Текст книги "Эн миэхэ соҕотоххун"
Автор книги: Галина Нельбисова
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 8 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]
Ол мин доҕордоно, ыал буола сатаабытым диэн, улаатан эрэр оҕом баар дии. Айаалчыгым. Туох диир киһи эбитэ буолла-а? Аны эдьиийдэригэр этиэхтээх. Тайыыска соччо сэргээбэтэ буолуо. Иллэрээ сыллааҕыта Ася эмиэ олоҕун оҥостон испитин уонна табыллыбатаҕын билэллэр. «Эн сааскар билигин киһилии эр киһи бүттэҕэ. Оҕоҕун иитэн таһаар, киһи оҥор. Эмиэ Клим курдук киһиэхэ түбэһэн эрэйи көрөөрү гынаҕын дуу» диэн Тайыыска ончу бобордуу саҥарбыта. Ася эдьиийиттэн кыратык хомойо санаабыта. Хата, кини мэлдьи кэргэннээх, сынньалаҥнык олорор эбит. Оо дьэ, чаһы ырааппыт. Үс аҥаар чугаһаабыт. Саатар кыратык нуктуу түспүт киһи-и…
* * *
Таисия Терентьевна оскуолаҕа бииргэ үлэлээбит чугас дьүөгэтигэр Тоняҕа, Антонина Андреевнаҕа, кэлэн олорор. Чэйдии-чэйдии оскуола аһыллыытыгар бэлэмнэнии түбүгүн, үөрэппит оҕолорун, биир идэлээхтэрин туһунан кэпсэттилэр. Ол эрээри, Таисия көрдөҕүнэ, Тоня, кэпсии олорон, бэйэтэ ончу атын сиргэ баар курдук. Дьиҥинэн, дьүөгэтэ олус сылаарҕаабыт, туохтан эрэ санаарҕаабыт көрүҥнээҕин киирэн иһэн тута билбитэ.
– Тоня, хайдах эрэ наһаа сылайбыт көрүҥнээххин. Туох эрэ кыһалҕалааххын быһыылаах дии. Доруобуйаҥ этэҥҥэ дуо?
– Таисия, миигин оҕонньорум бырахта. Оруобуна отут сыл олорон баран, саамай дьэ бэйэ-бэйэбитин өйдөһөн-өйөһөн олорор кэммитигэр «эргэрдиҥ» диэтэ, – Антонина аргыый ытаан, санна дьигиҥнээн барда.
– Оо дьэ, Тоня, эн ону туохха олоҕуран этэҕин. Окко барбыта буолбат дуо? Дьиэҕэ суоҕар ончу да наадыйбакка олоробун.
– Дьон билбитэ ырааппыт. Кэргэнэ саамай бүтэһигинэн истэр дииллэрэ кырдьык эбит. Ол иһин наһаа кыыһырар-тымтар, туохха да ис буолбат буолбута ыраатта. Иллэрээ күн таҥаһын-сабын хомунан дьиэттэн тахсан барбыта. Оскуолаларыгар кэлбит саҥа тренер дьахтар үһү. Былырыын саас кустуу барбыт күнүн өйүүнүгэр оскуола кыргыттара «Матвей Ивановиһы эргэ куоракка ресторан таһыгар көрбүппүт» диэбиттэрин истэ да барбатаҕым. Ол иһин хайдах эрэ үөннээх баҕайытык көрөллөр-истэллэр этэ.
– Ол дьахтарыгар көстө диэри гынаҕын дуо?
– Көстө. «Иллээхтик-эйэлээхтик арахсыахха» дии-дии кэпсэтэ сатаата. Эдэр тренер дьахтары өйүн сүтэриэр диэри таптаан кэбиспит үһү. Кини өссө чиэһинэйэ бэрт буолан, уһуннук албынныы сылдьыбакка билинэр үһү. Саатар ити кыыс, Роза, аҕабыт оннук буолбутун истэн баран иэдэйдэ. «Бардын уонна биһигини үйэтин-сааһын тухары умуннун» диир.
– Тоня, эйиэхэ наһаа ыараханын өйдүүбүн. Кытаатан, уоскуйа, холкутуйа сатаа. Биһиги сааспытыгар олус айманар-сайманар охсуулаах буолуон сөп. Ханна барыаҕай, сотору эдэр дьахтар ирдэбилин тулуйбакка, төннөн кэлиэҕэ. Урут да итинник түгэннэр бааллар этэ дии, эйигиттэн биирдэ да барбатаҕа.
– Акаары эбиппин, барытын бырастыы гынан истэҕим дии. Оҕобуттан кистиир этим. Кини аҕалаах улаатарыгар кыһалыннаҕым дии. Кырдьар сааһыгар дьэ түспэтийиэ, мин тулуйаммын баччаҕа кэллибит диэн астына саныы сылдьыбытым ханна баарый?! Ол эрээри, Таисия, миэхэ төһөлөөх ыарыылааҕын, арааһа, кэргэттэрэ таҥнарбыт эрэ дьахталлар өйдүөхтэрэ. Таспар туохха да кыһаллыбат дьахтар курдук көстө сатаабытым иһин, испэр атын мучумаан. «Оҕо улаатта, таптыыр киһибин кытта бииргэ буолуохпун баҕарабын» диэтэ. Дьэ, итиэннэ суох, бу дьиэ боруогун атыллатар үһүбүөн! Дьиэ биһиэнэ, даача киниэнэ үһү.
– Тоня, хата, аттыгар кыыһыҥ баара үчүгэй. Ытаан-соҥоон айманан бүт, суобаһа суох таҥнарыахсыт эр киһини аһыйан да диэн, – Таисия саҥаран бүтэн баран биирдэ бэйэтиттэн сонньуйа санаата. «Наһаа күүскэ саҥардым буолбатах дуо» диэн.
– Оҕобун наһаа аһынабын. Аанньа аһаабатаҕа, утуйбатаҕа хас да хонно. Аҕатыттан наһаа хомойбут. Көмпүүтэри көрөн баран олорор. Бастаан «ол дьахтарга баран аахсабын» дии-дии аймаммытын нэһиилэ уоскуппутум. Онтон аны аҕатын итиэннэ икки хараҕынан көрбөт санаалаах. Уоллаах быһыылаах, арааһа, биһиэхэ билиһиннэрэ аҕалаары сылдьыбыт.
– Бэрт эбит дии, Тоня. Оо дьэ, Матвей Иванович кырдьар сааһыгар кылыыһыт буолбут диэбиккэ дылы, наһаа да дьиэтиттэн тахсан барбатар.
– Биир өттүттэн тахсан барбыта да ордук эбит, таах албынныы сатаан эрэйи көрүөхтээҕэр. Ол иһин түүннэри сылдьар идэлэммитэ ыраатта ээ, мэлдьи кинилэр күрэхтэһиилэрэ бүппэт. Оронун булуор, аттыбар баар буолуор диэри утуйбат идэлээхпин. Онтон устунан киһи уута көтөн хаалан эрэйдэнэрэ биир туспа.
– Чэ, мин барыым. Ол иһин, киирэн иһэн сэрэйбитим, сирэйиҥ-хараҕыҥ олоруутуттан туох эрэ кэпсиирдээххин. Улаханнык уоскуппатым, тугу да сатаан сүбэлээбэтим. Киһи маннык түгэҥҥэ бэйэтэ ыксаан хаалар. Ыал тус олоҕо, сүбэлиир чэпчэкитэ суох. Чэ, төлөпүөннэһиэхпит, – Таисия дьүөгэтин соҥуорбут, ытаабыт сирэйиттэн сүрэҕэ мөхсүөр диэри долгуйда.
* * *
– Хайа? Дьэ, бу ыал, көһөн эрэр эбиккит дуу? – Борускуой уолун аах дьиэлэригэр киирэн иһэн, күүлэ муннугар дьааһыктар чохчолоно сыталларын көрөн саҥа аллайда.
Климнээх Альбина бэйэ-бэйэлэрин көрсөн кэбистилэр, саҥарбатылар.
– Куоракка ким бэлэмнээн биэрбит талба олоҕор бараргыт буолла. Биир уоллааҕым, кырдьар, мөлтүүр сааспар быраҕан, Дьокуускайга дьол көрдөһө баран эрдэҕиҥ, – бу боппуруоска кэпсэтии буоллаҕына, Борускуой эҕэлээхтик саҥарарын билбэккэ да хаалар.
– Эбээ, эйигин, куоракка олохсуйдахпытына, кэлэн ылыахпыт, үчүгэй балыыһаларга көрдөрүөхпүт, – сиэнэ Андриан, эбэтэ киирбитин истэн, хоһуттан таҕыста. Куораттыыра чугаһаан, бэркэ сэргэхсийбит көрүҥнэммит, хараҕа атын «уоттаммыт».
– Ээ, оҕом сыыһа кыһаллаахтыыр буоллаҕа. Дьэ, кимиэхэ укуолланабын, систиэмэлэнэбин? Эмээхситтэр «сиэстэрэ кийииттээх буолан киэптиигин» дииллэрэ тохтууһубун дии. Клим, биир-икки төбөлөөҕү хайаан да хаалларыҥ. Атын ылан көрүөх ким да суох буоллаҕына, эдьиийиҥ аах да ылан кыстатыахтара.
– Сүөһүбүтүн имири эһэбит диэбэппит ээ, ийээ. Баҕар, аҕыйах ыйынан өтөхпүтүгэр төннөн кэлиэхпит дии. Туох билиэ баарай, ол куораттарыгар миигинньик киһи сатаан да сылдьара саарбах. Атаҕастаары гыннахтарына, төннүөм ийээ, мин айылҕа оҕото буоллаҕым. Бу түөтэ эдьиийдээх балтын батыһан куоратымсыйа сатыырын аанньа.
– Баҕар, ол куораккыт ыаллара тугу эрэ бэлэмнээн баран ыҥыра сатыыллара буолуо. Дьиэ ылан биэрэллэрэ дуу, – Борускуой, арааһа, бэйэтэ да баҕарбатар, эҕэлээх саҥата тахса турар.
Альбина аргыый туран саалатын диэки ааста. Уола өйдөөҕөр түбэспиччэ кэпсэттиннэр дии санаата. Борускуой эмээхсин дэриэбинэни биир гына сылдьан кийиитин мөҕүттэр үһү. Үнүр балыыһаҕа кэлэ сылдьыбыт кырдьаҕас эдьиийдэрэ Альбинаҕа эмиэ киирэ сылдьыбыта. «Ийэҕит наһаа айманар. Сордоох, уола төһө да иһэрин иһин, эйигин буруйдаан саҥарар эбит. Кырдьык, толкуйданыыһыккын, Аля. Аны онно тиийэн Климэ туох эрэ буолан хааллаҕына, үйэтин тухары эйигин сирэй-харах анньа сылдьыа дии» диэбитэ.
Альбина эмиэ тыбыс-тымныы дьиэҕэ оһоҕу кытта тустан, дьиэнэн, хотонунан барытын бэйэтэ бүтэрэ-оһоро сатыырын санаатаҕына, сүрэҕэ ыалдьар. Суох, туох да диэтиннэр, куораттыыр. Дьиэлэрин атыылыы сатаабат буоллулар. Ким да ылыан баҕалаах суох. Эдьиийдээх балта тиэргэннэрин, дьиэлэрин харыһыйаллара да бэрт. Үнүр Тайыыска атыылаабат буолбуттарын истэн үөрбүтэ ахан. «Чэ, тугу эмэ толкуйдуохпут. Син хамнас өлөрө сылдьар улахан уоллааххыт дии, көмө буолар ини» диэн эрэрэ. Федя дьоно куоракка кэлэргэ быһаарыммыттарыттан үөрэр. Саамай дьолломмут – устудьуоннуур кыыстара Ньургуйаана. Былырыын уопсайга сатаан олорбокко эрэйи көрбүтэ. Айаҕалыы сатаан, Асяҕа олоро сатаабыттаах. Кыараҕас диэн уопсайыгар төннүбүтэ. Аны күһүн таҥас ылынаары, оройуон киинигэр ырыынакка атыыһыттаан сайылаата. Кыһын «дьиэ куортамнаан олоробун» диэн харчы көрдүүр мээрик буолан дьонун ыгылыта сылдьыбыта. Улаатар сааһыгар майгыта уларыйбытынан сылдьар оҕо баар, быһата Тэрэнтэйдэр курдук майгыта суох. Өһүргэһэ, холуһа дьикти. Эбэтигэр Борускуойга майгылыыр быһыылаах. Кыыстара төлөбүрдээх үөрэххэ үөрэнэрин нэһиилэ уйуна сылдьан, өссө ый аайы куортам харчыта биэрдэхтэринэ бысталлар.
Борускуой тахсар тыаһын истэн, Альбина киэһээҥҥи аһылыгын астыырдыы тэриннэ. Үчүгэйиэн, бу аҕалара дьиэтигэр-уотугар баара, өйдөөҕө. Этэргэ дылы, дьыбаан киэргэлэ да буолан сытара баҕалаах. Тугу эрэ бурдук аһылыгы буһаран сыт таһаарбыт киһи дуу…
* * *
«Эн миэхэ тугу да эрэннэрбэт буоллаххына сааратыма. Буруйум диэн, мин эйигин сүрэхпинэн сөбүлээбитим. Холбоһон олоро сатааччы эрэ манна элбэх». Айыккабыын, бу Никодимовичпыт ыытар смс суруга. Бэҕэһээ үлэтигэр кэлэн барбытыгар, хаҕыстык кэпсэтэн тарҕаспыттара. Саатар, Любовь Даниловна баар этэ. Ася хотунуттан толлон, киһитин кытта наллаан олорон кэпсэппэтэҕэ. Оҕонньоро бөлүүнү быһа эҥин араас ис хоһоонноох смстарынан тибэн кэбистэ. Онтон сылтаан, Ася эмиэ уута көтөн эрэйдэннэ.
– Тамарочка, иһит эрэ. Короче, Никодимович миигин сааратыма, атын түөтэлэр бааллар диэбит, – Ася үгэһинэн дьүөгэтигэр Тамараҕа үҥсэргээтэ.
– Эппэтэҕим дуо, уон аҕыстаах кыыс курдук томтоллон олор. Маҥан аттаах принц кэлэн илдьэ барыа. Уопсайынан, аҕал миэхэ Никодимович төлөпүөнүн, Милаҕа биэриэм. Саатар, атыттарга буолбакка, биһиги диэки хампаанньаҕа түбэстин. Туох аатай, доҕоор, – Тамара умайыктанан олорор.
– Наһаа күндүмсүйбэтин, барды-ын, бардын, – Ася иннин биэрэр санаата суох, дьүөгэтин курдук «өрө биэрэн» кэпсэтэргэ быһаарынна.
– Ээ, чыычааҕым, уонна бэйэтэ ытаары гыммыт курдук куоластаах. Чэ, кимиэхэ да биэрбэппит, кини эйиэнэ. Ол эрээри, хамсаммахтаа, кырдьык, ытыы олороойоҕун. Эйигин наһаа таптаабыт, ааспыттааҕы тыалырба курдук буолбатах. Дьоһуннаах эр дьон сиргэ-буорга сыппаттар, хотук. Биһиги курдук онтон-мантан булан аҕала-аҕала, этэргэ дылы, «ваннаҕа илитэ-илитэ», сууйан-тараан, эр гынар курдук буолуо дуо? Мин киһибин бу киэһэ хантан баран сиэтэн аҕаллым диэ?! Ыччаттар кулууптарыттан. Мэндээриччи көрөн баран уһун атахтаах, эп-эдэркээн кыргыттары одуулаһа олорор эбит! Уонна баран ааттаһыы бөҕө. Миигин эрэ таптыыр үһү. Онуоха, бу эрэйдээх «ууллан» хаалан, дэлби итэҕэйэн баран олороохтуубун.
– Чэ сөп, Тамара. Кэлин төлөпүөннүү сылдьыам, – Ася суотабайын ыраах элээрдэн кэбистэ. Кырдьык, Никодимович суругуттан улаханнык соһуйда. Кэлэ-бара, ыҥыра сатаан баран кыыһыран эрэр. Эр киһи буоллаҕа дии. Оттон дьэ дьиэтигэр ыалдьыттыы бара сылдьыах муҥа дуу. Тамараны илдьэ барбыт киһи… Ээ, обургум элэгэлдьитэн сытыыката бэрт, тугу эрэ саҥаран, «пал» гыннаран, бэрээдэктээх дьээдьэни өһүргэттэҕинэ да көҥүлэ. Ээ, барбаппын-хайаабаппын. Көр эрэ, өссө «саппаастардаахпын» диэри гынар дуу. Сырыттын, маҥхаҥныы сытыйан…
Оо дьэ, оччоҕо эмиэ чуҥкук олохтонобун дии. Ким сотору-сотору эрийэн, тугу гына сылдьарын, күннээҕи олоҕун-дьаһаҕын ыйыталаһыай? «Сэрэнэн сырыт», «халыҥнык таҥын, бүгүн тыаллаах», «хобулуктаах атах таҥаһын кэтимэ, аны халтарыйыаҥ» ким да диэбэт буолар дии… Дьахтар буоллаҕа эбээт, кыра да болҕомтоҕо наадыйар. Никодимовиһыҥ урут нуучча ойохтоно сылдьыбыт буолан, дьахтары көрөрү-харайары, «кэмпилимиэнниири» да сатыыр. Онон туохха даҕаны долгуйбакка сылдьыбыт Ася сүрэҕин сүүйдэ быһыылаах. Эрийбэт эбиппин, төһө да саастааҕым иһин, кыыс буоллаҕым дии. Куттуу түһүөххэ. Иэйиилээх буоллаҕына, бэйэтэ урут биллиэҕэ. Арай итиэннэ ончу даҕаны эрийбэтин… Оо, соччото суох сирэй-харах буолар инибин. Ася төлөпүөнүн диэки «Егор, сибилигин эрий» диэбиттии көрөн олорорун бэйэтигэр баҕас билинэр. Дьүөгэлэрин кытта «Никодимович» диэн ааттыы үөрэнэн хаалбыт киһитэ «Егор, Гоша диэн ыҥырыахтааххын» диэбитэ ыраатта.
Ася ыраах бырахпыт төлөпүөнүн ылан халаатын сиэбигэр угунна. Сотору эрийэр ини. Киэһэ буолара чугаһаата дии, биир да смс ыыппата, эрийбэтэ. Асяттан күүтэн эрдэҕэ. Чэ, эрийиий, Никодимович, мин эйиэхэ ыалдьыттыырга бэлэмим туһунан этиэм…
* * *
Таисия дьүөгэтигэр Антонинаҕа хайдах да көмөлөһүөн билбэт. Дьиҥинэн, Матвей Иванович уруккуттан даҕаны мүччүргэннээх сырыылардаах буолааччы. Ол эрээри син сотору кэминэн уоскуйан, өйүн-төйүн булан, эмиэ этэҥҥэ олорон барааччылар. Кырдьыга, Таисия дьүөгэтэ олус да тулуурдааҕын, киһитин уҥа-хаҥас хаамыыларын барытын бырастыы гынан олоро сатыырын, олус сөҕө санааччы. Ол эрээри, атын киһи олоҕор киһи судьуйа буолбат диэн санаатыттан, дьүөгэтин хомотумаары, Матвей туһунан тугу саныырын хаһан да аһаҕастык эппэтэҕэ.
Эр дьоннор… Кинилэр эттэрин-хааннарын ирдэбилэ атын үһү. Көрбүт кэрэлэрин барытын «бултаһан» иһэллэрэ көҥүллэнэр дииллэр. Таисия биэс уон сааһын туолан олордор да, эр дьон кэргэттэрин таҥнаралларын кытта сөбүлэһэр санаата суох. Өссө киһини кыһытаары, кэргэттэриттэн туора хаампат ахсааннаах киһи баара буолуо дииллэр. Дьэ, оннук буолбатах. Таисияны кытта мөккүһэллэрэ буоллар, син элбэх холобуру аҕалыах курдук. Бу кини Артура, ама, биирдэ эмэ туора хаампыта дуо?! Таисия кэргэнигэр эркин курдук эрэнэр, иһигэр бэйэтин олус дьоллоох дьахтарынан ааҕынар. Таисия аттыгар утуйа сытар кэргэнин санныттан аргыый сыллаан ылла. Махтанабын, доҕоччугум, мин эрэллээх эркиним, бигэ тирэҕим, улахан тапталы бэлэхтээбитиҥ, дьахтар киһиэхэ тиксэр сир дьолун биллэрбитиҥ иһин…
Артур, Таисия эмискэ иэйэн кэлэн санныттан сыллаабытыттан соһуйан, уһуктан, мөхсөн ылла.
– Арту-ур, уһугуннуҥ дуо? – Таисия кэргэнигэр бүтүн бэйэтинэн ыга сыһынна.
– Су-уох, – Артур кэргэниттэн куотардыы орон кытыытын былдьаста.
– Айыбы-ын, өссө куотан биэрэҕин дуу. Кырдьыбыккын дии, оҕонньо-ор, – Таисия дьээбэлэниэх санаата кэллэ.
– Тоҕо утуйбакка дьэргэйдиҥ, сорох киһи сылайан сөп буола сытар, – Артур уһуктубаттыы утуйа сытарын биллэрэн, муннун кытта хаһыҥыратта.
– Доо, Тоня Матюшата дьахтарга иирэн барбыт, онтон кыыһыран кыайан утуйбакка сытабын. Саатар сыллаан ыл дуу, хайаа. Ама да үлэлээбитиҥ иһин утуйарыҥ эрэ айдаана буоллаҕай, – Таисия кыыһырбыта буолан улаҕа хайыста.
Күүтэн көрдө, Артура эргиллэн да көрбөтө. Уларыйбыт. Урут утуйа сытан, кэргэнигэр ип-итии этинэн сыста түһүө эрэ кэрэх, испиискэҕэ даҕайтарбыт курдук, эттиин-сиинниин тилигирии түһэрэ. Оҕонньор холкутаабыт. Кырасаабыссабын кириэппэскэ хаайдым, үлэлээбэт оҥордум, муҥур хоруол мин диэбит.
Сарсыарда чэйдии олорон Артур Таисия бөлүүн тугу кэпсии сатаабытын санатан кэллэ:
– Түһээбэтэх буоллахпына, бөлүүн Матвей Иванович туһунан тугу кэпсии сатаатыҥ?
– Истэ сыппыт эрээри, утуйбута буолбут эбиккин дии. Тоня Матвейа эдэр тренер дьахтарга иирбит. Малын-салын хомунан дьиэтиттэн тахсан барбыт. Тоня ыҥырбытыгар бара сырыттым.
– Чэ, солоҥ бэрт дуо, атын ыал олоҕор орооһо сатаама. Утуйбакка ону толкуйдаан киһини тэйитэ кэйэ сыппыт эбиккин дии, – Артур Иннокентьевич ойон туран, олоппоско ыйыы бырахпыт бинсээгин кэтэн баран, куукунаттан таҕыста.
– Сыллаан ылыа, саатар аҕыйах үчүгэй тылы этиэ дии санаабытым. Тэһитэ кэйбэтэҕим, санныгыттан сылаастык сыллаабытым. Дьүөгэм оннугар бэйэбин туруорунан көрөн эрэйи көрө сыппытым, – Таисия киһитэ хайдах эрэ тугу эрэ толкуйдуу сылдьар, ыраатан хаалбыт курдугуттан иһигэр хомойо саныы олордо.
– Чэ, барыым, киэһэ кэпсэтиэхпит, – Артур дьулурҕаччы тахсар аан диэки барда.
– Саатар, сыллаан ылыаххын оттон. Бу эн хайдах буоллуҥ?! Бар-бар, барытын бэйэм көрдөһө олордохпунуй, – Таисия иһитин-хомуоһун тыастаахтык тыаһатан барбытыттан бэйэтэ да сонньуйбута. Таптала суох тутахсыйбыт дьахтар иһитин-хомуоһун ураты тыаһыттан соһуйбут Артур Иннокентьевич атаҕын таҥаһын кэтэ туран төннөн кэллэ, Таисиятын иэдэһиттэн «чоп» гына сыллаан ылла.
* * *
– Анисья Терентьевна, хотуммут эмиэ кыыһыран эрэрэ. Били оскуола үбүлүөйүн кинигэтин туох ааттаах бытааннык аахтыгыт диэбитэ. Ол кинигэ эйиэхэ баар дии, – Елена Семеновна үлэтигэр киирээт Асяҕа санатардыы эппитэ.
– Миэхэ баар-баар. Любовь Даниловна хаһан даҕаны наһаа элбэх ноҕуруусканы биэрэн баран ирдиибин диэн санаабат. Биһиги эмиэ араас дьиэтээҕи түбүктээх, эҥин эгэлгэ күннээҕи кыһалҕалаах дьоммут буоллаҕа. Робот курдук үлэлэтэр эрэ санаалаах. Наһаа сылайдым, Елена. Кыахтааҕым буоллар, аа-дьуо сылдьар атын үлэни булуммут да киһи дии саныыбын, – Ася дьиэтигэр илдьэ барбыт кумааҕыларын хостоон остуолугар тэлгэттэ. Суотабайын таһааран көстүүлээх сиргэ уурда. Эмиэ «Позвони мне, позвони…» диэн ырыа тылларын санаан, сонньуйан ылла.
Ася Никодимович төлөпүөннээбэтиттэн эрэй бөҕөтүн көрдө. Өсөһө баарыгар, туох иһин бэйэтэ эрийбэт. Арааһа, киһитэ букатыннаахтык быраһаайдаста. Тамара этэригэр дылы, «иэппэт ынах курдук түөтэни манаан да диэн» диэтэҕэ. Бүгүн кыыһырсыбыттара нэдиэлэ буолан эрэр. Альбина хайаан бэйэтиттэн кистиэҕэй, суотабайа тыаһаатаҕын аайы, төлөпүөнүн экраныгар «Никодимыч» диэн ааты көрөөрү күүтэн биэрээхтээтэ. Төлөпүөнэ тыаһаатаҕына, кыыс оҕолуу долгуйан хаба тардан ылар. Атын киһи эрийэр буоллаҕына, тута «курус» гына түһэр. Бэйэтэ бэйэтиттэн да сөҕөр, бу күннэргэ киэһээ өттүгэр төлөпүөнүн аттыгар уурунан баран оронугар түүрүллэн сытан тахсар. Тугу да гыныан илиитэ барбат курдук. Оннооҕор сүрэҕэ атыннык мөхсөр. Аата, таптаабыт кыыска дылы. Былыр, арай эдэригэр Славатыгар омуннаах тапталтан итинник эрэйдэммиттээх. Никодимович «туллуга» буолан бүттэҕэ ити. Саатар Тамара эрий да эрий, ыйыт да ыйыт. Ася ол аайы сырҕан бааһын таарыйтарбыт курдук буолар.
Елена эмиэ Егор Никодимович тыаһа суохтук сыбдыйан киирэн кэлбэт буолбутун билэ сырыттаҕа. Тугу эрэ ыйытыан баҕарар эрээри, туттунара көстөр. Ася ааҕа сылдьар кинигэтин лиистэрин иннигэр тэлгэттэ эрээри, эрэй да эбит, санаата атыҥҥа. Суох, кэбис, уоскуйуохха. Эрийбэт, ол аата эйиэхэ наадыйан бүппүт, түргэнник иэйиигэ эппиэттэһэр киһитин булуммут. Кининэн, буолаары буолан киниттэн быдан саастаах Никодимовиһынан, эр киһи бүттэҕэй… Ася суотабайын көрөөрү илиитигэр ылбытын билбэккэ да хаалла… Саатар, быраһаайдаһан смс ыытыаҕын дуу, хайдах дуу…
Аны аҕыйах хонугунан эдьиийин Тайыысканы кытта Элгээҥҥэ бараллар. Наһаа да үчүгэй буолуо-о, сип-сибиэһэй салгыннаах күһүҥҥү ойуур… Эдьиийдэриниин оҕо саастарын ыллыктарынан сылдьан астына отоннуохтара турдаҕа. Дьиҥинэн, Никодимычтыын үчүгэйдик сылдьыбыттара буоллар, эдьиийдэригэр кэпсээн, сөбүлэҥнэрин ылыахтаах этэ. Ася эмискэ төлөпүөнэ тыаһаабытыгар соһуйан мүччү тута сыста, Айаалчыга эбит. Тугу эбиэттиирин ыйыталаһар.
– Хайа, кыргыттар, үлэ-хамнас хайдаҕый? – диэбитинэн эмискэ Любовь Даниловна киирэн кэлбитигэр Еленалаах Ася бэйэ-бэйэлэрин көрсөн ыллылар уонна туох баарынан үлэлэрэ хайдах баран иһэрин туһунан отчуоттаатылар.
– Ити оскуола үбүлүөйүн кинигэтигэр ыксааҥ. Эйиэхэ баар эбит дии, Анисья, – Любовь Даниловна Асяны «кымньыылаары» гыммыт хараҕынан көрдө.
– Бу киэһэ бүтэрэбин, Любовь Даниловна. Бэчээккэ барар да кэмэ кэллэ.
– Ыалдьыбатыҥ ини, Ася? Хайдах эрэ олус сылаарҕаабыт курдуккун. Били «ухажербут» ханна тиийдэ? – Любовь Даниловна боппуруоһа элбэх буолан биэрдэ.
– Ээ, баар, – Ася хайыай, күлэн эрэ кэбистэ.
– Көрдөххө бэрт дьоһуннаах киһи быһыылаах. Үчүгэй буолларгыт, Елена Семеновна биһикки үөрүө эрэ этибит. Баҕар, уруу дьоро киэһэтигэр күүлэйдиэхпит. Дии, Елена Семеновна-а, – Любовь Даниловна Елена диэки көрө-көрө хараҕынан имнэнэн ылла.
«Уу, дьэ хаһан тахсар? Эчи интэриэһиргээбитин» дии саныы-саныы кумааҕыларын кыҥастаһа сатыы олордоҕуна суотабайа тыаһаан лыҥкынаабат дуо?! Уой, «Никодимыч»! Ася, экраҥҥа көрөрүн итэҕэйбэтэхтии, мэктиэтигэр, долгуйан, куолаһа кэһиэҕирэн хаалла. Дьоно ким эрийэрин таайдылар быһыылаах. Любовь Даниловна илиитинэн далбаатана-далбаатана тахсан барда. Елена Семеновна эмиэ Ася хайдах эрэ кэпсэтэриттэн тахсан биэриэхтээҕин таайан, түргэн үлүгэрдик көрүдүөргэ ойдо.
* * *
Ася Егор Никодимович куукунатыгар олорбута чаас буолан эрэр да, хайдах эрэ кыайан уоскуйбат. Уруогун үөрэппэтэх, билбэт кыыс курдук илиитин мускунан ыла-ыла олордо.
Куорат кииниттэн чугас турар үс хостоох таас дьиэ эбит. Аныгы дьиэ буолбатах, урукку КПД тутуу. Ол эрээри, Никодимовиһыҥ бэркэ дьип-дьап курдук хомунан олорор. Элбэх дьиэ тэрилэ суох, ол гынан баран, наадалаах барыта баар курдук. Биллэн турар, Ася хаһаайкалыыра буоллар, бэйэтэ билэринэн уларытыа-тэлэритиэ этэ.
– Дьэ, күүтэн-күүтэн куукунабар туллугум олорорун көрөр күннээх эбиппин, – Никодимович чахчы үөрбүтэ-көппүтэ сирэйигэр-хараҕар көстөр. Кыараҕас харахтара иэйиинэн туолан, хайдах эрэ арыынан сыбаммыт курдук ньалҕаарыйан хаалбыкка дылылар. Ася, төттөрүтүн, итинник көрөрүн-истэрин хайдах эрэ тириитин таһынан ылына олордо.
Маҕаһыынтан да буоллар ас бөҕөтүн тардыбыт, фруктата, торда баһаам.
– Ася, тоҕо олох саҥарбаккын, киһи кыһаллан бэлэмнээбитин аһаабаккын-сиэбэккин? Арааһа, таах кэллим дии саныы олороҕун. Төлөпүөннүүргүн күүтэ сатаан эрэй бөҕөтүн көрдүм ээ, – Егор Никодимович чочумча Асяны одуулаһан олордо, тугу эмэ саҥарыа диэн күүтэн көрөн баран ыйытта.
– Кэргэннэннэ быһыылаах диэн саныы сылдьыбытым. Бүгүн, бэйэҥ эрийбэтэҕиҥ буоллар, кэлэр да санаам суох этэ. Сотору дьиэлиэм, ыксаллаах үлэлээхпин, – Ася баарыан Никодимович эрийбитигэр үөрбүтэ-көппүтэ ханна да суох. Хайдах эрэ «тугу-тугу оҥостон эрэбин…» диэх курдук санааларга эрийтэрэн ыксаан барда. Кини төлөпүөннүүрүн бэйэтэ хайдахтаах күүппүтүн билинэр да санаата суох.
– Эс, хайдах эйигин «кэргэн таҕыс» дии сылдьан, үс күн иһинэн санаам уларыйыай? Мин да тэбэр хааннаах, тыгыалыыр тымырдаах киһи буоллаҕым. Эппиэт биэрэн испэккиттэн хомойобун, саараҥныыбын. Манна куоракка баар балтыларым миигин ыал оҥоро сатаан кыһаллыы бөҕөлөр. Эчи, кэргэнэ суох дьүөгэлэрэ да элбэҕэ бэрт. Биир балтым эйигин тыйаатырга сырыттахпытына көрбүтэ дии. Сэргээбит ахан этэ. «Күлэ-үөрэ сылдьар курдук харахтардаах үчүгэйкээн түөтэлээх эбиккин, кытаат, тутус, убаай» диэбитэ.
– Егор Никодимович, бастакы улахан хардыыбын оҥордум. Дьиэҕэр кэлэн олоробун.
– Хаалбаккын дуо? – Егор Никодимович олоппоһун Ася диэки чугас сыҕарытта. Ася уокка оҕустарбыт курдук ойон турбутуттан бэйэтэ да соһуйда.
– Кэбиис, Айаалчыгым дьэ сүтэрэр ини. Оҕобун соҕотох хаалларан дьүөгэлэрбэр да хонооччум суоҕа. Хайа уонна үлэм… – Ася тахсар аан диэки сирэйин туһаайбытынан турда.
– Уолуҥ улахан оҕо. Оннооҕор дьиэҕэ кэллэххинэ хаһан да бүппэт үлэҕин саныы олороҕун. Бэйэҕин харыстаммаккын, күнүстэри-түүннэри кумааҕыны бэрийэн тахсаҕын. Хараххын буортулаан бүтэрдиҥ. Ася, мэлдьи эдэр сылдьыаҥ суоҕа. Нус-хас, сынньалаҥ олоххо наадыйыаҥ. Билигин хайдах эрэ күннээҕинэн олорор курдуккун, – Егор Никодимович Ася таһыгар уҥа илиитин өттүгэр ууран туран, Ася мэлдьи истэр лиэксийэтин ааҕыах курдук буолан барда.
– Егор, чэ төлөпүөннэһиэхпит, – Ася түргэнник бу дьиэттэн тахса охсубут киһи диэн санаалаах аан тутааҕын тутан турда.
Һуу! Таһырдьа тахсан сибиэһэй салгыны күүскэ эҕирийбэхтээтэ. Күһүн кэлэн иһэрэ биллэр, тыал үрэр. Атаарбата, саатар таксига олордубата. Эмиэ кыыһырдаҕа буолуо. Ася бэйэтэ даҕаны иннэнэн тэһитэ астара олорор киһиэхэ дылы ыксаан, тиэтэйэн да биэрээхтээтэ.
Дьэ, Тамаратыгар туох диэн «отчуоттуур»? Кырдьык, Елена Семеновна эппитигэр дылы, сиэри таһынан чэнчис дуу, хайдах дуу. Дьиэтин муостатыгар биир эмэ бөх сыыһа алҕас да түһэн сытара көстүбэт. Хоһугар утуйар оронун саппыт суорҕана эчи сырдыгын. Биир хоһун оҕонньор «Айаалчыкпыт хоһо» диэхтээтэ. Асяны көһөрөн аҕалан хайдах олороллорун туһунан өссө да элбэҕи ыраланыа эбит да, Ася тоҥуйа тохтотто. Хайдах гыныах бэйэтэй, сүрэҕэр туох да улахан иэйии суох курдук. Ол эрээри Никодимовиһын эмиэ да сүтэриэн баҕарбат. Аҕыйах күҥҥэ тэйсэ түһээри айманна. Чэ, бэйи, Тамараҕа сороҕун эрэ кэпсэниллиэ. Дьүөгэтэ, биллэн турар, «акаарыгын» диэн үөҕэн бүтэриэ, «Никодимович төлөпүөннээбэт эбит», «ханна тиийдиҥ» диэҕэ. Ити баар, эмиэ суотабайтан, кини эрэ эрийэриттэн тутулуктанан барда…
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?