Электронная библиотека » Иосиф Кобяков » » онлайн чтение - страница 1

Текст книги "Дьол кыымнара"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:40


Автор книги: Иосиф Кобяков


Жанр: Поэзия, Поэзия и Драматургия


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 1 (всего у книги 2 страниц) [доступный отрывок для чтения: 1 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Кобяков Иосиф Григорьевич
Дьол кыымнара

ДЬОЛ КЫЫМНАРА

В начале было Слово…

Евангелие от Иоанна

«Аан маҥнай баар этэ – Тыл…»
 
Аан маҥнай баар этэ – Тыл.
 
 
Ол Тылтан чугуруйбута хараҥа муора —
уу анныттан тахсыбыта сырдык кытыл
утуйа сыппыт Айылҕаны туруора.
Угуттаммыт ньүөл сири тилэри ыспыта
олоххо тардыһыы сибэккитэ,
умнас умнастыын хатыспыта,
силис силистиин силбэспитэ.
Аан дойду тыалын, тымныытын
аҥаардас, тулаайах тулуйбатын
этинэн-хаанынан илэ билэн,
ол Тыл дьикти күүһүгэр бэринэн
тыынар тыыннаах ханыыласпыта,
сүрэх сүрэххэ таласпыта…
 
 
Аан маҥнай баар этэ аптаах Тыл —
ол Тыл аата Таптал.
 
«Мин эйиэхэ этиэхпин баҕарбытым…»
 
Мин эйиэхэ этиэхпин баҕарбытым
ким да истэ илик кэрэ тылларын.
Мин хаспытым халыҥ тылдьыттары,
көрдөөбүтүм көмүс тыллары,
күүппүтүм күндү ыалдьыттары
күүтэр курдук нарын ырыалары.
Баҕарбытым ол ырыаларым
ытарҕа буолан эн кулгаахтаргар
эйигин куруук долгута, абылыы
эйэҥэлии ыллыахтарын.
Көрдөөн-көрдөөн мин булбатым
оннук тыллары букатын.
Ол эрээри мин билигин
эйиэхэ тугу этэрбин билэбин:
аан дойду аптаах тыллаахтара,
киһи аймах үрдүк өйдөрө
айбыт бары кэрэ ырыалара —
үс мэҥэ тыл үлтүркэйдэрэ.
 
 
МИН ЭЙИГИН ТАПТЫЫБЫН.
 
«Үрүҥ хаар үллүктүүрэ…»
 
Үрүҥ хаар үллүктүүрэ —
үтүөнү, кэрэни түстүүрэ.
Ол күн мин сэрэйбэт этим
олоххо күүтэр сэрэбэйбитин.
Мин саныырым бу хаар курдук,
бу хаардааҕар да ордук
тапталбыт ыраас буолуон,
ол ыра санаам туолуон.
Ууллубут, устан барбыт
оччотооҕу маҥан хаар.
Ол күнтэн ордон хаалбыт
мин сүрэхпэр маннык баар:
үрүҥ хаар үллүктүүрэ;
үөрбүт-көппүт, эдэр, кэрэ,
эн бу күҥҥэ махтана,
сыа хаарынан ыһыахтана
мэниктиигин, күлэҕин,
миигиттэн күрэнэҕин;
санньыйа, ытамньыйа төннөҕүн
санныбар уура төбөҕүн…
 
«Мин көрбүтүм сулустар күлэллэрин…»
(День Святого Валентина)
 
Мин көрбүтүм сулустар күлэллэрин…
Өйдүүгүн, эйигин атааран иһэн,
хараҥаҕа хаар хайыҥтан иҥнэн,
мин эниэ устун төкүнүйбүтүм,
чигдигэ тиэрэ сытан өр күлбүтүм.
Үрдүбэр Хомуос сулус иҥнэри түспүтэ,
онтон бэйэтэ да бэркиһээн, күлбүтэ.
Халлааҥҥа хойдубуттара
сулустар тырымнара,
хаарга ыһыллыбыттара
эн күлүүҥ кыымнара.
Мин күүппүтүм эн уоскуйаргын,
оргууй уураабытым обуйук уостаргын.
Олунньу халлаанын үөрбүт сулустара
өр күлэ, мичээрдии турбуттара.
…Сиртэн барар тиһэх чааспар
санаан кэлиэм эдэр сааспар
көрбүппүн дьоро киэһэлэрин
үөрбүт сулустар күлэллэрин.
Ону өйдөөн мин эмиэ сырдыы күлүөм,
үөрэ-көтө үрдүк сулустарга көтүөм.
 
«Аҕал миэхэ илиигин…»
 
Аҕал миэхэ илиигин,
нарын, намчы тарбахтаргын —
мин суохтаатым эйигин,
эн хара харахтаргын.
Тоҕо диэтэр, аан дойдуну,
олоҕу, дьолу-соргуну
тутан турар сырдык, кэрэ
соҕотох Таптал эрэ.
Кини баар буолан күн көрөр,
от-мас тыллар, көҕөрөр,
тыынар тыыннаах, сир ийэ
силигилии чэлгийэр.
Таптал өһөр күнүгэр,
Таптал өлөр түүнүгэр
туох барыта үрэллиэ,
буруо буолан бураллыа.
Онон үтүмэн үйэлэргэ,
кэнэҕэс кэлэр кэмнэргэ
Таптал арылы кустук курдук
аан дойдуну иилии, курдуу
тутан турдун олоҕу, дьолу
сир ийэни, бар дьону,
миигин уонна эйигин.
 
 
Аҕал миэхэ илиигин…
 
«Кылыһахтаах кырыымпа кыла…»
 
Кылыһахтаах кырыымпа кыла
кыҥкыныы кыланнаҕына,
хомуһуннаах хомус тыла
хоҥкунуу айманнаҕына
мин өйдөөн кэлэбин бу сиргэ
хонор хоноһо буоларбын,
таптыыр киһибин кытта бииргэ
татым кэм эрэ сылдьарбын.
Оччоҕо олоххо тардыһарым
уон оччонон уоҕурар,
күндү киһибин таптыырым
күүскэ сүрэхпэр суоһурар.
Оннук ээ, бу күн сиригэр
барыта ааһар аналлаах —
уос номоҕор этиллэр:
«Киһи күннээх, балык ыамнаах».
Онон биһиги бу кэрэ сиргэ
баар эрдэхпитинэ бииргэ
олох дьолун айхаллыы,
таптал эрэ туһунан ыллыы
кылыһахтаах кырыымпа кыла
кыҥкыныы дьириһийдин,
хомуһуннаах хомус тыла
хоҥкунуу дьүрүһүйдүн!
 
«Эн сылаас ытыһыҥ…»
 
Эн сылаас ытыһыҥ
тапталы ытыһан,
ытыһан ырыаны,
ып-ыраас ыраны
ыһыахтыыр тулабар,
ыһыахтыыр дууһабар.
Ол иһин күн сирэ —
өрүүтүн дьол эрэ
эргийэр эйгэтэ,
төлкөлөөх түөлбэтэ.
 
СУРУК
 
Хос иһин оргууй сабардыы
хойдон барда борук-сорук.
Арай остуолга тунаара сырдыыр
арыллыбыт сурук.
…Күөх туманы, от сиигин
күн уота көтүтэн эрэрэ.
Уоскуттан уураабытым эйигин,
төннүөм диэн эрэннэрэ.
Тарбаҕыттан туттараатын
төлө көтөн күрэнэр
дьол күлүгүн күрэҕэр
күммүн-дьылбын бараатым.
Ааҥҥар тиэрдэр уһун суолга
миигин күүтэргин ууратыаҥ.
Ыас хараҥа түүн
атын уолга
ытамньыйа эн ууратыаҥ.
Суох!
Эйигинниин эрэ сэргэ
дьол суолун сонордуоҕум.
Мин өйдөөтүм бу сиргэ
тапталтан үрдүк дьол суоҕун.
Ыраахха, ырааска суол ыйар
ыллыкчаан, ыллык курдук
ый уотугар туналыйар
ытыспар сытар сурук…
 
СҮТЭРСИБИТ СҮРЭХТЭР
 
Курас тыал алааска ыста
арахсыы араҕас өҥүн.
Атырдьах салаатыныы араҕыста
икки сүрэх бүгүн.
Сир үрдүгэр дьиримнии
Өрүү тыгыах курдуга
сүрэхтэри ситимниир
таптал сырдык кустуга.
Симэлийдэ курус кустук…
Сир киэҥ киэлитин устун
силлиэ ыһар сэбирдэхтэри.
Сүтэрсибит сүрэхтэри…
 
«Ааспыты анаара саныыбын…»
 
Ааспыты анаара саныыбын,
тугу эрэ өйдүү сатыыбын.
Тугу эрэ – истиҥтэн истиҥи —
эт кулгаахпынан истибиппин:
кыталык ыллаабыта дуу,
кыыс ытаабыта дуу…
«Сырдык дьолтон матарыма,
соҕотох хаалларан барыма!» —
мин кыталыкка сипсийтим дуу,
кыыс кэннибэр кыламмыта дуу…
Арай ардах чугаһаатаҕына,
ахтылҕан уота суоһаатаҕына
уйаҕас дууһабын уйадыта,
ыалдьар сүрэхпин ытата
дьикти дорҕоон кулгаахпар кутуллар,
ой дуораана буолан охсуллар —
кыталык кыҥкыныы ыллыыра дуу,
кыыс барахсан ытыыра дуу…
 
КҮҺҮҤҤҮ САНАА
 
Кыһыл көмүс.
Үрүҥ көмүс.
Күлүмүрдэс
дьол кыымнара!..
 
 
Үөрбүт сири үллүктүү
икки көмүс үҥкүүлүүр —
көтөҕө араҕас ардаҕа,
кыраһа маҥан кыырпаҕа.
 
 
Ханна эрэ
сырдык, кэрэ
дьол кустугар куустара
маннык көрсөн эрдэхтэрэ
тапталлаахтар куттара.
 
 
…Баҕарабын
ырыаларым —
мин сырдык ыраларым
түлэй түүн,
күннээх күнүс
дьон сүрэҕэр саҕыахтарын
кыһыл көмүс,
үрүҥ көмүс
тырымнас
таптал кыымнарын!
 
«Эн көрсүөҕүҥ хаһан эрэ…»
 
Эн көрсүөҕүҥ хаһан эрэ
сиргэ бэйэҥ аналгын —
өр көрдөөбүт дьикти, кэрэ
баар-суох дьиҥнээх тапталгын.
Төбөҕүн сылаас сирдии
кини түһэҕэ өйүөҕэ,
мөссүөнэ күннүү сырдыы
үрдүгэр төҥкөйүөҕэ.
Сааскы дохсун халаанныы
дууһаҥ дьолунан туолуоҕа.
Күнүҥ, сириҥ, халлааныҥ —
кини эрэ буолуоҕа.
 
ЭН ЭРЭ…
 
Күн сиригэр эн эрэ…
Эн тыыныҥ илгийэрэ,
эн сүрэҕиҥ тэбэрэ
иһиллэр миэхэ кэрэ,
истиҥ иэйиинэн туолан,
дьикти музыка буолан.
Арыт олох суолугар
дьол уһун соноругар,
дьол күннээҕи күрэҕэр
сэниэ сэллиир, күүс эстэр.
Оччоҕо миэхэ эдэр
эрчим биэрэр, күүс эбэр
эн тыыныҥ илгийэрэ,
эн сүрэҕиҥ тэбэрэ.
Эн эрэ…
 
«Быралыйар быраман үйэттэн…»
 
Быралыйар быраман үйэттэн
биһиги бииргэ курдукпут.
Оттон Сирбит ол кэмтэн
Күнү биирдэ
эргийдэ.
Биһиги билэбит:
сүрэхтэрбит
Сирдээх Ыйдыы сиэттиһэн
өрүү бииргэ сылдьыахтара,
өрүү үөрэ сырдыахтара
Таптал уоттаах куйааһыгар.
Таптал улуу куйаарыгар.
 
«Сырдаата тулам бүттүүн…»
 
Сырдаата тулам бүттүүн —
сылаас, нуурал үрүҥ түүн…
кыраһа хаарбыт кыыдамныыр…
кыталык кыната кылбаҥныыр…
Ити – алааспар көччүйэр эбит
кэрэ көстүүлэри саната
эн сүрэҕиҥ сүктэн кэлбит
тапталбыт маҥан ата.
 
«Киһи дууһата өлбөт дииллэр…»

А душу твою люблю…

Ф. Достоевский

 
Киһи дууһата өлбөт дииллэр —
киһиттэн киһиэхэ бэриллэр.
Кини арай таҥас курдук
тас дьүһүнүн уларытар
уонна суох онтон ордук
уруккутуттан уратыта.
Хайдах да таҥаһы таҥыннарыҥ
сырдык, ыраас эн дууһаҕар —
таҥас бүтэй
талба – нарын
дууһаҥ сырдыы сандаарар.
Үйэттэн үйэҕэ
муннара миигин
араас таҥаһы таҥныаҕыҥ.
Хаһыс да төрөөһүнүм буоллун —
эйигин
хайаан да буламмын таптыаҕым!
 
«Көрөбүн көмүс күрүлгэни…»
 
Көрөбүн көмүс күрүлгэни,
истэбин дьикти дьүрүһүлгэни:
ити – итии таптал иэйэр,
олох тыгыалас тымыра кэйэр.
Кэйэр кыыс оҕо иминии,
иэйэр дьолу ыралыы,
дьэргэлгэн курдук дьиримнии,
кымыс курдук кырылыы.
Бу күрүс күрүлгэнтэн,
бу күдьүс дьүрүһүлгэнтэн
сүргэбит көтөҕүллэр,
сүрэхпит үөрэ күлэр.
Көмүһүөм, көрүүй, эчи,
күн сирэ күндүтүн, кэрэтин!
Көтөҕүөх үөһэ күөрэччи
дьолунан туолбут сүрэхпитин.
Истиҥ иэйиигэ куустаран,
ис-испиттэн долгуйан туран
этэбин мин эйиэхэ —
эйэҕэс, сэмэй киһиэхэ:
«Күлүмүрдүү тыгар күн анныгар,
күндү киһим, эн эрэ аттыгар
истэбин дьикти дьүрүһүлгэни,
көрөбүн көмүс күрүлгэни».
 
«Дьэдьэн сыта…»
 
Дьэдьэн сыта.
Мүөт амтана.
 
 
Иэйиэхсит эдьиийбит Эдьэн
мичээрдиирэ тумулга.
Уоспар дьырылаабыта
буспут дьэдьэн —
эн түөһүҥ тыҥаабыт тумуга.
Тобуктаан турарым
таптал хонуутугар
төбөбүн эн түөскэр хоҥкутан.
Тулалыы эргийэр
эйэҕэс эйгэбэр
чыычаах ыллыыра,
сиккиэр тыал оонньуура.
Көмүс күн сырдык сардаҥата
күлэрэ дьолунан ыһыахтана,
муннубар илгийэрэ дьэдьэн сыта,
тылбар минньийэрэ мүөт амтана…
 
 
Эйигин ахтар,
суохтуур кэммэр
сып-сылаас үөрүүнэн тамнана
сүрэхпэр эмиэ дыргыйан кэлэр
дьэдьэн сыта.
Мүөт амтана.
 
«Хаар анныгар хаалбыт отоннор…»
 
Хаар анныгар хаалбыт отоннор…
 
 
Кэлиин-кэлин биир көмүс күһүн
кинини эмискэ көрүстүм.
Күрэҥсийбит хара баттаҕа
(күн-дьыл хаара баттаатаҕа),
арылхай, курус харахтар —
арай кинилэр уларыйбатахтар…
 
 
…Кырылас хаары туора хаһыйабын,
кып-кыһыл отоннору ытыспар ылабын.
Уоспар отоннор хатана сысталлар,
уотунан, мууһунан хаарыйаллар.
 
 
Тылбар сыыйа ууллаллар
тымныы, курас отоннор…
Тоҕо өйдөөн кэллим мин ону —
хаар анныгар хаалбыт отоннору?..
 
БИЭ ЭМИИЙЭ
 
Утуйар уубун уйгуурдаллар,
унаар күөх куйаарга угуйаллар —
уотунан хаарыйар суостар —
биэ эмиийэ тэтэркэй уостар.
Арыт чинэйэ тэйэллэр,
чирэһэллэр, куоталлар,
миигин тэһитэ кэйэллэр
биэ эмиийэ хатыылаах тыллар.
Илиим иминэн силэйэбин
иннэлэрдээх умнастары,
имэҥирэ ууруубун-эмэбин
биэ эмиийэ минньигэс уостары.
Оччоҕо хаардыы ууллаллар —
уохтара-кылыннара уостар.
Оргууй миигин уурууллар
биэ эмиийэ сымнаҕас уостар…
 
АПТААХ ТЫЛ
 
Эн сипсийэр аптаах тылыҥ
таарыйар мин сүрэҕим кылын.
Оччоҕо дууһам дьолунан туолан,
кылыһахтаах кырыымпа буолан
дьириһитэр дьикти дорҕооннору —
хомуһуннаах хоһооннору.
Ону кытта айылҕа уһуктар,
курулаччы ардах кутар,
үөл үнүгэс үллэ тыыллар,
хамсыы-хамсыы от-мас тыллар,
тулам чэчирии чэлгийэр,
самаан сайын эргийэр —
санаам миэнэ өрө күүрэр,
санныбар кынат үүнэр…
 
 
Мин көтүөхпүн күҥҥэ дылы
этиий миэхэ аптаах тылы.
 
«Дьоннор – сулустар…»
 
Дьоннор – сулустар.
Эн – күҥҥүн.
 
 
Дууһабар хараҥа түүн халыйдаҕына,
сүрэҕим таастыы тымныйдаҕына
ыраах умайар сырдык сулустар
дууһабын, сүрэхпин уоскуппаттар.
Оччоҕуна ханна эрэ
сып-сылаас эн сүрэҕиҥ тэбэрэ
дууһабар саҕар сырдык эрэли,
сүрэхпэр биэрэр итии итэҕэли.
Ону кытта олоххо таптал,
эйигин бэлэхтээбит дьылҕабар махтал
хараҥаттан,
тымныыттан миигин көмүскүү
күөрэйэн тахсаллар көмүс күннүү.
 
 
Эн – күҥҥүн.
Атыттар – сулустар.
 
ИЭЙИИ
 
Иэдэспитинэн сыстыһан,
иккиэн ыга куустуһан
истиҥ иэйииттэн иһийэбит,
иһирэх чуумпуну иһиллиибит.
Иэдэспитин кычыгылата
сүүрдэ итии харах уута —
эйиэнэ?
миэнэ?
иккиэммит киэнэ?
Баҕарабын
бу кэрэ сиргэ
үөрүү – бииргэ,
хомолто – бииргэ:
эйиэнэ,
миэнэ —
буоллун биһиэнэ.
 
ТАПТЫЫР СҮРЭХ
 
Күндү киһим миэхэ этэр:
«Таптыыр сүрэх мэлдьи эдэр.
Саҕаланар саҥа күнтэн
сардаҥалаах дьолу күүтэн
сарсыардаттан итийэ иэйэр
таптыыр сүрэх битийэ тэбэр.
Таптал кэрэ эйгэтин
эҥин дьикти эгэлгэтин:
имэҥнээх итии уостары,
имнэнэр чаҕылхай сулустары,
сипсийэн этиллэр тыллары,
сибэкки чэчирии тылларын,
силлиэ тыалы, сиккиэри —
сиртэн халлааҥҥа диэри
Тапталга билиэн барар
сүрэх билиэн баҕарар.
Ол иһин түөскэ битийэ тэбэр
таптыыр сүрэх мэлдьи эдэр».
 
«Сиргэ түспүт сиик ситэри…»
 
Сиргэ түспүт сиик ситэри
симэлийэн сүтүөр диэри
күлэ-үөрэ күнү кытта
күлүмүрдүү тыга сытта.
Оттон поэт —
күн уола
сиргэ түспүт анала —
таммах сииктии тыгыахтаах,
дьон сүрэҕэр ыһыахтаах
аламай күн үрүҥ күлүмүн,
арылы кустук араас өҥүн.
 
«Орто дойдуга айыллан түһэрбэр…»
 
Орто дойдуга айыллан түһэрбэр
чорооҥҥо кутуллубут эбит
мин кутум.
 
 
Ол иһин
олуһун таптыыбын
аҥааттар аар тайҕабын,
эҥсиллэр Элиэнэм кытылын,
илбистээх,
имэҥнээх сахам тылын.
Ол иһин
үөрэр да күммэр,
ол иһин
хараастар да түүммэр
санааларбын сахалыы
саҥарар,
дьүһүйэр куруутун
кымыс курдук кыынньа ыллыыр
чорооҥҥо кутуллубут
мин кутум.
 
«Эн миэхэ кынат биэрбитиҥ…»
 
Эн миэхэ кынат биэрбитиҥ.
 
 
Үрдүк халлаан,
быраман сулустар,
быйаҥы ыралыыр ыраах этиҥ —
барыта миэхэ чугастар.
 
 
…Иэнигийэр ийэ кутум
Иэйиэхсиккэ иитиллибитэ,
хоһоон, ырыа мэҥэ уутун
Хомуос Сулустан испитэ.
Халлаан нэлэмэн кырсынан
сындыыстардыын сырсарым,
сүрэхпэр кичэйэн иҥэринэрим
сулустар кэпсиир кистэлэҥнэрин…
 
 
Ол иһин
«Оҕом, орто дойдуга
үрдүктэн, кэрэттэн ойдума,
сулустаргын суохтаама», – диэбитиҥ.
 
 
Эн миэхэ кынат биэрбитиҥ…
 
«Сахам тыла…»
 
Сахам тыла,
сахам саҥата
сайа охсор салгыны санатар.
 
 
Үрүҥ күҥҥэ айаҥҥа —
үйэлээҕи айарга
угуйар саҥаттан саҥатык
сахам тыла,
сахам саҥата.
Сырдык санаа кынаттанан,
ыраас ыра баарыстанан
сандаарыйа эргийэр
сахам тылын эйгэтигэр
күөрэгэйдии көтөбүн,
күөх көҥүлгэ көччүйэбин.
 
 
Тэлгэһэттэн тэлэһийдэххэ,
төрүт тылтан тэйдэххэ
тыын быһаҕаһа тыынабын,
саргы сатыы хаамабын.
Ол иһин
тулалыыр салгыммын санатар
сахам тыла,
сахам саҥата.
 
«Силлиэ тибэр куобах ороҕун…»
 
Силлиэ тибэр куобах ороҕун.
Сискэ кыланар тоҥмут суор.
Кумуччу туттан эн олороҕун
хаардаах хонуу уҥуор.
 
 
Хаардаах хонуу.
Ыраас илиис.
Ыраах ыҥырар илии…
Түөһүм итийэр,
сүрэҕим иһийэр
иһирэх тыллары иһиллии.
 
 
Мин тиһэбин үрүҥ илиискэ
эйигин ириэриэх тыллары —
одуулас ол хонууга эмискэ
ньургуһун, сардаана тылларын.
 
 
Сааһы, сайыны сандаардан,
чыычаах ырыатын чугдаардан
мин долгуйа туоруубун
ол чэлгийбит хонуубун…
 
 
Тыал тамныыр тиит туораҕын.
Күлүгүрэр күһүҥҥү боруор.
Күүппүттүү эн тураҕын
хаһыҥнаах хонуу уҥуор…
 
«Үгүс сыл кэнниттэн билигин…»
 
Үгүс сыл кэнниттэн билигин
үчүгэйдик мин билэбин:
кыталык курдук сэрэхтэр,
кыталык курдук сэдэхтэр
дьон дууһатын
долгутар дорҕооннор,
дьон сүрэҕин
дьоллуур хоһооннор.
 
 
Дьону долгутар
дуорааннаах дорҕоон,
дьону дьоллуур
хомоҕой хоһоон
кыталык кыыллыы
кыҥкыныы ыллыахтаах,
кыталык курдук
кылбаҥныы ылыахтаах
туруйа дьулугур көрүҥүн,
куба үрүҥ өҥүн.
 
ТУРТАС
 
Дьолум дириҥ чорооно,
дьылҕам дьиҥ ис хоһооно,
дьалкыһыйа туолуоҕун,
таһынан таһымныы туруоҕун
тиийбэт кыра туох эрэ —
этиллибэт дьикти, кэрэ.
 
 
…Ханна эрэ хара тыаҕа
харааста, аймана ытыаҕа,
тула көрө,
үргүүк, куттас
тулаайах оҕо туртас.
Туоххаһыйбыт мин кутум
тулаайах туртас оҕотун
тумара туманнаах толоонугар,
кыра орох омоонугар,
уулуу кэлэр дүөдэҕэ
утары көрсө түһүөҕэ.
Туртас соһуйан туора ойуо —
миигин билэн уоскуйуо,
оргууй кэлэн ытыспын сыттыа,
сылаас муннунан сыстыа.
Ону кытта туртас нарын,
үөрбүт-көппүт харахтарын
хойуу, бөдөҥ таммахтара
хоһоон буолан кутуллуохтара.
Оччоҕо
дьалкыйа туолуоҕа,
таһынан таһымныы туруоҕа
дьолум дириҥ чорооно,
дьылҕам дьиҥ ис хоһооно.
 
АПТААХ ЫРЫА
 
Ханнык хатан хатат сахтай,
хараҥа халлааҥҥа кыымы ыстай —
дууһаны долгутар дьэҥкир дорҕоону,
сүрэҕи дьэгдьитэр дьикти хоһоону?!
 
 
Түөспэр сырдык санаа иэйэр,
тымырбар хааным тыгыалыы кэйэр:
олоххо аҥаардас үрдүк, кэрэ —
баар курдук Таптал, Дьол эрэ.
 
 
Киһи баҕаран кэлэр күлүөн, ытыан,
кими эрэ күүскэ да күүскэ таптыан,
дьоллоохтук, уһуннук олоруон,
дьоҥҥо үгүс үтүөнү оҥоруон…
 
«Дьылҕам миэнэ…»
 
Дьылҕам миэнэ!..
Сир киэҥ иэнэ:
итии дойдулара,
ичигэс муоралара,
улахан куораттара,
угуйар уоттара
тырымныы тыгаллара,
ымсыырда ыҥыраллара.
 
 
Олортон ордорон буоллаҕа,
төрүүрбэр мин кутум таллаҕа
Муустаах муора кытыытын,
хоту сир тыйыс тымныытын,
аар тайҕа биир бүтэй түбэтин
аччыгый, сэмэй түөлбэтин.
 
 
Мин манна буллум сирдээҕи дьолбун,
күүтэр, ахтар күндү дьоммун,
тапталбын, уран тыл умсулҕанын,
олох аһыы да, ньулуун да амтанын.
Ол иһин
оройбор тыгар Хотугу сулуһум,
үрдүбэр дьиримниир дьүкээбил суһумун,
төрөөбүт алааһым халлаанын анныгар
тураммын этэбин аар баҕах аттыгар:
«Мин атын аналы
баҕарбаппын —
туора дойдуну,
туспа дьылҕаны
тала барбаппын!»
 
«Үргэл сулустан сиргэ түспүт…»
 
Үргэл сулустан сиргэ түспүт
Кыргыс аҕа ууһугар биһиги үспүт.
 
 
Киҥкиниир киэҥ халлаан кистэлэҥэ,
олох умсулҕана, таптал имэҥэ —
ити барыта саһан сытар
илбистээх сахам тылыгар.
Ону сүрэҕинэн сиидэлээн талар,
Орто дойдуга булан таһаарар —
ол буолар биһиги окко түспүт
Одун хаантан оҥоһуллубут түспүт.
 
 
Итини силигин ситэрэр аналбыт
тиһэх уһугар миигин талбыт —
ол иһин хомуһуннаах тылбыт-өспүт
убайдарбыттан миэхэ көспүт.
 
 
Кыргыс аҕа ууһугар биһиги үспүт —
Үргэл сулустан ананан түспүт.
 
МИН МУЗАМ
 
Мин түүлбэр өтөр-өтөр
биир билбэт кыыһым көстөр.
Тоҕо эрэ кини миэхэ,
оттон мин эмиэ киниэхэ
кимнээҕэр да ордукпут,
күндү, чугас курдукпут.
Хаамсабыт сэргэстэһэ,
арааһы сэһэргэһэ:
олох, өлүү, таптал, имэҥ —
суох биһиэхэ кистэлэҥ.
Арыт сиэтиһэн көтөбүт,
аан дойдуну көрөбүт:
алаастары, тайҕалары
адаар таастаах хайалары.
Ол кэрийэ көтөн иһэн
кэрэ эйгэҕэ силбэһэн
итии иэйиинэн туолабыт,
биир киһи курдук буолабыт…
…Сарсыарда уһуктарбар
баар буолар мин дууһабар
иэйиибитин холбооммут
иккиэн айбыт хоһооммут.
 
ӨКСӨКҮЛЭЭХ
 
Охто сытар үөт үөһэ
олорор саха бөлүһүөгэ —
өлбөт-сүппэт үйэлээх
өркөн өйбүт Өксөкүлээх.
Олох сыыдам сайдыытыгар
ол-бу омук ыырыгар
арыт саппай уопсабыт,
арыт мунан ылабыт.
Ол иһин
олорор амарах аҕалыы
оҕолорун сүбэлии-амалыы
өйүнэн үйэлэри өрө өксөйбүт
Өксөкүлээх Өлөксөйбүт.
 
«Толбоннура туналый…»
(«Мааппа»)
 
Толбоннура туналый,
туналҕаннаах толору ый…
 
 
Түлэй түүммэр,
түлүк түүлбэр
сылайбыт мин төбөбөр
сырдык ыйым төҥкөйөр.
Тоҕо эрэ маннык түүннэргэ
туоххаһыйар түүллэрбэр
баар буолабын ырыых-ыраах
туналыйар ыйдаҥалаах
кыараҕас балаҕан түгэҕэр —
кыыс сылаас,
сымнаҕас түһэҕэр.
Кини кэпсиир ыар дьылҕатын,
эрэйдээх-буруйдаах олоҕун,
соҕотох буолар кыһалҕатын:
«Оччолорго миэхэ эн суоҕуҥ».
Эдэркээн олоҕун толук ууран
этинэн-хаанынан илэ билбит:
«Олох биир үөрүүнэн,
биир хомойуунан
бүтүөн сатаммат эбит».
«Олох киһиэхэ биирдэ бэриллэр —
олоҕу күүскэ таптаа», – диэн этэр;
ытамньыйа тэйдэр тэйэр,
ыйдаҥаҕа киирэн сүтэр.
Иэдэспэр иҥмит итии тыына,
сүрэхпэр сөҥмүт сылаас тыла
 
 
мин олохпун араҥаччылыыр,
куһаҕан тыынтан арчылыыр.
 
 
Ол иһин маннык түүннэргэ,
туоххаһыйар түүллэрбэр…
 
«Киһитээҕэр күүстээх…»
(«Кыталык ырыата»)
 
Киһитээҕэр күүстээх,
киһитээҕэр кыахтаах
күн анныгар,
мин саныахпар,
суох буолуохтаах.
Оччоҕуна тоҕо
икки чугас киһи,
икки таптыыр сүрэх —
эн биһикки
күлүмүрдүүр күннээх
мэлдьи кэрэ сиргэ
мэһэйдэри туораан
тиийбэтибит бииргэ?
Тоҥмут курдук туттан
ол ааспыт сылларга
олорон хаалбытыҥ
чочумаас быллаарга.
Онтон ыла курус санаа
куппун-сүрбүн баттыыр.
Кыҥкыр-лыҥкыр, кыры-кырык
кыталык ытыыр.
Ааспыт кэми, эдэр сааcпын
мин сүрэхпэр эргитэ,
айманыынан, хараастыынан
дууһабын эймэнитэ
бүгүн эмиэ кыталыктар
кылбаҥныы көттүлэр,
күөх халлааҥҥа күн анныгар
киирэн сүттүлэр.
 
АЛАМПА
 
Оо, Алампа, Алампа…
Кылыһахтаах кырыымпа
кылларын тыҥаабыт утахтара.
Дьылҕа Хаан кытаанах тарбахтара…
 
 
Утум-ситим быстыбыттара
кырыымпа синньигэс утахтара:
дьоло,
дьахтар киэр эспит таптала,
дьылҕатын тостубут дабыдала.
Арай хаалбыта соҕотох кыл-кылаан —
айылҕаттан бэриллибит айар талаан.
Ол кыл кыҥкынас ырыата
кыталык кыылы саната
кый ыраах кырыйа көппүтэ —
норуотун сүрэҕэр сөҥмүтэ.
Ол иһин
үс үөстээх үллэр Өлүөнэбэр
үөскүөхтээх кэлэр көлүөнэбэр
ааттана туруо бастакы кырыымпа —
Алампа, улуу Алампа!..
 
ЫРЫА
 
«Bésame, Bésame mucho…»
 
 
Дьикти дии
бу сүрэх саҕа кыра ырыаҕа
муора кытылын кырылас кумаҕа,
туундара туус маҥан хомурах хаара —
барыта бу ырыаҕа баара!..
Бааллара
гитара дохсун дьириһилгэнэ,
хомус холку дьүрүһүлгэнэ,
бааллырар байҕал куугуна,
аҥааттар аар тайҕа суугуна,
ымсыырда ыҥырар сырдык-тырым
Испания, саха кыргыттарын
буспут моонньоҕон харахтара,
сиппит гранат уостара…
Ол иһин
бу ырыа ылланар күнүгэр —
олох биир дьоллоох түгэнигэр
сүүрүктүү кулгаахха кутуллаллар
сүрэҕи уулларар аптаах тыллар.
Оччоҕо
күн көрөр,
көҕөрөр мутукча,
истэбин таптал итии сипсигин:
«Bésame, bésame mucho» —
күүскэ да күүскэ уураа миигин.
 
«Күн-дьыл күпсүйэ көтөр-көтөр…»
(«Мотуо»)
 
Күн-дьыл күпсүйэ көтөр-көтөр
күннэрбин күдэҥҥэ кубулутан.
Өйбөр-санаабар өтөр-өтөр
өрүкүйэн киирэр үрүҥ туман:
итии хааным иммэр кэйэр,
сүрэхпэр дибилийэр дириҥ мотуок —
ити миэхэ тиийэн кэлэр
килбик, кэрэ кыысчаан Мотуо.
Кинини кытта киирэн кэлэр
кэрэ кэскилгэ эрэл,
туохтан даҕаны толлубат тулуур,
үтүөҕэ-кэрэҕэ үрдүк дьулуур.
Тула өттүм тупса сырдыыр,
күөх халлааҥҥа күөрэгэй ыллыыр,
хап-хара харахтар мичээрдииллэр,
миэхэ дьолу эрэннэрэллэр.
Ити барыта илэ буолуон,
инники олохпор толору туолуон
икки тылы эрэйэллэр,
иилии эргийэр иэйиилэр.
Ол тылы кыайан булбаппын…
Бириэмэ бүтэр түргэнник:
мин эмиэ мүччү тутабын
биирдэ бэриллэр түгэни.
Ыраас ыра… дьикти ырыа…
Итини барытын ылан барыа,
ытаппытынан ыраах куотуо
килбик, кэрэ кыысчаан.
Мотуо…
 
ОЙУУНУСКАЙ
 
Ойуунускай улуу убайбыт
«сэриинэн сэтэрбит,
уотунан умайбыт»
былаас солбуллар
былдьаһыктаах күннэригэр,
олох уларыйар
охсуһуулаах кэмнэригэр
былаайахтаах дүҥүрэ
барабаан буолбуттара —
батталы түҥнэрэр
тойугу туойбуттара.
Онтон баара
«олоҥхонон үлүһүйдэ» диэн омнуолаан,
«омугумсуйууга оҕунна» диэн буруйдаан
турууласпыт, туругурпут былааһа
уурбута убайбыт баһын былаахыга.
 
 
…Хаар түһүө, хаар ууллуо —
урукку охсуһуу дуораана умнуллуо.
Хаалыахтара арай омукпут тылыгар,
хас саха киһитин сүрэҕэр-быарыгар,
хараҥаҕа даҕаны тырымныы тыллар
ойуун, олоҥхо, оһуохай диэн тыллар
уонна
норуотун дьолугар күлүбүрүү умайбыт
улуу Ойуунускай убайбыт.
 
САХА БАЛАҔАНА
 
Тоҕо эрэ санаам төннө турар
чоҥкуйа тоҥмут алаас ортотугар
самналлан турар саха балаҕаныгар —
санаам син биир салалла турар.
Ыраах суолтан ырбыт-сылайбыт,
ыйдаҥаны санныбар сүкпүт айанньыт
тирии бүрүөлээх халҕаны
тэлэйэ аһабын,
тиэтэйбит киһилии
иһирдьэ ааһабын.
…Муннубун кычыгылатар көмүлүөк буруота,
муннукка тырымныыр тымтык уота,
таптыыр киһим төҥкөйөн
киҥинэйэ ыллыыр,
төбөбүн имэрийэр, ууруур-сыллыыр.
Кини сылаас түһэҕэр сыламныы сытабын,
ол сытан эрэммин мин маннык саныыбын:
«Хачыгырас халыҥ харчы,
аар-саарга албан аат —
харах баайыыта, санаа албына.
Үчүгэйиэн
таптыыр киһиҥ тобугар сытар,
киниэхэ атаахтыыр, таптатар!
Туох баарый орто дойдуга үчүгэй бу курдук
эбэтэр маннааҕар ордук?!»
…Сарсыарда көлүйэбин сыыдам көлөбүн,
саҥата суох кэннибин эргиллэн көрөбүн —
сайыһа хаалаллар саха балаҕана,
сандаарбыт түннүктэрэ, саҥа халҕана…
 

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> 1
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации