Электронная библиотека » Галина Нельбисова » » онлайн чтение - страница 1

Текст книги "Эн миэхэ соҕотоххун"


  • Текст добавлен: 2 мая 2024, 21:40


Автор книги: Галина Нельбисова


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 1 (всего у книги 8 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Галина Васильевна Нельбисова
Эн миэхэ соҕотоххун

1

– Эһиги эрэ куоракка олоруоххут дуо? Син биир көһөн кэлэбин! Куораккытыгар ырыынакка эт эрэ дэлэй. Биһиги идэһэ ыыппатахпытына да, син аһаан-таҥнан олоруоххут. Тыаҕа арыгылыыртан ордубат киһини кытта олороргут буоллар билиэ этигит, – Альбина ыгылыйбытын омунугар иһэ олорор чааскылаах чэйин илиитин таһынан сыҕарыта аста.

– Аля-я, саныырыҥ курдук, эйигин куораттан холдьоҕон эппэппин. Элбэх кыһалҕаҕа түбэһиэҥ диэн сэрэтэ, өйдөтө сатыыбын. Кыра уолуҥ улаатар, майгыта-сигилитэ уларыйар, оскуоланы бүтэрэр сааһыгар манна, куорат оскуолатыгар сатаан үөрэниэ дуо? Клим манна кэлэн арыгытын быраҕыа диигин дуо, дьэ булкуллара буолуо. «Ойуурбуттан арахпаппын, Элгээммиттэн барбаппын» диир. Оннук киһини аҕалан манна муннаран кэбиһиэҥ. Киһиҥ үлэтэ-хамнаһа, аны олорор дьиэҕит-уоккут, – бииргэ төрөөбүт эдьиийдии-балыстыылартан улаханнара Таисия, балта санныгар сүгүөхтээх түбүгүн санаан, үөһэ тыынан ылла.

– Клим дьиэтигэр хааллын, айыкка. Эбэтэр үүрэн кэбис. Таах сибиэ доруобуйаҕын да сүтэрдиҥ буолбат дуо?! Аликка кэллин-кэллин, эдьиий. Сынньана түһүө этэ, – кыра балтылара Ася эдьиийин Альбинаны аһыммыт хараҕынан одуулаһа олордо.

– Үүрэн кэбис буолан, сордооҕу. Дьоно киниттэн аккаастаннаҕына киһи буолуо дуо? Улахан эдьиий быһыытынан, өссө төгүл ыйааһын хараҕар ууран, толкуйдуургар сүбэлиибин. Билигин куоракка дьиэни куортамнаһар олус ыарахан. Аны тугу үлэлиигит? Дьиэ-уот булуоххар диэри Клим Элгээҥҥэ хааллын. Андрианыҥ оскуолата быһаарыллыан наада. Олорор сиргититтэн чугас оскуола көстөрө буоллар. Кыһын ыраахтан сылдьара бары өттүнэн кутталлаах. Ньургуйаана уопсайыгар олордун, – Таисия, иһигэр балтын быһаарыныытын сөпсөөбөтөр даҕаны, санаатын эттэ.

– Оҕолорбун кытта биир дьиэҕэ олороору куоракка кэлэ сатыыбын. Көһөн кэлэн баран, хайдах барыларын онно-манна ыһыталаан кэбиһиэмий? Улахан уол олорор сиригэр табыллыбакка эрэйдэннэ ахан. Күнүстэри-түүннэри таксилыыр аатыран, аанньа ас да тэринэн аһаабат. Били моторуйбут бэйэтиттэн туох да хаалбатах. Ньургуйаана эмиэ уопсайын сөбүлээбэт. Кыргыттарын кытта тапсыбат. Оҕобун атаҕастыыллар быһыылаах. Араас майгылаах атын оройуон кыргыттарын кытта олорор, – Альбина, эдьиийэ син сөбүлэһиэх курдугуттан, сэргэхсийдэ.

– Хайдах буолбут кыыһый, уопсайга сатаан олорбото бэйэтин буруйа. Олус атаахтаппыккын, онтуҥ оҕоҥ дьону кытта сатаан сылдьыбат. Ыһыллаҕаһа, болҕомтото суоҕа, ону сэмэлээтэххэ, бу өсөһөрүн, кыыһырарын көрүөҥ этэ. Федя улахан киһи, ойохтонор кэмэ кэллэ. Ону эмиэ ыҥыран ылан биэбэйдээри тэринэҕин дуо? Арай туох эмэ үөрэҕи булан, идэ ылар туһунан толкуйдуура буоллар, бэйэҕитин кытта илдьэ олоруоххутун сөп этэ, – Таисия, Альбина оҕолорун олус атаахтатарын сэмэлээн, балтын эмиэ хомотто.

– Чэ, эдьиий, оҕолорбун хайдах иитэрбин бэйэм билэбин. Сыыспытым да ханна барыай, саатар эһиги курдук көмө, тирэх буолар аҕалаах ыал буоллахпыт дуу, – Альбина, сатаан кэпсэтии тахсыа суоҕун өйдөөн, барардыы хомунна.

– Аликка, бүгүн дьиэлиигин дуо? Миэхэ хоно хаалбаккын дуо? Кыра балыстыылар бэйэбит сэкириэттэһиэ этибит, – Ася сайыспыттыы көрөн турда.

– Асикуо, өтөхпүн бүгүн буллахпына сатанар. Куорат түөтэлэрэ тыйыскыт, кытаанаххыт да бэрт. Киһим бэҕэһээҥҥиттэн аһыы сылдьар сураҕа иһиллэр. Оҕолор «кэлэ тарт» диэн эрийэллэр, сүгүн да хаамтарбаттар, – Альбина ааҥҥа атаараары турар эдьиийдээх балтын иэдэстэриттэн сыллаталаан ылла.

Альбина тахсыбытын кэнниттэн Таисиялаах Ася балачча өр саҥата суох олордулар.

– Эдьиийим наһаа да сылаарҕаабыт көрүҥнэммит. Таах да манна кэлэн сынньанара биллибэт. Санаан көрдөххө, кыһалҕата өссө элбиэх курдук, – Ася эдьиийин диэки ыйытардыы көрдө.

– Кыыһа биир да күн дьиэни-уоту көрө түспэт. Ийэтин сынньата түһэр туһунан санаабат. Ол иһин этэбин дии, ойон тураат көһүмэҥ диэн. Дьиэни атыылыы сатыыр ээ. Үлэлиэхтэригэр-хамсыахтарыгар диэри, оччоҕо эрэ куортам харчыта булунар буоллаҕа.

– Оо дьэ, дьиэбитин атыылыыллара куһаҕан да эбит. Хаарыан тэлгэһэбит, бэйэбит улааппыт, оҕолорбут сүүрбүт-көппүт сирдэрэ! Тася, ийэлээх аҕабыт тэлгэһэлэрэ суох буоларын кытта хайдах сөбүлэһиэххэ сөбүй, – Ася улаханнык санаарҕаан саҥата суох олордо.

– Мин эмиэ дьиҥинэн атыыланыан баҕарбаппын. Ийэлээх аҕабыт барахсаттар кэриэстэрин кэһии, дойдубутуттан-сирбититтэн букатыннаахтык арахсыы курдук тахсар. Күтүөппүт үчүгэйэ буоллар, итиннэ саҥа дьиэ турбута ырааппыт буолуо этэ.

– Этимэ даҕаны…

* * *

Таисия Терентьевна сынньана түспүт киһи диэн сытта да, утуйар санаата суох эбит. Балтылара Алялаах Ася олохторугар соччо табыллыбатылар. Дьахтар быһыытынан толору дьолу билбэтилэр…

Кыргыттар үрдүкү кылааска үөрэнэ сырыттахтарына, ийэлээх аҕалара, эбэлэрэ ыалдьыбытыгар, бэйэлэрин массыыналарынан оройуон киинигэр балыыһаҕа айаннаан иһэн суорума суолламмыттара… Суолга сааскы халтараан кэмэ этэ. «Клавдия Ефимовналаах, Терентий Ильичтээх дуо?» дэппит Элгээн дьоһун мааны ыала этилэр. Клавдия Ефимовна ийэтэ Сүөкүлэ, кыыстаах күтүөтэ суох буолбуттарын кэнниттэн, уһаабатаҕа. «Син тыыннаах хаалыах эрээри, оҕолорум олохторун быспыт мин баарбын» диэн дьүөгэлэригэр ытыырын-соҥуурун Таисия түбэһэн истэн, дьонун, эбэтин аһыйан сыттыгар умса түһэн ытаан-соҥоон айманааччы. Кыра сиэнэ Ася оскуолатын бүтэрэн, куоракка үөрэнэ барбыт күһүнүгэр эбэлэрэ сүрэҕинэн ыалдьан өлөөхтөөбүтэ.

Кыргыттар күн бүгүнүгэр диэри төрөөбүт, улааппыт тэлгэһэлэриттэн тэйбэккэ сылдьыбыттара. Кырдьык, бэйэлэрин оҕолоро сайын аайы Элгээн мүөттээх салгыныгар дуоһуйа сынньанан сайылыыллар этэ. Орто кыыс Альбина дойдутугар олохсуйан, иитиллибит, киһи-хара буолбут иэримэ дьиэлэрэ иччитэхсийбэккэ турдаҕа. Оскуолаҕа үөрэниэҕиттэн доҕордоспут Климин батыһан, Дьокуускайга үөрэҕин бүтэрээт, дойдутугар төннүбүтэ. Клим саатар орто үөрэххэ үөрэммэтэҕэ. Тырахтарыыстаан, суоппардаан айаҕын ииттинэ сатыыр даҕаны, сыл аайы арыгылыыра аҕыйыахтааҕар элбээн иһэрэ сөхтөрөр. Урут син иһэн-аһаан кэлэн баран утуйан абырыыр бэйэтэ, билигин илэ хаама сылдьан куолулаан, мээрилээн дьонун сылатар. «Майгыта-сигилитэ буортуйан иһэр, өрөлөһөр киһи охсуох да курдук. Төһөнөн уһун кэмҥэ арыгыга ыллараллар даҕаны, майгылара-сигилилэрэ киһи билбэт буола уларыйар дииллэрэ кырдьык эбит» диэн Альбина хаһан эрэ быктарбыта. Альбина Элгээн балыыһатыгар сиэстэрэлиир, биэнсийэҕэ саҥа таҕыста. Куораттыыр сураҕын иһиттэхтэринэ, элгээннэр улаханнык соһуйаллара буолуо. Өтөрүнэн кини курдук уопуттаах, үлэтигэр бэриниилээх сиэстэрэни булаллара саарбах.

Ася университет саха тылын уонна литературатын салаатын бүтэрбитэ. Оскуолаҕа үлэ көстүбэккэ, тыл институтугар үлэлээн баран, билигин чааһынай кинигэ кыһатыгар редактордыыр. Кэргэнэ Степан эмиэ научнай институкка үлэлии сылдьан инсуллаан, эрдэ инбэлиит буолбута. Түөрт сыллааҕыта бу олохтон бараахтаабыта. 14 саастаах Айаал диэн уоллаах. Ася 43 эрэ сааһыгар огдообо буолан хаалаахтаата.

Кыргыттар бэйэ-бэйэлэрин, оҕо эрдэхтэринэ төрөппүттэрэ барахсаттар таптаан «Тайыыска», «Аликка», «Асикуо» диэн ааттыылларын курдук ыҥырса сылдьаллар даҕаны, саастара ырааппыт. Икки улахан – пенсионеркалар, аччыгыйдара Асикуо даҕаны аны үс сылынан биэс уона кэлэр.

Кыргыттар мөссүөннэринэн оннук кырасыабай диэҥҥэ киирсибэттэр эрээри, ис киирбэхтэр. Ийэлэрин батан үрүҥ субалаахтар, олус арылыччы көрбүт буолбатар даҕаны, дьон этэринэн, киһини бэйэлэригэр тардар умсугутуулаах харахтаахтар. «Имэрийэ көрөр, сырдыгынан сыдьаайар харахтаах кыргыттаргыт» диэччилэр. Ис дьиҥнэрэ барыта харахтарын көрүүтүгэр сурулла сылдьар үһү. Иккиэн да холку, наҕыл, үөрүнньэҥ майгылаах дьон оҕолоро майгыларынан-сигилилэринэн кимиэхэ да сирдэрбэттэр.

Киэһээҥҥи аһы бэлэмниир кэм кэлбит. Таисия биэнсийэҕэ барыаҕыттан дьиэҕэ олорор эрээри, хата кимнээҕэр күн солото суох. Кэргэнэ Артур Иннокентьевич «туруорсуутунан» дьиэ хаһаайката буолан олорорго сөбүлэспитэ. «Учуутал үлэтин түбүгүн сааһыҥ тухары сүктүҥ. Сынньанар, холку олоҕунан олорор кэм кэллэ» диэбитэ. Бу курдук күнү быһа дьиэтин түбүктэрин үмүрүтэринэн, дьонугар ас астыырынан күнэ-дьыла бүтэр. Кыыһа Диана да үлэтиттэн кэлэрэ чугаһаабыт, ол кырасаабысса аччыктаан ахан кэлиэ. Диана дьүөгэтин кытта муодунай бутикка атыыһыттыыр. Артур бүгүн хойутуур, мунньахтаах.

Таисия дьоллоох! Саха дьахтарын сиэринэн ол туһунан улаханнык саҥарыан туттунар эрээри, иһигэр дьылҕатыгар олус махтана саныыр. Таптыыр, таптатар дьолун билэр, олоххо дьоһуннаахтык сыһыаннаһар, эрэллээх кэргэннээх! Күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычаахтара этэҥҥэлэр: Артем үөрэҕин бүтэрэн Москваҕа олохсуйда, Диана омук тылын факультетыгар 5-с кууруска таҕыста. Сааһыран эрэр, олох күһүнүн көрсөр дьахтарга уонна туох нааданый?! Таисия туалетнай остуолун иннигэр сирэйигэр түспүт мырчыстаҕастарын аргыый тарбахтарынан батыһыннаран имэрийэ олордо. Төбөтүгэр «Уп уһун суһуоҕум кылгаабыт, хоп-хойуу бэйэтэ убаабыт…» диэн ырыа тыллара көтөн түстүлэр. «Ничего-о, мои года мое богатство буоллаҕа эбээт» диэн бэйэтигэр иһиллэр гына саҥараат, куукунатын диэки хаамта.

* * *

Альбина, хотуна киирэн иһэрин көрөөт, хайдах настарыанньалааҕын сэрэйдэ. Альбина куорат диэки көһүөн баҕарарын истибитэ, тута ончу сөбүлээбэтин эппитэ. Манна дойдутугар ааттыылларынан Борускуой, кийиит киһиэхэ Альбинаҕа – Прасковья Ивановна, киирээт дьиэ иһин эргим-ургум көрөн баран, уолун Клим баарын-суоҕун ыйытта.

– Ол иһин даҕаны, арҕаа хочуолунай диэки баран эрэрэ. Ити киһиҥ куоракка көһөр сураҕын истиэҕиттэн кута көттө. Бэйэҥ да билэ-көрө сылдьар инигин. Билигин бу көһөр айдааҥҥыт суоҕа буоллар, кэм дьону кытта ойуурга булт көрө барбыт буолуо этэ. Быйыл кыһын мас кэрдээччилэри кытта барсар санаалаах сылдьыбыта, – Прасковья Ивановна уолун көмүскэһэрдии саҥаран-иҥэрэн барда.

– Прасковья Ивановна-а, ханна баарый манна олорон бачча сааспытыгар диэри өрүттүбүппүт. Хата, ити тыраахтара алдьанан абыраата. Билигин дьэ, дьоҥҥо окко-маска үлэлээн, арыгылаан иэдэйбит буолуо этэ. Ити сылдьан тиэхиникэҕэ да дэҥнэнэн хаалар кутталлааҕын бэйэҥ билэ-көрө сылдьаҕын. Саатар үлэлээбитигэр хамнас аҕалан абырыыра буоллар. Иһэрин бэркэ билэр элгээннэр атаҕар уйуттубат буолуор диэри аһатан ыыталлар. Оҕолорум «куоракка көһөн кэлиҥ» диэн ыҥыраллар. Киэҥ сиргэ туох эмэ үлэ көстөр ини.

– Ол таксистаан бэйэтин нэһиилэ ииттинэр уолуҥ, саҥа устудьуоннаан эрэр кыыһыҥ дьиэ-уот бэлэмнээн олороллоругар бараҕын дуо? – Прасковья Ивановна, баччааҥҥа диэри кийиитин кытта хаһан да кытаанах тылларынан бырахсыбатах бэйэтэ, бэркэ аймаммыт, кыыһырбыт-тымтыбыт.

– Аан дойду киһитэ барыта куоракка көһөн син оннун-туойун булунар. Биһиги даҕаны куортамнаһан, үлэ-хамнас булунан олоруохпут. Оҕолорбун хараҕым далыгар илдьэ сылдьыам буоллаҕа. Бука бары айманан хааллаххытый, – Альбина эдьиийдээх балта сэҥээрбэтэхтэриттэн бэйэтэ да ыгылыйа сылдьара таҕыста.

– Айманымына! Өйгүн туппут биэс уон саастаах дьахтар барытын быраҕан, сүөһүгүн-аскын суох оҥорон, тэлгэһэҕин сабан тахсан барарыҥ төһө бэрдий?! Улахаттарыҥ син оннуларын булан эрэллэр, онно көрөр-истэр чугас дьонноохтор. Ити кыра уолуҥ куорат оскуолатыгар сатаан сылдьара да биллибэт. Дьиэбитин атыылыахпыт диэхтиигин да, эн эргэ дьиэҕин ким ылар? Эһиэнинээҕэр буолуох сэнэх дьиэлэр атыыга барбакка таах тураллар, – Прасковья Ивановна, туох да үчүгэй кэпсэтии тахсыа суоҕун, кийиитин быһаарыныытын уларыппатын билэн, саҥара-саҥара тахсар ааны былдьаста.

Альбина, хотуна тахсыбытын кэнниттэн, «һуу-уу» диэн саҥа таһааран, дириҥник өрө тыынан ылла. Эбэ Борускуой барахсан сааһын тухары өйүн туппатах уолуттан төһөлөөх санаата айманан кэлээхтээтэ. Клим дьиэтигэр этэҥҥэ киирбитин иһиттэҕинэ, биирдэ уоскуйан утуйар. Онон, аҕалара өйдөөх буоллун, итирик буоллун, дьиэтин буллаҕына, эбэлэригэр хайаан да «дакылааттыыллар». Дьэ ити Альбиналаах куоракка көһөбүт дииллэрин истиэҕиттэн отуора алдьанан сылдьаахтыыр. Ыытыан баҕарбат киһи сиэринэн, барыта сатамматын эрэ этэн тахсар.

Альбина олус сылайда. Климин ити абааһы аһыттан араара сатаан элэ-была тыла баранна, этэргэ дылы, хараҕын уута «хатта». Билигин итирик кэллэҕинэ таах көрөн эрэ кэбиһэр. Хата Климэ дьэ саҥарыах-иҥэриэх, урукку-хойукку хомолтотун аахсыах санаата киирэн, бэйэтэ этиһии, айдаан төрдүн була сатыыр идэлэммит. Саатар, совхоз, кооператив да ыһыллыаҕыттан, туох да үлэ суоҕун кэриэтэ. «Ыспысаанньаҕа» бырахпыт тыраахтардарыгар тиксэн холтууралаан көрөр да, иһэрэ бэрдиттэн үөтэлээх хамнаһы да аҕалбат. Атастарын-доҕотторун күндүлээн, улахан аҥаарын суох гынан кэлэр. Мас кэрдиитигэр иккитэ хаста тахсыһа сылдьан баран уһаабатаҕа, төттөрү киирэн кэлэ турар. Бадаҕа, биригээдэни күүскэ тутар, мээнэ арыгыны амсаппат киһиэхэ түбэспит. Борускуой «быйыл мас кэрдэ барара хаалла» диэхтиир. Онон үөлээннээхтэрин курдук дьиэ туттан да дьэндэппэтилэр. Ыал буолаат, Альбиналаах төрөппүттэрин дьиэтигэр киирбиттэрэ, оннук олороллор. Кыһын дьиэлэрэ тымныйара диибин диэн. Клим сайын аайы муостатын арыйан, саҥаттан буор кутуох, көрүөх-истиэх буолар да, хаалларан иһэр. Саатар ыал аҕаларын курдук сүөһү көрсөрө, хотоҥҥо сылдьыһара буоллар. Үлэтэ суох олорон аҕыйахтык хотоҥҥо тахсыһаары куолутунан баппатаҕа. «Эр киһи хотон иччитэ буолуо суохтаах» диэн тыллаах. Альбина үлэ быыһыгар хотон иһигэр-таһыгар мөхсөрүттэн сөп буолла. Инньэ гынан сүөһүлэрин сыл аайы аҕыйатан, билигин киһи аһынар элбэҕэ да хаалбата.

Альбина барарын истэн балыыһалар эмиэ айманаллар. Кини курдук чэпчэки илиилээх, аанньал майгылаах сиэстэрэ көстөрө саарбах.

– Ийээ, аҕам маҕаһыын ааныгар олорор. Икки буоларын кэтэһэллэр, – кыра уол Андриан киирэн кэлэн саҥарбытыттан Альбина соһуйда.

– От бүтүөр диэри арыгы атыыламмат ээ, Андриан. Чэ, биһиги дьоммут бу үйэҕэ онтон иҥнибэтэх бэйэлэрэ, булан-талан испиттэрэ буолуо. Икки чаас буола илигэ кинилэргэ сокуон буолбатах. Сарсыардаттан саҕалаатылар ини. Эбэҥ арҕаа хочуолунай диэки баран эрэрин көрбүт этэ.

– Чэ, хаһан куоракка барабытый? Ити дьээдьэттэн саатабын, оҕолор наар мин аҕам ханна итириктии сылдьарын кэпсииллэр. «Баран иһэн аҕаҕын илдьэ бар» дииллэр. Эн наар «аҕаҕытын булан аҕалыҥ» диэҥҥин, сосуһа сылдьарбытын дэриэбинэ барыта көрөр. На-до-е-ло! – Андриан көмпүүтэрин клавишатын илиитин көхсүнэн охсон ылла.

– Дьиэбитин атыылаамаары гынныбыт. Биллэрии тахсыбыта ыраатта да, ки-им да ыйыппат. Сүөһүбүтүн хайдах гынарбытын быһаарыныахпытын наада. Эн аа-дьуо маҕаһыын диэкиттэн дьааһыктары таһа сырыт. Мантан инньэ хомунуо да этибит.

– Дьиҥинэн, ийээ, дьиэбит атыыланан хаалара хайдах эрэ дии. Сайын Элгээммитигэр оччоҕо кэлбэппит дуо? – Андриан үөһэ тыынан ылла.

– Оччоҕуна ханнык харчыбытынан куоракка кыһыны быһа дьиэ куортамнаһабыт? Кыһалҕаттан атыылыы сатыыбыт. Дьиэ иччитэх хааллаҕына, аҕаҥ төннөн, манна арыгыһыттар мустар сирдэрин оҥоруо. Аны баһаар ыыталлар дуу, хайыыллар дуу. Чэ кэл, Андриан, чэйдиэх, – Альбина уолун остуолга ыҥырда.

* * *

Ася, дьүөгэтэ Тамара ыалдьыттыы кэлэн иһэр сураҕын истэн, түргэн үлүгэрдик хортуоппуй ыһаарылыы оҕуста. Айаал көмпүүтэригэр бүк түһэн баран олорор. Таах даҕаны аныгы оҕолору иэдэппит тэрил буолла. Хамсаммакка-имсэммэккэ уһун күнү быһа остуолга хам сааллан олороллоро доруобуйаларыгар охсуу бөҕөтүн оҥордоҕо. Алялаах тыаттан манна көһөн кэллэхтэринэ, сайын тыа салгынынан тыыналлара тохтууһу. Айаал улаатан истэҕин аайы улахан эрэйинэн Элгээҥҥэ барар буолан иһэр да, окко иҥин көмөлөһөр буолан, кэм тыа салгыныгар сылдьара үчүгэй. Аны «Аҕалара итириктиирэ бэрт, барбаппын. Наар этиһэн, хаһыытаһан тахсаллар» диэн сылтахтанан барыан баҕарбат.

Эмискэ аан собунуога тыаһаабытыгар Ася соһуйан «ходьох» гына түстэ. «Чэ, кини киһи омуна бөҕө, тыаһаппыта улаханын» дии саныы-саныы дьүөгэтин көрсө ааҥҥа барда. Тамарата имэ дэлби тэтэрбит, ыйаастыгас харахтара туох эрэ дьээбэлээҕи этээри гыммыт киһилии кылабачыспыттар.

– Ася, эмиэ киһини уотаары сыалаах эт буһаран баран олороҕун дуо. Аһыҥ минньигэс сыта аантан кэлэр. Никодимович абыраныыһы, – Тамара сонун олоппоско саба бырахта.

– Чэ-чэ, ол бу диэмэ, Никодимович туһунан мээнэ саҥарыма. Уол истиэ, – Ася хос диэки илиитин ыйда.

– Хаһааҥҥа диэри кистиэххиний, сотору Айаалгыныын көһөн барыаххыт. Үс хостоох дыбарыас дьиэҕэ атлас халааттаах хааман суугунууруҥ буолуо. Биһиги мээнэ сылдьарбыт тохтуур да ини. Кырдьар сааскар эрэллээх сарыҥҥа тайанан нус-хас олоруоҥ этэ буоллаҕа. Уолгун үөрэттэриэҥ, Никодимович киэҥ билсиилээх киһи, ханна баҕар оннун булларыа.

– Тамара, эн дьээбэҥ баппат. Арааһы мээнэ саҥараҕын да, миигин араас саарбахтыыр санаалар эрийэн эрэллэр. Ама да эр киһилэнэ, ыал буола сатаабытым иһин, саастаах, олох олоруон баҕалаах киһини таах сааратабын быһыылаах. Кэпсэттибит да, наар хаһан көһөн кэлэрбин ыйытан киһитин хаайар. Былаан бөҕөтүн кэпсиир. Ол аайы мин саҥабыттан матан иһэбин, туох да диэхпин билбэппин.

– Оо дьэ, акаары да баҕайыгын. Ол олорон киһигиттэн матарыҥ буолуо. Хайдах өйдөөбөккүн, кини үс хостоох дьиэтигэр сарыысса буолуон баҕалаах суоҕа буолуо дии саныыгын дуо? Бэйэҥ этэҕин дии, «түөтэлэр олорон ааспыттара» диир диэн. Чэ, чэйгин кута оҕус. Ыксаан иһэбин, дьиҥинэн, эн сирэйгин-хараххын көрөн ааһаары өҥөйдүм. Онтум ончу да мунчаарыыга ылларан олорор эбиккин буолбаат. Саамай сөпкө киирбиппин, – Тамара олоппоһу талахачытан аҕалан куукуна остуолугар олорунан кэбистэ.

– Уолбун кытта бэйэбит да олорбокко, эмиэ тугум киһитэ буолла. Таах сибиэ билсэмми-ин… Эдьиийдэрим иһиттэхтэринэ, сөҕөн-махтайан иэдэйэллэрэ буолуо. Киһилэрэ эргэ баран эрэрин истэн… Өссө оҕом баар ээ, хайдах ылынара биллибэт. Сыыһаны оҥорон эрэбин быһыылаах. Эрдэттэн тохтообут киһи. Тамарочка, арааһа, Никодимовичка эйигинэн бүтэһиктээх аккаас сурук ыытарым буолуо.

– Бүт, ону-маны эрдимэ. Ася, эн мэлдьи маннык сэнэх сылдьыам дии саныыгын дуо? Биэс уонуҥ буолуо да, сааһырбытыҥ биллэн барыа. Үөлээннээх эр дьоннор биһигини көрбөттөр. Сордоохтор эмиэ эдэр саастарын уһата түһээри отуттаахтар, түөрт уоннаахтар диэки олоотоһоллор дии. Никодимович уонча сыл аҕата туох буолуой, тас көрүҥүн көрөн туран киниэхэ бэйэтин 60-н биэрбэккин. Оҕото-уруута суох, ол нуучча ойоҕо төннүбэттии бардаҕа. Тапталы саҥа биллим диир диэбэккин дуо? Урут да мээрилиибин, билигин да этэбин. Олоххо эр киһи таптала күүстээх буоллаҕына, ыал этэҥҥэ олорор. Онон, хотуой, күлүккэр имнэниэхтээххин. «Таптыыбын-таптаабаппын» диэбит курдук ромашка сэбирдэхтэрин ааҕыммыта буолан сэрэнэ-сэрбэҥнии сылдьыма. Дьэ олоҕун оҥостоору дьаакырын түһэриммит кэмигэр эйигин көрсө түстэҕэ. Ону даҕаны эйиэхэ кинигэ оҥоттороору кэлэн биэрдэ… Ити киһигин ханна эрэ оһуокайга дуу, ностальжи биэчэригэр дуу илдьэн туруор эрэ, дьахталлар аҕыйах мүнүүтэ иһигэр уҥа-хаҥас тардыалаһан барыахтара. Мэлдьи кэргэннээх олорбут буолаҥҥын, демография хайдаҕын билээхтээбэккин. Сатана кыыһа баара, оччоҕо ончу да Милалыын билиһиннэрбэккэҕин. Мила эмиэ олох олоруон наада. Билэбин, кини наһаа соҕотохсуйар буолла. Эн биһиккигэ эппэт, атын дьүөгэлэрин кытта онно-манна ностальжига тиийэн хаалбыт буолар. Аны саҥарбаккын… Чэ, дууһаҥ түгэҕэр Никодимычкын сирбэккин. Милаҕа биэрбэккэ баара диэтэххэ, тыыммат буолан хаалла. Маладьыас, дьолуҥ – бэйэҥ илиигэр! – Тамара кутар-симэр, тохтоло суох куолулуур.

– Уоскуй, чэйгин ис. Бириэмэ көрдөрөн иһиэ, хайдах туох буоларбытын. Син биир эдьиийдэрбин кытта сүбэлэһиэхтээхпин. Тугу да эппэккэ көһөн хаалбат буоллаҕым. Уонна саамай куттанарым – уолбуттан… «Папа буллум» диибин дуо. Оо дьэ, хайдах эрэ барыта, – Ася куукуна аанын сабан кэбистэ.

– Дьиэҕит дэлби эргэрдэ, кыһын тымныйар ахан. Соҕотох үлэһит хаһан саҥа дьиэ оҥостуоххунуй? Аны уолгун атаҕар туруоруоххун наада. Никодимович сиргэ сыппат «вариант». Үөһэ тыына олорума. Ырааҕы, кэскиллээҕи ыралыыр куолута. Эдьиийдэриҥ, эн оннугун булларгын, үөрүөхтэрэ эрэ. Истэригэр ону баҕарар буолуохтаахтар, – Тамара чаһытын көрүнээт, сулбу ойон тураат, тахсан барда.

Ася, остуолуттан турбакка, үүттээх чэйин сыпсырыйа-сыпсырыйа арааһы аттаран саныы олордо.

– Ийээ, эмиэ элбэх саҥалаах Тамараҥ кэлэн барда дуо? Ити кини саҥатыттан дьиэтээҕи дьоно сылайаллара буолуо дуо? Дэлби мэһэйдэттим. Эчи, саҥата улаханы-ын, – Айаал чааскытыгар морс куттар.

– Ол истиэнэ нөҥүө эйиэхэ иһиллэр дуо? – Ася кэпсэтиибитин иһиттэҕэ диэн ыксыы санаата.

– Чуолкай иһиллибэтэр да, күлэрэ улахана бэрт. Наһаа дьиктитик тэһэ баран күлэр түөтэ дии.

– Майгыта буоллаҕа дии, Айаалчыак. Дьоммут көһөн кэлэ иликтэринэ, Элгээҥҥэ баран кэлбит киһи. Туох дии саныыгын? Мантан инньэ отоннуо да этибит, – Ася остуолун хомуйардыы тэриннэ.

– Соторутааҕыта онтон кэлбитим дии, – Айаал тыаҕа барыан баҕарбата сирэйигэр-хараҕар көстөр.

– Алялаах манна көһөн кэллэхтэринэ, Элгээҥҥэ баҕарбыппыт да иһин элбэхтик барбаппыт буолуо.

– Дьээдьэ Клим куоракка кэлэн хайдах сылдьара буолуой? – Айаал ийэтин диэки ыйытардыы көрдө. Оннооҕор Айаал өйүгэр-санаатыгар күтүөтэ Клим олус иһэрэ хаалан хаалбыт, эрдэттэн дьиксинэр.

Оо дьэ, кырдьык, Клим бу өссө дьалхааннаах, киин сиргэ кэлэн, хайдах оннун булар?! Аликка эрэйдэнэрэ буолуо ээ. Тайыыска сөбүлээбэтэҕэ, сэргээбэтэҕэ сөп да курдук.

* * *

– Ок-сиэ, эмиэ «дозаҕын» ылан кэлээхтээбиккин дуу. Ходуһаҕар бара сылдьыах буолтуҥ дии. Хайдах буолбут киһигиний бу эн?! – Альбина, кэргэнэ атаҕын соһон, онно суоҕунан, килээриччи көрөн киирэн иһэрин көрөөт, итиригин тута биллэ.

– Сүөһүнү барытын эһэн, куоракка киирээри олорон тугуҥ эмиэ ходуһатай, – Клим, саппыкыларын нэһиилэ устан, уҥа-хаҥас тамнааттаан баран, саалаҕа дьыбаанын диэки хаамта.

– Эйиэхэ этэн да диэн, ньиэрбэни сиэбэтэх да ордук. Сайыны быһа үлэлээбиппит таах хаалыа дуо? Сүөһү, сылгы киирэн оккун ый ыһыаҕа оҥоруохтара. Ыалга от биэрэн аҕыйах сүөһүнү хаалларыах буолбатахпыт дуо? – Альбина, билигин саҥаран туох да туһа суоҕун биллэр даҕаны, мөҕүттэн көрдө.

Бэҕэһээҥҥиттэн хантан эрэ «арыгылаах ампаары» булан иһэ сылдьар. Абырах була охсон кэллэҕэ ити дии. Дьиҥинэн, от кэмигэр абааһы аһа атыыламмат. Ол эрээри арыгыга ылларбыттар онтон иҥнибэттэр, син биир булан баран биирдэ тэйэллэр. Таайдахха, «туочукалар» бааллар, кистээн атыылыыллар. Арыгыһыттан эрэйи көрбөт дьон оҕону, дьахтары ытатабыт-соҥотобут, олохторун аймыыбыт дии санаабаттар. Кинилэргэ харчы эрэ киириэн наада буоллаҕа. Ыал ийэлэрэ атыылыыр сураҕа дэриэбинэҕэ иһиллэр.

Клим билиҥҥитэ «куоракка барсыбаппын, сүөһүлэрбин кытта бэйэм хаалабын» дии сылдьар. Дьонугар инньэ диир, атын доҕотторугар, атастарыгар «куоракка көһөбүн» диэн «өҥнөммүтэ» ырааппыт үһү. Киирэн боруобаланан көрүөхтэрэ. Баҕар, сир уларыйан, ити иһээччи доҕотторуттан тэйэн, сынньана да түһүө этэ. Хаарыан доруобуйатын кэһэттэ быһыылаах ээ. Дьиҥинэн доруобуйата үчүгэй буолан, ити үлүгэр дьааты уйунан сырыттаҕа. Кэнникинэн «иһим-үөһүм, сүрэҕим» дии-дии өрүтэ тыынар буолла. Дьэ иэдээн, киһи арыгыга ылларар да эбит! Эрдэттэн куоракка илдьэ баран хаалбакка дуу. Совхоз баарына, суоҕуна да, мэлдьи суоппар, тырахтарыыс буолан, дьоҥҥо ону-маны тиэйээри, арыгыга олус убаммыта. Күн аайы кэриэтэ иһэр киһи үөрэниминэ, ханна барыай. Саатар атын ыаллар киһини, ыал аҕатын харыстаабаттарын! Ону-маны тиэйтэрэн-тастаран баран, харчынан төлөһөр оннугар үрүҥ арыгынан күндүлүүр муодалаахтара. Элбэх суоппар, тырахтарыыс устунан арыгыга ылларбыт буолуохтаах.

– Нохоо, Өндүрүйэ-эн, уута аҕа-ал, – саалаттан Клим уолун ыҥыран бааҕынаата.

– Эмиэ саҕаланна… Андриан, ыл аҕаҕар илдьэн биэр, – Альбина, ыраас чааскыга тымныы уу кутан баран, уолун ыҥырда.

– Айа, эмиэ саҕаланна. «Өндүрүйэ-эн» дии-дии… Ийээ, чэ хаһан куоракка барабы-ыт?! – Андриан, аҕата итиэннэ көмпүүтэргэ сүгүн олордубатын санаан, үөһэ тыына-тыына аҕатын диэки сукуҥнаата.

Билигин уолун сүгүн ыыппат буолуохтаах. Үөрэтэрэ-такайара дьэ киириэ. Сытар дьыбаанын кытыытыгар олордон баран, итирик аҕа лиэксийэтин ааҕыа. Туран бараары гыннаҕына бардьыгыныа, суоһурҕаныа. Айдааны тардыбакка утуйдун эрэ диэн, мантан инньэ атахтарын төбөтүгэр сылдьыахтара турдаҕа. Андриан, оҕом сыыһа, куоракка көстөхпүтүнэ олохпут уларыйыа диэн эрэлэ улахан. Саатар кини арыый сэргэхсийиэ этэ. Альбина бэйэтэ даҕаны, сааһыран истэҕин аайы, эдьиийдээх балтын таһыгар сылдьыан баҕарар. Климҥэ туох эрэ дьарык, үлэ көстөрө буоллар. Оо дьэ, куоракка киирэн олохсуйууну санаатахха дьиҥинэн сүрэх ыалдьар… Олорор дьиэлэрэ-уоттара, үлэлэрэ-хамнастара, Андриан оскуолата… Оҕолор үөрүүлэрэ дьикти. Улахан уол, таксистыыр Федя, быйыл иккис куурус буолуохтаах устудьуоҥка Ньургуйаана дьоннорун кытта олороору үөрээхтииллэр.

* * *

– Быйыл бэһис курс буолабын… Саҥа саҕынньахха ымсыырабы-ын аха-ан, – Диана, төрөппүттэрэ иккиэн баалларыгар түбэһиннэрэн, бу күннэргэ этиэн баҕара сылдьыбытын быктарарга быһаарынна.

– Саҕынньах да-а, оттон билигин тугу кэтэ сылдьаҕыный? – Артур Иннокентьевич бэркэ соһуйбуттуу кыыһын диэки көрдө.

Ийэлээх кыыс бэйэ-бэйэлэрин диэки тугу эрэ эрдэттэн кэпсэппит дьон курдук көрсөн кэбистилэр.

– Былырыын ийэҕэр ылбыппыт, аны эн уочаратыҥ кэлэ оҕуста дуо? Үөрэххин бүтэриий, чыычаах. Биир эрэ киһи хамнаһа син биллэр курдук дии. Сөпкө этэбин дуу, Таисия Терентьевна? – Артур Иннокентьевич таах хаалыахтааҕар Таисиятыттан өйөбүл көрдөөн көрдө даҕаны, кыргыттара эрдэттэн кэпсэтэн, биир санаалаах олороллорун билээхтиир.

– Маҥан, сырдык саҕынньахха ымсыырбыта ыраатта. Миэнин курдукка. Улахан куурус киһитэ буоллаҕа. Анараа саҕынньаҕа эргэрдэ даҕаны. Сырдыкка көрдөххө кытарбыт. Толкуйдуохпут, Диана-а, – Таисия, Артур Иннокентьевич кыыһыгар син биир аккаастаабатын билэн олорор буолан, бэрт холкутук тутунна.

– Ийэбин үлэттэн бэйэҥ тохтоппутуҥ. Учууталлар хамнастара үрдээбит ахан, ол иһин уурайыан да баҕарбатаҕа ээ. Дии, ийээ?

– Онтуҥ төһө сыранан кэлэрин билэҕин дуо, Диана? Ийэбит дьиэҕэ олороро наһаа үчүгэй дии. Бэлэм аска кэлэбит. Бурдук ас арааһын күн аайы сиибит. Ийэбит сынньанна ахан, холкутук, үөрэ-көтө сылдьар, – Артур Иннокентьевич Таисиятын диэки «сөпкө этэбин дии?» диэбиттии көрдө.

– Чэ, оччоҕо туох диэтиҥ, аҕаа? – Диана хайаан да эппиэт ылыан баҕарар киһи быһыытынан, аҕатын диэки тонолуппакка көрөн турда.

– Ийэҥ эттэ дии, ол аата толкуйдуохпут.

– Маладьыас, оччоҕо бу күннэргэ кыргыттарбын кытта маҕаһыын кэрийэн сон сыанатын үөрэтиэм, – Диана ойон туран аҕатын иэдэһиттэн сыллаан ылла.

Таисия, Диана барбытын кэнниттэн, балта Альбина кэргэнин кытта Элгээнтэн куоракка букатыннаахтык көһөн кэлэргэ быһаарыммыттарын кэпсээтэ. Дьиэлэрин атыылыы сатаабыттарын ким да ылар санаата суоҕун эмиэ эттэ.

– Альбина эһиги этэргитин син биир истибэтэх эбит. Дьиэ турдун. Баҕар, кырдьар сааспытыгар тугу эмэ туттуохпут. Уһаайбаҕытын харыһыйаргыт саамай сөп. Үлэ булуохтарыгар, олохсуйуохтарыгар диэри, бастакы арендаларын харчытыгар көмөлөһүөхпүт. Климҥэ туох үлэ көстөрө буоллар? Альбина, медик киһи, син тугу эмэ булар ини.

– Артур, наһаа да үчүгэйги-ин. Балтыларым эйигин ол иһин наһаа таптыыллар. Ханнык да түбэлтэҕэ күтүөттэрэ син биир тугунан эмэ көмөлөһөрүн билэллэрэ бэрт, – Таисия кэргэнин санныттан кууһан, иэдэһиттэн сыллаан ылла.

– Альбинаны аһынабын. Сааһын тухары иһэр киһини кытта олоро сатаан сөбүгэр эрэйдэннэ. Саатар Клим дьиэ-уот туттубута буоллар, олоро сатыа этилэр. Дьиҥинэн, куоракка даҕаны хайдах оннуларын булалларын сатаан санаабаппын. Бу күҥҥэ-дьылга сүөһүнү имири эһэр диэн хайдаҕа эбитэ буолла, – Артур Иннокентьевич остуол кытыытыгар сыппыт хаһыаттарын илдьэ саалатын диэки хаамта.

Аликка быһаарыммытыттан төттөрү түспэт киһи буолуо. Көһөн кэлэн, куорат олоҕун итиитин-тымныытын эттэринэн-хааннарынан билэллэригэр тиийэллэр. Кыра кыыс Асикуо да олорор дьиэтэ олус эргэрдэ, саатар толору хааччыллыыта суох. Күтүөт Степан барахсан эрдэ ыарыһах буолан хаалан, дьиэ-уот оҥостуутугар тугу да хамсаммакка бараахтаабыта…

* * *

Ася, уута кэлэн биэрбэккэ, эргичийэ-урбачыйа сытта. Сотору-сотору туумбатыгар турар чаһытын көрөр, бириэмэ баран истэҕин аайы уута кэлэн биэрбэтиттэн санаата алдьанна. Сарсын эмиэ сирэй-харах иэдэйэр буолбут. Утуктаан эрэйи көрөрө буолуо. Кыһайбыт курдук, олус ыксаллаах рукопистары ааҕыахтаах. Хотуннара Любовь Даниловна эппит болдьоҕуттан хойутатары сөбүлээбэт. Мээнэ мөҥө-этэ сылдьыбат эрээри, тиҥилэҕэ тыастанан, хаамара-сиимэрэ эрчимирэн хааллаҕына, бииргэ үлэлиир дьахтарыныын Елена Семеновналыын сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиһэллэр. Дьон кинилэр «Биһиктэрин» сөбүлүүр. Кинигэни бэчээттиир чааһынай кыһалар элбэхтэр эрээри, сакаас тохтоло суох киирэ турар. Дьиҥинэн, Любовь Даниловна Асялаах Еленаны үлэһит быһыытынан сыаналыыр, «үлэһит, түргэн-тарҕан кыргыттар түбэһэннэр абыранным» диэн дьоҥҥо киэн тутта кэпсиирин истээччилэр.

Дьэ, ити үлэтигэр олорон Егор Никодимовиһы кытта көрсөн, бу утуйар уута алдьанан сыттаҕа дии. Кэлэр өрөбүлгэ дьиэтигэр ыҥырда. Билсибиттэрэ сыл аҥаара буолла. Кэлин наһаа «атаакалаан» эрэр. «Эр киһи хайдах соҕотоҕун олоруой, син сөбүлүүр эрээригин, баран олор» диэн Елена Семеновната үнүр эмиэ ыксатта. Ася, кырдьык, тугу эрэ быһаарыныан наада. Кэлиҥҥи кэмҥэ Егор Никодимович, күн аайы Ася үлэтигэр кэлэн, буолары буолбаты кэпсэтэ сатыы-сатыы олороро сылаалаах буолла.

Дьэ кырдьык, Ася киниэхэ хайдах сыһыаннаһарый? Бэйэҕэр чиэһинэйдик билин эрэ, Анисья Терентьевна! Таптаабат! Ол чуолкай. Билигин кэлэн уон аҕыстаах кыыс курдук тапталынан «умайара» аастаҕа дии. Ама да ааспытын иһин, киниэхэ да баара өйү-сүрэҕи туймаардар тапталтан өрөгөйдөөбүт, харах уутунан да сууммут күннэр… Ол эрээри, кэргэнигэр таптал буолбатах этэ. Кини олоҕор Слава, Владислав диэн уолан баар буола сылдьыбыта. Билигин кини баарын, туох дьылҕалаах киһи буолбутун сороҕор билиэн олус баҕарар… Ким билэр, билигин даҕаны, баҕар, сүрэх сөбүлүүрэ көһүннэҕинэ, атыннык тыыныа эбитэ дуу. Туох кистэлэҥэ кэлиэй, биэс уонун туолара аҕыйах да сыл хааллар, эр киһи болҕомтотугар баҕарбата кэлиэ дуо. Баҕарар ээ, эр дьон сөбүлүү көрбүт харахтарынан имэрийэ көрүөхтэрин, истиҥ тыллары этэн да ааһыахтарын. Кэргэннээх, дурда-хахха, көмүскэл дьонноох дьахталларга ымсыырар. Степатын кытта, уоттаах тапталынан да холбоспотоллор, иллээхтик-эйэлээхтик олорбуттара. Дьиҥинэн, аны санаатахха, Ася Степатыгар, били нууччалыы этэллэринии, «по расчету» тахсыбыт эбит. Университеты бүтэрбит сылыгар тыл институтугар тиийээт, ол кыһын кэргэннэммэккэ олорон хаалбыт сааһырбыт уолга Степаҥҥа кэргэн барбыта. Степа дьоһуннааҕынан, майгыта холкутунан сөбүлэппитэ. Ону баара, барахсан сиэри таһынан холку, олоҕун, хаһаайыстыбатын да оҥостон иһэригэр оннук наҕыл туттунуулаах этэ.

Егор Никодимович саха киһитигэр уһун дьулугур уҥуохтаах, кубархай сирэйдээх, быһата, бэрт интеллигентнэй көрүҥнээх киһи. Эр киһиэхэ сиэри таһынан маҥан. Сиртэн-буортан тэйбит курдук ыраас, чэнчис көрүҥнээх. Мэлдьи таҥаһын тэбэнэн тахсар. Ити тухары тугу булан ылара буолла, тарбахтарынан таҥаһыттан тугу эрэ тыга сылдьар үгэстээх. Үнүр Елена Семеновна ону өйдөөн көрбүтэ, «Никодимовиһыҥ сиэри таһынан чэнчис дуу, хайдах дуу» диэн эрэрэ. Ол эрээри Ася санаатыгар, ыраас, бэрээдэги сөбүлүүр киһи туох куһаҕаннаах буолуой.


Страницы книги >> 1 2 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации