Электронная библиотека » Гавриил Адамов-Сайдам » » онлайн чтение - страница 2

Текст книги "Дьыбардаах дьылҕа"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:20


Автор книги: Гавриил Адамов-Сайдам


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 9 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Дьоҕур тыаһа суох сыбдыйан кэлэн, кыратык холуочук кэмигэр куоска курдук оргууй хамсанар үгэстээҕэ, аан холуодатыттан тайанан туран, обургу соҕус дорҕоонунан дорооболоспута: «Нохолоор, дорооболоруҥ!». Баар дьон эргиллэ түспүттэрэ. Кинилэр сирэйдэригэр-харахтарыгар соһуйбуттара биллэрэ, дьиктиргээн кылабачыйбыт харахтарын муҥунан көрбүттэрэ, тугу эрэ кэтэһэрдии айахтарын атан аллаһан, киирбит киһини одуулуу олорбуттара.

Киирбит киһи туора турар чуурка олоххо олорунан кэбиспитэ. Олохтоохтор ити икки ардыгар өйдөнө охсон ыалдьыты остуолга ыҥырбыттара:

– Тоҕо итиннэ туора олордуҥ, манна, остуолга чугаһаа, – диэбитэ саастаахтара Бүөтүр. Итини эрэ кэтэспит курдук, Дьоҕур туран кэлбитэ, тулатын көрүнэн олох мас көрдөөбүтэ. Эдэр киһи Элэс Сеня ойон турбута, мэлээриҥнии турар ыалдьыт олорбут чууркатын балачча чорбойор мутугуттан бобо харбаат, остуол аттыгар аҕалан уурбута.

– Хайа Дьоҕур, хайа диэкиттэн иһэҕин, ханналаатыҥ? Туох сонун? – диэн ыйытаат, тырахтарыыс Бүөтүр куруускаҕа арыгы куппута уонна утары ууммута. – Чэ, баалаама, мантан атын иһиппит суох.

– Туох диэн баалыамый, миэхэ иһит эрэ буоллун, барыаҕа, – диэт, күлбүтэ буолан, ымах гыммыта, куруусканы икки илиитинэн бобо туппута, уолаттары кэрийэ көрбүтэ. – Булууспун бүтэрэн, тиһэх буорун быраҕаттаан баран, бу иһэбин. Кырдьыы буолбут, нохолоор, ыарырҕаттым. Уон күнү быһа муҥнанным, эт-тирии баранна, – ити тыллары кытта эмискэ кэҕирдэн ыгдах гынаат, бөтөн барбыта, онтукатын атыҥыраан, моонньун имэрийэ олорбута.

– Хайаларыгар үлэлээтиҥ?

– Сиидэр Бээчэтигэр. Бэртээхэй дьиэни туттубут, олбуор-хаһаа да ол тэҥэ. Эдэр киһи диэтэххэ, үчүгэй туттунуулаах киһи эбит.

– Оо, ол киһи алдьархай буоллаҕа дии, – холуочуйуохча буолбут Сеня уол өрүкүнэйэ түспүтэ, астынарын биллэрэн: «Мээнэ киһи тэҥнэспэт киһитэ», – диэн түмүктээбитэ.

– Чэ, бээ ити хааллын. Бырааттаар, бастаан эһиги, эдэр дьон, доруобуйаҕыт туһугар иһиэххэ, онтон наадабын этиниэм этэ, – Дьоҕур бөтөрүн быыһыгар куруускатын өрө анньыбыта, сып курдук иһэ охсубута, халбаһылаах килиэби эмти ыстаан сиэбитэ уонна бөтөрүн хам баттаан, чэйи ыймахтаабыта. Уолаттар даҕаны бэрт улгумнук иһиттэрин кураанахтаабыттара.

– Наадаҕын үрүк-түрүк эрдэххэ этэн кэбиһэриҥ дуу, – Бүөтүр уопсай балаһыанньа хайдах буолуоҕун таайтаран, дьыаланы урутаппыта.

– Миэнэ диэн туох улахан дьыала буолуой… Иһэр мууһум тиэллиэ этэ, бэйэтэ да дуона суох, – уолаттар сирэйдэрин-харахтарын үөрэтэрдии эргиччи көрүтэлээбитэ уонна хоонньуттан биир кыһылы ороон таһаарбыта. – Мантан атын суох, бука диэн баалаабаккытыгар тиийэҕит, – диэн ыгдах гыммыта, остуолга иһити тыастаахтык уураат икки илиитинэн даллах гыннарбыта, күлэн үмүрүҥнээбитэ.

Кини үлэ кэннэ ситэ испэтэх буоккатын тобоҕун хоонньугар илдьэ сылдьара. Бу кыһылы Бээчэттэн көрдөөн ылбыта.

– Ас аата ас буоллаҕа дии, – саҥата суох олорбут Баһылай бу сырыыга бэрт улгумнук сэҥээрэрин биллэрбитэ.

– Оннук буолбакка, – эдэр киһи Элэс Сеня, аатыгар дьүөрэлии, ити тыллары сып курдук этиммитэ. Дьоҕур эп-эдэр киһи бу дьыалаҕа олус көхтөөҕүн бэлиэтээбитэ уонна саҥа улаатан эрэр киһини харыстаан атыҥыраабыта, сөбүлээбэтэҕэ. Кини этэр санаатын быһа түспүттэрэ:

– Дьоҕур, ол мууһуҥ хантан тиэллэрий? – диэн Бүөтүр ыйыппыта.

– Бээчэ уолтан ылыах буоллум. Кэнники кэмҥэ мууспун бэйэм ылбаппын, үлэм төлөбүрүгэр киллэттэрэбин.

– Сөпкө гынар эбиккин. Ол төһөнү тиэйэри ким ыйар? Биһиги сыалай сыарҕаны да таһаарыахпытын сөп, – Баһылай чуолкайдаһар наадатын эппитэ.

– Кырдьык оннук ээ. Биир сыарҕа сыыһын начаас буоллаҕа дии, – Сеня уол буолуохтаах үлэҕэ кыттыһа охсубута.

– Ол, мин соҕотох киһи иһэрим, туттарым биллэр ини. Ону, оттон, бэйэҕит көрөн, быһааран тиэйиэ этигит. Оччолооҕу быһаарбыт, тиэйбит дьон буолуоххут, – Дьоҕур төһөнү тиэйэллэрин бэйэтэ быһаара сатаабатаҕа, уолаттар дьоҕурдарыгар, сатабылларыгар эрэммитэ. Кырдьык да элбэҕи тиэйбит, сүкпүт-көтөхпүт дьон олордохторо эбээт.

– Сарсын киэһэ мин арыый иллэҥсийэрим буолуо, – Баһылай итини этээт, иһиттэри бэйэтин диэки хомуйа тардан ылан арыгы кутуталаабыта, ол кэннэ бэрт наҕыллык дьонноругар төннөрбүтэ, уостарын чорботон, үөһэ диэки олоотообута. – Сеня, эн миэхэ көмөлөһөрүҥ буоллар, – ыйытар дуу, дьаһайар дуу курдук этиммитэ.

– Чэ, итини, Баһылай быһаарыам диэтэ, – Бүөтүр астаах иһитин харбаан ылбыта. – Убайбытыгар көмөлөһөн буоллаҕа дии. Булууска угуллары учуоттаан тиэйээриҥ, уолаттаар. Сеня көмөлөһүөҕэ. Эдэр киһи наһаа ыарырҕаппат ини, – тугу эрэ эбии этиэх, ыйытыах курдук уолу балачча соҕустук утары көрбүтэ эрээри, тыл ыһыктыбатаҕа. Үрүүмкэтин өрө көтөҕөн утары ууммута, иһэн кэбиспитэ.

– Көмөлөһүмүнэ! – эдэрдэрэ иһитин хантас гыннараат, кыра ньуосканан балык кэнсиэрбэтин үрдүгэр түспүтэ. – Биһиги, эдэрдэр, кырдьаҕастарга көмөлөһөр ытык иэспит буоллаҕа дии, – ити кэннэ табыгаһа суох баҕайытык күлэн алларастаабыта, соннук улгумнук бүппүтэ, уоһун-тииһин соттуммута.

– Сеня, ким оҕото буолаҕын? – Дьоҕур уолу утары көрөн олорон эмискэ ыйыппыта.

– Кууһума уолабын.

– Ол иһин хайдах эрэ маарыннаттым ээ. Тугу үлэлиигин?

– Бакаа суох, – «тоҕо ону эмиэ ыаһыйаластыҥ, эйиэхэ онно туох нааданый?» диэх айылаах уол Дьоҕуру муодурҕаабыт харахтарынан тонолуччу көрбүтэ. – Тугу эмэ булан үлэлэниллиэ этэ, – диэн түмүктээбитэ, чэйин ыймахтаабыта.

– Ноо, арыгы иһэргин аҕаҥ билэр дуо? – олус туруору боппуруостаах буолан биэрбитэ уонна онно туох да эппиэти күүтэ барбакка, Дьоҕур бэйэтин санаатын этинэн барбыта. – Аҕаҥ арыгы испэт, үлэһит бэрдэ. Кини урут иһэ сылдьан баран, табыгаһа суоҕун өйдөөн тохтообута. Ол мин курдук буолуо дуо, сөпкө гыммыта! – иҥиэттэн балайда саҥата суох олорбута, атыттар кинини быһа түһэ сорумматахтара. – Эдэр киһи бу аска элэккэй соҕус быһыылааххын, үөрэҕин-көтөҕүн, тыл-өс даҕаны улгум, элэс курдуккун. Эдэр эрдэҕинээҕибин санатаҕын. Оттон мин дьылҕабын истэ, билэ сырыттаҕыҥ буолуо. Манна бары, ыттыын-кустуун билэллэр. Үчүгэй диэбэттэр, бэйэм да үчүгэй диэбэппин… – Дьоҕур тохтоон хаалбыта, бытыылкаттан арыгы куттубута, иһэн кэбиспитэ. Ол кэнниттэн икки илиитинэн иэдэстэрин бобо туппута сирэйин мырчыстыбыт тириитэ хормуоскалыы хомуллубута, ыйаастыбыт харахтара кылайаллар эрэ этэ, сүүһүн тириитэ халталаспыта. Оннук дьүһүн-бодо буолан олорон сөҥ, иччилээх баҕайытык: «Хайыахпыный, тиксибит аналым, булан ылбыт дьылҕам. Олоҕунан оонньоон кэллэҕим, аны кэлэн төннөр суол суох», – диэн илиилэрин араарбыт сирэйэ дьэбин уоһуйа түспүтэ, кытарбыта ааһан, сырдаабыт курдуга. – Ыл, арыгыта кутуҥ, аны кэлэн… – диэн тохтоон хаалбыта, хаастарын сабыччы түһэрэн, кыратык быктарбыт тылын уоһун ньимиччи туппута уонна уолаттары эргиччи көрүтэлээбитэ: «Чэ, бары этэҥҥэ эрэ буолуҥ. Чугас дьоҥҥутун харыстааҥ», – диэн арыгытын хантас гыннарбыта, аһыырҕаппыта буолбута уонна Элэс Сеня диэки хайыһан: «Нохоо, олоҕунан оонньооботтор, өйдөө», – бэрт дириҥник эҥсэн саҥа таһаарбыта.

Дьоҕур барыларын кытта эр-биир илии тутуһан баран, киирбитин курдук, аргыый сыбдыйан, сэрэнэн, үктэнэр сирин талан, хардыылаан тахсан барбыта.

– Кэм-кэрдии өйү-төйү булларар, сааһырыы – сааһылыыр диэн итини этэн эрдэхтэрэ, – Бүөтүр ыалдьыт тахсан барбытын кэннэ түмүк оҥорбута. – Оо, эрдэттэн итинник өйү өрө туппут киһи баар ини.

– Тугу эрэ элбэҕи саҥарыах киһи, туохтан эрэ көҥөммүт курдук, бэрт дөбөҥнүк тахсан барда дии, – Баһылай соһуйбутун биллэрбитэ. – Эрэйдээх олох итиччэлээҕи толкуйдатар буоллаҕа ээ. Санаа-оноо баттала төһө эрэ элбэх! Арыый да кэмҥэ, ороҥҥо соҕотох сытан, олоҕун сыымайдыыр бөҕө буоллаҕа, сордоох.

– Истэр тухары суламмыта-кэлэммитэ биллибэт ээ. Бүгүн быктарда. Мөлтөөн да эрдэҕэ, урукку Дьоҕур буолбатах. Сарсын мууһун быһаарыҥ, Баһылаай, – Бүөтүр Сеня уол диэки эргиллибитэ: «Сеня, чэ, кытаат, көмөлөс. Нохоо, кырдьаҕас, сор диэн тугун этинэн-хаанынан, өйүнэн-санаатынан билбит киһи тылын өйдөөтүҥ ини. Эйигин харыстаан ити тыллары быктарбыт буолуохтаах».

– Сеня, эн үөрэххин тоҕо быраҕан манна тиийэн кэллиҥ? – баччааҥҥа диэри тугу да саҥарбакка кулгаах эрэ буола олорбут, массыыната моһуоктаабытын ыһан кэбиспит таксист Ньикииппэр тыл быктарбыта.

– Кырдьык даҕаны, тоҕо? – аны Баһылай соһуйан, сэҥээрээччи буолбута.

– Ээ, сөбүлээбэтим, – чэй ылан испитэ буолла, килиэбин хоруоскатын эмти тутуталаан, айаҕар быраҕаттыы олордо. – Таах сибиэ зоотехник үөрэҕэр киирбит эбиппин. Бааһынайдар эрэйдээхтэр зоотехникка эрэ наадыйбаттар үһү. Бэйэлэрэ нэһиилэ олорон, хантан хамнас төлүөхтэрэй? Таах, сымыйа үөрэх эбит, – Сеня холуочугар тэптэрэн, быһаарыыта олус хабархай буолан биэрдэ. – Пахай доо, сельхозакадемияҕа үөрэммит оҕолор бары онно-манна, атыыга-тутууга үлэлииллэр. Идэлэригэр эрэ наадыйбаттар быһыылаах.

– Үрдүк үөрэх аата үрдүк үөрэх ини, доҕоор, ама, – Баһылай үөрэҕи сирбитин сөбүлээбэтэҕин биллэрбитэ.

– Бу уол эмиэ да сөпкө этэр эбит. Кырдьык даҕаны, зоотехникка эрэ наадыйбаттара буолуо. Ол аайы холкуос, сопхуос эстибитэ. Ол биир, икки ынахха наада үһү дуо?! – Бүөтүр уол этиитин долоҕойугар киллэрэн, ылыммыта.

– Ээ, пахай доҕоор, онно эрэ буолбатах, таах үөрэниэххэ эрэ диэн санаалаах наһаа элбэх. Үөрэххэ да кыһанар киһи ахсааннаах, – Сеня кэпсээнэ «халыҥаан» барда. – Хата, онно ас-үөл элбэх, кыыс да кырыы кырыытынан, эрийсии диэн үрдэ суох. Хампаанньа дэлэй.

– Нохоо, ол дойдуга үөрэммэккэ эрэ аһы, кыргыттары эккирэтэ сырыттыҥ дуо, ол? Бу аһылыкка сэргэхсийэриҥ сүрдээх эбит ээ, били, Дьоҕур эппитин кэннэ өйдөөтөххө, – Бүөтүр, дьэ, хараҕа аһыллыах, өйө чөллөрүйүөх буолла.

– Наһаа да оннук буолбатар, – Сеня ити икки ардыгар өйдөнө оҕуста, кыһыйбычча таах мээнэ тыллары быктарбытын билиннэ, холуочугун аһаран үөһэ тыыммахтаата, уһуутаан ылла. – Оттон ону сөбүлээбэккэ төннөн кэллэҕим дии, – хайҕабыл көрдүүр кэриэтэ тылласта.

– Дьэ, үөрэҕи сөбүлээбэтэх оҕо оччоҕо тугу гынаҕын? – Баһылай өс саҕа буолар кэриэтэ ыйытыктаах буолла.

– Бээрэ, эһиги туох ааттаах ити уолу сордоотугут? Өйдөөх-санаалаах киһи бэйэтэ биллэҕэ, сөп буолаарай диэн дьаһаннаҕа дии, – Ньикииппэр көмүскэһээччи буолла.

– Сөп буолан, – диэн Баһылай чахчы сөбүлээбэтэҕин биллэрдэ. – Сеня, ийэлээх аҕаҥ кэтэстэхтэрэ, сарсын элбэх үлэ күүтэр, баран сынньан, – диэн аны үүрэн турда.

– Оҕонньор үлэтин күнэ, хачыгааркатыгар ини. Миэхэ эрэ наадыйбакка сылдьара буолуо.

– Кэбис доҕор, инньэ диэмэ. Биһиги оҕолорго, эһиэхэ, наадыйар бөҕө буоллахпыт дии, – уол саҥатын сөбүлүү истибэтэҕин, иһигэр киллэрбэтэҕин Бүөтүр итинник биллэрбитэ. – Ийэҥ соҕотох буоллаҕына, эйигин, улахан киһини өссө күүттэҕэ дии. Ыксаа, ыксаа, Сеня. Кэпсэтии манан бүппэт. Этэҥҥэ сырыттахха көрсүө, кэпсэтиэ, арааһы ыаһахтаһыа этибит.

– Чэ, бээ, барыым. Убайдарым тылларын истэр буоллаҕым дии, – диэн соччо сэниэтэ суохтук тылласта. Уол харахтара бытыылкаҕа хатаммыттарын өйдүү көрөн, Бүөтүр күөйэ саҥарбыта:

– Эдэр киһи ону-маны тобоҕолоһор, туох эрэ тиийбэтин ситэрэ сатаан иһэр туһунан санааланыма, – диэн «пахай даҕаны» диирдии дьиппиэн соҕустук саҥарбыта. – Кырдьаҕас дьон курдук буола сатаама, кыратык холуочуйбут да буоллаххына, ньамайданыма. Сып курдук таҥнан, элэс гынан хаал.

Элэс Сеня сукуччу туттан, бэрт бытааннык таҥнан, «бакааларыҥ» диэт, тахсан барбыта.

Хаалааччылар саҥата суох тобохторун испиттэрэ, ол кэннэ Баһылай кыһыл арыгылаах бытыылканы аһан мадьыктаабыта.

– Үөрэхтээхтэр, дьэ, элбээн эрэллэр. Аны үрдүк үөрэхтээх эрэ дьон киһилии киһи буолар үйэлэрэ үүннэ быһыылаах. Атын моторой-оторой өттүлэрэ тарай-марай аатыран иһэрбит буолуо. Төһө сөп эбитэ буолла?! Боростуой үлэһит син биир наада буолуоҕа, – Бүөтүр арыгы кимиэлиттэн уһуктубут дууһатын, битиргэччи тэппит сүрэҕин өрүкүйүүтэ уоста быһыытыйбыта, хаҥас ытыһынан сыҥааҕын өйөөн, бэйэтэ бэйэтигэр баллыгырыы олорбута.

* * *

Дьоҕур бүгүҥҥү үлэтин бүтэрэн астыммыта. Кини даҕаны бэркэ дьирээлэһэн туран бүтэрдэ. Үлэ үгүс сыратын ылан, улаханнык сылайбыт этэ.

Бээчэ үлэ бүппүтүнэн, ас бөҕөнү буһаттарбыта, махтал тылларын элбэхтик эппитэ, хатаҕалаан туран аһаппыта, манньатын биир буут убаһа этин дьиэтигэр илдьиэх буолбута, мууһуттан бэрсибитэ уонна харчы биэрбитэ.

Дьоҕур балачча аһаабыта. Бүгүн эт-сиин, куртах хойуу аска наадыйбыт курдуга, оттон арыгытыттан икки үрүүмкэни иһэн баран, тобоҕун сиэбигэр уктубута.

Кини дьиэтигэр тиийэн, сылаа таһааран, онно-манна аралдьыйбакка эрэ утуйар, сынньанар санаалааҕа. Ити санаатын бүгүҥҥү көрсүһүү, чуолкайдаатахха, эдэр уол арыгыга хараҕа сырдыыр, ымсыырар, сэргэхсийэр быһыыта ыһан кэбиспитэ. Араас киһини кытта төһөлөөх арыгыны испитэ буолуой?! Биир киһини атыҥырыы көрбүтэ, сэмэлээбитэ суоҕа. Ити ас эрэ үөрдэр-көтүтэр, ситимниир, кэпсэтиннэрэр курдуга. Ону кини сөбүлүүрэ, суохтуура даҕаны. Оттон бүгүн, туох эрэ имнэммитигэр дылы, атын санаа хантан эрэ өрө сүүрэн кэлбитэ. Арааһа, Кууһума барахсан оҕотун харыстыыра, бу оҕоҕо үтүө эрэ тосхойуохтааҕа Дьоҕурга эриллэ түспүтэ быһыылааҕа…

Дьиэтигэр кэлэн, таҥаһын устан, бытыылкатын остуолга уурбута, онтон сулбуччу хааман тиийэн истиэнэҕэ ыйанан турар хаартыскалардаах арааманы өр көрөн турбута, тугу эрэ баллыгыраабыта.

Оһоҕун оттубута. Оһох отторугар анаан оҥоһуллубут намыһах олох маска анаан-минээн олорон, табах тарпыта. Кини табаҕы дьиэтигэр эрэ тардар дьикти адьынаттааҕа, атын сиргэ тарпата. Оһоҕун үрдүгэр кумааҕы хоруопкаҕа сигарета куруук баар буолара. Ол «баҕайылары» сүрүннээн ыалдьыттар бүтэрэллэрэ, ону маҕаһыынтан атыылаһан, толорон иһэрэ.

Кууһума уолун Сеняны өйдөөн кэлбитэ, кини арыгыга олус үөрэрин-көтөрүн, эгди буоларын атыҥырыыра эрээри, сүбэһит буолбатын билэрэ. Кини дьиксиммит сибикитэ сымыйа буолуоҕун олус баҕарбыта. Оннук сибикини Кууһума, оттон, биллэ ини диэн уоскутуммута.

«…Ээ, онно мин тугум наадатай, соҕотох бэйэбин да кыайбакка сылдьан, аны дьону сэмэлээн кэбилэнэн бардаҕым үһү!» диэн мөҕүттүбүтэ…

Табаҕын тобоҕун уокка бырахпыта, остуолугар кэлэн ыстакаан кыра аҥаарынан арыгы куттубута. Таһырдьа тахсан терраса холодуопкатыттан эдьиийэ бэрсибит аҕыйах кырбас сыалаах убаhа этиттэн биири булан киллэрбитэ, оһох билиитэтиттэн салгыы оҥоһуллубут кирпииччэ холумтаҥҥа ириэрэ уурбута. Ирэрин кэтэспэккэ, тэһийбэккэ, ыстакааннаах арыгытын иһэн кэбиспитэ, ол кэннэ муустаах ууну «батыһыннарбыта».

Ситэ ирэ илик эти быһаҕынан бысталыы сатаабыта, сатамматаҕын иһин чохороон сүгэнэн быһыта сынньыбыта. Сүгэтин миэстэтигэр ууран эргиллэн иһэн, этэсиэркэттэн Далан «Дьылҕам миэнэ» кинигэтин тутан кэлбитэ. Арыгы куттан испитэ, сокуусканы балайда сиэбитэ. Тымныы сыалаах эт Дьоҕур оргуйар иһин сөрүүкэппитэ, уоскуппут курдук буолбута.

Ороҥҥо тиэрэ түһэн сытан, кинигэ бэлиэтэммит лииһин арыйан, «балтым көрсө кэлэр» диэн кэрчиктэн Далан балта Еля дьүөгэтинээн хаайыыга көрсүһэ кэлбиттэрин, ас аҕалбыттарын туһунан булан ылбыта: «… Камерам дьоно кыргыттар миэхэ аҕалбыт астарын үллэстэн үөрэ-көтө аһыыр кэмнэригэр, мин санаам букатын атын сиргэ баара – ол дьонум тустарынан этэ… Кинилэр кыһалҕалаах олохторун чэпчэтэрим, көмөлөһөрүм оннугар, кинилэри эбии кыһалҕаҕа түһэрдэҕим» диэн этэ.

Дьоҕур бу тыллары ааҕаат тохтоон хаалбыта, кинигэни түөһүгэр саба уурбута. Бу ыарахан тыллар тыыннара киниэхэ баттык буолбуттара, кинигэни ылан аттыгар ууруммута, ону кытта харахтарын уута икки иэдэстэринэн сүүрбүтэ.

«Аҕам муҥнаах эрдэ өлөн, мин арыгыһыт буолбуппун билээхтээбэтэҕэ, ийэм эрэйдээх төһөлөөх эрэйдэммитэ, мин көрбөппөр ытаабыта-соҥообута буолуой! Орто дойдуга төрөөн ийэбин, чугас дьоммун үөрдэр, үлэлээн иитэр, сиэннэрин биэбэйдэтэр оннугар итирэн, иирээки буолар дьүһүммүн, хабырынан хачыгырыыр дууһам хаһыытын, сатала суох салаҥ тылларбын, үөхсэр-кэмиринэр майгыбын эрэ көрдөрдөҕүм. Оо, дьэ, б… да баҕайы, дьиикэй да быһыы, бэйэмсэх бэдиктэн онтон ордук туох кэлиэй? Туох айылаах таҥнары кыраабыт дьылҕаны сүгэһэр гынан илдьэ сылдьабыный, эрэйдэнэбиний, тулабын муҥнуубунуй?! Абаккалаах олох, дьыбарынан дьааһыйар дьылҕалаах, төттөрү сүргүөхтэммит төлкөлөөх, оннун булбатах сибиэн буолан сырыттаҕым, оттон. Хайыамый, дь…», – диэн уһуутаабытынан оронуттан ойон турбута, ыстакааны толору арыгы куттан биир тыынынан киллиргэччи иһэн кэбиспитэ. Сирэйин бокуойа суох икки илиитинэн ньуххаммыта, баттаҕын тардыалаабыта уонна оронугар умса түспүтэ, ытаан ыгдараҥнаабытынан барбыта, ол быыһыгар хаһыытаан ылара…

* * *

… Сеня уол эрдэ уһуктан кэлбитэ айаҕа кууран хаалбыт этэ. Муустаах ууну санаабытынан ойон турбутугар төбөтө дьалкыйа түспүтэ, хараҕын олоҕун ким эрэ хам баттыырын курдук дьиппиэрэ ыараабыта, оронун да олоҕо түөрэҥнээбит курдуга. Онтон кини улаханнык соһуйбатаҕа, буолуохтааҕын курдук ылыммыта. Оһох аттыгар турар буочукаҕа тиийэн хомуоһунан толору муустаах ууну баһан, иһэн киллиргэппитэ, кэтэҕинээҕи мэйиитэ тоҥо быһыытыйбытыгар тохтообута, кыратык уһуутаан ылбыта, оронугар төннүбүтэ.

Утуйардыы суорҕанын саба тардынан токуруйа хомунан сытыах буолан эрдэҕинэ, эмискэ ким эрэ дьөлө аспытын курдук: «Нохоо, олоҕунан оонньооботтор, өйдөө!», – диэн Дьоҕур эппит тыллара хантан эрэ тиийэн кэлбиттэрэ. Олус диэн соһуйбута! Арыгыны сөбүлээбэтэх эдэр чэгиэн этэ дьар гына түспүтэ. Суорҕанын атаҕынан сыҕайбыта, тиэрэ мэтэрийэн тыылыы тэппитэ, сирэйин ньуххаммыта…

Дьоҕур «тоҕо миэхэ итини эппитэ буолуой?» диэн бэйэтиттэн ыйыппыта. Онуоха «харыстаан буолуохтаах» диэн ыллыктаах үтүө өй саба сүүрэн кэлбитэ. Аҕам арыгытын бырахпытын хайҕаабыта, «ол мин курдук буолуо дуо?» диэбитэ дии. Оттон бэйэтэ тоҕо көммөт? Эмиэ да сөпкө этэр буолбат дуо?! Дьоҕур кини аҕатын кытта урут табаарыстыыларын, бииргэ арыгы да испиттэрин санаан кэлбитэ. Аҕата арыгытын быраҕыаҕыттан, Дьоҕур кинилэргэ биирдэ да өҥөйбүтүн өйдөөбөт. Бука, аҕатын харыстаан дьалты сылдьара буолуо дии. Кини бу сытан Дьоҕуру аһыммыта, ол эрээри кини олоҕуттан олус дьиксинэрин, дьиҥнээхтик куттанарын билбитэ, тоҥон суорҕанын саба тардыммыта…

Кэнники сылларга дьалхааннаах олоҕу миҥэ оҥостуох сырыыны инники күөҥҥэ тута сылдьар Сеня уолга ырыҥалыыр хабааннаах маннык өй-санаа бастакы ыалдьыттааһына этэ.

Сынньана түһүөҥ этэ…

Сарсыарда Дьэбдьиэй хотонуттан киирээтин кытта Харытыан төлөпүөннээбитэ, кини сэһэнин эдьиий киһи барахсан туох да саҥата суох истибитэ, тугу да ыйыталаспатаҕа, бүтэһигэр «сөп» диэбитэ уонна туруупканы ууран кэбиспитэ. «Баҕайы кэм буолуо, хата, өлбөт быатыгар Харытыан хаартылаатаҕа, ото бүтэн абыраатаҕа…», – диэн тыллары кытта тугу эрэ эбии баллыгыраабыта, туох аһы илдьэ барыаҕын өйүгэр сыымайдаабыта. Оҕонньоругар чэйдии олорон биир-икки тылынан быһыта-орута кэпсээбитэ, биирдэрэ даҕаны олус соһуччу, сонун буолбатаҕын билэн, туох да саҥата суох истэн кэбиспитэ, «оттон, хайыаххыный?!» диэн тылларынан түмүктээбитэ.

Хатааһына суох дьиэҕэ Дьэбдьиэй оргууй, тыаһа суох киирбитэ. Дьиэ сөрүүдүйбүт, ол гынан баран сылааһын ыһыкта илик этэ.

Быраата оронугар токуллан сытара, арай сыгынньах атаҕын кирдээх тиҥилэхтэрэ чуолкайдык хараараллара, аллара диэки сулбуруйбут ыстаанын, үөһэ диэки чөмөхтөнө тардыллыбыт кирдээх маайкатын икки ардыларынан кубарыйа куурбут сиһин этэ ала-чуо маҥхайара, тоноҕоһун уҥуохтара дьураа буолан бөлтөрүһэ субуһаллара. Дьэбдьиэй ити хартыынаны көрөөт, дьыбарынан эрэ тыынар, олоҕо табыллыбатах, соҕотох суор курдук сылдьаахтыыр, кими да кытта эҥээрдэһэ сатаабат адьынаты тобулбут быраатын олус диэн аһыммыта: харахтара ууланан чаҕылыһа түспүттэрэ, куолайыгар кэлэн туох эрэ туора турбута, муомахтанар кэриэтэ тыына кылгаталаан ылаттаабыта, атахтара нукаай буолбуттара. Остуол диэки сатаан кэлбэккэ, оһох аттыгар турар олоппоско олорунан кэбиспитэ.

Ол олорон ийэтин санаабыта: «ийэбит барахсан бу уолу наһаа да таптыыр этэ, атаахтатара, кини эппитин, баҕарбытын кыаҕа тиийэринэн толоро сатаахтыыра. Наһаа атаахтаппыта тугунан диэлийбитин билбитэ эрээри, ону алҕаһынан дуу, сыыһанан дуу ылынаахтаабыта буолуо дуо?! Ол туһунан биир тылы быктараахтаабакка эрэ анараа дойдуга бараахтаабыта. Кыра эрдэҕинэ наһаа да минньигэс, ыраас да оҕо этэ, эрэйдээҕим сыыһа. Ол бэйэтэ бу буолан сыттаҕа, сордоох. Дьэ, эрэйдээх дууһа, оттон!» Ытаан сыҥсыйбыта. Син балачча ытаабыта, кэҥээбитэ.

Уоскуйа түһэн баран оһоҕу оттубута. Сойо илик оһох бэрт көхтөөхтүк умайбыта. Сылаас тыын илгийэр тачыгырас тыаһа дьиэ иһин сэргэхсиппитэ.

Дьэбдьиэй тааска турар ууну ылан, дьиэ сотор солуурга кутаары көрдөөн көрбүтэ да көстүбэтэҕэ. Тэҥнэһиэ дуо, муостаны сууйбутунан барбыта. Ыһыллыбыт хаһыаттары дьаарыстаабыта. Хаһыат быыһыттан Далан «Дьылҕам миэнэ» кинигэтин булан ылбыта, оттон хомуот биир уһугар Эрилик Эристиин хомуурунньугун иккис туома ойуччу сытарын көрбүтэ. Кинигэлэри ылан этэсиэркэҕэ уурбута.

Истиэнэҕэ ыйанан турар хаартыскалаах арааманы ылан ньилбэгэр уурбута, ийэлээх аҕатын көрөөт, уу-хаар баһан сыҥсыйан барбыта, ытыһынан айаҕын, муннун бүөлэммитэ, онтон бөтө бэрдэрэн тыына хаайтарыах буолбута, тыын былдьаһан айаҕын атан уһуутаабыта, кыратык кэҥээбит курдук буолбута. Былаатын сүөрэн арааманы тохтоло суох өр соппута.

Харачаайаптар хааннарын салгыахтаах, кинилэр удьуордарын тэнитиэхтээх киһибит бу буолан сыттаҕа. «Баҕайы, ол туһунан саныыра дуу, суоҕа дуу? Дьэ, алдьархай да буолар эбит! Абаккалаах да баҕайы, оттон!!! Туох аньыылаах-харалаах буолан маннык суолу тобулан сылдьарый, ээ?!» Эмиэ ытаан барбыта, хараҕын уутун былаатынан соттон сууралаабыта, арааманы ылан түөһүгэр ыбылы туппута, кэлэйэн, быраатын диэки эргиллэн мырдыҥныы, кыыһырбытын таһааран хаастарын түрдэһиннэрэ, үөһэ-аллара сүүрэкэлэтэ олорбохтообута. Сотуллубут арааманы истиэнэҕэ төттөрү ыйаабыта уонна балайда таалан турбута.

Дьиэни өрө тардыбыта, аҕалбыт аһын остуолга уурбута, сойботун диэн суулаабыт маҥан сиидэс былаатын өһүлэн ылан, санныгар быраҕыммыта. Ити тухары кини хараҕын быраатыттан араарбат буола сатыыра, уола эргиллиэн баҕарар быһыылааҕа, оттон Дьоҕур кыратык да хамсаабакка сытарын курдук сытара. Дьэбдьиэй быраата ити тухары уһуктаҕаһын, хайаан да истэрин уонна, оттон, матарын билигин хам баттаан сытарын сэрэйэрэ.

Санаатыгар хам баттатан, оргууй нүксүҥнээн тиийэн суунар тэрилин уутун көрбүтэ, хата, толору этэ. Санныгар сытар былаатынан илиитин сотуммута, өр соҕус эргим-ургум туппахтаан хайа тардаары сорунан көрбүтэ да, кыайбатаҕа. Остуолтан быһах ылан, ортото бу буолаарай диэн, быһа суруйбута, хайа тардыбыта, аҥаарын эмиэ санныгар иилбитэ, оттон тобоҕун уунан илитэн этэсиэркэ быылын соппута. Кини, арааһа, бу сырдыгынан сыдьаайар барахсаттар ыраас сиргэ турдуннар, туох аньыыларыгар маннык быылы бүрүнэн туруохтаахтарый диэн сахалыы нуһараҥ, үтүөнү эрэ үөтэр санаатыгар баһыйтаран маннык өйү булан ылбыта. Сүүрбэччэ кинигэни биир-биир имэрийэ-томоруйа сотуталаабыта, кичэҥитик оннуларын буллартаабыта.

Арай дьиэ иһэ син сэргэхсийбит курдуга: аһыы, ыарахан салгыны собо сылаас миинин сыта баһыйбыта, күөрчэх дьэдьэнин сыта биллибитэ. Аара кэлэн иһэн бэкээринэттэн көрдөһөн ылбыт килиэбин бысталаабыта: «Оо, килиэп сыта барахсан үчүгэйин!», – диэн саҥалыы билбититтэн олус диэн соһуйбута. Бу дьиэҕэ олох сырдык тыына, минньигэс сыта эргиллибитэ… Арай иччитэхсийэ хараарар, сөрүүнүнэн аҥылыйар истиэнэ, оһох буруотун чааныттан эриэн-быраан, өлбөөдүйбүт, бэйэтин дьиҥ дьүһүнүн сүтэрбит дьиэ сабардыыр тыына киһи кутун-сүрүн хам баттыы сатыыр курдуга. Онно эбии дьиэлээх хаһаайын тыыннааҕын биллэрбэккэ, хамсаан да ылбакка, токуруйан сытара туох да дуорааны таһаарбакка сөҥөдүйэн дьиппиэрэрэ…

– Нохоо, Дьоҕур, уһугун эрэ, тур, – Дьэбдьиэй барахсан оргууй аҕай үөмэн тиийэн быраатын санныттан тардыалаабыта уонна тэйиччи хааман олоппоско олорунан кэбиспитэ. Быраата түргэнник эргиллибитэ:

– Дорообо, – диэн сибигинэйбитэ, эдьиийин утары көрөөт хараҕын куоттарбыта. Илиилэринэн сирэйин тутан көрбүтэ, баттаҕын имэрийэн иһэн: «Айкаа, б…», – диэн хаһыырбытынан икки ытыһын сирэйигэр үҥүлүппүтэ. Ыарыытын саҥа билэн, сирэйин хам баттаабыта: «Оо, б… да эбит», – диэн ньим баран сыппыта.

– Туох айылаах бу дьаабылана сылдьаҕын? Аны тоҥон өлөрүҥ итэҕэс дуо? – Дьэбдьиэй хомойбут дуу, кыыһырбыт абатын дуу итинник таһаарбыта уонна тугу эрэ кэтэһэрдии саҥата суох олорбута. Дьоҕур илиитин тарбахтарын имэрийбитэ, атахтарын өндөтөн өҥөйбүтэ буолаахтаабыта, сирэйин мырдыҥнатан, хаастарын сүүрэлэтэн алдьархай буолбутун дуу, буола сыспытын дуу араарбакка, ыарыытыгар кыыһырар курдуга.

Кини туох да диэҕин билбэтэ, хайдах, туох буолбутун дьүүллээн-дьүһүннээн араарбакка да сытара. Барыта үдүк-бадык курдуга: үлүйбүт илиитин, атаҕын улаханнык атыҥырыы одуулаһан, тохтоппокко кыҥастаһара. Кыбыстарын өйдөөбүтэ, саатарын эмиэ билбитэ. Ону-маны араара сатаан муҥнанарын быыһыгар, бэйэтигэр кыйаханан, иһигэр маатыралаан көрөрө. Маннык балаһыанньаҕа тугу гыныахтааҕын толкуйдаан да көрбөккө, арай, эдьиийэ баарыттан үөрбүтэ буолбута, тугу эрэ кэтэһэр быһыылааҕа.

Бу кэмҥэ эдьиийэ баара кинини хайдах эрэ уоскуппут курдуга, оҕо сааһын эргиллибэт кэмнэрэ уһукта быһыытыйан, атаахтыыр майгытын утахтара биллибитэ. Ол эрээри ону дөбөҥнүк үүрбүтэ – кэнники сылларга өссө бэргээн иһэр кэп-дьэбэр майгыта тиргиллэн кэлбитэ, кыйахаммыта, төттөрүлэһиэх кэмэлдьитэ «мөхсөн» барбыта. Онно баһыйтаран, аны, эдьиийэ кэлбитин сөбүлээбэккэ: «Тоҕо, хантан тиийэн кэллэ? Ким эттэ?!…», – диэн санаа баттыгын булан ылбыта.

Хаартыһыт Харытыан кинини быыһаабытын, абыраабытын билигин да өйдөөбөккө сытара. Онтон эмискэ: «Дьэ, сордоох киһигин… Мин бардым…», – диэн Харытыан саҥата кулгааҕар иһиллибитигэр олус диэн соһуйбута. Туох буолбутун дьэ тобулан, кинини Хаартыһыт Харытыан аҕалбытын туман курдук өйдүүрүн билиммитэ. «Ээ, Харытыан эттэҕэ дии…», – тиэрэ түһэ сытан түмүктээбитэ, буруйдааҕын билинэн буоллаҕа, хараҕын кырыытынан эдьиийин көрбүтэ – саҥата суох нүксүллэн олороро, санныгар туус маҥан таҥас сырдыырыттан сэргэхсийэн, санаатыгар хараҕа эмиэ сырдыырга дылы буолбута, онтон сиэттэрэн эдьиийэ курутуйбут харахтарын өйдөөн көрбүтэ. «Эдьиийим барахсан…» диэн киһилии майгыта уһуктан, аһына санаабыта, ону ситэрэн, абыраан буоллаҕа, оргууй орҕостон, умса нөрүйэн олорунан кэбиспитэ.

– Дьоҕуор, кэл, илиигин, сирэйгин сотуум, – олоппоһун соспутунан тиийэн, Дьэбдьиэй инчэҕэй салфетканан быраата үлүйэн хабыллыбыт тарбахтарын оргууй сэрэнэн соппутунан барбыта.

– Айыкка… айка-айка, сэрэн… – Дьоҕур төһө да кыатаннар, ыарыыта баһыйан саҥа аллайа, атын илиитинэн даллараҥныы олорбута. Ол да буоллар, илиилэрин төттөрү ылбатаҕа. Сирэйин иэдэстэрэ эмиэ хабыллыах курдуктара, ол эрээри ыарыыта ама этэ, тулуйбута.

– Нохоо, иэдэйбиккин дии. Илиилэриҥ, сирэйиҥ ууллан тохтор буолбуттар, атахтарыҥ эмиэ. Ордук уҥа атаҕыҥ тарбахтара. Айыкка да айыкка, сордооҕум сыыһа! Нохоо, балыыһаҕа барыахха наада, – Дьэбдьиэй улаханнык үлүйбүтүн билэр киһи быһыытынан, сүбэлээччи буолбута.

– Эс, барбаппын, ааһыа, – Дьоҕур силбиэтэнэ түспүтэ. – Маастыахха наада, вишневскайынан эбэтэр хаҕылаан баран, стрептоциды арыыга булкуйан сотуохха, – диэн билэр дьыалатын курдук, эрэллээхтик саҥарбыта.

– Оннук бөҕө буоллаҕа дии! Барытын бэйэҥ билэ сыттаҕыҥ, – диэн эдьиийэ солуута суох тылларыттан хомойорун дуу, кэлэйэрин дуу итинник биллэрбитэ. Салфеткаларын солбуһуннара сылдьан сотон бүтээт: – Чэ, бээ, тугу эрэ толкуйдуур инибит, – диэбитэ. Онтон утарылаһар санаатын киэр илгэн: «Ыл, бастаан тугу эмэ аһыахха», – диэт остуолга барбыта, быраатын ыҥырбыта: «Кэл, бэттэх остуолга, үссэн, итиитэ киллэр».

Дьоҕур аһыан баҕарбат этэ. Төбөтүн ыарыыта диибин диэн, бэйэтин илдьи сынньыбыттарын курдук, этэ-сиинэ барыта ыалдьара, сэниэтэ суоҕа. «Айка да, айка, оо, кыратык сып гыннарбыт киһи баар ини» диэн санаабыта. Ити ис сүрэҕиттэн тахсыбыт бастакы санаата-оноото этэ. Ол кыаллыбата, быктарар да табыгаһа суоҕа биллэрэ, онон итини киэр кыйдаабыта. Арай «тугу эрэ испит киһи» диэн санааны тобулан, остуолу кэрийэ көрбүтэ. Дьэбдьиэй уолун туругун билэрэ. Ол эрээри кинини «абыраатаҕына бу эрэ абырыыр» дии санаан:

– Нохоо, бу сылаас балык миинин сыпсырый, кини абырыаҕа, – диэбитинэн ыстакааны утары ууммута. Дьоҕур сылаас иһити ытыстарын түгэҕинэн бобо харбаабыта уонна сэрэнэн сыпсырыйбыта. Сылаас миин наһаа сымнаҕастык киирбитэ, эти-сиини кини эрэ чэбдигирдиэхтээҕэ биллибитэ, сыта-сымара даҕаны атына, итиинэн угуттаабыта да сүрэ! Орто дойдуга итинтэн ордук туох да суоҕун курдук санаабыта. Онон да буоллаҕа, Дьоҕур утаакы буолбакка, ыстакааннаах миинин барытын испитэ, хараҕа сырдаабыта, төбөтүн өндөтөн тулатын көрбүтэ: билигин эрэ өй-санаа тобулан дьиэтигэр дьиҥнээхтик баарыттан астынан үөрбүтэ. Ол быыһыгар «балаһыанньа мөлтөөбүтүн» билиммитэ эрээри, улаханнык толкуйдуу барбатаҕа, эдьиийэ тугу эмэ тобуларыгар эрэммитэ, оҕолуу атаахтыыр туруга эргиллэн кэлбит курдуга.

Умна быһыытыйбыт күөрчэҕин көрөн сэҥээрбитэ, дьэдьэнин сытын билэ илигэ да буоллар, ымсыырбыт харахтара сырдаабыттара, илиитин өндөппүтэ, онтон бэрт түргэнник тобугар уурбута. Эдьиийэ, кэтээн олорор киһи быһыытынан, өйдүү охсубута, килиэби ылан, дьэдьэннээх күөрчэххэ хойуутук умньаан, быраатын айаҕар үҥүлүппүтэ. Дьоҕур ботуччу ыстаабыта, дьэдьэн амтанын билэн, аан бастаан сэргэхсийэн ымайбыта. Эдьиий барахсан онтон эгди буолан, биир быһыы килиэби хаста да төхтүрүйэн уолугар сиэппитэ. Ол кэннэ Дьоҕур тугу да саҥарбакка, аһаан бүппүтүн илиитинэн биллэрбитэ.

Дьэбдьиэй балык миинин ыстакааҥҥа толору куппута, быһыы килиэби тооромостоон, биилкэнэн анньан, күөрчэхтээх иһиккэ өйөннөрө уурбута.

– Аһаар, сэниэлэниэххин наада. Бээрэ, туох эмэ эмп диэн баар дуо, бу, эйиэхэ? Көрүөх эрэ, – быраатын утары көрбүтэ.

– Ити долбуурга турар бааҥка иһигэр туох эмэ баара дуу? – бу сарсыарда Дьоҕур аан бастакы тылларын бэрт сэниэтэ суохтук быктаран буллурҕаабыта, уҥа ытыһынан баттаҕын өрүтэ анньыалаабыта, хаҥаһынан хараҕын ньуххаммыта.

Дьэбдьиэй араас бөҕүнэн туолбут бааҥканы аҕалан остуолга таҥнары туппута, быраатын туох баар «хаһаайыстыбата» манна баар этэ: тимэх, сап, иннэ, араас бытархай тимир, скрепкэ, о.д.а., ол быыһыгар анальгин, цитрамон уонна стрептоцид тобохторун булбута.

– Төбөҥ ыалдьара буолуо, цитрамонна ис, – Дьоҕур уунан дьүккүтэн иһэн кэбиспитэ. – Анальгин да наада буолуо да, чэ бээ, тохтоон эрдин. Биэлсэр Аананы көрдөһөн ыытыам, көрүө этэ.

– Эс, ким да наадата суох. Ыҥырыма, – Дьоҕур олох сөбүлээбэтин уонна наадыйбатын бу сырыыга сэниэлээх соҕустук биллэрбитэ. – Манна бэйэм дьаһаныам.

– Нохоо, туох диэн эттэххиний? Биэлсэр, быраас хайаан да наада. Ол бэйэҥ эмтиэкэ буолаары гынныҥ дуо? – эдьиийэ соһуйбут да, сөбүлээбэтэх да буолла.

– Суох, суох… Олох наадата суох. Наада буолар эмтэри булан аҕал, онон бүтэр, кими да ыҥырыма, – Дьоҕур эмчиккэ олох наадыйбат буолбатаҕа чуолкай, ол эрээри кыбыстар, саатар диэн өйдөбүл, кыракый да буоллар, билигин даҕаны баара. Онон, ити тыллар сымнаҕас соҕустук, көрдөһөрдүү этиллибиттэрэ.

– Чэ, сөп. Баран сүбэлэһиэм, – диэн намыын тыллары истэн, Дьэбдьиэй утарылаһа сатаабатаҕа, быраатын тылын ылынан «сатана уола, кини санаатынан буоллун, көстөн иһэр ини, оттон» диэн бэйэтэ түмүктээбитэ.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации