Электронная библиотека » Э. Семенова » » онлайн чтение - страница 2

Текст книги "Дьолу түстээччилэр"


  • Текст добавлен: 2 мая 2024, 21:40


Автор книги: Э. Семенова


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 8 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +

НОРУОТ КЭХТИБЭТ КЭСКИЛЭ – ЫАЛ БУОЛУУ

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин РФ Федеральнай Мунньаҕар анал суруга чопчу киһиэхэ – төрүүр-ууһуур дьоҕурдаах ийэҕэ – туһуланыыта дьиэ кэргэни, демографическай быһыыны-майгыны бөҕөргөтүүгэ болҕомто туһаайыллыбыт кэмигэр өрөспүүбүлүкэбит салалтата өйөөн, «Дьылҕа түсчүтэ» диэн Суорумньуһуттар ассоциациялара тэриллибитэ. Суорумньу – саха норуота ахсаан өттүнэн элбээһинигэр, өрөспүүбүлүкэ демографическай балаһыанньата тупсарыгар ыытыллар биир былааннаах үлэ буолар.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн «Суорумньу» кулууптарын пааспардааһын түмүгүнэн, 17 улууска барыта 35 «Суорумньу» кулууптара үлэлээн кэллилэр. Уус Алдан, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Нам, Амма, Таатта, Өймөкөөн, Уус Майа, Томпо, Ньурба, Хаҥалас улуустарын үгүс нэһилиэктэригэр уонна Дьокуускайга «Суорумньу» түмсүүлэрэ үлэлииллэр. Ол курдук, Горнай улууһуттан суорумньуһут Альбина Сапаргалиевна Султашова, Ньурба улууһуттан Эльвира Николаевна Семенова-Сэргэ кыыһа Тускулаана, Мэҥэ Хаҥалас улууһун суорумньуһута, «Алаһа» кулуубу өр сыл салайан кэлбит Мария Прокопьевна Андросова, аныгы олоххо сөп түбэһиннэрэн таһаарыылаахтык үлэлии сылдьаллар, кинини кытта бииргэ Светлана Афанасьевна Сергучева, Маргарита Бэргэновна Неустроева үгүс үлэни ыыталлар, Чурапчыттан төрүттээх, «Кыталык» кулууп салайааччыта – Шеломов Алексей Михайлович-Хара Кыталык, Томпо улууһун Кириэс Халдьаайы бөһүөлэгиттэн «Дьол түһүлгэтэ» суорумньу кулууп салайааччыта Альбина Сергеевна Баланова, Өймөкөөн улууһун суорумньуһута Валентина Николаевна Прокопьева, Бүлүү улууһуттан Геннадий Петрович Харлампьев-Кынаачай, Светлана Тарасовна Иванова, Нам улууһун суорумньуһута Галина Андреевна Егорова-Арчылаана, Уус Алдан улууһугар Бэйдиҥэ нэһилиэгэр олорор Владимир Никитич Пестряков (1989 сылтан элбэх ыалы холбообута), Кэптэниттэн Надежда Петровна Аманатова, Майаҕастан Людмила Архиповна Бурцева-Күндүүнэ, Бороҕонтон Алексей Алексеевич Алексеев, Найахы нэһилиэгиттэн Розалия Михайловна Исакова 1984 сылтан суорумньунан дьарыктанан, элбэх ыалы холбообуттара. Суорумньуһуттар – бу чахчы да икки сүрэх олохторун холбуулларын туһугар бэйэлэрин бириэмэлэрин аахсыбакка үлэлэһиилэрэ, кырдьык даҕаны, улахан махталлаах дьыала.

Истиҥ-иһирэх махтал тылларынан ахтан ааһыам этэ – Чурапчы улууһун Мугудай нэһилиэгиттэн «Төлкө» кулуубу салайбыт Мария Павловна Толстоухованы. Кини ыыппыт үлэтин салҕаан араас тэрээһиннэри салайан үлэлэтэр Елена Васильевна Шадринаны. Хас күһүн аайы Елена Васильевна салайыытынан муҥха ыытыллара дьон сэҥээриитин ылар. Маннык саҥаттан саҥа бырайыактар үлэҕэ киирэ туруохтарын наада.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн суорумньуга бастакы улахан тэрээһин 2004 сыллаахха, от ыйын 2—3 күннэригэр СӨ Бэрэсидьиэнин Дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах дьыалаларыгар кэмитиэтин уонна Уус Алдан улууһун муниципальнай тэриллии дьаһалтатын Дьиэ кэргэн дьыалаларыгар отдел салайыытынан «Суорумньу» кулууптарын 4-с сэминээрэ Уус Алдан улууһугар Бороҕон нэһилиэгэр Тутанхаайы алааһыгар «Кыыс ыһыаҕа» диэн ааттанан саҥалыы бырайыагынан ыытыллыбыта. Бу ураты ыһыахха 500-тэн тахса сулумах уолаттар уонна кыргыттар түмсүбүттэрэ, ону таһынан «Суорумньу» кулуубун салайааччылара, ыҥырыылаах ыалдьыттар кыттыыны ылбыттара.

Ыһыах буолуохтаах сирин кырдьаҕастартан сүбэлэтэн Бороҕон нэһилиэгэр (уруккунан Сыҥаах нэһилиэгэ) Тутанхаайы диэн алааска оҥорбуппут. От ыйын куйааһа, айылҕа ситэн силигилээн турар кэмигэр киһи ис кыаҕа арыллан, санаа көнньүөрэр кэмигэр өбүгэлэрбит сирдэригэр-уоттарыгар элбэх киһи кыттыылаах улахан тэрээһин буолбута.

ХIХ үйэ бастакы аҥаарыгар Бороҕон улууһун Сыҥаах нэһилиэгэр Түмэппий Бэрииһэп диэн орто баай оҕонньор сэттэ кыталык кыыһыгар анаан ыһыах ыспыта уос номоҕуттан «Лөгөй былыргыта» диэн кинигэҕэ киирэн турар. Кыргыттар ыһыахтаабыт сирдэрэ Кэптэни бөһүөлэгэр (былыргынан, Сыҥаах нэһилиэгэ) баар, онно үүт сойуппут миэстэлэрэ билигин да оннунан турар.

Түмэппий Бэрииһэп сэттэ кыыһын сыдьааннара, бэһис көлүөнэ дьон – Бээрийэҕэ олорор норуот эмчитэ, туостан тигии маастара Варвара Тихоновна Васильева, суорумньуһут Алексей Алексеевич Алексеев, Сыҥаах нэһилиэгиттэн төрүттээх сэттис көлүөнэ сэттэ кыыстаах Петр Егорович Заровняев кыргыттара-сиэннэрэ, Егор Егорович Заровняев оҕолоро-сиэннэрэ, Борисов Константин Константинович оҕолоро-сиэннэрэ, Борисов Иван Константинович оҕолоро-сиэннэрэ буолаллар (П.П. Бурнашев. Лөгөй нэһилиэгин былыргыта. – 2002с.).

Бастакы ыһыах түмүгүнэн 13 улуустан 500-тэн тахса сулумах киһи кыттыыны ылбыттара. Суорумньу сэминээригэр өрөспүүбүлүкэ Дьахталларын түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ В.И. Кириллина, профессордар Р.И. Бравина, В.Б. Окорокова, Г.С. Попова-Санаайа, медицинскэй наука кандидата, «Иэйиэхсит» кулууп салайааччыта Е.Н. Тролукова кыттыыны ылбыттара. Саха драматическай тыйаатырын артыыстара Анна Кузьмина, Зоя Багынанова, Маргарита Борисова, Михаил Апросимов «Ньургуһун иккистээн тылыннар» диэн испэктээҕи көрдөрбүттэрэ мустубут дьону-сэргэни кэрэхсэппитэ. Киһи хараҕа хатанар быыстапкатын улуустартан кэлбит норуот маастардара туруорбуттара.

Бу ыһыахха Сэһэн Ардьакыап өтөҕүттэн булуллубут, сүктэр кыыс сэргэтин үтүгүннэрэн Тумул бөһүөлэгин олохтоохторо оҥорон, сиэри-туому тутуһан туруорбуттара. Сэргэ төбөтүгэр саха дьахтарын дьабака бэргэһэтин илин өттүн ойуулаан оҥорбуттара, сибэкки курдук үөһээ ойуута – уоллаах кыыс тапталлара, ортокута – дьиэ кэргэн, ыал буолаллара, аллара сэбирдэх ойууланыыта – оҕолорун-ыччаттарын төлкөтө буолуон сөп диэн быһаарбыппыт. Бу сэргэ ойуулуун-бичиктиин билиҥҥи да уоллаах кыыс холбоһоллоругар ис хоһооно сөп түбэһэр диэн санааларын ууран чочуйбут Бороҕон нэһилиэгин олохтоох уустарыгар барҕа махтал буолуохтун.

Иккис ыһыах төлкөлөөх түһүлгэтин сэргэтин Арыылаах бөһүөлэгин олохтооҕо Н.Г. Пестряков мындырдаан оҥорбута, Өлтөх нэһилиэгэ бэйэтин кылаатын киллэрсибитэ.

Үһүс ыһыах сэргэтин Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо П.С. Нафанаилов дьиэ кэргэн сэргэтин оҥорон сиэри-туому тутуһан туруорбуппут, Лөгөй нэһилиэгин салалтата тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттыбыттара.

Үс сыл тэрийэн ыыппыт ыһыахпыт сэргэлэрэ үйэлэр тухары Уус Алдаҥҥа «Кыыс ыһыаҕа» ХХI үйэҕэ үрдүк таһымҥа тэриллибитин туоһута буолаллар.

Орто саастарыгар диэри алаһа дьиэни тэриммэккэ сылдьар аҥаардас дьон ыал буолар кэскиллэрин түстүүр усулуобуйаны тэрийэр аналлаах 3 ыһыахтар түмүктэринэн 28 ыал үөскээбитэ, кийииттэргэ аналлаах сэргэ туруоруллан, бу ыһыах үйэттэн үйэҕэ умнуллубата түстэммитэ, суорумньуһуттарга практическай, методическай көмө оҥоһуллан үлэлииргэ саҥа кыах бэриллибитэ.

Тэрээһиҥҥэ наһаа элбэх үлэни көрсүбүппүт: улуустартан 10-нуу сулумах киһини аҕалыы, күрэхтэһиигэ бэлэмнэнии, түһүлгэни сахалыы киэргэтии, улуус тэрилтэлэрин барытын өрө туруоран ыһыах ыспыппыт. Мин саныахпар, ханнык баҕарар тэрээһин элбэх киһи кыттыылаах буоллаҕына табыллар. Мэҥэ Хаҥаластан дьиэ кэргэн отделын сүрүннүүр исписэлииһэ Дария Ивановна Назарова салайыытынан кэлбит кыттыылаахтар наһаа үчүгэйдик тэринэн кэлбиттэрэ. Түһүлгэлэрин «Сардаана сибэкки – таптал сибэккитэ» диэн тиэмэлээн, наһаа тупсаҕай фотозона оҥорон дьон-сэргэ интэриэһин тардыбыттара. Горнай улууһуттан толору оптуобуһунан дэлэгээссийэ айаннаан кэлэн тэрээһиннээхтэрин көрдөрбүттэрэ. Хаҥалас, Чурапчы, Таатта, Амма, Нам улуустарыттан кэлбит дьоммут-сэргэбит ыытыллар күрэхтэргэ көхтөөхтүк кыттыбыттара, элбэх паара баар буолбута.

Үс сыл Уус Алдаҥҥа Кыыс ыһыаҕа үрдүк таһымҥа ыытыллыбыта. Бу тэрээһиннэри ыытыыга биһиэхэ күүс-көмө буолбуттара – Дьиэ кэргэн уонна оҕо дьыалаларыгар кэмитиэт сүрүннүүр исписэлиистэрэ Александра Васильевна Николаева, Анна Васильевна Маркова.

Кэлин санаатахпына, бу мин бэйэм өбүгэлэрим ыыппыт ыһыахтарын утумнаан, маннык өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһини тэрийсибиппинэн дьоллоохпун.

Салгыы суорумньу ыһыахтара улуустарынан ыытыллар буолбута кэрэхсэбиллээх. Ол курдук, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Амма, Томпо, Бүлүү бөлөх улуустарын суорумньуһуттара элбэх тэрээһини тэрийэллэр, дьиэ кэргэн элбиирин туһугар үлэлэһэллэр. Суорумньуһуттар тэрийэр тэрээһиннэрин бэйэлэрин кыахтарынан оҥороллор, онно Ассоциация бырагыраама оҥоруутугар, наҕараада, бириис өттүгэр көмөлөһөр.

Суорумньуһут үлэтэ олус уустук уонна эппиэтинэстээх. Кини киһи уйулҕатын үчүгэйдик билэр буолуохтаах, холбооттуур дьонун биир өйгө-санааҕа түмүөхтээх, хомоҕой тылынан-өһүнэн кэпсэтэн-ипсэтэн тылыгар киллэриэхтээх, дьон итэҕэлин ылыахтаах. Суорумньуһут диэн, мин саныахпар, айылҕаттан айдарыылаах киһи. Хас биирдии суорумньуһут бэйэтэ үлэлиир ньымалардаах: ким эрэ тэрийэр ураты дьоҕурдаах, ким эрэ сынньалаҥ киэһэлэрин иилээн-саҕалаан кыайа тутан ыытар, ким эрэ биирдиилээн дьону бэйэ-бэйэлэригэр ыпсарар дьоҕурдаах буолар.

Өрөспүүбүлүкэбит Бырабыыталыстыбата, тустаах министиэристибэлэр, тэрилтэлэр бу санааларын ууран үлэлии сылдьар суорумньуһуттары өйүөхтэрэ, биир санаанан, түмсэн сөптөөх дьаһаллары таһаарыахтара диэн эрэнэбит.

Сахабыт сирэ сайдарыгар, бигэ тирэхтээх буолуутугар ис сүрэхтэриттэн үлэлэһэ сылдьар суорумньуһуттарбар улахан туһалаах үлэҕит таһаарыылаах буоллун, дьон-сэргэ махтала эһиэхэ үөрүүнү, ситиһиини аҕаллын диэн алгыыбын!

Евдокия Петровна Бочкарева-Налыйа Хотун,
«Дьылҕа түсчүтэ» Суорумньуһуттар ассоциацияларын салайааччыта,
СӨ үөрэҕириитигэр, СӨ гражданскай көҕүлээһинигэр,
СӨ ыччат уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр туйгуна,
СӨ сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэлээх

СУОРУМНЬУҺУТ – АЙЫЛҔАТТАН БЭРИЛЛИБИТ ТАЛААН

Киһи Орто дойдуга кэлэр – сирдээҕи аналын көрсөн ыал буолан, дьиэ-уот тэринэн, оҕо төрөтөн, мас олордон бэйэтин суолун-ииһин хааллараары, дьоллоох олоҕу олороору.

Мин быйыл 77 хаарбын көрсөн олорон санаатым: бу Орто дойдуга тугу ситистим, кимиэхэ көмөлөстүм, өссө тугум итэҕэһий, санаабын толордум дуо?

Дьиҥэр, киһи олоҕо – хартыына, хартыына араамата – эн дьылҕаҥ. Бу хартыынаҕа – эн хаһаайыҥҥын: сырдык, ыраас өҥнөрү – эн талаҕын, хараҥардан эн ылаҕын, тупсарыаххын баҕарар буоллаххына – эн тупсараҕын. Онон, олоххор хаһаайынныы сыһыаннаһыахха наада. Төһөнөн уһуннук олороҕун да, соччонон хараҕыҥ арыллан, дьоҥҥо-сэргэҕэ тапталыҥ, махталыҥ күүһүрэн иһэргэ дылы буолар эбит.

Мин, ыал улахан оҕото, кыра сааспыттан дьаһайарбын сөбүлүүр этим. Ол да иһин буолуо, үлэбин старшай пионер баһаатайтан саҕалаан, үс нэһилиэккэ сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн, Дьокуускай куорат Октябрьскай уокуругар управдом салайааччытынан, баһылык солбуйааччытынан өр сылларга үлэлээн, билигин СӨ Ил Түмэн Государственнай Мунньаҕын дьокутааттарыгар көмөлөһөөччүнэн 6 ыҥырыыга үлэлээн кэллим. Бу күҥҥэ эдэр, эрчимнээх, сытыы өйдөөх, саҥа суоллары арыйар норуот дьокутаатыгар Мичил Кимович Николаевка көмө, сүбэ-ама буоларбыттан дьоллоохпун. Биһиги сыал-сорук туруорунан дьон олоҕо тупсарыгар, дьоллоох олох кэлэригэр туруулаһан араас хайысхаларынан үлэлэри ыытабыт.

Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев дьон туһугар ыытар үлэтин сэҥээрэбин, хайгыыбын, тугунан эрэ көмөлөспүт киһи диэн сыалтан бу суорумньу үлэтин өйдөөн сүбэ-ама буолабын. 2022 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ 100 сылын көрсө Сахабыт сиригэр олорор киһитин ахсаана 1 мөлүйүөн буоларыгар бу суорумньуһуттар элбэх өрүттээх үлэни ыыталлар.

Суорумньуһуттар наһаа элбэх үлэни көрсөллөр, ыытар тэрээһиннэрин ардыгар бэйэлэрин харчыларынан тэрийэллэр. Мин «Ил Эйгэ» айылҕаҕа дьиэ кэргэнинэн сынньанар туристическай комплекска иккитэ суорумньу тэрээһинин ыытыһан турардаахпын. Варвара Васильевна, Сергей Гаврильевич Трубиннар бэйэлэрин кыахтарынан, аһаҕас халлааҥҥа араастаан мындырдаан, айылҕа матырыйаалынан оҥорон туппут тутуулара киһи хараҕынан көрөн үөрэр, дууһалыын сынньанар комплекса буолбут. Бу тэрээһини тэрийэрбитигэр Ыччат уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин министиэристибэтин Афанасий Семенович Владимиров салайар эрдэҕинэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи Дьахталлар түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ Анжелика Егоровна Андреева, өрөспүүбүлүкэтээҕи Аҕалар түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ Айхал Иванович Габышев үлэбитин өйдөөн, туох кыалларынан көмөлөһөн тэрээһиммит сыалын сиппитэ. Маннык салайааччылар баар буолан, санаабыт көнньүөрэн үлэлии-хамсыы сырыттахпыт.

Биһиги бу комплекс салайааччыларыгар кэргэннии Варвара, Сергей Трубиннарга наһаа махтанабыт, баҕарбыт баҕа санаалара туола турдун, доруобай, чөл туруктаах олоҕу, элбэх үтүө санаалаах ыалдьыты, өссө да сайда, туругура турдуннар!

Суорумньуһуттар бары дьоҕурдаахтарын мин көрө-көрө үөрэбин: ким эрэ ыллыыр, ким эрэ үҥкүүлүүр, ким эрэ тэрийэр, хомоҕой тыллаах буолар. Ол иһин түмсэ түһэн мунньахтаан Ассоциация тэриниэххэ, бары түмсүөххэ диэн Евдокия Петровна Бочкареваны-Налыйа Хотуну салайааччы оҥостон үлэлии-хамсыы сылдьабыт.

Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ тэрийэр, үлэлиир усулуобуйа табыгастаах буоллаҕына эрэ, көдьүүстээх үлэ тахсыан, көрдөрүү үрдүк буолуон сөп. Ол инниттэн бэйэ-бэйэҕэ истиҥ сыһыан баар буоларын туһугар болҕомтону ууран, саҥа бырайыактары олоххо киллэрэн араас өрүттээх үлэни ыытабыт.

Баҕа санаам диэн СӨ Бырабыыталыстыбата өйдөөн, бу үлэни өйөөн 2 киһиэхэ үлэ миэстэтин көрөн, хамнастаан үлэлэтэрэ буоллар, көдьүүстээх үлэ тахсыа этэ.

Мин Уус Алдаҥҥа Курбуһах нэһилиэгэр сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээн олорон, бастакынан «Дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕолорго социальнай көмө киинэ» тэрийэн, дьону хамнастаан өрөспүүбүлүкэҕэ улахан көрдөрүүнү ситиспитим. Дьиэ кэргэҥҥэ болҕомто уурулуннаҕына, дьон-сэргэ бары үөрэ-көтө сырыттаҕына, дьэ бу кырдьык, судаарыстыба сайдар, олох тэтимэ күүһүрэр. Ол курдук, бу суорумньуһуттар дьиэ кэргэн элбииригэр, оҕо-уруу тэнийэригэр үлэлэһэр дьон буолаллар.

2006 сыллаахха 3 өрөспүүбүлүкэтээҕи суорумньу ыһыаҕар тэрийэр хамыыһыйаҕа киирэн, дойдубар тахсыбыттаахпын. Анжелика Егоровна, Александра Васильевна, Анна Васильевна буолан күнүс паромунан туораан, Суоттубут кытылын буллубут. Биэрэккэ дьиэ кэргэн отделын салайар Евдокия Петровна биһигини көрүстэ, аара остолобуойтан ас ылан Суотту музейыгар хонор буоллубут. Сарсыарда чыычаах ырыатыгар уйдаран, сибиэһэй салгыҥҥа хааман олус даҕаны сынньанныбыт. Ол гынан куорат дьонун кумаар утуппата. Ону ол диэбэккэ ыһыах буолар сиригэр Тутанхаайы алааска салгыы айаннаатыбыт. Ыһыах тэрээһинэ үчүгэй, кыттааччыта элбэх буолан үөрэ-көтө, киһи эрэ билсиэх, таптаһыах күннэрэ туран тэрээһин сыалын ситтэ. Ол тухары бу тэрийээччилэр утуйар ууларын умнан сүүрдүлэр-көттүлэр, ас-үөл дэлэйэ, күрэҕэ элбэҕэ – 2 күнү билбэккэ аһардыбыт. Евдокия Петровна маннык үлэтигэр бэриниилээх буолан, дьон туһа диэн билигин да суорумньуһуттары илдьэ сылдьара кэрэхсэбиллээх дьыала.

Урукку кэмҥэ үлэлииргэ үчүгэй этэ, билигин куһаҕан диэн этэр кыаҕым суох – сайдыыны кытта тэҥҥэ баран истэххэ, ханнык баҕарар кэм үчүгэй өрүттэрдээх. Сатаан үлэлиэххэ, дьоҥҥо туһалаах буолуохха, үтүө дьыаланы үксэтиэххэ, олох тупсарыгар үлэлэһиэххэ наада. Ханна да сырыттарбын, холобур быһыытынан бэйэлэригэр эрэллээх, үтүө дьону тумус туттабын. Ол курдук, Анастасия Николаевна Божедонова, Люлия Николаевна Григорьева, Василий Васильевич Гоголев уо.д.а. Маннык үтүө дьону кытта алтыһан үлэлээбиппинэн киэн    туттабын, кинилэр сүбэлэрэ-амалара миигин инники күөҥҥэ сылдьарбар кынаттаабыта!

Сахам дьонугар баҕарыам этэ, толору дьоллоох, эйэлээх олоҕу, чөл буолууну, аныгы сиэринэн дьоҥҥо-сэргэҕэ нус-хас олоҕу!

Мария Семеновна Черкашина,
«Бочуот Знага» уордьан кавалера,
норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,
«Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээллээх,
Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо,
Мүрү, Дүпсүн, Курбуһах, Суотту нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо

СУОРУМНЬУНАН 15 СЫЛ УТУМНААХТЫК ДЬАРЫКТАММЫТЫМ

Суорумньу – саха норуотун бэйэтин омук быһыытынан инники кэскилин быһаарыныытыгар үйэлэргэ мунньуммут, олох муудараһыгар олоҕурбут үтүө үгэһэ.

Былыр сахалар алаастарынан тарҕанан олорор кэмнэригэр ыал бэйэлэрин саастарын сиппит оҕолорун суорумньуһуттар нөҥүө кэпсэтэн ыал оҥороллоро. Ол курдук, суорумньуһуттар алаастарынан сылдьан улаатан эрэр, сиппит уолаттары, кыргыттары көрөн, ким кимиэхэ сөп түбэһэн ыал буолуон сөбүн быһаараллара уонна бириэмэ болдьоон, эрдэттэн кэпсэтэн кэргэн ылыахтаах уолаттарын илдьэ кэлэн кыыс көрөн бараллара, эдэрдэр сөбүлэстэхтэринэ, илии охсуһан уруу туһунан кэпсэтэн барар буолаллара элбэх кэпсээннэргэ уонна уос номоҕо буолан дьон кэпсээниттэн биллэр.

Маны таһынан улуустар ыһыахтарыгар ыаллар оҕолорун илдьэн, онно эдэр дьон сөбүлүү көрбүт кыргыттарын, уолаттарын эмиэ төрөппүттэригэр этэн суорумньуһуттар нөҥүө көрсөн, илии охсуһаллара. Итинник суорумньуһуттар нөҥүө холбоспут дьон олохторо бөҕө буолара: хантан хааннааҕа, туох дьарыктааҕа эрдэттэн биллэр буолан, кыыс да, уол да быһаарыныыларыгар бигэ, тирэхтээх буолара.

Олох уларыйдаҕын ахсын суорумньу үлэтэ эмиэ тэҥҥэ уларыйан, урукку курдук ыалы кэрийэ сылдьан уолу, кыыһы көрүү тохтообута. Ол эрээри биирдиилээн дьон дьарыктанан син биир ити үгэс олох сүтэн хаалбатаҕа.

Мин 1993 с. Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Дьиэ кэргэн уонна демография бэлиитикэтин сайыннарыыга отдел тэриллибитигэр кылаабынай исписэлииһинэн үлэҕэ киирбитим. Ити үлэлиир кэммэр ГТАС (Гражданскай турук аактатын суруйар салаа) кытта бииргэ ылсан үлэлээбиппит: улууска оҕо төрөөһүнэ, ыал буолуу ахсаана элбээһинигэр ыал буолар эдэрдэри үөрүүлээх быһыыга-майгыга регистрациялыыр этибит уонна оҕо төрөөтөҕүнэ эмиэ роддомҥа тиийэн дьиэлэригэр тахсан эрэр эдэр ийэлэри; саҥа ыал буолбут дьону эҕэрдэлиирбит.

Ол үлэлии сылдьан 25—30 саастарыттан үөһэ саастаах сулумах уолаттары, кыргыттары испииһэктээн бу дьону ыал оҥорорго «Суорумньу» кулуубун тэрийбиппит уонна улуус нэһилиэктэринэн көрсүһүү биэчэрдэри тэрийэн, онно кэлбит уолаттарга, кыргыттарга араас оонньуулары ыытан, билсиһиннэртээн үлэлэһэн барбыппыт.

Сүбэ-соргу

Аҥкыата толорторор этибит, хас биирдии кыттааччыга нүөмэр биэрэрбит уонна «Комната для двоих» диэн хос бэлэмнээн онно булсубут пааралар киирэн билсиһэллэрэ, сибээс олохтууллара.

Дьэ, ити курдук, Майаҕа, Хараҕа, Төхтүргэ, Чүүйэҕэ, Павловскайга, Хорообукка, Төҥүлүгэ, Бүтэйдээххэ биэчэрдэри тэрийбиппит. Суола Мэлдьэхсигэ Андросова М.П., Хорообукка Сергучева С.А., Чүүйэҕэ Романова М.М., Петров В.П., Лоомтукаҕа Ларионова Н.Д., Бүтэйдээххэ Попова Л.М., Бөкөҕө Матвеева С.Н. ордук таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ.

2003 сыллаахха СӨ Бэрэсидьиэнин иһинэн Дьиэ кэргэн, оҕо аймах дьыалатыгар кэмитиэккэ үлэлии кэлэн баран, 2009 с. диэри «Суорумньу» үлэтин уопсастыбаннай үлэ быһыытынан салайбытым. Бу үлэлээбит сылларбар Илин эҥээр улуустарыгар, Дьокуускай куоракка, Ньурбаҕа, Сунтаарга суорумньу сэминээрдэрин, биэчэрдэрин ыытан кэлбитим уонна кэлин 2010—2012 сс. Нөөрүктээйи нэһилиэгэр баһылыгы солбуйааччынан үлэлии сылдьан Павловскайга үс төгүл Илин эҥээр улуустар кыттыылаах суорумньу биэчэрдэрин ыыппытым.

2004—2006 сылларга үс сыл субуруччу Уус Алдан улууһугар Тумул нэһилиэгэр Тутанхаайы алааһыгар «Кыыс ыһыаҕа» диэн тэрийэн ыыппыппыт, бу ыһыаҕы улуус баһылыга Бочкарев И.В. бэйэтинэн көҕүлээн, тэрийсэн ыыппыта. Улууска Дьиэ кэргэн отделын сэбиэдиссэйэ Бочкарева Е.П., Дьахтар сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ильина Т.П. бу бырайыагы олоххо киллэрэргэ сүрүннээн тэрийэн, сүүрэн-көтөн ыытыспыттара. Кыыс ыһыаҕар – өрөспүүбүлүкэ таһымнаах бастакы тэрээһиҥҥэ 12 улууһуттан 500-тэн тахса сулумах уолаттара уонна кыргыттара түмсүбүттэрэ.

Сүбэ-соргу

Суорумньу биэчэригэр бастаан хас кэлбит киһини испииһэктээн нүөмэри туттарарбыт, эрдэттэн бэлэмнэммит аҥкыатаны толорторорбут уонна суорумньуһуттары эмиэ туспа испииһэктээн төлөпүөннэрин хайаан да ыларбыт. Биэчэргэ араас оонньуулары ыытабыт, ол курдук, кыыс эккирэтиитэ; уолаттарга, кыргыттарга анаан бэйэлэрин билиһиннэрэр араас куонкурустары, уолаттарга сымсатын, күүстээҕин көрдөрөр күрэхтэри, кыргыттарга иис, ас астааһына. Маны таһынан кутаа уот тула байаанынан үҥкүүнү, маассабай оонньуулары элбэхтик ыытар этибит.

Суорумньуһуттар илдьэ кэлбит уолаттарын, кыргыттарын хаһыс нүөмэрдээх уолу эбэтэр кыыһы сөбүлүү көрбүттэрин билэн, ол уол, кыыс туһунан тэрийээччилэртэн көрөн билсэллэрэ уонна хайа улуустан кэлбитин билэн, онно бэйэ-бэйэлэрин күүлэй тэрийэллэрэ уонна ол түһүлгэҕэ тиийэн эдэр дьону билиһиннэрэллэрэ.

Билсиһии түмүгэр эдэрдэргэ усулуобуйа оҥорон араас күүлэйдэри оҥорбут. Уус Алдаҥҥа, холобура, тыынан күүлэйдээһин тэрийбиппит, онно эдэр дьон тыынан хатааһылаан, онно кэпсэтэн сибээс олохтууллара. Икки күннээх билсиһии кэннэ, сорох эдэр дьон нүөмэрдэри көрөн, ол кыыс дуу, уол дуу хантан сылдьарын, төлөпүөнүн нүөмэрин бэйэлэрин суорумньуһуттарын нөҥүө биһигиттэн, тэрийээччилэртэн, көрдөөн ылан эмиэ билсиһэр, көрсүһэр этилэр.

Икки күннээх көрсүһүү, билсиһии түмүгүнэн биэчэри түмүктүүр тэрээһиҥҥэ сороҕор 15 паараҕа тиийэ тахсара. 3 сыл ыытыллыбыт Уус Алдаҥҥа Кыыс ыһыаҕар билсибит, ыал буолбут дьоммутун мааны ыалдьыт курдук ыҥыран, хайдах ыал буолбуттарын кэпсэттэрэр этибит. Ити курдук аҥаардас биэчэр ыыттыҥ да, онон бүтэн хаалбакка, бу сыллар тухары суорумньуһуттар нөҥүө хас ыал үөскээбитин барытын испииһэктээн түмэн, төһө ыал, оҕо төрөөбүтүн учуоттуур буоларбыт.

3 сыл ыытыллыбыт Кыыс ыһыаҕа элбэх ыалы үөскэппитэ. 28 ыал бэйэлэрин булсан, оҕо-уруу төрөтөн билигин саха ахсаанын элбэтэ сырыттахтара.

Билигин олох уларыйан инстаграм нөҥүө билсиһии бөлөхтөрө эмиэ тахсан, биирдиилээн дьон бэйэлэрин билсэн ыал буолаллара да баар буолла.

2000—2010 сылларга «Суорумньуга» үлэлээн элбэх дьону ыал буолууларыгар, оҕо-уруу төрөтөллөрүгэр, өрөспүүбүлүкэҕэ демографическай политика сайдыытыгар сэмэй кылааппын киллэрсибиппин олоҕум биир сэмэй ситиһиитинэн ааҕынабын уонна бииргэ үлэлэспит дьоммор, суорумньуһуттарга – уопсастыбаннай үлэни өрө тутан, өрөбүлү аахсыбакка дьон туһугар үтүө санаалаах ыал ийэлэригэр, Далбар хотуттарга – дириҥ махталбын тиэрдэбин.

Александра Васильевна Николаева,
СӨ үлэ, муниципальнай сулууспа бэтэрээнэ,
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Нөөрүктээйи нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо,
СӨ муниципальнай сулууспа туйгуна,
Софья Сидорова аатынан бочуоттаах бэлиэлээх

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации