Текст книги "Атырдьах сэргэ"
Автор книги: Данил Макеев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 4 (всего у книги 13 страниц) [доступный отрывок для чтения: 4 страниц]
Лэгэнтэй сэттэ сыл Томмокко көмүс хостооһунугар үлэлээбит буолан нууччалыы хоп курдук быһаарсар, ону таһынан сытыы-хотуу, атаҕынан да балачча чэпчэки буолан хамандыыра үксүн сүрүн күүстэриттэн инникилээн иһэр анал бөлөххө аныыр этэ. Өстөөхтөр инники кирбиини ханан баҕарар тоҕо көтүөхтэрин сөп этэ, онон итинник бөлөххө сылдьар улахан кутталлааҕа. Хаһан баҕарар, ханна баҕарар ньиэмэстэри кытары ыы муннуга анньыһа түһүөххэ сөбө.
Бүөтүрү көрсүбүттэрин үһүс-төрдүс күнүгэр нуучча улуу суруйааччыта Л.Н. Толстой олорбут сиригэр тиийбиттэрэ. Дьиэттэн илиитигэр сэбирдэх табаҕы туппут кырдьаҕас оҕонньор кинилэргэ утары тахсыбыта. Ол табаҕынан саллааттары күндүлээн баран:
– Эһиги иннигитинэ биэс улахан чаас кэлэн ааспыта. Хара кырыыстаахтары тохтоппотулар быһыылаах. Тыастара улам чугаһаан иһэр, – диэн баран кирилиэскэ хаар маҥан баттахтаах төбөтүн төҥкөтөн сукуйан олорбута.
Хамандыырдара манна бөҕөргөтүнэр үһүбүт диэн окуопа хастарга бирикээстээбитэ. Лэгэнтэйи илии пулеметугар иккис нүөмэринэн анаабыттара уонна уһаайбаттан чугас биир баараҕай дууб күлүгэр окуопа хасталларыгар соруйбуттара. Боотуон атын взводка барар буолбута. Сарсыҥҥытыгар ньиэмэс самолеттара кэлэн биһиги дьоммут бөҕөргөтүммүт сирдэрин буомбалаан барбыттара. Ол быыһыгар өстөөх артиллерията ытыалаан снарядтар араастаан ыйылаһан-уйулаһан кэлэн эстэн дэлби барыталаабыттара. Буомба, снаряд үксэ Лэгэнтэйдээх сытар сирдэриттэн тэйиччи соҕус, иннилэригэр сытааччылар окуопаларыгар түһүтэлээбиттэр. Онтон ньиэмэстэр хас да тааҥкалаах атаакаҕа киирбиттэрэ. Кэннилэригэр пушкалар ытыалаан тоҕута барар тыастара ньиргийтэлээбитэ, өстөөх тааҥкаларын тула снарядтар эститэлээн хара буору өрүкүппүттэрэ. Кыргыһыы кытаанаҕа биирдэ өрө ытылла түспүтэ. Сотору иннилэригэр сытааччылар тулуйбакка чугуйан эрэллэрэ көстүбүтэ. Лэгэнтэй ыраах хараарыҥныыр өстөөхтөрү кыҥыы-кыҥыы бинтиэпкэнэн ытыалыы сыттаҕына, пулеметтара ах баран хаалбыта. Эргиллэн көрбүтэ киһитэ окуопа хайыҥар умса түһэн сытара, чэчэгэйиттэн ып-ыраас хаан тыгыалаан эрэрэ. Өмүттэн хаалан тугу гыныан билбэккэ таалан сыттаҕына, хамандыыра сүүрэн кэлэн өлбүт киһини туора хаһыйаат: «Огонь! Огонь! К пулемету!», – диэн баран саҕатыттан сулбу тардан ылан пулемекка үҥүлүтээт, ааһа ыстаммыта. Лэгэнтэй пулемету хаба тардан ылан ытыалаан сигийбитинэн барбыта. Сотору өстөөхтөр киһи эрэ буоллар төттөрү сырсан күлүкүчүспүттэрэ. Лэгэнтэй тыын ыла түһэн баран, дуубун көрбүтэ хатырыгын бүтүннүү буулдьа, оскуолак сиритэ-хайыта көппүтэ, сиикэй баастыы, кытаран көстөрө.
Ньиэмэстэр бу күн тоҕо эрэ кимэн киирбэтэхтэрэ. Арааһа күүс мунньуналлар быһыылааҕа. Онон туһанан Лэгэнтэй окуопатын өссө дириҥэтэн биэрбитэ, дууб нөҥүө өттүгэр эмиэ окуопа хастыбыта уонна онно сыылан киирэр холлороон оҥостубута. Окуопа хасталларыгар бэҕэһээ, били, сэбирдэх табах биэрбит оҕонньортон сүгэ көрдөөн ылбыттара улаханнык туһалаабыта. Баараҕай дууб силиһэ элбэҕэ сүрдээх этэ. Ону сүгэнэн быһыта сынньа-сынньа, хараҥарыан иннинэ, соҕотох киһи холкутук турар окуопатын хаһан бүтэрбитэ.
Түүн солбуһа сылдьан дьиэҕэ киирэн утуйбуттара. Ньиэмэстэр сарсыҥҥытыгар лоп курдук бэҕэһээҥҥи кэмнэригэр эмиэ атаакалаабыттара. Эмиэ өлөр-тиллэр үлүгэрэ биирдэ тоҕо тардыллыбыта. Ити күн өстөөх хас да атаакатын төттөрү охсубуттара. Түүн дьиэҕэ киирэн солбуһан утуйалларыгар бэҕэһээҥҥитээҕэр киһи аҕыйаабыта биллэр этэ. Ити курдук түөрт күн дуубун кэтэҕэр сытан кыргыспытын кэннэ, биир түүн чугуйарга бирикээстээбиттэрэ. Инньэ гынан нуучча улуу суруйааччытын уһаайбатын хаалларан илин диэки сыҕарыйан биэрбиттэрэ.
Түүҥҥү хараҥаҕа харбыалаһан халлаан сырдыыта биир дэриэбинэ таһыгар кэлэн бэлэм хаһыллыбыт окуопаларга бөҕөргөтүммүттэрэ. Иннилэригэр тэйиччи ойуур харааран көстөрө. Ити күн өстөөхтөр биллибэтэхтэрэ. Киэһэ хараҥарыыта хамандыырдара 12 киһини сүүмэрдээн, ол иһигэр Лэгэнтэйи эмиэ разведкаҕа ыыппыта. Ньиэмэстэри көрсүөхтэригэр диэри арҕаа диэки барар уонна «тыл» ылан кэлэр сорудахтаах кутталлаах айаҥҥа туруммуттара. Бэрт сэрэхтээхтик айаннаан, били, иннилэригэр хараарар тыаны туораабыттара. Сотору халлаан суһуктуйан барбыта. Ханна эрэ киэһээҥҥэ диэри бүгэр сири булуохха наада диэн сүбэлэспиттэрэ. Ол иһэн тыа саҕатыгар турар быыкаайык дьиэҕэ кэтиллэ түспүттэрэ. Арааһа ойуур үлэһитин дьиэтэ быһыылааҕа, аттыгар атын туох да тутуу суоҕа. Харабыл туруоран баран дьиэҕэ киирэн муостаҕа кэккэлэччи сытан утуйуу буолбута. Лэгэнтэй оһох кэннигэр сыппыта.
Түһээтэҕинэ дойдутугар Баттахха сылдьар эбит. Ып-ыраас халлааннаах күн үүммүт. Арай, кынаттаммыт кэриэтэ салгыҥҥа өрө дэгдэйэн тахсан үөттэр төбөлөрүн үрдүнэн үрэҕи батыһа көтөн тэлээрэн баран, Ойуун Мэҥэтин бэлэһинээҕи булгунньах оройугар тиийэн түспүтэ. Онтон эмиэ өрө көтөн тахсан арҕаа диэки көтөн истэҕинэ, хап-хара былыт өрө сүүрэн тахсан халлааны бүтүннүү сабардаан кэбиспитэ. Ол икки ардыгар саннын байаатыгар диэри намылыйан түспүт хаар маҥан баттахтаах, үрүҥ түнэ таҥастаах оҕонньор баар буола түспүтэ уонна илиититтэн хаба тардан ылан өһөх хара былыт үөлэс саҕа хайаҕастааҕынан күн уота сырдаан көстөр сирин диэки көтөн куугунаппыттара. Ол истэхтэринэ эмискэ сүллэр этиҥ тыаһа ньиргийэ түспүтэ.
Соһуйуу бөҕөнү соһуйан олоро түспүтэ ньиэмэстэр түннүгүнэн гранатаны быраҕан баран, ытыалаан түптэлээн эрэллэр эбит. Оһох кэннигэр сыппыт буолан дэлби тэптэриллибэккэ хаалбыт быһыылаах. Түннүгүнэн ытыалыы турбут автоматтаах ньиэмэс ботуруона бүттэҕэ буолуо, ытыалыыра ах бараатын кытары ойон туран үрдүнэн ыстанан кэбиһээт, ыттан бугуйар куобах курдук туора-маары ыстаныталаан буута быстарынан ойуур диэки сүүрэн быыппастыбыта. Кэнниттэн ытыалаан тибиирдибиттэригэр куйахата аһый гыммыта. Дьолго туох эрэ умуһаҕар умса баран түһээт, хамсаабакка кирийэн хаалбыта. Хамсыан, тыыныан да куттанан төһө өр сыппыта буолла. Арай, нууччалыы саҥа баарга дылы буолбутугар сэрэниин-сэрэнэн өндөйөн көрбүтэ, бэйэтин дьонноро кэлэн тураллар эбит. Үөрүүтүттэн ойон турбутугар соһуйан өрө көрө түспүттэрэ. Хата, тыыннаах эбиккин диэн үөрүү бөҕө буолбуттара.
Кэлин билбитэ кинилэр бөлөхтөрүттэн биир украинец уол ордон хаалбыта эмиэ мүччү туттаран тиийэн дьонугар тыллаабыт эбит. Сонно биир взвод киһини ыыппыттар. Кэлбиттэрэ ньиэмэстэр суоллара сойбута ырааппыт. Арааһа разведчиктар бөлөхтөрө буолуо, эһигини эрдэттэн кэтии сылдьыбыт да буоллахтарына көҥүллэрэ диэбиттэрэ. Харабылга турбут уолаттары быһаҕынан анньан өлөртөөбүттэр этэ.
Өйүүҥҥүтүгэр ньиэмэстэр кимэн киирэннэр Лэгэнтэйдээх чаастара төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэн хаалбыта. Хас эмэ күнү быһа кыргыһан нэһиилэ төлө көтөн тахсыбыттара. Элбэх киһилэрин сүтэрбиттэрэ. Ордон хаалбыт дьону сынньата да түспэккэ атын чааска холбообуттара. Эмиэ хайа эрэ дэриэбинэ таһыгар кэлэн бөҕөргөтүммүттэрэ. Сарсыарда тыҥ хатыыта Лэгэнтэйи разведкаҕа илдьэ барбыттара. Иннилэригэр балачча тэйиччи багдаллан турар миэлиҥсэҕэ бэрт сэрэҕинэн киирэн үөһэ ыттыбыттара. Хамандыырдара халампааһынан көрө туран ньиэмэстэр иһэллэр диэбитэ. Кырдьык, иннилэригэр ыраах, талахтар быыстарыгар балачча элбэх киһи хараарыҥнаһаллар этэ. Эдэр баҕайы младшай лейтенант хас да киһиэхэ төттөрү баран пулемет аҕалалларыгар этэн көрбүтүгэр, ким да буолумматаҕа. Тиһэҕэр Лэгэнтэй барарга тылламмыта. Биэрэстэ аҥаарын кэриҥэ сири төттөрү сүүрэн тиийэн ручной пулемету сүгэн аҕалбыта. Ол икки ардыгар ньиэмэстэр балачча чугаһаабыт этилэр. Лэгэнтэй дэлби сүүрэн эппэҥнэс буолбут этэ. Пулемету аҕалаатын кытары хас да киһи ытаары тардыаласпыттарыгар бэйэм ытабын диэн хам кууһан баран сытынан кэбиспитэ. Хамандыырдара пулемету аҕалыҥ диэбиккэ ким да буолумматаҕа уонна ытаары гынаҕыт дуо, Аргунов бэйэтэ ытыалаатын диэн анараа дьону саба саҥарбыта. Тыын ылан уоскуйарын саҕана ньиэмэстэр өссө чугаһаабыттара. Сэриилэһэ сылдьар дьон курдук буолбакка, холку баҕайытык субуруһан хаамсан иһэллэрэ. Лэгэнтэй үчүгэйдик оҥостон кыҥаан сыттаҕына хамандыырдара «Огонь!» диэн хамаандалаабыта. Бары ытыалаан тиҥийбиттэрэ. Лэгэнтэй хас да уһун уочараты таһааран баран, тохтуу түһэн көрбүтэ дьоно бары таһырдьа тахсаары ааҥҥа ыбылы анньыһан тураллара. Хайдах буоллахтарай диэн соһуйан ойон турбута, биир эрэ ньиэмэс тыыннаах хаалбыт эбит. Дьоно ону билиэн тутаары ааҥҥа симсибиттэр. Итинник бэрт дөбөҥнүк тыл аҕаланнар бары командование махталын ылбыттара.
«Спасибо, брат!»Убайын ааҕы көрсүбүт үрэҕин үрдүгэр өстөөхтөрү утары икки күннээх хабыр хапсыһыы кэнниттэн Бүөтүрдээх эмиэ төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэ сыһаннар чугуйан биэрбиттэрэ. Бүөтүр дьолго биир да сиринэн бааһа-үүтэ суох этэ. Баһаам үгүс киһи өлөн, бааһыран, кэккэлэрэ биллэ чарааһаабыта. Ол эрээри саҥаттан саҥа дьону аҕалан иһэллэрэ. Үгүстэрэ сааһырбыт, күн бэҕэһээ хайа эрэ собуокка дуу, фабрикаҕа дуу үлэлии сылдьыбыт дьоннор быһыылааҕа. Ол быыһыгар эдэркээн уолаттар эмиэ бааллара. Өстөөх тохтоло суох кимэр буолан, бииртэн биир дэриэбинэни хаалларан иһэллэрэ. Абалаах баҕайы. Сэрии сэбэ да кэмчитэ сүрдээх. Ботуруоннарын ардыгар ааҕан үллэрэллэр. Халлааҥҥа аҥаардас ньиэмэс самолеттара хаһаайынныыллара. Үөр хаас курдук субуһан, сотору-сотору илин диэки ньирилэһэн ааһаллара. Бүөтүр сэрии буола турар сиригэр кэлбитэ ый курдук буолла эрээри, биир да биһиги самолеппутун түбэһэн көрө илик этэ. Арай, бүгүн биһиги үс самолеппут кинилэр сытар окуопаларын үрдүнэн кэлэн аастылар. Аҥаардас ол даҕаны дьон санаатын хайдах эрэ көтөҕөргө дылы гынна.
Бүгүн сарсыарда эрдэттэн бэлэмнэнэн бэҕэһээ чугуйан биэрбит дэриэбинэлэрин төттөрү ылаары кимэн киириини оҥордулар. Бастаан бэрт кылгастык артиллерия ытыалаабытын кэннэ атаакаҕа турбуттара. Ньиэмэстэри дэриэбинэттэн оччо сүтүгэ суох төттөрү охсон баран, томтор сиргэ турар миэлиҥсэттэн пулемет ытыалаан элбэх киһилэрин сүтэрбиттэрэ. Бүөтүр миэлиҥсэттэн сүүстэн эрэ тахса миэтэрэлээх сиргэ балачча дириҥ суол хайыҥа баар буолан быыһаммыта. Иннилэригэр ыраас хонууга туора-маары түһэн сылбах курдук охтубут дьон быыһыгар бааһырбыт эдэркээн уол: «Помогите! Ой, мамочки… Умираю… Помогите!» – дии-дии, ыһыытыыра-хаһыытыыра, араастаан энэлийэрэ иһиллэрэ. Ол уолу быыһаары снаряд тоҕо тэппит оҥкучаҕыттан сыыллан тахсыбыт киһини ньиэмэс пулеметчига ыраас сиргэ тахсарын кэтэһэ сытан саба тибиирдэн кэбиспитэ. Ону көрөн кэккэлэһэ сытар хамандыыра: «Аргунов, сыыллан киирэн бааһырбыты таһаар. Биһиги уотунан хаххалыахпыт», – диэбитэ уонна суол хайыҥар кирийбит дьоҥҥо хамаандалаатахпына уоту аһаҕыт диэн сыап устун бирикээс биэрбитэ. Бүөтүр хайдах эрэ күүрэн, тыына кылгаан хааларга дылы гыммыта. Оргууй өндөйөн иннин көрбүтэ бааһырбыт киһилэрэ кинилэртэн алта уонча хаамыылаах сиргэ сытар этэ. Илиитэ таймаҥныыра. Киниттэн миэлиҥсэ диэки уонча хаамыылаах сиргэ снаряд тоҕо тэппит оҥкучаҕа харааран көстөрө. Бааһырбыт киһини онно соһон түһэрдэххэ онуоха-маныаха диэри пулемет уотуттан куотуохха сөп курдуга. Ньиэмэс пулеметчига тоҕо эрэ бааһырбыт киһини ытыалаабат этэ. Бадаҕа, өссө ким эрэ быыһыы киирэрин кэтэһэр быһыылааҕа. Бачча кылгас сири эмискэ сүүрэн киирдэххэ быыс булан ыта охсуо дуо? Дьоно харса суох ытыалаатахтарына, баҕар, табыллыа. Төннөрүгэр миэлиҥсэ диэки гранатаны элитээт киһитин сүкпүтүнэн эмиэ дьонун уоттарынан хаххаланан төттөрү ыстаныа. Ити былаанын кылгастык хамандыырыгар быһаараат, сытан эрэ тас таҥаһын устан бэлэмнэммитэ. Хаста да салгыны күүскэ эҕирийэн ылбыта уонна хамандыырын диэки көрөн ылаат, кэҕис гыммыта. Ону кытары: «Огонь!» диэн хамаанда сатараабыта. Бүөтүр саалар тыастара өрө бачыгыраһа түһээттэрин кытары ойон туран иннин диэки түһүнэн кэбиспитэ. Сүүрэн тиийэн тиэрэ түһэн илиитэ таймаҥныы сытар киһини туох баар күүһүн түмэн көтөҕөн мадьалытан таһаараат, өссө уонча хаамыыны түҥ-таҥ үктэнэн тиийэн снаряд оҥкучаҕар ыстанан кэбиспитэ. Хата, оҥкучаҕа балачча дириҥ эбит. Ньиэмэс пулеметчига хойутаан хаалан кыһыытыгар балачча уһун уочараты биэрбитэ буорунан-сыыһынан эрэ саба ыспыта. Бааһырбыт киһитэ ыарыытыттан сирэйин ханньары тутуннар даҕаны ыһыытаабат-хаһыытаабат буолан хаалбыта. Тыын ылан баран, гранататын чекатын төлө тардаат, өндөс гынан миэлиҥсэ диэки көрөн ылыытыгар муннуктан биир ньиэмэс саллаата ойон тахсан уп-уһун уктаах гранатаны быраҕан эрдэҕинэ, хата, бэйэтин дьоно ытан түһэрбиттэрэ. Били баҕайы гранататын төлө тутан кэбиспитэ аттыгар эстэн дэлби ыстаммыта. Ону кытары дьонун сааларын тыаһа өрө тиҥийэ түстэ. Арааһа, киһибит гранататын бырахта диэтэхтэрэ буолуо. Бүөтүр ойон туран миэлиҥсэ аһаҕас аанын диэки гранатаны элитээт, киһитин санныгар биллэҕэн быраҕаат, төттөрү ыстаммыта. Суол хайыҥар кэлэн чохчос гынан киһитин түһэрээт, умса түһэн сытынан кэбиспитэ. Аҕылыырын аһарына сатыы сыттаҕына ким эрэ билээгэлээх ууну биэрбитин бэрт иҥсэлээхтик ыйырбахтаабыта.
Ол кэмҥэ хамандыыра сыыллан кэлэн: «Молодец, Аргунов! Раненого вынес, еще и мельницу поджег. Обязательно представлю к награде», – диэбитигэр миэлиҥсэ диэки көрбүтэ, били кини бырахпыт гранататыттан умайан кытыастан эрэр этэ. Пулемет ытыалыыра тохтообут. Ньиэмэстэр, арааһа, куотан эрэллэр быһыылааҕа. Сотору атаакаҕа турарбыт буолуо диэн синиэлин булаары туора сыыллан эрдэҕинэ, сибилигин аҕай сүгэн таһаарбыт киһитэ санныттан таарыйан тохтотон баран: «Спасибо, брат!» – диэбитэ уонна хараҕын симэн кэбиспитэ.
Килиэп уонна көһүйэлээх мүөтЛэгэнтэй өстөөх тохтоло суох кимэрин тохтото сатыыр кыргыһыыларга күн ахсын өлөр-тиллэр икки ардынан сылдьара. Синиэлин тэллэҕэ буулдьа, оскуолак тэһитэ көтөн адьас сиидэ курдук буолбута. Дьикти, ол тухары биирдэ да бааһыра илигэ. Ардыгар хайа эмэ дэриэбинэни ньиэмэстэри кытары хаста да хардары-таары ылсаллара. Иккилии-үстүү күн аанньа аһаабакка даҕаны сылдьар түгэннэрэ элбэх этэ. Биир күн өстөөхтөр кимиилэрин тулуйбакка бэрт аҕыйах бүтүн дьиэ ордон хаалбыт дэриэбинэтиттэн чугуйан биэрбиттэрэ. Лэгэнтэй автоматынан тибиирдэ-тибиирдэ сырсан унньулуҥнаһар ньиэмэстэри ытыалыы-ытыалыы сүүрэн иһэн, уулусса тоҕойугар төп-төгүрүк килиэп сытарын көрө биэрбитэ. Аанньа аһаабакка сылдьар киһиэхэ бастаан килиэби харбаан ааһар санаа кылам гынан ааспыта эрээри, ньиэмэстэр субу тилэх баттаһа иһэр буоланнар ааһа сүүрэ турбута.
Ити күн эбии күүс кэлэн аны кинилэр ньиэмэстэри чугуппуттара. Лэгэнтэй: «Ураа!» – хаһыытыы-хаһыытыы сүүрэн иһэн, умайбыт дьиэ таһыгар тобус-толору мүөттээх көһүйэ олорорун көрө түспүтэ. Бу сырыыга эккирэтээччилэр кинилэр буолан, көһүйэни харбаан ааспыта. Дэриэбинэ кытыытыгар урукку окуопаларыгар тиийэн тохтообуттара. Лэгэнтэй саппыкытын оһуттан ньуоскатын таһааран мүөтү баһа-баһа уобалаабыта. Ол эрээри мүөт хааһы буолбатах эбит этэ. Минньигэһэ бэрдиттэн сүрэххэ астаран сотору тохтообута. Ситэ чаас аҥаара буолбатаҕа ньиэмэстэр хас да тааҥкалаах атаакалаан киирбиттэрэ. Эмиэ чугуйуу буолбута. Лэгэнтэй аччык иһигэр мүөтү баһа-баһа сиэбитэ, дьэ, манна иэдээнинэн иэнигийэ сыспыта. Сүүрэн иһэн сүрэҕэ өлөхсүйэн тэлиэс-былаас үктэнитэлээн ылар буолбута. Дьонуттан хааллар хаалан испитэ. Хата, кини дьолугар биир бэрт толуу нуучча уола ситэн кэлэн куруттан харбаан ылан дьонугар диэри ньылбы соһон илпитэ. Ол уол суоҕа буоллар, иҥсэтин кыамматах ыттыы, баҕалыы сыыллан хаалыа эбит.
Сарсыҥҥытыгар биһиги дьоммут күүстэрин түмүнэн утары кимэн киирэ сылдьыбыттара да дуоннаах сири өппөтөхтөрө. Иккистээн нэмийэн атаакаҕа киирэн истэхтэринэ Лэгэнтэй таһыгар снаряд эстэн ыраах туора эһиллэн хаалбыта. Төһө өр өйө суох сыппыта эбитэ буолла. Биирдэ өйдөнөн кэлбитэ хабыс-хараҥа буолбут, баһа хуу-хаа курдук, сэниэтэ адьас суох буолбут этэ. Уҥа атаҕа ынырыктык ньиргийэн ыалдьара. Илиитин иминэн сирдэтэн сыыллан иһэн, снаряд оҥкучаҕар төкүнүйэн түһэн эмиэ өйүн сүтэрэн кэбиспитэ. Халлаан суһуктуйан эрдэҕинэ өйдөнөн кэлбитэ. Дэлби тоҥон тиистэрэ ыпсыбат буолбут этилэр. Хамсыыр да, саҥарар да кыаҕа суох курдуга. Санаатыгар санитардары кэтэһэ сатаабыта. Ити курдук түлэй-балай бара-бара төһө өр сыппыта буолла. Арай, ханна эрэ дьоннор саҥарсарга дылы гыммыттара. Санитардар истэхтэрэ дии санаан тоҥолохторунан тирэнэн, өйүн сүтэрэ сыһа-сыһа, хара сорунан оҥкучах хайыҥар сыыллан тахсан олорбута. Киниттэн сүүсчэкэ миэтэрэ сиргэ түөрт киһи турарын үдүк-бадык көрбүтэ. Хаһыытыаҕын саҥата тахсыбат, күөмэйэ адьас хатан хаалбыт этэ. Ол иһин көрөөйөллөр диэн оргууй иҥнэҥнии олордоҕуна, дьоно кинини көрөн кэпсэтэн баллыгыраһа-баллыгыраһа, бэттэх диэки хаамсан эрдэхтэринэ өйдөөн көрбүтэ, үрдүк хороҕор фуражкалаах ньиэмэстэр иһэллэр эбит. Ону көрөн таалан олорбохтоот, хараҕын кырыытынан хаҥас диэки үс-түөрт хаамыылаах сиргэ бинтиэпкэтэ сытарын көрбүтэ. Онно сыыллан тиийэн саатын ылан утары иһэр дьону кыҥыы сатаабыта да бинтиэпкэтин уоһа адьас үөһэ-аллара күөрэҥнии сылдьара. Ол да буоллар ытан саайбытыгар дьоно төттөрү сырсыбыттара. Саатын сомуоҕун бэрт эрэйинэн тардыалыы-тардыалыы кэннилэриттэн өссө иккитэ-үстэ ытан хаалбыта. Бүтэһик ытыытыгар кыракый хотоолго киирэн баран өрө сүүрэн тахсан иһэн биир киһилэрэ таҥнары күөдэллэнэн түспүтэ. Атыттара онно эрэ кыһаммакка сүүрэн тэбэ турбуттара.
Куругар иилинэ сылдьар подсумогыттан ботуруон ылан саатын ииттэн баран, умса түһэн сыппыта. Хамсаабытыгар хаана барара күүһүрдэҕэ буолуо, эмиэ түлэй-балай барбыта. Арай биирдэ өйдөнөн кэлбитэ наһыылкаҕа ууран илдьэ иһэллэр эбит. Тор курдук бытыктаах киһи бэргэһэтигэр кыһыл сулустааҕын көрөн бэйэм дьонум эбит диэн үөрэ санаабыта. Сотору массыынаҕа аҕалан сытыарбыттара. Билээгэттэн уу иһэрпиттэрэ. Тымныы уу иһэн хайдах эрэ чэпчээбит курдук буолбута. Ол эрээри, массыына хоҥнубутугар түҥкэл-таҥхал түһэн иһэн эмиэ ыас хараҥаҕа тимис гынан хаалбыта.
Санчааска тиийэн эпэрээссийэлиир остуолга ууралларыгар биирдэ өйдөммүтэ. Эдэркээн санитарка кыыс уонна ачыкылаах кырдьаҕас быраас бааһын сирийэн көрбүттэрэ. Онтон Мичурины санатар быраас оҕонньор саа чуумпууругар маарыланы эрийэ-эрийэ: «Билигин бааскын ыраастыахпыт. Оскуолак тамыккын курдары көтөн ааспыт. Тулуй», – диэн баран били чуумпуурун бааһыгар батары биэрбитигэр ыарыытыттан хаһыытыы түһээт, умса нөрүйэн турар сиэстэрэ кыыс халаатын түөһүн бүтүннүү хайа тардан баран уҥан хаалбыта. Төһө өр өйө суох сыппыта буолла… Ким эрэ сүүһүн инчэҕэй тирээпкэнэн соторуттан өйдөнөн кэлбитэ сиргэ сытыарбыттар этэ, били, сиэстэрэ кыыс аттыгар чохчойон олороро.
– Дьэ, доҕоччуок, таҥаспын хайа тардан улахан саакка киллэрдиҥ ээ, – дии-дии кыыс күлэн мичилийбитэ. – Билигин хааһы сиэхпит, аччык буолуохтааххын, – диэн баран сып-сылаас убаҕас хааһыны айаҕар кутан биэрбитэ. Аһаан, уу иһэн хараҕа быдан сырдаабыта. Хас эмэ хонугу быһа саҥарбатах буолан кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан баһыыбалаан баран, бырастыы гын диэбитигэр:
– Да, ничего. У нас всякое бывает. Давай спи, отдохни, – диэн баран туран барбыта.
Лэгэнтэй атаҕа ньиргийэн ыалдьара. Ол аата быспатахтар дии санаабыта. Төбөтүн өндөтөн көрбүтэ бүтүннүү маарыланан кэлгийэн кэбиспиттэр этэ.
Эргиллии«Тыыҥ-тыы-ыы-ы-ыҥ» диэн кулгааҕар быста-быста салҕанар тыас тыҥкыныырыттан Бүөтүр өйдөнөн кэлбитэ. Ыараан хаалбыт халтаһаларын атытан бастаан күп-күөх халлааны көрбүтэ. Онтон муннугар ап-аһыы буорах сыта саба биэрбитигэр дьэ ханна сытарын өйдөөбүтэ. Атаакаҕа киирэн истэхтэринэ уҥа өттүгэр адьас чугас тыас дэлби барарга дылы гыммыта да, ханна барбытын билбэккэ хаалбыта. Арааһа, снаряд дуу, миинэ дуу кэлэн дэлби тэппит быһыылааҕа.
Тураары өрө үрүөтүү сатаабыта да, кыаллыбатаҕа. Ол иһин ойоҕоһунан эргийээри гыммытыгар ынырыктаах ыарыы этин-сиинин бүтүннүү ньириһитэн эмиэ өйүн сүтэрэ сыспыта. Инньэ гынан хамсаабакка сытарыгар эрэ тиийбитэ. Бэргэһэтэ уһуллан хаалбыт, чэҥнээх буорга сытар буолан төбөтө олус тоҥмут этэ. Хаана баран да буолуо, бүтүннүү дьигиһийэн титирээн киирэн барбыта. Ол сордоно сыттаҕына, хата, санитардар түбэһэ түһэннэр санчааска таһаарбыттара.
Эпэрээссийэлиир остуолга сытыарбыттарын кэннэ, сааһыра барбыт быраас дьахтар бастаан уҥа эрбэҕин оскуолак быһа көтөн ааспытын бэрэбээскилээбитэ. Онтон кыптыыйынан сэрэнэн таҥаһын быһыта кырыйа-кырыйа бүтүннүү устан быраҕан кэбиспитэ, уонна уҥа буутуттан, ойоҕоһуттан бытархай оскуолактары ылҕаан ылан, сотору-сотору тааска быраҕан талыр гыннарбыта. Бүөтүр ыарыытын тулуйа сатаан сымыһаҕыттан хаан оҕуолуор диэри быһа ытыран баран бүтэйдии ынчыктыы сыппыта. Оскуолагын бүтүннүү ылҕаан баран, ойоҕоһун уонна уҥа буутун хам баайан кэбиспиттэрэ.
Ити түүн улаханнык бааһырбыттары тыылга госпитальга атаарбыттара. Ый курдук икки хас сиргэ көһөрө сылдьан эмтээн баран Бүөтүрү салгыы сэриилэһэр кыаҕа суох диэн дойдутугар төттөрү ыытар буолбуттара. Ити кэмҥэ биһиги сэриилэрбит өстөөҕү Москва анныгар үлтү сынньан, балачча ыраах төттөрү охсубут кэмнэрэ этэ.
Дьэ, ити курдук ини-биилэр, мөлүйүөнүнэн киһи тыынын быспыт ынырыктаах сэриигэ кыттан, иккиэн ыараханнык бааһыран 1943 сыл сайыныгар дойдуларыгар эргиллэн кэлбиттэрэ. Ити кэмҥэ кыра бырааттара Куола уон аҕыһын туолан, эмиэ бэбиэскэ тутан, саллаат сиэрэй синиэлин кэтэн армияҕа сылдьар этэ.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?