Электронная библиотека » Евдокия Иринцеева » » онлайн чтение - страница 1

Текст книги "Килиим"


  • Текст добавлен: 2 мая 2024, 21:40


Автор книги: Евдокия Иринцеева


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 1 (всего у книги 8 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Огдо
Килиим

Хаһан эрэ, Ханна эрэ…

Итэҕэй, туох барыта… хаһан эрэ саҕаланар

Эн аттыгынан элбэх киһи ааһар. Утары иһэллэр. Ааһа көтөллөр. Төттөрү-таары сырыы үгүс. Ким эрэ тиэтэйэ, атын холкутук хаамар. Ким эрэ үөрэр-күлэр, таарыччы эн санааҕын көнньүөрдэр. Сорох санаарҕаабыт, саппаҕырбыт сэбэрэлээх. Маннык үгүс киһи төттөрү-таары аасыһарын, сирэйин-хараҕын одуулаһыахтааҕар, өйдөөн көрөр да киһи аҕыйах. Улахан куоракка, киэҥ сиргэ олох итинник устан баран иһэр.

Биллэн турар, ааһан иһээччилэр бары туох эрэ санаалаахтар, туох эрэ соруктаахтар. Баҕар ким туох эрэ кыһалҕалааҕа буолаарай? Оннук буолуон эмиэ сөп буоллаҕа. Хас киһи тугу саныырын эн, ааһан иһээччи, хантан билиэҥий? Оннук, киһи барыта биир буолбат, тэҥҥэ толкуйдаабат, биир киһи кыһалҕатынан салайтарбат.

Уон киһи… сүүс киһи… тыһыынча, мөлүйүөн. Ол тухары араас санаа, эгэлгэ түбүк, табыллыы, табыллымыы, сыыстарыы, ситиһии, тэмтэрийии. Ол буолар – олох. Олох ис хоһооно хас биирдии киһи туһугар маарыннаспат, үтүктүспэт, биһирэммэт, хайҕаммат уонна сиилэммэт. Ким да, кимиэхэ да үҥсэргээбэт, наадыйбат буолбута ырааппыт. Оннук тутуллаах эбит олохпут.

Ардыгар арааптардыы дишдаша ырбаахылаах, төбөтүгэр кыһыл эриэн гандуралаах киһини Дьокуускайга көрсө түстэргит, соһуйбат буолаарыҥ. Ити эйэҕэс-сайаҕас, оонньуулаах-күлүүлээх, бэрт элбэх сүгэһэри илдьэ сылдьарын таска биллэрбэт уратылаах Килиим Федоров илэ бэйэтинэн буолуон сөп. Итинник таҥныаҕа уонна кэнсиэрдии ойуоҕа. Эбэтэр, кими эрэ үөрдээри, соһуччу ыалдьыттыы бараары да гыннаҕына ситигирдик, дьүһүннүүн-бодолуун арааптарга маарынныырдык, таҥнан кэбиһиэ.

Киниэхэ итинник быһыыта олус барсар, табыллар. Тоҕо диэтэххэ, кини бэйэтэ ураты киһи, эмиэ да артыыс, эмиэ да тэрийээччи, эмиэ да бэриниилээх доҕор-атас. Арааптар төрүт дойдуларыгар сылдьыбытын бэлиэтин, итиннэ олохтоохтор сөбүлээн кэтэр табыгастаах таҥастарын өйдөбүнньүк атыылаһан баран, туһааннаах түгэҥҥэ кэтэн-таҥнан туһанаары гыннаҕына омнуо буолсу үһүө? Солуута суох, бу эмиэ тугай, ону-маны түбэһиэх таҥныбыт диэн сиилиэх иннинэ, бу киһи айылҕаттан уратытын уонна тус аналын табан өйдүүр, кинини билбит эрэ сэмэлиэн сөбүн үгүс киһи билигин өйдөөтө.

Кимий кини? Ама, Килиими билбэт саха күн бүгүн баар үһүө? Саатар 80-90-с сылларга Саха сирин тилийэ гостуруоллаабыт, тыа сирин ордорбокко кэнсиэрдээбит эстрада артыыһа эдэркээн уолу өйдөөччү баһаама биллэр. Оччолорго бу уол ситтэҕинэ-турдаҕына атын киһи буолуоҕун, ис кыаҕын эн үөйбэтэх да эгэлгэ эйгэҕэр таһаарыныаҕын ким тымтыктанан көрүөй? Оттон кэнники көлүөнэ ыччат кинини, олус чугастык алтыһар буолан, бэркэ сөбүлүүр уонна ытыктыыр, билиҥҥи кэмҥэ иэйэр иһирэх аҕа саастааҕын курдук ылынара, эмиэ туһугар, дьикти ээ.

Дьэ, онон, кини кимин ылбычча үс тылынан дуу, икки этиинэн дуу, сатаан быһаарыллыбат эбит. Чахчыта оннук, бу күнүстэри-түүннэри тиҥийэр, сайдыыны батыһар киин куоракка түптээх олохтоох, тус бэйэтигэр сөптөөх дьиэлээх-уоттаах, мэлдьи үмүрүйбэт үлэ түбүктээх, чуо тугунан дьарыгырыан күннэтэ сорунан туран сатаан тыырынар дьаһаллаах, кимтэн да тутулуга суох, аныгы үйэҕэ үгүһү ситиспит сэргэх мэтириэтин холустаҕа түһэриэххэ сөптөөх киһи кини эбит диэн кэбиһиэҕиҥ.

Килиим. Клим Семенович. Клим Семенович Федоров. Кини бу ааттарын, бэйэ киэбигэр киллэрэн иҥэриниэр диэри, син балай эмэ кэм аастаҕа…

Ырыынак тыына ыгылытыан инниттэн, ыраах сирдэринэн сырыылаах артыыстар, итини эттэринэн-хааннарынан билбиттэрэ. Оччолорго кинилэрдээҕэр сыыдамнык хантан эрэ кэлэн хаалбыт сыгааннар, улахан хааһах сүгүүлээх туох эрэ омуктар күлүгүлдьүһэр буолуталаабыттара дьиксиннэрэрэ. Ол да гынан, олоруҥ хаайтаран олорору билбэт көкөттөр буоллаҕа, былыр үйэҕэ элэс гыммыт буолаллара. Килиим итини наһаа сөҕөрө. «Сыгааннар буолан… Туох дойдулаах дьон, төрүт сирдэриттэн тэлэһийэн, бачча ыраах Саха сирин түҥ тыатыгар тиийэ кэллэхтэрэй» диэн мунаарара. Арааһа, ордуга суох олохтон ороһуйан, онно-манна айанныырга үөрэнэн хаалбыттарынан сиэттэрэн сылдьаахтыыллар ини дии саныыра.

Кэбээйи уола Килиим артыыстыырын тухары төһөлөөх сырыыны хотунан-соҕуруунан кэрийэн сылдьыбыта буолуой. Бадарааҥҥа батыллыбыт тыраахтар, буурҕаҕа муна сыспыт бураан, тибиигэ олорон хаалбыт массыына, ардахха аккаастаабыт матасыыкыл, абаккаҕа атынан да дьоруолатан, ытынан да көтүтэн, табанан кытта тамайа сиэллэрэн… айабыын, бэйэтэ этэринии, абытайдаах сырыыны эдэр, эрчимнээх уонна көрдөөх буолан, тулуурун мүччү туппакка баччаҕа кэллэҕэ. Ол аайы ытана-кэмсинэ сыппыт, булгуччу туох эрэ көмөнү-өйөбүлү аҥаардастыы эрэйэ олорбута буоллун, бу маннык кэрэ кэпсээннэрин кыбыммытынан күн бүгүҥҥү кэмнэргэ тиийэн кэлиэ эбитэ эрэ?

Килиим олорон ааспыт сыллара барыта көбүөр ойуутун курдук кэрчик-кэрчик оһуордардаах. Ол онно булгуччу сырдык, хараҥа дьүһүн хатыйсан, ханыылаһа-дьүөрэлэһэ оонньоон, көрүөхтэн эриэккэс биир кэрэ өйдөбүлү биэрэрин курдук, кини сырыыта-мэһиитэ эмиэ араастаах, эндирдээх эрээри, «биирин да ылҕаан ылан быраҕыам суох этэ, барыта күндү итиэннэ бэйэтин тустаах кэмигэр онтон атыннык салаллар дьылҕата суоҕа» диир. Тоҕо диэтэххэ, сырдык барыта ыраас буолбатын курдук, күлүк да кистэлэҥ көстүүлээҕэ киһи аймахха бэркэ биллэр диэн кини бөлүһүөктүүр. Ол кырдьык. Өҥү-дьүһүнү кыраҕы харах араарар, ураты толкуй мындырдык ылынар…

Олохтон сүмэтин, сүмэһинин эрэ аҥаардастыы айбардаан оборон ылбыт суох. Ону дьылҕа бэйэтэ бопсор быһыылаах. Аһыыны-ньулууну билбит киһи симэһин минньигэһин араарар аналлаах. Оннук холобур үгүс. Эбэтэр барыта даҕаны наар аанньа куруук курус, куһаҕан, кутуруктаах, содуллаах-состоруулаах эмиэ буолбатын курдук. Айылҕаҥ тэҥниир эбээт…

Хаһан эрэ, ханна эрэ… Биллэн турар, туох барыта саҕаланар төрдүлээх, бүтэр уһуктаах. Саҕаланыыны, син төһө эмэ кэм да аастар, эргиллэ биэрэн таайыахха-тойоннуохха сөп, оттон бүтэр уһугу… эрдэттэн билбит суох, сэрэниэххэ, сэрэйиэххэ эрэ сөбө дуу?

Сөбүлэс-сөбүлэһимэ, саха көрөөччүтэ көрө биһириир, куруук күүтэр, күлүүтүн-оонньуутун кэрэхсиир, саҥаттан саҥа сонунун сэҥээрэр сэргэх киһитэ, кэнсиэри биллэрээччи, или иилээччи, көрү саҕааччы артыыс Клим Федоров туһунан кинигэни, кытаат, арыйан ис, аах уонна кинилиин чугастык билис!

«Эрийэ-Буруйа»

Олох суола эмиэ оннук…эриллэҕэс-буруллаҕас

Мада-ам Эҕийе-Бүҕүйе! – диэттэрин кытта, салгын ачыкылаах, кылгас былаачыйалаах муус маҥан будьурхай баттахтаах блондинка, уп-уһун атахтарынан үрдүк тоһоҕо хобулукка дугунуталаан, сыанаҕа чахчы да эрийэ-буруйа үктэнитэлээн тахсан, кып-кыһыл кырааскалаах обуйук уостарын оппой-иппэй чорбоҥнотолоон, омуктуу букатын билбэт тылбытынан тохтообокко чуопчаара турара бу баарга дылы!

Онуоха тылбаастаан муҥнанааччы барахсан, хараҕын муҥунан көрө-көрө, уустук соҕус оборуоттарга, кэтиллэ биэрэн мах бара сыһа-сыһа, «синим биир» диэбиттии, күн талбытынан таайан көрөн, уу сахалыы кэҕийэ турара харахпар субу көстөр!

Оо, оччолорго, 80-с сылларга ити дьэ, чахчы, күлэн быара суох сытар көрөөччүлэр «кимий ити», «хайаларай, доҕоттоор», «хайа артыыһы билбэтибитий» диэн күө-дьаа суугунаспыттара сырыы ахсын, Эрийэ-Буруйа сыанаҕа тыраадыҥнаан таҕыстар эрэ, куруук да хатыланар буолбута. Петр Пестряков диэҕи уҥуоҕунан үрдүгэ, Алексей Павлов диэҕи арҕастыын чарааһа…

Ким да билбэт Эрийэ-Буруйатын, аны араас тэрилтэлэр саҥардыы үөдүйэн эрэр бырааһынньыктарыгар, «идиэйэтин кыбан ылан», үтүктэн үөлээннээхтэрин күллэрэр биирдиилээн дьон баар буолан испиттэрэ эрээри, сыанаҕа тахсар Эрийэ-Буруйа илэ бэйэтинэн таһыччы этэ. Кини ханна да буоллун, киин куорат араас улахан сыаналарыгар дуу, ыраах тыа сирин кулууптарыгар дуу, дугуҥнатан иһэрин көрдүлэр да, ытыс тыаһа хабылла түһэрэ, күн бүгүн тугу саҥарыаҕын таала таайан, иһийэн хаалаллара.

Бу олус табыллыбыт нүөмэри, сахалыы куттаах иһиттэн тэттэн үөрэ ылынар Мадам Эрийэ-Буруйатын эдэр баҕайы уол, Клим Федоров тус бэйэтинэн «төрөппүтэ». Ити 1986 сыллаахха ыраах Кэбээйи оройуонун уһук тыатын сиригэр, хаарбах диэҕи олус ыраастык тутан олорор кулуубугар биир кэмҥэ үлэлии сылдьан, бэстибээл буоларын кулгаах уһугунан истэн, дьээбэҕэ аҕыйах чаас иһинэн айан кэбиһээт, анаан бэлэмнээбит нүөмэрэ. Онтуката, бэйи, бэрт уһун тыыннанан, кэнэҕэскитин хас эмэ сыл устата өрөспүүбүлүкэни тилийэ көтүөн, үгүс көрөөччүнү сөхтөрүөн ити саҕана таайан да көрбөтөх, түһээн да баттаппатах буолуохтаах.

Ыксал түгэн тыҥаатаҕына, кыһалҕа субу тирээтэҕинэ, Килиим сахалыы толкуйдуура айылҕатыттан бэриллибит. «Булгуччу ханнык эмэ быыс-хайаҕас көстүөхтээҕэр эрэллээх буолуохтааххын» диэн сааһырбыт төрөппүттэрэ этэллэрин эрдэ долоҕойугар түһэриммит эбит. Ол – кини аҕата, дьиҥ айылҕа киһитэ, булчут, олоҕун ойуурга-тыаҕа атаарбыт улахан сонордьут этиитэ. Ол – ийэтэ, 9 оҕоҕо күнү көрдөрбүт, дьоҕус бэйэтигэр бүүс-бүтүннүү сылааһы, сырдыгы, тапталы, бары сатабылы, сүдү күүһү, кэрэни иҥэриммит барахсан, илдьиритэн биэрэн өйдөтүүтэ. Ол туһунан арыый да кэнники…

Оттон Килиим Эрийэ-Буруйа уобараһын айарыгар аһары судургу курдуга эрээри, билигин санаатаҕына, эрчиллии, эриллии, эбинии, этиһии, эрийсии, эллэһии, эстии, элэктэһии, эрэннэрсии, эбиллии… диэбит курдук, төһө баҕарар, бүтэр уһуга суох салгыы устан баран иһиэх олоҕун быһаарыылаах тоҕойдорун ол уобараска үүт-маас олордубут эбит! Кырдьыга оннук! Эдэркээн уол оонньоколоон эрчилиннэҕэ, эгэлгэ түгэҥҥэ эрилиннэҕэ, дьону кытта алтыһыаҕыттан элбэҕи, билии-көрүү арааһын эбиннэҕэ. Онтун быыһыгар тылтылга киирсибэт буолуу амтанын эмиэ билэн аастаҕа, кыралаан этиһэри да тумнубатаҕа, сыралаах үлэ күөнүгэр элбэхтик илиһиннэҕэ, эристэҕэ, биир сүбэнэн эллэһэн үлэлээбит эйгэтэ төһө эмэ кэҥээтэҕэ. Айар киһи куолутунан кураанахсыйан, сылаарҕаан эстибит да түгэннэрдээҕэ, хата онуоха дьээбэлэһии-элэктэһии баара үчүгэйэ бэрдэ, тулалыыр дьонун кытта биир дьыалаҕа турунарга хардарыта эрэннэрсии үксээбитэ, кэнникинэн биир санаалаахтара, доҕуйар кыахтара-күүстэрэ эбиллэн иһиитэ, ама астык буолбатах үһүө? Ити барыта киһи барахсан бүтүн олоҕун оллурдаах-боллурдаах олуктаах тоҕойдоро буолбакка? Ол – кини бу сылларга мунньуммут баайа.

Итинник баайдаах-дуоллаах киһи салгыы айарыгар-тутарыгар амалыйар аар күүс үксээн иһэрэ үөрүүлээх, ити кэнэҕэски кэм силбэһэр бөҕө тардыыта буоларын дьон-сэргэ көрө-истэ итэҕэйбитэ махталлаах.

Атахтарынан эрийэ-буруйа үктэммэхтиир «мадам» буола сылдьан, Килиим ситигирдик субуллубут суоллардаах гостуруол бөҕөҕө кэнники элбэхтик сырыттаҕа. Эрдэ түһэн эттэххэ, биирдэ Байбал Сэмэнэп, Аскалон Павлов, Бүөккэ Бөтүрүөп уонна Килиим буоланнар, Орто Халымаҕа тиийдилэр. Өлөөкө Күөл олохтоохторо кэнсиэри наһаа сөбүлээннэр кулууптан арахпакка, киэһэни быһа үҥкүүлээн тэйэн, ыбылы оонньоон, түүн үөһүн ааһыыта нэһиилэ тарҕаспыттара. Сорох-сорохтор саха эстрадатын артыыстара диэннэри үйэлэригэр көрбөтөх да буоллахтарына көҥүл буоллаҕа. Итиччэ ыраахха дьон хорсуннара буоланнар, ааттаах уолаттар тиийдэхтэрэ.

Нөҥүө күнүгэр сөмөлүөттэрэ тыалтан толлон көппөтө. Сыбаатайдыахтаах дьон хаайтардылар. Амарах санаалаах хоту дойду дьоно тапталлаах артыыстарын тутан олоруохтара дуо. Сиэр хааламмыт, бэрээдэк быһа туппут дьоно, дьиэлэриттэн таҥас-сап бөҕөтүн көтөҕөн аҕаллылар.

– Бураанынан илдьэбит! – дэстилэр.

Барахсаттарбыт аны аара тоҥуохтара диэн сэрэнэн, куорат уолаттарын көрөн туран таҥыннараннар, ыстаан үрдүгэр ыстаан, сон үөһэ сон, бэргэһэ үөһэ бэргэһэ кэтэрдэннэр, икки бураан көлөҕө олордуу буолла. Килиими сыарҕаҕа сытыаран баран бобо кэлгийэн кэбистилэр, кыра нэксиэҕэ көппөтүн, иҥнэс гыннаҕына аара сытан хаалбатын диэннэр. Байбал уол ыытааччыны мэҥэһиннэ. Сыбаатай диэки буурҕаны ортотунан түһүнүү буолла. Хоту дойду хотойдоро, ол сыыдам көлөлөөх уолаттар кыраҕа кымаардаабаттар, түү таҥас быыһынан суолларын син мээнэ көрөллөр быһыылаах.

Килиим, бэйэтэ да тибии-буурҕа диэни бэркэ билэр буолан, хоһуун мохсоҕоллорго олоҕун бүтүннүү итэҕэйэн, туох да налыйа холкутуйан, сыарҕатыгар сытан айаннаата. Хараҕар хаар эрэ кыыдамныыр, тула өттө тумарык, атын аралдьыйар көстүү кыс ортото ала буурҕа аннынан хантан кэлээхтиэй? Ол сытан нухарыйбыт, утуйан хаалбыт.

Биирдэ өйдөммүтэ – туох да тыас суох. Бураан бирилиирэ эрэ, тыал куугунуура эрэ… уу чуумпу. Туруон, кэлгиллэ сытар. Көрүөн, төбөтө нэһиилэ хамсыыр. Инньэ гынан бэркэ сыралаһан, эргиччи көрө сатаабыта баара, барыта хаар да хаар, от да суох, мас да суох. Хаар куйаар. Хайдах-хайдаҕый диэтэр да, сыарҕалыын-бэйэлиин бурааныттан арахсан сытан хаалбытын өйдөөтө. Ол тухары аймаммат ээ, бэйэтин балаһыанньатын туораттан көрөр уонна күлүөх санаата кэлэр. Онтон, чочумча буолан баран, ханна эрэ ыраах да ыраах, туох эрэ мотуора дыыгыныырын иһиттэ. Арааһа Байбала, атаһын хайдах хаардаах дойдуга хаалларыай, били бурааны булгуччу төттөрү эргилиннэрбит буолуохтаах. Өтөр буолаат, тыас чугаһыырга дылы гынна. Чахчы, бураан бирилиир. Ону кытта Байбал саҥата туох да сүрдээх, тылын баһа иһиллибэт, бап-баллыгырас.

Дьоно кэлиилэригэр Килиим, киһи бэрдэ уолаттарын хайҕаан, хата эрдэ өйдөнөн төнүннүлэр диэн хайдах да махтаныан билбэккэ, иһигэр тылын наардыы сытта. Эрэттэр тибиини быыһынан тирилэтэн кэлэн, хаары ыһан хорус гыннардылар. Байбала, абырыах баҕайы киһи, кырдьык-хордьук Килиимин сирэйин өҥөйөн көрөр уонна күүл да күл буолар. Букатын тохтообокко күлэр. Ол икки ардыгар бурааннара иннинэн-кэннинэн астаран кэлэн, сыарҕатын холбонно. Байбал буоллаҕына, тохтоон бэрт, иэрийэ сыһа-сыһа, нэһиилэ сукуҥнаан тиийэн сарк гына киһитин кэннинээҕи олбоҕу миинэ биэрдэ да, салгыы ыстаннара турдулар. Сыарҕаҕа кэлгиллибит Килиим иһигэр сөҕө саныыр:

– Байбал иирбит. Саатар киһитин саҥатыгар наадыйбат. Ити улуу сир күдэрик куйаарыгар сытан хаалбыт киһини, арай бөрө булбут буоллун?! Чэ, баҕар, ыйыппатын… Оттон итиччэ өр сыппыт киһини, саатар «тахсан киириэҥ этэ дуо» диэн ыйытыах эбит! – итинник саныы сытан эмиэ утуйан хаалар.

Хата, дьолго, иккистээн уһуктарыгар, Сыбаатайга кэлбит этилэр. Байбал тоҥон күлбэт буолбут этэ. Ону сэрэйдэр да, «күлүү гыммыт буруйун билиннэ быһыылаах» диэн Килиим иһигэр бэйэтин алы гынар.

Ол киэһэ кэнсиэр болдьоммут чааһыгар этэҥҥэ саҕаланан, дьон-сэргэ көнньүөрэн, сахалыы ырыаттан, көртөн-нартан сүргэлиин көтөҕүллэн, эбиитин дискотекаҕа үҥкүүлээн, киэҥ сиртэн кэлбит артыыстары астынан тарҕаспыттара.

Сарсыҥҥытыгар, Килиим утуйан турбутугар, бэҕэһээ тоҥмута-хаппыта, сытан эрэ дьагдьайа айаннаабыта, илистибит бэйэтин моһуоктаабыт этэ. Киэһэ Орто Халымаҕа кэнсиэрдии турдаҕына муннун хаана барбыта. Онтон аны, өйдөөн көрбүтэ… сирэйэ сөрүөччү тарпыт этэ. Куорат буолбатах, ханна баран кимиэхэ үҥсэргээн туох көмөнү эрэйиэххиний? Кэнсиэрин ситэри ыыппыта, эбиитин дискотекатын, эмиэ эрэй бөҕөнөн да буоллар, ситэрбитэ. Сарсыарда туран балыыһаҕа сүүрбүтүн быраастар куттаабыттара: «Түргэнник куораттаа, балыыһаҕа эмкэ киирэ оҕус. Онто суох сирэйиҥ ити тоҥмут ньиэрбэтэ ыытыа-ыһыктыа суоҕа», – диэбиттэрэ.

Хата, ол күн Дьокуускайга билиэттээх буоланнар, көтөн кэлээт, кини балыыһаҕа киирэн, ый аҥаара эмтэнэн үтүөрэн тахсыбыта. Онон Эрийэ-Буруйа саҕаттан эриллэр-буруллар уустук да түгэннэр Килиим олоҕун мэлдьи арыаллыыллар.

«Мин ийэ оҕотобун…»

Кырдьык, мин алаас уолабын

«Мин ийэ оҕотобун» диэтэххэ, киһи үксэ «ээ, барахсаны, аҥаардас ийэ ыччата эбит дуу» дии түһээччилэр. Килиимҥэ итинник саҥа аллайыы сыһыана суох. Ийэ диэтэххэ, ийэ, аҕа диэтэххэ, аҕа, Сүөдэрэптэр диэн үтүөкэннээх ыал сэттис оҕолоро, ыраламмыт ыччата, уолаттартан кыралара буоллаҕа эбээт!

От-мас көҕөрө тыллыыта, хатыҥ сэбирдэҕэ собо тылын саҕа буолуута, чыычаах уйа оҥостоору «ырып-чырып» ырыа бөҕөтүн дьиэрэтиитэ, кыс кэннэ туох барыта уһуктан сэргэхсийиитэ, үрүҥ түүн сырдыга сатыылыырын саҕана, ыам ыйын 26 күнүгэр уол оҕото күөгэс-налыс гына түспүт эбээт! Кини төрөөбүтүгэр аҕалара, саҥа туппут дьиэтин сарайа сиппэккэ турбутун, үөрүүтүттэн түһүнэн кэбиһэн, соҕотохто хаптаһыннарынан сабыта саайталаан бүтэрбитэ кэпсэлгэ киирбиттээх.

Дьэ били, ол саҕанааҕы 1969 сылы иэйэ-куойа анааран ыллахха, чахчы да алаадьы буһарар, кус сиир Ньукуолун ааспыта аҕыйах хоноотун кытта, саас сайыҥҥыга айылҕа сокуонунан букатыннаахтык көспүт кэмигэр күнү көрбүт бу уол кэлиитэ-кэтэһиитэ дьиктитэ эбээт. Сүөдэрэптэр Килиим диэн кыраланаат, ити чыыһылаҕа икки оҕолорун төрөөбүт күнүн бэлиэтиир үгэстэммиттэрэ. Өссө хойутуу, эмиэ ыам ыйын 26 күнүгэр, балтылара төрөөн, ити бырааһынньык суолтатын үс төгүл күүркэппитэ.

Екатерина Афанасьевна уонна Семен Пудович Федоровтар диэн нэһилиэккэ ытыктанар, иллээх-эйэлээх элбэх оҕолоох ыал быр курдук олорбуттара. Дьон-сэргэ эйэргээн, булчут аҕаларын ытыктаан сахалыы «Буутабыстар» диэн ааттыыллара. Түөрт кыыс, икки уол кэнниттэн төрөөбүт уолу Клим диэн эһэтин убайын, ол аата абаҕатын аатын биэрэн сүрэхтээбиттэрэ сонун буолбатаҕа, чугастыы билсэр дьон бары даҕаны сиэр быһыытынан судургутук ылыммыттара.

Эдьиийдэр барахсаттар саҥа төрөөбүт сурдьуларын, таҥара кэһиитин курдук ылынан, ийэлэрин кытта тэҥҥэ бүөбэйдэспиттэрэ. Аҕалара, булчут буолан, сэбиэскэй кэмҥэ сэлиэнньэҕэ көстүбэтэх да буолаахтыа, ойууру ордууланан, тыаны манаһан, судаарыстыба биэрбит былаанын толороору күндү түүлээх соноругар сааһын-үйэтин бараабыта.

Оҕолоро кинини сылга сыччах иккитэ-үстэ эрэ көрөллөрө. Аҕа барахсаны күүтэр уһунун, ахтылҕан диэн сүрэҕи-быары хам ылар ньүөлүйүүтүн кыраларыттан билбиттэрэ. Оччолорго маҕаһыынтан тиийэн талбыккынан эти-балыгы атыылаһар кыаллыбат кэмигэр этинэн тутахсыйбатах ыал бу этэ. Кыһын буоллун, сайын буоллун, хаһан да хара аһылыктара быстыбатын сөҕүөххэ эрэ сөбө. Ол булчут аҕаларын мындыр суотуттан тутулуктааҕа буолуо ээ. Кини кэллэ да, киис-солоҥдо, тииҥ-кырынаас диэни аахсыбаккын, оҕолор онно букатын кыһаллыбаттар.

Арай билэрдии, кэмэ суох ас-үөл үллэ-балла түһэрин соһуйа, үөрэ көрөллөрө. Талбыт кыылыҥ этэ, эгэлгэ балык бу дьиэҕэ толору кыстанара эмиэ буолуохтааҕын курдук этэ. Ону таһынан аттынааҕы ыалга, билсэр дьоҥҥо мэлдьи көбүччү соҕустук бэрсэргэ төттөрү-таары оҕо сүүрэрэ экчи. Килиим элбэхтик элээрбит уол оҕото ити саҕана бэрсигэн буолуу, кэһиимсэх майгы, махтал-баһыыба тылын дьиэҕэ тириэрдии хайдахтаах курдук үөрүүнү үксэтэрин иэйэн билбит, иһигэр иҥэриммит бэйэккэтэ. Аҕалара Буутабыс: «Булт аһыттан киһи көҥөммөт баҕайыта, Байанай ымыыта дэлэгэйдик күндүлүүрүн сөбүлүүр. Кыанар, кыаммат диэн баар. Хаһан даҕаны кинилэри маанылыыры умнубат, матарбат баҕайыта. Этэҥҥэ буоллахха, итиннээҕэр элбэҕи эбэбит барахсан ирээттиэҕэ», – диэн такайара. Ол иһин Сүөдэрэптэр оҕолоро куруук өҥ куттаахтара, ымсыырары уонна кэччэйэри билбэккэ улааппыттара.

Билигин олохпут арыый даҕаны атын… киһини тугу эмэ кыраны бэрсэҥҥин үөрүү кынатыгар олордуоҥ ардыгар саарбахтаах да буолуон сөбүн көрөн итэҕэйэр кэм. Хомойуох иһин оннук баар буолан хаалбыт эбит.

Оттон урут? Саха дьахтарын сиэринэн ийэлэрэ Кэтириинэ, оҕолоро тылларыгар олордон сотору-сотору аҕаларын суохтуулларын, ис сүрэҕиттэн бопсоро. Кинилэртэн тэйиччи, ыраах тыаҕа араас адьырҕалар быыстарыгар сылдьар паапаларын ахтан олус уйаһыйалларын аньыыргыыра, ол иһин кыраларыттан быһааран биэрбит, кытаанахтык үөрэппит буолан, оҕолор бука бары саҥата суох сүрэхтэрин кытта сипсиһэргэ эрдэттэн такайыллыбыт уратылаахтара. Кэтириинэ бэйэтэ, мээнэҕэ сорсуннаах сонордьут мааны ойоҕо буолбатах буолуохтаах, айылҕатыгар дьиктилэрдээҕэ. Кини кэргэнэ сотору кэлэрин дуу, тардылларын дуу бүтэйдии билэрэ, ханнык сылга туох булда ордук үөдүйүөн эмиэ эндэппэтэ. Улахан булт кэнниттэн дьиэни биир гына үөһэ-аллара ыйаммыт эҥинэ бэйэлээхтэр сүлүллүбүт тириилэрин хатта да ылан дьаһайтыыра, иллэҥ буоллар эрэ оҕонньорунуун тэҥҥэ таҥастаһара, тиирсэрэ.

Килиим улаатан истэҕин аайы саҥата-иҥэтэ ырааһа, көрөрө-истэрэ чоҕулуҥнаан мааныта, эргичис-урбачыс гынар сэниэтэ, хамсаныыта тэтиэнэҕэ барыларыттан бэлиэ курдуга. Кини кэнниттэн өссө үс оҕо кэлбитэ эрээри, бүтэһиктэрэ төрүүрүгэр сатанаахтаабатаҕа. Ол тиһэх уол тыыннаах хаалбыта буоллар, ийэлэрэ барахсан Герой буолуохтааҕа табыллыбатаҕа. Онон Сүөдэрэптэр тоҕус оҕону атахтарыгар туруорбуттара. Барыларын сээн диэн маанылаан, сатыылларынан такайан иитэннэр, дьоҥҥо ытыктанар төһүү-туруу үлэһит буолбуттара төрөппүттэрин үтүөтэ, кинилэр тус олохторугар, оҕолоругар тапталларын туоһута буолан хаһыс да көлүөнэҕэ сириэдийэ, салҕана турдаҕа.

Ийэттэн-аҕаттан бэриһиннэрбиттэрэ, өлүүлэтэн ылбыттара, кырдьык, элбэх эбээт, сир-дойду иччитин, омуна суох аахтара билэттиир ыал оччолорго даҕаны аҕыйаҕа. Айылҕа киһитэ буолан, аҕалара Сэмэн Буутабыс кыһын-сайын бултаатаҕа. Ол быһыытынан, кини ити дьарыгын уратытын, кыыл хаамыытын, сиэри-туому тутуһар булгуччулааҕын туһунан сибигинэһэн кэпсэтии, иһиттэн билии бу ыалга төрдүттэн баара. Ону ыһа-тоҕо киирэ-тахса кэпсиир сатамматын, сэрэхтээҕин, булт тэрилин ааҕа билэттииллэрин, тыытыллар-тыытыллыбат, атыллыыр-атыллаабат диэн эмиэ баарын быһаччы өйдүүллэрин быыкааларыттан буолуохтааҕын курдук ылыммыттара.

Онон билигин, Килиими иннигэр олордон баран, булт туһунан сэлэстэххэ, киһиҥ олоҥхо курдук, Орто туруу бараан дойду ол-бу оһуор-очур эгэлгэтиттэн саҕалаан баран, түҥ былыргы өбүгэлэрбит тэнийбэтэх-тыытыллыбатах үгэстэригэр тиийэ сэһэргээтэҕинэ, соһуйумуохха да сөп. Көр, дьиҥнээх улахан булчут ыччата оннук.

Айылҕа күүһэ киһиэхэ бэриллэр, кыаҕа кыра оҕоҕо иҥэр. Килиим бииргэ төрөөбүт улахан эдьиийэ Таптал Чагда диэн дойдутугар биллэр хоһоонньут баар. Сэмэй саха ыалын кэрэһитэ, үс оҕо ийэтэ, сиэн «эбээ» диэн ыҥырар сааһыгар тиийэн налыйан, айар кукка умсугуйуутун тылынан таһаарар уратылаах үтүөкэн дьахтар. Атыттар да төрүт удьуордарыттан матарыллыбатахтарын дойду сир дьоно көрөн олордохторо. Ону ааҕа ыйаттаан биэрэр эмиэ саха сиэригэр баппат. Баардаах кирийэр, кураанах-көҥдөй дорҕоонноохтук түөһүн тоҥсунар кэмигэр киһиргии сатыыры күөртүүр түктэри. Ол быһыытынан, холобурга, кыраны сэрэнэн сэгэтэн, сибигинэйэ былаастаан билиһиннэриибит Килиим эрэ тула буоллун.

Дьиэҕэ баар араадьыйаттан туохтан да кэрэ куолас киэһэ-сарсыарда иэйиилээхтик ыллыыр. Ийэлээх аҕата: «Ити Амма ырыаһыта Ольга Иванова», – дэһэллэр. Эчикийэ доҕуһуола даҕаны үчүгэйэ, ханнык да ырыаһыт киэнигэр маарыннаабат.

 
«Ийэттэн төрүүллэр генийдэр, геройдар,
Долгуннуу эбиллэн үүнэллэр норуоттар…»
 

диэн тыллары Килиим соһуйа истэр уонна сөпсөһөр, кырдьык ээ, ким барыта ийэлээх. Оннооҕор кыыллар. Киһи оҕото араас эбит буоллаҕа: кимиэнэ эрэ герой, кимиэнэ эрэ гений, кимиэнэ эрэ… Килиим. Тыый, тугун дьиктитэй? Эллэй хоһоонун улууканнаах ырыаһыт Ольга Иванова ырыа матыыбыгар олордон аан дойдуга көтүппүтэ кырачаан Килиим төбөтүгэр соһуччу хатаммыта. Боп-боростуой ийэ барахсан төрөппүт кыра бэйэлээх оҕото хойут, улааттаҕына, герой буолан тахсар эбит дуу диэн аан бастаан толкуйга түспүтэ. Оччотугар бэйэтин норуокка кыттыгастаах курдук санаабыта. «Оттон мин…» диэхтии соһуйан иһиллээбит омунугар аны:

 
«Эн, кини уонна мин ийэттэн кэлбиппит,
Ийэбит эмиийин илгэтин испиппит…»
 

диэн, көрөн туран кэпсэтэр курдук салгыы, көнө-судургу тыллар көтөн испиттэрэ. Чахчыта оннук, кини ийэтин эмэн соппойорун өйдүүр ээ. Икки атаҕынан таймаҥалаан, тэбиэлэнэн оонньуу-оонньуу, ийэтин эмиийин төлө тутумаары, быыкаа тарбахтарынан кымаахтаан чыраахтаһара бу баарга дылыта. Минньигэс да баҕайы аһыттан арахсымаары араллаан бөҕөтүн тардара… Үһүн лаппа ааһыар диэри аны хаампатах эбит. Онон көтөххө сылдьан, бу санаатахха, аан дойдутун төрдүттэн улахан киһи хараҕынан анаарбыт эбит. Ону кини билинэр, олус күндүтүк саныыр, оннооҕор бииргэ мэниктиир оҕолоруттан кыбыстыбат, наада буоллаҕына билиниэн да сөп.

 
«Күндүттэн күндүнү, кэрэттэн кэрэни,
Күөх сирэм сир күнүн, таптыаҕыҥ ийэни…»
 

Чахчыта даҕаны! Мин ийэм бу сир күнүн санатар, кини дьиҥнээх Күн! Ити ырыаттан иһийэ долгуйбут уолчаан сааһа букатын аҕыйах этэ. Баара эрэ сэттэлээҕэ дуу, аҕыстааҕа дуу. Ол эрээри ити күнтэн ыла ийэтин дьиҥнээх Күн курдук көрөр буолбута. Олоҕун тухары. Оннооҕор тиһэх ыарыытыгар сытар эрэйдээх хайа да оҕолоруттан Килиимэ бүөбэйдиирин ордороохтуура. «Оҕом илиитэ сымнаҕас, эһиги киһини мас курдук тутаҕыт» диэн үҥсэргээбиттээҕэ. Онон, букатын барыар диэри, Күн Ийэтин илиититтэн араарбакка көрбүт – Килиим.

– Ийэм барахсаны, субу сотору кэминэн… суох буолуон сэрэйдэрбин даҕаны… араастаан аралдьыта, кэпсэтэ сатыыбын. Артыыс талаана итинниккэ табыллыбат, тахсыбат… Ийэм, дьиҥ иһигэр, мин саататарбар наадыйбата да буолуохтаах. Бу санаатахха, бэйэбин курдаттыы да көрөөхтүүрэ ини. Ол да буоллар оҕотун хомотумаары-хоргутумаары, хара күүһүн муҥунан өйүү сатыы сытаахтаабыта… Кини баара эрэ 58 саастааҕа. Куолубунан сүрэҕин иһиллии турбутум, «баран эрэр» киһи сүрэҕин тыаһын истибит аҕыйаҕа буолуо. Оттон мин тапталлаах Күн Ийэм сүрэҕэ, бигээн тутан турдахпына, 5 чааһы 11 мүнүүтэ ааһыыта… тэппэт буолан хаалбыта, үйэлэр тухары тохтообута. Ити – мин олохпор саамай сүдү сүтүгүм…

Килиим тумус туттар дьоно – ийэлээх аҕата. Биир да бэлиитик, билиҥҥи-урукку кэм өйдөөхтөрө, улуу бөлүһүөктэрэ буолбатахтар, утарытынан, этинэн-хаанынан билбитэ, айах атан кэпсэппитэ-биһирээбитэ, хараҕынан таптыы-харыһыйа көрбүтэ кинилэр – ийэтэ уонна аҕата. Өйдөөхтөн өйдөөхтөр, мындыртан мындырдар, хоһуунтан хоһууннар, күүстээхтэн күүстээхтэр уонна ыраастан ыраастар!

Кинилэр уолларыгар сыһыаннара урут сэбиэскэй кинигэҕэ айымньы буолан киирбит улуу Ленин ийэтигэр сыһыанын сахалыы олоххо дьиҥ көстүүтэ этэ. Биир мөҕөр тылынан хаҕыстык хаарыйбатах, сэмэлээн муннукка-ханныкка анньыбатах, мэлдьи сүбэ-эйэ тылларынан сирдэппит үтүөкэннээх иитии бу дьиэ иһигэр баара.

Дойдуга тапталы иҥэрбит эмиэ – кинилэр. Иитиллибит, төрөөбүт сир ураты тыынын кимнээҕэр да уйаҕастык букатын кыратыгар ылыммыт буолан, Килиим дойдулууругар билигин даҕаны остуоруйаҕа кэриэтэ, икки санныгар аарыма кынаттар сараччы үүнэн тахсар курдуктар. «Дойдулуубун!» диэтэҕинэ атыннык үктэнэр, туспатык тэринэр, маарыннаабаттык хамсанар, иһиттэн эрчимирэр. Дьикти. Ол эрээри, ити кырдьык.

Ийэлээх аҕатын таптыыра бэрт буолан, иккиэннэрин тэҥҥэ биир тылынан, Күн Ийэтинэн, сирэйдиир. Сири-сибиири атаҕынан арсыыннаабыт кырдьаҕас сонордьут аҕата, 70-ча сааһыгар бу олохтон барыар диэри, уола мэлдьи «мин ийэ оҕотобун» диирин мындырдык ылынан истэрэ. «Ити кынаттаах тыл. Ийэ оҕолоро буолбаккаҕыт? Ийэҕититтэн кэллэххит. Барыны ийэҕитинэн мээрэйдииргит сөп. Ийэҕит айылҕата ону сөбүлүүр. Ийэҕит эрэйдээх баар буолан аҕалааххыт, айбыттааххыт өйдөнөр», – диэн турардаах.

Ол иһин Килиим куруук киэн туттан этэр: «Мин ийэ оҕотобун». Ол аата Ийэ сир ииппит ыччата. Ийэ дойдуттан тардыылаах алаас уола.

Былыргылар этэллэрэ үһү, «икки тэҥнээх булсан ыал буоллахтарына ыччаттара дьоллоох буолаллар» диэн. Буутабыстар оннук ыал этилэр. Ийэлэрэ Кэтириис барахсан ииһэ-күөһэ бэйэтин киэнэ, кини сатаабатаҕа суох. Түүлээҕи кытта чараас сайыҥҥы таҥаһы тэҥник иистэнэрэ. Оннук илиилээхтэр аҕыйахтар. Наһаа үчүгэйдик уруһуйдуура, арааһы барытын айан көрөрө сатанарын эриэхсит! Оннооҕор мас эпиилкэтин силимҥэ булкуйан иһит оҥордоҕуна көрүөҥ этэ, ханнык да маҕаһыыҥҥа атыыламмат сиэдэрэй көстүүлээх буолара. Саамай дьиктитэ ол тугу эмэ дьарыгыра олорон малларын, илиитигэр туппутун кытта киһи курдук кэпсэтэр идэлээҕэ.

Килиим ийэтин билигин да суохтуур, санаан кэллэҕинэ хараҕын уута ыйытыыта суох ыгыллар… Кэтириис барахсан оруобуна уон сыл быарынан ыалдьан бараахтаабыта. Ол төрүөтэ эмиэ дьиктитэ. Олорбут дьиэлэрин кэҥэттэ сырыттахтарына, ол көҥдөйүгэр сылгы киирбитин таһаараары гыммытын, түҥнэри көтөн ааспыт. Итинтэн сыыстаран наар балыыһалары кэрийэн, ыйы ыйдаан, ардыгар сылы супту эмтэнэр аакка барбыт. Онно да быраастара тута эппиттэр, уһаатаҕына уон сыл барыа дуу диэн.

Дьиэтигэр кыра уола Килиим сырыы ахсын балыыһаттан кэлэригэр ахтан аҥаара буолан тоһуйар. Ийэ бэйэтэ да уолун ахтаахтыыр, оҕото кинитэ суох олус туоххаһыйар. Оччолорго төлөпүөн ыалга барытыгар баар буолбатах, кэпсэтэр сириҥ биир, почтаҕа баран «переговор» сакаастыыгын. Бэһискэ сылдьан бу барахсан, ийэтин саҥатын истээри, почтаҕа атаһын кытта барар. Ол истэхтэринэ ытырыык ыт түбэһэн уол үрдүгэр түһэр. Айака-дьойоко буолбатах дуо? Доҕоро уол биир илиититтэн тардар, ыт анараа өттүттэн… ыһыы-хаһыы, сары-ору. Хата, доҕоро уол, аара уһаат үрдүгэр сытар ураҕаһы таба көрөн, онон ытырыыгы сабырҕаппытыгар анарааҥҥыта биирдэ куотар. Почтаҕа дьүһүн-бодо, хаан-сиин буолан киирбэттэр дуо? Соһуйуу-өмүттүү буолар:

– Иэдэ-эн, хайдах гынабытый…

– Хаһ-аай-ысты-банн-ай мыы-ла… ү-чүү-гэ-эй үһү, – ытыырын быыһыгар Килиимнэрэ ыйа сытар.

– Ону эн хантан биллиҥ?? Ким эппитэй?

– Бы-лыр-ыын бэт-эри-нээр– дэрр кэп-сэп-пит-тэр-ээ…

– Тыый, туох өйдөөх оҕотой, – дэһэ-дэһэлэр, хайыахтарай, хаанын чаккыраппытынан, почта дьахталлара биэлсэргэ илдьэн абыраабыттар.

Килиим онно ытаабытын ытырыллыбыт ыарыыбыттан буолбатах, ийэбин кытта кэпсэппэккэ хаалбыппыттан диэн билиҥҥэ диэри ол ыкка абарар…

Дьэ ити. Оттон аҕата эмиэ көннөрү буолбатаҕын оҕолоро хойут өйдөөбүттэрэ. Биирдэ сааһыран олорон кыра кыыһыгар эппит:

– Эдьиийдэргин, убайдаргын барыларын мус. Улахан остуолла тэрийиҥ, – диэн.

Тук курдук мустан аһыы олордохторуна аҕалара Буутабыс:

– Чэ, тоойдоруом, аны аҕыйах хонугунан, иһэ үлүннэҕинэ икки-үс хонугунан, барыахтаах сирбэр аттанарым буолуо. Өллөхпүнэ ытаан-соҥоон эрэйдэнээйэҕит, ити байтаһын сылгыны туттаарыҥ, бырааһынньык курдук атаараарыҥ… Кэлбит дьону үчүгэйдик көрсөөрүҥ…

– Аҕаа, ону-маны тыллаһаҥҥын. Бачча этэҥҥэ сылдьаҥҥын, аньыы даҕаны! – дэспиттэр оҕолоро.

– Ээ, түүлүм-битим оннук, – диир оҕонньор.

Оруобуна эппитин курдук, үс хоноот, аҕалара «элэс» гыммыт. Наһаа соһуйбуттар, аһыйбыттар. Килиимҥэ, куоракка сырыттаҕына куһаҕан сонуну эдьиийэ эрийэн эппитигэр, дьиктитэ баар, соһуйбатах. Аһары астаран иһигэр санаабыт: «Алаатыгар, аҕам барахсан баран хаалбыта, аймалҕана да суох эбит дии», – диэн итэҕэйбэтэх курдук буолар. Итинник дойдутугар уу чуумпутук тиийэн кэлэр. Дьиэлэрин таһыгар убайа хоруоп оҥоро турарын көрөн баран, дьэ, ытаан уйа-хайа суох барар. Онтон иһирдьэ киирэн чуо аҕатыгар чугаһыыр, илиититтэн тутар уонна эмиэ дьикти, сонно тута, уоскуйан, хараҕын уута кууран хаалар. Килиим гостуруолга сылдьыбыт видеоларын аҕалбытын истэн, аҕалара соруйбутун курдук, тэлэбиисэргэ холбоон көрөллөр, бохуруонаҕа кэлбит ыаллара бары көрөн, онно аралдьыйан үөрэн-көтөн, ким да ытаабат-соҥообот. Көмөр күннэригэр ып-ыраас чаҕылыйар күннээх күн үүнэр. Буутабыс кырдьаҕастарын субу таһаарыахтарын аҕай иннинэ чуо кинилэр дьиэлэрин үрдүнэн ардах курулаччы кутар уонна оннук омуннаахтык тохтоон хаалар. Онуоха аҕаларын, сир-дойду иччитэ итинник атаарар эбит, «суолун сабынна» диэн өйдүүллэр, саҥата суох, эппитин курдук, ийэлэрин таһыгар таһааран уҥуох тутан кэбиһэллэр. Улахан айылҕалаах аҕалара бэйэтэ дьаһайан барбытын курдук барыта уурбут-туппут курдук табыллан хаалар.

Иккис хонуктарыгар кыра балтылара түүн ортото утуйа сытар дьонугар сүүрэн кэлэн ааннарын тоҥсуйар. Куттаммыт аҕай:


Страницы книги >> 1 2 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации