Электронная библиотека » Иван Арбита » » онлайн чтение - страница 1


  • Текст добавлен: 5 мая 2023, 09:00


Автор книги: Иван Арбита


Жанр: Поэзия, Поэзия и Драматургия


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 1 (всего у книги 3 страниц) [доступный отрывок для чтения: 1 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Иван Арбита. Мин көтөр кынаттааҕым буоллар…

Иван Арбита тыыннааҕар бэчээттэппит айымньылара

Быйыл саха талааннаах поэта, тылбаасчыт Иван Арбита төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтиибит. Онон сибээстээн саха ааҕааччытыгар поэт талыллыбыт айымньыларын хомуурунньугун бэлэмнээтибит. Манна урут тахсыбыт айымньыларын кытта, 30–40-с сылларга бэйэтэ тыыннааҕар хаһыаттарга, альманахтарга бэчээттэппит айымньылара, тылбаастара киирдилэр. Кылгастык Иван Арбита бэйэтэ көрөн-истэн бэчээттэппит айымньыларын историятын билиһиннэрэбин.

1943 сыллаахха, сайын үгэннээн турдаҕына, от ыйын 13 күнүгэр Иван Арбита «аньыылаах-харалаах аан дойдуттан» букатыннаахтык күрэммитэ. Хаайыыга сытан туохтан хайдах өлбүтүн, хомойуох иһин, билбэппит. Арай билэбит кини бэрт кылгас олоҕор олус элбэҕи аахпытын, айбытын, тылбаастаабытын. Суруйууларыттан биһиэхэ тиксибэккэ төһөтө сүппүтэ-оспута буолуой, бука, элбэх айымньы төннүбэт суолланнаҕа… Дьон кэпсииринэн, Иван Слепцов өссө Бүтэйдээх оскуолатыгар үөрэнэр кэмигэр нууччалыыттан сахалыы тылбаастыыра үһү. Ону бигэргэтэр чахчынан Иван Крыловтан 1931 сыллаахха оҥорбут «Сэбирдэхтээх силис» тылбааһа буолар. Биллэн турар, кэлин олортон саамай бастыҥнарын талан хаһыаттарга, хомуурунньуктарга бэчээттэттэҕэ. Холобур, улуу Пушкинтан 47 айымньыны тылбаастаабыта «Талыллыбыт лирика» диэн ааттанан 1940 сыллаахха туспа кинигэнэн бэчээттэммитэ. Нөҥүө сылыгар Лермонтов хоһооннорун, поэмаларын тылбааһын хомуйан, эрэдээксийэлээн поэт өлбүтэ 100 сылыгар таһаартарбыта. Манна бэйэтин 10 тылбааһа киирбитэ. Тыыннааҕар бу икки тылбаас кинигэлээҕэ. Бэйэтин айымньыларын бэчээккэ бэлэмнээн баран, кинигэнэн таһаартарбакка сылдьан репрессияҕа түбэспитэ…

Иван Арбита айымньылара икки кинигэнэн, оруобуна сүүрбэ сыл анараа өттүгэр, 1993 сыллаахха күн сырдыгын көрбүттэрэ. Бу сэдэх уонна дьикти түбэлтэ. Мин билэрбинэн, тыыннааҕар кинигэтин таһаартарбатах, төрөөбүтэ 80 сылын көрсө, суох буолбута үйэ аҥаара буолан баран тутуспутунан икки кинигэтэ бэчээттэммит киһи суох. Түһүүлээх-тахсыылаах, дьалхааннаах 90-с сылларга «Көмүс күрүлгэн» уонна «Муҥурданыы» бэчээттэнэн тахсыытыгар биһиги үс киһиэхэ улаханнык махтаныах тустаахпыт: Георгий Митрофанович Васильевка – Арбита доҕоругар, өр сылларга рукопиһы харайан илдьэ сылдьыбытыгар (кэлин кыыһа Виктория Георгиевна аҕатын кэриэһин толорон, архыыбы С. Руфовка тиксэрбитэ); Сэмэн Тиитэбис Руфовка – Иван Арбита айымньыларын көрөн-истэн, эрэдээксийэлээн, комментарийдаан бэчээккэ бэлэмнээбитигэр; Василий Васильевич Скрябиҥҥэ – Мэҥэ Хаҥалас улууһун оччотооҕу баһылыгар, улуус кырыымчык бюджетыттан кинигэлэр тахсыыларын үбүлээбитигэр.

Бу икки кинигэ хайдах күн сирин көрбүттэрин миэхэ Сэмэн Тиитэбис өрүү кэпсиир, оттон мин ааҕааччыларга Моисей Ефимов «Айыы тыынынан арчыланан» диэн 2006 сыллаахха тахсыбыт кинигэтигэр (125–128 сирэйгэ) ол туһунан сиһилии суруйбутун булан ааҕаргытыгар сүбэлиибин.

Арбитаны билэр дьон ахталларынан, хоһооннорун муспат, мээнэ лиискэ суруйа-суруйа быраҕан иһэрэ үһү. Автобиографиятыттан көрдөххө, бэйэтигэр сыал туруорунар эбит күҥҥэ биир хоһоону айарга диэн. Онтун өрүү 2, 3, оннооҕор 10 төгүл аһара түһэрин туһунан суруйан турардаах. Ити кырдьык буолуохтаах. Холобур, 1935 сыллаахха от ыйын 7 күнүгэр Дьокуускайга Сэргэлээх даачатыгар олорон, 4 хоһоону суруйбут: «Даачаҕа», «Чолбон», «Таҥара» уонна биир аата суох хоһоон (…Абааһы барахсан). 1939 сыл атырдьах ыйын 21 күнүгэр икки хоһоону айбыт: «…Саныыбын: олоҕум дьылҕата» уонна «…Мин тыыным алгыстан кыранар». Ити курдук, күҥҥэ хастыы эмэ хоһоону суруйар киһи төһөлөөх хоһооно, тылбааһа сүтэн-оһон таах хаалбыта буолуой? Биһиэхэ айымньыларын кыра аҥаара эрэ, ону да үтүө дьон баар буолан, тиийэн кэллэҕэ.

90-с сылларга Сэмэн Руфов «Сахаада» хаһыакка бэчээттэппит «Арбита доппуруоска» матырыйаалыгар суруллубутунан, поэт нууччалыыттан сахалыы 200-тэн тахса тылбаастаах эбит. Ханна баалларый ол тылбаастара? Кимнээх ханнык айымньыларын тылбаастаабытай? Тыыннааҕар бэйэтэ сөбүлээн ханнык айымньыларын бэчээккэ таһаартарбытай? Бастакы айымньылара ханныктарый? Мин бу ыйытыыларга эппиэт булаары 30–40-с сыллардааҕы хаһыаттары, оччотооҕуга латыынныы тахсыталаабыт сурунааллары, хомуурунньуктары хаһыспытым, онно тугу булбуппун, көрбүппүн бу кинигэҕэ киллэрдим. Биллэн турар, биир кыра кинигэҕэ барыта баппат, хаһан эмэ талааннаах поэт, тылбаасчыт айымньыларын толору хомуурунньуга бэчээттэнэр ини диэн эрэл санаалаахпын.

Көрдөөһүн тугу биэрдэ?

1932 сыл. Саха АССР төрүттэммитэ 10 сылыгар анаан

эдэр суруйааччылар ырыаларын-кэпсээннэрин түмэр «Литература фронугар киирии» диэн 92 страницалаах дьоҕус кинигэ Николай Мординов эрэдээксийэтинэн тахсыбыта. Барыта 19 ааптар 37 айымньыта киирбитэ, ол иһигэр В.А. Протодьяконов, И.Д. Винокуров, М.Г. Бурцева, И.И. Попов, о.д.а. маҥнайгы суруйуулара баара. Онно 73-с сирэйгэ маннык суруллубут (хайдах баарынан, уларыппакка биэрэбин):

«Силэпсиэп Уйбаан Дьөгүөрэбис. Мэҥэ Хаҥалас оройуона, Тараҕай нэһилиэгэ. Бүтэйдээх оскуолатыгар үөрэнэр. Хомсомуол силиэнэ. Эккин хаһыатыгар актыыптаахтык үлэлиир, урут бэчээттэнэ илик».

Поэт бэчээккэ аан бастаан тахсыбыт «Ырыа» диэн хоһооно аныгы ааҕааччыга бастакытын бэчээттэнэр, 1993 сыллаахха тахсыбыт кинигэлэригэр киирбэтэҕэ.

Эмиэ бу сыл икки ыйга биирдэ тахсар «Кыһыл ыллык» 5–6 нүөмэригэр тыа сиригэр бастакы тимир көлө кэлиитин, холкуос олоҕун көрдөрөр биэс чаастаах балай да улахан кээмэйдээх айымньыта бэчээттэммитэ. Иван Слепцов бастакы поэматын «Тыраактар» диэн ааттаабыта уонна Эллэйтэн эпиграф тыллары ылбыта. Поэма эмиэ хаттаан саҥа бэчээттэнэр.

1933 сыл. «Кыһыл ыллык» бастакы нүөмэригэр «Улахан дьон оскуолатыгар» хоһооно бэчээттэнэр. Бу айымньытын куоракка саҥа киирээт 1932 сыллаахха от ыйын 14 күнүгэр суруйбут эбит. Хомуурунньуктарыгар киирбэтэх хоһоон.

«Кыһыл ыллык» 2–3 нүөмэригэр биэс хартыыналаах хоһоонунан суруллубут «Сүрэҕэ суох» диэн инсценировката бэчээттэммитэ. Оонньуур дьоно: биригэдьиир, сүрэҕэ суох, күлүгээн, удаарынньык, кулаак, массыынаһыт, А-п, Б-п, оҕолор, холкуос актыыба, М-ба, Д-п, дьон.

Холкуос тематын салгыыр «Ырыанан ыһыыга» хоһооно бу сыл олунньу 13–19 күннэригэр суруллан баран, муус устар ый 18 күнүгэр «Кыым» хаһыакка бэчээттэммит эбит. Бу хоһооно эмиэ хомуурунньуктарыгар киирбэтэҕэ.

Ыам ыйын 18 күнүнээҕи «Кыым» нүөмэригэр «Сааскы үлэ күнэ» хоһоонун таһаартарбыта (көр: «Муҥурданыы» 96–97 с.), анныгар Иван Айдаанап диэн илии баттаабыта. Онуоха биир дойдулааҕа И. Майаҕастыырап «Айдаанап» дэммитин күлэн, «Көттүлэр» хоһоонугар сыһыаран Арбитаҕа эпиграмма суруйан турардаах. Ол маннык этэ:

Айдаан Уйбаан

Аа-дьуо дайбаан,

Мэҥийэр халлаан

Миҥэтин сайдаан

Самолет тэрилбитин

Ити көтөр диэбитин

Тугун да тобулбатым,

Туолкатын булбатым.

Бу кэмҥэ эпиграмма олус тэнийэ сылдьыбыта. Поэттар бэйэ-бэйэлэрин хаадьылаһаллара, бэргэнник суруйсаллара. Рафаэль Баҕатаайыскай биир ыстатыйатыгар бу туһунан ахтыбыта баар.

Иван Арбита 1934 сыллаахха бэчээттэппит биир да айымньыта көстүбэтэ. Дьиҥэр хайаан да бэчээккэ тахсыбыт туох эмэ баара буолуо.

1935 сыл. 1949 сыллаахха Н.Н. Павлов-Тыаһыт саха уус-уран литературатын библиографическай ыйынньыгын оҥорбута. Онно 6-с нүөмэринэн Иван Арбита «Эдэр бэйиэттэргэ» хоһоонун 1935 сыллаахха от ыйын 9 күнүгэр «Эдэр бассабыыкка» бэчээттэппитэ диэн ыйбыт. Мин ол хоһоону көрөөрү национальнай бибилэтиэкэттэн оччотооҕу хаһыаттары көтөхтөрөбүн. Ылан көрбүтүм тиһиликкэ (подшивкаҕа) ол хоһоон суох, «онно эрэ оҥойон хаалбыт»: ким эрэ быһан ылбыт. Национальнай архыыптан булуом диэн онно тиийэбин, «Эдэр бассабыык» ол нүөмэрэ суох буолан биэрэр. Онон поэт ити хоһоонун була сыһа-сыһа кыайан булбакка сылдьан, 2000 сыл сааһыгар Москваҕа научнай командировкаҕа барабын. Тиийэн Россия государственнай бибилэтиэкэтиттэн (Химки куораттан) 1935 сыллааҕы хаһыаппын сакаастаан ылабын. Хаһан да ким да аахпатах, «кырыллыбытынан сылдьар» хаһыаты аҕалан биэрэллэр. Арыйан көрбүтүм, Иван Арбита хоһооно баар эбит! Бу үөрүүнү! Тута ксерокска сүүрэбин. Онон поэт «Эдэр бэйиэттэргэ» хоһооно итинник көстөн турар. Хоһоонун 1935 сыл бэс ыйыгар Дьокуускай куоракка суруйбут уонна тута бэчээккэ биэрбит эбит.

Бу сыл Эллэй эрэдээксийэтинэн «Саас сардаҥата» диэн эдэр суруйааччылар альманахтара бэчээттэнэр. Онно икки баһынан (прозаҕа – 7, поэзияҕа – 23) отут айымньы киллэриллибит. Иван Слепцов учуутал техникумугар үөрэнэ сылдьан суруйбут «Сааскы үлэ күнэ» (1933) уонна «Атаака» (1934) хоһоонноро бэчээттэммиттэрэ. Хоһооннор иккиэн «Муҥурданыы» диэн иккис кинигэтигэр киирбиттэрэ. Тиэкистэри тэҥнээн көрдөххө, бастаан бэчээккэ тахсыбытыттан кэлин тупсарыллыбыт эбит.

Иван Слепцов 1936–1937 сылларга Сунтаарга үлэлээбит кэмэ. Дьокуускайтан ыраах сылдьан бэчээккэ тахсыбатах. Туох да көстүбэтэ.

1938 сыл. Эллэй уонна Бэрияк эдэр суруйааччылар альманахтарын хомуйан оҥорбуттар. 34 айымньыттан икки хоһоон ааптара – Иван Слепцов. Бастакыта 1937 сыллаахха Сунтаарга суруллубут «Учуутал санаалара», иккиһэ «Көттүлэр» диэн бастакы хоһоонноруттан биирдэстэрэ, 1933 сыллаахха суруллубута.

Бу сыл «Эдэр бассабыыкка» утуу-субуу икки айымньытын бэчээттэппитэ. Бастакыта – «Мин үөрүүм» диэн хоһооно, хаһыат бэс ыйын 24 күнүнээҕи нүөмэригэр баар. Кэлин «Көмүс күрүлгэҥҥэ» киирбитэ (көр: 139–140 с.). Иккиһэ – «Былыр уонна быйыл» бэс ыйын 30 күнүгэр бэчээттэммитэ. Хомуурунньуктарыгар киирбэтэх айымньытын литературовед И.Г. Спиридонов «Иван Арбита поэзията» (1998) кинигэтигэр бэчээттээн турардаах.

1939 сыл. «Социалистическая Якутия» бэс ыйын 12 күнүнээҕи нүөмэригэр 1936 сыллаахха Сунтаарга суруйбут «Ырыа» хоһоонун нууччалыы «Мария» диэн бэйэтэ тылбаастаан бэчээттэтэн турар. Айымньы 12 строфалаах (көр: «Көмүс күрүлгэн» 30–31 с.), нууччалыы барыйаанын ааптар кылгатан 7 строфанан суруйбут.

 
Мария
Май! Радостно. Шумно.
И множество сущих
Незримых, умных
Летящих, бегущих.
Мария, Мария,
Маруся и Маня, –
Зачем твое имя
Так манит внимание…
Дневное светило
Всходит, заходит…
И там только мило,
Где счастье находит.
Ты вольно росла тут,
Играя, мечтая,
С березой в объятьях,
Вдогонку с цветами.
Тут вольно росла ты
В прекрасной отчизне
Дано тебе счастье
Учиться у жизни…
За то, что не знаешь
Проклятье былого,
За то, что молодая
Дано тебе много.
Я вот еще лучших
Внесу пожеланий
И маем цветущим
Привет посылаю.
 

«Кыымҥа» бэс ыйын 21 күнүгэр «Москуба» (1938), бэс ыйын 24 күнүгэр «Өлбөт туһунан ырыа» хоһооннорун таһаартарбыта. Иккиэн «Муҥурданыы» кинигэҕэ киирбиттэрэ (көр: 76–80 с.).

Арбита бу сыл сөбүлүүр поэтыгар анаабыт «М.Ю. Лермонтовка» диэн хоһооно эмиэ «Кыымҥа» тахсыбыта. Бу туһунан сиһилии «Өлүөнэ сарсыардатыгар» (7.05.1997) суруйан турабын.

«Сурук» хоһооно «Уус-уран литература» үһүс нүөмэригэр бэчээттэммитэ, кэлин туох да уларытыыта суох «Муҥурданыыга» киирбитэ (көр: 48–49 с.).

От ыйын 18 күнүгэр «Эдэр бассабыыкка» доҕорун Чаҕылҕан поэзиятын туһунан «Бэйэ куолаһын көрдөөһүн» диэн ыстатыйата тахсыбыта. Маны «Аргыс» 1992 сыллааҕы үһүс нүөмэригэр булан ааҕыахха сөп.

1940 сыл. Саҥа үүммүт сылы Иван Арбита Чаҕылҕанныын эпиграмманан көрсүбүттэрэ. Ол курдук биирдии бэйэлэрэ аҕыстыы эпиграмманы «Кыым» тохсунньу 4 күнүнээҕи нүөмэригэр бэчээттэппиттэрэ. Арбита көрдөөх күпүлүөттэрин Абаҕыыныскайга, Сергей Васильевка, Тулааһынапка, Араҥаска, поэттарга, Тыаһыкка, Чаҕылҕаҥҥа, Г. Васильевка аадырыстаабыта. Анарааҥҥыта Эллэйгэ, Уурастыырапка, Ефремовка, Арбитаҕа, Таллан Бүрэҕэ, Сольскийга, Тааска, тыл үлэһиттэригэр анаабыта.

Сунтаарга суруйбут «Биэрэк» хоһоонун ааптар бэйэтэ тылбаастаан «Социалистическая Якутия» хаһыакка олунньу 12 күнүгэр бэчээттэппитэ. Нууччалыы барыйаана маннык буолбута:

 
Берег
Каменистый берег.
Синих волн отара.
Приходи ты, Вера,
Девушка с Сунтара.
Милая, люблю я
Золото заката,
Буйность пен Вилюя,
Весел взмах крылатый.
Солнце село ниже,
Тонет в синей дали.
Видишь? – ближе, ближе
Подплывают алы.
 
 
За родной рекою
Гор крутые скаты.
Встречу нашу скроют
Сумерки заката.
 
 
Воздух вешний веет
Сладостной прохладой,
Миг… и присмиреет
Бег волны косматой:
 
 
Птицы песней манят,
Чудно и красиво!
Сладок час свиданий
Двух, как мы, счастливых.
 
 
Каменистый берег
Яркий бархат луга,
Приходи ты, Вера,
Приходи, подруга.
 

«Кыымҥа» бэс ыйын 27 күнүгэр икки хоһооно тэҥинэн тахсыбыта: «…Хойуу тыаны мин биллим», «Пааркаҕа». Кэлин хоһооннор иккиэн «Көмүс күрүлгэҥҥэ» киирбиттэрэ. Бастакы хоһоон «Анакреоннуу» диэн ааттаммыта (көр: 20, 23 с.).

Биир ыйынан – от ыйын 30 күнүгэр Исарбит диэн илии баттаан «Кыымҥа» бэчээттэппитэ: «Ырыа хайтах үөскүүрүй», «Көҥүл оҕолоругар». Хоһооннор иккиэн «Көмүс күрүлгэҥҥэ» киирбиттэрэ (көр: 28–29, 136 с.).

Бу сыл «Хотугу сулус» үһүс нүөмэригэр уонна «Бэлэм буол» хаһыакка (5.11.1940) «Этиэм суоҕа» кэпсээнэ бэчээттэммитэ.

1941 сыл. 1939 сыллаахха суруллубут «Муҥурданыы-2» хоһооно Татьяна Сальмонович тылбааһынан «Познание» диэн ааттанан «Социалистическая Якутия» хаһыат от ыйын 30 күнүнээҕи нүөмэригэр бэчээттэммитэ. Онон Арбита тыыннааҕар баара-суоҕа 3 хоһооно (онтон иккитин бэйэтэ тылбаастаан) нуучча ааҕааччытыгар тиийбит эбит: «Мария» (Ырыа), «Берег» (Биэрэк), «Познание» (Муҥурданыы-2).

Балаҕан ыйын 15 күнүгэр «Кыымҥа» «Итии таҥаста хомуйуоҕуҥ!» бэчээттэнэр. Бу хоһооно хомуурунньуктарыгар киирбэтэх, эрдэ, 1989 сыллаахха, «Хотугу сулус» бастакы нүөмэригэр тахсан турар. Манан, мин билэрбинэн, Иван Арбита тыыннааҕар бэчээттэппит тус суруйуута (хоһоонноро, поэмата, кэпсээнэ, ыстатыйата) бүтэр.

Тылбаастарын туһунан этэр буоллахха, аан бастакы бэчээккэ биэрбит тылбааһа – Лермонтовтан «Диэмэн» поэмата буолар. 1935 сыллаахха бэс ыйын 21 күнүгэр «Кыым» хаһыакка тахсыбыта. Бу кэмҥэ кини Дьокуускайдааҕы учуутал техникумун бүтэрээри сылдьара. Аныгы ааҕааччыга бу тылбаас аан бастаан бэчээттэнэр.

Поэт Сунтаартан кэлэн баран тылбааһынан утумнаахтык дьарыктаммыта биллэр. Ол түмүгэр 1939 сылтан тутуллуор диэри (1942 с., олунньу) олохтоох бэчээккэ барыта 35 тылбааһа бэчээттэммитэ. Ону таһынан Ю. Яновскай «Британка туһунан санаа» айымньыта Арбита тылбааһынан Саха театрыгар турбута (1938 с. сааһыгар), «Пьесалар» диэн кинигэҕэ Петрошкевич-Зиновецкайтан оҥорбут «Маасканы саралыахха» диэн айымньыта киирбитэ.

Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмытын кэннэ Н. Асеевтан, В. Маяковскайтан, В. Гусевтан, Д. Беднэйтэн, В. Лебедев-Кумачтан, С. Маршактан айымньылары тылбаастаан «Кыымҥа» бэчээттэппитэ.

30–40 сылларга Иван Арбита бэйэтэ көрөн, сөбүлээн бэчээккэ таһаарбыт айымньылара итинниктэр.

Кинигэҕэ Иван Арбита айар, суруйар истиилин уратытын курдук сыаналаан уонна оччотооҕу сурук-бичик бэлиэтэ буоллун диэн ааптар арпагыраапыйатын уларыппакка, хайдах баарынан хааллардыбыт. Ону тэҥэ хоһооннор анныларыгар баар ааптар бэйэтин хос быһаарыыларын эмиэ хайдах суруйбутунан киллэрдибит.


Е.А. Архипова,

филологическай наука кандидата

Хоһооннор

 
Күөрэгэй
Күндээрэр киэҥ килбиэн
Күндү чуор тыллааҕа,
Көҕөрөр сааскы кэм
Күөрэгэй чыычааҕа.
 
 
Көмүстээх сибэкки
Күөгэйэ турарын,
Көрүдьүөс кэрэтин
Көччүтэ туойаҕын.
 
 
Айылҕам көҕөрбүт
Алыс бэрт кэмигэр
Күннэрим көччүйбүт
Күөх илгэм үрдүгэр
 
 
Салгыҥҥа уйдаран
Саргылаах ырыаҕын
Сайылык устунан
Саҕалаан ыытаҕын.
1929
 
 
Ардах иннинэ
Дьулуо маҕан халлааммыт
Дьурааланар кустуга
Чараҥ тыаҕа хайҕаммыт
Чаллах мастыын куустуһар.
 
 
Халлаан эҥил баһыгар
Хара былыт кэтириир,
Ыраах этиҥ тыаһыгар
Чуумпу салгын титириир.
 
 
Талах тыллаах чыычааҕа
Табыталын хомунар,
Хойуу будьур лабааҕа
Саһар сааскы Күөх Унаар.
 
 
Ойуу-дьарҕаа кустугум
Оргууй аҕай умуллан,
Дьураа солко куоссунун
Туран эрэн хомунар.
 
 
Чуумпу ууну долгуппат
Сөрүүн салгын сабардыыр,
Эмиэ начаас чуумпурда
Халлаан Сири саанардыы.
 
 
Онтон курбуу чаҕылҕан
Кустук охтуу дуксуйда,
Саһан сыппыт айылҕам
Өндөс гынна – соһуйда.
 
 
Уордаах этиҥ эмискэ
Хабырыттан тыаһаата,
Хампарыта тэбистэ
Халлаан кэтит таһаатын.
 
 
Этиҥ тыаһын кытары
Түргэн тыаллар түстүлэр –
Хойуу самыыр кутарын
Дьоннор көрөн үөрдүлэр.
 
 
Эдэр ыччакка
Иллээх-эйэлээх,
Эдэр бэйэлээх
Үлэһит ыччата
Үөрүүбүт үксээтэ.
 
 
Эргэни эһэргэ
Эстибэт тиһилгэ,
Эдэр ыччат,
Эрэйи кыччат.
 
 
Күүстээх үлэнэн
Күүрэн, тиҥийэн,
Дойдугун-сиргин
Толору киэргэт.
 
 
Дьоҥҥун-норуоккун
Өйдөт, үөрэт,
Кытарар уоккун
Өрүтэ күөрэт!
1931
 
 
Табаҕа
Унаар-тунаар оһуорбут,
Оонньуур-күлэр ойуурбут
Тыыннаах дьикти күөҕүнэн
Тырым-тырым күөгэйэн!..
Кыыдаан кыһын эстиитэ,
Кэрэ сааспыт көстүүтэ
«Эбэм» күлэр күөҕүнэн,
Көрбүт ахан көрүөҕүнэн.
Эмдэй-сэмдэй иирэтин
Истээниктиир өттүттэн,
Оһуор-ойуу хонуутун
Орой төбө үрдүттэн
Күөрэгэйим күүгүнээн,
Көтөн-дайан көрүлээн
Ити-ити тураахтыыр,
Ииригирэ туойаахтыыр.
Сырдык күҥҥэ наскыйбыт
Сыттаах оттоох хонуулаах,
Көҕөрөөхтүү дьалкыйбыт
Күндү сырдык уулаах
Табаҕалыыр алааһым,
Холкуостарыҥ хойуннун!
Таптыыр эдэр атаһым
Күлбүтүнэн тоһуйдун!
1931
 
 
Ырыа
1
Күлүмнүү күлэн мичиҥнии көрбүт
Күндээрэ дьэргэйэн күн да күн!
Ойуу-дьарҕаа чэлгийэ күөгэйбит
Оһуор симэх от үүн да үүн!
Сыргыйар сыралҕан, сандал куйаас
Күөх дойдуну ыарыытын эмтээбит,
Сибэкки симэҕинэн күлбүт алаас
Айылгы быйаҥа сүрдүк элбээбит.
Килбэйэр килиэ таас түннүккэ
Күн уота тыган чаҕыллар,
Куула диэки сөрүүн күлүккэ
Хоһуулка анныттан хадьымал арыллар.
Ол артыаллар оттоон эрэллэр.
Айаас массыынаны муҥунан ыыталлар.
(Кинилэр үлэҕэ өрүү бэлэмнэр,
Үлэнэн киэҥ сири байыталлар).
 
 
2
Ойор маҥан күн уһун-уһуннук
Оонньоон-көрүлээн утуйда,
Артыаллаах оччуттары кыһыл муннук
Айхаллыы кэһиилэнэн тоһуйда.
 
 
Доҕотторум кинилэр туйгуттар
Остуол, кырабаат аайы бөкчөһөн
(Бары суруксут буолбуттар)
Олороллор кинигэҕэ бүк түһэн
 
 
Көр оннооҕор имииһит Ньукуус
Үлэтэ-хамнаһа дьэ киирбит,
Кини сүрдээх бэт уус
Үгүс элбэх туттар сэби сирбит.
 
 
Ача от өстөөҕүн аһыҥа – «кулаагы»
Арааран сүтэрэн быһаллар,
«Боронсуус – күөҕүн» «мысыйааҕы»[1]1
  Французская зелень. Мышьяк.


[Закрыть]

Оҕоронуом оҕолор ыһаллар.
 
 
Дьиҥ дьаарай батталлаах кулаагы,
Сүрдээх-кэптээх Сүүмэр Сүөдэри
Кылаастыы эһэргэ кыһанар ыйааҕы
Ылыммыппыт, ситиһиэхпит үөдэни.
 
 
Күммүт, уһаан, сандааран
Үлэ күүһүн-уоҕун айхаллаа,
Күөрэгэй, тырымныы айдааран
Үөгүлүү, чоргуйа, дуоһуйа ыллаа.
 
 
Хотуулаах ньургун хомсомуолка
– Хоодуот Хобороос уот кырбый
Төлөннөөх бастыҥ оруолга
Бассабыык иннигэр эн чоргуй.
Кыайыы-хотуу эҥээрдээх
Чилиэн-сэбиэт Өкүлүүнэ
Дьахталларга толуу сэргэх
Үлэни айбыта үнүрүүн.
3
Күөхтүүр хонуу ыалдьыта
Күлэр бардам тыраактар
Күрэх күргүөм сыссыыга
Күтүр сүрдээх араатар!
Үлэни-хамнаһы толорон,
Бэйэттэн оппут быйаҥы
Соҕотуопка оҥорон
Аһара аньньабыт «сыыппараны»[2]2
  Контрольные цифры.


[Закрыть]

 
 
Кэрэ оһуор тыаларбыт
Киэргэл-симэх тэлгэммит
Көр-дохсун ырыаларбыт
Күпүлүөтэ киэргэммит
Дьайдаах олох кырыата
Ууллубута билиннэ,
Тыыннаах айылҕа ырыата
Тырыбыныы тилиннэ.
 
 
Улахан дьон оскуолатыгар
Үгүс киһи мунньустан,
Ааҕар дьиэҕэ кэлбиттэр,
Долгун курдук устан,
Саала иһигэр киирбиттэр.
 
 
Хомсомуолус Мэхээлэ
Сонуну элбэҕи кэпсээтэ,
Кэпсээнэ сүрдээх кэрэ,
Истибит бары сэргээтэ.
 
 
Саҥа тутуу ньыматын
Сайаҕастык эппитэ.
Бассабыыктыы былааммытын
Толоруохпут диэбитэ.
 
 
Үөрэх туһунан элбэҕи
Араатарга аҕынна,
Сонун кэрэ сэргэҕи
Истэн маасса астынна.
 
 
Биһиэхэ сүрдээх наадалар
Саҥа олох уустара,
Сүүһүнэн тыһыынча хаадыралар
Охсор долгун уохтара.
 
 
«Наадалар ыстаал массыыналар
Дьирибиниир тиистэрэ,
Өйдөөҥ эрэ бу балар
Дьолбутун биэриэхтэрэ».
 
 
Онтон да атыны
Кэпсээтэ. Кэпсээтэ.
Истээччи бука бары
Ытыһын ньиргиттэ.
 
 
Онтон элбэх киһи тыл эттэ.
Туорааччы биир да суох этэ.
Кыыһырдыннар баай, тойот өттө,
Саҥа үлэ тырымныы көттө.
 
 
«Дьоллордоох үөрэхпит
Өрүтэ күлүмнээтин,
Төлөннөөх сүрэхпит
Кыайыыттан күннээтин».
 
 
Алаастыын, чараҥныын
Күөҕүнэн күлбүттэр,
Эр дьоннуун дьахтардыын
Үөрэххэ күүрбүттэр.
 
 
Холкуостаах дьадаҥы доҕоро
Ликпууммут, үөрэхпит, дорообо,
Кэл биһиэхэ кинигэ, хаһыат,
Кылааска үөрэнэ барыах.
 
 
Отучча табаарыс үөрэнэн
Ааҕаллар-суруйаллар даҕаны,
Биир кыайыылаах кэккэнэн
Кыйдыыллар хараҥаны.
 
 
Үөрэхпит үчүгэй эбит диэн
Үөрүүтэ сүрдэммит Испирдиэн.
Истэҕин дуо, Мэхээлэ табаарыс,
Ааҕыахпын кинигэтэ уларыс.
 
 
«Дьэ ыл» диэбит анарааҥҥыта,
Саҥата сүрдээх ылааҥыта.
Көрбүттэр элбэх хартыына
Ат турар уонна массыына.
 
 
Хаһыаты уонна кинигэни,
Бэйиэмэни «Хомуньуус Сэмэни»,
Ылан барда Даарыйа
(Ыалга ааҕыа таарыйа).
 
 
Эккин хаһыата ыйанан
Бэсиэлэйин көрдөрбүт,
Кулаак түөкүн сыдьаанын
Мосуоратын көннөрбүт.
 
 
Оттон мин холкуоска
Сэкирэтээр буолуоҕум –
Хотуулаах Ньукууска
Оргуйан туруоҕум.
 
 
Мин сүөһүнү ыраастык тутуоҕум,
Холкуоска охсуулаах дайаарка,
Баҕар, аналлаах буолуоҕум
Үөрэнэн көтөр аалга дайарга.
 
 
Убайыылаах олохпут
Бойобуой уустара
Сырдыкка сыстарга
Оргуйан турбуттара.
Дьокуускай к., 14.07.1932
 
 
Саас
Итии сааспыт эргийбит,
Ийэ сирбит чэлгийбит,
Күммүт күлүмнүү көрбүт,
Күлүктээх түүммүт өлбүт.
Оонньуур-күлэр ойуурдар,
Ойуу тунаар оһуордар
Илэ тиллэн кэлбиттэр,
Ирим-дьирим кэйбиттэр.
Сырдык дьэҥкэ салгыммыт
Сытыы сыта сай гыммыт,
Ыраас сиэркилэ күөлбүт
Ымайар көхсө күлбүт.
Толоон, сыһыы көхсүгэр,
Дьоллоох томтор үрдүгэр
Ньургуһунум нуоҕайан,
Ньургуйаахтыы куоҕайан
Күлэн мичик аллайар,
Күүскэ үүнэн даллайар,
Көстөр күнүм уотугар
Бокулуон уура турар.
 
* * *
 
Илин, арҕаа, соҕуруу
Сиппит сирим симэҕэ!..
Таптыыр күндү доҕорум,
Хаһан тиийэн кэлэҕин?..
 
 
Үллэр күүстээх сүлүһүн
Үөрүү мүөтүн омурдуом,
Өрүү, түүнүн-күнүһүн,
Өйдүөм-саныам, толкуйдуом.
 
 
Умайаахтыыр уостаргын
Омуннаахтык ууруоҕум,
Кутаа тырым уоттаргын
Холбуу тардан кууһуоҕум.
 
 
Иирэ талах иһигэр
Икки буолан хаамааччы
Маннык кэрэ киэһэҕэ
Хайаан да баар буолааччы.
 
 
Күлбүт ойуур көхсүгэр
Күүтүөм – кэлээр, көмүһүөм,
Сыттаах күөх от үрдүгэр
Сытыам, туруом, көрүлүөм…
1933 с., ыам ыйа
 
 
Көттүлэр
Көҕөрөр халлаан
Көҕүлүн харбаан,
Мэҥийэр холорук
Миҥэтин сайдаан
Тула көрдө
Сытыы харах,
Туран көттө
Сатыы атах.
«Үнтү түһүөҥ,
Эчи, арах,
Өлүөҥ, өлүөҥ –
Маны бырах!» –
Инньэ дэһэн
Хаһан эрэ
Саарбах сэһэн
Тэнийэрэ.
Оттон билигин
Диибин биһиги:
«Икки атах
Бардам гений,
Бэттэх, антах
Көтөн диэлий!»
Салгын түөһүн
Тоҕута сыньньар,
Халлаан түөһүн
Хайыта тыырар
Түргэн ааллар
Манна бааллар.
Күүстээх-уохтаах
Көҥүл көтөр
Тимир чыычаах
Үөһэ көтөр.
Хоту, соҕуруу,
Илин, арҕаа
Сири-дойдуну
Бары сабардаан.
Кыайар хорсун
Элбии туруй,
Халлаан кырсын
Хайа суруй!
Көҕөрөр халлаан
Көҕүлүн харбаан,
Мэҥийэр холорук
Миҥэтин сайдаан –
Көттө-көттө,
Кыайда-хотто!
1933
 
 
Б.Ө. ОЙУУНУСКАЙГА
Хотугу дойдубут
Курааннаах олоҕор,
Хоргуйбут-утаппыт
Кураанах буоругар
Саҥа дьол оһуора
Сандааран түспүтэ,
Хара түүн күлүгэ
Харахтан сүппүтэ.
 
 
Арҕаанан-хотунан
Арбыйан-дарбыйан,
Чаҕылҕан уотунан
Таҥнары дапсыйан
Хаппытаал олоҕун
Умсары уурбуппут,
Ханныктан даҕаны
Хааттарбат оҕолор
Биһиги турбуппут,
Түүнүктээх түүннэргэ
Түбүккэ түспүппүт,
Түрмэни түҥнэрэн
Түннүгүн-үөлэһин
Төлүтэ көппүппүт.
Элэйбэт тэтиммит,
Эпчиҥнээх этиҥмит
Күрүлээн-барылаан
Салгыҥҥа дарбыйда,
Көрүлээн-нарылаан
Саргыны салайда.
Күн бүгүн көрөбүт
Күүс үлэ күрэҕин,
Тыраактар көлөбүт
Тыҥ тыргыл сүрэҕин;
Күн бүгүн көрөбүт
Эргэ кэм эстэрин,
Күөх сири күллэрбит
Культура күүстэрин.
 
 
Уйгулаах олоҕу
Уруйдаан-айхаллаан,
Уотунан умайбыт
Былатыан убайбыт,
Эккиттэн-хааҥҥыттан
Эппэйэн тураҥҥын
Эппиккэр-тыыммыккар
Эҕэрдэ биэрэбит!
29.3.1934
 
 
Киһи уҥуоҕар
Прохожий, ты идешь,
Но ляжешь, как и я.
 
 
Толоон уҥуор өттүгэр,
Тунаа маҥан тумулга,
Кэлии-барыы тимирбит
Кэрис-курус ньууругар
Кириэс бөҕө килбэйэн
Киһи кутун үргүтэр.
 
 
Манна сайын куйааска,
Сатыы хааман истэххэ,
Сүрдээх тымныы салгыннар
Хара быары, сүрэҕи
Хаарыйталаан ааһаллар.
Өлбүт дьоннор уҥуохтара
Өрө көбөн тахсаннар,
Саха билэр тылынан
Саҥарарга дылылар:
«Тохтоо, айан аргыһа,
Ханна мээнэ тиэтэйдиҥ?
Тоҕус тумул үрдүнэн
Бүгүн хааман иһэҥҥин,
Сассын ханна сытаргын
Санаан-өйдөөн көрөҕүөн?
 
 
Баттаххыттан көрдөххө
Барар-кэлэр саастааххын,
Көхсүгүттэн көрдөххө
Көтөр-сүүрэр күүстээххин.
Илин-арҕаа халлааҥҥа
Эргим-ургум дьэргэйэр
Икки хара хараххар
Эҥин дьикти дьиибэлэр
Элэҥнэһэн көстөллөр…
Сүллэр бардам күүстэрдээх
Сүүрбэ сааскын баттаһан
Сүүрэн-көтөн эрдэҕиҥ,
Таптыыр кыыскын батыһан
Чараҥ тыаны быыһынан
Дьаарбайаахтаан эрдэҕиҥ.
 
 
Тоҕус тумул үрдүнэн
Бүгүн хааман иһэҥҥин
Сассын ханна буоларгын
Санаан-өйдөөн көрөҕүөн?»
 
 
Кууран-хатан куоссуйбут
Тунал маҕан тумулга
Өлбүт дьоннор уҥуохтара
Өрө көбөн тахсаннар,
Ити курдук тылынан
Элэк-хаадьы гыналлар.
Онно тула өттүбэр
Долгун солко тыаларым
Туоһу буолан тураллар…
Сайын, Тараҕай. Мэҥэ, 1934
 
 
Айан суолугар
Түүннэри-күннэри тиэтэйэн
Айаннаан айдааран испитим,
Утуктаан, сылайан, иэдэйэн
Түҥнэри-таҥнары түспүтүм.
 
 
Көгөччөр соноҕос ыраахтаан
Хаамара хас күүһэ баарынан,
Көҕөрөн-наҕаран ыраахтан
Көстөрө киэҥ, кэтит бааһына.
Өҥкөлөөт үрэҕи туорааммын
Сис тыанан айаннаан иһэрим,
Ким эрэ ырыатын дуораанын
Уум быыһар сэргэхтик истэрим.
Ол курдук утуктаан иһэммин
Арааһы барытын түһүүбүн:
Билбэтэх дойдубар тиийэммин
«Сэриигэ» да киирбит үһүбүн.
Саллааттар иһэллэр диэбитим
Ардыгар остоолбо буолара,
Доҕорбор илиибин биэрбитим –
Соҕотох хахыйах турара.
Дьиктитиэн хараҕым иирэрэ –
Дьиктилэр элэҥнээн ааһаллар,
Хатыҥнар, талахтар, иирэлэр
Дьон буолан сүүрэллэр, хаамаллар…
Утуктаан, түүл түһээн иһэммин
Сталин турарын көрбүтүм…
Ол көөттүм – күөх ойуур иһигэр
Харыйа мас буолан биэрбитэ…
Мин онтон уум көтөн, уйгууран
Ырыанан дуорайар буолбутум,
Соноҕос атаҕын чөм ууран
Айаннаан киэҥ суолу булбутум.
29.07.1934
 
 
Хантан ылыамый
Симэхтээх, оһуордаах
Сир ийэм барахсан
Сиэдэрэй дьүһүнүн
Сэһэргиир тыллары
Мин хантан ылыамый?
Атаҕым тиийбэтэх
Аннараа биэрэгэр
Баҕалаах санаабын
Батыһан бараахтыыр
Баламат тыллары
Мин хантан ылыамый?
Барылыы баалланар
Балкыырдаах байҕалым
Хоргуйбут куттаҕар
Кутуллар тыллары
Мин хантан ылыамый?
Хараҥа, барыҥый
Күһүҥҥү түүннэргэ
Халлааҥҥа, сулуска
Харбаһан тахсыбыт
Толору дэлэгэй
Дохсун уот тыллары
Мин хантан ылыамый?
Күүстээҕи кытары
Күөнтэһэр-кырбаһар,
Хатаны кытары
Хатыһар-дьаныһар
Хатыылаах тыллары
Хантан мин ылыамый?!
1934
 
 
Атаака
Түүн…
ардах…
Этиҥ этэр этэ…
Толоон уҥуор, антах –
Үрүҥ этэрээтэ…
Окуопаҕа туран сырыс,
Дирбиэн-дарбаан,
альдьаххай!
Ньылык-ньалык кырыс
Уу, бадараан,
халтаххай…
Чаллах тиит анныгар
Эмискэччи бүлэмиэт:
Тара –
тара –
тар!!! –
Титирэстии түһэр.
Саалар тыастара эмиэ
Салгыны, тыаны
Са –
тара –
таллар.
Уо!
Силлиэнэн-буурҕанан тыынан
Дьиктилээх да түүннэр!
Халлаан үрдэ
Хайда-хайда
Хамсыы турда,
Дохсун самыыр
Хойдо-хойдо
Тоҕо барда.
Ол да буоллар,
Тыаллаах түүн,
Улуу түүн,
Кыһыл түүн
туругурдун!
Көҥүс уутун саҕа
Сүрэх хаана сүүрэр.
Самыыр түстүн, баҕар,
Тохтор хааны сууйуоҕа…
Эргийдилэр
Үрүҥнэр-үөттэр
Окуопаны тула.
Харыйалар, үөттэр
Бары саа туттулар.
Окуопаттан тураат
Атаакалаах «ураа»!!!
«Ураа» ньиргий ыраах,
Сэрэн, биэлэй тураах!
Саа тыаһа
Тара-тара-тар
Салгыны сатаратар.
Араанньыс буолан оҕунна
Бастаан иһэр бартысаан,
Нагааннаах илиитин уунна –
Хайаан да
хатан хаан!
Оппуттар!
Ураатаан-ыһыытаан
Утары киириэҕиҥ!
Өстөөхпүт чугас баар
Хараҥа иирэҕэ.
Хаһыытааҥ! –
Ыас хара түүн бэлэһин иһиттэн
Сир-дойду киэҥ көхсө барыта
иһиттин!
Хаһыытааҥ –
умайар кутааҕа,
Хаһыытааҥ –
өстөөххүт кулгааҕар!
Тыас-уус!..
Утарыта турсуу!..
Остоолбону,
бүтэйдэри,
талахтары
Хампарыта тэпсии…
Хара суор биэлэйдэр
ханна саспыттарын
Тобурах буулдьа кэпсиир.
Аатырбыт бандьыыт атамаана
Сүүрэн марайар,
Бааһырбыт бассабыыгы
Баалкынан баран таһыйар.
Атамааны ситэ баттаата
Кыраасынай атаака.
Кыһыл кыайыы кутаата
Кыраай сиргэ сырдаата.
«Аҕабыта суох барбыттара»
Бандьыыттар маҥай аллаахтар,
Арай псалтырь аахпыттара
Халлааҥҥа
суордар, тураахтар.
Саалар тыастара хам барда,
Сааллар этиҥ хаптайда.
Остоолбоҕо, олбуорга
Таммалаабыт хаан,
Сэриилэспит окуопа,
Кураанаҕын хаал…
Ол курдук бүппүтэ
Биир сэрии похода,
Сассыарда көрбүтэ
Бэрт сырдык күн уота.
Битийэр баалынан
Өрүтэ сэтэрэн,
Бинтиэпкэ сааланан
Биэлэйи сиҥнэрэн,
Тоҕус эрэй ааттыгын
Тоҕо солоон аастыбыт.
Тыаллаах түүн,
хааннаах түүн,
халбарый!
Күлэр күн,
көр көҥүл,
чаҕылый!
1934
 
 
Сааскы күҥҥэ
Сааскы сандал маҕан күҥҥэ
Халлаан өҥө күлүмнээтэ,
Өрө күүрэр сөрүүн сүүрүк
Үрэх устун көрүлээтэ.
Дойдум-сирим торҕо ньуура
Тоҕо бэрдэй дэтиэх курдук,
Долгун солко сибэккинэн
Томтойбутун көрөн турдум.
Маннык кэрэ сирим үрдэ,
Маннык ыраас халлаан анна,
Маннык күндү сааскы күнүм
Күлүмүрдүү турдаҕына,
Үллэр күүстээх сайдам сүүрүк
Өрүкүйэр көҕүллэрин
Көтөр-мөҕөр долгунугар
Көтөхтөрөн барбыт киһи!
Кыыһар имнээх сааскы киэһэ
Кыырай халлаан кытыытыгар
Кырыыбалыы быардаан түспүт
Кырыбыайка былытыгар
Өрө көтөн дайан тахсан,
Улуу дойду күндү күөҕүн
Эргим-ургум көрө-көрө,
Этэ-тыына турбут киһи!
1934
 
 
Күһүҥҥү түүн
Аламай күн уота
Аллараа тимирдэ,
Отуубут буруота
Халыйда, тэнийдэ.
 
 
Хойуу үөт мастарым
Куустуһан турдулар,
Куудара бастарын
Холбооттуу туттулар.
 
 
Түстэммит кэбиһии
Төбөтүн үрдүгэр
Мин сыттым иһиллии,
Мин сыттым өр да өр.
 
 
Күөл уҥуор иннибэр
Аҥыр кыыл айманар,
Түгэҕэ биллибэт
Хаһыыта тарҕанар.
 
 
Анныбар оҕустар
Аҕылыы сыталлар,
Үрдүбэр сулустар
Дьиримнии тыгаллар.
 
 
Түүҥҥү мүөт салгыны
Түөспүнэн омурдан,
Хааннарым сайҕанан
Мин санаам уоҕурда!
 
 
Аҕыс уон араастар
Санаабар оонньууллар:
Колхозтаах алаастар,
Куораттар, хонуулар.
 
 
Муҥура биллибэт
Күөх далай күөнүттэн
Муҥутуур дьикти бэрт
Хартыына күөрэйдэ:
 
 
Тыһыынча, мөлүйүөн
Дьиримниир сулустар
Үөһэттэн өҥөйөн
Дьэ бэттэр, олустар!
 
 
Ол кэрэ көстөргө
Мин кыайан тиийбэппин,
Көрүлүү көтөргө
Кынаты булбаппын.
 
 
Ол көстөр күндэлэс
Дьиктини таайаары,
Түүннэри-күннэри
Мин тоҕо саарыыбын?
 
 
Ол курдук санаабар
Охсуллан киирбитэ
Уостубат-хараабат
Айылҕа дьиктитэ.
 
 
Сассыарда күн көрөн
Үөһэттэн түспүтүм,
Күнүскү күүс үлэм
Күлүүһүн туппутум.
1934
 
 
Эмиэ күһүҥҥү түүн
Күһүҥҥү түүн барааран
Кэлии-барыы тимирбит,
Күлүгүрэн, харааран
Кэрии тыабыт иһийбит.
Ый быыһа хараҥаҕа
Тыһыынча тыргыл сулус
Ыраас дьэҥкэ хараҕынан
Тырымныыра дьэ олус!
Хамсаабат уу чуумпуга
Соҕотоҕун иһэбин,
Харбыт уулаах тыымпыга
Кынат тыаһын истэбин.
 
 
Уҥа-хаҥас өттүбэр
Аҥыр кыылым аҥааттар,
Харахтарбар көстүбэт
Кини ханна да баатта…
Иһин-үөһүн барытын
Биирдэ тоҕо кулгуйар,
«Хааҕыр-хооҕур» хаһыыта
Хайтах эрэ бу турар.
Дьиэбэр чугаһаабытым –
Үөлэс кыыма тырымнас,
Халлааны салаабыта
Кыһыл кутаа тылынан.
1935
 
 
Сайыҥҥы түүн
Күндү күммүт күлүмэ
Күлүк сиргэ күрэннэ,
Тумус тыабыт күлүгэ
Толоон уҥуор оҕунна.
Сырдык, чуумпу сайыҥҥы
Түүҥҥү кэммит эргийдэ,
Күөҕү кэппит сайылык
Дөксө күүскэ киэркэйдэ.
Үрүҥ туман халыйан
Үрэх үрдүн бүрүйдэ,
Уҥуор турар харыйа
Онно бүгэн кирийдэ.
Көҥүл-босхо долгуйар
Эдэр сэтир хатыҥнар
Үрүҥ солко чулкунан
Күндү күөхтэн тирэнэн
Кэккэлэһэн турдулар.
Унаар-тунаар оһуордаах
Улуу хочом дуолугар
Онтон-мантан, уҥуортан
Дорҕоон тыаһа дуорайар…
 
 
Тыына суохтуун, тыыннаахтыын,
Мичээр күнтэн астынан,
Оттуун-мастыын, чыычаахтыын
Утуйарга бардылар.
28.04.1935
 
 
Эдэр бэйиэттэргэ
Ыллыыр-туойар бириэмэ
Ыган кэллэ, доҕоттоор!
Отут-сүүрбэ бэйиэмэ
Уобараһын оҥоттооҥ!
Бэйиэт улуу дьолгунан
Этэр тылгын салайдын,
Үөрүү-көтүү долгуна
Сүрэххиттэн халыйдын!
Ити кэлбит эн дьолуҥ –
Сэбиэт сирин дьоллоро,
Таптыыр тиибиҥ, дьоруойуҥ –
Улуу тутуу дьонноро.
Оттуун-мастыын, бэйиэттиин
Күнү көрдө мин дойдум,
Уһуктубут бэйэтин
Уоттаах тойук оргуттун!
Хара санаа курдуура
Былыр сири-дойдуну –
Бүгүн үөрэх, култуура,
Бүгүн үөрүү долгуна…
Бүгүн араас арыллар,
Хаһыат, киинэ, тийээтир…
Көрүҥ өрө түллэр сүүрүгү,
Сааскы күүрэр бааллары!..
Эргэ кэми билбэтэх
Эдэр бэйиэт иннигэр
Саҥа тутуу тиэмэтэ,
Саҥа тыллар кэллилэр.
Айар идэ тыатыгар
Сааскы күндү күн тыгар.
Онно үүнэр бэрт элбэх
Лириичэскэй сэбирдэх.
Таптыыр дьоруой доҕорбут
Онно баран ыллаатын.
Эдэр бэйиэт оҥорбут
Итии тылын таптаатын.
Дьоллоох түөһэр толору
Салгын мүөтүн омурдан,
Күндү көбүөр толоону
Кини көрөн оҥордун…
Кыһыл охтоох чаҕылҕан
Кымньыы кыыма таммалыыр.
Байдын-тоттун айылҕам,
Алаас хочо, күөх тыалыын.
Ийэ дойдуом, эҕэрдэ!
Үчүгэйгин, эн бэккин –
Үүнэр манна бэрт элбэх
Лириичэскэй сибэкки.
Ыллыыр-туойар бириэмэ
Ыган кэллэ, доҕоттоор!
Отут-сүүрбэ бэйиэмэ
Уобараһын оҥоттооҥ!
Сааскы күммүт уустугун
Сэттэ суоллаах өҥүнүү,
Айар тылбыт уустуга
Турдун көстө-күлүмнүү!
Дьокуускай к., 1935 с. бэс ыйа
 
 
Биэчэргэ
Кулууп дьиэҕэ, биэчэргэ,
Ырыа-тойук, музыка,
Эҥин араас эгэлгэ
Үҥкүү – полька, мазурка.
Манна сылдьан көрөҕүн
Уоттаах санаа тиллэрин,
Эдэр ыччат сүрэҕин
Оонньуур хаана тэбэрин.
Күндү көрдөөх ырыаттан
Көбөн тахсар дьарыкпыт
Тоҕо саныыр санааттан
Сүппэт, ааспат, арахпат?
Сүүрбэ сааспыт сүүрүгэ
Ити курдук буолааччы,
Умнуллубат үөрүүнэн
Өйдүүр өйбүт туолааччы.
Ыйдаах-күннээх ып-ыраас
Халлаан өҥө килбэйдин,
Дьарылыктаах эдэр саас
Дьэргэлгэнэ дьэргэйдин!
Дьокуускай, 1935
 
 
Даачаҕа
Адаарыйбыт мутуктаах
Арыы чаллах бэс мастар
Сааскы түүммэр утуктаан
Ылы-чуумпу барбыттар.
Күлүмүрдүү мэндээрэр
Күндү көмүс көлүйэ
Бэрдин бары мэлдьэһэн
Биллибэттик кирийэр.
 
 
Ыраах-ыраах иһиллэр
Ырыа-тойук, ырыа-хай,
Онно турда дэһэллэр
Улдьаа-мэник оһуохай.
Үөһээ тыынар салгыннаах
Үрүҥ түүнүм наскыйда,
Намтыыр-үрдүүр дьалхааннаах
Нарын тылбын таптайдым.
Сэргэлээх, 12.07.1935
 
 
Чолбон
Киэҥ сир арҕаа саҕаҕар,
Киэһээ кэммэр бэрт эрдэ
Далай халлаан хараҕа –
Чолбон сулус дьэргэйдэ.
Тыыннаах ыраас өҥүнэн
Тырым ойо тылбаарда,
Көстөр тыргыл күлүмэ
Күндү таастыы кылбайда.
 
 
Көрүҥ ити киэҥ халлаан
Кырасаабысса кыыһа
Күнүм сирин абылаан
Күлүм-дьирим кыыһарын.
 
 
Улуу куйаар буостатын
Сургуустаммыт суруга,
Киэһэ сиргэ бастатар
Кэрэ сырдык сулуһа,
 
 
Уоттаах Чолбон барахсан
Ооньньоо хайтах баҕарар –
Кырдьык, сибээс бырахсар
Кэммит кэлиэ ээ, баҕар.
12.07.1935
 
 
Биэрэк
Кирбии таастаах биэрэк
Кэлэн аалсар быыһа.
Кэлиий манна, Биэрэ,
Кэлий, Сунтаар кыыһа.
 
 
Көрүүй, сэгээр, көрүүй –
Күммүт киирэн хаалла,
Көрүүй – ыраас Бүлүүм
Үөһэр ааллар бааллар.
 
 
Мантан өрүс уҥуор
Үрдүк быраан көстөр.
Көрүүй бэрдин, доҕоор,
Күндү дойду көхсө!
 
 
Манна мүөттээх салгын
Сөрүүн тыына түһэр,
Бэл бу дохсун долгун
Налыс гына түһэр.
 
 
Манна наһаа дьикти!
Ымыы дьолу туойар,
Биһи курдук икки
Тохтуур сирэ буолар.
 
 
Манна кэлэн хаста
Сытан-туран аастым,
Хаста сайба мастар
Мутуктарын аахтым.
 
 
Кэлиий манна, Биэрэ,
Кэлий, сэгээр, кэлий,
Кирбии таастаах биэрэк
Кэрэ ньуурун кэрий!
1936
 
 
Буурҕа
Дьэллик буурҕа сирилээн
Хаары саба тибэр.
Кытаат, буурҕа, көрүлээ
Киэҥ Сибирь иһигэр!
 
 
Кыраай халлаан чыпчаалын
Кытыастар сатата
Кырыыс муҥун кыйдаабыт
Көҥүлү санатар.
Улуу дойду киэҥ иһин
Ордорбокко киэптээн,
Буурҕа, тоҕо, туох иһин
Көрүлүүргүн кэпсээ.
Биитэр, баҕар, эн бүгүн
Бүтүн сири эргий,
Истиихтэрбин субу түүн
Эппит сирбэр тиэрдий!
Дьокуускайы үрдүнэн
Тойуктарбын көтүт,
Сүрдээх үрдүк үөрүүнэн
Сүрэхийбин көбүт!
Онно көтөн тиийэҥҥин
Уопсай дьиэҕэ тохтоор,
Бэһис хоско киирэҥҥин
Бирибиэттэ туттар.
 
 
Буурҕа оонньуур күнүгэр
Санаам эмиэ миэнэ
Чахчы-бааччы күүһүрэн
Өрө баран биэрэр.
Чараҥ, чагда, хара тыа
Эҥил баһын устун
Тохтообокко сытыы тыал
Сирдьигинии турдун!
Буурҕа курдук бараммат,
Мэлдьи баран иһэр,
Кини курдук баламат
Буолбут киһи баар ини!
Элгээйи, 1936
 
 
Элгээйи
Элгээйи диэн буолар
Көстөр дуолтан ордук
Дьоллоох соргу туолар
Дьоһун кэрэ дойду.
Элгээйи диэн буолар
Көстөөх сиртэн көстөр
Көрдөөх улуу туона,
Күндү көбүөр көхсө.
Элгээйи диэн буолар
Чаҕылыйар маяк
Дьоннорунан туолар
Долгуйар Кыһыл Май.
Элгээйи диэн буолар
Кэхтэри билбэккэ
Тэнийэр, тэлгэйэр
Эдэр күөх сибэкки.
 
 
Элгээйи диэн буолар
Мэлдьи хойдо турар
Унаарар буруолаах
Дьэргэйэр күөх тунаар.
 
 
Элгээйи диэн буолар
Баай сир мааны кыыһа.
Кини көмүс буорун
Мэник долгун кууһар.
Түргэн Бүлүү баала
Төлө мөҕөн тахсар,
Төннөн хаала-хаала
Түллэр күрбэ тааска.
Холоруктуур уораан
Биэрэк тааһын сууйар,
Онно кистээн, уоран
Куллугуруу туойар.
1936 с. атырдьах ыйа
 
 
Гитаара
Ханна нарын гитаара
Намылыйар тыастара
Наҕылыйан, бытааран
Дьаралыйан таҕыста?
Ити – таптал оҕото
Намтыыр-үрдүүр санаатын
Дорҕоонунан уматар,
Тойугунан саататар.
Сүрэхтэри таарыйбыт
Сүрдээх итии дорҕооннор
Тарбахтарын аайыттан
Таммалыыллар, тохтоллор,
Ити курдук миньньигэс
Элэ-была тыллары
Мэлдьи кэпсиир, биллэрэр
Табыллыбат, кыаллыбат.
 
 
Санаа тыыннаах салаатын
Араҥалыыр кытаанах,
Ол кыыс кистиир санаатын
Кэпсиир арай гитаара.
 
 
Дохсун долгун күүгүнүүр
Кэрэ кэмин толкуйдаан,
Үрдүк үөрүү сүүрүгүн
Гитааранан солбуйда.
 
 
Сааскы күнүм ойуута
Тыалга тэлим охсуллар,
Отум-маһым ойуута
Гитаараҕа кутуллар.
 
 
Саҥа таптал табыллар
Саргылардаах сааһыгар,
Санаа, сүрэх аһыллар
Сатамньылаах чааһыгар –
 
 
Субу нарын гитаара
Намылыйар тыастара
Наҕылыйан, бытааран
Дьаралыйан таҕыста.
Элгээйи, 1936
 
 
Ырыа хайтах үөскүүрүй
Кэлиилээх-барыылаах
Улахан дойдуга
Кытыастар тылларбыт
Көрүлүүр долгуна
Ойуулаах-оһуордаах
Уус-уран олохтон
Бэйэтэ тарҕанар,
Киэҥ толоон уҥуортан,
Баай хара тыалартан
Бааллыра барҕарар.
Холобур, бу киэһэ
Хоспор мин олорон,
Уобарас миҥэтин
Оҕуурдаан ыламмын
Оҥорон, чочуйан
Ырыабар көлүйдүм,
Уоттааҕар дохсуннук,
Тыаллааҕар сытыытык,
Муҥутуур түргэнник
Буурҕалыы көтүттүм.
 
 
Түргэнник, түргэнник
Төгүрүк өттүттэн
Түөрт саҕах салгынын
Дуоратан, доргутан,
Ынаҕы, сылгыны,
Хара тыа табатын,
Халыҥ сис тайаҕын
Үргүтэ-үргүтэ
Үрэҕи өҥөйөр,
Тайҕаны дабайар
Дарбааннаах ырыаны
Суруйдум дии санаан
Суоһуран кэбистим.
Бу курдук үчүгэй
Сүөгэйдии миньньигэс
Сөп-сөрүүн түүннэргэ
Сүрэхпэр тыын туолар, –
Ырыабар тыл туолар,
Үрдээбит үөрүүбүн,
Саньньыйбыт санаабын
Уустуктаан этэрим
Ырыам диэн аатырар.
Саныыбын оччоҕо:
Мин поэт эбиппин,
Дьиктилээх лирикам
Умайар уотунан
Иириэхпин иирбиппин,
Муҥура суох ыраас
Муҥутуур санаабын
Эгэлгэ тылбынан
Этиэхпин эппиппин!
1936
 
 
Арахсыы
Күөгэйэр күммүнүү
Кылбайа кыыһар,
Күлэн күлүмнүүр
Көр үйэм кыыһа,
Хотугу дойдум
Кэрэ киэргэлэ,
Хоһооммун-тойукпун
Кэһимэ, киэр диэмэ.
Эйигин, мииҥин
Киэҥ айан суола
Араарар кэмигэр
Хайтах буолабыт?
 
 
Кырдьык, мин
Хара түүн харахтаах
Тайҕа уолабын,
Мин дьиэттэн арахпыт
Дьэллик тыал буолабын.
 
 
Эн үүнэр күөх сааскар
Дьолуҥ чыпчаал үрдүн
Хас күҥҥэ, хас чааска
Мин көрөн үөрдүм.
 
 
Көрдүм дьолбун көҕөрдөр
Күнүм күндү мичигин,
Кэлэр кэскилим төрдүн –
Эйигин, сэгээр, эйигин.
Тэлэһийэр кэмнэрбэр
Тэһийбэккэ сытабын,
Дьиэбэр киирэн кэлэргин
Кэтии-маныы сатыыбын.
Арыт эмиэ саныыбын –
Баҕар, кэмниэ кэнэҕэс
Кэккэлэһэр-ханыылаһар
Кэммит тиллэн кэлиэҕэ.
1936
 
 
Былыттаах түүн
Сааскы сиппит айылҕам
Саста былыт анныгар,
Сырдык уоттаах чаҕылҕан
Сытыы кыыма таммалыыр.
Этиҥ этэр түүнүгэр
Биирдэ бэһиэ буоллубут,
Сэмэннээххэ түмүллэн
Сэһэн бэрдин буллубут.
Тохтообокко тобуллар
Бэһиэлэйдээх бэсиэдэ
Мэник соҕус да буоллар
Хайтах курдук бэрт этэй!
Көрбүт-нарбыт дьэ бэргээн
Күүрдэр күүрэн испитэ –
Уордаах этиҥ, дьиибэргээн,
Күлэн төлө биэрбитэ.
Түннүгүнэн киирээри
Чөмөхтөспүт былыттан
Толоон-сыһыы килэйэр
Дохсун самыыр куппута.
8.10.1936
 
 
Күһүн
Күһүн силбигинэн силлиэрдэ,
Сибэкки күлүгүн даҕаны
Сиргэ харахтыырыҥ суох аны,
Күммүт килбигийэ кэмчиэрдэ,
Күһүн силбигинэн силлиэрдэ.
 
 
Хонууну хаардар үллүйдүлэр,
Сүүрүктээх үрэҕим сүрэҕэ
Толугураан түстэ түгэҕэр,
Көлүйэ күөллэр үлүйдүлэр,
Хонууну хаардар үллүйдүлэр.
 
 
Чылыгыр чэҥи тыа таҥынна –
Тэлибир сэбирдэх чараҥ тыа.
Көҥүл көрүлээтэ күтүр тыал,
Сүрэхпит сайынын аҕынна,
Чылыгыр чэҥи тыа таҥынна.
 
 
Сааскы саньньылҕаммын ахтабын –
Кэтэһэр кэрэ мунчаарыыны,
Үрүйэни, талах арыыны,
Саргылаах саҥа таптал абын,
Сааскы саньньылҕаммын ахтабын.
 
 
Билигин бу курус күннэргэ
Доҕорбун ханна тоһуйуомуй?
Тугу долгута хоһуйуомуй?
Санаам үлүгэри үүннэрдэ
Билигин бу курус күннэргэ.
 
 
Сыламныыр көмүлүөк түүлүгэр
Хараҥа күлүктэр эбиллэн,
Көстө сүөдэҥнэһэн эрэллэр,
Муҥурданным тайҕа түүнүгэр
Сыламныыр көмүлүөк түүлүгэр.
 
 
Кынаттааҕым эбитэ буоллар
Тоҕо да сытыамый манна мин…
Хайа эрэ сиргэ билигин
Сааскы күөрэгэйдэр туойаллар?
Кынаттааҕым эбитэ буоллар!
 
 
Көҥүл оҕолоругар
Күн ахсын, чаас ахсын бырааттыы дьоннор
Күн сиригэр эбиллэн иһэбит,
Мин дьолбор, эн дьолгор, кини дьолугар
Күлэбит-көрүлүүбүт – иһэбит.
Сааскы сүрэхпит үөрүүнэн умайар,
Киирбэт күн сарыала чаҕылыйар,
Доҕоруом, быраатым, балтым, убайым –
Санааргыыр саҥаны саҥарымаҥ.
 
 
Кэпсээ барытын, мин күндү көмүһүм,
Кэпсээ миэхэ сүрэҕиҥ эрэлин,
Муҥурун булларбат санаа көҥүлүн,
Муҥутуур дьолбут сайдан эрэрин.
Кристалл таас курдук аалыллан тупсубут
Санаам баҕатын мин эмиэ кэпсиэм –
Туох иннигэр дорҕоонноохтук туойдубут
Доҕордуу майгы туругурдун диэн.
1936
 
 
Сергей Есениҥҥэ
Таптыырыҥ күөгэйэр күннэрдээх
Эргийбэт эдэр саас долгунун,
Саныырыҥ самыырдаах түүннэргэ
Ийэҕин, төрөөбүт дойдугун.
Таптыырыҥ эриэккэс лирикаҥ
Сүрэххэ кутуллар сүүрээнин,
Мин ырыам чэпчэтэр диир этиҥ
Эрэй-муҥ ытыйар иирээнин.
Таптыырыҥ муҥурун булбакка
Үтүөнү, мөкүнү барытын,
Дьалхааннаах тапталгын уйбакка
Таҥнастар суолунан барбытыҥ.
Испитиҥ, барытын испитиҥ –
Эрэйгин, үөрүүгүн, ырыаҕын,
Баскынан таҥнары түспүтүҥ
Балыырдаах будулҕан айаҕар.
Испитиҥ мүөттэри, дьааттары –
Көрбүккүн барытын испитиҥ,
Мунчаарар санааҕа хаайтаран
Москва кабаагын испитиҥ.
 
 
Майдааннаах майгыны көбүтэр
Баламат тойугу туойарыҥ,
Көҕөрөр киэһэни көһүтэн
Күннүктээн түннүккэ турарыҥ.
 
 
Көһүтэ сатаабыт киэһэҕин
Көрбүтүҥ, сотору көрбүтүҥ,
Бакаалыҥ баранар тиһэҕин
Барытын кыайбакка барбытыҥ…
1936
 
 
Олоҥхоһут
Күһүҥҥү кэммит күөйэн кэлэн
Хараҥа түүн өҥөйөн турда…
Дьикти боруҥуй, көрүҥ эрэ,
Дьикти олоҥхо суолун курдук.
Түннүгүнэн үөмэр хараҥа
Кини ханна, хаһан бүтэрий?
Олоҥхоһут киһи хараҕа
Муҥура Суох түгэҕин көрөр.
Кини тойугулуур тойуга
Боруҥуй устун түһэ турда,
Ол тиийэн аллараа дойдуга
Абааһы муоратын долгутта.
Кини тойугулуур тойуга
Боруҥуй устун бара турда.
Оттоох-мастаах орто дойдубут
Тоҕус тумулугар чоргуйда.
Кини тойугулуур тойуга
Боруҥуй устун көтө турда,
Онно тиийэн үөһээ дойдуга
Ондол халлаан тутааҕын туурда.
 
 
Хараҥа барыҥый түүн ийэҕэ
Илбистээх этэр тылы миинэн,
Биир үйэттэн атын үйэҕэ
Кини сүүстэ тиэстэр-тиргиллэр.
1936
 
 
Ырыа
Сассыарда. Саас. Маай ый.
Этиэххэ тыл элбэх.
Бу кэмҥэ ким баарый
Сүрэҕэ үөрбэтэх?
 
 
Маарыйа, Маарыйа!
Күөх саас эн буолаҕын,
Эн күлэр Маайынан
Бу туолан тураҕын.
Дьэ дьолуҥ улааттын,
Марууса, Маарыйа,
Киэркэйдэ эн аатыҥ
Кэрэ тыл баарынан.
Түннүгүм аннынан
Бараҕын-кэлэҕин,
Мин тугу-ханныгы
Саныырбын билэҕиэн?
Маарыйа, Маарыйа,
Эн кыыһар киэһэҕэ
Бэрт начаас таарыйан
Сылдьыаҥ дуо миэхэҕэ?
Күн тахсар, күн киирэр,
Күлүмнүүр, мичиҥниир…
Саҥа дьол элбиирэ
Саныахха бэрдин ньии!
 
 
Күөх оттуун куустуһан,
Хатыҥныын, талахтыын
Хатыһан-куотуһан
Эн үүннүҥ, улааттыҥ.
 
 
Эн үүннүҥ, улааттыҥ
Үчүгэй дойдуга,
Сайынныҥ, ырааттыҥ
Толору дьолгунан.
 
 
Эргэҕэ саараабат
Эдэриҥ иннигэр,
Сүр хоту санаалар
Сүрэххэр иҥнилэр.
 
 
Эйиэхэ, Маарыйа,
Мин бэрди күүтэбин,
Мичиҥниир Маайынан
Бирибиэт ыытабын.
 
 
Чаас, күн-дьыл, бириэмэ
Син ааһа туруоҕа,
Дьэ хайтах эн мииҥин
Саныырыҥ буолуоҕай?
 
 
Салпакка саҥарар
Миигинник мэниги
Билиэххин даҕаны
Баҕарбат инигин?
Сунтаар, 1936
 
* * *
 
Эн ханна бааргыный,
Тапталым сулуһа,
Мин күнүм чаҕыла,
Мин түүнүм күнүһэ?
 
 
Тохтор тыл сүүрүктээх
Тойугум дуораанын
Быһааран, түмүктээн
Истэриҥ буолаарай?
 
 
Мичээр күн уоттанар
Бэһиэлэй кэмигэр
Саныыбын, ахтабын
Соҕотох эйигин.
 
 
Төрөөбүт куораккар
Бааргын дуу, суоххун дуу,
Кэпсээ – эн олоххор
Туох дьикти көр турда?
 
 
Биитэр эн мииҥиттэн
Биэс төгүл ордугу
Бу дьоллоох сиргиттэн
Булбутуҥ буолуо дуу?
 
 
Эйигин суохтааммын
Элбэх дьон иһигэр
Соҕотох мас курдук
Сукуллан турабын.
 
 
Эн ханна бааргыный,
Тапталым сулуһа,
Мин күнүм чаҕыла,
Мин түүнүм күнүһэ?
 
 
Өйдөөтүм
Өйдөөтүм сайыҥҥы киэһэҕэ
Санаабыт аһыллар үөрүүтүн,
Ардыгар кэпсэтии тиһэҕэр
Тайсымна тарҕаһар өлүүтүн.
 
 
Өйдөөтүм киэһээҥҥи халлааммар
Быһыттар былытым кыыспытын,
Сүүрүктээх үрүччэ хамсаамна
Халыйан сыньньана сыппытын.
 
 
Өйдөөтүм биһиги биир киэһэ
Биэрэги кэрийэ бааппытын,
Миньньигэс чуумпуну бэккиһээн
Сир дьолун уруйдуур чааспытын.
Өйдөөтүм этиҥнээх самыырга
Эн дьиэҕэр хойутаан хаалбыппын,
Эн тылгын, эн хаста хамныыргын
Өйдөөтүм бу хоспор баар курдук.
 
 
Өйдөөтүм санаабын билимнэ
Биир кэмҥэ саарбахтаан ылбыккын,
Өйдөөтүм ол киэһэ кэлэҥҥин
Эппиккин төннөрөн барбыккын.
Сунтаар, 11.11.1936
 
* * *
 
Сандаар күммүт
сардаҥата
Саһан хаалан
хараҥарда,
Күүтэ сатаан
кэбиспитим –
Көссөр чааһым
сатаммата.
Кэбис-кэбис,
кэмсиммэппин –
Кэм-дьыл манан
барамматах!
Хоһум аанын
сэгэттэргин,
Холбоон этиэм
сэгэттэйбэр –
Ситии курдук
синьньигэстик,
Силии курдук
миньньигэстик.
1936
 
 
Албын көрсүһүү
Сассыардааҥҥы күнүм сандааран
Түннүкпэр киирэн эрэрэ.
Санаабытым эйигин, Варвара,
Санаабытым эйигин.
 
 
Түүннээҕи түлүк уум көппөккө
Түһүүр кэриэтэ сыппытым,
Тахсар күн чаҕылын көрбөккө
Сыламныыр харахпын саппытым.
 
 
Арай саныырым – соҕотоҕу,
Биир дьикти баара мэйиибэр –
Өйдөөбүтүм эйигин оччоҕо,
Өйдөөбүтүм эйигин.
 
 
Хатаммыт халҕаммын аһаҥҥын,
Мин түүлбэр илэ кэриэтэ,
Киэргэнэн-симэнэн бараҥҥын
Киирэн кэлбитиҥ кэрэтиэн!
 
 
Ньалҕааххай хара баттахтарыҥ
Саньньылыйан түспүттэрэ түөспэр,
Ол бириэмэҕэ мин хадаар тылым
Аҕыйаан, көссүөрэ түспүтүм.
 
 
Билбэппин тимир тулуурдарбын
Туох түһэн хомуйбутун,
Этэр тылы булбаппыттан
Сүрдээхтик хомойбутум.
 
 
Ити курдук маҥнайгы
Албын билсиһиигэ
Куруубай быһыым-майгым
Сүтэн хаалтын бэккиһиибин.
Миэхэ суоҕу баар гынар
Дьикти санаа баар эбит:
Санаабытым эйигин, Варвара,
Санаабытым эйигин.
 
 
Кыракый чыычаахтыы тыкааран
Эмискэччи суох буолан хаалбытыҥ –
Өйдөөбүтүм эйигин, Варвара,
Өйдөөбүтүм, санаабытым.
Уһуктан ороммуттан турбутум,
Күнүм ойон күнүс буолбут.
Харандаас ылан суруйбутум
Хара тастаах блокноппар.
 
 
Тоҕо эрэ,
Тоҕо эрэ хомолтоттон
Тойук бэрдин булбутум,
Мэник тыллары холбооттуохпун
Баҕарталаан барбытым.
 
 
Ол күнтэн ыла бу күҥҥэ
Өйдүүр санаа баар, баара…
Оҕо сааспар, кэрэ кэммэр
Умнуом суоҕа, Варвара!
1937
 
 
Учуутал санаалара
Билигин мин үөрэппит оҕолорум –
Аан дойду дьоллоох дьонноро,
Кэлэр күн кэскилин оҥороору,
Үөрэнэр дьиэҕэ туоллулар.
 
 
Билигин мин үөрэппит уолум
Хойут инженер буолуоҕа,
Ким да кыайан оҥоруо суоҕун
Кини маҥнай оҥоруоҕа.
 
 
Мин үөрэтэр уолум сайдан-үүнэн
Хойут халлаан далайын дабайыаҕа,
Эльбрус, Этна, Гималай үрдүнэн
Тимир мохсоҕолу салайыаҕа.
 
 
Иркутскай куораттан өрөбүл күн
Мин дьиэбэр дьаарбайа кэлиэҕэ,
Киэҥ сиргэ кэрэни көрбүтүн
Миэхэ кэрэхсэтэ кэпсиэҕэ.
 
 
Сир картатын остуолга тэлгэтэн
Саҥа куораттары көрдөрүө,
Оччоҕо мин ситэн билбэтэхпин
Киниттэн көрөн үөрэниэм.
 
 
Мин үөрэнээччим улааттаҕына
Ученай буолуоҕа,
Электричество снарээттарынан
Атомы буомбалыаҕа.
 
 
Билигин мин үөрэппит кыыһым
Хойут врач буолуоҕа,
Сэллик өлүү хараҥа кырыыһын
Кини биһигиттэн араарыаҕа.
 
 
Биһиги мичээрдиир эдэрбитин,
Биһиги чэлгийэр чэбдикпитин,
Дьулуурдаах үлэбит эгэлгэтин
Кэлэр кэмнэргэ сэргэхситиэ.
 
 
Билигин мин үөрэппит кыысчааным
Кэскиллээх үүнэр күннэргэ
Советскай хонуулар аайы
Мичурин саадын көҕөрдүө.
Билигин мин үөрэппит кыыһым
Москваҕа баран ыллаабытын
Сыньньалаҥым быыһыгар
Радионан истэ сытыам.
 
 
Онон мин үөрэтэр оҕолорум
Улахан суолунан барыахтара,
Киэҥ сир киэлитигэр норуот олоҕун
Кинилэр айыахтара.
Сунтаар, 1937
 
* * *
 
Күммүт үөһэ
Күлүм ойдо,
Күлэн-үөрэн
Көрөн турда.
Көрөн турда
Тыаны, ууну,
Саҥа дойду
Сааскы ньуурун.
Күндү күнүм
Уотун ылан
Харах гынан
Көрөн туран
Тойук туойар
Тоҕо бэрдэй!
Санаа туолан
Сүрэх үөрдэ.
1937
 
* * *
 
Und Freude und Wonne
Aus jeder Brust.
O Erd, o Sonne,
O Glьk, o Lust!
Goethe
Кыыһар туҥат сааскы кэммит
Кэллэ манна – күндү, күндү!
Ыраас халлаан имэ кэйбит,
Ыраах, ыраах, үрдүк, үрдүк.
Кылбаа маҕан күлэр күнүс!
Хайа, дабаан, аппа, көҥүс,
Хонуу, толоон, үрэх, өрүс –
Үрүҥ көмүс, кыһыл көмүс!
Олус нарын, олус кэрэ!
Ойуу-бичик, эргэл-дьэргэл.
Көрбүт-нарбыт күннээн эрэр
Күөҕү кэппит сааскы сиргэ!
1937
 
* * *
 
Атын дьоннор иккилии буолан
Хонуу күөҕэр хаамаллар,
Оттон тоҕо мин көртөн мунан
Соҕотоҕун хаалабын?
Иккилии буолан сиэттиспиттэр
Күөх сааска дьаарбайаллар,
Оттон тоҕо мин кэннибиттэн
Күлүгүм эрэ хаамар?
Ол аата – мин бэйэбин кытта
Быстыбат ситимнээхпин,
Биир туспа халлааннаах, былыттаах
Муҥура суох элбэхпин.
1937
 
* * *
 
Бүгүн миэнэ бастыҥ баҕам:
Кэрэ кэми туһанарга,
Тугу барытын быраҕан
Бу түүн ырыа суруйарга.
 
 
Сааскы түргэн сүүрүк курдук
Долгуннардаах ырыалары
Хантан булбут ордук уустук,
Ордук үчүгэй буоларый?
 
 
Ордук эбээт субу маннык,
Ону-маны саныы-саныы,
Чэпчэкитик, ыараханнык
Ырыа тылларын сааһылыыр.
 
 
Ордук эбээт кэлин кэлэн
Күлүктэнэр, төлөннөнөр,
Кэмчиэрбит бытаан кэпсэли
Истииҕинэн тилиннэрэр.
1937
 
 
Александр Блокка
Высоко бегут по карнизам
Улыбки, сказки и сны
Александр Блок
 
 
Үөһээттэн үрүҥ таас эккиҥҥэ
Хараҥа күлүктэр түспүттэр,
Күлүктээх санаалар эн күҥҥэр
Эйигин элбэхтик күүппүттэр.
 
 
Ол сүрэх утаҕын ханнарар
Муҥутуур имэҥнэр буолаллар…
Ол үрдүк идея тыыннара
Түүн ахсын эн храмҥар туолаллар.
 
 
Баҕар, ол биллибэт дьахтарыҥ
Сирдээҕи сүтүгүҥ буолаары,
Сымнаҕас ырыаҕар таттаран
Сыньньана кэлбитэ буолаарай?
 
 
Ол, баҕар, улуу тыал кынаттаах
Уон Икки күлүгэ буолар дуу?
Хара түүн күлүктэрин кытта
Күн сирэ көҥүлүн уруйдуур.
 
 
Халлааҥҥа буурҕалар ытыыллар,
Ытыыллар, ыллыыллар буурҕалар,
Халлааҥҥа маҕан хаар ытыллар,
Маҕан хаар ытыллар, бурҕайар.
 
 
Силлиэ тыал ыраахтан аҕалла
Миэхэ эн тойугуҥ баай тылын…
Киэҥ халлаан сырдаан арылынна,
Күлүктэр көҕүрээн бардылар…
1937
 
 
Парахотунан
Дохсун сүүрүгү хайытан
Дьэргэһийэн иһээхтиир…
Бэһиэлэй бэһис каюта…
Гитара. Кэпсээн. Стих…
 
 
Бэһис каюта… Бэһиэбит –
Биэс дойду бэһиэлэйэ…
Бэһиэн айаннаан иһэбит
Биэс дьылҕа биэрэгэр…
 
 
Ким үөрэххэ, ким үлэҕэ,
Ким тапталлааҕын көссө –
Көһүппүт уоттаах сүрэҕэ
Күллүргүүр уулуу мөхсөр…
 
 
Долгун биһигэр бигэнэн
Көтөр хааммыт көрүлүүр,
Долгуйар уубут киэҥинэн
Күммүт уота күлүмнүүр…
 
 
Арыт уһун синьньигэстик
Силлиэ тыал ытыыр, ыллыыр,
Дорҕоонноохтук, миньньигэстик
Мотуруос маатыралыыр…
 
 
Бэһис каюта… Бэһиэбит –
Биэс дойду бэһиэлэйэ…
Бэһиэн айаннаан иһэбит
Биэс дьылҕа биэрэгэр.
Лена, 1937
 
* * *
 
Оччоҕо саас. Сааскы күн,
Олус кэрэ күн этэ,
Санаа самнар күлүгүн
Эн эмиэ көрбөт этиҥ.
 
 
Оччоҕо саҥа таптал
Сайдан тахсар баар этэ…
Эн ону санаан-ахтан
Мөхсөр сүрэҕиҥ тэптэ…
 
 
Бүгүн сүрдээх тымныы түүн,
Халлааны былыт саппыт…
Оҕо сааһыҥ үөрүүтэ
Таптыыр кыыһыҥ арахпыт.
 
 
Сааскы кыыһар киэһэҕэ
Эн ол кыыһы күүтэриҥ,
Бүтэй Бүлүү биэрэгэр
Күҥҥүн-дьылгын ыытарыҥ.
 
 
Дьоллоох томтор иэнигэр
Кини тиийэн кэлэрэ –
Саныыр санааҥ эйиэнэ
Күлүм гына түһэрэ.
 
 
Умнуллубат минуутаҥ
Ол курдук кэлэн ааспыт,
Оҕо сааһыҥ үөрүүтэ
Таптыыр кыыһыҥ арахпыт…
 
 
Таастаах үрэх сүньньүттэн
Күүгэн аллан оргуйбут
Сааскы дохсун сүүрүктэр
Омуннара уоскуйбут.
 
 
Халаан уулар баалларын
Тымныы түүннэр сиэбиттэр,
Ити курдук тапталлар
Эмиэ сойор эбиттэр.
Үрдүк үөрүү дьолунан
Кынаттаммыт сүрэххин
Санаа аалар сорунан
Эрэйдээмэ, сэгэттэй.
 
 
Көссөр күндү минуутаҥ
Онон эрэ бүппэтэх –
Эдэр сааһыҥ үөрүүтэ
Инники суолгар элбэх.
Лена өрүс, 1937 с. атырдьах ыйа
 
 
Көмүс күрүлгэн
Көрүлүүр көҥүлбүн көлүйэн
Биир сиргэ мин мэлдьи кэлэбин,
Көстүбэт күрүлгэн үрүйэм
Күндү кытылын кэрийэбин.
Элбэх сибэккиилэр бааллара…
Эриэннэр, маҕаннар, кыһыллар.
Көрбүтүм – үөһэттэн аллара
Күндэлэс күрүлгэн ыһыллар…
Көстүбэт үрүйэ төрдүгэр
Күрүлгэн көрүлүү турара,
Умайар сибэккиим үрдүгэр
Убаҕас көмүһүн кутара.
Элбэхтэн онно биир сибэккии
Мин өйбүн-санаабын туппута;
Мэйиибэр мичээрин бэлэхтии
Турбута, турбута, турбута.
Дьоннорго ол аптаах амулет
Дьолго дэҥ көстөрүн билэбин,
Булларбын, арай ол абырыа –
Күрүлгэн иһигэр киирэбин.
Үрдүбэр – күндэлэс күрүлгэн,
Анныбар аллараан ытыллар,
Халысхан дьигискэнэ бэргээн,
Кытаанах уорааннар ытыыллар.
 
 
Долгуттар туос тыыбын мээчиктээн
Салгын дьэргэлгэнин харбыыллар,
Кустуктаах бырдааты көөчүктээн
Фонтаннар санаабын сайгыыллар.
 
 
Ол курдук мин сааһым тухары
Биир суолу көрдүүрдээх буолбуппун,
Ол ону – бу чугас турары,
Бу манна, бу баары – булбаппын.
1938
 
 
Москуба
Москуба! Сэттэ таас буукуба.
Москуба – чаҕыл күн трибуната.
Москуба! Муҥутуур Москуба –
Өлбөт өй паровой турбината.
Быстыбат быйаҥнаах муора
Москуба, Москуба буолар.
Москуба – чэбдик, доруобай,
Кини дьол тойугун туойар.
Москуба биир да чаас утуйбат
Электричество харахтаах,
Уон да Лондон уйан турбат
Бетон, ыстаал, чугуун да куйахтаах.
Совет сирин тыына, дууһата
Москуба куорат буолаахтыыр,
Манна аан дойду музыката
Сүүс омук сүрэҕин кынаттыыр.
Модун күүс Москуба бухатыыр
Мунчаарар буомнары туораата,
Билигин, ооньньууттан ураты,
Барыта – Маай тыыннаах муората.
Совесткай сир хайтах хамсыырын
Арҕааттан арыйан көрөллөр,
Элбэхтик иҥсэрэн-ымсыыран
Илинтэн элиэтии көтөллөр.
 
 
Арҕааттан арҕахтаах фашистар
Хаһан күөрэйэр күннэригэр,
Илинтэн үҥүүлэр-батастар
Үмүөрүһэр кэмнэригэр –
 
 
Муҥурун булларбат Москуба
Бойобуой хоруйун уоптарыа,
Сир-дойду киэҥ ньуурун устунан
Уматыа мөлүйүөн уоттары!
1938
 
 
Мин үөрүүм
Мин олус үөрэбин –
Бу дьоллоох-соргулаах
Төрөөбүт дойдубут
Төннүбэт төлкөтүн
Төрүттүүр, олохтуур
Дорҕоонноох тутууга
Мин бэйэм күүспүттэн
Биэрэрим буолуо диэн.
 
 
Мин олус үөрэбин –
Бу тимир күлүүлээх
Тиҥиниир собуотум
Суон, модун гудогар,
Син кыра да буоллар,
Мин тылым, мин тыыным,
Мин саҥам дорҕооно
Эмиэ баар буолуо диэн.
 
 
Мин олус үөрэбин –
Күннэри, түүннэри
Күлүҥнүү дьэргэйэр
Көлүөһэ тимиргэ,
Баҕар, мин быччыҥым
Кыракый күүһүттэн
Биир грамм, миллиграмм
Аҥаара, чиэппэрэ
Эмиэ баар буолуо диэн.
 
 
Мин олус үөрэбин –
Ол көстөр үрдүккэ
Күөрэйбит самолет
Муҥутуур түргэнин
Көрүлүүр күүһүгэр
Мин санаам, мин мечтаам
Кынаттаах баҕата
Эмиэ баар буолуо диэн.
 
 
Мин олус үөрэбин –
Арктика муустарын
Уотунан хаарыйан
Уулларбыт, уһаарбыт
Советскай ледокол
Хочуолун иһигэр
Мин санаам итиитэ
Эмиэ баар буолуо диэн.
 
 
Мин олус үөрэбин –
Кыһыҥҥы түүннэргэ
Колхозпут хотонун
Күндэлэс оҥорбут
Ильич лаампатын
Чаҕылхай тааһыгар
Мин санаам сырдыга
Эмиэ баар буолуо диэн.
 
 
Мин олус үөрэбин –
Үлэлиир, сыньньанар,
Кырдьыкка үөрэнэр,
Кырдьыгы саҥарар
Кэскиллээх дойдубар
Киһилии сананар
Туйгуннаах быраабы
Туппутум туһуттан.
 
 
Мин олус үөрэбин –
Көҥүллээх үйэбит
Күннэрин таһаарбыт
Советскай Союзпут
Биллиилээх дьоннорун
Үрдүккэ Совекка
Быыбардыыр күннэргэ
Куоласпын холбообут
Муҥутуур дьолбуттан.
 
 
Хомолто Хотун
Не гляди с плеча,
Госпожа Печаль.
Ырыаны накаастыыр
Ынырык тыыннары
Ыскайдыыр, ыраастыыр
Уолдьаста дииллэр ээ.
 
 
Ол курдук сордоох ыар
Хомолто дьааттарын
Оннооҕор мин ырыам
Амсайбыт аатырар.
 
 
Күн сирин эрэйин
Көрбөтөх поэты
Ким кэлэн кини
Сүрэҕин, мэйиитин
 
 
Ыарахан идэҕэ
Ытыырга үөрэттэ?
Ким сиэтэн иттэҕэй
Бу сорго үөрүүттэн?..
 
 
Буруйдаах биир эрэ:
Хомолто диэн хотун
Мин хоспор киирэрэ
Түүн тыынын хорҕотон.
 
 
Мин түргэн, чэпчэки
Сайаҕас тылларым
Аан дойду дьиктитин
Барытын таптыыллар.
 
 
Таптыыллар олоҕум
Уорааннаах долгунун,
Таптыыллар оннооҕор
Хомолто хотуну.
 
 
Холдьоҕо сатыырым:
«Эн, түксү, буулаама», –
Халҕаммын хатыырым –
Син быыһы булара.
 
 
Кытаанах тылбынан
Кымньыылыах буолбуппар,
Маньньытар майгынан
Манныгы туойбута:
«Сэгээр, дьэ мин былыр,
Көҥүлүм баарына,
Көрүлүү сылдьарым
Күндүгэ-мааныга.
 
 
Оччоҕо, сэгэриэм,
Уһун, киэҥ суоллааҕым,
Килбиэннээх сир иэнин
Кэрийэр саҥнааҕым…
 
 
Москва куораттан
Бу Саха сиригэр,
Чуорунай муораттан
Бу хотон иһигэр;
 
 
Тымныы иин анныттан
Гималай үрдүгэр,
Дворец ааныттан
Бу сэргэ төрдүгэр;
 
 
Таас түрмэ бөҕүттэн
Россия түннүгэр,
Великай Бүөтүртэн
Манчаары түөкүҥҥэ;
 
 
Толстой генийтэн
Тыһыынча болваҥҥа,
Лермонтов кэнниттэн
Арбита Уйбааҥҥа –
 
 
Мин тыыммын иҥэрэн
Дьаарбайдым, кэрийдим,
Ийэ сир эҥээрин
Ии курдук эргийдим…
 
 
Субу мин обургу
Булбатах муннугум –
Суох буолуо булгуччу
Биир муҥур уллуҥах…
 
 
Дьон сайдар саргытын
Туорайдыы турарым,
Тулуурдаах санаатын
Тулумнаан ыларым.
 
 
Тоҕус сор уутунан
Тамахпын ханнаран,
Дьаралык уотунан
Сүрэхпин уулларан,
 
 
Баһа суох майдааны
Көбүтэр буоларым,
Аймалҕан киэҥ аанын
Барытын аһарым.
 
 
Түлүрбэх үөн көрдүк
Түүннээҕи бульвары
Төгүрүйэ көппүт
Мин баарым, мин баарым.
 
 
Мөккүөргэ-ииссиигэ
Ытаһа буоларым,
Дуэльга киирсиигэ
Сылтаҕы буларым.
 
 
Бэттэри кэрийэн
Мэлдьи мин буулуурум,
Мунчаарар кэмигэр
Пушкины муҥнуурум.
 
 
Бенкендорф тойонум
Прикааһа буолан,
Мин таба тайанным
Мичээрдиир күн уолун…
Сотору мин эмиэ
Биир бэрди булбутум,
Дарьял бэлэһэр
Өҕүр’үйэн ылбытым.
 
 
Сырдык өй симиллэр
Хараҥа хаспаҕын
Кэҥэтэн, сиҥнэрэн
Киниэхэ хаспытым.
 
 
Гогольга бараммын
Хоһугар киирбитим:
«Эрэлиҥ бараммыт,
Иирэн өл», – диэбитим…
 
 
Арай бу долгуйбут
Көҥүл күн дьолуттан,
Советскай сир дойду
Мөлүйүөн дьонуттан
 
 
Мин дуолбар туппутум
Биир да суох бу манна,
Бэлэспэр куппутум
Мэлийдэ, баранна…
 
 
Арай мин билигин
Көр, ырыа сиригэр
Билэбин, билэбин,
Билэбин эйигин.
 
 
Эн дьоллоох Союһуҥ
Биир дьоллоох уолаҕын,
Мичиҥниир тыл ууһун
Биир кыыма буолаҕын…
 
 
Эн чуумпу муннуккар
Сыньньанным, нуктаатым,
Эн итии тойуккар
Мин санаам тохтоото.
 
 
Мэник тыл кынаттаах
Бэһиэлэй поэт уол,
Эн мииҥин, кэл, таптаа –
Эн мииҥин туойар буол…»
 
 
Хомолто хотуну
Холдьоҕон кээспэккэ,
Куттана-куттана
Хоспор мин киллээртим.
 
 
Саныырым: «Чэ, бэйи,
Боруоба кэриэтэ,
Уон араас эрэйи
Барытын билиэххэ.
 
 
Өлөрөр-охторор
Өргөһө тостубут,
Туоҕунан хоттоҕой
Мин дьолум тохсолун?!»
 
 
Алҕаһым эбит ол…
Ол иһин да бүгүн
Үлэттэн, олохтон
Арахпыт үһүбүн.
 
 
Суох! Бастыҥ сыалбынан
Баар олох, баар үлэ.
Мин тыынар салгыным –
Дьол, үөрүү сүүрүгэ.
 
 
Сүүстэн сүүс ыччатым
Куолаһыгар холбоон,
Көстөр күн ырыатын
Ыллыыбын, доҕоттоор.
Оччоҕо, оччоҕо
Хомолто хотуну
Бэйэтэ хольдьоҕор
Мин ырыам ох тыла:
 
 
«Хоспуттан киэр таҕыс,
Хомолто хотун, эн.
Араҕыс, араҕыс
Арҕаанан-хотунан.
 
 
Эйигинэ да суох
Этэр тыл биир бэрдин
Мин булан суруйуох
Мунчаарбат поэппын.
 
 
Арай эн былыргы
Былыттаах дьылларга
Аччыктаабыт, ырбыт
Дьадаҥы дьоннорго
 
 
Күннэри-түүннэри
Күүлэйдиир буоларыҥ
Дьоллорун түҥнэрэн
Тойуккун туойарыҥ.
 
 
Хараҥа батталы
Утары турбуту
Самнары балталаан
Умсары уурбутуҥ.
 
 
Муннукка хаайтарбыт
Буурҕалаах өйдөрү
Аргынан-хаартынан
Аймыырыҥ, сүүрдүүрүҥ.
 
 
Оччоҕо хас муҥнаах
Олохтон хоргутан,
Дьоллорун булумна
Тимирдэ, хорҕойдо?
 
 
Хас үрдүк талааны
Өлөрдүҥ, өһөрдүҥ,
Былдьааҥҥын, талааҥҥын
Быһахха түһэрдиҥ?
 
 
Билигин, билигин
Миэстэ суох эйиэхэ,
Дьол күндү биэрэгэ –
Барыта биһиэхэ.
 
 
Сырдык дьол кыымнара
Күлүмнүү көттүлэр.
Ыар санаа тыыннара,
Харахпар көстүмэҥ!»
 
 
Дьа! Мин тимир Бисмарк
Ыарахан санаатын
Хара тыын бииһигэр
Хасса суох хатаатым.
 
 
Хомолто хотуну
Хоспуттан кыйдааммын,
Буллум биир туйгуну –
Көр-үөрүү Кыысчаанын.
 
 
Бу дьоллоох тапталы
Суруйар уолдьаста –
Бүгүн биэс тарбаҕым
Бөрүөнү былдьаста.
 
 
Бу дьоллоох тапталбыт –
Үүнэр күн таптала,
Таһымныы дьалкыйбыт
Үөрүүбүт уус тыла.
Бу дьоллоох тапталбыт –
Чугууну буһарбыт,
Ыстаалы таптайбыт
Советскай бухатыыр.
 
 
Бу дьоллоох тапталбыт –
Хайалар, муоралар
Дьиктилэрин таайбыт
Туйгун дьон буолаллар.
 
 
Бу дьоллоох тапталбыт –
Колхозтаах хонуулар,
Тиҥинии дарбыйбыт
Тимир күүс тутуулар.
 
 
Көр, ырыа күнүгэр
Советскай сир ийэ
Сибэкки күөҕүнэн
Симэммит сирэйэ.
Күндээрэн, күлүмнээн,
Көр-үөрүү Кыысчаана,
Күн күлэр көҕүнэн
Ырыабын кынаттаа!
13.04.1938
 
* * *
 
Миэхэ эн дойдуҥ диэкиттэн
Мэнээк сэһэннэр кэлэллэр,
Эн күүлэйдиир биэрэккиттэн
Мэник тыаллар иһиллэллэр:
Тоҕуһу, сүүһү билсэр диэн
Дьоннор эйигин этэллэр,
Оннук нуомаһы мин истэн
Биир суол туспа чувствам тиллэр.
Биирдэ көссүһэн, кэпсэтэн
Билсиһиэх баҕам эбиллэр,
Санаа булабын испиттэн –
Айылҕаҕа маннык биллэр –
Алдьаммыт да сибэккиттэн
Астыныы мүөтүн иһиллэр.
 
* * *
 
Ол дойду күндү мөссүөнүн
Умнубаппын даҕаны!
Толоон үрэх торҕо күөҕүн,
Халыҥ сиһи, тайҕаны.
 
 
Онно – күөл уутугар үҥкүүлүүр
Күһүҥҥү наҕыл самыыры,
Күөх туман бүрүйэр түүнүн
Толкуйдуубун, саныыбын.
 
 
Сүрэҕэлдьээбит тымныы таммахтар
Түннүк тааһын сууйаллара…
Оччоҕо мин отоннуу барбакка
Стиихтэрбин суруйарым.
Өйдүүбүн – дэриэбинэ чуумпутун,
Кини боростуой быһыытын-майгытын,
Саныыбын санаабын туппуту,
Барытын, барытын, барытын…
 
 
Пааркаҕа
Пааранан дьаарбайар пааркабыт
Маанылаах таҥаһын таҥныбыт,
Баар күндү барчатын, баархатын
Бар дьоҥҥо барытын өҥнүбүт.
 
 
Туочунай хардыынан үктэнэр
Чочуонай үчүгэй чулкулар
Аллея кырыһын үрдүнэн
Харахпар элэҥнии турдулар.
Мин ол муннукка, ити ааҥҥа
Кэтиибин уһун күн тухары –
Туохтан да туйгун, идеальнай
Дьикти кырасыыбай дьахтары.
 
 
Күн аайы, түүн аайы кэтиибин,
Ол тоҕо кэтиирим буолуоҕай? –
Бүгүн бу суруйар истииҕим
Киһилии тахсыаҕын баҕаран.
1938
 
* * *
 
Дьигискэн, халысхан, күрүлгэн
Күлүмүр бырдааты тибиирдэ,
Дьэргэл күөх үрдүккэ күн үргэн
Дьэбиннээх былыкка тимирдэ.
 
 
Күрүлгэн, дьигискэн, халысхан
Чачыгыр таастары мэҥиэстэн
Туолбакка мин диэки хайыста –
Тиэтэйдэ, туос тыыбын мэҥэстэн.
 
 
Халысхан, күрүлгэн, дьигискэн,
О, тохтот көбүөхтүү күүрбүккүн,
Эрдиинэн тоҕута илгистэн
Мөлтөтүөм эн уоргун, эн күүскүн!
 
 
Былыр уонна быйыл
(Ырыанан суруллубут кэпсээнтэн быһа тардыылар)
 
 
Дьокуутуйа хаарын анныгар
Көрөр харах ылбатынан,
Бары кыраайыгар-муннугар
Кыһыл көмүс кылбачыйар.
Билигин кини дөксө байда –
Түүлээҕинэн, бурдугунан,
Дьоллоохтук туругура сайдар –
Культуранан, тойугунан.
 
 
Эдэр дьон, билигин, биһиги
Эҕэрдэнэн эҥээрдэнэн,
Саха сирин – дьолбут биһигин
Сибэккинэн симээтибит.
 
 
Мин ыллыырым тоҕо сыыһаный,
Дьоллоох сааспын таптаабычча?
Ырыабын истэн сыаналаарыый,
Эн, Элиэнэ – кырасаабысса!
 
 
Эн биэрэктэргэр үүммүт бурдук
Күлүмүрдүүр көмүс куоластаах,
Эн көрүлүүр долгунуҥ курдук,
Ырыабыт кутуллар куоластаах.
 
 
Умнаһыт олоҕун умнубут
Дьокуутуйа – дьоллоох дойду!
Суугунас солконон таҥныбыт
Алааһа, чараҥа долгуйда.
 
 
Олох дьолун оҥорууга
Уһанар күүстэр баарбыт,
Бэһиэлэйгэ, көргө-оонньууга
Тойугунан да баайбыт.
 
 
Биһиэхэ муора хараабынан
Бурдук, ас-таҥас кутуллар;
Халлаан устун көтөр аалынан
Мин эһэм дьаарбайар буолла.
 
 
Бэс ыйын бэттээхэй түүнүгэр
Сынньанар, көрүлүүр сахха
Кэбиниэт түннүгүн анныгар
Толкуйдуур дьолломмут саха.
 
 
Сурук суруйар остуолугар
Чуумпуран олорон саныыр;
Чаҕылхай лаампатын уотугар
Ааҕар нууччалыы, сахалыы.
 
 
Саныыр хайтах колхуос дохуотун,
Колхуос баайын элбэтэри;
Булбат маннык дьикти кэм буолтун
Хайтах тылынан этэрин.
 
 
Саныыр, хаһан Москуба куоракка
Баран, дьаарбайан кэлэрин;
Тилигириир боробуос акка
Тиэллэн айанныыр кэмнэрин.
 
 
Толкуйдуур, дьоллоох совет сирэ
Мааны кыыстыы симэммитин;
Айылҕа сибиэһэй күөх сирэм
Сибэккитэ тэлгэммитин.
 
 
Толкуйдуур, тапталлаах доҕоро
Мичээрдээн привет биэрэрин,
Төрөөбүт алааһа, толооно
Хайтах чэлгийэн эрэрин…
Дьокуускай к. 1938 с. ыам ыйын 20 к.
 
 
Тыал
Түүн.
Саас.
Уон
Чаас.
Уу.
Тыа.
Баал.
Муус.
Чуу!
Тыал.
Тыас –
Уус…
Тыал
Да
Тыал
Дии!
«Тыый
Да
Тыый, –
Диир
Тыа, –
Эн,
Тыал,
Эн,
Тыал,
Киэр
Буол!» –
Диир
Тыа.
Туох
Диир
Күөх
Уу?
Туох
Диир
Баай
Баал?
«Дьиэм
Суох
Дии
Бу», –
Диир
Уу.
«Дьол
Суох,
Сор
Баар», –
Диир
Баал.
«Тыал,
Тыал
Бар
Дуу,
Кэл
Дуу»… –
Диир
Уу.
«Ой
Тыа,
Киэҥ
Дуол,
Киэр
Буол,
Киэр
Хаал!» –
Диир
Баал.
Туох,
Туох
Диир
Тыал?
«Дьол
Суох,
Сор
Суох, –
Диир
Тыал. –
Көт,
Сүүр,
Күл,
Күүр –
Син
Биир
Суох
Суол,
Син
Биир
Суох
Сыал, –
Диир
Тыал. –
Биир
Баар –
Мин.
Баар –
Күн
Саар.
Дьол,
Сор,
Киэҥ
Суол,
Киэҥ
Сыал!» –
Диир
Тыал.
Мин
Туос
Тыым
Туох
Диир?
«Син
Биир
Дьол
Суох, –
Диир. –
Дьиэ
Уот
Да
Суох,
Дьэ
Туох
Да
Суох…
Бэл
Суох
Биир
Тыл…
Күүс –
Уох,
Биир
Тыын
Суох,
Суох», –
Диир
Тыым.
Мин
Туос
Тыым
Туох
Диир?
«Эн
Да
Бу
Түүн
Суох
Буол!» –
Диир
Тыым…
Туос
Тыым:
«Эн, –
Диир, –
Бу
Түүн
Өл!» –
Диир…
21.05.1938
 
 
Муораҕа
Үрүҥ көмүс ый уота,
Сырдат сири, халлааны,
Сырдат былыт уҥуортан
Мииҥин, муора муҥнааҕын;
Барыар хара күлүктээх
Барар суолум барҕатын,
Үллэр күүгэн үллүктээх
Дириҥ далай уорҕатын
Тула көтөн тыга тат,
Тунал маҕан ый уота.
 
 
Онно – түллэр баал уҥуор,
Онно – туора дойдуга,
Онно түүҥҥү чуумпуга,
Онно бу мин туспунан
Мэлдьи, мэлдьи саныыллар,
Мечтаайдыыллар чаас аайы,
Мииҥин күүтэ сатыыллар –
Тиэтэй, тиэтэй, хараабым.
 
 
Түргэн-түргэн баал, оргуй,
Долгун-долгун халыһый!
Долгун-долгун обургу,
Дьолбун-дьолбун харыһый!
Маннык мааны тылларбын
Дириҥ үөскэ тимирдэн
Алдьаппакка-тыыппакка
Доҕоччукпар тириэрдиэм.
 
 
Онно кини соҕотох
Саньньы түһэр, санааргыыр,
Сылаас таптал суоҕуттан
Сытар-турар, сылааргыыр.
Кини диэки хайыстым
Дьэ бу күүһүм баарынан…
Мииҥин таптыыр алыстык
Сүрэҕинэн-быарынан.
Үрүҥ көмүс ыйдаҥа,
Сырдат сири, халлааны,
Бардым ыраах дойдуга –
Тиэтэй, тиэтэй, хараабым!
 
* * *
 
Оол, ыраах туналыйар дуоллар
Өлбөөркөй дьураалара көстөр,
Мин көтөр кынаттааҕым буоллар
Барыам этэ Кинини көссө.
 
 
Барыам этэ төрөөбүт тыабар
Быраһаайбын хаһыытаабакка,
Баҕалаах баламат хардыыбар
Арахсар сорбун ытаабакка.
 
 
Барыам этэ мин ыраах-ыраах,
Тыынар таптал ыраас тыатыгар,
Тыкаары кыната халлааннаах
Венера саарыстыбатыгар.
 
 
Онно бааллар төлөннөөх түүннэр
Күлүмүрдүүр көмүстэрэ,
Буурҕалаах санааны үүннэрэр
Кистэлэҥнэр күлүүстэрэ.
 
 
Бааллар хаһан да хагдарыйбат
Сибэккилэр, сэбирдэхтэр,
Тыыннаах арыгынан халыйбыт
Бардам дьигискэннээх үрэхтэр.
 
 
Оол, ыраах туналыйар дуоллар
Өлбөөркөй дьураалара көстөр,
Мин көтөр кынаттааҕым буоллар
Барыам этэ Кинини көссө.
 
 
М.Ю. Лермонтовка
Оччоҕо буурҕалаах олоххор
Кытаанах этиҥнэр ытыыллар…
Эн уордаах-уорааннаах тойуккар
Тыыннаах тыл сүүрүгэ кутуллар.
Барбытыҥ эн үрдүк хайаҕа
Сылайбыт сүрэххин сынньата,
Дарыйаал аппатын айаҕар
Күлүмнүүр сулускун умата.
Эн онно көстөр күн сириттэн
Күрэнэр хонуккун түһээтиҥ…
Ол иһин эн кыырай күлүктэн
Илбистээх Диэмэни түһээттиҥ.
Дьаныардаах дьаллыгын кытары
Хатыһар тэҥнээҕи билбэтэх
Сир-халлаан ыйааҕар утары
Соҕотох буолуохсут ол этэ.
Ол иһин үйэттэн үйэҕэ
Үүрүллэр кыһалҕа муҥуттан,
Үтүөнү көрбөтөх сүрэҕэр
Уордайыы төлөнө мунньустар.
Өлөрдүү саньньыйбыт хараххар
Өлөргө бэриммэт уоттааххын,
Сир ахсын эн сордоох сураххар
Дьол-соргу томтойбут суоллааххын.
Өстөөҕүҥ өһүөннээх буулдьата
Өлөрдө Масуук таас тэллэҕэр…
Суох! Уоттаах өй дохсун буурҕата
Тилиннэ, дөссө да тиллиэҕэ.
 
* * *
 
Сулустан сулуска тардыллыбыт
Алып чарай ханаатынан
Биһи сэрэммэккэ хардыылыыбыт
Сордоох Дьол үрдүк аатыгар.
 
 
Халлаан чаҕылыйар күлүктэрэ
Харахпытын маньньыталлар,
Ыраах Пространствонан үктэнэр
Ыллыкпытын хамнаталлар.
 
 
Маннык тааллыбат Муҥура Суохха
Тоҕо бардыбыт, сэгэриэм? –
Бу дьаллыгырбыт сүрэхпит уота
Күөдүйдүн биитэр өстүн диэн.
1939
 
* * *
 
Мин бүгүн улуу пессимииспин –
Хаһыытыыр күлүгү туойабын,
Ол хара күлүктэн мэлдьи мин
Сырдык сардаҥабын айабын.
1939
 
* * *
 
Маҕан хаар быыһыттан ол быкта
Мин хара сибэкким. Кыыстылар
Тайҕа тыа быыһыгар сырдыктар,
Ол эриэн кыымынан быыстала
Суох тохто турдулар былыттар.
Мин муорам түҥкэтэх өттүгэр
Күн уотун сабыта тибиирэн
Ол үллэр долгуннар көттүлэр,
Хараҕа суох улуу тибиинэн
Күөх тыаллар дьааһыйан түстүлэр.
Мин күүспүн-күдэхпин көрөҕүөт?
Аан дойду – барыта мин дойдум,
Бу тыа, бу долгун, күн көрө, күөх
Мин тыынар тылбыттан долгуйда.
Мин ырыа бэйэбин көрөҕүөт?
Онон дьэ мин тугу туойабын?
Бу күүстэн, имэҥтэн, төлөнтөн
Мин бэйэм өлөөрү турабын,
Хараҥа күлүктэр бэрт өртөн
Сабардыыр буолтара тулабын.
 
 
Мин ханнык биэрэктэн тирэнним?
Хас күннэр, хас дьыллар аастылар?
Тугунан тосхойуой мин инним?
Буурҕалар мин ииммин хастылар,
Аан дойду барыта мин ииним.
 
* * *
 
Саныыбын: олоҕум дьылҕата
Биллибэт куйаарга тимирбит…
Халыҥ тыа кэтэҕэр биир хатыҥ
Субу мин тураахтыыр эбиппин.
Ол хатыҥ сүгэттэн кыланна, –
Биир сиргэ турарыҥ сатаммат, –
Кинини кэйгэллээн ыланнар
Ыраах сир биэрэгэр ыыталлар.
 
 
Мин өлүөм, оччоҕо тиллиэҕим
Харахха көстүбэт үөрүнэн,
Оччоҕо мин ыллаан биэриэҕим
Дьоннорго кынаттаах үөрүүбүн.
21.08.1939
 
* * *
 
Мин тыыным алгыстан кыранар,
Мин тылым кырыыстан алҕанар –
Анныбар хараҥа кыраман
Хаһан мин сүрэхпин салбанар?
Салбаныа да туран күөрэйиэм
Ыар дьылҕа бэлэһин иһиттэн,
Оччоҕо мин ырыам дьиэрэйиэ –
Киэҥ дойду кэрэхсээн иһиттин.
 
 
Этэ суох идея буоламмын
Дьон-норуот сүрэҕин соһутуом,
Өлөртөн өлбөтү буламмын
Ыар дьылҕа тутааҕын тоһутуом.
21.08.1939
 
* * *
 
Аан дойду кутурҕан санаатын
Барытын сүрэхпэр кыыньньаран,
Чуумпуран олорон алҕаатым
Дорҕоонноох айдааннар тыыннарын.
Айылҕа бэлэхтиир кэһиитин
Бараммат үөрүүбэр муннардым,
Чаҕылхай идея сэриитин
Дойҕохтуур тойукпар мииннэрдим.
Аныардаах муораны таптаатым
Баай тыллаах быстыбыт умнаһыт,
Чахчытык мэйиибэр хатаатым
Долгуннар уус-уран тылларын.
Адьырҕа дьоннортон быыһанным
Биллибэт хараҥа муннукпар,
Чаас аайы таайарга кыһанным
Дуусабын кынаттыыр муҥнарбын.
Аан дойду кутурҕан санаатын
Бараммат үөрүүбүн муннардым,
Чахчытык мэйиибэр хатаатым
Дуусабын кынаттыыр муҥнарбын
21.10.1939
 
* * *
 
Мииҥиттэн ыйытта царица:
«Бэйэҕин эн тоҕо кыраатыҥ?
Эн түүлгэр ким киирэ сырытта?
Эн ханнык албыны таптаатыҥ?
 
 
Эн тоҕо бастыҥҥа баҕарар
Төлөннөөх сүрэххин буойаҕын?
Таҥара тылынан саҥарар
Тойуккун туоратар буолаҕын?»
 
 
Онно биир мин дуусам хоруйа:
«Кэбис, мин мөлтөхпүн, хоргуспун,
Аан дойду хараҥа буруйа
Мин көҥүл тыынарбын харгыстыыр».
 
 
Миэхэ царица кэпсээтэ:
«Таптаама сир-халлаан ыйааҕын.
Кимтэн да кистээмэ, сэгэттэй,
Санааҕын, санааҕын, санааҕын!»
3.12.1939
 
 
Тулааһынапка
Халлааҥҥа биир сырдык күн-фонарь,
Биир сылга уон икки сэллик ый
Балартан, сэгэриэм, ыл быһаар, –
Эйиэхэ хайата сырдыгый?
 
 
Сергей Васильевка
Чугастан, ыраахтан, туораттан
Дойдубар, доҕорбор, братпар
Хотонтон, колхозтан, городтан,
Мэҥэттэн, Ньурбаттан рапорт.
 
 
Абаҕыыныскайга
Кыайыыттан кыайыыны уҥуордаан,
Хардыыттан хардыыны куоһардыҥ,
Оттолоон,
Урутаан,
Хойутаан,
Барытын биир хардыы оҥордуҥ.
 
 
Чаҕылҕаҥҥа
Ньургустай, оо, күндү Ньургустай,
Сир-халлаан аһыйан ытаата,
Эйигин Эрилик уолгуттан
Ырыаһыт Чаҕылҕан былдьаата.
 
 
Г. Васильевка
Ама киһи диэмэҥ аны –
Айар тыл муҥутуур бэрдэ –
Киэҥ куйаар уордаах Демонын
Ылла да, соһон киллэрдэ.
 
 
Тыаһыкка
Тараҕай Кууһума
Төбөтө көһүннэ,
Тыаһыттан тыл ууһун
Көһүтэр күн үүннэ.
 
 
Араҥаска
Атаһым, Араҥас,
Айар суол аһаҕас,
Ол көстөр, ол Парнас,
Ол диэки шагом марш!
 
 
Поэттарга
Символизмынан кынаттанымаҥ,
Натурализмынан харахтанымаҥ,
Телеграмманан тилигирээмэҥ,
Эпиграмманан мэнигилээмэҥ.
 
 
* * *
Түүн сырдык ааньньаллар
Түмсэллэр, мусталлар,
Долгуннуу усталлар.
Мин үөрдүм, үөрдүм.
Мин суолбар муньньаллар,
Суһуохпар аньньаллар
Түүн сырдык ааньньаллар
Сибэкки бэрдин.
Күндэлэс үөрүүнэн,
Көньньүөрдэр күлүүнэн,
Көҕүтэр күнүүнэн
Сырдык ааньньаллар
Түүнүн да күнүһүн
Сүрэҕим күлүүһүн
Киирэн аһаллар.
Таптаһыы сүлүһүн
Таалалыыр уот күүһүн
Таарыйан ааһаллар
Сырдык ааньньаллар,
Кылбайар уот күннэр,
Кыыс кэрэ дьүһүннэр,
Көстүбэт көрүҥнэр
Көстөн кэлэллэр,
Эриэккэс эдэрдэр,
Эгэлгэ мичээрдэр
Элбээн эрэллэр.
Бу кэмҥэ, бу манна
Күөгэйэр күн анна
Барыта миэнэ,
Бу сааскы кыраайым,
Бу сырдык араайым
Күн аайы, түүн аайы
Байда-симэннэ.
Хара дьай саҥнарын
Кэннибэр хаалларан
Көньньүөрэр хааннарым
Дьэргэйэ тыкта,
Күн сырдык ааньньалым
Киэҥ олох ааннарын
Сандаардан аста,
Санаабын тапта.
Сүрэҕим соһуйда,
Сүрэҕим суруйда:
Уруйдан, Уруйдан,
Улуу күүс таптал!
1940–1941
 
 
Доҕорбор
(Ыйыппатах боппуруоскар эппиэт)
 
 
Тапталлар дьалхааннаах тылларын
Таайыаххын баҕарар эбиккин,
Төлөннөөх сүрэҕиҥ тыыннарын
Барытын киниэхэ биэрбиккин.
 
 
Тапталыҥ утуйбат хараҕар
Тайҕалар уоттара тыкпыттар…
Көмүстүү күлүмнүүр хайаҕар
Көстүбэт күнүүлэр түспүттэр…
 
 
Күнүүлэр күндэлэс мечтаанан
Көҥүлгүн курдаттыы дьайбыттар,
Күүгэннээх уураһыы мичээрин
Күн аайы көөчүктүүр буолбуттар…
 
 
Эн бииргэ санааҕын сааратан
Мунчаарар муҥнарга киирбиккин,
Күөгэйэр күннэриҥ маанытын
Барытын бу Бииргэ биэрбиккин.
Билигин эриэккэс олоххор
Элбэх тапталы булларгын дьэ –
Эн Муза диэн туйгун Ойоххо
Эрэллээх Эр буолуоҥ баар этэ.
 
 
* * *
Таптыыбын оһуордаах ыйдаҥа
Тыла суох имэҥнээх ырыатын,
Сулустан сулуска кыйданар
Сүрэҕим дьиктилээх ыратын.
Таптыыбын тумарык туманы
Тылбынан курдаттыы сүүрэрбин,
Чынайар чыпчаалга тураммын
Чэпчэки кынаппын тиирэрбин.
Оһуордаах ыйдаҥа сырдыгар
Сир-халлаан сибээһин көрөбүн,
Сирдээҕи тапталбыт кырдьыга
Күндэлэс күлүктэн көбөрүн.
Оччоҕо туран дьэ билэбин
Кэрэни кэрэхсии кэлбиппин,
Олоҕу, дьоннору, бэйэбин
Олустук мин таптыыр эбиппин.
Оһуордаах ыйдаҥа сырдыгар
Соһуччу көстүбүт кистэлэҥ
Дарбааннаах сырыыны сылдьыыга
Чахчылаах эрэлгэ суол тэлэр.
Таптыыбын оһуордаах ыйдаҥа
Тыла суох имэҥнээх ырыатын,
Сырдыгы кытары хараҥа
Силбэһэр көстүбэт кынатын.
 
 
Муҥурданыы (1)
Арыгы түүлүгэр оҕустаран
Албын аймалҕаҥҥа саймаарабын,
Атаҕым анныгар оҕуттулар
Айбыт өрөгөйдөөх санааларым.
 
 
Санныбыттан таҥнары саньньыһан
Үүннүлэр үлүгэрдээх кынаттар,
Көппүт күн үөрүүлэрин сайыһан
Ханыыластым кыһалҕаны кытта.
 
 
Баҕарыы быралгы быданыгар
Ол да буоллар мэлдьи дьулуһабын.
Олохпут тэпсэҥниир бытааныгар
Мин халлаан сүүрэр уот сулуһабын.
 
 
Соҕотох ол инниттэн буолаарай
Үктэнэр миэстэбин булбатаҕым,
Үс харыйа быыһыгар мунааран
Илин-арҕаа дьүүлүн билбэтэҕим?
Ол да буоллар мин санаам астынан
Бастыҥ тылларбынан уруйдуубун
Ооньньуур дьэргэлгэннэр быыстарынан
Күлүгүрэн көстөр аан дойдубун.
 
 
Ол да буоллар ыар кырыыстарынан
Мунчааран туран мэлдьи кырыыбын
Хараҥа туманнар быыстарынан
Күндээрэн көппүт сырдык сырыыбын.
Ол сырыым хара дьайдаах түмүгэр
Мин бүппэт хабалаҕа хаптардым,
Муҥура суох биир улуу түрмэҕэ –
Бу дуусам түрмэтигэр хаайтардым…
7.11.1940
 
 
Муҥурданыы (2)
Харыс-чиэппэр хамнаамна
Хааным ооньньуу сүһүрдэ.
Санаам көтөр халлаана –
Уунан кэмниир дьиэм үрдэ.
Тымныы тыыммын сылытар
Күнүм – көмүлүөк уота,
Туойар кыырай былытым –
Хатан табаах буруота.
Күлүүстэммит мас халҕан…
Очуос хайам – остуолум,
Тыына сылдьар айылҕам –
Түөрт эккин муҥур дуола.
Ол да буоллар миэхэҕэ
Араас баай-тот барҕарбыт.
Ону чуумпу киэһэҕэ
Дьааһыкпыттан арҕардым.
Кыһыл көмүс манна баар –
Дэҥҥэ көстөр истиҥ тыл.
Ити тылтан эдэр саас
Итии мүөтүн испитим.
Күндү таастар бу бааллар –
Нарын санаа чөмчүүгэ…
Бытыылкалар, бакааллар
Миэхэ доҕор көрдүүллэр…
Манна, манна, манна баар
Бары дойду сонуна…
Уонна мииҥин муҥурдааҥ
Бу биир кыра хоһунан!
9.11.1939
 
 
Муҥурданыы (3)
Буурҕа… Хаос… Баһаар… Набат… –
Могила… Чуҥкунуур чуумпу…
Баар эбээт, баар эбээт – арай ад…
Ким кэллэ?.. Туох буоллум?.. Тыый, бу –
 
 
Сплин, хандра, галлюцинация…
Сүрэххэ курскай аномалия…
Өй-санаа бу туохтан мунаахсыйар,
Үтүө тыл күрэнэр, малыйар?..
Олох диэн, үөрүү диэн – сымыйа,
Барыта – призрак… призрак…
Эн суолгун, сыалгын ким ыйар? –
Олох эрэнимэ! – диир сүрэх.
Мировой хомолто кыланыыта…
Ким кэллэ? – таҥара, сатана…
Мин дьолум таҥнары кыраныыта,
Кинилэр санаалара сатанар…
Бириэмэ нуульга тэҥнэһиитэ…
Хоруоба суох өлөр дьэргэлгэннэр…
Түҥнэри хойуостар сир иитэ
Хара сибэккини тэлгэннэ…
Туохтан сир-халлаан равновесиета
Бу сүттэ, бу сүттэ, туохтан?
Күммүтүн ким ылла, ким ылла, ким сиэтэ?
О, тымныы да, тымныы да уоттар!..
 
 
Чувства бүттэ, малыйда…
Мин тугу туойуомуй, оҕолоор?..
Анныбар аан дойду барыта
Буолла биир кутуйах ороҕо…
 
 
Онон тугу туойуомуй билигин?
Туойарга тойуктар суохтар…
Күн бүгүн өлбүппүн билинним…
О, тымныы да, тымныы да уоттар!..
1941
 
 
Күһүҥҥү сассыарда
Чараас кыраһа бырастыынатын
Көньньүөрбүт күн саралыы татта.
Дьиэбин кытта бырастыыластым –
Ыҥырда халыҥ тыа чувствата.
Күн ирбэньньигэ тыаны тыытан
Хокур талах үрдүү сатаата.
Кыһыҥҥы көтөр кыланыыта
Сааскы мохсоҕолу санаатым.
Айылҕа күөл тэриэлкэтигэр
Муус үрүмэтин ньалҕарытта,
Быыра былыт кэрискэтигэр
Тыал өйдөөҕүмсүйэ сырытта.
Чуумпурда дьоһун айылҕабыт.
Аргыый сэмэлии турда кини
Имэҥнээх сааскы чаҕылҕаны
Уонна мохсоҕол биһи’ккини.
 
 
* * *
Төҕүрүк оттотугар турабын…
Ким да суох чугаспынан, ким да суох…
Дьэргэлгэн эргийдэ бу тулабын…
Киэҥ үөдэн түгэҕэр түстэ биир суол…
 
 
Биир суол күн тахсар сиригэр барда…
Мин хайа да суол сүньньүн туппаппын,
Бэйэбэр күүрээн далай күүс баар да,
Көмөлтө көрдүүргэ дьулуспаппын.
 
 
Мин олох болдьоммут бэлиэтигэр
Бу токур сурааһыны киллэрдим –
Кэлэр кэм кынаттаах поэтыгар
Үчүгэй да, мөкү да диэн биирдэр.
 
 
Көҥүл көппүт санаам ырааһыран
Көстүбэтэх ырааҕы көрүөҕэ,
Болдьохтоох токур сурааһыным
Туран эрэн бэйэтэ көнүөҕэ.
 
 
* * *
Мин билсэр чувствам, күүтэр көрдөбүлүм
утаҕа ханнаҕына,
Тириитин уһулан кэннигэр хаалларбыт
моҕой хараҕынан
Ол ааспыт олохпун, ол төннүбэт түүлбүн
хайыһан көрөбүн,
Саҥа харахтанан, саҥа кынаттанан көрүлүү
көтөбүн.
Көҥүл көтөр хотой мин ханна даҕаны
хаайтаран хаалбаппын,
Төрдүбүн-силиспин, төрөөбүт уйабын
көрдүү барбаппын.
Биир түүн тиийэн тохтуом сүҥкэн храм
иһигэр – уйам ол буолаарай?
Биир күн киирэн умсуом ад сарыалыгар – санаам
онно туолаарай?
Үтүө-мөкү биирдэр; тиириллэн да туран
ыалдьары билимиим.
Үс мээрэй дойдутун курдаттыы дьайбыт
кубулҕаттаах пилигрим
Айанныыр аартыкпар аан маҥнай түбэспит
улуу могилаҕа
Тоҥсуйан киирэммин тохтоон ааһабын – уйам
онно буоллаҕа.
Дьэргэлгэн кэриэтэ түргэнник уларыйар
кынаттаах тыыным
Улуу тыл ыараханын уйбат буоллаҕына –
сорбун ытыыбын.
Ол да буоллар син биир кыракый дьылҕанан
туһанабын мэлдьи.
Тугунан мөлтөҕүй сибэкки дьиэлээх
чэпчэки үрүмэччи?
Бириэмэни билбэппин – ааспыт олохпун,
субу сааскы лыаҕым
Урут көйүүр үөнүн умнубутун курдук,
умнарга барыаҕым.
Көттүм, доҕоттор, ол быралыйар бырастыы быдан
дьылга диэри –
Бу ааспыт ыллыкпар эргиллэн кэллэхпинэ
өллөҕө диэриҥ.
 
 
Кэһиллибит кэриэс
Оспуордаах олохпут оһолун кытары
булсуспат аатыгар күүрээннээх
чаастары таптаабат этиҥ эн,
Этэриҥ эн миэхэ: – Сэгэриэм, дьэ сэрэн,
умсары уураарай уорааннаах
олоҕуҥ ыарахан этиҥэ. –
Эн кэриэс тылларгын кичэйэн тураммын
өйдүүбүн да маны мин дуусам,
сүрэҕим толоруон баҕарбат.
Эн ыйбыт олоххор олорор күүһүм суох,
эн таптыыр тойуккун туойаары
гыннарбын мин тылым саҥарбат.
Чэлгиэн дуол тыалыттан түөрт эккин
хаххалаах уу чуумпу минньигэс
олоххун олорон сүбэлээн эппитиҥ,
Төлөннөөх чувство дьаллыгыттан куттанан
эн холку дуусаҕын хааһахха
хаайаҥҥын эдэргин эспитиҥ.
Оттон мин бу сиргэ киһинэн төрөөбүт
күн чаҕыл үөрүүбэр көҥүлү
тутуһан көрүлүөх тустаахпын.
Санньыйар санаабын үөрүүбэр холбооммун
сордоохтук, дьоллоохтук олорбут
ааппынан көрдөһөр тыллаахпын.
Эн, өлүү аанньала, дьиктитик өлөрөөр –
өлбүппүн бар дьонум, абааһы,
таҥара – барыта сөҕүөхтүн!
Күнүүлүүр таабырын көмнөхтөөх ойуурун
кэдэрги кэтэҕэр доҕорум
буульдьата тобулу көтүөхтүн!
Биитэр киэҥ акыйаан аныардаах үөһүгэр
туос тыыбын кытары силлиэ –
тыал обургу таҥнары дапсыйдын!
Үөлээннээх доҕоруом! Ол иһин бу бүгүн
хаалларбыт кэриэскин күлүүстээн
бараммын хоруопкар таптайдым…
 
 
Мин дойдум
Мин төрөөбүт дойдум диэн буолар
Үгүс үйэлэр хассыылара,
История солообут суола,
Чахчылар тыыннаах чахчылара.
Мин төрөөбүт дойдум диэн буолар
Охсуһуу метаморфозата,
Өһүнэн эйэни туруорар
Кэскиллээх муударас дойдута.
 
 
Мин төрөөбүт дойдум кэрэ, киэҥ,
Кини – кэмнэр эргийиилэрэ,
Урут ааспыт уонна кэлэр кэм
Кэккэлэһэн кэпсэтиилэрэ.
 
 
Мин төрөөбүт дойдум – кини
Икки билсибэт булсуһуута,
Күүстээх, ыарахан хара тимир
Күөх сибэккилиин куустуһуута.
Мин дойдум – бар дьон санаата
Кырасыыбайга дьулуһуута,
Күн күлүмүрдүүр сардаҥата
Күөх түүнү кытта уураһыыта.
 
 
Хайа күн – эрдэ дуу, хойут дуу –
Түллэр долгун тиллэн турдун да,
Буолуоҕа мин төрөөбүт дойдум
Аан дойду төрөөбүт дойдута.
 
 
* * *
Эмиэ мин дьиэтэ суох истииҕим
Эн дьиэҥ аанын сэгэттэ.
Сүрэххэр тугу кистиигин?
Барытын кэпсээ, сэгэттэй.
Уон ый хонуга ааспытын
Уон сыл курдук санаатым.
Билигин дьоллоох чааспытын
Мичээрдии көссүөххэ наада.
Бу уон сыл курдук уон ыйга
Уон арааһы көрүстүм,
Улдьаарар тыыннаах уус тылбар
Санаам баҕатын көлүйдүм.
Ол иһин үөҕэллэр дьон мииҥин:
«Чудак! Иирбит хоһооньньут,
Олоҕу суруйуон билимнэ
Отунан-маһынан оонньуур».
 
 
Эн суоххар ханнык да олох
Миэхэ олох буолбатах –
Сатаан олорбоппун олох
Төрөөбүт тыабар, куораппар.
 
 
Күөгэйэр күндү күннэргэ
Сүрэхтэн тохтор тойугу
Тырымныыр тылга киллэртээн
Суруйар айыы дуу, тугуй?!
Умайар таптал омуна
Оҕо саастан арахсыбат:
Санаа баҕата суоҕуна
Сатаан ырыа тахсыбат.
Сүрдүк ымсыыран, баҕаран
Сүрэххин аһаары гынабын,
Бу күнүм көҥүлэ баарына
Көмүстээх тылбынан тыынабын.
Арай эн кэлэҥҥин аттыбар
Уруккуҥ курдук тур эрэ –
Күлүмнүөх этилэр мин тылбар
Күн кыһыл көмүстэрэ.
Ол иһин мин дьиэтэ суох истииҕим
Эн дьиэҥ аанын сэгэттэ.
Сүрэххэр дьэ тугу кистиигин?
Барытын кэпсээ, сэгэттэй.
 
 
?..
Харах уута хаһан күлүөй?
Хара кырыыс хаһан бүтүөй?
Урут ааспыт хантан кэлиэй?
Бүгүн өлбүт хаһан тиллиэй?
Тыынар тыыннаах туохха туолуой?
Сассын төрүүр хайтах буолуой?
Кэпсээ, сэгээр, туох баарый, туох –
Алдьархай курдук аана суох?
 
 
Үөрүүлэр үөрүүлэрэ
Тоҕо, түргэн сулустар,
Суолбун туора сүүрэҕит?
Сиргэ тоҕо дьулуста
Халлааннааҕы сүрэҕим?
 
 
Тоҕо, күлэр күнүстэр,
Хара түүнү куустугут?
Сиргэ тоҕо бу түстэ
Кыырай халлаан кустуга?
 
 
Туохтан, тоҕо бу манна
Күлүм ойдо күн күнэ?
Саныыр санаам сайынна,
Үрдүк үөрүүм үлүннэ?
 
 
Туохтан көр-нар мустубут,
Туойар долгун устубут,
Күлүктэрэ көстүбэт
Күндү мааны дойдубут
Маннык дьикти, кэрэ, бэт
Сибэккиинэн хойдубут?
Дьэ бу туохтан буолтун эт.
 
 
Кэпсээ – туохтан бу буолла
Үрдүк алгыс үүнүүтэ,
Тоҕо тыл-өс тобуллар,
Туохтан санаа табыллар?
Буолла дьикти мүнүүтэ.
 
 
Тоҕо, кэрэ кыргыттар,
Кэккэлэһэр буоллугут?
Биэрэктэртэн, кытылтан
Мииҥин кэлэн буллугут?
 
 
Тоҕо мааны дьахталлар
Тоҕуоруһан тахсаллар?
Тоҕо сырдык тапталлар
Сүрэхтэргэ сапталлар?
Тоҕо дьикти ап-тыллар
Алдьаммыты самсыыллар?
 
 
Туохтан, эдэр эрэттэр,
Көргүт-наргыт элбээтэ?
Күүскүт-уоххут үрдээтэ?
Тоҕо көстөр кэрэттэн,
Туолбут сааскы сирэмтэн
Туойар долгун үөрдээтэ?
Тоҕо тыыннаах арыгы
Бакаалларга дьалкыйда?
Субу күлэр дьарыгы
Киммит биэрдэ, ким айда?
Доҕоор, тула көрүй даа –
Туохтан маннык оргия
Тохтообокко оргуйар
Түһүлгэтэ күөрэйдэ?
Туохтан маннык эмиэ мин
Дьоҥҥо кэриэс бэлиэбин
Тойук туойан эрэбин?
Тоҕо сайдам салгыҥҥа
Дьэргэлгэннии суккуллар
Оруосабай долгуҥҥа
Солко саптыы субуллар
Оранжевай үөрүүбүн
Мөһүүрэлээх мүөт тылбар
Сааскы күлэр күөх далбар
Ситиминэн сөрүүбүн?
Тоҕо, таптал кутаата,
Тыыммын курдат сүүрэҕин?
Тоҕо сири таптаата
Халлааннааҕы сүрэҕим?
Ити туохтан буолбутун,
Илгэ быйаҥ туолбутун
Көрүҥ-көрүҥ, атастаар,
Көрүҥ маны, көрүҥ даа! –
Сэттээх сибиэт арыллан,
Сиргэ ыырай аһыллан
Өрө кыыһан күндээрдэ,
Өрөгөйбүт үрдээтэ!
1941
 
 
Сүбэлэр-соргулар
Төһөҕө даҕаны, көмүһүөм,
Бэйэҕин итэҕэс өйдөөмө,
Мин эрэ мөлтөхпүн, мин өлүөм,
Сарбыллыам диэн тылла көрдөөмө.
Күөгэйэр күннэргэр сыаналаа
Кэннигэр кэриэскин кээһэргин,
Сүүс сылы курдаттыыр аналлаах
Үүнэр күн өйүгэр тиллэргин.
Эдэр саас муҥутуур күнүгэр
Эн дьэллэм, сайаҕас буола тур,
Саһыма дьон-сэргэ кэннигэр,
Көҥүллээх сир көрдөөх уола буол.
 
 
Төлөннөөх тапталынан таптаа
Бар дьон оҥорбутун барытын,
Таптал диэн тылынан кынаттаа
Санааҥ үөрүүтүн, айманыытын.
 
 
Хара күн хаайан кэллэҕинэ
Кытаатан кытаанах буолар буол,
Кэхтэн хаалыма кэннигинэн,
Куттал ыарын буолеҕынан буой.
 
 
Хаһан да дьулайан, симиттэн
Сүрэххин эрэйдии сатаама,
Кимтэн да кистээмэ, сэгэттэй,
Санааҕын, санааҕын, санааҕын!
 
 
* * *
Моһуоктан, эрэйтэн
Мунааран, чаҕыйан,
Кыайтарар күүскүттэн
Куттанан чугуйан –
Улууххах санааҕын
Ыһыктар буолумаар!
Хабараан суоллартан
Хааннаргын хамсатан,
Өстөөҕүҥ атаҕар
Таҥнары хаптайан –
Улууххах санааҕын
Ыһыктар буолумаар!
Үктэнэр сирэ суох
Үүрүллэн да баран,
Эрэйгэ, кырыыска
Этиллэн да туран –
Улууххах санааҕын
Ыһыктар буолумаар!
Хандалы да быаҕа
Хантаччы баайыллар
Хараҥа күн кэлэн
Хаайбытын иннигэр –
Улууххах санааҕын
Ыһыктар буолумаар!
Суола суох өлүүнэн
Өлөрүҥ да кэллэр,
Суобаскын сүтэрэн
Күөрэйиэҥ да буоллар –
Улууххах санааҕын
Ыһыктар буолумаар!
 
 
Өлбөт туһунан ырыа
Суох!
Мин өлүөм суоҕа –
тоҕо өлүөхпүнүй?!
Өлөр өлүүттэн ордуоҕум
Соҕотох мөккүөрбүнэн.
Суох!
Мин өлүөм суоҕа –
өлөрү бырачыастыыбын.
Ханнык туормас тохтотуоҕай
Мин бэһиэлэй хардыыбын?..
Арай туран
дьэ хайдах эрэ,
Эрдэ дуу,
хойут дуу,
Миигин өлүү тыҥыраҕа
Өйдөппөккө
харбаан соһуттун.
Оччоҕо
тоҕо хам бааччы
Киниэхэ сытан биэриэмий?
«Киэр буол эн,
Киһини барааччы,
Таҕыс,
Мэһэйдээмэ!» – диэҕим.
Ол курдук этэн баран,
Ороммуттан ойон туруом,
Амбулаторияҕа
сүүрэн баран,
Аҕыс чаас
уочаракка туруом.
Арай
ол аҕыс чааспар
уочаратым кэлбэтин.
Врач дьахтар:
«Таҕыс бар –
бириэмэбит ааста!» – диэтин.
Иҥсэлээх ыарыы бухатыыра
Иккиһин тиийэн кэллин,
Уһун хотуурун сытыылаан,
Хоспор адаарыйан киирдин.
Үгүһү-элбэҕи дуумайдыыр
Оччоҕо наада буолуоҕа,
Оччоҕо, Соломон Муударайдыы,
Аҕыс уон албаһы булуоҕум.
Амбулатория врач дьахтарын
Доруобуйа комиссарыгар үҥсүөм,
Быһаарыылаах дьаһал тахсарын
Күн тура-тура көһүтүөм.
Биир да күнү ааспакка,
Арай
комиссар туран эттин:
«Эмтээччилэр аҕыйахтар,
ыалдьааччылар элбэхтэр.
Уонна
бэйэҥ учуутал эбиккин дии –
үөрэтэн таһаар ээ,
баһаалыста,
сүрэххин, тиискин,
тылгын эмтиир
үчүгэй
итэҕэллээх врачта!»
Оччоҕо
Лиэкэр оскуолатыгар
Учууталынан киириэҕим.
Уон сыл
Усталаах-туоратыгар
Уон,
сүүрбэ,
сүүс враһы биэриэҕим.
Арай эмиэ
Миэхэ куһаҕан хаадьы –
Аттыбар кэлэн турдун өрүү –
Сүрдээх
ыстарааһынай баҕадьы
арахпат өлөр өлүү.
Оччоҕо
үөрэппит враһым
бэйэтэ киирэн кэлиэҕэ –
«Хайа,
доруобуйаҥ чааһа
хайдаҕый-туоҕуй?» – диэҕэ.
Хааммар
кох палочкатын
Микроскобунан көрдүөҕэ,
Барытын
Сүүстүү пачканан
Хаайыаҕа
пробирка түрмэҕэ.
Антитоксин эскадронун
Веналарбар атаарыаҕа.
Этим-хааным
уһуктан туруоҕа
алдьархайдаах атаакаҕа!
Хайаатар да
мин кыайыым эргиллиэ,
Эмиэ
мин аортам Днепрэ,
100 кВт энергиянан
Тиллэн,
тиҥинии ньиргийиэ.
Онон мин
өлүөм суоҕа –
Тоҕо өлүөхпүнүй?!
Өлөр өлүүттэн ордуоҕум
үрдүк үөрэхпинэн!
 
* * *
 
Күлүмүрдүүр хараҥаттан
Көстүбэти булаарыбын
Дьолломмут сорбун кытта
Мичээрдии мунчаарабын.
1940
 
 
Хоһоон
Тыргыл күн чыпчаалыгар турабын.
Тыынар тыыннаах тыына миэхэ холбонно.
Төгүрүйэ түстүлэр тулабын
Дьоннор, дьоннор, дьоннор.
Мииҥин өргөс күүстээтилэр,
Мииҥин өлбөт үөстээтилэр,
Умнуллубат ааттаатылар,
Умуллубат уоттаатылар –
Сорохтор тапталынан,
Сорохтор өстөрүнэн.
Онуоха мин иэйии тылынан
Үллэр дьорҕоот күүстэнэбин.
 
 
Мииҥин хара тыын күлүгэ гынаары
Тоҕус эрэй тумулугар туойдулар,
Иэрэҥ-саараҥ санаалаах
Чуумпу, хоргус оҥордулар,
Өргөс күүспүн өһүллүлэр,
Үрдүк сурахпын күллүлэр –
Сорохтор тапталынан,
Сорохтор өстөрүнэн.
Ол онтон толлор дуусабын саптынабын
Быстах тыллар күлүктэринэн.
 
 
Ким төрөөбөтүй, ким өлбөтүй
Бу халлаан анныгар, сирбит үрдүгэр?!
Күнүм уота, күлүгүрэн өлбөөдүй!
Өлүөҕү, мииҥин өлөрдүлэр –
Сорохтор тапталынан,
Сорохтор өстөрүнэн.
Мин кыайтарбыппын астынабын
Кыайбыттааҕар сүүс төгүлүнэн!
Дьокуускай, 9.09.1940
 
 
* * *
Ыгыллан түрдэстэр
Саньньыардаах тыыным
Сарбыллар, түҥнэстэр
Дьылҕатын кырыыбын.
 
 
Тыалынан ытыллар
Санаабын хаайдылар
Сымыйа тыллар
Өлүүлээх дьайдара.
 
 
Хаанынан сыбаммыт
Хараҥа халлаан!
Үтүөтэ бараммыт
Ырыаҕын ыллаа.
Киэҥ куйаар тыалыттан
Күрэммит таммах,
Сир тымныы тыыныттан
Арай ол куттаммат.
Күн дьиэтин анныттан
Көстүбэт бэлиэнэн
Санаабын маньньытта
Биллибэт биэрэк.
Муҥнаах сир ампаҕын
Булкуйан, муҥурдаан,
Ол аптаах таммаҕы
Арай мин булуум даа!
Биллибэт биэрэкпэр
Оччоҕо тиийиэҕим,
Тымныйбыт сүрэхпэр
Кутаа уот киириэҕэ.
 
 
* * *
Мин эйэҕэс бэйэбинэн
Дьон дуусатын туппатаҕым,
Өлбөт ааттаах үлэбинэн
Үрдүк чиэскэ турбатаҕым.
 
 
Сири-дойдуну кэрийэн
Көмүс баайы байбатаҕым,
Таптал уоттаах имэҥинэн
Тыынар тылбын айбатаҕым.
 
 
Өрөгөйдөммүт дьолунан
Үрдээн-чэпчээн үөрбэтэҕим,
Өргөстөммүт дьорҕойуунан
Өстөөхтөрбүн үөхпэтэҕим.
 
 
Эйэлээх доҕор иннигэр
Истиҥ тылбын эппэтэҕим,
Эрэйдээх сирим иэнигэр
Эбиллээри кэлбэтэҕим.
21.02.1941
 
 
* * *
Тоҕус сор дугуйдаах
Түҥнэстэр төлкөбөр
Ким баарый буруйдаах,
Мин дьолбун ким көмөр?
 
 
Үөрүүттэн үөрбэппин…
Сордоох суол оҕото
Мин сору көрбүппэр
Буруйдаах соҕотох.
 
 
Соҕотох мин бэйэм
Арыйбыт ап тылым,
Аан дойдум – сир ийэм,
Айылҕам, тапталым.
 
 
Дириҥ уу, хара тыа,
Сааскы күөх сибэкки,
Кыһыҥҥы тымныы тыал –
Мин дьолбун сиэбиккит.
 
 
Көмүллэр тойукпун
Чыычаахтар ыллыыллар,
Терновай венокпун
Тыыннаахпар ыйыыллар.
1.01.1941
 
 
Тохсунньу 2-с күнэ. 1941
Олохпут олуурдаах суолунан
Хонуктар аастыннар, баҕардар –
Дорҕоонноох долгуҥҥа сууланан
Сүрэҕим атыҥҥа баҕарда,
Атын күүс имэҥэ барҕарда.
 
 
Бу албын дьоннордуун булсаммын
Хаарыаннаах баҕабын хааллардым,
Кырыыстаах тыллардыын тупсаммын
Сүтэрдим эйэҕэс хааннарбын,
Саргылаах санаабын самнардым.
 
 
Оннук да буоллар мин барбаппын
Олохтуун охсуһар суолларга,
Ымсыыра, баҕара турбаппын
Дьоннорго куһаҕан буоларга,
Дьол тиһэх мичээрин буойарга.
 
 
Биитэр мин соҕотох арахсыам
Чуҥкунуур уу чуумпу биэрэккэ,
Тыаһа суох долгуйар хара тыам
Кистиэҕэ киэҥ суолу биэрбэккэ –
Олоруом эрэйи билбэккэ.
 
 
Биитэр бу сордоох уот суоһа баар
Кырыыстаах тылларбын тосхойуом
Соҕотох биир бэйэм дууһабар,
Оччоҕо, доҕоттоор, уоскуйуом,
Очуос да суулларын мин уйуом.
 
 
Сир-халлаан соруттан-дьолуттан
Долгуйбат буолуохпар кырабын.
Олохпут олуурдаах суолуттан
Ол иһин тэйээри гынабын,
Ол иһин таптыыбын тыл абын.
 
 
Тохсунньу 2-с күнэ. 1941
Ааспыты барытын кырыыбын,
Ол кэлэн ааспыты барытын,
Ол хара күлүктээх ааспыты
Ынырык тылбынан ыллыыбын –
Оҕо саас умуллан барыытын,
Эрэй-муҥ аргыстаах сааспытын.
 
 
Адаардаах суолунан көнөтүк
Айанныам дии саныы турбаппын,
Бу кырыыс тэпсибит суолунан
Күн сирэ көрүттэн көҥөөтүн –
Токуру көнөтүк туойбаппын:
Дуусабар көнө тыл суоҕуна.
 
 
Мөлүйүөн дьылҕата бу диэмэҥ,
Бу норуот дьылҕата буолбатах –
Соҕотох мин дуусам дьылҕата,
Киэҥ сиргит үрдүгэр биир демон
Хайтах суох буолуоҕай? О, хайтах
Чуумпуруой ыар кырыыс буурҕата.
 
 
Ааспыт кэм хараҥа суоллара,
Ол суоллар көстүбэт күүстэрэ –
Ол буолар олохпут аартыга.
Киэҥ халлаан өһүөтүн суулларар
Улуу күүс – өй-санаа күүтэрэ –
Кэлиэ дуо кэлэр кэм аатыгар?!
 
 
Кэлбэтин, баҕардар, кэлбэтин
Саас-үйэ тухары даҕаны.
Оччоҕо дьэ саллар сааспытын
Сассыны күүтүүнэн киэргэтэн,
Таптыахпыт саҥаттан саҥаны,
Үөҕүөхпүт олохпут ааспытын.
 
 
Поэмаҕа киирии (1)
Түүннээҕэр хараҥа санаабар
Түүллээҕэр сымыйа дойдулар
Күлүмүр дьэрэлик сандааран
Көрүлүү-нарылыы турдулар.
Уһуннук утуйан хаалбыппын…
Уон сыллар, сүүс сыллар ааспыттар,
Кинилэр мин дьиикэй харахпын
Кэлэр кэм биэрэгэр аспыттар.
 
 
Сүүрбэ биэс үйэҕэ тиийэммин
Ааспыт күн сибиэнэ буолбуппун.
Бу сирбэр иккиһин тиллэммин
Муҥутуур дьиктини булбуппун…
 
 
Хаалбыттар, кэннибэр хаалбыттар
Мин билэр, кэпсэтэр дьоннорум,
Умнуллан сүппүттэр-ааспыттар
Урукку сордорум, дьоллорум…
 
 
Бэҕэһээ кэриэтэ саныыбын
Биэс сүүс сыл олорбут олохпун,
Мэйиибэр аҕала сатыыбын
Мин эдэр тапталлаах ойохпун.
 
 
Кинини көрүөхпүн сатаммат –
Этэллэр: «Оо, былыр өлбүтэ!»
Уһуннук утуйа сытаммын
Өлөрү, төрүүрү көрбөтүм.
 
 
Кинини Бириэмэ сиэбитэ –
Сиир бары мөлтөҕү, күүстээҕи.
Бириэмэ! Мииҥин да сиэҥ этэ –
Ол күрээн баччаҕа тиийдэҕим.
1936
 
 
Поэмаҕа киирии (2)
Аҥааттар долгуҥҥа саньньыйан
Ньымааттыыр ыйдаҥа тыгыыта,
Эмпэрэ биэрэктэн аньньынан
Барбыта Дьол түргэн туос тыыта.
 
 
Ол түүҥҥү биэрэги кэрийэн
Айанныыр ууһутум өйдүүрүҥ –
Быстар муҥ элэҥнэс эрэйин
Тобулу үүммүт дьол үрдүүрүн.
 
 
Курус күн салгына хаарыйан
Хоҥкуйа куурбатах бэйэккэҥ,
Түргэн саас күлүмэх баалыгар
Устаҕын ол дьоллоох биэрэккэр.
 
 
Иннигэр кэтириир кэскилгин
Өйгүттэн түһэриэх санааны
Букатын даҕаны билбэккин,
Билбэккин сылайар сылааны.
 
 
Баламат санааҕын тарҕатан
Бараммат ыраах бар, баҕардар –
Чуумпу сир тыла суох Дьылҕата
Сүрэххэр манныгы саҥарда:
 
 
«Оо, тохтоо, тохтооруй, туос тыылаах,
Бу долгун атыҥҥа салайыа,
Аныардаах аналыҥ бэрт ыраах –
Эрдээхтик эрдимэ, сылайыаҥ…»
 
 
Суох! Бардыҥ – мэһэй-буом көстүбэт
Эн күүстээх, эр хоодуот быһыыгар,
Бу дьылҕаҥ ыйааҕын истибэт
Баламат санааҕар баһыыба!
 
 
Поэмаҕа киирии (3)
Долгуннар туос тыыбын мээчиктээн
Салгыны куустаран эрэллэр,
Кыл саҕа кыл-тыыммын мээрэйдээн
Анныбар бурулҕан эриллэр.
 
 
Бурулҕан үрдүнэн аастарбын
Мин долгун ооньньуура буолабын,
Саҥарбат ырыаһыт царстватын
Сарыннаах баспынан булабын.
 
 
Сотору буурҕалаах муораҕа
Өлөн да, тыыннаах да тиийдэрбин,
Сүрэҕим кэмсиммэт буолуоҕа
Алҕаспын, ааспыт эрэйдэрбин…
 
 
Мииҥин ким тириэттэ? Дьэ тиийдим
Киэҥҥэ кыладыйар муорабар.
Онно кырабыттан кэлэйдим –
Туох да суох мин муҥур волябар.
 
 
Санаабын тилэри түүрүллэр
Фантасмагорическай муорам,
Халлаан көмүһүнэн көмүллэр
Хатан санаабын умуруорар.
 
 
Уор долгун ыйыстан ааһыыта
Уллуҥах устата, минута…
Сүрэҕим айманар хаһыыта,
Буурҕалаах муораҕа мунуута…
Кэбис, мин кэмсиниэх буолтум дуо?
Охторбор да миэстэм толору.
Кыайтарыахпар кыайтаран охтуом,
Оннооҕор дьоннортон толлорум…
1940
 
 
Мин
Мин –
сир-халлаан киҥкиниир киэҥ ньуурун
кэрийэ кэлбит Күн уолабын,
өй-санаа кытаанах тулуурун
бэттибэт биир бэрдэ буолабын.
 
 
Мин –
охтоохтон охтубат күүстээхпин
аныардаах аан дойду буоругар,
өстөөхтөн мин өлбөт үөстээхпин
кыргыһыы кытыастар буолагар.
 
 
Мин –
үрүҥ күн сирин уот куйаастыыр
үрдүк тыын үйэлээх уолабын,
сир-халлаан сэһэнин тылбаастыыр
соҕотох апостол буолабын.
 
 
Мин –
уон аартык силбэһэр суолугар
дорҕоонноох тойугу туойабын,
киэҥ куйаар таас дьапта суругар
мин ааппын суруйан уурабын.
 
 
Мин –
мировой муударас түмүллэр
биллибэт Генийэ буолабын;
ханнык да күүс муҥур көҥүлэ
тулуйбат мин тимир волябын.
 
 
Мин –
сиргэ баар хара тыын кистэлин –
хараҥа буруйу сууйабын,
дьоннорго таптал киэҥ кэскилин,
өй-сүрэх ыллыгын ыйабын.
Мин –
ап тыллар кистэлэҥ уохтарын
кылааннаах туйгуна буолабын,
сир хаана чоккуруу тохторун
соҕотох тылбынан буойабын.
1940–1941
 
 
Крематорий
Ааннарынан аргаан тыастара
Саньньылыйан тахса тураллар,
Кутааланар кыым кытыастара
Халыҥ эккининэн сабыллар…
 
 
Аргыый аһыллаллар ыар ааннар…
Төлөннөр дьоннордуун хапсаллар.
Ол дьон боруогу хардыылаамна
Киирээт, үөлэһинэн тахсаллар…
 
 
Быыстала суох сүүһүнэн киһи
Салгыҥҥа көтөрүн көрөбүн,
Кутаа уот мэҥиэстэр бэлэһин
Хайгыыбын даҕаны, сөҕөбүн.
 
 
Мииҥин өллөхпүнэ бу собуокка
Үөрүү тойугунан ыытаарыҥ,
Бу кытыастар иҥсэлээх уокка
Мин мөккүспэт эппин утаарыҥ.
 
 
Хараҥа ииҥҥэ хаппахтаныы –
Өлбүттэр сытар түрмэлэрэ
Ынырыгын толкуйдуу-саныы
Мэлдьи мин өйүм түмүллэрэ…
 
 
Онтон куотуохпун баҕараммын
Муораны, куйаары көрдүүрүм,
Ол куотар сирбин дьэ буламмын
Үөрүүбүттэн тутум үрдүүбүн.
 
 
Манна мин умайан сүтэрим
Аан дойду төрүүрүн маарынныыр,
Түргэнтэн түргэни ситээри
Дьулуһар баҕабын маанылыыр.
 
 
Күн уотун, халлааны, сулуһу
Тыыннаахпар да таптаахтыыр этим,
Көҥүлгэ! Көҥүлгэ дьулуһуо
Өллөрбүн даҕаны мин этим.
 
 
Мин курдук баскытын үрдэтэн
Барыгыт атаара кэлээриҥ,
Мин үөрбүт күннэрбин көбүтэн
Эҕэрдэ тылгытын этээриҥ.
 
 
Көрүөххүт күлүмнүүр көрүҥмүн…
Мин биир чугас доҕорум, арай,
Ол тиһэх төлөммүн көрөҥҥүн
Хараҕыҥ таммаҕа тахсаарай?
 
 
Киһиттэн кэрэтик саныырым,
Кэбис, эн, оннугу билимээр,
Мин эппин кутаа уот салыырын
Сырдыктык өйдүүргүн умнумаар.
 
 
Крематорий кытыастар уота,
Баһыыба, былдьаабыт былаҕай!
Кынаттаах үйэбит оҕото,
Быраһаай, быраһаай, быраһаай!
 
 
Дириҥ олох туһунан чычаас ырыа
Үлэлиир, дьоллонор, охсуһар, кыргыһар
Дарбааннаах-дирбиэннээх, долгуннаах олоҕум,
Күөгэйэр күн сирин күндээрэр сырдыгар
Күн бүгүн көстүбүт оччугуй оҕоҕун
Тымныыттан, итииттэн тыыннарбын харыстаан,
Баһаамнык маанылаан, киэбирдэн, киэргэтэн,
Сибэкки симэхтээн, сиэдэрэй таҥастаан,
Биһиктээн-биэбэйдээн ииппитиҥ суох этэ.
 
 
Омуннаах-төлөннөөх олорор олоҕум,
Оҕокком сылайыа, хоргуйуо диэбэккэ,
Уһун-киэҥ уорҕалаах айаным суолларын
Оломун таһааран бэлэмнээн биэрбэккэ –
Тимирбит санаабын көбүтэн эрэҕин!
Баҕарбыт баҕабын баҕардан эрэҕин!
Эпчимнээх күүстэрбин элэтэн эрэҕин!
Эгэлгэ тылларбын этитэн эрэҕин!
 
 
Иккилээх сааспыттан эрэйи биллэрэн
Эрийэн-мускуйан эн миигин ииппитиҥ,
Итиини-тымныыны истэрбэр иҥэрэн
Ийэ сир иэнигэр буолунай ыыппытыҥ…
 
 
* * *
Санаама: бу дьоллоох тапталбыт
Муҥура көстүбэт буолуо диэн.
Санаама: дьол оххо таптарбат,
Дьааһыкка даҕаны хаайтарбат,
Санаама – дуусаҕын эрэйдиэҥ.
 
 
Аҕыйах да кэмҥэ буолуохтун –
Олохпут омунун-төлөнүн,
Дьалхааннаах тапталы булуохпут,
Дарбааннаах аартыгы солуохпут:
Сир иэһэ түргэнник төлөннүн.
Тыһыынча даҕаны сылларга
Аат эрэ харата олорон
Олохтон толлорго-салларга,
Эмэх мас кэриэтэ суулларга
Дьулуһа турумуох, доҕоруом.
 
 
Кынаттаах олохпут үөрүүтүн
Кылгастык билиэхпит, сэгэриэм,
Дьалхааннаах тапталбыт күүрүүтүн,
Бэрт кылгас кэм санаа көнүүтүн
Утаппыт сүрэхпит иҥэриэ.
 
 
Бу бардам сүрэхпит үөрүүтэ,
Бу дьолго, бу көргө, бу күөххэ
Суураллыа кэмнээх чаас, минуута.
Ол кэннэ кэскилбит бүтүүтэ
Туһаайан турарын өйдүөххэ.
 
 
Өйдүөххэ – биһиги ыллыкпыт
Муҥурун биллэрбэт муҥурун,
Төһөнү биэрэллэр – ылыахпыт,
Сүрэхпит баҕатын ыллыахпыт,
Ытыахпыт мунчаарар күн муҥун.
 
 
Ытыахпыт – ол онон бүтүөҕэ
Муҥура суох муҥур дойдубут
Бу дьоло, бу көрө, бу күөҕэ.
Кэнэҕэс ыччаппыт өйдүөҕэ
Муҥурун булларбат дьол тугун.
3.02.1941
 
 
* * *
Барыар түүн усталлар
Баһа суох ырыалар,
Сүрэхпэр мусталлар
Тыына суох ыралар.
Кырыктаах Бириэмэ
Кулгаахпар кыланна:
«Эдэриҥ эйиэнэ
Өлөргө кыранна!..»
 
 
Оччоҕо бэйэбин
Мин саҥа билэбин,
Олорбут үйэбин
Хайыһан көрөбүн;
 
 
Кэрэгэй кэскилбин
Киил маска кэрдэбин,
Баар эрэ кэс тылбын
Барытын күүрдэбин.
 
 
Минньигэс ыранан
Бэйэбин албыннаан,
Үөрүүлээх ырыанан
Сүрэҕим айманна.
 
 
Дьэ кэлиҥ, дьэ кэлиҥ,
Илбистэр, кыргыстар,
Тимириҥ, тимириҥ,
О, дьоллоох алгыстар!
 
 
Сир муҥнаах төрүөҕэ,
Эн хааныҥ сүүрэрин
Хараҕым көрүөҕэ,
Мичээрдиэ сүрэҕим.
 
 
Бириэмэ бааһырбат:
Ким өлүө, ким төрүө…
Өлүҥ да, баҕардар –
Оннооҕор мин өлүөм!
 
 
Барасыай билгэтэ
Олус да дорҕоонноох олоҕу
Олорон ааспыккын, оҕоккоом!
Элбэх да кытаанах оһолу
Эргиччи хардыылаан оппуккун.
 
 
Дьэ, кырдьык, киэҥ сырыы, киэҥ айан
Аартыктаах өрүөлчээн эбиккин!
Уон Сибиир уорҕатын урбайан
Уон илбис ыһыаҕын сиэбиккин.
 
 
Алыптаах тылгынан эргитэн
Үтүөлэр өйдөрүн сүүйбүккүн,
Көстүбэт кэнтиккэр үктэтэн
Таптаабыт өттүгэр үүрбүккүн.
 
 
Ол улуу суолунан барбытыҥ
Усталаах былаһын тухары
Көмүс биир хаччыны байбытыҥ
Көрдөххө билигин туох баарый?
 
 
Суох, төһө да хааман бардаргын
Баайдааҕар бардамнык олорон,
Эн туохтан үүнэргин-сайдаргын
Умнубат эбиккин, уол оҕом!
 
 
Ол буолар – эн күүскэр-күдэххэр
Эрэнэн улуутук туттарыҥ,
Ол буолар – эн көҥүл сүрэххэр
Уматан кэбиспит уоттарыҥ.
 
 
Күлүктээх санааны көбүтэн
Элбэхтик да саныыр буолбуккун…
Ол көстөр хараҥа күлүктэн
Эн сырдык санааҕын булбуккун.
 
 
Тапталлар дьалхааннаах тылларын
Таайыаххын баҕарар эбиккин,
Төлөннөөх сүрэҕиҥ тыыннарын
Барытын Тапталга биэрбиккин.
 
 
Эн үрдүк сүрэҕиҥ сүүрүгэ
Бу манна, биир сиргэ кутуллан –
Ол иһин – улахан күүһүнэн,
Улахан буурҕанан бутуллар.
 
 
Ол иһин бардамы таһынан
Баламат майгылаах буолбуккун,
Ол иһин өрүтэ таһымнаан
Олоххор утары турбуккун.
 
 
Уйулҕаҥ айманар түүнүгэр
Уордаах тыын тулуурун билбиккин,
Тапталлаах дьахтарыҥ түүлүгэр
Түүн сибиэн буолаҥҥын киирбиккин.
 
 
Кыыс дьахтар эн тыыҥҥын уйбакка
Кэхтибит ньургуһун от буолан,
Аны эн кинини булбаккын
Бу суолун саптылар… буруонан.
 
 
Субу эн даҕаны – ким билэр?..
Оһоллоох сырыылаах уол оҕо –
Ол курдук дьэ бэрдиҥ бэрдинэн
Олоруоҥ буоллаҕа… буоллаҕа…
 
 
Олоххор биир кылам кыымынан
Чаҕылыс гыммыккын эрэнэн,
Эн олус дьыбарга тыыныма,
Олор бэрт чуумпутук, сэрэнэн.
 
 
Умайар дьаралык уотугар
Эн толук буолаары тураҕын…
Ол курдук туох эрэ быатыгар
Бу сэттээх тойугу туойаҕын…
 
 
Хараарда! Бу дуусаҥ аҥаара,
Аҥаара сибэтиэй тыын буолла.
Ол иһин абааһы, таҥара
Үллэстэн ылаары тураллар…
 
 
Самнары саҥарда диэйэҕин…
Оҥоһууҥ бу курдук суолланар…
Хаарыаннаах эдэркээн бэйэҕин
Былаҕай былдьаахтыа буоллаҕа…
Дьокуускай, 1940–1941
 
 
Итии таҥаста хомуйуоҕуҥ!
Ийэ сир итии тапталын
Итии таҥаска суулааммыт
Ыыталыаҕыҥ таҥастары
Байыастарга анааммыт.
Хааннаах фашист тымныы тыына
Хаарыйбатын сэриибитин,
Совет сирин фрона, тыыла
Биир күүһүнэн сэриилэстин.
Улуу дойдубут иннигэр
Охсуһуоҕуҥ барытынан;
Олох-дьаһах тэрииринэн,
Боевой буомба уотунан.
Саҥастарбыт, балыстарбыт
Биэрбит итии соннорун
Төлүөхтэрэ байыастарбыт
Өстөөх үөнү суулларан,
Кыайыылааҕы хааччыйабыт
Бэйэтэ кириэппэс биирдии дьиэ,
Итии таҥастаах Аармыйабыт
Эрдээхтик сэриилэһиэ!
Мөлүйүөннэр күүрүүлэрин
Тулуйбатах өстөөхпүт
Өлөн хаарга көмүллэрин
Өйүүн-сарсын көрүөхпүт.
Күндү дьоллоох күммүтүн
Көмүскэһэр сэриигэ
Итии таҥас түмүллүүтүн
Элбэтиэҕиҥ эрэ дьэ!
1941 с.
 
 
* * *
Мин сэриилэһэ барабын –
Соргулаах Союһум иннигэр,
Кини киэҥ кэскилин иннигэр,
Кэлэр кэм тапталын иннигэр,
Кэхтибэт эдэр саас иннигэр,
Кэрэ сир дьоллонуон иннигэр,
Бараммат баайданыан иннигэр,
Быйаҥнаах былытым иннигэр,
Бэһиэлэй ньургуһун иннигэр,
Барыта биһиэнин иннигэр
Уонна, сэгэриэм, эн иннигэр –
Мин сэриилэһэ барабын.
 

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> 1
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации