Текст книги "Килиим"
Автор книги: Евдокия Иринцеева
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 8 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]
– Наһаа ынырык… Паапа түүлбэр илэ киирдэ, субу, тыыннаах курдук уонна эттэ: «Бар, убайдаргар эт, ити дьиэттэн хайдах да барымаары гынным. Өрөмүөннэнэ турар салҕааһын дьиэ түннүктэрин туруордуннар уонна аанын таҥаһынан сабан кэбистиннэр. Чэ, итиэннэ үчүгэй баҕайытык олорооруҥ», – диэтэ уонна ааны наһаа күүскэ сабан тахсан барда, – диир.
Итини истэн баран уолаттар утуйа сытыахтара дуо. Ойон тураннар, кырдьаҕас аҕалара эппитин курдук барытын дьаһайан кэбиһэллэр.
Итинник, ийэлээх аҕа диэн сүүнэ айылҕалар. Ону ытыктыыр, билинэр уонна сүгүрүйэр саха киһитигэр бэйэтигэр наада. Кинилэр кынаттаах тылларын хааныгар иҥэриммит, ол күүһүнэн сүрэҕин угуттаммыт, хас биирдии дэгэтин мэйиитигэр хам хатаабыт уратылаах, саха аныгы киһитэ кэнэҕэскитэ күүстээх буола туруоҕа…
Бөтүүк сылын оҕото
Ол иһин тулам бүтүннүү – куурусса…
Кыра сир кыһалҕата диэн өйдөбүл былыргыттан баар. Ол үксүн оскуолаҕа сыһыаннаах. Сэбиэскэй саҕана начаалынай, аҕыс кылаастаах, уон кылаастаах орто оскуолалар диэн арахсаллара. Килиим бастаан Ньидьили аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрбит дьоһун аатын ылан, син ой-бото үөрэхтээх киһилии сананан, Мукучу нэһилиэгэр, Танара орто оскуолатыгар үөрэнэ барбыта. Онон икки оскуоланы бүтэрбит диэн докумуоҥҥа суруллубутун быһыытынан, иитиллэн тахсыбыт кыһалара кинини бэркэ билинэллэр.
Үөрэммит сыллара, биллэн турар, тугунан да кэмнэммэт күндүлэр. Туйгунунан да биллибэтэр, куһаҕан үөрэнээччи аатын ылбатах уратылаах. Кини, баҕатын хоту барыга кыттан, оонньоон-көрүлээн, ханнык эрэ түгэҥҥэ аттыгар баар оҕолору түмэр кыаҕын өйдөөн, элбэх тэрээһиннэри көҕүлээбит уонна тэрийсибит бэйэккэтэ.
Арай биир абааһы көрөрдөөҕө. Ол – физкультура уонна спорт. Хайыһар буоллун, сүүрүү буоллун, эгэ футбол дуу – барытын биһирээбэтэ, ис-иһиттэн сөбүлээбэтэ, дьикти баҕайытык ылыммата. Уруок ирдэбилинэн сүүртэхтэринэ, суккуруур тыына эрэ ордон төннөн кэлиитигэр, дьон тарҕаһан эрэр буолар. Хайыһарынан сылайан-элэйэн, сыһыллан-соһуллан аҕай кэлэригэр, халлаан хараҥарар, мааҕын турунуу саҕана лыык курдук дьонтон саатар биир киһи хаалаахтаабат муҥа. Онтуката баара, ноолоох эбит, арай онус кылааска сырыттаҕына, медосмотрга көрөн баран, балыыһаҕа чып гыннарбыттар. Ыксаан, хата баччаҕа тиийиэх бэйэтэ, ыйы ыйдаан эмтээннэр, чиэппэрин көтүтэ сыһан, кыһанан туран абырахтаан-абыраан, атын киһи буолан, оскуолатыгар төннүбүттээх. Итиниэхэ диэри ким билиэй, Килиимнэрэ сүрэҕэр төрүкү да кыратыттан улахан кэһиллиилээх эбит. Ону көрө-кэтии сылдьан куруук эмтэниэхтээҕин үрэх баһа тыаҕа, быраас суох сиригэр, ким болҕойуой? Ити иһин сүүрээри гыннаҕына бопторор, тыына тиийбэт эбитин дьэ кэлэн өйдүүр. Ол да иһин футболга тоҕо биир эрэ мээчиги былдьаһа-тарыһа төкүнүтэллэрин сатаан өйдөөбөт эбит! Били Хоттабыч оҕонньор курдук аптаах бытыктааҕа буоллар, биирин эмэ туура тардан ылан баран, барыларыгар биирдии мээчиги үөһэттэн көтүтэн түһэрэри ыраланара оруннаах эбит буолбаат!
Танара орто оскуолатын бүтэрэригэр, ыччаты ынах ыата ыытыаҕыҥ дииллэрин истэн, бачыымнанан турар. Оҕолорго ыҥырыы таһааран хотоҥҥо баран «Мукучу» сопхуоска 18 ынаҕы икки сыл тухары ыан, көрөн-истэн, үүккэ үрдүк көрдөрүү иһин күннэри-түүннэри түбүгүрэн, хара үлэҕэ эрчиллэн, таарыччы сатабыллаах хаһаайыстыбанньык буола сыспыттааҕа.
Ол быыһыгар дьээбэтэ-хообото син биир батарбат. Ыанньыксыттар сэттиэлэр, бары да анаан таҥыллыбыт этэрээт курдук, күлүү-үөрүү быһа тутан сиэбит ыччаттара. Кинилэр икки Киристиинэлээхтэр. Ону оонньоон бэйэ икки ардыгар биирин Ооппуус, иккиһин Мооппуус диэн ааттыыллар. Сайын буолла да, бука бары тутуспутунан, эргэ баҕайы сайылыкка олороллор. Оччолорго дьиэ-уот туох аанньа туруктаах буолуой, барыта быраҕыллыбыт, самнархай да буоллар син мээнэ хомунан-дьаһанан олороллор. Аһыылларыгар уп-уһун остуоллаахтар. Остолобуойу санатар. Ол тула бары барыта буолар, сайылыкка сонун ити уһун остуолунан киирэр. Былаан толоруутун кэтиир, үүтү бэрэбиэркэлиир, үлэ хаамыытын көрөр ыраахтан-чугастан тойон-хотун кэллэҕинэ, мунньахтаары гыннахтарына, остуолларын тула чөкөһөн олороллор. Оччоҕо оруобуна «Кыһыл муннук» буола түһэр. Алҕас хантан эрэ охсуллубут артыыс да кэлэрэ буоллар, син биир ол остуолларын тула кылахачыһан олорон көрүөхтэрэ эбитэ ини. Ону баара, кинилэр кыра кытыы сирдэригэр, сайылыкка буолуохтааҕар, бөһүөлэктэригэр даҕаны, Килиим ыанньыксыттыырын саҕана биир да идэлээх ырыаһыт кинилэргэ тиийэ сылдьыбатаҕа.
Хата, арай биирдэ, Кэбээйиттэн аҕытаассыйалыыр биригээдэ кэллэ. Тугу аҕытаассыйалаабыта биллибэт, ким да ону өйдөөбөтөх. Быһата «ырыа уонна муусука», «сонун сир эдэр ыччата» диэн ылыннахтара дии. Үөрүү-көтүү, сир аннынан сибигинэһии, сэргэхсийии бөҕөтө буолла. Ханна барыахтарай, эмиэ били аһыыр остуолларын тула, кэнсиэр көрөөрү кылаллан бэлэм олордулар. «Артыыстар» утуйар хостон, туттан-хаптан, таҥнан-симэнэн тахсан «саалаҕа олорооччуларын» соһуталыахтаахтар. Хайыахтарай, атыны талар суох, дьиэлэрэ-уоттара ат эккирэтэр иэннээх буолбатах, биллэ дьоҕус.
Биллэрээччи кыыс тыастаах соҕустук аанын арыйан тахсан, кинилэргэ ынан кэллэ:
– Кэнсиэрбитин саҕалыыбыт! – диэтэ.
Ыллыахтаах уоллара, гитаратын туппутунан, кыараҕас аанынан кыбылла-кыбылла таҕыста уонна көрөөччүлэригэр уун-утары, сирэй-сирэйгэ анньыһан туран, тарбахтарынан тимир кылларын тардыалаан, туох эрэ дорҕооннору сыыйан, оонньоон тыаһатан барда. Хайыай, кыараҕас буоллаҕа дии. Айаҕын атан ыллаары гыммытыгар кыбыһынна, көрөөччүлэрэ аһары чугастарыттан дьулайда быһыылаах, ол иһин ини, оргууй төбөтүн хантаччы быраҕан баран, дьиэ үрдүн одууласта.
– Ээ… доо, бу баарбыт, биһиги… – остуол уһугуттан ыгылыйа быһыытыйбыт Ооппуус тыл ыһыгынна.
– Итиннэ дьиэ үрдүгэр ким да суох! Биһиги бары бу олоробут! – диэн, хос сыҥаах буолан, иккис кыыс Мооппуус хатан баҕайытык, чаҕаарбытыгар ырыаһыттара чуут күлэ сыста.
Онтон эрдийэннэр, сайылык иччилэрэ ырыаны сүгүн истибэтилэр:
– Күл-күл! Ыллаама! Күлэн кэбис, чэй эрэ! – дэһии үксээбитигэр уол, тулуйа сатаан баран күлэн тоҕо барда, хоско куотта.
Иһирдьэ киирэн да, тохтообото, арааһа тоҕо бырабааллаабытын быһаара оҕуста быһыылаах, хахаарар саҥалар бэттэх кытта иһилиннилэр. Биллэрээччи кыыс ыксаан, аанынан өҥөйөн туран:
– Үҥкүү! – диэтэ.
Аан кэтэҕиттэн сиэдэрэйэ суох, сыр-мыр сахалыы таҥастаах уоллаах кыыс тахсаннар дьиэрэҥкэйдээн бардылар. Остуол уһугар чугастыы олорбуттар сөбүлээбэтилэр, ким эрэ ытырдан хайа барда:
– Туох ааттаах буорун өрүкүттүгүт?! Бүтүҥ эрэ, айыкка! Ыстаҥалаамаҥ, онто суох кир бөҕө, – диэтэхтэрэ үһү.
Инньэ гынан, сүгүн да кэнсиэрдэппэтилэр, күлээн-күлэн баран, хата, эйэ дэмнээхтик чэйдээн тарҕастылар. «Артыыстар» салгыы атын сайылыкка, Кыталыктыыр буоллулар. Кинилэри ылаары онтон тыраахтар кэлбитигэр хомунан тахсан олордулар.
Сотору буолаат, Килиим үөнэ батарбата:
– Доҕоттор, оттон ити тыраахтардара хаһан үннэрэн тиийиэр диэри… биһиги матасыыкылынан быһалаабаппыт дуо? Онно тиийэн ыанньыксыттары кигэн саһыаран кээһиэххэ уонна үчүгэй баҕайытык, туох да буолбатаҕын курдук, көрөн олоруохха ээ. Хайыыр эбиттэрий, – диэн буолла.
Оччолоох дьээбэттэн ким аккаастаныай, Ооппуустар, Мооппуустар ким да орпото, бары барарга дэстилэр. Сэбиэскэй кэмҥэ сайылык икки ардыгар одинарканан көтүтүү буоллаҕа. Онон үөрүйэх дьон, сүүрэн тахсан бас билэр тимир көлөлөрүгэр олоро биэрдилэр да, тыа быыһынан Кыталыктаах диэки кылбаҥната турдулар.
Тиийбиттэрэ, кырдьык, тыраахтардара кэлэ илик. Анараа ыанньыксыттары тылларыгар киллэрэр диэн уустуга суох, дьээбэҕэ бары да тиллэллэр буоллаҕа. Инньэ гынан кэнсиэрдиэхтээх сирдэригэр киирэн, үүт-үкчү маарыын бэйэлэригэр олорбут бэрээдэктэринэн чөкөһөн кэбистилэр. Арай, доҕоор, кэнсиэр саҕаламмытыгар биллэрээччи кыыс тахсан, тугу эрэ чугдаарыахтаах бэйэтэ мух-мах барда, тылын туура умунна, уолуйбутун омунугар сарылыы түстэ:
– Пахай! Хайа, олох да Кыталыктаахха илдьибэтэхтэр буолбат дуо? Маарыыҥҥы пиэрмэбитигэр төттөрү кэлбиппит дии?! – диэн, хараҕын муҥунан көрдө.
Онуоха «артыыстар» бары саккыраһан тахсан көрбүттэрэ – били Килиимнээхтэрэ, Ооппуустара, Мооппуустара бука бары чэрэһэн аҕай, ылардаах курдук көрөн, субу олороллор! Соһуйан да, куттанан да сатаан өйдөөбөккөлөр, чуут түҥ-таҥ бара сыспыттара. Ону көрөннөр, сайылык саспыт ыччаттара онтон-мантан күөрэһэн-күөгэһэн тахсаннар, дьээбэлэрэ табыллыбытыттан иэрийиэхтэригэр диэри күлбүттэрэ. Хата, холбоһуктаах көрөөччүлэр, маарыын сүгүн ыыттарбатах кэнсиэрдэрин ситэри манна кэлэн астына-дуоһуйа көрөн, киэһээҥҥи ыамнарыгар матасыыкылларынан төттөрү көтүппүттэрэ.
Килиим ити кэмҥэ, тугун чуо билбэтэр да, айар баҕата эбии күүһүрэр. Ону дьоҕур, талаан диэн тылларга оччотооҕу оҕо олус суудайбат, онно-манна умньаабат, «итини-маны сатаатым, кыайдым, аатырдым» диэн хайҕаммат майгылаах буоллаҕа эбээт! Киниэнэ боростуой, төбөтүгэр туох көтөн түһэр да, сатаннаҕына үөрэр, соччо биһирээбэтэҕинэ дьүүллүү-дьаабылыы барбат, сонно умнан кэбиһэр.
Килиим актыбыыс бастыҥа, кинини билээччилэр куруук батыһа сылдьааччылар. Тоҕо диэтэххэ, туохха да уолуһуйбат, барытын уурбут-туппут курдук оҥорон-бүтэрэн иһэр идэлээх. Онтунан хаһан да киэптээбэт, кэпсэммэт. Кэнсиэр бөҕөтүн көрдөрөллөр, толкуйдууллар, онно үҥкүүлэһэн тэйэр, сценка бөҕөтүгэр оонньуур. Итинник дьээбэ-хообо кэриэтэ, ааһан иһэн сатыырын, кыайарын таһаҕас гыммат. Оннооҕор хаһыакка, эмискэ иэйэн кэллэҕинэ, тылланан уруһуйдаан кэбиһэр. Киһи хараҕа халтарыйыан курдук. Киһилии баҕайы майгылаах эдэр уол тук курдук барытыгар кыттар. Ол эрээри, эмиэ биир дьиктитэ, тылынан саҥаран соччо-бачча хотороро суох быһыылаах, конферансье диэнтэн ыраах, ырыаттан букатын тэйиччи. Ансаамбылга көххө ыллаһар эрээри, бэйэтин куолаһын, кини соҕотохтуу ыллыырын истибит киһи өтөрүнэн-наарынан биллибэт.
Дьэ, итиэннэ били Бөтүүк сылыгар төрөөбүт диэни ырытыах. Гороскоп эҥин, ыйдарынан-сылларынан ааҕыллар дьылҕаны анаарыы муодаҕа киирэн, хойутуу, 90-с сыллар ортолорун диэки оргуйар күөстүү үллэн-баллан барбыта. Ханнык эрэ илиҥҥи дойдулартан ааттаахтара, Кытай дуу, Дьоппуон дуу дойдутун кыахтаахтара, «халлааҥҥа ыстанан тахсан, былыты тарыйталаабыттарыгар» дылы, биллибитэ-суруллубута ырааппыт чахчыны, үгүөрү харчыга эрэ атыылаһан аҕалан, анаан-минээн билиһиннэрэллэр диэн буолбута эбээт. Килиим төрүүрүн саҕана, 70-с сыллар саҕалана да иликтэринэ, итини ким тымтыктаммыт үһү.
Онуоха уларыта тутуу сайдыылаах салгынын охсуутуттан билбитэ, кини Бөтүүк эбит. Айабыын! Биир гороскопка аахтахха туох да ааттаах, киһи киэнэ килбиэнэ. Иккискэ, бээ-бээ, хайдах эрэ ытырыктатыах да курдук санаа киирэр. Үһүскэ – быстар куһаҕан, тостор мөкү. Ама да буолбутун иһин, бутуурдаах соҕус гороскоптар диэбэккиэн? Эбэтэр итинэн хаһыат-сурунаал аһары үлүһүйэн, сорох-сорохтор баҕас аһары туттан кэбиһэннэр, сыысхаллаах да соҕустар ааҕааччыга-наадыйааччыга тиийэллэрэ баа буолуо дуо… Ону Килиим биирдэ бэйэтэ илэ хараҕынан көрөн турардаах. Хаһыакка үлэлиир билэр уолугар кэлбитигэр, киһитэ ыктаран аҕай олорор.
– Кэлэр нэдиэлэ гороскобун оҥоробун, – диир.
– Бай, ону… эн?! – диэт, тылыттан матан хаалар.
– Уонна ким оҥоруой?! Сибилигин 3 чааска диэри бүтэрэ тарт диэн эрэдээктэрим эттэ, – диэннээх киһитэ.
– Айабы-ын, оттон онтукайгыт суох… ханна эрэ бэлэми ылаҕыт буолбатах дуо?
– Оннук буолумуна, бэлэм бөҕө буоллаҕа дии! Халлааҥҥа тахсан, хантан харбыалаһан ылаҥҥын, аныгы нэдиэлэҕэ «Балыктар сэрэниҥ, ойбон барыта тоҥор» диэн хой баһын туойтараары гынаҕын? – уола өс-саҕа буола түспүтэ.
– Ээ, маннык гын, оччоҕо, – дьээбэ муҥутаан, Килиим атаһыгар кыбыппыта, кыһалҕалааҕы ытаһалаан биэрбитэ. – Суруй, «Балыктарга сэрэтии: биисинэс тэринии бу нэдиэлэҕэ кутталлаах. Тус олоххутун көрүнүҥ, сатаныаҕа. Балык уолаттар кэргэн ылар кыыскытын көрсүөххүт. Балык кыргыттар үөрэххитигэр кыһаныҥ, туора-маары сүүрүмэҥ. Хойдор – эһигини билбэт киһигит сымыйаҕа олордуо. Онон биир да эдэр билбэт киһигитин кытта хантаахтаһымаҥ, харчыгытын кичэйэн ыраах уурунуҥ. Хойдорго анаан сэрэтии, хоолдьуккутун сэрэниҥ, халтарыйан охтубат курдук табыгастаах атах таҥаһын булунуҥ. Онно харчыгытын кэрэйимэҥ». Хайа, нохоо, хайдаҕый?
– Оо, Килиим, таҥара курдуккун дии эн! Бу үчүгэйин. Уопсайынан, эн миэхэ… гонорар суотугар гороскоп оҥорон биэриэ этиҥ дуо?
?!! Ити кэпсэтии итинэн бүппүтэ. Килиим төһө да күллэр, харчыны тардыан сөптөөх этииттэн, бэри диэн бэркиһээн отой аккаастаммыта. Онтон ыла, били Бөтүүк сылыгар күнү көрбүтүн аанньа, гороскобун тус бэйэтэ анаарар буолбута, хата, чахчыта да оруннаахха дылы. Чахчы Бөтүүк да буолан диэтэххэ, кинини тулалааччы баһыйар өттө үксүгэр хахаарар-ихээрэр… кууруссалар эбиттэр. Кини курдук түөрт бииргэ төрөөбүт эдьиийдээх киһи аҕыйах. Бары ымсыыраллар. Ыанньыксыттыыр кэмигэр, биллэн турар, дайааркаларыҥ үгүстэрэ, барылара да кэриэтэ, кыргыттар. Кэнники үөрэнэ тиийбит сирэ – кыыс аймах. Кэнсиэрдииргэ турунуутугар ырыаһыттара эмиэ – кыргыттар. Кулууптарга үлэлээбитигэр, худруктан саҕалаан остуораһыгар тиийэ дьахтар эйгэтэ. Хайыамый диэн, Килиим үөһэ эрэ тыынар.
– Миигин гороскоп итинник түстээн Бөтүүк гынан айбыт буоллаҕына, тугун утарылаһыамый, буолан эрдэҕим, – эрэ диэн, кэм даҕаны дьээбэлэнэр.
Онон, Бөтүүк сылын оҕото, хоһуун-дьорҕоот буолуохтаах айылгылаах уол сүрүн эйгэтин – кэм даҕаны куйу-һайы, кымаах-имээх кыраһаабыссаларын кытта күн бүгүҥҥэ диэри ырааҕынан ыырданан бииргэ сылдьар, кэлэр-барар, айар-тутар.
Олох эгэлгэтэ эриэккэс. 80-с сылларга Чагда кулуубугар үлэлээбиттээх. Туох да суох, эн ыраламмыккын, үтүөнү айыах-тутуох да баҕаҕын дьүһүйэр кыах мэлигир, маҕаһыын кураанах, ылбат-биэрбэт ыраҕынан эрэ ырааппаккын, сырдыгы санааҥҥын да туһа кэлбэт. Суоҕу суоруоҥ дуо? Итинник кэпсиири билиҥҥи киһи итэҕэйиэ да суоҕун курдук. Айабыын, ыксаабыт киһи кытайдар ырыынактарыгар даҕаны онуоха-маныаха диэри наадатын булан эриэ ини диэхтэрэ. Оттон ол саҕана, улуу дойду эстэрэ чугаһаан, ыһыллыы-тоҕуллуу үксээн, «тиийбэт тирии, тарпат тараһа» диэн бэргэн этии олохпутугар көстө турар кэмэ этэ. Дьон, олорбучча олорон, бэйэтин күүһүнэн кыана туттан, туораттан туох да көмөнү эрэйбэккэ, чиҥээн-чуумпуран олороро. Ону ол диэбэккэ, Килиим тэрээһиннэрин син биир ыыталыыр, кинилэри көҕүлээн күн талбытынан соһуталыыр. Оннооҕор бэримисиэл дьааһыгын паньыаратын тууран, быһан ылан уруһуйдаан, ыбылы лаахтаан баран бириис гынан туттарарын билиҥҥэ диэри санааччылар бааллар. Ити булугас өйтөн эрэ буолбакка, киһиэхэ үчүгэйи оҥорон, кыра да түгэҥҥэ үөрдэ сатыыр баҕаттан тахсар эбээт!
Ол сылдьан аны ыалларга испиэскэ тиийбэтин айдаана. Өрдөөҕүтэ оппуохаламмыт оһох буомурара диэн баар. Оччоҕо алҕас истибититтэн өй ылаат, ону уһата-кэҥэтэ барбакка, Килиим сүүрэн тиийэн үчүгэйкээн паннолары ойуулаан эрилиҥнэтэлиир. Биллэн турар, ол иэйии тэһитэ кэйэн таҕыстаҕына, дэҥҥэ. Онтукаҥ тустаахха, мээрэйдэнии, холонуу, илиитин имитэр быһыыта буолуохтаах.
– Бөтүүк сылын оҕото, турунан туран, наар ол «кууруссаларбын» бэйэм талыталаан ылан компаньон оҥостуом баара дуо? Олоҕум суолугар кыргыттар-дьахталлар аргыс дуу, арыалдьыт дуу курдук, хайдах эрэ бэйэлэрэ таҥыллан тахсалларын таайа сатааммын, гороскопка күтүрүүбүн эбээт. Дьиҥэр, айар үлэҕэ, үйэҥ тухары ахта-саныы, куруук суохтуу сылдьыах муҥҥар, олус табыллыбыт оруоллардаах эбиппин, – диирэ оруннаах.
Клим Федоров син балачча кэмҥэ, ордук кылгас-кылгас сахалыы көр-кэмиэдьийэ ис хоһоонноох киинэлэри устуу бастаан үөдүйүүтэ, Аркадий Новиковтыын үлэлээбитэ. Үгүс киһи «Давляты» өйдүүр. Тыл атылыыта ханна баҕарар элбэх омугу итинник тыҥааһыннаах, ыгылытыылаах түгэннэргэ тиэрдэр бөҕө. Бу сырыыга ити ааты сатаан ааттаабакка, тиэргэни биир гына хаһыытаан кырбана сыспыт аҕа кылын оруолун Аркадий Новиков толорбута. Ону Килиим Давлята ситэрэн-хоторон биэрбитэ астык. «Наһаа хойуу чэйгэ» кэлэҕэй күтүөтү оонньообута чахчы күлүүлээх.
– Чэйиҥ үчүгэй дуо? Тоҕо испэккин? – диэн дьиэлээхтэр туоһуласпыттарыгар, барахсан хайдах баарынан:
– «На… хо…» – диэн бопторо сыһа-сыһа хардарбытын, үкчү соччо бэрдэ суох маатыраҕа майгыннатан, соһуйан, дьиэлээх киһи сөбүлээбэккэ айдаарара туораттан күлүүлээх баҕайы каадыр этэ.
Итинник олоххо баар буоллаҕа эбээт. Килиимнээх Аркадий хос-хос оонньооһуна, үгүс кэтэһиннэриитэ суох, барытын бастакы дубльтан уһуллаллара сөҕүмэр үһү. Судургутук, астыктык уонна хатыламматтык. Ити ээ, тандем күүһэ… Биллэн турар, ол түгэннэр ахтыыга эрэ хаалар дьылҕаламмыттара хомолтолоох.
Килиим этэринэн, кини кимниин баҕарар биир тылы булар айылгылаах. «Тойону кытта тойон, турааҕы кытта тураах» диэбиккэ дылы, чахчыта оннук. Бачча сыллар устата оҕону кытта оҕо, оҕонньору-эмээхсини кытта кинилэр тэҥнээхтэрэ, эбэтэр, бэйэтэ арыгыны испэтэр да, ханныктаах да иһээччини, буомуран хаалбыт сордооҕу кытта эмиэ… холкутук алтыһар майгытынан бииргэ да үлэлэстэ, элбэх үтүө санаа ааксыйаларын тэрийиигэ кытта тиийтэлээтэ.
Онон, уобарас эрэ дэлэй. Өссө дойдутугар Чагдаҕа үлэлиир сылларыгар, 80-с сыллардаахха, оройуоҥҥа бэстибээл буолаары гынна, онно кытта охсуохха диэн ыксатаннар, соҕотох түүн иһигэр нүөмэр толкуйдаабыттаах. Онто ити кэнники «Эҕийе-Бүҕүйе» буолбута. Бастаан ол толкуйа үҥкүү этэ, «Мадам Эрийэ-Буруйа уонна Климентино Федорозио» диэн ааттааҕа. Аҥаара дьахтар, иккис өттө эр киһи. Дьэ, кытаанах көрүлээһин онно этэ. Эрийэ-Буруйа эриллэҥнэтэн олороро, араас «выпадтара», «повороттара» диэн имиллэҥнэтэн сүрдээҕэ, таҥаһа-саба да сиэдэрэйэ, көстөр дьүһүнэ букатын хартыынаҕа маарынныыр кэрэтин соһуйбут көрөөччүлэр наһаа сөбүлээбиттэрэ. Оттон Климентино Федорозио букатын уол оҕото, тиҥилэҕин үрдүгэр үстүүтэ эргийэн, омуннаах соҕустук өрө ыстанан ыла-ыла, паара кыыһын таах түү мээчик курдук кууспутунан, сыана устун төрүт көтөн олороллоро дьиктитэ бэрдэ. Чахчыта даҕаны, саалаттан олорон омос көрдөххө, икки киһи сылдьарын курдук бэртээхэй үҥкүү олус табыллыбыта, биһирэммитэ.
Дьэ, били дэлэҕэ Бөтүүк сылын оҕотобун дэммэтэҕэ. Ити кыылыҥ куруук чуҥнуу, кэтии сылдьарынан туйгун ээ. Килиим, наһаа да оннук киһини бары манаабатар, маарынныыр түгэннэрэ эмиэ бааллар эбит. Ол оруобуна, били өҥнөөх кутуруктаах Бөтүүк олбуорга хоруол курдук туттан, хахаарбаларыгар «уобарас оҥостон» көстө сатыыра уонна кини кууруссаларын атаҕастыыр чолохоос уолаттарга суоһурҕанан, эҥин-эҥинник хаампахтыырын, хаһыыран ылаттыырын билэрин оҕоккото.
Килиим ардыгар оннук «уобарастанан» ылааччы. Арай биирдэ ыалдьан балыыһаҕа киирдэ. Аҕыйах хонугунан бэттэхтэттэ. Син турар-олорор, аһыыр-сиир буолан барда. Палаатаҕа киһи элбэх, ким да кимиэхэ да кыһаммат, бары бэйэлэрин ыарыылара уонна тус кыһалҕалара ыган кэбиһэн, кимиэхэ да наадыйбат курдуктар.
Арай ол сытан көрдөҕүнэ, муннук ороҥҥо иинэ хаппыт, хобдох таҥастаах-саптаах, саҥата суох биир муҥнаах сытаахтыыр. Ыарыытыттан ынчыктаабат, өлөн эрэбин диэн уолуйбат… Килиим наһаа аһынна уонна сэмээр кэтээтэ. Күнүс аһылыкка аҕалар астарын биири да ордорбокко өөр да өр сиир уонна ол-бу диэки көрөөхтүүр. Туран чэпчэтинэ барарыгар… таапачыката да суох. Норуот киһитэ буоллаҕа, Килиим наһаа аһынна, кырааската сороломмут эркинин диэки түҥнэри хайыспытыгар хараҕыттан уу бычалыйда. «Хайыах баҕайыный» диэн мучумааҥҥа түстэ. Толкуйдуур: ким да ити сордооххо кыһаммат, ол аата соччото суох… олохтоох буолаахтыа. Санитаркалар саатар онуоха-маныаха диэри атахха анньар биэриэх эбиттэр да… Бэйи ыйытыам дии санаата.
Туран, көрүдүөргэ тахсан, сэмээр муоста сууйан кикирийэр эмээхсиҥҥэ чугаһаан ыйытта. Анарааҥҥыта сибигинэйдэ:
– Тыый, тоойуом, туох диэтэҥий… Таапачыка кэттэ да, күрүү турар. Онтон эмиэ… куһаҕан буолла да, манна аҕалан иһэллэр… Кимин билбэппи-ин, – диэтэ.
«Бай дуу…» дии санаата. Оттон ол киһи аччык хараҕыттан, ити-бу диэки олоп-чолоп көрөрүттэн Килиим сүрэҕэ ньүөлүйбэхтиир. Ол иһин били «уобараһын» санаата. Күнүс эбиэккэ наһаа минньигэс сыттаах горох миини аҕаллылар. Дьон үөмэхтэһэн, өлүүлэрин ылан, минньигэс баҕайытык эҥсэн кэбистилэр, эбии дьиэттэн кэлбит астарын үрдүгэр түстүлэр. Килиимҥэ бэҕэһээ аҕаһа аҕалбыт мииннээх. Онтун тобоҕолуурга сананна. Горохтаах тэриэлкэтин туппутунан оронугар олорор муҥнаахха тиийдэ уонна:
– Мин… гороҕу сөбүлээбэппин. Эн? – диэт, киһиэхэ куду аста.
Анарааҥҥыта соһуйда эрээри, хап-сабар ылла.
Ити күнтэн ыла Килиим «сириксэн», «мааны оҕо», «топпут саха» диэн ааттанарын кэтэҕинэн истэ сырытта. Онон «уобараһа» көмөлөстө, «балыыһа аһын сиргэнэн сиэбэт» буолан, хата били муннукка сытар муҥнаах абыранаахтаабыта. Оттон бэйэтэ балыыһаттан тахсаат, эдьиийигэр:
– Эдьиий, горох мииннэ! Наһаа да үчүгэй буолар эбит, сыта минньигэһи-ин! Мааннай хааһыта! Хаппыысталаах эттэ! – диэн соһуппуттаах.
Кырдьык даҕаны ити Бөтүүгүн уобарастара үксүн балыыһаҕа сыттаҕына, иллэҥсийдэҕинэ «үлэлииллэр» эбит дии? Эмиэ биирдэ, 90-с сылларга, Дьокуускайга балыыһаҕа киирдэ. Бу сырыыга наһаа сытар ыарыһах буолбатах, кэм тура сылдьар. Оччолорго араадьыйа төлөпүөн саҥа үөдүйэн эрэр, киһи аайы суох. Көрүдүөргэ төттөрү-таары хаама сылдьан көрдөҕүнэ, сэргэстэһэ турар палаата аанын айаҕар биир киһи сытаахтыыр. Киирэ-тахса син дьону кытта сэлэһэллэр буоллаҕа дии. Ыраах тыаттан кэлэн сытар киһи үһү. Куоракка туохха эрэ түбэспит, дьоно-аймаҕа суох, төннөрүгэр… харчыта эҥин суох дэстилэр. Уйан баҕайы киһи, Килиим:
– Оттон аҕыйах солкуобайы бырахсыбаппыт дуо, – диэбитин, кэпсээн сырдаппыт киһи истибэтэҕэ буолла.
Эмиэ түүнү быһа толкуйдаата уонна сарсыарданан тобулла. Ойон тураат, били араадьыйа төлөпүөнүн сулбу таһыйан таһааран көрүдүөргэ таҕыста уонна… суос-сымыйанан кимниин эрэ дорҕоонноох соҕустук «кэпсэппитинэн» барда:
– Ээ? Маҥааччыйа төрөөтө даа? Ньирэйэ оҕус даа? Тыый, тугун бэрдэй? Уоһах алаадьы диэ… – араастаан ыҥыранар, биһириир, сэлэһэр.
Күнү быһа оннук ыарыһахтары «мончууктаата». Эбиэт кэнниттэн били аттынааҕы палаататтан кэпсэтэр киһитэ чугаһаан кэлэн:
– Килиим, дьоммор эрийиэхпин, төлөпүөҥҥүн уларсыаҥ дуо? – диэтэ.
– Тыаҕа дуо?
– Суох, манна, куоракка…
– Ээ, уларсан, биэс солкуобай!
Киһитэ соһуйда, харчытын ылан кэллэ, тук курдук биэрдэ. Уһаабата, кэпсэтэн бүттэ. Онуоха киһи бары ымсыырда, син мээнэ кэпсэтиэххэ сөп дии санаатылар быһыылаах, сотору көрдөһөр киһи үксээтэ.
– Ээ, наһаа уһуннук кэпсэттиҥ, 10 мүнүүтэҕэ 10 солкуобай!
– Тыаҕа эрийэр буоллаххына 5 мүнүүтэтэ 10 солкуобай!
Эн этэҕин, дьон итини таһаҕас оҥостубат, 5-10 солкуобайын кэрэйбэт, күҥҥэ хаста да сэлэһэллэр. Оттон Килиим «хааһыната» иччилэнэн, үллэн-баллан истэ. Киэһэ, дьон утуйбутун кэнниттэн онтун ааҕынар уонна суоттуур.
«Ээ, манна… төлөпүөннээх киһи баар. Харчыга кэпсэтиннэрэр» дэһиилэрэ кэнникинэн кистии-саба «ээ, төлөпүөн брокера», «төлөпүөнүнэн харчы оҥостор», «эргитиилээх уол оҕото», «саҥа саха» эҥин диэн сиилээн-сэмэлээн дуу, кыһыйан-абаран үөхсэр дуу, саҥаҕа-иҥэҕэ кубулуйбутун истэ сылдьар. Оннук буолуохтааҕын эрдэттэн сэрэйбит буолан букатын кыһаммат.
Балыыһаттан тахсар күнүгэр нэдиэлэ устата «төлөпүөнүнэн үлэлээбит хара көлөһүнүн», ботуччу харчыны, кумааҕыга суулаан, били аан айаҕар сытар муҥнаахха куду аспыта:
– Доҕоор, дойдугун быс, Сунтаарга тиийэр харчы манна баар… – диэбитигэр, киһитэ хорос гына олоро биэрбитэ уонна соһуйбуттуу саҥата суох одуулуу хаалбыта.
Оттон сотору соҕус гостуруолга сылдьан Килиим биир доҕоро:
– Доо, уол оҕото, балыыһаҕа да киирэн сүгүн сыппат үһүгүн дуу? Аны төлөпүөнүнэн харчы оҥордуҥ дуо, төһө киирэр эбитий? – диэбиттээх.
«Бөтүүк» да буолларгын, хас киһи айаҕын саба тутуоҥуй? Килиим онно эрэ кыһаллыбат.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?