көрсөөт, Кузьмин киниттэн:
– Хайа, ньиэмэс кимэр дуу? – диэбитигэр утары көрөн саҥата суох турбахтаат:
– Прет гад. И нечем его остановить, – диэн баран икки ытыһынан баһын хам туттубутунан окуопа түгэҕэр олорунан кэбиспитэ. Бүөтүр онно кинини улаханнык санаата түспүт киһи курдук көрбүтэ. Онто бүгүн ити тааҥканы уматтаҕа.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?