Текст книги "Дьыбардаах дьылҕа"
Автор книги: Гавриил Адамов-Сайдам
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 1 (всего у книги 9 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]
Адамов Гавриил Иннокентьевич-Сайдам
Дьыбардаах дьылҕа
Быйыл күһүнэ сылаас этэ. Киһи барыта «кыһын хойутуур буолла» диэн сылыктаабыттара.
Былыргы үгэһинэн, Сэмэнэп таҥарата – кыстыкка киирэр кэм. Ол эрээри ыксыыр киһи аҕыйах курдук. Үлэ-хамнас наҕыллык хамсыыр, сыһыылартан сүөһү-ас хомуйар да хаһаайын баара соччо биллибэт, кэтэһэллэр буоллаҕа. Дьиҥинэн, сүөһү барахсан – айылҕа оҕото, кэм-кэрдии ыгарын биллэҕинэ, бэйэтэ да хотонугар ыксыаҕа, суолун тобулуоҕа диэн санаа үгүстэри уоскутар быһыылаах. Ол сөп даҕаны, атын уталытыллыбат түбүк эмиэ үгүс. Бары күн иллэҥэ суохтар. Аныгы үйэ «түүлээх уллуҥахтара» дьаһайбатах буоллахтарына, ынахтар барахсаттар кэлиэхтэрэ.
Халлаан эмискэ Иһинээйэп таҥара күн, тылтан-өстөн өһүргэннэҕэ буолуо, тымныйан хабылла түспүтэ. Кыстык да бу ыы муннуга анньан турарын биллэрбитэ. Кыра күөллэр, сүүрүгэ суох үрэхтэр тоҥмуттара, улахан да күөллэр ньуурдара ыпсыһан барбыттара.
Аҕыйах хоноот, кыстык хаар халыҥнык түспүтэ. Сир-дойду кыстыыр таҥаһын бүрүнэн, маҥан суорҕанынан кичэллээхтик үллүммүтэ. Итии тыынын хаар анныгар мунньунан, унньуктаах кыстыгар утуйардыы тэриммитэ.
Көтөр-сүүрэр эмискэ мэлийбитэ: аныгы үйэ буоллаҕа, кыстык олохторун эмиэ хойутаан булунар түбүгэр түстэхтэрэ. Олохторун буллахтарына, быгыалаһан барыахтара, Сир Ийэ сырдыгын тардыыта күүстээх буоллаҕа эбээт…
Арай хара суор обургу тугу эрэ көрдүүр, булар-талар баҕатын биллэрэн, дэриэбинэ кытыытын кырыйар, ортотунан дапсына көтөн ыаллар олбуордарын таҥнары өҥөҥнөөн халаатыыр. Идэһэ астаммыт тэлгэһэтигэр, муҥха балыгын тэнитэ куппут сирдэригэр туох эмэ хаалбытын, эбэтэр атын да ас тобоҕо-ибэҕэ ханна эрэ тохтубутун булаары, кэтии сырыттаҕа. Биирдэ эмэ тоҥсоҕой маһы тоҥсуйан торулуур тыаһа ыраахтан иhиллэр, аар тайҕа кыыллара баар тыыннарын кэрэһилээн, кулгааҕы сэргэхситэр…
Күн үүннэ…
Кыһыҥҥы кылгас күннэр кимиилэрэ ахсым кыахтарын ылан иһэллэр. Халлаан сырдыы илик. Ньим курдук иһийэн турбут дьыбардаах халлааҥҥа дьиэлэр халҕаннарын аһыллар уонна сабыллар бүтэҥи тыастара дэриэбинэ, дьэ, уһуктан эрэрин кэрэһилииллэр. Ону кытта олбуордар иччилэрэ – ыттар уһуктаннар, кээһиилээх от үрдүттэн ыстанан түһэн, хаһаайыннарын эҕэрдэлии көрсөллөр, ыйылыы-ыйылыы эккэлииллэр, сэниэтэ суохтук үрэн моргуйбута буолаллар.
Онтон оһохтор урааларыттан, күрэхтэспит курдук, утуу-субуу буруо бөҕө субуллар, үөһэ тэнийэн, дэриэбинэ үрдүнэн «күүлэйдииллэр», эмиэ саҥа уһуктубут салгын долгуннарын кытта тиксиһэн симэлийэллэр. Дьиэлэр түннүктэриттэн чаҕылыһар сырдык уот күргүөм сыдьаайа бүрүүкээн турар хараҥаны кытта үтүрүһэ-хабырыһа элбии кэҥиир. Ити сырдыктан сабардаппат буола сатаан, халлаан суһуктуйан барар. Өтөрүнэн оскуолаҕа тиэтэйэр оҕо аймах аймалҕана сарсыардааҥҥы дьыбары сатарытар. Кинилэри арыаллаан, илин-кэлин түсүһэр, эккэлэһэ суксуруһар ыттар, көрсүһэннэр, бэрт дохсуннук «дорооболоһор» – үрэн моргуйар саҥалара иһиллэр.
Оттон дьиэ хаһаайыннара – эр дьон аныгы үйэттэн «тиксибит үлэлэрин» толоро хотонноругар тахсаллар. Кэм сиэригэр сөп түбэһэн, спортивнай бэргэһэ, бараан истээх үтүлүк, өҥнөөх куурка кэтэн бэркэ диэн боччумуран, тиэтэйбэккэ эрэ кыбыылар аайы от киэнин чээлин тордуоҕунан соһоллор, күрүөнү кырыйа долборуктарга симэллэр, хотонтон тахсар «баайдарын» ахтыспыт кэпсэл тылларынан көрсөллөр.
Ыраах айаҥҥа тэриммит суоппардар ыаллары кэрийэллэр, массыыналара бэрт ыксаллаахтык бааҕынаан ылар. Арай эрдэлиир тырахтарыыстар суохтар. Тиэтэйбэккэ-саарайбакка бэрт холкутук тэринэн, от-мас тиэйэ сыһыылары, тыалары кэрийэ барыахтара турдаҕа.
Дэриэбинэ кыһыҥҥы олоҕо саҕаланнаҕа.
Сотору дэриэбинэ бүттүүн уһуктуо, саҥа күн үүммүтүн биллэриэ: уулуссаларынан кэлии-барыы ахсымырыа, дьиэлэринэн, хонтуораларынан, дьон-сэргэ сылдьар миэстэлэринэн сэһэн-ыаһах дэлэйиэ, кэпсээн-ипсээн күүгээнэ оргуйуо, тиэтэйбит-саарайбыт киһи элбиэ, туга эрэ ситэ кыаллыбатах түбүктэрэ биллэ-көстө үксүө.
Ол күн дьиэ аайы итии чэйдээх, сир ийэ бэлэҕинэн тумаламмыт күөрчэхтээх остуол тула ыаллар олорон, күннээҕи олох түбүгүн былааннаан, тугу оҥорору чуолкайдаан, ыччат, дьиэ кэргэн кыһалҕаларын, кэлэр кэми, инникини ырыҥалыы сатаан, ол быыһыгар санаа баттыга буолар түгэннэри сэмээр дьүүллэһиэхтэрэ ырытыахтара…
Хотоннорун үлэтин бүтэрэн, кыыстаах уолларын оскуолаҕа атааран, Кууһума уонна Суоппуйа Кууһумууннар, үгэс быһыытынан, остуолларыгар кэлэн утарыта олорбуттара. Аҕа баһылык туох да саҥата суох ыстакаанын утары ууммута, онтон хотун киһи хап-сабар ылан, хойуу үүттээх итии чэйи куппута. Бэйэтигэр кутта олорон:
– Кууһума, ити улахан ынаҕы уолларыах, сыппайан бүтүөх. Сотору төрүө, быһа ыан кэбиһиэхпит.
– Ону, дьэ, эн билэҕин, – Кууһума ити дьыаланы билбэтин билинэн, итинник тыллары ыһыктыбыта. Чэйин сыпсырыйбыта. – Икки атыны бэтэринээрдэргэ көрдөрүөх баар этэ. Быйыл эрдэлиэх курдуктар быһыылаах.
– Сөп-сөп. Бээ, мин бүгүн, өйдүүр эрдэхпинэ, кэпсэтиэм этэ. Баар-суох баайбыт буоллаҕа. Үс ынаҕы ыатахха, үүт туттардахха харчылаһыа этибит дии, – Суоппуйа чуумпуран тугу эрэ толкуйдуу, боччумуран, сүүһүн аннынан оҕонньорун одуулуу олорбута. – Отой үчүгэйдик көрдөхпүтүнэ табыллар. Эрэл эрэ барыта эйиэхэ, – диэн кэргэнэ тараах диэни билбэтэх, ыһыллан хаалбыт баттаҕын быыhыгар, төбөтүн оройун диэкинэн биир сүүмэҕи, чанчыктарыгар биллэн эрэр «кырыалары» булан ылбыта, баччааҥҥа диэри ону өйдөөн-дьүүллээн көрбөтөҕүттэн соhуйбута. Кууһума кэргэнин ити тылларыттан өмүттэн:
– Бэрт да барыта миэхэ буолбатар, – күөрчэх тумалаах килиэбин ыйыстаат, өрө хантайан кэргэнин сымнаҕас харахтарын көрбүтэ. – Иккиэн сэнньэлиһэбит буолбат дуо?! Ынах эмиийин имитии, үүтүн киллэрии, харчылааҕа эйиэнэ дии, – эйэргээбит харахтартан үөрэн-күлэн лэһигирэппитэ. – Кырдьык, оттон, быстыбат аналлаах «ойбоммут», аһатан олорор «баайбыт» буоллахтара дии. Харчы бүгүн баар, сарсын суох.
– Бээ, харчы эмиэ наада. Быстан хааллаҕына туох да сатаммат үлүгэрэ буолааччы дии. Оҕолор улаатан, туох барыта харчыттан тутулуктанара элбээтэ, – Суоппуйа харчытын инники күөҥҥэ тутарын син биир умнубатаҕа.
– Оннук, оттон. Олох оҥоһуута, тирээн кэлбит анала итинник, хотуой, хайыахпытый?! Элбэх үүтү ыыр наада. Кэмигэр уолларыы, этэҥҥэ төрөтүү, сөптөөх ыаһын барыта эйиэнэ, онтон ордуга, миэнэ буоллаҕа дии. Мин хачыгаарым харчыта кыра да буоллар быстыбат, кыһын обургу кэмигэр кэлэн иһэр, кимтэн да ыйыппат.
– Оннук. Хотоммутун баҕас кыайар инибит, көмөлөөтөхпүтүнэ, – Суоппуйа итини этээт эмискэ дьэбин уоһуйа түспүтэ, айаҕын аллаччы аппыта, онтон уоһун ньимиччи туттан, тугу эрэ толкуйдуурдуу киһитин утары көрбүтэ, чааскытын икки илиитинэн бобо туппута, ол кэннэ уоһун чорботуоҕунан чорботон олорбохтообута. – Бээрэ, улахан уолу хайдах оннун булларабыт? Бөлүүн хоммото дии. Арыгы иһэн кэлбэтэх. Мин сээбэҥнээн сүгүн утуйбатым.
Дьиэ иһэ чуумпура түспүтэ. Арай саалаҕа холбонон турар тэлэбиисэр симик саҥата чуолкайдык иһиллибитэ. Кууһума баран араарбыта. Уу чуумпуга атаҕын тыаһа нүһэр баҕайытык иһиллибитэ. Кэлэн, чэйин сыпсырыйа олорон, түннүгүнэн таһырдьаны одууласпыта, туох диэн саҥарыаҕын сыымайдаабыта. Суоппуйа аһаабыта буола олороро, төһө баҕарар кэтэһэр былааннааҕа.
– Ити киһи халтархай суолу көрдүүр, онно тахсар кыыбаҕаны буларга тардыһаары гынна. Мин кэпсэтиэм, аҕа киһилии, доҕордуу соҕустук. Эн-мин дэһэн, бэйэҕэ чугаһатан улаатыннарбатахпыт. Ыарытыйар, доруобуйата мөлтөх аатыран атаахтаабыта атын биэтэстэммит – бэйэмсэх буолбута биллэн иһэр. Мин арыгылыы-куругулуу сылдьан тэйитэн баран, кэлин чугаһаспатах буруйдаахпын, оттон эн атаахтатан, утары кими да көрдөрбөт буоларыҥ.
Кэпсэтии итинэн бүппүтэ.
Суоппуйа ити тыллары соччо сөбүлээбэтэҕэ, утары саҥарыах курдук сананан баран, оҕонньоро бэйэтин итэҕэһин эмиэ умнубатаҕыттан тохтообута. Кини Кууһуманы сыаналыыра, хайгыыра элбээн иһэр: бу сыллар тухары арыгы иһэрин букатыннаахтык тохтоппутуттан, өйө-санаата наар сырдыкка эрэ дьулуһарыттан, оҕоҕо, дьиэҕэ болҕомтото күүһүрэн иһэриттэн. Оо, арыгылаабата наһаа да үчүгэй! Барахсаным сатаан испэтин билиммитэ хорсун да дьыала буоллаҕа! Сүбэбитин холбоотоххо, улахан да уолу кытта өйдөһөр, көнө суолга тахсар инибит…
Онтон Дьоҕур сордоох табыллыбатаҕын, итирэн баран сиргэ охтон үлүйбүтүн туһунан Кууһума бэҕэһээ киэһэлик бэкээринэҕэ киирэ сылдьан Маарыйаттан истибитэ. Дьоҕур эдьиийэ Дьэбдьиэй сарсыарда эрдэ киирэн, үлүйбүт быраатын аһатаары, булочка көрдөспүт эбит. Онно быктаран ааспыт. Иэдээн буола сыспыт. Кууһума улаханнык дуу, кыратык дуу үлүйбүтүн ыаһыйалаһа барбатаҕа.
«Туох үчүгэй сонун буолан сарсыардаттан ырыттахпытый?!» диэн санаабыта уонна бэйэбит уолбутун кыайбакка сылдьан, «тоҕо атын киһини ырытыахпыный» диэн толкуйдаабыта. Оттон, уонна, Дьоҕур тыыннаах хаалбытыттан эгди буолан, тугу да быктарбатаҕа, саҥата суох хаалбыта.
Тыа ыалын маанылаах дьоно барахсан өссө да кэпсэтэ, олоҕу ырыҥалыы, этэҥҥэ түстүү уһуннук олоруохтара этэ. Ол эрээри олох үтүөтүн эккирэтэр баҕа санаа кымньыытын былдьаһан, сотору чэйдээн бүппүттэрэ, күннээҕи соруктарын быһаара, икки аҥыы барбыттара…
Үөрүү-көтүү, кыайыы-хотуу аргыстаах, кыһарҕан кыбытыылаах, кыаллан биэрбэт түбүктээх, ситэн испэт сиһиктээх, тобуллан сырдаабат кыһалҕалаах тыа сирин дэриэбинэлэрин игирэ оҕо курдук маарыннаһар олохторо өй-санаа, күүс-уох, сатабыл, кэрэ санаа, сырдык ыра ирээттэрин күүһүнэн салҕанар, аныгы сайдыылаах олох тардыһар уостубат ырата көмүөл мууһа күрүлүүрүн, быйаҥы үөтэр этиҥнээх ардах, сырылас куйаас, бытарҕан тымныы курдук дохсун, ахсым, ол эрээри тугу эрэ кэтэһэрдии саарбахтыыр, сылайбыт көлүүр оҕуһун айанын кэриэтэ сыылбатыйар кэмнээх.
Ол үтүөнэн үөтэр ирээккэ, хара дьай буолан, араас түктэри кэмэлдьилэр, хабыр саҥа-иҥэ, өстөһүү-саастаһыы, ордук санаһыы, хам баттаһыы кутаатын күөттүүр аһыы утах дэлэйэр, үүнэ-тэһиинэ суох барар…
Арыгы кыайбыт, аһыы утах дьаһалынан суорума суолланар, дьыбарга хам ылларар дьылҕалаах киһи соҕотох буолбатах, элбиэх да курдук. «Элбээбэтин, оннук эрэ буолбатын» диэн кичэмэ санаа үгүс киһи өйүн-санаатын кычыгылатар, ырыҥалыырга күһэйэр буолуохтаах. Ону эн, ааҕааччым, эмиэ толкуйдаа…
Дьиикэй баара…
Кыһыҥҥы ыллык суол устун ыйдаҥа түүн биир киһи хааман алтахтыыр: туора-маары үктүүр, умса да хоруйан ылаттыыр, бэрт бытааннык орҕостон турар, ол былаһын тухары тугу эрэ баллыгырыыр, арай ис хоһооно иһиллибэт, маатыралыыр саҥата тымныы салгыны сатарытан, бэрт чуолкайдык иһиллитэлээн ылаттыыр.
Эргэрэ быһыытыйбыт халыҥ бачыыҥката халтархай баҕайы бадахтаах, уҥа саннынан тыыра барбыт сарбынньаҕа тэлимнии сылдьар, камуфляжнай кууркатын сомуога тардыллыбатах, тымныыттан көмүскүүр соҕотох тимэх сон эҥээрин үүйбүт, түһэ сылдьар андаатар бэргэһэтин сотору-сотору бэрт кичэллээхтик көннөрүнэр, сыгынньах илиилэрэ тоҥмутун билэн, мускуммахтаан ылар. Итинник сордонон, муҥнаах айанын дьүккүөрдээхтик салгыыр…
Үөһэ, халлааҥҥа салгын сырыыта сыыдамсыйбыт быһыылаах, быстах былыттар түргэнник усталлар, чөмөхтөһөн ылаллар, өтөрүнэн ыһыллан хаалаллар. Ол быыһыттан ситэ туола илик ый сырдыгын хатаҕалыы кутар, сир ийэ иэнин сырдата сатыыр. Аллара даҕаны салгын уһуктуох чинчилээх, арааһа, үүнэр күн тыалырыыһы. Арай, тыа быыһыгар чуумпу. Титириктэр халыҥ ирээттэрэ, эмдэй-сэмдэй талахтар кэккэлэрэ тыалы киллэрэр санаалара суох, туола илик ый көҕө суох сырдыгын аахайбакка, бэрт ньыгыллык хараара барыаран тураллар.
Хааман иһэр киһи барахсан туохтан эрэ иҥнэн, умса баран түстэ. Балайда сыппахтаата, онтон эргийдэ. Били, соҕотох тимэх туллубут, суола сойбут. Арай нэлэркэйдэммит сон иһиттэн сырдык сибиитэрэ ыйдаҥа сырдыгар, эккэлээбит курдук, сэргэхтик көһүннэ. Утаакы буолбакка икки илиитинэн хаары бобо тутан, сибиитэрэтин иэнин хаарынан ыста, «уччуу-учча, б…» диэн уһуутаат, тарбахтарын имитэн, аалан, бобута тутан барда. Ол кэннэ киһи өрө мөҕүстэ: умса эргийдэ, ат буолла, тобуктаата, тиэрэ мэтэрийэ сатаата уонна эмиэ тарбахтарын мускуйа-мускуйа уһуутаамахтаата, маатыра бөҕөнү түһэрдэ.
«Уччуу, үтүлүктэрим… б…», син өйдөөбүт буолан сиэбин хаһынна, били сатаналара суохтар, ханна эрэ хааллахтара. Быар куустан илиитин кистии сатаан баран, хата, хоонньугар угуталаата. Ол сылааска угуттанан балайда олорбохтоото, онтон арыый да сылыйбыт илиилэринэн ньилбэгин иккитэ-үстэ охсуолаата, ол кэннэ бэрт эрэйинэн туран кэллэ. Халлаан диэки үөһэ хантаарыҥнаата, иннин диэки дьүккүс гынан хаста да хардыылаат халтарыйда, умса барда, суол кытыытыгар турар төҥүргэскэ төбөтүнэн саалынна, налыс гынан хаалла…
…Хаҥас илиитинэн анньына сатаан муҥнанан эргийдэ, «айакабын даа, айыы-айа» диэн баллыгырыырын быыһыгар илиитинэн төбөтүн тутунна, онтон хаардаах сирэйин ньухханна, илиилэрин имитэ сатаата, дьылҕа быата быстыбат баата тартаҕа буолуо, «айака-дьойоко» быыһыгар хараҕын аста, онуоха иччитэ суох сүүрэкэлээн бараахтаатылар.
…Ыйдаҥа сырдыгын быыһыгар хараҕын кырыытынан көрбүтэ – аттыгар туох эрэ хара дьөгдьөрөҥнүүр. Тугу да өйдөөбөккө чыпчылый да чыпчылый буолла, хараҕын аала сатаата, төбөтүн да өндөттө. Ол аайы били «харата», олох да киниттэн арахсыан баҕарбат, кыратык тэйэр эрэ. Арай кинини тонолуччу одуулуур. Дьиҥнээх дуу, сибиэн дуу көстүүнү хайдах эрэ олус диэн атыҥыраата, абааһы көрдө. Күүһүн мунньунан нэһиилэ олордо, ол былаһын тухары хараҕын көтөртөн араарбат. Онто балайда тэйдэ, онтон куолайыттан иччилээх баҕайы дорҕоон иһилиннэ, сиртэн аҕыйахта тэйиэккэлээт, кынаттарын саратаат көтөн таҕыста, дохсуннук сапсыммытынан ханна эрэ мэлийэн хаалла.
Киһи барахсан, били, төбөтүн өлөрбүт төҥүргэһигэр иттэннэри түһэн өйөннө, оннук сытар дуу, олорор дуу курдук хамсаабата. Төбөтүн ыарыыта сүрдээх, аанньа буолуо дуо, арыгыны кытта дуолан охсуу кыттыспыта, кыракый да күүһү булгуруппут бадахтаах. Андаатар бэргэһэтэ абыраата, кини суоҕа буоллар итиччэ охсуу ситэрэ хааллаҕа. Айыылар да бааллара буолуо ээ, бу киһийдэх барахсаны туох аньыытын иһин манна таҥнары суоллуой. Харыһыйдахтара, баҕар, өйүн хаһан эрэ булуо диэбиттэрэ дуу?!
«Айыы айа, дьэ, б… да эбит… айка да айка…», – диэн баллыгырыы, ыарыытын хам баттыы сытан эмискэ: «Оо, б… ити суор буолбат дуо?!» – диэн өй өрө сүүрэн кэллэ. Маныаха диэри уостуохча буолан эрэр этигэр-сиинигэр баар ньиэрбэлэр арыгынан үлтү сынньыллан бүтүннүү утуйбут дуу, сүппүт дуу курдуктара. Ол гынан баран, бу түгэҥҥэ уһуктубуттара, айманан силбиэтэнэ түспүт уорааннара бэйэтэ да тоҥон дьагдьайан эрэр эти-сиини тымныы уунан ыспыт курдук титирэтэ түспүттэрэ.
«Дьиикэй баара…» диэн өрө баллыгырыы түспүтэ уонна бу собулҕаны эрэ сонордоһор, ону көрдөөн утуйар уутун умна сылдьар көтөрү «тугу сибиэннии сылдьар?!» диэн эмискэ санаабыта. Ити дьиикэй тоҕо манна кэлбитин улаханнык атыҥыраабыта, өйө-санаата уһуктуох курдук мөхсүөн баҕарбыта эрээри, анаара барбатаҕа. Кини ыалдьар төбөтө, сэниэтэ суох этэ-сиинэ илэ өйүн хам баттаабыттара. Онно кини бэриммитэ, «кыратык сыта түһэн баран туруом…» диэн уоскутуммута, өтөрүнэн утуйбута…
Сордоох…
– Тыый, доҕоор, киһи сытар буолбат дуо?! Өлбүт дии, бу алдьархайы, – диэн быһымах санааны өрө туппутунан Хаартыһыт Харытыан эмискэ тохтуу түспүтэ, олус диэн соһуйбута, этэ-сиинэ дьигиһийиэхчэ буолбута. Балачча таалан турбахтаабыта, онтон умса нөрүйэн киһини саҕатыттан тардыбыта: «… ээ, ириэнэх эбит, тыыннаах, тыыннаах…», – хайдах эрэ эгди буолан илгиэлээбитэ. «Сордоох, Дьоҕур эбит буолбаат…» – диэн аһыммыт санаатын биллэрэн, иһигэр сибигинэйбитэ.
– Нохоо, Дьоҕур, ыл уһугун, доҕоор, уһугун, тур! – төҥүргэскэ иттэннэри өйөммүт, сырдык хаар үрдүгэр утуйа сытар киһини сирэйгэ охсуолаабыта, хаарынан ньуххайбыта.
– Айкыы б…, – били киһийдэх өтөрүнэн силбиэтэммитинэн уһуктан кэлбитэ, бөһүйүөхчэ буолбут дабыдалларынан уҥа-хаҥас садьыйбыта, иччитэ суох харахтарынан ээл-дээл көрбүтэ. «Тугу охсуолуугун?!» – диэн сэниэтэ суох куолаһынан боруок көрдүөхчэ буолбута.
– Тур, Дьоҕур, тур! Мин, Харытыаммын. Тоҥон өлөөрү гыммыккын дии, – бокуойа суох соспутунан, сахсыйбытынан барбыта.
– Уччуу, учча… б… дь… – Дьоҕур ити тыллары нэһиилэ таһаарбыта, бокуойа суох бабыгыраабыта, бүтүннүү титирэс этэ. Кини турар күүһэ суоҕа, нэһиилэ баллырҕыыра, итинтэн атыны саҥарар кыаҕа ааһан эрэрэ.
– Тыый доҕор, бу киһи даҕаны! Дьоҕур, сиргэ охтубуккун, тоҥоору гыммыккын. Тур, барыах. Мин дьиэҕэр тиэрдиэм. Иэдээн дии… Дьэ, накаас…
Олох барахсан инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан, син салҕанан-урбанан, араастаан устар буоллаҕа.
Харытыан кыдьыга батарбакка хаартылаан, кыратык сүүйэн, настарыанньаланан түүн үөһүгэр дьиэлээн иһэн, бу, Дьоҕур тоҥмот быатыгар, кэтиллэ түспүтэ. Кини түүнү быһа олоруон сөп этэ да, сарсын от тиэйиэхтээҕэ. Сүөһүлэрэ үс эрэ хонук сиир отторо хаалбыта, онон дьиэ иһигэр «киирсии» буолбута ыраатта. «Коллегалар» да ону таба өйдөөн, көҥүллээн ыыппыттара. Дьиҥинэн, сүүйэн иһэр киһи салгыы оонньуон баҕарара да, бардаҕына эрэ табыллара.
Дьоҕур балайда биллэрдик тоҥмут, улаханнык үлүйэр турукка тиийбит этэ. Төһөҕө утуйбута буолла, наһаа уһуннук сыппатар ханнык этэ… Ону баттаһа, хата, бу Харытыан тиийэн кэлбит, аньыы-хара тахсыбат быата тарпыт буоллаҕа дуу.
Дьоҕур Харачаайап 60 сааһыгар чугаһаабыт, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэринэн, «итириксит Дьоҕур» диэн ааттаммыт киһи. Эдэригэр түптээх олох суолуттан туораабыта. Арыгы аргыстаах быстах быһылаан кини үүнэн иһэр олоҕун таҥнары суоллаабыта. Онно барытыгар татым майгыта-сигилитэ төрүөт буолбута…
Доруобуйата кэнники сылларга олох мөлтөөтө: аһыыр да аһа, булкуур да кэмэ таайдаҕа, куртах дьаабы, кэлин хотуолуур ахан буолла. Онно эбии үөһэ туолар, илиитин-атаҕын дьарҕатын, сүрэҕин-быарын туһунан этиллибэт даҕаны, өрүү арыгыны өрө тута, аргыс оҥосто сылдьар киһи киэнэ туох аанньа буолуой? Кэнники кэмҥэ дьүдэйбитэ да сүрдээх, тириитин сүлэн кэбиспит тииҥтэн туох да ордуга суох. Арай, хара үлэ мискийбит, бэйэтигэр дьүөрэтэ суох баппаҕайдара бэйэлэрин бодолорун ыһыктыбаттар, ытыстарыгар баар чэрдэрэ кубулуйбакка бөлтөрүһэллэр, кырдьыы-дьүдэйии бэлиэтин биллэрэн, кирдээх тыҥырахтара умса токуруйан иһэллэр.
Харытыан туох да үөс-батааска биэрбэккэ, кууран-хатан эрэр чооруос курдук киһини өрө көтөҕөн, хаҥас илиитинэн бэйэтин куустарбыта, уҥа илиитинэн киһитин ойоҕоһуттан бобо харбаат, суол устун соспута. Соһуллааччы балачча «айака-дьойоко» диэх курдук иһэн, саҥата суох барбыта. Онтон Дьоҕур атахтарынан тирэх сири көрдөөбүтэ, тобуктара токуруйар буолбуттара, ынчыктыырын быыһыгар туох эрэ диэн баллыгырыы сатыыра.
Дьиэтин аана хатааhыннаах эбит. «Доо, дьиэҥ күлүүһэ?» – диэн туох да эппиэти күүппэккэ, сонун сиэптэрин хаспыта да, булбатаҕа. Кууркатын иһинээҕи уҥа сиэбэ испиниэгинэн бобо тардыллыбытын сүөрбүтэ, күлүүһэ онно сылдьар этэ. «Сордоох, бу да буоллар бэркэ дьаһанар ээ», – диэн хайҕаабыта, ааны аһаатын кытта ыарахан аһыы сыт муннуга саба биэрбитэ, түннүгүнэн ыйдаҥа тыган сырдатар оронугар киһитин сытыарбыта, ол кэннэ уоту умаппыта.
Дьиэтэ тымныйбыт этэ, тахсан барбыта балачча буолбут быһыылааҕа. Харытыан сып-сап курдук оһоҕу оттубута, таһа лаппа лаҥхарбыт чаанньыкка муус уутун кутан билиитэҕэ уурбута, оттон үс лиитирэлээх бөдүөнү булан, кипятильнигынан уу сылыппыта.
Дьиэни эргиччи үөрэтэ көрбүтэ: арыгыһыт киһи уйата туох аанньа буолуой, барыта үөдэн-таһаан, онно-манна ыһыллыбыт, ыскайдаммыт. Остуолга хомуллубатах иһит, эргэрбит арыы тобоҕо, хаччаччы хаппыт икки-үс быһыы килиэп, икки үрүүмкэни кытта түгэхтэригэр чэй тобоҕо ордон хаалбыт ыстакааннар, төгүрүччү быһыллыбыт луук эмтэркэйдэрэ уонна тобоҕоломмотох «Сайра» балык кэнсиэрбэтэ баара. Остуол анныгар биир кураанах бытыылка сытара. Арааһа, манна «аһаан» баран салгыы барбыт буолуохтарын сөп эбит.
Бу дьиэ хайа да бэйэлээх киһини ыга баттыыр саҥнааҕа. Утары эркиҥҥэ хаһан да быыла сотуллубатах, дьаарыстаммыт хараара дьиппиэрбит обургу соҕус уонча хаартыскалаах араама ыйанан турарын Харытыан өйдөөн көрбүтэ. Бэркэ интэриэһиргээбитэ даҕаны, көҕө суох умайар кыра кыамталаах лаампа уотугар тугу да арааран көрбөтөҕө.
Ачыкылааҕын өйдөөн сиэбиттэн булан таһааран кыҥастаспыта – Дьоҕур барахсан ийэлээх аҕата, бииргэ төрөөбүттэрэ, бэйэтин кыра эрдэҕинээҕи хаартыскалара эбиттэр. «Чээн, ыраас да көрүҥнээх, сырдык да тыыннаах хаартыскалар. Бу үчүгэйдэрин: оччотооҕу баар-суох мааны таҥастарын кэтэн чөмчөччү туттан түспүттэр, туох да кир-хох сыстыа суох бэйэлээхтэр, инники сырдык олоҕу ыралаан үөрбүт-көппүт сирэйдэрэ-харахтара үчүгэйин!» – Харытыан мантан да атыны ботугуруу-ботугуруу хаартысканы истиэнэттэн ылан бэркэ сирийэн көрбүтэ. «Дьоҕур сордоох бу хаартыскаларын көрөн дууһатын уоскутунаахтыыра дуу, эбии кыйаханан кыланара дуу?! Ону ким билэн эрэр? Биллибэ-эт. Биир эмэ «кыттыгас табаарыһыгар» тугу эмэ кэпсиирэ буолуо дуо? Биллибэ-эт. Арааһа, соҕотох кэмигэр ылан ньилбэгэр уурунаахтыыра уонна тугу-тугу эргитэ саныыра буолла? Тааска баар бээтинэлэр кини хараҕын уута буолаллара чуолкай, аата элбэҕин. Суолуттан көрдөххө, сотон да ылаахтыыр эбит. Бу сыллар тухары хараҕын уута төһө элбэхтик таммалаабыта, ону төһөтө-баччата сотоохтообута буолаахтыай!!!
Сордоох, дьэ, оттон ыарахан дьылҕаламмыт киһи. Туохтан? Билбит киһи баар ини! Суох буоллаҕа, бу тухары тугу да кэпсээбитэ биллибэт. Биирдэ эмэ, уйа-хайа суох ытыырын истибитим да, онно тугу да быктарбатаҕа… Олох түҥкэлийэн иһэр, арай туох эмэ имнэнэн өрүттүө дуо? Оо, ким билэр?! Биэс уонун лаппа аастаҕа, синигэр түстэҕэ буолуо ээ…» – Хаартыһыт Харытыан ис сүрэҕиттэн бу киһини аһынан, тугу да көмөлөһөр кыаҕа суоҕун билинэн, хараҕын уута бычалыйарын хомуһуолун ньилбэгинэн туора сотто олорбута. Бу үүммүт түгэҥҥэ, тугу эмэ гыныахха диэн санаан муостаны миинньиктээбитэ, остуолу хомуйбута, барарбар таһаарыам диэн бөҕү бакыакка симпитэ.
Дьоҕур сотору-сотору бэрт сэниэтэ суохтук сөтөллөрө, иккитэ хаста олус күүскэ төлүтэ таһаарбыта, иэрийиэх да курдуга. Биирдэ улахан баҕайытык уһуутаан дьигиһийбитэ, ынчыктаабыта. Тымныы халлаан барахсан, арааһа, оҥоһуутун оҥорбут этэ, доруобуйатыгар улаханнык оҕустарар буолуохтаах.
Уу оргуйан буллугураатын кытта Харытыан ойон турбута, уоттан кипятильнигы араарбыта уонна утуйа сытар киһитин илгиэлээбитэ: «Дьоҕур, уһугун, тур, тур…», – диэт сыгынньахтаабытынан барбыта: илиитэ баҕас үлүйбүт, көрдөҕүнэ халымыр соҕус курдуга, бачыыҥкатын устубута атахтара да иһэлийбиттэ-эр, иэдээн буолбут. Бу бачыыҥкалар куурар диэни умнубуттара ырааппыт. «Оо, дьэ, инчэҕэйдэриэн, тоһугураччы тоҥмуттар дии, учча да учча, уччуу… Бу үлүгэр тымныыга эт-сиин даҕаны туох аанньа буолбут үһүө, тымныы бөҕө буоллаҕа. Бу дьүдэх таһаа-быһыы хайа да тымныыны кытта тугу мөккүhүөй, суох буолуо ээ. Тымныйдаҕа, онтукабыт, уһаппакка тиргиллэн турдаҕына да көҥүлэ».
Дьоҕур утаакы буолаат, уһукта быһыытыйбыта, «айака-дьөйөкө» бөҕө түһэрэн, сөтөллөн хахсыйбыта, онтуката маатыра-куутара кыбытыктаах этэ. Кэмниэ кэнэҕэс, дьиэтигэр баарын билбитэ. Оронугар олорбута, төбөтүн туттубута, баттаҕын сууралаабыта уонна сыҥсыйан ытыах курдук буолан иһэн, кыатаммыта.
– Дьоҕуо-ор, ыл, аҕал илиигин, манна ук, – Харытыан олоппоско сылаас уулаах нэлэгэр миискэни аҕалан биэрбитэ уонна икки илиилэрин сулбу тардан ылан ууга баттаабыта, оттон атахтарын кирдээх баҕайы сыыҥкабай тааска укпута. Дьоҕур мөккүспэккэ, туох да саҥата суох сорудаҕы толорбута. Ол кэмҥэ Харытыан сылаас чэйи аҕалан айаҕар аспыта. Киһитэ иһиттэн илиитин арааран ыстакааны тутан эрдэҕинэ, илиитин ууга хам баттаабыта, онуоха утарылаһа барбатаҕа. Дьоҕур сылаас чэй барахсаны сыпсырыйаат, «бу туох айылаах үчүгэйин утары ууннулар» диэххэ айылаах, биир тыынынан, умса нөрүйэ сатаан ыймахтаабыта. Хараҕа быдан сырдаабыта, сабылла сатыыр бэйэтэ кэҥээбитэ, ону-маны дьүүллээн-дьаабылаан, дьэ, көрөн барбыта уонна аттыгар турар аанньал кэриэтэ Харытыаны одуулуу олорбута. Онтон: «Баһыыба… баһыыба», – диэн сэниэтэ суохтук ньүкэнник, иһиллэр-иһиллибэттик хаста да сибигинэйбитэ.
– Олор, илиигин ууттан ылыма, атаххын эмиэ, – Харытыан ити тылларын этээт, ыстакааҥҥа итии чэйи кутан остуолга сойута уурбута уонна бачыыҥкалары ылан, оһоххо куурда, олоппос үрдүгэр кэккэлэппитэ. Күлүүкэнэн оһоҕу булкуйбута, маһын эбэн биэрбитэ. Сылыйбыт оһох итини эрэ күүтэн турбут курдук, көхтөөхтүк умайан күлүбүрээбит, тачыгыраабыт тыаһа иччитэхсийбит дьиэҕэ олус истиҥник, олох уостубат бэлиэтэ буолан, бэрт сэргэхтик иһиллибитэ, сылааһынан угуттаабыта.
Дьиэ биир муннугар турар эргэ хомуот үрдүгэр хаһыат бөҕө чөмчөлөммүт, оттон аттынааҕы истиэнэҕэ ыксары оҥоһуллубут, дьоҕус соҕус тутуулаах этэсиэркэҕэ кинигэлэри кэккэлэппит этэ. Харытыан маны сөҕө санаабыта: «Сатана, ааҕар аҕай эбит буолбат дуо! Ол иһин, биирдэ эмэ түбэһэн кэпсэттэххэ, билэрэ-көрөрө элбэх буолааччы ээ. Хаарыан киһи! Сордоох, төһө да билии баарын үрдүнэн, бэйэтигэр хаатыйалана сырыттаҕа, ону ким төһө сэҥээрэрэ буолла?! Саарбах, арыгыһыт киһи тылын аахайбат киһи элбэх бука. Оннук ээ. Арыгыһыт аатырдыҥ, көмүс да солотуу абыраабата буолуо-о!». Харытыан орон төбөтүгэр баар туумба үрдүгэр «Спидола» араадьыйаны сэргии көрбүтэ, хайаан да араас сонуннаах, элбэх долгуннаах аныгы улахан мал турар эбит диэн бүтэйдии быһааран кэбиспитэ.
– Дьоҕур, чэ, дьиэҕэр кэлбит киһи этэҥҥэ сынньан. Мин бардым. Сарсын үлэ бөҕө кэтэһэр, от тиэйиэхтээхпин. Сарсыарда эдьиийгэр эрийиэм, кэлэн көрөн-истэн эмтиэ-томтуо буоллаҕа дии, – диэн Харытыан сонун кэтэ туран саҥарбыта. Чочумча буолаат, кыйаханнаҕа буолан: – Дьэ, оттон сордоох киһигин. Өлө сыспыккын өйдөө, ол ыраахтан буолбатах, нохоо, – диэн таҥас ыйыыр анныгар элиппит бэргэһэтин уонна үтүлүктэрин көрдүүр түбүгэр түспүтэ.
– Ыых… – кэннигэр симик саҥаҕа эргиллибитэ уонна Дьоҕур уу-хаар баспыт, махталы этиэххэ айылаах ханнык да кыымы ыспат, өлбөөдүйбүт харахтарын өйдөөн көрбүтэ, хайдах эрэ олус аһынан, этин саастара аһыллан дьарылыы түспүттэрэ. Бу түгэҥҥэ киниэхэ санаа баттыга эбиллибитэ, туран эрэ, эмискэ, нукаай буолан хаалбыта. Дьоҕур, кини көрдөҕүнэ, хара таҥаһынан бүрүнэн олороро, тугунан эрэ дьөлө астарбыт курдук, дьигис гына түспүтэ, харахтарын бокуойа суох ньухханан барбыта. Онтон өйдөөн көрбүтэ, Дьоҕур кирдээх да буоллар, сырдык маайкалаах олороро, оттон баккыта, кырдьык, хараҥа этэ. «Ол иһин да, хараҕым ити туох буолан ыларый ээ, иирэрин дьүһүнэ дуу?» – диэн бэйэтиттэн ыйыппыта, уонна муодарҕаабытын дуу, соһуйбутун дуу дьүүллээн-дьүһүннээн билбэккэ турбута. Итинник турукка туран, үтүлүктэрин булбута, көстүө суохтаах көстүбүтүн курдук, олус диэн үөрбүтэ. Өйдөөн, чөмөхтөөбүт бакыаттаах бөҕүн ылбыта.
– Дьаабы… дьиикэй… – Харытыан, ити чуолкай соҕустук иһиллибит саҥаҕа эргиллибэккэ эрэ, тахсан барбыта. Ааны сабан таалан турбута: «Сордоох, өлөн хаалбат ини?!» – диэн баллыгыраабыта уонна олбуор аанын диэки хаампыта.
* * *
Харытыан тахсаатын кытта, үдүк-бадык турукка хам баттата сылдьар Дьоҕур, утаакы буолбакка, илиилэрин, атахтарын ууттан хостообута, олоппоһу халбарыччы аспыта. Уутун тэбэммитэ буолан баран, оронугар тиэрэ түспүтэ, төбөтүн туттаат уһуутаабыта, ынчыктаабыта, улаҕа диэки хайыһаат, утуйардыы оҥостубута.
Кыракый дьиэ толору оттуллубут оһохтон барылыы түспүтэ. Дьиэ сылаас тыына биллибитэ, уу чуумпу сатыылаабыта. Ол чуумпуну соҕотох лаампа симик уота оргууй бигиирдии сырдаппыта, тыыннаах киһи баарын биллэрэн, ынчыга нүһэрдик иһиллэрэ, хахсыйарын хаҕыс дуораана истиэнэҕэ охсуллаат, тарҕана барбакка, симэлийэн хаалара. Улахан тымныы түһэ да илигинэ, дьиэ истиэнэлэрэ туохтан эрэ хабыттан, иччилээх баҕайытык хаста да тыаһаан ылбыттара.
Дьоҕур утуйар-утуйбат икки ардынан түлэкэдийэрэ. Илиитин, атаҕын тарбахтара иһэлийэн хабыллыбытын, ол ыарыытын да билбэккэ, сылааска угуттанан, бэрт холкутуйан, туохха да кыһаллыа суохтук, токуруйуоҕунан токуруйан баран, истиэнэҕэ сүүһүн анньан сыппыта. Сотору утуйбута…
Олоҕунан оонньооботтор
Дьоҕур олоҕо күнтэн күнү эрэ барыырдыы, туох да былаана суох, буолар-буолбат түбүктэри эрэ тумнардыы, ол быыһыгар кимниин эрэ болдьоспутун, эт, арыы төлөбүрдээх, сороҕор харчы энньэлээх үлэтин бүтэрэ охсор тиэтэлинэн устара. Итинник кэмҥэ кини арыгыттан туттунара ээ.
Үлэ кэмигэр эбиэккэ арыгы хайаан да баар буолара. Ол күндүлээһин эбитэ дуу, эбэтэр сиэр быһыытынан остуолга ууруллара дуу?! Хайата да буолуо. Дьоҕур маннык түгэннэргэ нуормалаан иһэрэ, киэһэ өттүгэр бытыылка тобоҕун дьиэтигэр илдьэ барар адьынаттааҕа. Ону бары билэллэрэ уонна утарыласпыттара. Кини дьиэтигэр сылаа таһаарынара, ол кэннэ кинигэ ааҕара, туймаһыйбыт санаатын сайгыыра, ыраастыы да сатыыра. Оннук кэмҥэ «топпотум» дии санаабакка эбии көрдүү барбата, утуйара. Онон аҕыйах хонукка уоскуйбут, сэргэхсийбит курдук буолара.
Үлэ-хамнас хам ылбыт дуоспуруннаах түгэннэригэр арыгыһыт Дьоҕур уларыйара ээ. Арыгы киниэхэ кыыбаҕа буолан сыыллан кэлэрин, ону кини тоҕо эрэ үтэйэ сорумматын муодаргыыр дьон суох буолбатах этэ. Тоҕотун билиэх баҕалаах үгүһэ. Ол эрээри ким даҕаны билбэт этэ, аны кэлэн биллэр үһүө! Дьиҥинэн баран эттэххэ, аһыы астан тэйиэххэ сөбө. Оннук өйү-санааны үгүстэр булан ылаллара эрээри, ол ситэ силигилээн барара кимиэхэ даҕаны наадата суоҕа…
Дьоҕур олоҕо биир мээрэйинэн устара, дьыбардаах аартыгынан айанныыра: күн-дьыл баранан, кэм-кэрдии устар уулуу улгумнук ааһан иһэрэ, чэгиэн эт-сиин эмэҕирии ыллыгын батыһара, кыах-кыамта сииктии симэлийэр ситими миҥэ оҥосторо, өй-санаа быһытталанар тэтимэ сыллата ахсымырара, буомуруу диэки тиэтэйэрэ.
Быыһа-арыта биллибэт, ситимэ-сыдьаана сатаан таайыллыбат, туох да үтүө диэки чарапчылана сатаабат олох быһыттаҕас утахтарын кытта арыгы өрүү утахтарын куодарыһара, сиэттиһэрэ, арахсыспат аргыс буолан батыһара.
Арааһа «аргыс» диэн этэр алҕас буолара буолуо. Ол ас кэнникинэн сирдиир харах, ыйар ыйаах, хамсатар күүс буолар кыаҕын толору ылар аналлаах. Оннук буолуохтаах даҕаны. Куһаҕанын, дьаарын билиммэтэххэ, өйдүү сатаабатахха, онтон туорууру тобула сорумматахха, күннэтэ дэллэритэр быһыттаҕас майгыны былаах курдук өрө тута сырыттахха, айылҕа оҕотун сахалыы киэҥ ыраас санаата тууйулла түмүллэр, сатаан баайыллыбатах быалыы ыйылыннары тардыллар, хараҥа күлүк дьайа элбээн иһэр.
Ити барыта «аһыы утах» толоруохтаах, оҥоруохтаах анала ээ! Ону Дьоҕур сордоох өйдөөбөтөх муҥа, сатаан дьаһамматах, үтүөттэн бэйэтэ күрээбит эрэйэ, кыһалҕа кымньыытын көрдөөн булбут соро. Кини дьылҕа дьыбарын ат миҥэ гынан миинэн олох очурдаах быллараатын хас биирдии быраҕаттыыр, сахсыйар нэксиэтин хаһааҥҥа диэри тулуйуо биллибэт буоллаҕа. Күн-дьыл даҕаны муҥурдаах, бүтэр уһуктаах… Өйдөөбүт киһи ньии?!
* * *
Дьоҕур бу буолуон аҕыйах хонук иннинэ дьиэлээн иһэн, муус тиэйтэрээри, гарааска таарыйбыта. Үлэ күнэ бүтэн, техникалары хонук сирдэрин булларан, уолаттар бааллара.
Бу киэһэ тугу эрэ бэлиэтиир күннэрэ этэ. Түгэх кыракый хоско түөрт эдэр дьон «кучу-мачы» гына олороллоро: биир улахан бытыылка бүтэрэ чугаһаабыт, остуолга быһыллыбыт килиэп, халбаһы уонна балык кэнсиэрбэтэ, лиитирэлээх бааҥка быһаҕаһынан хойуу чэй, кырыылаах кыракый стопкалар үтүрүһэ чөмөхтөспүттэр. Кэпсээн дэлэй, күлүү-үөрүү, алларастаһыы үгэнэ быһыылааҕа.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?